Читать онлайн Биһиги Аан Дархаммыт бесплатно
Билиҥҥи кэм бэлиэ айымньыта
Бу Саха Республикатын бастакы президенэ М. Е. Николаев туһунан иккис төгүлүн уус-уран хабааннаах кинигэ суруйан холонуу буолар. Маҥнайгы кинигэни социологическай наука доктора, профессор, биллиилээх общественнай деятель Ульяна Винокурова талааннаахтык суруйан турар.
СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, республика оҥорон таһаарар эйгэтигэр Государственнай бириэмийэ лауреата, общественнай деятель, геолог идэлээх Василий Назарович Егоров-Тумарча «Биһиги Аан Дархаммыт» диэн киэҥ ис хоһоонноох, дириҥ эҥсиилээх уус-уран хабааннаах историческай-документальнай кинигэни суруйбута олус кэрэхсэбиллээх. Айымньыга Михаил Ефимович оҕо уонна оскуолатааҕы сааһа, студенныыр кэмэ, республиканы салайбыт сыллара уонна билиҥҥи кэмнээҕи үлэтэ-хамнаһа киэҥник сырдатыллан суруллар. М. Е. Николаев, государственнай деятель, республика салайааччыта эрэ курдук буолбакка, киһи быһыытынан ааҕааччыга чугаһатыллан көрдөрүллүбүтэ айымньы биир сүрүн күүстээх өрүтүнэн буолар.
Кинигэ наҕылыччы уһун кэмҥэ чахчы ис сүрэхтэн кыһаллан-мүһэллэн суруллубута көстөр. М. Е. Николаев туһунан кинигэни суруйуу дэбигис дьыала буолбатах. Кини үлэлиир бириэмэтэ Советскай Союз курдук улуу держава эстэр, дьон-сэргэ хамнас ылбат, аһыыр-таҥнар да кыаҕа суох, саамай ыарахан, уһун кэмнээх финансовай-экономическай кризис кэмигэр түбэспитэ. Автономнай республика таһымын саҥа кэрдиискэ таһааран урут ким да тэлбэтэх аартыгын арыйан суол солуур, дьиҥнээх государство тутулун тутар, бөҕөргөтөр, киин былааһы кытары саҥа, тэҥнээх сыһыаны олохтууру ситиһэр манан аҕай дьыала буолбатах этэ. Тумарча М. Е. Николаевы кытта бэрт элбэхтик сэһэргэспитэ, олоҕун-дьаһаҕын сыныйан үөрэппитэ, үлэтин-хамнаһын кытта билсибитэ, элбэх айымньыларын ааҕан ырыппыта, докумуоннары хостоон үөрэппитэ көстөр.
Айымньы историческай-документальнай өттүн ылан көрөр эбит буоллахха, М. Е. Николаев Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин салайа олорон, онтон икки болдьоххо президенинэн талыллан баран Россияны кытта бас билиини тыырсыыга сүҥкэн үлэни ыыппыта. «АЛРОСА» сабыылаах акционернай компанияны тэрийэн, онтон кэлэр үп-харчы республикаҕа хааларын ситиһэн, онно тирэҕирэн Россия да үрдүнэн сэдэх улахан тутуулары ыыппыта. В. Егоров-Тумарча Федеративнай дуогабары түһэрсиигэ Михаил Ефимович Б. Н. Ельцини кытта атах тэпсэн олорон республикалар государство диэн ааттаныахтаахтарын, бас билиилээх буолуохтаахтарын быһаарсыытын, Саха Республикатын Россия Федерациятын иһинэн суверенитетын Декларацията, бастакы Төрүт сокуона ылыныллыытын туруулаһан хайдахтаах курдук эриирдээх кэпсэтиилэри ыыппытын туһунан кырдьыктаахтык олус бэркэ табан суруйбут. 2001 сыллаах президени быыбардааһын политическай эриирдэрин-мускуурдарын, билигин Россия Федерациятын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта буоларын быһыытынан республикатын туһугар араас хайысхалаах үлэни оҥорорун, Россия уонна аан дойду таһымыгар элбэх судаарыстыбаларга Россия делегациятын салайан илдьэ сылдьан элбэх этиилэри киллэрэрин, кэпсэтиилэри ыытарын эмиэ сырдатар. Ол иһигэр суруйааччы республика билиҥҥи духовнай, культурнай, экономическай сайдыыларын боппуруостарыгар тус бэйэтин санааларын, көрүүлэрин эмиэ киллэрбит.
Саха биир биллиилээх суруйааччыта Василий Егоров-Тумарча «Биһиги Аан Дархаммыт» диэн айымньыта уус-уран хабааннаах историческай-документальнай кинигэ буолан тахсыыта саха омук духовнай, культурнай, идейнэй сайдыытыгар өрө дабайыы өссө биир бэлиэ кэрдииһинэн буолар.
Макар Яковлев,
СР бастакы президенин сүрүн көмөлөһөөччүтэ,
юридическай наука доктора, профессор,
Российскай Федерация үтүөлээх юриһа,
Россия прокуратуратын бочуоттаах үлэһитэ,
ССРС уонна Ил Түмэн маҥнайгы ыҥырыыларын
народнай депутата
Биһиги аан дархаммыт
Пролог
Айгыр-силик айылҕа эгэлгэлээх эйгэтин тыынар тыыннааҕын биһигэ атааннаах-мөҥүөннээх Орто Аан Ийэ Дойду айылгылаах далбара Күн Сирэ аатыран айыллыбыта, наукаҕа биллэринэн, биэс миллиард кэриҥэ сылга тэҥнэһэр. Бу үлүгэрдээх санаан көрөн санаа тиийбэт быралҕан мындаа кэм усталаах-туоратыгар Сир Ийэ тас көрүҥэ, быһыыта-таһаата хайдах уларыйан, дьүһүн кубулуйан бүгү күннээххэ тиийэн кэлбитин, күннээҕи олох кыһалҕатын үтүргэннээх түбүктэригэр үтүрүйтэрэн, өйгө-санааҕа иҥэр гына ырыҥалыы сатаабыт түгэммит үксүбүтүгэр тиксибэтэҕэ чахчы.
Ааспыт кэм бэлиэлэрэ, күн-дьыл халыҥ дьапталҕатын хасыһан үөрэтэр анал идэлээхтэр этэллэринэн, киһи сөҕүөн курдук, үөйүллүбэтэх үгүс дьиктилээхэй чахчыларынан кэрэһилэнэр эбит. Ол курдук, Сир айыллыбыт кэмин уон гыммыт тоҕуһун, ол аата түөрт миллиард сыл, устата ото-маһа суох сыгынньах таас хайалардаах, уотунан уһуура турар орулуу мөхсөр булкааннардаах, кыйыра көтөр кыһыл кумах кырдайдаах хаҕыс көстүүлээх иччитэх кураайы дойду буолан турбут. Ханна эмэ тыынар тыыннаах сибикитэ биллиэ дуу, от-мас сиккиэрэ сипсийиэ дуу? Арай курас тыал куугуна, барылыыр байҕал балкыыра эрэ иһиллэрэ.
Кэмниэ-кэнэҕэс, хомнуо-хойут, Сир Ийэ сириэдийэ ситэн эмэнсийэ барыыта, баара-суоҕа биэс сүүс мөлүйүөн сыл (Сир сааһынан) бэтэрээ өттүттэн эрэ, булкааннар дьайыыларынан чычаас муоралар сылаас олбохторугар тыллыбыт тыыннаах килиэккэлэр судургу көрүҥнэриттэн сиик-симэһин тардан хамныыр харамай, тыынар тыыннаах салахай сыдьааннара үөскээн барбыттара биллэр. Сыраан-салыҥ курдук салахайдыҥы тыыннаах килиэккэлэр муҥутуур судургу көрүҥнэрэ сыыйа сайдан, уустугуран бастаан уу олохтоохторо – балык бииһин эгэлгэ көрүҥэ баар буолар. Онтон салгыы сайдыы үгүс сүүс мөлүйүөнүнэн сылларын кэнниттэн, көтөр кынаттаах, араас кыыл-сүөл, үөн-көйүүр бииһэ дэлэччи үөскээбитин эрэ кэннэ, иэгэйэр икки атахтаах, идьээн эттээх бороҥ урааҥхай Сир үрдүгэр баар буолбут бэлиэтэ муҥутаан икки-үс эрэ мөлүйүөн сылынан быһаарыллар. Кыыллыы бодолоох икки атах бииһэ баар буолбут кэмин үс сүүс гыммыт биириттэн ураты кэмигэр бүүс-бүтүннүү кэриэтэ дьиикэй аҥаардаах таас үйэ киһитин өйүн-санаатын тутан сылдьыбыта, билиҥҥи сыанабылынан, олохпут историятын биир сөҕүмэр чахчыта буолар. Сыччах кэлиҥҥи уон тыһыынча сылтан эрэ бэттэх аныгы киһи киэбинэн үүнэр-сайдар суола саҕаламмыта.
Бу чыпчылыйан баран эҕирийиэх эрэ түгэнэ кэм устатыгар киһи аймах бииһэ кэмэ суох үөскээн сири сиксигинэн сириэдийэ тарҕанна, Аан Ийэ Дойдуну атыйахтаах уу курдук аймыы хаамта. Өйө-санаата үллэр күөстүү өрө күүрэн, күнтэн-күн, дьылтан-дьыл билиитэ-көрүүтэ, сатабыла-сабаҕалааһына салаҥнык сайынна, уоҕа-кылына көмүөл күүһүнүү күрүлүү көөнньө. Сүөргүтэ-дьулаана баар, төһөнөн үүнэр-сайдар да, соччонон күүһэ-күөмчүтэ улаатан, быһыыта-майгыта сатарыйан иһэр саҥнаах буолар эбит.
Дэлэҕэ даҕаны уус-уран тылынан айымньы сүдү мэҥэ өйдөбүнньүгүн (пааматынньыгын) – олоҥхону айбыт аарыма өбүгэлэрбит араас быһылааннардаах олохторун, айаннарын аартыгын ахтан-санаан хоһуйалларыгар «атааннаах-мөҥүөннээх Аан Ийэ Дойду» диэн иһэ истээх, дириҥ ис хоһоонноох этиилэрэ уос номоҕо, төрүт тылбыт дэгэтэ буолан күн бүгүнүгэр диэри тиийэн кэлиэ дуо?! Орто туруу бараан дойду айылгылаах ньуурун далбарыгар хамныыр харамай, тыынар тыыннаах үгүс бииһин ууһа үрүт-үрдүгэр үтүрүһэн үөскээн баар буолуоҕуттан ыла сирдээҕи олох мүччүрүйбэт иэһинэн, тулхадыйбат ыйааҕынан үөн-көйүүр, кыыл-сүөл сүүрэр атахтааҕын, көтөр кынаттааҕын утарыта көрүҥнэрэ бэйэ-бэйэлэрин үтэ оҥорсон күн анныгар тыыннаах ордор, олох олорор аналлаахтара буолар эбит. Ол эрээри айылҕа сокуонунан дьүөрэлэһэн хайа да көрүҥ атын көрүҥү букатын эһэн кэбиспэт, төттөрүтүн бодоҥун, мөлтөҕүн ылҕаан, чэгиэнтэн чэгиэнэ ордон иһэригэр көмөлөһөр буолар эбит.
Киһи аймах бииһэ, төһө даҕаны сайыннар, өйүн күүһэ үрдээтэр, син биир кыыллыы кэмэлдьититтэн арахса охсор кыаҕа суох быһыылаах. Киһи кыылтан уратыта – бэйэ бэйэтигэр кырыга, аһыныгаһа суоҕа, кубулҕата, албаһа кинини саамай дьулаан күүһүнэн оҥорор. Дэлэҕэ даҕаны биирдиилээн киһититтэн бүтүн судаарыстыбалар икки ардыларынааҕы сыһыаҥҥа тиийэ, омук-омук утарыта күрсэр иирсээнэ, сэриинэн тииһигирэр айдаана улаатыа дуо? Оччотугар буоллаҕына, олох оҥоһуутун, дьылҕа ыйааҕын сүрүн оҥкула айылҕа дьайыытын көстүбэт күүһүнэн салаллан, улахан кыраны, күүстээх мөлтөҕү симэлитэн улаатар, кыаҕырар эйгэтэ үөскүүр. Онон сиэттэрэн, биир атыны сэриилээн, кырган сир үрдүттэн букатыннаахтык сүтэрэр кырыктаах кыдьыгын ааспыт историябыт хобдох холобурдарыттан үгүһү билэбит, өйдүүбүт.
Сир үрдүгэр аҕыйах ахсааннаах омук буолан айыллан үөскээһин – таҥара накааһа. Нуучча улуу үгэһитэ Иван Крылов «күүстээххэ куруук мөлтөх буруйдаах» диэн эппитинии, кыра омук куруук үтүрүллүүгэ-хабырыллыыга, төрүт даҕаны симэлийэр кутталга сылдьар аналлаах. Онон бэйэтин харыстанар, көмүскэнэр булугас өйө-санаата имигэс, сытыы буолара кини олоҕун ирдэбилэ. Муустаах муора тула олорооччу хотугу эргимтэ дьонун айылҕалара, олохторун усулуобуйата киин, сылаас сиргэ олорооччулардааҕар, биллэрин курдук, уонунан төгүл ыараханын быһыытынан, кинилэр быһыылара-майгылара, өйдөрө-санаалара соччонон сиэрдээх, күүстээх буоларыгар олорор эйгэлэрэ бэйэтэ күһэйэр. Ол да иһин үйэ анараа өттүнээҕитэ Өксөкүлээх өскөтүн улуу омук «…үгүс үтүөнү үөдүппүт, үс дойду өйүн үксэппит үтүө үөрэҕин» ылынан, өйбүт-санаабыт күүһүнэн тиис тиискэ, муос муоска буолан турууласпатахпытына, сүүс сыл иһигэр өтөхтүүн сүтүөхпүт, уоттуун умуллуохпут диэн сэрэтэн эппиттээх. Дьэ ол этиитэ сүүс сыла туолан эрэр кэмигэр сүппэккэ-өспөккө омук быһыытынан туспа уратыбытын, тылбытын-өспүтүн, култуурабытын сүтэрбэккэ син баччаҕа диэри тиийэн кэллэхпит.
Тыыннаах ордуохпут быатыгар, улуу бөлүһүөкпүт дьылҕабытын түстээһинэ туолбатаҕар үс сүрүн төрүөт баарын көрүөххэ сөп. Бииринэн, Саха сиригэр икки мөлүйүөн бааһынайы көһөрөргө былааннара тохтооһуна, иккиһинэн, Маҥнайгы аан дойду сэриитин саҕаланыыта, үсүһүнэн, өрөбөлүүссүйэ түмүгэр автономия ылынан үөрэххэ сыстыыбыт. Ити сабыытыйалар тахсыбатахтара буоллар, хара баһаам киһи тоҕо ааҥнаан кэлиитигэр хоту үтүрүллэн, үөрэххэ-сырдыкка тардыста охсон утары туруулаһарбыт биллибэт этэ.
Планета саамай тыйыс айылҕалаах Тымныы полюһугар олохтоох саха омук соҕуруу Становой хайалар тэллэхтэриттэн Хотугу полярнай эргимтэ быыһыгар тиийэ Илин Сибиир үрдүнэн сылгы-ынах сүөһүнү дэлэччи иитэн, бу хаҕыс, хабараан тымныылаах дойдуну сылаас тыыннаан, бүтүн киһи аймах иннигэр оҥорбут үтүөтүн-өҥөтүн, хорсун быһыытын хатылаабыт, хатылыыр кыахтаах да атын омук аан дойду үрдүнэн баара биллибэт. ХVII үйэҕэ Саха сирин булбут нуучча хаһаахтара кылгас кэм иһигэр саха сылгытын моонньугар, аһын-үөлүн үтэлэнэн, олохтоох норуот хоһуун, дьорҕоот дьонун сирдьит оҥостон, Илин Сибиири, Уһук Илини тилийэ сүүрэн Чуумпу акыйаан кытылыгар тигистэхтэрэ дии. Хотугу байҕал биэрэгин чинчийэр экспедициялар, улуу географическай арыйыылары оҥорбут айанньыттар бары Саха сириттэн, Дьокуускай куораттан тэриллэн бараллара. Ол тэрээһин сүпсүлгэнэ, үлэтэ-хамнаһа, аһа-үөлэ барыта саха дьонун үрдүнэн барара. Сыллата тыһыынчалыынан аты сэптэри-сэбиргэллэри, сүүһүнэн оҕус көлөнү сыарҕалары олохтоохтор суоттарыгар ылан, сирдьитинэн, болуотунньугунан, ындыыһытынан, илии-атах үлэтин ыараханыгар хастыы да сүүс дьон киэнин чэгиэнин, кыанарын уһун, сылы-сылынан болдьоххо буор-босхо күһэйэн үлэлэтэллэрэ. Кэлин эрэ сыыйа ыар кыһалаҥ үлэ соболоҥо, суолтатыгар да буоллар, төлөнөр буолбута.
Сүүһүнэн сылларга уһук хотугу сиргэ саһан-бүгэн олорбут, сытар ынаҕы туруорбат сытыары-сымнаҕас майгылаах, айылҕа кыһарҕаныттан тыыннаах хаалар инниттэн үлэттэн атыны билбэтэх көнө санаалаах, дьоҕус ахсааннаах, киэҥ нэлэмэн Саха сиригэр арҕам-тарҕам, үрүө-тараа олохтоох сайаҕас-сайдам саха дьоно муҥнаахтары сэрииһит хаһаахтар буораҕынан эстэр үрэр саа күүһүнэн самнаран, бэриннэрэн, бас-көс дьоннорун аманаат диэн ааттаан солуок тутан, дьаһаах хабалатыгар хам ылбыттара. Оччотооҕу хаҕыс кэм хабыр сыһыанын эттэринэн-хааннарынан толуйан, ыар дьылҕаны сүгэн өспүт өбүгэлэрбит ураты тулуурдарын, мындыр өйдөрүн, олоххо тардыһыыларын сөҕүмэр күүһүн түмүк дьайыытын кинилэр сыдьааннара, силистэрэ-мутуктара, аныгы сахалар, биһиги, туһанан олордохпут.
Көҥүлү күөмчүлэтии, күүс өттүнэн дьаһаах хабалатын соҥнооһун, төһө да кэнэммит, муҥутахпыт иһин, хайаан эйэ дэмнээхтик, үтүө сөбүлэҥинэн барыай? Утарсыы, күөн көрсүү буолбута история чахчыта. Күүтүллүбэтэх ыалдьыттары бастакынан көрсүбүт, утарсыы оҥорбут саамай халыҥ, тэрээһиннээх-түмсүүлээх, бүтүн саха омукка тумус туттар, күөн көрсөр улахан уус холбоһугун, хаҥыл хааннааҕынан аатырбыт Хаҥалас тойон ууһун бас-көс өттө, Тыгын уолаттара аймахтыын-чаҕардыын, боотурдуун охсуһуу толоонугар охтубуттара ааспыт кэм кырдьыга. Кинилэр сирдэрин-уоттарын, дьоннорун-сэргэлэрин тустарыгар саха бөдөҥ уустарын түмэн тыыннарын толук уурбут бэйэлэрин норуоттарын патриоттара буолалларын биһиги, билиҥҥи сыдьааннара ааттаахтар, билиммэт буолуохпутун сатаммат. Онно бүгүҥҥү сыһыаммыт, сыанабылбыт, мөккүөрбүт хайдаҕа туһунан кэпсэтии.
Хаҥаластар Тыгын инниттэн саха омукка баһылыыр-көһүлүүр оруолларын учуонайдар түҥ былыргы түүрдэр историяларын кытта ситимнииллэр. Хаҥылы диэн Орто Азияҕа Сыр-Дарья өрүс тардыытыгар олоро сылдьыбыт биис ууһун билиҥҥи казахтар, атын да түүр тыллаах омуктар бэйэлэрин төрүттэринэн ааҕыналлар эбит. Былыргы тойон ууһун төрүттэрэ буолбут хаҥаластар баһылыктара Дойдуһа Дархан, Мунньан Дархан, Тыгын Дархан саха омукка бас-көс дьон буола сылдьыбыттара үһүйээннэртэн биллэр. Кинилэр сыдьааннара Маһары, Соппуруон Сыраанап саха дьылҕата ураты ыараабыт кэмнэригэр саханы быыһыыр, олоҕун чэпчэтэр суолу-ииһи тобулар туһугар аан маҥнай нуучча ыраахтааҕытыгар тиийэ туруорса сылдьыбыт төрүт уус дьон буолаллар.
«Туох барыта силистээх-мутуктаах, төрүттээх-уустаах» диэн өйдөбүлү түүр сыдьааннаах илиҥҥи ыаллыы, аймах омуктарбыт дьаһанан олорор политикаларын тутулугар көрөбүт. Бу дойдуларга былыргы хууннар, түүрдэр саҕаттан бас-көс туттар биис уустарын баһылыыр-көһүлүүр оруолларын суолтата күн бүгүнүгэр диэри күүстээх эбит. Сэбиэскэй Сойуус үрэллибитин кэннэ, демократия муҥутаан өрөгөйдөөбүт кэмигэр, бүтүн норуот куолаһынан президеннэринэн талыллыбыт Звиад Гамсахурдия (Грузия), Рахмон Набиев (Таджикистан), Абульфаз Эльчибей (Азербайджан) сыл иһинэн үрдүк сололоруттан маппыт буоллахтарына, бэйэтин омугар былыргыттан ыла баһылыыр суолтатынан биллэр Тэкэ ууһуттан төрүттээх Сапармурат Ниязов Туркменбаши (Туркменистан) тулхадыйбат былаастанан олорон эмискэ олохтон туораата. Ол да иһин сахаҕа өбүгэ саҕаттан «Тойону отунан-маһынан оҥорбоккун» диэн дириҥ ис хоһоонноох этии баар. Итиниэхэ маарынныыр ыаллыы Казахстан судаарыстыбатын тутула үс биис ууһун – жуз холбоһуктарыттан турар: кырдьаҕас, орто уонна кыра эбэтэр эдэр дэнэр. Кырдьаҕас төрүт уустан баһылык-салайааччы, ортоттон поэттар, бөлүһүөктэр, оттон эдэртэн буойуттар утумнаан тахсаллар эбит. Ол курдук, Нурсултан Назарбаев кырдьаҕас төрүт уустан сыдьааннааҕа эмиэ былыргыттан олохсуйбут үгэһи бигэргэтэр. Кыргызстан урукку президенэ Аскар Акаев кыргыстар биир тиһэх баһылыктарын Шабдан хан диэнтэн быһаччы төрүттээҕэ биллэр.
Ыраахтааҕылаах Россия бу омуктары бэйэтигэр холботолуур кэмигэр биллэр-көстөр төрүт уус дьону салалтаҕа эрдэттэн чугаһаппатах эбит. Сэбиэскэй кэмҥэ коммунист партиятын идеологтара ити ньыманы эмиэ биһирээн туттубуттар. Оттон биһиэхэ Саха сиригэр хайа күн аһара түһүүтэ, сиэри таһынан кыһаллыыта-мүһэллиитэ суох киин былааска бэриниилээхпитин көрдөрбөтөхпүт баарай? Атыттар син сэбиэскэй былаас эстибитин кэннэ былыргы силистэрин-мутуктарын түөрэн, салалтаҕа талар дьоннорун төрүттэрин-уустарын үөрэтэн билэн эрэ баран баһылыктарын талаллар эбит. Арай биһиги төрүппүтүн-ууспутун төрдүттэн түөрэ умнан, идеология күүһүгэр бас бэринэн кэбиспит эбиппит. Өбүгэлэрбит үтүө үгэстэригэр суолта биэрбэккэбит, өлөр-хаалар күммүтүгэр ахтар айыыһыттарбыт араҥаччылаан, былыргы тойон ууһуттан сыдьааннаах бас-көс киһини анаан ыыппыттарын, кыаҕын-дьоҕурун ситэ туһаммакка, мүччү тутан кэбистэхпит.
Ааспыт үйэ бүтэһик уон сылыгар, икки тыһыынча сылы моҥоон түмүктүүр мөҥүөн арҕаһыгар, киһи аймах олоҕор сир хаҕа хайа ыстанар сууһарыылаах уларыйыыларын ньиргиэрэ сэттэ уонча сыл устата туруулаһан туппут модун судаарыстыбабыт тутулун эһэн барбыт кэмигэр, хор, төһө да отох омук ороһута буолларбыт, син быыс-хайаҕас хайдыгаһыгар түһэн хаалбакка, оттон-мастан тутуһан ордон хааллахпыт дии. Маннык халбас харатын миинэн, дьулурҕа уларыйыылардаах ахсым кэм арҕаһыгар өрө мөхсөн, омукпут, дойдубут дьылҕата ыйааһын бэскитинии биэтэҥнии олорор мүччүргэннээх кэмигэр дьиҥнээх национальнай лидер, дэгиттэр сайдыылаах сомоҕо личность, талааннаах, хорсун салайааччы оруола диэн төһө-хачча сүдүтүн, суолталааҕын улаханныын-кыралыын, үтүөлүүн-мөкүлүүн син билэн кэллэхпит.
Саха норуодунай суруйааччыта Далан «Дьылҕам миэнэ» романын аан тылыгар: «Өй-санаа саамай сиппит-хоппут, олоҕун булбут кэмигэр, мөлтүү-ахсыы илигинэ өрүсүһэн, олорон ааспыт олоҕум туһунан ахтыы суруйан хаалларабын», – диэн уонтан тахса сыллааҕыта этэн турар. Бу тыллары билигин биир бэйэм долгуйа, эмиэ даҕаны ордук саныы, харааста ааҕабын. Долгуйарым диэн оччотооҕу өрө күүрүү, бэйэ омугун кырдьыгын, кыаҕын билинии, омук-киһи тэҥэ сананыы кэмин Далан барахсан сөпкө даҕаны сыаналаан уот харахха этэн кэбиспит эбит. Ордук саныыбын киһи бэрдэ, өркөн өйдөөҕө кини бу үтүөкэн кэми мүччү туппакка тутуу былдьаһан, өрүсүһэн сүрэҕэр-быарыгар көөнньөрбүт ис уоҕун, сиэрдээх толкуйун сайа этэн-тыынан өйүн-санаатын толору сайҕаммыт дьолун. Хараастабын хайыы-үйэҕэ кэм-кэрдии кэрчигэ буолан ааспыт биһиги омук кыһалҕалаах-кыһарҕаннаах дьылҕабытыгар кылам гынан күммүт көрбүт, күөнэхпит күөрэйбит күргүөмнээх ол уон сылын суохтаан.
Нууччаларга «справедливость» диэн сүрдээх дириҥ эҥсиилээх, кырдьыгы, сиэрдээҕи этэр үтүөкэннээх өйдөбүл баар. Бары тыллартан бу саамай сөбүлүүр, испэр киллэрэр, ылынар уонна туруулаһа сатыыр өйдөбүлүм. Сахалыы өйдөөтөххө, сиэр-майгы, сиэрдээх, кырдьыктаах быһыы диэн буолуон сөп. Бу тыл өйдөбүлүгэр сөп түбэспэт быһыыны-майгыны сахалыы «сиэрэ суох быһыы, сиэри таһынан барыы» диэччибит. Олоххо сиэри таһынан быһыыланыы, туттуу-хаптыы, саҥарыы-иҥэрии кэмэ суох элбэх, куруук баар көстүү. Ол да иһин буоллаҕа, күннээҕи олоххо бу кэрэ тылы олус сэдэхтик туттабыт, киэҥ, үтүө өйдөбүлүн тутуһа, ситиһэ сатаабаппыт.
Көҥүл өй-санаа, сиэрдээх быһыы-майгы саамай сиппит-хоппут кэминэн ааспыт үйэ тиһэх уон сыла буоларын бары билинэбит. Ол биһиги Аан Дархаммыт, бастакы президеммит Михаил Ефимович Николаев республиканы икки болдьоххо салайан, үлэлээн-хамсаан ааспыт кэмэ буолар. Саха сирин олохтоохторун баһыйар өттө омугуттан тутулуга суох ол сырдык өрө күүрүүлээх кэми билигин, былыт быыһынан күн тыган ааспытын курдук, үтүө өйдөбүлүнэн суохтуу, туоххаһыйа ахталлар, мэлдьи өйдүүллэр-саныыллар.
Сиэрдээх олох, киһилии быһыы-майгы охсуһуута, туруулаһыыта суох кэлбэт, туругурбат уонна сиэр-майгы баарын эрэ тухары туруктаахтык сайдар, чэчириир. Ол суох буолла да, олох чөл туруга кэһиллэр, үүнүү-сайдыы бохсуллар. Ордук туруктаах сыһыан кэһиллэр, сиэр-майгы күөмчүлэнэр буоллаҕына.
Бу үлэм демократия ситиһиилэрэ бохсулла быһыытыйбыт, быһыы-майгы уустугуран турар кэмигэр сурулунна. Күммүт көрбүт, күөнэхпит күөрэйэ сылдьыбыт кэмигэр уон сыллаах күүрээннээх олох үөһүгэр сиэтэн киллэрбит сүдү киһибит олоҕун, өйүн-санаатын, үлэтин-хамнаһын туһунан кыах тиийэринэн, кэм көҥүллүүрүнэн докумуоннарга, Саха Республикатын бастакы президенэ Михаил Ефимович Николаев бэйэтин этиилэригэр, кинигэлэригэр уонна кинини кытары үлэнэн-хамнаһынан алтыспыт араас дьон-сэргэ ахтыытыгар олоҕуран уус-уран аҥаардаах сиһилээһиммин ааҕааччылар болҕомтолоругар тиэрдэбин. Кини кэмигэр олорон үлэ-хамнас, өй-санаа күүрээнин, үөрүү-көтүү өрөгөйүн билбит-көрбүт дьолбунан киэн туттабын. Үксүбүт даҕаны кэм-кэрдии ааспытын кэннэ ол күннэр-дьыллар үтүө өрүттээх өттүлэрин эргитэ сыымайдаан көрдөҕүнэ, оннук бүөмчү өйгө-санааҕа кэлэр буолуохтаах.
Михаил Ефимович ааспыт олох өлөр-тиллэр мүччүргэннээх түгэннэригэр, республика Үрдүкү Сэбиэтин салайар, президенниир кэмнэригэр, дойдутун, норуотун урукку систиэмэ саамай хаалыылаах 76-с миэстэлээх субъегыттан баара-суоҕа уон сыл иһигэр Россия Федерациятын биир бастыҥ регионугар кубулуппута. Хорсун быһыытынан, сатабыллаах салалтатынан эстии-быстыы айаҕын өҥөйөр мүччүрүйбэт дьылҕаланыыттан быыһаабыта. Ол үрдүнэн бэйэтин аатыгар онно олоҕуран хомуруйар, бэл үөҕэр-холуннарар даҕаны сэти-сэлээни билиммэт элбэх бас-баттах тылы-өһү истибитэ, сиэри таһынан хаҕыс сыһыаны, түһэн биэриини, таҥнарыыны даҕаны билбитэ. Уһулуччу тулуурун, дьиҥ сахалыы киэҥ көҕүстээҕин, дьиппиэн, кытаанах майгытын көрдөрөн кимиэхэ да хом санаатын биллэрбэккэ, кимтэн даҕаны өс-саас ситиспэккэ барыбыт уопсай дьыалабыт айгыраабатын, салгыы сайдарын туһугар ону барытын эрдээхтик аһарыммыта. Бу буолар дьиҥ киһилии сиэр-майгы ыраас көстүүтүн чаҕылхай холобура диэн! Маны сиэрдээхтик ылыныаҕыҥ, өйбүтүгэр-санаабытыгар бигэтик иҥэриниэҕиҥ. Ол буолуо кини барыбыт туспутугар аан дойду таһымынан инникибитин түстүүр, кэскилбитин туруулаһар бүгүҥҥү сыралаах үлэтин-хамнаһын иһин махталбыт, билиниибит, киһилии сыһыаммыт!
Михаил Николаев сахаттан киэҥ көрүүлээх, аан дойду таһымынан анаарар, үлэлиир далааһыннаах сытыы өйдөөх-санаалаах, үлэлээх-хамнастаах Россия салалтатын ортотугар биир биллэр, кыахтаах, баай уопуттаах идэтийбит политик буола үүннэ. Кини билигин өйүн-санаатын күүһэ, мындыр толкуйа, муудараһа муҥутаан сайдыбыт, сиппит-хоппут кэмигэр сылдьар. Дойдубут, кэскилбит туһугар кини үлэтин-хамнаһын өрөгөйө, ситиһиилэрэ өссө даҕаны иннигэр. Ону биир дойдулаахтара, биһиги, сэмээр көрө-истэ, кэтэһэ сылдьабыт.
Күндү ааҕааччылар! Саха саарына, урааҥхай уһулуччута, Дьиҥнээх Киһи, киэҥ эҥсиилээх салайааччы диэн кимин-тугун, олох охсуһуутун уһуга-кылаана сынтарыйар укулаат куйаҕа хайдах уһаарыллан, хатарыллан тахсарын туһунан санаа көнөтүнэн, кыларыйан турар кырдьыгынан кэпсэтэн көрүөҕүҥ!
Бастакы түһүмэх
Хотуттан хотоҕой анньынан
Эдьигээн.
Оҕо саас өйдөбүллэрэ
Көтөр аал үрдүк халлаан өрөһөтүн хайа тыыран тус хоту көтөн күпсүйэр. Мотуор тыаһын биир күдьүс ньиргиэригэр бигэнэн, салон иһэ толору айанньыт сымнаҕас кириэһилэлэргэ тиэрэ түһэн, ким утуйа, ким иллюминаторга сыстан улаҕата көстүбэт улуу өрүс кыдьымах мууһун курдук быыһа суох тэлгэнэ сытар үрүҥ былыт халыҥ халҕаһатын одуулаһа иһэллэр. Сөмөлүөт билигин муҥутуур үөһэнэн, сиртэн уонча тыһыынча миэтэрэ үрдүгүнэн көтөн иһэрин туһунан араадьыйанан чуолкайа суох иһиллэр куолас биллэрдэ. Сотору салон иһигэр дьон сэргэхсийэн кэпсэтэр, күлсэр саҥалара иһилиннэ. Ону кытта тэҥҥэ стюардесса икки мэҥэһик долбуурдаах дьоҕус тэлиэскэҕэ сөрүүкэтэр утах, ол иһигэр уһун моойдоох арааһын ыга симэн иһэрэ көһүннэ. Кини тыаһа суох кириэһилэлэр быыстарынан аа-дьуо ааһан иһэн пассажирдартан:
– Тугу иһиэххитин баҕараҕыт? – диэн сэмээр ыйыталаһар.
Сөмөлүөт иһинээҕи дьон үксэ урукку өттүгэр маннык тэрээһиннээх айаҥҥа түбэһэ иликтэрэ таайан, кэмчиэрийэ быһыытыйан, сөрүүкэтэр эрэ утахтарынан муҥурданнылар. Ол эрээри араас этикиэккэлэрдээх үрүҥ-кыһыл бытыылкалартан астаран, биирдии-иккилии үрүүмкэни куттаран тамахтарын минньитээччи хоодуоттар эмиэ көһүннүлэр. Маҥан куопта үрдүнэн сырдык халлаан күөх таҥастаах кэрэ бэйэлээх эдэркээн кыргыттар быстах наадаҕа кэлэ-бара ыйытыыларга хоруйдара, ону-маны сипсийэр эйэҕэс мичээрдэрэ, аламаҕай сыһыаннара айанньыттар санааларын тапта, куттарын тутта. Сиэрин ситэрэн, аны олохтоох бэчээт, киин хаһыат, сурунаал араас көрүҥүн эмиэ били тэлиэскэлэригэр киппэ муҥунан тиэйэн кэритэ сылдьан, ким тугу көрүөн, ааҕыан баҕарарынан тарҕатан биэрдилэр. Дьон хардарыта атастаһа сылдьан хаһыат сонунун көрөн, санаа үллэстэн суугунаһан-сааҕынаһан баран саҥардыы нам-нум буолан эрдэхтэринэ, эмиэ хордьугунас эрээри элэккэй куолас биллэрии иһитиннэрдэ:
– Убаастабыллаах пассажирдар, кириэһилэлэргитин көннөрүнүҥ, остуолларгытын бэлэмнээҥ. Билигин сарсыардааҥҥы быстах аһылык бэриллиэ.
Кыра-кыра салапаан бакыаттарга ас арааһа угуллубутун үөрэ-көтө аһааһын быыһыгар сөҕөн-махтайан, астынан күө-дьаа кэпсэтии күүгээнэ элбээтэ. Билигин, ыраах Москва да рейсигэр аһатар-аһаппат буолбут кэмнэригэр, республика иһинээҕи олохтоох линияҕа аһылык эрэйбэккэ испит айанньыттар соһуйуохтарын соһуйбуттара.
Бу Эдьигээҥҥэ Саха сирэ Россия судаарыстыбатыгар холбоспута 370 сыла туолар үбүлүөйдээх Күннэрин ыытыыга кытта баран иһэр ыҥырыылаах ыалдьыттар, правительство чилиэттэрэ уонна Ил Түмэн депутаттара бары бииргэ айаннаан иһэр анал рейстэрэ этэ. Ыҥырыллыбыт дьон ортотугар араас кэмҥэ Эдьигээн сиригэр-уотугар уһуннук үлэлээбит быраастар, учууталлар, эргиэн үлэһиттэрэ бааллар. Үксэ аҕамсыйа барбыт саастаах дьон, ытык кырдьаҕастар. Дьон хараҕа инники эрээттэргэ олорор правительство чилиэттэриттэн, республика бастакы президенэ Михаил Николаевтан арахпат. Буолумуна, салалта түс-бас дьонун кытта бииргэ айанныыр түгэн үгүстэргэ маҥнай тосхойдоҕо…
Михаил Ефимович, кэннигэр буолар сүпсүлгэни, аһылык күйгүөнүн аахайбакка, хаһыаттары көрүтэлээн баран, кириэһилэтигэр өйөнөн нухарыйардыы тиэрэ түһэн сыппахтаата.
Эдьигээн… Элбэҕи иэйэр, сүрэҕи-быары сылаанньытар сылаас, кэрэ да тыл буоллаҕа. Эдьигээни санаатар эрэ, оҕо сааһын умнуллубат түгэннэрэ тыыннаах хартыына буолан иннигэр элэгэлдьиһэн ааһаллар. Бастатан туран, аҕатын туһунан өйдөбүл. Аҕата кини баара-суоҕа биэстээҕэр өлбүтэ. Онон аҕам дьүһүнэ-бодото маннык этэ диэн чуолкай этэр кыаҕа суох да буоллар, кини туһунан өйдөбүл саамай күндү, чугас киһи быһыытынан өйүгэр-санаатыгар кыра эрдэҕиттэн хаһан да умнуллубаттык иҥэн хаалбыт. Ол, бука, төрөппүт аҕа амарах сыһыанын, сүрэҕин сылааһын олус кылгас кэмҥэ билэн, сүрэҕэр-быарыгар ситэ иҥэриммэккэ туоххаһыйа санааһынтан буолуо. Аҕатын туһунан чуолаан үс эрэ түгэни чопчу өйдүүр, олор Эдьигээни кытта ситимнээхтэр…
* * *
Тымныы хаҕыс тыал хотуттан сирилэччи үрэр. Ыаһырбыт хараҥа былыт халыҥ халҕаһата күнү-ыйы бүөлээн, хамныыры эрэ барытын саба баттыахтыы намыһаҕынан өрүс кыынньыбыт үрүҥ долгуннарын кытта силбэһэн, бииргэ устарга дылы.
Үрдүк долгун өрөһөтө сымала сыттаах улахан оҥочону мас сыыһыныы өрүтэ быраҕаттыыр. Оҥочо тумсугар түөртээх уолчаан биттэх мастан тутуһан, тымныы уу сабыта ыһарыгар кыһамматах курдук сымыһаҕын быһа ытыран, аҕата эрдии салбаҕынан үөмэхтэс долгуну быһыта охсон холкутук эрдэрин тонолуппакка одуулаһар.
– Тоойуом, куттаныма, кытаанахтык тутус. Билигин илиммитин көрөн балык ылыахпыт.
Аҕата, уолчаан санаатыгар, аһара күүстээх-уохтаах, сүрдээх улахан киһи, тор курдук хара бытыгын быыһынан сымнаҕас, сылаас мичээринэн имэрийэ көрөрө хаһан да умнуллубат, уостубат эрдээх санааны иэйэрэ. Кини аҕатын кытта балыктаһа баран иһэр. Ама тымныы тыал, күүстээх долгун мэһэй буолуохтара баара дуо аан маҥнай туһалыы, бултаһа баран иһэр киһиэхэ?
Дьэкиим, сылаас хараҕын кыракый уолчааныттан арааран, кэннин хайыһан көрбүтэ, Буор Тумус чугаһаабыт. Бэҕэһээ манна улахан тыал түһүөн иннинэ үрэх төрдүнээҕи хомо хаҥас дьабадьытын дьара кумаҕар хатыыска анаан уһаты түһэртээбит илимнэрин көрүөхтээх. Олохтоох кырдьаҕастар сүбэлэринэн үрдүк баҕайы туруулаах үс илимнээҕин, ортолорунан уһаты аҥаардаталаан, алта илим оҥорбута. Бу дойдуга силлиэ кэмигэр хатыыс аһылыгар буордаах чычаас кытылы талаһааччы. Ол иһин илими сүүрүк хоту уһаты үтүллүөхтээх, онуоха чычаас туруулаах илим ордук буолар.
Салаа үрэх кэҥэс бэлэһин быһа охсон уҥуоргу чанчыгы булаары, Дьэкиим хомону ис өттүнэн үөс диэки эрдиннэ. Үрэх сүүрүгүн өрө охсор күүстээх тыал сүүрүгү утары харсар, күүгэннирэ түллэҥниир модун долгун арҕас саалын иһирдьэнэн тумнан, кулгаах эрдии икки салбаҕын эрчимнээхтик эһитэ тардыалаан, аҕата оҥочотун хомо хаҥас кытылын диэки салайа тутта. Кытылга тиксибэккэ эрэ биэрэктэн биэс-алта саһаан иһирдьэ тохтоон, эрдиилэрин өрө көтөҕөн тыын ылан олоро түстэ. Үрэх хаҥас хочотун сыҥаһа сыыра иһит иитинии эргийэ иэҕиллэн, илин саҕах буһурук халлаанын хараҥа былытын кытта силлиһэн боруоран көстөр. Уҥа өттүнээҕи киэҥ алар сэдэх мастаах дэхси ньуурун кумах кырдалыгар Эдьигээн бөһүөлэгин самнархай дьиэлэрэ үрэх хааһын батыһа абына-табына кэчигирээн тураллар. Күнэ-ыйа көстүбэт силбик халлаан хараҥа ньуурун күөнүгэр хараара боруорар намыһах тутуулар санааны көтөҕүөх, өйү күүрдүөх туох да киһини кэрэхсэтэр көстүүлэрэ суохха дылы да, Дьэкиим туох эрэ көстүбэт күүс угуйар алыбар ылларан, бэйэтэ да билбэтинэн, хоту дойду олоҕор талаһан туран тардыспыта. Онно туох төрүөт буолбутун, туох санаанан салайтарбытын бу диэн чопчу этэр кыаҕа суох курдук эрээри, туохха эрэ үтүрүйтэрии, ханан эрэ кыһарыйтарыы баарга дылы быһыылааҕа. Ол быһа-хото холкуостааһын кэмиттэн ыла саҕаламмыта чуолкай. НЭП саҕана землеустроителинэн үлэлии сылдьан, дойдутугар Хатас нэһилиэгэр сир үллэһигин ыытан, Баҕарахха табаарыстыба тэринэн, хаһаайыстыбалаах ыаллар күүстэрин холбоон бэркэ үлэлээн испиттэрэ баара. Онтон отутус сыллар саҥаларыттан күһэйии сиэринэн тыа дьонун холкуоска холбооттооһун саҕаланыаҕыттан ыла олох-дьаһах сайдыытын ыпсыыта кыттыбат туруга күн-дьыл ахсын биллэр, харахха хатанар буолан барбытыгар өй-санаа туоххаһыйыыта, мунчаарыы, бэйэ үлэтинэн-хамнаһынан астыммат буолуу саҕаламмыта. Арааһа, ол да иһин буоллаҕа, хоту оройуоттарга балык промышленноһын сайыннарыы сыала-соруга государственнай политика быһыытынан туруоруллубутугар эдэр, эрчимнээх киһи саҥа, сонун сиргэ тиийэн үлэлиэх-хамныах баҕата батарымына, иллэрээ сыл, бу Мишата иккилээҕэр эрэ, Маарыйатынаан үс оҕолорун көтөхпүтүнэн баҕа өттүлэринэн Быков Тумуска киирбиттэрэ. Онтон бу Эдьигээҥҥэ балык собуота аһыллар буолбутугар дириэктэринэн ананан былырыын манна көһөн кэлбиттэрэ. Манна олохсуйбуттарын кэмсиммэттэр, дойду сиргэ билигин кураан дьыллар буоланнар олох-дьаһах ыарахан. Сэрии бара турарынан ханна баҕарар буоларыныы, таҥас-сап, олох-дьаһах манна да ыарахан эрээри, айахха аһыырга ас – балык баар. Аармыйаҕа ыытарга көрдөһөн сайабылыанньа биэрбитин манна үлэ фронугар сылдьаҕын диэн ыыппатахтара. Онон фроҥҥа анаан балык бултааһыныгар күүскэ турунан үлэлии сылдьаллар. Бэл бу кыракый Мишатын тымныйыа, ыалдьыа диэн кэрэйбэккэ, үөрэтэ-такайа таарыйа бэйэтин кытта илдьэ сылдьааччы. Бу түүн Быков Тумуска киирэр катерынан таарыйа Натаара балыксыттарын биригээдэтигэр бырахтарыахтаах. Онон дьонун нэдиэлэтээҕи аһылыктарын хааччыйар сыаллаах бу илимнэрин көрө кэллэҕэ.
Халлаан силбигирэн, сыыйа ибирдээн барда, ол оннугар тыала мөлтөөн, өрүс баала арыый намтыы быһыытыйда. Дьэкиим кытылы кыйа эрдэн, бастыҥа илимин алын уһугуттан саҕалаан илимнэрин көрөн бэрийбитинэн барда. Долгун баалын кытта өрө тустан, илимнэрин бэрт өр көрөн бодьуустастылар. Икки илим дьаакырдарын быата быстан бачымах курдук иирсэн хаалбыттарын балыктары майырдары сөрүү тутан тыыларыгар бырахтылар. Ол да буоллар бултуйуу баар, улаханныын-кыралыын сүүрбэччэ хатыыс иҥнибитин аҕата утуу-субуу араартаан оҕотун олох маһын аннынан түгэххэ быраҕаттаата.
– Сыччыа, дьэ балыккын көрө олор. Куотаары гыннахтарына, миэхэ этээр.
Уолчаана соруктаах аҕайдык, аҕатын сорудаҕын кыһаллан-мүһэллэн толоро сатыыр быһыынан, хаптаһын олох анныгар өрүтэ лаһыйар балыктары быыкаа атахтарынан төттөрү хаһыйа сатаан өрө мөхсө олорорун аҕата таптаабыт харахтарынан имэрийэ көрөн аһарда. Тоҥо-хата иһиэҕинээҕэр хамсыы-имсии олороро ордук бөҕө буоллаҕа дии.
Миша, быыкаа бэйэтигэр холооно суох боччумнаахтык туттан-хаптан, иннигэр сытар кураанах куулу ылан, олоҕун кэннинэн быгыалыыр балыктары хайан, биир кэм төттөрү-таары эргичиҥнии, мөхсө олордо.
– Аҕаа, мин куоттарыам суоҕа!
– Маладьыас, оҕом көмө бөҕө киһи буолбут дии.
Төттөрү эрдинэллэригэр баалга оҕустаран чугас сири уһаппатылар. Эмиэ кэлбит сирдэринэн, үрэх төрдүнэн быһа астаран, дьиэлэрин аннынааҕы сытыары биэрэккэ тигистилэр.
– Оо, ычча да! Бу оҕону бачча тыалга, тымныыга өрүскэ илдьэ сылдьыбыт дуу? – Маарыйа, сырдык сэбэрэлээх курбачыйбыт сытыы дьахтар, куударалаах саһархай суһуоҕун кэннигэр кэҕис гынаат, кэргэнин диэки күөх харахтарынан сэмэлээбиттии диэличчи көрдө.
– Ийээ, мин тоҥмотум ээ, балык аҕаллыбыт дии…
Оҕото, титирээтэр даҕаны, үөрэн чаҕылыспыт харахтарын көрөн, ийэтин ыраас сэбэрэтэ сырдыы түстэ.
– Ии, кырдьык даҕаны, оҕом аҕатыгар көмөлөспүт дии.
– Көмө бөҕө, сотору дьиҥнээх туһа киһитэ буолсу, – аҕата сылаас-сымнаҕас мичээринэн имэрийэ көрө турара боруҥуй дьиэ иһигэр сырдаан көстөр курдук…
…Эмп сыта курдаттыы тунуйбут, араас ыарыһахтарынан толору симиллибит балыыһа кыараҕас хоһун ыарахан салгыныттан таһырдьа тахсан ыраас салгыны дуоһуйа эҕирийэр үчүгэйин эриэхсит! Мишаҕа, ахтылҕаннаах уһун арахсыы кэнниттэн ийэтин, убайдарын көрсүөхтээх үөрүүтэ таһынан таһымнаан, төһө да былыттаах киэһэрбит халлаан турдар, аҕатын бигэ үрдүк санныттан тулата бүтүннүү сырдаан, киэркэйэн көстүбүтэ…
…Аҕатын туһунан тиһэх өйдөбүлэ үдүк-бадык, чуолкайа суох, курус. Куруук күлэ-үөрэ, кэлэ-бара сылдьар күүстээх-уохтаах, эрчимнээх, бөдөҥ-садаҥ аҕата тоҕо уһуннук ороҥҥо сытарын, ыараханнык өрүтэ тыынарын өйдөөбөт, дьиибэргиир курдуга. Биирдэ сытар хоһугар соҕотоҕун киирэн остуол үрдүгэр турар иһиттэн ыстакааҥҥа муорус кутан илдьэн үҥүлүтэрин чуолкайдык өйдүүр. Ол тиһэх өйдөбүл 1942 сыл аҕата суох буолар сайыныгар этэ…
Сэрии сылларыгар, бэйэҕэ харыс суох кэмигэр, тымныы, тыйыс дойдуга сыыһа-халты туттан эмискэ тымныйыыттан эбитэ буолуо, аҕата сэбиргэхтэтэн баара-суоҕа отут сэттэ сааһыгар күн сириттэн күрэммитэ.
