Читать онлайн «Кэпсиэ» кэннэ аһаҕастык бесплатно

«Кэпсиэ» кэннэ аһаҕастык

Аан тыл

– Сайа! Тохтоо, тохтоо! – пиибэ атыылыыр киоска аттыттан сирэйэ ыраахтан кытаран көстөрүттэн сылыктаатахха, биллэ холуочуйбут, Бэйиэт диэн аатынан бэйэтин улаханнык ааттаммыт билэр киһим далбаатаммытынан ситэн кэлбитэ: – Сайа! Тоҕо эйигин абааһы көрөллөрүй? Эйигин 80 бырыһыан саха киһитэ муҥура суох таптыыр, оттон 20 бырыһыан саха киһитэ муҥура суох абааһы көрөр… Таптыыр – тоҕо диэтэххинэ, эн дьиҥнээх талааҥҥын! Абааһы көрөр – эмиэ талааныҥ иһин! Эн мэһэйдиигин, талааҥҥынан харахтары аалаҕын…

Ити көрсүһүү 2004 сыллаахха этэ. Мин тугу да кыайан булан хоруйдаабатаҕым, арай сирэйим ол биллэ холуочуйбут Бэйиэт буолбатах бэйиэт киэниттэн итэҕэһэ суох кытаран, дьон хараҕын утары көрөр кыаҕа суох умса туттан, «Холбос» уопсайыгар икки кыыспынаан киһи соччо ымсыырыа суохтук сир таһааран олорор быыкаайык хоһум диэки сүүрэр-хаамар былаастаах куоппутум. Ити кэмҥэ мин саха тэлэбиидэнньэтигэр «Кэпсиэ» биэриини иккис сылбын таһааран эрэр, үлэ түбүгүнэн уонна үлэ үөрүүтүнэн эрэ тобус-толору олохтоох киһи этим. Бэйэм буоллаҕына 40 саастаахпын, син олох аһыытын-ньулуунун амсайбыт, оллурун-боллурун аахпыт саҕа сананарым. Идэм быһыытынан кыайа-хото тутар, сөбүлүүр эйгэбэр ыарырҕатан көрбөккө күн солото суох түбүгүрэрим. Дьон-сэргэ ол үлэбин хайдах ылынарын-ылымматын туһунан өссө улаханнык толкуйдуу барбакка, санаам хоту айан, үлэлээн… Хоһоон суруйар курдук, бииртэн биир биэриилэри таһаартыырым: иэйэн, умсугуйан, тиритэ-хорута сыралаһан… Оттон ити соччо бодоруспатах да буоллар, билэр киһибиниин көрсүһүү… Бастакы санаам «Тоҕо элбэҕэй! 20 бырыһыан! Абааһы көрөллөр? Туох иһин?» диэн этэ.

Билигин 2017 сыл. «Кэпсиэ» биэрии саха экраныттан сүппүтэ ыраатта. Уулуссаҕа мин диэки ыйытардыы көрбүт хас биирдии харахха «Хайа, «Кэпсиэбит» аны тахсыа дуо?» диэн уларыйбат ыйытыыны аахпыт кэмим кэннибэр хаалла. Саха киһитин хас бырыһыана эбитэ буолла! Аахпаппын, ааҕа сатаабаппын. Ол эрээри билэбин: барыгытыгар да буолбатар, баһыйар үгүскүтүгэр баарбын биллэрбиппин, санаабынан сайбыппын, иэйиибинэн тиийбиппин, кэпсээмминэн кэрэхсэппиппин… Билэбин ол быыһыгар: биирдиилээн ким эрэ биһирэбилигэр киирбэтэхпин, ким эрэ сулуһун соһуччу уоппунан суһуктуппуппун, кини ыра гыммыт ыраах чыпчаалыгар эмискэ баар буолан мэһэйдээбиппин… Өйдүүбүн, Орто дойдуга өссө да баарбын, ол иһин ону барытын холкутук ылынабын: баалаабаппын, баайсыбаппын, улуутумсуйбаппын. Хайҕалга, махталга хараҥарбаппын, хопко, холуннарыыга өһүрбэппин.

Эһиги миигин таптыыр да, абааһы да көрөр бырааптааххыт, эһиги онуоха олохтон ылбыт көҥүллээххит.

Ол оннугар мин эһиги саҥа таһааран да, саҥарбакка да ыйыппыт биир түгэҥҥитигэр быһаарыы биэрэр бырааптаахпын, соҕотох тылынан туруору хоруйдаммат уустук хардабын кэпсээҥҥэ киллэрэн кэрэһилиир иэстээхпин. Эһиги ыҥырыыта суох эрээри кэтэһиилээх ыалдьыккыт буолан дьиэҕитигэр киирбит, «Кэпсиэ, сахам дьоно!» диэн сахалыы саҥалаах, сайаҕас эйгэлээх иһирэх киэһэлэринэн кэрэхсэппит кэмнэрдээҕим иһин…

Ардыгар саныыбын, ол 2002 сыл ахсынньытыттан 2008 сыл сэтинньитигэр диэри дьон тэҥинэн арыый холкутук сылдьан үлэлээбитим буоллар, төһө эрэ уус-уран айымньылары, баҕар, улахан арамааны да айан-суруйан кэбиспит буолуом этэ, диэн. Ол гынан баран, олоҕум-дьылҕам ити кэмҥэ тоҕо эрэ миигин таас дьааһык иһигэр олорон тыыннаах тылынан кэпсиир-кэпсэтэр аналлаабыт. Баҕар, ол сахха өйбөр оҥорбут дьоммун, айан таһаарар олохпун ойуулуурбунааҕар ол тыыннаах тылынан тыллыым сахам дьонугар ордук тоҕоостооҕо, туһалааҕа эбитэ дуу?

Оттон айымньылар… Хоһоон мэлдьи баара, баар. Кини айар киһи солотуттан-билэтиттэн иҥнибэккэ, олоҕо-дьаһаҕа хайдах туруктааҕыттан тутулуктаммакка баар буоллаҕына – баар, суох буоллаҕына – суох. Оттон арамаан суруйуутугар ол кэмҥэ арыый ситэ-хото илик буолуом. Оннук да быһыылаах, саҕалыы-саҕалыы илиис быһаҕаһыттан, тэтэрээт аҥаарыттан, файл ортотуттан тохтоон хаалбыт суруйууларым хаһан эргиллэн кэлэрбин кэтэһэн сыталлар, аргыый аҕай таһаҕастаах сыарҕам ыараан иһэрин санаам таһымныырынан билэр курдукпун. Онон кинилэри да эттээн-сииннээн сүөкүүр кэмим кэлиэ диибин. Ол иннинэ бу – олоҕум ордук үтүө кэмин уонна үрдүк сыратын аныы сылдьар идэм туһунан испэр иитиэхтээбит санааларбын таспар таһаарар бото-болдьох кэлбит курдук.

Тэлэбиидэнньэҕэ идэтийэн үлэлиир суруналыыстар оҥорбут биэриилэрин эргитэн, ахтыы кэпсээн оҥорор үгэстээхтэр. Мин санаабар, ол суруналыыс сыратын толуйбат сымсах үлэ буолан тахсар. Тоҕо диэтэххэ, экраҥҥа көстөр биэриигэ эн тыл күүһүн толору туһаммаккын, тыл көстүүнү ситэрэр-хоторор эрэ ньыма быһыытынан туттуллар. Холобур, күн тахсан эрэр көстүүтүн «күн тахсан эрэр…» диэн тылгынан этэн, кэпсээн биэрбэккин. Көрөөччү эн да быһаарыыта суох экраҥҥа туох буоларын эт хараҕынан көрөн олорор буоллаҕа дии. Манна көстүүнү сөпкө талыллыбыт музыка киэргэтэн биэриэ, оттон тыл олох да туттуллуо суоҕун сөп. Ол иһин биһиги сценарийбытыгар ити түгэн туһунан туох да суруллубакка хаалар. Онон дьэ бу биэрии кумааҕыга түһэр түгэнигэр өҥө-талбата өлбөөрөр, киһини тардар күүһүн сүтэрэр. Аны кэпсэппит киһиҥ туох диэн хоруйдаабыта суруккар киирбэккэ, биэрии иһигэр хаалар. Онтуккун хос эргитэн иһиллээн, сурукка тиһэриҥ моһуоктаах да, түбүктээх да. Онон биэриини кэпсээҥҥэ кубулутууга хоһуттан ол кэмҥэ төннөн, иэйиигин уһугуннаран, күүскэ түбүгүрэн, көстүүнү уус-уран тыл күүһүн кытта силбиир ньыманан ситэрэн-хоторон биэрдэххинэ эрэ ааҕааччы кэрэхсиир үлэтэ тахсыан сөп оҥоробун. Хаһыат суруналыыһа ити түгэҥҥэ ордуктаах буолан тахсар: суруллубут – суоруллубат, хаалбат бэлэм хаһаастаах хаһыат суруналыыһа диэн кини буолар.

«Кэпсиэ» хасааһа дьэ кэмчи. Оччолорго лиэнтэҕэ устар этибит, онтубутун олус кэмчилээн биэрэллэрэ. Онтон нэдиэлэ аайы барар уһун биэриигэ туохтаах кассета тук буолуой, барыта салгыҥҥа хаалан иһэрэ. Эбэтэр сотторо-сотторо үрдүгэр устаҕын. Кэнники өйдөнөн, аҕыйах түгэни харыстаан хаалларбыппыт уонна сорох сюжет алҕаска, ханнык эрэ кассета быыһыгар-ардыгар ордубуттарын билигин була, түмэ сатыыбын. Баҕар, хойутун хойут биэриилэрим дьоруойдарын саныыр-ахтар лис курдук үлэ тахсар кыахтаах. Миигиттэн кыбартыыраҥ пааспара ханнаный диэтэхтэринэ дэбигис була охсон биэриэм суоҕа, ол оннугар 2003 сыллаахха тахсыбыт биэриим туһунан ыйыттахтарына, сүрдээх кичэллээхтик толоруллубут кумааҕылары оруу охсон биэрэр кыахтаахпын. Оттон айар киһиэхэ кыра да кэрчик сурук санаа-оноо тиллиитигэр олук буолар идэлээх.

Ол эрээри мин ити сылларга көрдөрөр үлэнэн үлүһүйэн, тугу да суруйбатаҕым диэбэппин. «Күөх ньургуһун» сэһэн, «Аата суох сибэкки» хоһооннор уонна кэпсээннэр хомуурунньуктарын таһынан дьон көрдөһүүтүнэн хас эмэ ахтыы кинигэлэрин, кыраайы үөрэтиигэ, устуоруйаҕа хабааттаах үлэлэри көрөн-истэн, хомуйан таһаарбытым; бэйэм аата-ахса суох ахтыылары, кэккэ кинигэлэргэ киирии тыллары, хаһыакка ыстатыйалары, чинчийэр хайысхалаах үлэлэри суруйбутум. Ол суруйууларым эгэлгэ таһаарыылар быыстарыгар киирэн муна-тэнэ сылдьалларын бу публицистикам бастакы хомуурунньугар эмиэ мунньан-тараан, олоҕум, айар үлэм быстыспат сорҕотун быһыытынан эмиэ киллэриэхтээх эбиппин.

Онон, бу кинигэм киэҥ ааҕааччыга ананар, ону таһынан тэлэбиидэнньэ суруналыыһын судургута суох идэтин талбыт, бу эйгэҕэ туох эрэ умнуллубаты оҥоруом дии саныыр эдэр киһиэхэ аһаҕас уруок курдук, эмиэ туһалаах буолуон сөп. Ону таһынан… хампаанньа салалтата сотору-сотору уларыйар үгэстээх. Үксүгэр бу эйгэни улаханнык билбэт дьон кэлэн оруо маһы ортотунан хамсанан бараллара баар суол. Кинилэр туох-ханнык иннинэ көрөөччү туһа диэн үлэни-хамнаһы тэрийэллэрин оннугар, аІаардас үрдүкү салалтаҕа сөп буолларбын диэн өйү-санааны тутуһан, айар үлэ бохсуллар быһыытын-майгытын олохтоон кэбиһэр идэлээхтэр. Инньэ гынан ааһа түһэн, ордук бэриниилээх буола сатаан, көмөлөһүөх оннугар төттөрүнү оҥороллоро элбэх курдук көрөбүн. Ол иһин дьон былаастан тэйэр, эрэммэт, итэҕэйбэт буолар. Түмсүөх оннугар, ардыбыт өссө атан иһэр. Киэҥник иһитиннэрии тэрилтэлэрэ былаас уонна норуот икки ардыгар сиэрдээх сыһыан олохтонуутун тэрийэр иэстээхпит.

Билигин олоххо буолан ааспыт мөккүөрдээх түгэннэр тустарынан сүрүн кыттааччылар суох буолбуттарын кэннэ ахтар-суруйар үгэс үөскээтэ. Сорох ааптардары ол иһин киһи итэҕэйбэт, эрдэ маны тоҕо суруйбакка сылдьыбытай дии саныыгын. Оттон бу суруйууга ахтыллар дьон билигин бааллар, сөбүлэспэт түгэннэригэр миигин кытта төһө баҕарар аахсыахтарын сөп.

  • Кырдьык – дьиҥэ кымньыы курдук,
  • Кытыан угар олбох курдук,
  • Санаа уйан чороонуттан
  • Кыынньан куотар кымыс курдук…
  • Кырдьык биэрбэт табыллыыны,
  • Бу дойдуга билиниини,
  • Олох дьолун толук ылар
  • Арай биэрэр – көҥүлү…

Бу эһиги илиигитигэр киирбит мин саҥа кинигэм хоһоон тылларынан тырымныы долгуйбат: бу кинигэм киэргэтиитэ суох кэпсиир аһаҕастык «Кэпсиэ» туһунан, тус бэйэм билбит, өйүм-сүрэҕим нөҥүө аһарбыт олоҕум, дьонум-сэргэм туһунан.

Ааптар

«Кэпсиэ» кэннэ аһаҕастык…

1. САҔАЛАНЫЫ

Улуу дойду урусхалын үрдүгэр саҥа кэм, саҥа үйэ саҕаҕа арыллара. Ааспыт үйэ түмүктүүр түһүмэҕэр эмискэ сууллубут «тимир быыс» көтөхпүт көппөҕө дьайҕаран, көҥүл салгыҥҥа олус дайдаран улдьаарбыт өй-санаа чэбдигириитэ, олох-дьаһах сыыйа сааһыланыыта кэлэн иһэргэ дылыта… Ону кытта мин олоҕум саҥа кэрдииһэ саҕаланан, дьолу эрэ эрэннэрэ долгуйар Дьокуускай куоракка олохсуйа, айа, үлэлии кэлбитим. Пааспарбар куоракка бырапыыскам суоҕа (бырапыыската суох киһини үлэҕэ ылбаттар), ону кистээн тураммын уон сылы мэлдьи Сунтаар телестудиятын дириэктэрин быһыытынан аспыт-саппыт аҕай Национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньам аанынан аны «Сэргэлээх» телестудия редактора» диэн сололоох күннэтэ ааһар аналламмытым. Өрөспүүбүлүкэ сүрүн ханаалын үлэһитэ буоларга бу иннигэр улууска хайдах үлэлээбитиҥ аахсыллыбат буолан тахсыбыта. Төһө да Сунтаар устуудьуйатын бастыҥнар кэккэлэригэр илдьэ сылдьыбыт үтүөлээхпин бу иннинэ бэйэтинэн хаста да бэлиэтээтэр, НВК оччотооҕу эдэр салайааччыта миигин урукку үрдүк коэффициеммын муҥутуур алын кэрдиискэ түһэрэн, оскуоланы бүтэрбит оҕону кытта тэҥнээх хамнаска ылбыта. Урут даҕаны, билигин даҕаны улуустан – «тыаттан» саҥа кэлээччилэргэ итинник сыһыан баар: хайдах эрэ туолбут оптуобуска хойутаан киирэн, туран эрэн айанныырга күһэллибит пассажиры эрдэ киирэн олбох булан олоруммут дьон кыра соҕус бэйэлэригэр тиэрдибэт санаалаах одуулуулларын курдук…

2. «КЭПСИЭ» БИЭРИИ

«Былыр Кытай императора кулуттарын кутун туой дьоҥҥо көһөрөн аллараа дойдуга илдьэ барар этэ. Билигин тойон, кыратыттан-улаханыттан тутулуга суох, бэйэтин эргимтэтин эмиэ илдьэ барар. Ардыгар аллара, ардыгар – үөһэ…» Бу мин бэйэм суруйбут «Кырыыстаах биһилэх» кэпсээммиттэн быһа тардыыны киллэрдим. Тоҕо диэтэххэ, итинник көстүүнү иһитиннэрэр-көрдөрөр эйгэҕэ үлэлии сылдьааччылар ордук чугастан көрөбүт…

Өрөспүүбүлүкэ саҥа салалтатын кытта хампаанньаҕа Харлампий Дьяконов бэрэсидьиэн (ол саҕана тэрилтэбит салайааччыта бэрэсидьиэн дэнэрэ) кэлбитэ. Сотору: «Саха тэлэбиидэнньэтэ бэйэтэ туспа ханаалланар, онно күнүстэри-түүннэри бэйэтэ эрэ көрдөрөр бырааптанар үһү», – диэн сурах тарҕаммыта. Уруккуттан үлэлиир дьон: «Тугунан уонна кимнээҕинэн ол үлүгэрдээх сабардамы толороору, оннооҕор бу күннэтэ аҕыйах чааһы сатаан толорбоккобут хатылааһын үөһэ хатылааһын буолар дии…», – дэһэллэрэ. Кэнники өйдөөтөххө, ол сөпкө этэллэр эбит, оттон мин оччотооҕу санаабар хампаанньаҕа туох да баһаам киһи үлэлиирэ (биһиги биэс буолан улуус телестудиятын биэриилэрин нэдиэлэҕэ үстэ киэһэ хойукка диэри тэрийэн таһаарарбытынан суоттуур буоллаҕым дии), сүрдээх иллэҥ курдуктара, онон, сатаан аттардахха, күнүстэри-түүннэри да буолбатар, сабардамы балачча улаатыннарар кыах баар курдуга.

Онтон «12-с» диэн ааттаах, куорат эрэ иһигэр онуоха-маныаха диэри көрдөрөр ханаал аһылларын, кини кэнники сайдан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн көрдөрүөхтээҕин туһунан сурах кэлбитэ. Сүрүн уратыта – урукку НВК-тан олох атын сирэйдээх-харахтаах, ис хоһоонноох буолуохтаах үһү, «үөһэттэн» итинник ирдэбили туруорбуттар. Онон айар үлэһиттэртэн барыларыттан саҥа, сонун биэриилэр бырайыактарын көрдөөбүттэрэ. Мин улуус устуудьуйатыгар үлэлии сылдьан өрөспүүбүлүкэ ханаалыгар туох тиийбэтин син «идэлээх» харахпынан бэлиэтиир, санаабар саҥа биэриилэри толкуйдуур этим. Бастакы бэлиэтээһиним: тылы, саха тылын курдук модун күүһү сатаан туһанар кыахтаах ыытааччы көһүннэр диэн этэ. Иккис баҕа санаам: сахалыы кэпсэтии аһаҕас уонна аныгы долгуҥҥа тэриллэрин көрдөрбүн диэн этэ. Уларыта тутуу ухханыгар, 80-с сыллар бүтүүлэригэр буолуо, саха экрана биир кэмҥэ оннук аһаҕас, көрөргө ордук умсулҕаннаах буола сылдьыбытын өйдүүбүн. Ыытааччылартан Алексей Амбросьев тахсарын кэтэһэн көрөрүм.

Онон дьэ, туох эрэ саҥаны киллэрэр тус бэйэбиттэн ирдэнэр кэмигэр түбэһэ кэлбит киһи, үөрүүнү кытта түһүнэн кэбистэҕим дии. «Кэпсиэ» диэн ааттаах, биир чаас устата быһа эфиргэ барар биэрии бырайыагын, ону таһынан өссө хас даҕаны эмиэ саҥа, урут бэлиэтэнэ илик хайысхаларга санааларбын суруйа охсубутум. Онно билигин чопчу өйдүүрбүнэн (сороҕун умнубуппун), «Саҥа ырыа» диэн сылын аайы ыытыллар телевизионнай ырыа күрэҕин туһунан бырайыак эмиэ баара. Ол гынан баран, ол мин бырайыакпар мелодистар, композитордар быйыл эрэ истээччи дьүүлүгэр таһаарбыт саҥа ырыаларын икки ардыларыгар күрэх буолуохтааҕа. «Арай биирдэ» диэн саха көрүн-күлүүтүн таһаарар биэрии баар буолуон сөп диэн эмиэ суруйбутум. Итиннэ Сунтаар устуудьуйатыгар «Ералаш» курдук көрдөөх жанрга табыллан үлэлии сылдьыбыппытыгар тирэҕирбитим. Саҥа тахсар кинигэлэри, саҥа суруйар дьону билиһиннэрэр биэрии эмиэ баар буолуон сөптөөҕүн ыйбытым. Хайдах астыыры-үөллүүрү көрдөрөр, үөрэтэр биэрии ол кэмҥэ суоҕа, онон ол туһунан эмиэ киллэрбитим. Онтон да атын санаалары эппитим, архыып үчүгэйдик хараллыбыт буоллаҕына, ол илиинэн суруллубут сурук ханна эрэ баар буолуон сөп.

Ол саҕана үлэһиттэр бэйэлэрин икки ардыларыгар «бэрэсидьиэннэр уларыйаллар, арай кини уларыйбат» диэн дьаралыктаан кэпсэтэр салайааччылара Николай Иннокентьевич Петров тэлэбиидэнньэҕэ дириэктэрдиир этэ. НВК бэрэсидьиэннээх, ол аннынан тэлэбиидэнньэ уонна араадьыйа дириэктэрдэрэ диэн ботуччу сололор бааллар. Кини миигин ыҥыран ылла, кэбиниэккэ киирбитим били илиинэн суруйбут кумааҕыбын эргим-ургум тута олорор эбит уонна эттэ: «Мин бу эн суруккун ырытан баран бүппэппин. Чахчы саҥа, сонун бырайыак эйиэнэ эрэ эбит. Ол гынан баран маны дьэ хайдах олоххо киллэрэбит?» – диир. «Хайдах киллэриэхпит суоҕай?…» – мин олус уустугу суруйдум дии санаабат этим, биир киһи санаата хоторун бүтүн тэрилтэ хайдах кыайыа суоҕай диэн саарбахтаан көрбөккө хоруйдаспытым.

Сотору «12-с ханаалбыт» аһыллаары хамсааһын бөҕө буолан барда. Били мин «Кэпсиэ» диэн бырайыагым киэбинэн нэдиэлэҕэ түөртэ быһа тахсар буоллубут: икки күн сахалыы, икки күн нууччалыы. Сахалыыны ыытааччылар мин уонна Анатолий Гоголев, нууччалыыны ыытааччылар Альбина Данилова уонна Анатолий Сергеев этибит. Тэлэбиидэнньэ устуоруйатыгар аан маҥнай аналлаах стилист ыҥыран, Алексей Семенов этэ, тас көрүҥмүтүн оҥордулар. Онтубут Альбина Данилова баттаҕын уот кыһыл өҥҥө кырааскалаан кэбиһэн, көрөөччүлэр ортолоруттан саҥа-иҥэ, одуу-чинчи таҕыста. Аны миигин «блондинка гынан кэбиһиэ» диэн куттанаммын, «только натуральный цвет» дии-диибин, төбөбүн саба туттан олорбутум. Инньэ гынан, «натуральнайга наһаа чугас» «красное дерево» өҥнөммүтүм. Ол да буоллар стилист: «Фиолетовый бы Вам очень подошел», – диэбитэ. Дьиҥэ, эдэр эрдэххэ эгэлгэ да өҥнөнөн, уларыйан-тэлэрийэн көрүөххэ баар этэ буоллаҕа.

