Читать онлайн Үйэ кирбиитигэр бесплатно
Федот Федотович Захаров – саха омук былыргытын, ордук киин улуустар сахаларын былыргытын чахчы киэҥник, дириҥник билэр, үөрэппит, чинчийбит киһи. Саха сиригэр Орто Өлүөнэҕэ нуучча хаһаактара кэлиэхтэриттэн ыла сахалар былыргыларын туһунан норуот сэһэннэрин архыып докумуоннарын кытта тэҥнээн чинчийбитэ. Онон былыргы сахалар олохторун-дьаһахтарын, майгыларын-сигилилэрин, материальнай уонна духуобунай культураларын чахчы дириҥник, ымпыктаанчымпыктаан, сиһилии билэрэ. Ол кини «Боотуруускай улуус сахаларын төрүт уустара», «Омоҕой баай», «Уоруллубут таптал», «Кыыс дьылҕата», «Кый барыы» диэн сэһэннэригэр ырылхайдык көстүбүттэрэ.
Онон Ф.Ф. Захаров былыргы сахалар тустарынан бөдөҥ айымньылары айар толору бэлэмнээх киһи этэ. Ону «Үйэ кирбиитигэр» суруйуута толору туоһулуур. Темата уустук кэми хабар. Манна Саха сирэ Россия кииннэммит государствотыгар холбонор кэмэ уустаан-ураннаан көрдөрүллүбүт.
Бу уус-уран айымньы, төһө да историческай чахчыларга олоҕурдар, историяҕа сүүс бырыһыан сөп түбэһэрин ирдиир сөбө суох. Уус-уран айымньыга буолбут историческай событиелары ааптар бэйэтин хараҕынан көрөрө, бэйэтин санаатын этэрэ, бэйэтин версиятын биэрэрэ көҥүл дии саныыбын.
Айымньыга билиҥҥи кэмҥэ уопсай ылыныллыбыт көрүүлэргэ соччо сөп түбэспэт чахчылар бааллар. Холобур, Тыгын (Дыгын), хаҥаластар саха историятыгар оруолларын көрдөрүүгэ тус бэйэтин субъективнай көрүүтүгэр, ордук илин эҥэр сорох улуустарыгар тарҕаммыт үһүйээн араас варианын ис хоһоонугар олоҕуран суруйбут. Атын этнографическай быыччыктартан ыллахха, билиҥҥи уопсай ылыныллыбыт көрүүнэн нуучча кэлиэн иннинэ сахалар өлбүт киһини сиргэ көмпөттөрө, араҥастыыллара диэн өйдөбүл баһыйар. Онон ромаҥҥа нуучча хаһаактарын кытта кыргыһыыга өлбүт дьону сиргэ көмпүттэрин ааҕааччы соһуйа ааҕыан сөп. Ол эрээри бу кэнники сылларга Саха сирин археологтара французтары кытта ыыппыт археологическай хаһыыларын түмүгэр бэрт элбэх XIV–XVI үйэлэрдээҕи сиргэ көмүллүбүт сахалар уҥуохтара (ол иһигэр аттаах, кулуттаах көмүүлэр) көстүбүттэрэ.
Түмүктээн эттэххэ Федот Захаров бу бөдөҥ айымньыта былыргы сахалар тустарынан элбэх сонуну биллэрэр кыахтаах.
Г.В. Попов,
филологическай наука кандидата,
СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ
2006 с.
Үйэ кирбиитигэр
Уһуга-киэҥэ биллибэт киэҥ бэйэлээх хонуу куйаарга илгэлээх ардах түһэн, күөх от силигилии үүнэн, уһун кэмнээх өҥ дьыллар буоллахтарына, күөллэр, үрэхтэр, элгээннэр уунан туолаллар. Уйгу-быйаҥ буолан, киһи-сүөһү элбиир, дьоллоох олох туругурар. Ол эрээри сут, кураан дьыллар мүһэлгэлэрэ сатыылаатаҕына, онуоха эбии ымсыы, күөнтэһии, уулаах өҥ сири былдьаһыы, иирсээн баар буоллаҕына, дьон-сэргэ олоҕо огдолуйар. Муҥ-сор буулаан, эрэй-кыһалҕа эҥээрдэһэр.
