Читать онлайн Күрэтиллибит таптал бесплатно
Халыҥ хаарынан сабыллыбыт намыһах дулҕалаах үрүйэ баһа көмнөхтөөх лабааларын намылыппыт лиҥкир тииттэрдээх хонноҕунан муҥурданар. Хоннох ортотугар хордоҕой сиргэ тутуллубут муус түннүктэрдээх, тилэһэ хотонноох балаҕан оһоҕун хоротуттан көстө-көстүбэт буруо тахсан салгыны дьиримнэтэр. Аата сир баранан, манна эмиэ дьиэ туппуттар эбит дуу диэн, киһи соһуйа көрүөх курдук уораҕайа.
Кыһыҥҥы бытархан тымныы түһэн, сири-дойдуну иччилиир итии хааннаах баара барыта саспыт, кирийбит курдук уу чуумпу. Ол эрээри имириир тыыннаах хайдах суох буолуой? Аламай күн киҥкиниир киэҥ халлаан кэтит киэлитигэр ойон тэгилийэн тахсан, тииттэр быыстарынан сырдата тыктаҕына, дөрүн-дөрүн чооруос чыычаах үөрүн саҥата тыа баһынан дьы-ыыр диэмэхтээн ааһыаҕа. Ханна эрэ тоҥсоҕой торулуо. Биирдэ эмэтэ үөһээнэн көтөн ааһар хара суор «халып» диэн саҥарбыта иһиллиэ.
Онтон күн арҕаа санньыйан, чугас сабырыйан турар тииттэрдээх хара тыа кэтэҕэр түстэҕинэ, эмиэ туох да суоҕун курдук, ньим уоһуйуо. Киһи кута-сүрэ тохтообот түҥкэтэх дойдута.
Ол эрээри олохсуйан олорор дьоҥҥо оннук буолбатах. Бу үрүйэ баһа Таһымаан Дьаакып диэн оҕонньор сааһын тухары олохсуйбут түбэтэ. Төһө да дьадаҥы буоллар, кимтэн да умналаабакка, бэйэтин бэйэтэ көрүнэн сэттэ уон сааһыгар тиийдэ. Уола – Бараах Байбал – түөрт уон саастаах эдэр киһи. Кийиитэ Былтаҥныыр Мааппа дьадаҥы ыал кыыһа буолан, туох да иҥэ-дьаҥа суох үлэһит дьахтар. Байбаллаах Бүөтүччээн диэн саҥа туран эрэр уон сэттэтин ааспыт уоллаахтар.
Үс ыанар ынахтаахтар. Көлүнэр оҕустаахтар. Икки борооскуну кытта биир тиҥэһэ бургунаһы кыстатан туруораллар. Нэһилиэк уһугар, кытыы сиргэ, олорор буоланнар, бэркэ бултаан, балыктаан, айахтарын ииттинэн олорор ыал.
Бүгүн эт сиир дьоро киэһэлэрэ. Саха дьоно эти тото-хана, астына сииллэрин сөбүлүүллэр. Ол кэриэтин дьоро киэһэ кэнниттэн икки, үс эбэтэр түөрт да хонукка идэһэ этин сиэхтэрэ суоҕа. Эт сиэбэт ньыкы киэһэлэригэр, баар буоллаҕына, куобах этин буһараллар.
Ыргыччы буспут сыалаах эттээх улахан көһүйэни Мааппа буруолаппытынан көтөҕөн аҕалан, намыһах атахтаах остуолга уурар. Хаҥас оронтэн нэлэгэр удьурхай кытахтары, миин кытыйатын, мас хамыйахтары аҕалан уурталыыр. Өтөр эт сиэбэккэ хобдоҕурбут, аччыктаабыт дьоҥҥо буспут эт минньигэс сыта биллэр.
Эт хоторуллаатын кытта бары остуол тула олорон саҥата суох аһаан кимиритэллэр. Остуол ортотугар турар кытыйаттан итии миини хамыйаҕынан баһан ылан сып-сырыйаллар. Оһоххо умайан күлүбүрүүр уот сырдык толоно дьиэ эркинин саһара хараарбыт холлоҕоһугар түһэн, биллэ-биллибэттик дьиримнэтэр. Муус түннүктэр кубарыһаллар. Эт сиэн баран суорат сиэччилэр. Билигин ханнааҕы суораттара кэлиэй. Биир ынахтара уолбута. Икки ынах сыппатар да үүттэрэ кыра. Ону күнүскү аһылыкка кыынньаран иһэллэр.
Киэһэ аһылык кэнниттэн, утуйуохтарыгар диэри, иллэҥ кэмнэрэ. Мааппа аһаабыт иһити хомуйар. Оҕонньор көнө саастаах маһы талан, оһох чанчыгар олорон тымтык тыырар. Маһын хайыталаан, эргитэ-эргитэ имиллэҥнэтэн, чап-чараас гына тыыра-тыыра холумтаҥҥа быраҕаттыыр. Байбал тото аһаабыт киһи быһыытынан, хомуллубут утуйар таҥаһыгар өйөнөн, тиэрэ түһэн сытар. Мааппа кыл көлбүһэҕинэн иһитин сууйа охсон, хаҥас диэки илдьэн иһит оронугар уурталыыр. Үөттүрэҕи ылан оһоххо туруору ууруллубут имик-самык умайар хардаҕастары эргитэ аспытыгар, уот күүдэпчилэнэ умайан, дьиэ иһэ сырдыы түһэр.
Бүөтүччээн таһырдьаттан киирдэ. Кинини кытта кырыара тоҥмут ыттара мас бакаайытын соспутунан киирсэн, уот сылааһыгар иттээри, оһох диэки хайыһан олорор. Кылап-халап көрөр. Тыаҕа тахсан куобах айатын эһиэ диэннэр, моонньугар ыарахан бакаайы маһы баайан состороллор. Онон кыһын дьиэтин таһыттан ханна да ырааппат.
– Ити саһыл эргийбэтэ ээ, – оҕонньор бэйэтэ-бэйэтигэр эппиттии саҥарбытыгар ким да сэҥээрбэтэ.
Мантан хоту, аҕыйах мас хаххалаан турар билиини аастахха, Таала диэн күөллээх бүтэй алаас баар. Ол алаас тумус тыатын быһар сүөһү сайыҥҥы ыллыгын устун күһүөрү кыһын саһыл кэлэн ааспыт этэ. Оҕонньор онно айа тарпыта. Хас да сыллааҕыта ити ыллыкка, саһыл биирдэ сылдьыбыт суолугар айа тардан, кэрэмэс саһылы ылбыта. Быйыл онно эмиэ айа тарпыта да саһыл эргиллибэтэ.
Оҕонньор бүтэн, холумтаҥҥа быраҕаттаабыт тымтыктарын хомуйа тутан ылан, оһох чанчыгар сиргэ быраҕар. Кыстаммыт мастан хардаҕастары ылан, сөҕүрүйэн эрэр уокка эбэн, оһоххо туруору уурталыыр.
Оһох хаҥас чанчыгын таһынан хотоҥҥо киирэр аһаҕас аан хараара боруорар. Ол диэки сүөһү ииктээн чарылаппыта иһилиннэ.
* * *
Кыһыҥҥы түүн уһун. Оҕонньор утуйа сытан уһуктан, таһырдьа иккиһин чэпчэтинэ тахсыытыгар, араҥас сулус алтахтыы илик эбит. Онтон уута көтөн, утуйбат. Сыппахтаан баран «турарга сөп буолла быһыылаах» диэт, олоппоско уурбут таҥаһын ылан таҥнар, туран уоту оттор, чаанньыгы өрөр.
Балаҕан иһэ түүн тымныйар. Оһох уота күүдэпчилэнэ умайан, дьиэ иһэ сырдаабытын, сылыйбытын кэннэ Мааппа туран таһырдьа тахсар. Халлаан тымныйбыта сүрдээх. Окко хонон титириэр диэри тоҥмут, кырыарбыт түүлээх ыта кэлэн Мааппа иннигэр-кэннигэр эккэлии көттө.
