Читать онлайн Санатыма дуу, ааспыты… бесплатно
Сэһэн
Санатыма дуу, ааспыты…
Сэттэ күнү быһа сүрэҕэлдьээбиттии, бэркэ сыралаһан самыырдаабыт халлаан, сиигин-силбигин симэлитэн, сарсыардаттан сылаас баҕайы сардаҥалардаах ыраас күнүн сатыылаппыт. Итиччэ үлүгэрдээх уутун-убаҕаһын барытын ханна иҥэринэн, хайдах угуттана охсубута буолла, айылҕа барахсан бу да сырыыга бэрт дьиктитик дьаһаммыт. Чугас эргин бадараан баһылла сытара эмиэ көстүбэт, бэҕэһээ киэһээҥҥэ диэри көлүйэ саҕа килэйэ чаалыйбыт чалбахтан туох да ордубатах.
Арай салгын биллэ ырааһырбыт чинчилээх. Сиик туох да сыта суох дииллэр да, эҕирийдэххэ ураты минньигэс, көрү-көҥдөй уонна дьэп-дьэҥкир туох эрэ ыраас соҕотохто тыҥаҕын толорор, санааҕын күүрдэр, сүрэххин көнньүөрдэр. Быһата, сонно курдары киирэн, эттиин-сиинниин тилийэ сүүрэн, улугурбут бэйэҕин чэбдигирдэн, тип-тилигирэс оҥоруохча…
Аҥаардыыта саһара охсубут эрээри, билигин да тулуйбахтаһыах кэриҥнээх таллан эриэн сэбирдэхтэр, субу да тохтон саккыраабаталлар, сотору, тыал кыратык эмэ үрдэр, баайсан туран туллуохтуу, тэлээрэн тиийэн сири-буору сырдатыахтарын бэркэ баҕарар курдук, сибигинэһиэх-хобугунаһыах айылаахтар. Ити сирилэһэр суугуну, арааһа, сиккиэри кытта дьүөрэлиэххэ сөп. Хайдах эрэ киһини дуу, дьону дуу, хардарыта түсүһэн омуннаахтык кэпсэтэрин санатар ити сэбирдэхтэр бу кэм кэмчи эрээри, син балачча сылаас, элбэх сарадахтаах, сэниэлээх сардаҥалардаах күнүн тиһэх күүһүн барытын бэйэлэригэр ыга тардынан, ону иҥэринэн ордук сырдаабыкка дылылар.
Оттон күһүн соччо-бачча чобооххойон дьырылаччы ыллаабат чыычаахтар дьарыйар-дьаныһар үлэлэрин күүһүрдүбүттэр кэриҥнээх. Тоҕо эрэ, биһиги саныырбытынан, ырыалара, дьиҥ иһигэр саҥалара буоллаҕа, быһыта-орута, ырып-чырып уонна, хайдах эрэ кыйахаммыттыы, өс саҕа буолар курдук. Баҕар, кинилэр да биһиги курдук тыл-тылларыгар киирсибэттэрэ буолаарай? Арааһа, оҕолорун көтүтэ охсон, өссө да ситэри сиппэтэх чараас кынаттарынан балачча ыраах, сындалҕаннаах сырыыны кыайалларыгар, хото сапсынан хоту сиртэн тэскилииргэ тиһэх ыйыыны-кэрдиини биэрэллэрэ эмиэ дьыл ыпсыытыгар тутуу былдьаһыыта буолуо.
Ол эрээри, ханныгын да иһин, күһүҥҥү айылҕа туспа кэрэлээх, сиэдэрэй мааны көстүүлээх. Кыйахаммыт да чыычаах ырыатын киһи аахайбат. Соҕотохто сур гынан кутуруктара субуруйар моҕотойдор сырыылара сыыдамсыйбытын эмиэ атыҥыраабаккын. Кыстык кыһарҕана чугаһаан, түбүгэ үксээн, тус туһугар ким да олорон турар туос иллэҥэ суох. Тыаҕа тахсан тирбинэр икки, дьиэҕэ-уокка сааһыланар икки, уһун күҥҥэ бүппэт дьаһал, тыын кыһалҕа ыал аайы баар суол. Арай, итинник түбүк кими дьалты хаамара буолуой?
* * *
– Дьэ диэ, күһүн диэн бу ээ. Көрдөс да мэнэрий, тохтуур аата суох күлүгээннээтэ буолбат дуо? Кэлэбин да бүтэр онон диэтэ. Хара уутун халлаантан харса суох куппута да, соннук бэйэтэ иҥэриннэҕэ. Сир ийэ хонноҕо-быттыга билигин да туруктаах. Бэйи, мантан инньэ уу-хаар кыаҕын ылан иһиэ ээ. Тугу диигит, ханна баарый диэх курдук күн буолбут буолбаат, – оргууй аҕай табаҕын таһааран, бөппүрүөскэтин сототун баҕыарбыт модороон тарбахтарынан бэркэ кичэйэн кум-хам тута-тута, «маҕаһыын бастайааннай килийиэнэ» диэн муодунай ааттаах Аппырыыс оҕонньор күө-дьаа буолла.
– Хайа-ы, оттон түүнү быһа бу тыал сөп оҥордо буолбат дуо? Быһа иһиирэн, сабыта үрүтэлээн, түннүк ыстаабанын талыгыратан, айыы-айа, ол абынатабына аҕыйах чалбаҕы киһилиэ дуо? – дэриэбинэ биир саамай биллиилээх киһитэ, «хоп-сип хаата» диир Морууса баабыскалара, «иэхэйбин» диэбиттии, итини сыыска түһэрбэккэ иилэ хабан ылла.
– Оннугун оннук да, сыллата халлаан уларыйан иһэрэ дьикти. Ити урут, биһиги оҕо эрдэхпитинэ, оҕонньоттор этэр буолаллара, эчи балысханнаах сүүрүктээх үйэ кэлииһи, сарсын туох буоларын аны ойуун да көрүүлэнэн билиэ суоҕа диэн. Ол кырдьык ээ, быһыыта, – табаҕын дьэ табыллан уматтан, аны наллаан кэпсээри, буолуо суоҕу куолулаары, оҕонньор оҥоһунна.
– Чуоч-чымыйанан баран, бу да оҕонньор, ойуунумсуйума хайаама. Онто да суох, ол урут, тылларын баһынан халлааҥҥа ыстанан тахсаат, таах тарыйааччылары кытта, аны өтө көрөр борогунуостар диэннэр бааллар. Хата, бэртэриҥ ый инниттэн суруйа сыталлар. Эн араадьыйаны истибэккин дуо? Сарсыарда тураат, тыллыы, дьоҥҥо тиэрдэ охсоллор. Киэһэ сытаргар сарсыҥҥы күҥҥүн-ыйгын хотунан-соҕуруунан бүтүннүү этэн биэрэллэр. Кыах дьон, таах, дүҥүрэ да суох билэллэр, – диэн Морууса, табаҕы тарпатар да, буруо быыһыгар иҥиэттэн олордо, онтон өр куолулаата, оҕонньору кыайардыы үрдүттэн үгэргээтэ.
Ити аата Аппырыыстаах Морууса бүгүҥҥү күннэрэ, ырытар ыаһахтара саҕаланна. Саас дьыл имийэн балачча сылыйыаҕыттан ыла, күһүн ыкса хойукка диэри килиэп маҕаһыынын таһыгар киирэ-тахса дьаарбайар кинилэр идэлэрэ. Аппырыыс баҕас лигиир олорооччу. Морууса, онно-манна ойон-тэбэн, барбыта-кэлбитэ баар буолааччы. Ол быыһыгар буолары-буолбаты лахсыйан уһун күннэрин кылгаталлар. Үөлээннээхтэрэ кинилэр ханна баалларын билбит бэйэлэрэ, сэргэхсийэ таарыйа сэлэһэ түһээри гыммыт кырдьаҕас бу маҕаһыыны хаһан да быһа ааспат. Морууса сытыы тылын-өһүн, Аппырыыс антах-бэттэх ахтыытын истэн, ардыгар ар-бур диэн адаарыспаталлар да, мөккүһэн, астына кэпсэтэн ааһар идэлээхтэр.
Эмээхсин эргэрбит эрээри, сайын-кыһын уларыппат биир былааттааҕын киһи барыта билэр. Кыһын буоллар эрэ, бэргэһэтин таһынан онтун саба баанар. Оччоҕо, мааны бөтүүк тарааҕын санатан, ыраахтан кытаран көстөр төбөлөөх Моруусаны эндэппэккэ билэҕин.
Чараас да буоллар, бэргэһэни таһынан итинтикэтэ бэртээхэй хаттык буоларын эмээхсин бэйэтинэн билээхтиир. Оттон сайын куйаастан көмүскэнэрэ, тыалтан хаххаланара эмиэ ити былаата. Чаҕылхай кыһыл сибэккилэрдээх, маҥан хонуулаах ып-ыраас былаатын биир сырыыга сүөрэр, оччоҕо тута бобуонньуктуу баанар.
Ол быыһыгар үчүгэйкээн бэйэлээх, сэбиэскэй саҕаттан илдьэ сылдьар, чап-чараас муос кырыбыайкатынан билигин да ситэри кырыара илик чанчыгын тараанан ылар үгэстээх. Бүттэр эрэ, абына-табына чарааһаабыт баттаҕын сыыһыгар, кэтэҕэр туллубат гына тугу эрэ кэтэрдибит курдук олордьу анньынан кэбиһэр. Сотору-сотору онтун харбаан ылан илиитин иминэн бигиир, сатана баара сытан хаалыа диэн сэрэхэдийэр.
Саамай кылаабынайа, Морууса бобуонньуктаммыт буоллаҕына, ол аата кини ханна да ыксаабатын үтүө бэлиэтэ, Аппырыыһыныын манна күннүктээн уһуур санаалаах. Бараары гыннаҕына, булгуччу кырыбыайкатын хаҥас илиитинэн харбаан көрүнэр, уҥатынан олохтоохтук анньынар уонна кичэйэн, ханан да быыс булан түспэтин курдук, былаатын уһуктарын, сэҥийэтинэн эргитэлээн бүк тутан, моонньугар тып курдук баанан кэбиһэр. Онтон тура эккириир, уҥа илиитигэр тирэнэр дьоҕус тайаҕын харбаан ылар, хастыыта да дугунан, ыйааһынын төһө уйуоҕун бигэргэтэн холонон көрөр, итиэннэ моонньун уһатан, сиһин нөрүтэн баран, иннин диэки түһүнэн кэбиһэр.
Итини барытын килиэп ылаары уочаракка турар, атыны тугу да гынара суох дьон элбэхтик кэтээн көрөн, уостан уоска түһэрэн, киэһэ-сарсыарда дьиэҕэ-уокка кэпсииллэриттэн киһи барыта билэр. Сылтан сыл бу уларыйбат көстүү, мэлдьи биир сүнньүлээх сыһыан этэҥҥэ олох кэрэһитэ курдук буоларыгар тиийэр…
Килиэп лааппыта, Аппырыыс этэринии ас-таҥас тахсар сирэ, дэриэбинэ биир кытыытын эргин сыыр үрдүгэр турар. Маҥан оппуохата ыраахтан кылбайан көстөрө да астык. Онуоха эбии киһи аймах тыыннааҕын тухары сырдыкка талаһарыныы, ити маҕаһыын дьиэ кылбаата дьону да угуйарга туох эрэ кистэлэҥнээх кэриҥнээх. Инньэ гынан, дьуһуурунай курдук, сарсыардааҥҥы чэйин ирэ-хоро иһээт, оҕонньор килиэбин лааппытыгар аа-дьуо кэлэн, таска быраҕыллыбыт куруук тохтуур мас дьааһыгар дьөрөллөн олорор буолар. Бөх хомуйааччылар кытта итини билэр буолан, оҕонньор дьааһыгын хаһан да бырахпаттар, оннуттан да халбарыппаттар. Тулатын сиппиирдэринэн ып-ыраас гына харбаан ааһаллар. Онон Аппырыыс олбоҕо тыытыллыбат сокуоннаах. Кини кэллэ да, күн аҥаара сиэбин хастан, хаалаах табаҕын таһаарар, өөр да өр астаһан биир сотону таба тутан оруур уонна аа-дьуо, ол-бу диэки көрө-көрө, кичэйэн бэлэмнэнэр. Ыксаабыт киһи тугун бытаанай, ыл, мин уматыым диэн кыйаханыах да курдук эбит эрээри, Аппырыыс ханна бараары тиэтэйдэҕэй? Күнэ-дьыла тустаахха, киниэхэ, уһаабыта оччо. Сото кэбиһэн табахтыы олорор оҕонньору ыраахтан көрөн, хойутаабыт ынах ыаччылар чаһыны сыыспакка сирдэтэллэр. Ыксаабычча, уутугар аҥаарыйбыт кыраларын мөҕөн-такайан өр гымматтар, туруора охсоллор:
– Күн ортотугар диэри утуйа сытар буоллаҕа. Көр, ити Аппырыыс кырдьаҕас былыр үйэҕэ маҕаһыыныгар тиийбит буолбат дуо? Тур-тур, ынахтары үүрэ тарт!
– Оо, дьэ, Аппырыыска биир ынахпытын биэриэххэ эрэ… Оччоҕо саатар онтун ыатаҕына, бодьуустаһан бытаардаҕына, лааппытыгар хойут кэлиэ этэ буоллаҕа дии, – диэн үнүр Баһылайаптар сиэн уоллара турумаары бууннаан, оннооҕор усулуобуйа туруорбут сурахтааҕа.
Сорох бэдиктэр Аппырыыс барахсаны итиннэ олорорун үлэлиир дии саныыллар эбит.
– Эһээ Аппырыыс тоҕо хоньокуулга дуу, эбэтэр уоппускаҕа эҥин барбатый? – диэн былырыын пиэрибэйгэ киирбит оҕо туоһуласпыта уһун күлүү буолбуттаах.
Оттон бүгүн күн ортото буолуохча да, ким да эбии биллибэтэ, килиэптэрэ да тардылынна. Уочараттаахтар саҥа мустан эрэллэриттэн сылыктаатахха, арааһа, 12 чаас чугаһЇаабыт бадахтаах.
– Хата, били биһиги Тарыысабыт бүгүн суох дуу? – Морууса чарапчыланан ырааҕы көрө сатаата, кэпсэтиэҕин бу оҕонньор тоҕо эрэ тылга тииспэтиттэн иһигэр кыһыйа санаата.
– Эс, суох, мааҕын эрдэ били сараҕар сиппиирин сүгэн пуордун диэки баран эрэрэ… – Аппырыыс, бөппүрүөскэтин күүскэ обороот, тыастаахтык эҕирийдэ.
Ити икки ардыгар үс бөдөҥ бэйэлээх уола хааннара маҕаһыын дьиэ хаҥас өттүттэн тахсан, ыллык суолу батыһан, оол көстөр дьиэлэр диэки сорунуулаахтык сулбу хааман аастылар.
– Хата, бу үчүгэй эбит. Тарыыса тэлгэһэтин тарбаатаҕына, бука, сөмөлүөтэ булгуччу кэлэрэ буолуо ээ, – Морууса күлэн кэҕийдэ эрээри, хараҕын кырыытынан били дьону, субу ааһан истэхтэринэ сиирэ-халты көрөн кэбиһэн, сирэйдэрин да дьүүллээн өйдөөбөккө хаалла.
Кини барахсан бэркэ мунаарда. Кимнээх сылдьар баҕайыларай, бу үлүгэр ардахха хаһан кэлэ охсубут буоллахтарай диэн иһигэр түргэн бэйэлээхтик ырыта, санаатын ыырын лаппа ырааҕынан анаара оҕуста. Дьүһүннэрин да көрбүтэ буоллар, атыҥырыах чинчилээх ээ, быһыыта. Тоҕо эрэ таҥастара-саптара биһиги эргин дьонтон атын бэйэлээх. Бу үлүгэр хомуур, быйаҥ саҕана хайдах буолбут эр киһи итинник мааны бинсээктэнэн баран бөһүөлэк устун хаамтаҕай? Ити аҕамсыйбыт киһилэрэ хамыһаардыы балачча улахан бартыбыаллаахха дылы. Өрө тарааммыт хойуу баттаҕа сөбүгэр да сиккиэргэ омуннаахтык өрүкүйэрин Морууса бэркэ атыҥыраата. Итинник көп түүлээх төбө бу эргин баарын… дьэ, чахчы мунаарда ээ. Оттон икки атына лаппа эдэр кэриҥнээхтэр эрээри, өссө ааһа баран эттэххэ, букатын оҕолор быһыылаах. Тутталлара-хапталлара оннук. Атыллыыллара атылыы эрээри, тоһоҕо курдук үрдүк бэйэлэригэр субу саҥардыы эт туппут буолан, тобуктара хайдах эрэ уһуктааҕынан токуҥнаһар курдукка дылылар. Кыанар эрэттэр быһыылаах эрээри, эбээ барахсан элбэҕи билбит харахтара чахчы олус эдэрдэрин эрдэттэн бэлиэтии көрдүлэр. Бэйи эрэ, буолбутун да иһин, дьикти айаннаах уолаттар эбит. Эмиэ дьоҕус бартыбыалга маарынныыр, туох хаппыт диэн ааттааҕа буолла, кыра чымадаанныҥыны туппуттар. Бу эргин итинник мал атыыламмытын киһи истибэт. Баара буоллар, биирдэ эмэ көстүө эбитэ буолуо.
