Читать онлайн Сүрэх кистэлэҥэ бесплатно

Сүрэх кистэлэҥэ

Куобах Уос

Төрүүр дьиэҕэ бүгүн атыттартан туох да уратыта суох көннөрү күн. Улахан истээх, халааттаах, пижамалаах, кырааската суох сирэйдээх кыргыттар, дьахталлар болдьохторо хаһан туоларын, «таһаҕастарыттан» хаһан босхолоноллорун кэтэһэллэр. Палааталарга алталыы, аҕыстыы сороҕор уоннуу буолан симиллэн сыталлар. Ол үрдүнэн баппакка, саҥа киирээччилэр көрүдүөргэ истиэнэни кыйа тардыллыбыт ороннорго сытарга күһэллэллэр. Дьоллоох Дьокуускайга дьол көрдөһө көһөн кэлэр дьон элбээн, төрүүр дьиэҕэ дьахталлар баппат буолбуттар.

Сарсыарда аайы аһаан, суунан-тараанан баран, уһуун-уһун, ыстыыр ыас курдук уунаҥнас бириэмэни ыыта сатаан бары да эрэйи көрөллөр. Ким кинигэ ааҕар, ким төлөпүөнүнэн кэпсэтэр, ким аһыыр… Суотабай төлөпүөн дьоҥҥо төһө да тарҕанан эрэр буоллар, кэпсэтии сыаната тос курдук, онон наадаҕын эрэ кэпсэтэҕин.

Истэрин ыначчы көтөхпүт, кус курдук иҥнэҥнээн, лаппаҥнаан хаамар дьахталлар систэрин туттубутунан күҥҥэ хаста да төрдүс этээһи иилии сытар көрүдүөрү төгүрүччү эргийэллэр. Бэйи, сытар да сылаалаах. Барар-кэлэр сир биир көрүдүөрүнэн эрэ кэмнэнэр да буоллар, хаамыахха, хамсаныахха эмиэ наада буоллаҕа! Ол сүрэҕэлдьээбиттии хаама сылдьан, дьахталлар аат харата да буоллар, кэпсэтэ иһэллэр.

Манна ким барыта тэҥнэһэр. Үрдүк сололоох хотун буол, баҕар, муоста сууйааччы да буол, оскуоланы бүтэрэ илик эдэркээн кыыстан саҕалаан сааһырбыт ыал ийэлэригэр тиийэ – бары тэҥнэр. Сотору кэминэн абытай ыарыыга эбэтэр иһи хайытар сэрэхтээх эпэрээссийэҕэ тиксэр айылҕа анаабыт иэһин иннигэр бары биирдэр. Манна соло, дуоһунас сууйуллар, чыын-хаан сотуллар, саас даҕаны суурайыллар. Ол иһин хаһааҥҥытааҕар даҕаны чэпчэкитик билсиһэллэр, хомоҕойдук кистэлэҥнэр арыллаллар, өрөөбүт уос өһүллэр, хоммут уос хоҥнор, ким-хайдах олохтооҕо биллэн тахсар.

Дьахтар дьылҕата… Дохсун ардах кэнниттэн уу мустан-мустан баран, биир сиринэн тоҕо көтөн өрүскэ киирэрин курдук, дьахтар бары кэриэтэ төрүүр дьиэ нөҥүө ааһар. Уопсастыба баастарын, судургута суох аныгы кэм кумалаабыт араас дьылҕалаах дьахталлар олохторунан тыктаран, бу манна булан көрөҕүн…

Холобура, бу уон биэс саастаах нуучча кыыһа. Хап-хатыҥыр, куп-кубаҕай, оҕо сааһыттан тахса илик көрүҥнээх. Чачархай баттаҕын аннынан ып-ырааһынан, күп-күөҕүнэн көрөн кэбиһэр. Ханна кэлбитин, туох кинини күүтэрин ситэри өйдүү илик бадахтаах. Сүүрбэтин ааспыт олбуор «баһылыга» уолу кытта сылдьыбытын түмүгэр бу киирэн сыттаҕа. Кыыс ийэлээх аҕата бытыылканы төрөппүт оҕолоруттан ордорбуттара ырааппыт, онон аҕа саастаах уол көмүскүө-харыһыйыа диэн эрэммитэ ханна баарый? Сааһын ситэ илик кыыһы кытта хоонньоспутун иһин хаайыыга угуохтара диэн куттанан, эһэтигэр Омскай уобаласка куоппут сурахтааҕа. Кыыс онтон хомойон, түүн сыттыгын илитэр, бэйэтин уонна төрүөхтээх оҕотун инники олохторо хайдах салаллыан сатаан ыйдаҥардыбат…

…Түөрт уонун туолбут дьахтар. Отут биэһигэр диэри аҥаардас сылдьан баран, дуруусканан икки оҕолоох огдообо киһиэхэ кэргэн тахсыбыт. Кэргэнин кытта уохтаах таптал диэни төһө да билбэтэллэр, олох олоро охсор баҕаттан, утуу-субуу икки оҕоломмуттар. Бу үһүс оҕотун оҕолоноору сылдьар. Үс оҕотун үһүөннэрин курдаттыы, иһин хайытан ылбыттар. Онон биэс сыл иһигэр биэс оҕолоох ыал ийэтэ буолан хаалбыт.

…Аҕыста оҕотун түһэртэрбит саха кыыһа. «Куоска курдукпун, үөскүү турар, – диэн кыбыстыбакка кэпсиир. – Эмиэ да оҕоломмот буолан хаалыам диэн куттанан төрөөн эрэбин, айыка, саас да ыраатта». Кэргэнэ суох.

…Иккиһин оҕолоноору сылдьар уон тоҕус саастаах кыыс. Кэргэннээх киһини кытта сылдьыбыта ырааппыт. Араастаан араара сатыыр да, бадаҕа, киһитэ икки ыалынан олорорун ордорор үһү. Аны ол ойоҕо эмиэ бу төрөөрү сылдьар диэн сураҕы истэн, сэмээр ол дьахтар хаһан киирэрин маныыр…

…Көрүдүөргэ турар аптамаат төлөпүөнүнэн кэргэнин кытары кэпсэтэр кыыс. Төрүүр дьиэҕэ киирбитигэр кэргэнэ арыгылыы баран хаалбыт. «Эмиэ дьахтардыы сылдьаҕын дуо? – Кыыс ытыы-ытыы хаһыытыырын киһи барыта истэр. – Хаһан өйдөнөҕүн?! Биһигини хайдах таһаараҕын?»

…Олус атаах, куорат баай ыалын соҕотох кыыстара. Олордуу кыламаннаах, олордуу тыҥырахтаах. Уһун синньигэс, кыраһыабай кыыс. Күнү быһа сиэркилэҕэ сирэйин көрүнэн тахсар. Харыстыыра, бодьуустаһара – кыламана уонна тыҥыраҕа. Түһэн хаалыахтара диэн ол манабыла. Субу-субу хаппырыыстыыр, күлүмүрдэс таастарынан киэргэтиллибит «раскладушка» төлөпүөнүн көөчүктээбит курдук таһааран, кэргэнигэр «ону аҕал, маны аҕал» диэн соруйар. Атыттары үөһэттэн көрөр, тоҥуйдук туттар, кэпсэтэ сатаабат.