Ефим Федорович дьүһүнүнэн хара бараан, бигэ-таҕа, орто уҥуохтаах, уу саха көрүҥнээх киһи эбитэ үһү. «Эн аҕаҕар маарынныыгын», – диэн билэр кырдьаҕастара, аймахтара, ордук чаастатык ийэтэ Мария Михайловна үгүстүк этээччилэрэ. «Аҕаҕар наһаа маарынныыр буолаҥҥын олус таптыыр этэ. Төрөөбүккэр үөрэн, хоҥор хара дьүһүннээх соҕотох биэлээхпитин идэһэ туттубута. Туох эрэ биллибэт күүс дуу, ханнык эрэ Үөһээҥҥи Айыылар дьайаннар дуу, аҕаҥ тоҕо эрэ дьулуһан туран хоту дойдуга талаһар этэ. Биһигини онно Дьылҕа Хаан анаан ыыппыта», – диэн ийэтэ кэлин хайдах эрэ таайтарыылаахтык кэпсиирэ. Дьикти. Кырдьык, баҕар, дьылҕа анабыла оннук буолуо. Оҕону отох сааһыттан кырдьыктаах олох охсуһуутугар уһаарар инниттэн тыйыс тыыннаах дойдуну анаан тайаннарбыттара буолуо…
Ефим Федорович саҥа тэриллибит промкомбинат дириэктэринэн үлэлии олорон соһумар ыарыыга хаптаран суох буолар. Дьиэ кэргэн соҕотохто тулаайахсыйа түһэр. Дьэ онтон ыла эт-тирии элэйэр эрэдэһиннээх олох эрэйин-муҥун эдэр эмньик эт-сиин этирик эҥээринэн тэлии саҕаланар. Үөрэҕэ, өйөбүл-көмө буолуох аймах-билэ дьоно суох аҥаардас дьахтар, ыы-кырбас түөрт оҕотун кууспутунан, тымныы-хаҕыс дойдуга суос-соҕотоҕун эргичийэн хаалар. Үлэһит, онуоха эбии бултаан-алтаан эбинэр, иитэр-аһатар киһититтэн мэлийэн, аанньа эмэ-томо суох сиргэ сотору-сотору ыалдьар иринньэх кыра уолун тыыннаах хаалларар эрэмньититтэн тахсан эрэр ийэтэ эрэйдээх төһөлөөх эрэйи-кыһалҕаны көрсөн ол сутурҕаннаах амырыын кыһыны туораабытын сэрэйиэххэ эрэ сөп…
«Ийэбит туох баар олоҕун бүтүннүүтүн биһиэхэ, оҕолоругар, анаабыта. Мин кинини кимнээҕэр да үрдүктүк тутабын. Кини миэхэ ытык киһим. Бэйэтин холобурунан ийэбит биһигини үлэҕэ үөрэппитэ, олох очурдарын сатаан туоруур тулуурдаах, дьону кытта тиһэх да куһуоккун үллэстэр иллээх-эйэлээх буоларга ииппитэ. Чиэһинэй, бэрээдэктээх, амарах буолуу – бу барыта ийэбит сабыдыала», – диэн Михаил Ефимович кэлин ахтан суруйбута.
Ийэтин өттүнэн урут Столыпин саҕана Полтаваттан кэлбит төрүттээх эбиттэр. Ийэтэ Козловтар диэн аҕыс кыыстаах, соҕотох уол оҕолоох ыал орто кыыстара. Покровскайдыыр аартык төрдө Төхтүр сэлиэнньэтигэр сахалары кытта бииргэ дьиэ-уот, сүөһү-ас тутан олохсуйбут уу сахалыы тыллаах ыал долгун куудара суһуохтаах, дьылыгыр көнө уҥуохтаах кэрэ мөссүөннээх кыргыттара от мунньан, бурдук быһан, ынах ыан кэлэ-бара курбалдьыһалларын оччотооҕу эр бэртэрэ нохтолоох сүрэхтэрэ төһөлөөх долгуйа, кэрэхсии, сэргии көрөллөрө эбитэ буолуой? Улахан кыыстара Сэмэн Припузов диэн киһиэхэ кэргэн тахсан Өктөмҥө олохсуйбутугар Мария эдьиийигэр көмөлөһөн дьиэ, оҕо көрсөн кинилэргэ олоро сылдьыбыт. Онтон Покровскайга бырааһынан үлэлиир киһи дьиэ үлэһитигэр наадыйар сураҕын истэн, онно көһөн үлэҕэ киирэр. Ол кэмҥэ Покровскай земотделыгар үлэлии сылдьар үөрэхтээх киһи Ефим Федорович таба көрөн кэргэн ылбыт. Саҥа ыал утуу-субуу икки уол оҕолоноллор, онтон 1937 сыллаахха күһүөрү кыһын, эт-ас тоҥор буолуута, үһүс уоллара Миша төрөөбүт.
Аҕаларын эмискэ сүтэриэхтэриттэн түөрт кыра оҕолоох аҥаардас дьахтар Эдьигээн курдук тыйыс айылҕалаах, олорорго ыарахан, кытаанах усулуобуйалаах дойдуга оҕолорун этэҥҥэ атахтарыгар туруорара саарбах суол этэ. Аҕалара өлөр охтуутун охто сытан ийэлэригэр: «Оҕолоргун харыстаа, дьон оҥортоо… Мантан бара сатаа. Бу тымныы, тыйыс дойдуга аймаҕа, көмө-сүбэ киһитэ суох быстарыаххыт. Дойдугар Өктөмҥө тиийэн аймахтаргытыгар сыстан олорооруҥ…» – диэн кэриэһин эппитэ үһү.
Саас сир хараарыаҕыттан муус көтөҕүллэрин, маҥнайгы борохуот кэлэрин кэтэһии, чаҕыл күннээх, сылаас тыыннаах уруу-хаан, аймах-билэ дьонноох үөс сиргэ тиийэ охсон тыын-быар салҕаныах тиэтэллээх баҕа санаа барыларын үүйэ туппута. Кэмниэ-кэнэҕэс кэлиэхтээх кэмэ кэлэн, аалларын баһа хоҥнон, дорҕоонноох айаҥҥа турунар күннэрэ дьэ үүммүтэ. Маһынан оттуллар уот тыыннаах, салбах эрдиилээх нэс айаннаах оччотооҕу борохуот аһаҕас баарсатыгар ыйы-ыйдаан тыын ыгыллар, санаа тууйуллар урааннаах уһун айан саҕаламмыта. Абыраллаах ааллара итиннэ чаардаан, манна тохтоон, салгыбыт санааҕа, сорох-сороҕор соруйан да курдук, арыы тумсугар үөл талахха баарсаларын баайан баран быраҕаттаан барда диэхтэригэр диэри кэтэһиннэрэр, даххаһыйар түгэннэрэ элбэх буолара. Түүнүн түрүүмҥэ хонон, күнүһүн палубаҕа тахсан, ахса суох элбэх аргыс дьон ортотугар аалыҥнаһан уһун күннэрин барыыллара. Ол сылдьан отох оҕо күн сыралҕаныгар, салгын сиигэр оҕустарара кэмнээх эбитэ буолуо дуо, Миша улаханнык ыалдьан суорҕан-тэллэх киһитэ буолбута.
Салгымтыалаах айаннара түмүктэнэн, Даркылаах биэрэгэр үктэнэн үөрбүттэрин эриэхсит! Ол да буоллар Өктөмҥө диэри тиэрдэр ыллам санаалаах оспуоччук кэбэҕэс көстө охсон биэрбэккэ, аһаҕас халлаан анныгар хонуктуур кыһалҕа кыһарыйбыттаах. Уолчаан суолу быһа ыарытыйан, букатын буорайан, уҥуохтаах тирии бэйэтэ тэлиэгэҕэ тиэллэн, айанын уһугар сыккырыыр тыына эрэ төрөөбүт дойдутун Өктөмү булбута.
Төрөөбүт дойду барахсан сайа охсор салгынныын, ис сүрэхтэн үөрэ-көтө көрсөр аймах-билэ дьоннуун санааны күүрдэр, сүрэҕи үөрдэр күүһүгэр ама ханнык эмп-томп тэҥнэһиэй?! Мөлтөөбүт-ахсаабыт бэйэтин көтөҕөн киллэрэн ороҥҥо сытыарбыттарыгар күтүөттэрэ өҥөйөн көрө-истэ түһээт:
– Оо, бу оҕо барахсан дойдутун буорун суохтаан тыына-быара кылгаабыт. Ийэ буоруттан бэрсиэххэ! – диэн саҥа аллайбыта үһү уонна төрөөбүт балаҕанын сабараанньатыттан буор киллэрэн оргуйбут ууга суурайа охсон иһэрдибитин, төһө да күүс-сэниэ эһиннэр, тиһэх тыынын мунньунан ыймахтаан кэбиспит.
Онтон ыла өс киирбэх сыыйа-баайа тыына уһаан, ыарыыта намыраан үтүөрэргэ барбыт. Хор, төрөөбүт дойду ахтылҕана, Ийэ буор тардыыта оннук күүстээх буолар эбит буоллаҕа…
* * *
Михаил Ефимович, кириэһилэтигэр көнөн, иллюминаторынан өҥөйөн көрдө. Былыт кэлимсэ халҕаһата үрэллэн, онон-манан быһытталаммыт киэҥ аҥхай аһаҕастарынан аллара тукулаанныҥы сэдэх мастаах-оттоох киэҥ сир нэлэһийэн көстөр. Уҥа диэки ыраах Өлүөнэ кэтит күөх лиэнтэ урсуна күлүмүрдүү дьиримниир, хаҥас өттүттэн синньигэс салаа үрэх эрийэ-буруйа субуллан түһэр.
Лииндэ үрэх үрдүнэн көтөн иһэллэр эбит. Киэҥ да дойду буоллаҕа, бу бэйэлээх сири-уоту кыаҕын дэлэччи туһанар киһи төһөлөөх барыс, дохуот ылыа этэй? Манна таба иитэр буол, барыс хайаан да киириэ этэ. Мантан арҕаалыы хоту диэки Ээйик курдук киэҥ тайҕалаах сиргэ питомник тэрийэн, кииһи аҕалан тэнитиэххэ баара. Икки-үс сыл устата бултаабакка ууһатан баран атын сирдэринэн тарҕаталаан кэбистэр, киис ахсаана балай да эбиллиэ этэ. Республика үрдүнэн сылга 25 тыһыынча киис бултанар, хас түөртүү киистэн биирин ылар буоллахпытына, ол аата сүүс тыһыынчаттан эрэ кыра чорбойор киис саппааһа баар. Ону икки төгүл элбэттэр, дэлэ барыс буолуо этэ дуо?
Андаатары муҥутаан 600 тыһыынчаны бултанара, он-тукпут билигин 200 тыһыынчаҕа түстэ, дьиҥинэн 500 ты-һыынчаны таах бултуур кыахтаахпыт. Ол инниттэн билиҥҥи андаатар ахсаанын икки-үс төгүл улаатыннарыахха наада. Онон хоту элбэх күөллэрдээх сиргэ эмиэ питомниктары тэрийтэлээтэххэ сатанар. Бэйэни салайыныыга киирдэххэ, маннык дьаһаныы суолтата улаатыа, көдьүүһэ күүһүрүө.
Былыт халҕаһата эмиэ хойдон, сөмөлүөт туох да көстүбэт үүт туман быыһынан биир күдьүс көтөн ньирилиир. Михаил Ефимович эргиллэн салон иһин кэриччи көрбүтэ, дьон үксэ налыйан, кириэһилэлэригэр тиэрэ түһэн нухарыйбыттар, бэрт аҕыйахтара хаһыат, сурунаал ааҕа олороллор…
…Оҕо саас көрдөөх-нардаах кэмнэрэ, киэҥ Эркээни Эбэ хотун эҥсиллэр иэнигэр, Өктөм сиригэр-уотугар, сэдэх да буоллар, сүүрэн-көтөн, оонньоон-көрүлээн ааспыт хаһан да умнуллубат чаҕылхай түгэннэрэ хараҕын иннигэр бу баардыы элэҥнээн ааһарга дылы гыннылар. Төһө да сэрии, сут-кураан мэҥэһиктээх аас-туор сыллар бүрүүкээтэллэр, оччотооҕу кэм олус ыраас, сырдык өйдөбүлүнэн ураты күндү буолар эбит.
Сэрии сылларыгар, ол кэнниттэн даҕаны олус кыһалҕалаахтык олорбуттара. Ордук иитэр-аһатар аҕата суох аҥаардас ийэлэр эрэйдэнээхтээбиттэрэ. Ийэлэрэ нэһилиэк маҕаһыыныгар остуорастаан, дьиэ сууйан, оһох оттон оҕолорун ииппитэ. Сельпо хонтуоратын муннугар быыкаа хоско бэһиэ кыбыллан олорбуттара. Билигин оҕо эрдэҕинээҕи кэмин өйдөөтөҕүнэ, биир түмүк санааҕа кэлэр: өскөтүн оччотооҕу аас-туор олох кинилэр эрэ дьиэ кэргэннэрин кыпчыйбыта эбитэ буоллар, билигин кини тус бэйэтин эрэ олоҕун тупсарынарга дьулуһуо этэ. Ол эрээри, кини көрөрүгэр, оччолорго ыал барыта дьадаҥытык олороро. Онон сиэттэрэн дьон-сэргэ барытын туһугар олох тупсарыгар баҕа санаа эрдэттэн үөскээбитигэр сөп. Онуоха ийэтэ кыһалҕалаахтарга туох баарынан, тугу кыайарынан-сатыырынан барытынан көмөлөһө сатыыр үтүө холобура үчүгэй өттүнэн дьайбыта чахчы.
«Кыһыл сулус» холкуос оҕолоро Өктөмҥө үөрэнэллэрэ. Ол эрэйдээхтэр, таҥас-сап мөлтөх дьоно, аара кэлэ-бара кинилэргэ киирэн иттэн ааһаллара. Онно ийэтэ оҕолору сылаас чэйинэн, тугунан эмэ күндүлээн ыытара. Ол иһин кини эмиэ доҕотторуттан тугу да кистээбэккэ, тиһэх өлүүтүттэн бэрсэ, үллэстэ үөрэммитэ.
Сир аайы ханна баҕарар буоларыныы, кыра сааһыттан үлэҕэ миккиллибитэ. Ийэтэ тэрилтэ оһоҕун отторугар көмөлөһөн мас кыстыыра, уу баһара, тэлгэһэ хаарын күрдьэрэ. Сайынын холкуоска окко үлэлэһэрэ.
Үөрэҕин ыарырҕаппат этэ. Ийэтигэр көмөлөһөр буолан, дьиэҕэ дьарыктанарыгар төһө да солото суоҕун иһин, истибитин тута ылынымтыа, ыһыктыбат өйдөөҕө. Кини ол хаачыстыбатын ыаллыы олорор дириэктэрэ Г.Ф.Саввин хайгыыра, куруук үлэлээн хачыгырайа сылдьар көрсүө уолчааны сөбүлүү көрөрө. Оҕолору кытта оонньуур түгэн оскуолаҕа перемена эрэ кэмигэр тосхойоро. Оччотооҕу оҕолор сүүрүүлээх-көтүүлээх, түргэн хамсаныылаах сылбырҕа оонньуулары сөбүлүүллэрэ. Онно Миша куруук инники, күрэстэһиилээх өттүгэр сылдьара. Ханна барыай, оннукка сороҕор охсуһан да ылар түгэннэр баар буолаллара. Оскуола оҕолоро «хотугулар» уонна «соҕурууҥҥулар» диэн икки бөлөххө хайдыһан киирсэллэрэ. Кини охсуһуук буолбатах этэ уонна кими да күлүү-элэк гынары олох сөбүлээбэтэ. Ол иһин учууталлар кинини көрсүө үөрэнээччинэн ааҕаллара.
Оҕо сылдьан улааттахтарына бары үөрэхтээх, хамыһаар буолар баҕа санаалаахтара. «Мин, хамыһаар буоллахпына, ону оҥоруом, маннык гыныам», – диэн ким туох баҕа санаалааҕын этэн куоталаһа оонньууллара. Онуоха кини биирдэ: «Куораттан элбэх табаар, бородуукта аҕалан дьоҥҥо барыларыгар тэҥҥэ үллэриэм этэ», – диэбитигэр сорохтор күлбүттэрин, сорохтор сэргии, боччумура истибиттэрин өйдүүр. Оччолорго оҕо үксэ араас массыына, сөмөлүөт, патефон эҥин булунар баҕалаах буолара. Оттон сорохтор, биллэн турар, уордьаннаах, мэтээллээх байыаннай эбэтэр дьиҥнээх хамыһаар курдук таҥныахтарын-саптыахтарын баҕараллара. Ол эрээри дьоҥҥо барыларыгар үтүөнү оҥоруох баҕа санаа баһыйар буолара. Билигин дьон үксэ бэйэ эрэ интэриэһин көрүнэр өттүгэр оҕунна. Ону адьас куһаҕан диэххэ сатаммат эрээри, уопсастыба уонна бэйэ интэриэһин тэҥҥэ көрүллүөхтээх. Хайа эмэ өттүгэр кэлтэйдээһин таҕыстаҕына, уопсастыбаҕа да, бэйэҕэ да сүүйтэриилээх буолара чахчы. Оттон кини оҕо сылдьан дьоҥҥо барытыгар тугу баҕарар тэҥҥэ өлүүлээн, бэл охсуспут «өстөөхтөрүн» матарбакка, үллэрэр баҕа санаата хаһан даҕаны халбаҥнаабат этэ. Кырдьаҕастары, ыарыһахтары, инбэлииттэри бастатан туран өлүүлүүр өйү-санааны оччоттон этэ сатыырга холоммут эбит. Ол да иһин, ити баҕа санаатын оҕо эрдэҕиттэн иитиэхтээбит буолан, Россияҕа социализм идеята эстиитин олус ыарыылаахтык ылынан эрдэҕэ.
Улахан убайа Ким Эдьигээҥҥэ кэлэн үлэлии олорон, Мишаны сэттис кылаас кэнниттэн бэйэтигэр ылан үөрэттэрбитэ. Биир сыл дьиэлэнэн үөрэммитин кэннэ убайын аармыйаҕа ылбыттара. Инньэ гынан орто оскуоланы Эдьигээҥҥэ интэринээккэ олорон бүтэрбитэ. Оччолорго саха оҕолоро Дьокуускайга киирэн, интэринээккэ олорон иккис оскуолаҕа үөрэнэллэрэ. Кини даҕаны онно киириэн сөп эбитэ буолуо да, тоҕо эрэ Эдьигээҥҥэ таласпыт. Бука, аҕата хаалбыт сирэ тардар, угуйар буолан тиийдэҕэ…
* * *
Сөмөлүөт, дьигиһийбэхтээт, аллара ыһыктынан салгыҥҥа охсуллумахтаан ылла. Намтааһыҥҥа бардылар, ол аата, чугаһаан эрдэхтэрэ. Иллюминаторынан өҥөс гынна. Соҕордук, Өлүөнэ үрдүнэн көтөн иһэллэр. Аҕыйах дьиэлээх-уоттаах Бэстээх учаастагын ааһа охсубуттар, иннилэригэр Баахынай мыраана, онон-манан ордон хаалбыт хаарбах тутуулар, дуобат курдук, чочоруһан көстөллөр. Ок-сиэ, бу дойду ыһыллан-тоҕуллан бүппүт. Урут элбэх киһилээх-сүөһүлээх бөдөҥ учаастактар этилэр дии. Хомсомуолга үлэлиир эрдэҕинэ, хайыһарынан походтуу кэлэллэрэ, элбэх субуотунньуктары тэрийэллэрэ…
Дьон-сэргэ ырыынак сыһыаныгар киириигэ бэлэмэ суох олорон биэрэн иэдэйдэ. Бэйэни салайыныы, көрүнүү боппуруоһун дэбигис ылынымаары гынна. Олус бытаарыы таҕыста, дьон өйө-санаата уларыйбата сүрдээх. Урут сопхуос саҕана наһаа бэлэмҥэ үөрэнэн, ким эрэ кэлэн дьаһайарын-тэрийэрин, хамнас биэрэрин кэтэһэ үөрэнэн хаалбыттар.
Сөмөлүөт, сыыйа намтаан, Өлүөнэ хаҥас мыраанын үрдүнэн ыраах сырдаан көстөр бачымах курдук хойуу тутуулардаах Эдьигээн бөһүөлэгин туһаайбытынан супту сурулаан аллара диэки түһэн истэ. Мыраан үрдүнээҕи хардьаҥ тыа ньирээйи мастара киһи хараҕар чуолкайдык көстөр буоллулар. Ол Стрекаловка үрэх сүнньэ, сиэдэрэйдик иэҕиллэн, үрүҥ көмүс мөһүүрэлии күлүмүрдээн көһүннэ. Сөмөлүөт, бөһүөлэги үрдүнэн балай да ааһа көтөөт, уҥа өттүнэн өрө ханарыйан төттөрү эргилиннэ. Эбэ модьоҕо мыраанын үрдүнээҕи сэдэх тутуулардаах аэропорт хонуутугар түһэн, уһун бетон суол устун тилигирэйэ сүүрдэ.
Эдэр учуутал
Олунньу саҥатынааҕы сарсыардааҥҥы дьыбардаах халлаан үрүҥ былытынан сабыллан турбут чараас бүрүөтүн сэгэтэ тарпыт курдук, илин саҕах иитэ өрүс үрдүнэн көмүс кытах дуйунуу суһуктуйа сырдаан эрдэҕинэ, Стрекаловка үрэх сырыынньа хааһын батыһа чуоҕуспут дьоҕус тутуулардаах эргэ дьиэлэртэн биирдэстэриттэн хачаайы көрүҥнээх эдэр кыыс тахсан хайыһар кэтэ турар. Көнөн тура-тура төҥкөҥнөөн, ким эрэ олус кэҥэтэн кэбиспит быатын хат сүөрэн, хаатыҥкатын төбөтүгэр сөп түбэһэр гына кыаратан баайталаата. Балай да өр бодьуустаһан хайыһардарын кэтэн кэлгиэ быаларынан кириэстии тардыталаан баанан баран, икки торуоскатынан сэрэхтээхтик тайанан, үрэх эниэтин намыһах сирэйинэн аллара диэки анньынна. Мууска киирэн үрэх сүнньүн батыһа тыырыллыбыт суолунан холкутук сыыйа тэбэн барбахтыы түһээт, төттөрү иэҕиллэн сыыры өрө таҕыста. Дьиэлэр кэтэхтэринэн кытылы батыһа эрийэ-буруйа сыыйыллар килэркэй суолу тутуһан олорор сирин туһаайыытыгар эргиллэн кэлиэр диэри чаас чиэппэрэ холобурдаах ааһа оҕуста.
Дьиэтигэр киирэн сыыйа-баайа суунан-тараанан, оһох үрдүгэр турар сылаас чаанньыктан чэй куттан сулбу-халбы аһыы түстэ. Бөлүүн үс чааска диэри тохсус кылаастарга химия уруогар бэлэмнэммит тэтэрээтин, учебнигын туумба үрдүттэн хомуйан бартыбыалыгар угунна. Таҥаһын уларыттан үлэтигэр тахсаары туран чаһытын көрүммүтэ, сэттэ аҥаар буолан эрэрэ.
Аҕыйах хаамыылаах сиргэ турар улахан оскуола дьиэҕэ киирбитэ, ким да кэлэ илик эбит. Учуутал хоһугар киирэн сонун, бэргэһэтин ыйаат, ойоҕоско турар сиэркилэҕэ көрүнэ, таҥаһын-сабын көннөрүнэ түстэ уонна көрүдүөргэ тахсан кэрийэ сылдьан кылаастары көрүтэлээтэ. Паарталар, остуоллар туруулара бэрээдэктээҕин, дуоскалар ыраастарын, барыларыгар миэл, тирээпкэ баарын астына көрөн төннөн киириитигэр атын учууталлар утуу-субуу кэлитэлээбитинэн бардылар.
– Здравствуйте, Анастасия Яковлевна. Вы, как всегда, первая. Сейчас по пути заходила в интернат, грязновато живут ребята. Что-то долго болеет наша воспитательница. Кстати, с сегодняшнего дня Ваша очередь ее заменить, – быйыл саҥа ананан кэлбит орто оскуола дириэктэрэ Марианна Евгеньевна Фрейберг, учууталыскай аанын аһаат, дьаһайбытынан барда.
– О, Настенька молодец, каждое утро зарядкой занимается и на лыжах ходит. И когда все успевает? – барыларыттан аҕа саастаах, өрө баһаарыйбыт улахан саҥалаах нуучча тылын учуутала Зоя Дмитриевна Головина олохтоох миэстэтигэр остуол баһынааҕы олоппоско олоро түстэ. – Как на фронте, всегда подтянутая ходит, молодчина.
Зоя Дмитриевна – фронтовичка, түгэн тосхойдор эрэ сэрии туһунан бииргэ үлэлиир дьонугар, оҕолорго даҕаны куруук кэпсии сылдьарын сөбүлүүр.
Оскуола үлэһиттэрин аҥаарын кэриҥэ Воронеж, Ярославль курдук соҕурууҥҥу куораттартан кэлитэлээбит сымнаҕас килиимэттээх дойду дьоно этилэр. Инньэ гынан, тыйыс айылҕалаах уһук хотугу сир тымныытыгар үөрүйэҕэ суохтара таайан, үксүлэрэ сонноох сылдьан уруоктарын ыыталлара. Арай дириэктэрдэрэ Марианна Евгеньевна, Тиксиигэ төрөөбүт олохтоох киһи сиэринэн, сонун устан, хараҥа күөх көстүүмүн таһынан халыҥ түү былаатын санныгар бүрүнэн сылдьара. Кини аҕата Евгений Фрейберг Тиксиигэ аан маҥнай метеостанцияны тэрийэн үлэлэппит киһинэн биллэр. Кыыһын төрөөбүт сирин аатынан Тиксии диэн сүрэхтээбитэ сибидиэтэлистибэтигэр сурулла сылдьар үһү. Кыыһа ону пааспар ыларыгар Марианна диэн уларыттарбыт. Сүрдээх дьаһаллаах, ыпсарыылаах тыллаах-өстөөх киһи. Таҥас-сап кырыымчык кэмигэр маннааҕы экспедициялары кытта кэпсэтэн интэринээт оҕолорун барыларын хаатыҥкалаата, тэлигириэйкэ булан кэтэрдитэлээтэ. Өссө Анастасия Яковлевна Дьокуускайга иккис оскуолаҕа үөрэнэр кэмигэр интэринээт оҕолоро бары формалаах буолалларын, уолаттар хара сукунаттан тигиллибит киитэллээх, оттон кыргыттар баартыктаах сылдьалларын туһунан кэпсээбитигэр барыларыгар оннук форма тиктэртээбитэ. Сиэрин ситэрэн өссө эмиэ сукунанан сааскы сон уонна муоданы үтүктэн молниялаах бэлбиэт куурка тиктэрэн, быһата, маанытык таҥыннартаабыта.
Анастасия Яковлевна институт кэнниттэн биология уонна география учуутала идэлээх бу дойдуга быйыл саҥа кэлэн үлэлээн эрэр. Эмиэ кини курдук үөрэҕин саҥа бүтэрэн Воронежтан кэлбит Смирнов Борис Иванович диэн кыра уҥуохтаах эдэркээн физрук уол, Анастасия Яковлевна хайыһардыыр сураҕын истэн, үҥсэргээн эрэрдии муҥатыйбыт куолаһынан барыларын диэки кылап-халап көрүтэлии-көрүтэлии:
– А ребята у меня не хотят лыжами заниматься, никто меня не слушается. Уеду отсюда, – диэтэ.
– Ок, киһибит кэллэ-кэлээт куотардыы оҥостон эрэр дуу? – математика учуутала Иннокентий Афанасьевич Герасимов, элэктээбиттии, күлэ түстэ.
Ону сөбүлээбэтэх курдук, кэргэнэ Марфа Дмитриевна, саха тылын учуутала, эрин диэки хатыылаахтык көрбөхтөөт, уолу алы гынардыы, ньуолбардык саҥа аллайда:
– Да ты что-о, Боря, не надо… Вот Анастасия Яковлевна поможет тебе.
– В самом деле, Борис Иванович, мы все поможем тебе, – оскуола завуһа Матрена Петровна тыл кыбытта.
Онуоха элбэҕи аахпыт-билбит, уопуттаах салайааччытын ыллыктаах тылын-өһүн өйөөн, Анастасия Яковлевна барыларыгар туһаайан этии киллэрдэ:
– Точно, давайте отныне каждое воскресенье все кататься на лыжах. Боря будет руководить нами.
– Кырдьык даҕаны!
– Я поддерживаю Настю.
– Да, покажем пример детям.
– Сөп этэ.
Уруокка киириэхтэрин иннинэ кылгас мунньах аҥаардаах кэпсэтии түмүгэр учууталлар өрөбүл күн сарсыарда уонтан биир чаас устата хайаан да бары хайыһардыы тахсар туһунан бигэтик кэпсэтиһэн, кылаастарынан тарҕастылар.
* * *
Бүгүҥҥүттэн ыла уһуннук ыалдьыбыт интэринээт иитээччитин оннугар үлэлиэхтээх Анастасия Яковлевна, улахан кылаас уолаттарын хоһугар киирэн, кэккэлэһэ турар ороннор иннилэринэн хаамыталыы сылдьан, муннук ороннорго чөмөхтөһөн олорор оҕолортон, кэпсэтии таһааран, сүбэлэһэр быһыынан интэринээт олоҕор-дьаһаҕар туох итэҕэс-быһаҕас баарын, инники өттүгэр хайдах дьаһанар баҕалаахтарын үтэн-анньан ыйыталаһа сатыыр.
Маҥан саҕалаах хараҥатыҥы от күөҕэ былаачыйалаах, ханан да кир-хох сыстыбатах кылбаа маҥан түөсэҥкэлээх, уурбут-туппут курдук быһыылаах-таһаалаах, киэҥ арылхай харахтаах эдэркээн учуутал кыыс сэрии кэмигэр хойутаан үөрэммит үрдүкү кылаас сорох сиппит-хоппут уолаттарын кытта аҕыйах сылынан быысаһар, эгил-тэгил тэҥ саастыылаахтара этэ.
– Оҕолоор, воспитательгыт ыалдьар кэмигэр мантан инньэ кинини мин солбуйуохтаахпын. Директорбыт Марианна Евгеньевна сарсыарда аайы эһигини көрөн бэрэбиэркэлээн киирэр. Кирдээхтик олороллор, режими аанньа тутуспаттар диир. Ону туоратарга тугу оҥоробут, режими хайдах тутуһабыт?
Ким да тутатына хардарбата. Хосторо тымныы буолан үксүлэрэ тэлигириэйкэлээх да буоллаллар, тоҥмут курдук кумуччу туттан, иннилэригэр чараас былаачыйанан эрэ турар эдэркээн учууталларыттан кыбыстыбыттыы, кэмчиэрийэн олордулар.
– Кырдьык, дьиэҕит таһа, кирилиэскит, күрдьүккүт кирдээх, умывальниккыт аннынааҕы бааххыт тоҕуллубакка толору турар. Бэйэҕит оскуолаҕытыгар, дьиэҕитигэр куруук телогрейканан сылдьаргыт көрөргө үчүгэйэ суох.
– Үлэбит элбэх…
– Маспытын-уубутун бэлэмниибит.
– Дьиэбит тымныы, – онтон-мантан симик саҥалар одоҥ-додоҥ иһилиннилэр.
– Анастасия Яковлевна, эн хайдах тоҥмоккунуй? – тэлигириэйкэтин эҥээрин сөрүү туттан олорор Коля Софронов кэмчиэрийбиттии ыйытта.
– Мин сарсыарда аайы эрдэ тураммын зарядкалыыбын, хайыһардыыбын уонна хайдах тоҥуохпунуй?
Дьиҥинэн, кини оскуолаҕа барарыгар былаачыйатын иһинэн чараас куопта кэтэрэ. Хатыҥыр буолан онтукатын билиннэрбэт этэ, билигин онтун эмиэ кэтэн турара.
– Тыый, хайдах онно барытыгар бириэмэҥ тиийэрий?..
– Режими тутуһабын.
– Оччоҕо хата режимҥин кэпсээ эрэ.
– Только барытын, сарсыардааҥҥыттан саҕалаан… – сэргэҕэлиир саҥа-иҥэ арыый элбээн, кэпсэтии сүнньүн булуох курдук буолла.
– Мин сарсыарда алта аҥаарга туран зарядкалыыбын уонна 15 мүнүүтэ устата хайыһардыыбын. Суунан, аһаан бараммын сэттэ аҥаарга оскуолаҕа баар буолабын. Эбиэккэ диэри эһиги сменаҕытыгар химияҕа, биологияҕа уруок биэрэбин. Эбиэттэн киэһэ иккис сменаҕа ботаниканы үөрэтэбин, юннаттар куруһуоктарын, агитационнай үлэ ыытабын. Нэдиэлэҕэ түөртэ киэһээҥҥи оскуолаҕа үөрэтэбин. Ол кэнниттэн дьиэбэр кэлэн сарсыҥҥы уруоктарбар бэлэмнэнэбин.
– Уонна алта аҥаарга тураҕын?..
– Туран.
– Онно ууҥ ханар дуу?
– Ханар. Урут студенныы сылдьан даҕаны хойукка диэри дьарыктанар, эрдэ турар этибит. Инньэ гынан үөрэнэн хаалбыппын.
– Тыый, оччоҕо биһиги бириэмэбит үгүс өттүн утуйан тахсар эбиппит дии, – учууталларын кытта, уруккуларын курдук, кэмчиэрийэ, кыбыста тутталлара сыыйа симэлийэн, бэйэлэрин тэҥнээхтэрин курдук, сөҕөн-махтайан, бэркиһээн кэпсэтиигэ бары аһаҕастык кыттан бардылар.
Анастасия Яковлевна бэйэтэ даҕаны, истиҥ сыһыан, чугасаһыы тыына үөскээбитин билинэн, иҥнигэһэ суох холкутук саҥаран-иҥэрэн салгыы кэпсээбитинэн барда:
– Мин эмиэ, эһиги курдук, оскуоланы бүтэриэхпэр диэри интэринээккэ олорбутум. Онно бэйэбитин дьаһанар сэбиэттээх, бэрэссэдээтэллээх буолар этибит.
– Ханнык оскуолаҕа үөрэммиккиний? Ол сэбиэттэри ким тэрийэр, туох үлэни ыытар этилэрий? – тэлигириэйкэлээх уолаттар ортолоругар соҕотоҕун толстовканан олорор, өрүкүйбүт хара куударалаах бастыҥ үөрэнээччи Миша Николаев эрилкэй киэҥ харахтарынан болҕомтолоохтук көрүтэлээтэ.
– Дьокуускайга иккис оскуолаҕа үөрэммитим. Барытын үөрэнээччилэр бэйэбит испититтэн бэйэбит талан тэрийэрбит. Алталыы-сэттэлии киһилээх спортивнай, хаһаайыстыбаннай, санитарнай, культмаассабай сектордар сэбиэттэрин таларбыт. Өссө хаһыат таһаарар художниктардаах, редколлегиялаах буоларбыт. Олор салайар этилэр. Хостор аайы ыстаарыһалар баар буолаллара, кинилэр дьуһуурунайдары аныыллара. Барытын бэйэбит көрүнэр, оҥорор этибит. Ким да, хайа да учуутал кэлэн бэрэбиэркэлээбэт этэ.
– Оо, наһаа үчүгэй эбит дии!
– Кырдьык даҕаны, биһиги эмиэ инньэ гыммаккабыт…
– Биһи даҕаны тэринэрбит тоҕо сатамматый? – Миша, барыларын санааларын түмэрдии, быһаччы эттэ.
Анастасия Яковлевна, үөрүүтүн кистээбэккэ, өрүһүспүттүү тыл көтөхтө:
– Чэ оччоҕо сэбиэппитин талыаҕыҥ.
Оҕолор, тута сөрөөн дьыалаҕа эмискэ киириэхтэрин толлубут курдук, кэмчиэриспиттии күлүм аллаһан, сирэй-сирэйдэрин көрүстүлэр. Чочумча тохтуу түһээт, Миша таһыгар олорор, эмиэ куударатын хаҥас өттүгэр кэлтэччи тарааммыт Володя Федотов симиктик тыл быктарда:
– Ээ, биһи эмиэ бэйэбит…
– Кырдьык, биһиги эмиэ бэйэбит талыннахпытына?..
– Сөп-сөп, инньэ гыныаххайыҥ.
– Анастасия Яковлевна, эн баран сынньан.
Учууталлара күлэ түстэ. Кэпсэтиитэ табыллан, ис-иһиттэн үөрэн, астыммыт быһыынан ытыһын ытыһыгар тэс гына охсон, сууралаамахтаан ылла.
– Чэ сөп, кытаатыҥ, хомунуҥ! – эргичис гынан тахсыахтыы хос иһин кэрийэ көрөн иһэн, хараҕа оһох таһыгар сытар турбаҕа баайыллыбыт туох эрэ улахан көһөҥө тимирдэргэ иҥиннэ. – Бу тугуй, оҕолоор?
– Ити Миша штангата, күн аайы дьарыктанар, – Коля Софронов киэн тутта хардарда.
– Оо, дьэ маладьыас, Миша, табаарыстаргын эрчийдэҕиҥ дии. Зарядкалааҥ-хайааҥ, дьон оннооҕор тымныы уунан, хаарынан сууналлар, ол иһин тымныйбаттар, ыалдьыбаттар.
Оскуола
Дириэктэрдэрэ, сарсыарда аһаҕас уруоктаах буолан, суоҕа. Анастасия Яковлевна ахсыстарга биологияны үөрэтэн баран учууталыскайга киирбитигэр, Марианна Евгеньевна кинини хайдах эрэ сирэйэ-хараҕа сырдаан, үөрэ-көтө көрүстэ.
– Ну, здравствуй, мадонна, ходишь, уроки даешь, а там ребята сами… – тугу эрэ ситэ саҥарбакка мүчүҥнээн кэбистэ. – В общем сама посмотришь после уроков.
«Тыый, тугу оҥорбут буоллахтарай?» – диэн Анастасия Яковлевна уһун переменаҕа диэри икки уруок устата иһигэр ааллара, дьиксинэ саныы сырытта. Үһүс уруок бүтээтин кытта интэринээтигэр сүүрэн тиийбитэ, хараҕар дьиэ таһыттан ыла саҕалаан күүппэтэх атын хартыыната арылынна. Кирилиэс таһынааҕы киһи хараҕын аалар араҥас өҥнөөх муус-хаар, кир-хох суох буолбут. Иһирдьэ киирбитэ, суунар хос ып-ыраастык сууйуллубут, урукумуонньук аннынааҕы баах тобус-толору кирдээх уунан билгийэн турар бэйэтэ кубус-кураанах килбэйэн олорор. Хостор, утуйар ороннор бары тупсаҕай баҕайытык хомуллубуттар. Икки хоһунан олорор кыра кылаастар оҕолоруттан ыйыталаһа, кэпсэтэ-хайгыы түһэн баран, эдэр учуутал сүргэтэ көтөҕүллэн, дьиэрэҥкэй аҥаардаах оскуолатыгар төттөрү элэстэнэн таҕыста.
– А ну-ка, теперь расскажи, моя красавица, как тебе удалось совершить культурную революцию? – Марианна Евгеньевна, Анастасия сирэйэ-хараҕа сырдаан киирбитин көрөн, куолутунан күлэ-оонньуу кэриэтэ, ыйытта.
– Барытын Миша Николаев тэрийбит үһү, бары мустан мунньахтаабыттар. Хас да сектор сэбиэтин, хостор ыстаарыһаларын бэйэлэрэ талбыттар уонна тута дьаһанан үлэлээн-хамсаан барбыттар, – Анастасия Яковлевна үөрэ-көтө бэҕэһээҥҥи көрсүһүүтүн туһунан сиһилии кэпсээн биэрбитигэр дириэктэрэ тэҥҥэ үөрсэн, сөҕө-махтайа иһиттэ. Урут атын оскуолаҕа итинниги көрсүбэтэх, билбэтэх эбит буоллаҕа.
– Оказывается, детям самим надо давать власть.
Итинтэн сиэттэрэн, олох-дьаһах, үлэ-хамнас туһунан киэҥник хабан кэпсэтиигэ баар учууталлар бары кытыннылар.
– Дорогие коллеги, нам как-то надо оживить работу кружков. До сих пор они существовали формально, только на бумаге. Каждый специалист должен проводить практическую общественно-полезную работу на занятиях кружков по своему предмету. Как вы на это смотрите?
– Сөп буолуо, – математик Иннокентий Афанасьевич ылбат-биэрбэт икки ардынан иҥиэтиннэ.
– А как это должно выглядеть на деле? – Зоя Дмитриевна чуолкайдаһааччы буолла.
– Ну вот, вам, например, как преподавателю русского языка и литературы ставить хотя бы по праздникам пьесы, сценки из произведений классиков силами учащихся и населения.
– Вот как? Впрочем, почему нельзя? Можно.
– Вот и хорошо, таким же образом нужно поступить и в кружке по якутскому языку. Немного иначе обстоит дело по истории, биологии, математике. Но и тут можно проводить интересные занятия, главное, детей надо заинтересовать, привлечь их внимание к активной деятельности, – Марианна Евгеньевна учууталлары үөрэтэр-иитэр үлэҕэ угуйар үтүө баҕата, өй-санаа кылын таарыйар истиҥ тыла-өһө барыларын көҕүлүүргэ, бэйэтигэр чугаһатарга дылы гынна. – Вот буквально вчера произошло чудо. Благодаря Анастасии Яковлевне, интернатчики наши совершили, так сказать, культурную революцию. Все убрано, чисто, любо смотреть.
– Это Миша Николаев все организовал, я просто рассказала им из опыта своей интернатской жизни.
– Вот и чудесно, поделись и с нами своим опытом. Ты, кажется, окончила вторую школу в Якутске?
Анастасия Яковлевна, кэмчиэрийэ соҕус да тутуннар, кэпсээнин бэрт ыраахтан саҕалаан сэһэргээбитинэн барда.
Оччолорго иккис оскуола дириэктэринэн Роман Михайлович Поскачин диэн кип-киэҥинэн куруук чинчилиирдии көрө сылдьар, өрө тарааммыт баттахтаах, ордоотуу соҕус улахан саҥалаах, уһун ньолоҕор сирэйдээх хатыҥыр кыра киһи үлэлиир этэ. Кини нүксүччү соҕус туттан, киэҥ-киэҥник, чиҥник хардыылаталаан көрүдүөр устун хоһугар ааһарын төһө даҕаны толло көрдөллөр, дьиҥинэн, кини оҕоҕо да, үлэһиттэригэр даҕаны болҕомтолоох, сымнаҕас сыһыаннаах киһинэн биллэрэ. Учууталлар, интэринээт иитээччилэрэ үксүн эр дьон буолаллара. Биирдэ даҕаны үөрэнээччилэрин мөҕөн-этэн кирдиэлэппиттэрэ, түүрэйдээбиттэрэ диэн суоҕа, төһө кыалларынан өйүү-убуу, сүбэ-ама биэрэ сылдьаллара. Николай Васильевич Егоров, Алексей Герасимович Захаров, Федот Васильевич Попов, Николай Дмитриевич Соловьев курдук учууталлар, интэринээт иитээччилэрэ: кыргыттарга Иван Лукич Лукшин, уолаттарга Василий Лукич Сенькин – үгүс оҕо өйүгэр-санаатыгар хаһан да умнуллубаттык иҥэн хаалбыт, өйтөн сүппэт дьон буоллахтара.
Интэринээккэ хайдах бэйэлэрин көрүнэн-дьаһанан олорбуттарын таһынан куруһуоктары, ордук спортивнай, культмаассабай, юннатскай үлэлэри, ураты көхтөөхтүк салайбыт Степан Павлович Петров, Василий Лукич Сенькин курдуктары Анастасия Яковлевна улахан махталынан бэлиэтээн аҕынна. Физрук Степан Павлович бэйэтэ эрчийбит оҕолорунаан Иван Петровтуун, Дмитрий Саввиновтыын хайыһарга хамаанданан күрэхтэһиилэргэ хас да сыл устата республикаҕа миэстэлэспиттэрэ, бастаабыттара. Оттон Василий Лукич араас краеведческай, туристическай походтары тэрийэрэ, гербарий хомуйтарара.
– Вот тебе и карты в руки, организуй юннатский кружок, – дириэктэр, этэргэ дылы, эдэр учууталын тылыттан хабан ылла.
Анастасия Яковлевна, дириэктэрин сорудаҕын төһө да эмискэ дьаһал курдук соһуйа иһиттэр, эй да, ээх да диэн хардарбата, симиктик мичээрдээн эрэ кэбистэ. Сорудах бэрилиннэ да туолуохтаах, туох да диэн утары этэр, уһатар-кэҥэтэр сылтах суох буолан биэрдэ. Уруоктарын быыһыгар күнү быһа туохтан саҕалаан үлэлиирин эрэ туһунан толкуйдуу, мунаара сырытта. Уһун мунаах-тэнээх санаа кэнниттэн институкка үөрэппит учуутала Василий Николаевич Дохунаев ньыматынан арай пришкольнай учаастак тэрийэн оҕолорунан бэйэлэринэн араас ол-бу үүнээйи үүннэттэрэн, көрүү-харайыы үлэтин тэрийэн көрбүт киһи диэн түмүккэ кэлбитэ.
Киэһэ дириэктэрин кытта санаатын үллэстэ киирбитэ, завуһа Матрена Петровналыын тугу эрэ кэпсэтэ, сүбэлэһэ олороллоро.
– Мы как раз сидим обсуждаем, кого выбрать секретарем комсомольской организации и в учком. Кого можно, как вы считаете? – Марианна Евгеньевна, кэтэһэн олорбут курдук, эдэр учууталыттан ыйыта тоһуйда.
Анастасия Яковлевна, эмиэ урукку интэринээттээҕи олоҕун холобуруттан өйдөөн, тута хардарда:
– Обычно у ребят бывают свои лидеры, они сами должны выбирать.
– Это мы понимаем, – Матрена Петровна, эйэҕэс, холку бэйэлээхтик мичилийэн кэбиһээт, этиитин сахалыы түмүктээтэ: – Биһиги санаабытын этии эрэ быһыытынан киллэрэр кыахтаахпыт.
– Биллэн турар, Миша Николаев секретарь, оттон Шадрин Юлий дуу, Софронов Коля дуу учком буолуохтарын сөп.
– Вот и хорошо. Можно сказать, что мнения наши совпадают, – Марианна Евгеньевна, астыммыттыы, күлэн ылла. – Вы, кажется, по какому-то делу пришли?
– Я по поводу юннатского кружка.
– Ах, да-да. Ну и с каким предложением?
– Что если пришкольный участок создать?
– Да-а? И чем же там заниматься?
– Школьники сами бы занимались овощеводством, сажали бы картошку, морковь…
– Ой, хорошо-о бы, а будет ли расти? – Матрена Петровна чахчы сэргээбит быһыынан унаарытта.
– А почему бы и нет? Хорошая идея, – дириэктэр быһа түһэн саҥа аллайда. Тугу эрэ толкуйдуу түһээт, салгыы саҥарда: – Только надо подобрать участок с хорошей почвой.
– Арба даҕаны, эргэ ат дала баар ээ, киэҥ баҕайы. Вот заброшенное стойло лошадей за общежитиями учителей.
– Точно, и от воды недалеко.
Нууччалыы-сахалыы бэркэ өрүкүйэн быһаарсыы кэнниттэн салгыы хантан туох сиэмэни булан үүннэрэр туһунан боппуруоска кэлэн иҥиннилэр.
– Я попробую написать письмо бывшему своему руководителю. Думаю, он поможет и советом, и семенами, – Анастасия Яковлевна кичэмэл санаатын быктарбытыгар дириэктэрэ сөбүлэһэн сонно тута хаба тардан ылла:
– Правильно думаешь, свяжись немедля, надо еще где-то заказать семена, подходящие нашим климатическим условиям.
– Наш район лежит на одной параллели с Архангельской областью. Может, туда напишем? – Матрена Петровна, куолутунан, хаһан эрэ аахпытын-билбитин өйдөөн ылла.
– Очень хорошо, мы поищем адреса, с кем связаться в Архангельске. А вы сегодня же напишите своему руководителю.
Анастасия Яковлевна, киэһэ дьиэтигэр тиийэн, институттааҕы сылларыгар биологияны үөрэппит учууталыгар Дохунаевка анаан-минээн сурук суруйда. Василий Николаевич Дьокуускайга аан маҥнай ботаническай сады тэрийэн үлэлэтэригэр студенныы сылдьан үгүстүк үлэлэспит, практикатын барбыт салайааччыта этэ.
* * *
Сарсыардааҥҥы дьыбардаах халлаан тумарыктыйар будулҕаныгар курданалларыгар диэри сыгынньах уонча уол таһырдьа сырсан тахсаннар, халыҥ хаар ыраас ньууругар үҥкүрүйэн-күөлэһийэн ылбахтаат, тура эккирээн, түөстэрин, моонньуларын харса суох хаарынан суунан булумахтаннылар. Онтон сүүрэкэлии сылдьан хардарыта көхсүлэрин анньыстылар, ол быыһыгар хатыйсан, түҥнэритэ анньыһан, устунан кып-кыһыл буолуохтарыгар диэри тустан биликтэһэн бардылар.
– Коля, кытаат, охтума-а!..
– Оо, Миша эмиэ кыайда!
– Володя, кэл! Эн биһи бэйэбит киирсиэххэ…
– Дабаай, Мишаны куолуоҕуҥ!..
Орто курбуу уҥуохтаах, өрүкүйбүт хара куударалаах нууччалыы хааннаах уол тула тэлэкэчийэ сылдьан утуу-субуу үрдүгэр кэлэн түһэр уолаттары, өр-өтөр гынаттаабакка, хардарыта соһуталаан иһэр. Онтон күргүөмүнэн сырсан кэлэн биир сомоҕо буола чөмөхтөһөөт, сууласпытынан бары хаарга охтон түһэллэр. Харса суох булумахтанан, бөтүөхтэһэн, аҕылаһан-мэҥилэһэн тура эккирээт, интэринээттэрин диэки сүүрэн маҕыһаллар. Киирээт, соттордорун үрдүгэр түһэн, эттэрэ-сииннэрэ итийиэр, кууруор диэри соттубутунан бараллар.
– Ыч-чаа…
– Хайдах ыччалыыгын, доҕор, кыһыны быһа дьарыктанан баран? – Миша, аттыгар сотторунан көхсүн суураланан аҕылыы-мэҥилии турар табаарыһын диэки тэбэнэттээҕинэн көрөөт, күлэн лэһигирэттэ.
– Ээ, үөрэнэн хаалбычча, өйдөөмүнэ…
– Бээ, кырдьык, былырыын төһөҕө саҕалаатыбыт этэй?
– Олунньу ыйтан.
– Ээ, сөп-сөп, били Анастасия Яковлевна режим туһунан кэпсиэҕиттэн ыла тута дьарыктаммыппыт дии. Билигин тохсунньубут бүтэн эрэр. Кырдьык, сыла чугаһаан эрэр эбит, – хатыҥыр, намыһах уҥуохтаах Володя Федотов бигэргэтээччи буолла.