Хонуу куйаарга олохсуйбут көс олохтоох омуктар мас мастаабаттар, от оттооботтор, дьиэ туппаттар, бурдугу ыспаттар. Чэпчэки иһиттэрин-хомуостарын, боолдьох дьиэлэрин тиэнэн, үгүс элбэх сүөһүлэрин кэнниттэн көһө сылдьаллар. Хаппыт талаҕы, сүөһү киитин уматан күөстэнэллэр. Кыылы, сэрии дьонун курдук элбэх киһи мунньустан, күрэтэн, күөйэн-хаайан бултууллар.
Туос иллэҥ буолан тэһийбэт, күөгэйэр күннэригэр сылдьар эдэр уолҕамчы дьон хайа эмэ аҕа баһылык сэриини тэрийэр буоллаҕына, киниэхэ үөрүүнэн холбоһоллор. Эбэтэр хантан эрэ атын урдустар кэлэн саба түстэхтэринэ, оҕолорун, ойохторун, бар дьоннорун, сүөһүлэрин-астарын көмүскээри, өргөс тутар кыахтаах эр дьон бары туруналлар. Бэйэлэрэ көмүскэммэт буоллахтарына, кинилэри ким даҕаны көмүскээбэт. Ол сэриигэ кимнээх эрэ кыайан-хотон өрөгөйдүүллэр. Сүөһүнү, кулуту үүрэн, баайы-дуолу былдьаан бараллар. Оттон кимнээх эрэ хотторон өлөллөр-сүтэллэр, ыһыллаллар. Эбэтэр эстэ сыһан баран, өрүһүнэн, эмиэ элбээн бараллар. Саҥа ыччат дьон үөскээн, атахтарыгар туран истэхтэрин аайы, урукку эрэй умнуллар, үөрэх буолбат. Хата, кимнээх эрэ килбиэннээх сырыылара күүркэтиллэн, кэрэ кэпсээн буолан, эдэр дьону эмиэ мүччүргэннээх сырыыларга угуйар, ыра санааларын оонньотор.
Оттон уһун кэмҥэ туох да араллаана суох олорор буоллахтарына, онно өр кэмнээх өҥ дьыллар эҥээрдэстэхтэринэ, киһи-сүөһү элбиир, кыаҕырар. Ол хайдах өйдөөх-санаалаах, майгылаах дьон баһылыылларыттан, төһө улахан холбоһук тэриллэн, киэҥ сири сабардаан олороруттан улахан тутулуктаах. Быдан былыр хууннар диэн модун холбоһук тэриллэн, Гоби кумах куйаарыттан Илин Сибиир тайҕатыгар тиийэ, сүрдээх киэҥ нэлэмэн сири бас билэн, хас да үйэ устатыгар «биһиги аҕай дуо?» диэн күннээн-күөнэхтээн олорбуттара. Кытайдар, кинилэр аттаах сэриилэриттэн көмүскэнээри, сүүһүнэн көс усталаах таас күүлэ күрүөнү, кириэппэс истиэнэни тутарга күһэллибиттэрэ. Ол олордохторуна, уһун кэмнээх алдьархайдаах кураан сут буолан, күөллэр, үрэхтэр уулара оҥойо уолан, куйаар кураанахсыйбыта. 155 сыллаахха хотугу хууннар өҥ сири көрдөөн, арҕаа көһүүлэрэ саҕаламмыта. Урал хайаларыгар Волга өрүс кытылыгар тиийэн, икки сүүс сыл кэриҥэ олорон, онно олохтоох финно-угордары кытта булкуспуттара.