…Тохсуһун оҕолоноору сылдьар саха дьахтара. Дьоно улууска хаалбыттар. Сааһа ырааппыт, сыыстарыылаах диэн куоракка ыыппыттар. «Герой Ийэ буолбат буоллум, – диэн хомойор кини. – Тоҕус оҕо, уон оҕо – син биир ээ. Оҕо диэн дьол буоллаҕа».

Дьэ ити курдук аныгы дьахталлар мэтириэттэрин төрүүр дьиэттэн булуохха сөп.

* * *

Аанчыкка, бастакытын оҕолонор буолан, барыта сонун. Оҕо күүтэр кэмэ чэпчэкитик ааспыта. Бастаан хотуолуур, мэйиитэ эргийэр этэ да, ол түргэнник тохтообута. Үлэлии-хамсыы, сүүрэ-көтө сылдьыбыт буолан, быраастарга да аҕыйахтык көрдөрбүтэ. Ийэтэ курдары көрөр аппараттар оҕоҕо куһаҕаннык дьайаллар диирин итэҕэйэн, биирдэ да көрдөрбөтөҕө.

Ол үрдүнэн быраастар туох эрэ ыарыыны булан, үс нэдиэлэ болдьоҕун иннинэ киллэрбиттэрэ. Бу курдук хаһан да күнү-дьылы ыыта сатаан эрэйи көрбүтүн өйдөөбөт. Сыта сатаан дьахталлары кытары сэлэһэр. Кэнники кэмҥэ иһин түгэҕэ ыалдьар, куһаҕан түүллэри түһээн, баттатан уһуктар буолла. Кини онтон улаханнык ытырыктата саныыр. Өбүгэтин хаана тардан, таһаҕастаах кэмигэр бит-билгэ диэни итэҕэйэн, этин сааһа аһыллан сылдьар быһыылаах. Баҕарбатаҕын да иһин, кырдьаҕас эбэтин саҥатын истэр курдук: «Көстүбэт тугу түүйэр баҕайыный?» Эбэтэ куһаҕан түүлү түһээтэҕинэ итинник диэччи. Аны санаабынан куһаҕаны тардан ылыам диэн куттанан, санаабат буола сатыыр.

Аанчык күн аайы сонунун тэтэрээккэ сурунан иһэр. Оччоҕо санаата сааһыламмыкка, дууһата уоскуйбукка дылы буолар, бириэмэни билбэккэ аһарар.

«Үчүгэйи эрэ саныахха, үтүөнү эрэ ыралыахха! Кырдьык да, саҥа, сырдык олох күүтэр! Саҥа олох саҕаланар! Кимиэхэ эрэ майгынныыр кырачаан киһилэниэхпит, хас күн аайы үөрэнэн, сайдан иһиэ, ийэлээх аҕатын үөрдүө! Төрөппүттэрин хааннара холбоспут, кинилэри ситимниир, биир дьолу төрүттүүр кырачаан киһичээн буоллаҕа! Төһө эрэ минньигэс, төһө эрэ кэрэчээн буолар!..»

Аанчык бу олорон атаҕа инчэйэрин биллэ. Муодарҕаан тураары гыммыта, атын үлүгэрдик халыс гына түстэ. «Саҕаланна… Уум барда…» диэн сэрэйдэ. Оронугар тиийэн сытан баран, аттынааҕы кыыһынан сиэстэрэни ыҥыртарда. Кырааска быыһынан тылбыччы көрбүт сиэстэрэ кыыс балачча уһуннук күүттэрэн, кэлэн көрбүтэ буолаат, эмиэ сүтэн хаалла. Кэтэһэ сатаан баран, Аанчык ыксаан барда. «Уум баран, аны оҕом тыына хаайтарыа» дии санаата. Иккистээн ыҥыртарбытыгар, акушерка кэлэн көрдө, сиэстэрэни киҥир-хаҥыр саҥарда быһыылаах, кыыһа кыыһыран буугунаабытынан систиэмэ туруоран барда. Саҥа-иҥэ суох, татыа-түтүө хамсанар. Ыйыта сатаабытын эппиэттээбэтэ, муннун анныгар ботугураан баран тахсан барда. Туох систиэмэтин ыларын Аанчык өйдөөбөккө да сытта. Ол икки ардыгар хааппыланан таммалаан бааҥка кураанахтанна.

Дьэ онтон быһыта тыытар абытай ыарыы иһин түгэҕиттэн хам ылан барда. Сиэстэрэ, эмиэ ыҥыртарыы күүһүнэн кэлэн, систиэмэтин хомуйан барда. «Туран хаама түс, ыарыыта ааһыа» диэн буолла.

Аанчык тииһигэ киирдэҕинэ, истиэнэттэн «тутуһан» өкчөллөн туран, ынчыктыы-ынчыктыы истиэнэни тарбыыр, өрө тарбачыһар. Онтон хантан кэлбит күүһэ эбитэ буолла, өрө уһуутуу-уһуутуу тимир кырабаатын хоһу биир гына состоҕуна арыый чэпчиир курдук. Бу курдук өр соҕус соскойдоһо сырытта.

Кэмниэ кэнэҕэс акушерка кэлэн, ороҥҥо сытыаран көрөн баран, «төрөөрү гыммыт» диэн ыксатан, ууга-уокка түһэрэн, төрүүр хоско илтэ. Манна остуолга сытыардылар.

«Ыгыһын!» «Тыын!» диэн хамаандаларынан, быһыта тыытар ыарыы тииһигинэн олох кэмнэннэ. Бу ыарыы хаһан да бүтүө суох курдук. Иһиттэн саҕалаан, төбөтө, хараҕа ыалдьар, бэл хабарҕата хам тутар. Арааһа, хаанын баттааһына үрдээтэҕэ. Оо, барыта хаһан бүтэр?! Киһи да күлэр, бу сытан Зоя Космодемьянскаяны санаатаҕа үһү. Кинини ньиэмэстэр муҥнаабыттарын биир да ынчыга суох тулуйбутун оҕо сылдьан сөҕө-махтайа аахпыта. «Мин тулуйуом этэ дуо?» диэн үгүстүк эргитэ саныыра. Суох, тулуйуо суох буолан, саҥа таһааран ытаан, хаста да хаһыытаан ылла. Акушерка аны иһин баттаан киирэн барда…

Һуу! Туох эрэ төлө көтөн тахсарын кытары чэпчээбит, сырдаабыт курдук буолла. Сибилигин аҕай быһа кумалаабыт ыарыыта, сымыйалаабыт курдук, сүтэн хаалла, арай, кыратык нүөлүйэн ыалдьар. Тула уу чуумпу буола түстэ. Хайа? Оҕо тоҕо ытаабатый? Быраастар тугу кэпсэтэллэр?

Аанчык түүл-бит курдук сытан баран, тулатын дьэ дьэҥкэтик көрөн кэллэ. Оҕотун көрүөн баҕарда да, быраастар хаан-сиин буолбут кып-кыһыл оҕону таҥаска суулаан, антах илтилэр. Букунаһалларын быыһыгар сибигинэһэн кэпсэтэр саҥалара иһилиннэ:

– Хайа бу… Урод дии… чиччик оҕо… эрэйдээх…

Бу тыллар, бириигэбэр кэриэтэ, ийэ эрэйдээх сүрэҕэр этиҥ буолан саалыннылар. Маны сэргэ оҕо ытаан эһиэнньэхтиир саҥата иһилиннэ. «Эс, ама хайдах?! Кими этэллэрий? Сымыйа ини?! Ытыыр дии… Сымыйа буолуо!!!»

