Читать онлайн Таптал уонна дьүккүөр бесплатно
Таптал уонна дьүккүөр
Бытие пусть определяет сознание,
но сознание не согласно…
Утуйар чаас саҥа буолла. Оттон уу чуумпу сатыылаабыта син ыраатта. Балаата уота ол чуумпуну ылынан эрдэ умуллубута.
Түбүктээхэп Бэриэт Сиидэрэбис санаа аралдьытарга диэн ааттаан бу кэлин күннэргэ хаһыат аҕалтаран ааҕар буолла. Онтукатын син сүүрбэччэ мүнүүтэ курдук ааҕар, ол кэннэ хараҕа сылайар, тохтоон хаалар. Чаас, икки чаас сынньанар, ааҕыытын эмиэ хатылыыр. Оннук эмиэ биир туспа эрэйдээх дьарыгы булан ылла.
Бу киэһэ уот умуллуон иннинэ эмиэ куолутунан хараҕа сылайан, төбөтө ыалдьан барбыта. Утуйар уу ыгыах буолбута.
Хаһыатын туора уурбута, утуйардыы сананан суорҕанын бүрүнэн кэбиспитэ. Кини хараҕын быһа симэн, икки илиитин атахтарын икки ардыгар кыбытан кумуйуоҕунан кумуйан баран нуктаан барбыта. Сылаата таайдаҕа, утуйбут этэ.
Уһуктан кэлэн туумба үрдүгэр уурбут чаһытын көрбүтэ: уон биири ааспыт эбит. Син утуйбахтаабыт, балтараа чаас курдук. Аны мантан түүн төһө, хайдах утуйара буолла?! Айбыт таҥара бэйэтэ билэн эрдэҕэ. Эргийэн ойоҕоһунан сыппыта, уҥа ытыһын иэдэһин анныгар уган хараҕын быһа симмитэ.
Эмиэ дьэ, хаһан утуйуохха диэри, санаа-оноо ытылҕана саҕаланнаҕа…
1
Түбүктээхэптэр төрүт түөлбэлэрэ Быйаҥнаах диэн аатырбыт күөл үрдүгэр турар Барҕа дэриэбинэ буолар.
Быйаҥнаах – икки көс кэриҥэ усталаах, хас эмэ биэрэстэ туоралаах, ортотугар дьоҕус арыылаах ытык эбэ. Көтөрө, балыга дэлэйинэн, хара тыатыгар кылааннаах түүлээх, булт-алт арааһа тоҕуоруһарынан үйэ тухары аар-саарга аатырар. Эбэ илиҥҥи үрдүк эҥэрин биир мааны кырдалыгар Барҕа дэриэбинэ олохсуйбут.
Бу күөл тулатыгар хатыҥ чараҥ үтүөтэ баар. Тиит, харыйа, бэс мас булкаастаах аар тайҕата муҥура биллибэт киэҥ сиринэн тайыыр. Алаастар диэн ааттанар киэҥ нэлэмэн сыһыылар аайы, Быйаҥнаахха да тэҥнэспэтэллэр, бэрт улахан күөллэр нэлэһийэллэр. Олор тулалара бы-лыр былыргыттан күөх быйаҥнарын өлгөмнүк өрө анньаллар. От барахсан муҥутаан үүммүт кэмигэр сэниэлээх соҕус сиккиэр тыал сипсийэн бардаҕына ходуһа киэҥ иэнэ муора долгунун санатан, араас өҥүнэн биир күдьүс долгулдьуйар, күн уотун кытта оонньоһор тамана кылапачыйа күөгэҥниир. Ол көстүү хайа да бэйэлээх нохтолоох сүрэҕин долгутар, иһийбит эрчимин уһугуннарар, ходуһа хоһууна буоларга булгуччу ыҥырар дьиктилээх. Дьон-сэргэ барахсан бу быстыбат быйаҥтан сомсон сүөһү, сылгы ииттэллэр – түөлбэ дьонун бу сүрүн дьарыгын ситимин быспакка хас үйэлэргэ илдьэ кэлбитин ким да билбэт. Билэ да сатаабат. Ол дьарык үйэлэр тухары баара, баар буолуоҕа даҕаны диэн өйдөбүл бигэтик иҥмит түөлбэтэ – Барҕа барахсан буоллаҕа!
Былыта суох ыраас күҥҥэ, салгын сылыйа иһийэр кэмигэр, ыраах илин диэки Дьааҥы хайаларын очуостара бэрт чуолкайдык көстөөччү. Оччоҕо уһун кураан күннэр үүнээччилэр. Дьэ ити кэмҥэ эдэрдиин-эмэнниин, кыыстыын-уоллуун бука бары хомуллан, бас-көс дьон дьаһалынан от-мас үлэтэ күөстүү оргуйар. «Биир күн дьылы быһаарар!» диэн этии маннык былдьаһыктаах күннэргэ анаммыт буоллаҕа дии саныыгын.
Күн тахсыыта саһарҕа бастаан Быйаҥнаах эбэ киэҥ иэнигэр чаҕылла сыдьаайар, көмүс мөһүүрэ кыырпахтарын сөтүөлэтэр. Онтон тиэтэйэ-саарайа Барҕа арҕаа эҥээриттэн саҕалаан бэрт сотору дэриэбинэни сылаас угутунан сабардыыр. Былыта суох буоллаҕына, күн тахсыаҕыттан киириэр диэри бу түөлбэ иэниттэн арахсыбат. Онон бу хоту дойдуга күн сылааһын муҥура баар буоллаҕына, ол муҥурун илэ билэр дойду – бу Барҕа!
Быйаҥнаах эбэҕэ үс үрэх уутун кутар. Саас аайы күөл уута лаппа эбиллэр. Угут дьылларга уу Барҕа томторугар балтараа хаамыы курдугунан эрэ тиийээччитэ суох. Онон буоллаҕа, айылҕа анаан оҥорбут кырдала буолар. Ол туһунан араас номохтор да бааллар, олортон биирдэстэрэ маннык:
Былыргы дьыллар мындааларыгар, урукку кэмнэр уор-ҕаларыгар Быйаҥнаах эбэ биирдик мэндээрэр иэнин эрэ билинэн, онтон атын буолуоҕун санаан да көрбөккө, сири-сибиири барытын сабардаан, сороҕор олох чуумпуран, ардыгар аймана дьалкыйан, силлиэ-буурҕа аргыстанан, барҕа быйаҥыттан дьону-сэргэни өлүүлээн аһатан-сиэтэн сыппыта үһү. Үгүс эр бэртэрэ эбэ мөхсөр-тахсар кэм-нэрин аахсыбакка туран туруулаһан көрөллөрө үһү. Ол хапсыһыыга икки атахтаах баһыйтаран тыыннарын былдьаталлара, бүттүүн мэлийэн сүтэн хаалар түгэннэрэ үгүс эбит. Онон кэлин хайа да бэйэлээх эр бэрдэ ханнык да тыынан, оҥочонон эбэ дохсун санаата уһуктубут буоллаҕына, санаммат буолбуттар. Кини тулатынааҕы алаастара буомуран маардарга кубулуйан сир-дойду таһаата кутаҥнас буола күөгэлдьийэр туруга кэҥээн испит. Олохтоох баай сир-дойду мөлтүүр-ахсыыр кэмэ кэлээри гынна диэн аатырар ойуунун ыҥыран ылан барытын сиһилии быһаарбыт, хайдах кэм кэлиэҕин өйдөппүт, эстии-быстыы чугаһаан иһэрин санаппыт. Ол кэннэ эбэ намыһах сирин ыйан, үллэр сүүрүктээх, будулуйар бурууктаах Орто бараан дойдуну хаба ортотунан киэҥ таһаа киэлитин кэҥэтэ устар, элбэх үөстээх улуу кудулу өрүскэ тиийэн уутун кутар суолун тобулар ыллыгын оҥор диэн көрдөһөр курдук дьиппиэн, булгуччулаах сорудах биэрбит. Ити барыта дьонуҥ-сэргэҥ инники дьоллоох олоҕун суолун арыйыы буолуоҕа диэн сэрэппит.
Онуоха ойуун олус ыарахан, иэстэбиллээх сорудаҕы биэрдиҥ диэн муҥатыйыах курдук буолан баран: «Бар дьо-нум туһа диэн сорунан көрүөм», – диэбит. – Ол иннинэ үөһээлэргэ тиийэн көҥүл ылабын, тугу толук уунары бы-һаарсыах тустаахпын диэн сэрэтэн, кэм-кэрдии болдьоспут.
