Читать онлайн Син биир күүтэр эбиппин… бесплатно

Син биир күүтэр эбиппин…

Саха литературатын тулааһын баҕаната

Дмитрий Кононович Сивцев – Суорун Омоллоон саха литературатыгар дириҥ социальнай ис хоһоонноох, умнуллубат уус-уран уобарастардаах тэттик кэпсээннэр автордарын быһыытынан киирбитэ. Кини баара эрэ сүүрбэччэ саастааҕар суруйталаабыт «Аанчык», «Охоноон», «Сордоох суха» диэн кэпсээннэрэ саха литературатын классическай айымньыларынан буолбуттара. Итинтэн салгыы «Ачаа саһаана», «Бэйэтэ эмтиэкэ», «Чөөчө», «Чүөчээски» курдук хрестоматияҕа киирбит айымньыларын суруйбута. Ону таһынан кини саха остуоруйаларын оҕолор ааҕалларыгар анаан хас да кинигэни бэчээттэппитэ. Суруйааччы кэпсээннэрэ, остуоруйалара нууччалыы тылбаастананнар Саха сиринээҕи кинигэ издательствотыгар уонна Москва издательстволарыгар хастыыта да тахсыталаабыттара.

Ол эрээри Суорун Омоллоон саха литературатыгар ордук уһулуччулаах драматург быһыытынан биллэр. Кини ааспыт үйэ отутус сылларыттан саҕалаан суруйбут «Күкүр уус», «Айаал», «Сайсары», «Күн күөрэйиэн иннинэ» уонна да атын драмалара Саха драматическай театрын уонна үгүс народнай театрдар сценаларыттан түспэккэ оонньоммуттара. Суруйааччы драматургията саха театральнай искусствотын сайдыытыгар биир сүрүн төһүүнэн буолбута.

1945 сыллаахха кини «Ньургун Боотур» диэн саха бастакы оператын либреттотын айар. Ити кэмтэн кини музыкальнай драматургияҕа үлэлээһинэ саҕаланар. Ол курдук «Сир симэҕэ» бастакы национальнай балет либреттотын, онтон салгыы «Лоокуут уонна Ньургуһун», «Кыһыл ойуун», «Умуллубат төлөн» опералар либреттоларын, «Хотойдор хоту көтөллөр», «Күн-Куо», «Дьол тааһа» балеттар либреттоларын суруйталыыр. Онон кини саха норуотун музыкальнай сценическэй искусствотын сайдыытыгар сүҥкэн үтүөлэрдээх. Ону учуоттаан Саха государственнай музыкальнай театрыгар Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон аата иҥэриллибитэ.

Д.К.Сивцев – элбэх учебник уонна үөрэнэр пособие автора, олортон ордук биһирэммитинэн М.Е.Охлопкованы кытта бэлэмнээбит «Букубаардара» буолар. Ыччаты үөрэтиигэ уонна иитиигэ үтүөлэрин иһин нуучча улуу педагога К.Д.Ушинскай мэтээлинэн наҕараадаламмыта.

Саха сирин бары олохтоохторо, ол иһигэр оскуола үөрэнээччилэрэ, Суорун Омоллоон общественноһы көҕүлээһининэн уонна тэрийиитинэн туттартаабыт аһаҕас халлаан аннынааҕы Чөркөөхтөөҕү политическай сыылка, Суоттутааҕы «Доҕордоһуу» историческай-архитектурнай музей-заповеднигын, Хадаайытааҕы литературнай музейын туһунан истэллэр-билэллэр, үгүстэр олору сөҕө-махтайа, дьиктиргии көрбүт буолуохтаахтар.

Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон уус-уран уонна музыкальнай-драматическай айымньыларынан, элбэх өрүттээх общественнай үлэтинэн норуоту өй-санаа уонна духовность өттүнэн иитиигэ сүҥкэн үтүөлэрин үрдүктүк сыаналааннар, Советскай Союз уонна Россия правительстволара кинини Ленин, икки төгүл Үлэ Кыһыл Знамята, Норуоттар доҕордоһуулара, «Бочуот Знага», «Аҕа дойдуга үтүөлэрин иһин», «Үтүө сурахтаах Даниил кинээс» орденнарынан, мэтээллэринэн наҕараадалаабыттара, Социалистическай Үлэ Геройун, РСФСР искусстволарын үтүөлээх деятелин үрдүк аатын иҥэрбиттэрэ. Саха Республикатын правительствота киниэхэ народнай суруйааччы, САССР искусстволарын үтүөлээх деятелин, П.А.Ойуунускай уонна А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх ааттарынан Саха Республикатын Государственнай бириэмийэлэрин лауреаттарын ааттарын иҥэрбитэ, республика «Хотугу Сулус» орденынан наҕараадалаабыта, Саха Республикатын бочуоттаах гражданинын үрдүк аатын иҥэрбитэ.

Элбэх национальностаах Россия литературатын биир кырдьаҕас уонна сүдү талааннаах суруйааччыта, общественнай деятелэ Россия суруйааччыларын съезтэригэр Россия суруйааччыларын Үрдүкү Сэбиэтин чилиэнинэн быыбарданара. Кини Саха Республикатын Духовноска академиятын биир актыыбынай чилиэнэ этэ.

«Биһиги бука бары Айылҕа оҕолоробут», – диэн Дмитрий Кононович норуотугар, ыччат дьонугар туһаайан этиилэригэр үгүстүк тоһоҕолоон бэлиэтиирэ. Саха норуота айылҕаны кытта алтыһан, кинини араҥаччылаан ирбэт тоҥ буордаах дойдуга олоҕу сайыннаран кэллэ. Суруйааччы норуот бу бэйэтин кыһалҕалаах, эрэй-муҥ аргыстаах олоҕун историятын умнубатыгар, өбүгэлэрин мындыр өйдөрүн, үтүө майгыларын, ахсаабат дьулуурдарын, дьоҕурдарын өрүүтүн өйдүүрүгэр, онно сүгүрүйэригэр, онтон үөрэнэригэр ыҥырара. Кини «Күн күөрэйиэн иннинэ» диэн драматын геройа, Африка биир биис ууһун баһылыга Лобенкула өлөр-хаалар күнэ тирээбитигэр бар дьонугар туһаайан маннык тыллары этэр: «Бүгүн үгүс дьон өйө-санаата дьалкыйда. Кинилэри абырыыр биир эрэ күүс баар: ол күүс – бар дьон муудараһа, үрдүк өйө… Аан дойдуну Муударас, Үрдүк Өй быыһыахтаах!»

Суорун Омоллоон олоҕун тиһэх сылларыгар православнай итэҕэлгэ үлэлэһэн, Библия, Саҥа Кэс Тыл тылбаастарын редакциялаһан, сахалыы тылынан кинигэ буолан тахсалларыгар бэйэтин күүһүн-күдэҕин уурбута. Ол да иһин: «Библия баар эбит саамай сүдү баай», – диэбиттээх. Кини «Сахалар Айыы Тойон Таҥараҕа итэҕэлбит тиллэн эрэрин туһунан» диэн 2005 сыллаахха кулун тутарга суруйан хаалларбыт кэриэс-хомуруос тыллара «Саха сирэ» хаһыат ааспыт сыл атырдьах ыйын 3 күнүнээҕи нүөмэригэр бэчээттэммитэ. Онно кини: «Биһиги, сахалар, Чыҥыс Хаан кытаанах ыйааҕыттан, Одун Хаан оҥоруутуттан куотан, бу тоҥ муус хоту дойдуга олохсуйбут эбиппит. Онтон манна нуучча норуотун дьонноро кэлбиттэригэр үтүө эркиннээхтэр эбит диэн өтө билэн, кинилэр хаһан эрэ атын норуоттартан ылыммыт итэҕэллэрин биһиги эмиэ ылынан, кинилэри батыһан, Тыыннаах Таҥараҕа үҥэр-сүктэр буолбуппут», – диэн суруйбут. Ол курдук кини тиһэх күннэригэр диэри дьоҥҥо, оҕолорго Таҥара Үөрэҕин хайдах гынан тиэрдиэххэ сөбүй диэн боппуруоска өйүн үлэлэтэ сыппыт.

Суорун Омоллоон олоҕо уонна айар үлэтэ бэйэтэ бүтүн эпоха. Кини Саха сирэ патриархальнай-феодальнай кэминээҕи олоҕун баттаһа төрөөбүтэ. Октябрьскай революция модун сабыдыалынан олох тосту уларыйыытыгар актыыбынайдык кыттыбыта. Эдэр сылдьан нэһилиэгэр ревкомҥа сэкирэтээрдээбитэ. Дьокуускайга педтехникуму үөрэнэн бүтэрбитэ. Онтон бэттэх айар үлэ абылаҥар ылларан, кэпсээбиппит курдук, уһун уонна баай ис хоһоонноох олоҕу олорбута. Кини 99-һун туолаары сылдьан, 2005 сыллаахха бэс ыйын 25 күнүгэр олохтон барбыта.

Саха бастакы народнай суруйааччыларын: Эллэйи, Амма Аччыгыйын, Суорун Омоллоону, Күннүк Уурастыырабы өссө үйэ аҥаарын анараа өттүгэр үбүлүөйдэринэн эҕэрдэлииллэригэр саха литературатын тулааһын баҕаналарынан ааттыыллара. Ол чахчы таба уобарастаан этии: кинилэр саха литературатын бары жанрдарыгар уһулуччулаах айымньылары биэрэннэр саха литературатын саҥа балаҕанын арчылаабыт, модун сарыннарыгар көтөхпүт классик суруйааччыларбыт буолаллар.

Суорун Омоллоон эдэр ааҕааччыларга анаммыт бу хомуурунньугар киирбит кэпсээннэрэ эһиэхэ суруйааччы саха тылын баайын сатаан таба туттарын, кэрэ уонна умнуллубат уобарастары айан хаалларбытын итэҕэтиэхтэрэ.

Дмитрий Кириллин,

Российскай Федерация уонна Саха Республикатын

культураларын үтүөлээх үлэһитэ, суруйааччы

Өлүөнэ өрүс

I

Көмүс үктэллээх, симилиэс сиксиктээх, алтан ардайдаах турар хайаларынан дьүөкэттэнэн, күөх лиэнтэни сыыйа тарпыт курдук көҕөрөн көстөр мыраанынан сэлэлэнэн, тоҥ көмүһү уулларан куппуттуу, үллэр үс үөһэ, үрүҥ күнү утары көрдөххө, үрүлүйэ тохтон, көҥүлүнэн сүүрүгүрэн түһэр эбээт Өлүөнэ өрүһүм.

Уйгу быйаҥ уолбат улуу тымыра, мөлүйүөнтэн мөлүйүөн тыынар тыыннааҕы утаҕын ханнара, өлбөт мэҥэ уутун кэриэтэ тыын уга, уһаты түһэн сытаахтыыр. Кэтит кэскил киэҥ, уһун кэһиитэ буолан, тылбыйар кынаттаах төбөтүн-төрдүн көтөн булбат, уоттаах харахтаах уҥуоргу өттүн кыайан көрбөт, көҥүл, уйгу олох туоната буолан килбэйэ устаахтыыр ини кини бэйэлээх!

Оо, эбэм күн ортотун саҕана, үөл-дьүөлгэ, үүт тураан чуумпуга көстөр киэҥ нэлэмэн кэтит ньуура дьиктитин, кэрэтин эбитин! Сулууда тааһынан дуйдаабыт курдук, мэндээрэн-мандааран устата-туората биллибэккэ килбэйэ күндээрэ, аны ийэ дойдубун уйгуурдуом диэххэ айылаах, уоран, ууллан, нэлэйэ-хотойо аргыый устара ууһун, намыынын эбитин!

Оччоҕо бэл үөһэ үрдүк халлааҥҥа үөрэ-күлүмнүү турар үрүҥ күн кэрэхсээн, аллара сатыылаан, таптаан, сыста түһэн, сиэркилэ таас гынан күлүм сандаа ньуурун көрүнэр.

Эҥээриттэн туругурбут нуолур хампа өллүргэлээх, мотуок солко мутукча талбаалаах чэлгийэр дьарҕаатын тардыммыт чээл күөх тыата, ийэтин эйгэтин, уутун ортотун көрөөрү, сындыыс маҥан тойон мыраан хайатыгар умса-төннө түһэн өрө ыттан тахсан, чарапчыланан баран, ылы-чып, элээннии-сэлэлии онтон билиҥҥэ диэри одуулуу турар курдук эбээт!

Оттон иһинээҕи иирэ талахтара ийэлэрин илгэтиттэн илэ үөрэн, эт-сүрэх сэбирдэхтэринэн илибирии мөхсөллөр. Арыытааҕы араас хампа отторо бастыҥалаах төбөлөрүн көтөҕөн, имнэрэ кэйэн, нусхаһа-күөгэйэ, үрүмэччи курдук, өрө көтүөххэ айылаахтык көй-күргүөм үҥкүүнү түһэрэллэр, көмүс симэх курдук ирбэнньиктийэ оонньууллар: талах быыһыттан тапталлаахтык көрдөллөр – кинилэр, от быыһыттан күлэ көрүстэллэр – кинилэр, эбэтэр килбигийбит кыыстыы мичээрдэрин кистээн бараннар, нус-хас гынан, нуоҕай төбөлөрүн хоҥкуталлар биитэр элэк гыммыттыы: «Бу эн барахсан ама эбэҥ илгэтин, быйаҥын билбэккэ кутуруйа-соҥуйа сылдьаҕын дуо?» – диэбиттии, иэдэстэрэ кыыһан, күлэ түһэн бараннар, иирэ күлүгэр саһан хаалаллар.

Хор, ол курдук Өлүөнэ өрүһүм күн ортотун саҕана оттуун-мастыын күлэр, оонньуур!

II

Оо, дьиктитэ-кэрэтэ бэрт Өлүөнэ эбэм сааскы сөрүүн түүҥҥэ! Күөх кууппал халлаан тохтор, оонньуур уоттаах мөһүүрэ бэргэһэтин кэппитин кэннэ, туох барыта – киһилиин-сүөһүлүүн – утуйбутун кэннэ, арай кини эрэ аргыый устарын кубулуппат. Сааскы түүҥҥү сөрүүн салгыны көй-най түөһүгэр көтөҕөн аҕалан, кут бороҥ суорҕанынан суулаан, кууһар-ууруур курдук күөгүлээн, удьурдаах сүүрүгэр биэбэйдээн, итир тыалынан хамсатан, ибир долгунунан бигээн, халааныгар, талааныгар нарылаан, дьоллоох уунан кими, тугу барытын кини утутарга дылы…

Оччоҕо халлаан күлүмнүүр уот харах сулуһунуун кини хараҥа күөх толбонноох ньууругар түһэн, тырымныы бигэнэн, умсумахтаан бараннар, күллэ-күлбүтүнэн утуйарга, уостарга дылы гыналлар… Оттон Өлүөнэ эбэм биир кэм тохтообокко бара, уста турар… Онуоха нуктаан, нухарыйан эрэр бойбор хара тыата, утуктаабытын кэмсиммит курдук, сүүһүн аннынан көрөн, хам-бааччы сукуллан туран, аһыйа-соҥуйа, уоран ытыы хааларга дылы гынар. Бэл-бэл диэтэр добун халлаан көй хара хараҥатынан күөйэ-хаайа түһэн сабаары гынар да, син биир Өлүөнэ өрүс толбон күөх иэнэ, сир-халлаан ыпсыытынан нэлэйэ кэтирээн, күлүк таас курдук килбэйэ-томтойо көстөр. Оччоҕо буоллаҕына, куотан баран элэк гынардыы, кирис гына түһэр уонна уута кэлэн хаптайа сытар биэрэгэр тиийэн, илитиэпкэ хотуур истиэнэтэ туртас-кылбас гынарын курдук, ымаҥнаан ылбахтыыр. Эбэтэр кубулунан, түүҥҥү тымныыттан тоҥон, аргыый иттэ баран эрэрдии, хаптайа сыстаҥныы, төгүллүү долгуйа сыырыгар тахсар уонна тиийбит бэлиэтин биллэрэн, эстэр чаҕылҕан курдук килбэс гынан баран харааран, көҕөрөн, сүтэн, сыыйа утуйарга дылы гынар. Онтон анараа өттүн икки атахтаахха биллэрбэт…

Хор, ол курдук Өлүөнэ эбэм түүнү аҕалар, аһарар!