Онтон төрдүс үйэ сэттэ уонус сылларыттан саҕалаан, хууннар аны арҕаа диэки көһөн барбыттара. Европаҕа кинилэри гууннар диэн ааттаабыттара. Гууннар төрдүс үйэ бүтүүтүгэр Сирияҕа, Каппадокияҕа, бэһис үйэ маҥнайгы аҥаарыгар номоххо киирбит улуу полководец Аттила баһылыктаах Европаҕа тоҕо ааҥнаан киирбиттэрэ. Европеецтар холбоһуктаах күүстэрэ кинилэри Испания сиригэр Каталонияҕа көрсөн, ынырыктаах кыргыһыы буолбута. Кэлин гууннар Европаҕа хаалан, тарҕанан, аттаах сэриилэрэ атын государстволарга сулууспалаан, хас да үйэ устатыгар иҥэн-сүтэн суох буолбуттара. Европа сиригэр онно-манна бытарыйан хаалбыт, түҥ былыргыттан силис тардар тэҥэри диэн таҥараларын умнубакка олорбут тобохторун, орто үйэтээҕи инквизиция суута атын итэҕэллээхтэр диэн урусхаллаан симэлиппитэ. Оттон соҕурууҥҥу хууннар дойдуларыгар хаалан, уһун сукка быста мөлтөөбүттэрэ. Кэлин өстөөхтөрүгэр – кытайдарга, динлиннэргэ, сяньбиларга улам кыайтаран, олох эстибиттэрэ.
Ол кэнниттэн сүүһүнэн сыллар ааспыттара. Улуу истиэпкэ өҥ дьыллар эргийбиттэрэ. Киһи-сүөһү үөскээн, элбээн, саҥаттан саҥа көлүөнэ солбуллан испитэ. Кэлин, алтыс-сэттис үйэлэргэ, түүрдэр модун холбоһугу тэрийэн, Кытай, Иран, Византия курдук сүҥкэн государстволары кытта тэҥҥэ анньыһар улуу империяны олохтообуттара. Илин Амур өрүстэн арҕаа Хара муораҕа тиийэ киэҥ нэлэмэн сири олоччу бас билбиттэрэ.
Былыргы хууннар үлтүркэйдэрэ Орто Азияҕа, Алтайга, Кытайга, Маньчжурияҕа хаалбыттарын, түүрдэр өрөгөйдөөн олороннор, бэйэлэригэр симэлиппиттэрэ. Арай Байкал күөл арҕаа эҥээригэр, Ангара өрүс уҥуор, тыа быыһыгар саһан, бүгэн олорбут аҕыйах ахсааннаах айыы аймаҕа эрэ ыраах кытыыга олорор буоланнар, таарыллыбатахтара. Хууннары арҕаа көһөрбүт уһун сукка айыы аймаҕа эстэ сыһан, уу кытыытыгар олорор буоланнар, тыыннаах ордубуттара. Кэлин даҕаны быста-быста салҕанан, ыраах буолар араллааннарга кыттыспакка, бэйэлэрэ туһунан сирдээх-дойдулаах, аймах дьон аатыран, утуму салҕаан, бур-бур буруо таһааран олорбуттара. Илин өттүлэригэр улуу Байҕал уһуу тэнийэр. Соҕуруу тыа эҥээрдээх уһун Сайаан хайата истиэп тыалын хаххалыыр. Хоту киэҥэ-киэлитэ биллибэт сис тыа, хайа. Онон үргүөр үргүйбэт, ыһыы-хаһыы иһиллибэт кытыы сиргэ нус-хас олорор курдук сананаллара.
Арай арҕаа өттүлэригэр кыргыстар диэн халыҥ аймах дьон олороллор да, ыраахтара уонна эйэ дэмнээхтэрэ. Кинилэри кытта уора-көстө сүөһүнү үүрсэр кыра хабырыйсыылар буолааччылар да, олоҕу огдолутар улахан сэрии буолбата. Улуу түүрдэргэ уһанар аймаҕы атаҕастаатахтарына, иэстэбиллээх буолуо диэн кыргыстар кыраҕыйан мээнэ тыыппаттара.
Киэҥ нэлэмэн истиэпкэ көһө сылдьар сэрииһит омуктар тимир оҥоһукка, сэрии сэбигэр олус наадыйаллара. Ол иһин хайалаах, мастаах сиргэ олорор тимир уустарын тыыппаттар этэ. Айыы дьоно былыр-былыргыттан тимири уһаарар, уһанар идэлээхтэрэ. Түүрдэр кинилэргэ сэрии сэбин, куйаҕы оҥорторон ылаллара. Кырыы хааннар диэн ааттыыллара.