Болдьоспут кэмэ кэлбитигэр үс түүннээх күн кыыран дьигиһийбит, кутуран кулуһуппут, сата тылын барытын сааһылаан, алгыыр-кірдіһір тылын-іһүн ситимнээн, кэриэс-хомуруос тылыгар бэйэтин олоҕун толук уурарын кэрэйбэтин этэн, көрдөһөн-ааттаһан сыылла сылдьан балаҕан буорун сиппийбит, ыстаҥалыы сылдьан саһаан мас үрдүнэн өҥөҥнөөбүт. Ол быыһыгар көмүлүөк оһох кэннигэр туран сирэйэ икки эҥээринэн элэҥнээбит. Онтон «миигин күүтээриҥ» диэн баран оһох ураатынан сирилэс тыас доҕуһуолланан көтөн хаалбыт…
Өр соҕус буолан баран эргиллэн, оһох үөлэһинэн түһэн кэлбит. Намыраабыт, бытаарбыт курдук буолбут үһү. Балаҕан ортотугар ахчаччы тэбинэн туран: «Эбэбит уутун түһэрэр буолла, бэйэтин таһаатын аччатан, сиэрдээх үрдүгүн тутан турар аналын ылыныа. Кини тула дьон-сэр-гэ бөҕө олохсуйуо, сыспай сиэллээх, адаар муостаах таптаан тоҕуоруһар сирэ буолуо, үйэлэргэ кини баайын, быйаҥын туһунан сэһэн кэҥиэ, үһүйээн дэлэйиэ!» – диэн бэрт чиҥник, иччилээх баҕайытык тыл ыһыктыбыта үһү. Ол кэннэ хараҕын өҥүргэһинэн көрөн туран уһуутаабыт, дүҥүрүн былаайаҕынан хаста да сэниэтэ суох охсуолаабыт уонна сууллан түспүт да өлбүт. Кини бар дьонун инники олоҕун туһугар итинник толук буолбута үһү!
Быйаҥнаах кытылын өҥөйө Барҕа бөһүөлэгэ, оттон тулатыгар тэйиччи соҕус өссө үс түөлбэ баар. Кинилэр этэҥҥэ олохторун төрдүн-төбөтүн, иитин-саҕатын барытын эмиэ бу улуу эбэни кытта ситимнииллэр. Олохтоохтор бары билсиһэллэр, хардарыта көмөлөсүһэри умнубаттар, ыччаттарын ыал оҥортуур үгэстэрэ салҕанар. Маннык үтүө үгэстэрин киинниир, соргулаах сүбэни тобулар, инники сайдыыга сирдиир сирдэрэ, уйгулаах тусаһалара Барҕа буолар. Маны барытын кырдьаҕастыын, эмэнниин, эдэрдиин ылыналлар, киин уораҕайынан билинэллэр.
Холхуостааһын саҕана хас биирдии түөлбэ чугастааҕы кыстыктарын, сайылыктарын түмэн туспа холхуостар буолбуттара. Оттон сопхуостары тэрийиигэ бары кыттыспыттара, биир сопхуос буолбуттара, Барҕа дэриэбинэни киининэн билиммиттэрэ, «Быйаҥ» диэн ааты ылыммыттара.
2
Бэриэт оскуолаҕа үчүгэйдик үөрэммитэ, ордук ахсаан бары эйгэтигэр. Онус кылааһы хайҕал суруктаах бүтэрбитэ. Кини Сэбиэскэй Сойуус үрдүк үөрэхтэрин кыһаларын туһунан иһитиннэриилэр түмүллүбүт бэрт халыҥ кинигэни ити дьыл балачча сыымайдаабыта буолан баран, дьиҥинэн, хайа хайысханы таларын быһаара илигэ. Эйэҕэс-дьэллэм, кэпсэтинньэҥ-ипсэтинньэҥ, ылсары-бэрсэри улгумнук ылынар майгылаах Бэриэт уол долгуйар Дьо-куускай куоракка кэлээт, бэрт сотору атас-доҕор уолаттары булуммута. Кинилэр сүбэ-ама кэпсээннэригэр, дьүүл-дьүһүн сэһэннэригэр кыттыспыта. Онно ордук дойду киин сирдэригэр үөрэххэ тардыһыы күүстээх курдуга: сайдыылаах, киэҥ ыырдаах, бастыҥ учуонайдар түмүллүбүт сирдэригэр тиийэн үөрэнэр быдан ордук, кэскиллээх диэн ис хоһооннооҕо.
Аны биирдэ киинэҕэ сылдьаары дойдутун киһитэ Баһылай Наҕабыыһыны көрсөн сэһэргэспиттэрэ, кэлин ыкса билсиһэн барбыттара. Кини үөрэххэ туттарса кэлбит уолга сибээс тэрилтэтигэр монтерунан үлэлиирин эппитэ уонна сибээс эйгэтэ улахан кэскиллээх хайысха буоларын бэрт сэргэхтик, ылыннарыылаахтык ойуулаан сэһэргиир буолан биэрбитэ. Бэриэт бэркэ сэҥээрбитэ, сотору ханна үөрэнэ барарын быһаарыммыта – сибээс үөрэҕин талбыта. Дойдутун Барҕа дэриэбинэтин сибээһэ мөлтөҕө бу быһаарыныыга ордук суолталаах буолбута диэтэххэ омуна суох буолуохтаах.
Киирии эксээмэннэри бэркэ туттаран Новосибирскайдааҕы сибээс институтун икки миэстэтиттэн биирин хаһаайына буолан үөрүү-көтүү өрөгөйдөөбүтэ. Кини бастакынан убай кэриэтэ санаабыт, сүбэ-ама буолбут биир дойдулааҕар Баһылайга кэпсээн эҕэрдэ үтүөтүн, баҕа санаа бастыҥын туппута. Дьонугар аҕыйах тыллаах тэлэгирээмэ ыыппыта.
Үөрэххэ киирбит, олох киэҥ суолун арыйбыт уол улахан киһи буолбутун билинэн, Бэриэт Сиидэрэбис саҕа сананан бу дьыаланы уолаттарын кытта сууйар-тарыыр этиини ылыммыта. Уопсай дьиэҕэ халбаһы, помидор, оҕурсу, балык кэнсиэрбэтэ сокуускалаах аһылык буолбута. Кини арыгыны бу манна аан бастаан испитэ уонна төрүт сөбүлээбэтэҕэ. Кырыылаах дьэҥкир ыстакаан кыра аҥаарынан аһыы утаҕы испитэ, ол кэннэ ыыра аккаас-таммыта. Төбөтө кулахачыйбытын, куртаҕа аһыйбытын олус атыҥыраабыта. Сокууска аһа туох да амтана суох буолан хаалбыт курдук буолбута. Ону олус дьиктиргээбитэ, соһуйбута, ас амтана уларыйарын билэн наһаа сөхпүтэ. Уолаттар араастаан хаайа сатаабыттара эрээри, Бэриэти кыайбатахтара. Сотору суолун көннөрбүтэ, дьиэтин былдьаспыта.
Бу түгэнтэн арыгыттан илэ өйдөөх төбө олус дьиктитик дьалкыйарын, тугу да толкуйдаан быһаара сатаабат буоларын билбитэ. Бэриэт Сиидэрэбис кэлин ону өссө илэ билэн чиҥник өйдөөбүтэ. Олоххо ханнык да ыарахан кэмнэргэ, ону уҕарытар быһаарыылары ылынарга илэ өйү тута сылдьан толкуйдуур, тобулар наадатын уонна ол эрэ бэйэ санаатын-оноотун модьуратарын итэҕэйбитэ. Аны кини ол атын дьонтон олус тутулуктааҕын билбитэ. Ордук үрдүк өһүөлээхтэртэн… Чэ, бээ, ити олус киэҥ кэпсээн. Ону кэлин…
* * *
Түбүктээхэп диэн араспаанньа кырдьык да наар түбүгү эрэ түөрэр дуу, үөдэн дуу?!
Төрүт-уус киһибит Түбүк Төрөл диэн эбитэ үһү. Айылҕаттан уҥуох, күүс-уох өттүнэн маанылаппыт бэйэтэ, кыанара бэрт буолан буоллаҕа, үлэнэн үлүһүйбүт, биир сиргэ олорон турбат, үлэ үмүрүйдэ диэн тохтоон сын-ньаммат, түбүктэн түбүгү булан ыла турар барахсан эбит. Онтон ситимнээн биһиэхэ араспаанньа кэлбит, таҥара дьиэтин дьаһалынан, ханнык эрэ аҕабыыт быһаарыытынан. Дьиҥинэн, уу сахалыыта бэркэ иһиллэр буолан баран тустаахха баттыгастаах соҕуһа биллибитэ ыраатта… Бээ, кэбис, ону төрүттэргэ хомнуур сыыһа.
Бэриэт Сиидэрэбис оронуттан туран туалекка киирбитэ. Ииктии сатаабыта да дуоннаах кэлбэтэҕэ. Хабаҕырбатах да эрээри санаа арааһын тута сылдьан, үөрэммиччэ, бу дойдуга киирбитин өйдөөн сонньуйан ылбыта. Кини оргууй чөмөөр үктээн түннүккэ кэлэн, сабыытын сэгэтэн ыйдаҥа сырдыгар аллараа тэлгэһэҕэ кэккэлэспит аҕыйах массыынаны кыҥастаспыта.