Дьэ, диэ. Этиэх иннинэ, көрүөх бэтэрээ өттүгэр кими-тугу билбэтэҕэ баарай. Оттон бу сырыыга Морууса баабыска аата-суола «алдьанарыгар» тиийдэ, саҥата суох барда. Били дьону хаамалларыттан-сиимэллэриттэн таайаары көрө сатаата да – мэлийдэ. Эмээхсин биир үксүн онтуттан лаппа мунаарда, хайаларын да бу диэн билбэтэ. Инньэ гынан киэҥ хардыылаах эрэттэри сыыры түһэн ыраатыахтарыгар диэри батыһыннары одуулаата. Онон Аппырыыс оҕонньор тохтоло суох тугу эрэ кэпсиирин, бэйэтин мучумааныгар буолан, дьүүллээн истибэтэ даҕаны.
Ити икки ардыгар эмискэ, хантан да кэлбитэ биллибэккэ, үрдүлэринэн АН-2 барахсан бу көтөн тигинэтэн кэлэн, били Тарыыса баар сирин диэки намтаан барда. Тыаһа, бидигирээн-бидигирээн баран, түргэн үлүгэрдик хам баран, соҕотохто мэлис гынна.
– Бай, доҕор, тугун тиэтэйбитэй, килиэп да кэлиэн иннинэ кэлэр дьарапалаан буолла ээ. Тарыыса табаарыс, тиэргэн тойоно Тарааһап Бөтүрүүс, баччааҥҥа диэри тарбыыр үлэтин бүтэрбэтэх муҥа буоллаҕа дуу. Тугун бэрдэй, саатар кини биллиэх эбит, – диэн Аппырыыс мунаарбыттыы халлаанын мыҥаата.
– Оҕонньор, бөлүүн ол-бу куһаҕан тахсыбыта иһиллибэтэҕэ. Кэлиэхтээх кэлэн түстэ ини. Хата, бэрт эбит диэххин, ардахха хаайтарбыттары ити аата бүгүн таһыыһылар, – диэн, баар балаһыанньаны бэркэ быһаарбыттыы туттан, Морууса ойон турда.
Оройуон кииниттэн, дьэ, сонун бөҕө кэлбитэ биллэр. Хоп-сип хонноҕуна эргэрэр. Оттон имиллибит-тэпсиллибит этэрбэс курдук эргэ сураҕы онтон-мантан тонохтоһору Морууса сэҥээрбэт. Саҥаттан тоҕо матыай, ол иһин, сорунан туран, сөмөлүөт лиҥкинээн кэлэн субу түспүт пуордугар суһаллык ыстанарга сананна. Дэриэбинэҕэ тахсан иһээччилэри аара да көрсөн, таарыччы ылахтаһан ыйыталастар, кырдьык, син элбэҕи сомсуохтаах. Онтун барытын мунньан лааппытыгар кэлэн ыһа-тоҕо кэпсээтэҕинэ, саатар Аппырыыс сэҥээрэр ини, доҕор.
Ити эрээри Морууса туһугар моһуок сарсыарда буолла. Тыаһа суох сөмөлүөт да кэлбитэ, билбэт дьоно көрдөрбүтүнэн көстүбэккэ да ааспыттара… Эмээхсин санаатыттан били билбэт үс киһитин көхсө тахсан биэрбэтэ. Кини бэйэлээх итини барытын билбэккэ-көрбөккө хаалбыта дьиктитин ааһан, бу түгэҥҥэ туох эрэ кистэлэҥ баар сылыгын сүрэҕинэн таайарга дылы гынна, хаамыытын эбэн биэрдэ…
– Ээ, чэ, кытаат, Морууса, арыый сэниэлээх, эдэр киһи эн бардаҕыҥ. Сонуннаах кэлээр, миигин быһа ааһаайаҕын, туохта эмит бу эргин төлө тутан ааһаар, – Аппырыыс үлэһэ хаалла.
– Ама дуо, эдэрим оҕоккото сыттаҕа! Айыы-айа, бу да оҕонньор ол-бу буолан, – эмээхсин чуора бэрт ээ, балачча ыраахтан хаадьыны истэн, оонньуу-күлэ кэриэтэ хардарсан, бэйэтин холугар бэрт сэниэлээхтик хаама турда.
Аппырыыс соҕотоҕун олорбута ыраатта. Эмээхсинэ баарына ити Моруусалыын бэркэ бодоруһаахтыыр этэ. Оччолорго, бу билигин баабыска да дэннэр, Морууса баҕас киниттэн эдэр буоллаҕа. Саҥардыы ыал буолан, сыллата кэриэтэ төрүүр мааны кыыс дьахтары киһи бары сэҥээрэ көрөрө. Оттон Аппырыыстаах, оҕолоро суох буолан, былыр биир уолу ииппиттэрэ, онтулара төһө эмэ улаатан баран, ыалдьан төннөөхтөөбүтэ. Инньэ гынан эмээхсинэ эрэйдээхтиин саастарын тухары иккиэйэҕин эрэ, биири санаан баран, бэркэ өйөһөн-убаһан быр-бааччы олорбуттара.
Сэргэстэһэ тэлгэһэлээх ыаллара табыллыбатахтара. Хантан эрэ дойдулаах барахсаттар бу эргин кэлэн олохсуйбуттара быһыылааҕа. Төрүт-уус суох дьоно тулаайахтарбыт дииллэрин аанньа Аппырыыстаах хаһан да ону иҥэн-тоҥон сураспат этилэр. Күннээҕинэн, киирэ-тахса билсэллэрэ. Дьахтар, аһаах баҕайы, эрдэ өлбүтэ. Эр киһи кыыһын кытта бэйэтэ хаалбыта. Онтон ыла Аппырыыс кинилэргэ эһээ курдук көһөн киирбитэ, кыһалҕалаахтар кыттыһан, бииргэ бур-бур буруо таһаарбыттара. Үлэҕэ сылдьар киһиэхэ оттуллубут оһоҕу да маныыр туһа ини. Ол быһыытынан кини, төһө да сааһырдар, уу-хаар өрөн, күнүс оҕону аһатан, бэркэ дьиэһиттээн абыраабыта ээ. Дьиэлээх киһи күһүн-саас бултуур идэлээҕэ. Онон, кыра да буоллар, син кус-куобах сыллата көстөн иһэрэ. Кыстык кыһалҕата кыттыспыт дьону ырааҕынан тумнара, ньир бааччы, күө-дьаа олорбуттара…
Ону баара, кыыс хороччу улаатан, оскуолатын бүтэрэр сылыгар аҕата аны оһолго дэҥнэнэн суох буолбута. Аппырыыс итинтэн олус аймаммыта, бу үлүгэр өлүү-сүтүү, ыар дьылҕа миигин батыһар баҕайыта дуу диэн улаханнык суламмыта. Дьон кистии-саба: «Ити аата Аппырыыс оҕонньор холумтанын тардыыта быһыылаах», – диэн күтүрүүр-омнуолуур курдук ботугураһара оҕонньор кулгааҕар эмиэ иһиллибитэ. Омуннаах-төлөннөөх дьон ити тиэргэни биир кэмҥэ тумнуох айылаах буола сылдьыбыттара эмиэ баара.
Дьыл-хонук. Онно суохха бадааһын буруй төһө өр иҥээхтиэй. Оҕонньор ханна баар күөдьүйбүт холумтаныгар буору тамныахтарай. Сайаҕас бөҕө, уу чуумпу эһээ барахсан бэйэтэ-бэйэтигэр, кими да чыычылаабакка олороохтуура. Дьон саҥатын иҥэн-тоҥон истэ сатаабатаҕа, хомнооботоҕо. Хата, ыала киһи эрэйдээх өлүөҕүттэн, оҕонньор аны бэйэтин, былыр үйэҕэ халдьаайыга тахсыбыта ырааппыт эмээхсинин аһыйара ордук күүһүрбүтэ. Дьиэлээх киһи, эрдэ бараахтаабыт ойоҕунуун, иккиэн да эдэр дьон этилэр эбээт. Инньэ гынан, икки нэлэмэн тэлгэһэ чахчы иччитэхсийбитэ. Кыыс барахсан хайыай, кинини манаан олоруо дуо, үөрэнэ диэн ааттаан, дьол көрдөһө куораттаабыта. Аппырыыс дьонун дьиэтигэр олорбутун курдук соҕотоҕун хаалбыта, ханна да көһө сатаабатаҕа…
Бу санаатаҕына, Аппырыыс диэн аат киниэхэ иҥмитэ ырааппыт эбит. Арааһа, оҕо ииттэн уолланан, онтулара улаатыыта бадахтаах этэ. Бука, оччолорго үс-түөрт саастаах бэдиктэр буолуохтара ээ, уолларын кытта бииргэ оонньуур оҕолор Хабырыыс Дьөгүөрэбис Маппыайабы, ыык-ээх суох, быһата бэйэлэрин тылларыгар олордон «Аппырыыс Үөрэбис Ыайап» диэн ааттаан күлүү бөҕө буолбуттааҕа. Бастаан утаа Аппырыыс Үөрэбис аатыран, киэҥ эйгэҕэ саҥа биллибит киһи, сыллар аастахтарын аайы, улам эргэрэн диэбиттии, били аата кылгаан, сыччах Аппырыыһа эрэ хаалбыта кытта быдан ырааттаҕа эбээт. Билигин дьон сурукка киирэр аатын билэллэр эрэ, суох эрэ, саарбах.
Ааспыты эргитэ санаан оҕонньор сылаастык, бытыгын аннынан кистээн мүчүҥнээн ылла. Оҕолор барахсаттар аанньал тэҥэ дьон буоллахтара, санаабыттара тастарыгар, көрбүттэрэ харахтарыгар…
– Аппыйыыс эһээ, эйиэхэ кэлбиттэй! Байыаҥ үһү! – хатырыктаах маһы туора миинэн ат гына оонньообут биэстээх бэдиктэр, Мэхээлэптэр улаханнара Миичэ уонна кинилэр аттыларыгар олорор Сиидэрэптэр Баабыллайдара өрө көтөкөччүһэн тиийэн кэллилэр.
– Бай, Миичэ, кимнээҕий ол? – оҕонньор туоһуласта, туруон эрдэттэн ыарырҕаата.
– Эһээ, билбэтим ээ, оннооҕой бу биэйбит кэмпиэттэйэ хайдах эйэ, биһиэнин куйдук буолбатах. Көй эйэ, – дии-дии, хайыы-үйэ эмэн ыраатыннарбыт минньигэһин буордаах илиитинэн ороон, оҕонньор ытыһыгар соҕотохто ууран биэрдэ, төп-төгүрүгүнэн кылап-халап көрдө.
– Ээ, мин да тугун билиэмий, ас курдук ас ини, доҕор. Мэ-мэ, сиэ мантыккын, мин тииһим суох, – диэн оҕонньор уолчааҥҥа төттөрү уунна, мичээрдээн эрэ кэбистэ.
Баабыллай баара Миичэтин иннигэр быһа түстэ, эһээ оҕонньор кыра күрдьэх саҕа кэтит баппаҕайыттан ким хайа иннинэ сып гыннаран, айаҕар укта. Онтон уордайа охсубут уол, доҕорун иэстэһээри эккирэтэн, били мас атын кымньыылаан, сыыры таҥнары дьиэлэрин диэки иккиэн сырса турдулар…
* * *
Аанчык бүгүн бырааска бара сылдьан дьиҥнээхтик биллэ – кини ыарахан буолбут. Кыыс олус диэн үөрдэ. Кырдьыга, маннык эмискэ хат буолуом диэн күүппэтэҕэ да, ыраламматаҕа да эрээри, эдэр баҕайы быраас кыыс эмискэ:
– Мин көрөрбүнэн, ыарахан буолбуккун, 4–5 нэдиэлэни туруорабын, чахчытын УЗИ оҥордоххо билиэхпит. Эҕэрдэлиибин дуу, эрдэ диигин дуу? – диэбитигэр соһуйан олоро биэрбитэ уонна сирэйэ кып-кыһыл буола тэтэрбитэ.
Дьахтар аймах быһа ааспатах эрээри, хаһан да хайгыы-сөбүлүү көрбөт уустук-олуона остуолугар тахсарыгар мааҕын олус кыбыстыбыта билигин тоҕо эрэ ааһан хаалбыта. Арай түөстэригэр, хантан кэлэ охсубута буолла, биир кэм ип-итии хаан кутуллан киирэн өссө эбии долгуппута. Онто сирэйигэр кытта тиийэн кыыс кып-кыһыл буолбута. Сүрэҕэ битигирэччи тэппитэ, тута иһигэр туох эрэ олус күндү, сыаналаах таһаҕастаммыт курдук санаммыта.
– Махтанабын, эҕэрдэҕэр. Суох-суох, эрдэ буолбатах, саамай табыгастаах… – диэбитэ эрээри, Аанчык салгыы ситэри эппэтэҕэ.
Көнтөрүк үрдүк остуолуттан, тымныы тимир үктэлгэ тирэнэн, бэркэ сэрэнэн түспүтэ, тиэтэлинэн таҥнан барбыта.
Халаатын быакаччы курдаммыт быраас кыыс бэрт үөрүйэхтик эрэһиинэ бэрчээккилэрин тыастаахтык турута тыытан устуталаабыта, туох эрэ суурадаһыннаах иһиккэ бырахпыта, ыга хаппахтаабыта: «Ол аата ийэ буолабыт, сотору учуокка туруохпут уонна бииргэ кэтэниэхпит, кэлиэхтээх киһибитин күүтүөхпүт», – диэн уураахтаабыта. Кини истиҥник мичээрдээбитэ уонна кумааҕыга ийэ буолуохтаах эдэр дьахтар тугу толоруохтааҕын, тутуһуохтааҕын сиһилии суруйа олорбута.
Аанчык быраас кыыстан тугу эрэ үчүгэйи бэлэхтэппиттии санаан ылбыта. Ол иһин буолуо, кумааҕыга тиэтэллээхтик сыр-сыр тыаһыыр уруучука төбөтө кытта кини дьылҕатыгар кыттыгастаах курдуга. Мантан ыла кыыс соҕотох бэйэтэ аны иккиэ буолбуттарын туоһулаабыт бастакы суруйуу кини уйулҕатыгар итинник дириҥник хатаммыта.
Көрдөрөн тахсан, сатыы олорор уопсайын диэки хаампыта. Соһуччу сонунтан өмүттүбүтэ дьэ арыый ааһан, арааһы эргитэ санаан барбыта. Дьиктитин, кини киһини өйдүүр буолуоҕуттан соҕотох бэйэтэ сотору баҕайы иккиэ буолуохтара баар ээ. Эс, тоҕо иккиэ эрэ буолуой? Кини, Аанчык таптыыр уолун Толигы кытта үһүөлэр дии, оҕолорун олус күүтүөхтэрэ, таптыахтара. Кыыс буоллаҕына үүт-маас Толя курдук кыраһыабай, ыраас сэбэрэлээх буолуо. Оттон уол буоллун? Оччоҕо, оччоҕо… Аанчык бэйэтин курдук бэрт номоҕон, ис киирбэх да буоллун ээ. Соннук, кыыс булгуччу Толяҕа маарынныан наада эбит, наһаа кэрэ, нарын буола улааттаҕына, дьон бары хайгыы, сөҕө, мичээрдии көрүөхтэрэ турдаҕа. Кинини куруук үөрүү-көтүү арыаллыа, дьоллоох-соргулаах эрэ дьон тулалыа. Оттон уол ийэтин курдук дьүһүннээҕэ саамай сөп, киһиэхэ барытыгар харахха быраҕыллара булгуччу буоллаҕай? Син биир сириллэн туора да көрүллүө суоҕа эбээт.
Итинник баламат санаатыттан иһигэр бэйэтэ да кыбыстан, Аанчык иһийэ-бүгэ охсон, бэйэтиттэн бэйэтэ көҥөнөн, салгыы тугу да ыраламмат буола сатаата. Бэйи, киэһэни күүтүөххэ, Толя үөрэҕэ бүттэр эрэ уһуо суоҕа, булгуччу кэлиэҕэ. Оччоҕо Аанчык сэрэнэн эрээри, эмиэ соһуччу баҕайытык бу сонунун быктарыа. Оо, төһө эрэ үөрэр, уол кинини эмиэ олус таптыырын, күн аайы эппэтэр да, сүрэҕинэн сэрэйбитэ ыраатта. Оччотугар оҕолоноллоро кинилэр иккиэннэрин дьоллоро буоллаҕа…
Кыыс уопсайыгар кэлэн суунна-тараанна, аһаата уонна үлэтигэр барардыы оҥоһунна. Кини бу Оҕо дьиэтигэр үлэлээбитэ хайыы-үйэ сыл аҥаарыттан орто. Хоһугар иккиэлэр эрээри, анарааҥҥы кыыһа уоппускатыгар дойдулаабыта ыраатта, сотору кэлиэхтээх. Ол кэмҥэ Аанчык бэйэтэ олордо. Кырдьыга, соҕотоҕун буолбатах, кэлэ-бара Толик хонуктуур буолбута син ырааттаҕа.