Айыы аймаҕа аҕыйах ахсааннаах үс аҕа ууһа буолан олорбута. Кинилэр сылгыны, ынаҕы иитэн, бултаан, балыктаан айахтарын ииттэллэрэ. Бурдугу, просоны ыһаллара. Просоны тараан диэн ааттыыллара. Тараан таһар икки төгүрүк иилээх таратаайканы оҥостоллоро. Таҥас хатар күөрчэххэ өрбөҕү өрөллөрө. Кинилэр атыыһыттара улуу Байҕалы соҕуруу тумсунан эргийэн, Хаамар Дабаан сис хайатын нөҥүө түһэн, Кээхтийэҕэ тиийэн, түүлээҕи, тимир оҥоһуктары кытай таҥаһыгар, иһитигэр, бурдугар атастаһаллара. Кинилэр истиэп олохтоохторун курдук сэрииһиттэрэ суоҕа. Истиэп хас биирдии сэрииһитэ үс аттаах буолуохтаах этэ: айан ата, ындыы ата уонна сэрии ата диэн. Оттон айыы аймаҕа ханна да көспөккө, тыа кыараҕас алаастарыгар олорор буоланнар, элбэх сылгыны кыайан ииппэттэрэ. Ол да буоллар, аҕа ууһун көмүскүүргэ, күүстээх буолар чинчилээх уол оҕолору кыргыс үөрэҕэр үөрэтэллэрэ.
Кэлин түүрдэр иккис каганаттара эстибитин кэннэ, кыргыстар дьэ көҥүл бараннар, арҕаа диэки олорор айыы аймаҕар кэлэннэр сабыта түһүтэлээбиттэрэ. Ол иһин Аҥхара өрүс арҕаа өттүгэр олорбут аҕа ууһа дойдуларын хаалларан, тэскилээн улуу Байҕал илин өттүгэр көспүттэрэ. Ол диэки үксэ куйаар эҥээрдээх дойду буолан, хоту тыатыгар сыстан, урааҥхайдар диэн ааттанан олорбуттара. Оттон улуу Байҕал уонна Аҥхара өрүс икки ардыгар олорор аймах дьон, ханна да көспөккө, дойдуларыгар олорон хаалаллар. Кинилэр үтүөлэрэ кыргыс омук баайдарын ыччаттарын кытта хардарыта эр-ойох ылсан, уруурҕаһа, эйэни олохтуу сатыыллар.
Онтон өҥ-сут эҥээрдээх хас да үйэ ааспытын кэннэ, уон үһүс үйэҕэ, могуол омуктар модун холбоһугу тэринэн өрөгөйдөөбүттэрэ. Кинилэр эмиэ хонуу куйаар дойдулаах көс омуктар этилэр. Тимири уһаарарга, уһанарга идэтийбэт буоланнар, былыргы түүрдэр курдук тимир уустарын тыыппаттар этэ. Ол эрээри улахан сэрии дьалхаана урааҥхайдары эмиэ таарыйар. Ханнык эрэ могуол эдэр уолҕамчы хаанын аттаах сэриитэ 1217 сыллаахха хонуу куйаар эҥээрдээх аһаҕас сиргэ олорор урааҥхайдар ордууларын алдьаппыта. Байҕал илин өттүгэр олохсуйбут урааҥхайдар онтон тэмтэрийэн, хаһан эрэ былыргы өбүгэлэрэ эппиттэрин курдук, «бу дойдуга сүгүн олордуо суохтар» диэн, сүөһүлэрин үүрэн, хоту көһөллөр.