– Покажите! Покажите мне его!!! – дьахтар хаһыытаабытынан олоро түһээт, илиитин ууммутунан сиргэ үктэниэх курдук буолла. Иһигэр уурбут муустаах грелкалара муостаҕа түһэн лиһигирээтэ. Онуоха сиэстэрэ сүүрэн кэлэн санныттан ыга баттаата.

– Хайдах буолаҕын? Сыт, түргэнник!

– Көрдөрүҥ диибин, көрдөрүҥ! – Аанчык бөтүөхтүү-бөтүөхтүү ытаан, устунан истиэрикэлээн барда. Кинини уоскутаары буолуо, оҕону көтөхпүт акушерка остуолга чугаһаан кэллэ.

Аанчык, оҕотун көрөөт, хараҕа хараҥарда, кулгааҕа чуҥкунаата, ханна да барбытын билбэккэ хаалла…

* * *

Бу кэнниттэн түүл-бит курдук икки күн ааста.

«Оҕоҕуттан аккаастаныаххын сөп. Син биир эрэйи көрүөҥ. Оҕо дьиэтигэр ылыахтара эбэтэр инбэлииттэр дьиэлэригэр биэрэн эмтиэхтэрэ. Киһи буолбата буолуо. Өссө да эдэргин дии, оҕолонуоҥ буоллаҕа». Бу тыллар ааспакка-арахпакка төбөтүгэр эргийэллэр. Син биир аккаастаныа диэн буолуо, оҕотун киниэхэ аҕалбаттар.

Оронугар тиэрэ түһэн, маҥан оппуохалаах дьиэ үрдүн көрө сытан, түүннэри утуйбакка, ыарахан санааларын – субурхай суһуохтарын тарыыр.

Күнү быһа үүт хайдах киирэрин, оҕолорун хайдах аан бастаан көрбүттэрин, хайдах эмтэрбиттэрин, кэргэннэрэ хайдах үөрбүтүн, туох бэлэҕи оҥоруохтааҕын кэпсэтэн тахсар бииргэ сытар дьахталлара утуйбуттара ырааппыт. Кини диэки аһыммыт, ардыгар аһаҕастык сэтэрээбит да курдук көрдөллөр, оо, атыттар, олох атыттар, киниттэн атын-атын кытыл нөҥүө-маҥаа тураллар. Кинилэр дьоллоохтор, оттон кини – сордоох. Дьоллоох сордооҕу кытта аргыстаспат, тоҕо диэтэр, биирин дьол үөһэ өрө көтүтэр, тулатын барытын сырдатар, иккиһин сор аллара умса баттыыр, хараҕын бүөлүү түһэн, күн сырдыгын даҕаны көрдөрбөт.

Түүн үөһүн лаппа ааһыыта туолбут ый албын сирэйэ ньалҕарыйан кэлэн, түннүгүнэн өҥөйөн көрөр. «Хайа, бу эн утуйбакка сытар эбиккин дуу?» диэбиттии ымайар, уолан хаалбыт көмүскэтин түгэҕиттэн уһуннук одуулуур, ол кэннэ бэйэтин былааһын билиммиттии, төгүрүк бэйэтэ сабыыта суох түннүк ортотугар бүтүннүү ньалҕарыс гына түһэр. Кырдьык, бу ыйтан куотар кыах суох, онон бэринэригэр эрэ тиийэр. Тунаархай уота тыгарын абааһы көрөн, Аанчык сирэйин куоттара сатыыр да, син биир ситэн кэлэн арыылаах тылынан сирэйин салыыр курдук.

Тоҕо?! Туох аньыым-харам иһин? Атын дьон оҕолоро үчүгэйдэр дии. Оо, хайа эрэ дьоллоохтор!.. Тоҕо миэхэ манныгый? Бу сааты-сууту! Атын дьахталлар үөрэн-көтөн дьоллонон тахсан, аймахтарыгар оҕо сууйуутун тэрийэллэр, үөрүүлээх түбүккэ ыллараллар. Оттон мин? Сууйуу буолуохтааҕар, дьоҥҥо да көрдөрөр кыбыстыылаах. Кэргэним дьоно булгу миитин буруйдуохтара. Араас саҥа-иҥэ тарҕаныа… Көнүө дуо? Эмтэнэн, киһи киһи курдук буолуо дуо? Хайыыбыный? Арай, кырдьык, аккаастанан кэбистэххэ? Умнуохха, барытын умнуохха! Туох да буолбатаҕын курдук. Өлбүт оҕо төрөөбүт дэттэриэххэ. Оччоҕо олох уларыйбакка, урукку дьаалатынан устан иһиэ этэ. Ол эрээри… Ханна эрэ кини сорҕото, сордоох дууһа, таптатар диэни билбэккэ эрэйи көрө сырыттаҕына, барытын умнуоҥ дуо? Санааҥ чэпчэки, суобаһыҥ ыраас буолуо дуо? Таҥара үөрэҕинэн маннык түгэҥҥэ хайдах сөп буолуой?

Бу ыйытыыларга хоруй була сатыыр да – көстүбэт.

Кэргэнэ быраастартан ыйыталаһан билэн баран, аҕыйах тыллаах сурук ыыппыт:

«Аккаастан. Кыайан эмтэммэт үһү. Дьонум наһаа соһуйдулар. Кинилэр да инньэ дииллэр. Өссө да оҕолонуохпут буоллаҕа дии. Чэ, кытаатан тулуйа сатаа, чыычаах. Сыллыыбын, Стас».

Дьэ, ити. Дьонун тылыттан тахсыбат. Бэйэтэ төбөтө суох киһи курдук. Эттэххэ дөбөҥ ээ бүтүн киһини ылан быраҕар. Тоҕус ыйы быһа илдьэ сылдьыбыт бэйэҥ сорҕоҕун! Илиигин ылан быһан бырах диэбит курдук!.. Хайдах дьылҕаланыай оҕо эрэйдээх? Чугас киһи таптала диэни билбэккэ, үөрэммэккэ, сайдыбакка, үөҕүллэ-үүрүллэ сылдьаахтыа буоллаҕа… Ол кэмҥэ, ону билэ-билэ, эн төһө дьоллоох буолуоххунуй?

Аанчык суруктан ньиэрбинэйдээн, бопторо-бопторо сылайыар диэри ытаабыта. Хата, кэнники күннэргэ ньиэрбэтэ күүрбүтэ, сүрэҕэ ыалдьыбыта ааһарга дылы гыммыта.

Туох аанньа буолуой? Аанчык бэйэтин буруйдана саныыр. Кэргэнин кытары бастаан хоонньоһоллоругар кыһыл арыгы, сампааныскай иһэн, холуочуйан баран утуйбуттара. Ол арыгы содула буолуо дуо? Ситэ эмтэммэтэх, биллибэккэ сылдьан кэрбээн сиир инфекционнай ыарыытыттан төрүөттээх дуу? Кэргэнигэр да баар эбит этэ. Кэлин иккиэн эмтэммиттэрэ. Киниэнэ киниэнин курдук, бастакы түүнтэн ыарахан буолан, ол иннинэ холбоһор туһунан санаабакка сылдьыбыт дьон ыксалынан сыбаайбалыырга күһэллибиттэрэ. Онтулара, дьэ, бу…

Онтон аны оҕотун хайдах ылан таһаарарын, хайдах эмтэтэрин, туох ыарахаттар күүтэллэрин тобула сатаата.