Устуудьуйабытыгар барнай устуойка эҥин туруоруллан, ыытааччылар көһө сылдьан олоробут, ыалдьыттарбыт биэрии устата хаста да уларыйыахтарын сөп, кинилэри кытта көҥүллүк, туран эрэн кытта кэпсэтэр кыахтаахпыт. Кылгас сюжеттар, мэлдьи үлэлиир рубрикалар кэпсэтиини ситэрэн-хоторон биэрэллэр. Ити бэйэтин кэмигэр өрөбөлүүссүйэҕэ тэҥнээх көстүү этэ.

Уруут-урут, Саха сиригэр күөх уот саҥа көстөрүн саҕана, биэриилэр бары быһа эфир быһыытыгар-майгытыгар барар кэмнэрэ эмиэ баара үһү. Ол гынан баран кэнники, биһиги ол турунарбыт саҕана, «быһа эфир» диэн хаалтыстаах дьон хамсаабакка олорон төлөпүөнүнэн киирэр ыйытыыларга хоруйдааһыннара эрэ буолар этэ диибин, онуоха ол саҕанааҕы көрөөччүлэр бары туоһу буолуоххутун сөп. «12-с ханаал» итинник хартыынаны хамсаппыта, урукку саха тэлэбиидэнньэтин туһунан стереотибы алдьатан, экраҥҥа чэбдик тыал буолан сайа охсон киирбитэ, НВК уруккуга маарыннаабат «саҥа, сонун» көстүүлэнэригэр бастакы хараҥаччы буолбута. Хас биирдии ыытааччы-редактор нэдиэлэ аайы саҥаттан саҥа тиэмэни олус ыгым кэмҥэ толкуйдаан таһаарара ирдэммитэ. Итинтэн Анатолий Гоголев олус долгуйарын уонна бэлэмнэнэригэр ыарырҕатарын миэхэ этэн турар.

Мин бастакы биэриибин сахалыы ааттар тиэмэлэригэр анаабытым. Сүрүн ыалдьыппынан сүгүрүйэр дьоммуттан биирдэстэрэ – Багдарыын Сүлбэ кэлбитэ. Кэпсэтиини куорат саахсатыгар баран устубут сюжеппыт ситэрэн-хоторон биэриэхтээҕэ. Ол саҕана үлэлээбит саахса сэбиэдиссэйэ сахалыы ааттаныыны төрдүттэн утарар эбит этэ: «Оҕоҕо от-мас диэн хаалынньаҥ ааттары биэрэр туох үчүгэйдээҕий?» – диэн мин истиэхпэр бэрдэ суох этиини оҥорбута. Ону хайдах баарынан ыыппыппытын Багдарыын Сүлбэ көрөн олорон: «Омук кэскилин туһунан туох да толкуйа суох дьон ити курдук дьэ утара, туорайдаһа олороллор…» – диэн күүскэ саҥарбыта. Ол саҕана ааттарын уларытан, сахалыы аат, араспаанньа суруллуутун докумуоҥҥа киллэрэри бастакынан ситиспит дьоммут: Багдарыын Сүлбэ да, Алаас От да хайдахтаах утарсыыны көрсүбүттэрин, тус бэйэлэрин эрэ дьулуурдарынан, итэҕэллэринэн саҥа суолу солоон барбыттарын ол биэрииттэн өйдөөбүтүм.

Режиссерум Любовь Золотареваны кытта улам «амтаһыйан», бэйэ-бэйэбитин ситэрсэн үлэлээн барбыппыт. Манна мин Сунтаар устуудьуйатыгар уонча сыл мэлдьи кэриэтэ быһа эфиргэ олорбут үөрүйэҕим таайбыта. Оттон Любовь Васильевна сүрүн ханаалга сүүрбэ сылы мэлдьи үлэлээбит буолан аптарытыаттааҕа, киэҥ уонна үрүт үөһэ хоннохтоох тэрилтэ үлэтин тэрээһинин ымпыгын-чымпыгын үчүгэйдик билэринэн уонна, биллэн турар, олус айымньылаахтык үлэлиир улахан профессионал быһыытынан, эрэллээх тирэҕим буолбута. Николай Иннокентьевич биһигини, омос көрдөххө ханан да ханыыласпыт дьону, тоҕо холбообута биллибэт, ол гынан баран, сыыспатах эбит диэх тустаахпын. Люба куоракка улааппыт буолан, көннөрү саҥарарыгар саха тылын кыбытан да ылбат этэ, онон дьиҥэ мин бастаан «тылы билбэт киһини кытта сахалыы биэриини оҥорор уустуктардаах буолуо, чэ, хайыахпыный» дии санаан аһарбыттааҕым. Онтум баара, режиссерум сахалыы өйдүүрүн ааһан, саха литературатын билэринэн, сахалыы ааҕарынан-суруйарынан тэҥнээҕэ суох киһи буолан соһуппута. Кини куоракка тоҥ нуучча эйгэтигэр да олорон, сахалыы куту сүтэриэ суохха сөп эбитин чаҕылхай холобура буолан миигин үөрдүбүтэ.

Биһиги бастакы тахсыыларбытыттан көрөөччүлэр болҕомтолорун киинигэр киирбиппит. Интернет форумнар саҥа тэриллэн эрэллэрэ, онно моһуок саҥа-иҥэ эмиэ тахсара да, куорат олохтоохторо үгүстэрэ сэҥээрбит этилэр. Кинилэр: «Айыбыын, «сахаларбыт» хайа бу туох буолан турдулар диэн соһуйдубут ээ. Олох омук тэлэбиидэнньэтин көрөр курдук сананныбыт», – диэн хайгыыр тылларын тиэрдэр буолан барбыттара.

Ол эрээри сотору кэминэн ол саҥа ханаалбыт туох эрэ докумуона биитэр үбэ-харчыта кыаллыбакка, сабыллан хаалбыта.

Мин 2003 сыллааҕы күһүн үлэ саҥа дьыла (сезона) саҕаланарыгар, «Кэпсиэ» бырайыагын өссө төгүл илдьиритэн толкуйдаан баран, дириэктэрбэр киирбитим. Николай Иннокентьевич «соҕотоҕун кыайыах буоллаххына» диэн туран, илиибэр былаах туттаран кэбиспитэ. Куорат иһигэр «12-с ханаал» саҕалаан испитин өрөспүүбүлүкэ ханаалыгар «Кэпсиэ» салгыыр буолбута.

НВК-ҕа «инициатива наказуема» диэн бэрдэ суох өйдөбүл дириҥ силистэнэн-мутуктанан сириэдийбит дойдута. Урут даҕаны, билигин даҕаны. Ылсыбыт буоллаххына – редактор барыта бэйэҥ дьулуургар. Кыайбат буоллаххына – тохтоо. Ким да эйигин итини оҥор диэн күһэйбэтэҕэ… Салалта итинник аһаҕастык этэр. Оттон сорохтор кэтииллэр: көрөн иһиэхпит… Оттон экран кэннигэр дьиҥ үлэни толорон түбүгүрэ сылдьааччы үгүс үлэһиттэр ханаал үлэтэ тупсарыгар ис сүрэхтэриттэн баҕарар уонна биэриини оҥорон таһаарар үлэ кыһалҕаларын өйдүүр-билэр буолан, саҥа саҕалааһыннары сэргиир уонна туох кыалларынан көмөлөһө сатыыр үгэстээхтэр.

Ол эрээри: «Өйдөөрүүй, Наташа, куорат олус кыараҕас ээ, биһиги аҕыйах биллэр дьон баарын эргитэ сылдьан көрдөрө сатыыбыт. Оттон эн биир биэриигэ дьоҥҥо сэргэтиэх хастыы эмэ киһини хайдах, хантан булан ыҥырыаххыный? Нереально, эн тыаттан кэлбит буолан өйдөөбөккүн…» – диэбит үөлээннээҕим эмиэ баара. Мин итинник этиигэ хоруйум бэлэм этэ: «Сыл аҥаара үчүгэйдик үлэлээтэхпинэ, биэрии ыалдьыттарын бэйэм көрдүүрүм тохтуоҕа, төттөрү кинилэр миигин көрдүүр буолуохтара. Уонна биэрии ситиһиитэ биллэр-көстөр эрэ киһини таһаарартан буолбакка, биллибэт-көстүбэт да дьонтон кэрэхсэбиллээҕи булан оҥорортон тутулуктаах буолуохтаах…»

«Тоҕо «Кэпсээ» буолбакка, «Кэпсиэ» диэн ааттааҕый?» – диэн бастаан ыйытар этилэр. Мин оҕо сааспар дьиэбит аана хайаан да «Кэпсиэ, туох сонун баар?», ардыгар «Туох кэпсиэ?» диэн истиҥ тылларынан аһыллара. Ону кытта тэҥҥэ дьиэ иһигэр туох эрэ олус иһирэх, туох эрэ кэрэ, киэҥ киирсэн кэлэр курдуга. Саха дьоно барахсаттар: «Миэхэ суох, оттон эйиэхэ туох баар?» – дэһэн, кэпсээннээхтэрин, сонуннаахтарын кыккыраччы мэлдьэһэн баран дьэ наллаан, хас эмэ чаанньык уута оргуйан бараныар диэри салҕана турар бараммат кэпсээннээх киэһэлэрэ саҕаланара… Ити туһунан кэнники Мандар Уустуун «Кэпсиэҕэ» бэркэ тапсан сэһэргэһэн турабыт: кэпсэтии – саха олоҕугар эрэ олус наһаа сайдыбыт, олоҥхо, остуоруйа тэҥэ олохпутун киэргэппит туспа көстүү эбит; кэпсээннээх киһи, син ырыаһыт, олоҥхоһут кэриэтэ аатырар-суолурар, күүтүүлээх ыалдьыт буолар. Дэлэҕэ да саха туһунан аан бастаан суруйбут айанньыттар ахтыыларыгар «Нуучча бааһынайын дьиэтигэр киир эрэ: эйигиттэн ырааппыта баһаарга ас-таҥас сыаната төһө буолбутун ыйытыахтара, оттон саха быста дьадайбыт да ыалыгар киирдэххинэ, ыраах баар дойдулар олохторугар, ыраахтааҕылар сэриилэригэр тиийэ ыйыталаһа, бэйэлэрэ хантан эрэ истибиттэрин кэпсии тоһуйуохтара…» диэн бэлиэтээһин баар буолуо дуо… Онон даҕаны саха, бастатан туран, кэпсээни эрэйэн эҕэрдэлэһэр идэлэннэҕэ. Нуучча доруобуйаны, чөл туругу баҕаран дорооболоһор, кытай киһитэ – бүгүн аһаабыккын-суоххун ыйыталаһа тоһуйар, турок эйэлээх кэлбитин этинэн нөрүөн-нөргүйэр, саха: «Кэпсиэ…» – диир.

Биэриибин ити аатынан таһаарыам иннинэ, «кэпсиэ…» диирим, баҕар, түөлбэ тыл буолуо диэн саарбахтаан ылбытым. Онон саха олоҕун энциклопедиятын быһыытынан сыаналанар Амма Аччыгыйын «Сааскы кэмин» өссө төгүл сыныйан аахпытым. Онуоха Бииктэр биэлсэр аан бастакы үөрэммит сахалыы тылларыттан биирдэстэрэ «кэпсиэ» буоларыттан саҕалаан, арамаан усталаах-туоратын тухары «кэпсиэ» эҕэрдэ тыла буола сылдьар: «Чэй ис надо, үчүгэй, кэпсиэ», – диир биэлсэр».

«Кэпсиэ» аҥаардас эҕэрдэлэһиигэ эрэ буолбакка «Эн кэпсээ» оннугар туттулларын аны Алампа хоһоонноруттан эмиэ булабыт:

  • Дохсун санааҕын,
  • Дорҕоонноох өйгүн
  • Доҕорум диэн,
  • Тоҕо кэпсиэ даа…
  • (***Эн эбиккин дуу…)
  • Киэҥ сир кэлтэгэй
  • Кэмсилгэнигэр кэлгиттэрэн
  • Кэхтибитиҥ буолаарай?
  • Кэриэс доҕоруом,
  • Кэхтибэккэ кэпсиэ.
  • («Көмүс доҕорум»)
  • Кэҕэһэлээх кэпсээниҥ
  • Киэһэ-сарсыарда дьыбарга
  • Кэй чуор кулгаахпынан
  • Кэпсиэн ааһар буолла…
  • («Таҥхаһыт»)

Оттон «Ордугу булаары олоҕун алдьаппыт» кэпсээҥҥэ Алампа дьоруойдара «кэпсээ» буолбакка, «кэпсиэ» дииллэрин хас да холобурун булуохха сөп: «Дьэ эрэ, кэпсиэ, – дии-дии, хаана ыгыстан кытарда, сиргэ сытар маһы ылан кыспыта буола олордо…»

Онон, биэриим аатын сөпкө тобуллум диэн (урут Сунтаарга үлэлии сылдьан, «Сонуннары» итинник ааттаан таһаара сылдьыбыттаахпын) эрэллээхтик сананан үлэбин саҕалаабытым. Бу биир чаастаах биэрии быһа эфир быһыытыгар-майгытыгар барара тэрилтэ уопсай үлэтигэр-хамнаһыгар, ороскуотугар чэпчэтиини киллэрэр: өскө суруллан (бастаан устуллан, онтон таҥыллан) баран ыытыллара буоллар, икки-үс бүк элбэх үлэлээх, элбэх киһи кыттыылаах буолуохтаах, элбэх ороскуоттуур матырыйаал (устар кассеталар, уот-күөс туттуллуута, о.д.а.) бараныахтаах этэ. Тоҕо диэтэххэ, ол түгэҥҥэ биэриигин барытын баҕаҥ хоту тохтото-тохтото, хас эмэ төгүл сатаныар диэри хаттаан саҥара-саҥара уһулаҕын, онтон ону көрөҕүн, ордугун-хоһун, сатамматах өрүттэрин быһан таҥаҕын, төһө кыалларынан тупсараҕын, музыкалыыгын, тыастыыгын-уустуугун, онтон дьэ биирдэ эфиргэ биэрэҕин. Эппиккэ дылы, «ньалҕаарыччы тараан-тараан, оҥороон-оҥорон, киэргэтэн-тупсаран» баран. Оттон быһа эфиргэ тахсыы – туох кэлээхтиэй, биирдэ кэлэҕэйдээбитиҥ, биирдэ сөтөллүбүтүҥ хайдах баарынан көрөөччүгэ тиийээхтиир буоллаҕа. Онон тэрилтэ ити өттүгэр сүүйэр. Оттон көрөөччүлэр иннилэригэр биир бииргэ тахсар ыытааччыттан уонна биирдэ саҥараат онтун көннөрөр кыаҕа суох майгыга уһуллар ыалдьыттан улахан бэлэми, хомуллууну, дьоҕуру ирдиир.

Киин тэлэбиидэнньэҕэ уонна омук хампаанньаларыгар, биллэн турар, итинник биэриилэргэ үлэлиир ааттаах-суоллаах ыытааччылар гонорардара куйаар буолар дииллэр. Бу ыытааччыны тула үлэһиттэр халыҥ аармыйалара: продюсердар, режиссердар, кэрэспэдьиэннэр, редактордар, администратордар, стилистэр, көстүмүөрдэр солото суох түбүгүрэллэр.

Оттон биһиги саҕалыырбытыгар НВК-ҕа хайдах этэй? Биир киһи редактор, ыытааччы, кэрэспэдьиэн, администратор, ардыгар продюсер эбээһинэстэрин соҕотоҕун толороро. Сирэйи-хараҕы оҥостууну, таҥаһы-сабы көрүнүүнү эмиэ бэйэтэ тобулара. Биир режиссер биэрии сюжеттарын устууну, таҥыыны, устуудьуйаҕа барар үлэни, эфир кэмигэр дирижер курдук хас да оператор, ыытааччы, аппаратнай үлэһиттэрин салайыыны барытын соҕотоҕун толороро. Ол аата – икки киһи. Билигин, туох кистэлэ кэлиэй, быһа эфирдэри бүтүн хамаанданан: устуудьуйаҕа иккилии ыытааччы буолан, өссө «салайааччы» диэн, экраҥҥа көстүбэккэ сылдьан кинилэри дьаһайар-бэрийэр соло-

лоох туспа үлэһиттэнэн, сюжеттары устарга анал кэрэспэдьиэннэнэн, анал сыһыарыллыбыт администраторданан, биэрии кэмигэр ыйытыылары тутааччы туспа ноутбуктаах киһилэнэн олороллорун көрдөхпүнэ, үөрэ даҕаны уонна кыратык… ордугурҕуу саныыбын. Ол ити эфир хайдах сыранан тахсарын эттээх тириибинэн билбит киһиэхэ бааламмат ини дии саныыбын.

Билигин оччотооҕуттан үлэлиир биир идэлээхтэрим: «Бастаан саныырбыт: «Кэпсиэ» аҕыйах олус үчүгэй биэриини оҥорон баран тохтуо. Тиэмэлэрэ да саҥаттан саҥа айыллан иһиэхтэрэ суоҕа уонна үлэһиттэр, биллэн турар, эстиэхтэрэ диэбиппит. Онтубут арай сылтан сыл баран испиккит. Хайдах эрэ билиниэх, ытыктыах санаабыт кэлбитэ», – диэн, хайдах баарынан этэр буолбуттарыттан испэр астынабын. «Хотугу сулус» телерадиокомпания салайааччыта Татьяна Гоголева: «Эн кэлэҥҥин барыбытын өрө тардыбытыҥ, бары биэриилэрбит хаачыстыбаларын тупсарарга кистии-саба күүскэ кыһаллан барбыппыт…» – диир.

Оттон хампаанньа салайааччыта Харлампий Дьяконов: «Ити ылбыт тэтимҥитин кытаатан тута сатааҥ. Эһиги, айар дьон, түһүүлээх-тахсыылаах буолааччыгыт, онон мин сэрэнэ саныыбын», – диэбитэ. Салайааччыттан биирдэ итинник өйөбүлгэ маарынныыр этиини истэн турардаахпыт. Ол эрээри, билигин санаатахпына, мин биир, эмиэ да хайҕаллаах гынан баран, эмиэ да бэйэм туспар охсуулаах итэҕэстээх эбиппин: ол үлэбин барытын тус бэйэм эрэ иилиирим-саҕалыырым, тэрилтэ мунньахтарыгар сылдьыбатым (соло да суох курдуга), ханнык эрэ түгэннэри хампаанньа салалтатынан быһаартарары ирдэспэтим. Бэркэ буоллаҕына икки ыйга биирдэ тустаах дириэктэргэ киирэммин сүрүн түгэннэри быһаартарарым уонна барытын бэйэм өйбүнэн-санаабынан, сырабынан солоон, инним диэки бара турарым. «Бэйэҥ кыайыах буоллаххына» диэн былаах туттарбыттарын хайдах баарынан толорор киһи буолбуппун. Инньэ гынан, салалтаҕа киирэн-тахсан баар-

бын биллэрбэт эбиппин, ол майгыбын салалта тула сылдьалларын сөбүлүүр, «олус аатыран эрэр» Сайаҕа үтүөнү санаабат дьон бэйэм утары туһаайалларыгар тиэрдибиппин. Холобур, Саҥа дьыл саҕана: «Бириэмийэ бөҕө ыллыгыт дуу? Итиччэ элбэх чааһы толорор дьоҥҥо ботуччу биэрдэхтэрэ?» – диэн ордугурҕуур хабааннаах ыйыталлар. «Ханнык бириэмийэ?..» – «Оттон үлэһиттэргэ сыл түмүгүнэн бириэмийэ түҥэппиттэрэ дии…» Оннук сураҕын эрэ истэн матыы элбэх этэ. Биэриим мэлдьи «Сонуннар» кэннилэриттэн киэһэ тоҕус чааска тахсар. Ол иһин саҥа бырагырааманы көрө барбакка, быһа эфиргэ дьону ыҥыран баран, ох курдук оҥостон устуудьуйабар олоробун. Арай биһигини холбооботтор. Ыйыталаһан билбитим, бырагыраамаҕа 22.30 чааска туруорбуттар. АСК диэн эфиргэ тахсааһыны хааччыйар салаа бырагырааманы эрэ билинэр. Ханнык эрэ хатылааһын уһун-киэҥ биэрии кэнниттэн үлэ дьоно утуйбуттарын кэннэ били сыралаһан бэлэмнээбит саҥа биэриибин дьэ таһаарабын, бүтэн баран ыалдьыттарбын атаартаан, дьиэбин түүн үөһэ булабын. «Холбос» уопсайыгар саатар кытаанах баҕайы вахтердар олорор этилэр, түүн 12 чаас кэнниттэн ааны аспакка элбэхтик сордообуттара…

Оннук, дуона суох курдук эрээри, биир күдьүс көхтөөх үлэни бүдүрүтэр, ардыгар мөлтөтө да сыһар элбэх моһоллор көстөн иһэллэрэ. Ону мин тутатына туораттарары, ирдэһэри эмиэ ситиспэт эбиппин. «Һуу, хата биэриим онтон энчирээбэккэ таҕыста ээ, этэҥҥэ буоллубут» диэбит курдук, аһаран иһэр этим.

Мин уонча сыл Сунтаар устуудьуйатыгар үксүн быһа эфиргэ олорбут уопутум, үөрүйэҕим быыһаабыта диэн эттим. Ол эрээри оннук үөрүйэх, кырдьык, хас эмит ыйынан-сылынан кэлэр дуо? Эбэтэр итиниэхэ айылҕаттан дьоҕур эмиэ баар буолар дуу?

3. АНАЛЫ БУЛУУ

Ити ыйытыыга хоруйдаары мин 1991 сылга төннүөхпүн баҕарабын. Төһө да дойдуга ыһыллыы араллаана буола турдар, олох сайдыытын саҥа, сонун, чэбдик тыала оччотооҕу эдэр дьон өйдөрүн-сүрэхтэрин өрүкүтэрэ. Өрөспүүбүлүкэ хас да улуустарыгар олохтоох тэлэбиидэнньэлэр диэн тэриллэн үлэлээн барбыттара. Бу устуудьуйалар салалта толкуйунан буолбакка, биир-икки энтузиаст дьон кыһамньыларынан «аллараттан инициатива, көх быһыытынан» тэриллибиттэрэ. Ол дьонтон үгүстэрэ, таах даҕаны, эстээри турар хомсомуол райкомугар тирэҕирбиттэр этэ. Устуудьуйалар бастаан Мэҥэ Хаҥаласка, Үөһээ Бүлүүгэ үлэлээбит сурахтара иһиллибитэ. Өтөр буолбатаҕа, Сунтаарга Василий Осипов уонна Владимир Спиридонов диэн «диплома суох инженер», «төбөлөөх» уолаттар видеокиинэлэри көрдөрөн барбыттара, эҕэрдэлэр, биллэриилэр баар буолбуттара. Олохтоохтор олус сэргээбиттэрэ, бэйэ тэлэбиидэнньэлэнэрин туһугар харчы хомуйар түгэҥҥэ да, кырыымчык хамнастарын сыыһыттан кырыйан ылан бэрсэллэрин кэрэйиэ суох курдуктара. Улуус дьаһалтата, баһылык Александр Петров саҥа сүүрээни өйөөн, саҥа тэрилтэ кэскилигэр эрэнэн бастакынан тирэх буолбутун, уолаттар Москванан, Киевинэн баран аппаратура ылан кэлбиттэрин туһунан сэргэх кэпсэтиилэр тахсаллара. Миэхэ ол салгынынан кэлэр «хартыыҥка» хайдах оҥоһуллара, экраҥҥа хайдах бэриллэрэ өйбөр олох батан киирбэтэ, ити тэрилтэ дьоно миигиттэн олус ыраах, уустук эйгэҕэ сылдьар курдуктара.

