Читать онлайн Кэм кэрэһиттэрэ бесплатно

Кэм кэрэһиттэрэ

УРАТЫ ДЬҮҺҮЙЭР НЬЫМАЛААХ

Бу саҥа кинигэ ааптарын Валерий Николаевич Луковцев-Дьурустааны мин отучча сыл устата билэбин. Кини бэйэтин баҕа өттүнэн, утарсарбын кэрэйбэккэ, миигинэ суох, «Биһиги, сахалар…», «Сказ о народе саха» диэн кинигэлэрбин презентациялааһыны тэрийэн, оччотооҕу тыҥааһыннаах сыһыаҥҥа көмүскэспититтэн ыла ордук бодоруһан, алтыһан, бииргэ үлэлэһэн кэллибит. Уларыта тутуу, саха государственноһын суолун тобулуу, сомоҕолоһуу уонна атааннаһыы, өйдөһүү уонна өсөһүү, туруорсуу уонна чугуйуу, эрэнии уонна кэлэйии, ситиһии уонна хотторуу – барыта баара бу уустук будулҕаннаах кэмнэргэ.

Ааспыт 30 сылы биһиги айдыбыт, туттубут: ситиһиитин уонна хотторуутун тэҥҥэ үллэстэбит. Политика аам-даам тумана саба түһэрин А. Борисов «Хаарыан хампа күөх кытылым» диэн театральнай айымньыта эрдэттэн сэрэтэн, биһиги кэлэр кэскил туһугар кыһаллыахтаахпытын көрдөрбүтэ. Саха интэлигиэнсийэтэ театральнай искусствоны сайыннарар араҥата суолдьут сулус буолбут суолтатын ыһыктыбакка сылдьар буолан, норуотун ис чиҥин бөҕөргөтөр, саҥа көлүөнэ ыччаттарга духовнай өйдөбүл, нүөл кырыс буолар.

Маны сэргэ ХХ үйэ иккис аҥаарыгар сахалыы төрүт өйдөөх, санаалаах, дьоһун майгылаах, саха олоҕун ис тыыныгар иитиллибит бөдөҥ суруйааччыларбыт сабыдыаллара үйэлэр кирбиилэригэр төрүт тутулбутун туура туттарбатахтара. Семен уонна Софрон Даниловтар, Далан, Болот Боотур, Моисей Ефимов, Иван Гоголев, Тумарча уонна литература кириитиктэрэ, чинчийээччилэрэ Василий Протодьяконов, Эрчимэн – саха саҥатын күүһүрдэн, дьулуһуутун, кыһалҕатын дириҥник эҥсэн ырытан, государственнай таһымнаах өйдөбүллэргэ таһаарбыттара.

Ити быыһык кэмҥэ саха чаҕылхай учуонайдара В.П. Ларионов, А.И. Кузьмин, М.К. Гаврилова, И.А. Аргунов, З.А. Корнилова, В.Р. Дарбасов, о.д.а. олох-дьаһах бутууруттан, политическай быһыы-майгы ухханыттан ылҕаан, саха ыччатын харыстыы сатаабыттара, суолун-ииһин ыйбыттара. Улугурбут политическэй система итэҕэстэрин-быһаҕастарын быһаарарга Михаил Иванов-Багдарыын Сүлбэ, Егор Алексеев, Уйбаан Федосеев-Доосо, Далан, Георгий Борисов, Уйбаан Ушницкай, Уйбаан Николаев, Дмитрий Кустуров өҥөлөрө улахан. Ааспытын иннигэр аны санаатахха, кимэн да киирсиилэр бааллара. «Саха омугу» тэрийбит Владимир Тимофеевич Николаев саха көҥүл санаата көнөрүгэр элбэх сыратын биэрбитэ. Бу кэмҥэ культура, журналистика уонна үөрэх эйгэтэ саха туһа, дьылҕата диэн инники күөҥҥэ тахсыбыта. Уйбаан Шамаев, Егор Жирков, Николай Максимов, Дьурантай, Тэрис, Уххан, Дабыл, Уйбаан Бурцев, Хомус Уйбаан, Оһуохай Уйбаан, Баһылай Парников, Кыталык Баһылай, элбэх учууталлар суураллыбат суоллары тэлбиттэрэ, саха сахатынан кэрэ диэн ис туругу бөҕөргөппүттэрэ. Политическэй эйгэҕэ аан бастаан көҥүл өттүнэн холонуу саҕаламмыта. Бастаан айылҕаны харыстааһын өттүнэн киирсэн, онно тирэнэн, араас холбоһуктар үөскээн барбыттара. Ол туһунан сырдатар «Көлүөнэ ситимэ быстыбатын, үгэс салҕанарын туһугар» (2009 с.) кинигэҕэ элбэх матырыйаал киирбитэ.

Итинник өрө күүрүүлээх, будулҕан буурҕа курдук тула ытылла турар кэмҥэ М.Е. Николаев курдук государственнай уонна сахалыы тускуллаах баһылыгы талан таһаараммыт, нуучча уонна саха ньургуннара В.М. Власов уонна К.Е. Иванов, бастаан Аан Дархаммытыгар кынат дайыыта буоланнар, турууласпыппыт. Дьэ, кырдьык, саха дьолугар төрөөбүт киһи диэн саныыбыт. Кини политикатын биир уратытынан буолар этэ: саҥа көлүөнэ интэлигиэнсийэни иитэн таһаарар туһуттан ыччат общественнай хамсааһыннарын быһаччы көҕүлээһин уонна өйөөһүн.

Ол иһин «Эдэр саас», «Эдэр интеллигенция» ыччат уопсастыбаннай тэрилтэлэрэ быһаччы Президеҥҥэ туруорсууларын тиэрдэр, государственнай таһымнаах өйгө-санааҕа иитиллибиттэрэ. Оччотооҕу 25–30 саастаах ыччаттарга тирэнэн, биһиги Сахабыт Өрөспүүбүлүкэтин суверенитетын бөҕөргөтүү, сайдыы историческай хардыыта ситиһиллибитэ. Уонна билигин ол ыччаттартан санааларынан, дьыалаларынан сүүмэрдэнэн, норуот түс-бас, сис дьонун таһымыгар ситтилэр-хоттулар, бэйэлэрэ иитээччи, уһуйааччы, салайааччы буоллулар. Олортон биирдэстэрэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин демократическай акылаатын тутуспут, сахалыы сайдыылаах өй-санаа, быһыы-майгы олохсуйарыгар төлөннөөхтүк туруулаһар интэлигиэнсийэ биир бэлиэ бэрэстэбиитэлэ, кырдьыгы-сымыйаны, үтүөнү-мөкүнү эндэппэккэ араарар уонна ону күөнүгэр түһэрэн дорҕоонноохтук быһаарар ураты дьоҕурдаах, сытыы, муударай өйдөөх-көрүүлээх. ылыннарыылаах тыллаах, халбаҥнаабат майгылаах доҕорбут Валерий Николаевич Луковцев.

Дьэ ханнык дьон быыһык кэм тургутуутун бодолорун, дьоһуннарын сүтэрбэккэ, дьэ ордук күүһүрэн, ситэн-хотон, хатарыллан ытыктанар, ыйар-кэрдэр суолталаах таһымҥа тахсаллар эбитий? Дьурустаан холобуругар көрдөххө, аан бастаан төрүт сахалыы эйгэҕэ-тыыҥҥа иитиллэн, онно идэтийэн, норуотун дьылҕатын ийэтин үүтүттэн иҥэринэн улаатыахха наада эбит. Валерий Николаевич эдэригэр даҕаны уолҕамчы, охсуһуук позициялаах буолбатах этэ, тугу да быһа-хото эппэт, наһаалаабат, нэмин буларга, иллээх быһаарыыны, майгыны тутуһа сатыыр. Бэрт бэрээдэктээх, номоҕон, оттомноох да буоллар, иһигэр күүстээх, иитиилээх буораҕы мунньуммут, үүннэрбит эбит. Бас-көс интэлигиэнсийэ сабыдыалыгар иитиллэн история кэрэһитэ, норуоппут харысхала, ис дьиҥинэн, суобаһын кырдьыгынан олорор, айар киһи. Олох чахчыларын тылынан-дьыаланан күүһүрдэн, историческай суолталаах факт, событие гынар катализатор оруоллаах. Бэйэтэ быһаччы политическай акциялары тэрийэр, ситиһэр, көҥүл туһугар туруулаһар хорсун саха саарына. Сөптөөх ирдэбилгэ туһаайыллан, саха көҥүлүн, түптээх олоҕун, кэскиллээх сайдыытын туһугар сытыы бөрүө буолан саҕылынна, политиканы уонна историяны алтыһыннарар суруналыыстыкаҕа биир бэлиэ көстүүнэн буолла.

Кини айар-суруйар идэтин ситиитин-хотуутун суолун биэтэктэрин таһаарбыт кинигэлэрэ чаҕылхайдык туоһулууллар: 36 сааһыгар, саха эр киһитэ ситэр-хотор кэрдииһигэр, «Балыырдаах 1986 сыл» диэн докумуоннарга олоҕурбут политическай публицистиката тахсыбыта. Бу кинигэ 1928 сыллаах Киин Комитет батталлаах уурааҕын ылыммат көлүөнэ үүммүтүн көрдөрбүтэ. Онтон аҕа дойду сэриитин кэмигэр сут-кураан содулугар ыалдьан, хоргуйан өлбүттэр сордорун-муҥнарын арыйан, үтүө ааттарын тилиннэрбитэ, биир дойдулаахтарын иннигэр ыар буруйдаах муус сүрэхтээх салайааччылары норуот, история дьүүлүгэр таһаарбыта. «Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат» диэн, Кыайыы үбүлүөйдэригэр сөп түбэһиннэрэн, 2001, 2006 уонна 2019 сылларга таһаарбыт кинигэлэрэ архивнай докумуоннарга, дьон тыыннаах кэрэһэлиир кэпсээннэригэр тирэҕирбит историческай чахчылары арыйар политическай сытыы публицистика, историческай чинчийии, анаарыы холобурдара буоллулар.

Оттон «Кэм кэрдии уонна киһи» (2007 с.), «Көлүөнэ ситимэ быстыбатын, утум салҕанарын туһугар» (2009 с.) уонна «Норуот кыаҕа – көмүөл күүһэ» (2014 с.) диэн кинигэлэриттэн Валерий Николаевич ураты айар ньымалааҕын, сыаллаҕын-соруктааҕын, кини курдук атын ким да суоҕун билиммиппит. Ол кини уратыта туохха көстөрүй?

Олох тирээн турар уонна уларыйбат соруктарын көрдөрөр, ырытар, дакаастыыр, ситиһэр суолларын-иистэрин тобулуунан дьарыктанар дьоннору сырдатар, кинилэр үлэлэрин, айымньыларын ылҕаан, сүүмэрдээн, түмэн, саҥа турукка таһааран, биир кэлим дьүһүйүү, историческай документальнай айымньы гынан оҥорон таһаарар модун, ситимниир, тобулар интеллектаах, дьүккүөрдээх, дьулуурдаах, төлөннөөх сүрэхтээх, айар дьоҕурдаах. Кини истиҥник эҥсэр, дириҥник хорутар, ымпыгар-чымпыгар киирэр масштабтаах анализтыыр уонна синтезтыыр өйдөөх, ону хомоҕой, сытыы сахалыы тылга түһэрэр кыахтаах.

Маннык айылҕа дэлэгэй бэлэҕин, оҥоруутун, аналын сатаан сайыннарбыт киһи, биһиги үөлээннээхпит, бэйэтин кэмин тыын боппуруостарын, билиҥҥи олох тыгыалас тымырын, бириэмэ бэлиэ дьонун өйүн-санаатын, соругун сурукка түһэрэн ааҕааччы киэҥ эйгэтигэр билиһиннэрэр. Кэлин чинчийээччилэр матырыйаал оҥостоллоругар анаан сорук оҥостон үлэлиир. Ол быыһыгар бэйэтэ сүрэҕэ сөбүлүүр, умсугуйар дьарыгынан уус-уран тылбааска ылсыһар. Сэбиэскэй литература классига Чингиз Айтматов аатырбыт сэһэнин, талааннаах суруйааччылар Андрей Геласимов, Владислав Авдеев, Виктория Габышева бөдөҥ айымньыларын саха ааҕааччытыгар тириэртэ. Уопсастыбаннай үлэҕэ син биир кыттыһар, төрөөбүт дойду, бар дьон туһугар уопсай дьыалаҕа бэйэтин сэмэй кылаатын киллэрсэр.

Ол иһин биһиги Валерий Луковцев-Дьурустааны үрдүктүк сыаналыыбыт, махтанабыт уонна уһун айымньылаах олоҕу баҕарабыт.

Ульяна Алексеевна Винокурова,

социология билимин дуоктара,

РАЕН академига

I ТҮҺҮМЭХ

САХА ОМУК ҮЙЭЛЭР КИРБИИЛЭРИГЭР[1]

Былдьаһыктаах кэмнэр хас үйэ аайы саха омук туһугар мүччүрүйбэт түөрэх түһэрэр ыгым түгэннэри үөскэтэллэр. Олох уларыйыытын ис дуорааныттан «күн-хаан күһэйэр, күһэҥэ быстар кыһалҕата тирээн кэллэҕинэ», дьылҕа хаан тургутуутун өбүгэлэр тыыннарынан ис тыыннаммыт, «өргөс кылааны өрө үүннэрэн… хатан тимир халтарыйар, ыстаал тимир сынтарыйар ыйыллаҕас санааны ылынан, арайбакка-чачайбакка, мөлтөөбөккө-ахсаабакка… биири эрэ бигэтик саныыр…» туруу дьон күөннэринэн көрсөллөр.

Саха омук историятын сурукка-бичиккэ киирбит өрүттэрин сааһылаан, өлбөт-сүппэт стратегиятын үөһүн таба тутан сыыйан араарар буоллахха – бу өйүнэн инникини өтө көрө сатааһын, онно арыллар саҕахтарга чөл туруктаах тиийэргэ дьулуһуу. Онон ааспыт кэмнээҕэр, билиҥҥи түгэннээҕэр кэскил быдан суолталанар. Ол да иһин көрбүөччүлэр, ичээннэр, инникигэ дьулуһааччылар – саха сүгүрүйэр, ытыктыыр дьоно буолаллар. Кэлэри баардыы гынарга дьулуһуу – саха менталитетын уратыта. «Ыраламмытыҥ ытыскар түһүө» диэн өйгөр оҥорон көрөн дьулуспутуҥ эрчимнээх санаа батаһа буолан, илэ тиийэн кэлэр кыахтаах диэн итэҕэллээхпит. Онон ыччат, эдэр киһи иннин быһа этэр сэттээх-сэлээннээх. Ыччаты сырдыкка, үтүөҕэ, кэрэҕэ уһуйар ыралаах норуот педагогиката чочуллубута. Омук кэскилин туһугар сырдык ыралаах туруулаһыы сүппэт-оспот туруктаах. Биһиги да көлүөнэбит ыччат, эдэр уонна орто саастаах дьоно, интеллигенцията орто туруу бараан дойдуга көдьүүһэ суох көлдьүн күүрээн буолбата. Ол биир туоһутунан бу күн сирин көрөн эрэр дьоһуннаах кинигэ буолар.

Бу кинигэҕэ тиһиллибит докумуоннар, ыстатыйалар элбэҕи санаталлар, өйгө-санааҕа былдьаһыктаах кэммит ис туругун тилиннэрэллэр. Түргэнник даҕаны барыта мүлүрүйэр, тумул нөҥүөттэн бүтэҥитик иһиллэр ой дуораанын ньиргиэрин курдук буолар эбит. Кинигэҕэ суруллубут чахчылар барылара биир тиһиккэ мунньулланнар, биир кэлим көстүү буолан историческай суолталаах кимиилээхтик киирсибит оччотооҕу интеллигенция ааспыт үйэлэргэ турууласпыт саха саарыннарын күөннэригэр ойууламмыт. Орто, эдэр көлүөнэ дьон далааһыннаах туруулаһыытыгар, бэйэтин дьоһунун тууратын тутарыгар, өбүгэ тыынынан салайтарыытыгар кини ааспыт көлүөнэлэр дьиҥ кырдьыктарын буларга, ону үйэтитэргэ дьулуспута. История кырдьыгын хасыһан буларга бэлэмнээх буолан, уларыта тутуу арыйбыт аанын өссө тэлэччи аһан, саха историятын ир суолун ирдээбитэ, тоҥ суолун тордообута. Халыҥ идеологическай көмнөхтөн төрүт дьоннорбут ааттарын-суолларын ыраастаан, кинилэр үтүө ааттарын, туруорсубут идеяларын билиҥҥи кэмҥэ сирдиир, салайар суолталаабыттара. Ол түмүгэр эрэллээх тирэх үөскээбитэ. Саха историята саха саарыннарын олоххо дьулуурдара быстыбаттык салҕанарыттан турара чаҕылхайдык көстүбүтэ. Көҥүлгэ, сомоҕолоһууга, бэйэни салайыныыга дьулуһуу – саха историятын интеллектуальнай традициятын ис туурата, умнуллубат-өспөт эрчимэ. Ону утумнаан, ону салҕаан, саха саҥа көлүөнэлэрэ үйэлэр кирбиилэрин дабайаллар уонна кэлэр көлүөнэҕэ кэриэс туттараллар. Оннук суолталаах бу кинигэ ис хоһоонугар тыктаран биһиги кэммит эдэр уонна орто саастаах интеллигенцията туохха ордук дьулуһан, тугу кыайан күөн туттарын, тугу сиппэккэ хом санаалааҕын кылгастык сыныйан көрүөххэ. Олох ыҥырар-угуйар көстүүтэ, итэҕэһэ-быһаҕаһа, үтүөтэ-мөкүтэ түгэҕэ биллибэт. Оттон киһи да, бүтүн омук да ычата кэмнээх-кээмэйдээх гына айыллыбыт, онон сирдээҕи олох отуорун хайа да бэйэлээх атыйахтаах уулуу дьалкытар анала суоҕа абырыыр. Барыта сүтэр-оһор, көннөрүллэр буолан, сиргэ олох салҕанар кыахтаах гына айыллыбыт. Онон кэлэр кэскил хас көлүөнэ аайы саҥаттан тыргыллар.

Саха сиригэр саҥа олох саҕаламмыта быйыл сүүрбэ сылын туолар. Бу историческай биэтэги Саха сувереннай өрөспүүбүлүкэтин төрүттээбит Михаил Ефимович Николаев Саха АССР Верховнай Советын Президиумун Председателинэн талыллыбыт күнүттэн ааҕабыт. Бу сүүрбэ сыл устата саха көҥүлгэ, сомоҕолоһууга уонна бэйэни салайыныыга дьулуспут дьулуһуута хайа да үйэлэрдээҕэр ордук сытыытык турбута, туолбута уонна билигин саба баттанар куттала суоһаата.

Сүүрбэ сыллааҕыта социалистическай лааҕыр ыһыллан, киһи аймах геополитическай дьылҕата тосту уларыйбыта. Улуу Советскай Союз араас ньыманан холбообут тутула үрэллэн, биэс уонча саҥа государство үөскээн, омуктар нация быһыытынан сайдар, уйаннара-хатаннара тургутуллар суолугар үктэммиттэрэ. Сорохтор өссө эбии бытарыйан, атыттар сэрии уотугар киирэн биэрэн, угаайылаах сабыдыалга түбэһэн түөрэхтэрэ түҥнэстэн, эрдиитэ суох тыы курдук, ытылла сылдьаллар. Билиҥҥэ диэри чахчы көнөр-сайдар суолу туппут социалистическай лааҕыртан босхоломмут биир да омук, нация суох. Политологтар этэллэринэн, өссө да ситэри арахсыы, үүммүт үйэ ирдэбиллэригэр дьүөрэлээх омуктар-нациялар аныгылыы тутуллара үөскүү-сайда иликтэр. Күүс өттүнэн сир ресурсаларын үллэстии баарын тухары, киһи, омук бэйэтин дьоһунун харыстыыр, туруорсар кыаҕа суоҕун тухары киһи аймах сайдыыта харгыстана туруоҕа. Оттон Россия бу сайдыы суолун төрдүн да тута илик. Онон биһигини өссө да уһун унньуктаах айан күүтэр. Хайа да көлүөнэ дьаныардаах турунуулардаах, быһаарыылаах талыыттан мүччү түһүө суоҕа. Олох хамсыыра хаһан баҕарар икки сирэйдээх, онтон сырдык өттүн талар тустаахтарга тирээбит кэмигэр уустук буолар.

Сир планетатын олоҕун кэрдиис кэмнэрин уратыларыттан киһи аймах олоҕо быһаччы тутулуктаах. Биһиги, Хотугу полюс чугаһыгар ирбэт тоҥ муустаах сиргэ олохсуйбут омуктар, айылҕа туругун хаамыытынан салайтарабыт. Тыһыынчанан сылга бэйэ ис кыаҕар тирэнэн олох олорор ньымалары тобула сатаабыппыт. Онтон кэлиҥҥи үйэлэргэ сабардыыр государство тутулугар олорор ньымаҕа үөрэнэ сатыыбыт.

Ааспыт кэмнэр кэрискэлэрин сыыйа-баайа ырыттахха, саха ситиһиилээхтик, кимиилээхтик туруулаһара, бэйэтин кыаҕын эбэн иһэрэ ырылыччы көстөр. Дьылҕа хаан тургутууларыгар өлбөт үөскэ үйэлэри уҥуордуур далаһа быраҕарга өркөн өйдөөх, эрдээх санаалаах, оҕуруктаах ньымалары сатабыллаахтык айар күөн туттар салайааччылардаах буоламмыт, быста-быста салҕаммыт эбиппит. Ханнык да кэмҥэ «кэмэ оннук» диэн саптан кэбиспэккэ, дьон-норуот туһа диэн туруулаһар бас-көс дьоннордоох буоламмыт, хайа да омуктааҕар киэҥ сири сабардаан, төрүт омук уратытын барытын ботуччу тутан олордохпут.

Сэһэн Ардьакыап, Күлүмнүүр, Платон Ойуунускай, Максим Аммосов, Исидор Барахов, Илья Винокуров, Михаил Николаев чахчы да саха үрүҥ тыынын өрүһүлтэтэ, суон тулааһын буолбут дьон. Ол сүрүн дакаастабылынан кинилэр саха омугу бытаныыттан, өлүүттэн-сүтүүттэн, сааттан-сууттан быыһаабыттара буолар. Кинилэргэ тосхойбут былаас боломуочуйаларын норуоттарын туһугар туһаайан, үрдүкү былаас дьаһалтатын төрөөбүт норуоттарын көмүскээһиҥэ хайыһыннаран, өлөр өлүү, кэхтии маҥалайыттан көмүскээн ылбыттара. Кинилэр саха салалтатын сүрүн ньымаларын чочуйбуттара. Ол эйэлээх уонна туруорсуулаах стратегия, норуот туһатыгар былааһы үлэлэтии, дьон кыһалҕатын быһаарыы, баһылык тус ытык иэһэ диэн уонна кэлэр кэскилгэ олук охсон хаалларыы курдук киэҥ дириҥ стратегияны тутуһан хоннохтоохтук-хорутуулаахтык дьаһаныы. Маннык эрэ хайысхалаах былаас дьон итэҕэлинэн күүһүрэр, сүппэт-оспот суола эндирдээх олох хайысхатын ыйар. Ол да иһин эдэр көлүөнэ олох күөнүгэр эрчимнээхтик киирэригэр суолдьут сулус курдук инники көлүөнэлэр күөн туттубут дарханнарын ааттарын тилиннэрэн, кинилэр идеяларын, стратегияларын тутуһар. Ааспыт сүүрбэ сыл былдьаһыктаах кэмигэр саха дьонун, ыччатын чулуулара «Саха омук», «Саха кэскилэ» хамсааһыннары сэргэ «Эдэр саас», Эдэр интеллигенция түмсүүтэ, «Тобул», «Түгэн», «Түмэн» курдук ыччат араас араҥаларын түмэр, сайыннарар, көҕүлүүр тэрилтэлэри түмэннэр, уларыта тутуу ирдэбиллэригэр олорон биэрбэтэхтэрэ. Ыччат тэрилтэлэрин да ааттара чопчу тирээн кэлбит түгэҥҥэ сайдыы суолун тобуларга эдэр саас өйдүүн-сүрэхтиин күүрбүтүн, туруммутун туоһулууллар. Ол саҕана үс араас суол арыллыбыта: бастакыта – көнөр көҥүлү көрдөөн көҥү түһэн өрө туруу, бас батарынан баламаттык барҕарарга дьулуһуу; иккиһэ – олох орто сүүрүгүн тутуһан, салгыбакка-салпакка дьулуурдаахтык өксөйөн иһии; үсүһэ – олох долгуннарыгар саба оҕустарбакка хаптайан биэрэн бас бэринии. Билигин сүүрбэ сыл түмүктэригэр урукку социалистическай лааҕыр государстволарын олохтоохторо бары сыанабыл быһаллар. Барыларыгар да бу кэрчик кэмҥэ олохторун уйгута тупсубата, советскай цивилизация тутулла сатаабыт киэбиттэн тахсыбакка олороллор. Арай Илин Германия, Польша, Прибалтика өрөспүүбүлүкэлэрэ эрэ Арҕаа Европа цивилизациятыгар былыргыттан тардыһыылаах буоланнар, сүтүктээх курдук санамматтар. Саха дьоно, хас да үйэҕэ бэйэлэрин салайынар киэптэрин былдьаппыт буоланнар, тута толугур соҕотох хаалар кыахтара хайдах да суох этэ. Онон М.Е. Николаев баһылыктаах саҥа былаас хайысхатын саха эдэр интеллигенцията өйөөн, күүс-көмө буолан, саха барҕатын түөрэҕин түһэриигэ туруммута. Бу олох орто үөһүн тутуһууну талыы – саха ыччата сиппит-хоппут лидердэрдээҕин туоһута. Онуоха ыччаты түмэр анал государственнай орган – Ыччат министерствота тэриллэн, онно государственнай да ыйыылары, гражданскай да инициативалары сатаан дьүөрэлиир В.П. Ноговицын үлэлээн, анал ыччат политикатын концепциятын айан, олоххо киллэрэн, саҥа саха государствотын тутарга дьулуһар тыыннаах, сыаллаах-соруктаах ыччаты сайыннарыыга туһаайыллыбыта улахан сабыдыалламмыта. Маны сэргэ ыччат аныгылыы билиилээх-көрүүлээх, идэлээх буоллаҕына, бөҕө тирэхтэниэҕэ диэн анал департамент тэриллэн хас эмэ уонунан тыһыынча ыччат киэҥ эйгэҕэ тахсан, кэскиллээх идэлэргэ үөрэнэллэригэр ҥйҥбүл оҥоһуллан ыччаты кинилэр тустарыгар туһалаах былаас төрүттэммитигэр итэҕэппитэ. Алаһа дьиэ кэскилин тэринэн, оҕо-уруу төрөтөн ыал буолар ыччакка анал кредиттэр көрүллэннэр, Саха сирин киэҥ киэлитигэр саҥа дьиэлэр сандаарыспыттара. Ити барыта эдэр ыччат тэрилтэлэрэ уонна былаас дьүөрэлээхтик, итэҕэйсэн үлэлээбиттэрин үтүө түмүгэ. Ол сылларга саха омук кытыы сиргэ хаалыылаах таһымҥа хааллыбыт киэбиттэн эмискэ бэйэни государство таһымынан салайынар кыаҕа суоҕа. Онон суверенитет бастакы уон сыла киһи ис капиталын мунньунууга туһаайыллыбыта саамай сөптөөх социальнай политика хайысхата эбит диэн билигин эрэллээхтик түмүктүөххэ сөп. Ити кэмҥэ саха омук тыын ылан, сиппэтэҕин ситэрэ сатыырыгар кыах бэриллибитэ. Ол гынан баран, государствоны салайыыга эргиччи бэлэмнээх буолуу кылгас историческай кэмҥэ ситиһиллибэтэ эмиэ чаҕылхайдык көһүннэ. Ол биһиэхэ эрэ буолбатах, Россия бары аҕыйах ахсааннаах баттаммыт омуктарыгар эрэ буолбатах, бэл Илин Европа омуктара эмиэ уһуннук ыарыыланан, кыахтарын сайыннаран көнөр суолга үктэниэх кэриҥнээхтэр. Билиҥҥи туругунан экономикалара сатарыйан, дьонноро ыһыллан, сорохторо туспа государство да аатын былдьатыах курдуктар. Ол гынан баран, киһи бэркиһиэх, социологическай чинчийиилэр көрдөрөллөрүнэн, 44 европейскай омуктартан биир да омук ситиспит суверенитеттарын кирбиититтэн аккаастанар санаата суох, социалистическай лааҕырга төннөрү ыраламмат. Оччотугар ССРС ыһыллыытын аһыйар күүстэр аҕыйахтар, өссө ситэритин ити арахсыы билигин да ситэ бүтэ илик диэн сабаҕалыыллар. Улахан цивилизациялар киирсиилэригэр Россия бэйэтэ сиппит-хоппут цивилизация быһыытынан бэйэтин көмүскэнэр уонна үмүрү тардар кыаҕа ыһыллаҕас. Урукку өттүгэр киэбин таһынан тарҕана сатаабыта эмтэрийэн, дьиҥнээх төрүт сирдэрин сайдар кыахтарын хааччыйбакка, ис ньыгылын мөлтөтөр. Оннук политическай тутул киһи, омук харысхаллаах буолуутун хааччыйбат.