Кэргэнин дьоно көмөлөһүөхтэрэ суоҕа, ол чахчы. Ону ааһан, туора көрүү, кынчарыйыы, киһи кэннигэр хобугунаһыы, саҥарсыы баар буолуо. Хотуна кинини уолугар тэҥнээбэтин билэр. Аан бастааҥҥыттан тоҕо эрэ сөбүлээбэтэх сурахтааҕа. Баҕар, уолуттан түөрт сыл аҕатын иһин буолуо? Бэйэтэ бас билэр дьиэтэ-уота суох диэн дуу?! Дьиҥэр, икки үрдүк үөрэхтээх, киһи мыыммат үлэлээх, эр дьон уулуссаҕа эргиллэн көрөр, хоп курдук дьахтар эбээт кини… Билэр дьонун ортотугар эмиэ хобугунаһыы, аһыммыта буолуу, үөрбүт курдук сонун оҥостон атын дьоҥҥо кэпсээһин, ырытыһыы саҕаланыа… Оҕону дьоҥҥо көрдөрөр да кыбыстыылаах, дьэ иэдээн.

Араас санааларга баттатан, тулуйан-тэһийэн сытыа суох буолан, оронун куруһуунатын кыычырҕаппакка гына сатыы-сатыы, ыараханнык тайанан турда. Палаататыгар өссө үс дьахтар сытар. Көрүдүөр уотун умуруорбуттар, түгэххэ биир эрэ лаампа симик уота кыламныыр. Ол диэки дьуһуурунай сиэстэрэлэр баар буолуохтара. Кини эргиллэн, уота суох, хараҥа түгэх диэки хааман салбырдаата. Түннүккэ тиийэн, утуйбут куораты үөһэттэн одуулуу турда.

Чаҕылыҥнас уоттар, харах ыларынан, ыраахха диэри киирэн бара тураллар. Кымырдаҕас уйатын курдук кыараҕас дьиэлэргэ араас да дьылҕалаах, олохтоох дьон утуйа сыттахтара. Дьол даҕаны, сор даҕаны, быстахха былдьаныы, харчыга харбыалаһыы, бэйэ күүһүнэн олоҕу оҥостуу – барыта баар эбээт дьоллоох аатырбыт Дьокуускай куоракка!

Ол онтон биир сордоох олох киниэхэ тигистэҕэ. Баар буолуо дуо кини инники олоҕор дьол кыыма? Таҥара кинини тоҕо маннык накаастаата?! Туох буруйун иһин?..

Ыар санаалары тулуйар кыаҕыттан тахсан, Аанчык бопторон ытыы турда. Тымныы түннүккэ соҕотох дьахтар күлүгэ харааран көһүннэ.

* * *

Сарсыныгар Аанчык, тулуйбакка, оҕолор ытаан бэбээрэр хосторугар барда. Аһыыр кэмнэрэ буолбут быһыылаах, уонунан куолас эһээхэйдиир. Истэргэ минньигэһэ сүрдээх! Дьахтар кытааппыт, нүөлүйэн ыалдьар эмиийдэрэ эмиэ тэстэн, үүтэ халаатын өтөн тахсан, хатыччы хаппыт тумугун устун аллара сүүрдэ. Ону хайыай, курун ыга тардынан баран, атаҕын төбөтүгэр үктэнэн, палаата аанын диэки үөмтэ.

Хата, дьуһуурунай сиэстэрэ суох эбит. Сып-сырдык, кэҥэс соҕус хоско өстүөкүлэ курдук дьэҥкир оҕо уйалара кэчигирэспиттэр. Олорго ыгыччы сууламмыт оҕолор эрэйдээхтэр кытара-кытара ытаан бэбээрэ сытаахтыыллар. Мөхсө сатыыллар даҕаны туһа суох, сууламмыттара кытаанаҕа бэрт буоллаҕа.

Аанчык сэрэниин-сэрэнэн, атаҕын төбөтүгэр үктэнэн, мэктиэтигэр тыыммакка даҕаны, бэтэрээ баһыттан оҕолору кэрийэ барда. Оо, араас да оҕолор бааллар эбит! Саха, нуучча, эрмээн… Сорохтор кыламана, хааһа суох кып-кыһыл быыкаайык сирэйдээхтэр, хатырбыт уос дуомнаахтар. Толору иэдэстээх, хойуу баттахтаах, уһун кыламаннаах оҕолор эмиэ бааллар.

Эмискэ ойуччу соҕус, кытыы турар оҕо уйатыгар хараҕа быраҕылынна. «Оо, эрэйдээхпин туора сытыараллар эбит дии. Хайа, саҥата иһиллибэт дии. Аны… өлбүт дуу…»

Дьахтар куттана-куттана чугаһаан кэллэ. Тоҕо эрэ хараҕын быһа симэн, сутуругун ыга тутан, тыыммакка да балачча турда. Онтон «чэ!» диэбиттии, тыынын таһаараат, эмискэ көрө түстэ.

Оҕо утуйбакка, ытаабакка да көрө сытар эбит. Чээн, дьүһүнүнэн бэйэтин кыра эрдэҕинээҕи хаартыскатыгар маарынныыр дии. Төгүрүк соҕус сирэйдээх, дириҥ кылдьыылаах киэҥ соҕус хара харахтаах, хатыран хаалбыт кыһыл тириилээх уонна… муннугар тиийэ уоһун дуома хайдан хаалбыт… Үөһээҥҥи миилэтэ көстө сылдьар. Ити эрэ буолбатах. Сууланан сытар буолан, билигин көстүбэт эрээри, оҕо үс атахтаах… Быраас быһаарбытынан, икки игирэ оҕо төрүөхтээҕин, тоҕо эрэ биирин сайдыыта тохтоон хаалбыт уонна убайын этигэр хам сыстыбыт. Арай бу атаҕа эрэ тэҥҥэ улаатан хаалбыт… Оннук түгэҥҥэ эпэрээссийэлиир кутталлаах үһү. Бу маннык түбэлтэ олус сэдэх эрээри, булан-булан киниэхэ түбэстэҕэ…

Бу туран оҕону аһынан кэллэ. Эрэйдээх, дьонтон уратытын билбит курдук, баарын биллэрэ сатаабакка, улаханнык айдааран ас көрдөөбөккө, бу тулуйан сыттаҕын.