Сарсыардааҥҥы аһылыктарыгар сыма1 сиэтилэр. Сорох сарсыарда бэс үөрэни сиэччилэр. Оттон көннөрү от үөрэ баар буоллаҕына, күнү быһа, санаатахтарын аайы, иһэ сылдьааччылар. Ити ааттаммыт астарын сайын аайы элбэҕи хаһааналлар да, саас эрдэ бүтээччи. Дьылы туоруур сүрүн астара буоллаҕа.
Аһаан баран Байбал хотонтон оҕуһун таһааран көлүйэн, от тиэйэ барда. Таһырдьа билигин даҕаны хараҥа. Халлаан илин саҕата саҥардыы суһуктуйа сырдаан эрэр.
Лаппа сырдаабытын кэннэ Дьаакып оҕонньор, куобахха ииппит айаларын көрөөрү, тирии матаҕалаах мас сүгэһэрин сүгэн, уһун уктаах холотун ылан тыаҕа таҕыста.
Бүөтүччээн, аҕата Байбал от тиэйэр күнүгэр, күннээҕи үлэтэ элбиир. Кыбыыга киирэн чиҥээбит оту тордуохтаан түһэрэн, далга тарҕатан сүөһүнү аһатар. Сорох отун улахан талах иһиккэ симэн, хотоҥҥо соһон киллэрэн долборукка тарҕатар. Таала күөлүгэр баран ойбону тэһэн, сүөһүнү уулатар. Төттөрү кэлэригэр икки улахан ыаҕаска уу баһан аҕалан торбостору уулатар. Аны хонук маһын мастыахтаах.
Мааппа сүөһүлэрин баайыыларын сүөрэн хотонтон таһаартаата. Мүлүрүйэ элэйбит күрдьэҕин ылан иик былаастаах сүөһү сааҕын хаһыйталаан иһэн муннун хамнатан ылла. Төһө да үөрэммит сыта буоллар, маҥнай аҥылыйбытын абааһы көрдө. Чөмөхтөөн бүтэрэн баран таһырдьа тахсан, хотон кыра муус түннүгүн ылан аллара уурда. Онтон хотонугар төттөрү киирэн чөмөх сааҕыттан баһан ыла-ыла аһаҕас түннүгүнэн таһырдьа эһэр. Таһыттан тымныы салгын туманныра үргүйэн, хотон иһэ тымныйда. Мааппа тиэтэйэ-саарайа сүөһү сааҕын эһэн бүтэрэн, таһырдьа тахсан муус түннүгү оннугар уурар. Тирии үтүлүгүнэн хаары баһан ыла-ыла түннүгүн хайа түһэр. Күрдьэҕин ылан ыһылла сытар, бөһүйэ тоҥон эрэр ынах сааҕын чөмөхтөөн балбаах оҥорор.
Чараас таҥастаах буолан тоҥон, «ычча» диэбитинэн дьиэтигэр сүүрэн киирэн, холумтаҥҥа сууллан буруолуу сытар уоттаах хардаҕаһы туруору анньар. Уокка хардаҕас эбэн иттэ түһэр. Онтон эмиэ хотонугар киирэр.
Күнүскү аһылык буолуута Дьаакып амчыллан киирэн, сүгэһэриттэн муус маҥан тоҥ куобаҕы ороон ылан, үөһээ кирээккэҕэ ириэрэ уурар. Сыгынньахтанан, олоппоһу ылан уот иннигэр олорон, этэрбэһин тардыалыыр, бытыгын мууһун илбинэр.
Бүөтүччээн мастаабыт маһын көтөҕөн киллэрэ-киллэрэ оһох чанчыгар кыстыыр. Саха оһоҕо күнү быһа умайар буолан, күн аайы элбэх мас мастанар. Күнүскү аһылык кэнниттэн эмиэ мастыы түһэрэ буолуо. Түүн оһох аһаҕас үөлэһинэн тымныы салгын киирэр, күнүс аанынан үргүйэр, эркин холлоҕосторун ыпсыыларын кырыардар, куһаҕан таҥастаах аччык киһини тоҥорор.
* * *
Саха ыалыгар саамай элбэх үлэлээх киһинэн дьахтар буолар. Кини түбүгэ хаһан да бүппэт. Хотон үлэтин таһынан куобах тириитин имитэр, ас астыыр, иистэнэр. Ол сылдьан үлэтин «быыһыгар» оҕолонор. Саҥа төрөөбүт оҕо үксэ кыратыгар тымныйан өлөр. Адьас биир эмэ оҕо тыыннаах хаалар. Мааппа аҕыста оҕоломмутуттан Бүөтүччээн эрэ ордон, таҥара көмөтүнэн, быйыл уон аҕыһыгар барда. Оҕолоро өллөҕүнэ ытыыра. Бары бойбох курдук эттэнэн, киһини албынныыр буолан иһэн, аҕыйах хонукка ыалдьаат өлөн хаалаллара. Оҕо өллөҕүнэ «абааһы сиэтэҕэ» дии саныыллара. Абааһыны куттаары, оҕо биһигэр былыргы кураахтаах саа дьэбиннээх тимир оҕун, хаххан тыҥыраҕын баайаллара. Эмиэ абааһыны муннараары, оҕоҕо кыыл-сүөл аатын биэрэллэрэ. Бүөтүччээн сахалыы аата Күтэр диэн. Ол аатын сөбүлээбэт буолан наар нууччалыы аатынан ааттыыллар.
Мааппа бэйэтэ мантан сэттэ биэрэстэлээх сиргэ баар Көдөһү диэн кыракый алааска үөскээбитэ. Аҕатын өйдөөбөт. Үстээҕэр өлбүтэ үһү. Ийэтэ кыыс уон иккилээҕэр эмискэ ыалдьан өлбүтэ. Онтон ыла эһэтигэр иитиллибитэ. Эһэтэ Аамай оҕонньор икки ынаҕы бэйэтэ ыыра. Ол ынахтарын кыһын дьиэ хаҥас өттүгэр баайаллара. Эһэтэ балыктаан, куобахха айалаан, куртуйахха туһахтаан, иккиэйэх бэйэлэрэ айахтарын ииттинэн, ыал курдук сананан олорбуттара.
Мааппа уон алтатын ааспытын кэннэ, Таһымаан Дьаакып кэлэн, эһэтэ оҕонньору кытта кэпсэтэн, уолугар Байбалга холбообута. Туох да энньэтэ-таймата суох оҕонньордоох кыыһы көһөрөн ылбыттара. Тыһаҕас өлөрөн, чугастааҕы ыаллары ыҥыран уруу туомун тэрийбиттэрэ.
Аамай оҕонньор сайын аайы «алааспын аҕынным» диэн, дойдутугар тиийэн ый курдук олорон туулаан, балык хатаран аҕалара. Кэлин өлөрүн чугаһыгар эрэ барбат буолбута.
Кыһын Дьаакыптаахтан чугас эргин ыал суох буолааччы. Арыый чугас ыаллара Быргый Дьөгүөрдээх мантан соҕуруу үс биэрэстэлээх сиргэ олороллор. Кинилэр сайын сайылыктарыгар Бүрүнэйгэ көһөн кэллэхтэринэ чугаһыыллар. Бүрүнэй бу үрүйэ төрдүгэр баар сайылык алаас. Ити алааска сайын аайы хас да ыал көһөн кэлэн сайылыыр. Оҕолор саҥалара, дьахталлар сүөһүлэрин һайдыыллара, ынах маҥырыыра эҥин мантан иһиллэ турааччы. Бүөтүччээн оҕо эрдэҕиттэн, санаатаҕын аайы баран, оҕолору кытта оонньуур, сөтүөлүүр сирэ. Сорох сайын ол алааска көһөн тиийэн ыалга дьукаах сайылыыллара. Кэлин балаҕаннарыгар сайылыыр буоллулар.