Аныгы үйэ мааны массыыналарын арааһа, дьэ, дэлэйдэ. Аны массыына баай киһи бэлиэтэ буолбатах быһыылаах. Олох тупсарын бэлиэтэ, дьыала эккирэтиһиитин ситэ сатыыр миҥэ көлө. Арыычча киһи бары атыылаһар, иэскэ да киирэн туран…
Ааспыт үйэ 70-с сылларыгар кыра массыына сэдэх да этэ. Райкомҥа, райсовекка, сопхуос дириэктэрдэригэр эрэ баара. Чааһынай киһи ол туһунан саныыра да сатаммат курдуга.
Үөрэнэ сылдьан, 16 сааһын туолан пааспар ыларыгар аҕата, тырахтарыыс Сиидэр, үлэтиттэн көҥүллэтэн, кинини илдьэ оройуон киинигэр дириэктэр массыынатынан барбыттара. Оо, онно ол массыына астык да этэ, тойон саҕа санаммыта ээ! Биһиги дойду суола тибиитэ-хаһаата диэн бэйэтин киэнэ буоллаҕа. Хор онно иҥнибэккэ барара, дьэ, күүстээх этэ доҕор, иккитэ буксуйа сылдьыбыппытын аахсыбатахха. Оччолорго ол барахсаны тааҥкаттан итэҕэс санаабатаҕым. Сүрдээх сэп этэ…
Саахса үлэһитэ дьахтар ааппын муодарҕаан:
– Бу туох муода дуу, моһуок дуу аатый? Бэриэт буола сытыйан?! – диэн баран остуолтан төбөтүн өндөтөн миигин балачча кыҥастаспыта.
Мин ону хантан билэн-көрөн тугу быһаарыахпыный. Арай мүлүк-халык буоллум быһыылааҕа. Аҕам абыраабыта:
– Сөпкө соһуйаҕын, – аҕам утары көрбүтүн кубулаппакка быһааран барбыта. – Ити өбүгэлэрбит ааттара. Бэриэт Бэрдэ диэн киһи баара үһү. Тугу барытын бэриэттээн оҥоро сатаабыт, бэриэттээн билэ охсубут, сытыы-хотуу уола хаан. Ол киһи курдук киһи киэнэ кэрэмэһэ буоллун, олоҕун бэриэттээн дьаһанар үөрүйэхтэннин диэн санааттан ити ааты иҥэрэн турабын.
– Эмиэ да бэрт эбит, – пааспар суруйар хотун сэҥээрбитэ. – Аата көмөлөстөҕүнэ олоҕор абыраныа этэ буоллаҕа, – кини ити тылларыгар онно улаханнык саарбахтыыр дорҕоон баара.
Бэриэт Сиидэрэбис оччотооҕу хотун соччо итэҕэйэ сатаабатах сирэйин-хараҕын үчүгэйдик өйдөөн хаалбыта. Оннооҕор бу ыалдьан, умнара-тэмнэрэ улаатан баран, ол харахтары бу баардыы өйдүүр. Ааппыт ол бэриэттээн толкуйдуу охсон, ону быһаара охсорго тиргилиннэрэн, дьэ, ханна-ханна, онно-манна тириэрпэтэҕэ баарай?!
Кини ити санаатын салгыы ырыта барбатаҕа. Илиитинэн салгыны сапсыйан баран хаҥас ытыһынан сэҥийэтин имэрийбэхтээбитэ, харахтарын соттуммахтаабыта. Түннүк сабыытын кичэйэн саппыта, оронугар төннүбүтэ.
3
Бэриэти уопсайга ылбыттара. Аҕыйах хонукка Новосибирскай куорат үтүө миэстэлэрин кытта билсибитэ. Ол билсиһии кэнниттэн онно-манна аралдьыйбакка үөрэххэ төбөтүн оройунан түспүтэ. Умсугуйан үөрэнии түмүктэрдээх буолбута: эксээмэннэри үчүгэйдик туттарара, оттон спецпредметтэргэ наар «туйгун» сыананы ылара. Иккис куурустан саҕалаан билэ-көрө сатыыр уолу учууталлара чорботон бэлиэтиир буолбуттара. Ону туһанан институт научнай лабораториятыгар орох тэппитэ, онтон арахпата. Сотору онно бэйэ киһитэ буолбута.
Сэбиэскэй Сойууска биир улаханынан биллэр «Сибтекстильмаш» собуокка сылдьан, анаан туруоруллубут бырагырааманан бэйэлэрэ үлэлиир станоктары кытта билсибиттэрэ. Устудьуон киһи аныгы техника муҥур ситиһиилэринэн сэбилэммит тэрилтэни олус диэн сөбүлээбитэ. Собуокка үлэлиир исписэлиистэри кытта билсибитэ, ордук научнай лаборатория үлэтин интэриэһиргээбитэ. Кини манна иллэҥ буоллар эрэ кэлэр, ону-маны ыйыталаһар, ити уустук станоктар исхиэмэлэрин иҥэн-тоҥон билэ сатыыр дьарыктаммыта.
Бэриэт институт бибилэтиэкэтиттэн тахсыбата. Сибээскэ тахсар саҥа ситиһиилэри, арыйыылары эккирээн, булан билсэр, ырытар адьынаттаммыта. Ол сылдьан сорох исхиэмэлэргэ тугу эмэ көннөрөр, судургутутар өттүн тобулар буолбута. Онтукатын туһунан учууталларын кыт-та санаа атастаһара, ырытыһара, бэйэтин булуутун көмүскүүрү да сатыыра.
Иккис кууруһу «туйгунунан» бүтэрбитэ. Научнай куруһуок бастыҥ истээччитэ, аатын курдук бэриэттээн билээччи-көрөөччү, саҥаны тугу эрэ тобула сатааччы, ол тула сытыы мөккүөрү тэрийээччи кини буолбута…
* * *
Үһүс куурус саҕаланнаҕын кыһын аҕата дэҥҥэ түбэһэн суорума суолламмыта.
Ити соһумар үлүгэртэн Бэриэт өйө-санаата ыһыллан хаалбыта, олус соһуйбута, хомойбута. Кини санаатыгар аҕата өрүү баар буолуохтааҕа, кинини ханнык да алдьархай, оһол, быһылаан булгурутуо диэн өйүгэр да оҕустаран көрбөт этэ. Хаһан да улаханнык ытаабытын өйдөөбөт. Арай бу түбэлтэҕэ кини олус айманан куорат кытыытыгар тахсан, мастар быыстарыгар олорон уйа-хайа суох ытаабыта, хомойбут, хоргуппут тыынын таһаарбыта. Бу кэннэ эр санаатын ылынан, дьиппинийэн, ыал улахан киһитэ буоларын, онон улахан эппиэтинэһи сүгэрин билинэн, көтөр аалга олорон дойдулаабыта.
Ийэтэ Оппуруоһа эмискэ баҕайы алта оҕотун, сүөһүлэрин, сылгытын кытта соҕотоҕун туран хаалбыта. Улахан киһи Бэриэт ыраах баҕайы үөрэнэ сылдьара, быраат, аҕатын аатын ылбыт Сиидэр Дьокуускайга педучилище физкультурнай салаатыгар үөрэнэрэ. Атыттар бары Барҕаҕа бааллара.
Бэриэт дойдутугар кэлэн аҕатын уҥуоҕун төрөөбүт буо-ругар кистээбитэ, уол оҕо буолан ытык иэһин толорбута.
– Ийээ, чэ, сүбэтэ тобулуоҕуҥ, – аҕаларын тоҕус хо-нуктаах ахтыытыгар, дьон тарҕаспыттарын кэннэ бэйэлэрэ эрэ хаалан баран, улахан уол тыл быктарбыта. – Дьиэҕэ эр киһи хайаан да наада. Онон мин быйыл үөрэхпин ситэрэн баран кэтэхтэн үөрэххэ көһөргө сананным. Бары түмсэн, бииргэ буолан олорорбут быдан ордук буолуо.
Остуол тула уу чуумпу сатыылаабыта. Олорооччулар, улаханныын-кыралыын, хардарыта сирэйдэрин көрсүбүттэрэ, тугу эрэ кэтэһэрдии илиилэрин кумуччу туттан остуол анныгар уган, аны, ийэлэрин диэки хайыспыттара.
Оппуруоһа итинник эрэ быһаарыныыны күүппэтэх буолан соһуйан мах бэрдэрэн, улахан киһитин хомоппот санаатын урутатан, туох диэҕин сыымайдыы олорбута.