Арай биирдэ Василий Осипов анаан-минээн дьиэбэр кэлэн соһутта. «Биһиги дьиҥнээх тэлэбиидэнньэ курдук үлэлиэхпитин баҕарабыт. Аан бастаан «быһа эфир» диэни ыытаары гынабыт. Устуудьуйаҕа саҥара олорор дьон тута экраҥҥа көстөллөр, көрөөччү кинилэргэ дьиэтиттэн телефонунан ыйытыы биэрэр. Ыалдьыттарыҥ буоллаҕына тута хоруйдууллар. Ол эрээри онно сатаан саҥарар, ыытар киһибит суох. Эйигин хайдах эрэ кыайыа дии саныыбын…»

Миэхэ ити ыҥырыы соһуччу этэ эрээри… Киһи, ордук айар киһи буолуо, муунтуйбут, муҥурдаммыт курдук кэмнэнэр. Төһө да мин идэбинэн култуура эйгэтигэр бэркэ үлэлии-хамсыы, суруйааччылар ортолоругар «эдэр, талааннаах…» диэн кэрэхсэнэ сылдьар кэмим буоллар, бэйэбиттэн тоҕо эрэ астыммат буолбут, олохтон туох эрэ эмиэ саҥаны, күүрээннээҕи күүтэ-эрэйэ сылдьыбыт кэмим быһыылаах. Мин, биирдэ да видеокамера диэни чугастан көрбөтөх, устуудьуйа диэн тыл ис суолтатын билбэт, суруналыыстыкаҕа чугаһаан көрбөтөх киһи, ити этиигэ, буолаары буолан быһа эфир ыытааччыта буоларга кэтэмэҕэйдээн көрбөккө сөбүлэһэн кэбиспитим. Айылҕаттан килбик бэйэм – тоҕо? Билбэппиттэн эбитэ дуу эбэтэр киһи аналын, кырдьык, сүрэҕинэн таайара дуу?

Биэриибит аата ол кэмнээҕи олох харса-хабыра суох тэтимигэр сөп түбэһэрэ, ол да курдук ис хоһооннооҕо: «Мииринэй оройуона Саха сириттэн араҕыа дуо?» диэн. Ити иннинэ уопсастыбанньыктар күүстэринэн Бүлүү өрүһүн көмүскүүр хамсааһын тэриллэн, аан бастаан бүтүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн экология, онтон да атын олохтоох омук кыһалҕаларын таарыйар кэпсэтиилэр аһаҕастык көтөҕүллүбүт кэмнэрэ этэ. Сунтаар демократия биһигэ буолан турара.

…Култуура дьиэтин иккис этээһин биир улахан хоһун устар сир – устуудьуйа оҥорбуттар, тимир атахтартан киһи утары көрбөт сырдык лаампалара тыкпыттар. Ыҥырыллыбыт ыалдьыттар: Сунтаар сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Григорьев, суруйааччы Валерий Мекумянов уонна өссө кимнээх эрэ, түөрт киһи баар курдук өйдүүбүн. «Ол остуолга олороҕун, маны көрөн саҥараҕын» диэн эттилэр. Мин микрофоннаах остуолга олорон баран иннибэр тэлэбииһэр уурбуттарын көрдүм. Арай ол тэлэбииһэр экраныгар олус да олус номоҕон, кэрэ да диэххэ сөп, дьахтар олорор. Тугу эрэ толкуйдуур курдук, саҥата суох. Өссө сыныйан көрбүтүм: дьахтарым мин курдук таҥастаах, мин курдук баттахтаах… мин курдук туттар… илиитин хамсатар… Бай, олох да бэйэм олорор эбиппин буолбат дуо! Мин итиннэ тэлэбиидэнньэ диэн киһиэхэ дьиктини тосхойор остуоруйа алыптаах дойдутугар маарынныыр эйгэ эбитин соһуччу арыйбытым. Бэйэбин хаһан да үтүө дьүһүннээхтэргэ киллэрбэтэҕим, киллэрбэппин даҕаны, ол эрээри – ол мин билбэт монитор диэн тэрилбэр, лаампалар сырдык уоттарыгар сатабыллаахтык тыктарыллан олорор кэрэ дьахтарга маарыннаан ылыахха сөбүн билбитим. Кырдьык, экраҥҥа олорор киһи дьүһүнэ устуудьуйаҕа уоту хайдах сатабыллаахтык туруоралларыттан тутулуктаах. Онно олорор киһи соччото суохтук көстөрө – сыччах режиссер уонна уоту туруорааччы буруйдара. Ону мин ол саҕана билбэт этим.

Киирии тылы уонна биэриим ис хоһоонун арыйар ыйытыылары эрдэттэн бэлэмнэнэн кэллэҕим дии. «Саҕалаа» диэн сапсыйааттарын кытта туох эрэ төлө барбытыныы, саҥам-иҥэм чөллөрүйэн, өйүм-санаам аһыллан, хаһааҥҥы эрэ үйэттэн камера иннигэр үлэлээн кэлбит киһилии туттан-хаптан биэриини ыытан барбыппыттан бэйэм да испэр сөҕө санаабытым. «Хайа, бу миэнэ эбит буолбат дуо?» диэн санаа кыыма кылам гынан ылбыта.

Сунтаарга олохтоох устуудьуйа бастакы, устуоруйаҕа киирэр быһа эфирэ ити курдук саҕаланан, икки-үс чаас барбыт буолуохтаах. Көрөөччүлэр тохтоло суох ыйытыылара, ыалдьыттар сытыы кэпсээннэрэ, хоруйдара биэрии сөҕүрүйэн көрбөккө үрдүк күүрээннээхтик барарын түстээбиттэрэ. Түмүгэр «мииринэйдэр арахсыахтарын баҕарар буоллахтарына, бэйэлэрэ бардыннар, сирбитин хааллардыннар» диэн буолбута. Уоттар умуллубуттара. Бары остуолтан хомунан туран истэхпитинэ үөрэн ымайбыт Василий Осипов киинэҕэ оонньуур курдук, илиитин сибиитирэтигэр сууралаан соттоон-соттон баран кэлэн утары ууммута: «Тэлэбиидэнньэҕэ ананан төрөөбүт эбиккин».

Кэнники да син балачча хайҕалы истэн кэллэҕим. Ол гынан баран ити Вася, Василий Петрович, кэнники судургу «Отец» («Отец Сунтарского телевидения») диэн ааттаммыт Василий Осипов эппит истиҥ сыанабыла олоҕум тухары умнуллубаттыы өйбөр-сүрэхпэр хаалбыт. Кини «дьиҥнээх тэлэбиидэнньэ курдук» үлэлиэн ис сүрэҕиттэн баҕата миигин кынаттаабыта. Кэнники санаан көрдөхпүнэ, ол «диплома суох инженер», – мин бастакы салайааччым, көрдөрөн кэпсиир үлэҕэ ирдэбилин, ыйыыларын-кэрдиилэрин, такайыытын курдугу бу тухары уонна биир эмит идэлээх да, уопуттаах да киһиттэн истэ илик эбиппин…

Сунтаар улууһун култуураҕа салаатын оччолорго Зинаида Яковлевна Иванова салайар этэ. Миэхэ ыйга хас эрэ күн өрөөн айар үлэбинэн дьарыктанарбын көҥүллүүр дьаһал таһааран сүрдээх үчүгэй көмөнү оҥорон эрэрин эппитэ. Быһыыта, тэлэбиидэнньэҕэ баран хаалыа диэн сэрэммит. Ол да үрдүнэн, сотору буолаат мин хаан-уруу култуурабыттан уурайан, хантан да үбүлэнэрэ, хайдах да үлэлиэхтээҕэ биллибэт саҥа тэрилтэҕэ көһөн, үлэ үөһүгэр төбөм оройунан түспүтүм.

Уларыта тутуу кэмин ааспыт дьон өйдүүр буоллаххыт, ол хастыы да ыйынан хамнаһы көрбөт, олох-дьаһах да, сиэр-майгы да сатарыйыыта тургуппут кэмнэрин. Устуудьуйа үлэһиттэрин хамнаһын улуус дьаһалтата култуура үлэһиттэригэр тэҥнээн үбүлүүр буолбута эрээри… Кэ-

тэһиилээх хамнас кэлбит күнүгэр тиийдэхпитинэ… докумуоҥҥа киллэрэри умнан кэбиспиппит, онон эмиэ биир ый күүтүҥ диэн буолааччы. Эбэтэр бүддьүөт үлэһиттэрин хамнастара син ботуччу соҕус үрдээн барбытыгар, биһиэхэ үрдэппэт этилэр. «Эһиги тэрилтэҕит улуус бүддьүөтүгэр киирбэт, бачча ыла сылдьаргытыгар махтаныҥ…»

Ол оннугар үлэлиирбитигэр туспа ханааллаах этибит. Төһө баҕарар уһуннук тугу да көрдөр диэбит курдук. Василий Осипов оннугар сотору мин дириэктэр буолан хаалбытым туох да соһуччута суох, буолуохтаах буолбутун курдук этэ. Үлэбитигэр үлүһүйэн хойукка диэри тэрилтэҕэ сылдьан хааларбыт, дьиэ-уот диэн умнуллара. Бары кэриэтэ кэргэннэрбититтэн арахсыбыппыт, онон кэргэннээх эдэр киһини үлэҕэ ылбат буола сатыырым – эмиэ арахсыа диэн. Улуус устуудьуйаларыттан бастакынан НВК ханаалыгар сүүрбэ мүнүүтэлээх биэрии оҥорон таһаарбыппыт. Улуус устуудьуйаларын бастакы бэстибээлин кыайыылаахтара буолбуппут. Аан бастакынан туспа счеттаах юридическэй сирэй быһыытынан тэриммиппит. Айар үлэбитинэн көрөөччүлэрбит сүрэхтэрин туппуппут эрээри, ону-маны көрдөрдүлэр, саҥардылар диэн хаһыаттанар да, сууттанар да түгэннэрдээх этибит. Ол тустаах кэмигэр сүрдээх ыарыылаах этэ да буоллар, миигин үлэни тэрийэргэ, уустук түгэннэртэн сөптөөх суолу тобулан тахсарга үөрэппит, буһарбыт-хатарбыт кэм эбит. Дьэ итинник бэлэмнээх киһи өрөспүүбүлүкэ сүрүн ханаалыгар кэлбит эбиппин.

4. ЫАЛДЬЫТТАР

Быһа эфир ыалдьыттартан быһаччы тутулуктаах. «Хантан итинник киһини булан таһаардыҥ?» эбэтэр «Ити киһини билэр курдук сананар этим да, дьэ олох атын өттүнэн эргитэн таһааран соһуттуҥ дии?» диэн сөхпүт ыйытыылары элбэхтэ истэбин.

Кырдьык, сорсуннаах булчукка дылы, суруналыыс ардыгар эмиэ «байанайдаах» сырыыланар. Ордук, «Кэпсиэ» бастакы таһаарыыларыгар бэртээхэй ыалдьыттар түбэспиттэрэ биэриибит оннун-тойун буларыгар тирэх буолбута. Кэнники ыалдьыттары бэйэбит буолбакка, ыалдьыттар бэйэлэрэ биһигини көрдөөн булалларын, тылланан кэлэллэрин эбэтэр ким эрэ кими эрэ «сыбааттаан» биэрэрин курдук таһымҥа тиийбиппит. Ону таһынан, ыалдьыты көрдүүргэ мин бэйэм биир ньымалаахпын: кинигэ маҕаһыыннарыгар сырыттахпына кэнники тахсыбыт сахалыы кинигэлэри көрөбүн. Онно болҕомтобун ордук публицистикаҕа эбэтэр наукаҕа хабааннаах суруйууларга уурабын. Дьэ маннык кинигэлэр ааптардара тус бэйэлэрэ ураты санаалаах, дьоҥҥо-сэргэҕэ тиэрдээри иитийэхтээбит толкуйдаах буолаллар. Ол да иһин үлэлэрин күн сиригэр таһаараллар буоллаҕа. Ону таһынан кинилэр көтөхпүт тиэмэлэрэ биэрии ис хоһоонун төһө баҕарар төрөтөр: кэлэр биэрииҥ туохха ананыахтааҕын таба туттаҕыҥ ол. Бу дьону көрдөөн булар кэбэҕэс: кинигэ тахсыбыт издательствотыгар эрийиэҥ эрэ кэрэх. Аны ханнык эмит түмсүүлээх түһүлгэлэргэ сырыттахпына, эмиэ «матырыйаал» көрдүүр курдукпун. Ким эрэ тугунан эрэ кэрэхсэттэҕинэ, киһи да күлэр, «ымсыыран» киирэн барабын уонна бэйэм тиийэммин билсэн, эмиэ биэриибэр ыҥырааччыбын.

Хомойуох иһин, «Кэпсиэҕэ» үлэлиирим тухары ол түмсүүлээх түһүлгэлэргэ түбэһэрим, сөбүлэһэн тиийэрим биирдэ эмэ буолааччы. Тоҕо диэтэххэ, үксүн өрөбүлэ суох үлэлээбитим: чэппиэргэ, бээтинсэҕэ сюжеттарбытын устабыт, бу киэһэлэргэ уһуллан кэлбити мин тута көрөн, монтажка бэлэмниибин, куорат хойукку уулуссатынан сүүрэ-хаама былаастаах үлэм – дьиэм–үлэм – дьиэм маршрутунан баран иһэн сюжеттар сценарийдарын толкуйдуубун; режиссербунаан субуота, өрөбүл киэһэлэри монтажка аныыбыт, онон элбэх ыҥырыылартан, көрсүһүүлэртэн, айаннартан булгунарга күһэллэрим. Оннооҕор чугас аймаҕым үбүлүөйүгэр тиийбэккэ, улаханнык сэмэлэнэн турардаахпын. Бэнидиэнньиккэ устуудьуйаҕа «олоруубар» бэлэмнэнэбин (ол күн буолар планерка-мунньахха биирин үксүн ол иһин тиийинэн сылдьыбат этим), тылбын-өспүн чочуйабын, ыалдьыттарбын кытта кэпсэтэбин, кэлэр нэдиэлэтээҕи биэриибин толкуйдуубун, тэрээһин үлэтин үмүрүтэбин. Дьахтар үксэ өрөбүл күн суунар-тараанар, оҥостор буоллаҕына, мин ону бэнидиэнньиккэ гынабын. Оптуорунньук сарсыарда сэриигэ баран эрэр киһи курдук хомунан дьиэбиттэн тахсабын. Күнүс генеральнай репетиция курдук ыытааччыбыт. Бу тэрээһин бастаан саҕалыыр сахха олус көмөлөөх буолар эбит этэ. Дьэ уонна киэһэ 21.00 чаастан быһа эфиргэ тахсабыт, сарсыныгар, сэрэдэҕэ, кыратык өрүүбүн.

«Кэпсиэ» аан бастакы биэриитин хайдах бэлэмнээбиппитин субу баар курдук өйдүүбүн. Ол биэрии саҕаланыытын үөскэҕэ «Сэргэлээх» устуудьуйаҕа үлэлиир кэммэр силис тарпыт эбит. Биирдэ университет медицинскэй институтун преподавателлэрэ Бүлүү куоратыгар дьону көрө-истэ (таарыйа быыбарга үлэлииллэр быһыылаах) аттанар буолбуттара, ону сырдатарга биһиги устуудьуйаттан кэрэспэдьиэн барсыахтааҕа. Мин, айаны-сырыыны таптыыр киһи, тылланан кэриэтэ онно барыстым.

Бүлүүгэ диэри университет олус нэс айаннаах оптуобуһунан айаннаан иһэбит. Бары бэйэ-бэйэлэрин өртөн ыла билсэр, бииргэ үлэлии сылдьар дьон кэпсээннэрэ диэн элбэх, элэктэрэ-хаадьылара оргуйан олорор. Онно хирург Рево Захарович Алексеев: «Дьиҥэ, киһи үлүйэн өлбөт. Сатаан ириэрэр буоллар, үлүйэн өлбүт киһи чөлүгэр түһүөн, быһаччы эттэххэ, тиллиэн сөп. Холобур, тайаҕы бааһырдан баран хараҥарыар диэри кыайан сиппэккэ отуугар төннөн баран, сарсыныгар сарсыарда суоллаан тиийдэххинэ, өлөн адаарыйан сытар, хайыы-үйэҕэ хам тоҥмут буолар дии. Ол тоҥ эти эттээн сүрэҕэр тиийдэххэ, сүрэҕэ тэбэн битиргии сытар буолааччы. Ол аата – кини таһыттан көрдөххө эрэ өлбүт, дьиҥэ тоҥмут, үлүйбүт эрэ буоллаҕа. Ону ити дакаастыы сатыыбын. Халлаан тымныйда да Ожоговай кииҥҥэ илиилэрэ-атахтара үлүйэн киирэр дьону эмтиирбэр саҥа ньымалары киллэрээри уопут оҥорорго үп көрдүү сатыыбын да, онтум өйөммөт. Билигин ама киһи үлүйбэт, ол буомжалар, алкоголиктар үлүйэн өлөр буоллахтарына өллүннэр даҕаны диэх курдуктар. Хата, интернеккэ таһаарбыт матырыйаалбын Канадаттан кэрэхсээн ыйыталаһан эрэллэр…» – диэн кэпсээнэ өйбөр түһэн хаалбыта. Былыр да ирбэт тоҥҥо тыыннаах курдук тырымнаабытынан хаалбыт өлүктэр тустарынан номохтор киһи аймаҕы долгуталлара, кэнники киһини хаһан эрэ тилиннэрэргэ анаан тоҥоруу олоххо киирэн эрэр. «Бу бырааһы биэриигэ ыҥырар буоллар, саха дьонун сэргэхситиэх да эбит», – дии санаабытым.

Сыл курдук буолан баран «Кэпсиэ» бырайыага бигэргэнэн, бастакы биэриибин толкуйдуурбар ол «хаһааска» ууруммут санаам күөрэйэн кэлэн, Рево Захаровиһы көрдөөбүтүм. Кыһын оройо буолан, Ожоговай кииҥҥэ кини күн солото суох, били уопсастыбаҕа «туһалыылларын ааспыт» дьонун илиилэрин-атахтарын быыһыырга өрө мөхсө сылдьар кэмэ этэ. «Кыра үп көрөллөрө буоллар, сибиинньэни үлүтэн баран ону быыһаан, торумнаабыт санааларбын бигэргэтиэм этэ. Сыл аайы маннык таба тириитинэн кээнчэ курдуктары тиктэрэбин ээ, тоҕо диэтэххэ, таба түүтэ сыыйа ириэрии температуратын сөпкө тутар… Онтум саатар сүтэн иһэр, ити дьонум кэтэн баран хаалаллар дуу, хайдах дуу…» – дьоруойум ити курдук үлэ-хамнас туһунан кэпсээннээх миигин көрсүбүтэ.

Кинини таһаарарга биэрии ис хоһоонун ханнык көстүүгэ дуу, өйдөбүлгэ дуу аныахха сөбүй? Режиссерум Любовь Васильевнаны кытта сүбэлэһэн, биэриибитин тымныы тиэмэтигэр аныырга быһаарбыппыт. Оннук сүбэлэһэн тарҕаспыппыт киэһэ Киин тэлэбиидэнньэ ханаалыгар «Холод» диэн ааттаах биэрии көстүбүтэ! Иккиэн түбэһэн көрбүт этибит уонна «идиэйэлэр салгыҥҥа сылдьаллар, ол иһин биир кэмҥэ биир санаа элбэх киһиэхэ киирэр дииллэрэ сөптөөх эбит» дэспиппит.

Сүрүн ыалдьыппыт баар буолла, ону тула бу тиэмэни арыйар, сайыннарар сюжеттар барыахтаахтар. Биэриим

«Кэпсиэ» диэн бырагыраамаҕа киирэр ааттааҕын үрдүнэн, мин хас биирдии таһаарыыбын бэйэм бэлиэтэнэрбэр туһунан ааттаталаан иһэрим. Санаабар, ол аата табылыннаҕына, биэриини бэлэмнээһин ордук кудурхайдык, айымньылаахтык барар курдук этэ. Холобур, ити бастакы биэриим «Тымныы: саха доҕоро эбэтэр өстөөҕө?» диэн ис-иһигэр ааттаммыта.

Аан бастаан биэрии ис хоһоонун арыйарга түбэһиэх дьонтон ыйытыылары киллэрэр «опрос» ньыматынан барар рубриканы аспыппыт. Бу рубрикабыт «Кэпсиэ» үлэлээбит биэс аҥаар сылын тухары уларыйбакка сылдьыспыта, олохсуйбута. Кэлин баар буолбут быһа эфиргэ барар биэриилэр бу ньыманы тумнубакка туһаналлар. Манна камера объективыгар түбэһиэх хабыллыбыт киһи айаҕа аһыллан кэпсэтэригэр ыйытыылар сөптөөхтүк толкуйдаммыт, туруоруллубут буолуохтаахтар. Саха дьоно ыйытыы доппуруос курдук буолбакка, кэпсэтии курдук бардаҕына ордук аһыллан кэпсииллэр быһыылаах. Холобур, «эн санааҕар киин куораппыт төһө сайдар?» диэн туруору ыйытыыга, ыйытыллааччы «суох, оннук быһыылаах, оттон сайдар дии» диэбит курдук судургу уонна дириҥ ис хоһооно суох түбэһиэх хоруйдары биэриэ. Оттон суруналыыс бу киһиттэн: «Ким диэн, хайа диэкиттэн төрүттээх-уустаах киһигиний? Куоракка хаһааҥҥыттан олороҕунуй? Дьиэҥ-уотуҥ ханан турарый? Эн санааҕар, киин куораппытын сайыннарарга туох үлэ барда?» диэн кэпсэттэҕинэ (ыйыттаҕына буолбатах – кэпсэттэҕинэ) куорат олохтооҕо ыйытыы тосхолунан тугу саныырын тоҕо кутан биэриэн сөп. Биллэн турар, маннык кэпсэтиини аттарыы хара үлэтэ уһун, ньаҕай соҕус буолар (уһуннук уулуссаҕа устуу, ону талыы, быһыы-отуу үлэтэ), ол эрээри түмүгэ – көрөөччүнү бүгүҥҥү кэпсэтиигэ тардар, кини эмиэ ити ыйытыыларга туох эмэ диэн хоруйдуон сөп эбитин толкуйдатар.