Мантан арҕаа Өлүөнэ өрүскэ диэри онон-манан күөллэрдээх, хас эмэ көстөөх халыҥ сис тыа. Хоту уонна соҕуруу өттүлэригэр, чугаһынан, ыаллаах алаас суох. Илин өттүлэригэр киһи-сүөһү олохсуйбут үтүөкэн алаастара бааллар. Дьаакыптаах нэһилиэк кытыы сиригэр түҥкэтэх дойдуга олорор буолан, ыалдьыт-хоноһо сылдьыбат ыала. Ол эрээри нэһилиэккэ, улууска туох уларыйыы, сурах-садьык баарын хойутаан да буоллар истэ-билэ олороллор.
* * *
Сүүрбэ биэс-алта сыллааҕыта куораттан кэриим аҕабыыта тахсан, нэһилиэк дьонун барытын сүрэхтээн, саҥа нуучча миэрэтин ылыммыттара. Уһун суһуохтаах эр дьону баттахтарын кырыйталаан, үрдүлэригэр уу кутуталаан, нууччалыы ааты биэрэн, быалаах кинигэҕэ суруйбуттара. Саҥа ааттарын маҥнай умнан кэбиһэн моһуогураллара. Билигин үөрэннилэр.
Нуучча таҥаратын үөрэҕин быһыытынан, айыыта-буруйа суох киһи өллөҕүнэ дууһата ырайга көтөр үһү. Оттон буруйу оҥорор киһи айыыта-харата элбээн, аад айаҕар түһэн сымалаҕа буһар. Ол иһин күн сиригэр олорор киһи, туох да айыыны-буруйу оҥоруо суохтаах. «Куһаҕаны оҥордоххо сир-дойду иччитэ хоргутуо, хомойуо, айыы буолуо» диир саха, бэйэтин итэҕэлэ нуучча таҥаратын үөрэҕэр сөп түбэһэр, дьүөрэлэһэр буолан, саҥа миэрэни сөбүлээбитэ. Дьон үксэ дөбөҥнүк ылыммыта.
Куорат суута саха былыргы итэҕэлин боппута. Кэриим аҕабыыта ыалга киирэн ол-бу эмэгэти көрдөҕүнэ ылан уокка быраҕара. Бэйэтин тылынан ыллыы-ыллыы хадьыылатын биэрэҥнэтэн буруонан ыһаарара.
Сүрэхтэммит эр киһиэхэ баттаххын үүннэримэ, дьахтарга сирэйгин аҥнаҕынан сабыма диэбиттэрэ. Муостаах бэргэһэни кэтэри боппуттара. Ынах үүтүн уоһаҕын иһимэҥ, күтэри, тииҥи сиэмэҥ дииллэрэ. Ойууннууру эмиэ боппуттара. Ол эрээри улахан хомуһуннаах ойууннар саҥа миэрэни ылымматахтара, баттахтарын кырыттарбатахтара. Маҥнай дьон эмиэ атыҥыраабыттара. Ол эрээри кэлин саҥа миэрэҕэ, саҥа ааттарыгар син үөрэннилэр.
Улууска таҥара дьиэтэ суох буолан баай, кыахтаах дьон куоракка киирэн, Торуойускай собуорга сылдьан, таҥараҕа тиксэллэрэ. Ол курдук уонча сыл олорбуттарын кэннэ, Алтан нэһилиэгин улуу баайа Түөнүкү Көстөкүүн үс нэһилиэк баайдарын, тойотторун ыҥырталаабыт мунньаҕар, сиэртибэ хомуйан таҥара дьиэтин туттарыаҕыҥ диэн тыл эппит.
– Таҥара дьиэтэ, аҕабыыт суох буолан өлөр дьон собуора, буоругар ырыата суох хаалаллар. Ол иһин ырай сырдыгыттан маталлар. Төрөөбүт оҕолор сүрэхтэммэттэр. Дьон таҥараҕа тиксибэт, кини сылаас тыынын билбэт буоланнар, айыыны-хараны оҥороллор диэбит. Бар дьоммун быыһыыр инниттэн, таҥара дьиэтин туттарарга сиэртибэ хомуйабын уонна бэйэм үппүн холбуубун, – диэн түмүктээбит.
Ити эппит тылларын мустубут дьон сөбүлээн, саҥа аллайа, ытыстарын таһына олорбуттара үһү. Тойоттор үөрэн, Түөнүкү Көстөкүүҥҥэ махталларын биллэрбиттэр. Таҥара дьиэтигэр сиэртибэлээбит, тутуспут киһи өллөҕүнэ, бука, ырайга тахсара буолуо диэн кэпсэппиттэр.
Онтон сотору Түөнүкү куоракка киирэн, собуор таҥаратын дьиэтиттэн аҕабыыты таһааран, үс нэһилиэк дьонун барытын ыҥыран, улахан мунньах оҥорбут. Аҕабыыт мэлиибэн ыллаан, сибэтиэй уунан ыһыахтаан, таҥараны санаппыт. Түөнүкү сиэртибэ биэрбит киһи бу дойдуга уһуннук, дьоллоохтук олоруохтаах, өллөҕүнэ дууһата ырайга тахсыахтаах диэн тыл эппит. Дьон өрө көтөҕүллэн көхтөөхтүк суруйтарбыттар.
Аан маҥнай Моорук нэһилиэгин улуу баайа Ыстапаан Искирээбин сүүрбэ биэс биэни, сүүрбэ биэс буут арыыны, биэс мөһөөх харчыны сиэртибэлээбит. Кини кэнниттэн баайдар көҕүһэ-көҕүһэ биэстии сылгыны суруйтарбыттар. Дьадаҥы дьон биирдии ынаҕы сиэртибэлээбиттэр. Түөнүкү атын нэһилиэктэргэ, улуустарга итэҕэллээх дьону ыытан эмиэ сиэртибэ хомуйтарбыт. Түмүгэр, элбэх үп киирэн, Түөнүкү баайа олус хаҥаабыт.
Онтон аны таҥара дьиэтин ханна туттарары быһаараары мунньахтаабыттар. Биир да нэһилиэк сир биэриэн баҕарбат. Үтүө сирдэрэ барыта үллэһиллэн, биирдиилээн баайдар бас билэр сирдэрэ буолбута ырааппыт. Ол дьон сирбитигэр таҥара дьиэтэ тутулуннаҕына, ол таһыгар кэлии дьон олохсуйуохтара, кэлин бэйэбит үтүрүллүөхпүт дии саныыллар.
Түөнүкү эмиэ куоракка киирэр. Онно сэрэбиэй быраҕыҥ диэн сүбэлииллэр. Үс сири талан баран сэрэбиэй бырахпыттара, Бүтэйдээх диэн алааска түбэспит. Онно аҕабыыт бу сири таҥара бэйэтэ талла диэн мэлиибэн ыллаабыт.
Түөнүкү тутуу маһын дьоҥҥо наймылаһан киллэттэрбит. Таҥара дьиэтигэр сөптөөх суон, көнө бэрэбинэни, онтон-мантан ыраахтан булан, тиэйэн киллэрбит киһи биэс уон харчыны ылар. Бүтэйдээххэ тутуу маһа тиэллэн киирбитин кэннэ, күһүн, Тааттаттан аатырбыт маастар ыҥырыллан кэлбит. Ол кэнниттэн тутуу саҕаламмыт. Бастыҥ үлэһит хамнаһа күҥҥэ сүүрбэлии харчы. Сүүс күн үлэлээбит киһи сүүрбэ солкуобайы ылар. Ол – икки ынах сыаната.
Эркинин ортолуу таһааран эрдэхтэринэ, Баһырҕас диэн уус киһи мүччү үктээн, сууллан, тобугун уҥуоҕун үнтүрүппүт. Ол киһи кыстаан баран, сайыныгар, «ырайга тахсыам» диэн эрэнэ сытан өлбүт.
Үс сыл үлэлээн, тас өттүн бүтэрбиттэр. Ис киэргэлин оҥотторорго куораттан үс нуучча киһитин кэпсэтэн таһаарбыттар. Ол дьон эмиэ өр үлэлээн, араас таҥара мэтириэтин оҥорбуттар. Эркинин, муостатын кырааскалаабыттар. Көмүс солотуунан киэргэппиттэр. Үөһээ куупалыгар улахан халанчаны таһаарбыттар.