III

Оо, Өлүөнэ эбэм өссө дьиктитэ-кэрэтэ бэрт сааскы сарсыарда! Эйэҕэс хаана эргийэн, эҥин эриэккэс өҥүнэн килбэйэ оонньуур ньуурун көрдөххүнэ, өрө көтүөх курдук сүрэҕиҥ үөрэр, өйдөрү-санаалары, сүрэхтэри-быардары кини эрэ дьүһүнэ ыйыстан кээһэр. Сандааран-күндээрэн халлааным сырдыырыгар, алмаас таас курдук күлүмнүү, оҕо ыраастык, эйэҕэстик ымайан эрэринии, илэ бааччы мичиҥниир. Кыһыл көмүһүн кыырпаҕа быһыылаах, кыыс оҕо дьэдьэн иҥинээҕэр ордуктук кыыһан, тэтэрэ дьиримниир.

Арылык сандаа күнүм амырыын түүнү антах үүрэн, айхаллаах уотунан арыллан, аалай саһарҕанан сырдыырыгар Алданын айылҕата, атын да салааларын алтан-көмүс аалыы кыырпахтара кылабаччыһа, тырымнаһа, дуйдуу-солотуулуу толбоннура тохтон, долгуйа усталлара олуһун эбитин!

Итини барытын аҥатаҕа, атааҕа суох, эр сүрэхтээх, эрчим санаалаах эрдэ турар киһим көрөн, көмүскэтин иччитин күндүлүүр, күүстээх түөһүнэн толору көҥүллүк тыынар. Ол эбэм сарсыардааҥҥы күлүм төлбөн ньуурун күндүтүттэн, кустуктуу өҥнөнөр толон төгүл, илэ мичил долгунуттан, бэл-бэл диэтэр көй салгын солотуу нуолур хотоҕойдоохторо, ньалҕалдьыгас ньаассын солко куорсуннаахтара, көмүс күөмэй, көҥдөй көмөгөй, күөрэгэй далбарайдар, көрө-көрө көччүйэн, көй муора салгыны көтөҕүүлээх тойуктарынан толороллор. Оччоҕо от-мас барыта ийэлэрин чөмчүүк таммаҕынан симэнэн бараннар, хамсаабакка, им-дьим иһиллии иһийэллэр, үмүрүһэ лаглаһан, үөрдүһэ чуумпураллар.

Хор, ол курдук Өлүөнэ эбэм күлүмнүү күлэр сарсыарданы күндээрэ, көрүлүү, чэлгийэ, мичиҥнии көрсөр!

IV

Оттон улуу халлаан уҕалдьыта киирэн, холоҥсотун, дьаарын үүрээри, холуон холоругунан ытыйан, иирэр силлиэнэн силбиэтэнэн, уһуктаах уотунан өтөрүтэ түһүтэлээн, уордаах этиҥинэн дьабарыттан, хара сыыр курдук харах уута ындыылаах өһөх хара былыттарынан хаайа-үүйэ көтөн, хаххалаан кэллэҕинэ, мэндээрбит-мандаарбыт бэйэтин мичээрин кистээн, симилиэс өҥүн курдук тыйыһыран-ыгыллан, тимир өҥүн курдук дьэбидийэн, харааран баран, имэҥнээх үлүгэрдик иһин түгэҕиттэн эппэҥнээн аҕылаан, итийэн-кутуйан, Өлүөнэ эбэм илэ мөккүһэр: быстыбыт сыыр курдук хара баалланар; күөх чуоҕур атыыр оҕус үҥкүрүйэн-күөлэһийэн эрэрин курдук, үллэр-түллэр долгунунан харбаһар; кыыһыран, хара халҕаһа хаастарын быһыта-хайыта тыытан, уордаахтык дьалкыйар; көхсө кыараан, көҥүл-босхо бараары, күүгэн, көлөһүн алла-алла, күүстээхтик күллүргүү-халлыргыы, күр таас хайатыгар тахсан түөһүнэн милкийэр. Үрүҥ күнү хаххалаан, хараҥанан сабардаан, буор дойду ньургун чэчир ыччатын ыксаппыт халлааҥҥа, хонноҕуттан-быттыгыттан аҕылаан, сиэлэ-кутуруга туруору ыстанан, ыйылыы-ыйылыы охсуһан эрэр атыыр курдук өрө-таҥнары мэҥийэн, үрүҥ баалынан үөһэ-аллара ыһа-ыһа, өрүтэ ыстана-ыстана, үллэ-түллэ, былыты быһыта сынньаары, чаҕылҕаны сабыта охсоору, үөһэ харбаһар. Онтон, кэлин тиһэҕэр тиийэн, бухатыыр киһи таас хайаҕа батыйатын үлтү кырбаан, курустаал таас ыйылыы-ыйылыы үлтү бытарыйан, үөһэ кыырайан эрэрин курдук, дьэҥкир уутунан ыһыахтанар.

Оччоҕо буоллаҕына ол сир-халлаан уоттаах, уордаах оонньуутугар ол курдук уоҕа-кылына киирдэҕинэ, ханнык да улахан хараап аалы халҕаһатын анныгар киллэрэн тимирдэн баран, кырылас кумаҕынан көмөн, кэриэс уҥуох оҥоруохтаах.

Оннук этиҥ, чаҕылҕан, өрүс, баал оонньуутугар, охсуһуутугар туох барыта, киһилиин-сүөһүлүүн, көтөрдүүн-сүүрэрдиин, оттуун-мастыын харахтарыттан уу-хаар баспытынан иһийэн ньимийэллэр. Арай эрэллээх эҥээр хара тыа илин эҕэрдэлээх халлааҥҥа иэҕэйэ-нусхайа, хоҥкуйа-тоҥхойо, үҥэн-сүктэн көрдөһөр. Онтон сүҥкэн өрүһүм кыайан-хотон, хараҥа былыт, эргэ олох ытыы-соҥуу, уостан эрэрин курдук, хараҕын уута саккыраан баран халбарыйар. Ол кэнниттэн өтүйэ, кыстык курдук былыттар өрүтэ үүнэн тахсаннар, арылык халлаан айыы сардаҥата дьэ арылла түһэрин кытта, Өлүөнэ өрүс күлбүт-үөрбүт көмүс ньуура эмиэ күлүмнүү оонньоон кэлэр.

Онтон иһиттэн ыраас айыы сандаа сырдык салгын түһэн ийэ дойдубутун арчылыыр. Оччоҕо уруккутааҕар ордуктук улуу үрэҕим илгэтэ чэлгийэн, дьэрэлийэн, күөгэйэ долгуйан, дьиэрэһийэн-дуораһыйан, күлүмнүү күлэр эбээт!

Хор, оннук үлүскэннээх сүүрүктээх, үс үллэр үөстээх, быстыбат быйаҥнаах, барҕа баайдаах биһиги, сахалар, Өлүөнэ өрүс эбэбит!

1926

Аанчык

Сайыҥҥы киэһэ айдаана нам барда. Чэбдик кэрэ бараан түүн көй салгын буолан күөгэйэ көтөн кэлэн, алыптаах илиитинэн сыыйа, аргыый аҕай араҕас ими саба тутта. Аан дойдуну күлүк бороҥ кут-ньуолах сөрүүкэтэр суорҕанынан: «Чэ, оҕом, утуй, уоскуй», – диэбиттии, алгыы-таптыы саба тарта.

Барыта сымнаата, чуумпурда. Хампа намыл тыа им-ньим баран, сүүһүн аннынан көрөн сургуллан турда. Көстөр ыырым, дойдум бүтүннүү даҕаны, ыйытан баран ылыммыкка дылы, ылы-чып барда. Күнүс оҕолор сөтүөлээн аймыыр уулара, таас кыырпаҕын курдук өрө сандаара ыһыллара тохтоон, үөл-дьүөл буолан, луҥкуран сытта. Сайылык буор сыбахтаах балаҕаннара кыччаан, намтаан, күнүс көрбөтөх киһи манна ыал баар буолуо дуо диэх курдук, иҥэн-сүтэн, күл курдук боруһан, хаптаһан тураллар. Онуоха, дьон баарын соруйан биллэрээри гыммыттыы, арай илин ыал түптэлэрин буруота ордук сырдаан, көҕөрөн, тыа баһынан халлаан сиигин курдук унаарыйа сыыйыллан турбута.

Уонна им-ньим, ылы-чып, сып-сымнаҕас, сөп-сөрүүн.

Ол эрээри утуйа илик киһи, быһыыта, син баар эбит: сайылык арҕаа уһугар тиил оҕуруоттаах икки ыалтан илин диэкититтэн биир киһи, сонун сөрүү туттан, аргыый бэдьээлээн хааман оҕуруоту тахсан, туос түннүгэ туртайан көстөр балаҕаҥҥа, халҕанын тыаһаппакка, сэрэнэн үктээн киирэн кэллэ. Көрдөххө, туус маҥан баттахтаах, кыра уҥуохтаах, бэрт диэн нарын, хайдах эрэ сырдыкка дылы сэбэрэлээх, кыра соҕус ньохчоҕор, быллаллыбыт уостаах, мыччыллыбыт сирэйдээх, киһи таптыан курдук Мыычаар диэн оҕонньор буолан биэрдэ. Киирэн уҥа, сытар оронун диэки туллар-туллар, татыр-тутур хааман кэлбитигэр, бастаһа сытар Дьаллай диэн уол ыйытта:

– Оҕонньоор, бу ханна сырыттыҥ?

– Ээ, таһараа ыалга, – диэтэ аргыый Мыычаар, өрө тыына-тыына.

– Оттон тоҕо хойутаатыҥ? Мин ханна бардаҕай диэтим ээ.

– Ээ, бэйэм…

– Ол бэйэҥ тоҕо?

– Дьэ бэркэ да ыйыттыҥ, доҕор… Былыргыбын, доҕорбун санаан… – диэн баран, түргэн соҕустук өлбүт доҕорун Аанчыгы көрөөрү, кулун суорҕанын бүрүнэ тардынан сытан барда. Санаатын түмээри, хараҕын быһа симэн, чапчааһын курдук сүүһүн быччыһыннаран, тугу да истибэтэрбин, Аанчыкпын көрдөрбүн дии санаан сытта. Ол сыттаҕына уола:

– Ол ханнык доҕоргун? – диэн эмиэ ыйытта.

Мыычаар тохтуу түһэн баран:

– Аанчык диэни, – диэтэ.

– Ону эн тоҕо ити ыалга тахсан саныыгын?

– Тукаам, эн тугун билээхтиэҥий? Аһыылаах, таптыыр доҕорун куоттарбыт киһи туой, сылдьарын былаһын тухары бу дойдуга булуох курдук кинини, кини курдугу көрдүү сылдьар идэлээх. Ол үкчү эн аһыылааҕыҥ, тапталлааҕыҥ курдук түбэстэҕинэ, ону киһи сүрдээх үчүгэйдик көрөр, саныыр баҕайыта. Хор, ол курдук буолар… Бу таһараа ыал оҕолоро, түбэһиэн иһин, ааттыын-суоллуун үкчү мин Аанчыгым курдук эбит. Инньэ гынан кинини көрдөхпүнэ, сүрэҕим үөрэр, Аанчыгым бу тиллэн сылдьарын курдук саныыбын. Арыый санаам чэпчиир, – диэн баран, Мыычаар эмиэ кулун суорҕанын бүрүнэн барда.

– Ол Аанчык диэн тугуҥ этэй?

Мыычаар дириҥник өрө тыынна уонна: «Чэ бэйи, мин эйиэхэ кэпсиим даҕаны», – дии-дии, сыттыгын дуомун көннөрөн баран, уот диэки хайыһан, тобуга токуллан сытан аргыый кэпсээн барда.

– Мин төрдө-ууһа суох, хабалаҕа ылларбыт, баай ситимигэр иҥиннэрэн көлөһүннээн сиэбит, бэрт дьадаҥы, кылгас киһиттэн төрөөммүн, кыра оҕо эрдэхпинэ ыалга иитиллэ бэриллибитим үһү. Бэрт диэн эрэйдээхтик үөскээбитим: уоннаахпар саха хотуурунан аҕыс былас оту оттообутум. Ол сайын этим иккитэ быстыбыта. Ону ити эн ааҕар түөҥҥүнэн быһыта сиэппиттэрэ. Уон ордуга түөртээхпэр төрөөбүт ийэм-аҕам уҥуохтарын, дьаҥҥа өлбүттэрин кэннэ, бэйэм соҕотоҕун иин хаһан туппутум.

Ол ииппит дьонум оҕото суох, сэниэтиҥи дьон этилэр. Чугаһынан табыгастаах дьахтар суоҕа. Оччотооҕуга барыта халыымынан этэ. Инньэ гынан мин хайдах эрэ сүүрбэбин туолуохпар диэри сырыттым. Сүүрбэ биирбэр барыыбар, оччоҕо ыраас харахтаах-көстөөх этим, дьонум дьэ ойох ыл диэн хаайаллар. Арай биирдэ дьэ быһа киэргэнэн, ийэм кумааһынай курун курданан, аҕам билэлээх түнэ этэрбэһин кэтэн, күһүн ат көрдүүр аатынан мин дьонум ыйаахтарынан, муна-муна, Моорук нэһилиэгэ Куома диэн киһи кыыһын көрө кэллим.

Балаҕан дьиэҕэ көтөн түспүтүм, сэнэх, орто соҕус ыал быһыылаах эбит. Арай кэтэҕэриин ороҥҥо биир ып-ыраас хааннаах, сүрдээх киһи иһигэр киирбэх, номоҕон уһун ньылбаа сирэйдээх, сыыйыллаҕас муруннаах, төп-төгүрүгүнэн саһарчы көрбүт, сиртэн-буортан тэйбиккэ дылы кыыс оҕо саҥа сиидэс ырбаахы тигэ олорор эбит. Чэ дуу, көрөөт, адьас сүрэҕим тэбэ түстэ: хайдах эрэ хааным-сииним итийэргэ дылы гынна, сүрдээхтик чэпчии, атаҕым сири билбэт буола үөрдүм, омуна суох: «Дьолбун даа, кини мин ойоҕум, доҕорум буолуо буоллаҕа, үчүгэйин даа», – диэн манньыйан, уйадыйан хааллым. Хор, ол курдук, көрөөт соҕотохто сүрэҕим-быарым ортотунан киллэрдим. Киһи оҕордук муода буолар эбит этэ. Оттон бу сааһым тухары үчүгэйи даҕаны, куһаҕаны даҕаны көрбөхтөөтүм ини, ол тухары биирдэ даҕаны ол курдук буолбатаҕым.