«Оннуттан уларыйбыт огдолуйар» диэн өс хоһооно этэринии, аны могуоллартан күрэнэн, ханна эрэ чуумпу дойду баар буолуохтаах диэн, Олоохуна өрүс сүнньүн тутуһан, хоту диэки айаннаабыттара. Аара тохтоон, икки сиргэ кыстаан бараннар, үһүс сайыннарыгар, улахан өрүс орто сүнньүн илин эҥээригэр кэлэллэр. Ханна даҕаны киһи-сүөһү олохсуйуон сөптөөх сири көрбөтөх дьон өрүс арҕаа эҥээригэр киэҥ-куоҥ үчүгэй сир баарын билбиттэр. Онно кыһамматах курдук өрүс илин эҥээригэр тохтоон кыстыыллар. Ол кэмҥэ өрүс арҕаа өттүнээҕи киэҥ сыһыыга сайын таба көлөлөөх тоҥ уустар кэлэллэр эбит. Ону сэргэ дьүкээбиллэр (юкагирдар) диэн балыксыт идэлээх дьон өрүс кытыытынан олорбуттар.
Урааҥхайдар кыстаан бараннар, саас хаар хараарыыта өрүс уҥуор туорууллар. Кинилэр куйахтаах, тимир сэптээх баатырдара таас үҥүүлээх, охтоох тоҥ уустары сэриилээн хотон, эргиллибэт гына үүрбүттэр. Онтон дьулайбыт дьүкээбиллэр, сэриилэспэккэ эрэ бары көһөн, Тумара үрэҕинэн хоту түспүттэр. Урааҥхайдар үчүгэй ходуһалаах, бултаах, балыктаах саҥа сири дойду оҥостон олохсуйаллар.
Оттон улуу Байҕал арҕаа өттүгэр олорбут айыы дьоно тыытыллыбакка дойдуларыгар олорбуттара. Могуоллар кыайан-хотон, барыталаан, улахан араллаана суох кэм кэлэн, дьыл-хонук ааһан испитэ. Ханна эрэ кый ыраах буолар сэрии дуораана да иһиллибэтэ.
Өр кэмҥэ Кытайы баһылаан олорбут могуоллар 1368 сыллаахха ол дойдуттан букатыннаахтык үүрүллэн, төрүт сирдэригэр Монголияҕа көһөн кэлбиттэрэ. Кэлэллэрин кэлбиттэрэ буолан баран, Кытай сиригэр төрөөбүт-үөскээбит, көс олохторун олох умнубут дьон, аҥаардас эт-үүт аһылыкка астымматтар. Кураанах хонуу куйаарга тэһийбэттэрэ даҕаны. Аны кэһэкэнэ буолбут кытайдар сүгүн олордубаттар. Могуол сиригэр элбэх сэрии дьонун аҕалан, киин куораттарын Кара-Коруму урусхаллаан баран төннөллөр.
Кытайга бурдук үүннэрэн аһаан олорбут сорох могуоллар, тыа эҥээрдээх чуумпу, кытыы сиргэ баран олохсуйарга быһаарыналлар. Кинилэр сэниэ ылан бараннар, аттаах сэриилэрэ Сайаан хайатын уҥуордаан, Аҥхара өрүһү туораан, улуу Байҕал арҕаа эҥээрин олоччу сэриилээн ылаллар. Эр дьону өлөртүүллэр. Эдэр дьахталлары, оҕолору Монголияҕа көһөрөллөр. Көс олохторун умнубут могуоллар «үтүө дойду бу баар эбит» диэн саҥа сиргэ олохсуйаллар.
Оттон урукку аҕа баһылыктарын аатынан сахалар диэн ааттаммыт айыы дьоно сэриигэ хотторон тыыннаах ордубуттара тыаҕа күрэнэн, хоту түһэр улахан өрүс баһыгар саһан кыстыыллар. Аал оҥостон, эһиилги сааһыгар сүүрүккэ оҕустаран хоту диэки усталлар. Кыыллаах Арыы диэн ааттаабыт арыыларыгар кэлэн кыстаан баран, нөҥүө саас эмиэ өрүһү таҥнары устан, олохсуйуохха сөптөөх киэҥ сыһыыны көрөн тохтууллар.