Барыта бүппүтүн кэннэ, куораттан аккыырай тахсан саҥа дьиэни сибэтии гыммыт. Кэлэн көрбүт дьон сөҕүү-махтайыы бөҕө буолбуттар. Бүтэйдээххэ ырай аһыллыбыт диэбиттэр. Төһө да киһи туппутун иһин, таҥара бэйэтэ көмөлөһөн, маннык оҥоһулуннаҕа дэспиттэр.
Саҥа тутуллубут таҥара дьиэтэ диэн, балаҕаҥҥа үөскээбит ынах этэрбэстээх киһи үктэниэн да кыбыстар, ыраас, сырдык, киэҥ, үрдүк, кырдьык даҕаны, ырай дойдутун курдук килбиэннээх уораҕай буоллаҕа.
* * *
Сааһыары, кулун тутар ый ортотун диэки, күн лаппа уһаан, сырдаан, тымныы арыый уҕарыйан, киһи сэргэхсийэр кэмэ кэллэ. Арай ас татыарыйбыта саппаҕырдар. Дьаакыптаах төһө да уһата сатаан сиэбиттэрин иһин, идэһэлэрин этэ бүппүтэ. Сайын хаһааммыт сымалара эмиэ бүтэн эрэр. Арай бэс субата дэлэй да, тардара дуона суох хаалла. Аҥаардас бэс ас буолбат. Биир сыппатар ынах баара уолбута.
Дьаакып оҕонньор Чаллыын Ньукулайдаах диэн сэниэ ыалтан тирии имитэ ылбыта. Киэһэ аайы улахан талкыга тирии имитэн дьэ бүтэрдилэр.
Сарсыарда Байбал эриллэ сууламмыт имиллибит тириини кыбынан Чаллыыннаахха барда. Таарыйа чугас ыалларыгар Быргый Дьөгүөрдээххэ сылдьан сээкэй сонуну истэн кэлиэхтээх. Кытыы сиргэ олорон ханна да барбат-кэлбэт буоланнар, дьон-сэргэ хайдах олорорун, нэһилиэк сонунун, ыалга эрэ бардахтарына истэллэр. Кыра да сонуну сэргииллэр.
Киэһэлик, ыттара үрбүтүгэр, Бүөтүччээн таһырдьа тахсан көрдө. Аҕата сүгэһэрдээх, нүксүччү соҕус туттубут. Үчүгэй. Ыт үрэн баҕырҕаан баран, иччитин билэн тохтоото.
Байбал дьиэҕэ киирэн, кэтэһэн олорор дьон санааларыгар, лис курдук сүгэһэрин көхсүттэн түһэрдэ. Сонно тута Мааппа кэлэн, матаҕа быатын сүөрэн, аһын хостуур. Биирдэ сиир эт, кыра ис уонна син балачча тар ыыппыттар. Баччаҕа бу да үчүгэй. Таах олордоххо ас хантан кэлиэй. Тирии имитиитэ диэн, кыһыҥҥы иллэҥ кэмҥэ үс эр киһиэхэ улахан үлэ буолбатах. Көһүйэҕэ уу кутан, эт угаттаан, чох тардан, уокка уура оҕустулар.
– Хайа дьэ, төһө бэркэ олороллор? Туох солуну кэпсииллэр? – оҕонньор утуйар таҥаһыгар өйөнө сытан ыйытар.
– Үчүгэйдик олороллор. Соччолоох туох да солун суох. Ыһыы Сэмэн куораттан тахсыбыт үһү, – Байбал уот иннигэр кэлэн олорор.
– Тугу таһаарбыт үһүнүй? – Мааппа оһоххо мас эбэр.
– Биир иһит арыгылаах үһү. Саа сэбин, аҕыйах арсыын таҥас таһаарбыт үһү. Түлүрбэх Бүөтүр өлбүт үһү.
– Оо, ээ. Аҕабыыт кэлэн собуордаабыт үһү дуо? – оҕонньор эмиэ ыйытар.
– Собуордаппыттар үһү.
– Били Манчаары түөкүн сураҕа иһиллэр үһү дуо?
– Туох да иһиллибэт дииллэр.
Хас да сыллааҕыта Манчаары Баһылай диэн Нөөрүктээйи киһитэ буруйу оҥорон хаайыыга киирбитэ. Онтон күрээн кэлэн дьону халаабытын иһин тутан, сууттаан, көскө ыыппыттара. Киһилэрэ аараттан күрээн кэлэн, эмиэ дьону халаабытын тутаннар, сууттаан, оруосканан таһыйтаран бараннар Лаамыга2 көскө ыыппыттара. Онтон икки сыл буолан баран, ааспыт сайын, эмиэ күрээбит үһү диэн сурах иһиллибитэ. Күһүнүгэр ханна эрэ кинини көрбүттэр, ким эрэ ата сүппүт, биэни ытан баран этиттэн ылан барбыт диэн, үһү-тамах курдук кэпсээн тарҕаммыта. Ону сорохтор итэҕэйбэттэр этэ. Манчаары күрээбэтэҕэ буолуо, бэйэбит уоруйахтарбыт, Манчаарыга балыйтараары, уоран сиэтилэр ини дэһэллэрэ.
Онтон күһүн буолан хаар түспүтэ. Манчаары ханна да барбыта биллибэккэ, сураҕа да иһиллибэт буолбута. Ол иһин күрээбит үһү диэн сурах сымыйа кэпсээн эбит дэспиттэрэ. Манчаары чахчы сыылкаттан күрээбит үһү, быраабаҕа биллэрии кэлбит диэччилэр эмиэ бааллара.
Саха киһитэ улахан буруйу оҥорон хаайыыга киирэрэ, сыылкаҕа барара, өссө ол дойдуттан күрээн кэлэрэ диэн, урукку өттүгэр буолбатах түбэлтэ. Ол иһин киһи итэҕэйбэт.
* * *
Муус устар ый ортотун диэки өр кэтэһиннэрбит ынахтара дьэ төрөөн, үрүҥ аһы сиир буоллулар. Иккис ынахтара эмиэ синньээн эрэр.
Сааскы ичигэс күҥҥэ эдэр киһи дьиэтигэр тэһийэн олорбот буолар. Бүөтүччээн икки айаны сүгэн тыаҕа таҕыста. Ыарахан бакаайыта уһуллубут ыт батыһаары гыммытын, уһун уктаах холотунан дугдуруйан төттөрү үүрдэ.
Тыа иһигэр киирдэххэ, күн чаҕылыттан киһи хараҕа сынньанар. Хаар чиҥээбит. Тиит, талах умнаһын тулата быһыта сиэһэн чөнөрүттүбүт. Ол эрээри халыҥа халыҥынан сытар. Хаамарга ыарахан.
Баччаҕа дьон куобахха айалаабаттар. Оҕонньор айатын эспитэ өр буолла. Билигин күнүһүн сылыта-сылыта түүнүн тоҥорор буолан, хаар үрдэ чиҥээн кытааппыт. Ол иһин куобах ороҕурбат, ханан баҕарар сылдьар. Баччаҕа куобах аҕыйыыр даҕаны. Ханна эрэ баран хаалар. Ол эрээри сүүлэ буолан суола-ииһэ элбээбит курдук. Атыыр куобах ыарҕалаах сиргэ киирэн, күнүстэри сүүрэ сылдьааччы.
Бу тэҥкэ тыаны аастахха ыарҕалаах силээн кэлэр. Оччо ырааҕа суох сир. Оҕонньор баччаҕа куобах силээн кытыытынан сүүрэр, онно айа тардан өлөрөр баҕайы диэбитэ. Ол иһин үчүгэй ылааҥы күн буолбучча бу баран истэҕэ.
Байанай биэрдэҕинэ баҕар биир эмэ куобах айатын эһиэ. Билигин аччык кэмҥэ, алҕаска биир эмэ куобах түбэһэрэ буоллар үөрүү буолуо этэ…
* * *
Ыам ыйыгар ынах төрүүр, балык тахсар, кус элбиир кэмэ. Сандал саас кэлэрэ ордук дьадаҥы дьоҥҥо үөрүүлээх. Кырыа кыһыны этэҥҥэ туораатахтара дии.