Үлэлиир сирэ ырааҕа суох, субу уопсай кэтэҕэр турар аныгылыы мааны оҥоһуулаах, соторутааҥҥы тутуу дьиэ. Оҕолоро да диэн, эрэйдээхтэр бары быыкаалар, кини бөлөҕөр сүүрбэ биэстэр. Аанчык манна күһүн үлэҕэ киирэригэр үксүлэрэ эмиийдээх эрэ этилэр. Быраҕыллыбыт, сириллибит барахсаттары бытыылкаттан суосканан аһатар кини соруга этэ. Сууларын уларытан, сууннаран-ыраастаан, саҥалыы суулаан оронноругар сытыарар. Кими эрэ эмкэ илдьэр, кими эрэ уйатын туорайыгар ыйаммыт тыаһыыр оонньуурдарын сахсыйан саарата сатыыр. Ол икки ардыгар хайаларын эрэ эмкэ, массаж хоһугар таһар, атыттарын төттөрү аҕалар. Сытар оҕоҕо илиитэ хаһан да киһилии тиийбэт, биир кэм массыына курдук хаба тардан ылар – сүүрэр, ылар – суутун уларытар, ылар – аһатар, ылар – эмиэ төттөрү сытыарар.
Эрэй диэтэҕиҥ, ити хас биирдии хамсаныыта, ол аата үлэтэ, оҕолор эрэйдээхтэр ытабылларынан доҕуһуолланар. Ким эрэ ыҥырар, үҥсэргиир, ардыгар эмиэ да кыыһырар курдук ытыырын Аанчык аны арааран билэр буолбута. Инньэ да гыннар, хайыай? Сүүрбэ биэс кырачааҥҥа соҕотох ийэ буолар наһаа уустук. Дьиҥэр, этэҥҥэтэ буоллар, хас биирдиилэрин төрөппүт ийэ бэйэтэ чөкө, күнү быһа бүөбэйдиир аналлаах этэ. Кини икки илиитэ итиччэ элбэх оҕоҕо, хайдах да гын, син биир тиийбэт. Кып-кыра барахсаттар тот эрэ буолалларын хааччыйар кыахтаах. Сорохтор, сууларын уларытааккын, сонно илиттэхтэринэ да, аныгыскы уочаракка, Аанчык хаһан биир-биир барыларын бүтэриэр диэри, сыталларыгар эрэ тиийэллэр. Дьиҥэр, үлэ ирдэбилигэр этиллэринэн, барыта чааһынан болдьохтоох. Ол эрээри оҕо робот буоллаҕай, эн чааскар кыһаммат. Аһаабытын сыыһын сонно тута ииктээн баран хам аччык буола түһэр, тохтоло суох ытаан бэбээрэр эрэйдээҕи кини, түбүгүн быыһыгар кистээн, булгуччу эбии аһатар. Аһынара оччо. Тыынар тыыннаах эрэйдээх сыыһа-халты түспүтэ эн ханнык да быраабылаҕар баппат. Буолаары буолан төрүү иликтэриттэн тулаайах хаалбыт бу оҕолор…
Аанчык, оҕолорун аһынан, син биир быыкаатык да буоллар быыс булан, ааһан иһэн сууларын анныгар илиитин батары биэрэн, илийбитин-илийбэтэҕин бэрэбиэркэлиир. Инчэҕэй буоллаҕына, тута иккистээн уларыта охсор. Оччоҕо эрэ ытаан мэрбэҥнээбит сирэй, «һуу» гынан, мичээрдииргэ дылы гынар. Онуоха уһуннук ымманыйан туруоҥ баарай, кураанах суоскатын айаҕар угаат, кыыс салгыы сүүрүүнэн кэриэтэ атын дьаһалыгар ыстаннаҕына эрэ барытын кэмигэр толорор, бүтэрэр кыахтанар.
Ити өссө кыра диэн манна баар саастаах сиэстэрэ кини кэлээтин кытта сэрэппитэ. Оҕолор улааталлар, хамсаан, туран-олорон бардахтарына, ирдииллэрин биллэхтэринэ, ытабыллара үксүүр, көрүллэллэрэ эбии уустугурар. Ону да кыыс өйдөөбүтэ. Биирдэ эмэ илиитигэр ылан көтөхтөҕүнэ, иһиллээбиттии ах барар кырачааны, ама, тугу да билбэт диэҥ баарай? Кимнээҕэр бэркэ илиини араараллар, кыратык да чугаһаатаргын, соҕотохто хатааста, силим курдук сыста түһэллэр уонна, туох дииргин күүппүттүү, чуумпура иһийэллэр. Кып-кырачаан тарбахтарынан түөскэр хатана түһэллэр уонна эйэргээбиттии уу-хаар баспыт харахтарынан мичээрдээн муҥнаналлар. Сып-сырдык саһархайдыҥы харах, сороҕо күөх, сороҕо хара… эрээрилэр тоҕо эрэ бары биирдик, көрдөһөр-ааттаһар курдук көрөргө дылылар. Оччоҕо, хайа да бэйэлээх дьахтар, бу кырачаан барахсаны халбарыччы анньар кыаҕыттан ааһара буолуо ээ. «Эрэйдээхтэр ийэлэрин эрэйэллэр ээ, быһыыта» дии санаатаҕына, бэйэтинэн охсон, ийэтэ суох улааппыт оҕо сааһын санаан, уйадыйан ылааччы. Ол иһин ити туһунан санаабат буола сатыырга кини кэнники ыйдарга син мээнэ үөрэннэ.
Манна үксэ ыалдьааччылар сыталлар, ол аата эмтэммэт, эбэтэр уустук ыарыылаах диэн, төрөөттөрүн кытта кинилэртэн ийэлэрэ аккаастаммыттар. Чэгиэн баҕайы кырачааннары ардыгар иһээччи, күүлэй дьон бырахпыт буолаллар. Сорохтору онтон-мантан булаллар. Олору кэтээн көрөллөр, доруобай буоллахтарына, оҕото суох ыалга ииттэрэ биэрэллэр. Онуоха халыҥ уочарат. Сороҕор быыһылаан атын куораттартан, омук дьоно эҥин кытта ылаллар дииллэр. Ол тоҕотун, төһө уустугун, көҥүллэнэрин-көҥүллэммэтин Аанчык билбэт, ыйыта да сатаабат. Иһигэр оҕолоруттан наһаа көҥөнөр, кимиэхэ да биэриэн баҕарбат да, бопсор кыаҕа, биллэн турар, суох. Кини тыын соруга – бу оҕолору күннэтэ көрүү-харайыы, хаста да аһатыы. Онон бүтэр. Ытыыр-ыгылыйар буоллахха, бириэмэҕин таах ыыттаххына, хайа эрэ оҕоҥ аччык хаалар кутталланар буолаахтаатаҕа.
Үлэтин кыһамньылаахтык уонна түргэнник толорорун иһин кыыһы хайгыыллар. Оннооҕор Саҥа Дьылга эҕэрдэни кытта бириэмийэ биэрэн турардаахтар. Эбиитин эһиил үөрэххэ киирэргэ мэктиэлиэхпит диэбиттэрэ.
Онтон Аанчык олус үөрбүтэ, бука, ити эппиттэрин хоту сөбүлэниэ даҕаны. Быйыл учуутал буолбут киһи дуу диэн таах туттарсан көрбүтэ да, баала ситэ хапсыбатаҕа, кыайан киирбэтэҕэ. Дьиҥэр, атын дьоҥҥо итинник кэпсиир эрээри, кини үөрэххэ киирэ сатаабыта иһэ истээх этэ. Биллэн турар, төгүрүк тулаайах кыыһы баала да үгүөрүтэ суоҕун үрдүнэн ылбыттара. Миэстэ кырыымчык, баҕалаах баһаам этэ. Кини үөрэххэ киирбитин истэн, докумуонугар илии баттаан деканаттан тахсан истэҕинэ, биир ытаабыт-соҥообут, кып-кыһыл уостаах, будьурхай баттахтаах дьахтар, арааһа, оҕото хапсыбатах быһыылааҕа:
– Ханнык эрэ илэчиискэлэр бырахпыт оҕолоро тулаайах аатыран куонкуруһа суох быһа киириэхтээх үһү! Оттон мин оҕом, ийэлээҕин-аҕалааҕын, үрүҥ көмүс мэтээллэммитин буруйугар «хапсыа» суохтаах!
Кини оннугар киирбит ити тулаайаххыт, көрөөрүҥ да истээриҥ, икки ыйынан итирикситтии барыа, син биир үөрэҕи ылыа суоҕа, – диэбитин эт кулгааҕынан истибитэ, иэнэ кэдэҥнээбитэ.
Кыыс, паркет муостаҕа хам хатаммыт курдук, биир да хардыыны оҥорор кыаҕа суох туран хаалбыта. Икки хараҕыттан сып-сырдык таммахтар төтөлө суох тохтон барбыттара. Туман быыһынан көрдөҕүнэ, кинини буруйдаабыттыы одуулуур харахтар онтон-мантан, төгүрүччү өттүттэн, «дьэ, хайыыр эбит» диэбиттии, дьөлө үүттүүллэрэ.
– Эһиги… миигиттэн сылтаан үөрэхтэн маттыгыт дуо? Бу мантан атыҥҥа барар кыаххыт суох?! Оччотугар мин барыам! Ылыҥ, киириҥ, үөрэниҥ, киһи буолуҥ. Ол эрээри, миигин сэнээмэҥ, илэчиискэлэр оҕолоро буолбатахпын, эһиги да үөрэҕэ суох син биир киһи буолуом, – диэт, сорунуулаахтык деканакка төттөрү киирбитэ.
– Докумуоммун ылыыһыбын, мин… атын сиргэ барыыһыбын, – диэн сымыйалаан кубарыппыта.
Онуоха дьиктитэ баара, бу икки ардыгар сибилигин үөрэн-көтөн тахсыбыт кыыс баччалаах былдьаһыктаах миэстэттэн тоҕо аккаастаммытын ким да туоһулаһа барбатаҕа, саҥата суох түргэн үлүгэрдик кумааҕытын була охсон утары ууммуттара.
Итинтэн эмиэ соһуйбут-хоргуппут кыыс, сап-салҕалас илиилэринэн били кумааҕылары куду харбаат, тахсар ааны былдьаспыта. Баҕар, ким эмэ хайдах-туох буоллуҥ диэбитэ буоллар, санаата уларыйыа эбитэ дуу. Ханна эрэ санаатын үгэҕэр күүтэ-эрэйэ санаабыта туолбакка, онтон ордук хомойон, синим биир диэт, иннин диэки дьүккүйэн испитэ. Ааҥҥа үмүөрүспүт оҕолору түҥнэри көтө сыһан көрүдүөр устун сүүрбүтэ. Өрөмүөннэнэ турар кураанах аудиторияҕа киирэн уйа-хайа суох ытаабыта дуорааннанан көрүдүөр нөҥүө уһугар иһиллибитэ быһыылааҕа да, кыыска ким да чугаһаабатаҕа. Бачча тухары атаҕастаммыт курдук санаммат буолара да, тыл баар эбит кыһыылаах да, ыарыылаах да. Кимнээх буолан көмүскэтиэй? Ханыыта суох эрэйдээҕи аҥаардастыы атаҕастаатахтара абатын… Кинини туора соторго хантан ылбыт бырааптарай? Кыл түгэнигэр, хаста да өсөһүөх, миэстэтин туран биэриэ суох курдук санаабыта эрээри, оо, ити харахтар… Бука бары кинини тымныытык, хаҕыстык, туохтарын эрэ былдьатан өһүрбүт курдук көрөр элбэх да элбэх сып-сытыы харахтар. Хайдах итинник дьулаан харахтары кытта биэс сыл эллэһэн, тэҥҥэ этэҥҥэ сылдьыахха диэтэххэ, ыарахан этэ. Ол иһин аккаастаммыта.
Дьиҥэр, ити кыһыылаах-абаккалаах түбэлтэ ааспытын да кэнниттэн, холкутуйаат, хайдах эрэ кэмсинээччитэ суох. Хата, туох имнэммитэ буолла, арааһа, дьылҕата харыстаабыт дьүһүнэ буолаахтыа, иннигэр кинини күүтэр туох эрэ улахан алҕастан мүччү туттаран быыһаан ылбыта буолуо дии саныыр. Кыахтаах баҕайытык атын үөрэххэ барыам да диэбитэ баара? Киһи да күлүөх, Аанчык докумуонун туттарарыгар хас да сиргэ туттарсарга холонор албаһы билээхтээбэтэ даҕаны ээ. Букатын да мантан атын үөрэх туһунан санаабакка сылдьыбыт кыыс толкуйа туора-маары сүүрэр кыаҕа суоҕа.
Онон, тиһэҕэр, туга да суох хаалбыт кыыс, ол күн саҥата суох малын хомунан, абитуриеннаан бүппүтэ. Уопсайтан тахсан, аа-дьуо хааман, хайа диэки барарын бэйэтэ да билбэккэ, оптуобус тохтобулугар тиийбитэ. Онно баар кыра киоска түннүгүн аттыгар, быһыыта, бэрт өрдөөҕүтэ сыстыбыт, ардах-хаар үлбүрүйэн, күн уота тобулу көрөн, дэлби саһаран хаалбыт биллэриигэ хараҕа хатаммыта. Дьэ, онто дьыалатын барытын бэрт судургутук быһаарбыта. Кыыс итиннэ этиллибит нүөмэрдээх оптуобуска олорон, олус судургутук оруобуна «Күнчээн» Оҕо дьиэтигэр тиийэн кэлбитэ.
Хата, бу үлэҕэ түбэһэ түһэн абыранна даҕаны. Тулаайаҕын истэн, үгүс кэпсэтиитэ суох тута уопсайга олохтообуттара. Бастакы кэмҥэ бииргэ олорор кыыһа сүбэлээн-амалаан, үлэтин сатыар диэри үөрэтэн абыраабыта. Хаһан да кыһыл оҕону көрбөтөх кыыс маҥнай утаа соһуйбута сонун буолбатах. Баҕалаах барыга үөрэнэрин сиэринэн, дьахтар да буоларын быһыытынан, хаана оонньоотоҕо, оҕону көрөрүн-бүөбэйдиирин бэркэ сөбүлээбитэ. Куттанан чугуҥнаабакка, харса суох, этии-үөрэтии хоту, сүнньүн да сатаан кыаммат, үстүү эрэ киилэлээх кырачааннары бүөбэйдээбитинэн, имигэс бэйэлээхтик туппутунан-хаппытынан барбыта.
Сааһыары ити дьоно төһө эмэ бороохтуйдулар, доҕор. Аны сууламматтар, ыстаан, ырбаахы сыыһын кэтэн баран, илиилэринэн таймаҥнаһан, батыһа көрөн, кураанах суоскаларын соппойоллорун быыһыгар өссө мичээрдээн ылаллар. Тура-олоро сатааччылар да бааллар, саамай сытыылара, икки илиилэринэн тардыһан тураат, уйаларын кэрийэ хааман муҥнаналлар.
Ыалдьар оҕо атын эбит ээ. Сыппытын курдук сыттаҕа, атыттар хайдах да сайынныннар-эбинниннэр, ол эрэйдээхтэр, кыайан эргийбэттэр, төбөлөрүн көтөхпөттөр, оннооҕор, ыйааһыннара эбиллибэккэ дылы…
Итинниктэри кытта элбэхтик кэпсэтиэххэ, бодьуустаһыахха баара диэн мунньах аайы абаккаҕа этинэллэр да, үлэһиттэр кыамматтар.
Ньээҥкэ хамнаһа быыкаа, ол да иһин уһуннук тохтоон, олохтоохтук санаатын ууран үлэлиэн баҕалаах аҕыйах. Арай Аанчыкка табыгастаахха дылы. Ылар харчыта аһылыгар тып курдук тиийэр. Уопсайа босхо, күнүс үлэтигэр чэйдиир. Быстахха кэлбиттэр эн хайдахтаах да этиигэр-үөрэтиигэр кыһамматтар, аҕыйах кэмҥэ хамнастарын толуйдулар да, туох да иэһэ суох төттөрү ыстаналлар.
Ардыгар медик буолаары сылдьар устудьуоннары аҕалаллар. Олор хантан ньээҥкэ буолуохтарай, үрдүнэн-аннынан сууйан-тараан хайдах тутары-хабары билсэллэр эрэ, сүнньүнэн ыарыыны интэриэһиргиир буолан, сытар оҕоҕо ымманыйбаттар.
Оттон Аанчык үлэтин наһаа сөбүлүүр. Сороҕор, солбуһар ньээҥкэ кэллэҕинэ да, тардыллан, арыый иллэҥсийбиччэ, ыалдьар оҕолор хосторугар баран анаан бодьуустаһар идэлээх. Саха буоллун, нуучча буоллун, омук буоллун, наар сахалыы туһаайан саҥарар, кэпсэтэ сатыыр, ыллыыр, утуу-субуу барыларын көтөҕүтэлиир. Сытааччылар эрэйдээхтэр сороҕор кырдьык да билэр курдук туттаахтыыллар. Аанчык атаҕын тыаһын истээт, ах бараллар уонна кинилэргэ тиийэрин күүтэр курдук иһийэ түһээхтииллэр. Оччоҕо кыыс иккилии оҕону уйаларыттан ылан түөһүгэр ыга кууһан түннүккэ чугаһата аҕалар. Сырдык буоллун, хараҥа буоллун, туох да ситимэ суох аҥаар кырыытыттан иһирдьэни-таһырдьаны, киһини-сүөһүнү, ыты-куһу арааран кэпсээбитинэн барар…
Манна киириэҕиттэн иһигэр кистээн иитиэхтиир биир ыралаах. Хаһан эрэ кини үөрэнэн, идэлэнэн, хамнаһа үрдээтэҕинэ, туһунан дьиэлэниэ уонна булгуччу мантан биир эмэ эрэйдээҕи иитэ ылыаҕа. Ол оҕотун оннооҕор хайдах эрэ хараҕар көрөн ыларга дылы. Эмиэ да дьиибэтэ баар, кыыс хаһан эрэ кэргэн барыахтааҕын туһунан тоҕо санаабатаҕа буолла, ыал буоллаҕына бэйэтэ оҕолонуохтааҕын эмиэ учуоттаабатах дии.