Политическай тутул итинник мөлтөөһүнэ үүммүт үйэҕэ сүҥкэн экологическай уларыйыылары кытта дьүөрэлэһэр чинчилэннэ. Өскөтүн хас да кэлиҥҥи үйэҕэ сир экологията улаханнык уларыйбакка, омуктар үөскээбит сирдэригэр государство тэринэн олоро сатаабыт буоллахтарына, балысхан экологическай уларыйыылар сүүһүнэн мөлүйүөн дьону атыйахтаах уулуу аймаан, сыҕайан, Сибиир диэки көһөргө күһэйиэхтэрин сөп. Оннук түбэлтэтигэр Россия государство быһыытынан туруулаһан хаалара уустук. Оччотугар саха омук тарҕаммыт сиригэр-уотугар элбэх араас дьон тоҕуоруһуо. Онон атын айылҕа, быһыы-майгы, сыһыан, тутул олохтонуо. Оннук тутулга дьүөрэлээх саҥа стратегияны, өйү-санааны иҥэриммит көлүөнэни бэлэмниир сыал-сорук субу тирээн кэллэ. Онон ааспыт былдьаһыктаах сүүрбэ сыл бэйэтэ туспа кирбии, быыһык кэмҥэ бэлэмнэнии быһыытынан сыаналаныан сөп. Бу быыһык кэмҥэ саха омук туох-ханнык уларыйыыларга бэлэмнээх буолара эрэйиллэрий, ирдэниллэрий? Манна мин сэттэ араас ирдэбилгэ болҕомтону тардыам этэ.

Бастакы ирдэбил – айылҕа уларыйыыта. Билиҥҥи кэрчик экологическай кэми глобальнай сылыйыы кэмэ диэн анал үөрэхтээхтэр дакаастыыллар. Хотугу эргимтэҕэ олорооччулар ону тулалыыр эйгэлэрэ уларыйыытын кэтээн көрөн бигэргэтэллэр, кэрэһилииллэр. Ити айылҕа уларыйыытын саамай сэрэхтээх көстүүтүнэн Сир магнитнай полюстара хамсааһыннара буолар дииллэр. Ол олус күүһүрдэҕинэ муус ууллан, сир-дойду иэнэ тосту уларыйыа, оччоҕо олохпут эйгэтэ эмиэ тосту уларыйарыгар бэлэмнээх буоллахпытына сатанар. Ол эбэтэр айылҕа үөрэҕин дириҥник баһылааһыны уонна айылҕаттан быһаччы тутулуктаах дьарыктары солбуйар атын ииттинэр дьоҕурдары, тэрилтэлэри сайыннарыахха наада буолар. Саха бэйэтин «айылҕа тыынынан тыынан олоробун» диир өйдөбүлүн дьиҥнээх ис хоһооно дьэ онно арыллыа. Атын сиртэн кыһарыллан көһөн кэлбит дьон биһиги айылҕабыт уратытын билбэт, сатаан туттубат буолуохтара. Оччотугар биһиги, олохтоох омуктар буоларбыт быһыытынан, дьиҥнээх хаһаайыттар курдук дьаһанар туруктаах көрсүөхтээхпит.

Иккис ирдэбил – цивилизациялар хоту диэки сыҕарыйыыларыгар уонна харсыһыыларыгар бэлэмнээх буолуу. Бу урукку өттүгэр биһиги көрсүбэтэх үлүгэрбит. Былыыр-былыр кытай, монгол омуктар цивилизацияларын кытта алтыһан ааспыт буолуохтаахпыт. Онтон европейскай цивилизация нууччалыы көрүҥэ православиенан күөн түстэммитигэр буккуллубуппут. Билигин Россияҕа исламскай цивилизация быгыалаан эрэр, глобальнай диэн ааттанар американскай цивилизация сабыдыала күүһүрэн иһэр. Онуоха тилэх баттаһа улуу Кытайга охтуу эмиэ сыллата сэтэрэн иһэр. Онон цивилизациялар араас көрүҥнэрэ биһиги тиэргэммит иһигэр киирэн өй-сүрэх мөккүөрүн күөдьүттэр күөдьүтэллэр. Биһиги бэйэбитин ханнык да цивилизациялаах курдук чуолкайдык санаммаппыт, ол түмүгэр барытыгар тардыалаһа олорон өйбүтүн сүүйтэрэн, бэйэ дьоһунун ыһыктар куттал тирээтэ. Дьиҥинэн биһиги, Хотугу эргимтэ олохтоохторо, бэйэбит айбыт, тута сылдьар цивилизациялаахпыт – ол арктическай цивилизация. Ситэри эттэххэ, циркумполярнай, ол эбэтэр Хотугу эргимтэ тула тарҕаммыт цивилизация ураты көрүҥэ. Ону тутуһа сатаан сахалар элбэх эрэйи да, сэмэни да ылыналлар, тулууру да көрдөрөллөр. Дьиҥэр, ис-иһигэр киирдэххэ, бу да кинигэҕэ тиһиллибит докумуоннар өй-санаа харсыһыытыгар, хотугу цивилизация уонна атын цивилизациялар күөнтэһиилэригэр саха дьоно бэйэлэрэ тутуһар цивилизацияларын көмүскүүр дьүккүөрдэрин кэрэһилииллэр. Иччилээн үөскээбит төрөөбүт төрүт өбүгэ сир кыаҕынан өлбүгэҕэ тиксии, тыһыынчанан сылларга чочуллубут олох отуорун тутуһуу, омук дьоһунун сүнньүн – тылын, кут тууратын тутуһуу, инникигэ кэскили торумнааһын – бу барыта төрүт хотугу цивилизацияны көмүскээһин, кини эрэ маннык айылҕаҕа, сиргэ-уокка табыгастааҕын дакаастааһын. Маннык өйү-санааны ситэри өйдөөбөккөлөр, татым ычалаахтар омугумсуйууга, былааска өттөйүүгэ сыбыы сатаан, хаарыаннаах дьоммут сырдык тыыннарыгар турбуттара. Дьиҥинэн, Сир олоҕун хаамыытынан көрдөххө, бу киһи аймах олорор эйгэтин харыстааһын, айылҕа туругун алдьаныытын үмүрүтүү буолар. Оттон государстволар баар да буолуохтара, суох да буолуохтара, кинилэр омук историятынааҕар быдан кылгас дьылҕалаахтар. Онон саха омук бэйэтин олорор Хотугу эргимтэтин айылҕатын харыстааччыта, хаһаайына диэн сайдыы кэскилин ис тыынын быһыытынан өйдөбүлэ бу кэлиҥҥи сүүрбэ сылга чуолкайдык өйдөнөр буолла. Ону кэрэһилиир докумуоннар бу кинигэҕэ элбэхтэр.

Үһүс ирдэбил – киһи аймах аһаҕас аартыгар үктэнии. Өксөкүлээх эппитинии, Хотугу муус байҕал хоонньугар хорҕойо сыппыт дьокуут омук сүүрбэ биирис үйэҕэ аан дойду аартыктара балысханнык арыллыбыт ухханнарыгар кииристэ. Урут олоҥхоҕо эрэ аан дойдуну курдуу эргийэ сылдьыбыт бэйэтэ илэ сири-дойдуну оройунан көтүтэ сылдьар буолла. Бэл оһох холумтаныттан арахпатах саха дьахталлара тимир көлөнү миинэннэр аан дойдуну анаарар күүстээх-кыахтаах буоллулар. Маннык аһаҕас эйгэҕэ үктэнии омук туругар дьайар үтүҥтэ да, мөкүтэ да биллэн эрэр. Ыччаты билигин патриоттар уонна глобалистар диэн икки бөлөххө араарыахха сөп. Патриоттар Саха сиригэр олохсуйар баҕалаахтар, оттон глобалистар ханна кыалларынан быдан барыстаах, сымнаҕас айылҕалаах государстволарга сыстан олохсуйарга баҕараллар. Урукку көлүөнэ ыччаттар иннилэригэр маннык талыы тирээн турбат этэ. Муҥ кэҥээтэҕинэ, Советскай Союз сабардамынан тарҕаналлара. Оттон аныгы ыччат төһөнөн сайдыылаах да, соччонон дойдуларыгар батан олорбот, аан дойду киэҥ киэлитинэн тарҕанар кыахтаналлар. Онон төрөөбүт дойдуга тапталы, бэйэ норуотугар туһалаах буолар санааны иитэн таһаарар анал сыал-сорук турда. Онуоха биир туһалаах матырыйаалынан бу уларыйыы мүччүргэннээх кэмнэригэр туруулаһан мөхсүбүт саха ыччаттарын талыыларын туһунан кэпсиир кинигэ буолара саарбаҕа суох.

Төрдүс ирдэбил тас эйгэ уларыйыытыгар киһи ис кыаҕа дьүөрэлэһиитигэр туруоруллар. Ол эбэтэр аныгы кэм тэтимэ олус күүскэ уларыйда, киирбит-тахсыбыт, турбут-олорбут, иилэ хабан ылан туттан-хаптан иһэр киһи ситиһиилээх буолар үйэтэ үөскээтэ. Былыргы курдук сыта-тура толкуйдаан, араастаан эридьиэстээн, атах тэпсэн олорон быһаарсар кэм ааста. Онуоха дьүөрэлээх ээл-дээл, муҥкук, сыылба сырыылаах, бытаан айаннаах майгы эмиэ хааларыгар тиийэр. Түргэн-тарҕан туттуулаах, элбэх дьарыгы тэҥҥэ тутар, үгүс киһини кытта алтыһар, улаҕа санаатын булкуттарбат ис чиҥнээх киһи табыллар бириэмэтэ буолла. Онуоха дьүөрэлээн аныгы саха оҕото хамсаныыта, өйдүүр-толкуйдуур тэтимэ быдан түргэтээбитин психологтар бэлиэтииллэр.

Маны сэргэ аныгы тэтимнээх, күрэс былдьаһыылаах олох киһи эт-хаан өттүнэн чиргэл буоларыгар кытаанах ирдэбиллэри туруорар. Араҥ киһи соһуллан хаалар. Онон сайдыылаах диэн ааттанар государстволарга оҕону кыра эрдэҕиттэн чиргэл буоларыгар, эдэр ыччат спордунан күүскэ дьарыктанарыгар ураты болҕомтону уураллар, куһаҕан дьаллыктартан харыстыыллар. Оттон күөн көрсүөхтэрэ, былдьаһыахтара-атахтаһыахтара диэбит омуктарын ыччаттарын куһаҕан дьаллыкка сутуйа сатыыллар, быртах дьарыктарга сыһыараллар. Ол курдук, биһиэхэ, Россияҕа да, Саха сиригэр да, көлүөнэни көлүөнэнэн араҥ, содур, бэйэни кыайан салайынар кыаҕа суох турукка киллэрэргэ бу сүүрбэ сылга күүскэ туруммуттара. Онуоха киин былааспыт таах олорон биэрбитин түмүгэр ол ыччаппыт кэскилигэр ыар содулланна. Билигин төрөппүттэр, дьон саҥа өйдөнөн, пиибэ, арыгы, наркотик, проституция, криминал, араас быдьар быһыы тас көстүүтүн харах халтарыйар угаайытыттан дьэ босхолонуох, утарсыах курдук буолан эрэллэр. Ыччаты ыччат угуйар. Онон дьоһун сиэрдээх-майгылаах, туруулаһар кыахтаах ыччат дьону өрө тутан, биһирэмнээх холобур буолалларын ситиһэр сорук турда.

Бэһис ирдэбил олоҕу анаарар көрүү уларыйыытыгар сытар. Ол эбэтэр киһи олоҕо диэн киҥкиниир киэҥ куйаар эйгэтиттэн ситим тарпыт кут сайдыыта буолар диэн төрүт өйбүтүн-билиибитин саҥалыы сайыннарыы. Материалистыы мас курдук судургутук олоҕу анаарыы түмүгэр киһи олоҕун ураты кистэлэҥ анала суураллар, суолтата намтыыр, бэйэни салайынар кыаҕа кыаһыланар. Оттон төрүт сахалыы өйдөбүллэринэн ырыттахха, киһи ис кыаҕа – бараммат күндү барҕа. Ону тута сылдьар буолан саха ыччата барытыгар дьоҕурдаах, атын омуктар ыччаттарыгар күөнүн түһэн биэрбэт. Оннук күүһүгэр күүһү, кыаҕар кыаҕы, эрчимигэр эрчими эбинэр буолан, саха ыччата оччугуйтан да улаханы үөскэтэр, таһаарар кэскиллээх. Онон «кыра-хара омукпут» диэн бэйэни сэнэнииттэн тардыныахха, ыччаппыт кэскилин таҥнарымыахха. Суорун Омоллоон саханы «куттас омук» диэн эппит да буоллаҕына, кини, арааһа, төрүт кыаҕын батталга киэптэтэн, хас репрессия аайы көҕүрээн, алааһыгар бүгэн ордубут дьонун аһынан эппитэ буолуо. Куттас, кутуйах хороонун кэҥэтэр омук маннык үс мөлүйүөн квадратнай километр тухары тайаан сытар сири иччилээн, олох-дьаһах тэринэн иитиллэн олоруо суох этэ. Биһиги курдук ахсааннаах уонна онуоха дьүөрэтэ суох киэҥ сирдээх омук бүтүн аан дойду үрдүнэн суох. Айылҕата тыйыһын этэ да барыллыбат. Онон сиҥнэриилээх, сэнээһиннээх сыһыаҥҥа киирэн биэрэр ончу сатаммат. Хата, төттөрүтүн, дьэ эбии сэтэрэн, дьэ эбии кэҥээн кимиилээхтик киирсэн иһиллиэхтээх. Ол курдук саха интеллигенцията быыһык кэмнэргэ туруорсуулаах буолара. Бу кинигэ эмиэ ол кэрэһитинэн буолар.

Алтыс ирдэбил Одун хаан оҥоһуутун, Чыҥыс хаан ыйааҕын тутуһуу күрэҕэр көстөр. Ол эбэтэр омук быһыытынан бэйэ бодотун, аналын тутуһар кыахпытын тургутуу. Этиллибитин курдук, аһаҕас эйгэҕэ тарҕанан хаалыахха сөп, олорор сирбитигэр элбэх дьон ааҥнаан кэлиэхтэрин сөп, иинэҕэс, муҥкук ыччаттанан кэрэгэй кэскиллэниэххэ сөп. Бу барыта Одун хаан оҥоһуутун, Чыҥыс хаан ыйааҕын ситэри өйдөөбөккө таҥнарбыт содулугар арыллар өлүү маҥалайдара. Киһи аймах күн сирин дьоллоох иччитэ буолан айыллыбыт аналлаах. Ол тэҥэ саха омукка ананыллыбыт кыталыктаах кырдаллардаах хотугу дойду туругун туһугар сахалар үрдүк эппиэтинэһи сүгэллэр. Ол да иһин айылҕа харыстабылын дьаныһан туруулаһабыт, саамай ыалдьар, сомоҕолоһор чопчубут онно иитиллэр. Айылҕа чөл туругуттан сиэттэрэн олохпут уйгута, дьылҕабыт оҥоһуута түҥрэх тэбэр. Онон суверенитет диэн угуйуулаах көҥүл туруга айылҕаны харыстааһынтан саҕаламмыта уонна кииннэммитэ. Иитиллэр ийэ эйгэбитин таҥнарбатахпытына, Иэйэхсиппит кэлэйиэ суоҕа, Айыыһыппыт арчылыы сылдьыа. Оччоҕо кэхтии, иинии ыар тыына биһигини тумнуо. Айылҕа тыынынан тыыннанан хас биирдиибит үйэтэ уһуо, омук кэскилэ кэтириэ.

Сэттис ирдэбил – баһылыыр былаас уларыйыыларыгар туруулаһыы. Киһи аймах историятын анааран көрдөххө, төһөлөөх элбэх государстволар үөскээбиттэрэй уонна сууллубуттарай? Оттон кыахтаах омуктар саҥа хаан эбинэн, ааттарын салгыы салайан, өссө күүһүрэн иһэр буолар эбиттэр. Саха да саха ааттаммыта түҥ былыргыттан. Хаста да дьүһүн кубулуйан, олох стратегиятын уларытан, бу сүүрбэ биирис үйэҕэ үктэннэхпит уонна салгыы сайдыы стратегиятын тобулабыт. Билигин Россия учуонайдара саханы пассионарнай омук диэн билинэллэр. Саха стратегиятын биир уратытынан баһылыыр былааска сыстан, онтон кыах ыларга дьулуһуу буолар. Онтон сибикилээтэххэ, былаас да, государство да араастык уларыйдахтарына, саҥа кыах үөскүүрүгэр эрэл баар. Хаһан баҕарар араас уларыйыыларга омук чөмчөкөлөрө үс аҥыы хайдаллар: уруккуну тутуһааччылар, уруккуну утарсааччылар уонна орто сүүрүгү тутуһааччылар. Саха ортону ордорор, ол сүнньүн була сатыыр мөккүөр күрэҕэр сыыһа-халты да туттунуон сөп. Баһылыыр, тастан соҥноммут былааска төрөлөммүт оҕус курдук сиэтиллэр майгы-сигили биһиэхэ олохсуйбатах. Ол да иһин ис көҥүллээх буолан, баччалаах киэҥ, тыйыс сиргэ тарҕанан, туспа буруо таһааран ураты омук аатын ылан олордохпут. Оттон кэлэн иһэр далааһыннаах уларыйыыларга быыһык кэмҥэ мунньуммут уопуппутун ымпыктаан-чымпыктаан ырытан, сыыһатын-халтытын ылҕаан, туруулаһар ньымалары чопчулуох тустаахпыт. Оннук сыалы-соругу туруоран, бу кинигэни кэлэр кэрдиис көлүөнэ ыччатыгар уунабыт.

Кэнэҕэһин-кэнэҕэс киһи аймах омугунан буолбакка, өй-санаа, майгы-сигили кылааннаахтарынан салайтарар кэмнэрэ үүнүөҕэ. Оччоҕо эрэ сирдээҕи олох силигилиир кыахтаныаҕа. Онно дьоһуннаах дуоһунастарга, иилиир-саҕалыыр түмүк быһаарыылары ылынар тэриллиилэргэ саха ыччата күөнүнэн кыттарыгар эрэллээхпин. Тоҕо диэтэххэ, биһиги курдук айылҕа эриирдээх ирдэбилин этигэр-хааныгар иҥэрэн, эйэҕэс, сайаҕас, ньыгыл уйулҕаламмыт омук суох. Биһиги курдук көҥүл туһа диэн тоҥортон-хатартан толлубатах омук суох. Биһиги курдук аһаҕас киэҥҥэ тардыһар, аан дойду таһымынан үтүөнү, сырдыгы, кэрэни ыраланар омук суох. Биһиги курдук быста-быста салҕанарга үөрүйэх буолбут, баһылыыр омуктар быыстарыгар бэйэ бодотун үйэлэри курдаттаан ыһыктыбатах омук суох. Биһиги курдук Киэҥ Куйаар таҥаратыгар сүгүрүйэр, айылҕаҕа дьүөрэлээх киһи аймах киһилии майгытын үөскэппит итэҕэлин таҥнарбатах омук суох. Онон биһиги ис турукпут ыраас, аньыы, сэт-сэлээн мунньуллубатах, ол аата айылҕаттан да, киһи аймахтан да иэстэбил төрүөтэ суох. Хата киһи аймах алгыстаах үтүөнү күүтэр эрэл санаата тус хоту туһаайыллар. Ол аата, биһиэхэ, сахаларга, хотугу дойду хоһуун, дьоһун олохтоохторугар.

Өбүгэ үгэһинэн, өлбөт сүбэни омук бэйэтэ эрэ ситиһэр. Туораттан кэлэн абыраабыт, өрө тардыбыт суох. Арҕааттан-соҕурууттан үрэр хахсаат тыал астар туһа биллибэт. Онон хотугу муора хонноҕор хорҕойбут саха омук дьылҕата былыргыттан быйылгыга да, кэнэҕэски да өттүгэр иитэн таһаарбыт сайдам саҥа көлүөнэтиттэн, үүнэр ыччатыттан тутулуктаах. Иитиллибит – иэстээх.

У.А. Винокурова,

«Көлүөнэ ситимэ быстыбатын,

утум быстыбатын туһугар» кинигэ (2009)

киирии тылыттан

САХА НЬУРГУНА ДЬӨГҮӨР СУРКУОП

Туругу, соругу атыннык көрүөҕүҥ

Саха Өрөспүүбүлүкэтин сүүс сылын кэрдииһэ бүттүүн дойду уустук үйэтин – үксэ будулҕаннаах, атааннаһыылаах, алдьатыылаах Аҕа дойдуну көмүскүүр сэриилээх, ол кэннэ үөһээ өксөйүүлээх, онтон былаас эстиилээх, таҥнары түһүүлээх, кэлиҥҥи кэмҥэ саҥаттан өнүйэ сатааһыннаах иннэ-кэннэ биллибэт кэмигэр түбэстэ.

Бу билиҥҥи кэм уратыта – Арассыыйабыт инники көрүүтэ чопчута суох, сайдыы суолугар киирбиппит көстүбэт. Ол да буоллар, Сахабыт Сиригэр өрөспүүбүлүкэлээх омук хайаан да кэскили көрүүлээх, сыаллаах-соруктаах буоларбыт эрэйиллэр.

Баар балаһыанньаны анааран, кыһалҕаны ааҕар-суоттуур хараҕынан көрөн, сүбэни түмэн, уопсай өйдөбүл үөскэттэхпитинэ – иннибит диэки эрэллээхтик хамсаныахпыт.

Салгыы тус бэйэм санаабын, толкуйдаан таһаарбыт тобулбун дьон-сэргэ болҕомтотугар туһаайабын.

Сир баайын хостооһунугар – харыстабыллаах сыһыаны

Саха сиригэр сир баайын хостооччулар тулалыыр айылҕаҕа хоромньута, олохтоохторго охсуута суох үлэлиэхтээхтэр. Биһиэхэ үлэлиир аан дойдуттан капитал кыттыгастаах корпорациялартан холбоһуктаах омуктар ылыммыт экологияҕа стандартарын тутуһан үлэлииллэрин ирдиир кэммит кэллэ.

Бүлүү уутун киртийиитэ, Саха сирин арҕаа өттүн экологията аан дойдуга бөдөҥнөрүнэн биллэр аламаас уонна нефть-газ корпорацияларын айылҕаҕа сыһыаннарыттан тутулуктаах. Кинилэр уонна чох корпорацията, кыһыл, үрүҥ көмүһү, сурьманы, тимир тааһын хостуур улахан хампаанньалар бары цивилизациялаах дойдулар таһымнарынан экология ирдэбилин тутуһууга ыраас барыыстарыттан уон бырыһыан кэриҥин, онтон да үрдүгү туһаайыах тустаахтар.