Санаабар эбитэ дуу, кэнники дьон тыла-өһө өссө аһыллан кэпсэтэр курдук буолбута, өссө бу маннык «опроска» хабыллыбыт киһи диэн соруйан бэлэмнэммит, көмөлөһөөччүлэрим мэлдьи сылдьар маҕаһыыннарыгар, киһилээх сирдэригэр анаан кэлэр да дьоҥҥо түбэһэр буолбуппут. Дьиҥэ, миигин сэрэппиттэрэ ээ: «Уулуссаҕа сахалар хаһан да астык хоруйу биэрбэттэр, сатаан саҥарбаттар, арыллыбаттар», – диэн…

Ол бастакы, тымныы туһунан биэриибэр мин тус бэйэм сылдьан уулуссаттан уонна маҕаһыыннарга киирэн: «Эн маннык тымныы сиргэ олороргунан киэн туттаҕын дуу эбэтэр арыый атын сиргэ өбүгэлэрбит олохсуйбуттара буоллар диэн ардыгар саныыгын дуу?» – диэммин эрийэн-моһуйан ыйыталаспытым. Бары биир киһи курдук «киэн туттабыт» диэбэтэхтэрэ, эгэлгэ санаа дьоҥҥо баара биллибитэ: «хотторон, үтүрүллэн кэлбит сир туох аанньа буолуой», «иккиһин төрүүрүм буоллар Италия эҥин курдук кэрэ айылҕалаах дойдуларга талаһан көрүөм этэ», «Африкаҕа, бука сатаан олоруо суох этим, төрөөбүт сир тымныыта да күндү», «биһиги тымныыбытын туһаныахтаах, онон аан дойдуга аатырыахтаах этибит», о.д.а. Ыйытыылары ыла сылдьан нэдиэлэ аайы биир күнүм аІаардас маннык үлэҕэ ананнаҕына кыаныа суохпун билиммитим.

Миэхэ опрос ыытан аҕалар эбии кэрэспэдьиэни көрбөттөрө биллэр, онон арай устудьуоннары туһаныахха сөп эбит диэн санааҕа кэлбитим. Саха тылыгар уонна суруналыыстыкаҕа үөрэнэр устудьуоннарга маннык үлэҕэ кыттыы төһөлөөх үөрүйэҕи, идэҕэ дьиҥ уһуйуллууну түстүөй? Ити санаабытым туолбута: ис санааларыттан үлэһит курдук кэлэн көмөлөһөр эдэр доҕоттордоммутум. Кинилэр тустарынан өссө сиһилии кэпсиэхпит.

«Тымныы: саха доҕоро эбэтэр өстөөҕө?» биэриим бэлэмнээһинин сиэрэ-силигэ ситэн-хотон барбыта. Биир сюжеппыт «Саха сирэ – бу баараҕай холодильник» диир университет физик учуонайдарын кытта кэпсэтиигэ олоҕурбута. Тымныы – Саха сирин өссө да туһаҕа таһаарылла илик баайа буоларын туһунан эдэр учуонайдар итэҕэтиилээхтик кэпсээбиттэрин биһиги сөптөөх көстүүлэринэн күүһүрдүбүппүт. Сүрүн ыалдьыппыт Рево Захарович «тоҥон өлбүт киһини тилиннэриэххэ сөп» диэн этиитин бигэргэтээри, анаан-минээн тоҥоруллубут дьон олоххо төннүүлэрэ көстөр «Амазонки XXI века» киинэ каадырдарын көрдөөн, үгүс сырабыт барбыта (интернеккэ ол саҕана билиҥҥи курдук таптаабыккын булбат этиҥ). Тымныы туһунан өс хоһоонноро, бэйиэттэр суруйуулара туһаныллыбыттара. Саҥа бырайыак тахсан эрэрин туһунан нэдиэлэ инниттэн анонс биэрэммит дьон сэҥээриитин тарпыппыт. Салалтабыт биэрии өрөбүл күннэргэ тахсыаҕын баҕарбыта. Ол эрээри мин бары өттүттэн ыараҥнатан көрөн баран, нэдиэлэ ортотугар тахсарбыт иккиэйэх киһи үлэбитигэр ордук табыгастаах буолуоҕун сабаҕалаабытым. Ардыгар буолбатах, үксүгэр ситэ быһаарыллыбатах түгэннэр баар буолаллар, ыксаллаах да быһыы-майгы тахсыан сөп, урут суотабай сибээс суох эрдэҕинэ өрөбүл күҥҥэ ону быһаартараары кими эмит буларыҥ сүрдээх күчүмэҕэй буолуохтааҕа. Онон улаханнык туруорсан, бастаан сэрэдэ, онтон оптуорунньук киэһэ «Кэпсиэ» киэнэ буоларын ситиспиппит. Дьиҥэ, ол кэмҥэ чопчу болдьохтоох, күннээх-дьыллаах биэриилэр диэн «Сонуннар», «Сардаана», «Геван» быһыылаахтара. Үгүстэр биэриилэрэ биирдиилээн тахсыы буолара, бэлэмнээн бүтэрэллэринэн сайаапкалаан, бырагыраамаҕа туруортарар этилэр.

Дьэ онон, аналлаах чааска биэриибин: «Итии чэйдээх, иһирэх кэпсээннээх истиҥ киэһэ буоллун, сахам дьоно!» – диэн саҕалаабытым. Ыалдьытым Рево Захарович били балыыһатыгар эмчит сырдык күөх таҥаһын кэтэн, көрдөөхтүк саҥаран кэбиһэ-кэбиһэ, сытыы-хотуу баҕайытык хааман-сиимэн сылыбырайа сылдьыбыта ханна да суох: хабарҕатын кэтэ үөрэммэтэх хаалтыһа хам тутар быһыылаах, хараҕы саатырдар сытыы уот-күөс да кинини улаханнык долгуппута, симитиннэрбитэ көстөр… Мин сибилигин кинини тыһыынчанан ыалларга ыҥырыллыбатах ыалдьыт гынан сиэтэн киллэриэхтээхпин… Рево Захаровичка мин уон үс сыл буолан баран «Сайа этиим…» биэриибэр төннүбүтүм, хомойуох иһин, били этэр кыһалҕалара өссө да быһаарылла илик этилэр.

5. РУБРИКАЛАР

Рубрикалары толкуйдуурбар омук да, дойду киин ханаалларын да үлэлэрин үөрүйэҕин туһаммытым диэн этиэхтээхпин. Ону хайдах баарынан сүһэн ылбакка, хайаатар даҕаны «сахатытан», бэйэ көрөөччүтүгэр чугаһатан тиэрдии соругун туруоруммутум. Сүрүн ыытааччы быһыытынан устуудьуйаҕа олорон кэпсэтиини салайабын, оттон рубрикаларбар атын ыытааччылары булар ордук буолуохтаах. Ол эрээри ыытааччынан ыҥырар дьоммор хамнас көрдөрөр кыаҕым суоҕун билэбин. Онон хамнаска суоттаммакка, айымньылара, үлэлэрэ-хамнастара экран нөҥүө тахсыан баҕалаах эрэ дьону кытта кэпсэтэргэ тиийиэхтээҕим. Маннык түгэҥҥэ ханнык баҕарар ханаалга уопсастыбаҕа биллэр-көстөр дьону бэйэлэрин сатыыр эйгэлэригэр тардан, көстүүнү сэргэхситэр идэлээхтэр. Мин онно биир хаһаас санаалаах, толкуйдаах этим.

«Амтан». Ол саҕана аһы астааһыҥҥа сыһыаннаах биэриилэр биһиги көрөр аҕыйах ханаалларбытыгар саҥа элбээн эрэр кэмнэрэ этэ. Бу биэриилэр дьон күннээҕи олоҕор быһаччы туһаны аҕалар буолан, көрөөччүнү олус тардаллара, мин бэйэм да хаһаайка быһыытынан, түгэн түбэстэҕинэ сөбүлээн көрөр этим. Арай саха ханаалыгар эмиэ быстыбакка нэдиэлэ аайы көстөр маннык биэрии баар буоллун? Ону өссө астыырынааҕар ордук минньигэстик сахалыы саҥарар ыытааччы көһүннүн?

Биллиилээх асчыт Иннокентий Тарбаховы атын дьон курдук эмиэ сурах хоту уонна кинигэтин нөҥүө билэрим. Биирдэ эмит экраҥҥа да көрбүтүм. Ол гынан баран биэриилэр биирдии таһаарыынан тоҕо эрэ тохтоон хаалаллара. Кини саха дьонугар хайаан да күүтүүлээх ыытааччы буолуохтааҕын сэрэйэрим, онон «Кэпсиэ» бырайыагар биэриим Иннокентий Тарбахов ыытааччылаах «Амтан» диэн рубрикалаах буолуохтааҕын ыйбытым.

«Ону кини сөбүлэһэр дуо?» – дириэктэрим бастакы ыйытыыта итинник этэ. «Сөбүлэһэн…» – диэбиппин истэн эрэ хаалбытым. Ол кэнниттэн быстыам дуо, Тарбаховтыын кэпсэтэ, тылбын ылыннара «Тыгын Дархан» диэки барбытым. Сөбүлэһиэ диэн испэр бөҕөх этим да, дириэктэрим быһаччы ыйыппытыттан «быһыыта, урут ыҥыра сатаабыттарын сөбүлэспэтэх эбит…» диэн саарбахтыыр санаалар үөскээн, испин кутуйах буолан кэрбээбиттэрэ. Күрүлүүр күнүс, күн бөҕө тыган турдаҕына, Ленин болуоссатын устун итинник саарбах санаалардаах хааман иһэммин, эмискэ уун утары Иннокентий Тарбахов бу илэ бэйэтинэн мичээрдээн сэгэйэн иһэрин көрө түспүтүм. Эҕэрдэлэһэн, бэйэбин билиһиннэрэн эрдэхпинэ: «Оттон билэбин ээ…» диэн быһа түстэ. Толкуйбун кэпсээбиппэр бэркэ сэргэхсийдэ: «Мин эгэ эрэ буоллаҕа дии… Дьоммутугар-сэргэбитигэр тугу билбиппитин, сатаабыппытын тарҕата сылдьыахтаахпыт…» – диэтэ. Бастакы биэриибитин саламаат эгэлгэ көрүҥнэрин астааһыҥҥа аныах буолан, үөрэн-көтөн араҕыстыбыт. Көр, мин ол соруйан болдьоспут курдук көрсүһүүбүтүн «мээнэҕэ буолбатах» дии санаабытым уонна хаһан эрэ Тарбахов туһунан кэпсиир буоллахпына, хайаан да ахтан аһарыаҕым дии санаабытым. Онтубун бу суруйа олоробун.

Иннокентий Иннокентьевич курдук киһи көстөр буолбута бастатан туран, саха дьонугар сүдү бэлэх буоларын таһынан, тэрилтэҕэ эмиэ сүрдээх улахан сүүйүү буолар. Кини тэрилтэ бэйэтэ дьаһайыахтаах, тэрийиэхтээх, ороскуотуруохтаах түгэннэрин: астыыр аһын босхо буларыттан саҕалаан, ас астыырга тоҕоостоох оһохтоох, остуоллаах, иһиттээх-хомуостаах уһуллар муннугунан хааччыйыыга; ханна эмит кэлэр-барар буоллахха, суолу-ииһи хайыыга, массыынаны булууга тиийэ тус бэйэтэ быһааран, тэрийэн кэбиһэр кыахтаах, онтугар эбии эрэйин туһугар хамнаһы эрэйбэт, биир тылынан «абыраллаах» ыытааччы буола түспүтэ. Итини барытын хампаанньабыт бэйэтэ хаһан да кыайан дьаһайбат, кини өрүү харчыта суох буолар, биир эмит эрэстэрээни кытта дуогабардастаҕына да, кини рекламатын хара ньуура суох таһаарар бөрүкүтэ суох хабалаҕа киирэр. Оттон Иннокентий Тарбахов уонна «Тыгын Дархан» эрэстэрээн салайааччыта Мария Габышева саха тэлэбиидэнньэтин сайдыытыгар төһөлөөҕү оҥорбуттарын бэйэлэрэ да билбэттэрэ буолуо.

Мин бастаан Иннокентий Иннокентьевич «Амтаны» соҕотоҕун салайан ыытыа дии санаабытым, онтум баара кини биир идэлээхтэрин: оһох аттыгар аата-суола суох айымньылаахтык үлэлии сылдьар атын асчыттары көрдөрөр, түһүлгэ сырдыгар сиэтэн таһаарар дьүккүөрдээҕэ. Ол курдук Дьокуускайга да, ардыгар, кинилиин сынньалаҥҥа тэҥнээх айаннарга сылдьан Чурапчыга, Хаҥаласка үтүөкэн асчыттары устубуппут, кинилэр искусстволарын саха дьонугар көрдөрбүппүт. Ол сылдьан Тарбаховка асчыттар хайдахтаах сүгүрүйэллэрин, дьиҥнээх гуру, мэтр быһыытынан билинэллэрин көрөн итэҕэйбиппит. Тарбаховы кытта асчыт, кулинар идэтин рейтинэ үрдээн, суолталанан иһэрэ көстүбүтэ диэн ким баҕарар этиэ.

Иннокентий Иннокентьевич 60 сааһыгар аналлаах улахан биэриини устан, бэрийэн таһаарбытым. Көрөөччү «Амтаны» олус сөбүлээбитэ. Кини «Кэпсиэҕэ» хара маҥнайгыттан тардыстыбыт биир төрүөтэ Тарбаахаптаах «Амтан» баарыттан буоларыгар саарбахтаабаппын. Ол эрээри хастыы эмэ чаас устубут үлэбититтэн (ардыгар ыраах айаннаан тиийэ-тиийэ) биэс мүнүүтэттэн уһаабат көстүүнү эрэ таҥан таһаарарбыттан, элбэҕи, ол иһигэр ыытааччым табыллан саҥарбыт-иҥэрбит да түгэннэрин, ылан быраҕарга күһэллэрбиттэн абара саныырым. Сюжеттар уонна рубрикалар ол биэс мүнүүтэттэн уһаатахтарына, устуудьуйаҕа ыҥырбыт ыалдьыттаргын кытта кэпсэтииҥ кылгаан тахсар. Быһа эфир киэбэ эмиэ сюжет кылгас буоларын ирдиир. Дьэ ол туһуттан, хайдах гынан кылгатары эрэ толкуйдаан төбөнү сыспыт түгэннэрим элбэхтэр. Ардыгар Тарбаахабы эрэ таһааран, ас туһунан биэриини аІаардастыы ыытар буоллар, дии санаан да ылааччыбын.

Тарбахов «Амтаҥҥа» табыллан ыыппыт уруоктарын ааҕан сиппэккин. Ол эрээри мин идэһэ кэмигэр анаабыт биэриибитин ситэрбит-хоторбут түгэнин умнубаппын: онно кини хааны кутарга, быары тууһаан тоҥорорго, хаһаны, хартаны харайарга эҥин үөрэппитэ. Быыһыгар мөҕүтэлээн ылар: «Саха ыала туох да толкуйа суох быары көһөҥө тоҥорон кэбиһэр. Киллэрэн кытыытыттан кыһан ылан сиир уонна эмиэ таһырдьа таһаарар. Ол аайы бу быар хаачыстыбата түһэн иһэр диэни өйдөөбөт. Тоҕо сатамматый, бу курдук порциянан, кыра-кыралаан салапааҥҥа эрийэн тоҥорор? Уурарга, харайарга да, киллэрэн остуолга уурарга да табыгастаах…»

«Онтон дьэ тиэстэҕин охсоҕун», – диэн бурдугун кутан эрдэҕинэ далбаатааммын тохтотобун. «Хас кыраам бурдугуй, ону этиий! Көрөөччү эппэтилэр диэ дии!» – «Оо дьэ! Оттон 500 кыраам ини…» – илдьэн ыйаан көрөр. Ыйааһын чопчу 500 кыраамы көрдөрөр: «Эппэтэҕим дуо…» – диир.

«Тиэстэ 20 мүнүүтэ сынньаныахтаах», – тиэстэтин сотторунан сабан баран таптайа түһэр. «Оо, оттон ону кэтэстэхпитинэ устар кэммит бүтэр дии. Биир чааһынан оператор атын биэриини уста барар.». Иннокентий тарбахтарынан тиэстэтин өрө-таҥнары суруйан көрөр: «Чэ, эһиги ыксыыргытын иһиттэ быһыылаах. Тута дыгдас гынна. Саҕалыыбыт.». Хайдах үлэлээбиппитин ити курдук кэпсии турдахха бэйэтэ бүтүн кинигэ тахсар кыахтаах…

«Былаас вертикала» диэн күүһүрэр кэмигэр үлэлээбиппит. Киинтэн Нехорошев диэн киһи Саха тэлэбиидэнньэтин үлэтин көрө-истэ кэлбит диэн буолла. Үлэбитин-хамнаспытын өр кэтээбит, онтон: «Биир эрэ биэриини тиһэҕэр тиийэ көрдүм, тылын өйдөөбөт да буолларбын («Кэпсиэни» эппит). Итинник биэриилэр тоҕо нууччалыы тылынан тахсыбаттарый? Онно өссө билэр киһим, повар Тарбахов, астаан көрдөрөрө баар. Кини национальнай бүлүүдэлэрин нууччалыы тыллаахтар тоҕо көрүө-билиэ суохтаахтарый?» – диэн хабааннаах түмүк оҥорбут.

Үөһэттэн этилиннэ да, биһиэхэ чиэс биэрэ түһэллэр, «иһиттиэм-истибэтиэм» диэх курдук буолар. Тарбахов биэриитин нууччалыы гыныахха – ол аата «Кэпсиэттэн» таһаарыахха диэн сүпсүлгэн саҕаланна. Мин аһыйа санаабытым эрээри, Иннокентий Иннокентьевич экраҥҥа тахсар кэмэ биэс мүнүүтэттэн уһуохтааҕын, кини былаана, баҕата өссө да элбэҕин өйдүүр буоламмын, алгыһынан атаарбытым. Уонна ити кэмҥэ «Кэпсиэ» күүһүн ылан, ханнык да рубрикалара суох бардаҕына даҕаны, көрөөччүтүн сүтэрбэт таһымҥа тахсыбыт этэ. Тарбахов туспа биэриилэнэрэ үөһэттэн дьаһаллыбыт буолан, «Тыгын Дархан» эрэстэрээҥҥэ устуудьуйа-куукуна оҥоһуллубута, тустаах редактор анаммыта, асчыппытыгар кэмниэ-кэнэҕэс, дуогабарынан кыра хамнас төлөнөр буолбута. Кинилэр биэриилэрин биир бастакы ыалдьытынан миигин ыҥырбыттарыгар үөрбүтүм. Тарбахов онно: «Сайа миигин тэлэбиидэнньэҕэ аҕалбыта» – диэн көрөөччүлэригэр туһаайан эппитэ. Ол саҕаланарыгар биэрии нууччалыы барар этэ, онтон ити ирдэбилтэн сыыйа уонна саамай сөпкө туораабыттара: «Тарбаахаптыын астыахха» көрөөччү көтүппэт биэриитэ буолбута.

Иннокентий Иннокентьевич «тэптэрэн ылыахха», «сырдьыгыната түһэбит» эҥин диэн бэрт баҕайдык саҥаран кэбиһээччи. Дьиҥэ, кини ас астааһыныгар киирбит тиэрминнэри сахатытыыга үлэлэһэр кыахтаах эбит. «Туши гынабыт» диэни «бүскүтэн буһарабыт» диэччи. Ханнык да саха итини атыҥыраабат, кулгаахха сөрү-сөпкө киирэр уонна өйдөнөр. Итинник, төрөөбүт тылбыт ис кыаҕыттан таһааран, ас астааһыныгар баһылаан-көһүлээн киирбит тыллары, өйдөбүллэри ыарыыта суох сахатытан кэбиһиэххэ баара. Онуоха ханнык да учуонайдардааҕар ордук таһаарыылаахтык уонна таба чулуу асчыппыт үлэлэһиэн сөптөөх дии саныыбын. Тарбаховтыын айар үлэбитинэн өссө да алтыһар санаалаахпыт уонна ол баҕа санаа туоларыгар эрэллээхпит.

Оттон Нехорошев үлэтин түмүгүнэн «Кэпсиэни» сэргэ «Нескучный вечер» диэн нууччалыы тылынан быһа эфиргэ тахсыы баар буола сылдьыбыта да, тоҕо эрэ уһаабатаҕа.

«Суруллубут – суоруллубат». Маннык ааттаах рубрикалана сылдьыбыппыт. Төһө даҕаны бу кэмҥэ тыаттан кэлэн олохсуйуу муҥутаан элбээн турдар, сахалыы тыллаах бэчээт тоҕо эрэ мөлтөөн, ааҕааччытын ахсаана, баппыыскаттан да көрдөххө, быста аҕыйаан сылдьар кэмэ этэ. Киһи сахалыы аахпат, сонуннары бэйэтин тылынан билсибэт буоллаҕына, төрөөбүт тылыттан тэйиитэ быдан түргэтиир буоллаҕа. Ол иһин мин төһө сатанарынан, сахалыы бэчээт дьонун биэриилэрбэр таһаара сатыыр этим, бэйэм «Орто дойду сонуннара» хаһыакка биир балаһаны айан-суруйан таһаарарга ылса сылдьыбытым. Онон «Кэпсиэ» биир рубрикатыгар сахалыы бэчээккэ бу нэдиэлэҕэ туох сонун суруйуу тахсыбытын сырдатыахха, дьону сахалыы ааҕыыга көҕүлүөххэ диэммин, «Суруллубут – суоруллубат» рубриканы киллэрбитим (босхо реклама!). Ыытааччыта да кэбэҕэстик көстүбүтэ. Мин Анна Варламова-Айысхаана диэн үчүгэйдик билсэр суруйааччылаахпын. Арай биирдэ кини дьиэтигэр тиийэн олордохпуна кыра кыыһа Виктория киирэн кэллэ. Ыал ийэтэ эбит, туспа олорор, суруналыыс идэлээх, «Ил Түмэн» хаһыакка үлэлиир. Арай кыыһым тэлэбиидэнньэ үлэһитэ буолар ыра санаалааҕын кэпсээтэ. Ыра санаа эрэ буолбатах, кини ол туһугар толкуйдаабыта элбэх эбит, оннооҕор хас да биэрии бырайыагын торумнаан, суруйбут-бичийбит. Сирэйэ-хараҕа да чолбоодуйан, өйө-санаата да арылыйан, киһи эрэ кэрэхсиэх ыытааччыта буолуоҕун таайбытым… Мин кими да үлэҕэ ылар кыаҕа, бырааба суох киһибин, арай…

Виктория Контоева көрөөччү иннигэр аан бастаан ол «Суруллубут – суоруллубат» рубрика ыытааччыта буолан тахсыбыта. «Олус биллэр араспаанньалаах (ол кэмҥэ тустуук Контоевтар күннээн сылдьаллара) хайдах эрэ курдук. Туһана сатыыр диэхтэрэ. Онон ийэм араспаанньатынан тахсабын», – диэн кини экраҥҥа өр уонна олохтоохтук кэлэрин биллэрэр этиитин оҥорбута, онон титргэ Виктория Варламова диэн суруйбуппут. Ол да курдук буолбута, сотору Викторияны «Сонуннар» бэлиэтии көрөн ыҥыра охсубуттара. Онон, саха экраныгар өссө биир үтүөкэн ыытааччыга суол аһан баран, «Суруллубут – суоруллубат» рубрикабыт эмиэ тохтообута.

«Ааҕыҥ, «Бичик» кинигэтэ». Дьиэҕэ турар төлөпүөн уонна мобильнай төлөпүөн икки ардыларыгар сибээс ханнык көрүҥэ баар этэй?.. Умнубуккут дуу, пейджер диэн баар этэ. Мин ити пейджери кытта биэриибитин уонна «Бичик» кинигэ кыһатын сиэттиһиннэрэ өйдүү сылдьабын.