– Үчүгэй буолбат дуо күнү быһа чэбдик сылдьарбыт?
– Өссө киэһэ сытыах иннинэ суунарбыт үчүгэй ээ, түүн олус кытаанахтык утуйан тураҕын.
– Ол эрэ буолбатах, кэлин тумуулаан да көрбөт буоллубут дии.
– Анастасия Яковлевна эрчилиннэххитинэ ыалдьыаххыт, грипкэ ылларыаххыт суоҕа диэн сөпкө да эппит эбит.
– Кырдьык, ол иһин дэгиттэр барытыгар эрчиллиэххэ наада, – Миша доҕотторун биир санааҕа түмэр, көҕүлүүр быһыынан кэриччи көрүтэлээтэ.
– Оттон хайыһардыыбыт дии.
– Ол диэн кыра.
– Миша бэйэтэ штанганан дьарыктанар, ол иһин күүстээх, – Коля Софронов табаарыһын илиитин-атаҕын, быччыҥын туппахтаан көрөр.
– Айыкка, доҕор, миигинник киһи тимири кытта өрө тус-туо суохпун. Күүстээх, улахан эрэ дьон дьарыктаныахтарын сөп.
– Оннук буолбатах. Владимир Стогов диэн кыра ыйааһыҥҥа аан дойду чемпиона бэйэтин ыйааһыныттан икки аҥаар төгүл ыараханы анньар.
– Тыый, сүрдээх да буолар эбиттэр! Оттон эн төһөнү анньаҕын?
– Мин нэһиилэ бэйэм ыйааһыммын көтөҕөбүн. Анаан эрэ дьарыктаннахха улаханы ситиһиэххэ сөп. Холобур, Плюкфельдер, американец Пауль Андерсен, онно олорор японец Томми Коно курдук.
– Итилэри эн хантан билэҕин? – уолаттар сирэйдэрэ-харахтара өрүкүһэн, Мишаны төгүрүйэн кэбистилэр.
– «Физкультура и спорт» сурунаалтан уонна «Советский спорт» хаһыаттан.
– Ээ, куруук библиотекаҕа сылдьар киһи билэн бөҕө буоллаҕа дии.
– Аан дойду, Олимпиада чемпиона буоларга ынырык эрчиллии наада буолуо ээ?
– Сүрдээх буоллаҕа дии.
– Оннук буолумуна. Холобур, боксаҕа ыарахан ыйааһыҥҥа чемпион Рокки Марчиано апперкот диэн соҕотох удары уу анныгар түөрт чаас устата тохтоло суох охсоро үһү.
– Аата сүрүн, Миша, эн эмиэ оннук дьарыктаныаҥ дуу? – ким эрэ омуннуран ыйытта.
Миша, бэркиһээбиттии, күлэн кэбистэ.
– Эс, мин дьиҥнээх спорка охтуом суоҕа. Эппин-хааммын эрэ сайыннарар туһуттан дьарыктанабын.
– Оо, оҕолоор, остолобуойбутугар хойутаары гынныбыт!
– Кырдьык даҕаны.
– Уруок кэнниттэн бары хайыһарга тахсаарыҥ, сотору поход буолуо.
– Сөп-сөп…
Тиэтэлинэн таҥнан, бары остолобуойдарыгар саамылаһан таҕыстылар.
* * *
Ньирээйи мастаах сэндэҥэ ойуур быыһынан хас да хайыһардаах киһи бэйэ-бэйэлэриттэн тэйиччи, үтүктүспүт курдук, субуруһа сүүрэн иһэллэр. Кинилэр ахсыалар. Хара искиэрэлээхтэр, хаатыҥкалаахтар. Хара барааҥка бэргэһэлэрин кулгаахтара хас хамсаннахтарын аайы, кынатынан сапсынан эрэрдии, өрүтэ даллараҥныыр. Бу орто оскуола тохсус, онус кылаастарын уолаттара Уолба учаастагар походтаан төннөн иһэллэр. Сарсыарда эрдэ туран айаннаан, күнүс 11 чаас саҕана тиийэ охсубуттара. Оскуола дьиэтигэр дьону мунньан, лекция ааҕан, хаһыат, араадьыйа сонуннарыттан кэпсээн агитационнай үлэ ыытан баран, эбиэттии түһээт, төттөрү айаннаабыттара.
Үрэх тоҕойдорун быһыта охсор аҥхалаат сир киириитин-тахсыытын ааҕа сүтэ-сүтэ көстөр поход кыттыылаахтара дьиэлэрэ чугаһаан истэҕин аайы эбии тэптэн тэтимнэрин эбэн, устунан күрэхтэһэр быһыынан сырсан киирэн бардылар. Бастаан иһэр этэрээт хамандыыра Миша Николаев кэнниттэн тэйиччи соҕус хаалан испит Ваня Никифоров түргэнник тэбэн бөтүөхтээн чугаһаан кэллэ.
– Миша, түргэтиир үһүбүт, дьоммут тиэтэтэллэр.
– Сылайбатах буоллахтара дуу? Дьэ үс биэрэстэни сүүрэбит, онтон дэриэбинэбит көһүннэҕинэ бытаарыахпыт, – тэтимнээхтик сыыйа тэбэн, Миша сүүрэрин эбэн биэрдэ.
Стрекаловка мууһугар киирэн, чигдитийэ кытааппыт килэркэй суол устун харса суох тэбэн, үс биэрэстэ сири начаас элэҥнэттилэр. Бөһүөлэк кытыы дьиэлэрин кырыыһалара көстөр буолуута Миша, кэннин хайыһан көрөн баран, дьоно бары ситиһэллэрин курдук бытаарда.
– Хайа, бары үчүгэйгит дуо?
– Үчүгэйбиэт…
– Мин хайыһарым быата холкутаата.
– Оттон мин торуоскам хаалыга алдьанна, – Кеша Гоголев, күлэн мичилийээт, хаалыга суох торуоскатынан далбаатанна.
– Дьэ мантан инньэ аргыый барыаҕыҥ. Улахан алдьаныыта, сүтүгэ суох үчүгэйдик сырыттыбыт, – Миша астыммыт быһыынан холкутук күлэн кэбистэ.
– Улахан Күөлгэ хаһан барабыт?
– Кэлэр өрөбүлгэ.
– Каникулбут кэмигэр Баахынайга дуу, Кыстатыамҥа дуу баран кэлиэҕиҥ. Туох дии саныыгыт?
– Эбэтэр Куонараҕа… – ким хантан сылдьарынан, бэйэтин дойдутун диэки иэҕэн тыл көтөхсүүтэ саҕаланна.
– Ыраахтара бэрт, хайдах тиийээри…
– Ортотугар дьаамҥа хонон тиийэр буоллахпыт дии.
– Оҕолоор, Марианна Евгеньевна Кыстатыамҥа агитбригаданан баран концерт көрдөрөн кэлэр туһунан биллэрбитин истибиккит дуо? – Миша доҕотторун кэриччи көрүтэлээтэ.
– Тыый, ол оччо ыраахха концерт малын, таҥаһын-сабын хайдах сүгэн бараары… – тохсуска үөрэнэр Проня Спиридонов сибилигин баран эрэрдии аймана түстэ. Атыттар даҕаны мунаарбыт көрүҥнэннилэр.
– Табанан барыахпыт. Директорбыт кэпсэтиэх буолбут, – хомсомуол тэрилтэтин сэкирэтээрэ Миша Николаев оскуола олоҕун былааныттан сонун иһитиннэриитин бары сэргии түстүлэр. – Кыра кылаастары кытары илдьэ барыахпыт.
– Ок-сиэ, дьэ ньиргиэр айан буолсу.
– Оттон табалаахтар куотар буоллахтара дии.
– Туох буолуой, дьаамҥа хонукпутугар ситиэхпит буоллаҕа.
– Уу, үчүгэй да буолсу…
Поход кыттыылаахтара, инники күүтэр көхтөөх тэрээһин сонунун истэн үөрэ-көтө аймалаһан, ким дьиэлээх дьиэтигэр, оттон үгүстэр тутуспутунан интэринээттэригэр бардылар.
Ойуунускайы тоҕо билбэппитий?
Саха тылын учуутала Гаврил Васильевич Попов онустарга киирэн кылаас сурунаалын арыйан, үөрэнээччилэрин кэриччи көрөн ким баарын-суоҕун быһааран бэлиэтии олордоҕуна, Миша Николаев туран кэллэ.
– Гаврил Васильевич, Ойуунускай диэн поэт баара дуо?
– Баара… – эдэр учуутал, соһуйбуттуу, үөрэнээччитин өрө көрөн таһаарда. Тоҕо ыйыппытын дьиибэргээн, утары ыйытардыы көрүтэлээтэ.
– Ону биһиги тоҕо билбэппитий?..
– Тоҕо үөрэппэппитий?..
– «Норуот өстөөҕө» үһү буолбат дуо?..
– Бээрэ, оҕолоор, ону эһиги тоҕо ыйыттыгыт? – оҕолор бары айдааран, күйгүөрэн барбыттарын дьиибэргээн, учууталлара буойардыы ыйытта.
– Оттон хаһыакка суруйбуттар дии.
– Тугу? Ханнык хаһыакка?.. – Гаврил Васильевич, Эдьигээҥҥэ быйыл саҥа учууталлыы күһүн хойутаан кэлэн, хаһыакка суруйтарбакка хаалбыта.
– Бу манна хоһоонун таһаарбыттар, – Коля Софронов «Кыым» хаһыаты тэниччи тутан учууталыгар аҕалан биэрдэ.
Бары сонурҕааһын, суугунаһыы буолла. Хаһыат иккис балаһатыгар П.А.Ойуунускай «Артыаллар, уруйдааҥ!» диэн балай да уһун хоһоонун хас да колонканан бэчээттээбиттэр. Туох да быһаарыы, комментарий суох. «Тоҕо дьиибэтэй? Ол аата үчүгэй буолаары гыннаҕа дуу?..» – Гаврил Васильевич түөһүн иһигэр үөрүү, сэргэхсийии, эрэмньи санаа иэйиитэ саба халыйан киирэргэ дылы гынна.
– Оҕолоор, бу хоһоону бары аахтыгыт дуо?
– Ааҕан.
– Суох, биһи ааҕа иликпит…
Интэринээттэр эрэ аахпыт, аҥаардара ааҕа илик буолан таҕыста.
– Дьэ оччоҕо истиҥ! – Гаврил Васильевич күөмэйин оҥостон, өрө көтөҕүллэн туран, үөрэ-дьүөрэ тыллары эгэрэҥ-дэгэрэҥ түһэрэн доргуччу ааҕан барда:
Мин атас доҕорум,
Мичиҥниир көмүһүм,
Аалардыыр наҥначчаан,
Артыаллаах Аанысчаан
Үлэлээн тиҥийэр,
Үөгүтэ иһиллэр…
Күлүмнүүр-мичиҥниир
Күндү күөх биэбэккэм,
Күлүмнүүр-дьиримниир
Күөх тырым сибэкким
Долгуйан нусхайар,
Долгуйа умайар.
Кылаас иһэ уу чуумпуга куустаран, бары ылы-чып иһиллээн олордулар. Өйү-санааны манньытар, көҕүлүүр, күүрдэр тыллар эдэр сүрэхтэри угуйар, санааны көтөҕөр, эрэли үөскэтэр күүстэрэ тыл дэгэтин алыптаах музыкатыгар кубулуйан, эттэригэр-хааннарыгар иҥэн киирэргэ дылы буоллулар.
Кулааҕы-тойоту,
Кубулҕат моҕойу
Күн сирин үрдүттэн
Күөх сирэм күөнүттэн
Этириэс эһиэххэ!
Эпчиҥник тэбиэххэ!
Артыаллар-холкуостар,
Аармыйа норуоттар,
Биһиги күүспүтүн,
Биир кэлим үппүтүн
Ким кыайыай! Уруйдааҥ!!!
Ким хотуой! Уруйдааҥ!!!
Өстөөххө, утарсар күүстэргэ эйэлэспэт сыһыаҥҥа ыҥырар, күүһү-уоҕу, сайдыыны, эрэллээх олоҕу уруйдуур күүрээннээх тылларынан түмүктэнэр урут хаһан да итиниэхэ маарыннаах суруйууну истибэтэх, үөрэппэтэх оҕолорго хоһоон илбистээх ураты тыла-өһө, өйгө-санааҕа иҥэр дьайыыта өйдөрүн-санааларын өрүкүттэ. Гаврил Васильевич хоһоону ааҕан бүппүтүн кэннэ кылаас иһэ чочумча уу чуумпуга иһийдэ. Онтон хаһыаты кичэллээхтик суулуу тутан хаһаайыныгар төннөрөрүн кытта, сөҕүү-махтайыы, дьиктиргээһин суугуна иһиллэн барда.
– Гаврил Васильевич, Ойуунускай туох иһин хаайыллыбытай? – Миша Николаев, ким да санаппатах чып кистэлэҥ хараҥа дьыала ыар хаппаҕын сэгэтэн көрөрдүү, аргыый ыйыппыт сөҥ, холку куолаһа уопсай күүгээни тохтотон, кылаас иһэ бүтүннүү кулгаах-харах буолан тыҥаан олордо.
Оҕо диэтэххэ олуурдаах ыйытыылаах буолан биэрдэ. Эдэр учуутал бэйэтэ даҕаны мунаах санааҕа ылларбыта. Уонунан уһун сылларга норуот өстөөҕө аатыран умнуллубут поэт хоһоонун тоҕо бэчээттээбиттэрин дьиктиргии, таайа сатыы олорбута. Мээнэҕэ бэчээттээбэтэхтэрэ чахчы, ол аата хайаан да туох эрэ үчүгэй өттүгэр уларыйыы тахсаары гыннаҕа. Туох да быһаарыы, комментарий суоҕун иһин соруйан таайтаран, дьон өйүн-санаатын бэлэмнээн таһаардахтара. Гаврил Васильевич бэйэтэ да билбэтинэн чэпчии түстэ.
– Платон Алексеевич Ойуунускай поэт эрэ буолбатах, кини революционер, республика салайааччыта этэ. Кинини «норуот өстөөҕө» диэн буруйдаан хаайбыттара.
– Революционер эрээри хайдах өстөөх буолбутай? – хара киитэллээх үрдүк хатыҥыр Юлий Шадрин долгуйбут быһыынан сырдык ньалҕаххай баттаҕын өрүтэ анньыммахтаата.
– Ол сүрдээх уустук боппуруос…
– Оттон хоһооно үчүгэй баҕайы дии.
– Э-ээ, баайы, кулааҕы утары…
– Киниэхэ итинник революционнай ис хоһоонноох суруйуулар, этиилэр элбэхтэр.
– Советскай былааһы утары суруйбута дуу?
– Суох.
– Оччоҕо тоҕо хаайаллар?
– Бу хоһоонун тоҕо бэчээттээтилэр?
– Хоһооннорун оскуолаҕа үөрэппиккит дуу? – оҕолор бииртэн биир олуурдаах ыйытыыларыгар хоһоон ааптарын биллибэт кистэлэҥ дьылҕата, суостаах-суодаллаах сураҕа-садьыга барыта түмүллэн иһэргэ дылыта.
– Оҕолоор, бу олус уустук, сэрэхтээх боппуруос диэн өссө төгүл этэбин. Хаайыллыаҕыттан ыла хоһооннорун үөрэтэри боппуттара. Оттон бу хоһоонун тоҕо бэчээттээбиттэрин билбэтим. Баҕар, туох эрэ уларыйыы тахсаары гыммыта буолуо.
– Ии, кырдьык, баҕар, оннук буолуо…
– Гаврил Васильевич, эн Ойуунускай атын хоһооннорун билэҕин дуу? – Миша Николаев чөллөркөй куолаһа уопсай күүгээни баһыйан чуолкайдык иһилиннэ.
– Мин кини хоһооннорун, олоҥхотун элбэҕи аахпытым, сороҕун нойосуус билэбин.
– Ээ, хата ааҕан иһитиннэр эрэ.
– Кырдьык, истиэхпитин баҕарабыт.
Гаврил Васильевич, оҕолор болҕомтолоохтук көрөн-истэн кэтэһэрдии иһийэн олороллорун көрөн, көрдөһүүлэрин быһа гыммата. Туран кылаас иннигэр сис туттан төттөрү-таары хаамыталыы сылдьан, «Өрүөл кэриэһэ» диэн хоһоону өрө көтөҕүллүүлээхтик доргуччу ааҕан барда:
Будулҕан тумаҥҥа, чыгдааннаах дьыбарга
Буорахпыт буруота бурҕаҥнаан оргуйар,
Түүннэри-күннэри түрбүөтээн ытарга
Түннүктүүн-үөлэстиин барыта доргуйар…
Хоһоон харса-хабыра суох охсуһууга ыҥырар уоттаах-төлөннөөх тыллара оҕолор уйулҕаларын, санааларын күүрдэр күүһүн эдэр учуутал үөрэнээччилэрин сирэйдэригэр-харахтарыгар илэ көрөн сөҕө, салла санаата. Тыл илбиһэ, дьайар күүһэ сүдү да буолар эбит. Бары дөйүөрбүт курдук саҥата суох тыйыһыра дьиппиэрэн олороллоро.
– Гаврил Васильевич, эн Ойуунускай бобуулаах хоһооннорун хантан булан үөрэппиккиний? – уопсай чуумпуну үрэйэн, эмиэ Миша Николаев куолаһа иһилиннэ.
Тута хоруйдуурга судургута суох ыйытыы. Уһун сыллар ус-таларыгар норуот кыр өстөөҕүнэн ааттаммыт поэт бобуулаах айымньыларын ааҕыы, үөрэтии, буолаары буолан оскуола оҕолоругар пропагандалааһын судаарыстыбаны утары ыар политическай буруйу оҥоруу буолара саарбахтаммат суол этэ. Ону баара, ити хаһыакка тахсыбыт хоһоонунан сибээстээн, үөрүүтүн, долгуйуутун уоҕун уйумуна, тус кистэлэҥин сэрэҕэ суох арыйан кэбистэҕэ үһү. Аны кэлэн, буолар буолтун кэннэ, туох диэн төттөрү этиниэй, билинэригэр эрэ тиийэр буоллаҕа. Уонна оттон хоһоонун өрөспүүбүлүкэ улахан хаһыатыгар мээнэҕэ бэчээттээбэтэхтэрэ чахчы.
Балай да өр саҥата суох төттөрү-таары хаамыталаамахтаат, остуолун иннигэр кэлэн тохтуу түстэ. Үөрэнээччитин утары көрдө, киниэхэ эрэ туһаайардыы, сорунуулаахтык саҥаран барда:
– Миша, мин оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан убайдарым кистээбит Ойуунускай кинигэлэрин ампаарбытыттан булан ааҕар, хоһооннорун нойосуус үөрэтэр этим. Бу мин тус бэйэм кистэлэҥим буоларын өйдүөх тустааххыт. Өскөтүн бүгүн аахпыт хоһооммут хаһыакка бэчээттэммэтэҕэ буоллар, мин маны эһиэхэ кэпсиэм суоҕа этэ.
Оҕолор өйдүүрдүү саҥата суох болҕойон истэ олороллоро. Бүгүҥҥү уруок былаана кэһиллэн, барыахтаах матырыйааллара тыытыллыбакка хаалбытын Гаврил Васильевич уруок түмүктэниитэ эрэ өйдөөбүтэ. Дьиэтээҕи үлэтин биэртэлээн бүтээтин кытта көрүдүөргэ чуораан тыаһа өрө кылыгырыы түспүтэ…
Эргитэ санаатахха
Оскуолатааҕы оҕо саас өлбөөдүйбэт өрдөөҕү түгэннэрэ Михаил Ефимович туоххаһыйбыт санаатыгар күн бэҕэһээҥҥи курдук элэҥнээн аастылар.
Оскуолалара эрэйдээх сэттэ уонус сыллар бүтэһиктэригэр диэри турбута. Оччолорго балай да улахан дьиэ этэ, көтүллүбүтэ бэлиэр үйэ чиэппэрэ буолан эрэр эбит. Билигин икки этээстээх, быйыл аҕай евро-өрөмүөнүнэн саҥардыллыбыт, аныгылыы толору тэриллээх, маллаах-саллаах бөһүөлэк ортотугар тутуллубут бэртээхэй оскуолалаахтар. Урукку кинилэр интэринээттэрэ уонна учууталлар олорбут биир уопсайдара билигин даҕаны ордон тураллар. Интэринээт оҕо музыкальнай тэрилтэтэ буолан кэм да туһалыы тураахтыыр эбит.
Михаил Ефимович дойдутугар кэллэр эрэ оскуолата турбут сирин, интэринээтин тиэргэнин быһа ааспат. Хайаан даҕаны кэлэ сырыттаҕына, сүүрбүт-көппүт, оонньообут-көрүлээбит оскуолатааҕы оҕо сааһын тэлгэһэтин көрдөҕүнэ, тула хаамтаҕына эрэ астынар.
Бу бүгүн эмиэ кэлэн эргийэ хааман, үгүһү-элбэҕи эргитэ санаата, уруккуну-билиҥҥини тэҥнии тута, уларыйыыны-тэлэрийиини көрө-истэ, инникини, кэскили түстээн иһигэр толкуйдуу, былаанныы истэ. Стрекаловка үрэх эниэ сыырын таҥнары хааман, үрэх төрдүнээҕи Эбэ хааһын кумах тумсугар тохтоон, хотуттан эҥсэр киэһээҥҥи сииктээх сиккиэри утары хайыһан, улуу өрүс уйаара-кэйээрэ көстүбэт киэҥ иэнин одуулуу турда.
Санаа… Сатаан сабаҕаламмат салаҥ күүс… Киһи аймах санаатын күүһүнэн Аан Ийэ Дойду айыллыытын историятыгар кылгас кэм иһигэр балысхан үүнүү-сайдыы суолун тутуһан кэллэҕэ, салгыы сайдар тэтимэ өссө киһи үөйбэтэх өттүнэн эбии улаатыа, күүһүрүө турдаҕа.
Санаа чаҕылҕан түгэнэ быралыйар былыргыны, быдан ырааҕы, үйэ күдэнигэр, күн-дьыл тумарыгар саспыт ааспыты эргитэн аҕалан хараҕыҥ иннигэр өрдөөҕү өбүгэлэрбит сирдэрин-уоттарын, олохторун-дьаһахтарын дьүһүннээн-бодолоон ойуулаан биэриэ, саҥардан-иҥэрдэн, иэтэн-туотан өйдөрүн-санааларын этитиэ, сүүрдэн-көтүтэн, айдаран-алдьаттаран мөккүөрдэрин-охсуһууларын көрдөрүө…
Санаа – инники дьылҕаны, сүрэх баҕатын түстүүр сүдү аналлаах күүс.
* * *
Оо, Улуу Эбэ, тыһыынчанан муҥаат сыллар эҥсиллэр киэҥ уораҕайдарын таһаатыгар төһөлөөх эрэ киһи үөйэн-ахтан көрбөтөх үлүскэн үгүс быһылааннарын, олох-дьаһах хаамыытын, күн-дьыл уларыйыытын көрөн кэллиҥ буолла!
Дьоҕус ахсааннаах, дьулурҕа санаалаах урааҥхай саха эн илгэлээх кытылгын булуоҕуттан, уорааннаах тыйыс айылҕаҥ тоҥ буоругар хам тоҥон өлөн-сүтэн хаалбакка, үгүс үйэлэргэ тыыннаах буолар туһугар мөхсөн, өй-сүрэх мөккүөрүн өрө тутан, күн бүгүнүгэр диэри омук быһыытынан ордон кэллэҕэ.
Тымныы полюһунан аатырбыт планета саамай тыйыс, хаҕыс айылҕалаах сиригэр, Илин Сибиир Хотун киэҥ иэнин хотугу эргимтэтигэр ынах-сылгы сүөһүнү дэлэччи иитэн, тоһуттар томороон тымныылаах тоҥ буор дойдуну аал уоту оттунан, алаһа дьиэни тэринэн сылаас тыынынан сылыппыт, үрүҥ илгэни үрүлүппүт, уйгу быйаҥы үксэппит сахаттан атын омук бу орто аан ийэ дойдуга суох эбээт. Туох да диэбит иһин, сахаҕа тиийэр тулуурдаах, көнө, судургу, сытыары-сымнаҕас майгылаах, нуучча судаарыстыбатыгар ураты бэриниилээх, улахан өҥөлөөх норуот аҕыйаҕа чахчы.
Нуучча хаһаахтара үрэр саа күүһүнэн өбүгэлэрбитин өмүтүннэрэн, куттарын-сүрдэрин тоһутан бас бэриннэриэхтэриттэн ыла дьаһаах төлөбүрүнэн сирэйдээн, төһөлөөх күндү түүлээҕи хоро таспыттара, сүөһүлэрин-астарын, ойохторун-кыргыттарын былдьаан олохторун огдолуппуттара ама мэлдьэх буоллаҕай? Ол барыта докумуоҥҥа, сурукка-бичиккэ тиһиллэн, араас архыыптарга киирэн сылдьар.
Саҥа сири баһылыыр хаһаахтар этэрээттэрэ, киис эккирэ-тиитигэр сылдьар промышленниктар, олохтоох омук бэлэмигэр тирэҕирэн, нэлэмэн киэҥ сиринэн тилийэ тарҕаммыттара. Кыһалҕалара диэн остуруоктары, симиэбийэлэри тутуу этэ. Аһыыр ас, миинэр миҥэ, туттар сэп-сэбиргэл, сирдьит дьон, үлэһит илии барыта үрдүттэн буолара. Ол да иһин кылгас кэм иһигэр бүтүн Илин Сибиири, Забайкальены Камчаткаҕа, Приморьеҕа тиийэ тилийэ сүүрдэхтэрэ дии. Бу улууканнаах географическай арыйыылар үксүлэрэ саха омук өҥөтүнэн, кини сылгы көлөтүнэн, аһынан-үөлүнэн, мындыр уус, сирдьит, сүбэһит-үлэһит дьонунан ситиһиллибитэ. Охотскай, Өймөкөөн, Халыма курдук сир уһуга дойдуга тиийэ быраҕыллыбыт былыргы айан аартыктарын аайы тыһыынчанан саха атын уҥуоҕа дьаргыл таас олбохтуу тэлгэнэн сытарын туоһулуур биир да ханан эмит бэлиэ, сибики баара билиҥҥитэ биллибэт. Алыс барытын билиммэт буолуу, ырааһынан мэлдьэһии баттал, сэнэбил биир саамай ньэгэй көрүҥэ буолар. Урут ыраахтааҕылаах Россия саҕана уһулуччу өҥөлөөх олохтоохторго, сэдэх да буоллар, кэм мэтээл, куортук биэрэн, аат-суол иҥэрэн бэлиэтиир эбит буоллахтарына, ол сэбиэскэй кэмҥэ умнуллубута. Бу дьыала сөргүтүллүөхтээх, история кырдьыга тиллиэхтээх.
Төһө да баттабылга, үтүрүллүүгэ сырытталлар, оччотооҕу саха омугун бас-көс дьонун ортотугар ырааҕы анаарар инникини түстээччилэр норуот олоҕун быһаарыылаах күчүмэҕэй кэмнэригэр үөскээн, олорон ааһар түбэлтэлэрэ хайаан даҕаны баар буолар эбит. Тыгын сиэнэ, Бөдьөкө уола Маһары олус уустук кэмҥэ олорон ааспыт киһи. Хаһаахтары кытта кыргыһыы маҥнайгы сылларыгар эһэтэ Тыгын өлөрүгэр түөртээх-хастаах оҕо оччотооҕу суостаах-суодаллаах кэми чуолкайдык өйдөөбөт эбит буоллаҕына, 1642 сыллаах бастаанньаҕа кыттыбыттарын иһин аҕатын Бөдьөкөнү, убайын Чаллаайыны маҥнайгы бойобуода Петр Головин ыйаан өлөртөөбүтүн уон түөртээх уол үчүгэйдик өйдүүрэ чахчы.
Үгүс сыллар усталарыгар Маһары бэйэтин таһынан өлбүт аҕатын, убайын тустарыгар дьаһаах төлүүр. Санаан көрдөххө, тустаахха улахан баттабыл, атаҕастабыл буолара саарбахтаммат суол. Ол да буоллар кини өһү-сааһы өйүгэр-санаатыгар туппат, бэйэтин кыатана, тулуйа сатыырга үөрэнэр. Бүрүүкээн турар кэм, олох-дьаһах сабардама туох да үүтү-ааны булларбат, кыаҕы таһынан саба баттаныы быһыытын-майгытын үөскэппитэ. Өрөлөстүҥ да, таах ыттыы өлөртөн атын төлкө суоҕа. Хаһаахтар саа-сэп күүһүнэн бэриннэриилэрэ диэн өссө кыра. Кэмэ суох элбэх илиигэ-атахха иилистэ, кэһиллэ сылдьар киис баайдаах дойду арыллыбытын туһунан омуннаах кэпсээн сири-сибиири тилийэ көтөн ыраахтааҕыга тиийэ иһиллибитин кэнниттэн аата-ахса биллибэт, сиргэ-дойдуга баппатах араас урдустар, ол иһигэр буруйтан-сэмэттэн куота сылдьар саарбах дьон киис сойуотугар тууһугурбут халыҥ халҕаһалара кылгас кэм иһигэр Саха сирин үгүс муннуктарыгар кутулла түспүттэрэ. Оччотооҕу суут-сокуон диэн тугун дьүүлүн-дьаабытын бүдүүлүү барбат, уорартан-талыыртан, өлөрөртөн-өһөрөртөн даҕаны туттуммат урдурҕаччылар сытар ынаҕы туруорбат сытыары-сымнаҕас, көнө майгылаах олохтоох дьону төһөлөөх түүрэйдээн олохторун огдолуппуттарын этиэххэ, кэпсиэххэ кэрэгэй. Ыраахтааҕы аатынан хомуллар дьаһааҕы таһынан, туох да көмүскэлэ суох олохтоохтору аны араас хаамаайылар сүөһүлэрин-астарын үтэ гынан, кэргэттэрин, кыргыттарын ойох оҥостон, түүлээхтэрин, малларын-салларын былдьаан, уһун сылларга төһөлөөх талбыттарынан айбардаан, күннээн-күөнэхтээн олорон ааспыттарын кырдьыгынан билиниэхпитин бэйэбит кыбыстабыт.
Маннык өйү-санааны тууйар-тумнарар хааннаах хабала сабардаабыт кэмигэр тугу гынан, туох суолу-ииһи тобулан олоҕу оҥостуохха, дьон-сэргэ, омук кыһалҕатын аччатыахха сөбүй диэн толкуй оччотооҕу бас-көс дьон төбөлөрүн элбэхтик сыспыта чуолкай. Сирэйэ-хараҕа суох халабыры, атаҕастабылы тулуйа сатаан баран ыксаан утарсыылар, өрө туруулар онно-манна, ордук хаҥаластар өттүлэриттэн, тахсыталыы сылдьыбыттара кырыктаахтык сабыта баттанан иһэллэрэ. Буорах саа буулдьатын, тэргэн тэрил күүһүн утары ох саанан тугу гынаахтыахтарай, кэлтэй кыргыллан эрэйдэрэ-буруйдара, сордоро-муҥнара эбии элбиирэ. Ол эрээри сүрүн итэҕэстэрэ түмсүүлэрэ суоҕа, улуус-улуус бэйэ-бэйэлэрин икки ардыларыгар атааннаһыылара атахтыыра. Ол туһунан историк С.М.Соловьев маннык бэлиэтээн суруйбута баар:
«Несмотря на появление здесь и там сильных духом родоначальников между дикарями, им не сладить было с русскими людьми, роды были слишком ничтожны, разбросаны на огромных пространствах и враждебны к друг другу: вспыхнет восстание, для его подавления пойдут русские люди, их ничтожное число, человек 15, но с ними толпа покорных туземцев, которые идут усмирять своих; осадят дикари в острожке русских людей, на выручку последним спешат другие дикари». Көстөрүн курдук, улахан үөрэхтээх интэлигиэн киһи оччотооҕу кэм сиэринэн сахалары сэнэбиллээхтик дьикээрдэринэн ааҕар буоллаҕына, чахчы дьиикэй хааннаах хаһаахтар, хаамаайы урдустар сыһыаннара хайдаҕын сэрэйбит да, көрбүт да биир. Ол гынан баран Соловьев чахчы баар, мэлдьэһиллибэт суолу суруйар. Ону хас да дьиҥнээх буолуталаабыт историческай чахчылар туоһулууллар.
1648 сыллаахха малдьаҕардар хаһаахтарга утарсыыларыгар Тыгын аймаҕа Өйүк уонна Үөчэй диэн Хаҥалас тойотторо Пушкин бойобуода хаһаахтарын кытта бииргэ тиийэн кинилэри уҕарытыыга кыттыспыттар.
1676 сыллаахха Дьаархан тойоно Болтоһу Тимирэй өрө туруутугар Нам тойоно Нохто Ньыыкын кинини утары хаһаахтары кытта сүүрбэ киһилээх сэбилэниилээх этэрээти, 40 аты, үс куйаҕы биэрэн ыытар.
1693 сыллаахха өр бэриммэккэ олорбут Индигиир ламуттарын утары эмиэ хаһаахтары кытта Маһары, Бороҕон тойоно Хапчын уола Чуука бэйэлэрин дьоннорунаан барсаннар ламуттары утары киирсиигэ кытталлар уонна тылларыгар киллэрэн бэринэргэ күһэйэллэр.
Бу быстарык, быһымах быһылааннардаах тыҥааһыннаах уустук кэмҥэ олорон ааспыт өбүгэлэрбит иэдээннэрин быһаарар биир сүрүн төрүөтү этиэххэ сөп. Ол нуучча хаһаахтара Саха сирин Тыгын тойон Улуу Или, билиҥҥинэн государственноһы, тэрийэр санаанан араас ньыманы туттан, ол иһигэр күүһүнэн дьарыйары, ардыгар үҥүүнү-батаһы туттары даҕаны кэрэйбэккэ, атын улуустары барыларын бииргэ түмэр күүһэ-күдэҕэ ситэ илик кэмигэр булбуттара буолар. Тус-туһунан ыһыллан олорор аҕа уустарын буорах саалаах аҕыйах да киһи оччотооҕу кэм сиэринэн бэриннэрэрэ уустуга суох дьыала этэ. Оттон Тыгын кэмигэр бэйэ-бэйэлэрин кытта иирсэ, кыргыһа олорбут, кыайан түмүллэ илик улахан уустар ис иирсээннэрин быһаарсалларыгар төттөрүтүн хаһаахтары бэйэлэрин диэки тарда сатыыр түбэлтэлэрэ тахсыталыыр эбит. Ордук бороҕоттор, намнар хаҥаластары кытта атааннаһыыларыгар оннук түгэннэр көстөллөр. Хаһаахтар ону таба туһанан, улахан уустар тойотторун бэйэ-бэйэлэригэр киксиһиннэрэн, утарыта туруортаан, өрө туруу көрдүгэнин, бастаанньалары олохтоохтору бэйэлэрин көмөлөһүннэрэн саба баттыыллара. Ол эрээри дьон улаҕалаах өйдөөхтөрө, эр сүрэхтээхтэрэ оччолорго даҕаны бааллара. Күүс, сэп-сэбиргэл өттүнэн быдан баһыйтарар тэҥэ суох балаһыанньатыгар киирсии, ол киирэн аҥаардастыы кыргыллыы көстөн турар алдьархайын өйдүүр дьон өттө көдьүүһэ суох хаан тохтуутун бохсор инниттэн дьоннорун-сэргэлэрин өлүү-сүтүү үксүү илигинэ өйдөтө-тохтото сатаан бэринэргэ ыҥыран тыл-өс эппит, бопсо-хаайса сатаабыт түбэлтэлэрэ даҕаны баар буоллахтара. Оннук өйүнэн-санаанан салайтаран Өйүк уонна Үөчэй аймахтарын малдьаҕардары буойа-бопсо сатаабыт буолуохтаахтар. Эмиэ оннук сыалы тутуһан Маһары Чуукалыын Индигиир олохтоохторун өйдөтөн тылларыгар киллэрдэхтэрэ. Улахан уустар тойотторо Лөгөй, Мымах билиҥҥи кэм кэрдиитин үрдүттэн көрүүгэ түмсүүлээх утарсыылар кэмнэригэр туора турар, туорайдаһар түбэлтэлэрэ таҥнаран биэрии курдук көстүбүтүн иһин, оччотооҕу уустук, халбархай кэмҥэ сөптөөх быһаарыныы быһыытынан билиниллиэн сөп. Дьиҥинэн, оччотооҕуга бу тоҕоостоох политика этэ. Сэп-сэбиргэл күүһүнэн тугу да ситиһэр кыах суох кэмигэр ньуолбар сыһыаны тутуһан, нуучча судаарыстыбатын билинэн, кини үрдүкү салалтатын көмөтүнэн олохтоох быһыыны-майгыны көннөрөр, омугу араҥаччылыыр суолу-ииһи тобулар өй-санаа бас-көс дьоҥҥо киирбит буолуохтаах. Олох-дьаһах ыараан, быһыы-майгы уларыйан истэҕин аайы Лөгөй курдук дьон тыла-өһө, дьайыыта табыгастааҕа өйдөнөн, сыыйа норуот өйүгэр-санаатыгар олохсуйан, кэлиҥҥи көлүөнэ дьон ол сөптөөх суолу тутуһан салгыы сайыннарбыттара биллэр. Оннук дьонтон биирдэстэринэн Маһары буолар. Кини өһү-сааһы ситиһэ барбакка, бойобуода былааһын билинэн күүс-көмө буолан, бииринэн, нуучча тойотторун, хаһаахтар харахтарыгар быраҕыллан, иккиһинэн, дьонун-сэргэтин быстах-быһымах быһыылартан араҥаччылаан, этэргэ дылы, икки куобаҕы өлөрөн, Хаҥалас улууһугар биллэр-көстөр бас-көс киһилэрэ буолар.
1669 сыллаахха улахан уустар баһылыктарын тэрээһининэн дьаһаах төлөөччүлэр ааттарыттан 110 киһи илии баттааһыннаах Алексей Михайлович ыраахтааҕы аатыгар көрдөһүү сурук ыыталлар. Онно киис быста эстибитинэн сибээстээн, дьаһаах төлөбүрэ олус ыараабытын этэн тураннар, сахалар киниэхэ бэйэлэрэ тиийэн көрсүһэллэригэр, быһаарсалларыгар көҥүл көрдөөн суруйаллар. Бу саха олоҕун оҥостуутугар, омугу эстииттэн-быстыыттан быыһыыр суолу тобулууга саамай сөптөөх быһаарыныы этэ. Ыраахтааҕы ыйааҕа суох Саха сиригэр хайдах даҕаны түптээх олоҕу төрүттүүр кыах, суут-сокуон суоҕа. Сурукка илии баттаабыттар ортолоругар Маһары эмиэ баара.
Көрдөһүүлэрэ син таах хаалбатаҕа. 1676 сыллаахха ыраахтааҕы ыйааҕын быһыытынан Маһары, Нам тойоно Нохто Ньыыкын, Мэҥэттэн Тирэх Өрсүкээйэп буоланнар от ыйыгар Москваҕа айаннаан, ол сыл кыһыныгар тиийэллэр. Ахсынньы 25 күнүгэр кинилэри ыраахтааҕы Федор Алексеевич көрсөр. Сахалар ыраахтааҕыттан, бастатан туран, саамай ыарыылаах боппуруостарын – бойобуодалар уонна дьаһааҕы хомуйааччы хаһаахтар үүнэ-тэһиинэ суох барыыларын бопсор дьаһалы ыларыгар, өлөрүүттэн ураты кыра дьыаланы (биэс солкуобайга диэри) быһаарыыны олохтоох тойотторго бэйэлэригэр биэрэллэригэр көрдөһөллөр. Иккиһинэн, дьаһааҕы хомуйааччы дьон ахсааныгар уус баһылыктарын кытта киллэрэргэ уонна тойоттору дьаһаах төлөбүрүттэн босхолууру модьуйсаллар. Ыраахтааҕы, дьаһаах төлөбүрүттэн ураты, икки туруорсууларын ылынар. Онон, билиҥҥинэн эттэххэ, гражданскай дьыала суутун сахалар тойотторо бэйэлэрэ көрөр бырааптаммыттара. Ону таһынан дьаһаах хомуйааччы ахсаана саха тойотторун суотугар хаһаахтар өттүлэриттэн аччыыр. Бу оччолорго улахан ситиһии, үүнэ-тэһиинэ суох халабыртан арыый быыһаныы этэ.
1680 сыллаахха Маһары Москваҕа Бороҕонтон Чуука Хапчыынабы уонна Мэҥэттэн Чугуун Бодоойобу илдьэ иккиһин тиийэр. Бу сырыыга кини ыраахтааҕыттан кинээс сололоох төннөр, онон сахалартан маҥнайгынан кинээс солотун ылар. Аан маҥнай судаарыстыба интэриэһэ диэн өйдөбүл үөскүүр уонна онон сиэттэрэн хардарыта өйдөһүү (компромисс), бииргэ үлэлээһин төрүттэрэ түстэнэллэр. Өстөһөн туох да кэскилэ суох кыргыллан эстэн хаалар дьылҕаттан быыһаныыга Маһары таба суолу тобулан норуотугар улахан өҥөнү оҥорбута.
1768 сыл алтынньы 17 күнүнээҕи императрица Екатерина II анал ыйааҕынан Маһары хос сиэнэ Соппуруон Сыраанап Россия империятын саҥа сокуоннарын түһүмэҕин оҥорор биэс сүүстэн тахса киһилээх хамыыһыйатын чилиэнинэн бигэргэммитэ. Бу улахан суолталаах солону кини бэрт үгүс мэһэйи, бобууну-хаарчаҕы бэйэтин кыаҕынан, хорсун санаатынан туораан ситиспитэ. Соппуруон Сыраанап саха улуустарын аатыттан аҕыс суол боппуруоһу туруорсубута:
1. 1768 сыллаахха Дьокуускайдааҕы бойобуода кэнсэлээрийэтэ дьаһаах хомуурун таһынан сокуоннайа суох олохтообут эбии хомуурун кэлэр сыл төлөбүрүгэр түһэрэргэ;
2. Сахалар дьаһааҕы, анал хомуйар дьон күһэйиилэринэн буолбакка, бэйэлэрэ көҥүл өттүлэринэн төлөөһүннэрин олохтуурга;
3. Сахалар нууччалыы билбэттэрин уонна нуучча тылбаасчыттара анал билиитэ суохтарын учуоттаан, сахалары, ыар буруйтан уратыга, бойобуода кэнсэлээрийэтэ сууттуурун тохтоторго;
4. Саха тойотторугар үлэлэрин иһин сүүрбэ сыллааҕыта тохтотуллубут хамнас төлөбүрүн хат олохтуурга;
5. Сахалар Россия киин куораттарыгар айаннарын бэйэлэрэ уйунан мөккүөрдээх боппуруостары тиийэн быһаарсалларыгар көҥүлү биэрэргэ;
6. Урукку сокуонунан, дьаһаах төлүүр дьоҥҥо атын төлөбүр соҥноммотун быһыытынан, дьону таһыы эбээһинэһин атын ханнык баҕарар үлэнэн солбуйарга;
7. Иркутскай уонна Охотскай трактарын 41 дьаамнарын тутууттан сахалары босхолуурга. Ол кыаллыбат буоллаҕына, онно үлэлиир дьону дьаһаах төлөбүрүттэн босхолуурга;
8. Быыбарынан талыллыбыт улуус тойотторун уонна ыстаарыһалары дьаһаах төлөбүрүттэн босхолуурга.
Алта маҥнайгы пууну империя салалтата сөптөөҕүнэн ааҕан ылыммыта. Бу эмиэ биир улахан ситиһии этэ. Тыҥааһыннаах кэмнэргэ норуот ортотуттан бас-көс дьону кэм-кэрдии бэйэтэ таһаарар. Ол дьон соруктарын төһө ситиһиилээхтик толороллоро кинилэр тус бэйэлэриттэн тутулуктаах.
Соппуруон Сыраанап кэнниттэн сүүрбэ сыл буолан баран Бороҕон улууһун тойоно Сэһэн Ардьакыап Санкт-Петербург куоракка тиийэн, икки сылы быһа күүтэн, Екатерина II кытта көрсөн, бэйэтэ суруйбут анал «Сахалар тустарынан былаанын» дьүүлгэ туруорар. Бу былаан тоҕус пууннааҕыттан икки маҥнайгытыгар сахалар урукку уонна билиҥҥи олохторо кэпсэнэр. Сэттэтэ – сахалар олохторун хайдах гынан тупсарыахха сөбүн туһунан көрүүлэр:
1. Быыбарынан талыллар уобалас кулубатын дуоһунаһын олохтооһун. Киэҥ сиринэн тарҕанан олорор аҕа уустарын кыһалҕаларын, туруорсууларын, иирсээннэрин быһаарыыга олохтоох омуктан баһылык баара табыгастаах буолара болҕомтоҕо ылыллыахтаах.
2. Сахалыы суобас суутун олохтооһун. Дьүүллээччилэ-ринэн уобалас баһылыга уонна сууттаһар дьон улуустарын тойоно, кинээһэ буолуохтаахтар. Кинилэр дьыаланы, сокуонунан буолбакка, омук үгэһигэр, абыычайыгар олоҕуран көрөллөрө ирдэниллиэхтээх.
3. Сахаларга өрүс устун оҥочолору соһуу сэнэбиллээх ыар үлэтэ соҥнонор. Ону сыылкаҕа ыытыллар хаайыылаахтарга сүктэриллиэхтээх.
4. Иркутскайга диэри почта трагын тутууну нуучча земствотын исправниктара уонна Саха уобалаһын кулубата кыттыһан салайыахтаахтар. Ардьакыап саныырынан, дьаамнары Арассыыйа сыылынайдара уонна сүөһү уоруутугар түбэспит сахалар көрүөхтээхтэрэ, таарыччы нууччалартан сир оҥоһуутугар үөрэниэхтээхтэрэ. Кинилэр дьаһаахтарын төлөбүрүн хантан төрүттээхтэринэн аҕа уустара төлүөхтээхтэр.
5. Исправниктарынан уонна суут сэтээтэллэринэн ананар дьон Саха сирин, дьонун-сэргэтин, омук үгэһин, сиэрин-туомун, тылын-өһүн туһунан кэм туох эмэ өйдөбүллээх буолуохтаахтарын ситиһии.
6. Сахаларга анаан үөрэх тэрилтэлэрин аһары көҥүллээһин.
7. Саха дьонугар сири чааһынай бас билиигэ биэрии. Дьон тыаны солоон оҥостубут сирдэрин бэйэлэригэр букатыннаахтык сыһыарары дьаһайыы.
Сэһэн Ардьакыап туруорсубут «Былаанын» сүрүн ис хоһооно, сахалар государственнай былааска суудайыыларын курдук сыаналанан, өйөбүлү ылбатаҕа. Ол эрээри бэйэлэрин кэмнэригэр саха өйдөөхтөрө Соппуруон Сыраанап, Өлөксөй (Сэһэн) Ардьакыап сыралара таах хаалбатаҕа, күн-дьыл ааһан истэҕин аайы кинилэр туруорсуулара сыыйа олоххо киирэн испиттэрэ.
1. Сахалар дьаам сүүрдүүтүттэн босхолонон, трактар устун таһаҕаһы таһыы бэдэрээтин баһылаан барбыттара.
2. Тыаны солоон сир оҥостуммут дьоҥҥо солооһуннарын 40 сыл устата бас билэллэригэр дьаһал тахсыбыта.
3. Үөрэхтээх сахалар баар буолбуттара. Холобур, бэйэтин өйүнэн-дьоҕурунан улуус кулубатыгар тиийэ үүммүт Ньукулай Ырыкыныап суруксут, уобалас начаалынньыгар уһулуччу суолталаах дьыалаларга чиновнигынан үлэлии сылдьыбыт сахалыы тыллаах А. Я. Убаарабыскай.
4. Нуучча чиновниктарын ортотугар сахалыы саҥарар, саха олоҕун-дьаһаҕын билэр дьон баар буолуталаабыттара. Этнографтар бэлиэтээһиннэринэн, XIX үйэ бүтэһигин диэки нуучча нэһилиэнньэтин иһигэр саха тыла олус киэҥник тарҕана сылдьыбыт эбит. Оттон билигин, төттөрүтүн, бэйэбит нууччатымсыйан хааллыбыт.
5. Саха дьоно Иркутскайга чаастатык кэлэ-бара сылдьар, Сибиир нэһилиэнньэтигэр аналлаах сокуоннары ылыныыга кыттар буолбуттара. 1824 сыллаахха Бороҕон кулубата Уйбаан Мигээлкин, Хаҥалас кинээстэрэ Сэмэн Кирииллин, Ньукулай Ырыкыныап Иркутскайга тиийэн «О законах и обыкновений издревле существуемых у якутов Якутской области и округи» диэн сурук түһэрбиттэрэ кэлин бэйэни салайыныыга тирэх буолбута.
Тус бэйэ дьолун-соргутун туһугар туох оҥоһуллубатаҕа баарай, оттон уопсай дьыала иһин бары күүһүн-күдэҕин биэрэн туран бэйэтин харыстаммакка үлэлиир-хамныыр киһи хаһан баҕарар дьон-сэргэ билиниитин, махталын үөһүгэр сылдьааччы. Соппуруон Сыраанап, Сэһэн Ардьакыап оннук дьон этилэр.
Наполеон сэриитин кыайбыт, реформаторынан аатырбыт Александр I император дьаһалынан Сибиир үрдүнэн реформаны ыытыыны салайбыт Михаил Сперанскай хамыыһыйатын үлэтин түмүгүнэн 1827 сыллаахха тохсунньу 27 күнүгэр Дьокуускай уокурукка Степной Дуума тэриллибитэ.
Дуумаҕа 15 киһи үлэлиирэ. 1830 сыллаахха от ыйын 3 күнүгэр Степной Дуума сэттэ улуус мунньаҕын ыыппыта. Барыта 482 киһи кыттыбыта. Аҕа ууһун баһылыктара, нэһилиэктэр кинээстэрэ, нэһилиэктэр аайыттан биирдии итэҕэллээх киһи, улуустар кулубалара бааллара.
Степной Дуума бу мунньаҕын өйгө оҥорон көрдөххө, маннык хартыына тиллэн кэлэр.