Онтон туран, мин уоран туой хараҕым кырыытынан одуулаһа, кыҥаһа олордохпуна, бии кыыһым, Аанчыгым бокуонньук, оо, оччоҕо үчүгэй да этэ, уу долгунун курдук хааман (күөх ырбаахылаах этэ) чуулааҥҥа киирэн хаалла. Ол түүн хонон, сарсыҥҥытыгар дьиэбэр төннөн, аҕыйах хонон баран, аҕабыныын иккиэн кэпсэтэн, халыымын сөбүлэһэн, Аанчык сөбүлүүр буолан, мин сааскытыгар (дьоно буолуохсуттар биир сылы уораннар эрдэ биэртэрэ) уон биэстээх кыыһы сүгүннэрэн аҕалабын. Дьэ биһи бэйэ-бэйэбитин олус таптастыбыт. Оҕордук сүрэхпит, санаабыт биир буолла, сорох ардыгар букатын оҕо курдук оонньуур этибит. Биирдэспит суоҕар биирдэспит тылыттан-өһүттэн матан тэһийбэт, бииргэ сылдьар буолан хааллыбыт. Кини туох хамсыыра барыта миэхэ күндү, үчүгэй, сүрэҕим ортотунан киирэр этэ. Эчи Аанчыгым барахсан бэйэтэ да майгына үчүгэйэ, иккиэн да биирбит, хайабыт да төрдүнэн, баайынан киэбирбэт, киэбирэ үөрэммэтэх буолан, тэҥмит да бэрдэ. Ыарахан сылдьан сайын куйаас баҕайы күн от мунньа туран «уутай» диирин өйдүүбүн эбээ…

Онтон биирдэ, ол сайын Аанчыгым оһоҕостоох сырыттаҕына, ийэм буолуохсут сымыйанан хобулаан – оҕордук саха да эмээхситтэрэ кулахайдаах, дьиэктээх буолаллар эбит этэ – киһи ойоҕун үөрэтэр, таһыйар баҕайыта, үөрэтэн биэр диэн, Аанчыкпын сыстым. Онтон ыла Аанчыгым миигиттэн хоргуппута. Ону билигин кэмсиммитим, илиибин-атахпын кыраммытым иһин, аны кэлэн Аанчыгым мин тылбын истэрэ биллибэт, – диэн баран, оҕонньор харбыт курдук ах барда, хараҕын уута иэдэһин устун сүүрэн түстэ…

– Ол кырбаатаҕым киэһэ утуйаары ороммор кэлбитим, арай Аанчыгым сык-сык ытыы сытар эбит. Эрэйдээҕим оҕото онно тугу-тугу санаабыта, төһө хоргуппута буолуой? Ону мин, дьүлэй куҥ, халыҥ тирии, билиэм дуо?! Ол тухары биир тылы эппэтэҕэ, бүтэйдии ытаабыта, оттон мин, акаары, дьон ойохторун бары сынньаллар дии, мин сыспатахпына, сии, саат да буолаа ини диэх курдук саныыр киһи этим…

Дьэ онтон бэттэх Аанчыгым күн-түүн дьүдьэйэргэ барбыта. Саҥата-иҥэтэ аҕыйаан, туой санааргыыр этэ. Арай мин биирдэ тыанан быһа түһэн ыалтан истэхпинэ, Аанчыгым, ынах хомуйа сылдьан, дьүөдэ үрдүгэр дүлүҥҥэ соҕотоҕун олорор эбит. Ол олорон: «Хаарыан дьоммуттан, доҕотторбуттан бостуой арахсаммын… Манна миигин атаҕастыыллар…» – дии-дии, иннигэр турар титириккэ кэпсээбит курдук, ытыы олорор эбит… Дьэ оҕордук үчүгэй дьүһүнэ кэхтэн, иҥин хаана хаһыҥнаабыт от сүмэһинин курдук сүтэн, хараҕа хатыы тахсан, быһыылыын-тутуулуун, хаамардыын-сиимэрдиин уларыйан, били кыыс Аанчык бэйэтэ ханна да суох буолан, иинэн-хатан барбыта. Ол аайы соруйан кыһайбыт курдук, мин дьонум буолуохсуттар кубулуппакка үлэ үксүн, кытаанаҕын үлэлэтэн истилэр. Хара олоруор диэри, кыайбатар даҕаны, бурдук тардар, муус көтөҕөр, от мунньар, бурдук быһар, бугул угар киһи кини буолта. Аны санаатахха, туох да олус сылайар, илистэр эбит. Туой хотуолуур, түүн аанньа утуйбат буолта. Мин хайдах сытан хаалбакка сылдьыбытын бэркиһиибин. Киһи да иҥиирдээх буолар эбит этэ. Оттон ийэм күтүр: «Бачча эдэр эрээри айгыстан оҕолор, ар дьаалы хотун, оттон киһи эрэ хат буолар баҕайыта», – диирэ. Мин даҕаны, акаары, испэр: «Олус да айгыстар ээ», – дии саныырым.

Онтон сайын Амма диэн алта көстөөх үрэххэ Аанчык биһигини оттото утаардылар. Бу алта көс сиргэ түүннэри-күннэри аҕыс ыйдаах дьахтар хааман киирдэ. Оҕуһу миин дии сатаан кэбиһэбин, мииммэт. Сатаатахха оҕуспут айаас кунан этэ. Киирэн оттоотубут. Аанчыгым, урут кини тугу да саҥарбат бэйэтэ, туой атаҕым, баһым ыалдьар, сүрэҕим көбөр, тулуйбаппын диир буолла. Арай биир киэһэ күн киириитэ тахсан чаанньыгын өрөн баран отуутугар сыта түстэ. Мин утуйдаҕа диибин, онтукам аны санаатахха ытаабыт эбит, быһыыта. Онтон мин отууга таҕыстым. Онуоха туран, ааттаһар курдук, сүрдээх үчүгэйдик саһарчы көрбүтүнэн хааман кэлэн, санныбар илиитин ууран баран: «Мыычаар, доҕорум оҕотоо, аһын даа, кыайан тулуйарбыттан аастым, – диэтэ уонна: – Бостуой эргэ бараммын, хаарыан дьонум, ийэм, аҕам, доҕотторум, ханна эрэ баар буоллугут… Саатар биирдэ баҕас эһигини көрдөҕүм дуу, мин бу муҥнана сылдьабын…» – дии-дии, уйаара-кэйээрэ суох оҕолуу ытаата. Онно мин киһи эмиэ уйадыйан икки хараҕым уута лэппээским үрдүгэр таммалаабытын өйдүүбүн. Ону санаатахпына, билигин даҕаны сүрэҕим ыалдьар. Кырыйдаҕым аайы өссө ордук уйадыйан иһэргэ дылыбын, – диэн баран оҕонньор эмиэ харбыт курдук ах барда, хараҕын уута чаччаарыйбыт иэдэһин устун сүүрэн түһэн сыттыгар халыйда…

Уол муннун тыаһа утуйда быһыылаах. Оҕонньор, ону сэрэйдэ гынан баран, кыһаммата. Кини хоонньугар ыстанан тахсыбыт куосканы имэрийэ-имэрийэ, киниэхэ кэпсиир курдук, аргыый кэпсии сытта.

– Онтон дьэ күһүнүгэр от-мас сайын барахсан кэлиитигэр чэлгийэ симэммит күөх нуоҕай өллүргэтэ тохтон-хоронон барда, көҕөрөн көстөр торҕо тыа күкээрэн, сэндээрэн көстөр буолла. Сэмэнэп саҕана хас эмэ хонугу мэлдьи өһөөн-сааһаан туран ардах бөҕө түстэ. Күн-ый дьаабыта биллибэт буолла. Күөх халлаан күлэр ньуура сабыллан, хараҥаран, хараара сытыйбыт от түгэҕинэн отуу оҥостубут курдук, бүрүйэ сүүдүрүүннэннэ.

Дьэ ол күннэргэ мин Аанчыгым өлөр охтуутун охтубута. Күнүһүгэр ыалдьа-ыалдьа, уу баһа, ынах ыы сылдьаахтаабыт эбит. Ону биллэрбэккэ кистээбитэ. Кини ол хоргуһа дуу, хоргуппутун күүһэ эбитэ дуу, ону билбэтим. Ол түүнүгэр, сарсыарда таҥара сырдаан эрдэҕинэ, Аанчыгым быыһаммакка эрэ барбыта.

Билигин даҕаны, бу отут сыла туолан эрдэҕинэ, миэхэ бу баар курдук кини иэйэн-туойан, ынчыктаан кулуннуу мөхсө сытара…

Эрэйдээҕим сыыһа баттаҕын куруук тараанара, онтуката үрэллэн, биир кэм лаглаҕай гына иилистэн баран сыттыгар ыһыллан, туох да күүһэ-көмөтө суох, сирэйин ооккото муннуктанан, ыарыы бөҕө кэбилээн, дьүһүн-бодо буолан баран: «Өллүм, өллүм…» – диэн хаһыытаабыта, аймаммыта, дириҥ ынчыга сүрэхпэр билиҥҥэ диэри баас буолан сылдьар… Онтон бэттэх киһи ынчыгын тулуйан истибэппин.

Сиэх-сиэх курдук түҥ-таҥ тутан баарта сүрдээх этэ. Оҕо, дьахтар куттанан бары тыаҕа түспүттэрэ. Арай мин эрэ онно, абыраары, баһыгар олорбутум.

Онтон түүн үөһүн саҕана мэнэрик аҕаллыбыт. Туһа суох. Онтон ыксаан, киэҥ көҕүс кыараан, отоһут буллубут. Ол күтүр илиилэспитэ. Сол кини илиитин анныттан Аанчыгым кыа хаан ортотугар сытан барбыта… Ааттаспыт-эрэммит курдук хараҕын ооккотун сааһын тухары быһа симмитэ. Күлэр-үөрэр, ыҥырдахпына хайыһа түһэр бэйэтэ ыҥырбыппар, ытаабыппар кыһамматаҕа «сиэтигит ээ, абабын, тоҕо бу курдук кэбилээтигит?» диэх курдук этэ. Сиэбиттэр биһиги баарбыт. Сиэбит ийэтэ, аҕата бааллар. Кини оҕо… оҕо этэ, этэ-хаана ситэ илик этэ. Ону биһиги саҥардыы атан эрэр ньургуһун курдук үүнэн эрдэҕинэ, күүһүлээн, киһи олоҕун талбыппытынан дьаһайан, өлүү түгэҕэр умсары анньан сарбыйбыппыт. Ол алдьархайын хаһан өйдүүбүт, билэбит, оннооҕор кэпсэттэххэ кэрэхсиир суох, арай сүрэхпэр баастаах мин Аанчыкпын кэбилээбиппин умнуом суоҕа…

Онтон бэттэх дьоллоох олоҕу олорбуппун билбэппин. Барыта хайдах эрэ түүл-бит курдук, хайдах эрэ итирбиттии балааскайдыы эрэ сылдьар быһыылаахпын. Ол да буоллар дьонум кыһайаннар иккиһин ойох ылбытым. Онтукам миэнэ миэнин курдук эмиэ өлбүтэ. Ол кэнниттэн дьонум эмиэ өлөннөр, дьиэ-уот диэнтэн тэлэһийэн, төрөтөр оҕо минньигэһэ, тэҥнээх доҕор таптала диэни билбэккэ, туох эрэ курдук хаһан суолга туора охторбун кэтэһэ сылдьар муҥнаахпын. Оо, Аанчыгым, Аанчыгым, чыычааҕым оҕотун…

Оҕонньор ытаата.

– Чэ бу курдук идэлээхпин. Кинини санаатарбын эрэ хайдах да кыаммаппын. Дьэ аны арыый буолаа инибин. Бу ыанньыйбыппын таһаардым.

Бу икки ардыгар сайыҥҥы түүн сырдыы быһыытыйда. Оҕонньор хайдах да кыайан утуйбата. Онтон утуйбакка эрэ туран, дьон уһуктуохтарын иннинэ, таҥаһын абырахтана олороохтообута…

1927

Охоноон

(1921 сыл)

I

Кыһын. Сарсыардааҥҥы омун тымныы тумана, уҥуоргу тыа көстүбэт гына будулҕан буолан турбута. Киһи-сүөһү тыына бииргэм иһиирэн эрэр курдук сып-сыыгынас этэ. Мастыын-оттуун барыта чоҥкунас тыастаммыта. Бэл диэтэр көс быһаҕастаах ыал халҕанын тыаһа «кыыкыр» гынан иһиллэр этэ.

Дьэ тымныы бөҕө буолта!

Бу үлүгэр тымныыга сирэйиттэн-хараҕыттан уу ыгыллан тахсыар диэри ыга тоҥмут биир хамначчыт уол уһун баҕайы хотонноох, икки сирэйдээх оһохтоох суоруу балаҕаҥҥа киирэн иттэ турар этэ. Ол турдаҕына: «Нохоо, тахсан аты көлүй эрэ!» – диэтэ тойоно Бүөтүр оҕонньор.

– Сөп. Ол ханна байаҕын? – диэн, холумтаҥҥа атаҕын тос-тос тэбиэлии-тэбиэлии, тоҥон бөлүөстүбүт тылынан уол ыйытта.

– Нохоо, аны эн эрэпкиэм буолаҥҥын ыга үктээри, мин ханна барарбын силиэстийэлээтиҥ дуо?! Бэйи, аргыый хабарҕабар түс! Ол эрээри, баҕар, хотон куттуоххут даҕаны суоҕа! – диэн оҕонньор суон күөмэйинэн суоһуран кэбистэ. Уол, куттаммыт курдук, үтүлүгүн, бэргэһэтин холумтантан ылан, купчурус гынан хаалла.

– Дьэ өрө көрбүт оҕолор тыыннара тахсар дуу, суох дуу? Ама кинилэр бэйэлээхтэри туох «кыайар» үһү! Сыакаардар!.. Аны биһиги уочараппыт ама кэлбэтэх үһүө? Дьэ атаспын Ньохчоо уолун кытта кэпсэтэр күнүм үүннэ дуу, суох дуу? Мин үрдүбэр чохчойоро, боротокуолунан куттуура эрэ бэрт этэ. Араас баайбын: саҕынньахтары, хааһахтары – тутан ылаттыыра. Дьэ билигин хайабыт үрдүкү буолар? Бүөтүр оҕонньор дуу, имииһит Ньохчоо уола кини дуу?! – дии-дии, күлэн күһүгүрүү-күһүгүрүү, Бүөтүр оҕонньор урут сискэ хорҕотон турбут улаан атынан бырааба диэки сыҥнаран истэ.