Ыраах Ходоро нэһилиэгин сирэ-дойдута. Дьадаҥы ыал тусаһатыгар туох элбэх күрүө-хаһаа, тутуу диэн кэлиэй – кыбыы, дал, тилэһэ тутуллубут хотонноох балаҕан уонна ампаар эрэ көстөр.
Дьиэ иһигэр киирдэххэ тирии имитэр талкы, үс атахтаах төгүрүк остуол, аҕыйах олоппос баар. Хаҥас ороҥҥо ыаҕастар, кытыйалар, чабычах, быдараах, хобордоох эҥин көстөр. Холумтаҥҥа уот төлөнүгэр хараарбыт алтан чаанньык ууруллубут. Оһох чанчыгар собохтоох кэлии хоройор. Сыҥаһа ороннорун баһыгар утуйар таҥастара чөмөхтүү хомуллубут. Кэтэҕэриин орон быыстаах. Уонна атын туох да киһи киһиэхэ кэпсиир дьиэ тэрилэ көстүбэт.
Бу Мэлитэр Тиэхээн диэн киһи дьиэтэ-уота. Ыал үксэ дьадаҥы буолан, син дьон тэҥинэн сананан олороллор. Түөрт ыанар ынахтаахтар, аҕыйах субан сүөһүлээхтэр, аттаахтар, оҕустаахтар. Тиэхээн уоннарыттан тахсыбыт уоллаах кыыс оҕолоох. Кинини кытта инитэ Обун Арамаан диэн сулумах киһи олорор. Сүүрбэ сэттэтигэр диэри ойоҕо суох сылдьар. Биир ыал кыыһын ойох ылыах буолан кэпсэппитэ да, халыымын кыайан булан ситэ төлөөбөккө сүгүннэрэн аҕала илик.
Халыым харчыта булаары, Бэбэһэ Ыстапааннаах диэн сэниэ ыалга дьиэ маһа кэрдэр. Күнүс ол киһи сылдьан «сарсын киэһэ кэлэн хоннун» диэн этэн ааспыта.
Киэһэ, аһаары олордохторуна, Обун киирэн, өйүө аһын тутан илпит иһитин хаҥас диэки илдьэн уурда.
– Бэбэһэ сылдьан эйигин сарсын киэһэ кэлэн хоннун диэбитэ, – Тиэхээн сонунун иһитиннэрэр.
– Туохха бэһирдэҕэй? – дии-дии дьиэлээх дьахтар, Ылдьаана, кус этин хоторор.
– Байар иннигэр маска эрэ ыттыбатах киһи. Бука тугу эмэ соруйаары ыҥырбыта буолуо.
– Кэпсэтиилээх үлэм мас кэрдиитэ. Онтон атын улахан үлэҕэ мээнэ соруйбат ини, – Обун остуолга олорон, аһаары, кытыйалаах кус этин чугаһата тардар.
– Кыра сорудах буоллаҕына төттөрү этимэ. Санаатын таптаххына кэлин аахсар саҕана туһалаах буолуо.
Сааскы халлаан уларыйымтыа. Сайын кэлбитин курдук аҕыйах күн итийэн баран, дьыл оҕуһа алыс эрдэ ититтим диэбиттии тыалыран, тымныйан, хаардаан да ылааччы. Ол эрээри кэлэн эрэри туох тохтотуой, былыта дьайҕаран халлаан арылыннаҕына, итии күннэр сыыйа кэлэллэр.
Аҕыйах күн тымныйан, тыалыран баран халлаан көнүөх курдук буолбут. Обун Арамаан күнүскү үлэтин кэнниттэн Бэбэһэ Ыстапааннаахха барда. Сир аайы уу тахсан килэйбит, бадарааннаах. Этэрбэһин сытытымаары, онон-манан эргийэ хааман ыалга кэллэ.
Дьиэлээх киһи үлэһитин үчүгэйдик көрүстэ. Төһө маһы бэлэмнээбитин ыйыталаһар. Сэниэ ыал быһыытынан астара үчүгэй. Билиҥҥэ диэри эт сииллэр эбит.
Обун Арамаан ыалыгар хонно. Дьиэлээх киһи сарсыарда туран аһаан баран ханна эрэ барда. Обуҥҥа «ханна да барыма, сотору кэлиэм» диэбитэ.
Бэбэһэ, кырдьык, өр буолбата. Дьиэтигэр киирэн, хоноһотун ыҥыран тыаҕа таһаарда. Тугу да саҥарбат. Обун «тыаҕа тугу эрэ үлэлэтээри гыннаҕа дуу» дии санаата.
Тыа саҕатыттан чугас, үс ыҥыырдаах ат бааллан турар эбит. Ол таһыгар икки киһи олорор. Биирдэрин билэр – Топпооску Ньукулай диэн Тараҕай нэһилиэгин киһитэ. Урут кинини Бэбэһэлээххэ сылдьан көрөрө. Оттон иккиһэ – мааны таҥастаах, кини билбэт киһитэ.
– Топпооскуну билэр инигин? – Бэбэһэ оҕону сиэтэр курдук Обуну илиититтэн сиэтэн олорор дьон иннилэригэр аҕалар.
– Билэбин, – Обун, тугу эрэ сибикилээн билэн саллыбыт киһи курдук туттан, аллара көрөн туран саҥарар.
– Бу Манчаары Баһылай диэн киһи. Истибитиҥ дуо?
Обун мааны киһини көрөн аһарда. Иннигэр чугас баҕайы киэҥ харахтаах, биллэ-биллибэт эбирдээх сирэйдээх киһи олорор. Уол эмиэ төбөтүн санньытан баран аргыый саҥарар:
– Истибитим.
– Эн кинилэри кытта барсаҕын. Тыыллымаҕа диэри сирдээн биэриэҥ, – Бэбэһэ хамначчыт уолугар сорудах биэрэр киһи курдук этэр.
– Мин онно барар суолу билбэппин, – Обун төбөтүн илгистэр.
– Сымыйалаама! Сүөһү үүрсэн Тыыллымаҕа барса сылдьыбытыҥ буолбат дуо?!
– Биирдэ эрэ сылдьыбытым. Суолу үчүгэйдик билбэппин.
Эмискэ Манчаары ойон туран ынан кэлэн Обуну кэннинэн чугурутар.
– Барбат буоллаххына мин эйигин атыннык тыыннарыам! – Манчаары сирэйэ-хараҕа уларыйбыт. Суоһар көрүҥнэммит.
– Ыл, үчүгэй аҕайдык сахсыйа түһэн биэр. Оччоҕо дөбөҥнүк сыһыйыа, – Топпооску эбэн биэрэр.
– Ээ, доҕоор, куттаныма. Эн суолларын эрэ ыйан биэриэҥ, – Бэбэһэ эрэ дэмнээхтик саҥарар.
Обун мух-мах баран сөбүлэспит курдук буолла. Манчаары Бэбэһэни тэйиччи илдьэн тугу эрэ сибигинэстилэр. Ити икки ардыгар Бэбэһэ дьахтара улахан тууйаска сүөгэй тутан аҕалла. Ону барааччылар истилэр. Бэбэһэ иһиспэтэ.
Аттар холуннарын чиҥэтэн баран мииннилэр. Обуну сур акка олортулар. Бэбэһэ хаалла.
* * *
Обун Арамаан бастаан иһэр. Манчаары саалаах, батыйалаах. Топпооску тоҕо эрэ хотуурун туоһунан суулаан баран ыҥырда сылдьар. Оттон Обуҥҥа кыыннаах быһаҕа эрэ баар.
Манчаары баран иһэн Обунтан Тыыллыма баайа Даркы Дьаакып ханна олорорун ыйыппытыгар киһитэ «билбэппин» диэтэ. Саҥата суох айаннаан истилэр.
Кус элбээбит. Эҥин бэйэлээх өҥнөөх-дьүһүннээх кустар күөлтэн күөлгэ көтөллөр. Кус эрэ буолуо дуо, бараах, чөкчөҥө үөрэ элбэх. Кыһыл түөстээх талах чыычаахтара үөрдэрин батыһа биирдиилээн көтөллөр.