Аанчык итинник арааһы эрийэн-буруйан, быстах-остох булкуйан-тэлкийэн уһуннук санаабытыттан илистэ быһыытыйда, оргууй үөһэ тыынна. Оо, санаа диэн түгэҕэ дириҥиэн, сыыйыллара түргэниэн! Уопсайыттан үлэтигэр диэри, омуннаатахха, баара-суоҕа икки хаамыы. Ол икки ардыгар санаата ырааҕынан да «айаннатан» оонньоколоон ыллаҕа үһү. Барыта иэйииттэн саҕаламмыта ээ. Ийэ буолар үөрүүттэн, кистэлэҥ дьолтон уонна… соҕотох буолбатах долгуйууттан. Ол иһин, хаһан эрэ ылыахтаах оҕотугар туһаайан оргууй аҕай: «Чыычаах, тохтуу түһүөхпүт, бастаан оҕолонуохпут, онтон эйигин син биир ылыахпыт», – диэн бэйэтэ эрэ истэрин курдук сибигинэйдэ.
Кыыс үлэтигэр кэлээт, муус маҥан халаатын кэттэ, эмиэ оннук туналыйбыт халпааҕын оройугар уурунна, кэтэҕэр ыга тардан баанна. Сиэркилэҕэ кини иннигэр атын Аанчык турар. Уулуссаҕа буоллар наһаа оннук киһи хараҕар быраҕыллыа суох эбит да, маҥан халаат кими баҕарар олус тупсарар. Кини симиттибиттии туттубут сэмэй баҕайы ыраас сэбэрэтинээҕэр быһыыта-таһаата ордук уурбут-туппут курдук. Орто уҥуоҕар сөрү-сөп сип-синньигэс бииллээх, көбүс-көнө атахтардаах. Онуоха эбии илиитинэн үлэлиир кыыс имигэс санныларыгар дьүөрэлии нарын илиилэрэ харахха чуо быраҕыллаллар. Хамсаныыта имэрийэн эрэр курдук сэрэхтээх, наһаа намчы буолан, оҕо эйгэтигэр айылҕаттан сыстаҕас буоларга анаммыкка дылы. Күлэн мичийдэҕинэ сирэйдиин сандаарыс гынар ис киирбэх мөссүөнэ киһи эрэ хараҕар чуо быраҕылларын бэйэтэ сэрэйээхтээбэт…
Былырыын баччаҕа дойдутугар этэ. Аҕата суох буолбут кэмин саныырыгар наһаа ыарахан, ол иһин хаһан да оһуо суох чинчилээх бааһы тыыппакка, мэлдьи тумна сатыыр. Ордук-хос ыйыталларын эмиэ сөбүлээбэт, судургутук: «Ийэм кырабар өлбүтэ, бу диэн үчүгэйдик да өйдөөбөппүн. Оттон аҕам былырыын оһолго бараахтаабыта, онон төгүрүк тулаайахпын», – диэн быһыта биэрдэҕинэ, ким да эбии туоһулаһааччыта суох.
Толялыын билсэллэригэр эмиэ ити курдук эппиттээх. Уол соһуйбута уонна тугу да саҥарбатаҕа. Ол күнтэн ыла кини кыыска сыһыана ордук иһирэх буолбута быһыылааҕа. Кинилэр Эргэ Саҥа дьылы атаарар саҕана түүҥҥү кулууп үҥкүүтүгэр көрсүбүттэрэ. Аанчык онно тиийиитэ соһуччу соҕуһа. Бииргэ үлэлиир кыыһын кытта таах сынньана таарыйа барсыбыта. Куорат сир ыччата сытыыта дэлэлээх дуо, уоллуун-кыыстыын тибийэн олороллоро. Онтон саллан кыыс муннукка турар остуолга турбаттыы сананан олорбута. Биир бытыылка суок атыыласпытын хороҥ от курдук өҥнөөх пластик туруупканан сыпсырыйа-сыпсырыйа, киэһэни быһа анаан үрдэрэр буруоларын быыһынан үҥкүүһүттэри одуулаабыта. Чахчы киэптэппитэ, эчикийэ хамсаналлара да эҥинин, эрийэн түһэн уустугун. Ол быыһыгар өссө өрүтэ ыстаҥалаһар эбиттэрэ. Бары да маарынныырдык хамсаналлара, онон, сэрэйдэххэ, саамай муодунай үҥкүү үгэнэ быһыылааҕа.
Арай, Аанчык ол туһунан тугу да билбэт. Тыас-уус, дирбиэн-дарбаан киһини да кытта кэпсэтиннэриэ суох айылааҕа. Аргыс кыыһа Люба, Аанчыгы барыах диэн ааттаһа сатаан баран, доҕотторун көрсөн бииргэ үҥкүүлүү ыстаммыта. Быыһыгар кыра хаалаах суоктарын күргүөмүнэн соппойоллор, арааһа, битийэ сырыттахха итиикэтэ да бэрт буолуо. Олорор киһиэхэ оннук үлүгэр сылаас буолбатах да, үҥкүүһүттэр хамсаныыларын күүһэ сыттаҕа. Имик-самык уокка киһи сирэйэ-хараҕа дьүүллээн көстүбэт. Онуоха эбии өтөр-өтөр туох эрэ буруотун саба үрдэрэллэр, оччоҕо букатын туман быыһыгар сылдьар кэриэтэ атын турукка киирэҕин быһыылаах. Ити сыттаах буруоттан тэттэн ордук кыыс аймах үөрэн ыстаҥалаһа түһэр, күлүү-салыы оргуйан олорор. Чахчы да куорат сир тыаттан атына манна ала-чуо көстөрүн сөҕөн, Аанчык кирийиэҕинэн кирийэн, ыраахтан көрө эрэ олорбута.
Танцпол ураты сэргэх «олоҕун» сонурҕаан-дьиктиргээн, барытын сыныйан көрө олордоҕуна, ааһан иһээччи уолаттартан биирдэстэрэ, дьоҥҥо үтүрүллэн быһыылааҕа, Аанчык илиитигэр кэтиллэн, иһэ олорор суога остуолга соҕотохто килэс гыммыта. Кыыс, соһуйан, бытыылкатын харбаан ылан олордьу уура охсубута. Ити икки ардыгар остуол сирэйиттэн саккыраан тохтубут суок дьууппатын балайда илиппитэ.
Кыыс, онтун тэллэҕин харбаабытынан, ойон турбута. Хайыан да билбэккэ, саатар тэбэнээри дуу нөрүйбүтүгэр, арай, илиититтэн ким эрэ харбаан ылбыта. Үрдүк уҥуохтаах, кип-киэҥ арылыйбыт харахтаах, тоҥсоҕор муруннаах, үөһээ уоһун үрдүгэр сип-синньигэс гына саҥардыы бытыгыраабыт бытыктаах, санныгар тиийэ уһун баттахтаах, ыраас сэбэрэлээх уол оҕото илэ бэйэтинэн турара.
– Кыысчаан, бырастыы гын, алҕас таарыйдым бы-һыылаах, – диэн кини кулгааҕар таҕайан обургу соҕустук саҥарбытыгар, Аанчык долгуйан туох да диэн булбатаҕа.
Ол икки ардыгар уол ханна эрэ элэс гыммыта. Өр-өтөр буолбатаҕа, сииктээх салфетканы салыбыраппытынан субу тиийэн кэлбитэ. Онтун Аанчыкка ууммута уонна таарыччы:
– Билсэргэ бэртээхэй төрүөттэнним быһыылаах, эн таҥаскын буортулаабыт буруйдаах Толя диэммин, – диэбитэ.
Кыыс күлбүтэ, букатын да буруйдуур санаата суоҕун биллэрэн эйэргээбитэ, аатын эппитэ. Салгыы сэлэһиэҕи, ирэ-хоро кэпсэтиэҕи бэрт тоҕоостоох түгэн этэ эрээри, дирбийэр-дарбыйар тыас-уус тугу да иһитиннэриэ суох курдуга. Ол сатамньыта суох балаһыанньаттан иккиэн да саараабыттарын уол урут бэлиэтии көрөн:
– Аня, таһырдьа тахсабыт дуо? Манна айдаана бэрт эбит, – диэн тыл кыбыппыта.
Ити, кылгас да буоллар, олус күндү киэһэ этэ. Кыыһы инчэҕэй дьууппалаах барыаҥ дуо, тоҥуоҥ диэн туруорсан, Толя тута таксинан уопсайыгар аҕалан биэрбитэ. Сарсын, буруйун суотугар киинэҕэ барсарга ыҥырбытын кыыс аккаастаабатаҕа.
Оо, ол түүн бытааныан, эчикийэ сарсыарданы күүтэн да биэрбитэ. Сүрэҕэ мип-минньигэстик ыгыта туппахтаабыта, битигир-битигир тэбиэлээбитэ, имнэрэ кэйбитэ. Аанчык хараҥаҕа кытта кистээн мичээрдиир диэн тугун аан бастаан билбитэ. Билбитэ да буолуо дуо, маннык эбит диэн, дьэ, өйдөөбүтэ.
Күнү быһа сүүрүүнэн үлэлээт, киэһэлик уопсайыгар тахсыытыгар, үөрүөн иһин, аанын таһыгар Толя хайыы-үйэ хоруопкалаах кэмпиэттээх кинини күүтэн турара.
Бүттэҕэ ол, Аанчык ол күнтэн ыла күннэри-түүннэри күүтэр киһитэ соҕотох кини, Толя эрэ. Уол архитектор буолаары үөрэммитэ үһүс сыла эбит. Манна куоракка үөскээтэр да, тыаҕа дьоннордоох буолан, сахалыы-нууччалыы барытыгар сыстаҕас, элэккэй, булугас-талыгас, турбут-олорбут, букатын сиппит эдэр киһиэхэ маарынныыр.
Аанчык соҕотохсуйбут сүрэҕэ ити кэмтэн ыла иччилэммитэ, кимниин да үллэстиэ суох күндү кистэлэҥнэммитэ. Кыыс санаатыгар кини бу уолу сааһын тухары (онтубут да, саллайбыт сааһа диэхтээн, баара эрэ 17-тэ эбээт) билэр курдуга. Хайдах эрэ оннук, орун-оннугар буолуохтааҕын курдук, кини сүрэҕин суос-соҕотох чопчута бу уол буолбута. Кинилэр, ол да иһин буолуо, уһаабатахтара, били билсиэхтэриттэн нэдиэлэ эрэ кэриҥэ буолбуттара, кыыс биир хоско олорооччута уоппускаҕа бараатын кытта, киэһэ киинэ кэнниттэн Толя киниэхэ хоно хаалбыта…
Онтон ыла, үөрэҕэ бүттэр эрэ, атын наадата суох кэмигэр уол куруук кэлэр. Аараттан атыыласпыт бэчиэнньэтин, ардыгар мороженайын кыбыммытынан иһэрин көрдөҕүнэ, Аанчык утары тахсан көрсөр уонна бу күн сиригэр кини саҕа дьоллоох суоҕун илэ итэҕэйэр. Тоҕо диэтэххэ, кини Толята куруук кинини таптыырын туһунан олус минньигэстик, элбэхтик да элбэхтик сибигинэйэр. Ардыгар бойобуой баҕайы тыллардаах, тапталга ханан да сыһыана суох эрээри, таптыыр бэйиэттэрин хоһооннорун төһө сатыырынан, иҥнэ-иҥнэ, өйүттэн ааҕан күллэртиир. Хаһан эрэ Аанчыкка эрэ анаан дьиҥнээхтик айыам диэн андаҕайар. Ити таптал буолбакка? Итинник дьиҥнээх нарын тапталтан иитиллэн, кини иһигэр оҕо үөскээбитэ, эчи, үчүгэйин эриэхсит.
– Анечка, анараа иккис палаатаҕа саҥа кырачааны аҕалбыттара, көрөөр эрэ, наһаа ытыыр этэ, – диэн кыыс солбуга эмискэ киирэн соһуппутугар, сиэркилэ иннигэр эргичийбэхтии турар бэйэтэ онтон өрө ходьох гынна, санаатын ситимин соҕотохто быһа баттаата.
– Ээ, барахсаны даа, сибилигин көрүөхпүт… – диэбитинэн, хостон көтөр кэриэтэ ойон тахсан, көрүдүөр устун чэпчэкитик дугунан хаама турда.
* * *
– Аанчык-баанчык, Анчик-бантик, көр эрэ, тугу аҕалбытым буолуой? – диэбитинэн Толя киэһэ кыараҕас хоско көтөн түстэ.
Үлэтиттэн кэлээт, хортуоппуй ыһаарылыы турбут кыыс утары кэлэн уолу моонньуттан кууһа түстэ уонна субу ууллаары гыммыт мороженайы ытыһынан бүөлүү уолга төттөрү аспыта буолла, дьээбэлээхтик уун-утары көрөн туран, оргууй аҕай сибигинэйдэ:
– Аанчык аны манныгы сиэбэ-эт, тоҕо буолуой?
– Бай, талиябытыгар туох үлүгэр куттала суоһаатай, эт эрэ миэхэ ону, сибилигин… – диэн уол тэҥҥэ оонньоһон эрдэҕинэ, кыыс кини уоһун саба тутта:
– Талияҕа куттал суох эрээри, аны бөгүүрэбит бэйэтэ битэмииҥҥэ наадыйар. Ол аата дьаабылыка, апельсин, банаан уонна… уонна туох эбитэ буоллар… – кыыс хараҕын симириччи көрөн уолга таайтара сатаата.
Биирдэрэ сатаан өйдөөбөтөҕүттэн мунааран, хааһын түрдэһиннэрдэ, тас таҥаһын устан хоско ааста. Аанчык таайбараҥа тута таайыллыбатаҕыттан хомойбото, сырылас хортуоппуйун, сэниэлээхтик булкуйбахтаат, күөх луугунан тумалаата, төттөрү хаппахтаата уонна:
– Толя, мин бүгүн гинекологка сырыттым. Кини этэринэн, аны… 35–36 нэдиэлэнэн мин кыып-кыра ньээньэлэнэбин! Оччоҕо эн уонна мин ийэ уонна аҕа буолабыт! Хайа, хайдаҕый, туох диэҥ этэй?
Уол, кырдьык, соһуйан эрэ хаалла. Сыыһа истибэтим ини диэн саараата:
– Мин? Аҕа?! Тугун… түргэнэй… – Толя чочумча турбахтаата, онтон күллэ. – Оттон бэрт буоллаҕа дии, Аанчык. Эн… ону сөбүлүүр буоллаххына… Ол эрээри, оччоҕо… үөрэҕиҥ хайыырый?
– Тыый, оттон үөрэниэм дии, ыксаатахпына, кэнники кэтэхтэн да көһүөм, – диэн, былыр үйэҕэ ити туһунан толкуйдаабытын биллэрэн, кыыс дьоһуннаахтык хардараат, остуолун тардар аакка барда…
Хайалара да холбоһор, ыал буолар туһунан тыл быктарбатылар, быһыыта, санааларыгар да оҕустарбатылар. Аанчык баары баарынан, судургутук ылынар буолан буолуо. Оттон устудьуон уол, ситэ үөрэммэккэ сылдьан кыраланнахха уустук балаһыанньа тириэҕин сэрэйдэҕэ буолуо, ордук-хос тугу да саҥарбата.
* * *
Ити итинэн аастаҕа. Сааскы күн, чаҕылыйан, сырдыга дьикти. Ыйтан ый үүннэҕин аайы кыра-кыралаан ыараан иһэр Аанчык халтарааҥҥа сэрэнэн хаамар. Билиҥҥитэ, иһэ оннук айылаах улааппатар да, кини сирэйдиин кытта төгүрүйбүт курдук. Хата, доруобуйата балачча этэҥҥэ, чэгиэн буолан ыарахан кэмин этэҥҥэ аһарыыһы.
Үлэтигэр кинини хат диэн өссө ким да өйдөөн-дьүүллээн билэ илик. Бииргэ олорор кыыһа уоппускатыттан кэлбитэ. Инньэ гынан Толялыын дэҥҥэ кэриэтэ көрсөллөр. Киинэҕэ сылдьары кыыс сылаарҕыыр, кафе, буфет аһылыгын аны тулуйбат буолан, урут сөбүлээн чэйдиир сирдэригэр да сылдьыбатахтара ыраатта.