Саас сааһынан. Үлэлээн иһэн, устуудьуйаҕа баар төлөпүөнтэн ураты, саҥа, ол саҕана сайдыылаах сибээс көрүҥэ – пейджер баар буоллаҕына сатанара көстөн тахсыбыта. Мин хос куортамнаһан олорорум, онон дьиэтээҕи төлөпүөнүм диэн суоҕа. Ол ыалдьыттарбын кытта болдьоһорбор, атын да түгэннэри быһаарсарбар олус охсоро. Пейджер атыылаһыахпын – быыкаайык хамнаһым арыычча аспытыгар тиийэр-тиийбэт этэ. Салалтабар этэн көрбүппүн, «спонсорда бул» диэбиттэрэ. Ол саҕана хампаанньаҕа коммерциянан дьарыктанар салаа суоҕа, редактордар биэриибит туһугар туораттан көмө көрдүүрбүт, буларбыт көҥүллэнэрэ. Солото суох дьоҥҥо ол эбии түбүк этэ эрээри, «хааччахтаабаттарыгар махтал» эрэ диирбитигэр тиийэрбит.

Быһа эфиргэ ыытар күрэхтэрбит дьон көҕүн улаханнык күөртээбиттэрэ, онуоха быстыбакка кэлэ турар туох эрэ утары уунардаах буолуохтааххын. Манныкка үчүгэй сахалыы кинигэ саамай сөптөөх диэн санааламмытым. Онон «Бичик» кинигэ кыһатын туһунан толкуйдуурум элбээн барбыта. Август Васильевич Егоров – издательство эдэр салайааччыта мин этиибин булгуччу өйүөҕэр эрэнэн туран, кэпсэтэ киирбитим. Ол кэпсэтии түмүгүнэн көрөөччүлэргэ бириистэри эрэ буолбакка, били баҕалаах пейджербин ыларга харчыны кытта быһаартарбытым уонна «Бичик» саҥа кинигэлэрин туһунан анал рубриканы аһарга илии тутуспутум. Ыытааччытынан издательство бэйэтин үлэһитэ буолбута. Саҥа тахсыбыт кинигэлэри кэпсиир, көрдөрөр. Үөрүйэҕэ суох киһини устар эрэйдээх буолар, үлэ тэтимэ бытаарарыгар тиийэр. Муҥнаан-сордоон устубуппутун эмиэ үс-биэс мүнүүтэҕэ диэри кылгатабыт.

Пейджербит олус бэркэ сулууспалаабыта. Арай Фалько-пейджиҥҥэ оптуорунньук аайы долгуйуу бөҕөтө үһү: ити күн хайаан да сахалыы саҥарар, суруйар оператор олоруохтаах; илдьит киириитэ бу күн муҥутуур элбэххэ тиийэр буолбут.

Сотору буолан баран, НВК ханаалыгар «Ааҕар бала-

ҕан» диэн Наталья Харлампьева ыытар бүтүн биэриитэ баар буолан хаалбыта. Онно эмиэ «Бичик» кинигэлэрин билиһиннэрии барар этэ. Биһиги өрө тыынан бараммыт, хатыласпат туһуттан аналлаах рубрикабытын кытта эмиэ арахсыбыппыт. Ол эрээри саныыбын: урукку өттүгэр, «Кэпсиэ» кэпсээнигэр тахсыар диэри, тоҕо да саҥа кинигэлэргэ анаммыт биэрии суоҕа эбитэ буолла, диэн. «Ааҕар балаҕан» эрдэттэн баара буоллар, мин итинник рубриканы толкуйдуу да сатыам суоҕа этэ.

Рубрика тохтообутунан, «Бичиктэртэн» олордьу арахсыы буолбатаҕа, биэрии ахсын мин ойуулаах-оһуордаах маллаах иһиппиттэн бу издательство таһаарбыт бииртэн биир бэртээхэй кинигэлэрин, халандаардарын көрөөччүлэрбэр бириис быһыытынан хостуурум бүтэһиккэ диэри салҕанан барбыта.

«Көрөөччүлэргэ күрэх». Билигин устуудьуйаттан быһа эфиргэ барар бары биэриилэр көрөөччүгэ ыйытыы, хоһуйууга сорудах эбэтэр таайтарыы киэбинэн күрэхтэри ыыталлар. Маннык күрэх тиһигин быспакка ыытыллар көрүҥ быһыытынан утумнаахтык бастаан «Кэпсиэҕэ» киирэн, салгыы ситиһиилээхтик олохсуйда дии саныыбын. Кинини «рубрика» диэҕи соччо сатамньыта суох курдук, ол эрээри көтүппэккэ, хас биирдии тахсыыбыт аайы киллэрбит буоламмыт, кинини «Кэпсиэ» быстыспат сорҕотун быһыытынан көрөрбүт сөп.

Биһиги көрөөччүлэрбит тустарыгар кинигэттэн ураты өссө атын, сыаналаах бириистэри буларга эмиэ кыһанар этибит, холобура, бриллианнаах оҥоһук, бүнүөкүл, фотоаппарат, тииһи оҥорторууга, бассейҥҥа сылдьыыга абонеменнар эҥин курдук. Ол бириистэр барылара тустаах биэрии ис хоһоонугар сөп түбэһэр буолаллара.

«Кэпсиэ» биир уратытынан сүүйбүт киһини эбэтэр кинини сирэйдээччини устуудьуйаҕа ыҥыран аҕыйах тылы-

нан кэпсэтэн ааһыы эбит. Дьэ манна сураһан билбэтэх, түһээн баттаппатах дьонуҥ кэлэллэрэ ыытааччыга туһунан кэрэхсэбиллээх буолар. Атын өттүттэн – хаһан да экраҥҥа көстүөм диэбэтэх киһи устуудьуйа ыалдьыта буолан хаалара киниэхэ бэйэтигэр, чугас дьонугар, атын көрөөччүгэ даҕаны соһуччу, умнуллубат түгэни тосхойор.

Биһиги бириистэрбит кыра хамнастаах үлэһит дьоҥҥо түбэһиэхтэрин олус баҕарар этибит. Олоххо оннук түгэн ахсааннаахтык эрэ буолар эбит. Оннооҕор бриллианнаах оҥоһукпутун сүүйээччи университет бэрэпиэссэрэ буоларын истэн баран (бэйэм төлөпүөнүнэн кэпсэтэ туран) сүөм түспүппүн кистээбэтэхпин! Ол кэпсэтиибитин кэнники үчүгэйдик билсэр киһим буолбут, филология билимин дуоктара Валентина Григорьевна Семенова маннык ахтар: «Арай «Кэпсиэттэн» эрийэбит, кыайыылаах буолбуккунан эҕэрдэ! Хатас олохтооҕоҕун дии, туох үлэһиккиний?» Мин үөрүүнү кытта: «Хатаска дьиэлээхпин, бэйэм университекка үлэлиибин, саха тылын преподавателэбин!» – диибин. Туруупка анараа өттүгэр чочумча чуумпуран ылбыттар, онтон хомойон хаалбыт мин саҥам иһиллибит: «Оо, дьэ… Биирдэ баҕас тыа хаһаайыстыбатын үлэһитигэр дуу, дьиэ сууйааччыга дуу түбэспитэ буолуо дэспиппит…» Киһи кэнники бэйэтэ бэйэтиттэн сонньуйар ээ, ардыгар.

Бириистэрбин хостуур, туоһунан тигиллибит, ойуулаах-оһуордаах маллаах иһиппин дьон-сэргэ билигин да умнубакка саныыр-ахтар. Ити иһит биэрии ис хоһоонугар олус табыллан киирбит, кэпсээммитин, көстүүбүтүн ситэрээччи-хоторооччу да буолбут эбит.

Арай биирдэ хампаанньабыт салалтата (Харлампий Назарович саҕана) Таатта улууһун кытта бииргэ үлэлииргэ сөбүлэсиһии түһэрсибитин чэрчитинэн, айар үлэһиттэри улуус нэһилиэктэринэн ыҥыран ыалдьыттаттылар. Биһиги бөлөхпүт Дэбдиргэ диэн ыраах дэриэбинэҕэ барар буолла. Олохтоохтор олус үчүгэйдик күндүлээн-маанылаан көрсүбүттэрэ. Төннөрбүтүгэр нэһилиэк баһылыга дьэрэкээн ойуулаах, улахан баҕайы маллаах иһити көтөҕөн таһааран: «Биһиги НВК сахалыы куттаах-сүрдээх биэриилэрин оҥорооччуларга махталбыт бэлиэтин – бу олохтоох маастар Парасковья Матаннанова тикпит туос иһитин бэлэхтиибит. Бөлөх салайааччыта маны бэйэтэ көрөн, тэлэбиидэнньэ туһугар сулууспалатыа», – диэн баран, бөлөхпүт салайааччытыгар, оччотооҕуга улуус телестудияларын дирекциятын салайбыт Иннокентий Готовцевка туттаран кэбистэ.

Айаммыт уһун. «Уазик» инники олбоҕор салайааччыбыт дьэрэкээн туос иһити араҥаччылыы көтөҕөн олорор. Мин буоллаҕына, бу иһит хайдах «тэлэбиидэнньэ олоҕор, үлэтигэр-хамнаһыгар сулууспалыан» сөбүн толкуйдуубун. Бэрэсидьиэммит кэбиниэтин киэргэтиэххэ сөп буолуо. Эбэтэр Готовцев салайааччы буолан сылдьыбыт айанын үтүө өйдөбүлүгэр дьиэтигэр илдьэ бардын. Эбэтэр биир эмит биэрии бэйэтин символа-бэлиэтэ курдук устуудьуйаҕа туруорар мал гыныан сөп. Ол биэрии хайаан да сахалыы тыыннаах буолуохтаах. Кини кута-сүрэ бу маллаах иһит курдук түҥ былыргы өбүгэни кытта ыкса ситимнээх, кэрээбэт кэрэ санаанан сайар, бараммат истиҥ кэпсээнинэн салҕанан иһэр буолуохтаах.

Оттон… «Кэпсиэҕэ» туруорар соруктарым итинник буолбатахтар дуо? Ол эрээри устуудьуйам оҥоһуута маллаах иһит турарыгар барсыбат ээ. Эмискэ «Черный ящик!» диэн санаа өйбөр охсулунна. «Поле чудес» биэриигэ Леонид Якубович: «Приз в студию!» – диэтэҕинэ, хара дьааһыгы көтөҕөн киирээччилэр дии. Ол иһигэр баҕар, күлүү гыммыт курдук, хаппыыста сахсаллан сытара буолуо эбэтэр дьол туругуруутун туоһута буолан, массыына күлүүһэ кыайыылаахтык кылбачыйа сытара буолуо… Ыытааччы хара дьааһык хаппаҕын аһыар диэри оонньооччу онно туох баарын билбэт. Оттон биһиги эмиэ оонньотобут дии… Ол эрээри онно хаһан да хаппыыстаны угуохпут суоҕа, онно хайаан да сахалыы кинигэ уонна биирдэ эмэ бриллианнаах оҥоһук курдук күндү маллар угуллуохтара!

– Иннокентий Иннокентьевич! Мин биллим, маллаах иһит саха көрөөччүтүгэр хайдах туһалыырын! – нуктаан испит салайааччыбын сиэҕиттэн тардыалаан уһугуннарабын уонна толкуйбун кэпсээн массыына иһин толорон кэбиһэбин.

Массыына иһинээҕилэр бары сөбүлээн күйгүөрэ түһэллэр. Итинник, «Кэпсиэ» биэрии көрөөччүлэригэр утары уунар бириистэрин харайарга ананан тигиллибит курдук, иһиттэммитэ…

«Тиктим 2003 сыл. Таатта. Матаннанова Парасковья Петровна. Дэбдиргэ» диэн иһиппит түгэҕэр сурук баар. Дьиҥэ, айар киһи кыайан тэриммэккэ хаалан, саамай элбэхтик толкуйдаабыт, иһигэр иитиэхтээбит санаатын, иэстээх курдук өйдөөбүт түгэнин кыайан ситэрбэккэ, толорбокко хаалара баар эбит. Мин киниэхэ, Парасковья Петровнаҕа, ааттаан-суоллаан тиийиэхтээх, кини туһунан кэпсиэхтээх, кинилиин кэпсэтиэхтээх этим эбээт… Ол эрээри дэбдиргэлэртэн ыҥырыыны кэтэһэн дуу, күн тура-тура түбүктэн түбүгү үмүрүтүү үгэнигэр дуу ити санаа туолбакка хаалбыта. Бэйэбин «ырааһырда» сатаан, ардыгар саныыбын манныгы: биһиэхэ массыына биэрэн командировкаҕа ыытыы диэн сүрдээх сэдэх буолааччы. Арай үрдүкү салайааччыбыт тылын биэрбит дьонун уста барарга камера да, командировка да, сөмөлүөккэ билиэт да олус кэбэҕэстик баар буола охсооччу. Мин үксүгэр дьон, тэрилтэ, нэһилиэк, улуус ыҥырыыларынан баран үлэлиир буоламмын, ыҥырааччылар бэйэлэрин көлөлөрүнэн сылдьа сатааччыбын. Аан бастакы оннук айаммыт Томпо улууһун Кириэс Халдьаайытыгар этэ. Аны хонуктаах командировкаҕа барар түбэлтэҕэ кэлэр нэдиэлэҕэ хатылааһыны эрэ туруораргар тиийэриҥ: тоҕо диэтэххэ, нэдиэлэттэн икки күн көҕүрээтэҕинэ, саҥа биэрии сюжеттарын ситэн оҥоро охсубаккын. Чэ, ол эрээри ити бэйэм бэйэбин буруйдуурбуттан куотуна сатыыр толкуйдарым ааспаттар-арахпаттар диирбэр тиийэбин. Дьиҥ-чахчы туруммутум буоллар, Дэбдиргэҕэ таксинан да айаннаан, хайаан да тиийиэхтээх этим, тиийэр иэстээх этим…

«Ноо». Саха киһитэ сэргээбитин бигэргэтэр, кэпсээччини тэптэрэн биэрэр саҥа аллайыыта. Маннык ааттаах рубрика биэриибин син уһун кэмҥэ киэргэтэ сылдьыбыта. Ханнык баҕарар тиэмэни арыйарга ис хоһоону өссө дириҥэтэн, сытыырҕатан биэрэр тэттик иһитиннэриилэр баар буолаллар. Ону бэйэҥ тылгар холбуу сатыы олоруохтааҕар сөптөөх көстүүлэринэн тиэрдэр көрөөччү өйүгэр-санаатыгар быдан ырылхайдык киирэр буоллаҕа. Холобур, харчы тиэмэтигэр анаабыт биэриибитигэр хаһан, ханна, хайдах харчылар баар буола сылдьыбыттарын тустарынан киһи эрэ соһуйа истиэх түгэннэрин «Ноо!» рубрика кэпсээн кэбиһэр. Сэрии туһунан биэриибитигэр нуучча «Ураа!» хаһыыта Петр I ыраахтааҕы дьаһалынан, кини калмык сэриитэ кимэн киирэригэр туттар «Ураай!» хаһыытын сөбүлээбититтэн үөскээбитин уонна калмыктар ураайдара биһиги уруйбутунуун уруулууларын туһунан эмиэ «Ноо!» рубрикаҕа табыллан кэпсиигин: экраҥҥа бастаан Аҕа дойду сэриитигэр атаакаҕа киирэн иһэр саллааттар көстүүлэрэ, онтон былыргы калмыктар аттаах сэриилэрин ойуута, Петр I мэтириэтэ, былыргы нуучча аармыйата, онтон саха боотурдарын үҥкүүтэ бу кэпсээн икки мүнүүтэтин саптаҕына дьайыыта ордук күүстээх буолар.

Бу рубрикаҕа биһиги көр-күлүү театрын артыыстарын кытта бэркэ тапсан үлэлээбиппит. Кинилэр диэтэх дьон, сценарийы кэпсээтиҥ да, айан-оонньоон, киһи эрэ айаҕын атан олорон көрүөх түгэннэрин туруора охсон кэбиһэллэрэ. Мурун туһунан биэриигэ мунна хаһыҥырыыр эрин кытта эрэйи көрөн утуйа сатыыр дьахтары, о.д.а. «Ералашка» маарынныыр устуулары сорох көрөөччүлэр умнубатах буолуохтаахтар.

6. ТАБА ТАЙАНЫЫЛАР. ТИЭМЭЛЭР

«Хайа, толкуйдаабыт рубрикалара үксэ аара суолга көөрөттөн түһэн испит холоон да биэрии эбит», – дии саныаххыт, баҕар. Ол эрээри «Кэпсиэ» дьону тардыбыт сүрүн ньымата – кэпсэтэр тиэмэни, биэрии тосхолун таба тайанан булуута эбит. Холобур, ити «мурун туһунан биэрии» диэтим дии. Ити тиэмэ биһиэхэ лор-быраас сүрүн ыалдьыт буола кэлэриттэн сылтаан толкуйдаммыта. Төһө да хаптаҕай буоллар, бу тыыннаран-тыбыырдан сылдьар муннубут барахсан туһунан, түөрэ хаһан кэпсээн бардахха, бараммат сэһэн буолуох курдуга…

Олохпут эгэлгэ көстүүлэригэр, айылҕаҕа, киһи киһиэхэ сыһыаныгар, дьоҕурга-талааҥҥа, тэрилтэлэр үлэлэригэр, тылга-өскө, хамныыр-харамайга, философия өйдөбүллэригэр, айымньыларга… туохха-туохха анаабатахпытый, биһиги биэриибит ис хоһоонун?!

Ол эрээри саха дьонун саамай долгутар, кинилэр сүрэхтэрин ыппытынан киирэр тиэмэлэр бааллар эбит этэ.

Устуудьуйаҕа олорон, мэктиэтигэр, көрөөччүлэртэн дирдиргэс сүүрээн субу тиийэн кэлэрин билэргэ дылы этим. Оннук буолбута, биһиги аІаардас сылдьар, олох устун бииргэ хаамсар доҕордорун булбатах дьон кыһалҕаларын туһунан кэпсэтиини тэрийбиппитигэр. Оннук буолбута, түөрт устуруока күпүлүөтү суруйууга бүнүікүл бириистээх сааскы кус булдун туһунан биэриибитигэр; оннук буолбута, Дьокуускай куоракка саха тыллаах оҕо саада, оскуола элбиирин туруорсар төрөппүттэр бөлөхтөрүн таһаарар биэриибитигэр; оннук буолбута, бастакы Бэрэсидьиэн Михаил Ефимович Николаевка анаммыт таһаарыыбытыгар; венгр уола Чоба кыттыылаах омуктар сахалыы саҥаралларын көрдөрөр биэриибитигэр; эбэтэр дьикти дьоҕурдаах, ойуун таттарыылаах ураты киһи соһуччу этиилэрин истэрбитигэр, маҥнайгы таптал туһунан долгуйа ахтарбытыгар… онтон да атын түгэннэргэ.

«Аналлааҕым ханнаҕыный?». Бу биэрии итинник эрэ ситиһиилэниэ дии санаабатаҕым. Саатар Дьокуускайга үлэлээн эрэр суорумньу кулуубун салайааччыта кэлиэх буолан баран, бэйэтин оннугар олох да атын, бастаан ыйыталастахха иилэн тугу да кыайан хоруйдаабат дьахтары ыыппыт этэ. Онтон санаам түһэн, эрэлим эрэ эрдэттэн оҥорбут сюжеттарбар хаалбыта. Онно өйдүүрбүнэн, опрос табыллан таҥыллыбыта уонна биир суорумньу нөҥүө холбоспут киһини күүстээх ирдиир (сыскной) агентствоттан итэҕэһэ суох үлэлээн буламмыт, ылбыт интервьюбут баара. Ол киһибит «сирэйбин көрдөрбөт буоллаххытына» диэн ирдэбиллээх уһуллубута. Онон кинини бэйэбит кэбиниэппит түннүгэр туруорбуппут, уоту умулларбыппытыгар кини сирэйэ күлүгүрбүтэ, ол оннугар түннүгүнэн көстөр кырыаны бүрүммүт хатыҥнар ордук сырдаабыттара, хайдах эрэ таайтарыылаах баҕайы көстүү тахсан кэлбитэ. Ол туран бу отутуттан тахсыбыт эр киһи:

– Таптыыр кыыһым атын уолга кэргэн тахсыбыта. Ол иһин кыргыттар диэки көрбөт да этим, ону билэр дьонум суорумньулаан, билиҥҥи кэргэмминиин билиһиннэрбиттэрэ. Олоробут үчүгэй. Оҕолоннубут. Холку баҕайы олох, туохтан да улаханнык долгуйбаккын эҥин, – диир.

– Арай ол урукку кыыһыҥ «кэл миэхэ, алҕас эйигиттэн барбыппын» диэтин? – диибин.

Киһибит чочумча саҥата суох турар, онтон:

– Ким билэр… Арааһа, суох буолуо… Эрээри, баҕар…

Көр, таптал син биир тарда турар эбит этэ.

Дьэ, ити курдук бэлэмнээх биэриибин саҕалаатым. Кэпсэтиини дьон син сэҥээриэ, тута да буолбатар, биирдиилээн даҕаны эрийэн кэлиэхтэрэ диэн санаалааҕым. Төлөпүөммүт атын хоско турар, саҥа администраторынан үлэлээн эрэр кыыска «сюжет кэмигэр ыйытыылары киллэрэн биэрээр» диэн сорудахтаатым. Ол саҕана пейджердэнэ илик кэммит эбит.

Арай кэпсэтэ олоробут, үгэс курдук күрэхпин биллэрдим, опроһум ааста, сюжетым ааста, арай көрөөччүлэрбиттэн ыйытыы суох. Хайыахпыный, били кэлбит дьахтарбын кытта олох туһунан уһатан-кэҥэтэн кэпсэтэрбэр тиийдим. «Зал иһин толорор музыка…» диэн ырыанан эҥин эргийэн, эҥсилгэннээх кэпсэтии буолар хабааннанна. Хата, киһим айаҕа син аһылынна. Өссө биир тойуксуттаах этим, кэргэн тахсыбатах кыыс суланар ырыатын (тылын бэйэм суруйан биэрбитим) толоруохтааҕа. Дьиҥэ, бастаан оннук ис хоһоонноох тойугу толоруон баҕарбатаҕа, онтон үөрэтэн, эрчиллэн көрөн баран: «Толорор эбиппин, кырдьык, кэргэн тахсыбатах элбэх кыргыттар ааттарыттан ыллыыбын, норуодунай театрга оруол толоро турар курдук. Уобарас буолабын. Бэйэм иккис кэргэммэр олоробун», – диэн, күлэ-күлэ, сөбүлэспитэ. Эрчиллэрбитигэр олус үчүгэй этэ. Арай доҕоор, онтум быһа эфир кэмигэр бастаан саҕалаан иһэн тылын таһы-быһа умнан кэбистэ. «Туох ааттаах табыллыбат киэһэбит буоллаҕай?!» – диэн испэр ыксыы саныы-саныыбын, тойуксуппун быыһаан ыллаҕым дии. Кини кэнники Туймаада ыһыаҕар үҥкүү тылын этэн массыына бириис сүүйэн турар. Көрүстэхпитинэ, ол биэриини саныы-саныы, күлсээччибит.