– Бэриэт, эйиигин инньэ диирэ буолуо диэн сэрэйбитим, – ийэ барахсан ити, дьиҥэр, ханарытан эппит саҥата этэ. Ити туһунан төбөтүгэр оҕустарыахтааҕын саҥа өйдөөн кэлбитэ. – Этэриҥ сөп. Улахан киһи тыла, – Оппуруоһа ити кэннэ чааскытыгар эбии сылаас уу кутуммута, ылан сыпсырыйбыта. Онтон уолун утары көрөн олорон. – ¤ыччыай, ити соччо сөбө суох быһаарыныы буолуо. Биһиги манна элбэхпит, улааппыт дьоммут. Сүбэ-ама күүһүнэн тугу барытын, куруутун баар, билэр-көрөр дьыалабытын кыайар-хотор кыахтаахпыт. Онон эн муох-чуох буолбакка үөрэнэриҥ наада. Үөрэххэр үчүгэйгин. Биһиэхэ манна учууталларыҥ махтанар суруктара кэлбитэ ээ – үөрэххэ үчүгэйиҥ, бэрээдэктээҕиҥ туһунан. Оҕолоргор суол тэлээччи эн буоллаҕыҥ дии. Биһиги дьиэҕэ, аҕабытын суохтаппат туһугар, эн үөрэҕиҥ баар-суох кылаабынай дьыалабыт буолар. Онон эн үөрэн, наар үчүгэй сыананан бүтэр, – ийэ барахсан ити тылларын этэн баран остуол тулатыгар олорор оҕолоруттан, чугас аймахтарыттан бигэргэтии көрдөөн: – Сөпкө этэбин буолбат дуо? – диэн ыйыппыта.
– Сөп, сөп… Оннук… – оҕолор хоруйдара судургу этэ.
– Бэриэт, ийэҥ этэрэ саамай сөп дии саныыбыт биһиги, – Оппуруоһа бииргэ төрөөбүт балта Маайа кэпсэтиигэ кыттыспыта. – Эн үөрэҕиҥ биһиги аймахха барыбытыгар улахан суолталаах. Ыччаппыт бары эйигин үтүктүө, батыһыа этилэр буоллаҕа дии.
– Нохоо, Бэриэт, бу орто дойдуга букатын кэлбит суох. Дьылҕа хаан быһаарыытынан ким уруттуур, ким хойутуур, – аҕаларын Сиидэр убайа, аймах ытык кырдьаҕаһа Көстөкүүн Түбүктээхэп тоҥолохторун остуолга ууран икки ытыһын холбуу тутан, онно сыҥааҕын өйөөбүтэ, билигин да уоттаах харахтарынан аймах дьон тумус туттар оҕотун тобулу көрөн олорон сүбэтин саҕалаабыта. – Сиидэргэ толорута суох дьылҕа анаммыт эбит. Кини дьылҕатын салҕааччылар бааргыт. Бу кэчигирэһэн олороҕут, – ытыһын нэлэҥнэппитэ. – Онон эһиги этэҥҥэ саҕаламмыт ханнык да дьыаланы дьалкытар, түөрэҥнэтэр туһунан араас санааны булунумаҥ. Туох барыта дьалкыйда, тугу барытын түөрэҥнэттиҥ да – ол хаһан даҕаны эмискэ тохтоон хаалбат. Хаһан баҕарар биэтэҥниирэ, будулуйара, буккуллара уһун буолар. Ону оннун булларарга эмиэ сыра-сылба наада. Онон эн үөрэммитиҥ курдук үөрэн, улахан үөрэхтээх киһи буол. Омук бэртэрин кытта тургутуһар кыахтаах киһи буол. Аймахтар санаабыт, сүбэбит оннук…
* * *
Атаҕастанар диэн олус да абалаах. Аны ону утары тугу да гынар кыаҕыҥ суоҕа өссө кыһыылаах, ону ааһан олус ыарыылаах. Бу кэбилэнэ сытабын дии. Аныгы мэдисиинэ күүстээх буолан өрүтүннэҕим. Били абаҕам Көстөкүүн барахсан эппитигэр дылы, Дьылҕа хааным өссө да кэми-кэрдиини утары уунар буолан улаханнаппатах буоллаҕым. Саамай үчүгэйэ – өй-санаа төттөрү барбатаҕа, бысталамматаҕа үчүгэй…
Эһэм Бүөтүр, ийэм аҕата, олус сүрэхтээх, тэрээһиннээх, дьоҥҥо-сэргэҕэ тылын ылыннарар киһи киэнэ кэрэмэһэ эмиэ быстах дьылҕаламмыт эбит. Түүннэри, күннэри түбүгүрэн, утуйар ууну умнан, бэйэ толкуйунан, илии-атах күүһүнэн кыаҕыра сатаабыт, элбэх сүөһүнү, сылгыны ииппит. Сэбиэскэй былаас олохтонорун, үлэһит, сүрэхтээх-бэлэстээх дьон кыаҕырыахтарын туһунан өрө күүрүүлээх кэпсээни кини биһирии көрсүбүт ээ. Онтон аны артыаллар, холхуостар тэрээһиннэрэ сүөһүлээх-астаах дьон үрдүнэн баралларын сөбүлээбэтэх. Сөп ээ. Үйэтин тухары хара көлөһүнүнэн муспут баайын буор босхо биэрэр диэни ким сөбүлүөй?!
Буруйа диэн – баай үһү! Ол баайы дьону көлөһүннээн мунньуммут үһү! Кими да хамначчыт оҥостубута диэн суох ээ. Аймах дьон кыттыһан, сүбэ-ама тобулан, бииргэ үлэни-хамнаһы тэрийэн кыаҕырбыттар.
Үлэлээн муҥнаммытын иһин, баайын-дуолун баҕа өттүнэн сиэтэн аҕалбатаҕын буруйугар, биэрэр да буоллаҕына туох эмэ төлөбүр, тугунан эмэ боруостаһыы баар буолуохтааҕын эппитин аньыытыгар кулаах буолар. Барытын былдьаан ылаллар. Бэйэтин өссө хаайыыга ыытал-лар. Мантан ордук туох атаҕастабыл баар буолуон сөбүй?!
Ол кэннэ мин эһэм эрэйдээх, кини оҕолоро, аймахтара барахсаттар туох диэннэр саҥа кэлбит былааһы таптыахтарай, илэ-сала түһэн уруйдуохтарай? Итинниккэ түбэспит кинилэр эрэ буолбатахтар ээ, элбэх бөҕө, ахсаана биллибэт элбэх!
Ити атаҕастабылы утары тугу гыныахтара баарай, мэлигир буоллаҕа. Былаас кэрээнэ суоҕун туох да уодьуганнаабат уонна оннук күүс өтөрүнэн көстүө да суох чинчилээх. Билигин да оннук…
Түбүктээхэп өбүгэлэрин атаҕастабылын, эбиитин онно бэйэтин киэнин санаан кэлэн хараҕыттан уу-хаар баһан барбыта, ыгыллан кыратык ытаан ылбытын кыатаммыта. Ону аралдьытан оронуттан туран кэлбитэ уонна эмиэ туалет диэки хаампыта…
4
Бэриэт Новосибирскайга төннөн кэлээт, кэтэхтэн үөрэнэ көһөргө, манна үлэ булунан үп-харчы өлөрөн дьонугар көмөлөһөрдүү быһаарыммыта. Кини дьонугар тугу да эппэтэҕэ, үөрэнэ сылдьарынан биллэрэ.
Институт салалтатыгар баар балаһыанньаны толору кэпсээбитэ, бэйэтэ быһаарыммыт толкуйун эппитэ. Салалта табатык өйдөөн үчүгэй үөрэхтээх, инники кэскиллээх исписэлиис тахсар уолга утары бараннар бары усулуобуйаны тэрийбиттэрэ: кини кэтэх үөрэххэ көспүтэ, институт иһинэн баар сибээс сыыппаранан ситимин научнай-чинчийэр лабораториятыгар үлэҕэ киирбитэ, уопсай дьиэтигэр салгыы олорорго көҥүл ылбыта.
Барыта санаа хоту буолбута. Кини онтон олус үөрбүтэ. Үтүө да салайааччылар бааллар эбит диэн махтаммыта. Салайааччы эрэ барыта маннык буолуоҕар эрэл оччотооҕу эдэр киһиэхэ бигэтик иҥмитэ.
Институтун туйгуннук бүтэрбитэ, үрдүкү научнай сотрудник буолбута. Хамнаһа куһаҕана суоҕа, бириэмийэни квартал аайы ботуччу биэрэллэрэ. Онон кини дьонугар көмөтө быстыбат этэ.
Кини биири эрэ саныыра – сибээс аныгы ситимэ кэскиллээҕин, сыыппаранан сибээс инники суолун тобулууга бэйэтин туох эрэ кылаатын хайаан да киллэриэхтээҕин. Онно туох эмэ мэһэй баар буолуоҕун санаан, түһээн да көрбөт этэ.
Бу «Радио» диэн лаборатория Сойуус судаарыстыбаннай научнай-чинчийэр саамай улахан институтун салаата буолбута. Аналоговай диэн аатырар куолаһынан сибээстэн түргэн сырыылаах сыыппаранан сибээскэ көһүүнү ырытыы, тобулуу, олоххо киллэрии судаарыстыба инники күөҥҥэ турар соруга этэ. Ону аан бастаан космическай сибээстэн саҕалаабыттара. Онон Бэриэт Сиидэрэбис космическай сибээс үлэһитэ буолан түөрүйэ быһыытынан айыллар сыыппаранан сибээһи дьиҥ олоххо киллэрэр минисхемалары таҥар уустук үлэҕэ ылсыбыта. Кинилэр сүрүн соруктарынан – космическай сибээс чуолкайын ситиһии, айанныыр тэтимин түргэтэтии буолбута.