Киэҥ Чөркөөх дэриэбинэ хотун томторугар киирэн кэллэ. Таҥара дьиэтин кириэһин көрөн баран, боччум баҕайытык кириэстэннэ. Былыргы бырааба олбуорун уҥа ааныгар үрүҥ былаах анньыллан турарын көрөн баран эмиэ кириэстэннэ. Тоҕо кириэстэммитин бэйэтэ да билбэтэ. Дьэ үс хонук иһигэр бу дойдуга киһи-сүөһү үксээбит. Иннэ-кэннэ кэрбэммит курдук мултуллубут, боччоруспут тоҥус төрдүгэстээх, таба саҕынньахтаах дьон, бииргэм «быраат, быраат!» дии-дии, үллэрэҥнэс буолтар. Олбуор ойоҕоһугар араас мас даҕаны, көмүс даҕаны ыҥыырдаах аттар, муус кыаһаан буолан, чохчоһон тураллар. Урукку волревком чарапчытын үрдүгэр хайыы-үйэҕэ былыргы бырааба өрүөлүн, аҥаар кыната тоһуннар даҕаны, анньан кээстэр. Уҥа диэки муннукка биир миҥэ атыыры биир тойоҥҥо биир киһи бэлэхтээн эрэр быһыылаах, дьон бөҕө бөлүөхсүбүт.

Били биһиги оҕонньорбут кэлэн, сыарҕатыттан түһэн, төрдүн кутуйах кэрбээбит сабыс-саҥа кыл көнтөһүнэн атын сэргэҕэ туомтуу тардан баайан кэбистэ.

Дьиэҕэ киирэн: «Ыстаап тойоно баар дуо?» – диэтэ.

– Баар. Аас! – диэн буолла.

Оҕонньор саалаҕа киирдэ.

– Куола, дорообо!

– Дорообо, кырдьаҕас! Кэпсээ, олор.

Итинтэн ааннаан, саас-сааһынан үгэргии-сэтэрии, икки «күннэрэ тахсан эрэр» баайдаах «хамандыыр» кэпсэппэхтээтилэр. Онтон Бүөтүр оҕонньор кистиир быһыынан эттэ:

– Дьэ, Куолаа, мин эйиэхэ этэр тыллаахпын. Бу биһиги нэһилиэккэ эрэпкиэм буола сылдьыбыт, уруккута мин хамначчытым, адьас дьиҥнээх баһамыык санаалаах киһи баар. Ол кини билигин дьиэтигэр кирийэн олорор. Дьиҥнээх кумуньуус киһи диэн кини буолар. Оттон мин түүбүн үргээмэхтээбит барахсан – куоласпын да быспыта, биир хонукка сибииккэҕэ да олорпута. Тугу барытын баай диэн аҥаардас миэхэ түһэрэрэ, араас сарыы мэрэбэдэйдэри, били чуоҕур кур оҕуспун өйдүүрүҥ эбитэ буолуо, ол тириитинэн бэртээхэй диэн хааһах оҥостубуттары барытын ылбыта уонна өссө эмээхсиннэри боротокуоллаан турар. Дьэ онон, холобур, мин билигин бырааппын туппучча, бочуоттаах киһи быһыытынан, бу киһини көрдөргүт үчүгэй буолуо этэ, холобур, кутталлаах, баһамыык киһи буолуо диэн этэбин. Санаатахха даҕаны, куһаҕаннык көрүллэригэр ааттаах Уот Субуруускай сүрэҕин ытарҕата буолуо дуо? Онон, мүччү харбата илигинэ, далай иһигэр баар эрдэҕинэ, өрүһүйэн, холобур, бэйэни биллэрдэр сөп буолуо этэ, – диэн баран, сүүһүн көлөһүнүн соттон кэбистэ. Уонна, бэйи, син үчүгэйдик этэн таһаардым ээ дии санаан баран эптэ:

– Чэ ити курдук, онон, тойонноотор тойонум, оҕолоотор оҕом, бэйэҕин кытта билсибэтэҕим иһин, ол боротокуоллана эҥиннии сылдьыбыт убайыҥ үүннээх-ыҥыырдаах үтүө тылын сиргэ-буорга хаалларбатаргын үчүгэй буолуо этэ, – диэн баран курун мөлтөтүннэ.

«Хамандыыр»: «Көр, бу оҕонньор эрэйдээҕи», – диэх курдук, ымах гынна уонна хаана ыараан, сирэйэ мырбас гынан баран:

– Ким диэтиҥ? – диэн лаппа ыйытта.

Бүөтүр оҕонньор эмиэ киһи истибэт гына кулгааҕар эттэ. Уонна ити Өлөксөй оҕо дьиэлэри-уоттары бэркэ билэр, кинини эмиэ боротокуоллаабыта диэтэ.

«Хамандыыр», оҕонньор этэрин истэн кэбиһэн баран, киэбирэ таарыйа бэстилиэтин таһааран сото-сото, сымыйатыгар кэллэҕинэ, ытырыык ыт курдук, сирэйин бырдьыһыннары тутта-тутта, дьэ кинилэр кыайан-хотон эрэллэрин, Дьокуускайы ылаллара чугаһаабытын, сэп-сэбиргэл үксүн, бууска кэлэрин, дьоппуон көмөлөһөрүн, оһумуойа кырдьыгы аҕыс гыммыт сэттэтэ сымыйаҕа булаан, кырдьык-хордьук кэпсээн барда. Кэлин тиһэҕэр тиийэн оҕонньортон сиэртибэ көрдөөтө.

Бүөтүр оҕонньор барытын үөрэ-көтө иһиттэ. Оттон сиэртибэҕэ тиийэн баран, уларыйан курус гына түстэ. Онтон курун чиҥэтэ-чиҥэтэ эттэ:

– Дьэ билигин бу баһамыыктар сиэннэр табыгастаах тугум да суох. Ол эрээри, бөхсүннэххэ, син сээкэй тахсар оҕонньоробун. Хайа уонна мин тылбын эһиги ылыннаххытына, мин даҕаны толкуйданан көрүөм буоллаҕа дии, – диэтэ, күлэн күһүгүрүү-күһүгүрүү.

Оҕонньор санаатын ситэн, дьиэтигэр баран иһэн, биир чоҥкучах алаас үрдүгэр турар быыкаайык балаҕаны көрөн баран сиргэ силлээтэ.

– Тууй-сиэ! Бу ыт, бука, мэйиим быһаҕаһа баар эбээт! Көр, бу Доропуун түөкүнү уонна Кириһээни эмиэ кэпсиэх буолан бараммын умнан быһа сытыйан иһэбин дии! Төннүөм дуу, хайа үөдэний?.. Ээ чэ, атым да илистииһи, кэнники дьыала быһыытынан оҥорторон, суруйтаран киллэриэм, – диэн баран, айаннатан күпсүтэ турда…

II

Киэһэтигэр кыһыҥҥы кылгас күн эрдэ киирдэ. Сыыйа-баайа им сүтэн, боруоран барда. Күнүс көрдөххө өрө оргуйар туман өһөҕүрэн, хараҥа былыт курдук сабардаан, хаайдарбын-күөйдэрбин диэххэ айылаах, ыаһыра үтэн кэллэ.

Кыараҕас алаас үрдүгэр, тыа быыһыгар, кутуйах илдьи тыыппыт эргэ нэгин курдук быыкаайык тулаайах балаҕантан сэдэх соҕустук кыым тахса турар этэ.

Ким эрэ бурдук тардар быһыылаах – таас тыаһа кыыкырдыыр уонна им-дьим, атын саҥа-иҥэ биллибэт. Онтон дьиэ иһин өҥөйөн көрдөххө, биир бэрт ырыган, иҥиирэ эрэ күрэҥниир, көхсүгэр түөрт сиринэн түөн чэрдээх киһи, ырбаахытын устан баран, суол аанын чанчыгар бурдук тардан аала турар. Сирэйиттэн-хараҕыттан көрдөххө, санаарҕаабытыгар сөп киһи эбит, тааһын да тыаһа, кини бэйэтин санаатыныы, аргыый аҕай аалар.

Бу балаҕан иһигэр таас тыаһыттан ураты киһи кулгааҕа-хараҕа иҥнэрэ атын туох да баара биллибэт. Таас эрэ тыаһа, аргыый лоһугураан, чочугураан кэлэ-кэлэ, эмиэ аргыый аалан, кыыкырдаан барар.

Арай имик-самык умайа турар уот сырдаан ылбытыгар кыһайан көрдөххө, оһох чанчыгар биир аҕыс-сэттэ саастаах, чачархай баттахтаах оҕо мас ат оҥорон оччоһо олороро уонна биир чороччу улаатан эрэр кыыс оҕо, үстээх-түөртээх уолчааны көтөҕөн баран, атаҕын холумтаҥҥа ууран, хоруонан тымтыкка суруйа олороро. Оҕото уута кэлбит быһыылааҕа: дьааһыйан оҥоҥнуу-оҥоҥнуу, туой субу-субу уокка турар күөс диэки кылап гына көрөр этэ. Ийэлэрэ хаҥас ороҥҥо ыарыта сытара. Өтөр буола-буола дириҥ ынчыга иһиллэрэ.

Дьэ уонна им-дьим, борук-сорук.

Арай таас эрэ тыаһа аргыый аалан кыыкырдыыр, арай Охоноон эрэ санааргыыр этэ. Кини ревком буола сылдьыбыта, онтон сибиэркиирэ эбитэ дуу, эбэтэр дьахтара ыалдьан буолта эбитэ дуу, биитэр баттыгас эмиэ эргийэн, эмиэ хамначчыт буолан, киһи аатын ылбакка, сөптөөх өлбүгэ сүкпэккэ, баайдар атахтарыгар үҥэ, сааһым тухары оҕолордуун, ойохтуун муҥу-сору көрөрбүт кэллэҕэ диэн санааргыыра дуу? Дьэ тоҕо эрэ кини санаатын ыар былыт баттаабытын курдук этэ. Ревком буола сылдьыбытыттан куттана саныыр этэ да, мин туох даҕаны куһаҕаны оҥорботоҕум, норуот иннигэр сылдьыбытым, тугу тыыталлар үһү диэн бэйэтэ бэйэтин саататара. Ол икки ардыгар, саалаах-саадахтаах бандьыыттары санаатаҕына, этэ атый-атый гынара. Кини ол аймахтар бардамнарын, буруйа да суох киһи хаанын тоҕоллорун кэрэйбэттэрин билэрэ. «Табаарыстарбар күрүүр кыаҕым суох буолта абатын!» – диэн кини хараастан турбута.

Таас тыаһа дөксө улам бытааран барбыта. Бу икки ардыгар өйүгэр туох эрэ сырдык күлүм гына түспүтэ. «Оттон билигин күрээтэхпинэ? Хайыһар кэтэн баран, сис устун тус арҕаа, Дьокуускай диэки, түһэ турдахпына, дьоммор, кыһылларга? – диэн, хараҕа уоттанан, сирэйэ сырдаан кэллэ. Онтон балаҕанын иһигэр турарын өйдөөн кэлэн баран: – Оттон оҕолорум, ойоҕум эрэйдээхтэр…» – диэн, эмиэ төбөтүн санньыччы туттан, тааһын эмиэ аргыый тардан барда.

Сотору таас тыаһа уурайда.

Били имик-самык умайа турар уот, күлбүт курдук, чачыгырыы түстэ. Харахпар сыыс киирдэ диэххэ айылаах, ыһыырынньык чүмэчи остуол үрдүгэр чипчилиҥнээн кэллэ. Онуоха көрдөххө, киэһээ аһылыктарын аһаары олорбуттар. Оҕолор үөрүүлэрэ, күлсүүлэрэ диэн сүрдэммит. Били кыра, үстээх Төгүрүк диэн уолчаан: «Аҕаа, көй эйэ, бу миэхэ сыа баай», – дии-дии, быыкаайык сыаны күлэ-күлэ, баһын кыҥначчы туттан баран, көөчүктээтэ. Онуоха Охоноон: «Чыычаахпын да, ити дьүһүннээххэ үөрээхтээҥҥин», – диэт, төбөтүттэн сыллаан ылла. Бу курдук аһыы олордохторуна, таһырдьа эмискэ ыт үрэн тоҕо барда. Охоноон, бачча киэһэ туох кэллэҕэй диэн, этэ «дьар» гына түстэ.

Утаакы буолбата, аан дэлэй соҕустук тэлэс гынна уонна тыастаахтык «хап» гына сабылынна да, бэргэһэлэрин куондарыгар күөх таҥас тигиилээх, саалаах үс киһи быыкаайык балаҕаҥҥа соҕотохто тиргиллэ түстүлэр. Киириэхситтэртэн биирдэстэрэ: «Таҥын!» – диэн, күргүйдээн бирикээстээтэ. Охоноон иһигэр: «Оо, үлүгэрим эбит», – дии санаата. Сүрэҕэ быллыгырыы түстэ, көрүмүүм диэх курдук, биирдэ эрэ хайыһан көрөн баран: «Ол ханна?» – диэн ыйытта.

– Ханна буолуой, быраабаҕа буоллаҕа дии, эйигин волревком бэрэссэдээтэлинэн талаары гыналлар, – диэтэ били бирикээстиир киириэхсит.

Онуоха Охоноон хайыһан көрбүтэ, били кини сэбиэскэй былааһы киртиппитин иһин боротокуоллаабыт Өлөксөйө баҕайы дьаабылана турар эбит. Кэлэйбит курдук, төттөрү хайыһан баран, Охоноон:

– Бэйи, саатар аһылыкпын ситэ аһатыҥ, – диэтэ.

– Ноо! Майаачылаама даҕаны! Урут да аһаабытыҥ-сиэбитиҥ сөп буолуо! – диэн баран, бандьыыт ыстыык кырыытынан Охоноону ойоҕоско оҕуста.

Охоноон, кыһыыта-аһыыта оргуйан кэллэ гынан баран, нэһиилэ туттунна. Ситэ аһаабакка турда. Туран: «Сыччыыйдаар, бу эти сиэҥ», – диэн, өлүү этин оҕолоругар түҥэттэ. Уонна, хараҕын уутун кистээн сотто-сотто, үс оҕотун биирдиитэ сыллаата. Кыра уолчаанын: «Чыычаахпын да», – дии-дии, сүрэҕэр ыга туппахтаан ылла. Онтон ынчыктыы, ытыы сытар ойоҕор: «Доҕоор, чэ, күн-хаан кэллэ… быраһаай!» – диэн бырастыыласта…

Киириэхситтэр Охоноону иннилэригэр уктан илдьэ таҕыстылар.

Дьиэ иһэ кураанахтанна. Үстээх оҕо: «Аҕаа!» – дии-дии, илиитин ууммутунан ытыы хаалла. Суох, аҕата төннүбэтэ, арай тиэрэ кэбиллэн аһаҕас хаалбыт аан устун тымныы туман эрэ өрө оргуйан киирдэ…

III

Түүн үөһүн саҕана. Хабыс-хараҥа хаайыы хоһо иин иһин курдук дьиппиэрэн турда. Түгэх диэки муннугар киһи ынчыга иһиллэр. Онон сабаҕалаатахха, биир киһи нэһиилэ олоруох курдук буолан иһэн, тайаммыт илиитэ уйбакка, «лис» гына түһэн, эмиэ им-дьим баран хаалла.