Олохтоох былаас, эко-актыбыыстар уонна уопсастыбанньыктар өйдөөхтүк уонна сатабыллаахтык иннилэригэр тирээн турар соругунан экология нуормаларын уонна сир баайын хостооһуҥҥа харыстабыллаах сыһыан ирдэбилин туруорсаллара сөптөөх.

Хотугу сир экономикатын саҥа көрүҥэ үөскүөхтээх

Биһиги Сахабыт сирин уратыта – аан дойдуга бөдөҥүнэн биллэр алмаас, нефть, газ, чох корпорациялара баар да буоллаллар, бу көмүс хостооһуна өрө көппөс гыммыт кэмэ да кэллэр, бэйэтэ олохтоох бырамыысыланнаһа суох кэриэтэ олороругар буолар. Олохтоох бырамыысыланнас бүтүн министиэристибэтэ баар буола сылдьыбыт сэбиэскэй кэмин санаан кэлэр тоҕоостоох буолла.

Урбааны кэҥэтэри уонна саҥа оҥорон таһаарыыны үөскэтэри көҕүлүүр дьаһаллар ситэ көдьүүһэ суохтар. Тутуу индустрията көрдөрөн туран мөлтөөтө. Алдан, оннооҕор Нерюнгри олохтоох оҥорон таһаарар тэрилтэлэрэ ситэ кыаҕыран испэттэр. АЛРОСА салайар аппараата Мирнэйтэн Новосибирскайга дьиҥэ, сөбө суохтук көһөрүллүөҕүттэн Мирнэй, Удачнай, Айхал куораттар алмаас корпорациятыгар үлэлээбэт атын олохтоохторо быраҕыллан хааллылар. Киин куораппытыгар – Дьокуускайга үүнэн иһэр үлэһит ыччат бэйэтин дохуот киллэринэр дьарыгын тэринэрин көҕүлүүр толкуйдары тобулуохтаахпыт. Ону тобулан үлэ миэстэтин, саҥа дохуоттаах дьарык көрүҥнэрин элбиирин ситиһиллиэхтээх.

Олохтоох бырамыысыланнас, урбаан, бэйэ оҥорон таһаарыыта кыаҕын ыларыгар усулуобуйа, өйөбүл суоҕун тэҥэ.

Сир баайын хостуур улахан хампаанньалар оҥорон таһаарыылара кэҥээн, барыыстара быдан бөдөҥөөн иһэр. Ону тэҥэ кинилэр салалталара олохтоох дьонтон тэйэн иһэр.

Төһө да саҥа бас билээччилээх, саҥа салалталаах буолбуттарын иһин, хас биирдии бөдөҥ корпорациялары, улахан хампаанньалары Саха сирин дьонугар-сэргэтигэр сирэйдэринэн хайыһыннарар сыалы-соругу туруорунуоҕуҥ.

Биһиги сирбитигэр аҥардас АЛРОСА эрэ баар буолбатах. «Транснефть», «Газпром», «Сургутнефтегаз» курдук аан дойду ырыынагар тарбахха баттанааччылар эмиэ бааллар. Чоҕу хостооччулар эмиэ аан дойдуга тахсыылаахтар. Күндү тааһы, көмүһү хостооччулар сэбиэскэй кэмнээҕи көрдөрүүнү аһардылар, барыстара баһаам – көмөлөһөр иэстээхтэр. Бары Саха сирин сайдыытыгар кыттыһар кыахтаахтар.

Бүттүүн Арассыыйа Төрүт Сокуонугар баар «Сир итиэннэ сир баайа туһааннаах төрүт омуктар олохторун-дьаһахтарын тупсарарга тирэх быһыытынан туттуллуохтаах» диэн сүрүн балаһыанньа үлэлиэх тустаах.

Онно биһиги былааспыт кыһалларын, уопсастыбаннас кыттыһарын, ирдиирин эрэйэр кэм үөскээтэ.

Тыа сирэ – омукпут дьылҕата

Саха дьонун уонна хотугу омуктар төрүт дьарыктарын, өбүгэ сиригэр бырааппытын көрөр, бултааһын уонна балыктааһын туһунан сокуоннары өйөөһүн уонна анал программалар күүһүрэллэрин ситиһэр сорук турар.

Бу хайысхаҕа судаарыстыба бэлиитикэтин саҥардыыга ураты суолтаны орто саастаах дьону, өбүгэлэрин уонна төрөппүттэрин дьарыгын салгыыр эдэр ыаллары, ынах, сылгы, таба иитэр дьону өйөөһүҥҥэ ууруллуохтаах.

Үүнэн иһэр үлэһит ыччат өбүгэтин сирин-уотун харыстаан илдьэ хаалыахтаах, тыа хаһаайыстыбатынан уонна булдунан дьарыктанар учаастагы, нэһилиэстибэ быһыытынан кэлэр сири бэйэтин өйүн-сүрэҕин ууран туран баһылыырга дьулуһуохтаах. Саха сирин үрдүнэн сиртэн уонна ойууртан, ол иһигэр сир баайдаах хайалартан быһа астаран ыларга бэриллибит кыаҕы тахсан иһэр көлүөнэ туһаныах тустаах.

Аныгы кэм ирдэбилигэр сөп түбэһэр олоҕу-дьаһаҕы тэринэр уонна тыа сиригэр сайдыыны аҕалар туһуттан дьоҕус тэрилтэлэри, олохтоох тутуу индустриятын базаларын тэрийэр сөптөөх (бэйэтигэр бетону уонна бетон блоктары оҥорон таһаарар тэриллээх; бытарытар уонна араарар тэриллээх кумах уонна щебень таас ылар карьердаах). Оччоҕо улахан кыамталаах массыыналаах олохтоох дьоҥҥо эбии үлэ үөскүөҕэ. Бу саас-сайын эмискэ тутуу матырыйаалыгар, бурууска, эрбэммит маска сыана икки төгүл, онтон тахса үрдээн, саҥа дьиэ тутуутун ороскуота аһара барда. Кэтэх ыал дьиэтин бурууһун маһынан тутуохтааҕар, таастан туттара ордук чэпчэки буолан эрэр.

Чугас, тэйиччи даҕаны баар хайабыт тааһын таҥастаан таһаарар технологияны баһылыыр кэскиллээҕин өйдүөҕүҥ, хамсаныаҕыҥ. Манна Алдан эҥэр үөскээн, тахсан сытар диопсид уонна дунит боруодалары, улуустарга баар атын таастары туһаҕа таһааран, үйэлээх, сылааһы үчүгэйдик тутар тутуу матырыйаалларын бэйэбит оҥорору ситиһиэҕиҥ.

Цивилизация хаалынньаҥыттан тахсары ситиһиэххэ

Биһиги сайдыылаах олох таһымыттан (цивилизацияттан) хаалан иһэрбитин кыбыстыбакка эрэ билинэр кэммит кэллэ. Дьокуускай куорат 17-с кыбаарталыгар онон-манан туалеттар таһырдьа тураллара – цивилизация биһиэхэ суоҕун көрдөрөр.

Улуус кииннэригэр, дэриэбинэлэргэ төһө дьиэҕэ сылаас туалет суох да – оччонон цивилизация суох.

Икки этээстээх мас дьиэлэргэ электричество тардыытын туруга мөлтөҕүттэн баһаардар буолаллара цивилизация ирдэбилигэр сөп түбэспэт.

Киин куоракка уулусса кытыытынан ардах уутун аһарар канализация суоҕа аныгы кэм таһымыгар тахса иликпитин туоһулуур.

Уулусса аайы таас тротуардаах буолары итиэннэ бадараан, быыл куоракка, улуус кииннэригэр суох буоларын ситиһэр сорук туруохтаах.

Биһиги бу хаалыыбытын кистии-саба сылдьыбаппыт ордук. Баары баарынан аахсан, ааҕан-суоттаан онтон хайдах тахсары толкуйдуох-тобулуох тустаахпыт.

Цивилизация хаалынньаҥыттан тахсыы – билиҥҥи кэм ирдэбилэ. Бу – былаас бары араҥатын иннигэр турар аныгы ирдэбил.

Куорат уонна улуустар бүддьүөттэрэ ааһан иһэр сыллааҕы ороскуоту толуйарга аналлаахтар. Кэскиллээх былааннар үбүлээһиннэрин манна көрдөрөр күчүмэҕэй, кыаллыбат тэҥэ.

Онон бу улахан кыһалҕаҕа сытыы болҕомтону тардан, дойду киин былааһын кыттыһыннаран, кинини кытта Дьокуускай уонна атын куораттар мас кыбаарталларын саҥардан тутуу федеральнай тус соруктаах программатын оҥорон-чочуйан олоххо киллэрэри ситиһиэххэ.

Республика 100 сылын кэрдиис кэмин кэннэ цивилизация хаалынньаҥыттан уон сыл иһинэн букатыннаахтык тахсар дьоһун соругу туруорунар сөптөөх.

Сайдыы суолун тутуһуу – быыһанар ньыма

Мин сайдыы туһунан толкуйдуоҕуҥ, сайдыы туһугар хамнаныаҕыҥ диэн ыҥырабын.

Сайдыы бэлиитикэтин бигэргэтэр, урбаан уонна производство саҥа көрүҥнэрэ үөскүүллэрин баҕарыаҕыҥ. Арассыыйа олохтоохторо бары судаарыстыба экономикаҕа уонна бырамыысалыннаска бэлиитикэтэ хаһан саҥа ис хоһооннонорун кэтэһэр.

Биһиги бары дойдубут сайдыы киэҥ суолугар эрэллээхтик киириэн итиэннэ саҥа технологияларга олоҕурбут олох-дьаһах, уопсастыба тутулугар көҥү көтөн тахсыан баҕарабыт. Саха сирин олохтоохторо оҥорон таһаарыы дьоҕус тэрилтэлэрин үөскэтиинэн уонна бэйэ дохуоттаах дьарыгын кэҥэтиинэн хайаан да дьарыктанарбыт ирдэнэр. Мин көрүүбэр, мантан салгыы кэмҥэ Саха сирин орто саастаах хас үһүс олохтооҕо, хас иккис эдэр киһитэ дохуот киллэрэр бэйэ дьарыгын булуммут, оҥостубут буолуохтаах.

Саҥа үйэ – саҥа технологиялары баһылааһын, онуоха олоҕурбут саҥаны оҥорон таһааран ырыынакка эргинии кэмэ. Саҥалыы көрүүлээх урбаанньыттар уонна көҥүл тыыннаах, дьоҕурдаах эдэр дьоммут хорсун санааларынан Саха сирэ Азиатскай-Тихоокеанскай ырыынакка тахсар ураты суолларын тобулуохтара диэн эрэнэбин. Онно Саха сирин минералларын уонна хайатын боруодаларын туһаҕа таһаарыы тирэх буолуоҕа. Холобур, уокка умайбат тутуу матырыйааллар уонна техническэй суолталаах бородууксуйалар.

Биһиги суол арахсыытыгар турабыт.

Эбэтэр иннибит диэки хардыылыыр бэйэбит ыллыктарбытын булан, киэҥ сайдар суолга тахсыахпыт, эбэтэр хаалынньаҥ буолуу уонна дьадайыы биһигини эһиэ.

Ийэ тыл, төрүт култуура – баар буолуубут мэктиэтэ

Дойдубут төрүт омуктарын тыллара уонна култууралара – биһиги Арассыыйабыт чэлгийэр тыына, харысхаллаах баайа буолар.

Кинилэри барыбыт бүттүүммүт баайын быһыытынан харыстааһын, сайыннарыы уонна омуктар култуураларын дьүөрэлэһиннэрии – норуоттар бэйэ-бэйэлэрин өйдөһүүлэрин уонна Арассыыйа биир сомоҕо буолуутун мэктиэтэ диибин.

Биһиги 2009 с. «Үөрэҕирии туһунан» федеральнай сокуоҥҥа киирбит уларыйыылар содулларын умнубаппыт. Ол уларыйыыларга сөп түбэһиннэрии диэн ааттаан республика сокуонуттан национальнай-региональнай компонент туһунан ыстатыйаны суох гынаары ыгыы-түүрүү буолбута. Онно бастаан Ил Түмэҥҥэ биһиги саха норуотугар, хотугу омуктарга тыын суолталаах сокуоммут сүнньүн туруулаһан көмүскээбиппит. Федеральнай сокуону оҥорооччуларга кытта сабыдыаллаабыппыт.

2018 сыл сааһыгар Ил Түмэн 5-с ыҥырыылаах мунньаҕын дьокутааттара мин үөрэнэр тылы талыыга көҥүлү, төрөөбүт тылы үөрэтэр быһыыны-майгыны хааччыйар тэрээһини бүрүкүрээттии быраабылаҕа хаайан хааччахтыыры, үөрэх тылын талар быраабы оскуола таһымыгар эрэ киллэрэргэ сорунууну Төрүт Сокуоҥҥа олоҕуран утарбыппын өйөөбүттэрэ.

Ил Түмэн ити күүстээх быһаарыытын салгыы Госдумаҕа туруулаһыннара миигин ыыппыта. Ол түмүгэр үөрэнэр тылы талыы көҥүлүн уонна республикалар судаарыстыбаннай тылларын таһымын түһэрии сатамматын туһунан биһиги туруорсуубут өйөммүтэ уонна аахсыллыбыта.

Билиҥҥи кэмҥэ аны уһуйаан саастаах, бэһис-алтыс кылааска тиийэ саха оҕото төрөөбүт тылыттан күргүөмүнэн тэйэн эрэр. Бу ааннаабыт кыһалҕа элбэх ыалы, нэһилиэк аайы дьону долгутар.

Манна саҥа дьаһаллар наадалар. Төрөөбүт тылы сыыппара эйгэтигэр тоҕо анньан киллэрии суһаллык үбүлэниэх тустаах оҕо аймах компьютергэ, төлөпүөҥҥэ ийэ тылынан ааҕар, оонньуур, көрөр кыаҕын уталыппакка, салгыы бириэмэни сүтэрбэккэ хааччыйыахтаахпыт. Ону оҥорор, айар, олоххо киллэрэр дьоҕурдаах дьон үлэлэрэ быһаччы уонна киэҥник үбүлэнэрин ситиһии – бу тыын суолталаах сорук буолар.

Доруобуйа харыстабылыгар, социальнай бэлиитикэҕэ ураты болҕомтону

Билиҥҥи кэм уратыта – пандемия уонна кини тарҕанарын тохтотор охсуһуу үөрүйэхтэригэр олоҕуран, доруобуйа харыстабылын ситимин төрдүттэн тупсарар сорук турар.

Ураты болҕомтону тыа сирин уонна аччыгый куораттар олохтоохторугар бүддьүөт уонна страховка суотугар төлөбүрэ суох хаачыстыбалаах медицинскэй көмө оҥоһулларыгар ууруохтаахпыт.

Ол туһугар ылыллар сокуоннар сарбыйыыга түбэспит медицина үлэһиттэрин ахсаанын чөлүгэр түһэриигэ туһуланыах тустаахтар. Өрөспүүбүлүкэ туруорсуулара дьон доруобуйатын көрүүгэ туһуламмыт федеральнай бырагырааммаларга киирсиэхтээх, доруобуйа харыстабылын судаарыстыбаннай уонна муниципальнай ситимнэрин салгыы сайыннарар дьаһалларга кыттыахтаах.

Сокуоннар уонна бырагырааммалар киһи доруобуйатын тупсарар, физическэй культура, спорт сайдыытын өйүүр, тулалыыр эйгэ ыраас буоларын ирдиир, нэһилиэнньэ санитарнай-эпидемиологическай өттүнэн куттала суох олоруохтааҕын хааччыйар аналлаахтар.

Дьиэ кэргэни, ийэ, аҕа буолууну, оҕо сааһы, доруобуйаларынан хааччахтаахтары уонна сааһырбыт дьону, үөскээбит саҥа быһыыга-майгыга үлэлиир социальнай сулууспа ситимин өйүүр дьаһаллар көдьүүстээх буолалларын ситиһиэхтээхпит.

Ыччат дьоҥҥо аман өс

Эдэр киһи – эн дойдуҥ инники кэскилин быһаарар аналлааххын. Кэм-кэрдии болдьоҕунан, бу дойду судургута суох олоҕун сотору эһиги бэйэҕит быһаарар дьон буолаҕыт. Дойду саҥа экономическэй уонна уопсастыбаннай тутула хайа диэки хайыһара эһигиттэн тутулуктаах буолуо.

Билэбин, эһиги эрдэлээн ситэргэ-хоторго тиийэҕит, олоххут суолун бэйэҕит талаҕыт, быһаараҕыт.

Тус дьылҕаны оҥосторго, дьиэ кэргэни тэринэргэ, олоҕу тутарга уонна кэскили уһанарга хорсуннук киирсиҥ. Сыалы-соругу ситиһэр туһугар өһөс буолуҥ, өрөйөн-чөрөйөн биэриҥ.

Үлэ уонна дохуоту киллэрэр дьарык – бу эрэ киһи бэйэтин эрэллээхтик сананарыгар, ситиһиилээх буоларыгар тулхадыйбат тирэх.

Санааҕытын күүһүрдүҥ. Эһиги барытын сатыаххыт.

Мин сүбэм. Мин кимминий, ким-туох буолуохпун баҕарабын, мин тугу гынан дохуот оҥостобун диэн элбэхтик эргитэ санааҥ. Итиннэ хайаан да хоруйу булан тэйиҥ уонна иннигит диэки дьулуһуҥ.

Төрөппүт сүбэтин эмиэ болҕойуҥ. Саҕаламмыты салҕааччы буолар улахан суолталаах.

Биир саҥа, балайда уустук соругу эһиэхэ туруорабын. Өҥөнү оҥорууттан атын, үгэс буолбут үлэ көрүҥнэрин таһынан, эһиги, Саха сирин эдэр олохтоохторо, саҥа бородууксуйалары оҥорон таһаарар дьоҕус тэрилтэлээх уонна бу хайысхаҕа санааҕытын ситиһэргэ дьаныардаах буолуҥ.

Ону таһынан оҥорон таһаарбыккытын тас ырыынакка атыылыырга, экспорка бэйэҕит бородууксуйаҕытын тиэрдэргэ кыһаныҥ.

Мин эһиги Сахабыт сиригэр ыраахтан тиэллэн кэлэр малы-салы, табаары солбуйар оҥоһуктары тобулан олоххо тэнитиэххитин баҕарабын.

Дьокуускай билигин – хаалтыстаах, бартыбыаллаах, сулууспалаах, уонна бүддьүөттэн үлэлээх дьонунан толору куорат.

Киин куораппытын оҥорон таһаарааччылар уонна уран тарбахтаахтар куораттарыгар кубулутуҥ диэн ыҥырабын.

Эһиги, Саха сирин эдэр ыччата, сайдыыга көҥү көтөн тахсыыны, сайдыыны ситиспит дойдулар бу иннинээҕи көлүөнэлэрэ дойдуларын туһугар оҥорбуттарын курдугу оҥорор, кыайар аналлааххыт.

Эрэнэбин эдэр дьоҥҥо, итэҕэйэбин кэхтибэт кэскилгэ!

САХАҔА СЫРДЫК ЭРЭЛИ САҔАР

«Уол оҕо үс кырыылааҕа, урааҥхай уһуктааҕа» диэн хайҕал тыллара чахчы уратылаах, көннөрү дьонтон таһыччы эр бэрдэ, элик үтүөтэ киһиэхэ туһаайыллан этиллээччи. Саха омук барахсан оннук туйгуннардаах буолан, былыр-былыргыттан туһугар тууланан, иннигэр илимнэнэн, эстибэккэ-быстыбакка кэллэҕэ. Кинилэр, урааҥхай саха хоодуоттара-хоһууннара уһук түгэн, кыһалҕа кыһайдаҕына, үлэҕэ, булка, күн-хаан күһэйдэҕинэ – кыргыска даҕаны, бар дьоно тумус туттар, дурда-хахха күөн киһилэрэ буолан өрүһүйэллэрэ. Оннук, омугун дьолугар төрөөбүт биир уһулуччу киһинэн дьон-сэргэ Матвей Евсееви ааттыан ааттыыр. Кинини төһө даҕаны биир саастыылааҕым буолбутун иһин, кырыы эрээри, ураты сиргэ төрөөбүт-үөскээбит, сэбиэскэй кэмҥэ иитиллэн үлэһит, киһи буолбут Матвей Евсееви мэлдьи биһирии, сөҕө, хайгыы, толло даҕаны көрөрүм. Хайдах итинник уустук биисинэс эйгэтигэр, буолаары буолан, дьалхааннаах тоҕус уонус сылларга тоҕу анньан киирэн, ситиһиилээхтик үлэлиирин өйбөр сатаан батарбатым. Кини ким да бэлэмэ, үөһээттэн өрө тардыыта суох олоҕор, үлэтигэр суолун бэйэтэ солонон, көмүс-алмаас хостооһунун, батарыытын курдук омук ааттаахтара, урдурҕаччылара эрэ баһылаан-көһүлээн илдьэ сылдьар оҥорон таһаарыы, урбаан эйгэтигэр эргичийэн тахсыылаахтык үлэлиирин, саханы бырамыысыланнаска киллэрбитин дьон-сэргэ биһириир, олус хайгыыр. Биир бэйэм, тэҥҥэ кэриэтэ үрдүк үөрэххэ үөрэммит, эмиэ саха тыатын сириттэн, уһук, кытыы нэһилиэктэн тыыллан-хабыллан тахсыбыт үөлээннээхпинэн киэн тутта саныыбын. Уонна, олохтоох дьон барытын кэриэтэ, саха даҕаны итинник уустук оҥорон таһаарыы хайысхатыгар атын омуктартан хаалсыбакка, өссө ордуктук үлэлиэн сөбүн дьиҥ дьыаланан, күүстээх үлэнэн дакаастаабыт, итиэннэ күн бүгүнүгэр диэри айымньылаахтык үлэлээн, чаҕылхай холобуру көрдөрө сылдьарыттан олус үөрэбин-астынабын. Көрсөн кэпсэтиэх иннинэ, атын араас матырыйаалы билсиһэргэ кини эт саастыы, оҕо сааһын доҕорун Н. Михалева-Сайа «Саханы быыһаабыт саха» диэн интервьютун наһаа сөбүлээн, ылынан аахтым. Онуоха тирэҕирэн, тоҕоостоох түгэн тосхойбутунан, М.Н. Евсеев күүрээннээх үлэтин-хамнаһын, олоҕун туһунан кинилиин атах тэпсэн олорон кэпсэтииттэн кылгастык киэҥ эйгэҕэ билиһиннэриэхпин баҕарабын.

– Матвей Николаевич, саха сиэринэн киһи кимин-тугун, быһыытын-майгытын, олоҕун илгэтин билээри, «кимтэн кииннээххин, хантан хааннааххын» диэн төрдүнү-ууһу хайан токоолоһор үгэстэн туораабакка, ити ыйытыыттан саҕалыахха. Эн бука, түҥ былыргыттан кыахтаах-күүстээх төрүттэрдээх, үөһээттэн айдарыылаах, тымырдарын-сыдьааннарын көрө-истэ, араҥаччылыы сылдьар сүдү өбүгэлэрдээх буолаҥҥын, араас моһоллору, харгыстары мүччү түһэн, ситиһиилээхтик үлэлии сырыттаҕыҥ!

– Сунтаар улууһун биир кырдьаҕас нэһилиэгэ Түбэй, былыргы атын аатынан Тирэҕэ, 1841 сыллаахха тэриллибит. Былыр манна, Бүлүү эбэҕэ үөһээнэн түһэр Утакаан, аллараанан Ыгыатта үрэхтэр хочолоругар баар өҥнөөх-быйаҥнаах бу сиргэ, сылгынан байбыт Муостаах Сылгылаах Мордьуос Баай диэн киһи олорбута биллэр. Саха бастакы үөрэхтээх дьонуттан биирдэрэ Михалевтар төрүттэрэ эмиэ сылгынан байбыт дьон. Саха биир маҥнайгы суруйааччыта М.Н. Тимофеев-Терешкин аймаҕа-хаана Тимофеевтар эмиэ биһиги нэһилиэкпит төрүт уус үөрэхтээх дьонноро. Түбэйтэн саха барҕа талааннааҕа С.А.Зверев-Кыыл Уола төрөөн-үөскээн, саха норуотун киэн туттуута буолбута. Түбэй бөһүөлэгиттэн биир биэрэстэ холобурдаах Атырдьах диэн сиргэ сэбиэскэй былаас саҕана өрөспүүбүлүкэ салайааччытынан үлэлээбит Ю.Н. Прокопьев төрөппүттэрэ, хаан аймахтара олохсуйан олорбуттара. Биллиилээх араадьыйа суруналыыһа, судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, искусствовед Николай Иванович Максимов төрүттэрэ Буотама, Ыгыатта үрэхтэринэн олорбут дьон. Ааспыт үйэҕэ бөдөҥсүтүүгэ түбэһэн, Түбэй аччаан эстэ сыспыта, «Элгээйи» сопхуос учаастагар кубулуйа сылдьыбыта.

Оттон төрөппүттэрим туһунан ахтар буоллахха маннык. Аҕам Николай Матвеевич Сунтаар Түбэй нэһилиэгэр Сигэ Күөлэ диэн сиргэ 1933 сыллаахха, кулун тутар 25 күнүгэр төрөөбүт. Евсеевтэр удьуордарыгар айылҕалаах, элбэх ойуун, ичээн дьон былыр-былыргыттан бааллара. Мин хос эһэм Чоҥох ойуун диэн биллэр. Аҕам Ньукулай өбүгэлэрин батан, олус кыайыгас-хотугас үлэһит киһи этэ. Кини биэһигэр ийэтэ өлбүт, оттон аҕатын аҕыс эрэ саастааҕар, сэрии саҕаламмыт сылыгар сылгыны уоран сиэбит дэсэртиирдэргэ утарыласпытын иһин, ол хара дьайдаахтар тыыныгар турбут этилэр. Сэрии кэмин оҕото буолан, үс кылааска толору үөрэнэн баран тохтообут. Саҥа туран иһэн, күһүн от кэнниттэн өйүөтүн-хаатыҥкатын сүгэн, сатыы ыраах Мииринэйгэ тайҕанан быһа түһэр. Мас кэрдиитигэр үлэлээн харчы өлөрөн, атыыласпыт сээкэйин салаасканан соһон, эмиэ сатыы төннөн кэлэр.