Ону ааһан сааскынан уол, бэйэтэ этэринэн, үөрэҕэр аһара ыктарда, биир үксүн курсовойа, реферата ситэ-хото оҥоһуллан иһиэхтээҕэ кыайда. Кини итинник кыһамньытынан кыыс киэн туттар, эһиил бэйэтэ эмиэ олус кыһаллан үөрэниэ турдаҕа. Үлэлиир буолан хаһан чуҥкуйуой, куруук түбүк үрдүгэр сылдьар уонна бэйэтэ кырачаан киһилэнээри күн-түүн долгуйа күүтэр ураты туругунан үлүһүйэн кыраны аахсыбат. Онуоха эбии Толятын таптыыра бэрт, кини туһугар тугу баҕарар тулуйуох этэ.
Аанчык, быыс буллар эрэ, аттынааҕы сквергэ бэркэ сөбүлээн дьаарбайар. Онно саас буолуоҕуттан аҕалар, кэлээскэлээх кырачааннарын үтэн, өрөбүл күн элбииллэр. Атын күннэргэ ийэлэр бэйэлэрэ сылдьар буолаллар. Итини көрө-көрө, кыыс мичээрдиир, кинилэр Толялыын эмиэ оҕолорун кыһанан көрүөхтэрин санаан олус долгуйа астынар.
Биир күн кыыс маҕаһыыннары кэрийэргэ былааннанна. Санаатыгар, саҥа кэлиэхтээх киһитигэр тугу ылыахха сөбүн эрдэттэн суоттанаары уонна иллэҥсийбиччэ атыыны-эргиэни көрөн сэргэхсийээри.
Толя биллибэтэҕэ үһүс нэдиэлэтигэр барда. Бука, үөрэҕэр ыктардаҕа, сааскы сессия субу ыган чугаһаатаҕа. Онон, хата, өҥнөөх сап атыылаһан, быыска-арыкка кыра быысыпка анньарга сөбө дуу…
Оргууй сыыйыллан, турар бэйэҕин бэйэтэ күөгэччи көтөҕөн үөһэ мэндиэмэҥҥэ илдьэр кирилиэстээх улахан маҕаһыыҥҥа, үлэ кэмэ буолан, киһитэ аҕыйах эбит. Аанчык, биэс мэндиэмэн тухары бииртэн-биир лааппылары кэрийэн, балай эмэ илистэ быһыытыйда. Бүтэһиккэ тиийбэккэ сананна, ол иһин бэттэх соҕус сып-сырдыгынан сандаарар биир дьоҕус павильону көрбүтэ, сыбаайба таҥаһа-саба, киэргэлэ ааҥҥа тиийэ анньыллыбыт. Итинник эгэлгэ киниэхэ өтөрүнэн наадата суоҕун быһыытынан, төттөрү эргийиэх буолан эрдэҕинэ, хайдах эрэ наһаа билэр куолаһа хантан эрэ:
– Заночка, маны көрүүй, бу фата эйиэхэ ордук барсыа дии. Мантын ылаҥҥын сирэйгэр саба түһэринэҕин, оттон бу кэннэ ууп-уһун… ыраахха диэри соһуллар. Оруобуна эн биһикки олохпут курдук эмиэ уһун да уһун буолуохтаах, оннук буолбат дуо, чыычаах? – диэтэ.
Аанчык эргиллэн көрбүтэ – ким да суох. «Һуу» гыныан саарыы турдаҕына, өстүөкүлэ аан анараа өттүгэр иһирдьэ олус билэр көхсө көһүннэ. Ону кытта кини иннигэр, уп-уһун фатаны субуруппутунан, үрдүк бэйэлээх кэрэ куо хааман наскылдьыйар уонна нарын да нарын куолаһынан чуораан курдук лыҥкыныыр:
– Толи-ик, ама дуу… наһаа старомоднай буолбатах дуо? Мещанскай соҕус диэбэккин дуо? А не лучше ли, если тут прикрепить коротенькую фату, а? Что скажешь, будущий мой архитектор? Короче, эн дизайнер хараҕыҥ суох эбит диэн өссө биирдэ этэбин… Мне тут не нравится, пошли в другой салон, – кыыс оҕото били субуруппутун соҕотохто эһэ быраҕан, туохтан эрэ өһүргэммиттии туттан-хаптан, тоһоҕо курдук сип-синньигэс хобулуктарынан тоһугураан, муннун анныгар өс саҕа саҥалаах субу тахсан кэллэ. Кэнниттэн кини сөбүлээбитэ сөбө суох аатырбыт Толя, тоҕо эрэ үүтүн тохпут оҕолуу туттан, батыһан иһэр… Аанчык, көрбүтүн итэҕэйбэккэ, түҥнэри хайыста, битириинэни одууласпыта буолан дьон быыһыгар кирийэ сатаата… Хараҕыттан сарк гыммыт сылаас таммахтар тохтоло суох иэдэһинэн сүүрдүлэр. Билигин да туох буолбутун төбөтүгэр ситэ тиэрдибэтэ эрээри, сүрэҕэ хайыы-үйэ сэрэйэн, туох эрэ олус суолталаах бүтэрэ бүппүтүн биллэрэн ыарыылаахтык ыгыта туппахтаата. Мэйиитэ маннык түгэни ылыныан баҕарбат быһыылаах, тоҕо эрэ Толяны көмүскэһиэх курдук гынна. Сибилигин эккирэтэн тиийэн ити кыһалҕаны билбэтэх, атаах, мааны кыыһы эргилиннэри тардан: «Толя саамай сөпкө этэр. Уһун фата уһун дьоллоох олох кэрэһитэ. Туох да мещанскайа суох, олус кэрэ көстүүлээх буолбат дуо?» – диэн мөккүһүөх, өйдөтүөх санаатыттан бэйэтэ да соһуйда.
Мух-мах баран, барыах-кэлиэх сирин булумуна, били түҥнэри хайыспытынан туран хаалла. Ааһан иһээччи тугу эрэ көрө турар диэ эбитэ буолуо да, кыыс хараҕа туманынан бүрүллэн тугу да көрбөт. Ити аата… тугуй? Толя туһунан кыыстаах, атын олохтоох? Хайдах баҕайыный? Тоҕо да эппэтэҕэй? Аанчык булгу өйдүөх этэ дии, кырдьыгынан кэпсиирэ кыаллыбатах муҥай… Аата, кэргэн ылыах кыыһа хамсыыр хартыына курдук кэрэтиэн, куолаһа минньигэһин, нарынын? Оо… Аанчыкка чахчы ханан да холооно суох мааны көрүҥнээх, имилдьигэс быһыылаах-таһаалаах. Аны… уруккуттан доҕордуу дьоҥҥо кини туораттан булкуспут бэйэтэ дуу, оччотугар Толя туох буруйдаах буолуой…
Итинник булкуур санааҕа ыктаран, саҥата суох ытыы турар ыарахан кыыһы битириинэ анараа өттүттэн атыыһыт дьахтар көрөн тахсан кэллэ:
– Кыысчааныам, туох буоллуҥ, көмө наада дуо? – диэн аһыммыт баҕайы куолаһынан сэрэнэн туоһуласта.
Аанчык, тугу да хардарбакка, ыараан хаалбыт атахтарын нэһиилэ сыҕарыталаан, халты хаамта. Мааҕын сып-сырдыгынан угуйбут салон, санаатыгар, бүдүк-бадык, имик-самык уоттарынан атаара хаалла… Эчи да… туох ааттаах, элбэх киһи сылдьарыгар табыгаһа суох көрүдүөрүй, хараҥа соҕус дуу диэн аралдьытыныах санаа баара да…
Биирдэ өйдөммүтэ, тула ыгылыйбыт дьахталлар ньамалаһаллар, кини сирэйин-хараҕын одуулаһаллар. Ким эрэ уу иһэрдэ сатыыр, ким эрэ, ханна эбитэ буолла, төлөпүөннүүр. Кинини ханна эрэ олоппоско киллэрэн олорпуттар. Ээ, атыыһыттар эбит…
– Хайа, тоойуом, бэттэх кэллиҥ дуо? Аатыҥ кимий? Саҥар эрэ, – эмиэ өҥөйөн көрөн ыйыттылар.
– Анябын… Туох буоллугут? – туох да диэн булбакка кини төттөрүтүн бэйэлэриттэн ыйытта, төбөтө тоҕо эрэ дыҥ курдук. Ити икки ардыгар туох буолбутун ситэн өйдөөбөтө. Арай, наһаа сылайбыкка, утуйуон баҕарарга дылы турук кинини нухарытан, сотору-сотору туймаарытар быһыылаах.
– Суох, суох, Анечка, мэ-мэ, бу диэки көр эрэ! Кыргыттар, түргэнник суһал көмөнү ыҥыра охсуҥ, эмиэ охтоору гынна, – ити кэннэ кыыс, чахчы утуктаабыт курдук сананан, уу чуумпутук төбөтүн хоҥкуччу түһэрэн кэбистэ…
«Бу иэдээни?! Пахай да, манна кэлэн аны уҥан охто оонньообут… Киһи кыбыстыах». Аанчык суһал көмө бырааһа тугу диирин аанньа истибэккэ, биир кэм ыытыҥ диэн көрдөстө, мэктиэтигэр ытаата, тиһэҕэр, төлө көтөн кэриэтэ, бу кыараҕас маҕаһыынтан тахса ойдо.
«Сүрүн баҕаһын, туох абааһыта буллаҕай, барыта этэҥҥэ курдуга, ээ, арба да… Толяны көрбүтэ этэ дуу. Кырдьык да оннук эбит, кини Толята манна кэрэчээн бэйэлээх кыыстыын сыбаайба таҥаһын сыымайдыыллар быһыылааҕа»…
– Оттон эмиэ да сөп дии, – Аанчык бэйэтин уоскутуна сатаата. – Мин диэн… үөрэх да суох, баай-дуол, дьиэ-уот эмиэ мэлигир, кэрэчээн кэргэн буолар кыыска туохпунан маарынныамый, – эмиэ бычалыйа охсубут хараҕын уутун аһарынаары хара күүһүнэн мичээрдии сатаата.
Кини маҕаһыынтан тахсан уопсайын диэки сатыылаата. Син тэйиччи сири мааҕын оптуобуһунан кэлбитэ, оттон билигин маннык ытаан-соҥоон, дьону толору тиэммит көлөҕө туох диэн киирээхтиэй?
«Ол эрээри… ол эрээри, мин Толяны таптыырым бэрт буоллаҕа. Кини кэннэ миэхэ бу орто дойдуга кимим да суох. Арай ийэм, аҕам бааллара буоллар ньии, мин да син атыттар курдук кыанан, талбыппынан кэтэр таҥастаах, сирэ-тала хонор сирдээх буолуом эбитэ ээ. Билбэт куораппар муммут кус оҕотун курдук соҕотоҕун сылдьыам суох этэ. Хата, Толя мин ыарахан кэммэр аттыбар баар буолан элбэхтэн быыһаатаҕа, олохпун уларыттаҕа. Дьиҥэр, ис санаатын барытын эппитэ буоллар дуу… Мин син биир өйдүөм этэ. Миигин туох да диэн албыннаабатах буоллаҕа дии. Эйигин кэргэн ылыам диэн баран, ол тылын кэспитэ буоллар, кырдьык, хомойуохха төрүөт тахсыах эбит. Ону баара, кырдьыгынан, кини тугу да эрэннэрбэтэҕэ, мин эмиэ ыйыппатаҕым, көрдөспөтөҕүм. Букатын да сыбаайба туһунан санаабатахпыт буолбаат? Чэ, хайыамый, буолар буолбут. Ытаан да диэн. Мин курдук элбэхтик ытаабыт кыыс суоҕа буолуо. Бу да сырыыга тулуйаа инибин. Бэйэм буруйдаахпын. Ээ, тоҕо, туохха буруйдаахпыный? Толя атын кыыһы таптаабытыгар дуо? Ол… кини көҥүлэ буоллаҕа, бобор суох. Хата, мин таптыыр киһибиттэн оҕолонуом, биһиги хайдах эмэ гынан иккиэн олоруохпут. Мин хайаан да үөрэниэм, үлэм уопсайыгар олоруохпут, кэнники, баҕар, өссө дьиэлэниэхпит, бүттэҕэ дии. Оҕобун таптыам да таптыам, син биир Толяны курдук күүскэ таптыам. Икки киһи оннугар соҕотох оҕобун таптыам, хайаан да… дьоллоох буолуохпут. Көрөөр да истээр, биһигини атаҕастаммыттар курдук ким да көрүө суоҕа». Аанчык эрэйдээх хараҥаран эрэр сааскы киэһэ, сырдык лаампалардаах уулуссанан хааман иһэн, уйа-хайа суох ытаата.
Элбэҕи эргитэ санаата, уруккуну-хойуккуну тэҥҥэ ытыйда, ардыгар киһи аҕыйах сиригэр бөтүөхтүөр диэри төлө биэрэн, соруйан тыынын таһаарда. Ол быыһыгар «билигин дьиэбэр тиийэрбэр уоскуйуохтаахпын, мин тус кыһалҕабын кимиэхэ да биллэриэм суоҕа» диэн иһигэр кытаанахтык сананна.
* * *
Ити киэһэ кини эрдэ сыппытын көрөн, смената бүппүт аттынааҕы кыыһа сыбдыйан киирэн сэмээр чэйдээтэ, остуол лаампатын холбоон тугу эрэ өр аахта, онтон устунан сыппытынан утуйда. Аанчык сүрэҕэ мааҕын тэбэн кэбиспит тэтимин тоҕо эрэ намыраппат, биир кэм битигириир. Ол иһин быһыылаах, уута кэлбэт, сыта сатаан баран туран уопсай көрүдүөргэ таҕыста.
Сибэкки бөҕө силигилии үүммүт дьоҕус саалатыгар икки дьыбаан турар. Сынньанааччылар манна телевизор көрөллөр, сээкэйи сэлэһэллэр. Түүн ыраатан, ким кэлиэй, имик-самык уот барбах аҕыйах сиргэ холбоммут. Кыыс баран дьыбааҥҥа олордо. Санныгар бырахпыт саал былаатынан бүрүнэ сатаата. Ким да суоҕунан туһанан курастыйбыт дууһатын ыарыылаах хомолтотуттан ыгыллар хараҕын уутун эмиэ көҥүл ыытта…
Дойдутугар, эчикийэ, оннук чугас дьүөгэтэ да суоҕа.
Кимниин да иирсибэтэ, бэйэтэ-бэйэтигэр мэлдьи сөрү-сөп сылдьааччы. Үөрэҕэр да ортоһуор буолан соччо-бачча ким да болҕомтотун тардааччыта суох. Билигин дьикти үйэ диэн дьон бары бэлиэтиир. Хас биирдии киһи тус кистэлэҥ сыаллаах, онтун ситиһээри туохха баҕарар тииһэр. Оттон халыҥ аймаҕа, билсиитэ-көрсүүтэ суох буоллаххына, эйигинниин куодарыһа оонньооччу суох буолар. Саатар үөрэҕэр уһулуччу буолан Аанчык атыттары сабырыйар кыаҕа суоҕа абаккалаах. Оччоҕо, баҕар кими эмэ өмүтүннэрэн тумнарыа эбитэ буолуо дуу… Биир өттүттэн көрдөххө, ол эмиэ даҕаны туохха наадалаах буолуой?
– Анютка, бу бүгүн тоҕо арбы-сарбыгыный? Туох буоллуҥ? – уурайбыт вахтер уол оннугар кэлбит эбэтэ, наһаа намыын майгылаах Марыына эмээхсин, таапачыкалаах атаҕынан сыр-сыр үктэнэн, ханна эрэ ааһан иһэн киниэхэ халыйда.
– Ээ, суох, таах… – хараҕын уутун кистээн түҥнэри хайыспыт кыыһы эмээхсин сэҥийэтиттэн ылан бэйэтигэр эргилиннэри тарта.
– Хотуой, ол-бу буолума, миигин кырдьаҕас киһини албынныаҥ суоҕа. Хат сылдьаҕын буолбат дуо?
Ити Толя уолтан диэ? Тугуй, албыннаата дуо, этэ тарт, күн сарсын мин кинини үчүгэй аҕайдык… – Марыынаны ситэ саҥарпакка Аанчык кини айаҕын саба тутта:
– Толя туох да буруйа суох, кими да албыннаабата. Мин онтон ытаабаппын… – диэтэ.
– Оччоҕо? – эмээхсин кыыс илиитин туора садьый-да. – Бай, хат кыыс уонна туохтан итинник айманыахтааҕый? Эр киһи эппит тылыттан туораатаҕына буолбакка?!
– Эбээ… оннук буолбатах. Мин тулаайахпын, кыраттан да ытыырым кэмнээх буолуо дуо… – титирэстэс куолас, төһө да кистээбит, онон-манан аралдьыппыт иһин, син биир төлө көтөн тахсан, бүгүн күнү быһа илистибит кыыһы эбии ытатта.
Марыына эмээхсин кыыһы дэллэритэн илдьэн кэбиниэт дэнэр быыкаа холлороон курдук хоһугар киллэрдэ. Итии мүөттээх чэйи буруолаппытынан сибэкки ойуулаах чааскыга толору кутан кэри-куру кыыс иннигэр ууран биэрдэ. Остуолун тардарыттан ыһык гынар суухаратын кытта хас да кэмпиэти таһааран кыракый бүлүүһэҕэ үөрүйэх баҕайытык тэлгэтэ оҕуста. Бэйэтэ хаһан да арахсыбат, таба ойуулаах дьоҕус чөҥкөйүн хойуу үүттээх чэйинэн толороот, сонно иҥнэрэн, муус маҥан бүлүүһэҕэ ыы-быччары кута охсон, сойута уурунна.