Былыта суох ыраас халлааҥҥа үөһэ ойбут күн итии сыламынан сыдьаайар. Арҕааттан үрэр быстах сиккиэр сөрүүн салгына сайар. Хонууга халыйбыт күөлгэ түспүт кустар долгун сырдык эрэһэтигэр ордук чуолкайдык харааран көстөллөр. Аттар туйахтарыттан сир куоһаҕар халыйбыт уу бырдаҥалыыр. Алаас иһэ күрэҥсийэ күкээрбит өҥүн уларыта илик. Арай үрдэл сиргэ хайы-үйэ ньургуһун тахсан бүөрдээн эрэр. Аны аҕыйах хонугунан күн уотугар арыллан тахсыа буоллаҕа.
Бу бэйэлээх үчүгэйгэ, күрүлүүр күнүс, дьону халыы-талыы баран иһэллэрэ саныырга алыс сүөргү, куһаҕан. Ойох ылыам этэ диэн күнү-ыйы ааҕа сылдьар бэйэтэ аны түөкүттэр сирдьиттэрэ буолан хаалла. Киһи хаһан да үөйбэтэх-ахтыбатах суолугар түбэһэр эбит.
Күн сүрдээҕин уһаабыт. Киэһэлик Тыыллымаҕа чугаһаатылар. Улахан алаас саҕатыгар кэлэн, сыарҕалаах оҕуһу мииммит киһи туора суолунан баран эрэрин көрдүлэр.
– Ол киһиттэн баран Даркы Дьаакып ханна олорорун ыйыт. Бэйэҕин биллэримэ, – диэн Манчаары Обуҥҥа сорудах биэрэр.
Обун атын тиэтэтэн оҕустаах киһиэхэ чугаһыыр. Кырдьаҕас оҕонньор аттаах киһи кэлбитигэр оҕуһун тардан тохтотор.
– Оҕонньор, кэпсиэ.
– Суох. Эн, кэпсиэ.
– Даркы Дьаакып диэн киһи ханна олороруй?
– Ити чараас тыаны аастаххына суолуҥ икки аҥыы арахсыа. Уҥа суолу тутустаххына тиийэҕин, – оҕонньор билбэт киһитин сонурҕаабыттыы көрөр.
– Төһө ырааҕый?
– Чугас. Икки эрэ биэрэстэ буолуо. Хантан иһэҕин?
– Ыраах нэһилиэктэн, – Обун атын хаамтаран аһара барар.
Тыаҕа киирэн, атын тохтотон, дьонун күүттэ. Талах, хахыйах былаастаах симилэх ойуур көстөр. Ким эрэ суол кытыытыгар турар тиит лабаатыгар эргэ томторугу ыйаабыт. «Сибилигин итинэн күрээн хаалбыт киһи» дии санаата. Ол эрээри кэбис. Манчаары кыыһыран өһүөннүө. Итинэн кини кэлбитин кэмсинэр санаатын уҕарытта.
Ыйдарбыт сирдэригэр дьэ чугаһаатылар. Аттарын тыа иһигэр тэйиччи баайдылар. Сонос талаҕы быһан, икки мохсуо маһы оҥордулар. Биири Топпооску ылла, иккиһин Обуҥҥа туттардылар. Онтон хатыҥ туоһун хастаан сирэй сабыыта оҥоһуннулар. Икки харах уонна мурун туһунан туоһу ойо быстылар. Бүүрэ тардар буолан туос киһи сирэйигэр иҥнэр. Түспэтин диэн кулгаахтарыттан эмиэ иҥнэр гына оҥордулар. Манчаары бэйэтэ сирэй сабыыта оҥостубата.
Тыа саҕатыгар кэлэн чуҥнаан көрдүлэр. Улахан балаҕан, ампаар, хоспох эҥин көстөр. Күн тыа баһыгар түстэ.
Обун кэлэн иһэн «Манчаары ыалы халыырын көрүөм» диэн хантан эрэ түгэхтэн күөрэйбит көлдьүн санаалааҕа. Дьулаан, суоһар быһыы сибилигин буолуохтааҕыттан саллыбыт киһиэхэ, ол көлдьүн санаата эмиэ түгэххэ түһэн кирийбит, симэлийбит.
– Кэбис, миигин илдьимэҥ. Мин манна хаалыам, – Обун сирэйин сабыытын устан сиргэ уурар.
– Көр эрэ, бачча кэлсэн баран, аны барсымаары гынар дуу?! Хата, батыйа хаптаҕайынан үчүгэй аҕайдык самыыгын лабырҕатыам ээ, – Манчаары, Обун көрдөҕүнэ, моонньун тымыра күүрбүт.
– Оо, дьэ, куттаҕас да киһигин доҕоор. Эн таһырдьа туруоҥ. Куттаныма, – Топпооску төһө да ньымааттаан саҥардар эмиэ кыһарыйар.
– Чэ, ыл, туоскун сирэйгэр кэтэт! – Манчаары саҥата кытаанах.
Биир бэрэмэдэйи тутан аҕалбыттара. Манчаары Обуҥҥа «тугу таһырдьа бырахпыппытын бэрэмэдэйгэ хаалаар» диэн эттэ.
Боруҥуй буолуута туран, дьиэ диэки хаамтылар. Үүт күрүө иһигэр киирбиттэрин кэннэ, эмискэ ыт үрэн баргыйда. Манчаары батыйатынан далбаатаан ыты үүрэн, дьиэ ааныгар сүүрэн тиийдэ да, аан халҕанын тэлэ тардан иһирдьэ киирэр. Топпооску киһитин кэнниттэн киирсэр. Обун эппиттэрин курдук таһырдьа туран хаалла.
– Илиигитин-атаххытын хамнатымаҥ! Ыар ыалдьыт, дьоһун хоноһо кэллим, – Манчаары баргыытаан саҥарбыта дьиэ таһыгар иһиллэр.
Сотору олоппос дуу, туох дуу түҥнэри тэбиллибит тыаһа, күргүйдүүр саҥа, дьахтар ньааҕыныыра, ким эрэ ааттаһара иһиллэр. Ортоку түннүк иһирдьэттэн анньыллан, таһырдьа түһэн, дьиэ иһэ аҥас гынар. Аһаҕас түннүгүнэн нуучча таҥаһынан тигиллибит ырбаахы, суккун сон, солко кур, хас да ылтаһын тэриэлкэ таһырдьа быраҕыллар. Обун олору ыла-ыла бэрэмэдэйгэ угаттыыр. Дьиэ иһигэр Манчаары ампаар күлүүһүн көрдөөн күргүйдүүрэ иһиллэр. Ампаардарын хатыыр эбиттэр.
Чочумча буолан баран, Манчаары тахсан ампаар күлүүһүн аһар. Топпооску дьиэҕэ хаалар. Ампаар иһиттэн аһаҕас аанынан бэдэр саҕынньах таһырдьа быраҕыллар. Онтон бэдэр тириитэ, имиллибит сарыы, сиэрэй суккун сон, хас да кыһыҥҥы бэргэһэ таһырдьа тамнааттанар. Обун ыла-ыла бүк-тах тутан бэрэмэдэйгэ хаалыыр. Манчаары иһирдьэ тугу эрэ хасыһан баран көмүс куру быраҕар. Тахсарыгар саппыйаны кытта тимир сааны тутан тахсар.
Дьиэ ааныгар тиийэн өҥөйөн туран киһитин ыҥырар. Топпооску дьиэттэн тахсан үүт умуһаҕар киирэн, хаҥас илиитигэр сүөгэйдээх ыаҕаһы тутан, уҥатыгар чабычахтаах арыыны кыбынан тахсар.
Обун бэрэмэдэйи ылан санныгар биллэхтии быраҕар. Ыт тэйиччи туран тохтоло суох үрэр. Бу барыта олус дөбөҥ уонна судургу курдук буолла.
Ыар ыалдьыттар тиэтэйэ-саарайа аттарын миинэн, атын сир диэки туора бараллар. Түүннэри наар тыанан айаннаан, сыыйа дьиэлэрин диэки эргитэллэр. Хайа эрэ алааска аһыы сылдьар атыыр үөрүн көрөннөр, суолларын муннараары, сылгылары иннилэригэр үүрэн бараллар.