Аҕам уон икки атынан пиэрмэҕэ от тиэйэрэ, Хантаҕар диэн кырдьаҕас атын бастатар, кэнники сыарҕаларыгар бэйэтэ айааһаабыт айаас соноҕосторун көлүйэр. Үтүмэн үгүс маһы кэрдэн саһаанныыра. Кини кэрдибит, саһааннаабыт маһын саҕаччаны кэлин туспа биригээдэ дьон үлэлээн бэлэмнииллэрэ. Бултуура, түүлээхтиирэ, сылга уон үс-уон биэс тайаҕы сууһаран, соҕотуопкаҕа туттарара. Үксүн сылгыһытынан үлэлээбитэ. Соноҕостору бэйэтэ айааһыыра. Кэлин кини мас кэрдиититтэн тохтоон, уокка оттор, тутууга туттар маһын эрэ кэрдинэр буолбута. Онто иһэ истээх эбит. Арай ийэм биирдэ түһээтэҕинэ, дьиэтин күүлэтигэр тыатааҕы утуйа сытара үһү. Онтон ол кыыла уһун үрүҥ бытыктаах, баттахтаах оҕонньорго кубулуйан хаалбыт. «Куолаҕа эт, бу манныктарбын алдьатан, муостаахтарбын бултаан бүттүн!» – диэн илдьит тылы эппит… Ийэм онтон олус уолуйан уһуктан, тойон эрин көрдөһөн маска үлэлиирин, улахан булка сылдьарын тохтоппут. Ол иннинэ кэргэнэ иккитэ маска баттата сылдьыбытыттан аньыырҕаан улаханнык дьиксиммит эбит…

Аҕабыт аҕыс оҕотун иитээри, күүскэ үлэлиирэ. Мииринэйтэн «Дружба» эрбии, ити арааһа 1953–1954 сс. буолуо, аҕалан ким-хайа иннинэ үлэлэтэн туттубута. «Москва» уу мотуорун, тус-туспа олбохтоох, көлөөскөлөөх «Иж» мотоциклы 60-нус сыл саҥатыгар ылыммыта. Пуонданан «Запорожец» массыына атыыласпыта.

Элгээйиттэн мас тыытын соһон собуостанан, таһаҕас аҕалара. Биһигини адьас кыра эрдэхпититтэн от-мас үлэтигэр үөрэппитэ. Миигин кыра сааспыттан, ньырамсыта сатаабакка, бары үлэҕэ илдьэ сылдьан такайбыта. Ол курдук түөрт-биэс сааспар сырыттахпына, айаас акка олордон турар. Алта саастаахпар уоннаах эдьиийим Раяны кытары аҕабыт Лэппэчикээн диэн үрэх баһыгар от үлэтигэр илдьэ барбыта. Уон биирдээхпэр иккиэ буолан симментал сүүнэ улахан оҕуһунан сайылыктан сайылыкка холбуллубут үүтү таһарбыт. Ардахха бырыы да бадараан суолунан, бырдахха-оҥоойуга сиэтэн ойуур быыһынан, эрэйдээх суолунан үлэлээбиппит. Ити курдук олох эрдэттэн үлэҕэ-хамнаска эриллэн буһууну-хатыыны ааспыппыт, ханнык да үлэттэн толлон турбат буола улааппыппыт.

Биирдэ үүт тиэйэ сырыттахпына, оҕуһум атаҕын анныттан куртуйах оҕолоро көтөн тахсан үргүтэннэр, көлө сүөһүм туора ыстаммыта. Онно сыарҕа анныгар түһэммин, илиибин дэҥнээбитим. Инньэ гынан, уонча хонук үлэлээбэккэ олорбутум. Ити уон-уон биир саастаахпар. Тэһийбэккэбин, ыраах тыаҕа үлэлии сылдьар аҕабар өйүө илдьэн биэрэргэ сананным. Тиийэрим саҕана арай көрдөхпүнэ, халлааҥҥа кыра баҕайы хап-хара былыт тахсыбыта. Аҕам: «Түргэнник дьиэҕэр бара охсууй!» – диэн бэркэ ыксаабыттыы этээт, көхсүбүттэн үтүрүйбүтэ.

Мин аҕам биэрбит плаһын бүрүнээт, дьиэм диэки түһүнэн кэбистим. Күүстээх дохсун ардах түһэн ньирилэттэ, тыал улам эбиллэн, силлиэҕэ кубулуйда. Сиһи быһа барыыбар иннибэр-кэннибэр мас бөҕө охтон барчаланна. Нэһиилэ этэҥҥэ мүччү-хаччы түһэн, хонууга таҕыстым. Бөһүөлэккэ тиийбитим пиэрмэ дьиэлэрин сарайдарын силлиэ тыал көтүтэн, үлтү сынньан кэбиспит этэ.

Ийэм Зинаида Александровна Токуева Күүкэйтэн төрүттээх. Манна даҕатан аҕыннахха, ити сиртэн уонтан тахса учуонай, билим дуоктара, академик, ол иһигэр фольклорист В.В. Илларионов, этнограф Р.И. Бравина, экономист Е.Г. Егоров, о.д.а. тахсыбыттара. Өрөспүүбүлүкэ вице-бэрэсидьиэнинэн үлэлээбит А.К. Акимов эмиэ онтон төрүттээх. Ийэм ийэтинэн төрүттэрэ Крыжановскайдар. Макар Крыжановскай диэн кини таайа. Төрдүлэрэ Польшаҕа бастаанньа кэнниттэн көскө кэлбит киһи. Икки бырааттыылартан биирэ болдьоҕо бүтэн, дойдутугар төннүбүт. Иккиһэ католик итэҕэллээх киһи, анал көҥүл ылан, «туора урдус» кыыһын ойох ылар. Бэйэтэ уус идэлээх киһи эбит. Дьэ, кинилэртэн Крыжановскайдар тэнийэллэр.

Ийэм төрдө Ойуун ууһа диэн ааттаналлара. Ааттаммат кырдьаҕастар бааллар дииллэрэ. Өрт уота кинилэр бэйэлээх эргиирдэрин сиэбэт эбит, дьон тиистэрэ ыарыйдаҕына көрдөһөн-ааттаһан туран, кыра маһы эмти тардан ылан эмтэнэллэрэ үһү диэн кэпсээччилэр. Сэттэ оҕо төрөөтөҕүнэ үһэ ойуун, түөрдэ мас, тимир уустара буолаллар эбит. Эбэтэр сэттэттэн түөрдэ – ойуун, үһэ – уус. Сэрии сут-кураан сыллара мэһэйдээн, аҕата өлөн, сэттис кылааһын ситэ бүтэрбэтэх. Ол эрээри үөрэҕэр олус дьоҕурдаах эбит. Айылҕаттан талааннаах, үчүгэй куоластаах ырыаһыт буолан, 1957 сыллаахха Москваҕа Аан дойдутааҕы ыччаттар фестивалларыгар кыттыыны ылар дьолломмута. Биир дойдулааҕа, саха сүдү киһитэ С.А. Зверев-Кыыл Уола Туйаарыма Куо тойугун толорорго бэлэмнээн илдьэ барбыт. Ийэбит кинигэни таптаан ааҕара, биһигини оҕо эрдэхпититтэн эмиэ ааҕарга үөрэппитэ. «Молодая гвардия», «Подвиг», «Смена», «Советский Экран», «Охота», «Роман-газета», «Хотугу сулус» сурунааллары, элбэх хаһыаты суруйтарара. Почтаҕа биһиги түөлбэҕэ баар сурутуу 90 бырыһыана биһиэнэ буолара. Нууччалыы үчүгэйдик саҥарара, элбэх частушкалары билэрэ, сценаҕа ыллыыра. Ордук сөбүлээн «Катюша» уонна «Капитан Гастелло» ырыалары толороро. Төрөппүттэрбит биһигини киинэҕэ илдьэ сылдьаллара. Ийэм дьүөгэлэрэ, эмээхситтэр көрдөһүүлэринэн, киинэ саҥатын тылбаастыы олорооччу. Кини аахпытын, истибитин өйүгэр умнубаттыы хатыыр дьоҕурдааҕа. Дневник сурунарыгар дьон аатын, араас сыыппаралары бэлиэтэнэн иһэр, хос-хос хатылаан өйүгэр хатыыр дьоҕурун сайыннарар-эрчийэр идэлээҕэ. Урутаан эттэххэ, кыыһыгар Наташаҕа аҕыс уон аҕыс сааһыгар диэри олорон, күн өйдөөх сылдьан, олохтон бараахтаабыта.

Уон алта саастаахпар, ийэбит огдообо хаалбыта. 1981 сыллаахха күһүн, атырдьах ыйын бүтүүтэ, аҕабыт түөрт уон аҕыс сааһыгар Элгээйиттэн мотоцикл коляскатын, буочука бензини тиэйэн иһэн, күүстээх тыаллаах, долгуннаах күн эбэҕэ ууга былдьаммыта. Дьиҥэр, кини ууһут киһи этэ, Бүлүү эбэни төттөрү-таары харбыыр идэлээҕэ. Илиитин дэҥнээбит буолан, «Вихри» аҥаар эрэ илиитинэн салайа сылдьыбыт этэ. «Кэлэн ылан бардылар…» – диэбитэ оччолорго ийэм. Аҕыс оҕотун соҕотоҕун иитэр-улаатыннарар, үөрэттэрэр кыһалҕаҕа түбэспитэ.

– Оччоҕо, эн, олдьот сааскыттан ыла бэйэҥ иннигин эрэ буолбакка, дьиэ кэргэн бүтүннүүтүн туһугар кыһалла-мүһэллэ, дьиэ үлэтин-хамнаһын барытын дьаһайа үөрэммит эбиккин. Кыра эрдэххиттэн хар үлэҕэ буһан-хатан, спордунан дьарыктанан, эт-хаан өттүнэн сайдыылаах, ыарахантан толлубат киһи буолан, үрдүк үөрэххэ хаһан киирбиккиний?

– Ийэбитигэр көмөлөһөн, сүөһү, хотон, дьиэ ис-тас үлэтин бэйэбит көрөрбүт. Оскуолаҕа үчүгэйдик үөрэммиппинэн, СГУ ГРФ үөрэҕэр туттарсарбар аттестатым баала үрдүк буолан, түөрт экзаментан иккитин эрэ туттаран киирбитим. Инньэ гынан, абитуриенныыр сайыммар университет тутар-өрөмүөннүүр учаастагар кровельщиктаан, хамнас ылан эбиммитим.

Сиэйэҕэ 9—10 кылаастарга үөрэнэрбэр Василий Ананьев-Чороонноох Баһылай уонна Игорь Дмитриевич, кмс, эрчийбиттэрэ. Уаров Ванялааҕы кытары Тойбохойунан, Элгээйинэн, совхоз, оройуон уонна араас ыаллыы улуустар хамаандаларын кытары күрэхтэһиилэргэ кыттарбыт. Онтон оскуоланы ситииһиилээхтик бүтэрэн, СГУ ГРФ-гар үөрэххэ киирбитим. Университекка үөрэҕим быыһыгар Александр Тыасытов уонна «Спартак» кулуупка Артур Кравченко тренердэргэ дьарыктаммытым. Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатыгар Союз улахан куораттарыгар элбэх күрэхтэһиилэргэ кыттыбытым. Саамай улахан ситиһиим – Бүтүн Союзтааҕы турнирга иккис миэстэҕэ тахсыбытым. Боксаҕа ССРС спорка маастарыгар хандьыдаат буолбутум. Маастар нуорматын армияҕа барарбынан толорбокко хаалбытым.

Галялыын 1983 с. ыал буолбуппут. I-кы курсу бүтэрбиппит кэннэ армияҕа ылбыттара. СГУ бронята уһуллан, 150 студент бары бииргэ барбыппыт. Биир курска үөрэнэр уолаттарым Оҕотоойоп Сэмэн, Луковцев Ганя, Кривошапкин Игорь, Винокуров Владик о.д.а. бааллара. Сэмэнниин биир взводка түбэспиппит. Үчүгэйдик сулууспалаабыппыт. Монголияҕа артиллерийскай полк танковай дивизиятыгар сулууспалаабытым. Комсорг, взвод командирын солбуйааччы буолбутум. Бииргэ сулууспалыыр уолаттарбытыттан Игорь Дудо диэн молдован уола: «Миэхэ кэлиҥ, барыгытын виноградынан, яблоконан күндүлүөм!» – диэн киһиргиирэ. Атын даҕаны соҕуруу дойду Кавказ, Украина уолаттара киниттэн хаалсыбаттар этэ. Онно биирдэ мин кыһыйан: «Онтон мин эһиги ити фруктаҕытын самородок көмүскэ бүтүн вагонунан, састаабынан атыылаһан ылыахпын сөп!» – диэн күүскэ эппиппин кулгааҕым эрэ истэн хаалла. Дьоннорум киэптэтэн, бары саҥата суох баран хааллылар. Онтон киэһэ утуйаары сытан: «Бэйи эрэ, мин тоҕо ити курдук эттим? Сымыйаччы курдук көстүбэт инниттэн тугу эрэ толкуйданнахпына сатаныыһы… Арай геолог буолбакка, хайа инженерин идэтин ыллахпына, кырдьык да көмүс хостуохпун сөп ээ,» – диэн ону-маны эргитэ санаатым. Уонна ити армияҕа сылдьан илдьиритэн толкуйдаабыт санаабын олоххо киллэрэргэ быһаарыммытым.

Сулууспаттан дойдубар кэлэн баран, ГРФ-тан докумуоммун төттөрү ыламмын, ИТФ-га горняк идэтигэр биэрдим. Үөрэҕим араастаһыытын 18 предмети биир ый иһигэр саҥалыы ситиһиилээхтик туттараммын, үрдэтиилээх стипендияҕа көстүм. Галя үөрэҕин бүтэрэн, Томпо Нежданинскай руднигар үлэҕэ анаммыта. Онон мин заочно кэтэхтэн үөрэххэ көспүтүм. Маҥнай шахтаҕа крепильщик үөрэнээччитинэн, онтон бэрт сотору крепильщигынан үлэбин саҕалаабытым. Саха киһитэ шахтердары кытары бииргэ үлэлииригэр кинилэри үлэҕэ сатабылынан, өйүнэн биитэр күүһүнэн лаппа баһыйар буоллаҕына, тэҥҥэ сылдьар кыахтаах. Мин кэллэктииби кытары уопсай тылы булан, проходчигынан үлэҕэ ылалларыгар кэпсэппитим. Бастаан уоппускаҕа барбыт үлэһити солбуйан үлэлээн барбытым. Кыайар-хотор буоламмын, күүскэ үлэлиирим, иннэ гынан олоҕурбут нормативтарын аһаран кэбиһэммин, үрдэтэннэр, бииргэ үлэлиир дьоммуттан кынчарылла сылдьыбытым. Оччолорго кинилэр хамнастара 1200 солк. тиийэрэ. 4 сыл иһигэр бэһис разрядтаах проходчик буола үүммүтүм. Онтон икки сыл дэлби тэптэриигэ көһөн үлэлээн, эмиэ бэһис разряды ылбытым. Ити курдук араас омук дьонун ортотугар инники күөҥҥэ сылдьыбытым. Кэлин шахтаҕа бииргэ үлэлээбит дьонум «быстах крепильщиктыырыгар 50-нуу шпуру соҕотоҕун оҥорор этэ, ону биһи эккирэтэн аҥаарыгар да тиийбэт этибит» диэн кэпсииллэр эбит этэ.

Шахтаҕа үлэлии сылдьан, отсыпной сынньалаҥмытыгар утуйбакка бултуу барарбыт.    Анциферов эҥин диэн нуучча, хохол уолаттарын кытары куобахтыырбыт. Кинилэртэн элбэххэ үөрэммитим. Холобур куобаҕы биһиги курдук истэри-үөстэри сүгэ сылдьыбакка, сонно тириитин ньылбы тардан иһин ороон, хол-буут арааран, мөһөөччүккэ уган кэбиһэллэрэ. Амурскай уобаластан, Читаттан сылдьар уолаттар балыгы астыыллара эмиэ олох атын этэ. Сонно хатырыктаан, иһин хостоон сууйан, тууһаан кэбиһэллэр. Алдан салаата Тырыга таба, тайах, чубуку бултуурбут. Булчут аҕыйах буолан, лицензияҕа тиксэрбит. Булт этин лаабыстыыллара эмиэ уратылааҕа. Сайынын дойдубар Түбэйгэ тиийэн оттуурум. Ийэ айылҕабар сылдьан, сылаабын таһааран, сынньанан тиийэрим.

Шахтаҕа үлэлиир кэммэр «Технология комплексной механизации разработки месторождений полезных ископаемых» идэлээх үөрэхпин бүтэрбитим. Көмүс хостооһуҥҥа бэйэм ылсар санааҕа кэлбитим. Көмүстээх сирдэри бас билэр Ааллаах Үүн экспедициятын кытары кэпсэппитим. «Якутзолото» холбоһук «Джугджурзолото» хайа байытар комбинатын «Нежданинскай» руднигар үлэ кэнниттэн, 1992 сылтан «Горняк» старателлэр артыалларын тэрийбитим. Амурскай диэн үрэҕи сууйан көр диэбиттэрэ. Уон да киилэни ылбата буолуо диэбиттэрэ. Хата биһиги 200 киилэ көмүһү сууйбуппут. Онно аахсыбыт харчыбын барытын техника ылыытыгар укпутум, эбиитин улахан бырыһыаннаах кредиккэ киирбитим. Маҥнайгы промсезоммут үлэлээбиппит барыта кредит төлөөһүҥҥэ барбыта. 18 киһиэхэ хамнас төлүөхтээҕим. Дьоммун кытары аһаҕастык кэпсэппитим, быйыл сатамматыбыт, эһиил икки төгүл элбэх хамнаһы төлүөҕүм диэбитим. Толкуйдаан баран, «Якутзолотону» кытары быһаччы үлэлээри, Тарас Десяткины көрсүбүтүм. Кини тэрилтэтин сүрүн үлэһиттэрин көрүһүннэрбитэ. Дьэ онно ыйытыы кытаанаҕын биэрбитттэрэ. Мин ыра санаабын уонна баар балаһыанньаны хайдах баарынан аһаҕастык кэпсээбитим. Инньэ гынан итэҕэйэннэр, харчы иэс биэрбиттэрэ. Онон Нежданинскай ГОК-тан арахсан, «Якутзолотоҕа» көмүспүтүн туттарар буолбуппут. Иккис сезоҥҥа табыллан үлэлээбиппит. Эрэннэрбит хамнаспын, ылбыт иэспин тута төлүүр кыахтаммытым.

Ити кэмҥэ көмүһү хостооһуҥҥа балаһыанньа кытааппыта. Лицензия ирдэбилэ, налуогунан бохсуу саҕаламмыта. Сүбэлэһэн баран, Россия старателлэрин Союһугар киирэргэ быһаарыммыппыт. Саха сиригэр «Золотой Союз» диэн ассоциация тэриммиппит. Ити кэмҥэ тустаах былаас уорганнарын кытары ассоциация салайааччытын быһыытынан үлэлэһэр үөрүйэҕи иҥэриммитим. Балаһыанньа уустук этэ. Үлэтэ суох да буола сылдьыбытым. Алмааһы хостооһуну интэриэһиргээн барбытым. Булуҥ улууһугар алмааһы хостуур Нижне-Ленскэй хампаанньа арыллыбытыгар үлэҕэ киирээри кэпсэппиппин ылбатахтара. Куһаҕан үчүгэйдээх дииллэринии, кыһалҕа тириирэ киһи өйүн күүскэ үлэлэтэригэр көмөлөөх. Мин дьолбор Анаабыр улууһун баһылыга Н.Е. Андросов бэйэтин улууһун сиригэр эмиэ алмааһы хостуур тэрилтэ арыллыан баҕарар, онуоха сөптөөх үлэлиэх киһини көрдөнөр эбит. Дьэ онно миигин СӨ үтүөлээх геолога, саха дьонун промышленноска тардыыга элбэҕи оҥорбут Николай Дмитриевич Кириллин кинини кытта билиһиннэрбитэ. «Алросалар» бэйэлэригэр чугаһаппатахтара, ол эрээри геологтар Иван Андреев, Махмутьян Мухамедьяров буоламмыт, санаабытын түһэрбэтэхпит. Алроса президениттэн Вячеслав Штыровтан хостуурга көҥүлү ылан, «Анаабыр алмаастара» тэрилтэ тэринэн үлэбитин саҕалаабыппыт. 1998 с. Майаат үрэххэ үлэлии кэлбиппит. Онно төрдүс киһибит мин инникини былаанныырбын ончу итэҕэйбэт этэ, миигин фантазер курдук саныыр быһыылааҕа. Кэнники ол киһи мин били ыра санаабар кэпсиирин курдук бөһүөлэк тутуллубутун, хампаанньа күүскэ сайдыбытын сөҕөн баһын быһа илгистэрэ. Бастакы техникабыт диэн шурфалартан тахсыбыт боруобаны сууйар дьоҕус геологическай тэрил этэ. Ону бэйэбит илиибитинэн хомуйан оҥорбуппут сорҕотун бэйэбит тус харчыбытыгар атыыласпыппыт. Ол курдук үрэхпит сүнньүгэр тимир күрдьэҕинэн хаспыт траншеяларбытыттан мөлүйүөн аҥаара доллардаах алмааһы хостообуппут. Дьэ ити курдук үлэбитин ситиһиилээхтик саҕалаабыппыт. Аны алмааһы батарыы курдук олус уустук эйгэҕэ киирсэн барбыппыт. Бастакы алмаастарбытын, сахалыы мындырдаан тиэтэйбэккэ, доллар үрдүүрүгэр түбэһиннэрэн барыыстаахтык атыылаан, тэрилтэбит кыаҕыра түспүтэ. Онон Николай Егорович Андросов, сүдү киһи ыра санаатыгар бэйэбит дьулуурбутун, эдэрдии эрчиммитин холбооммут, «Анаабыр алмаастара» диэн олохтоох дьон бэйэлэрэ үлэлиир кыахтаах хампаанньата баар буола түспүтэ. Ханнык баҕарар хостуур хампаанньа саамай кырата 7 сыл иһинэн атаҕар туруохтаах, онтон биһиги биэс сылынан инники күөҥҥэ тахсыбыппыт. 740 тыһ. караттан 1 мөл. 330 тыһ. каракка тиэрдибиппит.

Төһө да дьиикэй ырыынак сабардаан турдар, сырдыкка дьулуһар үтүө соруктаах буоллаххына, хараҥа да кэми этэҥҥэ туоруохха сөп эбит. «Куһаҕан кэмҥэ түбэһэн, куһаҕан олохтоннум» диир киһи онно бэйэтэ буруйдаах. Сырдыгы саныыр, үчүгэйи оҥорор киһиэхэ хара дьай, куһаҕан сыстыбат. Мин оннук дьону билэбин. Урут саха промышленноска үлэлиир кыаҕа суох дииллэр этэ. «Анаабыр алмаастара» хампаанньаҕа хайаан да олохтоох киһи үлэлиэхтээх диэн ирдэбили туруорбутум. Опыттаах улахан омук дьоно исписиэлиистэргэ наставник быһыытынан саха дьонун сыһыаран үөрэттэрэр үгэһи олохтообутум. «Хантан да буоллун – саха дьонун булан үлэлэтиҥ» диэн муос-таас курдук модьуйар этиҥ диэн билигин бииргэ үлэлээбиттэрим урут абара саныылларын күлэн кэпсииллэр.18 сыл устата араас улуустартан 12 тыһ. кэриҥэ саха дьоно, ыччаттара үлэлээннэр, үрдүк хамнаһы аахсаннар, олохторун уйгутун оҥостубуттара. Ити хампаанньаҕа үлэлиир кэммэр өрөспүүбүлүкэҕэ, олохтоох нэһилиэнньэҕэ, чуолаан, саха дьонугар, тыа сиригэр элбэх көмөнү оҥорбуппутун киэн тутта саныыбын[2].

БИИР ТЫЛЛААХ ДЬИҤ ДЬЫАЛА КИҺИТЭ

Биллиилээх Ил Түмэн депутата, уопсастыбаннай диэйэтэлэ, хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар тустарыгар утумнаах үлэни ыытар Е.Х. Голомареваны биир идэлээхтэрэ, дьон-сэргэ убаастыыр, сыаналыыр дьоһун киһитэ. Елена Христофоровна – дьиҥ хара үлэтинэн, бэйэтин туруу үлэһит, дьүккүөрдээх хаачыстыбатынан салайар үлэҕэ, бэлиитикэ эйгэтигэр аллараттан тахсыбыт, дьоҥҥо-сэргэҕэ элэккэй, аламаҕай, кыһаллыгас хомурахтаах Хоту дойду хоһуун кыыһа. Кинини аан маҥнай саҥа билсибит, алтыспыт дьоҥҥо лоп бааччы, дьыалабыай сыһыанын таһынан, киһи быһыытынан холку, түс-бас майгытынан биһирэтэр.

Педагог идэлээҕинэн, үөрэх салаатыгар өр кэмҥэ учууталтан саҕалаан оскуола дириэктэригэр тиийэ үлэлээбитинэн, сүрдээх үрдүк култууратынан, дьоҥҥо болҕомтолоох сыһыанынан быыбардааччыларыгар уонна депутат эбээһинэһин үтүө суобстаахтык, ис сүрэҕиттэн кыһаллан толорорунан сөбүлэтэр. Астыннарар. Үгүс кыһалҕалаах кырыы, хотугу биэс улууска Голомарева Е.Х. курдук депутаттаахтара – олохтоох нэһилиэнньэ, быыбардааччыларын, дьон-сэргэ улахан табыллыылара. Дэлэҕэ даҕаны кинини эрэнэн-итэҕэйэн, үс болдьоххо Ил Түмэҥҥэ субуруччу талыахтара дуо?