Институт ааҕар-суоттуур киинин массыына саалата баараҕай дьиэ хас да этээһин ылара. Онно өй үлэтэ олус чуумпутук, хас биирдии үлэһит бэйэтин дьикти эйгэтин иһигэр барара, оттон исхиэмэлэри таҥыы үлэһиттэрэ микроскоп-ачыкыны кэтэргэ тиийэллэрэ, анал паяльниктарынан туһаналлара, микросхема ситимин оҥорон таһаа-раллара.
Табаарыһа Карцев Владимир Бэриэт талааныгар, билиитигэр-көрүүтүгэр чахчы сүгүрүйэрэ. Кини биир түгэҥҥэ табаарыһа «оччоҕо маннык гыннахха табыллыахтаах» диэн бэрт судургу быһаарыы ылынан бокуойа суох уларытан-тэлэритэн барбытыттан: «Ну, Бэриэт, ты молодец! Давай, Бэриэт, вперед!» – тыллары ыһыктаат, сотору Бэриэти спецовкатын сиэҕиттэн тардыалаабыта. Бэриэт: «Ты что?» – диэн сөбүлээбэккэ эргиллэ түспүтэ. Онуоха Карцев Володя олох маһыттан ойон турбута, Бэриэти туруору тарпыта, үөрэн чаҕылыспыт харахтарынан утары көрбүтэ, бэркэ боччумнанан туран: «Бэриэт, тебе отныне я присваиваю имя Вперед. Ты не Бэриэт, а Вперед!» – диэн, хаста да хатылыы-хатылыы, бокуойа суох бобута кууспута, бэйэтигэр ыбылы тарпыта. «Да?! Хорошее имя», – Бэриэт бэйэтэ да соһуйбута, үөрбүтэ, өссө астыммыта, күлэн тоҕо барбыта. Володя өссө күүскэ күлбүтэ, олус табыгастаах ааты булбутуттан астыммыта чахчы этэ. Ити кэмтэн ыла талаанынан сөхтөрбүт, ньуура суох үлэһитинэн биллибит саха уола Бэриэккэ олох даҕаны Вперед диэн дьоһуннаах, тапталлаах аат иҥмитэ. Институттар ити ааты олус сөбүлээн тутталлара.
Доҕоро Владимир Карцев саҥа хайысхалаах научнай үлэтэ сэҥээриини ылан кандидатскай диссертациятын көмүскүү «Радио» институкка тиийэн сатамматаҕар Бэриэти ыҥыртарбыта. Онно кини исхиэмэ сырыытын билсиһэн баран Володя туохха сыыспытын чопчу ыйбыта, баар схеманы көннөрөн биэрбитэ. Ол табыллыбыта, ону ааһан өссө хайҕаммыта. Владимир Семенович наука хандьыдаата буолбута. Кини ситиһииттэн үөрэн, табаарыһыттан сөҕөн сууйдахтарын киэһэ: «Ну, Вперед, ну, Вперед! Какое правильное имя!» – диэн хаста да хатылаан, Бэриэти кууһан ылан эргичитэн үөрүүтүн биллэрбитэ.
Ол кэнниттэн Түбүктээхэптэн сүбэлэтэр, ыйытар элбээбитэ, исхиэмэ оҥорторуон баҕалаах уочарата да баар буо-лан ылара. Онон Бэриэт билиитин, сыыһаны була охсорун, ону быһа суолун тобулан оҥороро түргэнин туһунан институкка номох курдук кэпсээннэр элбээн барбыттара…
Командировкалар быыстала суох буолбуттара, сырыы кэҥээбитэ. Сойуус сибээһигэр үлэлиир Россия, Прибалтика, Украина куораттарын научнай уораҕайдарыгар ыйы-ыйынан сылдьара. Ол тухары Саха сирин уһук Барҕа дэриэбинэтин уолун билиитин-көрүүтүн, сатабылын сөҕөөччү көстөрө, элбиирэ. Сүбэлэтэр-амалатар даҕаны онтон итэҕэһэ суох этэ.
* * *
Саҥаны айыахха айылаах киһи элбэх бөҕө ээ, миигинниин биэс хааһах диэбиккэ дылы. Дьэ, ону олоххо киллэрэр олус да ыарахан, бадьыыстаах, эриирдээх буолар эбит. Маннык салгыы бардаҕына дойдубут Сэбиэскэй Сойуус барахсан сайдыыттан хаалара ырааҕа суох буолсу быһыылаах.
Барытын туорайдаһа, сатаммат, ханнык эрэ балаһыанньаҕа сөп түбэспэт, маннык стандарт суох диэн сабыта баттыыр бүрүкүрээт наһаа да элбэх эбит. Оттон, доҕоттоор, саҥа айыллыбыкка патент биэрэ охсон, ол оннук наадалаах «стандарт» диэннэрин иҥэрэр туох айылаах ыараханнааҕа буолла?! Тоҕо ол табыллыбатый? Ким да билбэт. Барыта чып кистэлэҥ быһыылаах. Бу бэрэбиэркэлиир дьонуҥ бары ааттаах-суоллаах, урукку өттүгэр өҥөлөөх кырдьаҕастар. Ол чыыннарынан-хааннарынан саба баттаан олороллор, кинилэр эппиттэрин, муҥур уһугар түмүк оҥорбуттарын утарсар киһи баара да биллибэт.
Дьэ дьикти! Арааһа, ити партиябыт тойотторо бары кырдьаҕастар мустан үөлээннээхтэрин эрэ истэр, кимиэхэ даҕаны сабардаппат балаһыанньалара букатыннаахтык олохтоммут курдугар тахсар. Бочуоттаналлара сөп. Ону ким утарыай, суох. Ол эрээри саҥаны утарсар, саба баттыыр дьону баҕас тохтотуох, туоратыах баара, сынньалаҥнарын үчүгэйдик тэрийэн баран…
Билэрэ-көрөрө элбэх, ымпыктаан-чымпыктаан ырытар исписэлиис буолан Бэриэт исхиэмэлэрэ сигналлары хас эмэ төгүл түргэнник, быһаччы тиэрдэр кыахтаахтара. Ол көстөн турар кырдьыгын үрдүнэн ханнык эрэ балаһыанньа утарар, эргэрбит «стандарт» көҥүллээбэт. Элбэх утарсыы, муҥур уһугар хаайтарыы буолар. Хайыаххыный – уларытыы, кэҥэтии буолар, онон сибээстээн өйдөөх-хаанынан сигнал бытаарыытын олохтуурга тиийэҕин!
Бэриэт Сиидэрэбис сэбиэскэй тутулу атыҥыраабыта – ханнык да дьыаланы анал үөрэхтээх исписэлиис эрэ би-лэрин, ол кырдьыгын билэн туран, ону партия эрэ билэр, сатаан дьаһайар, олоххо киллэрэр диэни илэ итэҕэйбэт буолбута. Бу сүөргү ситими кини олох сайдыытын туормаһын быһыытынан билиммитэ. Ол эрээри ону кэпсиир-ипсиир кутталын элбэх холобуртан көрбүтэ – инники олоҕун санаан дьаахханара, онно бастакы төрүөтүнэн кулаах эһэтин дьылҕата этэ.
«Сэбиэскэй Сойуус сайдыыттан хааллаҕына хайдах, туох буолан иһэрэ буолла?» – диэн ыйытыгы куруутун өйүгэр тута сылдьара.
5
Новосибирскай куоракка үөрэнэр саха ыччаттара сыл аайы сайыны көрсө ыһыахтыыллара. Бэриэт онно чох хара харахтаах, уһун суһуохтаах, сибэкки ойуулаах сиидэс былаачыйалаах, сэмэй баҕайытык тутта сылдьар курбуу курдук уҥуохтаах кыыһы бэлиэтии көрбүтэ.
Кыыс кини билэр дьонун, аммалары, кытта сылдьара, биир хампаанньа быһыылаахтара. Кини билсэр дьонун-сэргэтин көрсөн дорооболоһон, кэпсэтэн-ипсэтэн баран, сотору ол кыыс баар бөлөҕөр тиийбитэ.
– Дорооболоруҥ! – быйыл эргиэн институтун бүтэриэхтээх Амма ыччата Петя уонна кини кэргэнэ Света илиилэрин хардары-таары бобута харбаан эҕэрдэлэһээт, кыргыттар диэки хайыспыта. – Саргы, дорообо! Хайа хаһан сыа сиибитий? – үрдүкү куурус кыыһа табаарыстааҕын билэр, кинилэр холбоһоллорун курдук истибит буолан күлэ-үөрэ ыйыппыта. Кыыс кытаран хаалан баран: «Привет!» – диэн судургутук хардарбыта.