Онтон сотору соҕус тыын киллэрэн, истиэнэҕэ кэлтэгэйдии нэһиилэ өйөнөн олорон, ким бааргын, өрүһүй диэххэ айылаахтык, уҥуох илиитинэн салгыны харбыалаата. Суох, кими да булбата, арай муннук тымныы чэҥин харбаан көрдө. Онтон арыый көнөн, чэҥнээх эркиҥҥэ көхсүнэн өйөннө уонна «хар» гына хаанынан силлээтэ.

– Хара дьайдар!.. Бүтүн Арассыыйаны син биир кыайбакка саатыаххыт ээ. Абам эбит, бу кэриэтин биирдэскитин эмэ анныбар баттаан баран өлбүтүм буоллар! – диэн баран, бөтөн, сымыһаҕын быһа ытырда.

Бу олордоҕуна эмискэ күлүүс тыаһа халыгырыы түстэ. Хаайыы тимирдээх халҕана күлүр гына аһылынна, түөрт саалаах киһи ааҥҥа адаарыстылар.

Таһырдьа дьиэ ааныгар моойторуктаах хара ыт, тоҥнохпун даа, хаһан тахсаҕын диэх курдук, муннун хамсата-хамсата, хас киирэр-тахсар киһини сытырҕалыы олордо. Кэлин уһугар тиийэн ыксаата быһыылаах, бүрүөлээх халҕаны тарбаан тардырҕатта. Ол олордоҕуна арай эмискэ дьиэ аана тэлэс гына түстэ уонна биир саалаах киһи: «Чэт, бу туох ыта булла!» – диэт, ыстыыгынан өтөрү түстэ да, сыыһа анньан кэбистэ. Ол да буоллар ыт тахсыбыт дьону, тоҕо эрэ кулгааҕын ньылаччы туттан, хараҕын күлбүт курдук көрөн, батыста.

Түүн күтүр тымныыта, хараҥата олус хойдубут, бэл диэтэр сулустар тоҥон кыччыырга дылы гыммыттар. Халлаан буоллаҕына үрдүк бэйэтэ намтаан, симилиэс курдук дьэбидийэн, ыга баттыахха айылаах буолбут.

Аллара, үрэх толоонун ортотугар, арыы тыа, баатанан сууламмыт курдук маҥхайан, утуктуу турара.

Били дьон онно бардылар. Тыа саҕатыгар баар кыра соҕус ырааһыйаҕа тохтоотулар. «Тур манна!» – диэн, били Бүөтүр оҕонньор көрсүбүт бандьыытын «хамандыыра» бэлэһэ хайдыаҕынан хаһыытаан тоҕо барда. Чоҥкуйа тоҥмут тыа мастара: «һук! Бу туохпут кэллэ?!» – диэбиттии, соһуйан саҥа аллайарга дылы гыннылар уонна бары үмүөрүспүт курдук иһиллии-көрө, ылы-чып бардылар.

Икки илиитэ кэдэрги кэлгиллибит киһини улахан тиит аттыгар туруордулар. Кини аттыгар моойторуктаах хара ыт кэлэн, сүрдээх үчүгэйдик кылап-халап көрө-көрө, олорунан кэбистэ. Киһи, ытын көрөн баран, дьэ билигин эрэ өйдөммүт курдук, сүрэҕэ ыарыйда. Кини хараҕар үстээх уолчаана көһүннэ, күлүмнүү турар аламай күнэ арыллан ааста, кэргэнэ, имииһит аҕата, табаарыстара, Ленин сырдык мэтириэтэ – барыта хараҕар субу ирбэнньиктийэн кэллилэр… Онтон Охоноон эмискэ:

– Сиэхситтэр, сиэҥ! – диэн хаһыытаата уонна икки хаамыыны утары атыллаата. – Эһигинниктэр быстан хаалбыт акаарыны миигин эрэ сиэххит, оттон сэбиэскэй былааһы син биир тиискит хотуо суоҕа! Чэй, ытыҥ, сиэбиккит көлөһүммүн, сүлбүккүт тириибин, аны иһиҥ ыраас хааммын!

Охоноон ревком өлөөрү туран хаһыытаабыт хаһыыта, ой дуораана буолан, дьыбардаах салгыҥҥа ыраах куҥкунуу турда…

Саа сомуогун тыаһа лаһыгырыы түстэ. Ылы-чып, ким да тыына да иһиллибэтэ, оттуун-мастыын кирийэн, алдьархайы көһүтэн, чуумпуран турдулар.

Онуоха: «Бу баар!» – диэбиттии, саа тыаһа дэлби ыстанна. Охоноон охтон түстэ. Ыт, ыйылыы түһэн баран, туора ыстанна. Саа тыаһа, санаарҕаабыт курдук, сатыы ойуур үрдүнэн сатарыйа турда. Маҥан хаарга хара баттах хамсаабакка харааран сытта…

Дьэ, доҕоттоор, сүрдээх түүн үүммүт эбит!

Түүн түүн курдук, хараҥа дьайыҥыран, ынчыктыы дьуоҕаран, барыгытын да ыйыстыам этэ диэх курдук, дьиппиэрэ тымныйан, күлүгүрэ баттыы турбута…

IV

Нөҥүө күнүгэр арыы тыа үрдүгэр хара суор, хааҕыргыы-хааҕыргыы, көтөн дапсыйа сырытта.

Киэһэ буолан, от-мас күлүгүрэн барда. Арыы да тыа им бүтэй этэ. Арай чугас соҕус оҕус сыарҕатын тыаһа кыыкырдаан иһилиннэ уонна оҕонньор киһи саҥата аргыый «һай» диэтэ.

Утаакы буолбата, сылгы тыһа этэрбэстээх, тордох ыстааннаах Чооруос диэн дьаам дьиэни ититэ тутуллан киирбит оҕонньор оҕуһугар мас тиэйэн кэлэн, били ырааһыйа кытыытыгар тохтотто уонна, сирэйин-хараҕын кырыатын соттон баран, аҥаар хараҕын хайыы-үйэҕэ суор оҥон сиэбит доҕорун Охоноону одуулуу турда.

– Оо, бу эрэйдээҕим бу сытаахтыыр эбит дии… Тыый, сүрүкэтин ньии… Дьэ уһун сордоох, өлөн биэрбэккэбин, арааска да түбэһэн эрэбин. Аны бу хаарыаннаах оҕобун уматыах сорум үһү. Хара дьайдар инньэ диэн кыһайдылар, бэйэбин өлөрүөх буолаллар… Сор да буолар эбит, – диэн баран, Чооруос, ытыы-ытыы, сыарҕатыттан маһын сүөкээтэ.

– Бу эрэйдээхпин хайдах гыныах муҥмунуй? – диэн, Чооруос, ыйыппыт курдук, Охоноону көрөн кэбистэ. Суох, хата Охоноон үрүҥ-хара көлөһүнүн атын дьон дьолугар тохпот, хааһаҕы, мэрэбэдэйи туппат, баай батталыгар биир тылы утарбат буолан, уһуктубат уһун уутун утуйбута…

Онтон Чооруос, үс маһы түһэрэн баран, Охонооҥҥо барда. Хааныгар хам тоҥмутун нэһиилэ хоҥнордо. Баҕана курдук хороччу тоҥмут киһини туруору анньан, көтөҕөн илдьэн, аны ыалдьыа диэх курдук, маһын үрдүгэр аргыый сытыарда уонна, аҥаар үтүлүгүнэн тоҕо эрэ сирэйин-хараҕын саба ууран баран, өрүһүспүт курдук маһын кыстаан, түргэнник испиискэ ылан уматта. Лабаххай тыаһа таһыгыраабытынан барда. Сытыы тыҥырахтаах кыыл тииккэ ыттан эрэрин курдук, мас устатын тухары уот тиэтэйэ-саарайа, бачыгырыы сүүрдэ. Утаакы гыммата. «һаай, дьэ оттобор угуннум», – диэх курдук, төгүрүйэ көтөн ылла, саҕынньаҕын түүтүн күүдэмчилэттэ, онтон, «дьэ-дьэ» диэххэ айылаах, сирэйин салаан хараарыҥнатта.

Дьэ улам-улам амтаһыйбыт курдук, китиэккии-киэбирэ, сирилээн истэ. Күөнэ кытарда, ортото хараарда, кыһыл хаан тоҥмут төбүрэҕин курдук, ыарахан кыымнаах кыырык төлөнө күүгүнүү көттө. Чооруос, көрөн туран, этэ саласта, куйахата ытырбахтаата, уҥуоҕа босхо барда. «Бостуой уматаммын», – дии санаата, дьүһүнэ уларыйда, бөтөн барда…

Уот күтүр, илэ-бааччы кыайан-хотон, үллэ күлүмнүү, өргөһө уһуктанан, күүгүнүү-күүгүнүү, саһыгырыы-саһыгырыы, бачыгырыы турда. Ол аайы тыа түгэх күлүк хараҥата, улаатан кэлэ-кэлэ, ынчыктыы-ынчыктыы, иҥиэттэн кэбиһэ сытта.

һук! Дьэ сиҥнэн соҕотохто намтаата. Быһыта-хайыта тыытарга дылы гынна, хараарбахтаата, будулуйда уонна өһөх хара буруо үллэ-лөглөрүйэ оргучуйан таҕыста.

Онтон көрдөххө, харам улам-улам кыччаата, бытарыйда, арай төбөтүн эрэ уҥуоҕа харааран сыппахтаата. Онтон уот: «Дьэ бүтэн эрэр», – диэн, холкутуйбут курдук, мөлтөөтө, бытаарда, улаханын бүтэрэн, кыратын итигэстэһэн барда.

Онуоха көрдөххө, били төҥкөгөр тиит лабаатын хаара ууллан, харах уутун курдук таммалыы турар этэ. Тыам иһэ, эмиэ санаарҕаабыт, соҥуйбут курдук, ылы-чып буолла.

Арай арҕаа эҥээртэн мөлүйүөнүнэн ахсааннаах уоттаах сулустар хара өһөх буруону курдаттыы өһөн эрэр уот оннун, ытыыр курдук, чипчилиҥнии-чипчилиҥнии, көрөн турбуттара…

1927

Сордоох суха

Саас буолан, от-мас тэтэрэ симэнэн, чэлгийэн турда. Көмүс күөмэйдээх күндү ырыаһыт чыычаахтар өндөл күөх халлаан көҥүл күүлэйигэр күөрэйэ көтө күүгээн бөҕөнү түһэрдилэр.

Туох барыта тилиннэ, үөрдэ. Ийэ сир кэскиллээх чээл сирэм ньуура тубуста, дьэрэкээн таҥалай дьүһүнэ кэйдэ.

Бурдук ыһыыта буолла.

Хаампый оҕонньор уолунуун алаастарын үрдүнээҕи сонуоктарын тартара күөрэҥнэһэн тиийэн кэллилэр. Оҕонньор былыргы дуомунан уот оттон, сыт таһаарда уонна, илин диэки хайыһан туран, бэргэһэтин устан баран, ботугуруу-ботугуруу, кириэстэнэн сапсынна.

Онтон дьэ сирдэрин тартара киирдилэр.

Аҕыйахтык хаамтараат, сухалара ылымына:

– Тукаам, бэйи, тохтоо эрэ, – диэтэ оҕонньор. Сэргэ маһын хараҕатыттан көҕүрэтэн баран, оҕонньор, таптаҕым буолуо диэбиттии, аа-дуо сыыҥтаан «бар» гыннарда уонна: – Чэ хаамтар, – диэтэ.

Утаакы буолбата, аҕыйахтык хардыылаат, эмиэ:

– Тукаам, бэйи эрэ, тохтот, сухабыт хайдах эрэ тыҥырахтыыр ээ, – диэтэ. Оҕонньор, торбос үтүлүгүн илиитигэр ыаҕастыы ыйаан баран, буугунуу-буугунуу, токоотун кэлин биттэҕэр уларытан баайан аадаҥнаата. Бүтэрэн баран холкутук: – Чэ бар, – диэн буолла.

Суха сылдьыбыта аата эрэ биллэр-биллибэт гына тырыыпайдатан тахсан, эргитэн, бааһынайдыы хаамтаран иһэннэр, эмиэ саҥа иһилиннэ:

– Бэйи, нохоо, тохтот-тохтот! Ытаһа маспыт түспүт!

Онтон ытаһа мастарын булан уктаннар, иһирдьэ-таһырдьа дьоодьоҥнотон, баран истилэр. Суха аанньа ылбата, аппа сиргэ букатын таах барда. Оҕонньор, сүүһүн быччыһыннары тутта-тутта, күүһэ баарынан баттыы истэ. Эмиэ утаакы буолбата.

– Бэйи, тохтот, быһыыта, сыыһы ытырда, – диэтэ оҕонньор. Сыыстарын ыраастанан, эмиэ бардылар.

Иккис эргийиилэрэ буолла, уол оҕуһун тосту эргитэн алтахтатан эрдэҕинэ:

– Нохоо, тохтоо эрэ! – диэн хаһыы тоҕо барда. – Аны токообут сыҥааҕа тулунна, бар, сүгэни аҕал!

Сүгэ аҕаланнар, оҥорбута буолан баран, эмиэ айаннаатылар.

Саҥардыы хоҥнон эрдэхтэринэ:

– Киллэр-киллэр! – диэн оҕонньор дьохсооттоото.

Онуоха уол:

– Оттон оҕуһум сөпкө иһэр ээ, – диэтэ.

– Бэйи-бэйи, тохтот-тохтот!.. – оҕонньор тиритэ-хорута быһыытыйда, баттаҕын саҕатыттан көлөһүнэ саккыраан түстэ. – Ыраах баайан кэбиспиппит, төһөнү эмэ ардайдыы сылдьар, – дии-дии, эһитэ тарпыт курдук туттан-хаптан, ыга-ыгатык тардыалыы-тардыалыы, уларытан баайда уонна бэргэһэтин, түһэн эрдэҕинэ өрүһүйбүт курдук, түргэнник торбос үтүлүгүнэн өрө аста.

– Чэ бар!

Бардылар.

– Киллэр!.. Таһаар-таһаар! Тууй-йиэ! Көрөн хаамтар, мин эйигин ардайдатыма диибин ээ. Хайы үөдэн, сырыыта табыллыбата, доҕоор! Туой тыҥырахтаан быһа сытыйар буоллаҕа үһү. Бэйи эрэ, тохтоо! – диэн, оҕонньор сухатын суолун тарыйбахтаан, ыраастаан, кэннинэн состо. Оҕустара кэннинэн барбакка, биир айдаан турда.

– Сирэйгэ биэр!..

Биир былырыыҥҥы ардай быһыылаах, үрдүк соҕус мөҥүрүөн сир кэлбитигэр суха дириҥник ылла. Оҕонньор, өссө дириҥник ыллын диэбит курдук, туох баар күүһүнэн баттаан истэ, кыһыы-аба ыраатта, мэктиэтигэр сыыҥа субуруйан түспүтүн билбэтэ. Онтон били томтор эмискэ бүтэрин кытта, суха, босхо баран, тумсуттан иҥнэн өрө тэптэ да, оҕонньору ыраах, төбөтүн оройунан эһэн кэбистэ.