Дьахтар аһынар иэйиигэ куустаран, оҕону көтөҕөн ылла. Анарааҥҥыта «ээ, бу эн эбиккин дуу» диэбиттии олус болҕойон, ийэтин тонолуппакка одуулаата. Аанчык саҥа төрөөбүт оҕолор киһини өйдөөн көрбөттөрө буолуо дии саныыра. Ол сымыйа эбит. Бу оҕо адьас улахан киһи курдук көрөр, ийэтэ кэлбитин биллэ быһыылаах. Ол икки ардыгар таҥас нөҥүө үүт сытын билэн, түөһүн диэки үҥүлүйдэ, ыҥырҕаан, иһин түгэҕиттэн көхсүн этитэр курдук саҥа таһаарда. Дьахтар халаатын уолугун арынан, эмиийин үҥүлүтүөх курдук буолан истэҕинэ, анарааҥыта атын үлүгэрдик, иҥсэлээх баҕайытык хабан ылла. Күүскэ уобан, сүр иҥсэлээхтик эмэн барыа эбит да, куобах уостаах буолан, үүтэ үөһээҥҥи ыырааҕынан тохтон хаалар.

– Тоҕо манна киирдиҥ?!. Ким көҥүллээбитэй? Бар, таҕыс! – дьуһуурустубатыттан ханна да халбарыйыа суохтаах сиэстэрэ, бэйэтэ буруйдаах эрээри, суоһурҕанан, хаһыытаабытынан киирдэ.

Аанчык, дьигиһис гынаат, оҕотун көтөхпүтүнэн, эргиллэ түстэ.

– Мин… аккаастаммаппын киниттэн… Бу мин оҕом, өйдөөтүгүт?!

«Маама топпот!»

Бүгүн туох эрэ ураты күн. Сарсыардаттан ийэлээх аҕалара иһирдьэнэн-таһырдьанан сыбыытаһаллар. Ботур-итир кэпсэтэллэр. Иһит-хомуос лыһыгырыыр.

Аҕалара тыһаҕастарын, Маҥаачыктарын оҕотун, тоҕо эрэ далга баайбыт. Ону улахан уол, сэттэлээх Костя таһырдьа тахса сылдьан көрдө. «Ынахтар суохтар ээ, хотоҥҥо киирбиттэр. Уу, эрэйдээҕи тоҕо баайдахтарай, тоҥуо дии…».

Уол хаарга халтарыйан охто сыһа-сыһа, тыһаҕаска сүүрэн тиийдэ.

– Оокко, Оокко!

Ооккото күөх оту курдурҕаччы сии турар эбит. Төбөтүн өрө көтөҕөн «ким кэллэ» диэбиттии көрдө, үгэһинэн килиэп көрдөөн муннунан анньыалаата. Онтон «пус» гына тыынан кэбиһэ-кэбиһэ, отун сиэн киирэн барда. Ити аата «килиэбэ суох» диэн өйдөөтө. Костя санаатыгар Оокко барытын өйдүүр, арай тыла эрэ суох. Эрдэттэн анаммыт уонна ааттаабыт киһи быһыытынан Костя «мин ньирэйим» диир толору бырааптаах.

* * *

Агрофирматтан ылан аан бастаан ынахтаммыт буоланнар, Маҥаачыктара төрүүрүн өр да кэтэспиттэрэ. Биирдэ ийэлэрэ түүнү быһа утуйбатаҕа, дьиэттэн хотоҥҥо, хотонтон дьиэҕэ сыбыытаабыта. Онон туһанан оҕолор эмиэ утуйбакка, түүннэри оонньоору тэринэн, мөҕүллүбүттэрэ. Костик: «Ньирэй диэн кыра ынах. Муостааҕа буолуо дуо? Хантан кэлэрэ буолуой? Ийэтин иһиттэн хайдах тахсарый?» – диэн саныы сытан, утуйан хаалбыта.

Сарсыарда уһуктаат, бастакы санаата «ньирэйим!» диэн этэ.

– Маама, маа-ма, Маҥаачык төрөөбүтэ дуо?

– Төрөөн, төрөөн. Чэ, тур. Таҥын. Аһаан баран тахсан көрөөр, – диэбитэ уутун хамматах ийэтэ. Костик кыл-мүлчү таҥна охсоот, остуолга чугаһыы да соруммакка, таһырдьа элэс гыммыта. Кэнниттэн хаһыы эрэ иһиллэн хаалбыта.

Саас этэ. Сып-сырдык чаҕылхай күнтэн киһи хараҕа саатара. Муус-маҥан сыа хаар сымнаан, тилэххэ сыстар буолбут этэ. Кырыыһалартан дьэҥкир муус чопчулар куоталаспыт курдук номнуо таҥнары чоккураспыттар. Күн сардаҥатын тутан ылан, күөх халлааны күөннэригэр тэйитэн, муус чопчулар саас кэлбититтэн үөрэн-көтөн, кылыгыраччы күлсэр курдуктара. Салгын сыта, эчи, минньигэһин! Маннык үчүгэйгэ, ама, дьиэҕэ хаайтаран олоруоҥ дуо!

Ыбыс-ыарахан ааны хара сорунан аһан, биирдэ им балайга баар буола түспүтэ. Хотон ньиксик сыта саба биэрбитэ. Суох, Костик куттаммат. Бүтүн биэс саастаах киһи хараҥаттан куттана сылдьыа дуо? Ханна эрэ тыастаахтык ынах тыынара, муннукка туох эрэ маҥхайара. Уол илиитин иннин диэки ууммутунан, ийэтин улахан холуоһатын ханаабаҕа хаалларан кэбиһэ сыһа-сыһа, ол диэки барбыта.

Уп-улахан харахтаах маҥан ньирэй ырыган атахтарыгар үктэнэн салҕалыы турара. Сииктээх муннунан түбэһиэх үҥүлүйэн баран, уйуттуммакка умса баран түспүтэ. Уолчаан кыракый сүрэҕин дьикти иэйии хам туппута, бэйэтиттэн мөлтөҕү, нарыны аһыныах, көмүскэһиэх санаа, бэйэтигэр да биллибэтинэн, аан бастаан кинини толорбута…

Онтон ыла Оокко – Костик киэнэ. Аатын булуу уустуга суох этэ: «Мин киһим Оокко курдук бухатыыр буолуо!». «Мин киһим…». Оттон түөртээх балта Катюшка киэнэ – былырыын төрөөбүт Хаарчаана. Кини диэн убайыгар эрэ ымсыыран баайданар-дуолланар буолуохтаах. Оҕолор ньирэйдэрин олус таптыыллар, килиэбинэн хатаҕалыы, имэрийэ-томоруйа сылдьаллар, сырсыакалаһа оонньууллар.

* * *

Бу билигин Ооккото соҕотоҕун тымныыга баайыллан турар. «Маамаҕа этиэххэ» диэн санаа күлүмнээтин кытта дьиэтин диэки сүүрдэ.

– Бу уол эмиэ төбө сыгынньах сүүрэ сылдьар! – ийэтэ мөҕө көрүстэ.

– Маама, ити тоҕо Ооккону соҕотохтуу баайдыгыт? Тоҥуо дии. Паапа умнан кэбиспит дуо?

– Умнан, умнан. Һыллыый, билигин эһиги эбэлээххэ оонньуу бараарыҥ, сөп дуо?

– Оттон уруокпун хаһан ааҕабын?

– Киэһэ, киэһэ, кэлэн баран, – ийэтэ туохтан эрэ хомойбут көрүҥнээх, туора көрөн олорор. Костик тугу эрэ ыйытыах курдук гынан иһэн, аралдьыйан хаалла.