– Бу Сардаана диэн, мин биир дойдулааҕым, – Петя Бэриэт интэриэһиргии көрбүт кыыһын оргууй окумалыттан ылан бэттэх диэки чугаһатан билиһиннэрбитэ. – Биир нэһилиэкпит. Ксенофонтовтар диэн ыаллар мааны кыыстара. Мин курдук эмиэ эргиэн институтугар үөрэниэхтээх, ол эрээри кини үһүс кууруска быһа киирэр.
– Бай, ол хайдах? – Бэриэт кыыс сандаархай хараҕын утары көрөн туран, тугу да анаара барбакка ыйыппыта, онтон бэйэтэ да соһуйбута.
– Кооперативнай техникум кэннэ, – Сардаана быһаарбыта уонна илиитин утары ууммута.
– Үчүгэйдик үөрэммит оҕолорго салгыы үөрэнэллэригэр путевка биэрэллэр ээ, биһиэннэрэ. Онон кини быйыл үөрэххэ быһа киирэр. Бу манна билсэ кэлэ сылдьар, – диэн Петя сиһилии быһаарбыта.
– Олус үчүгэй! – Бэриэт кыыс илиитин туппутун ыһыктыбакка туран чахчы үөрэн, долгуйан туран эҕэрдэлээбитэ. – Аатыҥ да кэрэтэ бэрт дии. Амма бэлиэтэ бэйэтинэн турар, – диэн баран олус истиҥник мичээрдээбитэ.
Кыыс ити тыллартан кыбыстан имэ сардаана сибэкки курдук кытара кыыспыта.
– Мин буоллаҕына Бэриэт диэн уу сахалыы ааттаахпын, – кини сытыы бэйэтэ хайдах эрэ симиттибит курдук буолбута, илиилэрин ханна гыныан билбэккэ өттүктэрин сууралаабыта. Ол да буоллар син кыанан: – Манна сибээс институтун бүтэрэн баран ол институппар бэйэтигэр үлэлиибин. Онон куорат кырдьаҕас олохтооҕобун, – диэбитэ уонна бэйэбин наһаа арбанан эрэбин ээ дии санаан күлбүтэ буолбута.
– Бэриэт Сиидэрэбис улахан научнай-чинчийэр лаборатория тутаах, олус диэн наадалаах, тарбахха баттанар биир чулуу үлэһитэ.
– Петя, бээрэ, тохтоо, – Бэриэт табаарыһын илиититтэн тардыбыта.
– Тоҕо, доҕоор? Тугу эрэ сымыйанан кэпсиир буолламый… Барыта кырдьык, – диэн баран Сардаана диэки эргиллэн: – Космическай сибээс саҥа ситимнэрин көрдүүр, булар, ону олоххо киллэрэр биһиги өйдөөбөт дьыалабытынан дьарыктанар бэрт дьээбэ киһи, – диэбитэ итиэннэ дьэ ситэри кэпсээтим быһыылаах диэн тохтоон хаалбыта. Онтон күлэ-күлэ: – Сардаана, бу уолу үчүгэйдик көр, билис. Аны бэйэтэ киһи киэнэ бэрдэ, табаарыс, доҕор киэнэ талбыта, дьоһуна, – дии-дии, дьэ сиэрэ ситтэ диэбиттии Бэриэти санныттан таптайбыта.
– Адьас сибэтиэй бэйэтинэн кэлэн турарын курдук кэпсээтиҥ дии. Ити үлэм туһунан кырдьык. Онтон атына, оттон көстөн иһиэ буоллаҕа. Билистибит дии, – Бэриэт Сардаана кинини олус интэриэһиргии одуулаһа туралларын бэлиэтии көрбүтэ. – Бээрэ, салгыы тугу гынабыт?
– Сотору түһүлгэлээн олорон аһыырбыт буолуо. Эн ханнык хампаанньаҕа сыстар былааннаах сылдьаҕын?
– Мин соҕотох киһи ханна баҕарар сыстарым көҥүл буоллаҕа, – Бэриэт барыларын кэрийэ көрбүтэ. Сардааналыын харахтара харсыһа түспүтэ. – Атыҥыраабат буоллаххытына, эһиэхэ сыстыахпын сөп.
– Атыҥырыырбыт баара дуо? Аньыы даҕаны! – Петя өрө көтө түспүтэ. – Хата, ыҥыраары, биһиэхэ кыттыс диэн көрдөһөөрү гыммыппыт. Чэ бардыбыт, миэстэтэ булуоҕуҥ, – Петя бу сибилигин миэстэ булуохтуу олоотообута, онтон аны өй булунан. – Сардаана, эн Бэриэт биһиэхэ кыттыһарын утарбат инигин? – диэн бэрт дьээбэ ыйытыылаах буолан биэрбитэ.
– Эс, мин ол туох диэн? – Сардаана олус соһуйбута, хараҕа төгүрүйэ түспүтэ. Уолаттары хардары-таары көрүөлүү-көрүөлүү: – Ону мин тоҕо быһаарабын? Бииргэ сылдьар буоллаҕына сылдьар буоллаҕа дии. Эһиги табаарыскыт, эһиги быһаарыҥ ээ, – диэн баран, икки ытыһынан иэдэстэрин саба туттубута, туох дииллэрин кэтэһэн таалан турбута.
– Сөп, сөп, Сардаана, – Петя кыыһы холус соҕустук дьээбэлээбититтэн бэйэтэ даҕаны сонньуйбута. – Ити таах мээнэ, өскүөрүтүн! – диэн көннөрүммүтэ буолбута.
– Сардаана утарбат буоллаҕына, мин кыттыһан буоллаҕа, – аны Бэриэт ытаһа угааччы буолбута уонна Сардаана диэки эргиллэн хараҕынан имнэнэн ылбыта. Ол имнэнии киниттэн олох да ыйытыыта суох тахсан кэлбитэ. Ону кини атыҥырыах курдук буолан иһэн «буолбут сатаан төннүбэт» диэн өйүнэн хам баттаан кэбиспитэ.
Сардаана буоллаҕына ити имнэниигэ хардаран эмиэ имнэммитин бэйэтэ да билбэккэ хаалбыта. Онтон төттөрү хайыһан, күлэ-күлэ, айаҕын хам туттан кэбиспитэ.
Ол күн кинилэр бары бииргэ сылдьыбыттара. Кэпсээн, сэһэн-сэппэн элбэх этэ. Ордук кыыс Амма туһунан: кини сардаана сибэккинэн симэнэр, сайынын сылаас, талыы күннэрин, дьэдьэн сытынан тунуйар чагдалар күөҕүнэн сууланар бүччүм ырааһыйаларын, Амма ыраас уутугар сөтүөлээн чомполонор кэрэтин, саһарчы буспут бурдуктаах бааһыналарын, үтүө үлэһит дьоннорун, талыы-мааны кыргыттарын, уолаттарын туһунан сэһэргэспиттэрэ. Бэриэт ону бэркэ сэҥээрбитэ уонна ону барытын хаһан эрэ көрбүт киһи дии санаабыта.
Бэйэтэ ыйытыы күүһүнэн дойдутун туһунан быһыта-орута кэпсээн аһарбыта. «Кэлин кэпсиир түгэн көстөр ини. Бүгүн Амма туһунан истэрим, билэрим ордук курдук. Эһиги кэпсээни быһымаҥ. Истэргэ олус үчүгэй», – диэн Амма дьонун, хата, үөрдүбүтэ.
Ыһыах олус үчүгэйдик ааспыта. Саха сирин араас муннуктарыттан мустубут, билиини-көрүүнү эккирэтиһэн манна кэлэн көрсүбүт ыччаттар билсиһиилэрэ, доҕордоһуулара кэҥээбитэ, күрэхтэһиилэрэ тыҥааһыннаах этэ.
Сибиир киэҥ иэнин тухары үөрэнэ сылдьар ыччат сырдык ыра санааларын туох да кистэлэ, хос санаата суох үллэстэр сэһэннэрэ сонун, инники кэскили түстүүр ис хоһоонноох этилэр. Ону бигэргэтэн оһуохай дэгэрэҥ тыллара ил-эйэ эҥээрдээх, билсии-көрсүү тулааһыннаах, үөрэҕи, үлэни өрө анньар күүрүүлээх, дойдуга тиийэн дьол-соргу тэнийэр аныгы олоҕун тэрийэр туһунан буолбуттара. Ордук үчүгэй түһүлгэлэр сунтаардар тойуктарын тула кэҥээбитэ. Бүлүү эҥээр ыччат дьон өбүгэ үгэһин умна иликтэрин илэ бааччы көрдөрбүттэрэ. Оттон илин эҥэртэн биир да оҕо оһуохайга холонон көрбөтөҕө.