Һуу, дьэ, биир чааспыт кэмниэ-кэнэҕэс бүттэ. Күһэллэммин, оннооҕор «көрөөччүлэр ыйытыылара» диэн бэйэм эрдэ бэлэмнээбит биир-икки ыйытыыбын биэрэргэ кытта тиийдим. Тэлэбиидэнньэ үлэтигэр итинник эрдэ бэлэмнэммит ыйытыыны биэрэр албас, ньыма баар, дьиҥэ, ону мин туттубат буола сатааччыбын. «Көрөөччүлэр ыйытыы алҕаска да биэрбэтилэр, тоҕо бэрдэй?» – диэн санаалаах устуудьуйаттан тахсан төлөпүөннээх хоско бардым. Арай администраторым көтөх муҥунан кумааҕыны суруйбут, дэлби тиритэн, кытаран хаалан баран өссө да кимниин эрэ кэпсэтэ, ыйытыы ыла олорор!

– Хайа, ыйытыы бөҕө киирбит эбит дии, тоҕо киллэрэн биэрбэтиҥ?

– Оттон эрий да эрий буолаллар батта, киһи туруупканы уурар да кыаҕа суох…

Чахчы, көрөөччүлэрим барахсаттар хаһааҥҥытааҕар да көхтөөхтүк, аналы булбакка соҕотох сылдьыыны саха омук биир уһугулаан турар улахан кыһалҕатын быһыытынан көрөн эгэлгэ да этиилэри эппиттэр, ыйыппыттар, туруорсубуттар этэ! Саҥа үлэлээн эрэр администратор кыыс төлөпүөнтэн хайдах да арахсар кыаҕа суох биир чаас устата быыстала суох ону суруйа олорбут!

Бу биэриигэ олус уйаҕастык Мииринэй, Нерюнгри куоракка олорооччу саха эдэрчи дьонуттан: дьахталлартан да, эр да дьонтон киирбит этиилэри мэлдьи саныыбын. Кинилэр өрөспүүбүлүкэҕэ олорор, 25-тэн үөһэ саастаах, соҕотох сылдьар саха дьонун туһунан кииннэммит биир бааны оҥоруохха, суорумньуну судаарыстыба суолталаах үлэ чэрчитигэр киллэриэххэ эҥин диэн туруорсубуттар этэ. Уонна биһиги биэриибит, чуолаан мин, соҕотох дьону түмэр хамсааһыны саҕалаабытым курдук ылыммыттар, өйдөөбүттэр эбит этэ: олох хойукка диэри онтон-мантан төлөпүөммүн булан «били суорумньу үлэлиир дуо?» диэн ыйытааччылар… Ону таһынан, салалтабытыгар эмиэ тиийэллэр эбит. Биирдэ дириэктэрбит Николай Иннокентьевич: «Тоҕо уонна ким мин төлөпүөммүн суорумньуһут нүөмэрэ диэн биэрдэ? Сүгүн үлэлэтэллэрин аастылар…» – диэн күлүү аҥардаах эппитин истибиппит.

Төһө да «күлүү аҥардаах» диэбитим иһин, ити биэрии дьон сүрэҕэр тиийбитэ кэргэннэнэр саастаах дьон сулумах сылдьыылара аҕыйах ахсааннаах омукка улахан кыһалҕа эрэ буолбатах, иэдээн эбитин көрдөрөр. Ол да иһин дьон-сэргэ өр кэмҥэ кэтэспит кэпсэтиилэрэ аһаҕастык тахсыбытыттан долгуйбуттар уонна туох эрэ хамсааһын буолан эрэр диэн эрэҥкэдийиэхтэрин баҕарбыттар…

«Саас кэллэ – кус кэллэ!» «Чэ, сахаҕа сааскы кустан ордук кэрэхсэтэр туох да суох», – диэбитэ саас кэлэн эрдэҕинэ биир киһи. Кырдьык даҕаны! Ол гынан баран, биһиги режиссербунаан иккиэн дьахталларбыт, булт диэн дьарыкка дьөрү чугаһаан көрбөтөх дьоммут. Аны чуолаан булт туһунан кэпсиир атын биэриилэртэн холобур ылыахпытын, ол саҕана булка аналлаах биэрии суох этэ. Аркадий Алексеев айан туһунан биэриилэригэр куһу-куобаҕы биирдэ эмит кыбытарын аахпатахха. Ол да буоллар, биһиги туруммуппут. Кэмэ-кэрдиитэ да тоҕоостооҕо: саас тыына биллэн уонна соҕуруу ханна эрэ көтөр ыарыыта туран, кус көҥүллэнэрэ – көҥүллэммэтэ, хаһыстан саҕаланара уостан түспэт таайбараҥ кэриэтэ буолбут кэмэ этэ.

Үөрүүнү кытта ыҥырыыбытын ылынан Айылҕа харыстабылын министиэристибэтин үлэһиттэрэ уонна охотовед идэлээх эр дьон биэриибит ыалдьыттарынан буолбуттара. Көрөөччүлэри кычыгылатар «туох эрэ» биэриибитигэр баар буолуохтааҕа. Онуоха биһиги «булт маҕаһыыннарыгар тахсан, бириис көрдөөтөхпүтүнэ хайдаҕый?» диэн санаанан умайдыбыт. Ким эрэ билэр киһитэ «Царская охота» маҕаһыыҥҥа үлэлиир буолан биэрдэ, кини биһигини маҕаһыын салалтатын кытта ситимнээтэ. Онно дии, бирииспитигэр бүнүікүл туран, бүтүн Саха сирэ биир киэһэни быһа сааскы кус туһунан түөрт устуруокалаах күпүлүөт суруйаары өрүкүйэн ылбыта!

Маҕаһыын ирдэбилин быһыытынан, кинилэргэ баар табаардары рекламалыахтаахпыт. Мин оператордаах режиссерум баран устан кэлбиттэрин көрөбүн: кус кэмэ чугаһаан, кырдьык, маҕаһыыҥҥа киһи аалыҥнас. Дьахталлар кытта бааллар. Ордук биир, дириҥ толкуйга түспүт курдук көрүҥнээх атыылаһааччы дьахтар киһи болҕомтотун тардар. Оператор кинини чугаһата-чугаһата устубут. Ол саҕана бултуурга кэтэр анал таҥастар саҥа кэлэн, киэҥник тарҕанан эрэр кэмнэрэ этэ. Мин саныыбын: арай маҕаһыын рекламатын эмиэ «сахатытан», оонньотон биэрдэххэ? Ити камера объективыгар бэйэтэ да билбэтинэн хабыллан хаалбыт дьахтар сирэйэ олус да элбэҕи кэпсиир… Эмискэ мин билэр-билбэт дьахталларым эрдэрэ кустуу бараары тэринэллэрин, ону кинилэр хайдах атааралларын туһунан эмиэ да кыһыйар, эмиэ да таптыыр арыттаах саҥаралларын иститэлээбитим кулгаахпар кутуллан киирэр: «кини ол куска барар ороскуотун оннугар хас да киилэ окорочок атыылаһан баран күөстэммитим ордук этэ», «аны куһаҕан ол-бу таҥаһынан ойуурга барбат буолбуттар ээ, булка сылдьар толору көстүүм киниэхэ наада», «айуу-айа… сымыйанан үөрбүтэ буолабын, биир чыркымайдаах кэллэҕинэ…» о.д. а…Ити өйбөр киирэн кэлбит этиилэртэн, маҕаһыын табаардарыттан уонна дьахтар дириҥи толкуйдаабыт харахтарыттан таҥыллыбыт кылгас сюжет-кэпсээн тахсан кэлбитэ: дьахтар эрин кустуу барарыгар тэрийэрин туһунан. Дьон ордук: «Баччааҥҥа диэри туох да үөтэлээҕи толкуйдаабатах төбөтүгэр саҥа бэргэһэ өссө ылабын дуо? Ханньайбыт эргэтинэн да сырыттын!.. Ол эрээри… кини эрэ эргэ бэргэһэлээх сылдьыа дуо…» – диэнтэн күлбүттэр этэ. Дьахтар барахсан эрин син биир саҥа таҥастаан-саптаан ыытарын курдук ис хоһооннообуппут. Реклама да оҥоһуллубута, көрөөччүлэрбит сүргэлэрин да көтөхпүппүт. Мин ол сюжеты биир таба тайаныым, айар булумньум курдук саныыбын.

Хоһооммут күрэҕигэр кыайыылааҕы быһаарар олус уустук этэ: ол курдук элбэх күпүлүөт киирбитэ. Биэрии кэнниттэн нэдиэлэни быһа ыыппыттара. Оннооҕор аймахтарым, миигиттэн кытаанах бобуу баарын үрдүнэн, тулуйбакка кыттыбыттар этэ. Хойукка диэри: «Кус туһунан биэриигэр хоһоон суруйан ыыппытым, саатар ааҕан иһитиннэрбэтэҕиҥ», – диэччи дьону көрсөбүн. Хайдах да барытын ааҕар кыах суоҕа. Биһирэбил бириистэрбитигэр ол саҕана саҥа тахсан эрэр «Байанай» сурунаалы түҥэппиппит. Биир көрөөччүм наһаа үчүгэй тыллардаах күпүлүөтү ыыппытын өйдүүбүн: «Сыттык түүтэ… Таптал түүнэ…» диэн курдук.

Билигин көрдөхпүнэ, биир биэрии иһигэр бэйэбитигэр гонорара уонна тэрилтэбитигэр туһата суох элбэх босхо рекламаны ыытар эбиппит: «Царская охота» төһө да бүнүікүл туруорбутун иһин, кырата суох харчыны төлүөхтээҕэ буолуо, «саа тыаһа баар буоллун» диэн өссө спортинг туһунан сюжет устубуппут – эмиэ тустаах федерацияҕа өҥөнү оҥоруу эбит, аны булт этинэн бүлүүдэлэри бэлэмниир рестораны кэпсээбиппит уонна «Байанай» сурунаалы күүскэ билиһиннэрбиппит олох да быһаччы рекламаҕа киирсэр буолуохтаах. Билиҥҥи эбитэ буоллар, бастаан былааннаабыт тыыннаах биэриибит санаата хампаанньа салайааччытын көҥүллүүр – көҥүллээбэт быһаарыытын, онтон реклама-коммерция салаата ол табаардаах тэрилтэбитин кытта торгуйдаһар унньуктаах сэриилэрин нөҥүө ааһан, кылаана кыларыйан, уоҕа-күүрээнэ уостан, муоһа-туйаҕа тостон, бобуллара бобуллан, сотуллара сотуллан сыккырыыр тыына эрэ хаалан экраҥҥа тахсыа эбитэ буолуо. Эбэтэр олох да тахсыа суох этэ. Ол да иһин айар үлэһиттэр бүрүкүрээтийэни тулуйбаппыт быһыылаах. Тыыннаах кыым сөҕүрүйэрин, үлэлиэх баҕабыт ханнан хааларын аһыйабыт.

«Сөрүүн сүөгэй курдук…» Күндэ эппитинии, «сөрүүн сүөгэй курдук…» төрөөбүт төрүт тылым туругуруон, саргыта салаллыан, дьылҕата сырдыан баҕарабын. Мин эрэ буолуо дуо, ордук суверенитет, национальнай оскуола концепцията өйбүтүн-сүрэхпитин өрүкүппүт сүһүөх дьоно омук быһыытынан уратыбыт – ийэ тылбыт туһугар иэспитин сытыытык өйдүүр туруктаахпыт. Ол да иһин Дьокуускай куоракка олорор төрөппүттэр (аІаардас тыаттан көһөн кэлбиттэр эрэ буолбатах) 2000 сыллар саҕаланыыларыгар өрөспүүбүлүкэбит киин куоратыгар сахалыы үөрэтэр оскуолалар, оҕо саадтара элбиэхтэрин баҕаран, бөлөх тэриммиттэрэ. Сорохтор оҕолоро ол саҕана соҕотох саха гимназията баарыгар үрдүк үөрэххэ киирии курдук улахан тургутуу моһолун кыайан ааспакка, нууччалыы тыллаах оскуолаларга үөрэнэн саҕалаан эрэллэрэ, сорохтор оҕолоро оскуолаҕа киирэр саастара сотору туолаары сылдьар этэ. Бу дьону «Кэпсиэҕэ» таһаарбыт биэриим уратылаах этэ. Ол иһин өйдүү сылдьабын.

Биллэн турар, бу саханы барытын таарыйар улуу кыһалҕа туһунан кэпсэтии күүрээннээх буолбута. Көрөөччүлэр бэйэлэрин ыйытыыларынан, этиилэринэн ыалдьыт быһыытынан кэлбит үөрэҕирии министиэристибэтин, Дьокуускай куорат үөрэҕириигэ салаатын үлэһиттэрин отой «көмөн» кэбиспиттэрэ. Мин буоллаҕына биэриим бүтэр болдьоҕо бу кэлэн иһэр, кэпсэтиини хайа да түгэҥҥэ астыктык тохтотон, түмүктүүр кыаҕа суох буолуох курдукпун. АСК диэн устуудьуйабыт үөһэ өттүгэр өстүөкүлэ түннүк нөҥүө олорон биэриилэри эфиргэ таһаарары сүрүннүүр салаа баар. Онно «выпускающий режиссер» диэн эппиэттээх киһилээхпит. Сюжет көстө турар кэмигэр: «Уон чааска түмүктүүр кыахпыттан таҕыстым», – диэн илдьит ыыттым. Ол күн мин биэриилэрбин мэлдьи сөбүлээн, хайҕаан көрөр идэлээх, эмиэ төрөөбүт тылын, култууратын туһугар ууга-уокка киирэргэ бэлэм үтүөкэн киһи, Таатта Баайаҕатын кыыһа Моника Попова «выпускающайдыыр» этэ. Сотору буолан баран, «бырагыраамаҕа баар биир биэриини тохтоттубут, өссө чаас аҥаара кэпсэтэр үһүгүн» диэн илдьит кэллэ. Моникам барахсан туох эмит буолар түгэнигэр уоту бэйэтигэр ылынар курдук, хорсуннук быһаарыммыт этэ. Итинник, быһа эфири үлэһит бэйэтэ быһаарыы ылынан чаас аҥаардыы уһаппыт түгэнэ урукку өттүгэр баара эбитэ дуу? Бука, суоҕа буолуо. Дьиҥэ, тэлэбиидэнньэ үлэтигэр бырагыраама сокуон буоллаҕа дии. Болдьоххор бүппэтэххинэ саҥаран эрэр тылыҥ аҥаарыттан да АСК быһа баттаан кэбиһэр бырааптаах. Оннук буолуохтаах да буоллаҕа. Ол эрээри бу сырыыга сахабыт тылын туһугар бары ол сокуону кэспиппит. Сарсыныгар дириэктэрбит Николай Иннокентьевич да, салайааччыбыт Харлампий Назарович да сэмэлиир биир тылы эппэтэхтэрэ.

«Бастакы Бэрэсидьиэн». Ардыгар киһи хайдах да тумнан ааспат түгэннэрэ баар буолаллар. Холобур, 2007 сыллаахха сэтинньи 13 күнэ оптуорунньукка түбэспитэ, «Кэпсиэ» тахсар күнэ этэ. Кыбаарталлааҕы былааммын оҥоро олорон өйдөөбүтүм, бу күн Михаил Ефимович Николаев 70 сааһын томточчу туолар эбит. Дьиҥэ, улахан дьон үбүлүөйдэригэр Правительство сакааһынан киинэлэр да, биэриилэр да уһуллааччылар. Оннук үлэҕэ салалтаҕа чугас, кини итэҕэлин талаанынан буолбатаҕына, толоругаһынан ылбыт суруналыыс тардыллар.

Михаил Ефимовичка сыһыаннаах мин тугу эмит оҥоруохпун баҕарар этим. Сэтинньи 13 күнүгэр тахсар биэриибэр ытыктыыр киһим туһунан тугу да этэн хаалбатым эмиэ сатаммат курдук этэ. Онон, ити күннээҕи биэриибин Бастакы Бэрэсидьиэммитигэр аныырга санаммытым. Былааммын бигэргэтэллэригэр салалтабыттан (ол саҕана Руслан Васильев кэлбитэ) ким да, тугу да саҥарбатаҕа: бобуохтарын туттуммуттара буолуо, сэргиэхтэрин – итини кинилэр сорудахтаабатах түгэннэрэ этэ.

Биллэн турар, ол күн Бастакы Бэрэсидьиэн олоҕун, үлэтин кэпсиир, аналлаах бөлөх үлэлээбит документальнай киинэтэ экраҥҥа тахсыбыта. Мин биэриим ол киинэни кытта «Сонуннарынан» быысаґан тахсыахтааҕа. Биэриибит үгэс курдук, уулуссаҕа түбэһиэх дьон этиилэриттэн саҕаламмыта. Онно: «Улахан, былыргы устуоруйалаах судаарыстыбалар бэрэсидьиэннэрэ 70-тан үөһэ саастаах дьон буолааччылар. Кыах биэрэллэрэ буоллар, мин Өрөспүүбүлүкэ салайааччытынан билигин да Михаил Ефимовиһы талыам этэ…» – диэн этиилэр кытта дуорайбыттара. Манна диэн эттэххэ, Россияҕа бу кэмҥэ киин былаас регионнар салайааччыларын олохтоохтор бэйэлэрэ быыбардаан талар бырааптарын быһан, баарын туһунан тыйыстык биллэрбит, тыыны-быары ыкпыт кэмэ этэ. Ол киэһэ дьон-сэргэ бэйэтин Бастакы Бэрэсидьиэнин, суверенитет саха олоҕор суолтатын туґунан аһаҕастык уонна истиҥник кэпсэтэллэригэр кыах биэрэ сатаабытым.

«Саха сирэ омуктар харахтарынан». Билигин Дьокуускайга үөрэнэ, үлэлии кэлбит омуктары экраҥҥа таһаарыы сонун буолбатах, ол да үрдүнэн, кинилэр тахсыыларын көрөр мэлдьи сэргэх буолар. Оттон биһиги венгр уола Чоба Месароһы, кытай киһитэ, «Золотой дракон» рестораны бастаан үлэлэппит Федоры, ФЭИ-гэ преподавателлии сылдьар японканы, СГУ устудьуоҥката буолбут кореянканы, канадканы, саха тылын үөрэтэр элбэх оҕолоох немец эр дьонун оҕолорунаан көрдөртөөн барбыппыт бастакы буолан, төһөлөөх кэрэхсэбили үөскэппитин, күлүүнү-үөрүүнү күөдьүппүтүн ійдүүбүн. Чоба самолету – «көтөр аал», биэдэрэни – «солуур», ньуосканы – «хамыйах» диирэ уонна «сахалар бэйэҕит тыллаах эрээри тоҕо ону ситэри туттубаккытый» диэн сэмэлиир этэ. Омуктарбытыттан төттөрү үөрэнэр түгэннэрбит бааллара киһини сөхтөрөр.

Оттон Федор биһиги дойдубут Кытайы кытта «тымныы сэриитин» кэмигэр эдэркээн сылдьан кыраныыссаны туораабыт, Ньурба Маалыкайыгар өр кэмҥэ сыылкаҕа олорбут, онно ыал буолбут, оҕо төрөппүт киһи этэ. Кытайдары тылы сүрдээх ылынымтыа омук диибит да, кини төһө эмит саха тыатыгар, саха дьонун ортотугар саха кэргэннээх олорбут да буоллар, сахалыы да, нууччалыы да олус мөлтөхтүк саҥарара. Ыллыыр уонна хоһоон суруйар дьоҕурдааҕын иһин мин кинини «дойдутун олус суохтууруттан атын тылы ылынан быстыбатах айар талааннаах киһи эбит» дии санаабытым.

Федор икки кыыс оҕолоох. Улахана фортепианоҕа олус үчүгэйдик оонньуур, аҕатынаан кытайдыы ырыаны толорон иһитиннэрбиттэрэ. Кыра кыыс «Виртуозы Якутии» скрипачката этэ, устар кэммитигэр ханна эрэ кэнсиэртии сылдьар буолан кыайан кэлбэтэҕэ, аҕата онтон сүрдээҕин хомойбута. Мин ол киһини өйдөөн хаалбытым өссө биир түгэнтэн: кини Ленин төрөөбүт күнүгэр төрөөбүт күннээх, оттон саха кэргэнэ Мао Цзедун төрөөбүт күнүгэр сааһын бэлиэтиир. Дьэ дьикти дии. Кэргэнэ биэриигэ уһуллубатаҕа.

Саас сезоммутун түмүктүүрбүтүгэр бу дьылга көрдөрбүт ыалдьыттарбытын илдьэ тыаҕа сынньана барааччыбыт, онно Федор ас бөҕөтүн дэлэччи тардан, сыал ытар саатын илдьэ кэлэн биһигини чэччитэргэ үтүөкэн көмө буолан турардаах. Билигин кини Дьокуускайга көстүбэт, быһыыта, тапталлаах уонна ахтылҕаннаах дойдутугар төннүбүт.

Чобаны кэлин экраҥҥа таһааралларын түбэһэн көрдөхпүнэ, бииргэ төрөөбүт суруспун көрбүт тэҥэ буолабын. Миигин кытта аан бастаан билсэригэр кини: «Сунтаарга бара сылдьыахпын баҕарабын. Онно дьиҥнээх сахалар олороллор», – диэбитэ. Хайыай, сахалар тустарынан тахсыбыт бары литэрэтиирэни билсибит киһи буоллаҕа: Серошевскай «Якуты» диэн үлэтигэр дьиҥнээх сахалар ханна хаалбыттарын ыйбыт этэ дии.

Кини биһиэхэ киэһэ хойут уһулла кэлэригэр олус аччыктаабыт этэ, манна аһыыр сир баар дуо диэн ыйыппыта. Киэһэ хантан кэлиэй, буфеппыт хатаммыта ырааттаҕа дии. Быһа эфиргэ кэпсэтэ туран мин истэрбэр наһаа иэйиилээхтик: «Сакалыы ас үчүгээй наһаа. Арыылаах алаадьи үчүгээй. Чөчөгөйдөөх чэй үчүгээй», – диэхтээбитэ. Кини илин эҥээр ханнык эрэ улууһугар ыалга олорон саха тылын үөрэппит этэ, онно ити астары сібүлээбит быһыылаах. Биһиги сарсыныгар дуу, өйүүнүгэр дуу киниэхэ Тарбахов астаабыт алаадьытын кэһии ыыппыппыт. 2015 сыллаахха Санкт-Петербурга сылдьан кинини көрсүбүтүм. Эмиэ кэпсэтэн «Саха санаата» диэн биэриибэр устубутум. Саха тылын олох умнубатах этэ уонна, үөрүөм иһин, ол кэһии алаадьыны өйдүү сылдьар эбит этэ.

«Ураты дьоҕурдаах дьон». Биирдэ Бааһынай ырыынагар сылдьаммын сахалыы харысхал бэлиэлэрин уонна туох эрэ оттору эҥин буруолатан-тараалатан атыылыы турар уһун баттахтаах хара бараан киһини көрбүтүм.