Итиэннэ, ийэ эрэ сатыыр албаһынан буолуо, муунтуйбут кыыһы дэлби ааттаан, ыраахтан таайтаран, устунан уоскутан олус иһирэхтик, истиҥник кэпсэттэ. Сааһыгар кими да кытта маннык наллаан, ирэ-хоро сэлэспэтэх Аанчык бастаан кистэнэн кумуччу туттубута сыыйа ааста быһыылааҕа. Кинини бэркэ өйдүүр, курдары көрөр кэриэтэ санаатын сыыһын наһаа чопчу быһааран кэбиһэр, олоҕу олорбут, арааһы билбит эбээ барахсаҥҥа кыыс оҕо туҥуй сүрэҕин дьол икки, таҥнарыы икки сытыытык кэйиэлиир кистэлэҥин сыыһын барытын тоҕо сүөкээтэ…
– Мин Толяны буруйдуох санаам кэлбэт… Кини олус үчүгэй, киһи да быһыытынан миэхэ саамай күндүм, мин кинини син биир таптыыбын… таптыам даҕаны, – Аанчык эрэйдээх букатын оҕолуу, туох да ситимэ суох булкуур быһаарыыта итинник.
Оҕо барахсан, хата, итиччэ этиннэҕэ диэн эмээхсин күлүгэр имнэннэ. Таҥнардылар диэн таҥнастар суолга киирэр толкуйа суоҕуттан кини үөрдэ даҕаны, төрөппүт кыыһын, сиэнин кэриэтэ олус аһынна даҕаны.
Таптаабыта буруй буолбатаҕын, оҕо кэлэрэ дьылҕа бэлэҕэ дэнэрин эмээхсин боростуойдук, ылыннарыылаахтык өйдөттө. Ытыыр-соҥуур, куһаҕаны саныыр, ыраланар сыыһатын, ол барыта киһи буолан кэлиэхтээх оҕо түһүн эрдэттэн сатарытыа, айгыратыа диэн, куттаабакка, кырдьыгынан ууран биэрдэ. «Кыыс оҕолонуохтааҕын билэн, уол, баҕар, кинини харыстаан, атын кыыһы кэргэн ыларын аһаҕастык эппэтэх буолуон эмиэ сөп» диэн өйдөөх баабыска балаһыанньаны бары өттүттэн быһаарыста, үөһэ-аллара ыараҥнатта. Кими да сэмэлээбэккэ, буруйдааҕы ирдээбэккэ, буолбут балаһыанньа хайа диэки үтүөнэн салаллыахтааҕын туһунан бэйэтин санаатын эттэ.
Инньэ гынан эмээхсиннээх кыыс иккиэн эрэ билэр тыын кистэлэҥнэрин кимниин да үллэстиэхпит суоҕа диэн сүбэлэстилэр. Тиһэҕэр Марыына:
– Анютка, эн, кырдьык да, сөпкө гынаҕын, тоойуом. Оҕоҥ аҕата тоҕо куһаҕан санаалаах, төттөрү кэмэлдьилээх, ыраас кыыһы албыннаабыт дэниэхтээҕий? Биллэн турар, төрүөхтээх оҕону эрдэттэн хомотор сыыһа. Кини аҕата эн таптыыр киһиҥ, күн сиригэр саамай соҕотох күндү диэн эн таллаҕыҥ эбээт! Онон оҕоҕун да оннук иитиэхтээххин. Чэ, кытаат, тоойуом, сарсыарда буолара субу кэллэ. Бар, утуйа тарт! Үүнэр күн саргылаах санааны салайдын, – диэн быһа кутугунатан, сып-сылаастык сыллаан-уураан, санааҕа баттаппыта саҥардыы өһүллүөхчэ кыыһы хоһугар утута үүрдэ…
Аанчык муҥнааҕы, аата, ким да итинник ийэлии имэрийбэтэҕэ эчи ырааппытыан! Марыына эбээ илиитэ сымнаҕаһа, саҥата намыына, экчи ийэ эрэ оҕотун ити курдук таптыа буолуо. Ол эрээри Аанчык итинник сыһыаны сэрэйэр эрэ.
Кини өйдүүрүн тухары аҕатыныын бииргэ этилэр. Эр киһилии модун көрүҥнээх аҕата, тардына да буоллар, дэҥ-дуҥ үөрэн күө-дьаа буолара. Оччоҕо, бэйэтиттэн көҥөммүт курдук, суһал үлүгэрдик кыыһын сүүһүттэн «һык» гына сыллаан ылара, төбөтүттэн имэрийэрэ. Онтон ордук истиҥ сыһыаны билбэккэ улааппыт кыыс соччо-бачча туорхаһыйбата.
Аҕатын хараҕар куруук даҕаны курус күлүгэ хаһан да арахсыбаттыы олохсуйбут быһыылааҕа. Омуннаах оонньуу да кэнниттэн Аанчык, биирдэ эмэ алҕаһатан, күлэн-салан күйгүөрбүтүнэн дьиэтигэр киирэригэр аантан били курус дьикти ыар тыына илгийэ түһэрэ. Ийэтэ суох олох, кырдьыга даҕаны, үөрүү-көтүү сырдык араҥатын мэлдьи күлүктүү түһэр быһыылааҕа. Ону улаатан эрэр кыыс син сотору өйдөөбүтэ. Ытаан-соҥоон аҕатын аймаабат буола сатыыра, бэйэтин күннээҕи кыһалҕатын кистэнэргэ, хороччу улаатар киһичээн түбүгүн сатаан дьаһанарга түргэнник үөрэммитэ быһыылааҕа.
Онон Аанчык атаах оҕолуу буолбакка, судургутук, арааһа, эр киһилии соҕустук улааппыт эбит. Ордук-хос тугу да көрдөппөт, туруорсубат, баары баарынан, суоҕу суоҕунан ылынан, соҕотохсуйбут аҕа боростуой оскуолатын ааспыта.
Итини барытын эргитэ саныы сытан Аанчык утуйан хаалла.
Арай түһээтэҕинэ, үрдүк да үрдүк хайаҕа ытта сатыыр. Иһэ улааппыт аҕай, ол иһин сэрэнэр курдук, таах дабайа сатаабат, хайата үрдүгүттэн эмиэ да саллар. Үөһэ диэки көрө сатыыр, ол быыһыгар тоҕо ити хайаҕа ыттар баҕалааҕын өйдүү сатыыр. Суох, ыттыахтаах быһыылаах да… мэһэйэ элбэҕэ бэрт. Ыарахан дии, хайдах соҕотоҕун ыттыай? Онтон түһэригэр хайдах буолуой, ким кэлэн көмөлөһүөй? Ити икки ардыгар хайа үрдүгэр Толя турарын көрөр уонна, туох баар хос санаатын илгээт, иннин диэки дьүккүйэр… Тиритэ-хорута били тыаллаах чыпчаалга тарбачыһан тиийбитэ, аны ким да суох. Хайдах баҕайыный? Сибилигин баара дии? «Суо-ох, Толя мааҕын түспүтэ-э, эн хойутаабыккы-ын…» – диэн тыал сипсийэргэ дылы. «Чэ, буоллун, сотору, сынньанан баран, бэйэм да түһүөм буоллаҕа. Толя, бука, тиэтэйдэҕэ. Мин да киниэхэ ыттарбын эппэтэх буоллаҕым дии». Иһигэр итинник саныы-саныы, сэрэнэн-сэрэнэн сыыртан түһэ сатыыр. Наһаа туруору сиргэ кэллэҕинэ олоро биэрэр, онтон атаҕын иминэн дугунан, иһин күөйэ туттубутунан, түһэ сатыыр да, хайа тэллэҕэ чугаһаан да бэрт…
Уһуктан кэлбитэ, хайыы-үйэ сарсыардааҥҥы күн чаҕылыйбыт. Хата, мучумааннаах сырыыта түүл буолбутуттан үөрэн, Аанчык санныттан сүгэһэри түһэрбит курдук сананна. Ону-маны эргитэ саныы барбакка, куолутунан күннээҕи түбүгэр түстэ…
Марыына эбээ аныгыскы сырыыбар сэһэргэһиэхпит диэбитин өйдөөн, эмээхсин дьуһуурунайдыыр күнүгэр Аанчык күнүс халаачык астаата. Онтун итиитинэ саахары уулларан үрдүгэр саба кутан ордук минньигэс гынна. Эбээни күндүлээтэҕинэ төһө эрэ үөрүөн санаан кыыс мичээрдээн ылла. Ол эйэҕэс түгэни сүрэҕинэн баҕаран бэйэтэ биири да ылан амсайбата, бүтэйдии билэр, син биир сөбүлүөҕэ. Маннык халаачыгы астаатаҕына, Толята наһаа хайҕааччы. Ааспыкка оннооҕор: «Бу кэннэ миэхэ атын туох да аһылык наадата суох», – диэмэхтээбитэ, кууһан туран истиҥник да истиҥник уураабыта. Ол астыныы бэлиэтэ хайҕабыл буолбакка, тугуй? Кыыс бэркэ көнньүөрэн аһын тэриэлкэҕэ тэлгэтэ ууран сойутта уонна, киэһэ нам-нум буолары күүтэ таарыйа, сээкэйин гына сырытта.
Марыына эбээ бу киэһэ сэһэргэһии ис хоһоонун эрдэттэн толкуйдаабыт кэриҥнээх. Аанчык оҕолонуохтааҕын уонна хайа баҕарар төрүүр-ууһуур аналлаах туҥуй дьахтар тугу билиэхтээҕин, туохтан сэрэниэхтээҕин быраабыла курдук наардаан, оргууй аҕай кэпсээбитинэн барда. Эбээ барахсан үөрэтэрдии такайара олус сатанар, бэйэтигэр наһаа барсар. Кырдьык да, биэнсийэҕэ барыар диэри сааһын тухары учууталлаабыта чуо көстөр, куолаһа сүрдээх намыын, истиҥ уонна ылыннарыылаах.
Инньэ гынан Аанчык, ийэ-аҕа үөрэҕин ситэри ааспатах дьылҕалаах кыыс да буоллар, манна диэн эттэххэ, хата сорох-сорохтортон орто да быһыылаах. Эбээ Марыына кыһамньылаах үөрэҕэ хайдахтаах да энциклопедияҕа суруллубуттааҕар ырылхайа, астыга уонна, хайа, өйдөнөрө судургута сыттаҕа. Ийэлэр бары да кыыс оҕолорун, эбээ Марыына курдук иннилэригэр тутан олорон, маннык такайбыттара сэрэйиллибэт. Бу олус уустук уонна тустаахха да көһүппэтэх өттүттэн соһуччу сонуну дьахтар эрэ барыта оҕотугар кыайан кэпсээбэт буолуохтаах…
– Дьэ, тоойуом, эппэтэҕэ диэйэҕин, тулуйа үөрэммиккинэн саҥата суох барытын искэр хаайа сылдьаайаҕын? Киһи тутула чараас, туох баҕарар буолуон сөп. Хайа да түгэҥҥэ, эттэргин эрэ барыны учуоттааччылар, билээччилэр ити быраастар ананаллар. Кинилэр эбээһинэстэрэ эбээт. Онон харса суох мунаарбыккын этинэ сырыт, билбэккин ыйыталас. Эн оннугар ким да ону оҥорботун билэҕин. Хайа, уонна оҕоҥ туһугар барыта этэҥҥэ буолуохтаах, – Марыына бүгүҥҥү уруогун мас-таас курдук түмүктээтэ.
– Кыра аайы улахан дьону, быраастары кутугунатарым сыыһа буолбатах дуо? – Аанчык саарыыр.
– Хотуой, ол кыратын-улаханын хаһан төрөөн-ууһаан эн биллэххиний? Өйдөө, хайдахтаах да улуу дьыала, үтүөтэ-мөкүтэ барыта быыкааттан саҕаланар. Дьолуҥ эмиэ оннук, өлүүҥ кытта соннук буолааччы. Биэбэйим сыыһа, арааһы саҥардаҥҥын, бу да кыыс. Киһи тылын ылын, чөмчөкөҕөр хатаа уонна мөккүһүмэ. Илдьэ сылдьар оҕоҕор эппиэттээх соҕотох эн буолбаккын дуо? – эмээхсин, күлэ-күлэ, бүлүүһэлээх чэйин үрдүгэр түстэ, сырылаччы үрэн кэбиһэ-кэбиһэ, минньигэс бэйэлээхтик сыпсырыйан барда.
– Оҕом хотоку, хата, бу асчыт бөҕө киһи саһа сылдьар эбиккин дии? Минньигэһин эриэхсит, – эбээ халаачыгы хайҕаан, Аанчык имэ тэтэрэ кыыста.
Кини ити халаачыгын кыратыттан буһара үөрүйэх. Биирдэ аҕата лааппыга остуорастыыр эмээхсини дьиэтигэр анаан-минээн ыҥыран ылан кыыһын алаадьылыырга үөрэттэрбитэ. Аанчык киһилээбэтэҕэ, улгумнук үөрэҕи ылыммыта. Ол үөрүүтүгэр эмээхсин сиэннэрин күндүлүүр халаачыгын хайдах оҥорору биирдэ эрэ көрдөрбүттээх. Онтон ыла кыыс өрөбүлүн аайы, бурдук бөҕөҕө булкуллан, халаачыктыыр айдааннаммыта. Кэнники туттара-хаптара түргэтээн, улам сааһыланан, наада буоллаҕына, көрүөх бэтэрээ өттүгэр астыыр буолбута.
– Аанчык, бар, утуй. Кыра-кыратык, иллэҥсийдэргин эрэ сытан ылар буол. Онтуҥ оҕоҕо наада. Киэһэ баҕас наһаа уһаама, ол-бу куһаҕан түүлгэ тиксээри… Эрдэ сытар киһи түһээбэт баҕайы. Оттон ону-маны үлүгүнэйбэккэ утуйдаххына, ол аата сүрэхтиин-быардыын налыйаҕын, астыктык сынньанаҕын, – Марыына куолута бүппэт, иһитин дьаһайарын быыһыгар, суоһурҕаммыта буолан, Аанчыгын эмиэ утута үүрдэ…
Толик биллибэтэҕэ ыраатта. Били сыбаайба салонугар алҕас көрсүү (көрсүү буолаахтаан… кыыс бэйэтэ түбэһэ түстэҕэ эбээт) кэнниттэн Аанчык биллэн турар сүрэхтиин-быардыын аймаммыта. Ол эрээри онтун таһыгар биллэрбэтэҕэ. Ити Марыына эбээттэн ураты кини ытабылын-соҥобулун көрбүт суох.
Үлэтинэн аралдьыйа сатыы сылдьар кыыс тугу эмэ тобулар кыаҕа да суоҕа. Арай биир киэһэ эмиэ сынньанар хоско дьыбааҥҥа олорон телевизорынан кэнсиэр көрөр баҕалааҕа баара, нухарыйан ылбыт быһыылааҕа. Марыына баабыска аттыгар кэлэн чөкөллүбүтүн билиминэ да хаалбыта. Дьиҥэр ити киэһэ эмээхсин үлэтин күнэ буолбатах этэ.
– Аанчык, ити… Туолук дьонун мин кыыһым аах билэллэр эбит ээ. Кырдьык, Уля диэн куорат биир мааны кыыһын ылан эрэр дииллэр. Сыбаайбаҕа ыҥырыллыбыттар. Ол хаартыскатын көрөн соһуйдум. Кыыс, сураҕа, үөрэҕиттэн уоппуска ылбыт курдук, ыарахана эбитэ эрэ, билбэтим. Эдэрдэр сыбаайба кэнниттэн аны сайын соҕуруу күүлэйдии барыахтара үһү. Истэҕин дуо?
– Истэбин, эбээ, – Аанчык, төһө да кыатаннар, хараҕын уута субурус гынна.
Эмээхсин кыыһы кууста, кэтэҕиттэн сыллаата уонна:
– Эн аналыҥ буолбатаҕыттан хомойума. Олоххо араас буолааччы. Биири санаа. Мин Туолуктуун… бу кэпсэтэн баран иһэбин. Толкуйа суох, тураах мэйиилээх уол эбит. Биитэр мин сатаан өйдөөбөтүм дуу, Уля ханна эрэ кыраныысса таһыгар баран үөрэниэҕин кэргэнэ итээбит, ол иһин ылабын диэх курдук эттэ дуу, хайа үөдэн… Бэйэм да бутуллан хааллым. Эйиэхэ кэлэ сылдьыам диир, – диэн истэҕинэ, кыыс эмээхсин илиитин төлө көтөн тилигирии түстэ:
– Кэлбэтин хайаабатын… Мин… мин сурук суруйуом, эбээ, эн ону тиэрдиэҥ буолбат дуо? – кыыс уулаах-хаардаах харахтарынан көрдөһөрдүү көрдө.
– Сэгэриэм, биэриминэ, күн сарсын да биэриэм.
Эн уоскуй, суруй уонна миэхэ аҕал, тиксэриэм, – Марыына оргууй намылытта, өрө тиргиллибит кыыһы оннугар олорто.