Аҕа саастаах доҕотторо Кривошапкин А.В., Марфусалова А.Д., Корнилова З.А. курдук уопуттаах парламентарийдары кытта кини куруутун санаа атастаһан, сүбэлэһэн-амалаһан үлэлиирэ биһирэбиллээх. Ордук саха саарына, Саха сирин дьахталларыттан улахан бэлиитикэ эйгэтигэр уһулуччу тахсыылаахтык үлэлээбит Зоя Афанасьевнаны кытта аҕа табаарыһын, биир идэлээх наставнигын быһыытынан утумнаахтык үлэлиир. Кинини соруйан туоратар даҕаны сыһыан баар кэмигэр парламент үлэтигэр, өрөспүүбүлүкэ тыын суолталаах боппуруостарын дьүүллэһиигэ, быһаарсыыга тардан кытыннаран, киниэхэ баай уопутунан, өркөн өйүнэн, сынтарыйбат дьулуурунан норуотугар көмөлөһөр, Сахатын сирин көмүскүүр кыаҕы биэрбитин илэ хараҕынан көрөн, эт кулгааҕынан истэн билэр буолан, үрдүктүк сыаналыыбын. Бэйэтэ «Биир ньыгыл Арассыыйа» эппиэттээх үлэһитэ, дойду бэрэсидьиэнин, партия уопсастыбаннай приемнайын салайааччыта буолан туран, оччолорго «Сиэрдээх Арассыыйа» актыбыыһа аатыран туора көрүллэ сылдьыбыт Зоя Афанасьевна Корнилованы кытары уопсай дьыала туһугар бииргэ күүскэ үлэлээбитэ.

2015 сыллаахха РФ Төрүт Сокуонугар өрөспүүбүлүкэ конституциятын сөп түбэһиннэрии боппуруоһун көрүүгэ, дьүүллэһиигэ уонна РФ Судаарыстыбаннай национальнай стратегиятын бырайыагын курдук инники олохпутугар-дьаһахпытыгар дьайар олус улахан суолталаах тутаах докумуоннары парламеҥҥа, уопсастыбаннай истиилэргэ дьүүллэһиигэ ылыннарыылаах этиилэри, кэнники ити докумуоҥҥа киирбит олохтоох, дьоһуннаах көннөрүүлэри бэлэмниир үлэҕэ кытыннарыыга кэллиэгэлэрэ Оксана Александровна Винокурованы, Елена Юрьевна Алексееваны, Егор Петрович Жиркову кытта уонна, биллэн турар, салайааччылара Александр Николаевич Жирков өйөбүлүнэн бииргэ айымньылаахтык үлэлэһэн, Зоя Корнилова балысхан потенциалын түһанар кыаҕы биэрбиттэрэ.

Мэлдьи мичээр аргыстаах, холку бэйэлээх Өлөөн ньургун Далбар Хотунун кытта хара бастакы алтыһыахпыттан, кини ийэлии эйэҕэс, дьоҥҥо болҕомтолоох уонна уопсастыбанньыктарга хотугу киһи быһыытынан муударай, толерантнай сыһыаннааҕын бэлиэтии көрбүтүм. Ол курдук, былаас уорганнарын сорох чунуобунньуктарын өттүттэн гражданскай уопсастыба институттарын актыыбынай бэрэстэбиитэллэрэ атын санаалаахтар, оппозиция диэн күүркэтэн туоратыллар атарахсыта көрүллэр уустук кэмнэригэр, 2009–2010 сыллар диэки, дойду Аҕа Баһылыгын приемнайын салайарыгар биһиги, «Саха уопсастыбаннай киин» Иван Шамаев, Тумарча, Уйбаан Бурцев, Владимир Борисов о.д.а. уонна төрүт итэҕэл, култуура боппуруостарынан дьарыктанар «Тулаһа» түмсүү кыттыылаахтара, оччотооҕу парламент спикерэ В.Н. Басыгысовы кытта көрсүһүүбүтүн кини кыһаллан-мүһэллэн туран тэрийбитэ. Ол кэпсэтиигэ биһиги саха чулуу салайааччыларын аатын үйэтитии боппуруостарын көтөхпүппүт. Промышленноһы сайыннарыыга сүрүн олугу охсубут, бөҕө акылааты уурбут М.К. Аммосов бюһун кини аатын сүгэр ХИФУ филиалын иннигэр Мииринэй куоракка туруорууну, бырабыыталыстыба уонча сыллааҕыта И.Н. Барахов аатын киин куорат уулуссатыгар иҥэрэн, мэҥэ өйдөбүнньүк оҥорорго эрэннэриитин толороро уонна сотору төрөөбүтэ 115 сыла бэлиэтэниэхтээх норуотун хоргуйан өлүүттэн өрүһүйбүт И.Е. Винокуровка Дьокуускайга эмиэ өйдөбүнньүк баар буолуохтааҕын туһунан дьон-сэргэ туруорсууларын тириэрдибиппит. Үгэскэ кубулуйан эрэр Өрөспүүбүлүкэ Күнүн бэлиэтээһини сорох силовиктар, чунуобунньуктар өттүлэриттэн түорайдаспакка, устудьуон, ыччат кыттарын хааччахтаабакка, дьиҥ бырааһынньык быһыытынан өрөгөйдөөхтүк ыытыллыахтааҕын уонна улуустарга эмиэ киэҥник бэлиэтээн тэрийиини көҕүлээһин оҥоһуллуохтааҕын туһунан этиибитин Виталий Николаевич Басыгысов өйөөбүтэ. Онуоха Елена Христофоровна тус өҥөтө баарын дьон-сэргэ үксэ билбэт. Бэйэтэ хаһан даҕаны оннугу оҥордум, манныгы ситистим диэн кэпсэммэт сэмэй киһи.

Ону тэҥэ Национальнай концепция 20 сылынан сибээстээн, киин куоракка саха тылынан үөрэтэр оскуола, кылаас букатын тиийбэтин, «Айыы кыһата» оскуола уопута киэҥник тарҕаныахтааҕын, бу кыһа туспа дьиэнэн-уотунан хааччыллыахтааҕын туһунан кэпсэтии тахсыбыта (манна даҕатан аҕыннахха, кэлин «Айыы кыһата» саҥа, туспа дьиэлэнэригэр депутат Е.Х. Голомарева утумнаахтык үлэлэспитэ, дьоһун оруолу оонньообута). Олохтоох былаас уорганын үрдүк сололоох бэрэстэбиитэлин кытары сирэй көрсүһэн, итинник аһаҕас кэпсэтиини Елена Христофоровна, «АЛРОСА» хампаанньаҕа Саха сирин интэриэһин туруулаһан, пикеккэ сотору-сотору тахсар уопсастыбаннас бэрэстэбиитэллэриттэн сэрэнэ-сэрбэнэ сатаабакка, тус эппиэтинэһи ылынан, ис сүрэҕиттэн кыһаллан көмөлөспүтүн махталынан өйдүүбүт. Итинник хардыы оччолорго гражданскай хорсун быһыыга тэҥнээҕэ. Онтон ыла Өрөспүүбүлүкэ күнэ ыытыллыыта кэм киһилии барар буолбута.

Онтон атын бэйэм чопчу билэр түгэммин ахтарым сиэрдээх. 2012 с. Саха сирин судаарыстыбаннаһын, Төрүт сокуонун туруулаһыы мөккүөрүгэр өрөспүүбүлүкэ бэрэсидьиэнин аата көннөрү «баһылык» диэҥҥэ уларытыллар буолбутугар, уопсастыбаннас Арассыыйа Федерациятын национальнай субъегын судаарыстыбаннаһын статуһун намтаттарбат туһугар «Ил Дархан» диэн бэлиэтиир тиэрмин тылы сокуонунан Конституцияҕа киллэртэрэн, бигэргэтэр туһугар бэрт эриирдээх уустук, күүстээх үлэҕэ Зоя Корнилованы, Ульяна Винокурованы, Иван Шамаевы, миигин, уопсастыбаннас бэрэстэбиитэллэрин оробуочай бөлөххө көхтөөхтүк кытыннарыыга Елена Христофоровна үөһэ ахтыллыбыт саха, нуучча ньургун кыргыттарын уонна Е.П. Жиркову кытта спикер А.Н. Жирков өйөбүлүнэн дьаныардаахтык үлэлээбитэ. Ити кини дьиҥнээх норуот депутатын, патриот быһыытынан позициятын чаҕылхай көстүүтэ этэ.

Өссө биир кини көҕүлэспит, тус бэйэтинэн ылсан, уопсастыбаннаска тирэҕирэн, олоххо киллэрбит үтүө дьыалатын санатыаҕы баҕарыллар… Ол үрдүк таһымнаахтык, сахаттан кимиилээхтик Арассыыйа, Саха сирин парламеннарыгар үлэлээбит З.А. Корниловаҕа, норуот туруорсуутунан, бэлиэ 75 сааһыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин бочуоттаах гражданинын аатын иҥэриини көҕүлэһэн, күүскэ үлэлэһэн олоххо киллэриигэ Елена Христофоровна тус улахан өҥөлөөх. Ол өрөгөйдөөх түгэн дьиҥ чахчы норуотун, дойдутун туһугар өйүн-билиитин, күүһүн-сыратын, доруобуйатын биэрэн үлэлээбит судаарыстыбаннай, политическай диэйэтэлгэ салалта, норуот аатыттан сиэрдээх сыанабыл, барҕа махтал чыпчаал көстүүтүнэн буолбута. Атын да чөл-чиҥ уйулгулаах, киэҥ көҕүстээх бигэ личностар, туруу үлэһиттэр сиэрдэринэн, Е.Х. Голомарева туох да ыһыыта-хаһыыта, уруһуйданыыта суох, сэмэй бэйэлээхтик тустаах эбээһинэһин үтүө суобастаахтык толорорун, тирээн кэллэҕинэ, хорсуннук киирсэрин дьиҥ дьыалатыгар көрөн-билэн, бииргэ үлэлэһэн илэ-чахчы итэҕэйбит бэйэм билэр эрэ аҕыйах түгэннэрбин манна аҕынным. Оттон күннэтэ, сыллата ааспыт уонна билиҥҥи үһүс болдьохторго төһөлөөх үлэ, дьыала оҥоһуллубута, үлэлэнэ сылдьара буолуой?

Соторутааҕыта Ил Түмэн депутаттара М.Н. Христофорова, Ф.В. Габышева, о.д.а. көҕүлээһиннэринэн СӨ бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы С.В. Местников уо.д.а. кыттыылаах, төгүрүк остуолга парламент вице-спикерэ А.А. Григорьева: «Биһиги «Үөрэх туһунан» федеральнай сокуон саҥа редакциянан ылыллыытыгар Е.П. Жиркову уонна Е.Х. Голомареваны кытары национальнай субъектар бырааптарын көмүскээһиҥҥэ күүскэ үлэлэспиппит», – диэн бэлиэтээн эппитин үөрэ-биһирии истэн, киэн тутта санаабытым. Ити курдук үс болдьох тухары Елена Христофоровна бэрт элбэх боппуруостары туруулаһыыга утумнаахтык үлэлии сылдьар. Хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар, арктическай улуустар нэһилиэнньэлэрин бырааптарын, интэриэстэрин туруулаһыыга, эгэлгэ элбэх кыһалҕаларын быһаарсыыга эбэҥки удьуордаах Саха сирин биир чулуу кыыһа ыытар сыралаах үлэтин-хамнаһын атыттар, биир идэлээхтэрэ киэҥник сиһилии сырдаталларыгар эрэллээхпин.

Уонна үөлээннээх саастаах көлүөнэм биир чулуу бэрэстэбиитэлин, ытыктыыр бэлиитикпин, уопсастыбаннай диэйэтэли бэлиэ сааһын үлүскэннээх үлэ үөһүгэр көрсүбүккүнэн истиҥник эҕэрдэлээн туран, өссө да таһаарыылаахтык, кимиилээхтик Саха сирин бар дьонун, Хоту дойдуҥ, өрөспүүбүлүкэҥ туһугар үлэлээ, тус олоххор, дьиэ кэргэҥҥэр дьоллоох буол диэн үтүө баҕабын этэн алгыыбын!

СЫРДЫК СЫДЬААЙДААХ

Былыр-былыргыттан тоһуттар тымныы будулуйан турдаҕына, балаҕан иһигэр көмүлүөк оһох барахсан бачыгырыы умайан сылааһынан угуттаан, сырдыгынан сыдьаайан күө бааччы астык, нуурал эйгэни үөскэтэн саханы абыраан кэллэҕэ. Син ол тэҥэ тулаларыгар үтүө сыһыаннарынан, эйэҕэс-сайаҕас, үөрүнньэҥ майгыларынан, кылгастык да алтыһан ааспыкка сырдык санааны саҕар, киһи киһитэ дэтэр дьоһун-мааны дьон олоҕу киэргэтэллэр. Өбүгэ айыы сиэрин-үгэһин иҥэриммит, көнө сүрүнүн утумнаабыт удьуор харалы биһиги кэммит биир биһирэмнээх бэрэстэбиитэлинэн суруйааччы П.П. Федоров-Сомоҕону ааттаатахха, бука, үгүстэр сөбүлэһиэхтэрэ.

Павел Петрович учууталын Далан алгыһынан уус-уран айымньы умсулҕаннаах чээл күөх хонуутугар киирбит кэмнэрин өйдөөн кэллим. Лоп курдук сүүрбэ сыл анараа өттүгэр саха ааҕааччыларын үөрдүбүт кэрэхсэбиллээх тэрээһини кинигэ кыһата, суруйааччылар, «Чолбон» сурунаал уонна бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ кыттыһан оҥорбуппут. Оччолорго, 90-с сылларга айар тыл аҕалара буолбут норуот суруйааччылара утуу-субуу олохтон баран, суруйар-айар дьоҥҥо үөһэттэн өйөбүл мөлтөөн, кинигэ бэчээттэниитэ аҕыйаан, литература сайдар хамсааһына аҕырымныы быһыытыйбыт кэмэ этэ. Дьэ, ол буом соҕус бириэмэҕэ, хоһоонньут кыргыттары сэргэ түөрт эдэр уонна саастарын үгэнигэр сылдьар лиҥкир эр дьон биир сылга кэпсээн, сэһэн кинигэлэнэн айар эйгэҕэ киирбиттэрэ ааҕааччыга соһуччу соҕус сонун түгэнинэн буолбута. Павел Федоров-Сомоҕо «Ол ыҥырар тырымнас уоттар», Константин Эверстов «Туман буолбут таптал», Уйбаан Ойуур «Буурҕа» уонна Василий Бочкарев «Өрөөбүт уоспун өһүлэн» кинигэлэрин бииргэ биһирэмнээннэр, киэҥ кэпсэтии дьоро киэһэтэ дьону-сэргэни сэргэхсиппитэ.

«Саҥа суруйааччылар аҕыйахтар, аныгы сонун тиэмэлэргэ үлэлээччилэр кэмчилэр дииллэр. Оннук буолбатаҕын бу көрсүһүүбүт көрдөрөр, – диэтэ бастакынан тылы ылбыт «Бичик» кылаабынай редактора. – Биһиги бу билсиһиннэрэр ааптардарбыт – хаһыакка-сурунаалга балачча бэчээттэммит, литератураҕа ис сүрэхтэриттэн баҕаран, бэринэн туран үлэлиир дьон. Онон кинилэр бастакы кинигэлэрин билиһиннэрэр ордук үөрүүлээх уонна бу үлэлэрэ быйыл саха уус-уран литературата төрүттэммитэ 100 сылын туолар кэрэ-бэлиэ үбүлүөйүн көрсө кинилэр ааҕааччыга дьоһуннаах бэлэхтэринэн буолар». Маннык иһитиннэриини хаһыакка биэрбит суруналыыс, суруйааччы С.Р. Данилов, салгыы П.Д. Аввакумов, Тумат, Харысхал, Г.В. Попов, В.А. Тарабукин, П.П. Флегонтов, о.д. а өрө көтөҕүллэн туран эҕэрдэлээбиттэрин, айымньылары ырыппыттарын сурукка тиспит эбит. Дьэ ити курдук хас да ааптары бииргэ сомоҕолоон, биһирэм кэпсэтии таһаарарга көҕүлээччинэн Байбал Сомоҕо буолбута. Театр артыыстарын В. Апросимовы, К. Михайловы, ырыаһыт Д. Тихоновы, Чурапчы Дириҥиттэн бэйэтэ салайар айар түмсүүтүн кытыннаран, тэрээһини киэргэппитэ. П.П. Федоров бастакы кинигэтэ ордук эдэр ааҕааччыны, ыччаты таарыйбыта бэчээккэ сэҥээриилэр ааттарыттан да өтө биллэр: эдэрдэр Матрена Борисова «Тырымнас уоттар» туохха ыҥыраллар?», Марфа Далбаева «Саҥа суолу арыйар айымньылар», Жанна Леонтьева «Сомоҕо сонун суолу тэлэр» диэн санаа үллэстибиттэрэ. Ону сэргэ Мария Сидорова, Иннокентий Окоемов, Данил Макеев, биллиилээх суруйааччылар Тумарча, Петр Аввакумов ааптар айымньылара олох сытыы, мөккүөрдээх түгэннэригэр толкуйдуурга ыҥырар суолталаахтарын бэлиэтээбиттэрэ. Онтон ыла айар эйгэ, ааҕааччылар өйөбүллэриттэн өссө тэптэн, Павел Петрович хонноҕо аһыллан тахсыылаахтык үлэлиир. Айар дьарыгы кини көхтөөх уопсастыбаннай үлэни кытта сатаан дьүөрэлиир.

Кинини бодоруһан билсиэхпиттэн үгүстэртэн уратылаһар хаачыстыбатын ордук бэлиэтии-биһирии көрөбүн. Бар дьон, төрүт сир туһугар бэриниилээх, кыһаллыгас, эппит тылыгар туругас көнө майгытын. Байбал бэйэтин туһугар мөхсүбэккэ, наар атыттар тустарыгар кыһаллар-мүһэллэр түбүктээх. Дойдутун үлэһит, биллиилээх дьонун, суруйааччыларын ааттарын-суолларын үрдүктүк тутарга, үйэтитиигэ сыратын биэрэн сүүрэр-көтөр, туруорсар-кэпсэтиһэр идэлээх. Тус бэйэтинэн көҕүлээн, дьону түмэн үлэлээн үтүө түмүктэри ситиһэрин биир дойдулаахтара, чурапчылар, астынан кэпсээччилэр. Норуокка умнуллубат үтүөлээх саха саарыннарын, улуус киэн туттар туруу үлэһиттэрин, тэрилтэлэрин, билиҥҥи кэм бэлиэ дьонун бэчээккэ элбэхтэ сырдатта, кэккэ кинигэлэри таһаартарда. Олортон аҕыйаҕы аҕыннахха, Даланы педагог быһыытынан киэҥ эйгэҕэ билиһиннэрэр «Умнуллубат «Дьикти саас» оҕолоро» (2008), «Учуутал дьоло – үөрэнээччилэрин ситиһиилэригэр» (2012), Аан Дархан М.Е. Николаевка «Барҕа махтал Чурапчы дьонуттан!» (2014), Ил Дархан Е.А. Борисовка анаммыт «Боотур Уустан Ил Дархан» (2014) кинигэлэри саха дьоно биһирэбилинэн көрсүбүтэ. Үйэтитиигэ дьаныһан дьарыктанан, кини – сэрии ыар сылларын содулугар эстибит Мэлдьэхси нэһилиэгин Чоччууда алааһыгар уот кыргыска барбыттарга, Чурапчы көһөрүллүүтүн сиэртибэлэригэр өйдөбүнньүк уонна саха бастакы норуодунай худуоһунньуга П.П. Романов төрөөбүтэ 100 сылыгар мэҥэ комплекс оҥоһуллуутун сүрүн тэрийээччи.

Тыа сиригэр Суруйааччы сойууһун үлэтин, литератураны сырдатыыга, айар дьарыгы тарҕатыыга күүскэ үлэлиир. «Дириҥ уоттара» литературнай түмсүүнү уонча сыл устата салайан үлэлэппитэ. Саха омук чиэһин, кырдьыгын көмүскээһиҥҥэ олоҕун тухары охсуспут талааннаах суруйааччы Иван Федосеев-Доосо аата кини төрөөбүт Хоптоҕотун орто оскуолатыгар, сэрии туһунан бастакы «Көмүскэ уута» романы саха литературатыгар кэриэс кэбиспит буойун-суруйааччы, учуутал Алексей Бродников аата Төлөйгө «Аартык» норуот айымньытын дьиэтигэр кини быһаччы көҕүлээһининэн уонна улахан сыратынан, дьулурҕа дьулуурунан иҥэриллэллэрэ ситиһиллибитэ. Убай туттубут биир идэлээхтэрин Сэмэн Туматы, Тумарчаны, Роман (Сэмэн) Даниловы, Василий Петров-Айылы мэлдьи өрө тутан, үбүлүөйдэрин тэрийиигэ салалта, бар дьон өттүттэн харааннааһыҥҥа, өйөбүлгэ, сырдатыыга өр сылларга үлэлэһэн кэллэ.

Өрөспүүбүлүкэ, олохтоох нэһилиэнньэ интэриэстэрин көмүскээн туруулаһыыга Саха уопсастыбаннай киин, Саха конгреһын көхтөөх кыттааччытын быһыытынан уонунан сылларга үлэтэ – бэйэтэ туһунан киэҥ кэпсээн. Ол иһин аҥаардас соҕотох биир түгэни ойо тутан ахтан аһарыым. 2012 сыллаахха Арассыыйа национальнай өрөспүүбүлүкэлэрин салайааччыларын бэрисидьиэн диэн ааттаныыларын тохтотуу саҕаламмыта. Онуоха саха судаарыстыбаннаһын суурайтарбат туһугар көннөрү «баһылык» диэн тиэрмин оннугар «Ил Дархан» диэн омук ааспыт устуоруйатыттан силистээх анал ааты дьыала-куолу тылыгар, СӨ Төрүт Сокуонугар киллэртэрэр инниттэн улахан хамсааһын тахсыбыта. Дьүүллэһии үрдүк таһымҥа тахсыытыгар күүскэ үлэлэспит Ил Түмэн парламентарийдара Зоя Корнилова, Елена Голомарева, Оксана Винокурова нэһилиэнньэттэн, улуустан өйөбүл наада диэн көрдөспүттэрэ. Онуоха бу суһал соругу толорорбутугар маҥнайгынан П.П. Федоров-Сомоҕо улаханнык көмөлөспүтэ. Чурапчы биллэр-көстөр дьонун кытары сүбэлэһэн-дьүүллэһэн, кинилэр парламент спикерэ В.Н. Басыгысов аатыгар дьоһуннаах суругу киллэрбиттэрэ. Ол курдук, Дьааҥыттан В.П. Стручков-Дуулаҕа Дьуһаал эмиэ өйүүр ис хоһоонноох суругу тэрийэн ыыппыта. Онон билигин олоххо киирбит саха судаарыстыбаннаһа баарын бэлиэтиир дорҕоонноох «Ил Дархан» анал аат бигэргэниитигэр Павел Петровичтаах көмөлөрүн барҕа махталынан ахтабын.

Суруйааччы Сомоҕо бэлиэ сааһын илии тутуурдаах, өттүк харалаах көрүстэ. Бу саҥа бэчээттэнэр кинигэтэ икки түһүмэхтэн турар. «Саллаат уонна Таптал» диэн сэһэнэ саха уус-уран айымньытыгар өссө арылла илик тиэмэҕэ анаммыт. Саха сирин олохтоохторо сэриигэ кыттыыларынан, аармыйаҕа сулууспаҕа бэргэн ытааччы, тулуурдаах, барыга бары сыстаҕас, толоругас, бэйэлэрин кыанар-хотунар саллаат саллаат быһыытынан бэйэлэрин көрдөрбүттэрэ биллэр. Байыаннай чаас хамандыырдара, офицердара саха буолла да кыраҕы харахтаах ытааччы, уруһуйдьут, үчүгэй буочардаах писарь, спортсмен диэн уруккуттан олоҕурбут өйдөбүллээхтэр. Ол гынан баран, биһиэхэ саха ыччата аармыйаҕа сулууспалааһынын ойуулуур айымньы тоҕо эрэ баччааҥҥа диэри суох этэ. Биир төрүөтүнэн суруйууга аармыйа күлүк өрүттэрин хайдах даҕаны таарыйарга тиийиллэрэ эмиэ мэһэйдиир түгэнинэн буолбут буолуон сөп. «Дедовщина» мөкү көстүүтэ аһаҕастык киэҥ билиигэ тахсыбыта ыраатта. 1989 сыллаахха режиссердар А. Малюков «Делай – раз!», А. Рогожкин «Караул» киинэлэрэ бүтүн Сойуус көрөөччүлэрин долгуппуттара. Бу сонун айымньыга 70-с сс. ортолоругар саха уолаттара Чукоткаҕа сулууспалара ойууланар. Ааптар тыҥааһыннаах түгэннэри хото киллэрэн интэриэһи көбүтэргэ дьулуспат. Оччотооҕу ыччат чөл мөссүөнэ, сэмэйэ, бэйэ-бэйэҕэ харыстабыллаах, хардарыта көмөлөсүһэр сыһыана, килбик таптала, олоххо дьулуура табан көрдөрүллэр. Эдэр киһи көрсөр ыарахаттара олоххо бэйэ миэстэтин булунуу, идэни талыы, мунуу-тэнии, ардыгар быстах санааҕа алҕаһы оҥостон олоҕу уустугурдуу, табыллыбатах таптал курдук түгэннэрэ – ааҕааччыны тардыахтара. Сулууспалыыр араас омук ыччатын, урут-хойут аармыйаҕа ыҥырыллан ытык иэһи толорор саллааттар бэйэ-бэйэлэрин икки ардыларыгар араас, ардыгар хаҕыс даҕаны сыһыана, эр дьон бигэ доҕордоһуута айымньыга көстөр. Муустаах муора кытылынааҕы хахсаат, тыйыс айылҕа, чукчалар олохторун, дьарыктарын уратыта, киити, үрүҥ эһэни бултааһын ойууланар сэдэх түгэннэрэ кэрэхсэтэллэр.

Иккис түһүмэххэ ааптар айар, араас өрүттээх уопсастыбаннай үлэтин ырытар, кэрэһилиир суруйуулар киирбиттэр. Мэлдьи олох үөһүгэр «сырыттахха, кытыннахха сатанар» диэн бириинсиптээх, түмсүүгэ-сомоҕолоһууга угуйар дьулуурдаах дьон-сэргэ биһириир билиҥҥи кэм биир бэлиэ киһитин уобараһын бу матырыйааллар ситэрэн биэрэллэр.