…Инники кэккэҕэ аатырбыт-сураҕырбыт уордаах Уот Ыстаарыһын, тойон-хаан көрүҥүн киллэринэн, бастыҥ олох уот өттүгэр сото кэбиһэн, мустубут дьону-сэргэни үрдүлэринэн өрө көрөн хоноллон олорор. Кини диэтэх киһи, мунньах дьонун ахсаанын чиэппэрин хабар саамай элбэх, 122 киһилээх Илин эҥээр Боотуруускай улууһун кулубата буоларынан, сүбэ кыттыылаахтарын барыларын баһылаан-көһүлээн киллэрэн, уҥа-хаҥас өттүнэн хас да кэккэни ылан, сугулаан иһин күөнтээн кэбиспит. Хас тыл-өс иһиллиитин, сүбэ-ама этиллиитин быһаарарга куолас холбооһунугар хотуулаах өттө кини диэки буолуох этэ буоллаҕа.
Бары тыыммат кэриэтэ иһийэн олорон, устар ууну сомоҕолуур уус тыллаах уһунньута, Пиэрибэй Малдьаҕар бастыҥ кинээһэ Ньукулай Ырыкыныап суруксут уоттаах-төлөннөөх этиитин истэллэр.
– Күн ыраахтааҕыбыт Ньукулай Пиэрибэй Арассыыйа эбэ хотун бөрүстүөлүн үрдүк мындаатыгар олорбута бэлиэр хаһыс да сылыгар барда. Кини иннинэ олорбут Өлөксөөндүр Пиэрибэй саҕана биһиги, сахалар, олохпутун-дьаһахпытын куһаҕана суох оҥостон испиппит баара. «Сибиир омуктарын устааба» биһиги аҕаларбыт, эһэлэрбит төрүт үгэстэрин болҕомтоҕо ылан, бэйэлээх бэйэбит баҕабыт хоту Степной Дуума диэн Улуу Сүбэни тэринэргэ көҥүл ыламмыт бу бүгүн манна кэлэн мустан олоробут. Бэйэбитин көрүнэр-дьаһанар өттүгэр, кыра да соҕус буоллар, син ситиһиилэр баалларын билэбит. Түүлээҕинэн, этинэн-аһынан эргинэр бырааптаммыппыт, таһаҕаһы бэдэрээтинэн таһарга ылсыһан дьарыктаммыппыт хас да сыл буолла. Ити барыта урукку ыраахтааҕы саҕана этэ, оттон билигин мантан инньэ саҥа ыраахтааҕыбыт биһигини хайдах тутан-хабан киирэн барара биллибэт. Онон саҥа ыраахтааҕыбытын кытта хайаан даҕаны бэйэбит тиийэн сирэй көрсөн кэпсэттэхпитинэ эрэ сатаныах курдук буолла. Өскөтүн Ньукулай Пиэрибэй биһиги урукку ситиһиибитин сарбыйбакка оннунан хааллардаҕына үчүгэй. Ол эрэ буолуо дуо? Эрэйбит, кыһалҕабыт быһаарылла илигэ билигин даҕаны элбэх. Бары билэҕит, сууппут-сокуоммут хайдах үлэлиирин. Ханнык баҕарар кыра торҕон чунуобунньук, сиэмистибэттэн буоллун, балыыссыйаттан буоллун, биһигини талбытынан тутар-хабар, сууттуур кыахтаах. Онон ханнык баҕарар дьыала биһиги бэйэбит нэһилиэкпит иһигэр, быраабабыт дьиэтигэр көрүллүбэккэ эрэ үөһэ тахсыа суохтаах. Аны туран нуучча суутугар олохтоохтору көрөллөрүгэр хайаан да Степной Дууматтан биир эмэ киһи кыттара наадалаах!
Ырыкыныап илиитигэр Дуумаҕа дьүүллэһиллиэхтээх боппуруостар испииһэктэрин тутан турара. Онно маҥнайгынан хааһына суотугар Саха сирин олохтоохторугар училище аһылларын туһунан туруорсуу баара…
Сэттэ улуус мунньаҕын быһаарыытынан, Киргиэлэй (Уот) Ыстаарыһыны кытта Ырыкыныап суруксут уонна Киллэм нэһилиэгиттэн Дьөгүөр Татаарынап тылбаасчытынан ыраахтааҕыны кытта көрсүһэ барар буолбуттара. Ол эрээри Уот Ыстаарыһын, түөрт уончатыттан эрэ тахсыбыт муус доруобай киһи, туга-ханныга чуолкай биллибэккэ эмискэ өлөн, бу дьыала олоххо киирбэккэ хаалбыта.
Степной Дуума уон биир сыл устата үлэлээбитин кэннэ 1838 сыллаахха сэтинньи 22 күнүгэр Иркутскай генерал-губернаторын дьаһалынан сокуоннайа суох тэриллибитинэн ааҕыллан, үлэтин букатыннаахтык тохтоппута. Төрүөтэ биллэр, Дуума кимтэн да тутулуга суох дьорҕооттук үлэлээн киирэн барыыта, ыраахтааҕы администрацията, полицията сахалар ис дьыалаларыгар булкуһар кыаҕыттан тахсыыта губернаторы дьиксиннэрбитэ чуолкай. Ол да буоллар онно олохтоммут бэйэни салайыныы ньымата, «Устаап» нуормалара 1917 сылга диэри туһаныллан кэлбиттэрэ…
Михаил Ефимович урукку дьыллар охсуһуулаах уорҕаларын, оччотооҕу быһыыны-майгыны куруук илдьиритэн, анааран көрөн, кэлиҥҥи кэмҥэ тэҥнии тутан толкуйдуурун сөбүлүүр. Саха олоҕун тупсарыыга маҥнай омук бас-көс тойотторо турууласпыт буоллахтарына, кэлиҥҥи үйэлэргэ сыыйа бэйэ иһиттэн үөрэхтээхтэр үүнэннэр норуоттарын туһун саныыр, кэлэр кэскили кэриҥниир саҥа араҥа үөскээбитэ.
* * *
Сахалар үөрэххэ сыстыылара Саха сиригэр христианство итэҕэлин киллэриини кытта ситимнээх. ХVIII үйэ ортотуттан ыла сахалары сүрэхтээһин (крещение) саҕаланар, онтон сүүстэн тахса сыл буолан баран, ХIХ үйэ 70-с сылларыттан ыла, ыраахтааҕы былааһа «туземецтарга» анаан оскуолалары аһарга быһаарынар. Хаһаахтар оҕолоругар аналлаах оскуолалартан ураты, церковнай-приходской үөрэхтээһин саҕаланар. Хас да улууска оскуолалар аһыллаллар. 1889 сыллаахха оскуола ахсаана 52-гэ тиийэр, онно 828 оҕо үөрэнэриттэн 368-һа эрэ саха этэ.
Ыраахтааҕы чиновниктарыттан сахалар губернатор И.И.Крафт аатын саамай үрдүктүк туталлар. Кини алта сыл салайбытын устатыгар сэттэ начальнай училищены, Өлүөнэ трагын эҥээр 26 оскуоланы астарбыта. Ону таһынан И. Крафт дьаһалынан Казань, Петербург, Москва университеттарыгар, институттарыгар үөрэнэр уонтан тахса Саха сирин устудьуонугар стипендия анаммыта. Эмиэ кини көҕүлээһининэн музей уонна библиотека дьиэлэрин тутууга үп хомуллуутугар бэйэтэ 1500 солкуобайы сиэртибэлээбитэ. Ыраахтааҕы администрацията Саха сиригэр ыыппыт «культурнай политиката» төһө да дуона суоҕун иһин, ХIХ үйэ иккис аҥаарыгар саха норуотун сайдыытыгар ураты хоннохтоох хардыы оҥоһуллубута бэлиэтэниэхтээх. Чэ, баҕар, университеты, институту бүтэрбит саха ахсаана аҕыйах даҕаны буоллун, ол гынан баран кинилэр омуктарыгар төһөлөөх үтүөнү оҥорбуттарын санаан көрүҥ. Кинилэр бэйэлээх бэйэбит испититтэн тахсыбыт эрээри, букатын ураты, үрдүк сайдыылаах дойдуларынан сылдьыбыт, таһыччы киэҥ билиилээх-көрүүлээх дьон буолаллар эбээт!
ХIХ, ХХ-с үйэлэр ыпсыыларыгар олохтоох национальнай интеллигенция үүт үрүмэтин курдук чараас араҥата үөскээбитэ.
1883 сыллаахха Иркутскай түрмэтигэр саха биир бастакы үөрэхтээҕэ, маҥнайгы учуонайа, естественнэй наукаларга кандидат Константин Неустроев баара-суоҕа 25 сааһыгар ытыллан өлбүтэ. Бу чаҕылхай талааннаах, үөрэхтээх киһи революционнай өйдөөх-санаалаах хаайыылаахтары кытта кистэлэҥ суруйсууга уорбаланан хаайыллыбыта. Саҥардыы ситэн-хотон, сириэдийэн эрдэҕинэ, норуотугар туһалыыр кыах биэрбэккэ, олус эрдэ тыынын быспыттара.
Константин Неустроевтан аҕыс сыл балыс (1866 с.) Василий Никифоров, норуотун бары кыһалҕатыгар барытыгар күүс-көмө, өй-санаа буолбут дьиҥнээх интэлигиэн, оччотооҕу саха прогрессивнай өйдөөх-санаалаах бас-көс уонна үөрэхтээх дьонун лидердэрэ, патриот, киһи киэнэ кэрэмэһэ, омугун туһугар чаҕылхай олоҕу олорон ааспыта. Саха үөрэхтээхтэрэ барылара даҕаны сурукка-бичиккэ аан бастаан полит-сыылынайдартан үөрэммиттэрэ барыбытыгар биллэр суол. Василий Никифоровка быһаччы сабыдыаллаабыт дьонунан Константин Неустроев уонна кини Петербурдааҕы университекка бииргэ үөрэммит табаарыһа, университет кистэлэҥ куруһуогун сорудаҕынан үөрэх миниистирин Сабуровы дьон ортотугар сирэйгэ биэрэн саакка ыыппытын буруйугар Саха сиригэр сыылкаҕа ыытыллыбыт Папий Павлович Подбельскай буолаллар. Сыл кэнниттэн Иркутскайга кини холобурун Неустроев хатылаан ытылларга ууруллубут. Доҕордуулар биир дьыалаҕа түбэспиттэр эрээри, бириигэбэрдэрэ тус-туһунан буолбута. Ону билигин хайдах баҕарар тойоннуохха сөп.
Папий Подбельскай Саха сиригэр кэлэн үгүс саха ыччатын, ол иһигэр Василий Никифоровы, сурукка-бичиккэ эрэ буолбакка, уопсастыба, политика уонна экономика боппуруостарыгар кытта үөрэппит улахан өҥөлөөх киһи. Кини Дьокуускайга киирэ сылдьан Романовкатааҕы ытыалаһыыга түбэһэн хомолтолоохтук өлбүт. Сүүрбэһис сыллардаахха В.Никифоров Москваҕа бара сылдьан Подбельскай огдооботун уонна уолун көрсүтэлээбит. Подбельскай уола почта уонна телеграф наркомунан үлэлии олорор кэмигэр киниэхэ сылдьан кэпсэппит.
1890 сыллаахха В.В.Никифоров Дүпсүн улууһун кулубатынан талыллан, саҥа оскуолалары аһыынан үлүһүйэн үлэлиир. Таҥара үлэһиттэрин көрдөһүүлэринэн бырабыыталыстыба сената кинини церковнай-приходской оскуолалар бочуоттаах попечителлэринэн бигэргэтэр. Синод киниэхэ Библияны бэлэх туттарар. В.Никифоров көҕүлээһининэн Көмөлтө сэбиэтэ диэн оскуолаларга үбүнэн көмөлөһөр бөлөх тэриллэн үлэлиир. 1895 сыллаахха үөрэхтээһин иһин үрүҥ көмүс мэтээлинэн наҕараадаланар. Кэлин Үөрэхтээһин уопсастыбатын тэрийээччилэрин ахсааннарыгар киирсэн, тыа оскуолаларын учууталларын бэлэмниир учительскай семинарияны арыйыыга үгүс сыратын аныыр. Семинарияҕа нуучча тылын бастакы учууталынан кэлин саха алфавитын ааптара буолбут С.А.Новгородов үлэлиир. Киниэхэ Василий Никифоров Петербурдааҕы университекка киирэригэр стипендия анаан улахан көмөнү оҥорбуттаах. Оччотооҕу интеллигенция, киһи сөҕүөн, ордук саныан курдук, түмсүүлээхтэрэ, бэйэ-бэйэлэрин өйөһөллөрө.
1898 сыллаахха В.Никифоров көҕүлээһининэн ааҕар библиотека, онтон сыл буолаат тыа хаһаайыстыбатын уопсастыбата тэриллэр. Соруга диэн үөрэхтээһин уонна сахалыы сир үлэтигэр туттуллар сэбинэн-сэбиргэлинэн хааччыйыы, агрономия төрүттэригэр үөрэтии. Бу уопсастыба уонча сыл устата улахан көдьүүстээхтик үлэлээбитэ.
В. В. Никифоров 1905–1907 сылларга, өрөбөлүүссүйэ кэмигэр, ордук тахсыылаахтык үлэлээбитэ. Сибииргэ бэйэни салайыныы туһунан дьаһал тахсыбытыгар көмөлөһөөччүлэринээн бэйэлэрэ Саха сиригэр земствоны киллэрии бырайыагын оҥорбуттара. Онно сири барытын сахалар бас билиилэригэр биэрэри уонна Дуумаҕа сахаттан бэрэстэбиитэл баар буоларын модьуйсууну губернатор олох сөбүлээбэтэҕэ. 1905 сыллаахха алтынньыга ыраахтааҕы норуокка сымнатыы оҥорорго күһэллибитэ. Нэһилиэнньэҕэ гражданскай көҥүл төрүттэрин олохтуур аатырбыт-сураҕырбыт Манифеһа тахсыбыта. Киһи күөмчүлэммэт, саныыр санаатын көҥүл этэр-тыынар, араас мунньахтар, сойуустар тэриллиилэрэ хааччахтаммат буолбута. Оруобуна бу кэмҥэ земство боппуруостарыгар бары улуустартан мустубут бэрэстэбиитэллэр мунньахтара буолбута.
В.Никифоров салайар тыа хаһаайыстыбатын уопсастыбата атын уопсастыбалары кытта бииргэ тэрээһин мунньаҕы (учредительное собрание) ыҥырыы туһунан модьуйсубуттара. Еврейдэр, инородецтар, иновердар тустарынан сэнэбиллээх, баттыгастаах сокуоннары суох оҥорорго туруорсубуттара. Дьокуускай ол күннэргэ, быһыты тоҕо аспыт халаан уутун курдук, өрө оргуйан олороро. Араас миитиннэр, собостуопкалар, учууталлар, атыыһыттар, үөрэнээччилэр, оспуоччуктар, бирикээсчиктэр сойуустара үрүт-үрдүгэр тэриллибиттэрэ. Сыылынайдар уонна кинилэри өйөөбүт Василий Никифоров баһылыктаах сахалар куорат Дууматын ыларга холонон көрбүттэрэ табыллыбатаҕа.
Сахалар сойуустара үрэллибитин кэннэ В.Никифоров хаайылла сытан Манчаары туһунан пьеса суруйар. Норуот геройунан сүрэҕэр-быарыгар мунньуллубут туох баар кыһыытын-абатын, сойууһа ыһыллыбытын, доҕотторо-атастара түһэн биэрбиттэрин, былааһы утары туруулаһыыга соҕотох хаалбытын суланан-суҥхаран этитэр. Пьеса былаһын тухары норуот туһугар охсуһуу идеятынан өрө күүрүү тэҥэ дьон-сэргэ биир санааҕа кыайан түмүллүбэтиттэн хомойуу, хоргутуу күүстээхтик бэриллэр. Бастаан утаа самодеятельнай куруһуоктарга пьеса сахалыы оонньонорун цензура көҥүллээбэтэҕэ. Ол иһин Пекарскай көмөтүнэн айымньы кырыытын-кылаанын нарылыы түһэн баран нууччалыы тылынан эрэ оонньоноро көҥүллэммитэ. Саха көрөөччүлэригэр балай да өр кэм ааспытын кэннэ көҥүллэнэн, улахан сөҕүүнү, биһирэбили ылбыта.
В.Никифоров кэлин публицистиканан хото дьарыктанар, олохтоох хаһыаттарга ыстатыйалара, суруйуулара ситимин быспакка тахсаллар, бэйэтэ сурунаал тэрийэн таһааттарар. Дьокуускайдааҕы географическай уопсастыба салаатын үлэтигэр кыттар, Кыһыл Кириэскэ үбү сиэртибэлээһини көҕүлээччи быһыытынан ылсан үлэлиир.
1917 сыллаахха олунньутааҕы өрөбөлүүссүйэ кэмигэр былаас Дьокуускайга Г.Д.Петровскай баһылыктаах сыылынайдар илиилэригэр киирбитэ. Кулун тутар саҥатыгар куоракка В.Никифоров бэрэссэдээтэллээх сахалар мунньахтара буолбута. Мунньах кыттыылаахтара ыраахтааҕы уһуллубутунан эҕэрдэлээн Петроградка телеграмма ыыппыттара.
Саха интеллигенциятын үгүс өттө олунньутааҕы өрөбөлүүссүйэни үөрэ-көтө, элбэҕи эрэнэ көрсүбүт буоллахтарына, өктөөбүрдээҕи сабыытыйаларга сыһыаннара араас этэ. 1917 сыл от ыйын ортотугар Саха сирин үрдүнэн земство, ол аата бэйэни салайыныы былааһа, киирбитэ. Өктөөп өрөбөлүүссүйэтэ В.Никифоровы уонна кини биир санаалаахтарын уйулҕаларын хамнаппыта. Сэтинньигэ уопсастыбаҕа Куттал суох буолуутун кэмитиэтин, куораттааҕы Дуума, байыаннайдар уонна бааһынайдар депутаттарын Сэбиэтин, В.Никифоров баһылыктаах Саха национальнай кэмитиэтин холбоһуктаах мунньахтара ыытыллыбыта. Түмсүүлээх мунньахха Сэбиэскэй Арассыыйа үлэлээн иитиллээччилэрин бырабыыталыстыбатын билиммэт туһунан уураах ылыммыттара. Социалистическай өрөбөлүүссүйэни ылыммат, олунньутааҕы өрөбөлүүссүйэни көмүскүүр кэмитиэт тэриллэр. Бассабыыктар салайааччыларын Олейниковы, Эренбуру, Андреевиһы, саха хара үлэһиттэрин сойууһун бэрэссэдээтэлин М.К.Аммосовы тутан хаайталыыллар.
Кэлин ыытыллыбыт олохтоох бэйэни салайыныы мунньахтарыгар бассабыыктары, Сэбиэт былааһын норуот өйөөбөтө көстүбүтэ. Маннык быһыыга-майгыга, 1918 сыллаахха тохсунньу 20 күнүгэр, Саха уобалаһынааҕы земство мунньаҕа үлэтин саҕалаабыта. Мунньахха баһылыыр-көһүлүүр оруолу федералистар ылбыттара. В.Никифоров земство салалтатын бэрэссэдээтэлинэн талыллар, ол эбэтэр Саха сирин ситэриилээх былааһын салайааччытынан буолбута. Кини бассабыыктар былааһы кииннээһиннэрин дьүүлгэ туруорарга эппитэ. Петроград Саха уобалаһын салайыыга орооһорун утарбыта. Саха сиригэр уобаластааҕы земство уонна национальнай кэмитиэт бэрэстэбиитэллэрин холбоһуктаах былаастара салайыахтааҕа.
Олунньу 5 күнүттэн В.Никифоров уобаластааҕы земство салалтатын бэрэссэдээтэлин дуоһунаһыгар киирэн үлэлээбитинэн барбыта. Толору сыл аҥаара буолбакка, от ыйыгар, Саха сиригэр сэбиэскэй былаас соҕурууттан кэлбит этэрээт саатын-сэбин күүһүнэн олохтоммута. Земство, бэйэни салайыныы идеята самнарыллыбыта, ол эрээри оччотооҕу өй-санаа мөккүөрэ бүгүҥҥү биһиги кэммитигэр олоххо киирбитэ.
В.Никифоров политическай олохтон туоратыллыбыта. 1922 сыллаахха Бурятияҕа үлэлиир, нөҥүө сылыгар Саха республикатын салалтатын көрдөһүүтүнэн Москваҕа кыраай ситиһиилэрин быыстапкатын тэрийэн ыытар. Ол кэнниттэн ССРС салалтатын иһинээҕи Саха бэрэстэбиитэлистибэтигэр үлэлиир. 1925–1926 сылларга М.К.Аммосов көҕүлээһининэн тэриллэн Саха сиригэр үлэлээбит ССРС НА хамыыһыйатыгар киирсэн, демография боппуруоһун чинчийиигэ үлэлиир. Эһиилигэр промысловай кооперация программатын оҥорууга үлэлии сылдьан тутуллан хаайыллыбыта. ОГПУ эрдэттэн буруйдааһыныгар түбэһэн, хаайыы балыыһатын куойкатыгар өлбүтэ. Хайдахтаах курдук улахан өйдөөх, уҕараабат эрчимнээх тэрийээччи, төлөннөөх патриот киһи олорон, үлэлээн-хамнаан ааспытын норуотугар билиннэрбэккэ умуннаран сылдьыбыттарын киһи билигин бэркиһии эрэ саныыр. Олох уларыйбатаҕа, өй-санаа уһуктубатаҕа буоллар, өссө төһө өр умнууга сылдьыа биллибэт этэ.
Гавриил Васильевич Ксенофонтов 1888 сыллаахха төрөөбүтэ. Кини В. В.Никифоровтан 22 сыл балыс этэ. Төрөппүттэрэ, улахан уоллара Гавриилтан ураты, өссө биэс уоллаахтара, үс кыыстаахтара. Тыа начаалынай оскуолатын кэнниттэн Дьокуускайдааҕы реальнай училищены бүтэрбитэ. Онтон Томскайдааҕы университет юридическай факультетыгар, Иркутскайдааҕы университекка үөрэммитэ. Томскайдааҕы университеты бүтэрэн баран, 1912–1917 сылларга Дьокуускай адвокатуратыгар үлэлиир. Оччотооҕу дьон өйүгэр-санаатыгар иҥэн хаалбытынан, кини суут дьыалатын олус өйдөөхтүк, эппиэтинэстээхтик ыытар эбит. Дьоҥҥо үтүө санаатынан, уус тыллаах араатарынан биллэрэ.
Маҥнайгы аан дойду сэриитэ саҕаланыаҕыттан общественнай уонна политическай үлэнэн дьарыктанан барар. Сахалары аармыйаҕа хомууру тохтотторбут үтүөлээҕэ биллэр. Сэриигэ бааһырбыттарга уонна өлбүттээхтэр дьиэ кэргэттэригэр сиэртибэ хомуйуутун хампаанньата саҕаламмытыгар Г.Ксенофонтов Россия Кыһыл Кириэс уопсастыбатын Дьокуускайдааҕы салаатын салайбыта. Оттон ол уопсастыба олохтоох омуктарын салаатын В.Никифоров салайара. Онон кырдьаҕастаах эдэр икки политик, бу кэмҥэ көрсөн, бэйэ-бэйэлэрин өйдөһөн, биир идейнэй өйгө-санааҕа кэлбиттэрэ чуолкай.
Олунньутааҕы өрөбөлүүссүйэ саха интеллигенциятын инники күөҥҥэ үтүрүйэн таһаарыыта – олох ирдэбилэ. Саха үөрэхтээхтэрэ олус аҕыйах буоланнар хас биирдиилэригэр элбэх эбээһинэс сүктэриллибитэ.
Г. В.Ксенофонтов, Саха сиринээҕи уопсастыбаҕа куттал
суох буолуутун кэмитиэтин чилиэнэ, Дьокуускайдааҕы уокурук суутун хамыһаара, олохтоох бааһынайдар хамыыһыйаларын салайан, саха омук култууратын тилиннэрии программатын оҥорор. 1917 сыллаахха кулун тутарга саха уонна нуучча бааһынайдарын холбоһуктаах съезтэрэ ыытыллар. Манна «Көҥүл» диэн саха интеллигенциятын түмэр федералистар холбоһуктара тэриллэр. Бу холбоһукка 400-тэн тахса саха бастыҥ интэлигиэнэ киирбитэ. Г.Ксенофонтов «Көҥүл» холбоһук салалтатын чилиэнинэн буолбута. Программаларын сүрүн ис хоһооно, сыала-соруга: омуктар бэйэлэрин дьаһанар, судаарыстыбаннастаах, бас билиилээх буолар бырааптарын билинэр, араас национальностар холбоһуктаах государстволарын федерацията. Федералистар Сибиир киэҥ, толору бырааптаах, Сибиир Дууматынан салаллар туһунан автономия буоларын модьуйсаллара. Г.Ксенофонтов Бүтүн Сибиир уонна Саха сирин икки ардыларыгар былааһы тыырсыы үлэтигэр этиилэри киллэриигэ көхтөөх кыттыыны ылар. Федералистар Бүтүн Россиятааҕы Учредительнай мунньах ыҥырылларыгар эрэллэрин сүтэрбэттэр. Онно депутакка кандидатынан Г.Ксенофонтовы аныыллар. Ону таһынан кини 1917 сыл иккис аҥаарыгар куорат Дууматын салайар. Бу кэмҥэ, бассабыыктар Саха сириттэн барбыттарын кэннэ, федералистар уонна эсердэр күүһүрбүттэрэ. Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин Г.Ксенофонтов эмиэ, В.Никифоров курдук, судаарыстыбаннай переворот быһыытынан сыаналаабыта.
1917 сыллаахха ахсынньыга Томскайга суһал ыҥырыылаах Бүтүн Сибиирдээҕи съезд аһыллан Өктөөп өрөбөлүүссүйэтигэр эмиэ мөлтөх сыанабылы биэрбитэ. Бу съезкэ Саха сириттэн кыттыахтаах Г.Ксенофонтов, Бүтүн Россиятааҕы Учредительнай мунньахха депутат мандатын иһин киирсэ сылдьар кэмэ буолан, сылдьыбатаҕа. Ол оннугар быыбарга кыайан, мандат ылар чиэскэ тиксибитэ. 1918 сыллаахха тохсунньуга съезд быһаарыытынан Сибиири Сэбиэскэй Россияттан тутулуга суоҕунан билиниэхтээх Сибиирдээҕи парламент ыҥырыллыахтаах этэ. Ону баара тохсунньу 26 күнүгэр ыҥырыллыбыт Арҕаа Сибиирдээҕи Сэбиэттэр съезтэрэ бэйэтин дьаһалынан Сибиир Дууматын ыһан кэбиспитэ. Дьону хаайталааһын саҕаламмыта. Г.Ксенофонтов, Владивостогунан эргийэн, Сахатын сирин сайын эрэ булбута. Бу кэмҥэ Омскайга Сибиирдээҕи быстах салалта тэриллибитэ. Бу салалта Сибиирдээҕи Дуума ыытар үлэтин-хамнаһын сөбүлээбэт этэ. Бассабыыктар кыр өстөөхтөрө Колчак Сибиир Россияттан арахсарын, автономия буоларын быһаччы утарар этэ. Инньэ гынан бассабыыктары утары эрээри, кинилэри кытта биир сыаллаах курдук буолан тахсыбыта. Оттон федералистар буоллаҕына Сибиир автономията Саха сиригэр национальнай- территориальнай автономия үөскүүрүгэр инники хардыыга тирэх буолуохтаах диэн эрэнэ саныыр этилэр. Бассабыыктар уонна Колчак национальнай-территориальнай боппуруоска биир санаалаахтарын, кинилэр Сибиир Россияттан арахсарын хаһан да өйүөхтэрэ суоҕун Г.Ксенофонтов өйдөөбүтэ уонна, уобаластарынан хайдыһыы хаһан да тахсыа суоҕун билэн, политикаттан букатыннаахтык арахсыбыта. Баҕар, ол үчүгэйгэ буолуон сөп, тоҕо диэтэххэ, түмүгэр «Урааҥхай сахалар» курдук наукаҕа дьоһуннаахай историческай пааматынньык айыллыбыта. Хомойуох иһин, үлэ иккис тома сурулла сырыттаҕына, 1938 сыллаахха саас тутуллан репрессияламмыта.
Саха маҥнайгы интеллигенциятын биир тутаах тулааһынынан сахалыы уус-уран тыл аҕата, бөлүһүөк А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй буоллаҕа. Кини 1877 сыллаахха төрөөбүтэ, 1926 сыллаахха тюркологтар маҥнайгы съезтэригэр Бакуга айаннаан иһэн аара Москваҕа өлбүтэ. Өксөкүлээх Өлөксөй ол-бу партияҕа, хамсааһыҥҥа кыттыбакка эрэ, быһыыны-майгыны тэйиччиттэн көрөн олорон сэрэтэр, сүбэ-ама тылын көтөҕөөччү ыллам ырыаһыт, сээркээн сэһэнньит быһыытынан норуотугар киэҥник биллибитэ.
1912 сыллаахха Россияҕа Романовтар династияларын 300 сылын бэлиэтээһиҥҥэ Саха сирин делегациятыгар киирсэн Кулаковскай эмиэ сылдьыбыта. Съезкэ анаан дириҥ ис хоһоонноох тыл этиигэ бэлэмнэммитэ кыайан олоххо киирбэтэҕэ. Наар ыраахтааҕыны өрө тутуу, айхаллааһын, арбааһын сүпсүлгэнин сөбүлээминэ, тыл этиэхтээҕэр буолуох, кэлин өттүгэр төрүт даҕаны сылдьыбатаҕа. Өксөкүлээх ол бэлэмнэммит тыл этиитигэр Сибиир сүүсчэкэлии, тыһыынчалыы эрэ ахсааннаах хаалбыт кыра омуктарын ааттарын ааттаталаан туран, кинилэр эстэр суолга киирэн эрэр дьылҕаларын сүрүн төрүөттэрин быһааран биэрэр. Олор ахсааннарыгар сахалары киллэрэн туран, сүрүн төрүөтүнэн Сибииргэ нуучча бааһынайдарын көһөрүү долгуна олохтоох омуктартан сирдэрин былдьааһыҥҥа тириэрдэр диэн бэлиэтиир.
Столыпин былаанын быһыытынан, Саха сиригэр икки мөлүйүөн нуучча бааһынайа көһөрүллэн кэлиэхтээҕэ, онуоха эбии саха тылдьытын ааптара Пекарскай, Россия географическай уопсастыбатыгар үлэлии олорон, сахалары Муустаах муора кытылыгар көһөртөөн баран, кинилэр оннуларыгар сиринэн сатаан дьарыктанар дьону олохтуохха диэбит сураҕа Кулаковскайы улаханнык дьиксиннэрбитэ биллэр. Ол эрээри куһаҕан үчүгэйэ суох буолбат диэбиккэ дылы, Столыпин террористар дьайыыларыгар түбэһэн уонна Маҥнайгы аан дойду сэриитэ саҕаланан, ол былаан олоххо киирбэккэ хаалбыта.
Өксөкүлээх элбэх өйү-санааны этэр, сүбэни-аманы биэрэр аакка-суолга киирбит айымньытынан, суруйуутунан «Ойуун түүлэ», «Интеллигенцияҕа сурук» буолаллар. Бу үлэлэригэр кини үөрэххэ сыстыбатах дьадаҥы дьон араҥата интеллигенция, киириилээх-тахсыылаах баай дьон көмөтө суох өрүттэр, сайдар кэскилэ суоҕун этэр. Үөрэх эрэ быыһыахтааҕын, атын омуктардыын тэҥҥэ туруулаһарга быһаарар күүс буолуохтааҕын тоһоҕолоон бэлиэтиир. Сүөһү боруодатын тупсарыы, кымыһы дэлэтии, дьадаҥы дьоҥҥо кредит биэрии сөптөөҕүн, кулаагы кылаас быһыытынан эһии сыыһатын туһунан, о. д.а. үгүс сыаналаах этиилэрэ билиҥҥи олохпутугар сөп түбэһэр. Өксөкүлээх норуота сайдыан, барҕарыан олус баҕарара уонна эрэнэрэ. Олохпут бүгүн кини баҕатын, өйүн-санаатын хоту сайдар…
Ыалдьыттар
Улуус үбүлүөйүн бырааһынньыгар кэлбит ыалдьыттар, олохтоох салалта эрдэттэн тэрийбит былаанын быһыытынан, гостиницанан, ыалларынан тарҕанан, үс-түөрт хонук устата олорор сирдэрин буллулар.
Эдэригэр уһук хоту оройуоттарга, ол иһигэр Эдьигээҥҥэ «Коммунизм уоттара» хаһыакка уһуннук корреспонденынан үлэлээбит, билигин сынньалаҥҥа олорор Дьөгүөр Маппыайабыс Бологуурап бөһүөлэк ыала бырааһынньыгынан сибээстээн туран биэрбит дьиэтигэр иккиэ буолан түстүлэр. Бииргэ олорооччута, уруккута Эдьигээн райпотугар биэс сыл үлэлии сылдьыбыт эргиэн үлэһитэ Бөтүрүөп Сэмэн Ыстапаанабыс, Сэрэх Сэмэн диэн хос аатынан биллэр биэнсийэлээх киһи, эмиэ Дьөгүөр курдук, тэрилтэтин үбүлүөйүгэр ыҥырыылаах ыалдьыт быһыытынан кэлбит. Икки орону таһынан өссө раскладушка уонна утуйар таҥас бэлэмнэммитинэн сылыктаатахха, үһүс киһи кэлиэхтээх эбит быһыылаах.
Ыалдьыттар, айантан сылаарҕаабыт дьон быһыытынан, тас таҥастарын көҕүрэтинэн, сынньанардыы оронноругар тиэрэ түһэн сытынан кэбистилэр.
– Киэһээ ханна аһаталлара эбитэ буоллаа? – Сэмэн Ыстапаанабыс, сааһырбыт киһи сиэринэн кыыкынаан, хотулардыы унаарыччы тардан саҥарар симик куолаһа иһилиннэ.
– Остолобуойга кэлээриҥ диэбиттэрэ, – Дьөгүөр тэрийэр хамыыһыйа чилиэннэриттэн эрдэттэн хааччыйа ыйытан билбитин дьукааҕар быһаара охсон биэрдэ. – Киэһэ алтаттан сэттэҕэ диэри болдьоммут кэми аһарыа суохтаах үһүбүт.
– Ээ, туохтан тутуллан аһарыахпыт буоллаҕаай, аска баҕас туочунай бөҕөө буоллахпыт дии.
Ыалдьыттар, 70-нус сыллар бүтүүлэрэ биир кэмҥэ түбэсиһэн үлэлии сылдьыбыт дьон, Эдьигээн оччотооҕу олоҕун, дьонун-сэргэтин туһунан уопсай өйдөбүллэрин ахтыһан, балай да өр кэпсэтэ сыттылар.
– Дойдубут барахсаны көрбөтөх даҕаны ыраатта, отуччаны эрэ кыайбат сыл аастаҕа дии. Балай да уларыйбыт, улааппыт.
– Этимэ даҕаныы, сүрдээҕин кэҥээбит. Урут бу иккилии этээстээх уопсайдар суохтараа, билигин сыалай кваарталлар баар буолбуттар, сайдан истэҕэ дии. Күн-дьыл даҕаны ааһара түргээн.
– Дьоно-сэргэтэ даҕаны уларыйдаҕа. Доҕоор, бу санаан көрдөххө, былыр да, кэнники даҕаны улахан дьон төрөөбүт-үөскээбит дойдулара эбит ээ бу Эдьигээн, – Бологуурап, кэтэх тардыста сытан, туох эрэ ырааҕы саныырдыы, дьиэ үрдүн одуулаһар. – Шемяков Николай Васильевич – ССРС Верховнай Сэбиэтин икки төгүллээх депутата, Кычкин Иннокентий Гаврильевич – аатырбыт учуутал, президент Николаев, Роман, Гаврил Дмитриевтэр, Хомус Уйбаан…
– Хайыы, доор, оттон олох былыыр Убаарыскайыҥ сыттаҕа дии, сахалыы маҥнайгы ахтыы уус-уран айымньыны суруйбут киһии, – Сэмэн Ыстапаанабыс холку бэйэлээхтик тииһин быыһынан сыыйда.
– Кырдьык даҕаны, эмиэ биир ураты киһи. Сахалары чахчы ис сүрэҕиттэн сөбүлүүр киһи эбит.
– Хайыы, оттон сахалар оттолоругар үөскээбит киһи буоллаҕа дии.
– Билиҥҥи Үт сахаларыгар айанын, сирдэрин-уоттарын үчүгэйдик көрдөрөн суруйар буолбат дуо?
– Этимии даҕаны.
Эмискэ ааны тоҥсуйан тобугураттылар.
– Оок, үһүс дьукаахпытын аҕаллылар быһыылаах, – Бологуурап, соһуйбуттуу саҥа аллайаат, аантан чугас сытар киһи быһыытынан, оронугар олоро түһэн, атаҕын таҥаһын кэтэн хачыгырайда. Тиийэн ааны аһан биэрбитигэр, дьиэ хаһаайката биир эдэр киһини батыһыннаран киирдэ.
– Бу үһүс квартираҥҥытын аҕаллым. Дьэ, эдэр киһи, манан раскладушкаҕа сытыаҥ буоллаҕа дии, таҥаһыҥ бу баар.
– Дорооболоруҥ, Куодайыысап диэммин, – хатыҥыр, үрдүк уҥуохтаах, бэрбээкэйигэр диэри унньулуйбут уһун хара сонноох, бартыбыаллаах эдэрчи киһи, эрчимнээхтик хамсанан, оҕонньоттору кытта илии тутуста.
Хаһаайка, намыһах суон дьахтар, Бологуурабы куукунаҕа ыҥыран киллэрэн, ыскааптарын арыйталаан чэйдииллэригэр аналлаах иһити-хомуоһу, холодильнигын аһан, икки улахан тууһаммыт балык, түүлүүн-өҥнүүн сытар анды, аллараа холбукаҕа хортуоска, луук баарын көрдөттөөтө:
– Бу эһиги аскыт, бэйэҕит астанан аһааҥ. Мин бырааһынньык күннэригэр кыыспар баран олоруом. Дьэ итигирдик, үчүгэйдик олоруҥ, – хаһаайка барытын быһааран, ыйан-кэрдэн биэрдэ.
Бологуурап, махтанан-баһыыбалаан дьиэлээх дьахтары атааран баран, дьонугар киирдэ.
– Дьэ, доҕоттоор, ас-үөл үрдүттэн сиригэр түбэспит дьон буоллубут. Холодильник иһэ толору ас: хортуоскатыттан андытыгар тиийэ. Күөстэниитин эрэ кыайыахха наада буолсу.
– Ама-ыы, доор, оттон остолобуой да аһа тотороо инии.
– Эмиэ даҕаны оннук ээ. Чэ бэйи, дьүһүнүттэн көрөн иһиллиэ.
Саҥа дьукаахтара көрүдүөргэ тахсар аан кэннинээҕи көхөҕө сонун ыйаан киирдэ. Хомуот үрдүгэр турар телевизоры тиийэн тутан-хабан көрдө, онтун-мантын эрийтэлээтэ да, үлэлээн кэлбэтэ. Онтон туһа тахсыа суоҕун билэн, телевизор үрдүгэр сытар хас да чараас кинигэлэри ылан эргим-ургум туппахтаан көрөөт, аахайбатахтыы, Бологуурап оронун иннигэр турар сурунаал остуолугар чөмөхтүү бырахта. Дьөгүөр олору соһуйбут курдук эһитэ тардан ылан көрүтэлээбитэ, хас да чараас медицинскэй брошюралары кытта Михаил Николаев «Глубина памяти» уонна «Новая Якутия. Начало» диэн дьоҕус кинигэлэрэ буолан биэрдилэр.
– Хайа, доҕоор, тоҕо бу кинигэлэринэн быраҕаттанныҥ?
– Ээ, атыттар эбит.
– Хайдах атыттар?.. – Дьөгүөр, өйдөөбөккө, киһитин өрө көрөн таһаарда.
– Художественнай кинигэлэр буолуо дии санаабытым.
– Һы, онтон атыны аахпаккын дуу?
– Соччо ааҕааччым суох.
– Ноо, тоҕо?..
– Соччо интэриэһиргээччим суох… – эдэр киһи, өһөспүттүү, наар биир халыып хоруйдаан, кэпсэтэр баҕата суоҕун биллэрдэ. Раскладушкатыгар тиэрэ түһэн, дьиэ үрдүн одуулаһа сытта.
Бологуурап, киһитин иһигэр киллэрбэтэхтии, саҥата суох иҥиэттэн кэбистэ. Брошюралары арааран туһунан ууран баран, кинигэлэри ылан эр-биир эргитэ-урбата туппахтаан, чараас хахтарын тас өттүнээҕи ойууларын сирийэ одууласпахтаата: илин саҕах үрдүнэн кытыаста кыыһан саҥардыы тахсан эрэр күн аннынан уйаара-кэйээрэ биллибэт күөх дуол тумарыктыйа нэлэһийэр. Ону үрдүнэн аарыма кынаттарын сараадытан хомпоруун хотой көтөн иһэр күлүгэ ойууламмыт. Бу аата Хотой Айыы таҥаралаах былыргы саха урааҥхай ууһун сирэ-уота, дойдута көрдөрүлүннэҕэ. «Глубина памяти» кинигэни арыйан аннотациятын аахта: «Вопросы о прародине человечества, происхождении и истории народа саха, предпосылки и проблемы зарождения государственности в Якутии. Эти и другие темы поднимаются в книге Президента Республики Саха (Якутия) Михаила Николаева».
Иккис кинигэ таһыгар алмаас таас көстөр, Мирнэй куорат тиэмэлэригэр сыһыаннаах бөлөх хаартыскалар бэчээттэммиттэр. Ис өттүгэр Михаил Николаев мичээрдии олорор мэтириэтэ, «Республика тутулуга суох экономикатын бөҕөргөтүүгэ маҥнайгы хардыылар уонна экономика сүрүн салаата – алмаас промышленноһа хайдах сайдан иһэрин туһунан автор бэйэтин көрүүлэрэ» диэн быһаарыы суруктаах.
Дьөгүөр президент суруйталаабыт хас да кинигэтин урут ааҕан турар. Бу кинигэлэртэн ураты «Генетический вектор…», «Страницы жизни народа саха» диэннэри уонна Арктика туһунан. Уопсайынан, суруйбута олус элбэх, хас да уонунан кинигэ дииллэр. Аахпыт кинигэлэриттэн сылыктаатаҕына, кини сүнньүнэн ыччакка, үүнэр көлүөнэҕэ уонна нуучча дьонугар туһаайан суруйар эбит. Дьиҥинэн олус туһалаах, кэскиллээх дьыала. Ону ыччаппыт, бу эдэр киһи да аахайбаттык сыһыаннаһарыттан көрдөххө, итини ситэ сыаналаабат, интэриэһиргээбэт курдук.
– Доҕоор, эн толору аатыҥ-суолуҥ ким диэҥҥиний, тугу үлэлиигин? – Бологуурап саҥа дьукааҕын диэки сүөргүлээбиттии көрдө.
– Куодайыысап Николай Петрович, журналиспын.
– Ханнык хаһыакка?
– Көҥүл прессаҕа…
– Ээ, аны оннук баар эбит дуу? Былыр биһи сахалыы тыллаах икки эрэ хаһыаты – «Кыымы» уонна «Эдэр коммуниһы» билинэр этибит.
– Ити ханнык кинигэ туһунан этэҕиит? – Бологуурап илиитигэр эргим-ургум тутан арыйталыы олорор кинигэтин көрөн, Сэмэн Ыстапаанабыс сэргэҕэлээбиттии ыйытта.
– Бастакы президеммит Николаев кинигэлэрэ.
– Ээ, ону этэр эбиккит дуу, элбэх кинигэлээх дииллэр даа, мин эмиэ биирдэрин даҕаны ааҕа иликпиин.
– Сыыстарар эбиккин. Сүрдээх ыраас санаанан, инникини, кэскиллээҕи ыччакка, республика, Арассыыйа норуоттарыгар анаан суруйар ээ, ону аахайбаппыт.
– Дьиҥинэн оннук бөҕөө буоллаҕа дии, барахсан ырааҕы өтө көрөр киһи. Ол гынан баран наар нууччалыы суруллубут буолаан, дьон аанньа аахпат дии саныыбыын.
– Оттон нууччалар аахтыннар диэн нууччалыы суруйан эрдэҕэ дии, – Дьөгүөр, кинигэни арыйталыы олорон, санаа таайтарыылаахтык саҥарда. – Саха олоҕун, историятын, быһыытын-майгытын олохтоох да, тас даҕаны нуучча тыллаах омуктар биллиннэр диэн.
– Сөпкө этэҕиин, пропагандалыыр буоллаҕа дии.
– Оннук буолбакка, бэл үөһээ былааска олорор тойотторбут билбэттэр дии, хайдахтаах тыйыс усулуобуйаҕа олорорбутун, үлэлиирбитин.
– Оттоон оннук ээ-э… – Сэмэн Ыстапаанабыс улгумнук сөбүлэһэрин биллэрэр.
– Көрө, бу дьоҕус кинигэҕэ биһиги историябытыгар сыһыаннаах үс боппуруоска сүрдээх интэриэһинэй быһаарыылары биэрэр. Бу мин урут аахпыт кинигэм, билигин ол миэстэлэри булуом, – Дьөгүөр, «Глубина памяти» кинигэттэн наадалаах миэстэлэрин көрдөөн, страницаларын түргэн-түргэнник үрдүлэринэн көрөн арыйталаабытынан барда. – Бу Юрий Мочанов диэн археолог учуонай 1982 сыллаахха Өлүөнэ уҥа биэрэгэр, Дьокуускайтан чугас соҕуруу сытар Дириҥ Үрэххэ, түҥ былыр, 1,7 мөлүйүөн сыллааҕыта, олоро сылдьыбыт дьон туттубут сэптэрин-сэбиргэллэрин булбут. Өскөтүн бу булумньулар айылҕа оҥоһуута буолбатах буоллахтарына уонна сыллара табата бигэргэннэҕинэ, киһи аймах аан бастаан Африкаҕа үөскээбитин туһунан өйдөбүл төрдүттэн түөрэ эргийэригэр тиийэр.
– Ноо, ол аата хайдаах?..
– Ол аата, тымныы, тыйыс айылҕаны утары туруулаһан тыыннаах ордуу усулуобуйатыгар өй-санаа, эт-хаан өттүнэн уһаарыллан, киһи аймах аан бастаан хоту дойдуга эрэ үөскүөн сөп диэн этэр.
– Һуй-йиэ-э, эмиэ да сөпкө дылы эбит ээ-э.
– Эс, убедительнайа суох, – эдэр киһилэрэ кэпсэтиигэ кыттыытын күрүчүөктэһииттэн саҕалаата.
– Ноо, тоҕо оннук саныыгын?
– Мочанов булумньулара да, датировкалааһына даҕаны саарбахтар.
– Көр да, доҕор, строгай киһи буоллуҥ дьэ. Ол эрээри манна даҕаны эн этэргэр маарынныыр баар эбит, – Дьөгүөр кинигэ биир страницатын балай да уһуннук сирийэн көрдө. – Эмиэрикэ археологтара ити тэриллэри 260 – 370 тыһыынча сыллааҕылар диэн быһаарбыттар. Оччотугар даҕаны Өлүөнэ хочотун олох эрдэтээҕи дьон булбуттар эбит диэн этиллибит.
– Оо, быданнааҕы кэм эбиит, оччотооҕута дьон букатын дьиикэй кэмнэрэ буоллаҕаа, – Сэмэн Ыстапаанабыс сөхпүттүү аҥаатынна.
Куодайыысап, эҕэлээхтик күлэн мүчүҥнээт, бэркиһээбит-тии, баһын быһа илгиһиннэ.
– Ол Мочанов булумньулара сымыйата-кырдьыга өссө дакаастаныан наада. Тоҕо эрэ ол малларынан тутта сылдьыбыт оччотооҕу дьон бастарын уҥуоҕун баччааҥҥа диэри була илик дии.
– Дьээ-э диэ эбитээ, доор.
– Ок-сиэ, дьэ тордуох киһи буолан биэрдиҥ ээ. Ол гынан баран онтуҥ Мочановынан эрэ быһаарыллыбат эбит. Атын дакаастабыллар бааллар.
Куодайыысап, сол да эҕэлээхтик ымаҥныырын кубулуппакка, өссө тугу этэр эбит диирдии, Дьөгүөр диэки хайыста. Киһитэ, кинигэтин төттөрү-таары арыйбахтаталаан, бииртэн биир холобурдары быһыта тутан ааҕан биэрэ-биэрэ, быһаара олордо:
– Түҥ былыргы дьонуҥ, төһө да дьиикэй аҥаардаах буоллаллар, холбоһон үөрүнэн сылдьан бултуурга үөрэммиттэрэ чуолкай. Холбоһууттан, сомоҕолоһууттан, судургу да буоллар, итэҕэл көрүҥнэрэ үөскүүллэр. Тыын өллөйө буолбут булт сүрүн көрүҥнэрэ тайах кыыл, таба оччотооҕу дьон сүгүрүйэр таҥаралара буолаллар. Тайах, таба, эһэ уобарастара үһүйээннэригэр, үгэстэригэр, сиэрдэригэр-туомнарыгар иҥэр түбэлтэлэрэ нуучча сирин хоту өттүгэр эрэ буолбакка, киин, соҕуруу уобаластарыгар, Украинаҕа, Польшаҕа, Арҕаа Европа дойдуларыгар Пиренейскэй тумул арыыга тиийэ олохтоох норуоттарга баар буола сылдьыбыт эбит.
– Аата дьиибэтэ, ону туох дакаастыыр эбитээй? – аны Сэрэх Сэмэн, саарбаҕалаабыттыы, туоһулаһан унаарытта.
– Дьэ дакаастабыл даҕаны баар ахан. Тешик-Таш, Тэгил-Таас диэн буоллаҕа дуу, хаспахтан неандерталь уол оҕо баһын уҥуоҕа көстүбүт. Тула өттүгэр төгүрүччү хайа бараанын муоһа кэккэлэтиллибитинэн сабаҕалаатахха, бу культ, итэҕэл, сиэр-туом бэлиэтэ буолар диэбиттэр. Элбэх эһэ уҥуоҕа дьапталҕаламмыт (тыһыынчаҕа тиийэ) хаспахтар баалларын булбуттар. Былыргы Грецияҕа эһэҕэ аналлаах «комедиа» диэн көрдөөх бырааһынньыктары тэрийэллэр эбит. Комедия диэн литература жанра ити тылтан үөскээбит. Дьиктитэ баар, Большая Медведица диэн Хотугу полушарие бөлөх сулуһун Россия хоту өттүн нууччалара соторутааҥҥа диэри «Лось», «Сохатый» дииллэр эбит. Поляктар Хотугу Сулуһу «Лосиха Хэглэн», Малая Медведица бөлөх сулуһу «Хэглэн оҕото», оттон эбэҥкилэр Большая Медведица сулус бөлөҕүн эмиэ «Хэглэн» диэн ааттыыллара үһү.