* * *
– Ульзана, уоскуй, ити таах ээ, таах көннөрү… табаарыһым кыыһын суруга дии… Тиэрдиэхтээхпин умнубуппун… – бобулла-бобулла, кыл түгэҥҥэ туох диэҕин бэлэмнэнэ сатыы-сатыы, Толя төлүтэ биэрдэ.
– Ничего себе, эн миэхэ свадьбабар подарогыҥ бу что-ли?! Ты итак никто, бедный студент с переулка, спасибо, что я подбираю тебя, женю на себе, а ты… – мап-мааны, куба ньаарсын түүтүн санатан күндү куруһубанан бэрт дэлэгэйдик симэммит үүт маҥан былааччыйалаах, үрдүк бүрүчүөскэтигэр иҥиннэриллибит кылгас дьэҥкир фаталаах кэрэчээн кыысчаан уостара толлойбут, кип-киэҥ харахтара ууламмыт, куолаһа титирэстээбит.
– Чыычаах… – уол ааттаһар тылыгар тугу да хардарбакка кыыс, кылгас фататын салгыҥҥа чэпчэкитик көтүтэн, түҥнэри хайыһар, куттаан, аҕала сатаан санныларын ыгдаҥнатар.
Аһаҕас аанынан барыта иһиллэн турар быһыылаах. Эмиэ маанытык таҥныбыт, туттубут-хаптыбыт хотун хаан хобулугунан тоһугураан киирэн эдэрдэр сирэйдэрин-харахтарын одууласта уонна туох да буолбатаҕын курдук холкутук:
– Бу үлүгэрдээх ыксалга холку соҕустук быһаарсыҥ эрэ. Ыалдьыттарбыт мусталлара чугаһаата, – диэтэ.
– Мамочка, ты как всегда, в первую очередь твои гости! Оттон соҕотох кыыһыҥ судьбата мало кого интересует. Толика ты, да-да, ты сама выбирала. Все уши прожужжала: «Перспективалаах, талантливай студент, честнай гражданин, не пьет, к тому же курить вообще не умеет. Дьоно дьадаҥылар эрээри, порядочнайдар. Надежная стена тебе, то есть мне, с моими запросами кстати, очень кстати. Ха-ха! Господи, как я устала от вас? Ну и вот, что и предполагалось ожидать! Смотри, с кем он переписывается. Поди, собирался жениться на другой?! Чужого жениха арканить слабо мне?! В общем, я отказываюсь от него! Не пойду замуж! – тыҥ-тыҥ диэбит курдук лыҥкынас куолаһа биир кэм тыҥкынаан, тыла тылыбыраан кыыс оҕото.
– Ульзана! Не время рассуждать! Я категорически против твоих истерик! Хватит! Всему есть объяснение, что случилось? – ийэтэ кыйаханна, тииһин быыһынан чуумпутук эрээри, кытаанахтык быһыта баттаталаан, кыыһын саба саҥарда.
Кэргэн барарыттан кини саҕа дьоллоох суоҕун курдук сарсыарданы быһа сиэркилэ иннигэр уруһуйдана оонньообут кыыс, аны, өстөөхтөрүн кытта киирсэргэ бэлэм куосканы санатан, сүүһүн аннынан көрдө, мэктиэтигэр көхсө кытта курдьугунуурга дылы буолла. Лаахтаах уһун тыҥырахтарыгар кыбытан хантан эрэ кумааҕы сыыһын ойутан таһаарда уонна ийэтин диэки элээртэ.
Дьахтар түргэн үлүгэрдик суруллубуту үрдүнэн-аннынан сүүрэлэттэ уонна:
– Ну и что? Бу тугуй? Манна киһи айманара туох баарый? – ыйытардыы кыыһын диэки көрдө.
– Мин… эмиэ инньэ диибин ээ, Розалия Аманатовна, ити… мин табаарыспар доҕор кыыһа ыыппыт суругун тиэрдибэккэ сылдьабын. Ону Улечка булан ылан миэхэ күтүрүүр… – Толя сирэйэ-хараҕа турдар да, ымыр да гыммакка, өрүсүһэ соҕус кыбытан биэрдэ.
– Я тебе не Улечка! О, сколько можно, а? Дурак! Меня зовут Ульзана-а… аа-аа… – аны кыыстара кыра оҕолуу маккыраччы ытаата.
– Зана! Слышишь, успокойся! Иначе я вынуждена буду действительно прекратить этот базар! – ийэтэ куолаһын үрдэттэ.
Кыыс аһыннарыахтыы сыҥсыйбытынан киниэхэ кэлэн саба түстэ да, бу сырыыга тоҕо эрэ оннук айылаах ис киирбэхтик буолбакка, көнтөрүк соҕустук таҕыста быһыылаах. Онтуттан абарбыттыы кыыс иэҕэс-куоҕас охсуллаамахтаата. Дьахтар да оҕотугар олус уулла-тохто ымманыйбата. Күтүөтэ буолан эрэр уолга уордайбыт көрүҥэ ханан да суох, кыыһын кэмэлдьититтэн хайа сах сылайбыттыы тутунна уонна нэһиилэ тардына соҕус:
– Доченька, ну, хватит. Все невесты перед свадьбой находят повод, чтобы поплакаться. Толя завтра же отнесет это письмо по адресу. Это вас не касается же? Ну, все, успокойся, моя хорошая, – төһө да итиччэлээх сылаас тыллары (кини буолан сатаан эрдэҕэ) бэрт хаҕыстык, тымныы соҕустук эттэр, дьахтар санаатын ситтэ, тылын ылыннарда.
Уля, Ульзана, Зана диэн араастаан эриллэр-этиллэр таптал ааттардаах кыыс оҕото өр буолбата, сибилигин аймаммытын мэлдьэспитинэн күлүм аллайда. Ытыы-ытылла охсон, бэйэтэ да төрүкүттэн киэҥ харахтарын чалбах курдугунан көрөн, суунан-тараанан диэбит курдук, ыраастана оҕуста. Инньэ гыммытыгар тупсаҕай кырааскалаах кэрэчээн харахтара өссө тупсубукка дылы буолбуттар. Таҥаһын көннөрдө, баттаҕын сахсатынна, күөкэгэр моонньун хоҥкук гыннаран фататын кэннин диэки эстэ, үрдүк түөстэрин эргин аатыгар эрэ онон-манан тэбэннэ, синньигэс биилин имэриннэ. Аны, омуна бэрт ээ, икки илиитинэн сараҕар бэйэлээх былаачыйатын тэллэҕин үөрүйэхтик хомуна тарта, үрдүк хобулуктаах, чупчугур тумустаах мааны түүппүлэтигэр чэпчэкитик дугунан, бэрт тэбэнэттээхтик өрө ыстана түстэ, бэтиэхэлээх бэйэлээхтик ырым-тырым көрө-көрө, Толикка баран сөрөннө. Уол бу да сырыыга маннык туттууттан-хаптыыттан тоҕо эрэ соһуйбата, оргууй аҕай кыыһы биилиттэн харбаан ылан иннигэр туруорда уонна:
– Ульзана, эн миигин кырдьык таптыыгын дуо? – диэн ыйытта.
– Если честно, сама даже не знаю… – кыыс үчүгэйкээн бэйэлээх сэбэрэтэ сырдыы түстэ, эмиэ үөннээх баҕайытык харахтарын, кыламаннарынан оонньоон, сабыччы көрө-көрө, өрө тэрбэтэн таһааран, уос-тиис оҥостон, моонньун куоҕаҥнатан, күллэ-салла. – Но нет, не дождешься, дорогой, я тебя никуда не отпущу! Вот! Син биир таптыыр буолан сөбүлэннэҕим дии, или ты не просил моей руки, а?
– Просил?! Руки?! – уол соһуйбута буолла даҕаны, сонно кистэннэ, устунан сонньуйда.
Ити икки ардыгар:
– Чэйиҥ эрэ, эдэрдэр, ханнаҕытый? Массыына бэлэм. Оттон эһиги барарга бэлэмҥит дуо? – диэбитинэн кураанах бакаал тутуурдаах аҕамсыйбыт киһи көөһөкөччүйэн киирэн кэллэ.
– Ух ты, моя ласточка, ну-ка, повернись к папе! Ульзана, ты краше всех, впрочем как всегда, – Томмот Савельевич наһаа астыммыт киһи быһыытынан, икки илиитин саратан, кыыһын кэлэн сыллаата-уураата.
Бэрт сыыдам туттунуулаах-хаптыныылаах киһи суонугар букатын мэһэйдэппэт. Имигэс-имигэстик эргичиҥнии охсор, тыастаах соҕустук аҕылыырын быыһыгар балачча эбиллибит моҕоҕо илибирээн ылар. Күтүөт уол диэки бу киһи хараҕын кырыытынан да көрбөтө. Толя эмиэ аҕа кылына буолан эрэр тойонтон эйэргэһиини кэтэспэтэ, саҥата суох кыыстаах аҕа мөөмүкэйдэһэллэрин көрөн эрэ турда…
Сыбаайба сылаалаах этэ. Дьокуускай куорат саамай киинигэр турар улахан ресторан бу сырыыга баҕас, дьэ, кырдьык, киэптэппитэ быһыылаах. Мааны бэйэлээхтик киэргэммит киэҥ сааланы ыы-быччары ыалдьыт мустубутун Толя тоҕо эрэ атыҥыраабыта. Дьон быыһыгар нэһиилэ аҕыйах билэр киһитин ыраахтан көрөн тоҥхох гынан дорооболоспута. Хараҕын далыгар балта кыыс тоҕо эрэ быраҕыллыбатыттан сэрэхэдийэ быһыытыйбыта уонна куруук кытыы сири кыһанан тутуспуттуу, бу киэһээҥҥи эйгэттэн халты соҕус, хайдах эрэ тэйиччи сылдьар ийэлээх аҕатын муодарҕыы көрбүтэ. Ити тоҕотун уол бэйэтэ эрэ билэрэ. Кини ийэлээх аҕатын иннигэр иһигэр олус диэн буруйдаммыттыы санаммыта…
Тыл этээччи тойоттор, кинилэри хартыына курдук арыаллааччы хотуттар уһуннук да эҕэрдэлээн эккэлэспиттэрэ. Дьүүлүн-дьаабытын арааран өйдүү сатаабыт да киһи бу күүгээҥҥэ, ньамалаһыыга чуо маннык эбит диэн этиини-тыыныыны иилэ хабан өйдүүрүгэр уустук курдуга. Киһи тугу да сатаан долоҕойугар тиэрпэтин хатылаан да биэрдилэр. Тараҕай буолара чугаһаабыт, чолбодуйбут кытаанах харахтаах тамада тулуйбакка тиэтэтиитэ, устунан кыйахана сыһыыта да лаппа итийбит-кутуйбут эҕэрдэлээччилэри тохтоппотоҕо.
Үксэ үөрүү өрөгөйдөөх тыллара, сааһыламматах нууччалыы-сахалыы омуннаах соҕус тойук барыта Ульзанаҕа уонна кини төрөппүттэригэр ананна. Кыыһы хайгыыртан быыс булбатах дьон булгуччу уураһар сокуоннаахтарыттан Толя да салҕа быһыытыйда. Бакаал тутуурдаах ыалдьыттар бэлэхтэрин, баһаам үлүгэр бакыаттаах үптэрин кэлэ-кэлэ, кэтит остуолу нөҥүөлээн, тардыллыбыт аһы тоҕо көтүөхтүү тарбачыһан, кыыс нарын илиитигэр куду анньаллар. Зана-Заночка ону барытын атаҕын анныгар кумааҕы суумкаҕа уга олорор. Ол тухары күннүү сырдык мичээрэ кини сирэйигэр кыра да түгэҥҥэ уостубат. Сотору-сотору кыыс атаҕын иминэн били суумканы бигээн көрөр түбүктээх, онтон эмиэ да сандаарыс гына түһээт, Толяҕа эргиллэн чап-чараастык лыҥкыныыр:
– Толик, свадебнай путешествиебытыгар туттуохтаах долларбыт суумкабытын толороору гынна дии. Өссө биэрдэхтэринэ, эн сиэпкэр угуом, сөп дуо? Онтон кэнники ылыам буоллаҕа дии, – киһи эрэ таптыахтык эйэргээн, араастаан кылап-халап көрөн, минньигэс-минньигэстик мускуллаҥнаан, Заночка барахсан эппитин толортороо ини.
Туораттан көрөөччүлэр таптал уотугар умайан баран билигин да умулла, уоскуйа илик кэрэчээн кыыһы манньыйа одуулууллар. Дьол диэн ити буоллаҕа дии саныыллар. Күтүөт уол чахчы дуоспуруннаах дииллэрэ кырдьык быһыылаах, солуута суох саҥарбыта да иһиллибэт, биирдэ алҕас мүчүк гынан ылбакка, арааһа, саҥа аймахтарын, олор сибээстэрин иһигэр «буһара» олордоҕо диэн дьон быһалыы тойонноон кэбистилэр.
Ити тухары Толя атыны саныы олорбута. Киниэхэ сөбө суох эйгэҕэ күүс өттүнэн буолбакка, бэйэтин көҥүлүнэн киирдэҕэ. Киирдэҕэ да диэн, киирэн биэрдэҕэ эбээт. Ульзананы билбитэ үс сыл буолла бадахтаах. Хаһан эрэ, ханнатын өйдөөбөт, биир быстах хампаанньаҕа билсибиттэрэ. Кини хаһан да бу кыыһы сэҥээрбэтэ ээ. Олус атааҕын, ону ааһан кыратык акаары соҕустук быһыыланарын сонньуйа көрөрө.
Дьэ, быстахха былдьатыы диэн Толя туһугар тоһуйан туран тосхойоохтообута. Сураҕа, уол аҕата Ульзана ийэтиниин урут бырайыактыыр институкка бииргэ үлэлээбиттэрэ үһү. Биирдэ ол өлүү түбэлтэлээх, алҕас биллэн, иһиллэн ааспыттаах.
Былырыын этэ. Розалия Аманатовна, кэм да түбэһиэх быатыгар диэ, тобус-толору суумкалары туппутунан, куттаммыт тугут оҕотун курдук көрбүтүнэн, халтарааҥҥа охтумаары нэһиилэ чирэстэһэн иһэрин көрөн, уол дьиэтигэр тиэрдибитэ.
Ааны Зана аспыта. Куолутунан омуннуран-төлөннүрэн, чыычаах курдук чыбыгыраан, аара көрсө биэрбит «аанньалы» – Толяны, маамата барахсаҥҥа күүстээх илиитин ууммут дьиҥнээх «джентльмены» уруйдаан-айхаллаан саалаҕа аһара охсубута. Чэйдии олорон кэпсэтиигэ уруккуттан үөлээннээхтэр оҕолоро буолаллара биллибитэ. Толя аҕатын Розалия Аманатовна олус хайҕаабыта, элбэҕи да элбэҕи кэпсээбитэ. «Дьиҥнээх сахалыы өйдөөх, букатын президент буолар киһи этэ» диэн өссө омуннурбута. Онтон уолу ыйыталаһан, токкоолоһон, Толя да үөрэҕэр ой-бото бэрдин истэн сэҥээрбитэ, харахтара дьиктитик оонньоон ылбыттара.
Онуоха ыал аҕата Томмот Савельевич дьоһуннана-дьоһуннана көхсүн этиппитэ, ол-бу политика, уларыйыы, харчы-хамнас туһунан кэпсэтии таһаардаҕа буолан, аҥаардастыы куолулаабыта. Онтуттан бэйэтэ да астыммыта, утарылаһааччыларын лаппа сабырыйбыт курдук иһигэр санаммыта быһыылааҕа.
Толя бу ыалга уонна сылдьыбатаҕа, Заночканы да сэҥээрэн ыйыталаспатаҕа. Ону баара, быстахха былдьатыыҥ кыл түгэнэ ээ… Эмиэ биир киэһэ, кулуупка сынньалаҥ кэнниттэн хантан кэлбитэ биллибэккэ эрэ, Заночка баар буолан хаалбыт этэ. Киэһэни быһа үҥкүүлээн, эккирээн сылайбыт уолаттар кыратык эбиммит утахтарыттан илистэ быһыытыйбыттара, утуйар аакка барбыттара. Ким ханна олорбутунан, дьыбааҥҥа, кириэһилэҕэ, остуолга охтубуттара. Толя киэһэни быһа хамсаабакка олорбут кириэһилэтиттэн сыҕарыйбатаҕа, оннук нухарыйбыта.
Ол эрээри сарсыарда кини дьиэлээх табаарыһын дьонун мааны оронугар Заночка баттаҕын быыһыгар уһукта биэрбитэ. Дьалкыҥнас төбө тугу да тобулбатаҕа, туох буолбутун букатын кыайан өйдөөбөтөҕө. Бүттэхпит ол. Дыҥ курдук төбөтүн иһигэр аатыгар эрэ баар дуу, суох дуу, толкуйа туран хаалбыт, киһи туһаммат буолбут мэйиитэ чабырҕайынан тахсыах айылааҕа:
– Толюш, Толик, мин эн этиигэр сөбүлэнэбин. Эйиэхэ кэргэн буолабын. Айа, түүнү быһа көрдөстүҥ дии, так что прими мое согласие… Хотя, понимаешь, мы уже муж и жена, раз спим в одной постели, да, милый? – Зана чуораанныы лыҥкынаабыта, көмүскэтиэх курдук көрүтэлээбитэ уолу харааччы булкуйан кэбиспитэ.