2019 сылга бөлүһүөк, философия билимин хандьыдаата, литератураны чинчийээччи Егор Гаврильевич Винокуров «П.П. Федоров-Сомоҕо олоҕо уонна айар үлэтэ» дьоһуннаах монографияны суруйан бэчээттэппитин хайаан даҕаны ахтан ааһар үтүөкэн үлэһит киһиэхэ махтал бэлиэтинэн буолуохтун!

Сомоҕо диэн боһомо ааттаах суруйааччыттан билиҥҥи олохпут уратытын, олох тыын боппуруостарын арыйар өссө сонун айымньылары ааҕааччы кэтэһэр.

2020 с.

АТТЫБЫТЫГАР БААР АЙДАРЫЫЛААХ

Урааҥхай омук хабыр тымныылаах, уһун кыһыннаах хотугу тыйыс дойдуга тулуйан, торолуйан, ууһаан-тэнийэн, чөл туруктанан күн бүгүнүгэр диэри кэллэ. Онуоха сүрүн төрүтүнэн былыр-былыргыттан норуот эмчиттэрин утумнаан кэлбит үтүө үгэһэ буолар. Ол да иһин, саха киһитэ дьаҥы-дьаһаҕы, оһолтон-дэҥтэн эмтэнэн-томтонон этэҥҥэ аһаран, бырда быстыбатаҕа. Саха сирин үрдүнэн улуус ахсын араас ыарыыны, дьарҕаны эмтээн-томтоон, өрүһүллүбэт да ыарыыттан үтүөрдэн, бар дьон билиниитин, ытыктабылын ылбыт сүдү кырдьаҕастар бааллара, билигин даҕаны абыраллаах айдарыылаахтарбыт аттыбытыгар үлэлии-хамсыы сылдьаллар.

Норуот айылҕаттан айдарыылаах, үөһэттэн үһүйтэриилээх эмчиттэриттэн биир сүдүлэрэ Фома Петрович Чашкин – Куома Чааскын этэ. Кини олорбут кэмэ ойууну-олоҥхоһуту, отоһуту билиммэт, итэҕэлтэн, урукку үгэстэртэн аккаастаммыт бириэмэҕэ түбэспитэ. Онон дьону эмтиирин бобон, хаарчахтаан, хаста эмэ сууттаан, бэл хаайан, сор хаанын сордообуттара.

Таатта оройуонунааҕы «Коммунист» хаһыат 1948 сыллааҕы 04819 №-игэр (эппиэттиир редактор А.И. Бэстиинэп) Ф.П. Чашкин сууттаныытын туһунан иһитиннэрии тахсыбыт эбит. Онно оччотооҕу кэм тыйыс уораанынан аргыйар маннык хабыр тылы-өһү ааҕабыт: «…(оройуоннааҕы норуот суута) реакционнай идеяны тарҕаппыт Фома Чашкин дьыалатын көрдө. Гражданин Чашкин ыраахтааҕы былааһын саҕана ойууннуу сылдьыбыт, оттон 1946 сылтан ыла… Сууттанааччы… бэйэтин албын быһыытын суут… билинэргэ тиийдэ… Чашкины реакционнай тарҕатааччы быһыытынан көрөн суут 6 ыйга кыһалаҥ үлэҕэ приговордаата». Дьэ итинник эрэйи көрбүтүн үрдүнэн ытык аналын толорон, Куома барахсан хас эмэ тыһыынчанан киһини эмтээн-томтоон үтүөрдүбүт умнуллубат өҥөлөөх. Холобурга, сүүрбэһис үйэҕэ саха норуотун эһэ сыспыт сэллик ыарыыны кини адьас кыайа тутарын оччотооҕу мэдиссиинэ үлэһиттэрэ бигэргэппиттэрэ үгүс.

Мантан аллара ытык кырдьаҕас туһунан икки кэрэхсэбиллээх ахтыыны киллэрэр тоҕоостоох. 2008 с. 83 саастаах Уолба олохтооҕо, үлэ, тыыл бэтэрээнэ Клавдия Гаврильевна Макарова ахтыытынан 1946 с. Ф.П. Чашкин Арсен, Ульяна Петровтар диэн куорат Горькай уулуссатыгар олорор ыалга хаайыыттан тахсарыгар хонон ааспыт. Ол туһунан бу курдук суруйбут эбит: «Мин оскуолаҕа хаһыс кылааска үөрэнэ сылдьарбын соччо чуолкайдык өйдөөбөппүн. Оччолорго балаҕан дьиэлээх этибит. Ол олордохпутуна, киэһэ арай ынахтарын көлүйбүт утуйар таҥастарын тиэйбит дьахтардаах эр киһи хоно киирбиттэрэ. Кыһын этэ. Ынахтарын синньигэр сыалдьа баайбыт этилэр уонна киэһэ хотоҥҥо тахсан хоноһо дьахтар ынаҕын ыабыта. Ити Куома Чааскын бастакы кэргэнинээн Хара-Алдаҥҥа баран иһэллэр эбит. Онно көрдөхпүнэ, боростуой таҥастаах, хатыҥыр оҕонньор курдук өйдүүбүн. Сарсыарда туран, ынахтарын көлүйэн барбыттара.

Иккис көрүүм. 1946 сыллаахха куоракка училищеҕа үөрэнэ киирбитим сурдьубунаан Танялыын. Аҕам аймахтарыгар Арсен Петровтаахха Горькай уулуссаҕа олорорбут. Арай үөрэнэн бүтэн кэлбитим, биир оҕонньор кэлэн олороро. Куома Чааскын хаайыыттан тахсан хоно кэлэн олороро. Арсен Петров Уолба ол иһин кэллэҕэ буолуо. Хаһан да астамматах ас астаммыт этэ. Маанылаан ахан хоннорбуттара. Сарсыарда Арсен өйүөлээн-таймалаан Тааттатыгар атаарбыта. Дьэ бу оҕонньор кэлэн хонуон биир хонук иннинэ мин таһырдьаттан киирдим. Эдьиийим Ылдьаана, оһоҕор сыста олорон, этэрбэс тигэ олороро. Оттон Уолба киһитэ Миитэрэй диэн киһи кинилэргэ олороро. Үлэтиттэн кэлэн, сонун саптан быстах утуйа сытара. Мин киирэрбин кытары бу дьоммут буккуллан аҕай турдулар. Ханна да суох ыты үүр да үүр буоллулар. Эдьиийим этэрбэһинэн, Миитэрэй сонунан. Мин дэлби куттанным. Мин көрдөхпүнэ ыт төрүт суоҕа. Инньэ диэбиппэр, миигин мөҕөн эрэ бүтэрбэтэхтэрэ. Оччолорго сэрии кэнниттэн куоракка «хара мааскалар бааллар» дииллэрэ, олор ыттарын киллэрдиҥ дииллэр. Ааны ас, ыты таһаар дииллэр, быстыам дуо, ааны астым. Ыты таһаарбыт курдук туттан олорунан кэбистилэр уонна «хара мааскалар ыттара, онон бу түүн хайдах утуйабыт, ынахпытын сиэтэн илдьэ бараллара буолуо» дэстилэр. Мин төбөлөрүнэн ыарыйдылар быһыылаах диэн дэлби куттанным. Күтүөтүм Арсен киэһэ үлэтиттэн кэлбитигэр: «Бу кыыс хара мааскалар ыттарын киллэрдэ, түөрт харахтаах хара ыт, – диэтилэр. Мин Арсеҥҥа сибигинэйэн: «Ыт төрүт суоҕа», – диэтим. Ол түүн мин төрүт утуйбатым, ынахпытын уоран барыахтара диэн. Сарсыарда турбуппут туох да буолбатах этэ. Куома Чааскын сарсыарда барбытын кэннэ эдьиийим Ылдьаана: «Ити оҕонньор бэриэччик ыта эбит. Ол иһин бу кыыска көстүбэтэх. Биһиэхэ мааныланан хоноору», – диир. Хаайыыттан тахсан иһэр киһи туох аанньа буолуой, куһаҕан баҕайы таҥастаах, хатыҥыр, хаһырыктыйбыт харахтаах оҕонньор олороро, тугу да улаханы кэпсэппиттэрин истибэтэҕим».

Аны Куома Чааскыҥҥа эмтэммит дьон ахтыыларыттан. Мин икки тастыҥ балыстарым Попова Пелагея Федотовна уонна Башарина Пелагея Игнатьевна иккиэн сэллик буоланнар, кистээн оҕонньорго эмтэнэ барбыттар. Кэһии арыгыларын Уолба маҕаһыыныттан ылбыттар. Оччолорго Уус-Тааттаҕа массыына сылдьыбат. Кыргыттар сатыы барбыттар. Оҕонньорго чугаһаан иһэн, киһи уҥуоҕар тахса сылдьыбыттар уонна биир баараҕай тиит аттыгар ииктээбиттэр. Оҕонньордорун дьиэтигэр киирбиттэр, онуоха оҕонньор: «Бу эһигини күүтэн олоробун», – диэбит. Чэйдэрин таппыттар. Кыргыттары чэйдээҥ диэн ыҥырбыт. Кыргыттар кэһии арыгыларын оҕонньорго биэрбиттэр. Онно оҕонньордоро: «Син кэһиилэнэр эрээригит, тоҕо дьиэҕититтэн-уоккутуттан аҕалбакка, Уолбаттан ыла сылдьаҕыт!» – диэбит. Киһи уҥуоҕар тахса сылдьыбыттарын, улахан тиит аттыгар көҕүрэттибиттэрин көрбүт курдук эппит. Оҕонньор тылыттан куттанан, Башарина Пелагея, Попова Пелагея атаҕын остуол аннынан быһа үктүү-үктүү «төннүөххэ, барыахха» диэн имнэммит. Ол да буоллар, төннүбэтэхтэр, эмтэппиттэр. Пелагея Попова көхсүбүтүн чупчуруйар уонна биһиэхэ ытыһыгар кып-кыһыл хамсыы сылдьар үөннэри көрдөрөр уонна этэр диир: «Мин үөннээх сөтөлү үчүгэйдик эмтиибин, – ыалдьар сирбитигэр уурунар гына туос биэрэр. – Балыыһа биэрэр эминэн эмтэнээриҥ, икки өттүттэн эмтэннэххитинэ, түргэнник үтүөрүөххүт», – диэбит. Кыргыттар иккиэн ыарыылара ааспыта».

Салгыы оччотооҕу оҕо, билигин П.А. Ойуунускай аатынан СӨ судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, 90-тан тахсыбыт биллиилээх аксакал суруналыыс Дмитрий Васильевич Кустуров «Дэҥҥэ кэлэ сылдьыбыт сүдү ыалдьыт» диэн ахтыытын киллэрэн, ааҕааччыларга билиһиннэрэбит:

«Холкуостар бастаан тэриллэллэрин саҕана биһиэхэ оччотооҕу Таатта оройуонун Кириэс-Халдьаайытыгар Харытыанаптартан ордук бас-көс ыал суоҕа. Турбут-олорбут ини-биилэр кыайаллара-хотоллоро, дьүһүннэрэ-бодолоро ырааһа, этэргэ дылы, киһи аҥаар кырыытыттан көрөр дьонноро этилэр. Убайдара Баһылай касыылканан от оҕустарааччы, лабагырыайканан бурдук быстарааччы, алта оҕус тардар малатыылкатын көрөн-истэн, бурдук астатааччы кини буолара. Иккис быраат Миитэрэй отчут-масчыт чулуута, мас ууһун бэрдэ этэ. Үһүс быраатын Сэргэйи, көрбөтөх киһим эрээри, Харытыанаптартан орто үөрэхтээх учуутал этэ дииллэрэ. Кини хомсомуол сылдьан холкуоһу төрүттэспит уонна олорор сирдэрин аатынан «Күндэ» диэн артыал дэппитэ үһү. Кини эдэркээн сааһыгар, сэлликкэ ылларан, өлөн хаалбыт эбит.

Төрдүс быраат Арамаан дьону арааран билиэхпиттэн холкуос бэрэссэдээтэлэ, өтөһүйэн уол оҕо этэ. Ол эрээри ыыс араҕас хааннаах, арылхай киэҥ харахтаах убайдарыттан атын, мотоҕор, кубаҕай сирэйдээҕэ. Тас көрүҥүттэн эбитэ дуу, хайдах дуу, дьон кинини Өтүөс Арамаан, өссө судургутук Өтүөс диэн ааттыыра. Кини, холкуос бэрэссэдээтэлэ киһи, оройуоммут киинигэр Ытык Күөлгэ төттөрү-таары сылдьара кэмнээх буолуо дуо. Ол сылдьан суолун ортотугар баар Уолбаттан биир төрүт-уус ыал – «Хаарыллар дуо» дэппит дьон кыыстарын кэргэн ылбыта.

Арамаан кэргэнинээн түөрт сыл устата олорор да, убайдарын үтүгүннэрбит курдук, айбыта кинини оҕо төрөттөрөн маанылаабатах. Чугас-ыраах сирдэринэн эргичийэн, кэргэнин илдьэн көрдөрө, сүбэлэтэ сатаабыт да, туһа тахсыбатах. Хомойуус да буоллар, хайыа баарай? Оҕоҕо баҕарара бэрдиттэн, сири-буору аннынан, аатырбыт аҕай отоһукка Куома Чааскыҥҥа тиийэргэ быһаарынар. Ол ытык кырдьаҕаһы хайдах гынан тылыгар киллэрбитин билбит суох.

Оччолорго мин, төрдүс кылааска үөрэнэр оҕочоос, сааскы биир үтүө күн, сүөһү көрөөччүлэр олорор дьиэбитигэр оттор маспыт бүттэ диэннэр көлө көрдөһө, ол Харытыанаптарга тиийбиттээхпин. Эбэ алааһын сыырын өрө сүүрэн, абаҕам Дьөгүөр оҕонньор балаҕаныттан чугас, тыа саҕатыгар турар дьиэҕэ көтөн түстүм. Онно дии, урут хаһан да харахтаан көрбөтөх киһим, аҥаар илиитинэн кэтэҕиттэн тардыстан, уҥа ороҥҥо сытар эбит. «Ээ, Куома Чааскыннара ити эбит» дии санаатым. Ол ыккардыгар Арамаан тоҕо кэлбиппин истээт да, «Пиэрмэ сэбиэдиссэйигэр баар, от тиэйээччи кэлбитэ буолуо. Биир оҕуһу көҥүллээтин», – диэт, көхсүбүттэн аан диэки үтүрүйдэ.

Дьиэбэр тиийбиппэр, ким-хайа иннинэ Бааска уол, Дьэбдьэкэ кыыс ыйыт да ыйыт буоллулар: «Хараҕа уоттаах», «дьиппиэрэн сүрдээх даа?», «таҥаһа хара?», «этэрбэһэ түнэ даа?». Ону баара кыыс ийэтэ: «Ыраахтан кэлбит улахан киһи туһунан ону-маны лахсыһымаҥ!», – диэн саба саҥарда. Кэлин истибиппитинэн, Арамааннаах утуу-субуу икки кыыс оҕоломмуттара. Сэттис кылааһы бүтэрээт, куоракка үөрэнэ киирэн-хайаан, ол кыргыттар туох дьон буолбуттарын субу диэн чуолкай билбэппин. Быһата, мин кэпсээбит Харытыанаптарбыттан билиҥҥи Томпо улууһун Кириэс Халдьаайытыгар, иитиэх уоллара Бүөтүртэн ураты, ыал буолан үөскээбит-тэнийбит суоҕун курдук өйдүүбүн. Кэм-кэрдии хамсааһына арыт итинник кэри-куру өрүттэнэр бадахтаах. Эбэ алааһын Илин Бас дэнэр сиргэ урут биэс уонча чилиэн хаһаайыстыбалаах бүтүн холкуос олорбута. Сүүрбэччэ дьиэттэн, биэс сүүсчэкэ сүөһү кыстыыр икки сүүнэ хотонуттан, холкуос хонтуоратыттан, үс маҥхааһайдаах бурдук куумунатыттан дьөрү биирдэстэрэ эмэ ордоохтооботох. Дьон олорботоҕун курдук барыта күөрэ-лаҥкы…

Саха тустаах кэмигэр аатырбыт отоһут Фома Чашкин үтүөнү санаан сылдьыбыт биир сирэ субу соторутааҥҥа диэри итинник бөрүкүтэ суох көрүҥнэнэн турара.

Бу ахтыыны суруйдум Эбэ алааһын Илин Баһын урукку олохтооҕо Миитэрэй Кустуурап

2014 сыл, ахсынньы 3 күнэ»

Дьэ ити курдук, ытык киһи дьоҥҥо-сэргэҕэ көмөлөспүтэ, абыраабыта муҥура суох элбэх. Улуу эмчит туһунан кинигэни хомуйан, 2009 с. оҥорорбутугар, Уолбаттан Куома кырдьаҕас идэтин салҕаан, үтүмэн элбэх киһини эмтээн үтүөрдүбүт уола Михаил Фомич Чашкин дьиэ кэргэнэ, кини олоҕун доҕоро Альбина Саввична Чашкина уонна дьаһалтаҕа үлэлээбит Людмила Ильинична Бурнашева, музей үлэһитэ Оксана Петровна Егорова, Баайаҕаттан кыраайы үөрэтээччи Татьяна Игнатьевна Андросова көмөлөспүттэрэ. Оттон урут Байаҕантай, Таатта улууһугар киирэр Томпо Кириэс Халдьаайытын эҥээриттэн суруналыыс Евдокия Семеновна Неустроева, үлэ, тыыл бэтэрээнэ Иван Иванович Павлов матырыйаал хомуйан ыыппыттара. Ол курдук элбэх киһи көмөтүнэн хомуллубут ахтыылар түмүллэннэр, балачча баай матырыйааллаах дьоһун кинигэ «Айылҕаттан айдарыылаахтар» серияҕа 2009 сыллаахха күн сирин көрөр кыахтаммыта.

Саамай үөрүүлээҕэ диэн, ити ыарахан, уустук идэтин кини төрөппүт улахан уола утумнаан, сааһын тухары бар дьонун эмтээн эрэйдэрин чэпчэттэ. Михаил Фомич Чашкин үйэ аҥаарын кэриҥэ кэм устата ити ытык эбээһинэс оҥостубут эмтиир дьарыгынан ыалдьар дьоҥҥо көмөлөһөн, дьон-сэргэ махталын ылыан ылла.

Хомойуох иһин, биһиэхэ сахаларга сэбиэскэй кэмтэн төрүт итэҕэли билиммэт атеистыы иитии содулугар, онуоха эбии урут алаастарынан, үрэхтэринэн тарҕаһан быданан олорбуппут таайан дуу, аттыбытыгар баар талааннаах, дьоҕурдаах дьоммутун аанньа аахайбат, ситэри сыаналаабат кэрэгэй кэмэлдьи баар. Оннук көһүүн сыһыан урукку итэҕэли-үгэһи билиммэт, киэр илгэр, садаҕалыыр адьынат, репрессия саҕаттан ыла силис тардан, ордук айылҕаттан айдарыылаах идэлээхтэрбитигэр уларыйан биэрбэт. Урукку идэлээх дьоннорбут ыалдьар, эрэйдэнэр биир дойдулаахтарыгар көмөлөрүн, эмтээһиннэрин иһин үтүргэҥҥэ түбэһэн, эрэйи-кыһалҕаны көрсөн туран, үйэлэрин тухары айылҕаттан анаппыт, өбүгэттэн утумнаабыт идэлэриттэн аккаастаммакка, үлэлээн ааспыттара. Сүдү дьоммут туһунан кэлиҥҥи сылларга эрэ кэккэ ахтыылар хомуллан бэчээттэннилэр.

«Бичик» (Айар) кинигэ кыһатыгар 2007 сылтан саҕалаан, анал сериянан Көстөкүүн Чирков, Ньыыкан, о.д.а. уонна билиҥҥи кэм айдарыылаахтарын тустарынан кинигэлэр тахсан барбыттара. Оттон Куома Чааскыҥҥа аналлаах кинигэни Е.Д. Андросов, П.Х. Андросов, Т.И. Андросова, о.д.а. хомуйбут ахтыыларын холбоон, эбии матырыйаал булан түмэн, 2009 сыллаахха хомуурунньук таһааттарбытым. Бу кинигэҕэ Куома кырдьаҕас уолун Михаил Фомич үөлээннээҕэ, талааннаах суруналыыс, төрөөбүт Тааттатын ис сүрэҕиттэн таптыыр Анастасия Морхоева кини туһунан аан маҥнай бэчээккэ таһаарбыт матырыйааллара туспа салаанан киирбиттэрин киэн тутта саныыбын. Анастасия Александровна барахсан биир саастыылааҕын дириҥ ытыктабылынан кэпсиир, суруйар буолара.

Манна өссө биир саха саарына, үтүөкэн киһи туһунан ахтан аһарыахпын баҕарабын. Кини – саха биллиилээх учуонайа, билим дуоктара, үрдүк үөрэх тиһигэр экономиканы үөрэтиини тэрийбит, кэлин суруйааччы быһыытынан ааҕааччылар болҕомтолорун тардыбыт Василий Романович Дарбасов. Уолбаттан аҕыйах көстөөх Дабаччыма диэн Мэҥэ Алдан нэһилиэгин сиригэр-уотугар төрөөбүт-үөскээбит Баһылай Арамаанабыс олоҕун тиһэх сылларыгар доруобуйатынан улаханнык моһуогуран, Михаил Фомичтыын билсибитэ. Эмчит хайдахтаах курдук туһалааҕын, наадалааҕын бэйэтинэн билэн, ыарахан ыарыыны кытары туруулаһан, үйэтэ арыый уһаан, Николай Островскай, Эрилик Эристиин холобура суох хорсун быһыыларыгар ханыылыы, күүһүн түмүнэн хас даҕаны кинигэ суруйбута. «Куома Чааскын» диэн дьиҥ олоххо буолбукка олоҕурбут уус-уран сэһэнин суруйан норуотугар кэриэс кэбиһэн хаалларбыта. Дабаччыма ити айымньытын суруйарыгар Михаил Фомич бэйэтэ, кини олоҕун аргыһа Альбина Саввична о.д.а. улаханнык көмөлөспүттэрэ.

Уолбаттан Михаил Фомич чугас ыала, сахаҕа, киэҥ эйгэҕэ мындыр өйүнэн, дьикти-дьиибэ дьарыгынан биллибит Михаил Трофимович Боппосов маннык дьикти түбэлтэни иһитиннэрэн турар. Чашкиннар дьиэлэрэ электропроводкаттан сылтаан умайбытыгар, истиэнэҕэ ыйанан турбут аҕаларын Куома кырдьаҕас мэтириэтэ хоруордар даҕаны бүтүн хаалбытын дьон барыта сөхпүт эбит. Мин үрдүкү кылааска бииргэ үөрэммит үөлээннээхпин Михаил Боппособу анаан-минээн үлэһэн көрсөн, ааттаах-суоллаах ыкса ыалын туһунан сэһэргэспитим Мантан салгыы кини кэпсээнин ааҕааччы билиитигэр тириэрдэбин:

«1990 сыллаахха биhиги Петр Алексеев аатынан совхозпут отделениетыгар Уолбаҕа Кабардино-Балкария, Нальчик курортугар икки путевка кэлбит этэ. Ону хонтуораҕа сылдьаммын истэммин, мин таhараа ыалбар М.Ф. Чашкиҥҥа кэпсээбитим: «Иккиэн сынньана барыахха!» – диэн оонньуу-күлүү курдук эттим. Мэхээлэ даҕаны ону сэҥээрэ иhиттэ. Онтон мин хонтуораҕа иккиhин сылдьарбар: «Михаил Фомич эмтэнэ барыан баҕарар», – диэтим. Онуоха салалта, ыала киһи доҕор буоллун диэн, иккиэммитигэр путевка анаабыттара. Фомич сөбүлэhимээри гыммытын, дьоно хаайан, иккиэн бэс ыйыгар барбыппыт. Тиийэн олус үчүгэйдик сынньаммыппыт. Хайаҕа экскурсияҕа суруйтараары гыннахпына, киhим арыт буолуммат. Онтон аны ол күнүгэр барсыан баҕарар. Инньэ гынан, бэйэм эрдэттэн суруйтараммын, Эльбрус чыпчаалыгар, атын да Хотугу Кавказ кэрэ миэстэлэригэр сылдьыталаабыппытын үчүгэйдик саныыбын.

Оччолорго путевка 24-тэн тахса күннээх буолара. Хаhaн да бэйэ ыырыттан, дьиэттэн тэйбэтэх дьоҥҥо балачча уhун кэм курдуга. Дьиэбитигэр сурук суруйабыт. Мэхээлэм барахсан кэргэниттэн сурук туттаҕына, сотору-сотору хос ылан ааҕар. Дойдутун, дьонун олус ахтар. Саастаах дьону кытары, нууччалыы бэркэ өйдөһөн, олус тапсан кэпсэтэр. Дьэ ол курдук сылдьаммыт, биирдэ дьиибэ түбэлтэ буолбута. Арай түүн уhуктан кэллим – Мэхээлэм бүк түhэн, төбөтүн харбанан олорор эбит. Уум быыhынан көрдөхпүнэ, уhун сабыччы үүнэн түспүт баттаҕын үргэнэргэ дылы гынар. Уонна тугу эрэ элбэх-элбэҕи ботугуруурун истэбин. Ис хоhоонун үчүгэйдик арааран истибэтим. Арай: «Оҕолорбун кыайан эмтээбэт буоллум…» – диирин эрэ өйдөөн иhиттим. Төһө өр оннук олорбутун билбэтим, мин утуйан хаалбыт этим…

Аны санаатахпына, онтон ыла кини аhаҕастык дьону эмтиир буолбута. Ол иннинэ кини хас да сыл эттэппит эбит быhыылаах. Наар төбөтө ыалдьан, сытан тахсар этэ. Онтон ити соҕуруу сылдьар кэммитигэр бото-болдьоҕо ситэн аhыллыбыт эбит, быhыыта. Ол иннигэр биирдэ эмэ билэр дьоннорун эмтиир этэ. 1995 с. кыыhым диатезтаан эрэйдэммитигэр эмтээн турар. Эмтииригэр туттаары, тоҥсоҕойу ытан аҕаларбар сорудахтаабыта. Ытыан иннинэ алҕаар диэн эппитэ, «эмп-томп буол…» диэн тыллардаах этэ. Биир саастаах уолум Мичил эмиэ киниэхэ эмтэнэн, үтүөрэн хаалбыта.