Бэриэт ыһыахтан эрдэ соҕус төннөр, лабораториятыгар киирэн биир тобула сатыыр боппуруоһун бэрийэр, бэрээдэктээн кумааҕыга киллэрэр санаалаах этэ. Ол эрээри кини Сардаананы көрсөн, билсиһэн тардыллыбыта, анарааҥы дьыаланы олох да умнан кэбиспитэ. Кыыс тас көрүҥэ, сымнаҕас, сылаас майгыта, килбик эрээри ис-тиҥ мичээрэ барыта уол санаатын хоту этэ. Кини маннык кыыһы көрдүү, кэтэһэ сылдьыбытын бүгүн билиммитэ.
Кинилэр Петялаах уопсайдарыгар тиийэн бэйэлэрэ, онно баар сквергэ балайда олорбуттара, кэпсэппиттэрэ.
– Олус үчүгэйдик сырыттыбыт дии, – Сардаана ыйытар харахтара эппиэти күүтэллэрэ чахчы этэ.
– Мин тус бэйэм олус астынным, – Бэриэт утары көрбүтэ. – Ордук эйигин кытта билсибиппиттэн, – диэбитэ уонна кыыс илиитин ылан бобо туппута. Сардаана илиитин сулбу тарпатаҕа, онтон эр ылан, үөрэн буолуо: – Сардаана, мин дьиҥинэн эрдэ төннүөх буолбутум ээ, кыра үлэ баара, – диэн билиммитэ.
Кыыс быһа түһэн ыйыта охсубута:
– Оттон тоҕо төннүбэтиҥ?
– Оттон эйиигин көрсөн, кэпсэтэн, – кини бобо тутан олорор илиини ибигирэтэн ылбыта. – Дойдуҥ Амма туһунан кэпсээҥҥин сөбүлээн, эйигин кытта бииргэ сылдьарбын биһирээн умнан кэбиспиппин дии.
– Оо, дьэ, мөҕүллэриҥ буолуо, – кыыс туох эрэ буруйу оҥорбут киһи курдук икки ытыһынан иэдэстэрин бобо харбаммыта.
– Эс, туох да мөҕүллүү суох. Бэйэм оннук үлэлээччибин, өрөбүл күннэргэ. Хата үөрдүм ону умнубуппуттан, эйигин кытта күнү быһа бииргэ сылдьыбыппыттан, – Бэриэт үөрбүтэ чахчы этэ.
– Ээ, чэ бэрт, – мөҕүллүү буолбатын сэҥээрбит курдук буолбута гынан баран Сардаана, дьиҥинэн, Бэриэт кинилиин сылдьыбытыттан эмиэ үөрбүтэ.
Кини бу Бэриэт диэн муокас баҕайы ааттаах уолу күн бүтүүтэ олус сөбүлээбитэ, «бастакы көрүүттэн таптал» диэн манныгы этэн эрдэхтэрэ дуу диэх курдук санаа биллибитэ. Уол туһунан билиэн-көрүөн баҕарар санаата батарбакка ыйыппыта:
– Бэриэт, эн тоҕо маннык муокас баҕайы ааттааххыный?
– Дьэ, ити бэйэтэ туспа сэһэн. Өбүгэбитигэр итинник ааттаах баар эбит. Ону өйдөөн аҕам иҥэрбит, ийэм утарсан көрбүтэ үһү.
– Бэриэттээн иһэри урутаан билэр-көрөр киһинэн ааҕааччылар дии. Дьиҥинэн бэрт аат эбит ээ, Бэриэт, – кыыс сэҥээрбитин биллэрбитэ.
– Ити ааппын үлэбэр уолаттарым Вперед диэн уларыппыттара, аны кэлин наар инньэ диэн ааттыыр буоллулар.
– Хайа-а, наһаа сөпкө, бэркэ тылбаастаабыттар буолбаат, – Сардаана өрө көтө түспүтэ, бэрт истиҥник күлэн чачыгыраабыта. – Наһаа үчүгэй аат дии, Вперед! – кыыс тойон эрбэҕин чочоҥноппута. – Вперед, Вперед, – дии-дии, ойон турбута, икки илиитин халлаан диэки өрө ууммута.
– Сардаана, аргыый! Кэл бэттэх, – Бэриэт кыыһы илиититтэн харбаан ылбыта, бэйэтигэр тардыбыта, кууһан ылбыта, кулгааҕар сибигинэйбитэ. – Уоскуй. Баһыыба, үтүө баҕа санааҥ иһин! Наһаа үөрдүҥ дуо?
Кыыс уолга куустаран хайдах эрэ уоскуйан, налыйан хаалбыта. Бэриэт кыыс иһирэх тылларыттан үөрбүтэ чуолкай этэ. Оттон ол үөрүү кыыс дууһатыгар туох эрэ саҥа сүүрээни биллэрбитэ, эбии күүһү укпут курдук буолбута.
– Үөрдүм ээ. Олус интэриэһинэй, дьикти – Бэриэт уонна Вперед. Олус сөп түбэһэллэр, барсаллар.
Кыыс куустарыыттан босхолонон уолу илиититтэн оргууй тутан туран:
– Туохха барытыгар вперед буоллаҕыҥ дии! – диэбитэ.
Кыыс ити тылларын кытта уолтан тэйэ хаампыта, кинини үөһэттэн аллара, алларааттан үөһээ үөрэтэрдии, таптыырдыы имэрийэ көрөн балачча турбута. Бэриэт он-но эмиэ сөпсөһөн буолуо, кыыһы одуулуу, хас биирдии хамсаныытын кэтээн көрөрө.
– Чэ, мин барыым, Бэриэт. Мин эйигин кытта билсибиппиттэн үөрэбин. Бүтэһик көрсүһүүбүт буолбатах ини?
– Мин эмиэ билсиһииттэн үөрдүм. Көрсүөхпүт, күн сарсын да тиийэн кэлэрим буолуо.
– Бэриэт, сарсын-өйүүн кэлимэ, сөп? – кыыс ааттаһа көрдөһөрдүү, уолу супту көрөн турбута. – Мин манна күүлэйдии буолбатах, атын улахан наадалаах буолан кэлбитим. Онон сүүрэрим-көтөрүм элбэх.
– Оччоҕо мин онно көмөлөһүүм. Биир күнү баҕас көҥүллэтиэххэ сөп. Куораты билэр киһи көмөтө наада буолуо дии…
– Бэриэт, суох, сатаммат, – кыыс саҥата кытаанах этэ. Туох эрэ бүччүм, бэйэтэ эрэ билэр дьыалата быһыылааҕа. – Эн миигин көрсүөн баҕарбат дии санаама. Баҕарабын, көрсүөхпүт, – онтон ордугу тугу да саҥарбакка эрэ уолга илиитин туттаран «Покаа» диэн оргууй сибигинэйээт, тэйэ хаама турбута. Уопсай ааныгар тиийэн эргиллибитэ, далбаатаабыта. Бэриэт илиитин өрө уунан бакааласпыта.
Кинилэр тыл тылларын ылынсан, өйдөһөн арахсыбыттара. Бэриэт кыыс эппит «туохха барытыгар вперед буоллаҕа» диэн тылларын сыымайдыыр дьарыгы булан ылбыта: «Тоҕо? Туох туһунан? Тугу эппитэ буолуой?»
Оттон кыыс бу уол баччааҥҥа диэри онно-манна аралдьыйбакка науканы эрэ өрө тута сылдьыбытын таба таайбыта. Бэриэт туох да омнуота суох дьоһуннаах, туруоруммут соругун ситиһэр киһи буоларын билбитэ. Онон буоллаҕа, кини сөбүлүү соруммут буоллаҕына кимиилээх буолуон сэрэйбитэ уонна кини оннугу баҕарарын билиммитэ. Онтон эмиэ да куттаныах курдуга эрээри, сүрэҕэ-быара, дууһата тоҕо эрэ холку этэ.
Сардаана кыһалҕа кыһайан бу куоракка баар буолбутуттан уонна аны күһүн үөрэххэ төннөн кэлэриттэн олус үөрбүтэ, бу аҕыйах күҥҥэ иннигэр күүтэр түбүгүн умнубута.
6
Сардаана уонна Бэриэт доҕордоһуулара таптал кутаатынан күөдьүйбүтэ.
Сыл буолаат ыал буолар туһунан сүбэни тобулбуттара. Онон Сардаана үөрэҕин кэнниттэн дойдулуур, Бэриэт уоппуска ылан Аммаҕа, кыыс дьонуттан көҥүл, алгыс ыла тиийэр буолбута.
Новосибирскай, Толмачево аэропорда. Күүтэр саалаҕа ыскамыайкаҕа Түбүктээхэп Бэриэт уол уонна Ксенофонтова Сардаана кыыс туох да саҥата суох ыбылы куустуһан баран олороллор.
– Бэриэт, уоппускаҕын хаһан биэриэх курдуктарый? – Сардаана сибигинэйэ соҕус ыйыппыта.
– От ыйыгар көрдөспүтүм, туох да диэн утарбатахтара. Биэрэллэр ини, – Бэриэт бэрт холкутук, эрэллээх куолаһынан хардарбыта.
– Табыллара буоллар, – кыыс хайдах эрэ саарбахтыыр курдук, симик баҕайытык ити тыллары ыһыктыбыта.