Ити аата туохпутуй? Хайдах-хайдаҕый? Түүл ини, доҕоор? Пахай, суох, баҕарбатаҕыҥ да иһин илэтин билинэргэ тиийэҕин. Зана-Ульзана кини аттыгар илэ сытара. Муус маҥан сыгынньах түөстэрин, сөрүүкэтэр быһыыта эбитэ дуу, хара солко бырастыынанан сабыта охсо-охсо, чахчы соругун сиппит кыыстыы, кыратык да кыбыстан ымыттыбакка, тиэрэ түһэн сыппыта. Өссө үөрэр дуу, үөрэтэр дуу икки ардынан:
– Толя, биһиги Дьокуускайга олоруохпут суоҕа, сөп? Я бы хотела в Москве или вообще… где-нибудь подальше еще… Эн устроишься в престижную компанию, үлэлиэҥ. А я куплю себе машинку экстра-класса и… буду светской львицей. Или же… хотя вариантов много. Толя, а, Толя? Тугу толкуйдуугунуй, а? Вроде городскойгун эрээри, тоҕо наһаа деребаскыный?! – Зана эмиэ атаах, абылаҥнаах куолаһынан уолу сэҥийэтиттэн ылан бэйэтигэр эргилиннэри тарпыта.
– Ульзана, уоскуй. Приземлись. То, что случилось, если оно и было… не по моей вине и воле. Я тебя знать не хочу. Уймись, а? Бара тур, я тебе никто, тем более не жених, понятно? – атаҕастаммыт, туохха эрэ муокаска балыллыбыт абаккатыгар уол куоска курдук эриллэҥнэс, онтугар сөп түбэһэр ньааҕынас кыыһы куруубайдык киэр анньыбыта.
Анарааҥҥыта хараҕын уута бэлэмэ да бэрт, тута ытаан барбыта, сып-сап хомунаат, таһырдьа тилигир гыммыта. Толя бөлүүн туох буолбутун уолаттарыттан ыйытан да туһамматаҕа, ким да, тугу да билбэккэ хаалбыт. Ээ, дьэ, буоллаҕа, ити аата Зана кыыс «за ночь» тугу-тугу быһаарбытын бэйэтэ билэн эрдэҕэ…
Биир киэһэ дьоно кэри-куру кэпсэтиигэ куорат мааны ыалын соҕотох кыыһын албыннаабытын, атаҕастаабытын этэн аһарбыттара. Кэргэн ылбат түгэнигэр инники дьылҕатын туора сотуом диэн кыыс таайа киһи сааммытын, кинилэргэ кэлэ сылдьыбытын кэпсээтилэр. Толя соһуйан тылыттан маппыта. Баччааҥҥа диэри ханна кэлэрин-барарын, кимниин билсэрин-көрсөрүн ийэлээх аҕатыгар кэпсээбэт бэйэтэ били тусовка кэнниттэн саарбах түүнүн кырдьыгынан ууран биэрбитэ.
– Ол аата тугуй, соруйан оҥорууга маарынныыр, – аҕата илиитин нэлэҥнэппитэ, ийэтэ санааҕа түспүтэ.
– Биһиги туохпутугар ымсыыран мааны кыыс санаатын эйиэхэ уурдаҕай, баҕар, кырдьык таптаабыта буолаарай? Сыһыаннаах буоллаххытына… – ийэтэ сабаҕалыырын уол сөбүлээбэтэҕэ.
– Ийээ, биһиги икки ардыбытыгар туох да сыһыан суоҕа эбээт. Туохха эрэ түбэстим, өссө сааныылаах буола-буола…
Инньэ гынан, кыыһы көрсөн сирэй кэпсэтэргэ сананан Толя биир киэһэ Заналаахха тиийбитэ. Чыбыгырыы ыллаабыт кыыс оҕото, киирэн иһэр уолга моонньугар иилистэ түһээт, туох да буолбатаҕын курдук иһирдьэ дэллэриппитэ.
– Мамочка, папочка, а вот и он, мой жених Толя! – диэбитигэр саалаҕа телевизор көрө олорор мааны дьон туран кэлбиттэрэ.
Тардына соҕус дорооболоһоотторун кытта, Зана аны уолу бэйэтин хоһугар дэллэриппитэ. Кип-киэҥ, сып-сырдык хос ортотугар сүүнэ улахан маҥан сабыылаах орон мин аҕай бу баарбын диэбиттии киэптээн аҕай турара. Тула хас да кириэһилэҕэ сымнаҕас сыттыктар күөдэл курдук быраҕыллыбыттар. Олорго сүүрэн тиийэн лах гына олоро түһээт, синньигэс илиилэрин даллаҥнатан, кыыс уолу бэйэтигэр ыҥыра олорбута.
– Зана, мин киһилии кэпсэтээри кэллим. Мин эйигин кэргэн ылыах буолбатаҕым, оннук кэпсэтии суоҕа…
– Тыый, Толя, тугун бэрдэй, оттон «чыычаах» дии-дии ким миигин уураабытай-сыллаабытай, өссө «таптыыбын» диэбитэй?! – Зана харахтара кэҥээбиттэрэ, икки уоһа тэллэйэн, ытаары мэрбэҥнээбитэ.
– Суох, ол эйигин эппэтэх буолуохтаахпын…
– Эн уонна мин эрэ баарбыт ол түүн, Толя! Атын ким да суоҕа буолбат дуо? Неужели эн миигинниин утуйбуккун мэлдьэһээри гынаҕын?!
– Суох, мэлдьэспэппин эрээри… мин утуйбатах буолуохтаахпын… – уол булкулла сыспыта, сатала суох кэпсэтии тахсан эрэрин сэрэйбитэ.
– Заночка, доченька, тебе вредно нервничать, – диэбитинэн, туох да тоҥсуура да, ыйытыыта да суох Розалия Аманатовна мичээрдээбитинэн субу устан киирбитэ. Сиэдэрэй сибэкки ойуулаах маҥан солко халаата тэлээрбитинэн кыыһыгар тиийбитэ. Көбүс-көнө кыргыылаах кылгас баттаҕа илиҥҥи дойду кырасаабыссатын санатарын бэркэ билинэр быһыылаах, онуоха сөп түбэһэрдик туттан-хаптан кыыһын имигэстик кууһан ылбыта:
– Толя, будь мужчиной, потерпи маленькие капризы своей невесты. Она ведь в «марьяжном интересе», – диэбитэ уонна эмиэ кубус-кураанаҕынан мичээрдээн ылбыта. – Хотя, ты уже доказал, что ты настоящий мужчина и уже преуспел в интимном плане… что весьма похвально. Зана, Толяҕа эттиҥ дуо, что ресторан заказан?
– Суо-ох, кини миигин таптаабат, маама! – Зана «чыычаах» ытыы олорбута.
– Толя, я буду конкретна. Өскөтүн Зана аата алдьаннаҕына, кэргэнэ суох төрөөтөҕүнэ, тебе не видать ни учебы, ни карьеры, ни жизни. Повсюду наши связи, ни одна душа тебя не подпустит хоть к какой-то работе. Үлэтэ суох хайдах киһи буолуоҥуй, тоойуом? Раз ситуацию решила ваша юная кровь, придется породниться с вами и воспитывать своих внуков. Өйдөөтүҥ? – Розалия Аманатовна, тимир-тамыр этээт, уол диэки кытаанахтык көрбүтэ.
Итиннэ туох өйдөммөтө баарый? Акаары да буолан абыранар ээ. Арааһа, ол түүн, Ульзана барахсанныын утуйа оонньоон, олоҕун тиэрэ эргиппит соҕотох кини, бэйэтэ. Кэргэн ылар туһунан хаһан да оройдоппот бэйэтэ, дьэ, түбэстэҕэ.
Аанчык, оо, Аанчык, эрэйдээхпин даа… Чахчы атаҕастаммыт, хата, Аанчык буолла. Олус сэмэй, килбик, ыраас санаалаах, чараас дууһалаах кыыс эбээт.
Хайдах бу балаһыанньатын киниэхэ этиэй?! Толя Аанчыкка убаммыта оччото, кинилиин куруук чэпчэки, холку буолааччы. Олус таптыыбын диэҕин, эмиэ да омуннаах, уохтаах буолбатахха дылы… Көннөрү, наһаа истиҥник санаһар буолан, бэйэ-бэйэлэригэр үөрэнэн хаалбыт курдуктар. Аанчык хаһан да кинини туохха да күтүрээбэт, мөҥүттүбэт. Уол бардаҕына барар, кэллэҕинэ кэлэр. Кулуупка бардым диэтэҕинэ, биирдэ буойсубутун, сыттаах кэллэҕинэ, сөбүлээбэтэҕин биллэрбэтэх Аанчык эмиэ да Толя бэйэтин ийэтин санатара. Кинини курдаттыы таайарын, көрөөт да тута өйдүүрүн билэр буолан, ардыгар Толя онуоха эрэнэн, ситэри эппэккэ, кыратык тумнан, албыннаан, быстах сырыыта да ханна барыай. Онтуката ити Ульзанаҕа улдьаарарга тиэртэҕэ…
Хайыах баҕайыный? Куорат сиргэ кыахтаахпын дэнэр киһиэхэ сибээс барыны быһаарар буолбута сонун үһүө. Өстүйбүт дьон, аймахтаспатах абалаахтар, эппиттэрин толорторо үөрэммиттэр, санааларын хоту салаллыбатахха, арааска да тиийиэхтэрэ. Оччоҕо? Ааты алдьаппыт, мааны кыыһы «моһуоктаабыт» акаарыны ким харыстыай? Дьиҥ иһигэр, ааҕыстахха, хата кинини муокастаатахтара эбээт… Ону ол дииллэрэ биллибэт. Үөрэҕин ситэри бүтэрбэтэҕинэ бүттэҕэ. Архитектор идэтэ хонтуора аайы көстүбэтэ эмиэ өйдөнөр. Атын сиргэ ханна күрэниэй? Саарбах. Ол аата, ыт сиэтин, Ульзананы, итиччэ баҕалаах кырасаабыссаны ойох ылан эрдин, оҕолоннун даҕаны дии санаата. Онтон… кыыс бэйэтэ да Толяны өр тулуйар үһүө, арахсаа ини. Толяны билбэ-эт, кини таптаабат дьахтарыгар наһаа сыҥаланыа суоҕа, оччоҕо кыыс түргэнник бэйэтэ да салгыа, арахсабын диэн айманыа. Оччотугар Толя туох да буруйа суох хаалыа, инники олоҕун (кини ирээтэ диэн баар ини, доҕоор?!) оҥостуо… Оттон Аанчык? Киниэхэ, төһө да кыбыһыннар, буруйданнар, олус эрэнэ саныыр, барытын өйдүө… Толя мэлдьи көмөлөһүө, ханна да быраҕан кэбиһиэ суоҕа…
– Өйдөнө-өр, – чочумча буолаат, санаатыгар аралдьыйан олорон, саҥа аллайбытын уол өйдөөбөккө да хаалла.
– Чэ, бэрт. Айдаан бүттэ. Барыта дьэҥкэ. Толя, дьоҥҥун кытта сарсын киэһэ кэлээриҥ, күүтэбит, – Розалия Аманатовна эргичис гынна, солконон суугунаан тахсан барда.
– Ульзана, тоҕо миэхэ кэргэн тахсыаххын баҕараҕыный? – Толя уларыйан хаалбыт куолаһынан ыйытта.
– Как это тоҕо? – кыыс мэндээриччи көрдө. Хайыы-үйэ уоскуйбут быһыынан итинник туруору ыйытыыттан соһуйбут көрүҥнэннэ. – Оттон… хотя бы, чтобы выехать за пределы? Допустим, в Лондон хочу… онно кэргэнэ суох кыргыттарга виза биэрбэттэр буолбат дуо? А мне нужна языковая стажировка, хотя бы… на год, на два и более…
«Тууй-сиэ, дьэ, чахчы да акаары быһыылаах» диэн уол кэлэйдэ даҕаны…
Ыал буолуу араастаах. Онон Толя туһугар бур-бур буруо таһаарар бэрээдэк бэйэтэ салаллыбыта. Биир эрэ ситэ өйдөммөт курдуга, бэйэ дьылҕатыгар бэйэ орооспото хайдах эбитэй? Быһата, бу балаһыанньаҕа бэринэн кэбиспит уол барытыгар дьонунан салай-тарыыга сөбүлэһэн испитэ. Ол иһин ити Ульзана дьонунуун урууластылар, силистээх-мутуктаах сибээскэ силим курдук сыһыннылар быһыылаах. Кылаабынайа, ким да кими да чыычылаабат. Таптал уота кинини таарыйбат. Баҕар, Зананы дэҥҥэ өрө салаан ааһара буолуо да…
Уол сүрэҕин түгэҕэр ханна эрэ ыраах Аанчык баар. Ону санаатаҕына, түөһэ ыарыылаахтык хам тутарын иһин хара күүһүнэн ахтыбат буола сатыыр. Кыыс иннигэр буруйдаах, чахчы албын эрэли иитиэхтээн, тулаайах эрэйдээҕи туһаммыт сидьиҥ эн диэтэхтэринэ, сөбүлэһиэх кэриҥнээх.
Баҕар-баҕарыма, Зана куруук кини аттыгар. Ол бэйэлээҕин биирдэ эмэ халты көрдө да, мааны кыыс кэтэҕэр Аанчык көрсүө мөссүөнэ көстөн ааһар. Иннигэр турар куорат хартыыната кыыстан букатын атын. Холку бэйэлээх, номоҕон сирэйдээх, уурбут-туппут курдук таһаалаах, олус нарын туттуулаах. Ол сып-сылааһынан илгийэр мэтириэт уһаабат, элэкис гынан ааһар. Тапталым диэҕин, Аанчык киниэхэ наһаа чугас доҕору, бэйэ киһитин санатар. Эбэтэр итинник буолуохтааҕа эбитэ дуу…
Толя куттас киһи быһыылаах. Тоҕо эрэ ирэ-хоро «оҥортообут дьыалаларын» киһилии дьаһайбата. Олортон саамай хомолтолооҕо – Аанчыкка бэйэтэ бара сылдьан кэпсэппэтэҕэ. Дьулайбыта оччо. Кинилиин арахсар санаата суох, атыҥҥа аралдьыйбакка сылдьан Зананы ойох ылабын диэн хайдах быһаарыахтаах этэй? Баарынан кэпсиэн… бастаан кыбыстыбыта. Аанчыгы «көмүһүм, чыычааҕым» дии сылдьан атын кыыстыын хоонньостум дииригэр хайдах да кыаҕа тиийиэ суох курдуга. Ол иһин иһийбитэ, туох буолан иһиэн кэм көрдөрүө диэн найыламмыта. Эппитэ да буоллар, ким итэҕэйиэй, барыта да наар аанньа буолбута буолбаат? Ол иһин Марыына баабыска кинини ирдээн кэлэ сылдьыбытыгар да туолкалааҕы тугу да булан быһаарбатаҕа. Онтон ити бэҕэһээ эмээхсин Аанчык суругун биэрбитэ. Уолу буруйдуур, хомуруйар биир да тыл суоҕа. Олоххун оҥоһун, мин туспар долгуйума, барыта этэҥҥэ буолуо диэн, ким эрэ кикпитин курдук, олус холкутук сүбэлээн, сөбүлэспитин биллэрэрдии, судургутук суруйбут этэ. Ханан да аат да, араспаанньа да суох, ким кимиэхэ тугу туһаайбыта, суругу ыыппыта өйдөммөтө. Ол да иһин, көрдөрөн туран дуолу туттарарга, сымыйалыырга бэрт төрүөт буолбута. Аанчыкка айдаан тахсыан сэрэйбит курдук сэрэхтээх суругу ыыппытыгар махтана санаабытыттан бэйэтэ да бэркиһээбитэ, «дьаабыланан, аны туос сымыйаччы буоларым итэҕэс эбит» диэн иһигэр бэйэтин бэйэтэ мөҕүттүбүтэ.
Ульзанатыныын туох олоҕу олоруон билбэт, кырдьыга, билэ да сатаабат. Бу кыыс иһэ истээҕин син сэрэйэрэ ээ. Аймахтары кытта билсиһиигэ, көрүдьүөс баҕайы, кыыс «олоххо быһаарыныылааҕын, дьаһаллааҕын» бэлиэтээн кэпсээбиттэрэ. Дьэ, ким билэр, дьаһала диэхтээн туга кэлбит үһү, оттон быһаарыныыта диэн эппитин толорторо үөрэммит хаппырыыс, атаах диэтэххэ, оруннаах буолуо дии саныыр Толя. Төрөөбүтүгэр Ульяна диэн сүрэхтээбиттэрин улаатарыгар абааһы көрөн, пааспарын ыларыгар Ульзана диэн уларыттарбыт. Инньэ гынан докумуона барыта Ульзана аатыгар толоруллубут. Тыаҕа баар аймахтара эрэ, эбэтэ-эһэтэ буоланнар «Уля, Уула» диэн ыҥырдахтарына, тымтан тырыттар да, хайыай, төрөөбүт аата этэ буоллаҕа. Ону улахан туох эрэ дьоһун ситиһиитин курдук кэпсииллэриттэн Толя «һык» гыммыттаах.