– Чэ бэрт да сор, доҕоор! Көр сүнньүбүн быһа түһэ сыстым дии! Сатана сэбэ туох үөдэн буолан хаалла? Урут оттон бастыҥ сэппит аатырар этэ дии. Бу күһүн Өрөһөөк уларса сылдьан сырыытын уларытан кээспит эбит буоллаҕа. Ити тухары киһи киэнин аанньа ахтыбаттар. Бу маннааҕы ытаһата эмиэ түспүт эбит дии, быһыыта. Бар, нохоо, ыл ол маһы аҕал!

– Бу маһы дуо?

– Хараҕыҥ тэстээрэй, эн көрдөххүнэ, ити мас дуо? Мутук буолбат дуо?! Ону аҕал диибин эбээт, – дии-дии, сүрүн мас аллараа өттүгэр ытаһа оҥорон буугунаста, уоһун элээмэтэ тэллэллибит, көхсүн туома богдьоллубут. Оҕустара буоллаҕына алаас уҥуор сүөһүлэри одуулуу турда. Оттон уол: «Ити туйаарарга киһи буорунан быраҕан тириэрдиэ дуо?» – дии саныы турдаҕына, «Чэ бар!» – диэн саҥа иһилиннэ.

Суха сырыыта арыый табылынна, оҕонньор эмиэ аа-дьуо сыыҥтыыр, холкутук унаарытан «һай-ай» диир буолла. Бу икки ардыгар үһүс эргийиилэригэр сухалара эмиэ тыҥырахтаан, өрүтэ тэбиэлээн, икки ойоҕоһунан оонньоон киирэн барда.

– Бэйи, тохтот! Бу сэппит эмиэ иһигэр киллэрдэ, – диэтэ Хаампый. Били саҥа оҥорбут ытаһалара түһэн хаалбыт эбит, ону эмиэ кыыһырса-кыыһырса, көрдөөн көрдүлэр да булбатылар. Онтон сылтаан чэйдии таҕыстылар.

Оҕонньор, чэйэ оргуйуор диэри ытаһатын оҥорон баран, сухатын тимирин ыраастаан көрө туран: «Хайа, бу сээбэспит букатын босхо барбыт эбит дии! – диэн соһуйда. – Ытаһалаатахха сатаныыһык», – диэн баран, хооһолдьуйан тиийэн, төҥүргэстэн мас хайа охсон аҕалан ытаһалаата. «Кытаанахтык киирдэр үчүгэй этэ», – дии-дии, маҕыйа-маҕыйа саайан дардырҕата туран көрдөҕүнэ, сухатын этэрбэһэ холбойон таҕыста. «Бай! Хайа, аны холбойон таҕыста дии!» – диэтэ оҕонньор уонна, буугунуу-буугунуу, ытаһатын быһан, сухатын оннун үүтүн устун олордон кэбиһэн баран отуутугар тиийдэ.

– Бу ас оргуйбут буоллар таһаар эрэ.

Уол уоттан чаанньыгын таһаарда.

Чэйдээн бүттүлэр.

Эмиэ киирэн хаамтаран хаахынатан бардылар. Дөрүн-дөрүн «һай-ай» диэн хаһыытыы-хаһыытыы, оҕонньор баттаан титирэстэһэ истэ.

Тахсаннар эргийдилэр. Уол сатаан сиэппэтэ.

– Киллэр! – диэтэ оҕонньор. Онтон, наһаа баран хааланнар: – Таһаар, таһаар! – диэн хаһыы буола түспүтүгэр, уол:

– Эмиэ «таһаар» диигин, эмиэ «киллэр» диигин, – диэтэ.

Онуоха оҕонньор:

– Сатаан сиэппэт буола-буолаҕын, өссө этиһээри гынаҕын дуу, баранаак?! – диэн баран, оҕуһун эмискэ кымньыылаан «кус» гыннарда да, сүүрэр быата быһа ыстанна, уол төкүнүйэ түстэ, оҕус босхо барда. Дьэ айдаан, бардьыгынаһыы, ытаһыы бөҕө турда…

Онтон эргийэн кэлэн бараннар оҕонньор:

– Бу сырыыга арыылыахпыт, бу өттүнэн эргий. Ол төҥүргэһи аттынан, ол суоруулаах тиити көрдө көрбүтүнэн бар, – диэн ыйда. Аҕыйахтык хаамтараат, сонуок бүүрүгэр тиийэн: – Нохоо, тохтот, тохтот! Аны бу сэппит тобулу киирэн барда, – дии-дии, оҕонньор сухатын түөрүтэ баттыалаата… – һук! Хайа, аны хаптаһыммыт босхо тиийэн кэллэ… Чэ ити курдук, быата быстыбыт. Дьэ үчүгэй да өлүүтэ, доҕор! Бүгүн сатаан үлэлээбэт дьон буоллубут… Туох да буоссалааҕы оҥоппотубут. Мантыкабытын аны туохпутунан баайарбытый? Бэйи, хата этэрбэһим быалаах эбит ээ, – диэн, онуоха үөрбүт курдук, дабдас гына түһэн, тииһинэн түһэ-түһэ, баайда. Бүтэрэн хоҥуннулар.

Бэрт кылгас сири бардылар да, били төҥүргэс аттыгар тиийэн оҕонньор:

– Тохтот-тохтот! – диэн улаханнык хаһыытаата, сухатын, тардыалыы-тардыалыы, төлүтэ баттыалаата.

Уол тохтоото, оҕус, хаһыыттан куттанан, тохтообото, умса дьулуруйда. Инньэ гынарын кытта тыас тыаһа хачыгыр гына түстэ да, суха буортан мүччү ыстанан тиийэн кэллэ. Онуоха оҕонньор өрүһүспүт курдук хап-сабар олордо охсон, иккитэ-үстэ баттыалаан баран өйдөөн көрөн:

– Бай! Сухабыт тимирэ хаалбыт дии! Тууй-сиэ, дьаат! Дьэ букатын үрэлиннэ. Үчүгэй да хара сордоох сэп буолар эбит, – дии-дии, ыадар-ыадар хааман тиийэн көөртө, сухатын тимирэ туура баран, иҥнибит сиригэр туһунан сытар эбит.

Хаампый оҕонньор маннык сордоох сэбинэн үлэлээн, үрүҥ-хара көлөһүнүн үйэтин тухары үгүһү тохпута…

1927

Куоттарбыттар

Дьиэ таһа хабыс-хараҥа. Салгын бүтүннүү сып-сыыгынас ыыс-будулҕан туман. Тыа, толоон олорчу тоҥ хаарынан саба көмүллэн сыталлар.

Балаҕан иһэ, холлоҕосторо күлүгүрэн, муннуктара харааран, суол аана чэҥирэн, түүл-бит курдук буолан, ыараан, ынчыктыы сытарга дылы. Кини ынчыктыыра, өрө уһуутуура үөлэс устун иһиирэн тахсан, тыал буолан улуйар курдук.

Оһох уота, утуйан эрэрдии, хараҕын быһа симмэхтии-симмэхтии, имик-самык умайар. Өтөр буола-буола күлүм гынан сырдаан ылар, оччоҕо, көрбөт буолбут киһи ытаан хараҕыттан уу-хаар баспытын курдук, муус түннүк оҥоҥноон ааһар.

Сыбах оһоххо саннын өйөөн, ырбаахыта суох, атах сыгынньах, торбос ыстааннаах оҕо тымтыгы туппутунан утуктуу олорор. Сэрбэйбит баттаҕын уот мөлтөх соҕустук сырдатар, төбөтүн күлүгэ биир эркиҥҥэ түһэн харааран турар.

Модьоҕо иннигэр ийэтэ эмээхсин кини этэрбэһин тигэн кыҥастаһар. Ийэ сотору-сотору туой үөһэ тыынар уонна уолун сүрдээх уйан баҕайытык көрөн кээһэр. Көхсүн иһигэр санаата баппат, туой куһаҕан санаалар, хараҥа былыт курдук, сабардаан кэлэ тураллар.

Түөрт нэдиэлэ буолла куоракка үөрэнэ сылдьар бастыҥ оҕото Ороһустубаҕа хайаан да тахсыам диэн сурук ыыппыта. Онтон бэттэх туох да сураҕы, арай куоракка дьаҥ баар диэнтэн атыны, истэ илик.

Тоҕо эрэ түүн аанньа утуйбат, куһаҕаннык түһүүр, сүрэҕэ мөхсөр буолла.

«Оҕом сыыһа, күннээтэр күнүм, ыйдаатар ыйым, чыычааҕым, сүрэҕим хайдах буоллаҕай? Огдоомо хаалтым уонча сыл буолла, ол тухары түүннэри-күннэри, сайыннары-кыһыннары кэтэһэрим-манаһарым кини этэ. Ол көмүһүм, кэлиэх буолан баран, тоҕо бу кэлбэтэ… Төһө да сордоннорбун, эрэйдэннэрбин, кинибин санаатахпына, бөҕөхсүйэрим, сүрэҕим-быарым үөрэрэ, ытыы олорон уоскуйарым: кини сынньатыа, сынньаныам диирим… Бу оҕом киһи буолара ыраах. Эрэйдээҕим сыыһа туой эмиэ убайын кэтэһэр ээ».

– Тоойуом, тугу утуктаан муҥнана олороҕун? Утуйуоххун.

– Ийээ, убайбын кэтэһэбин, хартыыналаах кумааҕы, кэмпиэт аҕалыах буолта.

Ийэтэ эрэйдээх хараҕын уута тигэ олорор этэрбэһигэр «топ» гына таммалыыр…

– Ийээ, тоҕо ытыыгын? Оччоҕо мин эмиэ ытыам… – уонна кууһа түһэн, уол оргууй ийэтин уоран көхсүттэн сыллыыр.

Ийэтэ хараҕын сотто-сотто:

– Чыычааҕым, чэ мин ытыам суоҕа, баран утуй. Убайыҥ сотору кэлиэ, аргыс табыллыбатаҕа буолуо, кэһиитин хартыына, нуучча аһа аҕалыа, чэ баран утуй.

Оҕо эрэйдээх дойур-дайыр тирии таҥаһыгар сууланан утуйан буккуруур.

Түүн уһуна сүрдээх, кэтэстэр бараммат. Уот өссө имик-самык буолан иһэр. Эмээхсин, өтөр-өтөр үөһэ тыына-тыына, биир кэм тигэр. Арай үөлэһин тыаһа, кини санаатыгар, оҕотун үөрэ кэлэн ытаан-соҥоон эрэрин курдук улуйар. Онтон, куһаҕан санаатын аралдьытаары, сайыҥҥы сылаас күнү санаатарбын диэн, хараҕын быһа симэн, сирэйин саба туттан уотун иннигэр бүк түһэн олорор. Ол олордоҕуна эмискэ арай ааны киһи тоҥсуйан тобугуратар. Эмээхсин соҕотохто санаата ыраастыйа, хараҕа сырдыы, сүрэҕэ тиҥ-тиҥ тэбиэлии түһэр. «Оҕом сыыһа дьэ кэллэ!» – диэбитинэн, ааны аһа охсон биэрэр.

Уол: «Убайым!» – дии түһэр, ойон турар.

Аан тыаһа кыыкыр гына түһэр, туман, сырсан эрэр курдук, өрүкүс гынар. Дарайбыт сарыннаах, үллүбүт саҕынньахтаах эр киһи даадайан киирэн кэлэр. Этэрбэһин тыаһа кыычыр-кыычыр гынар, бэргэһэтин, үтүлүгүн кырыатын тэбиир уонна: «Тоҕо тымныытай, тыалай, доҕор!» – диэн чып-чыха атын киһи саҥата, уһаат иһигэр саҥарар курдук, лиҥкиниир.

Уол ийэтиниин тугу саҥарыахтарын булбакка, соһуйбут курдук, тураллар уонна туой аан диэки көрбөхтүүллэр, тыас иһиллииллэр. Суох, туох да тыаһаабат, ким да киирбэт, арай туртаччы кырыарбыт аан дьыл оҕуһунуу аҕылаан эппэйэр.

– Дьэ, эмээхсиэн, үчүгэйинэн кэлбэтим, куһаҕан сураҕы аҕаллым…

– Хайа оҕом?.. – диэн баран, эмээхсин хараҕын уута субурус гына түһэр.

– Оҕоҥ… дьаҥҥа… барбыт үһү, – диэн киириэхсит, иин иһиттэн саҥарбыт курдук, лиҥкиниир.

Эмээхсин, сүрэҕэ быһаҕынан аспыт курдук мөҕүл гынан баран, хаһыытыы түстэ. Уол кууһан туран, күһүҥҥү сэбирдэх курдук ибигирии-ибигирии, кытта ытаата.

Ийэлээх оҕоҕо бу түөрт тыл туохтан да күүстээх буолла: аан дойду бүтүннүү өлбөөдүс гынарга дылы гынна, этиҥ охсубутун курдук туймаарта, дөйүттэ, салҕалас, байааттаҥнас оҥордо…

– Оо дьэ, бостуой даҕаны тылбын кыаммакка эмискэ эттим ээ, – диэн Ыкынаачай кэмсиннэ уонна төбөтүн имэриннэ, кини даҕаны уйадыйда.

– Чэ хайдах гыныаххыный, оҥорууҥ оннук буоллаҕа дии, муҥнаах эмээхсиэн, кытаат, тулуй! Мин быстыан эрэ иннинэ көрсүбүтүм. Миигин көрөн баран, сүрдээхтик үөрбүтэ уонна нэһиилэ: «Бырааппын үөрэттэрдэр, – диэхтээбитэ, онтон: Ийэм эрэйдээх», – диэн баран, ытаан баарта, кыайан саҥарбатаҕа. Кумааҕытын сыыһа бу баар, – остуолга аҕыйах аҕай кэлгиллибит тоҥ кумааҕыны уурда. – Чэ кытаат, тулуй! – аан тыаһа кыыкыр гына түстэ, Ыкынаачай таҕыста.

Эмээхсин эрэйдээх оҕотун тоҥ кумааҕытын үрдүгэр саба түһэн сүрэҕэр сыһыары тутта уонна, хараҕын уута субуруйа-субуруйа, сымыһаҕын быһа ытыран, саҥата суох бөтө олордо.

Балаҕан букатын хараҥарда, уот өстө. Арай үөлэскэ тыал эрэ улуйда. Дьиэҕэ эмээхсин энэлийдэ уонна уол модьоҕотун иннигэр, тугу эрэ кытаанаҕы толкуйдуурдуу, кимтэн эрэ тугу эрэ иэстэһиэн баҕарардыы, оһоҕун симик уотун тобулу одуулуу олордо…

Хабырыыс

Куйаас баҕайы күн этэ. Халлаан биир кэм сууйбут курдук ып-ыраас, биир да былыта суох. Күн уотуттан кэхтэ баран эрэр, хаһан эрэ сирэм күөх чыычаах уйата от кууран-хатан, аны кэлэн көҕөрүөм дуо диэбиттии, санаарҕаабыт, дьүдьэйбит курдук, күкээрэн сытар. Тыа, тугу эрэ иһиллээбиттии дуу, одуулаабыттыы дуу, хам-бааччы турар.