Онтон балтын кытта эбэлээхтэригэр бардылар. Эбээ минньигэс алаадьытын соһо сылдьан сиэн-аһаан, тастыҥ бырааттара Андрейканы кытта оонньоон-көрүлээн, күнү билбэккэ аһардылар. Хараҥарыыта убай Миисэ дьиэлэригэр илдьэттээн биэрдэ.

Арай дьиэлэрэ ип-итии гына оттуллубут, оһоххо күөс буһан будулуйа турар. Буспут эт минньигэс сыта дьиэ иһин толорбут. Хаҥас диэки салапааҥҥа сууйуллубут ынах иһэ тэлгэммит. Ийэлэрэ остуолга хаан кута турар.

– Хайа, һыллыыйдар, кэллигит дуо? Чэ сыгынньахтаныҥ. Убаай Миисэ аҕалла дуо? Эбээ тугу гына олорор?

– Эбээ буоллаҕына, иистэнэй. Андйейкаҕа этэйбэс тигэй. Онтон миэхэ тигиэх буоллаа, – Катюшка чаҕаарар. Кэм да киһиргии оҕустаҕа.

– Маамуо, бу хантан бачча элбэх эт уонна хаан ыллыгыт? Хонооһойдоох бэристилэр дуо? – диэн Костик оһох диэки баран, өрө сыҥа-сыҥа ыйытта.

– Чэ-чэ, бу да оҕону, доҕор! Онон-манан кииримэ-тахсыма, бу киһи солото суоҕар. Бар, уруоккун аах!

Костик өс киирбэх остуолга кумааҕыларын тэлгэтэн, уруогун ааҕан барда. Катюшка саалаҕа киирэн, оонньуур муннукка куукулаларын мөҕөттөөн, эмиэ да ымманыйан, оонньоон айдаарда.

Костик уруок ааҕар: «УУС. САА. МАС. ААС. СУУ. УУ. УУС СААТА….». Букубаарын син ааҕан бүтэрдэ. Онтон ахсааныгар киирдэ. «Үскэ эбэбит иккини…». Хаастарын түрдэһиннэрэн олорон, уруучукатын кирэ-кирэ, аҥаар илиитин саратан, суоттуур. «Биэс. Биэстэн биири көҕүрэтэбит… Үс. Венера Ивановна хайаан да бэйэҕит суоттаарыҥ диэбитэ ээ. Иккигэ эбэбит түөрдү… Аа, аҕыс буолар эбит. Хата, бүгүн хаан сиэхпиит…».

Хантан эрэ аҕалара кэллэ.

«Эн тоҕо илиигин сууммакка аһыыгын? Маамаҥ итинник диэн үөйэтэй дуо? Ээ? Ыл, тоҕо, тоҕо!.. Айакуу! Ыый-ыый… Чэ. Итиэннэ билэй буолаай, сөп дуо? Сөп-сөп. Маама, аны хаһан да гыныам суоҕа! Ыы, оҕом барахсан, чэ, маладьыас…» – нөҥүө хостон Катюшка саҥата айманар.

Костик үөһэ тыынар уонна эмиэ тэтэрээтигэр бүк түһэр. «Алтаттан көҕүрэтэбит үһү. Буолар… буолар – үс. Биэскэ эбэбит үһү… Уу, тоҕо ыараханай!».

– Катюшка, калькуляторбын ханна гынныҥ? Манна сыппыта дии, булан биэр!

– Олох да мин ылбатаҕым! Остуолга сыппыта дии! – Катюшка эппиэтэ бэлэм.

Остуолга ыһыллыбыт кумааҕылар түөрэ хаһыллаллар. Киэҥ айдаан тардыллар. Тиһэҕэр, дьыбаан анныттан булуллан, куоскаларын оҕото балыллар. Костик уон таһынан эбэри билбэт буоллаҕына, калькуляторынан хайдах туттары баҕас сатыыр. Компьютерынан оонньууга кылааһын оҕолорун ырааҕынан хааллартыыр.

Аҕалара кэлэн, саалаҕа телевизор холбоото. Уолчаан кыһаллан суоттуу сатыыр да, аралдьыйан хаалар. «И нежная бархатная пена… Камей-натюрель… и идеальная поверхность Лок-эвэй… Чэ байы көнөтүк туттан олойдубут эрэ! Билигин уйуокпутун саҕалыыбыт… Ментос – свежее решение! Мэниктээмэҥ! Оҕолоой, мин тугу эйэ кэпсиэм… Тайд – чистота, чисто – Тайд…».

Барыта булкуллар. Тиһэҕэр Костик сылайар, ситэри суоттаабакка, оскуола аһан ньиргийэн олорор балтыгар оонньуу барар. Биирдэстэрэ учуутал, биирдэстэрэ дириэктэр буолан бэркэ оонньоотулар. Онтон сасыһа оонньоон иһирдьэнэн-таһырдьанан сырсыакалаһан ийэлэриттэн мөҕүлүннүлэр.

Костик күүлэҕэ тоҥ отон ыла таҕыста. Отоҥҥо сүөгэй, күөрчэх кутан баран, «мороженай» дии-дии балтынаан сөбүлээн сиэччилэр. Күүлэ муннугар туох эрэ үрүҥ сытарын көрөн аһарда. Бастаан кыһаммата, онтон дьиктиргээн, өҥөйөн көрөн баран, отоннооҕун эрэ, туохтааҕын барытын умнан, дьиэҕэ сүүрэн киирдэ. Күөһүн хоторо турар ийэтин иннигэр тиийэн хорус гынна.

– Тыый, бу туох буоллуҥ, нохоо? Таһырдьа мээнэ сыгынньах тахсыма диэн эппэтэҕим дуо?

Туох эрэ кытаанах кэлэн күөмэйигэр турарга дылы гынна, ону ыйыста сатыы туран, хараҕын уута сарт түстэ.

– Маама… Ооккону… эһиги дуо? Итиннэ… дуо?!!

– Һыллыый, бээ, тохтоо. Хайдах…

Эһиги… Өлөрбүттэр, биллэр баҕайы! Маама иҥсэлээх баҕайы!.. Иҥсэлээхтэр!.. Сиэҥ! Сиэҥ бэйэҕит!.. – уол сарылыы-сарылыы дабдыҥнаата, остуол кытыытыгар турар көстүрүүлэлээх күөһү алҕас тоҕо садьыйда. Иһит-хомуос мас муостаҕа сууллан лаҥкынааһына, оҕо сарылааһына – улахан айдаан буолла. Хостон сүүрэн тахсыбыт Катюшка убайын аһынан эмиэ ытаан барда. Тугун-ханныгын быһаарсыбатар да, убайын үтүктэн: «Маама топпот!» – диэн хатылыы турда…

* * *

Элбэх сыллар ааһыахтара. Ол эрэн бу күн оҕолор өйдөрүгэр-санааларыгар хаһан да сүппэттик хатанан хаалыаҕа. Оҕо уйан дууһатын биир кэбирэх быата быһа баран, олоххо биир бастакы охсууну көрүстэҕэ. Ытаа, Костик, ытаа – уһуун-уһун олоххор бииртэн биир, улахан да, кыра да охсуулар баар буолуохтара. Ким билиэй, баҕар, кииллийэн, охсууттан охсууга кытаатан, киһи бэрдэ буолуоҥ. Ол эрэн ити быһа барбыт быа эн дууһаҕар ханнык үтүө өрүттэргин симэлиппитэ биллибэт эбээт.