Ити кэм иннинэ Туймаадаҕа, Эҥсиэлигэ олохсуйбут урааҥхайдары тигиилээх сирэйдээх тумат омуктар эмискэ кэлэн саба түһэн сэриилээн хотоллор. Онно тэмтэрийбиттэрин кэннэ, аны уһун кэмнээх сут кэлэн, быстаран, иэдэйэн олордохторуна, соҕурууттан өрүһүнэн устан, Омоҕой баһылыктаах айыы дьоно – сахалар кэлэллэр. Ол дьон биир тыллаах аймахтарын урааҥхайдары булан, кыргыттарын ойох ылан, дьиэ-уот туттан олохсуйаллар. Өлгөм бултаах, балыктаах, аҕыйах киһилээх, киэҥ-куоҥ чуумпу дойдуну сөбүлүүллэр. Сүүһүнэн сылларга улахан быстарыылаах уһун сут уонна улахан сэрии буолбакка, киһи-сүөһү элбээн, кэлин ханна киһи олоруон сөптөөх уулаах, ходуһалаах, мэччирэҥнээх сиргэ барытыгар тарҕаналлар. Урааҥхай сахалар хоту дойдуга кэлэн бурдугу ыһалларын, өрбөҕү өрөллөрүн умнубуттара. Сүрүн аһылыктара – эт, үүт, үрүҥ ас, балык, кымыс. Онно сир аһын хомуйан, бэс субатын хатаран мэлийэн эбинэллэр. Онтон дьадаҥы дьон сүрүн аһылыктара балык буолар.
Урааҥхай сахалар аҕа уустарынан арахсан, анал сири-дойдуну бас билэн олорбуттара хас да үйэ буолла. Хардарыта ойох ылсан, эргэ баран, уруу-аймах тардыһан, утуму салҕаан, ууһаан-тэнийэн элбииллэр. Кинилэргэ сомоҕолоһуу, биир ил тутулун тэринии диэн суох. Оннук тэринэргэ туох даҕаны күһэйбэт, атын сиртэн туора омук кэлэн сэриилиир куттала суоһаабат. Былыр урааҥхайдары кэлэн сэриилээбит тигиилээх сирэйдээх тумат омуктар эстэн-сүтэн «тыал буолбуттар» диэн кэпсииллэрэ.
Ол эрээри аҕа уустарын икки ардыларыгар буолар иирсээн, сүөһүнү үүрсүү, хааннаах хабырыйсыы, атаҕастабыл даҕаны арахсыбат аргыс буолан, хам-түм күөдьүйэр. Оннук сахтарга күһүн үлэ-хамнас бүппүтүн кэннэ, улуу добдурҕа саҕана бары түмсэн, икки-үс хотонноох балаҕаны биир тиэргэн иһигэр ыксалаһа тутан, бары мунньустан олороллор. Эбэтэр аҕыйах киһи буоллаҕына, булгунньах үрдүгэр тахсаллар. Оннук дьаһаныы өс-саас баар буоллаҕына оҥоһуллар. Оттон эйэлээх, нус бааччы кэм буоллаҕына, биир сиргэ мустубаттар.
Улахан уҥуохтаах, күүстээх киһи буолар чинчилээх уол оҕону уон сааһыттан ыла кыргыс үөрэҕэр үөрэтэллэр. Оннук оҕону кистээн иитэллэр. Атын өстөөх аймахтар «бу уол улаатан силгэтэ ситтэҕинэ, биһигини сүгүн олордуо суоҕа» диэн өлөрөн эбэтэр атаҕын иҥиирин батыйанан быһа охсон кэбиһиэхтэрин сөп. Кыргыс үөрэҕэр үөрэммит оҕоҕо уон аҕыһын туолуута сэрии сэбэ, куйах оҥоһуллар. Ойуун кыыран илбис иҥэрэр. Онно уһуйтарыылаах урдус тыһаҕаһы эбэтэр кырдьаҕас аты өлөрөн хайаан даҕаны сэбин хаанныахтаах. Ол кэнниттэн баатыр диэн ааттанар. Аҕа ууһун араҥаччылыыр киһи буолар.