– Ити саарбах легендалар, тупсаран тугу баҕарар кэпсиэххэ сөп, – Куодайыысап соччо сэргээбэтэх быһыынан уоһун уһугунан эмиэ эҕэлээхтик ымах гынна.
– Бээ-бээ, тохтоо, легенда эрэ буолбатах. Таба ойуута скифтэр искусстволарыгар кытта баар, буолаары буолан халлаан көтөрдөрүн үөһээ өттүлэринэн ойууламмыт. Ол аата итэҕэл бэлиэтэ – халлаан табата буолар. Украинаҕа, нууччалар олорор киин уобаластарыгар таба ойуута прялкаларыгар, соттордоругар, куопсуктарыгар хайа да уруһуйдардааҕар хойуутук көстөр эбит.
– Муодатыын, доор, дьиҥинэн ынах-сылгы сүөһүгээ сүгүрүйүөхтэрин сөпкө дылы эбиит.
– Сөпкө этэҕин, киһи эрэ муодаргыан курдук. Ол аата, дьон, бэйэлэрэ да билбэттэринэн, эттэригэр-хааннарыгар иҥэн хаалбыт өйдөбүлүнэн, былыргы өбүгэлэрин үгэстэрин хатылыыллар эбит. Дьиктитэ диэн баар, омук-омук бэйэ-бэйэлэриттэн тутулуга суох халлаан табата итэҕэллээхтэрэ кинилэр художественнай уобарастарыгар көстөр.
– Дьээ дьиибэ диэтэҕииҥ.
– Онон маннык түмүгү оҥорор, – Дьөгүөр, истээччилэрэ болҕойоллорун курдук, сөмүйэтин чочоҥноппохтуур, – сүүһүнэн тыһыынча, мөлүйүөнүнэн сыллар усталарыгар биһиги түҥ былыргы өбүгэлэрбит бииргэ алтыһан, буккуһан олорбуттар уонна билиҥҥи өйдөбүлүнэн «киһи аймах уопсай сыаннастарын» үөскэппиттэр. Дьэ хайдаҕый?
Дьөгүөр, дьоно тугу этэллэрин кэтэһэн, иккиэннэрин диэки хардарыта көрбөхтөөтө. Балай да саҥа суох буолла. Куодайыысап, истибэтэх курдук, дьиэ үрдүн одуулаһан мэндээриччи көрөн сыппахтаат, аахайбатахтыы хардарда:
– Киһи үөскээһинин теориятыгар ити туох сыһыаннаах үһүө?
– Дьэ сыһыаннаах, доҕор. Ол аата, муус үйэ кэмигэр дьон хотуттан соҕуруу диэки сыҕарыйан испиттэрэ дакаастанар. Оттон уруккуттан биллэр теория быһыытынан, киһи аймах сылаас сиргэ Африкаҕа үөскээн баран, онтон Сир шарын бары өттүгэр тарҕаммытын туһунан этии манна сөп түбэспэтэ көстөр.
– Ноо, ол тугунан сөп түбэспэтиий? – аны Сэрэх Сэмэн тутуһардыы унаарытта.
– Тугунан диэтэххэ, Хотугу полушариеҕа Африкаттан төрүттээх киһи сылдьыбытын туоһулуур туох да суол-иис баччааҥҥа диэри көстө илик. Этэргэ дылы, соҕурууҥҥу киһи сыта да суох эбит биһиги дойдубутугар.
– Кырдьыга даа, туох кыһалҕаттан сылаас дойду киһитэ хоту талаһыа-ай? Арааһа, ити сөп этии быһыылаах.
– Буот, Сэмэн Ыстапаанабыс, сөптөөх түмүгү оҥордуҥ. Аны саамай интэриэһинэйэ диэн баар, ити таба, тайах культа, итиниэхэ маарынныыр итэҕэл, сиэр-туом, үгэс диэн биһиэхэ, сахаларга, хаһан да баар буола сылдьыбатах эбит. Ол туһунан ханнык даҕаны үһүйээммитигэр, олоҥхобутугар, былыргы сэһэннэрбитигэр ахтыллыбат.
– Кырдьыык даа оннук баара иһиллибэт ээ-э.
– Онон буоллаҕына, оччолорго биһиги бу дойдуга суохпут дакаастанан тахсар, биһиги өбүгэлэрбит ол кэмҥэ соҕуруу олорбуттар. Ити Михаил Ефимович иккис көтөҕөр боппуруоһа.
– Хантан кэлбиппит билигин даҕаны чуолкайдана илиик буолбаат?
– Манна хас да араас варианы, үгүс учуонайдар этиилэрин ырытар. Олортон, мин саныахпар, олох түҥ былыргы биис уустарыттан төрүттээхпит итэҕэтиилээх соҕус курдук. Генетиканы чинчийиинэн дьарыктанар сорох ааптардар этэллэринэн, сахалар геннэрэ европеоидтарга киирсэр курдук, төрүттэрбит арийдар буолалларын сабаҕалыыллар эбит. Нууччалар, индиецтэр, сахалар хааннарын састааба маарыннаһар өрүттээхтэрэ бэлиэтэммит.
– Көөр да, доор, дьиктии да буолар эбиит. Дьээ буолуо-буолуо, тыһыынчанан сыллар анараа өттүлэригэр араас буолуон сөп буоллаҕаа.
– Буот, Сэмэн Ыстапаанабыс итэҕэйдэ, оттон эн, доҕоор, хайастыҥ? – Дьөгүөр эдэр дьукааҕын тургутардыы үтэн-анньан көрдө.
Киһитэ, сөбүлээбэтэхтии, саҥата суох иэдэс биэрэн нөҥүө хайыһан сытта. Дьөгүөр кинигэтин салгыы арыйбахтаата.
– Аны кинигэбит үһүс боппуруоһа государственность үөскээһинин туһунан. Манна нуучча хаһаахтара Саха сирин хаһааҥҥыттан билэн-көрөн кэлбиттэриттэн саҕаланар.
– Ээ, ол судаарыстыбаннас туһунан ханна эрэ аахпытыым, итиннэ мин биири сөҕө саныырдаахпын. Ити Маһары диэн Бөдьөкө уола Тыгын сиэнэ буоллаҕаа дии. Көөр, бу киһииҥ аҕатын, эһэтин хаһаахтар өлөрбүттэрин өстүйэн иэстэһэр эбэтэр көп түгэх түһэр майгыны тутуспакка кинилэри кытта өйдөһөөн, биир тылы булсан өссө икки төгүл соҕуруу ыраахтааҕыны тиийэн көрсүбүтээ баар ээ, киһи сатаан санаабат, – Сэмэн Ыстапаанабыс баһын быһа илгистэн чыпчырыммахтаан ылла, – ити, сэрэйдэххэ, мыыдарастан тахсан эрдэҕээ дии.
– Сөпкө этэҕиэн, кини эрэ буолуо дуо? Соппуруон Сыраанабыҥ, Сэһэн Ардьакыабыҥ хайдахтаах дьонуй? Иккиэн Кэтириинэ Торуойу көрсөн, норуоттарын туһун хайдах туруорса сатаабыттарай?
– Оттоон этэбин ээ-э, киһи сөҕөөр диэн, Сибииргэ атын ханнык да омуктан итинниик баран туруорсубуттара суох ээ, бадаҕаа.
– Ээ, бу Илин Сибииргэ, бука, суох буолуо. Ити аата, биһиги былыр судаарыстыбалаахпыт, ньуолбар, дипломатияны, улаҕалаах, оҕуруктаах кэпсэтиһиини сатыыр улахан омуктан төрүттээхпит туоһута буолар.
– Оттоон оннугар тахсар ээ-э.
Дьөгүөр илиитин күөрэс гыннаран чаһытын көрбүтэ, түөрдү эрэ саҥардыы ааһан эрэрэ.
– Оо, уусуҥҥа диэри бириэмэ билигин даҕаны баар эбит. Дьэ оччоҕо иккис кинигэбитин көрүөҕүҥ, атын тугу гыныахпытый?
– Ээ-э, сытыахтааҕар син да этээ.
– Бу кинигэҕэ республика көҥүл экономикалаах буолуутун туруулаһыы, АЛРОСА сабыылаах компания хайдах тэриллибитин туһунан кэпсэнэр. Онон урут истибит, билэр боппуруоспут буоллаҕа, – Дьөгүөр кинигэ сорох илиистэрэ хоҥнон үлүбээй биир чөмөх угулла сылдьалларын араартаан, страницаларынан көрөн сааһылаата. – Хаарыан үчүгэй халыҥ кумааҕыны, килбэчийэн түһэн лааҕа бэрдин көрүөҥ этэ, куһаҕаннык килиэйдээбиттэр, илиистэрэ хоҥнон хаалбыттар дии.
– Оттоон страницалара барыта бааллаар инии. Туох буо-луой, биһиэхэ ис хоһооно буоллаҕаа, – Сэмэн Ыстапаанабыс кинигэ алдьаммытын улахаҥҥа уурбаттык хардарда.
– Дьэ буоллаҕа, сөбүлэһэн ылынан иһэр буоллахпыт… Манна 1991 сыллаахха Ельциҥҥэ ыытыллыбыт телеграмма баар эбит ээ, ааҕабын дуо?
– Дьээ, истиэххэ эрээ, – оҕонньоро чөрбөҥнүү түстэ.
Өр саҥата суох сыппыт Куодайыысап эмиэ сэргээн, истэрдии бэттэх хайыста. Дьөгүөр, күөмэйин оҥостордуу көхсүн этиппэхтээт, Саха сирэ алмааһы уонна көмүһү ССРС Гохраныгар ыытарын тохтоторун туһунан телеграмма ис хоһоонун добдугураччы аахпытынан барда.
– Ок-сиэ, доор, дьэ хорсуун да быһаарыныы эбиит. Барахсан абыраабыта ээ, онтон атын дьээ эстэрдээх этибиит, – Сэмэн Ыстапаанабыс сөҕөн эмиэ чыпчырыммахтаан ылла.
Арай Куодайыысап соччо сэҥээрбэтэхтик тыл ыһыгынна:
– Дьиҥинэн, итинник дьайыы Сэбиэскэй Сойуус Конституциятын куруубайдык кэһии буоллаҕа.
– Бу да киһи тылын, доҕоор, оччолорго Сойууһуҥ хаҕа эрэ хаалбыт, тыын харыһыга, тутуу былдьаһыы кэмэ буоллаҕа дии.
– Оннук буолбаккаа, көрөө-ө, кини оннугар урукку тойон олорбута буоллаар, Конституцияны тутуспута аатыраан хоргуталыыр этээ.
– Чахчыта буоллаҕа, көрбүт да, сэрэйбит да биир. Дьэ өлүү түптүр түгэҕэр төбөбүт оройунан куугунуур кутталга киириэ этибит. Севернэй завоз диэммит букатын кэлиэ суоҕа этэ, оччоҕо бары таракаан курдук тоҥордоох этибит.
– Этимэ даҕаныы, оннооҕоор Приморье, Камчаткаа, Магадаан, бэл кинилэр бэйэлээхтээр, кыс ортото тоҥон-хатан, тэлэбиисэргэ айдаан бөҕөтөө буолбута дии, – Сэмэн Ыстапаанабыс эдэр дьукааҕын диэки сиилээбиттии көрбөхтөөтө. – Таһырдьаа күөстэнэллэрин умуннууҥ дуо? Ыксаан тимир суолу туора сытан пуойастары харгыстыыр этилээр дии.
Дьөгүөр, үөлээннээҕин санаатын салгыырдыы, көбдьүөрэ түстэ:
– Дьэ оччолорго этэ дии, биһиги сылаас дьиэҕэ олорон, куоталаһа-куоталаһа, киһибитин үөҕэн чобуоххаһарбытыттан соло булбат кэммит.
– Оттоон тот да муҥнаах, аас да алдьархайдаах диэн баар дии. Биһиги тоттохпутунаа тугу даа хоҥуруубутугар хоннорбот буолааччыбыт. Оол кэриэтээ, алдьархайга түбэстэхпитинээ, мыык да диэччибиит суо-ох. Оннуук дуо, доор? – Сэмэн Ыстапаанабыс эдэр киһи диэки сорунуулаахтык эргилиннэ. – Арбыы, ол суруксуттуулларыын саҕанаа эн аатыҥ эмиэ иһиллэргээ дылы этэ дуу, алҕаһаатыым дуу?
– Баар да буоллаҕына, ону хайаары гынаҕын? – Куодайыысап өс-саҕа буолан утары мордьойдо.
– Кээс да, доор, оттон чуолкайдаһаары ыйыттаҕыым дии-и. Киһинии мээнээ үөхпээт баҕайыы, сэтэ-сэлээнэ кэлин бэйэҕээр төннөөр дииллээр, – Сэмэн Ыстапаанабыс сүбэлиирдии унаарытта.
– Харчы бараххан хамнатар буоллаҕа дии, урукку партократтар ускайдааһыннара. Сүгүн да олорботтор ээ, былаастара сууллубутун кэннэ ньимийэн биэриэ эбиттэр.
– Һэ-һэ-э, сүгүүн буолаллар ээ-э, уруккуларын курдук көҥүл айбардаары былаас былдьаһан Ньукулаайабы самнара сатыыллар буоллаҕаа.
– Диэмэ даҕаны, чахчы омук дьолугар кэлбит киһини сордууллар. Ордук санааһын, бэрт былдьаһыы диэн баар быһыылаах бу орто дойдуга саамай куһаҕан кыдьык.
– Һы, «омук дьолугар» ааттаах ээ. Ол үлүгэр тугу оҥордо? – Куодайыысап Дьөгүөрү эҕэлээхтик утары көрдө.
Дьөгүөр абарбыт уоҕар оронугар олоро түстэ. Киһитин супту одуулаан дьиппиэн куолаһынан чиҥник этитэлээтэ:
– Сүрүн, доҕор, көрөрүҥ-истэриҥ бүөлэнэн сылдьаҕын дуо? Сэбиэскэй былаас сэттэ уонтан тахса сылын устата оҥоһуллубутунааҕар уон сыл иһигэр элбэҕи оҥордо буолбат дуо? Үөрэхтээххин дии, ама олору ааттаталыыр наада буоллаҕай? Наһаалаан да эрэҕит, дьиҥ баары, кыларыйар кырдьыгы билиммэт диэн тугуй? Өбүгэлэрбит «аһыыр иһиккэ кулгуйуу» диэн итинниги этэн эрдэхтэрэ.
– Наһаалааһына диэн онно тугуй? – Куодайыысап, өһүргэнэн өс-саҕа буолан өрө хадьыаланан, эмиэ оронугар олоро түспүтүн бэйэтэ даҕаны өйдүөмүнэ хаалла. – Хата эн наһаалаан миигин үөҕэн бараары гынныҥ дии!
– Дьукаахпыт, култууралаах эдэр киһи, өһүргэһиҥ, күрүчүөктэһэ охсоруҥ түргэнэ бэрт эбит! – Дьөгүөр бэркиһээн ытыһын охсунан ылла. – Тоҕо тута баайсан бараҕын, доҕоор?
– Оттон кулгуйар диэтиҥ дии, ол тугуҥ тылай?
– Ок-сиэ, бу да киһини көр. Саатар ити өс хоһоонун билбэккин дуу? Аһыырын аһаан, сиирин сиэн баран махтаналларын умнубут дьону итинник этээччилэр, – Дьөгүөр киһитин, сиилээбиттии, супту одуулаан олордо.
Куодайыысап, киһи эрэ буоллар син мух-мах баран, саҥата суох бүк түһэн олорбохтоото. Онтон эмискэ тура эккирээн, аан хоско сулбу хааман тахсан сонун сиирэ-халты кэтээт, таһырдьа тахсан барда.
– Хайаа, доор, киһиҥ атахха биллэрдэ дии. Һэ-һэ-һэ-э, – аан сабыллар тыаһын кытта сэргэ Сэмэн Ыстапаанабыс холкутук күлэн эҥээриттэ.
– Куотан көрдүн. Тугу даҕаны дэҥ истиэхтэрин баҕарбаттар, кэлтэй кинилэр эрэ холуннарар, үөхсэр бырааптаах курдук сананаллар.
– Тыы-ый, оттоон урукку систиэмэҥ сүрүн куоһура оол буоллаҕа дии-и.
– Сөпкө этэҕин. Үөхсүөхтээҕэр, холуннарыахтааҕар эрэ буолуох, тыыннаах муҥун ытатыы, саба баттыыр, өссө репрессиялаан симэлитэр да кырыгар кыйыттыбыт дьон этэ буоллаҕа. Ол кинилэр өйдөбүллэригэр сөп, нуорма. Оттон бэйэлэригэр биир эмэ хатыылаах тылы утары эттэххинэ, үөхсүү аатырар. Дьэ сүрдээх логика буолбат дуо?
– Оттоон хабаххаа тыыннарыы кэмэ этэ буоллаҕаа.
– Оннук-оннук, билигин баҕас тэҥҥэ аахсар инибит, атын кэмҥэ олоробут курдук дии.
– Дьээ билигиин даҕаны сүгүүн бэриммэт дьон буолуохтараа. Ити репрессиялыыр, сиртэн симэлитэр диэн тылларгыын сөбүлүү истибэттэрэ чуолкаай, – Сэмэн Ыстапаанабыс, тэптэрэн биэрэрдии, аргыый сыыйда.
– Сөбүлээбэтиннэр, доҕор. Урут Аммосов, Ойуунускай, Бараахап курдук бастыҥ, үтүө дьоммутун мэҥиэстэн баран, буолар буолуохтааҕын курдук, сталинизмы арбыы, үтүөтүн таһааран, кураанаҕы дойҕохтуу сылдьалларын атыннык туох диэххэ сөбүй?
– Айыкка-а, дьэ ыарыылаахтык ылыныллар тыллары саҥардыыҥ, доор, арах-араах! Иһиттэхтэринэ, иэдээн.
– Мөлүйүөнүнэн буруйа суох дьону сордоон-муҥнаан өлөрбүттэрэ, бастыҥ араҥаны ирдээн туран имири эспиттэрэ ыарыылаах буолбатах үһү дуо?!
Кылгас түгэҥҥэ хайа-хайаларыгар табыгаһа суох тыҥааһыннаах уу чуумпу бүрүүкээтэ. Кинилэр олорон кэлбит олохторо, хас биирдиилэрин тус-туһунан дьылҕалара бу кэлин самныбыт систиэмэ, соҕотох партия сабардаабыт муҥур идеологиятыттан быһаччы тутулуктаммыттара.
Дьөгүөр Бологуурап, хайа инженерэ, үрдүк үөрэхтээх горняк эрээри, талбыт идэтинэн табыллан үлэлээбэтэх, үрдүк дуоһунаска, аакка-суолга, наҕараадаҕа тиксэн арбамматах киһи. Кини, университеты кыһыл дипломунан бүтэрбит, билии-көрүү өттүнэн биир бастыҥ специалист, үрдүккэ дабайыахтаах, улахан салайааччы буолуохтаах киһинэн ааҕыллара олоххо кыайан киирбэтэҕэ үгүстэри соһуппута, дьиктиргэппитэ. Идэтинэн син сүүрбэччэ сыл үлэлээбитэ эрээри, көннөрү прораб, хайа маастарын дуоһунаһыттан үрдээбэтэҕэ. Ол сүрүн биричиинэтинэн партията суоҕа буолбута. Сааһын тухары наар тыаҕа-хонууга оробуочайдары кытта бииргэ хара үлэ ыараханыгар сылдьан, киин бөһүөлэккэ, хонтуораҕа сыл баһыгар-атаҕар ахсааннаахтык көстөрө. Дьиэҕэ-уокка, кэргэттэригэр даҕаны күһүн-саас эрэ бэрт кылгас кэмҥэ көстөн ааһара. Партияҕа эрдэ киирэр кыах баара, аармыйаҕа сырыттаҕына, устудьуоннуур да кэмигэр тыл көтөҕөр түгэннэрэ бааллар этэ. Ону бэйэтэ уһатан-кэҥэтэн хаалларан иһэрэ. Тоҕо эбитэ буолла, кини эдэр сааһыттан олус хомуньуус буола сатыыр, былааска тарбачыһар карьерист дьону иһигэр киллэрбэт, ахсарбат буолара. «Оо, дьэ партиялаах, коммунист бэрдэ үһү ээ», – диэн өрө-сала көтөр өрүкүнэһээччилэри көрө-көрө, ордук санааһын имэҥэр ылларбыт дьонтон атыннык санаабат этэ. Ону баара, олох-дьаһах, үлэ-хамнас быһыытыгар-майгытыгар даҕаны көстөрүнэн, төһө даҕаны чиэһинэй, үчүгэй үлэһит буолларгын, партията суох буоллуҥ да, үтүөҕэ тиксибэт, үрдүккэ өнүйбэт аналланарга суруллубатах сокуон баара. Дьон туруору сүрүннээх, мас көнө өттүлэриттэн уратылара, ону бэркэ билэр буолан, партия халыҥ кэккэтигэр харыыта суох халҕаһалыы анньан киирбиттэрэ. Арай Дьөгүөр эрэ үөлээннээхтэриттэн хаалан хаалбыта. Күннээҕи олох, үлэ-хамнас туһунан кылгас ыстатыйалары, фельетоннары олохтоох хаһыакка суруйан муунтуйбут санаатын сайҕанара. Сыыйа республика хаһыаттарыгар, киин сурунаалларга тиийэ критическэй ис хоһоонноох, олох проблемаларыгар аналлаах публицистическай ыстатыйалара бэчээттэнэр буолан барбыттара. Кэлин кэргэнэ Саха госуниверситетын медицинскэй факультетыгар үөрэнэ барарынан сибээстээн, Дьокуускайга көспүттэрэ. Лена үөрэҕин бүтэриэр диэри сэттэ сыл устата тематическай экспедицияҕа техника-экономика салаатын партиятыгар инженеринэн үлэлээбитэ. Бу сылларга суруналыыстыкаҕа сыстан, «Кыым» хаһыакка штаты таһынан корреспондент быһыытынан промышленность тиэмэтигэр сыһыаннаах араас иһитиннэриилэрэ, ыстатыйалара сотору-сотору тахсаллара. Кэргэнэ үөрэҕин бүтэрэн, хоту дойдуга бырааһынан ананан аны Эдьигээнниир буолбуттара. Бу дойдуга кэлэн үлэттэн уурайар сааһыгар диэри олохтоох хаһыакка корреспонденнаабыта. Кэргэнинээн иккиэн пиэнсийэҕэ тахсан баран Дьокуускайга төннөн олохсуйбуттара. Онтон уларыта тутуу кэмигэр тыа сиригэр уларыйыы-тэлэрийии, кредит биэрии, чааһынай бас билии көрүҥэ киириитин, былыргы НЭП саҕанааҕы курдук табыгастаах кэм эргиллибитин бэйэтэ тыаттан төрүттээх киһи буолан кэрэхсии, эҕэрдэлии көрсүбүтэ. Сотору тоҕоостоох түгэн тосхойбутунан туһанан, аны бэйэлэрэ тыаҕа тахсан, сүөһү-ас тэринэн, дьиҥнээх сахалыы олоххо көспүттэрэ.
Киниэхэ холоотоххо, Сэмэн Ыстапаанабыһыҥ, хомуньуус бэрдэ буолан, кинитээҕэр быдан тахсыылаахтык үлэлээбит киһи. Продснаб тойоно, партбюро сэкирэтээрэ, Дьокуускайга тиийэн республика Госснабыгар тиийэ салайсыбыт киһи буоллаҕа. Өйдөөҕүн өйдөөх хата урукку систиэмэ эстэрин, партийнай идеология мөлтүүрүн саҕана партиятыттан аккаастанан, билиэтин остуолга ууран биэрбит сурахтааҕа. Дьөгүөр, ону өйдөөн, киһититтэн чуолкайдаһыах санаата киирдэ.
– Арба даҕаны, Сэмээн, эйигин партийнай билиэтин бэйэтэ остуолга ууран биэрбит үһү диэни истибиттээҕим ээ. Ол кырдьык дуо?
– Ээ, кирдиик буолумунаа, – Сэмэн төтөлө суох унаарытта.
– Ол тутатыгар чэпчэкитэ суох дьыала буолуохтаах ээ. Туох санааттан оннукка соруммуккунуй?
– Ээ, бэйэбиттэн бэйэм кэлэйээн. Сыллааҕы отчуот, квартаал аайы сымыйа сыыппараа, припиискэ бөҕөтөө. Надайыаллаан, тулуурбуттан ааһан ыксаан олордохпунаа, хата тоҕоостоох кэм бэйэтэ кэлбитээ.
– Дьэ ханныгын да иһин интиҥ хорсун санааттан тахсар. Онно санамматах дьонуҥ билигин, партия дьиҥнээх патриоттара кинилэр буолан, эһигинниктэри таҥнарыахсыттарынан ааҕаллар ээ.
– Ээ, һэ-һэ, эһэни көрөн баран суолун ирдээбиккэ дылы, сүтэрэрин сүтэрээн, эстэрин эстээн баран биһигинниктэринэн кыһыыларын-абаларын таһааран эрдэхтэрээ, – Сэмэн, кэлэйбиттии, эҕэлээхтик унаарытта.
Дьөгүөр күлэ түстэ.
– Дьэ, доҕор, олус да таба холоон эттиҥ. Кырдьык, сүтэн, мэлийэн хаалбыт дьыаланы баран кураанах күлүгүн харбыалаһа сатааһын да диэн. Туһата суох халтай дьарык буоларын өйдөөбөттөрүн киһи сатаан санаабат.
– Доор, хомуньуус паартыйа идьиэйэтээ диэн сэттэ уонча сыл устата дьон-сэргэ өйүгээр-санаатыгаар иҥмитэ дириҥэ бэрт буоллаҕаа, – Сэмэн бэйэтэ бэйэтигэр кэпсиирдии быһаарда. – Ону хайдаах эмискэ уларытан кэбиһиэххиниий? Онуоха эбии биһиги омук бэйэбит даҕаны үөрэтиинии-такайыыныы олус бэриниилээхтик ылынааччыбыыт.
– Кырдьык, иҥэриммиппитин ыһыктан биэрбэппит бэйэбит киэнэ буоллаҕа. Ону билиниэххэ сөп. Ол гынан баран сорохторуҥ билигин да былааска араас дуоһунаска үлэлии сылдьан реформаны утараллара, олох хаамыытын туорайдаһаллара, барытыгар төттөрүлэһэ олороллоро кыһыыта бэрт буолбатах дуо?
– Оол ити былаас былдьаһааччылар уоннаа кинилэр хос моонньохтороо олустууллаар.
– Оо дьэ, этимэ даҕаны, били президеммит быыбарын кэмигэр дьүһүлэммиттэрин көрүөҥ этэ. Урут Николаевтан өйөбүл ылан үрдүккэ ыттыбыт, аакка-суолга тиксибит дьонтон үксүлэрэ кинини таҥнарбыттара киһини кэлэтэрин ааһан олус дьиксиниилээх, кутталлаах санааны үөскэтэр. Өрөспүүбүлүкэ, норуот туһун таһы умнан туран, үрдүкү структуралар, олигархтар интэриэстэригэр харчыга атыыланар диэн төрөөбүт дойдуну, нацияны таҥнарыы буолбатах дуо? – Дьөгүөр, санньы туттан олорбохтоот, хараастыбыт куолаһынан аат эрэ харата хардарда.
– Сөпкө этэҕиэн, былааска иирэн, харчыга хараҥараан дьон кэрээниттэн тахсан эрээр.
– Киин сир оҕуруктаах санаалаахтарын угаайыларыгар киирэн биэрэн олохтоох «дьорҕоотторбут» үрүт-үөһэ үҥсүү-харсыы тэрийэннэр, бэйэбитинэн киһибитин туораттардылар. Омуктарын дьылҕатынан оонньообуттара хаһан эмэ аньыылара таайыа ээ. Алыс үүнэ-тэһиинэ суох бардылар.
– Һээ дьэ, буолан иһээхтээтэхпит эбээ, илбит-эйэбиит суоҕа бээрт.
Оҕонньоттор санааҕа түһэн өрүтэ тыынан саҥата суох олорбохтоотулар. Дьөгүөр чаһытын көрүннэ.
– Ок, алтабыт чугаһаабыт ээ, доҕоор! Остолобуойдуур кэм буолбут, барыахха, – ибири-сибири хомунан, таһырдьа иккилии этээстээх уопсайдар быыстарынан киэҥ уулуссаҕа тахсан, биэрэк диэки аллара киирдилэр.
Үөлээннээхтэр
Эбэ биэрэгиттэн туруору тахсар туора уулусса кумах хааһын үрдүгэр тимир эрэһиэҥкэ олбуордаах, эргэрбит гынан баран, маһа өссө да чиргэл дьоҕус дьиэ таһыгар дьон бөҕө олбуор иһинэн-таһынан мустан чуоҕуһан тураллар.
– Күндү доҕоттор, бу дьиэҕэ 1961–1964 сылларга Михаил Ефимович уонна Дора Никитична Николаевтар дьиэ кэргэттэрэ олоро сылдьыбыта. Кинилэр, үөрэхтэрин кэнниттэн олоххо саҥа үктэнэн эрэр эдэр специалистар, үлэлэрин манна, Эдьигээҥҥэ, саҕалаабыттара, – Эдьигээн улууһун дьаһалтатын үлэһитэ эдэр дьахтар микрофонунан саҥарар чуор куолаһа уулуссанан ааһан иһээччилэри ыраахтан үмүрү тардан, истибит эрэ барыта тиэтэйэ-саарайа дьон мустубут сирин диэки дьулуста. – Бүгүн биһиги бастакы президеммит музей-дьиэтэ аһыллыытын үөрүүлээх түгэнигэр муһуннубут.
Хас да киһи эҕэрдэлээн тыл эппитин кэнниттэн дьиэҕэ киирии кыһыл лиэнтэтин Михаил Ефимовичка бэйэтигэр быстардылар. Кини Эдьигээн олохтоохторугар, дьаһалта салайааччытыгар туһаайан махталын биллэрэн кылгас тыл эттэ. Телевидение үлэһиттэрэ, фотокорреспонденнар, ону таһынан фотоаппараттаах эрэ барыта үөрүүлээх түгэни уһулан, түһэрэн вспышкалар уоттара чаҕылыҥнастылар. Ол кэнниттэн иһирдьэ киирэн дьиэ ис бараанын көрүү-истии, сипсиһии, сүпсүгүнэһии буолла. Дьиэ ис өттө өрөмүөннэнэн саҥардыллыбыт. Киирэри кытта аан хос уҥа өттө гостинай, ортотугар билиитэ оһоҕунан быысаһан хаҥас өттө куукуна эбит. Улахан аһыыр остуол үрдүгэр дуйдаах алтан сылабаар итии паарынан бургучуйа тыынар. Утары хаптаһынынан быыһаммыт кыра-кыра икки хоско хаһаайыттар уонна оҕолор былыргы тимир оронноро тураллар. Хомуот үрдүгэр хаартыскалардаах альбомнар, аҕыйах дьиэ тэрилэ, иһит-хомуос бааллар. Музей-дьиэ ис тэрилэ өссө да ситэ илигэ көстөр. Ол эрээри оттон кылаабынайа дьиэтэ буоллаҕа, мала-сала, экспонаттара сыыйа хомуллан туолан иһиэхтэрэ турдаҕа.
Дьөгүөр Бологуурап көрөөччүлэр халҕаһаларын кытта бииргэ киирэн дьиэни көрөн эргийэн киирэр аан таһыгар кэлиитигэр дьон хайыы-үйэҕэ остуол тула олорон алаадьылаах итии чэй иһэн сырылатан ырааппыттар. Остуол баһыгар Михаил Ефимович бэйэтэ бэркэ дуоһуйбут көрүҥнээх үөрэн мичилийэ олорор. Баҕалаах барыта оҕолуун-дьахтардыын солбуһа-солбуһа кинини кытта сэргэстэһэ хаартыскаҕа түһэллэр. Кырдьык даҕаны, туох да харах баайыыта суох дьон-сэргэ үөрбүт, дуоһуйбут, көрбүтү эрэ барытын долгутар түгэнэ тыыннаах хартыына буолан Дьөгүөр өйүгэр-сүрэҕэр хатаммыта. Көрүөххэ истиҥэ, үчүгэйэ сүрдээҕэ.
Бологуурап эмиэ үтүрүһэн-анньыһан чэй куттаран остуол ойоҕоһугар кыбыллан, сыыйа-баайа чэйин иһэн бүтүүтэ дьон арыый аҕырыы быһыытыйда. Сиэбигэр укта сылдьар фотоаппаратын аттыгар олорбут уолга биэрэн ытыктыыр салайааччытын кытта түһэрэригэр көрдөстө. Хас да киһи кэнниттэн уочарата кэлбитигэр кэккэлэһэ олоппоско олорунан кэбистэ. Кинилэр кэннилэригэр икки-үс дьахтар сэргэстэһэ турунар кэмнэригэр уол түһэрэн ылла…
Дьөгүөр Бологуурап хас да киһиттэн ыйдаран, үөлээннээҕэ, урут маннааҕы хаһыакка үлэлиир сылларыгар бодоруспут киһитэ, кырдьаҕас учуутал Николай Петрович Софронов олорор дьиэтин дьэ булла. Күнүс музей-дьиэ аһыллыытыгар Ньукулайдыын көрсүһэ түһэн кэпсэтиилэригэр табаарыһа киэһэ кэлэ сылдьарыгар ыҥырбыта. «Үөлээннээхтэр аҕыйах буолан мустан кэпсэтэ, уруккуну-хойуккуну санаһа түһүө этибит», – диэбитэ.
– Дьөгүөр Маппыайабыс, биһиги бу, Михаил Ефимовиһы билэр, сорохпут бииргэ үөрэммит, сорохтор бииргэ үлэлээбит, алтыспыт дьон, мустан, үчүгэйдик саныыр, ытыктыыр киһибит туһунан өйдөһө-санаһа, кэпсэтэ олоробут. Ону эйигин иһиттин, биллин, суруйар киһиэхэ, баҕар, наада буолуо диэммин ыҥырбытым, – Николай Петрович Дьөгүөрү аттыгар олордон ыалдьыттарын кытта билиһиннэртээтэ.
Аныгы сиэринэн сөбүгэр үгүөрү астаах остуол тула олорооччулары сорохторун Дьөгүөр уруккуттан билэр дьоно буолан, кэпсэтии-ипсэтии иҥнигэһэ суох көхтөөхтүк барда.
– Оскуолаҕа хас да сыл бииргэ үөрэммит Михаил Ефимович оҕо сааһын доҕоро бу Николай Петрович буоллаҕа дии. Атыттар биһиги биир кылааска үөрэммэтэхпит, үрдүкү-анныкы кылаастарга этибит. Онон кини кэпсээнин маҥнай истиэҕиҥ, биирдэ да үчүгэйдик кэпсии илик ээ, – кыра хатыҥыр Евдокия Ивановна Константинова, бэрт эрчимнээхтик саҥаран-иҥэрэн, бүгүҥҥү дьоро киэһэ дьаһалын бэйэтигэр ылынна.
Ньукулай, иккистээн көрдөһүннэрэ барбакка, бэйэтэ даҕаны кэтэһэн олорордуу, чөллөркөй холку куолаһынан кэпсээн барда. Ким да быһа түспэккэ сэргээн истэ олордулар.
– Мин 1947 сыллаахха эргэ Лииндэ алын сүһүөх оскуолатын бүтэрэн, 30-тан тахса көстөөх сири табанан айаннаан, Эдьигээн оскуолатыгар үөрэнэ киирбитим. Сэттис кылааһы бүтэрбитим кэннэ күһүн Эдьигээн оскуолатыгар ахсыс кылаас аһыллыбыта. Онно үөрэнэрбэр Өктөмтөн Николаев Миша диэн бааһынай хааннаах, будьурхай баттахтаах хатыҥыр уол кылааспытыгар үөрэнэ кэлбитэ. Эдьигээҥҥэ кини бииргэ төрөөбүт убайа Ким Ефимович үлэлиирэ.
Мишаны кытта уопсай тыл түргэнник булан, олус иллээхтик үөрэммиппит. Кини оҕоттон улахан туох да уратыта суоҕа. Үчүгэйдик үөрэнэрэ, оскуола уонна интэринээт олоҕор көхтөөхтүк кыттара. Мин өйдүүрбүнэн, кини ордук нуучча тылыгар биһигиттэн чорбойоро. Уус-уран литератураны үлүһүйэн туран ааҕара, мэлдьи кинигэ тутуурдаах сылдьар буолара. Аахпыт кинигэбит ис хоһоонун былдьаһа-тарыһа бэйэ-бэйэбитигэр кэпсиирбит, ол быыһыгар арыт мөккүһэн да ыларбыт. Хата киһибит, атыттар курдук, омуннуран-төлөннүрэн мөккүспэт этэ. Ол курдук оҕо эрдэҕиттэн холку, ыгылыйбат майгылааҕа, хас биирдии этиитин толкуйдаан, ыараҥнатан баран саҥарара. Уопсайынан, сахалыы мындыр өйдөөҕүн иһин биһиги кинини оонньоон «еврей курдук өйдөөх киһи» диирбит.
– Һэ-һэ-һэ, оччоттон дуоспуруннаах эбит дии.
– Ээ, оннук бөҕө буоллаҕа дии. Улахан киһи курдук, көссүө, боччумнаах баҕайытык туттан сылдьара.
– Интэринээккэ бииргэ олорбуппут, онно бэрээдэги, режими көрөөччү, көҕүлээччи кини буолара.
– Сөпкө этэҕит, Миша спордунан утумнаахтык дьарыктанара, күннээҕи режими кытаанахтык тутуһара, – Ньукулай ыалдьыттара бэлиэтээһиннэрин кытта сөпсөһөн, салгыы кэпсээбитинэн барда. – Ол дьарыгар бииргэ үөрэнэр оҕолорун эмиэ көҕүлүүрэ. Биһиги интэринээккэ сэттис хоско бииргэ олорбуппут. Учууталбыт Анастасия Яковлевна Александрова сүбэтинэн биир дьыл күһүнүттэн ыла эппитин-хааммытын эрчийбитинэн барбыппыт. Биһигини Мишабыт дьарыктааччы. Ол сыл кыһыныгар да, сааһыгар да бары ыалдьыбакка, биир да күнү көтүппэккэ үөрэхпитин түмүктээбиппит. Ону таһынан кини штанганан дьарыктанара.
Эдэр дьон сиэринэн, оскуола, кулууп үҥкүүтүгэр сылдьарбыт. Мин да, кини да үҥкүүлээбэт этибит, ол оннугар маассабай оонньууларга үөрүүнэн кыттарбыт. Ол саҕана билиҥҥи курдук уот-күөс суоҕа. Ол да буоллар, санаабытын түһэрбэккэ, өрүс фарватерын көрдөрөр маяктар батареяларынан лаампа уматан, сороҕор чүмэчи уотугар гармошка, балалайка, гитара доҕуһуолунан үҥкүү, оонньуу тэрийэрбит.
Икки сыл, интэринээккэ миэстэ суох буолан, мин Мишалыын Михаил Андреевич уонна Матрена Андреевна Солдатовтарга дьиэлэммиппит. Ол саҕана биһиги доҕордоһуубут өссө чиҥээбитэ. Оскуолаҕа аргыстаһан сылдьарбыт, уруокпутун бииргэ ааҕарбыт, оҕо буолан мэниктээн да ыларбыт. Ол быыһыгар мөккүһүү, тыл-тылга киирсибэккэ кыыһырсыы да ханна барыай. Олорор ыалбыт элбэх оҕолоохторо, ону таһынан өссө дьукаахтаахтара. Солдатовтар оҕолорун көрсөрбүт, дьиэ ис-тас үлэтигэр тэбис-тэҥҥэ сылдьарбыт. Хаһаайыммытын кытта эргэ баарсаны көтүрэн, маһын кумах биэрэги дабайан ыраах баҕайы сиргэ санныбытынан таспыппытын өйдүүбүн. Ол маһынан кэлин дьиэ туттубута.
Интэринээттэн, таска олорорбут быһыытынан, иккиэн сухой паек ылар этибит. Завхозпут арыыбытын ыйыырыгар куруук балыйа сатыыра. Арыыны ыйааһыҥҥа үөһэттэн быраҕара, ыйааһын стрелката киилэтин көрдөрүөн иннинэ хаба тардан ылара уонна: «Чэ оҕолорбор арыый элбэх да буоллун, мэ, ылыҥ», – диирэ. Биһиги бэйэ-бэйэбитигэр имнэнсэн баран: «Ээ, Афанасий Николаевич, балыыҥкалаа-ма, тоҕо үөһэттэн быраҕаҕыный? Өссө эбиитин ыйааһыныҥ тохтуу илигинэ хаба тардан ыллыҥ дии. Үчүгэйдик ыйаа», – диэн, олох аахсан баран тэйэрбит. Иккистээн ыйаатаҕына, ол арыыбыт аҥаарыттан аҥаара эрэ буолара. Аспытын салааскаҕа тиэйэн эбэтэр суумкаҕа уктан олорор ыалбытыгар илдьэн чөкөччү туттаран кэбиһэрбит. Ыалбыт биһигиттэн кэлтэгэй кэппиэйкэни да көрдөөбөттөрө, кинилэртэн биирдэ даҕаны мөҕүллүбэтэхпит. Билигин санаатахха, адьас туора көрбөккө, оҕолорун кытта тэҥҥэ туппуттар эбит. Ол иһин кинилэри олус истиҥник саныыбыт.
– Оччотооҕу саха ыала барахсаттар бары даҕаны сиэр-майгы өттүнэн мааны дьон буоллахтара.
– Ээ, кэмэ оннук эбитэ дуу, дьон-сэргэ бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннара наһаа үчүгэй, иллээх баҕайы буолар этилэр.
– Оттон сэрии кэннинээҕи өй-санаа чөл, инникигэ эрэл, итэҕэл күүстээх кэмэ буоллаҕа дии, – дьахталлар Ньукулай кэпсээнин быһа түспүттэрин сөбүлээбэтэхтии, Дьөгүөр быһаччы түмүк оҥордо. – Чэ, Николай Петрович кэпсээнин ситэри истиэҕиҥ, ол кэнниттэн санаабытын атастаһыахпыт.
– Кырдьык, мэһэйдээбэккэ бастаан истиэҕиҥ, ол кэнниттэн кэпсэтиэхпит буоллаҕа дии, – Евдокия Ивановна, дьүөгэлэрин буойардыы, саҥарда.
Ньукулай куолутунан көхсүн этитэн, сөбүлэһэрдии кэҕис гынаат, салгыы кэпсээбитинэн барда:
– Оскуола комсомолун комитетыгар иккиэн чилиэнинэн сылдьарбыт. Мин 8-с кылааска учком секретарынан, интэринээт сэбиэтин председателинэн үлэлээбитим. Михаил, оскуола чулуу спортсмена буоларын быһыытынан, учкомҥа, интэринээккэ спортивнай секторынан талыллан үлэлээбитэ, оскуолаҕа учууталлар актыыбынай көмөлөһөөччүлэрэ этэ. Кинитэ суох биир да спортивнай күрэхтэһии, уус-уран самодеятельность, поход тэриллибэтэ.
Миша бастыҥ табаарыс этэ. Тоҕо диэтэххэ, кини хаһан баҕарар киһититтэн көрбөккө, барыбытыгар биир тэҥник сыһыаннаһара. Кыһалҕалаах түгэҥҥэ үтүө сүбэһит, үөрүүнү тэҥҥэ үллэстэр амарах доҕор буолара. Хаһан даҕаны күүһүнэн өттөйбөтө, киһиргээбэтэ, кимиэхэ да үчүгэй буола сатаабата, кыамматтары куруук аһынар аакка сылдьара. Мааны таҥаһы таҥнарын отой сөбүлээбэтэ, оҕоттон ураты буола сатаабат этэ.
Биһиги атаҕастабылы ис-испититтэн тулуйааччыбыт суох, бэйэбитин төрүт атаҕастаппат этибит, улахан, күүстээх да уолаттарга куруук утарылаһааччыбыт. Оттон кыамматтары, бэйэбититтэн мөлтөхтөрү хаһан да тыыппат буоларбыт, төттөрүтүн кинилэргэ көмөлөһөрбүт.
Михаил үчүгэйдик ыллыыра, бас куоластааҕа. Кини ыллыырын сэҥээрэн истэрбит, арай концертарга соҕотоҕун ыллыырын өйдөөбөппүн. Оскуола хоругар эрэ кыттааччыбыт. Биирдэ уус-уран самодеятельность көрүүтүгэр бэлэмнэнэн, инструментальнай оркестр тэриммиттээхпит. Ким өй укпу-тун этэр кыаҕым суох эрээри, репетицияны Миша Николаев ыытарын өйдүүбүн. Туох инструменнаах буолуохпутуй, Юлий Шадрин баянныыра, биһиги эрбиини, кураанах бытыылканы тыаһатан оонньуурбут. Хата кимнээҕэр сөбүлээннэр хайҕал бөҕөтүн ылбыппыт.
Дьиҥэр, оҕо дьон быһыытынан, баракааспыт да элбэх буоллаҕа дии. Онтон биир түгэни кэпсиибин. Оҕолорбор, сиэннэрбэр кэпсээтэхпинэ, итэҕэйбэт курдук тутталлар. «Хайдах ол биһиги президеммит оннукка кыттыһыай?» – дииллэр. Биһиги даҕаны эмиэ оҕо буола сырыттахпыт дии. Биирдэ, саас этэ, бадаҕа, таһырдьа күн сылыйбыт, уһаабыт кэмигэр буорах хайдах эстэрин көрөргө быһаарынныбыт. Конный двор диэн хайалаах сир үрдүгэр соруктаах аҕайдык туттан тиийдибит. Американскай хаптаҕай бааҥкаҕа тобус-толору буорах куттубут уонна уһун быаны баайан баран син тэйиччи соҕус саһан, кирийэн сыттыбыт. Саҥата-иҥэтэ суох испиискэни уматтыбыт уонна быабытыгар даҕайдыбыт. Быабыт буруолуу түһээт умайбытынан барда. Биһиги куттанан, хаптайыахпытынан хаптайан, аппа аҥхайыттан көрө сытабыт. Дьэ эбээт, доҕоор, буорахпыт эстэн тыас-уус бөҕөтүн таһаарбат дуо?! Санаабытыгар, тыаспыт Эдьигээни биир гына дуораһыйбыт курдук буолла. Онтон көрбүппүт, буруобут бөһүөлэги үрдүнэн киирэн бара турда. Биһиги, ону көрө-көрө, күлэн уҥа сытабыт. Дьэ ол курдук буорах хайдах эстэрин илэ харахпытынан көрдөхпүт дии.
– Ама оннук баар этэ дуо?
– Тыый, баракаас баҕайы эбиккит дии.
– Эчи кутталын… Кэбис, мин Михаил Ефимович оннук буолуо дии санаабаппын, – дьахталлар бары соһуйа, аймалаһа түстүлэр.
– Оччолорго кини Миша буоллаҕа дии. Этэбин ээ, биһиги даҕаны оҕолор буола сырыттахпыт диэн, – Ньукулай, кырдьыгын таһаарынардыы, холкутук быһаарда.
– Оттон буоллун, ол эрээри киһи истибэтэх баҕайыта…
Дьөгүөр, уопсай күйгүөнү тохтотордуу, илиитинэн далбаатанна:
– Бээ-бээ, тохтуу түһүҥ. Итиччэтигэр мин эһиэхэ атын, өссө чаҕылхай холобуру кэпсиэм. Эһиги Ельцин кинигэтин аахпыккыт дуо?
– Суох.
– Ноо, онно туох баарый? – болҕомто аны Дьөгүөргэ туһаайылынна.
– Борис Ельцин «Исповедь на заданную тему» диэн кинигэлээх. Дьэ онно баар. Бэйэтэ билинэринэн, оскуолаҕа сылдьан олох күлүгээн эбит. Ол эрээри бары кылаастарга наар биэскэ үөрэммит. Инньэ гынан пиэрибэй кылаастан онуска диэри куруук ыстаарыһанан талылла сылдьыбыт. Поведениетын туһунан кыратыттан саҕалаан кэпсээтэххэ маннык: бэһискэ үөрэнэ сылдьан кылаастарын салайааччыта киириэхтээх уруогар оҕолору барыларын иккис этээстэн түннүгүнэн аллара ыстаннартаабыт. Учууталлара киирбитэ, кылааска ким да суох үһү, тахсан дьуһуурунайтан ыйыппытыгар ким да тахсыбатаҕа диэбит. Аны немец тылыгар киһитинэн үчүгэй баҕайы эдэр дьахтар уруогар олоппоһугар патефон иннэтин курдары өрө саайан айдаан тарпыттар. Ол аата немецтэри утаран бырачыастааһыннара үһү. Оттон саамай кылаабынайа, ити хаҥас илиитигэр икки тарбаҕа суох дии, ол гранатаны эһэн мэлиппит.
– Тыый, хата хайдах өлбөтөҕөй?
– Диэмэ даҕаны!
– Дьэ ол маннык буолбут. Бу бэдигиҥ табаарыстарынаан фроҥҥа бараары тииһэллэрин, биллэн турар, ыыппат буоллахтара дии. Дьонуҥ туран бэйэлэрэ бэстилиэт, саа оҥостор буолбуттар. Аны граната булан, ол тэрил ис туруга хайдаҕын билэргэ быһаарыммыттар, эмиэ оҥороору. Ельциниҥ байыаннай ыскылаат буолан турар үс хос хатыылаах боробулуоханан эргитиллибит таҥара дьиэтигэр үөмэн тиийэр. Харабыл дьиэ нөҥүө өттүгэр барбытынан туһанан, түннүк эрэһиэҥкэтин эрбээн иһигэр киирэн, икки гранатаны уктан тахсар. Хата харабыл көрбөтөх. Көрбүтэ буоллар, ыйыта да барбакка, ытан кэбиһиэхтээх эбитэ үһү.
– Тыый, аата күтүр баламатын…
– Эс, хайдах президеҥҥин итинник этэҕин?
– Оттон куттаммата сүрэ бэрт эбит дии!
– Нуучча харса суоҕа буоллаҕа…
– Дьэ бээ, салгыы истиҥ, – Дьөгүөр, истээччилэрэ бэркиһээбит киҥир-хаҥыр саҥарсыыларын буойан, салгыы кэпсээн барда. – Дьонуҥ туран, гранаталарын чинчийэ, куорат таһыгар ыраах тыаҕа тахсаллар. Маладьыаһыҥ табаарыстарын 100-кэ миэтэрэ тэйиччи барыҥ диэн модьуйбут. Бэйэтэ гранататын тааска ууран баран тобуктаан туран молотуогунан чааккайар киһи буолбут. Били запалын араарбатах, билбэт буоллаҕа дии. Онтуката эстэн, икки тарбаҕын мэлиттэҕэ ол. Хата, кырдьык, хайдах өлбөтөҕө буолла?
– Ол бэйэтэ суруйар дуо итини барытын?
– Бэйэтэ буолбакка.
– Киһиҥ өссө онтун киэн туттардыы ахтар ээ.