Бу атыыһытым кини остуолугар чугаһаабыт, тугу эрэ саҥарбыт дьону улахан баҕайытык мөҕөр эбит: «Тоҕо баһыыба диигин?! Махтал диэ!» «Тоҕо дорообо диигин?! Ити нууччалыы саҥардыҥ!» Мин испэр күлэ да, сөҕө да санаатым: «Эчии, оттон атыыластыннар эрэ этэ, тоҕо да кинилэр хайдах саҥаралларыгар кыһалынна?» Чугаһаан көрбүтүм, сахалыы сөптөөхтүк саҥарарга (кини санаатыгар) таблицалары оҥортообут, онтун үөрэх пособиетын курдук быаҕа ыйаталаабыт уонна, кырдьык, атыытыгар буолбакка, ордук кинилиин кэпсэтэр дьон тылларыгар иҥнэ, болҕомтотун уура турар эбит. Мин чочумча ону кэтээн көрөн бараммын, хайдах эрэ бу киһини ытыктыах санаам кэллэ: «Көр, саха тылын туһугар көлөһүн-балаһын алла бу кыһалла турдаҕын! Киниэхэ маны гын диэн ким да сорудахтаабатах, бэйэтэ ис санаатыттан ытык иэһин курдук саха тылын соҕотоҕун да буоллар, туругурдарга туруммут!» Аны сир шарын уруһуйдаабыт, онно материктар үүт-үкчү киһи турарын курдук көрдөрүллүбүттэр. Төбөтө – хотугу полюс. Иһигэр – Кытай түбэһэр. Эр киһи ууһатар уоргана – Индия акыйааҥҥа үтэн киирбит тумус арыыта. Илиилээх, атахтаах. Саха сирэ буоллаҕына – бу сир киһи сүрэҕэ эбит!

– Киһи илиитэ-атаҕа суох олоруон сөп. Оттон сүрэҕэ тохтоото да – бүтэр! Онон аан дойду барыта биһиги Сахабыт сирэ чөл буоларыгар кыһаныахтаах. Биһиги Өлүөнэ өрүспүт – сүрэх хорук тымыра. Кини киртийэрэ, сүһүрэрэ, бохсуллара сүрэххэ хаан эргиирин бохсубукка тэҥнээх! – Харатаала ким эрэ кинини утары мөккүһэрин курдук, кыйыттан кэлэ-кэлэ, дорҕоонноохтук саҥарар.

– Бу этэ-саҥара тураргын тэлэбииһэргэ тахсан кэпсиэҥ этэ дуу? – мин өр соҕус тугу эрэ көрдөҕө буолан туран иһиллээн бараммын, атыыһыттан ыйытабын.

– Ээ… Ону ханна?

– Оттон мин ыҥырыахпын сөп ээ, тэлэбииһэргэ.

Итинник Харатааланы кытта билсэн турабын. Кини, Нам Хамаҕаттатыттан кэлэн атыылыыр, ырыынактарга көһө сылдьан турааччыбын, хаһан баҕарар булуоххутун сөп диэбитэ.

Мин хас да ый кини тахсыан сөптөөх биэриитигэр дьүөрэлэһэр кэпсээннэри хомуйдум. Кэбээйиттэн этитиилээх батас туһунан дьикти номохтоох дьон кэлэ сырыттылар, ол батас хаартыскатын аҕалбыттар. Кинилэри (учуутал уонна үөрэнээччилэр этэ) сюжекка уһуллубут. Батас туһунан суруйан, үөрэнээччилэр ханнык эрэ конференцияҕа кыттыбыттар. Бу батас туһуттан элбэх киһи суорума суолламмыт эбит. Аны батаһы батары анньыллан турар тиититтэн сыҕарытан, атын сиргэ уурдахтарына, ол турбут сиригэр төннөн хаалбыт буолар үһү. Дьэ, киһи эрэ итэҕэйиэ суоҕун курдук. Ол эрээри бүтүн дэриэбинэ дьоно ол батаһы дьиэтигэр аҕалбыт күөгэйэр күнүгэр сылдьар учуутал уол тібітүнэн моґуогурбутун, о.д.а. батаһы кытта ситимнээх дьикти түгэннэри мэктиэлиир эбиттэр.

Өссө биир «туохтаахпын эрэ» диир киһи көһүннэ. Санаабар, Харатаалабын сүрүн ыалдьыт гынан ыҥырар, таһаарар кэмим тоҕоосто. Устудьуоннарбын ырыынакка кинини көрдөтө ыыттым. Оҕолор куорат бары ырыынагын кэрийбиттэр, ханна да суох үһү. Дьонтон ыйыппыттарын:

«Оннук киһи баара да, көстүбэтэҕэ ыраатта», – диэбиттэр. Мин киһим олорор сирин эппитин арыычча өйдөөммүн, Нам Хамаҕаттатын дьаһалтатыгар эрийдим. «Оннук киһи баар» диэн буолла. Болдьоммут күҥҥэ Харатаала кэллэ. Ыалдьыппыт өссө бэйэтин кэмигэр Нам училищетын бүтэрбит идэлээх ойууһут эбит. Хас да этитиилээх ойууларын аҕалбыт, таҥаһын-сабын ойуун киэнигэр чугаһатан, оҥостубут. Ити Харатаала бар дьон иннигэр бастакы киэҥник тахсыыта этэ.

Оо, ол кини ойууларын, көрдөрө-көрдөрө, кэпсээбитин кэнниттэн ыҥырыа уйатын тоҕо таппыт курдук буолбата дуо? Билиҥҥи дьон, ыал ис туруктарыгар илдьэ сылдьар, улаханнык саҥарбат кыһалҕалара хантан-туохтан төрүттэммиттэрин, Айыылар, Өбүгэлэр онно туох ыйыыны биэрэллэрин туһунан тус көрүүлэрин ыалдьытым дьиэк киллэрбэттии олус итэҕэтиилээхтик этитэлээн кэбистэ.

Туох кистэлэ кэлиэй, ордук араллааннаах тоҕус уонус сылларга, ийэлэр үөскээбит оҕо олоҕун ис иһигэр эрдэҕинэ быспыт аньыылара элбэх буоллаҕа. Харатаала этэринэн, бу оҕолор хоргуппут куттара үөһэ да, аллара да барбакка, ийэлэрин буолбакка, айбыттарын булан, аҕаларын иһигэр киирэн, кини кутун-сүрүн үрэйээччи буолар эбиттэр. «Өйдөөҥ эрэ, эһиги эрдэргит хаһан, ханнык түгэнтэн иһэр-аһыыр буолбуттарай, куһаҕан дьаллыкка ылларан тосту-туора быһыыланан барбыттарай?!» – ыалдьытым экран нөҥүө сүрэхтэригэр астара түспүт дьахталлары тобулута көрөргө дылы гынар.

– Оттон ол оҥоһуллан хаалбыт аньыы иэстэбилэ хайдах эмит сымнатыллар, көннөрүллэр кыахтаах дуо? – мин өй булан, ыйытабын.

– Мас олордуохтаахтар. Син биир кэрдиллиэхтээх сиртэн – ордук тэлэгирээп ситимин анныгар үүммүт мастартан биэстээх оҕоттон уһуна суох маһы түөрэн аҕалан, түһэттэриллибит оҕо ахсаанынан олордуохтаахтар…

Өскө ол биэрии кэнниттэн Саха сирин үрдүнэн мас олордуута элбээбит буоллаҕына – махталлаах. Ол эрээри… Ол эрээри дииргэ тиийэбин, итинник хайысхаҕа киһи олус сэрэхтээхтик сыһыаннаһыахтаах эбит. Мин ураты дьоҕурдаах дьону кинилэр хас биирдии этиилэрин, көрүүлэрин кытта сөбүлэһэр буоламмын таһаартыыр буолбатах этим. «Бу курдук санаалаах, дьоҕурдаах дьон эмиэ баар. Кинилэр санааларын биһиги истэр, оттон кинилэр бэйэлэрин көрүүлэрин кэпсиир бырааптаахтар», – диэн этэрим. Онтум баара, суруналыыс бэйэтэ да билбэтинэн, киэҥник иһитиннэрии тэрилин нөҥүө өйдөрө-санаалара бөҕөргүү илик дьон кутугар-сүрүгэр сыыһа өйдөбүл олохсуйарыгар күүскэ көмөлөһөн кэбиһиэн сөп эбит. Итэҕэлбит биир сүрүҥҥэ киирэ илик кэмэ буолан, Харатаала да, атын да итинник дьарыктаах дьон, айылҕалара хайдах этэринэн дьайаллар. Ону дьон олус кэбэҕэстик ылынар, эмиэ итэҕэлин сүнньүн билбэт буолан. Холобур, мин ити ыҥырыылаах ыалдьытым кэнники өссө сайдан, «соргу» диэн саха дьоллоох тылын, өйдөбүлүн туттуллууттан таһаара сыста. Аны били батас туһунан кэпсээни биһиэхэ аҕаларга сыһыаннаах киһи кыс-хаар ортото дьиэтэ умайан, күл-көмөр үрдүгэр туран хаалбытын туһунан сурах кэлбитэ (төһө дьиҥнээҕин билбэтим).

Ол иһин мин итэҕэлбит биир сүрүҥҥэ киириэн, халбаҥнаабат тирэҕин булуон баҕарабын. Ол туһуттан айылҕалаах дьоммут иллээх түһүлгэни төрүттээн, сүбэлэрин холбоон, норуоттарын туһугар дьоллоох-соргулаах суолу арыйар ытык үөрэҕи айыахтарын, сиэри-туому бигэргэтиэхтэрин баҕарабын.

«Саха үлэһит омук дуо?». Урут, сэбиэскэй саҕана, хаһыакка, араадьыйаҕа, тэлэбииһэргэ инники күөҥҥэ үлэһит киһи тутуллара. Ол суруналыыстартан буолбатах, ордук үөһэттэн ирдэбил, хайысха баарыттан тутулуктаах эбит. Сэбиэскэй кэм, хайдаҕын да иһин, «үлэһит киһи былааһа» диэн этэ, онтун да быһыытынан чэрдээх илиилээх киһини уруйдууру-айхаллыыры ирдиирэ. 90-с сылларга, мин суруналыыстыка аартыгар саҥа үктэнэр кэммэр, үлэһит киһи мэтириэтин айар олус уустук буолбута. Тоҕо диэтэххэ, дойду олоҕо айгыраан, үлүскэннээх үлэ-хамнас мэлийбитэ, үлэһит киһи ханна эрэ ситиһиилэнэрэ, ол туһунан кэпсиэн-көрдөрүөн баҕарар санаата үөдүйэрэ отой суох буолбут кэмэ этэ. Онон, кэпсиир-көрдөрөр тэрилтэлэр үлэлэрин сүрүн ис хоһоонугар төрүт култуура, спорт, искусство, социальнай кыһалҕалар тоҕо анньан киирбиттэрэ уонна хойукка диэри иһитиннэрии кураанахсыйбыт салгынын аІаардастыы толорбуттара.

Мин итини суруналыыстыка итэҕэһин курдук саныырым уонна Сунтаарга да үлэлии сылдьан, Дьокуускайга даҕаны, үлэһит киһини дьоруой гынан таһаарар түгэн тосхойдоҕуна, олус үөрэрим. Ол эрээри оннук түгэн биирдэ эмит тосхойоро. Дьэ ити мин испэр иитийэхтии сылдьыбыт санаабын уот харахха этэр киһи көстүбүтэ! Арай мобильникпар билбэт нүөмэрбиттэн эрийдилэр. Тоҕо эрэ ыллым. Сунтаардыы «ыллыыр» саҥа иһиллэр:

– Ити суруналыыстар эһиги мэлдьи ырыаны-тойугу, ыһыаҕы, ол-бу күрэхтэһиини көрдөрөн тахсаҕыт дии. Оттон саха үлэлии турарын тоҕо биирдэ да көрдөрбөккүтүй?

– Оттон ыйан биэр ээ, ханна баалларый, үлэлии турар сахалар? – кистээбэккэ эттэххэ, «дьэ эмиэ биир куолуһут көһүннэ» дии санаабытым.

– Ону этээрибин эрийэбин дии. Нүөмэргин нэһиилэ буллум. Мин саха эдэр уолаттарын тутууга үлэлэтэбин. Биһиги ыччаппыт ханнык да омуктан итэҕэһэ суох, өссө ордук үлэлиир кыахтаах…

Ити тутааччы-предприниматель Уйбаан Александров этэ. Мин биэриим былааныгар сотору кэминэн иллэҥ миэстэ суох.

– Чэ, ый курдугынан эрийээриҥ эрэ, иккис кыбаартал былааныгар туруоруоҕум, – диэтим.

Ол курдук сайын саҕаланыыта саха тутааччыларын эйгэлэригэр киирэн, кинилэр кырата суох кыһалҕаларын, ону тэҥэ кырата суох ситиһиилэрин туһунан «Кэпсиэҕэ» кэпсиир, көрдөрөр кыахтаммытым. Таас тутууларга кэлии дьон үлэлииллэрин бары көрө-истэ сылдьабыт. Буолуохтааҕын да курдук ылынабыт. Ол гынан баран, саха тутааччылара даҕаны бу эйгэҕэ төһө баҕарар үлэлиир кыахтаммыттарыгар мин итэҕэйбитим. Арай кинилэри түбүгэ элбэх эрээри харчыта аҕыйах үлэлэргэ үтүрүйбэттэрэ, «түҥнэри аукционнар» түмүктэринэн, үптээх-харчылаах тутуулартан матарбаттара эбитэ буоллар…

Быһа эфиргэ тахсарбытыгар тутуу министерствотыттан киһи кэлэрин туруорса сатаабытым. Сахалыы сатаан саҥарар киһи суоҕунан элбэхтик «футболлаһан» баран, Ильин диэн киһини сорудахтаабыттара кэлиэх буолан баран, тоҕо эрэ кэлбэтэҕэ. Сюжеттарым олус үчүгэйдик оҥоһуллубуттара: эдэркээн саха уолаттара, дьээбэлээхтик кэпсэтэ-кэпсэтэ, көхтөөх баҕайытык мас дьиэни тута сылдьаллар. «Сирдээхпит буоллар, наһаа үчүгэй коттедж туттан бараммыт кэргэн ылыа этибит», – диэн сырдык ыралаахтар.

Иккис сюжетым «Сахалар – таас тутууга» диэн этэ. Куорат тутууларын кэрийэ сылдьан устубуппут, хас да саха тутааччыларын биригээдэлэригэр түбэспиппит. Тутааччылар, быһыыта, сынньалаҥҥа олоро түһэр кэмнэригэр ону-маны кэпсэтэр буолан, тыллара сытыыламмыт, сөптөөхтүк ыйаммыт соҕус дьон эбит дии санаабытым. Ханнык баҕарар ыйытыыга саҥата суох хаалбаттар, дьээбэлээх-хооболоох да эбиттэр этэ. «Ленскэй ууга барбытыгар саҥа дьиэ бөҕөтүн туппуппут дии, быйыл Ытык Күөл ууга барбытыгар тоҕо ким да айдаарбатый, тоҕо элбэх тутуу онно ыытыллыбатый?» – диэн бэйэбин доппуруостаан ыксаппыттара. «Таас тутууга киһи ылбычча сатаабат, мындыр буолууну эрэйэр үлэ тоҕо эрэ бүтэһигэр биһиэхэ эргийэн кэлбит буолар дии. Холобур, остуолбалары туруору ууран таһаарар үлэ. Оттон тэлгэтии эҥин курдук судургу үлэ кэлиилэргэ тиксэр дии. Тоҕо?» Мин ити ыйытыыларга кыайан хоруйдаабаппын билэллэр уонна соруйан итинник ыйытан тургутан көрөн баран, бэйэлэрэ быһааран киирэн бараллар.

Ити кэмҥэ мин саҥа дьиэбэр көһөн олорор этим. Биир сарсыарда эрдэ баҕайы тастан кэлэн балкоммун оҥорон тиҥийэн-таҥыйан барбыттарыттан уһуктан кэллим. Балкоммуттан сахалыы саҥа иһиллэр, туттуу-хаптыы, тыас-уус бөҕө. Салгыы төрдүс этээскэ тахсыбыттарын көрбүтүм уонна Александров «балконнары оҥорууга саха уолаттара ылсан сылдьаллар» диэбитин өйдөөн кэлбитим. Тутууга үлэ итинник үллэһиллэр эбитин урут хантан билиэмий?

Мин итини тоҕо кэпсиибиний? Ханнык баҕарар суруналыыс түбэһэ түһэн суруйбут, көрдөрбүт дьоруойдардаах. Ханнык эрэ тэрилтэ кыһалҕаларын сырдаппыт, ис иһигэр киирэн кинилэр үлэлэрин ымпыгын-чымпыгын да үөрэппитэ элбэх буолар.

Мин итини «Кэпсиэ» кэнниттэн дьоруойум олоҕо саҥа таһымҥа тахсыбытын иһин суруйабын. Арай Уйбаан: «Мин олоҕум, дьиҥэ, олус ураты ээ. Толору кэпсиир, суруйар буоллар, элбэх ыччакка үөрэх да буолуо этэ. Оҕо сылдьан үчүгэй үөрэнээччи буолбатах этим. Атаҕа суох аҕабар көмөлөһөн тыа киһитин хара үлэтигэр күүскэ эриллэн улааппытым. Ол кэммин ат сүүрдээччи оҕо буола сылдьыбытым сүрдээҕин киэргэппитэ. Саха атыгар тапталбын хайдах этиэхпин, кэпсиэхпин билбэппин. Саҥа киһи-хара буолан иһэммин, биир түгэнтэн тэһииркээн дьэллик баран бырадьаагалыы да сылдьыбытым. Тоҕо эрэ култуурунай-сырдатар училищеҕа киирэн, кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрбитим. Арыгыны да амсайбытым. Онтон сылгыга өр умсугуйан үлэлээбитим. «Элгээйи» сопхуос ыһыллан, үллэстии буолбутугар санаам түспүтэ аҕай. Онтон хас да буолан күүспүтүн түмэн, коммерция суолунан дөбөҥнүк барбыт, Москваҕа кытта маҕаһыыннана сылдьыбыт кэмнээх этибит. Массыына сүүрдэн аҕалыынан эмиэ дьарыктана сылдьыбытым. Ол тухары барыта мүччүргэннээх сырыы, биир уол оҕо ханна төрөөн өлбөтөҕөй, биир сымыыт ханна сытыйбатаҕай, диэх курдук. Кэнники бу куоракка кэлиэхпиттэн мас тутуунан дьарыктанан бардым, санаам наһаа сытар үлэтэ буолан, дьоллоох курдук сананабын… Эн итини кэпсээтэхпинэ суруйуоҥ суоҕа дуо?» – диэн олох миэхэ эриллэн хаалла.

– Айыкка! Бэйэм да санааларбын, иэйиилэрбин тиһэр солом суох. Ол эн хаста милииссийэҕэ түбэспиккин суруйарбар кинилэр погоннарыттан саҕалаан хаайыы иһэ хайдах буоларыгар тиийэ билиэхтээхпин. Оччоҕо эрэ итэҕэтиилээх айымньы тахсар. Үлэтэ бэрт дии!

– Оттон мин барытын кэпсиэм ээ…

– Ээ, оттон ону бэйэҥ суруйдаххына хайдаҕый?

Киһиэхэ «кыра да наада» диэн этии дириҥ ис хоһоонноох. Ардыгар биир этиинэн өй-санаа уган биэрии, киһи бэйэтигэр эрэлин уһугуннарыы олох саҥа долгуна түллэн сайдарыгар олугу уурар. Сотору буолбатаҕа, Уйбаан Александров «Дьолгун туораттан көрдөөмө» диэн сэһэн дуу, арамаан дуу саҕаланыытын суруйбут тэтэрээтин туппутунан миэхэ кэлбитэ. Хайдах да кылгас кэпсээн буолбатах, 50-с сыллардаахха төрөөн, саҥа үйэҕэ үктэнэригэр олох бары кэрдиистэрин ааспыт саха эр киһитин олоҕо түөрэ ойууланыахтаах улахан жанрга ылсыы киэбэ бэлиэтэммит этэ. Биллэн турар, грамматикатыгар да, тылы туттууга да улахан эрэдээксийэни эрэйэр үлэ этэ эрээри, кэпсээн ис хоһооно уонна санааны этэр истиилэ кэрэхсэбиллээхтэринэн, киһини умсугутар айымньы тахсыах кэриҥнээҕэ.

– Бу эн илиигинэн суруйбуккун ким эрэдээксийэлээн ньаҕайдыы олоруой. Суруйуом диэн санааҕын уурбут буоллаххына, компьютерга бэчээттииргэ үөрэннэххинэ табыллар… – диэбитим.

Суруйааччым олох сотору ноутбук кыбынан кэллэ, хайыы-үйэҕэ бэчээттииргэ үөрэммит. Ол ноутбугун үрдүгэр айымньы хас да баһын эрэдээксийэлээн биэрдим. «Мантым кинигэ буолан тахсыан баҕарабын. Өссө мас тутуу туһунан эмиэ кинигэ бэлэмниэхпин баҕарабын…» «Сурунаалларга илдьэн көрдөрүөххүн, баҕар, бэчээттиэхтэрэ», – диибин. Салгыы дьоруойум бэйэтэ суолун солонон, хаһыаттарга, сурунаалларга ыстатыйалары уонна айымньытыттан эмиэ бэчээттэтэн барда. Айымньыта бастаан тахсарыгар мин киирии тыл суруйбутум.

Ыстатыйаларыгар тутуу эйгэтигэр баар быһыыны-майгыны сымната сатаабакка, хайдах баарынан суруйар, ол иһин бастаан сонурҕаан бэчээттээн иһэн, сахалыы судаарыстыбаннай биир хаһыаттаахпыт кинини таһаарбат буолбута. «Ким эрэ бэчээттиирин – бэчээттээбэтин кэтиир эрэйэ бэрт эбит. Кырдьык, ити санааларбынан кинигэ таһаарыыһыбын», – диэн этиилээх аны кэллэ. «Кинигэ бэлэмниир унньуктаах үлэ уонна ол биир таһаарыынан бүтэр. Санааларыҥ сырыы ахсын эбиллэн иһэллэрин быһыытынан, сурунаал ордук буолуо», – диэтим. Ити саҕана ылсыбытын хайаан да толороругар эрэнэр буолбут кэмим.

Мин Сунтаарга компьютерга таҥыллар бастакы хаһыаты кылаабынай редактордаан таһаара сылдьыбытым. Онно саҕалыырбытыгар хаһыат үлэһиттэрэ: «Бэчээт суруналыыстыката диэн тэлэбииһэргэ саҥара олорор буолбатах», – диэн мин кыайыа суохпун быһа этэр бадахтаан элбэхтик саҥарбыттара. Ол эрээри «Сунтаар сулуһа» хаһыаппыт олус тахсыылаах буолбута, бар дьоҥҥо бэркэ сэргэппитэ, оттон миэхэ үлэ сүҥкэн үөрүйэҕин уонна үөрүүтүн бэлэхтээбитэ. Билигин да хаһыат, бэчээт үлэтин санаам кыайа-хото тутар. Онон Уйбаан Александровка «Тиэргэн» диэн сурунаала тахсарыгар күүс-көмө буолбутум. Сирэйигэр «Дьиэлээх киһи – дьоллоох киһи» диэн этиини кынаттыыр тыл – девиз курдук суруйбуппут. Тутуу үлэтигэр сыһыаннаах рубрикалары толкуйдаспытым.

Ханнык баҕарар сурунаалы хаартыска тыыннаах оҥорор. Үлэ-хамнас туһунан сурунаал – килэбэчигэс тастаах сурунааллартан уратыта биллэр. Манна уотунан-күөһүнэн киэргэтэн устар, кэрэ көстүүнү айар аналлаах фотограф буолбакка (кыах баар буоллаҕына, оннук киһи баара үчүгэй бөҕө этэ), үлэ ис хоһоонун билэр, ону ымпыктаан-чымпыктаан сатаан түһэрэр фотограф үлэлиэхтээх. Александров сурунаалыгар бэйэтэ фотографтыырыгар тиийбитэ. Кэнники үчүгэй хаартыскалары таһаарар буолбут.