Сарсыарда, биир кыра бүтэй алааска тохтоон, аттарын аһата ыыттылар. Өйүөлэрин, буспут эти, сиэтилэр. Солуурчахха чэй өрөн истилэр. Өтөр аһаабатах дьон аччыктаабыттар, утаппыттар. Сүөгэйдэриттэн сиэтилэр. Онтон күн ортотугар диэри утуйдулар.
Киэһэ, боруҥуй буолуута, эмиэ айаннаатылар. Түүн дьиэлэригэр чугаһаан баран, тыаҕа тохтоон малларын үллэһиннилэр. Манчаары Обуҥҥа суккун сону, икки ылтаһын тэриэлкэни биэрдэ. Улахан сарыы саппыйа иһигэр биэс киис тириитэ, алта бүүчээн ыыта баар эбит. Онтон биир киис тириитин уонна эмиэ биир бүүчээн ыытын Обуҥҥа биэрдилэр.
– Бу сырыыбытын иэгэйэр икки атахтаахха иһитиннэрэр буолаайаҕын. Мин туспунан кимиэхэ да кэпсээмэ. Этиэҥ да өлөрөн кэбиһиэхпин сөп. Мин абааһы киһибин, – Манчаары Обуҥҥа сутуругун көрдөрөр.
– Оттон бу малбын дьоммор хантан ыллым диибиний? – Обун күндү малы ыларыгар ол туһунан санаабыта.
– Бэбэһэ биэрдэ диэ. Киниэхэ дьиэ маһа кэрдэр үһүгүн буолбат дуо, – диэн Топпооску сүбэлиир.
– Дьиэ маһын кэрдэрбэр хаччы ылыах буолбутум.
– Бу малы эбии үлэлээбиппэр биэрдэ диэ. Ону булан эппэккин дуо? Мин туспунан дьоҥҥор да кэпсээмэ. Кэпсиэҥ да сэрэн, – Манчаары эмиэ сэрэтэр. Ол эрээри сирэйэ-хараҕа сымнаҕас.
* * *
Обун Арамаан Бэбэһэ Ыстапааннаахха кэлэн икки хонно. Күнүс тыаҕа тахсан мас кэрдэр. Үһүс киэһэтигэр дьиэтигэр дьэ тиийэн, Бэбэһэттэн уларсыбыт матаҕатын туппутунан киирдэ. Дьоно дьиибэргээбит харахтарынан көрдүлэр.
– Хайа тоҕо ыҥырбытый? Бу тугу аҕаллыҥ? – Тиэхээн саҥата суох олорбохтоон баран ыйытар.
– Оттон Бэбэһэ биэрдэ, – Обун матаҕа иһиттэн ылтаһын тэриэлкэни хостоон ылан остуолга уурталыыр. Суккун сону, бүүчээн ыытын хостуур. Бэбэһэ сүбэтинэн киис тириитин ыалга хаалларбыта. Онуоха-маныаха диэри диэн.
– Тыый, нохоо, суккун сон. Сабыс-саҥа. Бу тугуй, бүүчээн ыыта дуу? – ийэтэ эмээхсин кэлэн бүүчээн ыытын сыллаан көрөр.
– Бу туох ааттаах күндү маллары биэрдэ? Тугу үлэлэттэ? – Тиэхээн эмиэ ыйытар. Соһуйа көрөн хараҕа кэҥээбит.
– Оттон умуһах хастарбыта. Уонна ааспыт сайын киниэхэ от охсубутум дии, – Обун этиэх буолбут тылын этэр.
– Ол умуһаҕы саас, тоҥҥо, хаһаллар үһү дуо?
– Уолбар тутар саҥа дьиэбэр хастарабын диэбитэ. Баран Бэбэһэттэн ыйытыҥ даҕаны.
– Тугу-тугу кэпсээн эрэр киһи буоллуҥ, – Тиэхээн түннүгү көрөн ылар.
Обун санаатыгар, дьоно Манчаарыны кытта сылдьыбытын сэрэйдилэр. Туох эрэ бөрүкүтэ суох быһыыга түбэспит дьон курдук буоллулар. Үөрбүт быһыылара биллибэт.
Сарсыарда туран Тиэхээн инитин олуйан-молуйан ыйытта. Обун төрүт да муҥкук, көнө муҥутаан, ыктаран билиннэ. Барытын кырдьыгынан кэпсээтэ. Дьоно кини кэпсээниттэн сүрдээҕин куттаннылар. Уоллара туох эрэ улахан буруйу оҥорбутун курдук саныыллар. Дьиэҕэ киирэн, көрдөрбүтүнэн туран, баай ыал малын-салын халааһын диэн, икки атах истибэтэх суола. Улахан буруй, айыы, саат-суут.
Тиэхээн күөлгэ баран туутун көрөн кэллэ. Онтон үтэһэлээх балык буһан күнүскү аһылыктарыгар олордулар.
– Тыыллымаҕа бараҥҥын Даркы Дьаакыпка бу малы барытын төннөр. Уонна атаҕар үҥэҥҥин буруйга-сэмэҕэ тиэрдимэ диэн көрдөс, – дьиэлээх дьахтар Ылдьаана санаатын түмүгүн эригэр Тиэхээҥҥэ иһитиннэрэр.
– Оттон оччоҕо Манчаары уолбутуттан ситиһиэ суоҕа дуо? Кимиэхэ да кэпсээмэ диэн сэрэппит буолбат дуо, – Тиэхээн кыынньыбыт сылаас үүттэн сыпсырыйар.
– Кырдьык, ити киһи уолбутун өлөрөн да кэбистэҕинэ көҥүлэ, – эмээхсин эбэн биэрэр.
– Оччоҕо хайдах буолабыт? Торбос сонноох сылдьан эмискэ суккун сонноннохпутуна дьон хантан ыллахтарай диэхтэрэ, – Ылдьаана Тиэхээн диэки көрөр.
– Онуоха-маныаха диэри кистээн кэбиһэр инибит. Оттон бүүчээн ыытын куоракка ыытан атыылаттарыахпыт. Бүүчээн ыыта ыарахан сыаналаах буолуо.
– Бу киһи аны үп сиэри гынна дии. Тыалынан киирбит үп холоругунан тахсар диэн өс хоһооно баарын умуннуҥ дуо?
– Биһи уолбут дьону халаспатах. Көннөрү сирдьит, таһаҕасчыт буолбут. Ол аата үлэлээн ыллаҕа дии. Икки атах оннооҕор буолуох айыыны оҥорор ини.
– Манчаары кэлэн эмиэ уолбутун илдьэ барара буолуо. Бэбэһэ бэдэр мэйии бэйэтэ барсыа дуо, биһи уолбутун уган биэрдэҕэ.
– Бэбэһэ халбархай киһи. Ол уруккуттан биллэр.
Обун убайыттан Тиэхээнтэн уон сылынан эдэр. Оҕо эрдэҕиттэн аҕа туппут киһитэ. Убайа тылынан-өһүнэн даҕаны баһыйар. Уол киэһэ үлэтиттэн кэлбитигэр убайа мас-таас курдук эттэ:
– Аны Манчаары кэлэн онно-манна ыҥырдаҕына олох барсыма. Дьону халыыр, талыыр диэн, үрдүк таҥараҕа айыы, бар дьоҥҥо саат, чолобууда суукка буруй буолар. Манчаары тутуллан хаайылыннаҕына, эн эмиэ хаайыллыаҥ. Оччоҕо ойох ылыах буолбут кыыһыҥ кэлиэ суоҕа. Ону өйдөө. Таһыйдаҕына даҕаны тулуй. Эр киһи буоллаҕыҥ дии.
* * *
Ыаллар сайылыктарыгар көһөн кэлбит саҥалара иһилиннэ. Биир үтүө күн Бүөтүччээн, саҥатык соҕус даба ырбаахытын кэтэн, Бүрүнэйгэ барда. Онно атаһын Охоноон уолу көрсүөхтээх.