Нальчиктан төннөрбүтүгэр, куоракка кэлбиппит, хаайтарыы бөҕө буолбут. Маҕаҥҥа сүүһүнэн киhи самолет кэтэhэн олороро. Ол сайын уот кураан сатыылаабыт кэмэ этэ. Киин оройуоннар Ньурбанан эҥин тарҕаhан оттооhун буолбута. Уолбаттан, совхоз атын да отделениеларыттан биригээдэ хомуллан, Ньурбаҕа оттуу көппүттэр этэ. Маҕаҥҥа вертолет Ньурбаттан кэлэн, иккис рейскэ дьону ылан, Тааттаҕа көтүөхтээҕин истибитим. Мэхээлэбинээн сэмээр кэтэhэ сылдьабыт. Тааттаттан киьи бөҕөтө баар. Онтон элбэх киьи остолобуойга аһыы бардылар. Биһигини эмиэ ыҥырбыттарын, барсыбатыбыт. Сэрэйбит курдук, ол кэмҥэ: «Ытык-Күөлгэ вертолет көтөрүнэн, хаассаттан билиэттэ ылыҥ!» – диэн биллэрдилэр.

Биһиги биир бастакынан сүүрэн тиийэн, билиэт ыллыбыт. Уонна посадканы кэтэhэн, аа-дьуо сылдьабыт. Таьырдьа ыраах баар остолобуойтан аһыы барбыт дьон аҕылаан-мэҥилээн, ыксаан-бохсоон кэллилэр. Үгүстэрэ хойутааннар, билиэттэн маттылар. Миэхэ сорохторо: «Вертолет кэлэрин билэр эрээри, тоҕо сэрэппэккин!» – диэн мөҕүттэллэр. Кыһыыта диэн, улахан баҕайы байыаннай вертолекка, борт ойоҕосторугар баар ыскамыайка миэстэтинэн 22 эрэ билиэт атыылаатылар. Дьиҥинэн, ыга симэн төһө баҕарар киһини илдьэ барар кыахтаахтара. Дойдубутугар кэлбиппит кэннэ, аҕыйах хонон баран, силлиэлээх дохсун ардах курулаччы түспүтэ. Онно сылгы үөрүн көрөн өйдөрүттэн сөхпүтүм. Күүстээх тыалга, иҥнэри түһэр, ыаҕастаах уунан кутар ардахха, биэлэр кулуннарын күөннэринэн хаххалаан, ыга симсэн турбуттарын өйдүүбүн. Ол ардах кэнниттэн курааннаабыт, аһыҥа сиэн кубарыччы куурбут ходуһаларга аҕыйах хонугунан от бөҕө ыга анньан үүммүтэ. Инньэ гынан, атын сиргэ баран оттуур кыһалҕа тохтообута.

Михаил Фомичтыын ыаллыы олорор буолан, кини айылҕаттан айдарыылаах киһи буоларын үчүгэйдик билэбин. Биирдэ кинилэргэ киирэ сылдьан, биир эдэр, модьу киһи кэннинэн чугуруҥнаан, ааны кэтэҕинэн аһан тахсыбытын көрбүтүм. Ол киһи ийэтэ Мэхээлэттэн ааттаһар этэ. Мин, төттөрү тахсан бараммын, салгыы тугу кэпсэппиттэрин билбэккэ хаалбытым. Кэлин истибитим, ол киһи арыгытын эмтэтэн баран, кини сэрэтиитин истибэккэ, бобуутун тутуспакка, төттөрү иһэн кэбиспит этэ. Онтон ыла убаҕаһын сатаан кыаммат буолан хаалбыт эбит. Уонна кэлэн, эмчити буруйдуурдуу тыллаһан, Мэхээлэни кыыһырдыбыт этэ. Нэһилиэкпит иһигэр киниэхэ эмтэтэ-эмтэтэ, харыстарын тутуспакка, төттөрү күүскэ иьэр дьоннор бааллара. Ону биирдэ табахтыы-табахтыы сэһэргэһэ олороммут: «Оттон ити дьону өйдөнөллөрүн курдук кыратык моһуоктуу түһүөххүн?» – диэн оонньуу-күлүү курдук эппиттээхпин. Онуоха кини: «Ээ кэбис, бииргэ үөскээбит, бэйэбит дьоммут буоллаҕа!» – диэбитэ…

Биирдэ биригэдьиирдии сылдьан, сиспин тоҥороммун, дьарҕаран улаханнык ыалдьыбыта. Онуоха ыксаан, Сергеев Лазарь Иванович уола Ваня илиитин дэҥнээн моһуогурбутун эмтэтэ барарыгар аргыс буолан, Уус-Алдаҥҥа, Бээрийэ кырдьаҕаһыгар Гурий Турантаевка эмтэтэ бара сылдьыбыппыт. Ол тиийэн чэйдии олордохпутуна, эмчит кэргэнэ хантан сылдьарбытын ыйыталаспыта. Уолбаттан кэлбиппитин истэн, кыыһыран мөхпүтэ: «Бэйэҕитигэр эмтиир киьи баарын кэннэ тоҕо кэллигит?!» – диэн. Биһиги онуоха мух-мах баран, тугу эрэ быһаардыбыт. Онтон эмтэнии саҕаланан, уолбут бастаан киирэн баран, түргэн баҕайытык төттөрү таҕыста. Илиитин, нэһиилэ иһигэр өйөөн, токуччу тутта сылдьыбыт киһибит, холкутук өрө көтөҕөр буолан, үөрэн-көтөн тахсыбытын сөхпүппүт. Хайдах эмтээтэ диэн ыйыталаһыыга, күттүөннээҕи сатаан быһааран кэпсээбэтэ. Онтон миигин Гурий кырдьаҕас көрөн баран: «Үс күн хонон-өрөөн эмтэннэххинэ сатаныыһы», – диэбитэ. Ону мин, оччолорго биригэдьиир, эмиэ даҕаны заправкаҕа солбуйан үлэлиир буоламмын уонна бэлэм массыынаттан хаалымаары, сөбүлэспэтим. «Оччоҕо түөннүүһүбүн», – диэн түөннээн эмтээбитэ. Кырдьаҕас Михаил Фомичтаах хайдах олороллорун ыйыталаспыта, кинилиин чугас аймах буоларын кэпсээбитэ. Уолбаҕа тиийэн баран, Мэхээлэҕэ кэпсээбиппэр, биһиги аймахтыыбыт диэн бигэргэтэн эппитэ. Ол курдук айылҕалаах дьон, бэйэ-бэйэлэрин көрсүбэккэ даҕаны сылдьан, син биир хайдах эрэ билсэ, арааһа сибээстэһэ олороллор эбит быһыылаах диэн өйдөөбүтүм.

Киниэхэ наһаа элбэх киһи кэлэн эмтэнээччи, Хаандыгаттан эҥин нуучча дьоно бөҕө кэлээччилэр. Миигиттэн: «Где здесь живет шаман?» диэн ыйытан үгүстүк ыйдарааччылар. Урут мин наһаа табахтыыр этим, ыаллыы олорор буолан, Мэхээлэ киирэн сэһэргэһэ-сэһэргэһэ табахтаһааччы. Онтон мин сыыйа-баайа табахпын бырахпытым, ону ыалым, атаһа Кириллин Уйбаанныын быраҕыа диэн итэҕэйбэккэ сылдьан, сөхпүттэрэ. Михаил Фомич: «Аны үс сылынан тыҥаҥ ырааһырыа», – диэбитэ».

Дьэ ити курдук, Михаил Фомич Чашкин аҕатын, удьуор өбүгэлэрин утумнаан, айылҕаттан аналын толорон, төһөлөөх ыарыһаҕы эмтээбитэ буолуой?! Кини үтүөтүн-өҥөтүн биир дойдулаахтара үрдүктүк сыаналааннар, Таатта улууһун бочуоттаах гражданинын аатын иҥэрбиттэрэ. Айдарыылаах эмчит өссө даҕаны бар дьонугар көмө-өйөбүл буола турдун. Саха дьоно, кини курдук дурда-хахха буолар айылҕалаахтарбыт баалларын тухары, кэлэр кэскилбитигэр эрэллээх, бигэ тирэхтээх буолуохпут.[3]

АЙЫЛҔАНЫ АРАҤАЧЧЫЛААЧЧЫ

Саха ньургуннарын, дьон түөрт кырыылаахтарын кытары бииргэ үлэлээһин

Уйбаан Буурсап биир бастакынан айылҕа харыстабылын, экология боппуруоһун сытыытык көтөхпүт, дьиҥ дьыаланан утумнаахтык үлэлэспит уонна бэчээт нөҥүө баар балаһыанньаны аһаҕастык, кырдьыгынан дьоҥҥо-сэргэҕэ арыйан тириэрдибит киһи буолар. Дьэ онтон ыла кини доҕотторо суруйааччы Василий Титов, суруналыыстар Иннокентий Захаров, Уйбаан Уххан, кэлин соҕус Дмитрий Бубякин, Александр Бурцев-Салҕааһын, о.д.а. ити тиэмэҕэ элбэхтэ суруйбуттара. Аан маҥнай И.С. Бурцевы «Чолбон» сурунаалга көрөр-билэр буолбут эбиппин. Кини саха норуотун, үөрэхтээхтэрин чиэһин, үтүө аатын көмүскээн турууласпыт патриот суруйааччы И.Е. Федосеевы кытары билсэрэ, сурунаалга кэлэ сылдьара. Мин оччолорго норуот суруйааччыта Далан сүбэтинэн «Хотугу Сулустан» («Чолбонтон») саҕалаан, бэчээт эйгэтигэр – кинигэ кыһатыгар үлэлии киирбитим дьылҕа хаан бэлэҕэ эбит.

80—90-с сыллар саҥаларыгар көҥүл санаа, омук кыһалҕата буолар тыын боппуруостары көтөҕөр, сымыйа буруйдааһыннартан көмүскэнэр, ааспыт устуоруйа «үрүҥ бээтинэлэрин» тириэрии, эрэпириэссийэлэнэн умнууга хаалбыт норуот чулуу дьонун сырдык ааттарын төнүннэрии киинэ буолбут Суруйааччы союһун уоргана «Чолбон» сурунаал этэ. Онно үлэлиир умнуллубат сылларбар саха бастыҥ суруйааччыларын, интэлигиэнсийэ, араас эйгэ чулуу бэрэстэбиитэллэрин билбитим, ыкса алтыһан барбытым. Ол дьиктилээх кэмнэртэн ыла Далан, Тумарча, Доосо, Эрчимэн, Бүөтүр Аввакумов, Сэмэн Руфов, Харысхал курдук биллиилээх суруйааччылардыын биир тэрилтэҕэ үлэлээн билсибитим. Софрон Данилов, Савва Тарасов, Моисей Ефимов, Гаврил Колесов, Багдарыын Сүлбэ, Дьөгүөр Алексеев, Баһылай Дарбааһап, Тэрис, Уххан, Дабыл, Уйбаан Ушницкай, Уйбаан Бурцев, о.д.а. саха саарыннарын кытары алтыһар дьолломмутум.

Оччолорго И. Бурцев, Д. Бубякин, о.д.а. экология боппуруоһун күүскэ көтөҕөн дьон-сэргэ ити кыһалҕаҕа болҕомтотун хатаабыт кэмэ этэ. Миигинниин биэс хааһах диэбиккэ дылы, «Кыым» хаһыакка (21.10.1989) В.Н. Егоров-Тумарча «Северные просторы» киин сурунаал 3 №-гэр «Дом под угрозой» диэн уопсай төбөнөн «Спроси у хозяина» экология проблемаларын сытыытык сырдатар суруйуутун сэҥээриини («Дьиҥ баарынан, кырдьыгынан») бэчээттэппитим. Эмиэ ити сылга Чурапчы Арыылааҕын Көмньө сайылыгар буолбут быһылаан туһунан суруйбуттааҕым. Ону бииргэ үлэлиир дьоммор көрдөрбүппэр, Доосо обургу: «Доруобуйа харыстабылын миниистирин аатыгар ыстатыйаҕын «Аһаҕас сурук» быһыытынан төбөлөө», – диэн өй укпута.

Уйбаан Бурцевтаах суруйууларыттан тэптэн, Саха АССР доруобуйатын харыстабылын миниистиригэр И.И. Местниковка аһаҕас сурукпар маннык эппит эбиппин: «Ытыктабыллаах Иван Иванович! Уларыта тутуу, иһитиннэрэн-биллэрэн иһии илгэлээх кэмэ буолан, «Кыым», «Молодежь Якутии», «Социалистическая Якутия» хаһыаттарбыт биллиилээх суруналыыстара, народнай депутаттарбыт өрөспүүбүлүкэҕа кутталлаах экологическай балаһыанньа үөскээбитин, кистэлэҥинэн ядернай дэлби тэптэриилэр ыытыллыбыттара ырааппытын, Бүлүү иэдээнин аахсыбакка, ГЭС-тэри уонна АЭС-тары тутарга былаанныылларын, өссө радиоактивнай тобохтору көмөр, кистиир миэстэни бэлэмниир курдуктарын туһунан суруйдулар, аһаҕастык кэпсээтилэр.

Саха сирин олохтоохторун үйэтэ ортотунан 48–55 сылга диэри кылгаата диэн олохтоох уонна киин бэчээккэ суруйар буоллулар. Тоҕо норуот доруобуйата алларыйда, үйэтэ кылгаата, ахсаана өнүйбэт буолла? Оттон соторутааҕыга диэри уһун үйэлээхтэрбит элбэҕинэн Союз үрдүнэн сураҕырар этибит эбээт! 1977 сыллаахха сайын Чурапчы оройуонун Арыылаах дэриэбинэтигэр ынырыктаах трагедия буолбута…

………………………………………………………………………..

Онон, ытыктабыллаах Иван Иванович, эһиги, норуот доруобуйатын харыстабылыгар турар эмп үлэһиттэрэ, киһиэхэ кутталлаахтык дьайар экологияны кэһии содулларын, өрөспүүбүлүкэҕа радиация туругун хонтуруоллуур, бэрэбиэркэлиир ханнык миэрэлэри ыллыгыт, туох үлэни ыытаҕытый? Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун доруобуйалара, дьылҕалара, инники кэскиллэрэ эһиэхэ итэҕэйиллэр, эһиги илиигитигэр баар. Мин ыйытар, ыалдьар боппуруостарбар, мунчаарар, дьиксинэр санааларбар дьон-сэргэ бары да таарыйтарар буолуохтаахтарын билэбин. Түмүкпэр бар дьоҥҥут, норуоккут туһугар кыһамньыгытыгар туохтан даҕаны толлубакка турунаргытыгар эрэлбин биллэрэбин («Саха сирэ». 1989 с.)».

Инньэ гынан, оччотооҕу бэрээдэк быһыытынан миниистир бэчээт нөҥүө эппиэттииргэ күһэллибитэ. Онуоха маннык эридьиэстээх түгэн баара. Биир дойдулааҕым, обком лектора, наука дуоктара, профессор Валентин Степанович Луковцев төлөпүөнүнэн: «Доҕоор, миниистир миэхэ эрийэн “эйиэхэ эппиэт суруйа олоробун” диэтэ. Онон эн биһикки бу курдук кэпсэтэн кэбиһиэх. Эн, аны буккуур тахсыбатын курдук Валерий Луковцев диэн ааккын толору суруйар буол», – диэн сиэрдээхтик эппитэ. Онтон ыла «Дэли» эҥин дэнэ сылдьыбыттааҕым.

«Кыымҥа» үлэлиир Уйбаан Сэмиэнэбис мин бастакы публикацияларбын ааҕан уонна арааһа Доосоттон истэн, миигин бэлиэтии көрөр, кэпсэтэр буолбута. Онтон ыла экология боппуруостарынан алтыһан саҕалаан, ордук ыкса И.И. Шамаев, Н.Д. Кириллин тэрийбит «Ил» гражданскай сомоҕолоһуу партиятыгар (1998 сылтан), 2002 с. кэлин Саха уопсастыбаннай Киин диэн ааттаммыт уопсастыба тэрилтэтигэр бииргэ кыттан чугаһаспыппыт. Ити түмсүүгэ геолог Николай Дмитрьевич баарынан биир идэлээхтэрэ Уйбаан Бурцев, Тумарча, Аркадий Андреев, Руслан Протопопов, горняк Владимир Титов уопсастыбаннай туруулаһар үлэҕэ күүскэ кыттыбыттара. 2001–2002 сыллартан саҕаламмыт пикеттэргэ, миитиннэргэ оччолорго даҕаны сааһырбыт дьон, кинилэр уонна М.С. Иванов-Багдарыын Сүлбэ, А.И. Эверстов, И.А. Егоров-Оһуохай Уйбаан, кэлин сорох түгэҥҥэ учуонайдар Дария Антипина, Михаил Слепцов, о.д.а. аҕыйах киһи сүрдээх бөҕө тирэх, өйөбүл буолбуттарыгар махталбыт ааспат. Ол саҕана салалтаҕа нэһилиэнньэттэн илии баттааһыннаах суруктары киллэриилээх, уулуссаҕа миитиҥҥэ, пикеккэ тахсыылаах хамсааһыҥҥа адьас аҕыйах киһи кыттара. Бэрээдэги көрөр аатыран, бэлииссийэ өттүттэн соруйан, дьону дьулатаары, наһаалыыр көкөт эмиэ элбэҕэ. Оннук күчүмэҕэй түгэннэргэ аҕа көлүөнэ бастыҥ дьоммут биһиэхэ дурда-хахха, сүрүн тирэх буолбуттара.

Дьухха, аҕыйах саҥалаах, элбэх дьайыылаах И.С. Бурцевы кытары биир улуустан, Лөгөй нэһилиэгиттэн төрүттээх Владимир Борисов ытыктаан, киниэхэ Хоро Хоһуун диэн таптал аат кэриэтэ иҥэрбитэ. Ириэнэхтэн иҥнибэт, тоҥтон толлубат Уйбааҥҥа онто олус сөп түбэһэрэ.

Оччолорго даачата эҥин суох эдэрчи дьон, биһиги, Уйбааммыт сайылыгар, Тумарча Өктөмҥө баар дьиэтигэр саас, сайын аайы тахса сылдьарбыт, аны санаатахха, хатыламмат үтүө да кэмнэр эбит! Биирдэ күһүн муус ылса тахсыбыппыт. Халыҥаан эрэр күөл мууһугар кыраһалаабыт чараас хаарга 70 саастаах Уйбаан Сэмиэнэбис чэпчэки баҕайытык кылыйбахтаан ылбытыгар амыдайа Уйбаан Шамаев олус сөхпүтэ, үөрбүтэ бу баарга дылы. Атын түгэҥҥэ эмиэ кини даачатыгар күһүн Майаттан кыраайы үөрэтээччи Ылдьаа Куолаһап киирбитигэр тахса сырыттыбыт. Баар балаһыанньа, бэлиитикэ боппуруостарыгар санаа атастаһаары, сүбэлэһээри, Борисов Володябыт этиитинэн кырдьык-хордьук төлөпүөммүтүн былыргы ыскаап түөһүн тардарыгар уктубут. Сатаатар, дьиэлээх киһибит кэккэлэһэ уһаайба нөҥүө уоргаҥҥа үлэлээбит ыаллаах этэ. Онтукатын кытары Уйбаан атастыы аҥаардаах. Онтон сонно кэпсэтии, мөккүһүү саҕаламмытыгар, ууга-хаарга киирэн омуннуран, онуоха эбии Ылдьаабыт төрүкү улахан саҥатыттан үтүктүспүттүү, бары саҥабыт лаппа улаатан маргыар бөҕө буолан бардыбыт. Онно хайа эрэ дьээбэлээх: «Ыскаапка сытар төлөпүөнтэн «мойуор» иһиттин диэн ордоотуу-ордоотуу кэпсэтэр быһыыбыт дуо, бу?!» – диэбититтэн күлэн быара суох бардыбыт. «Мойуор, кассетаҕын уларыт эрэ!» – эҥин диэн, эбии туустаан-тумалаан, күлсүү бөҕө. Уйбааммыт: «Иһиттиннэр ээ, туохтаах үһүнүй?! Дьон-норуот, судаарыстыба интэриэһигэр үлэлиибит буолбатах дуо?!» – диэн көбдьүөрбүтүгэр, бары биир тыла суох сөбүлэстибит. Дьэ итинник көрдөөх даҕаны, ыгым да түгэннэргэ Хоро Хоһуун ымыттыбат дьиппиэнэ, хорсуна барыбытыгар холобур буолааччы. Сэрии оҕолоро, сорохторо тулаайахтара саха саарыннарын, убайдарбыт барахсаттары кытары «эн-мин» дэһэн уопсастыбаннай дьыалаҕа бииргэ үлэлээбиппитинэн, күн бүгүнүгэр диэри Буурсап Уйбаанныын, Тумарчалыын чугастык алтыһа турарбытынан чахчы даҕаны дьоллоох эбиппит.

Мантан салгыы ытыктыыр, саха барыта тумус туттар киһитэ аҕа доҕорум Иван Семенович олоҕун, үлэтин туһунан кылгастык билиһиннэрэ, эбии сырдата түһүөҕү баҕарыллар.

Айыы бухатыырыгар холоонноох

Охтон баранар мастаах, уолан бүтэр уулаах орто дойдуга ийэ айылҕатын харыстыырга-хараанныырга үрдүк аналланан кэлбит Уйбаан Буурсап булгуруйбат модун дьулуурунан, өҕүллүбэт өһөс, кэннинэн кэхтибэт дьүккүөрүнэн олоҥхо бухатыырыгар холоонноох хоһуун киһи. Туруулаһан үлэлээбитэ, дьаныһан ситиспитэ, суруйбута-айбыта оҕордук биир киһи холугар кыайтарбат таһыччы. Дэгиттэр дьоҕура, ылсыбыт үлэтин хайысхалара киэҥэ эмиэ сөхтөрөр. Ол да иһин, дэлэҕэ уос номоҕор, уус-уран айымньыга киириэ дуо! Бүлүү өрүс тардыытын айылҕатын көмүскэлигэр бииргэ үлэлэспит доҕоро, талааннаах суруйааччы Эдуард Соколов-Тулусхан «Хампа» улахан айымньытыгар кини уобараһын дьүһүйбүттээх. Оттон биир идэлээх аҕа табаарыһа норуот суруйааччыта Тумарча «Биһиги Аан Дархаммыт» романыгар эмиэ кинини бар дьон интэриэһин көмүскүүр үлэ инники күөнүгэр сылдьар уопсастыбанньык быһыытынан ойуулаан көрдөрбүтэ. Киһи бэйэтэ баарыгар сити курдук айымньы дьоруойа буолуута балачча сэдэх түбэлтэ диэххэ сөп.

Хантан, хайдах олоҥхо бухатыырыныы маннык хатан хатарыылаах киһи үс кырыылааҕа, ураты уһаарыылаах урааҥхай уһуктааҕа баар буолбутай диэн ыйытыкка бэйэ санаатын аҕыйах тылынан быһыта-орута суруйан билиһиннэриэҕи баҕарыллар.

Төрүт сир төрүөҕэ, ытык ыал ыччата

«Уол оҕо барахсан бу охсуһуулаах орто туруу бараан дойдуга оройунан түһэн кэлиэҕиттэн муҥу муннунан тыыран, эрэйи эҥээринэн тэлэн уйана-хатана биллэр, буһууну-хатыыны, тургутууну ааһан, киһи-хара буолар». Бу – өбүгэлэр олоҥхоҕо хоһуйуллар сахтартан ыла үөрэтиилэрэ-такайыылара. Уйбаан төрүкү тыйыс-хаҕыс айылҕалаах Саха сиригэр уһун уот кураан сатыылаабыт, олохтоох саха нэһилиэнньэтин үс гыммыттан биирин имири эспит, аан дойдуну атыйахтаах уу курдук аймаабыт алдьархайдаах сэрии сылларын кирбиитэ бүрүүкээн, ыган кэлэрин саҕана – 1940 сыл олунньу 17 күнүгэр күнү көрбүт эбит.

Буурсап аймах биһигин ыйаабыт төрүт сирэ Уус Алдан Хоро нэһилиэгин уруккута дириҥ силистээх-мутуктаах. Бороҕон Мүрү Эбэтигэр сай-һат диэбит хоролору төрүттээбит өбүгэ киһи – норуот номоҕор Алдан, Амма өрүстэри ааттаталаан ааспытынан бэркэ биллэр сүүрүк оҕустаах Улуу Хоро. Кини Омоҕой Баайы, Эллэй Боотуру кытта бүтүн омугу ууһаппыт-тэниппит биир ытык өбүгэбит. Хоролор Бороҕон улууһугар Мүрүнү сэргэ Туймаадаҕа Хатас сиригэр-уотугар тойон ууһа хаҥаластары кытары ыаллаһан олорбуттара үһү. Нуучча кэлиитин саҕана уйаара-кэйээрэ биллибэт Саха сирин былаһын тухары тарҕанан олохсуйбуттар. Ол да иһин, Үөһээ Бүлүүгэ, Сунтаарга, Өлүөхүмэҕэ эмиэ олохсуйаннар, күн бүгүнүгэр диэри Хоро нэһилиэктэрэ сириэдийэн олороллор. Бэл, инньэ Дьааҥыга, Абыйга, Усуйаанаҕа, Булуҥҥа хоролор тиийбиттэрэ үһүйээннэргэ сэһэргэнэр. Бука, иҥнигэһэ-толлугаһа суох, атаҕастанары-үтүрүллэри сөбүлээбэт буоланнар, оччолорго, кыргыс үйэтин саҕана, ынах-сылгы сүөһүлээх үс саха аҕатын уустара хотон олохсуйа иликтэринэ «кыйаар дойдута» дэнэр Бүтэй Бүлүүгэ, таас дьааҥы, тумара туундара хотугу сирдэргэ аартыгы арыйдахтара. Иннилэрин биэримтиэтэ суох бурулҕа, боотур майгыларынан сэһэҥҥэ-номоххо киирбиттэр. Уйбаан Сэмиэнэбис төрүттэрэ дьэ ол хоролор Мүрүтээҕи аҕа баһылыктарын, Тыгын Дархан доҕоро-атаһа Тарбыах Тиис Эгий диэн уолуттан тымыр-сыдьаан тардыбыттар.