– Ээ, сымыйалыыра буолуо…
– Ама, доҕор, хайа үлүгэрэй…
– Оо, онуоха холуйдахха, биһиги дьоммут мэниктээһиннэрэ диэн күннээҕи биир түгэн баракааһа буоллаҕа.
– Кырдьык да, оннук эбит.
– Ээ, ама уол оҕо оччо мэниктээбэт буолуо дуо?
– Диэххэ айылаах… – Ельцинтэн саллан, дьахталлар бастаан соһуйа истибит Ньукулайдаах тэбэнэттэрин улахаҥҥа уурбаттыы сыаналаатылар.
– Биһиэхэ даҕаны ити кэннэ син араас баара да, баламаттааһын суоҕа. Чэ мин ахтыыбын ситэрэн кэбиһиим, – Ньукулай кэпсээнин салҕаата. – Тиэмэбититтэн букатын халыйан хааллыбыт. Мин 9 – 10-с кылаастарга оһоллономмун сүгүн үөрэммэтэҕим. Мишалаахтан хаалбытым, кэлин киэһээҥҥи оскуоланы бүтэрбитим. Миша үрдүкү даҕаны кылаастарга куруук лидеринэн сылдьыбыта.
Сайын, күһүн катерынан кэлбит табаары куруустааһыҥҥа үлэлиирбит. Бензини куруустуур харчылаах буолара. Онно мээнэ дьону ылбаттара, күүстээх, бэйэҕин кыанар буолуохтааххын. Трюм иһиттэн 200 лиитэрэлээх буочуканы быалаан баран тардан таһаарарбыт. Михаил үксүн оннук үлэҕэ сылдьааччы. Орто оскуоланы ситиһиилээхтик бүтэрэн, үөрэх туттарса барарыгар ол үлэлээбит харчытын бырайыас оҥостубут буолуохтаах.
Үрдүк үөрэҕи бүтэрэн баран, Эдьигээҥҥэ кэргэнинээн үлэлии, олохсуйа кэлбиттэрэ. Мин кинилэргэ Баахынайтан киирдэхпинэ куруук сылдьарым. Уруккубутун-хойуккубутун ахтыһан, ырытыһан кэпсэтэрбит. Николаевтар дьиэлэрэ билигин музей буолуутугар сүбэһит буол диэбиттэригэр үөрүүнэн сөбүлэспитим. Бэйэм ыал буолан, оҕо-уруу төрөтөн, Баахынайбар букатыннаахтык олохсуйбутум. Михаил Ефимович кэлин Дьокуускайга улахан дуоһунастаах үлэһит буолбута.
Биирдэ Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр үлэлиир кэмигэр Баахынайга командировкаҕа кэлэ сылдьыбыта. Мин ол кэмҥэ оскуолаҕа учууталлыырым. «Эдьигээн» совхоз Баахынайдааҕы отделениетын управляющайа Михаил Афанасьевич Соломонов миэхэ кэлэн: «Михаил Ефимович эйигин көрсүөн баҕарар», – диэбитэ. Көрсүһэр сирбитин бөһүөлэк таһынааҕы тыа ырааһыйатыгар болдьообут этэ. Мин онно наһаа үөрбүтүм, долгуйбутум. Доҕорбун көрсүбэтэҕим 15 сыл буолбут этэ. Төһө да улахан дуоһунаска сырыттар, миигин, боростуой тыа учууталын, ыҥыран көрсүһэриттэн киэн тутта санаабытым. Балтараа чааһы быһа айылҕаҕа олорон, ис дууһабытыттан кэпсэппиппит. Хайдах олорорбун, хас оҕолоохпун, туох дьиэлээхпин ыйыталаспыта. Биэс оҕолоохпутун, ону таһынан түөрт төгүрүк тулаайаҕы иитэрбитин сөҕө истибитэ. Бары икки хостоох дьиэҕэ симиллэн олорорбутун истэн: «Кыараҕастык да олорор эбиккит», – диэбитэ. Онтон сотору сөмөлүөт кэлбитигэр Михаилы порка тахсан атаарбытым.
Биир кэмҥэ үөрэммит доҕорбут Саха Республикатын президенэ буолбутугар муҥура суох үөрбүппүт. Кининэн киэн тутта оҕолорбутугар, сиэннэрбитигэр, дьоммутугар-сэргэбитигэр мэлдьи кэпсиибит. Үлэтин-хамнаһын туһунан хаһыаттан ааҕа, араадьыйанан истэ, телевизорынан билэ-көрө олоробун. Эдьигээҥҥэ командировкаҕа кэллэҕинэ, кулуупка баран көрсүһэбин. Элбэх дьон ортотуттан миигин таба көрөн хайаан да кэпсэтээччи. Онно маҥнай көрсүһэрбитигэр: «Коля, дорообо! Хайа, манна баар эбиккин дии. Мин эйигин куоракка олороро буолуо диибин», – диэн баран илии тутуһан дорооболоспута. Михаил Ефимович, атын дьон курдук, улуутумсуйбат, урукку оскуолатааҕы доҕотторун, иккис дойду оҥостубут Эдьигээнин сирин куруук истиҥник саныыр. Ону туоһулаан биир түгэни сэһэргиим. 65 сааспын туолар үөрүүлээх күммүн кэргэним, оҕолорум Дьокуускай куоракка бэлиэтиэххэ диэн тыл көтөхпүттэрин үөрүүнэн ылыммытым. Урут-уруккуттан иитиэхтии сылдьыбыт баҕа санаам туолара чугаһаабытыттан олус долгуйбутум. Үөрэппит учууталларбын, биир кэмҥэ үөрэммит, армияҕа бииргэ сулууспалаабыт доҕотторбун-атастарбын мунньан ирэ-хоро кэпсэтэр, оҕо уонна эдэр сааспыт төннүбэт үтүө кэмнэрин ахтыһар дьоро киэһэтин тэрийбитим.
Оҕолорум: «Аҕаа, үбүлүөйгэр Михаил Ефимовиһы ыҥырдаххына кэлиэ дуо?» – диэн үүйэ-хаайа туппуттара. Мин испэр хаһан бириэмэ булан кэлиэҕэй диэн саарбахтыырым. Ол гынан баран ыҥырыыбын президент приемнайыгар орто күтүөтүм илдьэн биэрбитэ, кини Дьокуускайга суох кэмэ буолан биэрбит этэ. Дьоро киэһэм олус иһирэхтик ааспыта. Бар дьоммор олоҕум ситиһиитин, оҕолорбун, сиэннэрбин билиһиннэрэн, доҕотторум үөрбүт харахтарын көрөн олорон бэйэбин олус дьоллооҕунан санаммытым.
Арай биир үтүө күн төлөпүөн тырылаата. Трубкаҕа: «Николай Петрович, бу президент приемнайыттан секретара эрийэбин. Эйигин 65 сааскын туолбут үөрүүлээх күҥҥүнэн эҕэрдэлиибит. Сотору Михаил Ефимович бэлэҕин туттара тиийиэхпит», – диэн саҥаны истээт, долгуйуубуттан саҥабыттан маттым. Дьиэтээҕилэрим, сирэйим уларыйбытын көрөн, куттаннылар ахан. Куттаналлара сөп даҕаны, иккитэ инфарктаан «анараа дойдуга» тиийэ сыһан баран, эмчит оҕолордоох буолан бэттэх кэлбиттээҕим. Онтон өйдөнөн кэлэммин:
– Михаил Ефимович бэлэҕин туттара кэлэллэр үһү, – диэн нэһиилэ ыган таһаардым.
Аҕыйах сөкүүндэ иһигэр бары дөйбүт курдук буоллубут, ким да саҥарбат. Буолумуна, хаһан итинник түгэн буолбута баарай? Нэһиилэ өй ылан, аны «улахан дьону» көрсөөрү бэлэмнэнэр аакка түстүбүт.
– Аҕаа, хаһан бокуой булан кэлиэҕэй диэбитиҥ дии. Михаил Ефимович оскуолатааҕы кэмнэрин, чугас доҕотторун син биир умнубат буоллаҕа дии. Ол аата, кини билиҥҥинэн эрэ олорбот, оҕо сааһын доҕотторун куруук саныыр эбит. Итинтэн көстөр кини улахамсыга суоҕа, боростуойа, – оҕолорум үөрэн чоҕулуспут харахтарын көрөммүн, оҕо сааһым түгэннэрэ, бииргэ үөрэммит доҕорум өйбөр бу баардыы элэҥнээн ааспыттара.
Өр көһүттэрбэтэхтэрэ, төрөөбүт күммүнэн эҕэрдэлии, Саха Республикатын президениттэн бэлэх туттара, секретара киирэн кэлбитэ. Улахан да улахан, олус кэрэ роза сибэкки букеттаах этэ. Кэннигэр биир киһи телевизор көтөҕөн турара. Секретарь олус истиҥ тылынан эҕэрдэлээн тыл этэн баран, Михаил Ефимович ыҥырыыны тутан олус долгуйбутун, үөрбүтүн уонна ити күн куоракка баара буоллар, доҕорун үөрүүтүн үллэстэ хайаан да кэлиэхтээҕэ кыаллыбатаҕыттан хомойо саныырын туһунан долгутуулаахтык кэпсээбитэ. Ол кэннэ син өр ону-маны сэһэргэспиппит. Михаил Николаев миэхэ, оскуолатааҕы сааһын доҕоругар, истиҥ тыллары анаабыт суруга бу баар, – Николай Петрович, эрдэттэн чугаһата остуол үрдүнээҕи долбуурга уурбут паапкатын ылан, иһиттэн сибэкки ойуулаах улахан аккырыыкканы таһааран тэнитэн көрдөрдө.
Дьиэлээх аттыгар сэргэстэһэ олорор Дьөгүөр, аккырыыкканы илиитигэр ылаат, туран кэллэ.
– Күндү доҕоттор, үөлээннээхтэр, мин бу эҕэрдэ ис хоһоонун барыгытыгар ааҕан иһитиннэрэрбин көҥүллүүр инигит?
– Тыый, көҥүллээн буолумуна.
– Истэн бөҕө буоллаҕа дии.
– Ээ, дьэ-дьэ, аах…
Уопсай сөбүлэҥи, сэҥээриини ылан, Бологуурап, күөмэйин оҥостон көхсүн этиппэхтээт, аккырыыкканы тэниччи тутан туран доргуччу ааҕан барда:
«Доҕорбор!
Күндү Николай Петрович, орто дойдуга төрөөн, олох олорон 65 сааскын туолбут үтүө түгэҥҥинэн доҕордуу истиҥник эҕэрдэлиибин!
Олоҕуҥ усталаах-туоратыгар ыччаты иитиигэ, кыамматтарга-тулаайахтарга күүс-көмө буоларга, дьиэ кэргэни, алаһа дьиэни олохтоохтук, бигэтик тэриниигэ дьоҥҥо-сэргэҕэ үтүө холобур буолбуккуттан астынабын.
Эдэр, оҕо эрдэхпититтэн доҕордуу сыһыаммытын умнубаппын, харыстыыбын. Дьолу-соргуну, үтүө доруобуйаны! Саҥа үйэҕэ бигэ олоҕу Эйиэхэ, дьиэ кэргэҥҥэр баҕарабын.
Эҕэрдэни кытта Михаил Николаев».
Истээччилэр бары, дьиэлээх киһини эҕэрдэлээн, уруйдаан күө-дьаа кэпсэтиилэрин салҕаан, уруккуну-хойуккуну ахтыһа, саныы олордулар.
– Мин эһигиттэн биир кылаас үрдүкү үөрэммитим, – Евдокия Васильевна Кононова, билигин улуустааҕы музей кассира, Николай Петровичка туһаайан бэйэтин ахтыытын саҕалаата. – Ол гынан баран интэринээккэ бары бииргэ олордохпут дии. Оччолорго биология учуутала Анастасия Яковлевна интэринээккэ анаан хортуоска олордор этэ. Онно үлэлиирбит, хортуоска хостоон эбии аһылык оҥосторбут.
Кыһыҥҥы маспытын бэйэбит бэлэмниирбит. Миша, эн, Атласова Лида диэн сытыы баҕайы кыыс баара дии уонна да атыттар буолаҥҥыт 12 көстөөх сиргэ Куонараҕа, Кыстатыамҥа хайыһарынан баран кэлэргит дии. Хайыһар секцията баара, онон походтаан хонон баран кэлэр быһыылаах этигит. Барытын Миша тэрийэрэ.
– Ээ, маарыын эппитим дии, оһоллономмун, балык уҥуо-ҕар харан кылааспыттан хаалан хаалбытым диэн. Кырдьык, ол иннинэ походтаһа барсаары бэлэмнэнэ аҕай сылдьыбытым, – Ньукулай хом түспүт куолаһынан саҥарда.
– Оннук дуу? Уопсайынан, Мишалаах сүрдээх активнай кылаас этилэр.
Мин 1955 сыллааҕы иккис выпуспун, төрдүө эрэ этибит: мин – Иванова Дуся, Элляева Валя, Иванов Миша, Иванов Гоша буоламмыт бүтэрбиппит. Михаил Ефимович Омскайга үөрэҕин кэнниттэн комсомолга үлэлээбитэ. Кинини кытта мин кэргэним бииргэ үлэлэспитэ, мин оҕобун кытта дьиэҕэ олорбутум.
– Ити поход туһунан мин наһаа үчүгэй өйдөбүллээхпин, – кэпсэтиигэ толуу, холку көрүҥнээх Светлана Николаевна Карпова кытынна. – Кырдьык, оччолорго Миша Николаев сааскы өрөбүл кэмигэр нэһилиэктэринэн походу тэрийэр этэ. Улахан уолаттар Кыстатыамҥа хайыһарынан бараллара, оттон биһиги табанан айанныырбыт. Онно биһигини, кыра кылаастары, эмиэ илдьэ сылдьаллара. Аара дьаамҥа хонорбут. Онно уолаттарбыт биһигини, кыргыттары, тоҥуоххут диэн таҥаһынан, соннорунан үллүйэллэр. Оттолоругар сытыарар, наһаа харыстыыр, кыһаллар этилэр.
Кэлин «Эдьигээн» совхоз тэриллибитигэр миигин биир сыллаах зверовод үөрэҕэр Улан-Удэҕа ыыппыттара. Үөрэхпин бүтэрэн Кыстатыамҥа үлэлии сырыттахпына, Михаил Ефимович райкомолга кэлэн баран миигин комсомолга үлэҕэ ылбыта. Сэттэ сыл ыччаты кытта үлэлээбитим. Субуотунньуктары тэрийэрбит, кулууппутугар мас бэлэмниирбит. Кулууп маһын комсомоллар дьаһайаллара, маска бары ырыанан-тойугунан тахсарбыт. Уолаттар охтороллор, кыргыттар мутук ыраастыыбыт, киллэрбиттэрин кэннэ эрбиибит. Стрекаловка мууһугар каток оҥорон хаҥкыылыырбыт.
Наар былаанынан үлэлиирбит. Сэкирэтээрбит хаһан да кыыһырбата, мөхпөтө-эппэтэ, куруук күлэ-үөрэ сылдьара. Концертары, семинардары, конференциялары тэрийэрбит. Быыбардары ыытыы тэрээһинигэр сарсыарда 5 – 6 чаастан гармошкалаах кэлэрбит. Урут оройуоннары бөдөҥсүтүү кэмигэр конференцияҕа кытта Тиксииттэн Чилингаров кэлэр буолара.
Кэлин Дьокуускайга сельхозтехникаҕа ГСМ инженеринэн үлэлээбитим. Онно Михаил Ефимович миниистир эрдэҕинэ чох, горючай боппуруостарынан сибээстээн, куруук алтыһар, кэпсэтэр этибит. Былырыын Эдьигээҥҥэ кэлэ сылдьан, урут комсомолга бииргэ үлэлээбит дьонугар барыбытыгар анаан бэлэх туттартаабыта, наһаа үчүгэйдик кэпсэппитэ.
– Инньэ гынааччы ээ, урукку доҕотторун, бииргэ үлэлээбит дьонун умнааччыта суох, – сэһэргээччи тохтообутугар Ньукулай сэҥээрэн, кэпсэтиини салгыырыгар көрдөһөрдүү, утары олорор Мария Егоровна Федорова диэки көрдө. – Аны Маарыйаны истиэххэ, кини даҕаны балай да бииргэ үлэлээбит, алтыспыт буолуохтаах.
– Бииргэ үөрэнэрин үөрэммэтэҕим. Кини кэлэр сылыгар мин сэттиһи бүтэрбитим. Онтон атын сиргэ көһөн барбыппыт, – Мария Егоровна кэпсээнин улгумнук саҕалаата. – Көрөр этим, интэринээккэ олорон телогрейканан сылдьара. Баттаҕа хойуу, куудара бөҕө, бэргэһэ соччо кэппэт этэ. Оскуола чугас буолан кыһаллыбат быһыылааҕа. Суумката суох, кинигэлэрин кыбына сылдьааччы.
Үөрэнэн үлэһит буолан баран Өлөөҥҥө тиийэн үлэлээбитим. Биирдэ Дьокуускайга көрсөн үлэҕэ ыҥыран, комсомолга тыа хаһаайыстыбатын отделыгар киирбитим.
Ол саҕана сибиинньэҕэ бурдугу сиэтимэҥ диэн уураах тахсыбыта. Ыаллары кэрийэ сылдьан бурдугу, куруппаны сиэппэттэрин хонтуруоллуур этибит. Уопсайынан, киһи сиир бурдугун көҥүллээбэттэрэ. Урут Булуҥу, Өлөөнү, Анаабыры, Верхоянскайы, Эдьигээни холбоон, биир производственнай управление оҥоро сылдьыбыттара. Манна Эдьигээҥҥэ кииннэммиттэрэ. Элбэх специалист баара, кинилэр райкомол бюротугар киирэллэрэ. Олору кытта таба учаастактарыгар эҥин командировкаларга сылдьарбыт. 60-нус сыллар ортолоругар арыгы маассабайа суоҕа. Биир эмэ иһэр ыччакка наставник, кэпсэтэр, иитэр киһини аныыллара.
Кырдьык, куруук былаанынан үлэлиирбит. Нэдиэлэ аайы мунньахтаан, былаан туолуутун бэрэбиэркэлээһин буолара. Михаил Ефимович ону чопчу ирдиирэ.
Идэбинэн зоотехник этим. Хонтуораҕа олорорбун сөбүлээбэппин. Биирдэ управлениелар Москваҕа икки ыйдаах идэни үрдэтинэр курска направление биэрдилэр. Курспуттан кэлбитим, Верхоянскай оройуон арахсан хаалбыт, үлэм миэстэтэ хата баар эбит. Маннааҕы зверофермаҕа старшайынан үлэлээтим. 1964 сыллаахха кырса төрүөҕэр, тирии туттарыытыгар республикаҕа бастаан таҕыстыбыт. Таба иитиитигэр эмиэ бастаатыбыт. Инньэ гынан көтүөхпүтүн кыната эрэ суох сырыттыбыт. Эһиилигэр иккиһин бастаатыбыт.
Онтон Иркутскайга тыа хаһаайыстыбатын институтугар үөрэнэ бардым, Николаев Дьокуускайга обкомолга барбыта. Үөрэхпин бүтэрэн учуонай зоотехник буолбутум. Зверофермаҕа үлэлээбит кэммин Михаил Ефимович хайгыыр этэ, оройуон көрдөрүүтэ тубустаҕа дии. Кэлин миниистирдии сырыттаҕына, онтон обкомҥа үлэлиир сылларыгар, мин Верхоянскайга совхоз парткомугар үлэлиир кэмнэрбэр куруук көрсүһэр, үлэбитинэн алтыһар буоларбыт. Көмөлөһөр этэ.
Мария Егоровна кэнниттэн кыра, хатыҥыр бэйэтигэр холооно суох эрчимнээхтик туттубут-хаптыбыт, сытыы тыллаах-өстөөх, олохтоох бэтэрээннэр Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Евдокия Ивановна Константинова, тыл этэрин кэтэһэн олорбуттуу, кэпсэтиини тута хабан ылан салгыыр:
– Убайын кытта саастыыбын. Михаил Ефимович оҕо эрдэҕиттэн сүрдээх туругас-олоругас, сүрэхтээх, ирдэбиллээх, бэйэтин саастыылаахтарын түмэ тардар дьоҕурдаах этэ.
Кэлин райком пленума, бюрота буоллун, итэҕэһи-быһа-ҕаһы тута этэр идэлээҕэ. Биирдэ райком бастакы секретара Васильев Николай Егорович баарына кыыл, таба иитиитигэр итэҕэһи ыйбытын киһитэ сөбүлээбэтэҕэ. Оччолорго партияны саҥарыллыбат этэ. Мээнэ буолары-буолбаты араатардыыр куолуһут дьон элбэх буолара. Кини инньэ гыммат этэ. Ордук-хоһу тугу да саҥарбакка, чопчу, чуолкайдык этэрэ. Комсомолга үлэлии сылдьан, мин Баахынайга сэбиэттээн олордохпуна, субуота, өрөбүл аайы 10-тан тахса көстөөх сиргэ хайыһарынан кэлэллэрэ. Бөһүөлэктэн 1,5 көстөөх сиргэ зверофермаҕа хайа үрдүттэн мас охторон, мыраан сирэйинэн аллара түһэрэллэрэ. Бөһүөлэккэ лекция ааҕара, концерт, маассабай оонньуу тэрийэрэ. Трио, квартет иһигэр киирсэн ыллаһар этэ. «Ыытар миигин комсомол», «Геологи», онтон да атын ырыалары ыллыырбыт. «Шахталыыбыт», «третий лишний» оонньуубут. Сэкирэтээрбин диэн туора турбат, киирсэн иһэр. Хаһыат, листок таһааттарара. Биирдэ дьиэбэр киэһэ, маҕаһыын сабыллыбытын кэннэ, уоппун отто сырыттахпына кэлэн соһуттулар. Атыыһыты булан маҕаһыын астаран ас ылан кулуупка баран аһаан, мааттар үрдүлэригэр хонон турардаахтар.
Дьоҥҥо наһаа эйэҕэс, кыһамньылаах. Дьон аатын барытын билэр, өйдүүр. Бииргэ үөрэммит табаарыһа Петров Николай Иннокентьевич диэн хирург куртах рага буолан, пенсияҕа тахсаат, өлбүтэ. Өлүөн биир сыл иннинэ Михаил Ефимович президеннээн олорон, командировкаҕа кэлэ сылдьан көрсөн кэпсэппит, эмкэ көмөлөһүөн хайыы-үйэҕэ кыаллыбат буолбут этэ. Ону Коля өлөрүгэр наһаа үчүгэйдик санаан барбыта. Ксенофонтовтар диэн бырааттыылары сураспыта. Олорго, элбэх оҕолоох, хаһаайыстыбалаах ыалларга, дьиэ тутуутугар матырыйаалынан көмөлөспүтэ.
Михаил Ефимович дойдутун мэлдьи ахтар-саныыр. Хаһан эмэ кэллэҕинэ, кумахха балыктыыр, сынньанар. Саамай таптыыр миэстэтэ – оҕо сылдьан атах сыгынньах бадараанын кэһэн тиийэн күөгүлүүр сирэ, Уоттаах диэн. Биһиги хайабыт салгыыта, кумахтаах, хайалардаах, буруулардаах күөгүлэнэр сир. Онно тиийэн күөгүлээччи. Интэринээккэ иитиллибит, тулаайах аҥаардаах киһи буоллаҕа дии. Оскуола көлүнэр атын үөрэҕин быыһыгар көрөр-истэр, биэбэйдиир этэ. Тулаайах, эрэйи көрбүт киһи буолан, дьоҥҥо наһаа үчүгэй сыһыаннаах. Эдьигээҥҥэ көмөтө элбэх. Семейнэй экономиканы наһаа өйүүр, улууска сибиинньэни, кууруссаны дэлэччи ыыттарар. Кимиэхэ туох наадатын куруук ыйыталаһар.
Бэйэтин курдук үлэһит, түүннэри-күнүстэри сылдьар дьону сөбүлүүр. Бытаан киһини сөбүлээбэт, оннуктары быһа-хото саҥаран даҕаны кэбиһиэн сөп. Уопсайынан, олус принципиальнай, справедливай киһи.
Кэпсэтии киэһэ хойукка диэри уһаата. Дьөгүөр Бологуураптан уратылара олохтоох Эдьигээн дьоно, бары Михаил Ефимовиһы кытта биир көлүөнэ дьон, биир кэмҥэ үөрэммит, үлэлээбит, бииргэ алтыспыт доҕотторо, табаарыстара. Олох оҥоһуута, дьылҕа хаан ыйааҕа диэн дьикти баҕайы. Оҕо эрдэҕинээҕи, эдэр сааһыҥ кэминээҕи, бэйэҕиттэн соччо улахан уратыта суох курдук көстөр доҕоруҥ, үөлээннээҕиҥ кэлин улахан киһи, бүтүн норуот лидерэ, республика салайааччыта, президенэ буола үүнэрэ-улаатара олус үөрүүлээх, умсугутуулаах иэйиини, киэн туттунуулаах санааны үөскэтэрэ биллэр.
Кылгас түгэҥҥэ дьиэ иһэ чуумпуран, дьон бэйэлэрин санааларыгар куустаран саҥата суох олорбохтоотулар. Бу олорооччу Эдьигээн олохтоохторо эдэр эрдэхтэринээҕи үөрэх, үлэ күүрээннээх кэмнэригэр Михаил Николаевы кытта алтыспыт умнуллубат үтүө өйдөбүллэрин иккистээн тилиннэрэн минньитэ саныы олорор буоллахтарына, Дьөгүөр Бологуурап өйө-санаата букатын атынтан иҥнэн, онтугар хоруй көрдүүрдүү, барыларыгар туһаайан ыйытта:
– Киһи киһиттэн уратыта туохханый? Атыннык эттэххэ, оҕо эрдэхтэн биир кылааска үөрэммит, биир кэмҥэ студеннаабыт, биир коллективка үлэлээбит, этэргэ дылы, биир иһиттэн-хомуостан аһаспыт киһиҥ үрдээн, улаатан, республика салайааччытыгар тиийэ үүнэн тахсыытыгар туох төрүөт, күүс-көмө, өйөбүл буолуон сөбүй?
– Ким билэр, оттон өй-талаан быһаарар ини.
– Ген диэн баар дии, төрдө-ууһа быһаарара буолуо.
– Ээ, Михаилы эттэххэ, төрүт оҕо эрдэҕиттэн киһиттэн эрэ ураты өйдөөх-санаалаах, бэрээдэктээх, аһыныгас майгылаах этэ, – Ньукулай, үөлээннээхтэрин этиилэрин биир санааҕа түмэрдии, күө-дьаа баһаарыйда. – Онтуката үүнэн-сайдан истэҕин аайы тэҥҥэ сайдар буоллаҕа дии.
– Ол аата, олох оскуолатыгар, үлэҕэ-хамнаска буһуу-хатыы таһынан, бэйэ билбитинэн-көрбүтүнэн дуоһуйбакка, өссө эбии самообразование, бэйэни бэйэ ииттиниитэ, куоһаныы быһаарар буоллаҕа, – Евдокия Ивановна, түмүктүүрдүү, быһа-бааччы быһаарда.
Дьөгүөр, барыларын санааларын истэн баран, Николаев биир интервьютугар «…мин олоҕум оскуолата атын эбит быһыылаах. Норуот саамай дьадаҥы араҥатыттан саамай ыарахан, сэрии, сут-кураан, репрессия түбүлээбит кэмигэр төрөөн-үөскээн, тулаайах аҥаардаах үөрэҕэ суох ийэбитигэр түөрт оҕо иитиллэн, инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан тыыннаах ордон, үөрэнэн үлэһит буолбутум ол дьайар буолуохтаах» диэбитин аҕынна.
– Чахчыта оннук. Биһи көлүөнэ дьон оҕо сааспыт, ордук кыамматтар, тулаайахтар өттүлэригэр, тыыннаах ордор, киһи буолар туһугар ууга-уокка дьиҥнээх хатарыллыыны, уһаарыллыыны аастаҕа дии. Кини оннук дьонтон биирдэстэрэ буоллаҕа, – Ньукулай, оҕо эрдэҕинээҕи эрэйдээх кэмин санаан, өрө тыынан ылла.
– Кырдьыга да, биһиги оҕо сааспыт кэмэ диэхтээн Павка Корчагин кэмиттэн туох ордуктаах буолуой? – Мария Егоровна, сөбүлэһэрдии, Ньукулай диэки кэҕис гынна. – Онтукпутунан өттөйбөтөх эрэ буруйдаах инибит.
– Буот, Михаил Ефимовиһыҥ ол иһин этэр, оннук кытаанах, тыйыс усулуобуйаҕа буһан-хатан тахсыбытым ол дьайар буолуохтаах диэн, – Дьөгүөр сөмүйэтин чочоҥнотто. – Ол иһин кини саха норуотун кыһалҕатын, эрэйин-муҥун өйдүүр. Омугун былыргы историятын, кини чулуу уолаттара олорбут олохторун, мөккүспүт мөккүөрдэрин иҥэн-тоҥон үөрэтэр, кинилэр дьыалаларын, өйдөрүн-санааларын үлэтигэр туһанар. Урукку салайааччыларбытыттан хайалара оннук гынар этэй?
– Кырдьык даҕаны, историяны хаһыспыттара суох ини.
– Кинилэр бэйэлээхтэр былыргы өбүгэлэрин үөтэ сылдьыахтара баара дуо? Хата сорохторо Өксөкүлээх, Алампа, Күлүмнүүр курдук дьоннорбутун буржуазнай националистар диэн сыанабыл бэрдэрэ сатыыллар этэ, Ойуунускайы, Омуоһабы «норуот өстөөҕө» аатырда сылдьыбыттара дии. Оччотооҕу да аас-туор кэмҥэ салайааччылар, элиталар олохторо атын этэ, – Дьөгүөр, кэпсэтиини түмүктүүрдүү, чааскытын сыҕарыта анньан баран дьиэлээхтэргэ махтанна.
Истиҥ Таптал. Ыал буолуу
Көрөөччүлэр музей-дьиэни көрөн-истэн, кэпсэтэн-ипсэтэн, бырааһынньыкка сылдьыбыт саҕа сананан дуоһуйан тарҕаспыттарын кэннэ Михаил Ефимович музейы тэрийээччи аҕыйах үлэһити кытта хаалан, салгыы кыратык сэһэргэһэ түстэ. Дьоно остуол, иһит-хомуос хомуйар кэмнэригэр дьиэтин иһин, хостору кэрийэн көрүтэлээтэ. Эдэр сааһын эргитэ санаан, ахтылҕан сылаас иэйиитигэр хам куустаран турда. Түөрт уонча сыллааҕыта саҥардыы ыал буолбут эдэр дьон, улахан кыыстарын Оляны көтөхпүтүнэн, бу дьиэ боруогун аан маҥнай атыллаан киирбиттэрэ. Ол букатын бэҕэһээҥҥи курдук ээ, күн-дьыл биллибэккэ түргэнник да ааһар буоллаҕа…
Институт спортивнай саалатын киэҥ уораҕайын уҥа өттүгэр гимнастическай снарядтар эҥин эгэлгэ көрүҥнэригэр кулуһун курдук көнө уҥуохтаах, дьороҕор таһаалаах кыргыттар киһи кыайан үөйбэт араас уустук хамсаныыларын оҥорон имиллэ-мускулла оонньууллар. Кинилэр ортолоругар намчы көрүҥнээх, сырдык хааннаах эдэркээн саха кыыһа брусья үөһээ-аллараа туорайдарыгар тииҥ курдук ыйаастан имигэстик имиллэҥнээн, араастаан эргичийэн кулахачыйара харахха ураты быраҕыллар. Атын да снарядтарга толорор хамсаныыларын дьүөгэлэринээҕэр быдан ыраастык, чуолкайдык, чэпчэкитик оҥорор.
Штангистар секциялара гимнастар кэннилэриттэн саҕаланара. Инньэ гынан кыргыттар дьарыктаналларын үксүгэр баттаһа кэлэн, кинилэр тупсаҕай быһыыларын-таһааларын, киһини кэрэхсэтэр дьикти хамсаныыларын сөҕө-махтайа көрөр буолаллара. Оттон кыргыттар эрчиллиилэрин кэнниттэн гардеробнайга киирэн таҥастарын уларытта сылдьан, диискэлэри уларытан-тэлэритэн тимир тимиргэ охсуллар тыастаах саалаҕа бигэ-таҕа көрүҥнээх, быыппастыгас быччыҥнаах уолаттар штанганы кытта эриһэн чиччигинэһэ мөхсөллөрүн кэлэ-бара истэ-көрө сылдьаллара. Онон күн-дьыл ааһан истэҕин аайы бэйэ-бэйэлэрин хардарыта кэрэхсии, сэргии көрөр түгэннэрэ элбээн испитэ. Сорохтор сыыйа билсэн-көрсөн, чугасаһан барбыттара.
Гимнасткалартан саамай бастыҥнара, нарын-намчы көрүҥнээх Омскайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын институтун төрдүс курсугар үөрэнэр Дора Сухаринова институт уонна куорат вузтарын гимнастикаҕа чемпионката буоларын манна үөрэнэр Саха сирин студеннара бары билэллэрэ. Кини бииргэ үөрэнэр дьүөгэлэриттэн саамай эдэрдэрэ, нарыннара, сэмэйдэрэ этэ. Ол иһин биир хоско олорор дьүөгэлэрэ кинини балтыларын курдук көрөр-истэр, харыстыыр, араҥаччылыыр этилэр. Бу хайыы-үйэҕэ үрдүкү курска тиийэ охсубут, куорат биир бастыҥ спортсменката буолбут эдэркээн кыыһы быйыл маҥнайгы курска саҥа үөрэнэр Миша кэрэхсии, сөҕө, толло көрөрө. Сыл аҥаарын устата биир институкка үөрэнэр уонна спортивнай саалаҕа хардарыта солбуйсан дьарыктанар буоланнар, быыска-арыкка уонна аасыһан иһэн хам-түм утарыта түбэсиһэн бэйэ-бэйэлэрин көрөн билэр этилэр.
Миша бүгүн штангистартан ким-хайа иннинэ кэлэн таҥаһын уларытта ааһан иһэн көрдөҕүнэ, гимнасткалар бары снарядтарга солбуһа сылдьан араас эрчиллиилэри толоро сылдьаллара. Кинилэр ортолоругар Дора эмиэ баарын үөрэ көрбүтэ. Киирэн таҥаһын уларыттан, дьарыктанарга аналлаах спортивнай трикотун кэтэн, аҕыйах разминкаланар хамсаныылары оҥорбута. Гардероб аһаҕас ааныгар кэлэн сааланы одууласпыта. Гимнасткалар дьарыктанан бүтэн, утуу-субуу хосторугар таҥна барбыттара. Дора дьүөгэлэриттэн арыый хаалан, гимнастическай бэрэбинэ үрдүгэр ханнык эрэ уустук хамсаныыны хатылаан, аҥаар атаҕар биэтэҥнээн сүр имигэстик төттөрү-таары эргийэн кулахачыйар, ханнык эрэ элемени чочуйан хос-хос оҥорор. Миша, долгуйа, толло да быһыытыйдар, быһаарыылаах түгэҥҥэ куруук бэйэ бодотун тардына, холкутук тутта үөрэммитинэн, сорунуулаахтык иннин диэки хардыылаан аҕыйах хаамыынан кыыс таһыгар баар буола охсон хаалбытын бэйэтэ даҕаны билиминэ хаалбыта. Тиийэн туох диэбитин билигин бу диэн чопчу хатылыыр кыаҕа суоҕун иһин биири – кыыс кини кэлиэхтээҕин кэтэспит курдук умса көрбүт килбик нарын мөссүөнүн чуолкай өйдүүр. Ол дьикти симик көстүү, хаһан да өлбөөдүйбэт кэрэ хартыына буолан, кини өйүгэр-санаатыгар хам хатанан, үйэ-саас тухары умнуллубаттык иҥэн хаалбыт. Хаһан да, ханна да буоллун, кэмиттэн-кэмигэр соҕотохсуйа, чуҥкуйа эрэ түстэр, маҥнайгы ыраас тапталын сырдык мөссүөнүн кэрэ хартыына буолан көстөн кэлэр дьикти дьайыыта ордук сааһыран истэҕин аайы эбии тупсан, киэркэйэн иһэргэ дылы. Бүгүн эмиэ бу ыал буолбут олохторун маҥнайгы биһигэр эргиллэн кэлэн үйэ аҥаарын кэриҥэ анараа өттүнээҕи кэм өйтөн сүппэт чаҕылхай түгэнин илэ-бодо көрөргө дылы гынна.
Билсиһиилэрэ, бэйэ-бэйэлэрин итэҕэйсэн сыыйа бодоруһуулара оччотооҕу ыччат судургу сиэринэн туох да уустуга, мэһэйэ суох көнө суолунан барбыта. Сотору-сотору көрсүһэр, киинэҕэ, театрга, күрэхтэһиилэргэ, библиотека ааҕар саалатыгар бииргэ сылдьар буолбуттара. Дора дьүөгэлэрэ, кинини араҥаччылыыр, харыстыыр бииргэ олорор кыргыттара, Миша Николаевы бары өттүнэн эҥкилэ суох, бэрээдэктээх, үчүгэй уол быһыытынан билинэн, кыыстарыгар сүбэ-ама буолан, эдэрдэр сыһыаннара бөҕөргүүрүгэр кыһалла, көмөлөһө сатыыллара. Ол иннинэ биир кэлбит-барбыт сытыы, солуута суох элбэх саҥалаах уол Дораҕа иҥээҥнээри соруна сылдьыбытын дьүөгэлэрэ төрүт чугаһаппатахтара. Истиҥ доҕордуу сыһыан, эрэллээх өйөбүл, көмө диэн онно баара.
Сылтан ордугунан Дора үөрэҕин бүтэрэн дипломун ылан, оттон Миша иккис курсу бүтэрэн, сайыныгар иккиэн бииргэ дойдулаабыттара. Өктөмҥө Миша дьонугар тахсаннар дьоллорун холбоон ыал буолбуттара. Дора Уус-Алдан оройуонугар ветеринарынан ананан Бороҕоҥҥо көспүтэ. Миша үөрэҕин салгыы Омскайыгар төннүбүтэ. Төрдүс курс кэнниттэн дойдутугар кэлэн производственнай практикатын кэргэнэ үлэлиир сиригэр барбыта. Үс ый ветеринардаан Уус-Алдан фермаларын, бэлэсипиэтинэн сылдьан, барыларын кэрийбитэ. Субуотунньуктарга кыттан Бороҕон пааркатын тутууга үлэлэспитэ. Түөрт сыл штанганан утумнаахтык дьарыктанан күүһүн-уоҕун үгэнигэр сылдьара. Охтубут тиити сүгэн баран талбыт сиригэр тэлэкэчитэн илдьэрин дьон сөҕө-махтайа көрөрө. Сорох уолаттар дьиибэлэнэн тиит төбөтүгэр ыйааһыннахтарына, билиммэккэ сүгэрин сөҕөн кэпсииллэрэ.
Ол сайын Дьокуускайга республика норуоттарын фестивалыгар Дора оройуон самодеятельнай коллективыгар киирсэн кытайдыы үҥкүүнү толорон кыттыбыта. Оттон Михаил республика спартакиадатыгар штангаҕа күрэхтэһэн сахалартан спорт бу көрүҥэр бастакынан маастар буолбут Михаил Скрябин кэнниттэн иккис миэстэҕэ тахсыыта улахан ситиһии этэ. Ыраас таптал иэйиилээх, эдэрдии көрдөөх-нардаах үчүгэй да кэм ааспыта ол сайын.
Нөҥүө сылыгар үөрэҕин бүтэрэн кэлиитигэр Дората кырачаан кыыстанан көрсүбүтэ. Соҕотох бэйэтэ үһүөлэһэн, ыал аҕата, бүтүн дьиэ кэргэн баһылыга буолар үрдүк чиэскэ, үөрүүгэ тиксэр дьол эмискэ түмүллэр өрөгөйдөөх үтүө кэмигэр сүбэлэһэн баран, аҕатын уҥуоҕа хаалбыт, оскуолатааҕы эдэр, оҕо сааһа ааспыт сиригэр Эдьигээҥҥэ 1961 сыл күһүнүгэр үлэлии кэлэн бу дьиэҕэ киирбиттэрэ.
Дора Никитична
Дора Никитична чэй кутарын быыһыгар номоҕон көрүҥнээх хаһыат үлэһитэ дьахтарга саас-сааһынан сиһилии кэпсии олордо. Кини, сайаҕас майгылаах аламаҕай саха дьахтарын сиэринэн, туох да кэтэмэҕэйдээһинэ, кистэлэ суох сэһэнэ истээччини эрэ абылыах истиҥ, судургу, ис-киирбэх буолан суруналыыс бэркэ сэҥээрэн истэр.
– Аҕыс оҕо бары үрдүк үөрэхтээхпит. Ийэбит өҥөтө. Аҕабыт, былыргылыы түөрт кылаас үөрэхтээх киһи, потребобществоҕа бухгалтердыы олорон 52 сааһыгар, мин уон биирдээхпэр өлбүтэ. Өлүөн иннинэ ийэбитигэр: «Аныгы киһи баайа – үөрэх. Кытаатан оҕолоргун үөрэттэр», – диэн кэриэһин эппит. Ийэбит домохозяйка этэ, ол да буоллар, аҕабыт кэриэһин толорон, барыбытын үрдүк үөрэхтээн баран 79 сааһыгар күн сириттэн күрэммитэ. Аҕабыт суох буоларыгар кини сэттэ оҕолоох соҕотоҕун хаалбыта. Ахсыс оҕотун ыарахан этэ. Эбэм баар этэ оччолорго, сүөһүлээх буолан уонна ийэм учуутал балта көмөлөрүнэн дьон буолбуппут. Эбэбит бэйэтэ кыстыктаах, сайылыктаах, чэгиэн, хорсун эмээхсин этэ. 70-гар сылдьан оҕуһу миинэрэ, билиҥҥи кэм эбитэ буоллар, предприниматель бэрдэ буолуох эбит. Сайын ыһыахха оҕуһун көлүйэн сылабаарын тиэйэн баран, чэй өрөн, лэппиэскэ атыылаан хорчуопкалыыр этэ. 80-тан тахсан баран өлбүтэ. Уон алтата оҕоломмутуттан түөрдэ эрэ тыыннаах хаалбыта.
Убайым, улахан эдьиийим учууталлар, кыра эдьиийим радиоинженер, Екатеринбурга олорор. Мин ветврачпын, анныбынааҕы кыыс врач, биир бырааппыт химик, МГУ-ну бүтэрбитэ. Иккис бырааппыт геолог, Ленинградка үөрэммитэ. 1945 сыллаах төрүөх, экспедицияҕа сылдьан өлбүтэ 22 сыл буолла. Кыра балтыбыт строитель, Новосибирскайы бүтэрбитэ.
– Эн, Михаил Ефимовичтыын саастыы эрээри, үөрэххин кинитээҕэр урут бүтэрбит эбиккин дии? – суруналыыс, дьахтар киһи сиэринэн, интэриэстээх дьонун ис сыһыаннарын биллибэт быыһын сэгэтэ тардар кэриэтэ сэрэхэдийэ быһыылаахтык ыйыппытыгар Дора Никитична, сүр истиҥник күлэн кэбиһээт, көнөтүнэн улгумнук салгыы кэпсээн барда:
– Мин алталаахпыттан үөрэммитим. Инньэ гынан Ньурба оскуолатын уон алтабар бүтэрбитим. Үөрэххэ киирээри Дьокуускайтан Лена баһыгар диэри борохуотунан 19 күн устата куттал бөҕөнөн хаайыылаахтары кытта бииргэ айаннаатыбыт ээ.
– Оо, били амнистия саҕана буоллаҕа дии?
– Ким билэр, арыый эрдэ эбитэ дуу…
– Ээ, сөп. Били «Холодное лето 53-го» диэн киинэни буккуйбуппун.
– Кырдьык, оннук эбит. Ол да буоллар хаайыылаахтары чаастатык илдьэр-аҕалар кэмнэрэ быһыылааҕа. 16–17 саастаах кыргыттары ол «аргыстарбыт» олох кэтии сылдьаллара. Ону хата аармыйа кэнниттэн үөрэммит уолаттардаах буоламмыт олорбут абыраабыттара. Түүн биһигини харабыллааннар олорон эрэ айанныыллар, күнүс утуйаллар этэ.
Түөрт сайын устата дойдубар биирдэ да кэлбэтэҕим, харчы суох буолан. Инньэ гынан сайын колхозтарга баран ыалга олорон бурдук тогар үлэлээн айахпытын булунарбыт, кырыс сир хампаанньатын кэмэ этэ. Хортуоппуй, помидор, хаппыыста биэрэллэр, хамнас суох. Михаил куруусчуттаан харчы өлөрүнэр быһыылааҕа. Кини үөрэҕин бүтэриэр диэри Бороҕоҥҥо ананан, үс сыл ветвраһынан үлэлээбитим. Өссө, иккис сылбар этэ дуу, райкомол иккис секретарынан тала сылдьыбыттарын аҕыйах ый үлэлээн баран сөбүлээбэккэ уурайан, бэйэм идэбэр көспүтүм.
– Арба, Михаил Ефимович Бороҕоҥҥо кэлэ сылдьан паарка тутуутугар үлэлэспитин туһунан биир оҕонньор биһиги хаһыаппытыгар суруйан турардаах ээ. Ол хаһааҥҥыта этэй?
– Төрдүс курс кэнниттэн производственнай практикаты-гар кэлэ сылдьыбыта. Онно, кырдьык, мас кэрдиитигэр үлэлэспитэ. Түөрт мөһөөххө иистэнэр массыына ылан бэлэхтээн турар ээ. Оччолорго сыаналаах бэлэх этэ.
– Тыый, оннук буолумуна. Студент киһи холугар улахан бэлэх эбит.
– Оннук ээ, – хаһаайка ыалдьыта сахалыы сиэринэн кыра кэһии аҕалбыт дьэдьэниттэн ньуоска төбөтүнэн ылан амсайан көрдө. – Бөдөҥ баҕайы эбит ээ. Бу Амма эҥээрин киэнэ буолан маннык дуу?
– Кырдьык, Амма дьэдьэнэ бөдөҥ буолааччы. Онуоха эбии бу икки кэнники сылга Амма хаҥас эҥээр тыатын киэҥ баҕайы сиринэн маһын түүлээх үөн, шелкопряд, сиэн кэбиһэн, сииктээх почваҕа дьэдьэн наһаа үүннэ, – ыалдьыт сонунун ирэ-хоро кэпсээн барда. – Мин аймахтарбар тахса сылдьан хас да күн сылдьыһан, син балай да тииһинним. Дьон биэдэрэнэн, үүт кутар улахан бөтүөнүнэн коммерсаннарга, соҕотуопкаҕа туттараннар, харчы бөҕө өлөрүммүттэр үһү.
– Ноо, сүрдээҕин да үүммүт эбит. Дьон туһаммыта үчүгэй. Ол үөн төһө киэҥ сири сиэбитий?
– Тыый, баһаам киэҥ буоллаҕа дии. Таатта сириттэн Мындаҕаайыга диэри, кэтитэ Чурапчы үөһээ нэһилиэктэригэр тиийэ дииллэр. Наар тиит мас мутукчатын сиир эбит, инньэ гынан хара тыа маһа барыта хатан, хатырыгын тоҥсоҕой суллаан, көрөргө дьулаан хартыына диэтэҕиҥ.
– Дьиибэ да буолар эбит, киһи истибэтэх суола, – Дора Никитична санаарҕабыллаахтык өрө тыынна, чэйиттэн сыпсырыйа түстэ. – Михаил манна баара буоллар, врачтар боптоллор даҕаны, бу дойдутун аһыттан былдьасыһан да туран амсайыа этэ. Киниэхэ саахардаах ас ханнык да көрүҥэ көҥүллэммэт ээ.
– Даа? Ону билбит буоллар, саахара суох аҕалыахха баар эбит. Биһиги кинини олох муус доруобай киһи курдук саныыбыт ээ. Барара-кэлэрэ чаастата, үлэтин тэтимэ илистиилээҕэ сүрдээх дии, биирдэ даҕаны уоппуска ылан сынньаммыта иһиллибэт, – ыалдьыт чахчы соһуйа истибитин кистээбэтэ.
– Ыалдьыбыта ыраатта ээ, өссө Үөһээ Бүлүүгэ олорор эрдэхпититтэн… Чэ бэйи, саас-сааһынан соҕус кэпсиэххэ. Бороҕонтон Эдьигээҥҥэ көһөн тиийдибит. Эдьигээнин олох туох эрэ ырай дойдутун курдук саныыр, кыратыгар, улаатан да иһэн олоро сылдьыбыт оҕо сааһын өйдөбүлүнэн буолуо уонна оттон аҕатын уҥуоҕа хаалбыт сирэ буоллаҕа дии. Аҕатын туһунан наһаа үчүгэй өйдөбүллээх, кини аатыгар сүгүрүйэн туран ытыктабыллаахтык сыһыаннаһар. Онно түөрт сыл олорбуппут. Михаилы кылаабынай ветвраһынан аҕыйах ый үлэлэтэн баран райкомол бастакы секретарынан талан кэбистилэр. Оттон миигин, лаборатория үлэһитин, кини оннугар кылаабынайынан анаатылар. Түөрт сыл үлэлээбиппит кэннэ киһибин обкомолга ыланнар, 1965 сыллаахха Дьокуускайга көһөн кэлэбит.
– Бу күннэргэ оруобуна Эдьигээн төрүттэммитэ 370 сылын үбүлүөйэ буола турар дии. Улахан тэрээһиннээхтик ыытыллар быһыылаах.
– Тэрээһин бөҕө буоллаҕа дии. Михаил эмиэ онно сылдьар. Биһиги олоро сылдьыбыт дьиэбитин музей оҥорор сурахтаахтара.
– Ээ, оттон эн барсан ол музейы көрүөҥ хаалбыт эбит дии.
– Көрүөхпүн баҕарбытым иһин, онно тиийэн элбэх киһи ортотугар мэһэй-таһай буола сылдьыам дуо? Хаһан эмэ кэлин биир эмэ оҕобун, сиэммин кытта, баҕар, бара сылдьыам.
– Уу, мин эбитим буоллар, дьэ бырааһынньыкка сылдьа таарыйа барыам этэ, – ыалдьыт ис санаатын кистээбэтэ. – Раиса Максимовна оннооҕор Горбачев омук сиригэр бардаҕын аайы куруук кини иннигэр сылдьар курдук этэ дии. Һы-һы.