Бу сурунаал тахсыыта мин базальт собуотун дириэктэрэ, Ил Түмэн дьокутаата, тыйыс тымныылаах дойдуга сылаас дьиэ тутуутун туругурда сылдьыбыт Егор Петрович Жирковка үлэни-хамнаһы сырдатар сурунаалланыаххытын сөп диэн этии киллэрэрбэр төрүөт буолбута. «Сылаас дьиэ» сурунаалы бэйэм редактордаан таһаарбытым, баҕам хоту саха үлэһит омук буоларын бигэргэтэр үтүө дьыалаҕа кыттыспытым. «Тиэргэн» даҕаны, «Сылаас дьиэ» даҕаны тутуу эйгэтигэр биллэр, бар дьоҥҥо туһалаахтарынан биһирэнэр, ситими быспакка бэчээт ырыынагар тахса турар сурунааллар буола сылдьыбыттара. «Тиэргэн» тохтуу-тохтуу билигин да тахсар.

2013 сыллаах сайын Ил Түмэн дьокутааттарын быыбарыгар Уйбаан Александров Сунтаардааҕы биир мандааттаах уокуруктан дьокутаакка хандьыдаат быһыытынан туран, миигин өссө төгүл соһуппута. Итинник дьон бэлиитикэҕэ чугаһыыллара сөп, хайаан да бэйэлэрэ дьокутаат эбэтэр чунуобунньук буолан барбаталлар, ол дьон эйгэлэригэр киирэн, санааларын, толкуйдарын тиэрдэр кыахтаналлара биһиги олохпут салаллыытыгар үчүгэйтэн атыны аҕалбатыгар эрэнэбин. Билигин кини күтүөт буолан олорор Намыгар уонна төрөөбүт-үөскээбит Элгээйитигэр оҕуруот аһын үүннэрэр бөдөҥ хаһаайыстыбалары салайар, үлэ холобурун, үлэ умсулҕанын үүнэр ыччакка иҥэрэр, сатабылын тиэрдэр сурунаалы, кинигэни бэйэтэ көрөн-истэн таһаарар. Кини онтон да атын былаана элбэх: ат сүүрдээччи уол туһунан киинэ уһуллуута, саха сылгытын туһунан сокуону байытыы, «Дьолгун туораттан көрдөөмө» арамааны бүтэрии…

«Күлүк өҥө». «Дьолу туораттан көрдүүр» дьон бааллар ээ. Биһиги бастакы биэриилэрбититтэн биирдэстэрэ дьол туһунан өйдөбүлгэ анаммыта. Дьон үксэ дьол туһунан туох санаалааҕа биллэр. Ол иһин дьон санаатын ыйыталаһа (опрос) барар эдэр доҕотторбор (ол күн миэхэ Марианна Тарасова көмөлөспүтүн чопчу өйдүүбүн): «Туймаада» маҕаһыын таһыгар наһаа элбэх саха буомжалара сылдьаллар. Олортон кытаатан ыйыта сатааҥ эрэ. Бука, дьол туһунан атыны ол дьон этиэхтэрэ…» – диэбитим. Дьэ доҕоор, сирэйэ-хараҕа буорайбыт биир киһи эдэр кыыс ыйытыытыгар: «Биэс солкуобайда аҕал эрэ. Оччоҕо мин дьоллонуом…» – диэбит. Ол киһибитин туох да киэргэтиитэ суох хайдах баарынан биэриибитигэр киллэрбиппит.

Ити кэнниттэн мин хаста да ол олох күлүк өттүгэр сылдьааччылары биэриим далыгар киллэрэн, көрдөрбүтүм. Кинилэр бэйэлэрин тустарынан эрэйдээх-буруйдаах кэпсээннэрэ, олохторугар билбит бары иэдээннэрэ дириҥник «бэчээттэнэн» хаалбыт сирэйдэрэ мин өйбөр-санаабар билигин да дөрүн-дөрүн күөрэйэн кэлэллэр. Биир «оҕобун ыраахтан уоран көрөөччүбүн, киниэхэ ийэҥ өлбүтэ диэн эппиттэрэ», – диир дьахтар баара; биир английскай тыл учуутала, кыбартыыраны кытта ситимнээх аферистарга түбэһэн үс хостоох таас дьиэтиттэн уулуссаҕа үүрүллүбүт дьахтар баара; биир сахата да – омуга да, тыллааҕа да – тыла суоҕа да, өйдөөҕө да – өйө суоҕа да биллибэт, саҥа таһааран иһитиннэрбэккэ ньимийэн баран сылдьар эмээхсин баара…

Биир эдэрчи киһи мин кэпсээбэтэхпинэ ким кэпсиэй диэбиттии оҥостон олорон «тыаҕа үлэ суох, үлэ баара буоллар, бачча элбэх киһи маннык сылдьыа суох этэ» диэн ис хоһоонноон чобуо баҕайытык тыл эппитэ, ыйытыыларбытыгар хоруйдаабыта. Арай ол интервьюну көрдөрбүппүт сарсыныгар дьэллик сылдьааччылар быстах хонон ааһар дьиэлэрин дириэктэрэ эрийэр:

– Көр, били эһиэхэ кэпсээбит киһибитин милииссийэлэр кэлэн тутан бардылар. Икки сыл көрдөбүлгэ сылдьыбыт киһи эбит. Улахан уорууга кыттыгастаах үһү…

– Оо, – диибин, – милииссийэлэр эмиэ тэлэбииһэр көрөллөр эбит дуу? Оттон ол уорбутуттан тугу да иҥэриммитэ көстүбэт этэ дии…

– Оннук ээ. Киһи буруйу оҥорбутугар хоруйдуохтаах эрээри, хайдах эрэ бэйэм хоноһом буолан дуу, аһына санаатым ээ, – дириэктэр, үкчү мин ол түгэҥҥэ тугу саныы турарбын бигэргэппиттии, этэр.

Оннук буолар ээ. Хайдах эрэ эн биэриигэр ыалдьыттаан ааспыт киһи хайаан да үчүгэй буолуон баҕараҕын. Туохха эмэ түбэспит сураҕа иһилиннэҕинэ, курутуйа саныыгын…

«Ньургуһун ыһыаҕа». Тэлэбиидэнньэ уонна араадьыйа дьиэтэ урут төһө да үс эрэ этээстэннэр, быттыга-хонноҕо ордук элбэх, ылбычча киһи муммакка, мунаарбакка санаабыт сиригэр тиийбэт дьиэтэ этэ. Биһигини, «кэпсиэлэри», араадьыйа дьиэтигэр туоруур холлоҕоһу, «кыһыҥҥы саады» ааһа баран, уһуннук түһэн-тахсан тиийэр ыраах баҕайы түгэх хоско олохтообуттара. Омос санаатахха, «атах-бытах» үлэһит оннук хоспоххо тиксиэхтээх курдук. «Куһаҕаннык санаабат инигит? Бу урукку телерадиокомитет эрдэхпитинэ муҥутуур тойоммут-хотуммут олорон ааспыт кэбиниэттэрэ этэ. Улаханнык толлон, бэйэ бодобутун тардынан киирэр хоспут этэ», – диэбитэ Николай Иннокентьевич. Ол эрээри ити кэбиниэппит миэхэ олус табыгастаах хос буолбутун бэлиэтиэхтээхпин.

«Кэпсиэ» экраҥҥа тахсан, көрөөччүгэ биһирэтэн истэҕин аайы, миигин кытта билсиэхтэрин, тугу эмэ кэпсиэхтэрин баҕалаахтар олус элбээн барбыттара. Хас биирдиилэрин кытта кэпсэттэхпинэ, миэхэ үлэлиирбэр чаас да хаалыа суох курдук этэ. Ити, бастакы көрүүгэ, оннук улахан моһуок буолбатах курдук эрээри, үлэһит киһиэхэ син биир иһэ истээх кыһалҕа буолар. Ол кыһалҕаттан биһиги хоспутугар тиийэр суол мунааҕа быыһаабыт эбит. Дьон ыйдара-ыйдара кэлэн иһэн син биир булбакка, төннөн хаалбыт түгэннэрэ элбэҕин кэнники хас да оннук кэпсээннээх дьоҥҥо «тутулламмын» билэбин. Кэбиниэппит оннук чиэски сиргэ турарынан туһанан, ардыгар мин онно хоно хаалааччыбын… Ол саҕана дьиэм диэн «Холбос» уопсайын биир хоһо, онно кыргыттарбын кытта үһүөн олоробут, утуйарбытыгар кыараҕаспыт. Мин «Күөх ньургуһун» сэһэммин оннук, үлэбэр утуйа сылдьан суруйан бүтэрбитим. Олус солото суох буолан, дьиэм суоҕуттан улаханнык санаарҕаабакка да ол кэми аһарбыт эбиппин. Хайдах эрэ күлүүлээх-оонньуулаах, мүччүргэннээх түгэҥҥэ түбэһэн сылдьардыы, күүрээннээхтик уонна үөрэ-көтө олорбутум.

Саас этэ. Ньургуһун туһунан биэрии бэлэмниибин. Ырыаһыт, хоһоонньут ыалдьыттардаахпын, «Хара сир устун…» ырыа ааптардарын кытта мырааҥҥа уһуллубут сюжеттаахпын, устуудьуйаҕа остуолбар биир иһиккэ араҕас ньургуһун дьөрбөтө, биир иһиккэ Сунтаартан сөмөлүөтүнэн кэлиэхтээх күөх ньургуһун дьөрбөтө туруохтаахтар. Барыта бэлэм курдук да, туох эрэ сиппэтэҕин сүрэҕим таайар: ньургуһун туһунан өссө туох эрэ дьикти, ураты кэпсээн баар буолуохтаах… Дьэ оннук сиппэтэх санаалаах олордохпуна, ааны тоҥсуйдулар. Тыый, ким булан кэллэҕэй? Арай биир эдэр дьахтар киирэн кэллэ: «Уо, дьэ буллум ээ! Эрэйинэн киһи булан кэлэр сиригэр олорор эбиккит… Көр, быйыл мырааҥҥа хаһааҥҥытааҕар да элбэх ньургуһун үүммүт. Дьонум Хатыҥ Үрэххэ олороллор: ийэм сааһыран баран холбоспут кэргэниниин. Ол кэргэнэ уус идэлээх. Ньургуһун маннык хойуутук үүммүтүн бэлиэтээн ыалларын ыҥыран «Ньургуһун ыһыаҕа» диэни тэрийэн ыыттылар…»

– Эн эрэ миэхэ итэҕэс этиҥ…

– ???

– Эн курдук киһини кэтэһэн олорбутум ээ, – күлэбин.

Итини тоҕо суруйарым буолла? Хайдах эрэ өйбөр хаа-

лан хаалбыт: хоспут, ньургуһун, соһуччу киирэн кэлбит эдэр дьахтар уонна Хатыҥ Үрэх мыраанын бүрүйэ үүммүт араҕас ньургуһун тыалтан долгуҥнаан ылар намчы көбүөрэ, сааһыран иһэн дьоллорун булбут эр киһилээх дьахтар олоҕу уруйдаан ыспыт ураты ыһыахтара…

«Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн». Айар талаан диэн айымньыны эрэ айар күүс буолбатах. Олоххо көрсөр атын да түгэннэргэ ол ис кыаххар угуллубут күүскүн уһугуннарарга, туттарга тиийэр түгэннэриҥ баар буолаллар.

Биирдэ миэхэ тиис оҥорооччулар кэллилэр. Кинилэр тыа улууһуттан куоракка саҥардыы кэлбиттэр, ол да буоллар син кэбиниэт тэринэн, үлэлээн эрэр эбиттэр. Тиис оҥорорго саҥа, Америкаҕа оҥоһуллубут матырыйаалы туттар буолан эрэллэрин, ону дьоҥҥо кэпсээн көрдөрүөхтэрин баҕаралларын эттилэр. Мин тоҕо эрэ бу дьоҥҥо көмөлөһүөхпүн баҕардым. Быһаччы стоматология туһунан кэпсээтэхпитинэ, биллэн турар, «реклама» диэн бохсуллабыт. Саҥа атаҕар тура сатыыр тэрилтэ кырата суох харчыны төлүүрүгэр тиийэр. Мин буоллаҕына көмөлөһүөхпүн баҕарбытым диэтим дии.

Толкуйдуубун. Тиис. Тиис быһаччы толорор туһатыттан ураты, киһи сэбэрэтин киэргэтэр аналлаах. Үчүгэй тиистээх киһи мичээрдээн сандаарыс гынарыттан ордук кэрэ көстүү туох баар үһү, бу олоххо? Оччоҕо тиис мичээри кытта биир ситим өйдөбүл буолар. Аны мичээри, стоматологияны уонна биһиги биэриибитин ситимниир тугу эрэ булан, айан таһаарбыт киһи… Сахаҕа мичээр туһунан киэҥник биллэр туох эмит этии дуу, ырыа-хоһоон дуу баар буолуохтаах. Кэбиниэппит түннүгүнэн өҥөйөн турар хатыҥнар саһарбыт сэбирдэхтэрэ мэник тыал таарыйбытыгар күн уотугар оонньоон күлүмүрдэһэн ыллылар… Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн! Бу сырыыга уулуссаҕа ыйытыыларбытыгар дьону доппуруостаабат эбиппит: бу сырыыга мин устудьуоннарым кинилэри мичээрдээн көрдөрөллөрүгэр көрдөһөр эбиттэр! Биэрии саҕаланыытыгар «Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн!» диэн күрэх оҥорор эбиппит. Ол күрэххэ уһуллубут дьоммутун биэрии ортотугар өссө биирдэ хатылаан көрдөрөбүт уонна түмүккэ саамай истиҥ, кэрэ мичээрдээх киһини быһаарабыт уонна бирииһин – тииһи эмтэтэргэ толуон бэлэхтиибит.

Итинник мичээр күрэҕин идиэйэтэ үөскээн, стоматологиябытын ол быыһыгар «кистээн» олус табыллыбыт биэриини бэлэмнээн турабыт. «Кэпсиэҕэ» ыалдьыттаабыт дьоммун эбэтэр ханнык эрэ биэрии үөскээбит төрүөтүн ардыгар итинник биир-биир ис сүрэхпиттэн истиҥник ахтан-санаан кэлэбин… Ардыгар, кырдьык да, «Когда б вы знали, из какого сора Растут стихи, не ведая стыда…» диэн тыллардаах Анна Ахматова хоһоонун бигэргэтэр курдук буоларбыт. Арай «стихи» оннугар «передачи» диэхпит эбитэ буолуо.

«Кэпсиэ» сырдаппыт элбиих-элбэх хайысхаларыттан ахтылҕан курдук кылгастык санатан аһардахха, итинник.

7. ОҔОЛОРДУУН КЭПСЭТИИ – УУСТУК СОРУК

Киһи «тылын сүөрэргэ», «хоммут уоһун хоҥнорорго» биир эрэллээх албаһынан кини оҕо сааһын туһунан, оҕо сылдьан ханнык оонньуулары оонньообутун, ким буолуон баҕарбытын туһунан ыйытыы буолар. Дьэ, бу ыйытыыны биэрдэххэ, ыалдьыт киниэхэ туһаайыллыбыт камералары умнар, долгуйбута ааһарга дылы буолар. Элбэх киһини кытта кэпсэтэн ааспыт буоламмын, киһи оҕо сылдьан кырдьык, улааттаҕына ким буолуохтааҕын оонньуур эбит дуу, диэн түмүккэ кэлэн сылдьабын. Холобур, Ил Түмэн хас да төгүллээх дьокутаата, Судаарыстыбаннай Мунньах солбуйааччы бэрэссэдээтэлэ буола сылдьыбыт норуот суруйааччыта Андрей Кривошапкин оҕо сылдьан өрүс таастарын дьон оҥортоон, кэккэлэччи олордуталаан, мэлдьи «мунньахтатан» тахсар эбит. Артыыс аналламмыт дьон үксүгэр таҥас быыґы сцена быыґа оҥостон, онтуларын аһар-сабар эбиттэр, соҕотоҕун да сылдьан өйдөрүгэр баар «көрөөччүлэригэр» анаан ыллыыр-туойар эбиттэр. Биир медик ыалдьытым уулаах испирииһинэн куукуланы укуоллуу сатаан баран, сыттыгы киһи этигэр маарыннатан «укуоллаан» ийэтиттэн мөҕүллэрин кэпсээн күллэрбитэ.

«Опрос» рубрикабытыгар оҕолору соруйан саҥарда сатыыр этибит. Дьэ, кинилэр киһи үөйбэтэх тылларынан биэриини сэргэхсиппит түгэннэрэ элбэх. Холобур, «Ханнык ырыаны уонна ырыаһыты сөбүлүүгүн?» диэн ыйытыыны көмөлөһөөччүлэрим оскуолаларыттан дьиэлээн иһэр хороччу улаатан эрэр уолаттар бөлөхтөрүн тохтотон биэрбиттэр этэ. Оҕолор биллэн турар, Джида ырыаларын сөбүлүүллэрин туһунан эппиттэр. Онтон: «Бэйэҕит ыллааччыгыт дуо? Биир эмэ ырыата ыллаан иһитиннэриҥ эрэ…» – диэн буолбут. Биир ордук сытыы уол: «Бэйэм кыайан ыллаабаппын. Оол Баххан сатаан ыллыыр. Баххан, кэл, кэл! Тэлэбииһэргэ ыллаан биэр!» диэн ханна эрэ, камера кэннигэр сылдьар уолу илиитинэн далбаатаан ыҥыра сатыыр. Баххан буоллаҕына кэмчиэрийэн объектив иннигэр көстүөҕүн олох баҕарбата. Били уол: «Ыллаарыый доо, эн?! Ханна наадата суохха ыллаа да ыллаа буолуоҕуҥ, оттон ханна наадалаахха ыллаабаккын!» – диэн кырдьык да ис сүрэҕиттэн кыһыйан, уоһа чорбойо-чорбойо атаһын ааттаһа, дьаҕырыйа турбута билигин да харахпар бу баар. Ити түгэни биһиги хайдах баарынан быспакка эрээри эфиргэ ыыппыппыт. Мин устуудьуйаҕа олорон тыһыынчанан саха дьоно ол оҕолор саҥаларыттан тэбис-тэҥҥэ күлэн саһыгырыы түспүттэрин илэ көрөргө дылы гыммытым.

Кириэс Халдьаайы оскуолата 100 сылын туолуутугар «Кэпсиэ» аналлаах биэриитэ тахсыбыта. Кэлэр-барар ороскуоппутун оскуола бэйэтэ уйунан, саҥа сири, саҥа дьону көрөр дьолломмутум. Онно, дьээбэҕэ, маҥнайгы кылаас оҕолоро дойдуларын туһунан тугу этиэхтэрин сөп эбитий, диэн санааттан: «Оҕолоор, Кириэс Халдьаайыга саамай үчүгэй туох баарый?» – диэн ыйыппытым. Оҕолор былдьасыһа-былдьасыһа: «Маҕаһыын! Кулууп! Оскуола! Детсад!» диэбиттэрэ. Арай биир оҕо: «Дьоруой!» – диэбитэ миигин олус астыннарбыта. Кырдьык, оскуола Герой-снайпер Федор Охлопков аатын сүгэр. Дьоруой пааматынньыга оҕолору оскуола тэлгэһэтигэр уруйдуу көрсөр. Дьоруой бастаан олорбут дьиэтэ музей буолан турар. Саҥа дьиэтэ бөһүөлэк ортотугар турар. Кини уон оҕолоруттан удьуор-утум дьон «дьоруойдар» диэн ааттаналлар. Онон «дьоруой» диэн, киһи күн аайы туттубат тыла манна уостан түспэт эбит уонна, биллэн турар, ити «дьоруой» Кириэс Халдьаайыны атын дэриэбинэлэртэн ураты тыынныыр, килбиэннээх ааттыыр буоллаҕа эбээт!

Элгээйи нэһилиэгин үбүлүөйүгэр эмиэ олохтоох дьаһалта ыҥыран, үбүлээн, аналлаах биэриини таһаарбыппыт. Онно «Домисольки» диэн кырачаан оҕолор ансаамбыллара хас да ырыаны ыллаабыттарын устубуппут. «Оҕолор, эһиги өссө ханна баран, ханнык фестивалга ыллыаххытын баҕараҕытый?» – диэн ыйыппытым (Дьокуускайга, «Хотугу сулус» күрэххэ диэхтэрэ диэн санааттан). Дьонум: «Москваҕа!» – диэн хаһыытаһа түһэн соһуттулар. Кырдьык, бу оҕолор Москваҕа тиийэн оҕо Евровидениетигэр барааччылары сүүмэрдиир кэнсиэркэ олус чаҕылхайдык кыттыбыттарын саха дьоно Россия бары олохтоохторун кытта тэҥҥэ тэлэбииһэргэ көрөн астыммыт түгэннээхпит. «Домисолькалар» ол кыттыыларын туһунан кэпсээн «Кэпсиэҕэ» өссө биирдэ тахсыбыттара.

Оҕону устар хаһан баҕарар уустук. Ыллыы-туойа, туох эрэ ситиһиитин туһунан кэпсии турар оҕону да сүрдээх болҕомтолоохтук устуохтааххын. Хомойуох иһин, Орто дойду олоҕо оҕоҕо эрэ барытыгар былыта суох ыраас халлааны, ойор-тэбэр орой-мэник күннэри түстээбэт. Мин хаста да балыыһаҕа сылдьан, ыарахан ыарыыга ылларбыт оҕолор тустарынан устан турардаахпын. Кинилэри кытта суруналыыс хайдах кэпсэтиэн сөбүй? Туох да буолбатаҕыныы, оҕо сарсын ойон туран сүүрэн хаалыахтааҕыныы өрө көтөҕүллэн кэпсэтии – табыгаһа суох. Кини эйигин итэҕэйиэ суоҕа. Аһыммыттыы – сатаммат. Онон, оҕо хайдах быһыыга-майгыга баарын иһиттэн билэн, кини дьылҕатын, ыарыытын тэҥҥэ сүксэн олорон, инникигэ эрэли саҕар хабааннаах кэпсэтэриҥ сөптөөх быһыылаах. Мин оҕо сылдьан биирдэ сыл аҥаара курдук балыыһаҕа эмтэнэн турардаахпын. Онно мин «бастакы хоһоонум» диир хоһооммун суруйбутум. Ону таһынан балыыһа уһун күннэригэр тугу гыныахпытый, илиибитинэн ону-маны оҥорор, оҥорорго үөрэнэр, уруһуйдуур этибит. Онон, суруналыыс быһыытынан оҕо балыыһатыгар сылдьарбар «хайа, тугу дьарыгыраҕын? Тугу эмэ уруһуйдууруҥ, оҥороруҥ буолуо?» диэнтэн кэпсэтиибин саҕалыыбын. Оччоҕо оҕо хайаан да туумбатын аһан тугу эмэ, бэйэтин оҥоһугун хостоон көрдөрөр. «Бу кимиэхэ анаабыккыный? Маны оҥорорго ким үөрэппитэй? Хайыы, бу хайаларай?» – диэн ыйытыыттан-сэҥээрииттэн кэпсэтии аана аһыллан барар, оҕо эйигин кытта кэпсэтэриттэн толлубат курдук буолар.

Читать далее