Оттон улахан дьон ситэри үчүгэйдик өйдөөбөккө, соһуйан, өмүттэн, даллаһан турдулар.

1998 сыл

Сэт

Саас кэлэр сибикитэ эрдэттэн биллибитэ.

Биир түүн бэркэ билэр атастара – тыал обургу «уhукту-уу-уҥ» диэбиттии уhуннук улуйбута, мастар көмнөх хаардарын сиргэ тэбээбитэ. Халыҥ хаарга баттатан, утуйан-улугуран, чуумпуран турбут тыа иhэ соҕотохто сэргэхсийэ түспүтэ. Көһүйбүт систэрин көннөрөн, мастар халыҥ саҕынньахтарын киэр илгистибиттэрэ.

Сотору салгын сылыйан, күн сардаҥата сытыырхайан, лабаалары быыһылаан киирэн, туохха да бэриниэ суохтук дьапталлан сыппыт халыҥ хаары тэһитэ сиэн барбыта. Сылаас суорҕан хаар оннук харса суох кимэн киириини тулуйбакка, бэрт сотору иинэн-хатан, ууллан барбыта. Муус чопчулар лыҥкынаспыттара, үрүччэлэр кылыгыраспыттара, харах уутунуу дьэп-дьэҥкир чалбахтар онно-манна мэндээриччи көрбүттэрэ. Ыраас уу, кылыгыраччы күлэ-күлэ, бэйэтин былааһын билинэн, субу эрэ кэмҥэ муҥутуур соругун толорон, саас алгыһын, олох илдьитин тиэрдэн, ойуурдарга, сыһыыларга сырсымахтаан, оонньоомохтоон хаалбыта. Ууллубут хаар, ыраас уу, ирэн эрэр сир сыта, туохха да маарыннаабат күндү сыт – саас сыта салгыҥҥа тарҕаммыта. Соҕурууттан көтөрдөр кэлэн, ахтылҕаннарын таһааран, көмүс дорҕоон кутуллубута. Ойуур иһэ, хонуулар, күөллэр бүтүннүү үөрүүнэн, кэрэни эрэ кэтэһиинэн, уруйунан-айхалынан туоларга дылы буолбуттара.

Ойуур үөһэ тыынан ыларга дылы гыммыта. Сир анныгар силистэр түллэҥнэһэн ылбыттара. Хара буор сирэйдэннэллэр да, күтүрдэр, сырдык, сылаас кэм эргийэрин син билэ, кэтэһэ сыталлар эбит ээ! Чэҥ муус билиэнтэн босхолоноот, утаппыттыы ыраас ууну ыймахтаан барбыттара, онтон умнас устун үөһэ утаарбыттара. Ону кытта үллэн, тыҥаан турбут үнүгэстэр аһыллан, нарыын-нарын күөх сэбирдэхтэрин сэрэнэн тэнитэн барбыттара. Мутукча күөҕэ, оһуор курдук сайбаччы симэнэн, лабаа ахсын сандааран турара көрүөххэ кэрэ да буоллаҕа!

Титирик Уол бу сааскы уруйдаах көртөн матымаары, кылгас, синньигэс силистэрин буорга дириҥник ыыта сатаабыта. Кини аттыгар баараҕай тиит халлааҥҥа харбаһан, күнү-ыйы сабардаан, бөдөҥ бөллөрүттэҕэс силистэринэн дириҥник хара буору уобан, хаһан да хамсыа-сууллуо суохтук сымарыттан турара. Кини күлүгэр түбэспит буруйдаах буолан, Титирик эрэйдээххэ сырдык, күн уота баҕалаах буолара, уу-хаар, ас да тиийбэтэ. Модьу силистэр эрийэ кууһаннар, иҥэмтэлээх аһы барытын оборон ылаллара. Сабарай Тиит кыраҕа ымыттыбат идэлээҕэ, эгэ быыкаа, саҥа быга сатыыр титириктэргэ кыһаныа дуо? Арай ханна эрэ аньыылаах дууһа өлөн, ала буркун буолан кыланан, ытаан-соҥоон аастаҕына, күүстээх тыалтан идэмэрдээхтик кыычыгырыыра ынчык курдук иһиллэрэ. Сабарай Тиит тугу санаан, ахтан, туохтан үөрэн-хомойон турарын ким да билбэт. Халлаан диэки модун лабааларын өрө үтэн, бу сиргэ букатыннаахтык кэлбиттии сананан улуутуйан турара.

Сабарай Тиит бу сиргэ билбит үөрүүтэ – соҕотох доҕоро Дэгиэ Тыҥырах этэ. Ол обургу саас эрдэ, тымныы саҥа уҕарыйан эрдэҕинэ, доҕорун кэлэн билсэн барара. Сабарай Тиит ону эрдэттэн билэн, хаарын бүтүннүү тэбэнэн көрсөрө. Тыҥырахтаах көтөр чыҥырҕас саҥатын иһиттэҕинэ, бүтүн бэйэтэ дьигиһийэн, илгистэн ылара. Бүтүннүү сэгэйэн, били сымарыттыбыта ханна да суох буола түһэрэ. Кырдьаҕас мас бу курдук уларыйарын кыракый титириктэр олус муодарҕыы, сөҕө көрөллөрө.

Дэгиэ Тыҥырах кырдьаҕас доҕорун уруйдаан, саҥаран чыҥырҕаабытынан, модун кынаттарынан сапсыммытынан, күүстээх атахтарынан тиит лабааларыгар хатана түһэрэ. Кини наар биир сөбүлээн олорор сирдээҕэ. Ол лабаата ыарахан көтөр олороруттан хатырыга сулламмыт этэ. Дэгиэ Тыҥырах бу олорон тугу көрбүтүн-билбитин кэпсиирэ. Онон хата аттынааҕы мастар таарыччы аан дойду сонунун барытын истэн-билэн хаалаллара.

* * *

Ойуур иһин нус-хас олоҕун аймыах айылаах киһи-сүөһү чугаһынан суох этэ. Ол иһин кэм, күн хаамыыта дьыл эргиириттэн тутулуктанан, сылтан сыл биир күдьүс бара турара. Арай хам-түм да буоллар, тайах атаралаан ааһара. Оттон кыра кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр ханна барыай…

Биирдэ торҕон эһэ Муҥур Тиит хатырыгын хайыта тыыппыта. Күтүр, сииктээх буору тоҕута тирэнэн, кыра оту-маһы ибилитэ тэпсэн, часкыйа-часкыйа олуонатык хамсаммыта ынырыга бэрдэ. Муҥур Тиит эрэйдээх тута дьэҥкир сымаланан ытаан барбыта. Дириҥ бааһын оһоруна сатаабыта эрээри, ол кэмтэн иинэн-хатан барбыта, өрүттүбэтэҕэ. Билигин төбөтүгэр эрэ барбах күөх бытыгыраан баран, хайыта хатан, буорайан тураахтыыр.