– Оо дьэ, этимэ даҕаны. Ааранан киһи кыбыстыах инньэ гынар этэ ээ. Мин дьэ, бысталыахтара да буоллар, государство салайааччытын иннигэр илин-кэлин түһүө суохпун. Саха дьахтара айылҕаттан сэмэйэ былыр-былыргыттан биллэр буоллаҕа… – Дора Никитична көрүҥэ холку, дуоспуруннаах. – Дьокуускайга кэлэн баран өр баҕайы үлэ булбакка сырыттым. Кэлин санаатахха, икки кыра оҕолоох буоламмын, миэстэ баарын үрдүнэн ылбаттар эбит. Бэрт өр кэминэн министерствоҕа статистик үлэтигэр ылбыттара. Онтон тыа хаһаайыстыбатын техникумугар преподавателинэн киирбитим. Бэркэ сөбүлээн үлэлии сырыттахпына, Михаилы 1970 сыллаахха Үөһээ Бүлүүгэ ыыппыттара. Мин выпускной группалаах буоламмын, хаалан балтараа сыл үлэлээн баран тиийбитим. Онно лабораторияҕа үлэлээбитим.
Дьиэбит благоустроеннайа суох этэ. Ону түүн 12 чааска диэри хачыгаардаан баран сарсыарда турдаххына, тымныйан уорааннаммыт буолара. Киһим куруук бара-кэлэ сылдьар, кыргыттарым кыралар. Маспын бэйэм хайытан кыстаан, мууспун киллэринэн олорбутум, хата кириэпкэй соҕус буолан тулуйбутум. Онтум диэн кыра, аны «диспетчер» буолан хаалаҕын ээ, туох баар кыһалҕаларын барытын биһиэхэ быһааттараллар. Түүн 12 чаас саҕана эрийэллэр: «Скорай кэлбэтэ», «ойоҕум төрөөн эрэр» диэн буолар, эбэтэр: «Биһигини кутуйах буортулаабыт бурдугунан оҥоһуллубут килиэбинэн аһаталлар, райком сэкирэтээрэ оннук килиэби сиэбэтэ буолуо», – дииллэр. Оттон биһиги ону быһан ылан быраҕа-быраҕа сиир этибит. Ол саҕана үүккэ уочарат да уочарат, бөтүөннээх бараммын турабын. Ону, сибигинэһэн даҕаны буолбатах ээ, аһаҕастык кэпсэтэллэр. «Көрүүй, ол пиэрибэй сэкирэтээр ойоҕо уочаракка турар. Кубулунан турар ини, үүттээҕэр буолуоҕу дьиэтигэр аҕалаллара буолуо», – диэтэхтэрэ үһү.
– Аата сүрүн, маҕаһыыҥҥа да кыайан сылдьыбат үлүгэрэ эбит дии!
– Сахаларыҥ нууччалар курдук буолбатахтар ээ, тойону тойон курдук көрөөччүлэрэ суох. Михаил ыалдьан балыыһаҕа киирбитигэр биир салайааччы, совхоз управляющайа дуу, дириэктэрэ дуу киһи, кэлэн сэтэрээбиттээх. «Дьэ эн да буолларгын ыалдьыбыккын дии, быраас илиитигэр киирбиккин. Бу быраас илиитигэр киирбит киһи өрүттүбэт идэлээх», – диэн ньиэрбэтигэр оонньоон аҕай биэрбитэ. Билиҥҥим эбитэ буоллар, таһырдьа анньан таһаарыам этэ. Оччолорго эдэр буолан тулуйбут эбиппин.
– Кырааһын кэриэтэ эбит дии!
– Оннугун кэриэтэ. Ол киһитин хата манна үлэҕэ аҕалбыта дии. Михаил итинник, киһиэхэ өстүйбэт идэлээх, киниэхэ куһаҕан санаалаах дьоҥҥо төттөрүтүн үчүгэйи оҥорооччу. Өйдүөхтэрэ, көнүөхтэрэ диэн иитэр, үөрэтэр быһыыта эбитэ ини. Дьэ оннук киһи. Оттон үлэтин чааһыгар бииргэ олорорбут тухары тугу өйдүүрүн-саныырын таһыгар таһаарбыта суох.
Тыа хаһаайыстыбатын министерствотыгар да үлэлии сырыттаҕына туорайдаһааччылар бааллар этэ. Кини наар сир боппуруоһун, сири оҥорууну туруорсара. Ону: «Саха хаһан сиртэн аһаабытай?» – диэн утараллара. Бэл «бэйэтэ бааһынай буолан сири өрө тутар» диэччилэр кытта баалларын атын дьонтон истэрим. Араастаан сирэй-харах анньалларыттан төһө да мунчаардар, олох биллэрээччитэ суох, өһү-сааһы туппат идэлээх, аһаран иһэр. Кэлин даҕаны кинини куһаҕаннык саҥарар дьонтон кыһыйан туох эмэ диэтэхпинэ, бэйэбин саба саҥарааччы. «Ол дьон эрэйэ, кыһалҕата. Ону олох саҥарыма. Кэлин өйдүөхтэрэ», – диирэ. Үҥсэргээһин курдук буолла быһыылаах да, баары кырдьыгынан этэбин. Дьон болҕомтотугар тахсара, баҕар, сатамньыта суох буолаарай? – Дора Никитична, ыйытардыы, утары көрдө.
– Тоҕо сатаммат буолуой? Олох кырдьыга, обществоҕа баар быһыы-майгы норуокка хайдах баарынан тиэрдилиннэҕинэ эрэ, өй-санаа уларыйыыта, быһыы-майгы тупсуута тахсыа этэ буоллаҕа. Итэҕэс-быһаҕас этиллибэккэ кистэлэҥҥэ хааллаҕына, обществоҥ сайдыахтааҕар сатарыйар буоллаҕа дии.
– Эмиэ да сөп курдук эбит. Кырдьык, итэҕэспитин-быһаҕаспытын норуоттан кистээн-кистээн, туох баар куһаҕаммыт олус мунньуллан, урукку уопсастыбабыт, арааһа, онтон да самыннаҕа.
Михаил дьиҥинэн сүрдээх үтүө санаалаах, оҕолорун наһаа таптыыр. Ол гынан баран үлэтиттэн ордубат буолан, оҕону иитиигэ соччо кыттыбатаҕа. Наар миэхэ эрэнэр да, эр киһи иитиитэ эмиэ наада буоллаҕа. Оҕолорун кытта истиҥник кэпсэтэр бириэмэтэ да суох курдук, көннөрү эттэ да барыта туолуохтааҕын курдук саныыр. Кэлин сааһыран баран арыый болҕомтотун уурарга кыһаллар.
Уопсайынан, дьон кыһалҕатын өйдүүр, хата бэйэтин оҕолоругар, аймахтарыгар соччо кыһаллыа суоҕа. Кыра кыыспыт Плеханов аатынан Академияны бүтэрэн кэлбитигэр Эргиэн министиэристибэтигэр үлэҕэ ылбыттара. Ону миниистир Готовцевка: «Саамай элбэх үлэлээх уонна саамай кыра хамнастаах үлэҕэ туруор», – диэн эттэҕэ дии. Кыыһа ону истэн баран: «Другие устраивают своих чад туда, где много получают. А он наоборот…» – диэбитэ. Кэлин бэйэтэ үлэ булан көспүтэ, билигин Англияҕа баар, эмиэ бэйэтэ үлэ булунан сылдьар.
– Дьикти баҕайы дии, атын ханнык даҕаны салайааччы туһунан итинниги истэ илигим. Дьиҥинэн бэлэмҥэ үөрэммэтин, самостоятельнай буоллун диэн эппитэ буолуо. Оттон ити дьон кыһалҕатын өйдүүрүн туһунан биир түбэлтэни мин тус бэйэм истэн турардаахпын. Сэттэ уонус сыллар бүтүүлэрин диэки, арааһа, Михаил Ефимович миниистирдии сылдьар кэмэ эбитэ буолуо, мин быраатым, Чурапчы Мындаҕаайытыгар олохтоох элбэх оҕолоох учуутал киһи, кыра кыыһа эмискэ муҥурдааҕа ыалдьан ууга-уокка түһүү буолар. Олохтоох балыыһаҕа хирург диэн суох, Чурапчыга илдьиэхтэрин оччотооҕуга суол-иис эмиэ суох кэмэ. Дьэ төрөппүттэргэ оҕолорун туһугар улахан куттал үөскүүр. Ол муна-тэнэ олордохторуна, арай биэрэк үрдүгэр спортплощадкаҕа вертолет кэлэн түһэр. Быраатым кэргэнин, оҕотун матасыыкылга олордор да, вертолекка ыга сүүрдэн киирэр. Вертолет туох эрэ таһаҕаһын түһэрэн баран көтөөрү өгдөҥнөөн эрэрэ үһү. Ону хаһыытаан-ыһыытаан, далбаатаан нэһиилэ тохтоппуттар. Пилот кабина аанын аһан уҥуор көтөрүн, Чурапчыга барбатын туһунан эппит. Мин дьонум, оҕолорун тыынын туһугар ыксаан, балаһыанньаларын өйдөтө, көрдөһө-ааттаһа сатаабыттарын киһилэрэ истибэккэ туораан, тэйэн биэрэллэрин модьуйбут. Ол кэмҥэ арай вертолет салонун аана аһылларын кытта Михаил Ефимович тахсан кэлбит. Түһэн дьоммор кэлэн ыйыталаһан билэн баран, оҕону ийэтин кытта суһаллык вертолекка ылан, Чурапчыга төттөрү көтөргө дьаһайбыт. Аара көтөн иһэн оҕолоох дьахтар аттыгар олорон, оҕо туруга хайдаҕын көрө-истэ, ыйыталаһа, сүбэ-ама биэрэ испит. Онон оруобуна кини түбэһэ баар буолан ол оҕону быыһаан-абыраан турардааҕын дьонум билиҥҥэ диэри улахан махталынан ахталлар. Ол кыыс билигин бэйэтэ хас да оҕолоох ыал ийэтэ буолан Дириҥҥэ олорор.
– Ээ, оннук баар эбит дуу? Итинник дьыалаҕа кини дьэ дьон кыһалҕатын өйдөөччү. Кыаллар буоллаҕына, хайаан да көмөлөһөөччү. Оттон ол бэйэтин кыыһын төһө да самостоятельнай буоларга үөрэппитин иһин, онтуката киниэнэ наһаа туруору ээ. Ол урут чэ буоллун даҕаны. Билигин атын кэм, көмөлөһүөххэ наада, – Дора Никитична түмүктээһинэ холку, ылыннарыылаах, истээччини бэйэтигэр тардар истиҥ абылаҥ иэйиилээх. – Бырааһынньыктарга аймахтарбытын кытта син түмсээччибит. Кыыспыт уон аҕыһын туолбутугар тугу бэлэхтиигин диир. Ону: «Сүрэҕим иэйиитин, тапталбын», – диибин. Кырдьык, тугу бэлэхтиибиний диэн толкуйдаан баран, аан маҥнай хоһоон суруйдум. Дьонум күлэллэр. Онтон ыал буолбуппут 40 сылын туолуутугар Михаилга анаан эмиэ хоһоон суруйдум. Ону: «Эмээхсиним поэт буолаары гыммыт», – диэтэ.
– Тыый, ол хоһоону көрбүт киһи! – суруналыыс өрүкүйэ түстэ.
– Ээ, черновига манна чугас баар этэ, – хаһаайка туран кинигэ ыскаабын арыйан, чараас тэтэрээти ылан кэллэ уонна миэстэтигэр олорон эрэ доргуччу ааҕан барда:
Олохпут биһиэнэ оллурдаах да буоллар,
Оһох оттунан, оҕо төрөтөн,
Баччаҕа диэри бииргэ олорон
Этэҥҥэ кэлбиппин дьолбунан ааҕабын.
Маҥнай көрсүһэр түгэммэр
Ыал буолуом да диэбэт этим мин,
Ырааҕы, уһуну төлкөлөөн
Ырабын оҥостор кыах суоҕа.
Чэпчэки олоҕу ол сахха
Батыһар санаабыт да суоҕа.
Ас-таҥас кырыымчык да буоллар,
Кимнээҕэр дьоллоохпут дэнэрбит.
Тапталбыт кыымынан сирдэтэн,
Өктөмҥө тахсаммыт холбоһон,
Дьоллоох киэҥ ыллык суолунан
Барыахпыт дэспиппит биһиги.
Доҕорум, үөрэҕин салҕаары,
Омскай куоракка барбыта,
Оттон мин үлэһит буоламмын
Бороҕон диэн сиргэ тиийбитим.
Ол курдук үс сылбыт ааспыта,
Үөрэҕин бүтэрэн кэлиитэ,
Оля диэн оҕолоох көрүстүм,
Олохпут салҕанан барбыта.
Эдьигээн куоракка тиийэммит
Түбүктээх күннэри көрсөбүт,
Хоту сир олоҕо ыараханын
Бары да биһиги билбиппит.
Ол онно Танябыт барахсан
Аан маҥнай күн сирин көрбүтэ,
Балтыбыт Даарыйа батыһан
Күүс-көмө, өйөбүл буолбута.
Түөрт сылы үлэлээн бараммыт
Дьокуускай куораты булбуппут,
Комсомол хорохоото, партия байыаһа
Дьиэҕэ да көстүбэт буолара.
Түбүктээх олохпут быыһыгар
Дьол, үөрүү да баара,
Хомойуу, хоргутуу таарыйар
Саппах да күннэрэ бааллара.
Барытын кэпсиэҕи уһуна бэрт буолуо,
Онон мин кэпсээммин тохтотон,
Бүгүҥҥү күммүтүн таарыйа
Сылааһын этиэхпин көҥүллээҥ.
Олохпут дьоллооҕун туоһута –
Улахан оҕобут Олябыт,
Татыйык диэн күндү сэгэрбит,
Арылхай кустукпут Максиммыт.
Нап-намыын сиэн кыыспыт Марина,
Кыракый чуорааммыт Катюша,
Тирэхпит, эрэлбит, тапталбыт –
Оҕолор этэҥҥэ буоллуннар.
Күһүммүт кэлбитин көрсүһэ,
Доҕоруом, сиэрдээхтик олоруох,
Бар дьоммут алгыһын ылынан,
Эппиэттээн сылааһы сыдьаайыах.
Сүрэх сылааһа, санаа иэйиитэ толору этиллэр иһирэх тыллардаах, төһөнөн судургу, боростуой да, соччонон истиҥ бүтүн ыал олоҕун историята, харахха арыллар хартыына хоһооно ама ханнык көнө санаалаах, сытыары майгылаах саха киһитин кутун туппат, долгуппат буолуой? Кимҥэ да биллэ-көстө сатаабатах, куруук күлүккэ сылдьыбыт саха омук сэмэй далбар хотуна дьиҥнээх сахалыы уһун-киэҥ санаалаах, уйаҕас-нарын куттаах-сүрдээх, сытыары-сымнаҕас көнө майгылаах дьиэ кэргэн амарах ийэтэ, эбэтэ буоларын аныаха диэри истибит-билбит аҕыйах буолуо.
Дора Никитична, өйө-санаата аһыллан, туох да иҥнигэһэ-тутулуга суох чугас дьонун, сиэттэрин туһунан салгыы кэпсиир. Кини дьиэ кэргэттэрин, олоҕун туһунан истиҥ ахтыыта биһиги барыбыт олохпут, историябыт сорҕото. Бас-көс дьоммут дьиэ кэргэттэрин, хаан уруу аймахтарын бэйэбитигэр сыһыара, чугаһата тутан көрөрбүт биһиги дьиэтээҕи эйгэбит сыһыанын ситимниир, бөҕөргөтөр.
– Улахан сиэммит уон аҕыһын туолан эрэр, 11-һи бүтэрдэ, үөрэххэ киирээри сылдьар. Орто сиэн пиэрибэйи бүтэрдэ, аҕыһа буолан эрэр. Кырабыт, уолбут оҕото, үһүгэр сылдьар. Уол, Михаил диэн ааттаах, – Дора Никитична тэтэрээтин арыйбахтыы, эмиэ да ытыһынан имэрийэ олордо.
«Ыал ийэтинэн, эр киһи дьахтарынан» диэн сахалар мээнэҕэ этиллибэтэх, киэҥ өйдөбүллээх өс номохтоохпут. Өскөтүн биһиги бас-көс киһибит – бастакы президеммит холоонноох доҕорун, олоҕун аргыһын сахаттан атыны талбыта буоллар, кини норуотун дьиҥнээх уола, патриота буолуо этэ дуо диэн олохпут быһыытын-майгытын, омукпут иэрэҥ-саараҥ санаатын сиэрдээх ыйытыыта үөскүүр. Коммунистическай идеология, сэбиэскэй тутул ханнык да конституциятыгар, сокуоннарыгар суруллубатах национальнай республикалар бастакы сэкирэтээрдэрэ хайаан да улахан омуктан ойохтоох буолуохтаахтар диэн үһү-бадах курдук кистэлэҥ эрээри, олоххо бигэтик туттуллар үгэс үөскээн сылдьыбыта биллэр. Ону туоһулуур холобурдар ааспыт олохпутуттан көстөллөрө өртөн буолбатах.
Ыал ийэтин итии чэйин астына иһэн, сахалыы сайаҕас кэпсээнин дуоһуйа истэн, ыалдьыт, бэйэтэ эмиэ ыал ийэтэ, бүгүҥҥү күннээҕи үгүһү билбитэ туохха түмүллүөн сөбүн иһигэр буһара, ырыта-сыымайдыы олордо.
Кини иннигэр олорор саха ыалын көннөрү дьахтарыттан, ийэтиттэн, эбэтиттэн туох да атына суох, үүттээх итии чэйдээх, истиҥ, сылаас тыллаах-өстөөх, сахалыы быһыылаах-майгылаах, өйдөөх-санаалаах уонна саамай киһиэхэ чугаһа санаата-оноото, кыһалҕата эмиэ дьиэ иһинээҕи, оҕо-уруу, кэргэн, аймах-билэ, хаан уруу дьонун тула иэйэр-куойар, хоһоон айар аһаҕас куттаах-сүрдээх Дора Никитична киниэхэ, боростуой суруналыыска, итэҕэйбит олоҕун кэпсээнэ норуот духуобунай баайа-дуола, олох оскуолатыгар буһуу-хатыы чаҕылхай холобура буолар.
Туох суоҕай кини олорон кэлбит чэпчэкитэ суох уустук, үрдүккэ дьулуурдаах, тулуурдаах олоҕун суолун сырдык, киэҥ аартыгар? Утуу-субуу үөрэхтэрин бүтэрэн, тапталларын, олохторун холбоон ыал буолан, үлэ үөһүгэр, олох муудараһыгар уһаарыллыы. Бу судургу ааттаталааһыннаах Дора Никитична биографиятыгар саамай уустук, ыарахан миэстэнэн, арааһа, олох оскуолатын муудараһын күннэтэ көрсөр ыарахаттарын чиэстээхтик туорааһын бүппэт-бараммат түбүктэрэ буолуохтаах. Бэйэтэ хоһоонугар хоһуйбутунуу, үлэттэн ордубакка дьиэтигэр көстүбэт кэргэнин, дьиэ-уот хаһаайынын эр киһи үлэтэ, оҕо иитиитэ барыта кини намчы санныгар сүктэриллибитэ. Маны барытын, бэйэтэ этэринии, «кириэпкэй соҕус», ол эбэтэр оҕо эрдэҕиттэн үлэҕэ-хамнаска эриллибит уонна спордунан дьарыктаммыт буолан тулуйбута. Бэйэтин тустаах үлэтэ, ону таһынан нэһилиэнньэ олоҕун-дьаһаҕын быһаарсар ким да ыйааҕа-дьаһала суох киниэхэ соҥноммут эбээһинэһэ, дьон ордугургуур хатыылаах тыла-өһө, дьиэтээҕи үлэ, оҕо-уруу көрүүтэ-истиитэ – бу барыта мунньуллубут эт-хаан, өй-санаа, ньиэрбэ ыар сүгэһэрин уйуу диэн дьиҥнээх олох оскуолата, кытаанах экзамена, муудараһа буолбатах дуо?
Кэргэннии, доҕордуу Дора, Михаил Николаевтар эт-хаан, өй-санаа, быһыы-майгы өттүнэн биир иитиилээх, тэҥ сайдыылаах дьон буоланнар, бэйэлэрин омуктарын саамай үчүгэй хаачыстыбаларын: норуокка, дойдуга бэриниилээх, чиэһинэй, сүрэхтээх, үлэһит буолууну, эппиэтинэһи, тулууру, сэмэй быһыыны – барытын иҥэринэн, бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн, өйөһөн, норуоттарын, дьоннорун-сэргэлэрин туһугар үтүмэн үгүһү оҥоро, үлэлии-хамныы сырыттахтара. Суруйар киһи иэһэ, үлэтин-идэтин соруга маны барытын туох баарынан, тугу да уларыппакка, энчирэппэккэ норуокка, ааҕааччыга тиэрдии буолуохтаах.
Иккис түһүмэх
Өрө көрүү
Хорсун хардыылар
Михаил Ефимович олох укулаата, баһылыыр система тосту уларыйар, урукку ыһыллан, саҥаны олоххо киллэрэр тыырыллыбатах суолу тэлэр уустук, ыарахан кэмнэригэр куруук ааспыт историяттан тирэх, бүгүҥҥү күн боппуруостарыгар эппиэт көрдөөччү…
Ыраахтааҕы былааһа, олохтоох баайдар саха дьадаҥытын талбыттарынан баттаан-үктээн олороллорун көрө улааппыт, бэйэтэ алын дьадаҥы араҥаттан эрэйи-кыһалҕаны эҥээринэн тэлэн киһи-хара буолбут Былатыан аҕа көлүөнэ саха үөрэхтээхтэриттэн атын, саҥа кэмҥэ төрөөбүт, атын өйүнэн-санаанан салайтаран, уоттаах-төлөннөөх өрөбөлүүссүйэ суолун тутуспут киһи буолар. Тустаах кэм ирдэбилэ, олох уларыйыыта-тэлэрийиитэ дьиҥнээх чаҕылхай личностары ол курдук инники күөҥҥэ таһаарар, сайыннарар, история хаамыытын иилэһэр-саҕалаһар эппиэтинэһи сүктэрэр.
Кулаковскай интеллигенцияҕа туһаайан суруйуон сыл иннинэ төлөннөөх Былатыан Ойуунускай уон сэттэтин туолбута. Кини сыылынай марксистар сабыдыалларынан өйүн-санаатын, эдэр эрчимин сытыы кылаассабай охсуһуу идеяларыгар анаабыта. Учуутал семинариятыгар бииргэ үөрэнэр доҕоро Максим Аммосовтыын ыччат лидердэрэ, өрөбөлүүссүйэ буолан саҥа былаас олохтонуутугар эдэрдии эрчиминэн үлэлээн, эдэркээн саастарыгар бүтүн уобалаһы салайар дьон буолбуттара.
1921 сыллаахха кулун тутар 20 күнүгэр Москваҕа Кремль дыбарыаһыгар бассабыык партия Х съеһэ аһыллыбыта. Съезкэ Саха сириттэн Ойуунускай уонна Барахов кыттыбыттара. Бу мунньахха көрүллүбүт үгүс боппуруостары сэргэ партия национальнай политика боппуруоһун туруорбутун Ойуунускай олус үөрэ, биһирии истэн, ахтыытыгар маннык суруйбута: «Ол кэнниттэн турбута партия икки сэбиэскэй былаас икки омук омугу баттаабат, урут баттаммыт омуктар партия ыйбыт социализм ыллыгынан өрө көтөҕүллэн сайдалларын туһунан. Национальнай боппуруос туһунан большевик партия политикатын билээт, автономия ылар санааны сананныбыт Барахов биһикки…
Омскайга кэлэн баран, Сибнац суут үлэһитин Плич диэн табаарыһы кытта сүбэлэһэн баран (муус устар 9 күнүгэр этэ), табаарыстарбын Бараховы, Агеевы кытта сүбэ таһаардыбыт автономия кэлэрин туһунан. Бука барыбыт саха норуотугар автономия кэлэрэ сөп диэммит миигин дакылаат оҥорорго анаатыбыт. Онон муус устар 13 күнүгэр бу дакылааты суруйаммын Сибнацка биэрдим…»
Ахтыыны аахтаҕын аайы ол тыйыс дьыллардааҕы быһыы-майгы эйгэтигэр киирэн өйүгэр оҥорон көрдө…
…Түөрт күнү быһа түүннэри-күнүстэри үлэлээн, дакылаатын бүтэрэн сарсыарда Пличкэ илдьэн туттарбыта. Күн иккис аҥаарыгар Пличкэ иккиһин киирэн дакылаатын туһунан ыйыталаһа сылдьыбытын сөбүлээбит уонна өйөбүл бэлэмнии таарыйа Чуцкаевы кытта кэпсэппит буолан биэрбитэ. Онон сарсын иккиэн ол киһиэхэ тиийиэхтээхтэр. Дьэ туох диэн тыллаах-өстөөх киһи буолар…
Былатыан уйуһуйан хойукка диэри, уута кэлэн биэрбэккэ, оронугар эргичиҥнии сытта. Күн-дьыл ааһара түргэнэ сүрдээх, иэрэгэй ойуун курдук, эргичиҥнээн, элэҥнээн олорор.
Икки сыллааҕыта саас Казанка дэриэбинэтиттэн сыылкаттан Максимныын аргыстаһан кэлиэҕиттэн ыла үлэ үөһүгэр сылдьаллар. Кэлэн иһэн аара Иркутскайга бэрт элбэхтэ мунньахтаабыттара. Сибиир ревкома Саха уобалаһын Иркутскай күбүөрүнэҕэ холбоон оройуон оҥорон кэбиспит этэ. Ону бырачыастаан, бу алҕас, сыыһа диэн мөккүөр буолбута.
Сибиир ревкомун ыйааҕынан Максим Аммосов Дьокуускайга бэрэстэбиитэл быһыытынан кэлбитэ. Кэлээт, уопсай салайыыны бэйэтин илиитигэр ылбыта, оттон киниэхэ уокуруктарга, улуустарга, нэһилиэктэргэ былааһы олохтооһуну, кинилэр үлэлэрин сүрүннээһини анаабыта. Ревкомнары тэрийии, продразверстка, сир түҥэтигин курдук уустук соруктары таһынан өссө саханы Бодойбо көмүһүн үлэтигэр тутан ыытыы курдук сыыһа дьаһал тахсан улахан бутууру үөскэппитэ.
Сайын биир сарсыарда Былатыан саҥардыы туран эрдэҕинэ түрмэттэн төлөпүөҥҥэ ыҥырбыттара. Кэпсэппитэ, Амма улууһун ревкомун бүтүннүү: Сэмэнэп-Дэхсилээхэби, Уйбаан Емельяновы, Мэхээлэ Дьоскуоскайы-Тыытыйбаҕы, Уйбаныап-Кралины – милииссийэ начаалынньыга Зедгенизов диэн киһи тутуталаан ылан хаайталаан кэбиспит эбит. Ревкомун дьонун босхолотон баран кэпсэтэн билбитэ, сир түҥэтигин сөбүлээминэ, Амма баайдара Ксенофонтов, Белолюбскай Зедгенизовы кигэннэр ревкомнары хаайтаран бараннар, бэйэлэрин дьоннорун Артемьевы уонна Божедоновы олордуталаабыттар. Баайдар бэйэлэрин сирдэрин охсуллубут оттору кытары төттөрү былдьаан ылбыттар. Туох буолтун миэстэтигэр быһаарса Аммаҕа тахсыбыта, Артемьев, Ксенофонтов, Белолюбскай саһан хаалтар. Божедоновы ыҥыртаран, ревком дьыалатын дьонугар төттөрү туттарбыта. Зедгенизовы туттаран ылан, хаайан олорон доппуруостаан баран, куоракка атаарбыта. Күрээбит дьону, этиллибит болдьох иһигэр кэлбэтэхтэринэ, сокуон таһыгар биллэриллэллэр диэн дьаһал биэрэр. Оттон ревком үлэһиттэрэ таҥастара-саптара мөлтөҕүн көрөн уонна хас да улуус мунньахтарыгар урут көрдөһүү киирбитинэн кыһыҥҥы итии таҥас тутуурун көҥүллээн баран Дьокуускайга төннүбүтэ.
Кыһыныгар ЧК-лар туран партия комитетыгар Ойуунускай наһаалаабыт, итии таҥаһы кимтэн да көҥүлэ суох хомуйтарбыт, дьону сокуон таһыгар биллэрбит диэн дакылаат түһэрбиттэрэ. Бэрт өр мөккүөр буолар, партия комитета өйүүр: итии таҥас тутуура саамай сөптөөх уонна ол дьону сокуон таһыгар биллэрбитэ эмиэ сөп, кулаак бастаанньата буолбутун хайдах дьаһайбакка киириэй диэн буолар. ЧК дакылаатынан Сибиир ревкомуттан кини ревкомтан, партия комитетын бюротуттан, бары эбээһинэһиттэн уһуллар, бары матырыйаалларын, бэйэтин көрүүгэ-дьүүлгэ партия Сибиирдээҕи бюротугар ыыта охсуҥ диэн бирикээс кэлэн, түптэ-түрүлүөн үөһэ түһэн хомуммутунан бардаҕа дии.
Сарсыардааҥҥы дьаамынан бараары докумуоннарын, кумааҕыларын бэрийэ сырыттаҕына, үлэлиир хоһугар убайа Никиитэ киирэн кэлбитэ. Сирэйэ-хараҕа суулбут, үтүлүгүн, бэргэһэтин устан ыскамыайка үрдүгэр быраҕаат, остуол утары турар олоппоско олоро түспүтэ.
– Дьэ, Былатыан, эрэпкиэммиттэн уурат диэн этээри анаан кэллим, сатаан үлэлиэ суохпун. Нэһилиэгим дьоно бары даҕаны кырыы харахтарынан кынчыатыы көрөр буолан эрэллэр.
– Ноо, сатаммата диэн туох баарый? Ол баайдартан хайҕабыл истээри гыммытыҥ дуо? Ким сирин-уотун бэйэтин баҕатынан туран биэриэй? Уураах туолуутун ситиһэ сатыахха. Дьон саҥатын-иҥэтин хоту сырыттаххына, кырдьык, сатаан үлэлиэҥ суоҕа.
– Оттон ол сирбитин аҕыс айдаанынан, тоҕус моргуорунан өлбүгэ быһыытынан түҥэтиннибит да, дьэ харахтарын аалларааччылар аҥаардас баайдар эрэ диэтэҕиҥ дуу? Кыра-хара да дьонуҥ иһигэр араастар бааллар, бээ, – Никиитэ инитэ элэккэй, эрчимнээх бэйэтэ хайдах эрэ уларыйбыт арбы-сарбы көрүҥүн, тыйыс тылын-өһүн атыҥырыы көрбүтэ.
– Өрөбөлүүссүйэ ханнык да дьыалата айдаана-моргуора суох барбат. Күн-дьыл ааһыа, айдаан сыыйа симэлийиэ, олох даҕаны сыыйа оннун булан иһиэ.
Никиитэ симиттэ быһыытыйан, инитин сирэйин-хараҕын чинчилиирдии одууласпахтаабыта, киһитэ кумааҕыларын хомунан остуолун дьааһыктарын тилир-талыр аһан-сабан талырҕатарын саҥата суох көрө олорон, хамсалаах саппыйатын таһааран, табах уурунан хамсатын оборон соппойбохтообута.
– Былатыан, хайа, үлэҥ-хамнаһыҥ хайдаҕый? Бу ханна эрэ хомунаҕын дуу, тугуй?
– Хомунан. Сууттана, дьүүллэнэ бараары, – Былатыан, кумааҕыларын суумкатыгар симэ туран, дьуххатык хардарбыта.
– Бай, ол ханна?
– Соҕуруу дойдуга, ыҥыттарбыттар.
– Оо, өлүү эбит, доҕоор, ол туох дьыалаҕа иҥинниҥ?
– Быһайын Амма баайдара күрээбиттэрин дьаҕырыйбытым, итии таҥас хомуурун көҥүллээбитим иһин маннааҕылар үҥсүбүттэр.
– Арба, эрэпкиэмнэри хаайталаабыттар этэ дии. Ону дьаҕырыйбыкка туох сыыһа баар үһү?
– Баар үһү дьэ, былааспын таһынан туттубут, наһаалаа-быт үһүбүн…
Никиитэ, эмиэ саҥата суох баран, хамсатын умнаһын арааран, быһах уһугунан ыаһын ыраастаан бодьуустаһа олорбута.
– Хаһан бардыҥ?
– Сарсын.
– Кирдик да сөпкө этэҕин, хайа муҥун муннубутуттан сиэттэрэ сылдьыахпытый? – мунаарбыт курдук тохтуу түһээт, быраатын диэки кылап-халап көрөн ылбыта. – Оттон эйигин наһаа улаханнык дьүүллээбэттэр ини?..
– Туох билиэ баарай? Баҕар, бэйэбин саа уоһугар туруоруохтара.
– Оо, үлүгэрин, доҕоор, ама оннукка тириэттэхтэрэй?
Былатыан, убайын сирэйэ-хараҕа аһара суулбутун көрөн, аһыммыттыы мүчүк гыммыта. Кыйахаммытыгар тэптэрэн олус туруору саҥарбытын өйдөөбүтэ.
– Чэ, Никиитэ, ити өскүөрүтүн этэбин, сүрэххэр олус чугастык ылыныма. Барыбытын ытыалаан кэбистэхтэринэ, саҥа олохпутун ким тутуой, ким үлэлиэй-хамныай?
– Э-ээ, оттон оннук ээ, – убайын сирэйэ-хараҕа сырдыы түһэргэ дылы гыммыта. – Чэ, Былатыан, этэҥҥэ сылдьан көрөөхтөө, мин хаалан үлэлээтэхпинэ сатаныыһы.
Никиитэ, үтүлүктээх бэргэһэтин үрдүгэр түһэн, сорунуулаахтык хамсанан, таһырдьа тилир гынан хаалбыта. Былатыан, көөнньүбүт санаата уостан, хоһун иһигэр төттөрү-таары хаамыталыы сылдьан, убайын хайгыы санаабыта. Эрэйдээх, эмиэ хаана тардан, кинини өйөөн нэһилиэгин бастаахтарын кытта тиниктэһэ төннөөхтөөтө эбээт.
Бары уларыйыы, саҥа олоҕу туругурдуу ревкомнар эрэ тыйыс, эрдээх үлэлэринэн ыытылла турдаҕа. Уостуу тахсыбатар, этэҥҥэ эрэ буоллар ханнык…
Омскайга Барахов, Фреерман буолан аргыстаһан кэлбиттэрэ. Саҥардыы олохторун булунан нам-нум буолан эрдэхтэринэ, Москваттан Ярославскай кэлбит, Ойуунускайы ыҥыттарар үһү диэн суһал сурах иһиллэн соһуппута. Былатыан ону үөрэ да, дьиксинэ да соҕус истибитэ. Маннааҕылар дьүүллэригэр мин туспар дурда-хахха буолар ини диэн эрэх-турах санаа үөскээбитэ. Иккис өттүнэн, алыс ордук-хоһу туттан, дьону-сэргэни түүрэйдээһин курдук көрүө, мөҕүө-этиэ диэн дьиксиммитэ.
Ярославскай, кинини дьэҥкир таас ачыкытын курдат эбии улааппыкка дылы буолбут киэҥ эрилкэй харахтарынан тонолуппакка супту одуулаабытынан, утары туран кэлбитэ. Хойуу хара бытыга ибирдиириттэн сылыктаатахха, биллэ-биллибэттик мүчүҥнээт, кини дьоҕус илиитин икки кэтит баппаҕайдарынан бобо тутан илигирэппэхтээн ылбытыгар, Былатыан ыйыллыбыт санаата өһүллэн, тута чэпчии түһэргэ дылы гыммыта.
– Туох айдаанын тартыҥ? Сиһилии кэпсээ, – Емельян Михайлович холку намыын куолаһынан ыйыппыта.
– Сир үллэһигин сөбүлээминэ, Амма улууһун баайдара бу ааспыт сайын Зедгенизов диэн милииссийэ начальнигын, уруккуттан бэйэлэрин кутурук киһилэрин кигэннэр, түөрт нэһилиэк ревкомнарын туттаран хаайыыга уктаран бараннар, кинилэр оннуларыгар бэйэлэрин дьоннорун туруортаабыттара уонна урукку бэйэлэрин сирдэрин охсуллубут оттору кытта төттөрү былдьаталаан ылбыттара. Ону тахсаммын миэстэлэрин буллартаатаҕым дии, – Былатыан туох буолбутун баарынан, кыһыытын-абатын кыатана соҕус да буоллар, омуннаах соҕустук тоҕо-хоро кэпсээн биэрбитэ.
– Ол миэстэлэрин буллараргар конкретно туох миэрэлэри тутуннуҥ?
– Кинилэр туруортаабыт дьонноруттан дьыалаларын былдьаан ылан урукку ревкомнарга төннөрбүтүм. Зедгенизовы тутан доппуруостаан баран Дьокуускайга утаарбытым. Бэйэм хаалан, баайдар сирдэрин дьадаҥыларга төттөрү үллэрбитим, күрээбит баайдары этиллибит болдьоххо кэлбэтэхтэринэ, сокуон тас өттүгэр биллэрбитим. Ревкомнарым кэтэр таҥаһа суох сылдьалларын көрөн, кыһыҥҥы итии таҥас хомуурун ыыталларын көҥүллээбитим.
– Да-а, крутые дела развернулись у вас, – Ярославскай эмиэ биллэ-биллибэттик мүчүҥнээн ылбыта.
Онтон Бараховы ыҥыттаран ыланнар, партия Сибиирдээҕи кэмитиэтин бюротун мунньаҕар Ойуунускай дьыалатын туһунан дакылааттатан баран Слепцов-Ойуунускайтан ЧК буруйдааһынын устарга, ууруулаах куоластаах делегат быһыытынан партия Сибиирдээҕи III конференциятыгар кыттар делегация састаабыгар киллэрэргэ уонна Бүтүн Россиятааҕы бассабыык партия Х съеһигэр сүбэ куоластаах делегатынан Москваҕа ыытарга диэн уураах ылыммыттара. Онон, алдьархайтан ас таһаарыммыт диэбиккэ дылы, эбиитин Москваҕа тиийэн съезкэ кыттан, Ленини илэ бэйэтин көрөн, тылын-өһүн, ордук национальнай политика туһунан этиитин олус биһирээн, онтон сиэттэрэн автономия боппуруоһун туруорса, бүтүн норуот дьылҕатын быһаарар дакылаат суруйан, ону туруулаһа бу кэлэн сыттаҕа. «Уол оҕо биир күн ат өрөҕөтүгэр, иккис күн ат уорҕатыгар» диэн манныгы этэн эрдэхтэрэ.
Сибиир ревкомун бэрэссэдээтэлэ Смирнов Москваҕа сылдьар кэмэ этэ, оттон партия Сибиирдээҕи кэмитиэтин бюротун саҥа сэкирэтээрэ Яковлев үлэтигэр кэлэ илигэ. Онон Чуцкаевка сүбэлэһэ киирбиттэрэ. Былатыан Саха сирин олоҕо бүгүҥҥү күннээххэ хайдаҕын, дьоҥҥо-норуокка, үөрэхтээххэ-үөрэҕэ суохха туох быһыы-майгы баарын, сэбиэскэй былаас турбутун кэнниттэн туох туһуттан Оросин уонна тохсунньу саагыбардара үөскээбиттэрин сиһилии кэпсээн биэрбитэ. Сибнац үлэһитэ Плич уонна Барахов истэ олорон сөбүлэһэллэрин биллэрбиттэрэ.
– Мин урут даҕаны саха норуотугар автономия кэлэрэ сөп диэн этэр этим. Олорор сирдэрэ бэрт табыгастаах, Саха сирин большевик партията күүстээх, онон салалтата суох буолуо диэххэ, куттаныахха сатаммат, – Плич сахаларга эрэллээҕин, өйүүрүн аһаҕастык эппитэ.
Кини этиитин хаба тардан ылан, Барахов:
– Автономия билигин кэлэрэ наадалаах, кэмэ бэрт тоҕоостоох. Национальнай боппуруос атаҕар турбатаҕына, кэҥээн-уһаан хааллаҕына, саагыбардар үөскүү туруохтара. Баҕар, бүтүн норуот даҕаны өрө туруон сөп, – диэн эбэн биэрбитэ.
Барыларын санааларын истэн баран, Чуцкаев Саха сиригэр аналлаах паапканы арыйан, докумуоннары бэрийбитинэн барбыта. Ытыллыбыт уонна көскө анаммыт дьон бириигэбэрдэрин ааҕан билсиһэн баран, Дьокуускайтан кэлбит телеграмманы көрдөрбүтэ. Ону ааҕан билбиттэрэ, букатын даҕаны кинилэри утары ис хоһоонноох буолан соһуппута: автономия туһунан Сибнац боппуруоһу туруорарын бассабыык партия Саха сиринээҕи тэрилтэтэ сөбүлээбэт, күн-түүн аайы саагыбардар тахса тураллар, партия күүһэ мөлтөх, сэбиэскэй былаас дириҥник олохсуйа илик диэн. Дьэ «бабат» дии түспүттэрэ.
– Саагыбардар тахса туралларын, сэбиэскэй былаас дьон санаатын өссө да тута илигин туһунан сөпкө этэллэр. Ол гынан баран автономия боппуруоһа онтон тутулуктаах курдук саныыллара сыыһа, онон автономияны биэриини кэпсэтиигэ ити этиилэр болҕомтоҕо ылыллыа суохтаахтар, – Былатыан туруорсар боппуруоһуттан харыс да халбаҥнаабат кытаанах санааны ылыммытын, сирэйэ-хараҕа тыйыһырбытын көрөн, Барахов кинини тута өйөөн тыл эппитэ.
– Автономияны өйөөбөт, норуот баҕатын утары санаалаах дьону Саха сириттэн атын дойдуларга ыытан үлэлэтэр сөп буолуох этэ. Ону эһиги өйдүүргүтүгэр баҕарабыт, – диэн түмүктээбитэ.
Эмискэ бүрүүкээбит тыҥааһыннаах түгэни балай да саҥата суох аһарбыттара. Чуцкаев, эр хааннарын ылыммыт саха дьонун чинчилиирдии эр-биир хардарыта одуулаан көрбөхтүү түһээт, эйэ дэмнээхтик хардарбыта:
– Чэ сөп, биһиги сорох дьону көрөн манна ыҥыртыахпыт. Ыам ыйын маҥнайгы күнүгэр манифест тахсарыгар сөбүлэһэбин.
Урутаан эттэххэ, ол дьыл манифест (амнистия) тахсыбатаҕа. Манифест автономия ылыныллыбытын кэннэ маҥнайгы бастаанньа дьонугар тахсыбыта. Онуоха таарыччы 1921 сыллаахха тохсунньутааҕы саагыбарга холбоспут дьон кытта амнистияҕа хабыллыбыттара.
Саха автономиятын боппуруоһун көрүүгэ аналлаах Сиббюро мунньаҕа 1921 сыллаахха муус устар 26 күнүгэр буолбута. Дакылааты Былатыан бэйэтэ оҥорбута.
– Сибиир ревкомун председателэ табаарыс Смирнов хайа да кыра омукка автономия кэлэрин сөбүлээбэтин истэ-истэбин, сахаҕа автономия кэлэрин туһунан дакылаат оҥорон эрэбин. Большевик партия ыйыытынан советскай былаас Октябрь өрөбөлүүссүйэтын маҥнайгы күннэригэр аан дойду кырахара омуктарын көмүскүүр, араҥаччылыыр, омук омугу баттаабат политикатын ылынна, онон хайа да омук көҥүлүн тутара, автономия ылара төрүт эбээһинэс буолуохтаах диэн эппитэ. Саха уобалаһа буоллаҕына, бырааба аччаан, Сибревкомун ууруутунан Иркутскай губернияҕа холбонон оройуон буолан хаалла. Онон советскай былаас национальнай политиката атаҕар турбакка саагыбардар үөскүү тураллар, – итинник, бэрэссэдээтэл аадырыһыгар хомуруйсуулаах соҕус киэҥ киирии тыллаан, дакылаатын чаас кэриҥэ ааҕан, Былатыан маннык баҕа санаанан түмүктээбитэ: – Саха автономиятын иһигэр Охотскай муора биһиги диэки биэрэгэ киириэхтээх. Оччоҕо сибээс баарын быһыытынан партия үлэтэ, советскай былаас ордук түргэнник атаҕар туран, салаллан-дьаһаллан иһиэх тустаах.
Олунньу ый саагыбарын дьонугар амнистия оҥоһуллара буоллар, партия да агитациятыгар, советскай былаас да үлэтигэр бэрт улахан көмөлөөх буолуох этэ. Онон манифест тахсыах тустаах.
Дакылаат бүтэрин кытта Хотимскай диэн киһи далбаатаммытынан ойон туран, харса-хабыра суох утары тыл этэн барбыта:
– Бу сахалар, син биир дьоппуоннар курдук, империалистическай өйдөөх-санаалаах, улахан кутталлаах норуот. Автономияланнахтарына, онно тирэҕирэн, советскай былааһы утары сэрии тэрийиэхтэрэ, Японияҕа холбоһуохтара. Автономия бэриллэрэ сөбө суох.
Былатыаннаах Исиидэр сирэй-сирэйдэрин көрсөн кэбиспиттэрэ. Дьыалалара бөрүкүтэ суох хайысхаланаары гыммытыгар Былатыан бэйэтин сэмэлэнэ санаабыта, дакылаатын олус толоостук саҕалаан кэбиһэн, тойотторун өһүргэттэ быһыылаах. Смирнов, ону бигэргэтэрдии, кумааҕыларын остуол улаҕатын диэки хаһыйа анньан баран, икки илиитин холбуу тутан олорон, холку эрээри кытаанах куолаһынан сыыйан саҥарбыта:
– Табаарыс Слепцов-Ойуунускайы саха диэммин убаастаан эрэ дакылаатын бүтэттэрдим. Итинник тыл-өс сатаммат, Дьокуускайга баар коммунистар автономия кэлэрин сөбүлээбэт эбиттэр. Мин да санаабар, автономия биэрэр эрдэ буолуо. Оттон бу Слепцов-Ойуунускай табаарыс, быһыыта, саха үөрэхтээхтэрин, саха баайдарын илиилэригэр билиэн тутуллан сылдьар киһи быһыылаах, – Смирнов, сөмүйэтинэн дьөлө үүттүүрдүү, Ойуунускайы түөһүн тылынан супту ыйбахтаабыта.
Былатыан өһүргэнэн ойон турбутун бэйэтэ даҕаны билиминэ хаалбыта:
– Табаарыс Смирнов, дьыала ис дьиҥин билбэт эрээри, бас-баттах киһини буруйдуургун эрэ билэҕин. Саха баайдарын сокуон таһыгар этэн буруйдана сылдьаммын аны кинилэр билиэн илдьэ сылдьар киһилэрэ аатырдаҕым. Дьыалабын, бэйэбин быгыһын ыҥыттаран ылан, соторутааҕыта дьүүллээбиккитин умна оҕустугут дуо?
Этиһии аҥаардаах мөккүөр өрө күөдьүйбүтүн намырата сатаан, Барахов, Агеев тыл этэн көрбүттэрэ туһалаабатаҕа. Куоласка туруорууга икки киһи автономия бэриллэрэ сөп диэбиттэрэ, иккитэ сөбө суох диэннэр, куоластара тэҥнэһэн хаалбыта. Онон автономия боппуруоһа аһаҕас Москваҕа барбыта.
Мунньах кэнниттэн уку-сакы тарҕаһан, Плич кабинетыгар киирэн сүбэлэһии буолбута. Онно кэнники арай Дьокуускайга тиийэн, автономия боппуруоһун сөп дэттэххэ эрэ бу боппуруос атаҕар турууһу диэн түмүккэ кэлбиттэрэ…
Саха сиригэр судаарыстыбаннас олохтонуутун туоһулуур бу сүдү докумуон кэлин хайдах олоххо киирбитин Ойуунускай бэйэтин ахтыытыгар маннык суруйбут: «Ол бириэмэлэргэ Максим Аммосов Москваҕа сылдьан автономия барарын сөбүлүүбүт, онон Якутскайга олохтооҥ диэн ыйдарбыт. Онон бу боппуруос Якутскайга партия маҥнайгы конференциятыгар туруоруллан, онно бэрт аҕыйах куолаһынан автономия кэлэрэ сөп дэммитэ.
Браташ онуоха диэри сөбүлээбэккэ, Степан Васильевы кытта бииргэ сылдьан баран, конференция саҕана тиийэн төттөрү агитация оҥорон, автономия кэлэрэ сөп диэн куоластаата. Ол сайын мин Өлүөхүмэҕэ үлэлээбитим, онон автономия туһугар бэрт күүстээхтик норуокка даҕаны, партия да иһигэр үлэлээбитим. Онон Өлүөхүмэ делегацията бука барылара автономия кэлэрэ сөп диэн куоластаабыта».
…Михаил Ефимович ирдэһэн, хасыһан туран саха норуотун историятын дьаныһан үөрэтэн үөйбэтэх өттүттэн үгүс өйгө-санааҕа кэлбитэ. Төрөөбүт омуга түҥ былыргыттан күн бүгүнүгэр диэри олорон кэлбит историятыгар буолан ааспыт сүрүн сабыытыйалары, олорго сыһыаннаах биллэр-көстөр дьонун олохторун, үлэлэрин-хамнастарын, мөккүөрдэрин-туруулаһыыларын үөрэтэн, ырытан билэн баран биири бигэтик өйдөөбүтэ: саха дьоно көҥүлгэ тардыһыылара, бэйэни салайыныыга дьулуһуулара, государстволаах буолар туһугар турунуулара барыта үүнүү-сайдыы иһин, инники кэскилгэ дьулуһууттан тахсар эбит диэн. Өбүгэлэрбит бэйэлэрин айар-тутар дьоҕурдарын, кыахтарын толору туһаныахтарын, олоххо киллэриэхтэрин куруук баҕараллара. Ол инниттэн, үс үйэ тухары саба үктээн турбут колониальнай батталтан төлөрүйэр санааттан, национальнай босхолонуулаах хамсааһыҥҥа саха норуота кыттыбыта. Маныаха ханнык даҕаны сепаратизм төрүөтэ суоҕа. Биир эрэ баҕа санаа баара – көҥүллүк тыыныы, көҥүл сайдыы суолун тобулуу. Ол иһин Саха сиригэр автономияны ылыныы Ойуунускайга, Аммосовка уонна кинилэр соратниктарыгар суолтата олус улахан этэ. Бу иннинэ ханнык быһыыга-майгыга олорон кэлбиппитин умнуохха сатаммат. Дьиҥинэн бу иннинэ Александр I туора урдустарга аналлаах устаабынан ыраахтааҕы чиновниктара салайан кэлбиттэрэ. Оннооҕор, сахалары көс омуктарынан ааҕан, Степной Дууманы тэринэллэрин боппуттара.