– Биэриэхтэрэ, Сардаана, – Бэриэт чинэччи туттан кыыс сирэйин одууласпыта, икки илиитинэн тібітүн күөйэ туппута, онтон уу сахалыы иэдэһиттэн сырылаччы сыллаан баран. – Саарбахтаама, Сардаана, барыта табыллыа, – диэн күлүм аллайыынан түмүктээбитэ.
– Бэрт буолуо этэ. Мин өөр да өр кэтэһэрим буолуо диэн куттанабын ээ, – кыыс төбөтүн Бэриэт санныгар ууран кэбиспитэ.
– Эн этэҥҥэ тиийэн дьоҥҥор көмөлөс, элбэх аста бэлэмнээ, кэтэс. От ыйын иккис аҥаарыгар мин бу баар буола түһүөм. Оттуохпут-мастыахпыт, сир астыахпыт.
– Сөп, Бэриэт! – кини доҕорун ыбылы кууһан ылбыта.
Дьокуускайдыыр рейскэ регистрацияны биллэрбиттэрэ.
Бэриэт Сардаанатын уураан, иэдэһиттэн, сүүһүттэн сырылаччы сыллаан, алгыс тыллары этэн атаарбыта.
Ыал буолар киһиэхэ уоппусканы үөрэ-көтө, үтүөнү эрэ баҕаран туран биэрбиттэрэ. Ол эрээри кэтэх санаа син биир баара. Бэриэти көмөлөһүннэрэр, сүбэлэтэр баҕалаах элбэҕэ. Ол дьон кинини ханна да ыытыахтарын, мүччү тутуохтарын баҕарбаттара. Онон уоппускаҕа диэ-ри өрүсүһүү, үөмэхтэһии балачча этэ. Бэриэт даҕаны ону таба өйдөөн буолуо, күнү-дьылы аахсыбакка туран, үлэҕэ төбөтүн оройунан түспүтэ. Соруктаах үлэни түргэтэтэр, улгумнук тобулары күөттүүр, бириэмэни ыксатар күүһүнэн кини Сардааната этэ.
От ыйын 17 күнүгэр киэһэ Бэриэт Дьокуускай куораты булбута. Кини аймахтарыгар хоммута. Аммалыырын эппитэ буолан баран, тоҕотун быһаарбатаҕа.
Нөҥүө күнүгэр сарсыардаттан маҕаһыыннары кэрийэн кэһии хомуйсубута. Сардаана ийэлээх аҕатыгар эр-биир обургу ыстакааннары ылбыта. Бэртээхэй бэлэҕи толкуйдаатым диэн астынан, аны онно туох эрэ диэн суруктаах буолуохтаах диэн универмакка баар гравировка киоскатыгар тиийбитэ. Иһиттэрин хостоон эргим-ургум көрө туран: «Бээрэ, ол мин туох диэн, киммин диэн сурук-бичик түһэрэбин?» – диэн улаханнык мунаарбыта. «Күтүөттэн» диэн олох сатала суох (буола илик буоллаҕа дии), «Бэриэттэн» диэҕи, ол эмиэ киммитий диэн буолуоҕа диэн сыымайдаан баран, суруллара табыллыбат эбит диэн түмүккэ кэлэн ыстакааннарын төттөрү суулаан суумкатыгар уктан кэбиспитэ.
Дьиэ кэргэҥҥэ диэн ааттаан истиэнэ чаһытын ылбыта. Онно эмиэ туох да суругу түһэрбэтэҕэ. Оттон Сардаанатыгар сибэкки букета ылан кичэйэн суулаппыта.
Күтүөттүү барар киһи быһыытынан маанытык таҥнан, хаалтыһын иилинэн балачча улахан бартыбыалын, көстүбэт гына сууламмыт чаһытын сиэккэҕэ уган, сибэккитин букетын чөмчөччү тутан өрүһү теплоходунан туораан Аллараа Бэстээх автовокзалыгар кэлэн автобус ыйыталаспыта. Автобус барбыт, аны сарсын эрэ барар диэн буолбута.
Атын массыыналар сырыылара баар ини диэн Бэриэт остолобуой таһыгар турар массыыналартан Амма диэки барааччылары ыйыталаспыта.
Кэнтиэйнэрдэри тиэммит Камаз массыынаҕа кэлэн табахтыы олорор нуучча суоппардартан:
– Мужики, может, вы в Амгу? – диэн ыйыппыта.
– Да, в ту сторону и едем. В чем дело?
– Мне срочно в Амгу надо, – кини ити тылларын кытта тэҥҥэ тута сылдьар малларын «бу көрүҥ» диэх айылаах өрүтэ көтөхпөхтөөбүтэ. – Проезд оплачу, – диэн эбэн биэрбитэ.
– Ну, давай, залезай. Почему бы не помочь доброму человеку.
Бэриэт бэркэ табылынным диэн үөрэн массыынаҕа киирбитин кэннин диэки утуйар миэстэҕэ утаарбыттара. Итиннэ сынньаныахха сөп диэн көҥүл биэрбиттэрэ.
Сотору айан саҕаламмыта. Суол бэртээхэй эбит, асфальт. Онтукабыт соччо уһаабакка бүттэ буолан баран таас суоллара да киһи улаханнык сирбэт суола. Манна тыа сиригэр маннык суол диэн ырыа буоллаҕа дии. Оо, мин дойдум суола «барахсаны» оттон суол диэн ааттыырга тиийэбит, онтон атыммыт суох.
Сырыылаах суол эбит. Кэлэр, барар массыыналар элбэхтэр. Үксэ таһаҕас тиэммиттэр. Суол бэйэтэ даҕаны киэҥэ-куоҥа сүрдээх. Айылҕата да эриэккэс: суолу быһа түһэр үрэхтэр, үрүччэлэр дэлэйдэр, муосталаммыттара сырыыны сыыдамсытара чуолкай, киириилэр, тахсыылар да балайда уһуннар эбит, мас-от, үүнээйи арааһа барыта солбуйсар. Саҥа көрөр киһиэхэ кэрэ, дьикти көстүүлэр биир-биир солбуйсан иһэллэр. Айанныырга сэргэх дойду эбит…
Амма төһө ыраах эбитэ буолла диэн Бэриэт кэтэһэ испитэ. Син балайда айаннаатылар, халлаан хараҥарда. Сотору дьоно тохтоон, аһаан баран утуйар буоллулар. Дьонун кытта үөрэ-көтө аһаста, кэпсэттэ-ипсэттэ. Аммаҕа тиийэллэрэ төһө хаалбытын чуолкайдаспыта, билигин да балачча баар эбит. Бэриэт хайдах эрэ атыҥырыах санаата биллэн барбытын хам баттаан кэбиспитэ уонна тахсан инники сидиэнньэҕэ олорон утуйан хаалбыта.
Кэргэн кэпсэтэ баран иһэр киһи сүрэҕэ тэбэрэ кэмнээх буолуо дуо, халлаан сырдыыта уһуктубута. Кини бу оло-рон хайдах эрэ ыраах баҕайы айаннаабытын, дьэ, дьиҥнээхтик атыҥыраабыта, «маннык ыраах буолуо суохтаах» диэн санаа мускуйан барбыта. Сардаана аҕыйах чаас айанныыр гына эппитэ ээ. Солобуодаҕа тиийдэххэ кини дэриэбинэтэ кэккэлэһэ турар гына ахтара.
Солобуода… Солобуода? Бээрэ, Сардаана ханнык Солобуоданы эттэҕэй? Амма Солобуодата диирэ ээ. Оччоҕо мин ханнык Аммаҕа баран иһэбиний, бу? Атын Амма диэн эмиэ баара буолуо дуо? Солобуодата суох Амма? Оннук буолуон сөп эбит. Кини харааччы булкуллан хаалбыта…
Суоппардар сотору уһуктубуттара, өрө баллыгыраһа түспүттэрэ, өндөҥнөһөн туран кэлбиттэрэ.
– Атастаар, мин бу күтүөт киһи хайа Аммаҕа баран иһэбиний? Слобода диэн Амма баар дуо? – Бэриэт хабаҕырбыт суоппардар таһырдьаны былдьаһар кэмнэригэр ыксаабыт куолаһынан ыйыппыта.
– Оо, дорогой, олох да атын хайысханы туппуккун. Пахай, сатамматаххын! Биһиги Ґіһээ Аммаҕа баран иһэбит ээ, – аллара ыстанан түспүт дьон ыстааннарын тимэҕин ситэ сүөрбэккэ, чэпчэтинэллэрин да умнан күлсэн тоҕо барбыттара.
– Ол Ґіһээ Аммабыт диэн хайа диэки баарый?!
– Эн хантан сылдьар, хантан кэлбит сахаҕыный? Слобода Амматын билбэт саха баар эбит дуу?! – күлэллэрин тохтотон улаханнык соһуйбуттара.
Тугу эрэ баллыгыраһа туран чэпчэтинэн, дьэ, уоскуйан сүбэ-ама тобула сатаабыттара.