Ол саҕана Титирик Уол саҥардыы сиртэн сэрбэйэн, нарын күөх мутукчанан сайбаччы симэнэн, киэргэнэн турара. Эһэ күтүр кинини мүччү-хаччы үктээн ааспыта. Аттыгар тэҥҥэ улааппыт доҕорун, Хатырык Атаҕы, силистэри түөрэн, ибили хайыта тыыппыта. Оо, онно истибитэ, хаарыаннаах күн сырдыгыттан матан эрэр, өлөр өлүүттэн куттанар аймалҕаны! Хатырык Атах сип-синньигэстик, көтөр-сүүрэр истибэтинэн, салгыны хамсатан ытыыра. Аан дойдутун кытары бырастыылаһар, ситэ олох олорботоҕун кэмсинэр этэ ол ытыырыгар. Титирик Уол тугу да уларытар, сатаан көмөлөһөр кыаҕа суоҕуттан тэҥҥэ ытаспыта. Доҕоро икки күн ытаан тыҥкынаан баран, иһиллибэт буолбута, чээл күөх мутукчата тохтон түспүтэ, бэйэтэ хаппыт амынньыарга кубулуйбута.

Муҥур Тиит ыалдьа илигинэ, сороҕор ону-маны кэпсээн суугунуур буолара. Былыыр-былыр, кини эдэр, чиргэл эрдэҕинэ, бэрт дьикти харамайдар охсуллан ааспыттар. Көтөргө да, сүүрэргэ да майгыннаабат, ыыр-дьаар аһыы сыттаах үһүлэр. Түүтэ суох хаптаҕай сирэйдээхтэр, нэс табалары миинэ сылдьаллар, сороҕор түһэн, икки атахтарынан хаамаллар. Хатырыктара буоллаҕына сымнаҕас, ыыһаммыт аһыы сыт уонна таба сыттаахтара үһү. Дьэ ол аһыы сыттаах Кыһыл Тылтан ойуур олохтоохторо өлөрдүү куттаналлара. Төһө да Кыһыл Тыл салыыр абытайдаах уот ыарыытын бэйэлэринэн билбэтэллэр, өбүгэлэрин үйэлээх кутталлара хас биирдиилэригэр туораахтан сиэмэҕэ бэриллэн, дириҥник иҥэн сылдьара.

Мастар кинилэр үйэлээх чуумпуларын үрэйбит биллибэт харамайдары сэрэхтээхтик үөһэттэн таҥнары одуулаабыттар… Сэрэйбит сэрэх, бэрт сотору Кыһыл Тыл эккэлээн эрэрдии үөрэ-көтө чачыгыраабыт, хаппыт амынньыардары омуннаахтык салаабыт. Аһыы буруо ойуур иһин толорбут. Мастар уолуйан, суугунаһан ылбыттар. Ол гынан баран, табалаах дьон үүнэн турар маһы тоһуппакка, хаппыт амынньыардары хомуйан Кыһыл Тылларын аһаппыттара. Улахан суолу-ииһи хаалларбакка, табаларыгар олороот, кэлбиттэрин курдук түргэнник элэс гынан хаалбыттар.

Муҥур Тиит этэринэн, оннук харамайдар бу Ойуур бүтэр уһугар элбэхтэр үһү. Дьолго, билиҥҥэ диэри бу түҥ тайҕаны таба хаампакка, мастар үйэлээх чуумпуларын уйгуурдубакка сырыттахтара.

* * *

Быйыл саас Сабарай Тиит туохтан эрэ дьаахханыах санаата кэллэ. Кини мутукчатын иннэлэрин барытын үөһэ, Куйаар диэки, саратан турара. Куйаарга эҥин араас ииччэх-бааччах санаалар көтө сылдьалларыттан, сорохторун иннэлэрин төбөлөрүнэн илимнээн тутан ылара. Онон сороҕор буолуон иннинээҕини өтө көрөн билэрэ.

…Быйыл Куйаарга туох эрэ уларыйбыт. Туох эрэ иэдээн имэ биллэр курдуга. Онтон куттанан иэнэ кэдэҥнээбитигэр, сүүһүнэн чэгиэн иннэлэрэ хатан, бытарыһан түспүттэрэ… Күнтэн күн ол иэдээнэ чугаһаан иһэрин билэн, дьиппинийэн, тыҥаан турбута.

Оттон Титирик Уол онно эрэ кыһаммата. Кини улаата охсон, баҕалаах сырдыгар тиийэн, ойуур үрдүттэн тулатын көрүнүөн баҕарара. Сураҕа, ойуур хаһан да бүппэт, бардар бара турар үһү. Оттон үөһии-үөһэ кылайан көстөр сырдык, көҕөрдөр көҕөрөн, кэҥээтэр кэҥээн, букатын муҥура суох дииллэр. Оо, ол күөххэ чугаһыыра буоллар ньии! Сып-сылааһынан угуттуур, олох илгэтин бэлэхтиир Сырдык Күн уотун дуоһуйа иҥэринэрэ буоллар! Үөһэттэн, үрдүктэн ырааҕы, атыны, дьиктини көрөрө буоллар ньии! Кини билэр, сэрэйэр, иннигэр туох эрэ улахан, дьикти, ураты күүтэрин. Ол туоларын туһугар түргэнник улаата охсуохха наада. Атын мастары куотан, уһулуччу үрдүөххэ, сонуохха, чорбойуохха наада. Оччоҕо Сабарай Тиит курдук Орто дойду очумааһа, үрдүк халлаан өһүөтэ буолан, олох үтүөтүн сомсон ылыах, туох эрэ уратыны билиэх-көрүөх, дьиктини оҥоруох этэ!

Ол ыра санаата туоларын туһугар оччугуй бэйэтэ күүһэ-кыаҕа тиийэринэн сыалын чугаһата сатыахтаах, хас чаас, хас мүнүүтэ аайы күүс-уох эбиниэхтээх.

Бу олоххо сыал диэн баар – олоҕу хамсатар күүс, тугу эрэ ситиһэргэ бастакы үктэл. Ол сыалга араас ыра санаа кыттыстаҕына, туох барыта кыаллар тоҕоостоох.

* * *

Сабарай Тиит били сибикилиир, бүтэйдии куттанар түгэнэ чугаһаатар чугаһаан испитэ. Бастаан дэбигис арааран иһиллибэт туох эрэ дьикти тыас ыраахтан, мастар төбөлөрүнэн куугунаан иһиллибитэ. Онтон улам улааттар улаатан, чугаһаан испитэ. Мастар, төһө да Сабарай Тиит курдук эрдэттэн сибикилээн билбэтэллэр, туох эрэ атын, биллибэт, ону сэргэ кутталлаах иһэрин сэрэйэн, суугунаһан барбыттара. Бары ити туох тыаһа буоларын, тоҕо чугаһаан иһэрин таайа сатаабыттара. Мээнэ айдааран, устунан этиһэн барыах курдук буолбуттарыгар, Сабарай Тиит өрөөбүт уоһун өһүлэн, хоммут уоһун хоҥнорон, дьэ саҥаран барбыта:

– Мин куһаҕан битим тарпыта ыраатта… Туох эрэ атын, биллибэт күүс иһэр. Биһиэхэ ол тугунан дьааһыйыа биллибэт. Тимир чаҥырҕас тыаһын истэбин. Үчүгэйинэн ааҥнаабат быһыылаах. Биһигиттэн туох да тутулуга суох. Чэ, оҕолоор, туох сүбэ-соргу баарый, сүбэлэһэн көрүөҕүҥ! Элбэх өй тугу эмэ тобулуо.

Читать далее