М.К.Аммосов «Саха автономиятын тутуу тезистэрэ» диэн үлэтигэр автономия сүрүн сыалынан көҥүл сайдыылаах экономика буолар диэн суруйбута… Олохтоох усулуобуйа уратыларын учуоттаан, култуураны былааннаахтык сайыннарыы буолуохтааҕа. Бэйэ государстволаах буолуута, төһө да төрүт силиһэ-мутуга кэрдилиннэр, норуот хараҕа аһыллыытыгар, уһуктуутугар улахан суолталаммыта. Саҥа үөскээбит республика салайааччылара маны таба көрбүттэрэ. «Норуот иһигэр хаатыйаламмыт кута-сүрэ, өйө-санаата төлө көтөн саҥа олоххо тардыспыта. Саха сирэ экономика, культура балысхан сайдыытын иннигэр турар. Саха автономиятын иннигэр норуот материальнай, духовнай күүһүн сайдыы, барҕарыы суолунан салайыы соруга турар», – диэн М.К.Аммосов бэйэтин ахтыытыгар эппитэ. Саха сирин салалтата, автономияны ылаат, 1922 сыллаахха саҥа бырааптары, кыахтары туһанан, РСФСР тас эргиэҥҥэ народнай комиссариатын нөҥүө Лондоҥҥа кыһыл көмүһүнэн үс мөлүйүөн солкуобайга түүлээҕин батарбыта уонна аҥаарын бэйэтигэр ылары ситиспитэ. Инньэ гынан ылбыт харчытыгар Россияттан уонна омук сириттэн араас табаар, эмп-томп, үөрэх тэрилэ, инструмент атыылаһар кыахтаммыта. Бу холобур Саха сирин баайа республика бэйэтин бас билиитэ буолбутун туоһулуур. Маны таһынан, республика статуһунан туһанан, олохтоох салалта Москва былааһын структураларыгар, урукку курдук Иркутскай, Сибревком, Сиббюро нөҥүө буолбакка, быһа тахсар кыахтаммыта. Кредити, харчынан көмөнү Москваттан быһа ылар буолбута. Ол эрээри үүнүү-сайдыы бэйэ кыаҕар, норуот күүһүгэр эрэ тирэҕирдэххэ ситиһиллиэхтээҕин республика салалтата үчүгэйдик өйдүүрэ. Ону туохтан саҕалыахха сөбүй? Маныаха эдэр салайааччылар инникини өтө көрүүлэрэ киһини сөхтөрөр.
«…Бастатан туран, Саха сирэ бэйэтин ис кыаҕын билиэхтээх, – диирэ М.К.Аммосов, – кини айылҕатын баайын, дьонун кыаҕын, бэйэтин историятын, культуратын билиэхтээх. Саҥа олоҕу тутарга, инники кэскили оҥосторго, таһаарыылаах күүстэри сайыннарыыга суолу буларга Саха сирэ бэйэтин урукку олоҕун уонна билиҥҥитин үчүгэйдик билиэхтээх, үөрэтиэхтээх».
Киһи сөҕөрө баар, саха салайааччылара Саха сирин оҥорумтуолаах күүстэрин, айылҕатын баайын киэҥ далааһыннаахтык чинчийиигэ Москваны тылларыгар киллэрбиттэрэ буолар. Наукалар академияларын Дьокуускайдааҕы анал комиссията тэриллибитэ. Чинчийэр үлэҕэ ССРС икки сүүстэн тахса бөдөҥ учуонайдара кыттыыны ылбыттара. Кинилэри биллиилээх специалистар, академиктар С.Ф.Ольденбург, В.Л.Комаров, А.Е.Ферсман, Ф.Ю.Левинсон-Лессинг, В.В.Радлов, В.В.Бертольд уонна да атыттар салайбыттара. Саха сиригэр наука тэрилтэлэрэ баар буолбуттара. Республика музейа, библиотеката саҥардыллан үлэҕэ киирбиттэрэ. Холбоһуктаах киэҥ чинчийии түмүгүнэн айылҕа баайын уонна оҥорумтуолаах күүстэри туһаҕа таһаарыыга быһаччы сүбэлэрдээх наука үлэлэрин уонна чинчийиилэрин 58 тома суруллубута.
Бастатан туран, үөрэхтээһин таһымын үрдэтии соруга турбута. Аммосов өссө 1919 сыллаахха бэлиэтээн турардаах: «…норуоту үөрэхтээһиҥҥэ үп кэмчилэниэ суохтаах, уобаластааҕы нэһилиэнньэ оскуола уонна оскуола таһынааҕы үөрэхтээһин ситиминэн эргиччи хабыллыахтаах». Биһиги дьолбутугар, оччотооҕу салайааччылар үөрэҕи өрө тутуулара саамай сөптөөх хайысха этэ. Оннооҕор саамай ыарахан 20-с сыллардаахха сүүһүнэн саха ыччата киин университеттарга, институттарга үөрэммитэ. Ол түмүгэр бэрт сотору култуура таһыма үрдүк кэрдиискэ тахсыбыта. Былыр-былыргыттан биллэринэн, үтүө үгэстэрдээх, айар дьоҕурдаах, үрдүк духовнай баайдаах норуот табыгастаах усулуобуйаҕа үгүс талааннаах дьону таһаарар. Ол курдук, кылгас кэм иһигэр чаҕылхай талааннаах суруйааччылар, артыыстар, художниктар, музыканнар, наука, норуот хаһаайыстыбатын араас салааларын үлэһиттэрэ баар буолбуттара.
Эмиэ онуоха маарынныыр хартыына биһиги бүгүҥҥү күннээх олохпутугар көстөр. Музыка үрдүкү оскуолата аҕыйах сыллааҕыта аһыллыбыта эрээри, кини үөрэнээччилэрэ хайыы-үйэҕэ аан дойду, Россия таһымнаах бириистэргэ, дипломнарга тикситэлиир буоллулар. Ол эрэ буолбатах, үөрэх, искусство, наука араас көрүҥнэригэр ыытыллар олимпиадалар, конкурстар, күрэхтэһиилэр кыайыылаахтара аҕыйаҕа суохтар. Онон этиллиэх тустаах: өскөтүн 20-с сыллардаахха биһиги салайааччыларбыт сайдыы үөһүгэр үөрэхтээһини туруорбатахтара буоллар, саха норуота атын дьылҕаланан, билигин атын таһымҥа турар буолуо этэ. Кинилэр саамай сөптөөх хайысханы талбыттара, ол иһин биһиги кинилэргэ махталбыт муҥура суох.
1923 сылтан ыла Алдан кыһыл көмүһүн туһаҕа таһаарыы үлэтэ саҕаламмыта. Бу иннинэ Алдан уонна Төмтөөн кыһыл көмүһүн Амур уобалаһын дьоно хостууллара. Кинилэр 1895–1923 сыллардаахха 16 тонна кыһыл көмүһү хостообуттара. Сахалар бу үлэҕэ ылсаннар, 1923–1924 сылларга 4,5 тоннаны, оттон 1925 сыллаахха 9,5 тоннаны сууйбуттара.
Саха АССР правительствота республика норуотун хаһаайыстыбатын төрдүттэн уларытар генеральнай былаан оҥостубута. Хайа промышленноһын олохтооһун, суолу тутуу, сибээһи сайыннарыы, тыа хаһаайыстыбатын механизациялааһын, массыына-трактор пааркаларын элбэтии боппуруостара турбуттара. Үп-харчы олохтоох тэрилтэлэртэн, киинтэн, бэл омук инвестициятынан даҕаны киирэр этэ. Саха сирэ, оччотооҕу кэм сыанабылынан, элбэх үбү кыһыл көмүһү хостооһунтан уонна түүлээхтэн киллэрэрэ. Көмүһү таһынан платинаны уонна исландскай шпаты хостооһун, тимир рудатын промышленноһын сайыннарыы саҕаламмыта. Тимири Японияҕа уонна Дальнай Востокка таһаарар былааннаахтара. Дальнай Восток Крымтан тиэллэр тууһунан хааччыллара, ол иһин ону Кэмпэндээйи тууһунан толору хааччыйар былааннаахтара. Япония эмиэ бэйэтин мөлтөх хаачыстыбалаах тууһун оннугар атын дойдулартан үчүгэй тууһу аҕалар ханаалы көрдүүрэ. Саха сирин тас өттүгэр балыгы, тутуу маһын таһаарар санаалаахтара, Американы кытта оннук кэпсэтии ыытылла сылдьара. М.К.Аммосов Саха сиригэр тимир суолу аҕалар туһунан боппуруоһу көтөҕө сылдьара.
Билиҥҥи кэминэн сыаналаатахха, сүдү былааннар туруоруллубуттара уонна утуу-субуу олоххо киирэн испиттэрэ. Республика көҥүл сайдыытын далааһына күүһүрэн, кэҥээн иһиитин соҕуруу тоталитарнай систиэмэ киин былааһын барыны бары бас билэр, талбытынан дьаһайар, былаанныыр политикатыгар баппатын, сөп түбэспэтин курдук ылыммыттара.
Саха интеллигенцията, өлүөх-быстыах быатыгар, киин былаас политикатын сөбүлээбэтин олус аһаҕастык биллэрбитэ. БСК(б)П НЭП утары ыытар дьайыыларын, демократия көҥүлүн хааччахтааһыны, национальнай политикаҕа сыһыаны уларытыыны, тоталитарнай режим олус күүһүрүүтүн бырачыастыыр бөлөх тэриллибитэ. П. В. Ксенофонтовтаах «Младо-якутская национальная советская социалистическая партия середняцко-бедняцкого крестьянства (конфедералистов)» диэн ааттаналлара. Кинилэр Конституцияҕа этиллэр быраабы көмүскээһини, демократия дьиҥнээхтик сайдыытын, уопсастыба, политика, экономика уонна норуот маассатын актыыбынаһа үрдүүрүн турууласпыттара. Сүрүн сыалларынан Саха АССР суверенитетын, көҥүллүк сайдыы быраабын кэҥэтии этэ. Бу хамсааһын салайааччыта П.В.Ксенофонтов хаан тохтуулаах саба баттааһын иннинэ киэҥ тайҕа түҥкэтэх ыырын иһигэр эппит тиһэх тылларын маннык түмүктээбитэ: «История биһиги дьыалабыт кырдьыгын бигэргэтиэ…» Павел Васильевич этиитин история кырдьык, олус хойутаан да буоллар, бигэргэппитэ. Оччотооҕу 1927–1928 сыллардааҕы Саха сирин салалтата уонна интеллигенцията хабырдык, киэҥ далааһыннаахтык репрессияламмыта. Уон сыл буолан баран, 1937–1939 сылларга, тутулуга суох көҥүл өйү-санааны репрессия катога өссө төгүл үлтү мэлийэн ааспыта…
Саха чулуу уолаттарын хорсун турунууларын өйдөөн-санаан кэллэр эрэ, Михаил Ефимович туох да буолбутун иһин, хайдахтаах да эрэй-муҥ, быстах кэмнээх былаас түүрэйдээбитин иһин норуот ортотуттан төрөөбүт дойдуларын дьылҕатын туһугар эттэринэн-хааннарынан, сүрэхтэринэн-быардарынан дьиҥнээхтик ыалдьар, саҥаттан-саҥа бас-көс дьон үүнэн тахса туралларынан киэн туттар. Кинилэр олус уустук кэмҥэ Саха сирин экономическай, социальнай-духовнай сайдыыта, төһө да Максим Кирович Аммосов саҕанааҕы курдук түргэн тэтиминэн барбатар, кэм иннин диэки тохтообокко сыҕарыйа туруохтааҕын туруулаһа сатаабыттара. Михаил Ефимовичка өссө атын ыйытар санаа киирээччи… «Конфедералистар тыыннаах хаалар уонна бэйэлэрин идеяларын көмүскүүр кыахтаахтара дуо? Таба суолу талар кыах баара дуо?» Биллэн турар, баара. Тыыннаах хааларга саамай эрэллээҕинэн күүһүн-кыаҕын ылынан эрэр систиэмэни билинии, кини ирдэбиллэригэр бас бэринии этэ. Оттон кинилэр атын суолу тутуспуттара. Ол гынан баран репрессия көлүөһэтэ син биир интеллигенция үрдүнэн барыахтаах этэ. Ол эрээри көдьүүһэ суох охтубуттара диир сыыһа. Төһө да уонунан сыллар ааспыттарын иһин, кинилэр ыспыт сиэмэлэрэ таах хаалбатаҕа. Аҕа көлүөнэ баҕа санаата олоххо киирбитэ.
Таба суолу талыы хаһан да судургу буолбат. Михаил Ефимович ССРС Минфинигэр уонна Гохраныгар алмааһы ыытыыттан аккаастанар суолу тоҕо талбытай? Барытын уруккутунан хаалларан, моонньоох баһын уган биэрбэт хайысханы тутуһара киниэхэ тус бэйэтигэр быдан ордук буолуо этэ дии. Ол эрээри кини төрөөбүт Сахатын сиригэр, норуотугар суоһаабыт тыыннаах хаалар эбэтэр эстэр күчүмэҕэй кэм тирээн кэлбит быһаарыылаах түгэнигэр кэннин хайыһан, норуотун чулуу уолаттара маннык ыар кэмҥэ туох өйү-санааны ылынан быһаарыылаах хардыыны оҥорбуттарын, кинилэр чиэстэрин-суобастарын санаан, бэйэтэ быһаарыммыт хорсун хардыытын, чиэһин-суобаһын кинилэри кытта тэҥнии тутар өй-санаа киириитэ киниэхэ күүс-күдэх эппитэ саарбаҕа суох. Кини норуотун, дьонун-сэргэтин туһугар быһаарыылаах хардыыны оҥоруон иннинэ бэрт элбэҕи толкуйдаабыта. Бу иһин кини улахан буруйдааһыҥҥа, туоратыллыыга түбэһиэн сөп этэ. Ол гынан баран, бииринэн, кэмэ атын этэ, киин былааска бэйэлэрин истэригэр кыайан быһаарсыбакка сылдьаннар, Саха сиригэр куруубайдык орооһор кыахтара суоҕа.
Иккиһинэн, дуона суох төлөбүр иһин 50 кыраадыстаах тымныыга тоҥ буору кытта хатыһар дьон хара көлөһүннэринэн хостоммут караттар ханна, туох сыалга-сорукка туттуллаллара биллибэккэ сэттэ бэчээт нөҥүө кистэлэҥҥэ сыталлара сиэрдээх быһыынан ааҕыллыан сөп этэ дуо? Алмааска сыһыаннаах кистэлэҥи, бука, генсектэн уонна правительство бэрэссэдээтэлиттэн ураты ким да билбэтэ эбитэ буолуо. 1991 сыл бүтэһигэр генсек да, правительство бэрэссэдээтэлэ даҕаны иккиэн туораабыттара. Онон республика бэйэтин сиригэр-уотугар хостонор бородууксуйаны мүччү туттарарыгар тоҕоостоох кэм үүммүтэ. Ону туһаныыга саамай таба суолу талбытыттан билигин астыммат буолуон сатаммат.
Алмаас тула кэлин тахсыбыт айдааннар оччотооҕу дьиксиниини толору туоһулууллар. Оттон республика экономиката 1991 сыллаахха дойдуга ылыныллыбыт дьаһал түмүгэр «шоковай терапия» дэммит реформаттан быыһаммыта. Алмаас, чох, газ, кыһыл көмүс промышленноһа үбүлэнэр кыахтаммыта, алмааһы кырыылыыр саҥа салаа тэриллибитэ, социальнай-культурнай объектар тутуулара, транспорт, сибээс, тыа хаһаайыстыбатын салаалара үбүлэммиттэрэ. Республика салалтата ылыммыт хорсун дьаһалларын сыаната итинник этэ.
Кини дойдутун, дьонун-сэргэтин иннигэр быһаарыылаах күчүмэҕэй кэмҥэ таба суолу талан, сүктэриллибит итэҕэли чиэстээхтик толорбутун туһунан биир дойдулаахтарыгар, оҕолоругар, сиэттэригэр кэпсиир толору бырааптаах. Ол ханнык даҕаны бэйэни арбаныы көрүҥэ буолбатах, кинини бас-көс киһинэн билиммит, ол аата хорсун хардыылары оҥороругар толору быраап биэрэн бэйэтин итэҕэлин, эрэлин сүктэрбит бар дьонун иннигэр отчуота буолар.
Үрдүк трибунаттан
Сэбиэскэй былаас сылларыгар Россияҕа да, Саха сиригэр даҕаны аҕыйаҕа суох үчүгэй дьыала оҥоһуллубута. Ону барытын мэлдьэһэр табыгаһа, махтала суох быһыынан ааҕыллыан сөп. Михаил Ефимович бэйэтэ уһуннук ол систиэмэҕэ үлэлээбитэ, үлэтин түмүгүнэн астынар, киэн туттар түгэннэрэ элбэх этилэр. Ол гынан баран административнай-хамаандалыыр систиэмэ судаарыстыбаҕа оҥорбут хоромньута туохха да холооно суох улахан этэ. Саха сирэ, биллэн турар, онтон туора туран хаалбатаҕа. Хаһан даҕаны бэйэтин олоҕун, дьылҕатын көҥүллүк оҥостор бырааба суоҕунан ССРС үрдүнэн биир кыаммат-түгэммэт республиканан ааҕыллара. Кырдьыгынан эттэххэ, партия, баһылыыр-көһүлүүр күүс эрээри, олох, история хаамыытын билиммэт буолуута киһи сөҕүөн курдуга. Күн-дьыл ааһан истэҕин аайы дьон эрэ буолбакка, арааһа, партия программалара, идеология, салайар систиэмэлэр эмиэ кырдьан, эргэрэн иһэллэр быһыылаах. Ол да иһин 80-нус сыллар ортолоругар партияҕа даҕаны киэҥ далааһыннаах реформа ыытыллара тоҕоостоох олох ирдэбилэ буолбута. Уларыта тутуу чэбдик салгына өй-санаа бары өрүттэрин хабан, төһөлөөх үөртэ-көтүттэ, инникигэ кынаттаата этэй?..
Михаил Ефимович саҥалыы хайысхаҕа үктэнэн эрэр Сахатын сиригэр президенинэн талыллар дьылҕатыгар бастакы оҥорбут хардыытынан 1989 сыл ахсынньы 8 күнүгэр Саха АССР Верховнай Советын Президиумун председателинэн анаммыт күнүн ааҕар. Онно барыта 9 кандидат кыттыбыта, олор истэригэр кэлин 1991 уонна 1996 сылларга президеҥҥэ тура сылдьыбыт И.Д.Черов, А.Н.Алексеев, П.Д.Осипов бааллара. Ол кэмҥэ Верховнай Совет оруола бэрт дуона суоҕа. Республика олоҕор улахан суолталаах, боччумнаах боппуруостарга депутаттар ылынар уураахтарын партия обкомугар суруйаллара уонна бигэргэтэллэрэ.
Норуот талбыт депутаттарын былааһын хайдах гынан бөҕөргөтүөххэ, баар быһыыны-майгыны хайдах уларытыахха сөбүн туһунан Михаил Ефимович бэрт өр толкуйдаабыта. 1990 сыл кулун тутарга Саха АССР Верховнай Советыгар быыбардар ыытыллыахтаахтара. Маны туһанан, кини Парламеҥҥа төһө кыалларынан саҥалыы өйдөөх-санаалаах дьон киирэллэрин ситиһэ сатаабыта. Верховнай Совет инникитин компартия обкомуттан наһаа тутулуктамматын туһугар кини боломуочуйатын үрдэтэр, күүһүрдэр аналлаах сокуон бырайыагын бэлэмниир үлэни эрдэттэн ыытыллыахтааҕа. Республика парламенын бөҕөргөтөр сыалтан РСФСР парламенын быыбарыгар кыттыыны ыларга быһаарыммыта. Россия депутатын статуһа, олохтоох партноменклатура араас киириититтэн-тахсыытыттан көмүскэнэр кыаҕы биэрэр эрэ буолбакка, өссө Россиятааҕы, дьиҥинэн ыллахха, бүтүн Союзтааҕы да трибунаҕа тахсар суолу аһара. 1990 сыл саҥатыгар Михаил Ефимович Саха АССР уонна РСФСР парламеннарыгар талылларга баллотировкаламмыта.
Оччолорго хайыы-үйэ уруккутааҕар чыҥха атын, ССРС народнай депутаттарын съезтэрэ административнай-хамаандалыыр систиэмэ режимэ төһө бигэтин бэрэбиэркэлээн көрөр бириэмэтэ этэ. Көҥүл этэр-тыынар, кэпсэтэр-ипсэтэр, кулгаах-харах аһыллар, өй-санаа уһуктар кэмэ туругуран эрэрэ. Дьон кинилэр күүс-көмө, тирэх буолар баҕа санааларыттан туох эрэ тутулуктанарын итэҕэйэр буолан барбыттара. Саха Республикатын Верховнай Советыгар үгүс хоодуот дьон талыллан киирбиттэрэ. Кинилэр истэригэр учуонайдар, улахан холбоһуктар, тэрилтэлэр салайааччылара, айар интеллигенция бэрэстэбиитэллэрэ бааллара. Үгүстэрэ, ол иһигэр «Саха омук», о. д.а. уопсастыбаннай тэрилтэлэргэ, хамсааһыннарга кыттан дьоҥҥо-сэргэҕэ биллибит дьон, дойдуга уонна республикаҕа буола турар уларыйыыларга актыыбынай кыттыыны ылар сыаллаах-соруктаах парламеҥҥа кэлбиттэрэ. Саҥалыы туттунуу-дьаһаныы уоҕа улахан этэ.
1990 сыл муус устарга Саха АССР Верховнай Совета маҥнайгы сессияҕа мустубута. Сессия иннинэ партия обкома Верховнай Совекка бэрэссэдээтэлинэн обком бастакы сэкирэтээрин талларар үлэни ыыта сатаабыта табыллымына, чугуйарга күһэллибитэ. Бэрэссэдээтэлинэн Михаил Ефимовиһы талбыттара. Ити 1990 сыл муус устар 25 күнүгэр буолбута. Үрдүк дуоһунаска талыллыбытыттан үөрүүнү атын иэйии баһыйбыта. Ол түгэҥҥэ кини төрөөбүт сирин, дьонун-норуотун иннигэр олус эппиэттээх, ыарахан эбээһинэһи сүкпүтүн толору өйдөөн, бэйэтигэр олус үрдүк ирдэбиллээхтик сыһыаннаспыта. Хайдах эрэ омуга олорон кэлбит историятын сүрүн түгэннэрин төгүрүк сыыппаралара туолар кэмигэр үрдүкү былааска кэлиитэ көннөрү күн-дьыл хабааттаһыытын эрэ курдук сыаналамматын, туох эрэ үрдүктэн, үөһэттэн тутулуктааҕын санатар дьикти иэйии дьэбир күүһэ хам кууспута.
Ол курдук, икки сүүсчэкэ сыллааҕыта Сэһэн Ардьакыап Екатерина II ыраахтааҕыны кытта көрсүһэн «Сахалар тустарынан былаанын» туруорсан элэ-была тылын ылыннара сатаабыттааҕа. 350-ча сыллааҕыта номох буолбут Тыгын кырдьаҕас тумус дьоно, уолаттара өрө турууларын күүрээннээх кэмнэрин өрөгөйө этэ. Оччотооҕу кэмнэр мөккүөрдэрэ биир өйгө-санааҕа түмэллэрэ: көҥүлү күөмчүлэппэккэ эрэ, бэйэ кыаҕын, дьоҕурун туһанан, үүнүү-сайдыы, инники кэскили оҥостуу суолун тутуһуу буолуохтааҕа. «Билигин эмиэ оннук кэм тосхойбута буолуо дуо? Ама үс аҥаар үйэ тухары үрүҥ хараҕын өрө көрбөтөх саха омук муҥнаах үрдүккэ тардыстар көҥүл күнэ күөрэйэн эрдэҕэ буолуо дуо? Судаарыстыбаннас дьиҥнээх көрүҥэ Саха сирин бары омуктарыгар тиксэн, сирбитин-уоппутун, баайбытын-дуолбутун бэйэбит дьаһанарбытын, туһанарбытын ситиһэр кыах үөскээбитэ буолуо дуо? Дьылҕа Хаан ыйааҕа ону туруулаһар, олоххо киллэрэр сүдү сыалы-соругу ама миэхэ анаан сүктэрбитэ буолуо дуо?»
Михаил Ефимович маны барытын эргитэ санаан көрдөҕүнэ, киһи үөрүөҕэ, өрөгөйдүөҕэ суоҕа. Төттөрүтүн, инники күүтүллэр туга-ханныга биллибэт улаҕалаах уларыйыылар суо хаан арҕастарын сыысхала суох миинэ түһэр манан аҕай холонуу буолбатаҕа, бүтүн норуот дьылҕатын илиигэ ылан, олох долгунугар түөрэ оҕустарбат күүрээннээх мөккүөрүн нүһэр ирдэбилэ ала чуо киниэхэ туһуламмыта, биирдэ санаан көрдөххө, сүрдээх саллымар, ыарахан этэ. Иккис өттүнэн ыллахха, эмиэ даҕаны оҕо сааһыттан кыра-хара дьон-сэргэ эт-тирии быстар кыһалҕалаах олоҕо хараҕын ортотугар ааһан, эрэйи-муҥу эҥээринэн тэлэн, үлэ-олох миҥэтин үрдүк уорҕатыгар ыттыар диэри үктэлтэн үктэлгэ сыыйа дабайан төһөлөөх сыратын-сылбатын бараан, көлөһүнүн тоҕон, өйүн-санаатын иитиэхтээн кэлбитин санаатаҕына, бу кини хаһан да тохтоон, уурастаан хаалбат, олох кырдьыгын, омугун соргутун ирдэһэр үрдүк соругу, ыар эбээһинэһи санныгар ыларга дьулуспатах күнэ диэн баара дуо? Оччотугар буоллаҕына, киниэхэ сүктэриллибит үрдүк соло, күүстээх былаас диэн норуот иннигэр нүһэр ирдэбил, ытык иэс буолар. Кини ону кылгас да түгэҥҥэ умнар бырааба суоҕун бигэтик өйдөөбүтэ.
Политика курдук халбархай дьыалаҕа тиэтэйэр үчүгэйи аҕалбата биллэрэ, оттон кини улахан политикаҕа өссө ситэ уопутура илигэ. Бастатан туран, республика парламена кини ыытыахтаах үлэтин хайысхатын өйөөн биир санааҕа түмсүөх кэриҥнээҕэ. Оттон ол сыала-соруга диэн инники сайдыы, үүнүү туһугар экономика киинтэн тутулуга суох буолуутун ситиһии этэ. Онуоха ханнык даҕаны киинтэн туспа барыы туһунан боппуруос турбата. Бары депутаттар (үгүстэрэ нууччалар, украинецтар, онтон даҕаны атын омуктар этэ) Саха сирин экономиката тутулуга суох буолуутун ситиһэр туһугар түмсүөхтээхтэрэ. Кини омугун историятын үчүгэйдик үөрэтэн билбитинэн, Саха сирэ бэйэтин бэйэтэ дьаһанан үүнүү-сайдыы суолугар дьулуһуутун Россия прогрессивнай өйдөөх-санаалаах деятеллэрэ, интеллигенцията урут даҕаны таба өйдүүллэрэ. Кытыы кыраайдар, ол иһигэр Саха сирэ, сайдыылара Россияҕа туох да куһаҕаны оҥорботун, төттөрүтүн судаарыстыбаны күүһүрдэрин билэллэрэ. Биллэн турар, аҥаардастыы сабардыыр, баайы-дуолу барытын кииҥҥэ эрэ хоро таһар имперскэй өй-санаа, атын сыһыан эмиэ баара, ол гынан баран уларыйыы, саҥалыы өй-санаа үөскээн эрэр кэмигэр регионнары, республикалары өйдүөх, өйүөх кэриҥнээхтэрэ.
* * *
Итинник өйүнэн-санаанан салайтаран, 1990 сыл ыам ыйын 24 күнүгэр Михаил Николаев РСФСР народнай депутаттарын маҥнайгы съезтэрин үрдүк трибунатыгар тахсыбыта. Кремль Улахан Дыбарыаһын уораан уораҕайа, этэргэ дылы, улаҕаа эрээккэ олорор киһи улар саҕа буолан көстөр уһун синньигэс саалата ыга туолбут этэ. Хас депутат аайы иккилии-үстүү ыҥырыылаах ыалдьыт, олор истэригэр дойду салайааччылара кытта бааллара.
Михаил Ефимович, дойдутун, норуотун иннигэр ытык иэһин толорор маҥнайгы улахан суолталаах хардыыны оҥоруохтааҕын санаан, төһө да долгуйа быһыытыйдар, таһыгар ону биир да дубук хамсаныынан, кыратык эмэтик хаанын да хамсатан биллэрбэтэҕэ. Паапкатын арыйан, бэлэмнэммит тиэкиһин тэнитэн, чуолкай, холку куолаһынан баараҕай аудитория иннигэр урут бу саала иһигэр саха киһитэ эппэтэх хорсун, сиэрдээх этиитин саҕалаабыта:
– Биһиги өйбүтүгэр-санаабытыгар билиҥҥэ диэри республикалар уонна норуоттар чэлгийэ сайдыыларын, экономикаҕа уонна культураҕа кинилэр хаһааҥҥытааҕар да үрдүк кэрдиискэ тахсыбыттарын туһунан эҥин-эгэлгэ тыллар кэм да иһиллэргэ дылылар, – диэн этээтин кытта саала иһэ иһийэргэ дылы гыммыта. – Үрдүк өрөгөйдөөх тыл-өс бу саала килбиэннээх киэлитин иһигэр эмиэ дуораһыйара. Оттон Кремль истиэнэтин тас өттүгэр олох дьаалатынан устара. Национальнай республикалар бэрэстэбиитэллэрэ үрдүк ситиһиилэрин туһунан кэпсээтэллэр да, олорор дьиэ, балыыһа, кулууп, оскуола тутууларыгар үп умналаан Москва министерстволарын уонна ведомстволарын ааннарын саппакка, кинилэр уһун көрүдүөрдэринэн төттөрү-таары сыбыытаһаллара.
Съезкэ көрүллэр Россия суверенитетын туһунан боппуруос, бастатан туран, экономикаҕа, олох-дьаһах сайдыытыгар, национальнай боппуруоска уонна экология проблемаларыгар үөскээбит быһыыны-майгыны быһаарар Россия Федерациятын политикаҕа систиэмэтин төрдүттэн тупсарарга туһаайыллыахтаах. Итини этэн туран, мин маннык сорох түгэннэргэ тохтуохпун баҕарабын. ССРС Верховнай Совета кэлин ылыммыт сокуоннарыттан, союзнай уонна автономнай республикалар экономика, олох-дьаһах уонна культура сайдыыларыгар тэҥ бырааптаныыларыттан, биллэн турар, биһиги, автономнай республикалар олохтоохторо, астынабыт. Хас хардыы, ситиһии үгүс сыранан, туруорсуунан олоххо киирэрин биллэрбит даҕаны, бэйэбит боппуруостарбытын быһаарарбытыгар дьиҥнээх көҥүл туругурарыгар биһиги эрэлбит улаатар.
Кырдьыгынан эттэххэ, түөрт сүүсчэкэ эрэ сылы кыайбат кэм анараа өттүгэр Россияны, нуучча норуотун кытта бэйэлэрин дьылҕаларын холбообут Саха сирин норуоттара итинник көҥүлгэ эрэллэрин хаһан да сүтэрбэтэхтэрэ. Итиччэ уһун кэм устата биһиги Россияны кытта бары үөрүүбүтүн-хомолтобутун бииргэ үллэстэн кэллибит. Ол иһин бүгүн Россияны холбуур история төрүттэрин түөрэҥнэтиини биһиги сүрэхпитигэр-быарбытыгар олус ыарыылаахтык ылынабыт. Россия, нуучча норуота государственнай тутул унитарнай моделын сиэртибэтэ буолууга атыттартан итэҕэһэ суох, өссө ордук эмсэҕэлээбитэ. Ол гынан баран бүгүн онуоха бэйэ-бэйэбитин хардарыта хомуруйсар кэм буолбатах. Биһигини холбооттообут уһун кэмнээх историябытын харыстыахха наада уонна Россиятааҕы уопсай дьиэбитин бөҕөргөтөр суолу-ииһи салгыы көрдүөххэ. Бастатан туран, дьиҥнээх тэҥ олоҕу уонна тэҥ бырааптаныы өйдөбүллэрин кэһэр, дьүдьэтэр, олохсуйан хаалбыт хал буолбут халыыптан босхолонуохха наада. Административнай-хамаандалыыр систиэмэ көҥүл түүрэйдиир кэмигэр кини «үтүөлэрин» Саха сирэ, баҕар, кимнээҕэр да ордук билбитэ буолуо уонна ол содулун өссө билиэ да турдаҕа. Биһиги республикабыт киниэхэ соҥноммут сырьевой самалык синдромуттан босхолоноро наада. Бу сиэри таһынан быһыыны-майгыны биһиги сорунуулаахтык утарабыт…
Үс аҥаар үйэттэн ордук кэм усталаах туоратыгар аҕыйах ахсааннаах дьоҕус омук бас-көс киһитин улуу Россия уонна бэйэтин олохтоох сирин, дьонун-сэргэтин туһугар ис сүрэҕиттэн ыалдьан, улахан омуктар бастаахтарын сабырыйар сиэрдээх тыллара, олох кыларыйар кырдьыгын ылыннарыылаахтык саралыы тардан этиитэ кырдьаҕас Кремль улахан саалатыгар ити күн аан маҥнай дуораһыйбыта. Тыһыынчанан депутат халыҥ кэккэтэ, хаһан да истибэтэҕин истэн, биир тылы көтүппэккэ иһиллээн иһийэн олорбута.
Тыл этиитин бэлэмниир кэмигэр Михаил Ефимович Россия автономияларын салайааччыларын кытта, тоҕоостоох кэмнэргэ түбэһиннэрэн, кэпсэтии таһаартыы сылдьыбыта. Онно бары даҕаны кыра буолан баран ССРС иһигэр киирсэр союзнай статустаах республика РСФСР-га киирсэр автономиятааҕар быдан киэҥ, көҥүл бырааптааҕын бэлиэтээн, олус кыһыйан-абаран, бэркиһээн кэпсэтэллэрэ. Ити курдук кини биир санаалаахтары бэйэтин диэки тардары, түмэри ситиспитэ уонна ити санаатын ким да иннинэ аан бастакынан, чаҕылхай сыыппараларынан холобурдаталаан туран, союзнай масштабтаах улахан аудиторияҕа салгыы иһитиннэриитэ киэҥ сэҥээриини ылбыта.
– Общественнай бородууксуйаны оҥорон таһаарар кээмэйинэн Саха сирэ Прибалтика, Орто Азия союзнай республикаларын эрэ буолбакка, бэл оннооҕор сорох сайдыылаах капитализм дойдуларын кытта биир таһымҥа турар. Ол эрээри, республика политикаҕа, экономикаҕа дьиҥнээх сувереннай көҥүлэ суоҕунан, бэйэтин төрүт сирин-уотун, сирин баайын, онтон да атын айылҕатын ресурсаларын бас билиигэ, дьаһаныыга уонна туһаныыга Конституциянан көрүллүөхтээх быраабын күөмчүлээһин түмүгэр онно сөптөөх былааһа да, экономическай боломуочуйата да суох. Ити маннык холобуртан көстөр: Союз уонна Федерация бас билэр тэрилтэлэрэ Саха республикатын бюджетын үбүттэн 16 % ылар буоллахтарына, кинилэр оҥорбут барыстарыттан 4,5 % эрэ киирэр. Союз предприятиелара оҥорор барыстарыттан киирэр үп үгүс республикаларга 20 % тэҥнэһэр, оттон Эстонияҕа – 84 %. Саха сиригэр промышленнай бородууксуйа 90 %-нын Союзка уонна Федерацияҕа бас бэринэр тэрилтэлэр сырье быһыытынан оҥороллор. Кинилэр дойду кииниттэн салаллаллар уонна олохтоох территория сайдыытыгар туох да көмөнү оҥорботтор. Агропромышленнай комплекс тэрилтэлэрин тэрээһинигэр, олохтоох промышленность, суол-иис ситимин сайдыытыгар кыттыыны ылбаттар, онон миэстэтигэр олох-дьаһах балаһыанньатыгар сөбө суох тыҥааһыны үөскэтэллэр. Соҕотох мантан эрэ, республика политикаҕа уонна экономикаҕа туох да бырааба суоҕуттан, саха омуга, аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар, нууччалыы тыллаах нэһилиэнньэ национальнай сайдыыларыгар хаалыы таҕыста…
Маннык эридьиэстээн этэн баран, Михаил Ефимович чочумча тохтоон саала иһин кэриччи анааран көрөн аһарбыта, дьон үксэ сэргээн истэ, бэйэ-бэйэлэрин кытта санааларын үллэстэ олороллоро. Киһини бэркиһэтэр сыыппаралары аҕалтыыр кэмигэр сорохтор өссө саалаттан кинини өйөөн, реплика быраҕар саҥалара иһиллитэлээн ылбыта. Дьон болҕомтотун тардыбытын, сааланы сөптөөх соҕус тыҥааһыннаах турукка киллэрбитин өйдөөн, этиитин саамай суолталаах өттүн салгыы саҥаран барбыта:
– «Автономнай республика» диэн икки өрүттээх утарсыылаах термин, республика статуһун быһаарарга уонна Союһу кытта боломуочуйалары тыырсыыга сөп түбэһиспэт өйдөбүлү үөскэтэр. Маны Ленин билинэн турар. Кини 1922 сыл ахсынньы 30 күнүгэр, ССРС тэриллиитинэн сибээстээн, кэмсинэн маннык суруйбуттаах: «Автономизация туһунан хал буолбут боппуруоска сорунуулаахтык орооспотохпунан мин, арааһа, Россия рабочайдарын иннигэр улахан буруйдаахпын быһыылаах…»
Теория өттүнэн сөбө суох «автономнай республика» диэн өйдөбүл сыыһата ВЦИК анал комиссиятынан өссө 1926 сыллаахха билиниллибитэ. Өскөтүн «республика» диэн быһаарыы национальнай-территориальнай тэриллии государство быһыытынан өйдөбүлүгэр сөп түбэһэр буоллаҕына, олохтоох бэйэни салайыныыны туоһулуур «автономия» государство диэн тылы төрдүттэн сотон таһаарар.
Государство олоҕун форматын быһыытынан норуоттар сувереннай бырааптара билиниллиэхтээх. Онон сибээстээн, Саха АССР-га саҥардыллыбыт Россия Федерациятын иһинэн ураты формалаах Советскай Социалистическай Республика быраабын биэрэр боппуруос турарын булгуччулааҕынан ааҕабыт…
Саала иһигэр тыал түспүтүн курдук, олорор дьон халыҥ кэккэтэ суугунуу хамсаан ылбыта. Бу сырыыга биһириир да, сөбүлээбэт да саҥалар тэҥҥэ иһиллибиттэрэ. Михаил Ефимович, ону истибэтэх курдук, салгыы этэ турбута:
– Билиҥҥи кэмҥэ РСФСР национальнай государственнай тутулун системата уларыйыах тустаах. Биһиги көрүүбүтүгэр, бастатан туран, Федерация төрүт укулаата – норуоттар тэҥ буолууларын уонна тэҥ бырааптаныыларын дьиҥнээх өйдөбүлэ төннүөхтээх. Федерацияны саҥардыыны Российскай Федерация бэйэтин балаһыанньатын бэрээдэктээһинтэн саҕалыахха наада, ол эбэтэр федеральнай государство дуогабар нөҥүө сыһыаҥҥа олоҕурар. Оттон билигин РСФСР-га киирэр бары автономнай республикалар үөһэттэн ыйыы-кэрдии күүһүнэн, Декретинэн тэриллибиттэрэ. Өскөтүн биһиги Федерациябытын саҥардыахпытын уонна кини субъектара күүстээх буолуохтарын баҕарар буоллахпытына – оттон биһиги ону чахчы баҕарабыт – народнай депутаттар съезтэринэн, Российскай Федерация Верховнай Советын сессияларынан бигэргэтиллэр сокуоннарга уонна сокуоннар акталарыгар национальнай республикалар бырааптара, Федерация тэҥ бырааптаах субъектарын быһыытынан, билиниллэллэрэ наада.
Соторутааҕыта ылыныллыбыт ССРС бас билиитин туһунан сокуон 20-с ыстатыйатыгар автономнай республика РСФСР сокуонун иһинэн сиригэр-уотугар киирэр сири уонна айылҕа ресурсаларын бэйэтин уонна ССРС интэриэһигэр бас билэр, дьаһайар, туһанар бырааптааҕа ыйыллар. Оттон ССРС, союзнай уонна автономнай республикалар экономикаҕа сыһыаннаһыыларын туһунан сокуон 5-с ыстатыйатын быһыытынан, бу боппуруостар ССРС, РСФСР уонна автономнай республикалар икки ардыларынааҕы элбэх өрүттээх Сөбүлэһиилэринэн быһаарыллаллар. Онон ССРС Миниистирдэрин Сэбиэтэ алмааһы уонна кыһыл көмүһү хостооһунунан дьарыгырар Саха АССР валютаҕа бородууксуйатын күн бүгүнүгэр диэри бүүс-бүтүннүүтүн ССРС бас билиитинэн ааҕар. Ол түмүгэр Саха АССР бэйэтин айылҕатын ресурсаларыттан кыратык эмэтик да буоллар өлүүлэһэн дьаһанар сувереннай быраабыттан эмиэ матар. Бу балаһыанньаны ССРС Миниистирдэрин Сэбиэтэ, ылыныллыбыт сокуоннарга олоҕуран, саҥаттан көрөрүн модьуйабыт!
Саала иһэ ытыс тыаһынан хабылла түспүтэ. Трибунаттан түһэн миэстэтигэр тиийиэр диэри аара араас дьон кини илиитин тутан эҕэрдэлээн хаалбыттара. Оттон бэйэтин дьонун үөрүүлэрэ, өрөгөйдөрө муҥура суоҕа.
ССРС тиҺэх салалтата
РСФСР Верховнай Советын маҥнайгы сессията хас да түһүмэхтэрдээх бэрт уһуннук барбыта. Сессия кэнниттэн Михаил Ефимович ССРС президенигэр, ССКП КК Генеральнай секретарыгар М.С.Горбачевка приемҥа киирэргэ сорунан туран дьулуспута. Бэрт өр кэтэһиннэрэн, болдьохтоох кэмэ – от ыйын 20 күнэ үүммүтэ. Эрдэттэн бэлэмнэммит матырыйаалларын барытын саас-сааһынан паапкатыгар уган, Кремльгэ барбыта.
Дойдутугар курдук, манна эмиэ от ыйын өҥүрүк куйааһа таҥнары сатыылаан турара. Ол эрээри күн сыралҕанын, тууйуллаҕас салгыны баардылаабакка, бу аҕыйах мүнүүтэнэн дойду баһылыгын кытта көрсүөхтээх сүдү соруга атын кыһалҕаны барытын үтүрүйэн, өйүн-санаатын кынаттаах ыратыгар уйдаран, эбии эрчимирбиккэ, чэпчээбиккэ дылы буолан, Кремль ис тиэргэнин киэҥ уораҕайыгар эрэллээхтик үктэммитэ. Республикатын, дьонун-сэргэтин туһугар туруорсуохтаах сүрүн боппуруостарын, икки өрүккэ хардарыта туһалаах этиилэрин өйүгэр өссө төгүл бэрийэн, хат-хат тургута санаан көрдөҕүнэ, барыта өйдөнөр, оруннаах курдук. Ол хайдах ылыныллара, төһө сөпкө өйдөнөрө биллибэт. Бу иһэн кини былыргы өбүгэлэрин, Маһары Бөдьөкөбү, Соппуруон Сыраанабы, Сэһэн Ардьакыабы, санаталаан кэллэ. Ол барахсаттар дьоммут, омукпут туһа диэн быраман мындаа дойдуттан сыарҕа атынан айаннаан, сылы-сылынан кэтэһэн-манаһан, Федор Алексеевич, Екатерина II ыраахтааҕылары көрсөр чиэскэ тиксэн, син тылларын-өстөрүн иһитиннэрэн, аҕыйах да буоллар сорох өрүттэрин ылыннаран, сылдьыбыт сырыыларын, сыалларын-соруктарын ситиспит курдук сананан төнүннэхтэрэ. Онно холоотоххо, кини, аныгы цивилизованнай үйэ киһитэ, балаһыанньата чыҥха атына, ордуга биллэн турдаҕа. Үнүр съезд трибунатыттан тыл этэригэр правительство баһылыктара, Михаил Сергеевич бэйэтэ эмиэ бааллара. Кини тылын-өһүн хайдах ылынан, туох өйгө-санааҕа кэлбитэ билигин биллиэ буоллаҕа…
Итинник иэрэҥ-саараҥ санаалаах приемнай аанын аспыта. Михаил Сергеевич болдьоммут бириэмэттэн балтараа чаас хойутаан приемнаабыта. Илии тутуспутугар кубаҕай ытыһа сэниэтэ суох сымнаҕас баҕайы этэ. Сирэйэ-хараҕа туох да быһаарыыта суох, ылбат-биэрбэт көрүҥнээҕэ.
– Ну, как там у вас в Якутии? – сиэр быһыытынан, дьону көрсө үөрэммитинэн илиитин нэлэҥнэтэн, остуолун иннинээҕи кириэһилэни ыйбыта.
Михаил Ефимович эрдэттэн иһигэр иитийэхтээн сылдьыбыт санаатын, төрөөбүт Сахатын сирэ, кини дьоно-сэргэтэ былыргыттан быйылгыга диэри Россияны кытта биир дьылҕаны үллэстэн кэлбитин, дойдутун сирин-уотун, айылҕатын баайын туһунан балай да киэҥник хабан, үнүргү этиитин хатылаабат курдук кыһаллан, сиһилии соҕус кэпсээбитэ. Манна кэлиэн иннинэ, иллэрээ күннээҕитэ эрэ, республика суверенитетын туһунан Декларация бырайыагын бүтүн норуот дьүүлүгэр таһаарбыттарын иһитиннэрбитигэр киһитэ, соччо сэҥээрбэтэх быһыынан, үрдүнэн көрөн олорбута. Болҕойон истибэтэ, төрүт атыны саныы олороро харахха тута быраҕыллара. Хаһан эмэ, суолтатыгар эрэ, биирдии-иккилии тылы кыбытан сэҥээрбитэ буолан ылара. Михаил Ефимович дойду президенин аахайбат, дьалайбат сыһыаныттан курус гына түспүтэ, аара кэлэн иһэн элбэҕи күүппүтэ, инникигэ эрэлин ыра санаата сыыйа өһөн, симэлийэн хаалбыта. Хайдах эрэ өйө-санаата кураанахсыйан, тугун эрэ албыннаппыт, сэнэбилгэ түбэспит курдук санаммыта. Оннукка да холооннооҕо, былыр бэл орто үйэлэр саҕанааҕы ыраахтааҕылар Маһары курдук үөрэҕэ суох саханы болҕойон истибиттэрэ. Соппуруон Сыраанап, Сэһэн Ардьакыап туһунан этэ да барыллыбат, туруорсууларын, этиилэрин көрөн-дьүүллэһэн кэпсэппиттэрэ. Оттон бу сүүрбэһис үйэ бүтэһигинээҕи цивилизованнай государство президенэ ааттаах киһи элбэх араас норуот олорор улахан республикатын кыһалҕатын, инники дьылҕатын туһунан аҕыйах мүнүүтэ болҕомтотун ууран истибэтин хайдах сыаналыахха сөбүй? Михаил Ефимович бэркиһээн бэйэтэ да билбэтинэн кылгас түгэҥҥэ тохтоон ылбытыгар Горбачев, тугу эрэ саныы олорон, эмискэ уһуктубуттуу, кэҕиҥнии түспүтэ.
– Да-да, Михаил Ефимович, продолжайте, пожалуйста. Я вас слушаю.
– Михаил Сергеевич, я и в своем выступлении на первом съезде российских депутатов сказал и сейчас хочу напомнить вопрос о предоставлении Якутской АССР прав Советской Социалистической Республики как особой формы государства в составе обновленной России.
– Это сложный вопрос, Михаил Ефимович, надо тщательно обосновать, подготовить все законодательные, нормативные акты.
– Я все это изложил в своем выступлении на съезде депутатов, могу оставить текст выступления.
– Да-да, помню, как же, очень неординарное было выступление, – Горбачев, болҕойорун биллэрэн, үрүт-үөһэ кэҕиҥнээн, ымаҥнаан ылбыта.
Бэрт кылгас түгэҥҥэ тугу да эппэт, түбүк-садьык күлүгэ түспүт күөхтүҥү араҥас харахтарынан халты көрөн аһарбыта. Михаил Ефимович иннигэр улуу судаарыстыба кыахтаах, эрэллээх баһылыга буолбакка, охтоору мөхсөр кырдьаҕас миҥэ үөһэ үүнүн-тэһиинин ыһыктан салайар кыаҕыттан тахсыбыт, санаа-оноо баттыгар ылларбыт улуктуйбут киһи олороро.
Горбачевка 45 мүнүүтэ олорон, санаата түһэн, дууһата кураанахсыйан тахсыбыта. Ити аата, дойду салалтатын, партия өттүттэн туох да өйөбүлү киһи кэтэһиэ суох. Ити санаатын ССРС Верховнай Советын Президиумун бэрэссэдээтэлэ А.И.Лукьяновы, ССРС Миниистирдэрин Советын бэрэссэдээтэлэ Н.И.Рыжкову, ССРС Верховнай Советын Национальностарын Советын бэрэссэдээтэлэ Р.Н.Нишановы, РСФСР Верховнай Советын Президиумун бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Р.И.Хасбулатовы кытта көрсүһүүлэрэ эмиэ бигэргэппиттэрэ. Кинилэртэн сорохторо син интэриэһиргээбит, өйдөөбүт курдук тутунналлар да, дьыалатыгар өйөөбөтөхтөрө. Арааһа, маннык туһата суох тоҥуй көрсүһүүлэр кэннилэриттэн республика бэйэтин баһын бэйэтэ бас билиннэҕинэ эрэ балаһыанньатын көннөрүнэр кыахтааҕын Михаил Ефимович бигэтик өйдөөбүт буолуохтаах.
* * *
Союз таһымыгар Михаил Ефимович Россияны кытта курдук өйдөһүүнү көрсүбэтэҕэ. Ол да буоллар бу хайысхаҕа даҕаны таах олорон биэрбэтэҕэ. Ол туоһутунан 1991 сыл от ыйыгар ССРС Миниистирдэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Валентин Павлов Саха сиригэр кэлэ сылдьыыта буолбута.
Ол сыл сүрдээх куйаас, кураан сайын этэ. Онон буоллаҕа, өй-санаа күүһэ сүнньүнэн курааны утары охсуһууга түмүллүбүтэ. Онно ханнык аныгылыы күүстээх дьаһалы ылыныы, олоххо киллэрии ньымаларын туһаныы боппуруоһа республика салалтатын долгутара. Павлов чопчу ол кэмҥэ кэлбитэ.