Хос эһэтэ Ыстапаан тимир, мас ууһа. Кини Байаҕантай, Таатта дьонун айанын аартыгар, Тандалыыр суол ааһар Илин Үрэххэ (харыс аатынан, былыргыта, сурукка киирбитинэн Дьэҥкиидэ) Кыймаласпыт диэн сиргэ олохсуйбут. Кини уола, Бороҕон улууһун кулубатынан талыллыбыт аймаҕа Миитэрэпээни утумнаан, бэйэтин кэмигэр син биллэр-көстөр, атын нэһилиэктэргэ «били аатырбыт Отох Охонооһой» дэтэр сытыы-хотуу, тыллаах-өстөөх киһи эбит. Сэрии сылларыгар муҥха тэрийэн, чугастааҕы дьонун хоргуйууттан быыһаабыт. Тууһут, илимньит оҕонньор Макеевтар диэн түөрт оҕо дьоно өлөннөр тулаайах хаалбыттарыгар туутуттан биэрэн, хайдах угарын улахан уолга сүбэлээн биэрбитин, кэлин уол, милиция майора буолбут киһи: «Хоргуйан, эстэр суолга киирбиппитин эн аһыныгас, үтүө санаалаах эһэҥ быыһаан турар», – наһаа махтанан ахтыбыт. Уйбаан Сэмиэнэбис эһэтин өссө бу курдук ахтан суруйбут: «Күөллэр туоналарын биэс тарбах курдук билээччи, муҥха тардыытын дьаһайааччы, ыйанкэрдэн биэрээччи – кини этэ… Кэлин олох сааһырбытыгар тиэйэн киллэрэн, туона үктэтэллэрэ уонна төттөрү тиэйэн таһаараллара… Эһэбин Илин Үрэх дьоно бука бары ытыктыыллара… Кини этиитин, сүбэтин мөккүөрэ суох ылыналларын билигин саныы-саныы сөҕөбүн эрэ. «Охонооһой оҕонньор туох диирэ буолла» дэһэллэрин истэрим».

Оттон биһиги Уйбааммыт аатын ылбыт абаҕатын, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр үөрэх эйгэтин үлэһитэ буолан иһэн, эдэр сааһыгар кылгас үйэлэммит И.А. Бурцев туһунан «Уйбаан» диэн 2016 с. Илин Үрэх Бурцевтарын төрүттэрин-уустарын, аймах-билэ дьонун сырдатар бэрт иһирэх ис хоһоонноох кинигэни таһааттаран турар. Онно Макеевтаахха сыһыаннаах биир дьикти түгэни Уйбаан Сэмиэнэбис ахтар. Илин Үрэххэ кинилэр тыымпыттан былыргы саха боотурун куйаҕын – түөскэ кэтэр ылтаһынтан оҥоһуллубут хатырык куйаҕы уонна икки тимир дуулаҕа бэргэһэни булбуттар. Ону эһэтэ үөрэхтээх Уйбааннарыгар тиксэрбитэ Санкт-Петербург куорат музейыгар хараллыбытын чугас аймахтара талааннаах устуорук учуонай Федор Васильев «Военное дело якутов» кинигэтин бэлэмнииригэр туһаммыт, Х – ХIV үйэлэргэ сыһыаннааҕын бэлиэтээбит.

Уола үстээҕэр эрэ сэриилэһэ сылдьан былаҕайга былдьаммыт аҕатын Сэмэн ааспат аһыытын санатар «Саллаат дьылҕата», «Аҕам саата» суруйууларыгар ойууланар түгэннэр аахпыты эрэ долгуталлар: «Тастыҥ эдьиийдэрим кэлин кэпсииллэринэн, өлбүтэ дьиҥнээхтик чуолкайдана илигинэн буолуо, киһилэрин син биир күүппүттэр, сэмээр, таска таһаарбакка эрэ. Оннооҕор идэһэлэрин этиттэн хаһааналлара үһү… «Өлүүлээн биэрбит кустарыгар биир эмис баҕайы улахан сара көҕөн баарын эһэм тоҕо эрэ сиэппэтэҕэ… (аҕатын үөлээннээхтэрэ «кыттыгас» оҥостон куска илдьэ сылдьан баран, кыра уолга чаастаан биэрбиттэр. – Ааптар). Эһиилги сайыныгар эһэм тастыҥ быраата, сэрии кыттыылааҕа Н.Д. Бурцев Эбэттэн күүлэйдии тахсыбыта. Эһэм ааспыт сайын бултаабыт кустарбыттан, булууһуттан таһааран, буһаттарбыта… Бу 1952, эбэтэр 1953 сыл сайына бадахтаах. Кус аҕабар ананан булууска ууруллубут буолуохтаах дии саныыбын.

«Сыыһа биллэриилэр кэлэллэрэ үһү», «сураҕа суох сүппүттэр көстөллөр» эҥин диэн кэпсээннэр дэлэй эбиттэрэ буолуо. Дьонум дууһаларын түгэҕэр, сүрэхтэрин-быардарын хайа эрэ муннугар өр сылларга таска быктарбакка иитиэхтээн, саһыаран илдьэ сылдьыбыт эрэллэрин кыыма хаһан бүтэһиктээхтик өспүтүн этэр күчүмэҕэй. Биири билэбин – кинилэр өр да өр күүппүттэрэ. Ити биһиэхэ эмиэ бэриллибитэ диибин, ордук миэхэ уонна аҕам эдьиийигэр Прасковья Афанасьевнаҕа». Саллаат Сэмэн кэргэнэ, хоһуун үлэһит, сытыы тыллаах-өстөөх бүгүрү киһи, Фекла Васильевна Турантаева, 25 саастааҕар эрэ огдообо хаалан баран, хос кэргэн тахсыбакка, эрин дьонун кытары олорбут. Кырдьаҕастары көрөн-харайан үйэтин моҥообут.

Арай ол кылгас үйэлэммит саллаат Сэмэн аатын ааттатар уол оҕону сэриигэ барыан иннинэ кыл мүччү кэриэтэ хаалларбатаҕа буоллун диэн ыйытык үүйэ-хаайа тутар. Оччотугар Уйбаан Буурсаптан атын, кини курдук геофизик, геолог идэлээҕинэн, Мииринэйгэ 60-с сыллартан «Ботуобуйа» экспедициятыгар үлэлээн, Мииринэй тыатын барытын кэрийбит уонна үлэтин сүнньүнэн салалтаҕа туруорса, киирсэ сатаан баран суруналыыс талааннаах буолан, «уларыта тутуу», «гласность» диэн ааттаммыт демократия көҥүл салгына биллээтин кытары сытыы суруйуулары оччотооҕу обком уоргана «Кыым» хаһыакка бэчээттэтэн «айдааны таһаарбыт» киһи көстүө эбитэ дуу? Бороҕон улууһун олоҥхоһута Дмитрий Михайлович Говоров хоһуйбут Бүдүрүйбэт Мүлдьү Бөҕөтүн кэриэтэ тохтоон-чугуйан хаалбакка дьүккүйэн, Уйбаан Буурсап «судаарыстыба сэкириэтэ» аатыран кистэммит сир аннынааҕы саахаллаах ядернай дэлби тэптэриилэр, айылҕаҕа, кыылга көтөргө, олохтоох нэһилиэнньэҕэ суоһар кутталынан суоһуур, хостонон баран аһаҕас халлаан анныгар хараллыбакка хаалбыт уран рудатын дьапталҕаларын, кимиэхэ даҕаны биллэ илик Саха сиригэр баар кистэлэҥ ядернай полигон туһунан киэҥ билиигэ аһаҕастык таһааран, олор содулларын туоратыыны туруорсубута.

Бастакылартан биир бастыҥнара

Уйбаан Сэмиэнэбис сэрии тулаайаҕа, эһэҕэ-эбэҕэ иитиллэн, өбүгэ төрүт үгэстэрин, олоҥхо саҕаттан олоҕуран, тутуһуллан кэлбит айыы киһитин кодексын урукку сэбиэскэй иитиини кытары дьүөрэлээн ылыммыт аҕа көлүөнэ ыраас дууһалаах, көнө санаалаах, көмүскэс сүрэхтээх бэлиэ бэрэстэбиитэлэ. Удьуор утумунан аартыгы арыйааччы, саҥаны саҕалааччы буолбута үгүс. Ылсыбытын ыһыктыбат, мэһэйтэн-харгыстан харыастан хаалбакка, дьэ эбии тэптэн, өрө баран туох эрэ түмүгү хайаан даҕаны ылан, туруоруммут сыалын-соругун ситиһэн тэйэр дьүккүөрдээх.

Сахаттан биир бастакынан геофизик-геолог идэтигэр күргүөмүнэн киирэн үөрэммиттэртэн, үлэлээбиттэртэн кинини эмиэ ааттыахха сөп. Аармыйаҕа үс сыллаах сулууспа кэнниттэн 1962 сыллаахха геолог халыҥ хамаандатын үөрэтэн таһаарбыт, онтон ону тохтотон, саҥа геофизиктары бэлэмниир соруктаммыт Алдан техникумугар үөрэнэн идэ ылар. «Геофизик идэтэ соторутааҥҥы кэмҥэ диэри Саха сиригэр эрэ буолбакка, дойду бүттүүнүн үрдүнэн даҕаны бэрт сэдэх идэнэн биллэрэ. Геофизика биһиги дойдубутугар отутус сыллардаахха геология биир салаатын быһыытынан үөдүйэн баран, билиҥҥи кэмҥэ сайдан, кэҥээн, бэйэтэ туспа наукаҕа кубулуйда. Судургутук эттэххэ, минераллар уонна хайа боруодалара магниттарынан, өлүү ыйааһыннарынан, электричествоны аһарыыларынан, радиоактивностарынан уонна да атын өрүттэринэн бэйэ-бэйэлэриттэн уратылаахтарыгар бу наука олоҕурар. Геофизика гаас, ньиэп, таас чох, тимир рудата, хорҕолдьун, кыһыл көмүс, алмаастаах кимберлитовай туруупка уонна да атыттар ханна, төһө дириҥҥэ сыталларын көрдөөһүҥҥэ аналлаах» диэн кини идэтин туһунан бэрт дьэҥкэтик быһаарбыта.

Араас омук ааттаахтарын ортотугар сирдэриэхтээҕэр, сүрэҕинэн-бэлэһинэн, кыайыгас үлэһитинэн, билиитинэн-көрүүтүнэн, булугас сытыы өйүнэн инники күөҥҥэ сылдьан күүскэ үлэлиир. Тахсыылаахтык үлэлии сылдьан, ордук Мииринэйдээҕи кэмигэр, дьиҥ сахалыы мындыр өйүнэн, омсолооҕу, итэҕэһи-быһаҕаһы кытары эйэлэһимтиэтэ суоҕунан сир баайын хостооччулар үлэлиир истииллэрин, хотугу сир уйан айылҕатыгар көһүүн, бэл алдьатыылаах сыһыаннарын сөпсөөбөт буолан барар. Бырамыысыланнас сир баайын хостуур хампаанньаларын салалтата, кистэлэҥ сир аннынааҕы саахаллаах ядернай дэлби тэбиилэри оҥорбуттар, айылҕаҕа тахсар хоромньуну бохсор, содулун аччатар, туоратар, чөлүгэр түһэрэр туһугар миннэрин да тартаран көрбөттөрүн иһиттэн билэр, ону өйө-санаата ылыммат. Ордук урукку Садын оройуонун Бүлүү муоратын анныгар тимирдиллибит Туой Хайа бөһүөлэгин (Олимпиада призера Александр Иванов төрөөбүт-үөскээбит төрүт дойдута) олохтоохторун иэдээннээх дьылҕата уйулҕатын көтүппүтэ. Остуоруйаҕа кэпсэнэрдии сиэдэрэй оттоох-мастаах, эгэлгэ сэдэх үүнээйилэрдээх, өлгөм бултаах, сир астаах айылҕа маанылаах дьикти кэрэ миэстэтэ, сир үтүөтэ далай уу түгэҕэр хаалбытын өйө-сүрэҕэ ылыныан баҕарбата. Төрүт сирдэриттэн толору хааччыллыылаах бэлэм дьиэҕэ-уокка тиийиэххит диэн албыннаан, күһэлэҥ быһыытынан көһөрүллүбүт, олохторо огдолуйбут, Арыылааҕынан эҥин үтүөх-батаах сылдьар туой хайалар дириҥ кутурҕаннара, муор-туор дьылҕалара Уйбаан аһыныгас сүрэҕин аймыыра. Кинилэргэ сиэрдээх сыһыаны ирдэһэр баҕаламмыта. Систиэмэҕэ уларытыы киллэрэр кыаллыбатын, сир баайын хостооччулар үлүгэрдээх ыраас барыһы ылартан хаһан даҕаны аккаастанар баҕалара суоҕун өйдүүр. Таас эркиҥҥэ төбөнөн сааллар тэҥэ, туруорса-киирсэ сатаан баран, бэчээт, кырдьыктаах тыл күүһүнэн туруулаһар толкуйу булунар.

1967–1971 сылларга Саха сиринээҕи территориальнай геология салалтатын экспедицияларыгар үлэлиир. Ити сылларга СГУ-ҕа кэтэхтэн үөрэнэн, инженер-геолог идэтин ылар. 1973–1983 сс. «Якутскгеологияҕа» уонна «Якуталмазка» геофизик, геолог уонна научнай үлэһит быһыытынан ситиһиилээхтик үлэлиир. Онтон икки сыл «Вилюйгэсстройга», салгыы «Кыым» хаһыакка спецкорреспонденынан ыҥырыллар. Дьэ онтон ыла уу да ылбат, уот да сиэбэт курдук санаммыт «Якуталмазтар» уйаларыгар ууну киллэрэн барар. 1986 сылга Мииринэй уонна Бүлүү бөлөх оройуоннарыгар тулалыыр эйгэни харыстааһын, экология боппуруостарын аан бастаан утумнаахтык, сытыытык хаһыакка көтөҕөр. Кини дьаныардаах туруорсуутунан ССРС НА СС институтун, бырабыыталыстыба чилиэннэрэ кыттыылаах хамыыһыйаны өрөспүүбүлүкэ салалтата тэрийэр, алмаасчыттар айылҕаҕа таһаарбыт хоромньуларын туоратар, ол кэннэ харыстабыл миэрэлэрин ыларга модьуйар. Муус дьэ хамсаан барар.

Бобууттан чаҕыйбакка, хаарчахтан хаайтарбакка тоҕо көтөн, кистэлэҥҥэ тутуллубут сэдэх докумуоннары сатаан ирдэһэн булан, киэҥ билиигэ таһааран, олохтоох исписэлиистэри түмүүнэн муҥурдаммакка, урукку Сэбиэскэй Союзка, Арассыыйаҕа биллэр А.В. Яблоков, о.д.а. курдук биллиилээх академиктары, учуонайдары кытыннаран, мөккүһүннэрбэт дакаастабыллары оҥорторон, радиация содулларын туоратыыга анал судаарыстыбаннай тэрилтэ тэриллэригэр кыах биэрбит, сүрүн оруолу толорбут И.С. Бурцев курдук ытык өбүгэлэрин, төрөппүтүн аатын дорҕоонноохтук ааттаппыт айыы аймаҕын араҥаччылааччы, күн улууһун көмүскээччи баарынан биһиги, сахалар, бука бары киэн туттабыт.

Бэлиэтэммитин курдук, И.С. Бурцев сүрүн идэтин, үлэтин таһынан суруналыыс, публицист, кыраайы үөрэтээччи, аҕа көлүөнэни, кэрэ-бэлиэ дьону, бэйэтин биир идэлээхтэрин, геология, геофизика, о.д.а. идэлэрин сырдатааччы быһыытынан эмиэ биллэр. Бэчээккэ элбэхтэ бэчээттэммитин таһынан таһааттарбыт кинигэлэрин ахсаана уоҥҥа тиийдэ. Үлэлээбит тэтимин ыһыктыбакка, аҥаардас кэлиҥҥи икки сылга «Бастакылар» (2020) уонна «Радиоактивная Якутия» (2021) кинигэлэри бэчээттэттэ. «Бастакыларга» кини аан маҥнай Саха сиригэр университет тэриллэн, сахаттан геолог идэтигэр күргүөмүнэн үөрэнэн, чулуу үлэһит буолбут аҕа табаарыстарын, үөлээннээхтэрин, дьоҥҥо-сэргэҕэ киэҥник биллэ илик геофизиктэр тустарынан сырдатта. Иккис кинигэтин тиэмэтин хомуурунньугун аата ыйа сылдьар. Ити курдук кини сылайары-салҕары билиммэккэ, үлэлии-хамсыы, суруйа-бичийэ сылдьар. Олоҥхо бухатыырыныы, кэннинэн кэхтибэккэ, сылайары-сындалыйары аахсыбат, сааһырыыны билиммэт эколог Уйбаан Бурцев эппит тылын энчирэппэт, туруоруммут соругуттан туораабат. Билигин даҕаны айылҕаны туруулаһар үлэтин-хамнаһын үгэнигэр сылдьар.

Ситиһиллибитинэн уоскуйбат, кэскили туруулаһар айыы бухатыыра

Мантан салгыы И.С. Буурсап үлэтин биир сүрүн хайысхатын, инники сүрүн соруктарын сырдатар ыйытыкка хоруйун улуу Арассыыйа биэс гыммыттан биирин ылар баһырхай сир баайдаах Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр, саха уонна хотугу төрүт омуктар, олохтоох нуучча нэһилиэнньэтин дьылҕатыгар олус актуальнайын уонна кини көтөхпүт проблемалара өссө да аһаҕас туралларын учуоттаан, ааҕааччы болҕомтотугар туһаайабыт:

– Иван Семенович, эн олоҕуҥ үгүс сылларын Сахаҥ сирин айылҕатын көмүскэлигэр анаатыҥ. Кэлин сылларга радиация – сир аннынааҕы ядернай эһиилэр уонна урут хостоммут аһаҕас халлаан анныгар хаалларан кэбиспиттэрэ тулалыыр эйгэҕэ, киһиэхэ-сүөһүгэ, кыылга-сүөлгэ олус кутталлааҕын, куһаҕан содулларын үөрэттиҥ. Олор тулалыыр эйгэҕэ буортулаах дьайыыларын аччатарга бэйэҕин харыстаммакка үлэлээтиҥ. Итини барытын соторутааҕыта суруйбут «Якутия радиоактивная» диэн дьоһун кинигэҕиттэн да билэбит. Кинигэҕэр радиация дьайыытын суох оҥорууга үлэ ситэ ыытыллыбата, бу олус уустук проблема өссө да кыайан быһаарыллыбата диэбиккин. Радиация дьайыытын туоратар управлениены Арассыыйаҕа аан бастаан Саха сиригэр тэриллибитин туох да төрүөтэ суох тохтотон кэбиспиттэрин эмиэ билэбит. Арай управлениеҕын иккистээн тилиннэрэр буоллар, аан бастаан туох үлэни ыытыаҥ этэй?

– Мин управлениены салайарбар анал лицензиялаах, үлэ ыытарга көҥүллээх киин научнай институттары, үгүс биллиилээх, ааттаах-суоллаах учонайдары кытта сибээс олохтообутум, үлэлэппитим. Олор «Росатом» үлэһиттэрин мөккүһүннэрбэт гына түмүктэри ылан испиттэрэ. Кинилэр үлэлэригэр олоҕуран, Саха сиригэр оҥоһуллубут 12 сир аннынааҕы ядернай дэлби тэптэрииттэн «Кратон-3» (1978 с.) уонна «Кристалл» (1974 с.) саахаллаах эһиилэр сирдэрин чөлүгэр түһэриигэ (реабилитация) бырайыак оҥотторбуппут. Хомойуох иһин, «АЛРОСА» АХ ити бырайыак ирдэбилин ситэ толорбото, тулалыыр эйгэҕэ куттал суоһуура тохтотуллубата. Мин кэннибиттэн радиация боппуруоһунан дьарыктаммыт Айылҕа харыстабылын министиэристибэтэ хонтуруолун кыайбата. Иэдээннээх саахалы таһаарбыт «Росатом» институтун (ВНИПИпромтехнология) итэҕэйэн ити үлэни толотторо сатаабыттарын, киниэхэ бас бэринэн кэбиспиттэрин түмүгэр итинник буолла.

Холобур, кэнники докумуоннар көрдөрөллөрүнэн, «Кристалл» эһиигэ «чөлүгэр түһэрии» кэнниттэн (12 сыл буолан баран) эһии сириттэн радионуклид тахсарын, алмааһы хостуур шахтаҕа кытта киирэрин, оттон күрүөлээбит остуолбалара сууллан эрэллэрин министиэристибэ бэйэтин сыллааҕы дакылаатыгар уонна атын учуонайдар үлэлэригэр суруллар. Кэтээн көрөргө аналлаах скважиналары бырайыак ирдэбилин тутуспакка ситэ үүттээбэтэхтэрин, радионуклиды аһарбат цеолиттаах ханаабаны оҥоро сорумматтарын туһунан үгүстүк сурулунна.

«Кратон-3» саахаллаах эһиигэ балаһыанньа өссө уустук. Ону Айылҕа харыстабылын министиэристибэтин сыл аайы таһаарар дакылаата толору туоһулуур. Ол курдук, 2015 с. (чөлүгэр түһэрии кэнниттэн 8 сыл буолан баран) ити объекка үүнээйи (мас, муох, о.д.а.) уодаһыннаах радионуклид арааһын нуорматтан 5000 төгүл элбэҕи бэйэтигэр иҥэриммитэ суруллар. Оттон эһии буолаатын кытары радионуклидтаах былыт Марха сүнньүн барытын сабардаан, Бүлүүнү ааһа барбытын өрөспүүбүлүкэ синоптиктара архыып докумуоннарыгар олоҕуран сабаҕалаабыттара. Ол былыт суола үөрэтиллибэтэҕэ.

Ити аҕалыллыбыт холобурдар бу икки саахаллаах сиргэ чөлүгэр түһэрэр үлэ ситэ ыытыллыбатаҕын, тулалыыр эйгэҕэ, тыынар тыыннаахха куттал туоратыллыбатаҕын көрдөрөллөр. Бу сирдэргэ хаачыстыбалаах үлэ хайаан да бастакы уочарат ыытыллара эрэйиллэр.

Оттон Орто Ботуобуйатааҕы ньиэп, гаас сөҕүмэр баайдаах сиргэ 7 төгүл ядернай эһии оҥоһуллубута, онно радионуклидынан киртийии баара биллэр эрээри, ситэ чуолкайдаммата. Манна чинчийэр үлэ ситэ-хото ыытыллыбата, онон биһиги былааннаабыт, программаҕа киллэрбит үлэбит салҕаныахтаах.

Уран рудалаах сирдэр. Алдаҥҥа 1 мөл. тонна ураннаах рудалары үрэхтэр хочолоругар таһааран сытыараллар. Олор үрэхтэр ууларыгар, тулалыыр эйгэҕэ суураллан киирэллэр. Учуонайдар итини барытын киһи итэҕэйэр гына дакаастаабыттара да маныаха дьаһал ылыллыбат, үлэ ыытыллыбат. Билигин «Луннай» диэн учаастакка уран рудатыттан кыһыл көмүһүн уонна үрүҥ көмүһүн арааран, ылҕаан ылан баран, руданы эмиэ үрэх кытылыгар ыскылааттыыллара, онон сири дойдуну радиациянан киртитии салҕанара иһиллэр. «Луннайга» маны тохтотор дьаһаллар уонна атын кирдээх сирдэри ыраастыыр үлэлэр хайаан да ыытыллыахтаахтар. Аан дойдуга сири-дойдуну радиациянан маннык киртитии атын холобура суох, киртийии далааһына, куттала сөҕүмэр. Улахан, сыралаах, уустук, тэрээһиннээх, уһун кэми эрэйэр үлэ ыытыллыахтаах. Бу кыалла илик боппуруос Арассыыйа таһымыгар быһаарыллыахтаах.

Өлөөн сиригэр Томтор Таас диэн сэдэх элимиэннэринэн баай сир баар. Маннык баай аан дойдуга суох дииллэр. Бу баайы барытын өрөспүүбүлүкэттан былдьаабыттара, чааһынай илиигэ биэрбиттэрэ. Сотору хостуур, таһар үлэни саҕалыахтара. Сөҕүмэр сыаналаах сэдэх элимиэннэри кытта уран, торий уонна дьааттаах таллий баара биллэр. Олор төһөлөрүн-хаччаларын ааҕар үлэ хостооччулар түөрэ сүргэйиэхтэрин иннинэ ыытыллыахтаах этэ. Оннук үлэ баччааҥҥа диэри ситэ оҥоһулла илик. Бу баай Анаабыр өрүс тардыыларын баһыгар баар. Сири-уоту харыстаабакка тоҕо сүргэйэн бардахтарына, баай балыктаах маанылаах Анаабыр эбэ киртийэр, Томтор Таас тулатынааҕы таба мэччирэҥэ сүһүрэр куттала баар. Итини сэрэтэр, туоратар үлэ радиациятын, дьааттаах таллийын аан бастаан быһаардахха, хостооччуларга эттэххэ, туруорустахха эрэ кыаллар. Ити үлэ манна ыытыллара булгуччулаах.

1 Ааптар В.Н. Луковцев «Көлүөнэ ситимэ быстыбатын, үгэс салҕанарын туһугар» (2009) кинигэтигэр киирии тыл.
2 Интервью толору көрүҥүн кинигэ электроннай варианыгар ааҕыаххытын сөп. – Ааптар.
3 М.Ф. Чашкин үлэтин, олоҕун илгэтин сырдатар суруналыыс Сардаана Баснаева хаһыакка интервьютун кинигэ толору көрүҥэр QR-куодунан киирэн ааҕыҥ. – Ааптар.
Читать далее