Сайылык, алаас эҥин өҥнөөх сир симэҕинэн киэргэнэн, олус тупсубут. Кинилэр кыараҕас ыырдарыгар холоотоххо, алаас сир хонуута киэҥэ, киһитэ-сүөһүтэ элбэҕэ, үтүө дойду буоллаҕа. Күөрэгэй чыычаах саҥата дьырылас.
Алааһы ортолоон эрдэҕинэ ыттар үрдүлэр. Батыһан кэлбит ыта Моойторук кулгааҕын чөрбөттө. Инники иһэн тохтоото. Эргиллэн иччитин көрөн ылла. Иккитэ-үстэ «моҥ» диэтэ. Ити икки ардыгар икки ыт үрэ-үрэ утары кэллэ. Анараа ыттар ыты көрөн сэрэммит курдук туттан чугаһаатылар. Ыкса кэллилэр. Маҥнай сытырҕалаан көрдүлэр. Аргыый кутуруктарын хамнаталлар. Моойторук дьулайбыт көрүҥнээх, кутуругун купчуппут да буоллар, эмиэ сытырҕалыыр.
Күөт ыт арҕаһын түүтүн адаарытан көхсүн тыаһатта, тииһин көрдөрдө. Бүөтүччээн аны ыппын тутуохтара диэн «чөт» диэтэ. Ыттарга чугаһыы хаамта. Мас сытара буолаарай диэн көрүөлээтэ.
Эмискэ ыттар ардырҕаһа түстүлэр да охсуһан булумахтастылар. Моойторук уҥа-хаҥас харбыалаһан иһэн, мүччү ойон, дьиэтин диэки ыстанна. Кутуругун купчуччу туттубут. Дойдулаах ыттар эккирэтэн субуруҥнатан, үрүйэҕэ түһэрэн көстүбэт буолан бараннар, сотору төннөн, тылларын салыбыратан кэллилэр. Кыайбыт-хоппут көрүҥнээхтэр. Бүөтүччээҥҥэ кыһаммакка, дьиэлэрин диэки дыгыйдылар.
Дьиэҕэ киирбитэ – дьукаахтыылар бары кэлбиттэр. Оттон Охоноон уол баара көстүбэт. Бүөтүччээн ыалдьыт быһыытынан уҥа ороҥҥо кэлэн олордо.
– Тугу кэпсиигит? – Бүөтүччээн сиэр быһыытынан аан аһан кэпсэтэр.
– Суох. Эн кэпсээниҥ? – Быргый ийэтэ кыра уҥуохтаах чаҕаарыйбыт эмээхсин кэпсэтэр.
Дьиэлээх эмээхсин туох сонуннаахтарын, хайдах кыстаабыттарын, хас ынах төрөөбүтүн эҥин ыйыталаһар. Бүөтүччээн оҕо киһи быһыытынан хоруйдуур эрэ.
– Манчаары Баһылай эмиэ күөрэйэн ыалга ыалдьыттаабыт үһү. Ону истибиккит дуо? – Быргый Дьөгүөр оһох иннигэр сүгэ ытаһалыы олорон ыйытар.
– Суох. Истэ иликпит. Хайа ыалга сылдьыбытый? – Бүөтүччээн «ыалдьыттаабыт» диэн тылы көнөтүнэн өйдөөтө.
– Хоро нэһилиэгэр Архыып Сүөдэрэп диэн киһиэхэ ыалдьыттаабыт.
– Ол аата хайаабытый? – Бүөтүччээн тыл эҕэтин дьэ сэрэйдэ.
– Хайыай, ыган-ынан туран ампаардарын астарбыт уонна малларын халаабыт. Хата сэрэнэн олоруҥ, эһи ампааргытын алдьатан баайгытын халыаҕа.
– Оҕону хаадьылаама. Манчаары үрдүк өһүөлээхтэри өҥөйөр сурахтааҕа, – эмээхсин үүт кыынньаран ыалдьыкка иһэрдээри көһүйэҕэ кутар.
Бүөтүччээн атаһа суох буолан, кыынньыбыт үүтү иһэн баран дьиэтигэр төнүннэ. Дьиэтигэр кэлэн ытын чинчийэн көрдө. Эмсэҕэлээбэтэх. Арай муннун кырыытын сиирэ ытырбыттар. Моойторук иччитигэр кутуругун куйбаҥнатар, илиитин салаан «ньалып» гынна.
– Хайа туох сонуннаах ыалга сырыттыҥ? – Дьаакып оҕонньор уол киирэрин кытары ыйытар.
– Манчаары ыалы халаабыт үһү, – Бүөтүччээн сонунун иһитиннэрэр.
– Тыый! Кимнээҕи? – Мааппа этэрбэс абырахтыы олорон тохтоон, уолун диэки көрөр.
– Хороҕо Архыып Сүөдэрэп диэн киһиэхэ сылдьыбыт.
– Хайалара буоллаҕай. Сахалыы аатын эппэтилэр дуо? – оҕонньор лаппыйан ыйытар.
– Суох.
– Төһө эмэ таһыллар, көскө ыытыллар да кэһэйбэт, көммөт киһи эбит, – Байбал оһох иннигэр олоппоско олорор.
– Отуора алдьаммыт киһи буоллаҕа. Уонна тугу иһиттиҥ? – оҕонньор сиэниттэн эмиэ ыйытар.
– Уонна тугу да кэпсээбэттэр.
– Бэйи, мин бэйэм бара сылдьыыһыбын. Бу киһи тугу да иҥэн-тоҥон ыйыталаспатаҕа буолуо.
Оҕонньор ыалга баран, саас, өрүс хаайыан иннинэ, куораттан нууччалар тахсаннар, Манчаарыны тутаары уонча хонукка көрдөөн баран, булбакка төннүбүттэр үһү диэн сураҕы истэн кэллэ. Ол аата Манчаары эмиэ күөрэйбит үһү диэн кэпсээбиттэрэ кырдьык эбит.
Уонча хонук ааста. Манчаары туһунан сурах хас нэһилиэк аайы долгун курдук тарҕанна. Хаһан баҕарар сурах-садьык эбиилээх, күүркэтиилээх буолар. Ол ыалы халаабыт, бу баайы таһыйбыт, онно сылгы өлө сытарын көрбүттэр, манна ат сүппүт үһү диэн кэпсээн үллэҥнэтии. Ыалга ыалдьыт киирдэҕинэ туох ханнык иннинэ Манчаарыны сураһаллар.
Баайдар уйаларыгар уу киирдэ. Улахан баайдар ампаардарын үрдүгэр чуолҕаннардаах кыра мэҥэһик ампаар оҕотун туттара охсон, түүннэри-күнүстэри харабыллаах олороллор. Онно-манна ынах, сылгы сүппүтэ элбээтэ. Ону, Манчаарыга балыйтараары, нэһилиэк уоруйахтара бэйэлэрэ сииллэр быһыылаах диэн сэрэйдэллэр даҕаны, ким-хайа иннинэ Манчаарыны ааттыыллар.
Манчаары абаҕатыгар Чоочо баайга өстөнөр үһү, хаһан эрэ киниэхэ ыар ыалдьыт буолара буолуо дэһэллэр. Ыаллар кыра оҕолорун «Манчаары кэлиэ» диэн куттуур буоллулар.
* * *
Бэс ыйын халлаана ардахтаах буоллаҕына, өҥ үчүгэй дьыл буолар. Быйыл ардах сири син бэркэ өҥсүттэ. Сир ийэ барахсан ардах түһэн аастаҕына ырааһырар, салгынныын чэбдигирэр. Ону билбит курдук чыычаах саҥата эмиэ элбиир. Быйыл сайын бырдаҕа аҕыйах буолла. Ону бэс ыйын саҥатыгар халлаан тымныйан бырдаҕа өллөҕө, кэҕиннэҕэ дэһэллэр.
Дьаакыптаах киэһэлик, дьиэлэригэр олордохторуна, эмискэ ыттара үрдэ. Охоноон уол кэллэҕэ буолуо дэстилэр. Баччаҕа кини кэлээччи. Сотору ыт тэскилээн баран тэйиччи туран үрэрэ иһилиннэ. Хайалара кэллэҕэй?