Ханнык эрэ кубарыйбыт эргэ хортуустаах, саҥа сиидэс ырбаахылаах, алтан бирээскэлээх саары этэрбэһи салаҥ соҕустук кэппит, уҥуоҕунан үрдүк саас ортолоох киһи былыргыта ааттаах, аны түөһэйэ быһыытыйбыт, сиппиллибит улаан аты миинэн хаамтаран кирдиэхтэтэн истэ. Кини тириппит-хоруппут, дэйбииринэн өр буола-буола сапсынан ылар уонна, өссө утуктаан тоҥхох гынан ыла-ыла, уутун үргүтээри гыммыттыы, ол-бу диэки көрөн ылаарыҥныыр. Ата аат эрэ харата хааман, төбөтүн таҥнары туттан сиҥнэрдэтэлээн иһэр. Кинилэр уҥа өттүлэригэр, суолтан чугас, үс мас күрүө саҕа үрдүк ньэчимиэн бурдук үүнэн араҕастыйан турар. Бу бурдук, үөһэттэн көрдөххө, биир кэм алтантан куппут курдук, мөлбөйөр.

Барыта төгүрүччү им-ньим, барбах ат эрэ туйаҕа хаппыт суолга бытаан соҕустук лабыргыыр уонна туох барыта куйаастан буһан саспыкка дылы…

Эмискэ арай дьахтар саҥата: «Хабырыыс!» – диэн аргыый киһини ыҥырда.

Киһи «дьик» гына түстэ уонна «ээ, төрүт утуктуу иликпин» диэх курдук, муҥунан көрөн, эргиллэ хайыспыта – ойоҕоһугар, бурдук быыһыгар, кубаҕай сирэйдээх, ырбаахытын былаатынан бөрдөнө курдаммыт дьахтар, буруйдаах киһилии төбөтүн төҥкөччү туттан баран, сиэрпэтин биитин көрбөхтүү турар эбит.

– Ээ, Өкүлүүн эбиккин дуу? Бу манна тоҕо кэлэн тураҕын? – диэн били аттаах киһи ыйытта.

– Бу манна, Ньукунуордаахха, бурдук быстара ыыппыттара.

– Ээх дээ, – Хабырыыс атын хаамтара турда.

Өкүлүүн, бурдук күрүөтүн тахсан, били киһини атын ойоҕолуу, аргыый батыһа хаамта.

– Хабырыыс, мин эйигин көрбөтөҕүм өр даҕаны буолла… Былырыын арай түүн итирэн киирэн дэлби сынньан-мөҥөн баартыҥ. Онтон бэттэх букатын сылдьа иликкин. Кэлиэ дии санаан кэтэһэбин, күүтэбин да, кэлбэккин… Оннооҕор бу күһүн, дьиэм таһынан ааһан баран, киирэн тахсыбатаҕыҥ… Оо, Хабырыыс, сатаатар биирдэ сырыттаҕыҥ дуу! – диэтэ Өкүлүүн, сылгыһыт ыҥыырын төргүүтүттэн тутуһан иһэн.

– Ол мин эйиэхэ тоҕо сылдьыамый?

– Оттон биир кэскиллээх, ойохтуу-эрдии ааттаахпыт буолбат дуо?.. Сатаатар биирдэ киирэн тахсыбат буолаҥҥын… Хабырыыс, тохтоон бу күлүккэ сынньана, кэпсэтэ түспэппит ээ…

Итини этэ-этэ, Өкүлүүн, ааттаабыт курдук, киһини тобулу көрө-көрө, аны ат көнтөһүттэн тутан, сэргэ хааман истэ.

– Чэ бэйи, тохтуу да түһүөххэ син, – диэн Хабырыыс холку соҕустук атыттан түстэ. Кинилэр титирик күлүгэр олордулар.

Өкүлүүн сүрдээхтик үөрдэ, үөрүүтүттэн бэйэтэ кыбыстыбыт курдук, сир диэки көрөн баран мичиҥнии олордо.

Ол курдук саҥата суох олорбохтоотулар.

Онтон Өкүлүүн: «Хабырыыс, сатаатар биирдэ эмэ таарыйбат буолаҥҥын. Миигин ахтара буолуо диэн сүрэҕиҥ таайбат бэйэккэтэ дуу?» – диэтэ.

Хабырыыс хортууһун устан күөх дулҕа төбөтүгэр уурда уонна, сүүһүн көлөһүнүн сотто-сотто, эттэ:

– Ол тоҕо таарыйыамый? Туох да наадам суох. Ол бииргэ олоруохпут этэ диэхтиигин да, эн хараҥа муннуккар олорон миэхэ туох туһата кэлиэй. Туох эмэ үчүгэй астаах, хойуу чэйдээх буолан, киһини астыннарыаҥ дуу! Бэйэҥ билэҕин, мин син мааны буолбут киһибин, миэхэ үчүгэй ас, түс-бас кэпсээн-ипсээн, ыраас таҥас-сап наада. Мин оннуга суох биир да хонугу сатаан тэһийэн хонорум биллибэт…

– Билигин Кириһээн оҕонньорго бааргын дуу? Онно тугу гынаҕын?

– Онно баарбын. Сылгыһыт уол буолан, үрүҥ-хара түүлээҕин мин бөрүөрэбин, – диэн баран, Хабырыыс, сэргэх киһи быһыытынан, титирик мутукчатын тоһутан ылан көрө олордо.

– Бөрүөрэбин буолан, эн ат үрдүгэр олоро сылдьан талбыккынан көрүлүүгүн, сорох ыал сааҕын күрдьэн муҥнанар, сааһын тухары хотонтон тахсыбат…

– Ээ, эн, акаары, тугу өйдөөтөҥүй. Мин туох киһибин сааһыҥ да тухары өйдүөҥ суоҕа. Эн миигин дьаарбайар эрэ курдук саныырыҥ буолуо да, оннук буолбатах. Хор, мин бүтүн улууска биллэр сылгыһыт буолабын, ол чааһыгар ким даҕаны миигин кытта кыайан тэҥнэспэт. Ити бүгүн утуктуу-айанныы испиппин көрүмэ, мантыкаҥ, кыыла турдаҕына, хата атын оҕо буолуоҕа: туох гынаары Кириһээн баай сылгыһыта буолбут үһүбүн? Хор, үөһэттэн оҥоһуулаах, анатыылаах кэриэтэ киһибин. Сааһым тухары сэнэхтик сылдьыбытым. Сылгыһыт буолуом иннинэ сааһыт этим… Ол эн олоҕуҥ диэн эмиэ олох буолуо дуо? Хор, ону өйдөөхтөөбөккүн, – сөпкө да эттим диэбиттии, өссө толкуйдуур курдук, халлааны өрө мыҥаан көрө олордо.

– Өйдүүбүн ээ, Хабырыыс…

– Ытаары гынныҥ буолбат дуо уонна өйдүүбүн диигин…

– Суох, мин ытаабаппын… – диэхтээтэ, өссө ордук төҥкөйө-төҥкөйө, Өкүлүүн. – Оо, Хабырыыс, аньыытын ньии, мин сордооҕу сатаатар эн аһымматыҥ… Хайа дьоллоохтор бииргэ олороннор, ыал буолаллар… Бу эйиэхэ эргэ тахсыбытым уонча сыл буолла, ол тухары биирдэ эмэтэ ойох-эр курдук кэпсэттэхпит, доҕордостохпут, бэйэ-бэйэбитин аһыныстахпыт, таптастахпыт дуу… Сатаатар биирдэ киирэн хоммоккун…

– Ээ, таптаһыы диэн… туох таптаһыыта баар буолуон сөбүй? Биһиги ааппыт эрэ эрдии-ойохтуу… Мин эйиэхэ букатын туора киһибин: мин буоллаҕына бастыҥ сылгыһыппын, маанытык үөскээбит киһибин, эн буоллаххына хотон киһитэҕин, ол кэлэн хайдах сатанан, ханнык эмэ паараҕа дылы, – дии-дии, сылгыһыт ытыһын имэриннэ.

– Оттон… син бэргэһэлэммиппит буолбат дуо?

– «Бэргэһэ» буолаахтаан. Ол Өндүрүүс оҕонньор мээлэ холбооттоон кэбиспитэ диэн…

Им-ньим, саҥата суох ах баран олордулар.

Нөҥүө тыа быыһынан сылгылар сырсан ааһаллар, ону Хабырыыс сүтэриэр диэри көрөн олорон баран: «Хамнаһыҥ төһөнүй?» – диэн ыйытта.

– Төгүрүк сылга үс солкуобай, – диэтэ аат эрэ харата Өкүлүүн. Эмиэ балай эрэ саҥата суох олорбохтоотулар. Өкүлүүн улам-улам санаата түһэн барда, кистээн ытыы-ытыы, сиэрпэтин уһугунан сири хаһа-хаһа, ыйытта:

– Хотунун кытта үчүгэйдии буолбут дииллэр ээ дьон. Ол кырдьык дуо?.. Тоҕо саҥарбаккын? Ол аата кырдьык буоллаҕа дии.

– Чэ, баҕар, кырдьык да буоллун. Оҥорууҥ оннук эбит… Бэйэҥ хотонуҥ иһигэр, сааххын күрдьэ-күрдьэ, ытыы сылдьаахтаа. Миигин букатын санаама даҕаны. Бэйи, аны манна олорон хаалаары гынным, – диэн баран, Хабырыыс атын холунун чиҥэттэ.

Өкүлүүн эмиэ турда.

– Оттон миэхэ хаһан эмэ таарыйыаҥ суоҕа дуо?

– Наадам суох, сылдьыам суоҕа… Чэ быраһаай!.. – атын чэпчэки баҕайытык мииннэ уонна, чыпчырыйа түһэн баран, дэйбииринэн даллах гынна. Ат мииммитигэр бастаан ынчыктаата, онтон тыбыыран баран, аргыый айаннаан либийэн барда…

Өкүлүүн хам-бааччы туран киһи хайдах миинэрин, барарын, илиитэ-атаҕа хамсыырын барытын, улам сүрэҕэ ньүөлүйэн бара-бара, көрөн турда. Кини саһархай хараҕа ала-бааччы кутурҕан туманынан туолла… Хабырыыс биирдэ эрэ эргиллэн көрдө уонна суол устун тиһигин быспакка айанната турда.

Өкүлүүн дөксө ордук кубарыйда уонна, толоон ортотугар турар эргэ өтөх баҕанатын курдук, соҕотоҕун туран хаалла. Кини Хабырыыһы хас илиитэ хамсыырын, атын кутуруга сиппирдиирин букатын ыраатыар диэри хараҕын араарбакка одуулуу турда.

Онтон сылгыһыт, сиидэс ырбаахыта мас быыһынан элэҥнээмэхтээн баран, тыа иһигэр киирэн, көстүбэт буолан хаалла.

– Барда, – диэтэ Өкүлүүн, хараҕын уута иэдэһин устун мөлбөрүс гынна уонна, аны сатаатар биирдэ көрөн хаалаары, бүтэй үрдүгэр ытынна…

Ороһустуба киэһэ

(Былыргы олохтон этюд)

Түҥ түүн илин эҥээртэн, хотой кыыл курдук, сабырыйа, күөтүү көтөн кэллэ. Үөһээ өндөл халлаан мөһүүрэлии тохтор мөлүйүөн сулус ойуулаах күөх кууппал бэргэһэтин тимир кытаҕы саба уурбут курдук кэтэн, Уот Уйбаан оҕонньор ыал буолбут алааһын, Күҥкүрү, кыаҕар ылан, көй-хара күүлэтигэр хаайан, түүппэҕинэн бүрүйэн турар этэ.

Ырыых-ыраах илин диэки икки көстөөх Кириэс Тумул диэн сир таҥаратын дьиэтин ийэ куолакалын тыаһа ньирилээн иһиллэрэ. Ону истэ-истэ, алаас ыала, илин диэки хайыһан туран, кириэстэнэн сапсыналлара.

Бу аата көҕөрө күлүмнүүр чүмэчи сулус харахтаах Ороһустуба түүн Саха сиригэр тэнийэн кэлбитэ.

Алаас хоту өттүгэр, куобах суорҕанынан үллүммүккэ дылы, борокуот курдук ньолбоҕор, хаптаҕай балаҕантан икки сиртэн түүтэх-түүтэх саҕа кыым кыынньа, кытыаста оргуйар.

Ол эрээри биирдэрэ бэрт мөлтөх, кыыма хайдах эрэ соҥуйбут курдук көтөн тахса-тахса, тулаайах оҕо кэриэтэ муккуктук, тэттик-муттук дьиримнээн баран хараҥаҕа өһөн, умуллан хаалар. Оттон биирдэрэ тоҕо эрэ күүстээх, омуннаах: халлааны бүтүннүү китиэркэттэрбин диэххэ айылаах, күүгүнүү-күүгүнүү өрө оргуйар. Бу уот туһунан чыпчылыйбакка, бэйи, ол туох быгаары гынна диэн муҥунан көрбүт курдук, түөрт муус түннүк дьэҥкэрэн көстөр. Оттон биирдэригэр соҕотох түннүк, утуктаабыт киһи оргууй хараҕын сабан баран эмиэ көрөн кэлэрин кэриэтэ сүтэн хаала-хаала, кылаҥнаан, көстөн кэлэр.

Саалалаах, чуулааннаах үрүҥ дьиэҕэ ханаҕар диэн бэйэлээх, кытара буспут былтаҕар иэдэстээх хотун дьахтар оһох чанчыгар курупчаакы бурдугунан алаадьылаан бачыгырата олордо. Саалаҕа нэс соҕус сирэйдээх-харахтаах, хара бытыктаах, кыра үөрэхтээх тойон киһи, Уот Уйбаан уола Мөлөкүүрэп, мөгүрүллүбүт хаһатын имэринэн кээһэ сытта. Кини аттыгар бүрүөлээх остуолга үрүмэччи бэйэлээх Настя диэн үөрэнэр кыыстара альбом кинигэтин ойуулуу олордо. Суол аанын диэки 12-лээх кэриҥэ Уйбаанчык диэн уоллара биир килээр-малаар көрбүт Макаар диэн кэргэн киһилиин атыыр оҕус баһын сүлэн биликтии олордулар. Уонна хаҥас диэки биир дыгдалыйбыт, дьэлтэлдьийбит сирэйдээх-харахтаах эдэр кэргэн дьахтар сэлиэһинэй бурдугунан тиэстэ охсон либиргэтэ турда.

Дьиэ иһэ тип-тигинэс, тап-таҕынас, сып-сырдык.

Кирпииччэ оһох күндүл чаҕаан көмүс өргөн кытыастар уота кураанах маһы өрө лаҥкынатан, киэҥ дьиэҕэ китиэккээбит-киһиргээбит курдук таһыгырыы-таһыгырыы, тычыргыы-чачыргыы, илэ-бааччы күлэ-сала күлүбүрүү турар. Дьиэ иһэ, холлоҕостуун умайыахха айылаах, алтанныы кыыһа-хамсыы тыынна. Ол аайы эмис киһи тиритэн, ньалҕарыйан баран, өттүк баттанан ымаҥныы турарын курдук, моччоруспут муус түннүктэр күлэн дьэлтэрэҥнэһэллэр.

Оттон биир уоппут эҥээрэ атын буолла.

Бии сааһын тухары күлэр-алларастыыр, өргөннөнөн күлүбүрүүр бэйэтэ хараҕа өспүт, омуна умуллан, ытаан-соҥоон эрэр курдук үдүк-бадык, имик-самык.

Бастаан көрдөххө, көннөрү санаарҕаабыт, туох эрэ ыарахан аһыыга ылларбыт курдук ылы-чып, борук-сорук…

Оттон өр буоллахха, барыта тымныйан, тыйыһыран, ынчыктыахха дылы буолан барар. Киһи куйахата дырдыргыыр, иэнэ кэдэҥниир – туох эрэ харбыах курдук сарбаҥныырга дылы буолар, баттыах курдук үллэҥнииргэ дылы гынар уонна ханнык эрэ иин дьыбарын тымныытынан аҥылыйар. Муннуктара, ынчыктыы-ынчыктыы, бүтэй хааһах курдук үллэҥниир. Сыбах оһоҕун кэннин хараҥата субу таҥнары харбыахха айылаах барыҥныыр, сарбаҥныыр, холлоҕосторо, баҕаналара күлгэри уорҕатын курдук килбэлдьийэр. Бии көстөр соҕотох муус түннүгэ, куттаммыт курдук, оҥой-саҥай көрөн, хараҕыттан уу-хаар баһан, ытыы турарга дылы…

Маннык дойдуга киһи ама баар буолуо дуо? Баар буоллахтарына, өлөн да бүттүлэр ини…

һук! Ол эрээри, бэйи, дьэ уота арыый хамсаата: мас сыыһа эбии быраҕылынна. Ноо! Торбостор соһуйбут харахтарын уоттара көҕөрөн көһүннүлэр… Үгүстэрин! Уон ордуга биир торбос – сүүрбэ ордуга икки харах! Бии сарбаҥныыр оһох кэннинээҕи хараҥа, бии үллэҥниир муннуктааҕы хара арыый кирийэргэ дылы гыннылар.

Өйдөөн көрдөххө, бу аан дойду киэргэлэ, ньургун чэчирэ – икки атахтаах, иннинэн сирэйдээх бу хотон балаҕаҥҥа, иин иһигэр син биир эмиэ баар эбит. Оо! Кимнээхтэр, хайдах эрэ дьон, хайа эрэ муҥнаахтар буоллугут?

Тугуй, доҕоор?! Чөчүөккэлэрэ диэн буоллаҕа дуу?.. Аҥаар хараҕа суох, эрбэһин курдук сэрбэйбит баттахтаах, мас эмэгэт курдук уҥуох сирэйдээх, дьүһүнэ-бодото эмиэ дьахтардыы, эмиэ эр киһиэхэ дылы, онон-манан ыт тырыта тыыппытыныы тырыпыай-ирипиэй даба ырбаахылаах, тоҕуттан бараммыт торбос сутуруолаах атах сыгынньах киһи, Ороһустуба кэлбитин чахчы биллим, төрүөхпүн төрөөбүт киһибин диэххэ айылаах, оһох чанчыгар туох эрэ иччи курдук буолан баран хайдыбыт хамыйаҕынан эргэ күөс түгэҕэр куруппанан хааһылаан, үөрэ-көтө, туора-маары салаан, аһаан ньаҕарайдана олорор эбит. Бии кини мас бырахпыт. Дөксө арыый сырдаабытын кэннэ көрдөххө, хаҥас диэки орон көһүннэ. Ол ороҥҥо туох эрэ үллэҥнээтэ. Ханнык эрэ убаһа суорҕан элээмэтин саптыбыт биир оҕонньор сытар эбит. Дириҥ соҕустук ынчыктаан баран аргыый:

– Дьаакыап, бааргын дуо? – диэн ыйытта сытыахсыт.

– Баарбын, – диэтэ, хааһытын тобоҕун торбос муостатын баһыгар, долборук муннугар (кистэлэҥ умуһахтаах эбит) илдьэн уура-уура уонна хатырыгынан саба тардан кэбистэ.

Бу икки ардыгар оҕонньорбут түҥ-таҥ буолан барда.

– Күн төһө буолла? – диэн ыйытан саайда.

– Күн буолбатах, түүн ээ, – диэтэ Дьаакып. Ону биирдэрэ «түөртүүр ынах» диэн иһиттэ.

Бу түөһэйбит оҕонньор кимий диэтэххэ, кырдьык даҕаны күнүн саҕана оччотооҕу үйэҕэ киһи аатыран сылдьыбыт ааттаах Уот Уйбаан бэйэтэ этэ. Дьиҥ төрдө-ууһа быстар дьадаҥы, уус дьон этилэр. Хас да сыл устатыгар Лаамыга, тайҕаҕа сылдьыбыта. Онтон «көнөн» кэлэн, иккис ойоҕун киһиттэн арааран ылбыта. Бэрт сытыы өйдөөх, ыпсарыылаах, уоттаах тыллаах киһи этэ. Аҕа бэлэмигэр хаалбыт, ынах кэннин кэтиири эрэ билэр дьонтон атын киһи этэ. Сут дьылга уу таһаарар массыына оҥорторон, онон ходуһатын угуттаабыта. Быа миэлиҥсэтэ оҥорон, улуус бурдугун кини тартарбыта. Эдэр эрдэҕинэ көнөтө-туруорута, хоодуота да сүрдээҕэ үһү. Кыраттан сылтаан Семенов диэн сэтээтэли сирэйгэ биэрэн баран, дьыалаҕа ылларбакка, куотан хаалбыта үһү. Сааһын тухары, туох да үөрэҕэ суох эрээри, албакаат эбит. Чугастааҕы баайдар, куттанан, аахсар киһилэрэ кини эбитэ үһү. Ыраахтааҕы үйэтин саҕана сокуоннайын туолбут киһи барыта өлбүгэ сүктүн диэн мөккүһэрэ үһү. Күнүн саҕана ойууну, таҥараны даҕаны итэҕэйбэт курдук буолара. Сыылынай судаарыскайдары кытта доҕордоһор, кэрэхсээн кэпсэтэр кини этэ. Олор кинини «Сиимэнэбис» диэн ааттыыллара үһү. Кырдьыгынан, бу хараҥаҕа баттаппыт тыа сиригэр ахсааннаах киһи этэ. Оттон билигин, түүн буолбутун билбэккэ, «күн төһө буолла?» диэн ыйытар буолан сыттаҕа, төрөппүт оҕолоро аттыларыгар көрбөт, дьиэлэригэр олорпот буоллахтара, хотоҥҥо Дьаакып сордоох көрүүтүгэр биэрэн олортохторо… Кыбысталлара, сааталлара бачча эбитэ дуу, абааһы көрөллөрө, кэччэйэллэрэ бачча эбитэ дуу, ону туох да билбэт…

Ону толкуйдаабакка эрэ оҕонньор диэки эргиллэн көрдөххө, бу сордоох оронуттан оргууй туран кэллэ. Ону Дьаакып баран сиэтэн аҕалан, бүтүннүү көстүбэт ынах сааҕа дүлүҥ олох маска, уот иннигэр, олорто уонна эттэ: «Оҕонньор, сарсын Ороһустуба эбээ, бу киэһэ алаадьыта, ону билэҕин дуо?»

– Ээ, суох, тукаам, билбэппин, – диэтэ оҕонньор уонна, буспут куолас курдук саһара маҥхайбыт төбөтүн түөһүгэр түһэрэн, тайаҕар өйөнөн, уотун туомугар иттэ олордо…

Дьаакып үрүҥ дьиэҕэ таҕыста.

Хотон дьиэ иһэ эмиэ сыыйа чуумпутуйда, боруорда. Арай, туох эрэ улахан ыарыыга баттаппыт курдук, тот сүөһүлэр ынчыктыыллара иһиллэр. Сонно көрдөххө даҕаны, имик-самык, туттахха даҕаны, тыбыс-тымныы, ибис-инчэҕэй, сып-сытыган буолан, хотон дьиэ таҥнары тайахтанан, күлүгүрэн турда. Ол ортотугар бии эдэр эрдэҕинэ дьон таҥара гынан үҥпүт, илин-кэлин сүүрбүт оҕонньордоро суос-соҕотоҕун, кэрэх төрдүгэһин курдук, хохоллон олороро.

– Туох айыым иннигэр бу курдук тутан эрэр буоллулар, ама да кырдьыбытым, түөһэйбитим иннигэр. Айыы тойон таҥара, баар буоллаххына, миигин, хаарыан бэйэлээх икки атахтаахтан туоратыллыбыты, соҕотоҕун хаалбыты, туохха да туһата суох буолбуту, эрэйбин сарбый, эппин-хааммын, айыылаах дууһабын илиигэр тут! Туох гынаары оҕоломмутум буолуой? Туох гынаары оҕо иннэ дии-дии муҥнаммытым буолуой? Оо, икки атахтаах, өйүҥ-санааҥ сүрүккэтиэн! Бу тухары бу дьоллоругар иирбит хара сордоро дуу! Аата аньыытын, саатын!.. Айыым-таҥарам, эрэйбин кылгат!.. – бу курдук диэн көрдөһөн, оҕонньор сүрдээх улахан суолталаах чиҥ бокулуону торбос муостатын үрдүгэр уурда уонна, ынчыктыы-ынчыктыы, оронун диэки сыылла…

Хотон аана кыыкыр гына түстэ. Оһох кэнниттэн саах күрдьээччи Дьаакып, кыпчырыйан тахсан, чанчыкка көрөн-истэн кылахачыта турда. Бии анараа дьиэҕэ үллэр, күлүгүрэр бэйэтэ бу килбиэннээх дьиэҕэ оҕо курдук сэрбэйэн, туох эрэ эргэ миинньиги туруору туппут курдук буолан кыччаан, симэлийэн хаалла. Үрүҥ дьиэ дьоно күлэ-сала, күлүмүрдүү олороллор эбит. Хайыы-үйэҕэ остуолларыгар аһыы олорбуттар.

– Дьаакыап, кэл, мэ – бу оҕонньор алаадьыта, бу бэйэҥ киэнэ, – диэн хотун икки сиринэн симилиэс абырахтаах, лааҕа бараммыт тимир тэриэлкэни уонна биир мас чохоону биэрдэ. Дьаакып кирик-харык туттан, тырыпыай ойон кэлэн, ылла.

– Бу оҕонньор киэнэ дуо?

– Туох акаарыный, доҕоор! Оттон мас чохооҕо оҕонньор киэнэ буолбат дуо? Таас тэриэлкэнэн далбардаттараары гынаҕын дуо? Эчи сууйуута да кыайтарбат, – диэтэ хотун.

– Хайа, даҕаар, аны хараҥаҕа тоҕо түһэн кэбиһээрэй, баран уотта тутан биэриҥ, – диэн тойон дьаһайда.

– Бэйи, мин киириим, – диэтэ бии альбом суруйар кыыспыт.

– Чэ, хорум эрэ, онно эмиэ тугу көрдөөн ол инчэҕэй хотоҥҥо киирээри гынныҥ? Ол үтүө эһэҥ сыыҥын-сыраанын тэпсээри дуо?

– Суох, мин эһэбэр киирбэппин ээ, Дьаакыпка уот эрэ тутан биэриэм этэ.

– Чэ сүгүн олор. Бар, нокоо, эн уотта тутан биэр.

Бии Уйбаанчык диэн көйгө уолбут, үөрбүт курдук, эттигиэт-эппэтигиэт диэххэ айылаах ойон туран тымтык умата охсон киирдилэр.

Төһө эмэ ыга баайыллыбыт ынахтар икки ардыларынан симсэн этэҥҥэ кэллилэр. Дьаакып ынах сааҕын балай эрэ бэллэйдээтэ да, кыһаммата, хата сылааһын таптыы истэ.

Оҕонньор хайыы-үйэҕэ утуйбут.

Дьаакып алаадьыларын киллэрэн былыргылыы ньахчаҕар, үс атахтаах дьоодьоҥнуу турар остуолга уурда уонна уотун оҥорон, хатырык эбии оттон баран алаадьытын ырытта. Оҕонньор киэнэ үс курупчаакылаах, ханнык эрэ арыылаах алаадьы буолла. Оттон киниэнэ түөрт курупчаакылаах буолла. Маны көрөн баран ымах гынарга дылы гынна, хараҕын туома кылахаччыйа түстэ. Кини оҕонньортон хайаан да ордорун сөбүлээччи, тэҥэ дуу, итэҕэһэ дуу буоллар, сарсыҥҥы күн сүөһүлэргэ бэрт дьаныардаах, үтүрүйүүлээх күн буолуо этэ.

– Эһээ, тур-тур, – диэтэ Уйбаанчык, оҕонньору тардыалыы-тардыалыы.

Оҕонньор уһугунна.

– Ким саҥараҕын? Оҕом Уйбаанчыккын дуо? Эйигиттэн атын ким миигин эһэм диэбит үһү, – оҕотун оройуттан аргыый сыллаан ылла. Уонна имэрийэ-имэрийэ: – Тоҕо киирдиҥ? – диэн ыйытта.

– Ээ, Дьаакыпка алаадьы киллэристим. Сарсын Ороһустуба үһү, инньэ гынан дьоммут алаадьы оҥорбуттара. Уонна, эһээ, мин эйиэхэ өлүүбүттэн бу икки алаадьыны киллэрдим уонна киэһэ дьонум утуйдахтарына алаадьыбын барытын киллэриэм, тииһэ суох киһи эн сиэҥ буоллаҕа дии, мин лэппиэскэ да сиэҕим, – диэтэ.

– Ээ, чыычаахпын даа! Миигин аһынар буруйдаах буолаҥҥын эн эмиэ көйгөлөнөн, сырдык үөрэхтэн матан, балбаах үлэһитэ буолан эрдэҕиҥ. Абатын даа, бу оҕом үөрэҕэ суох буолуох хара соро буоллаҕа! Аны кэлэн мин тугу гыныамый?.. Чэ, чыычааҕыам, алаадьыгын бэйэҥ сиэхтээ, мин өллөрбүн даҕаны өлүүм…

– Уйбаанчыак, чэ бар, таҕыс, дьонуҥ мөҕүөхтэрэ, – диэн Дьаакып дьаһайан киирэн барда, остуолун уот кытыытыгар тарта. Уокка турар хаарбах, тумсунан тэстэр чаанньыгын аҕалан, үүдэһиннээх буор чааскыга оҕонньорго чэй кутта уонна бэйэтигэр, түргэнник сойор, сөрүүн диэн, мас чохооҕо кутунна.

– Чэ, оҕонньоор, өндөй. Ороһустубабыт аһын аһыах.

Саҥата-иҥэтэ суох, хайдах эрэ түүл-бит курдук, илиилэрин иминэн аһаатылар. Арай Дьаакып эрэ айаҕын тыаһа чамыргыыра уонна торбостор кэбинэн кэрдиргэтэллэрэ иһиллэр.

Аһаан бүттүлэр.

Дьаакып кириэстэннэ, махтаммыт, сөп буолбут курдук тутунна. Барахсаным сыыһа, ийэтиттэн кини эмиэ ып-ыраас, көмүс чөмчүүк оҕо буолан түспүтүн, бу орто дойду ньургуна, киэргэлэ буолар аналлааҕын бэйэтэ да умнан, бу иин иһигэр тэпсиллибитин сирбэт курдук тутта-хапта олорбутун көрүөххэ, саныахха абатын!

Читать далее