Байбыт, кыаҕырбыт дьон дьадаҥылары кулут, хамначчыт оҥостон, аҕа ууһун баһылаан-көһүлээн олороллор. Хас эмэ атыыр үөрдээх, элбэх сүөһүлээх баайдар бааллар. Кинилэр тоҥустарга таһаҕасчыттары ыытан, арыыны, тимир оҥоһуктары, сылгы кутуругун, сиэлин кылын атыылаттаран, түүлээҕи, тууһу, сарыыны, таба тириитин, тыһын эргинэллэр. Ыраах илин богдо1 омук сиригэр түүлээҕи илдьэн атыылаан, ол дойдуттан таҥаһы, бурдугу, оҕуруону, арыгыны аҕалтарааччылар.
Урааҥхай сахалар түҥ былыргыттан силис тардар айыы таҥара итэҕэлин умнубаттар. Үөһээҥҥи үрдүк айыыларга үҥэллэр-сүктэллэр. Сир-дойду иччитин алгыыллар. Былыргы түүрдэр килбиэннээх сырыыларыттан силис тардыбыт кэрэ кэпсээн, уларыйан-тэлэрийэн, күүркэтиллэн, тойугу кытта холбоһон олоҥхоҕо кубулуйбута. Улуу олоҥхоһуттар ыалтан ыалга ыҥырыыга сылдьаллар. Онон тыллара бэркэ сайдан, айыы аймаҕа саха дьонобут дэһэн, сүөһү иитэн, бултаан, айылҕаттан аһаан-сиэн олороллор.
Оннук олордохторуна, сайын соҕурууттан улахан муруннаах, түү-бытык сирэйдээх, киһи өйдөөбөт тылынан кэпсэтэр, иилэҕэс тимир куйахтаах, уһун уктаах тэрэгэр сүгэлээх, өттүктэригэр кыыннаах кылыстаах омук дьоно тиийэн кэлэллэр. Кинилэр кимнээхтэрий? Хантан кэллилэр?
* * *
Хаһан баҕарар төһө да модун империя, государство аҕа баһылыга өлөн, былаас былдьаһыыта буоллун да, ол государство сатарыйар, мөлтүүр, олох да үрэллэр, самнар. Дьон-норуот итэҕэйэр, ытыктыыр, таҥара курдук саныыр баһылыктаах буолуохтаах. Баҕар, ол баһылык киһитинэн мөлтөх да буоллун, син биир кини аатынан саптынар буоллахтарына бэрээдэк баар буолар.
XVI үйэҕэ Нуучча сиригэр Иван Грознай ыраахтааҕы өлбүтүн кэннэ «Великая Смута» дэнэр араллааннаах кэмҥэ өлүү-сүтүү буолбутун, хаһаайыстыба быста айгыраабытын тэҥэ, майгы-сигили эмиэ олус кэхтибитэ. Араллаан кэмигэр таҥнарыы, бэйэ эрэ иннин көрүнүү, иирээн, икки сирэй буолуу, акаарытыйыы, солуута суох өлөрсүү бөҕө тахсыбыта. Хардарыта талаһыы, туга да суох хаалыы, эстии-быстыы туһунан этэ да барыллыбат. Онон бар дьон нус-хас бэрээдэктээх олоххо олус наадыйыыта олус күүһүрбүтэ. Нуучча судаарыстыбатыгар 1613 сыллаахха тохсунньуга Михаил Федорович Романов диэн уон сэттэлээх уолу ыраахтааҕынан талаллар.
Эдэр ыраахтааҕы аҕата патриарх Филарет (Федор Никитич Романов) поляктарга билиэн сылдьан баран, 1619 сыллаахха кэлбитэ уонна былааһы илиитигэр ылбыта. Өйдөөх, эппиэтинэстээх киһи буолан, сэриигэ урусхалламмыт дойдуну чөлүгэр түһэрэргэ дьаныардаахтык туруммута.
Араллаан кэмигэр атын судаарыстыбалары кытта атыы-эргиэн тохтообута. Сэриигэ айгыраабыт хаһаайыстыбаны хайдах эмэ өрө тардарга, туох-ханнык иннинэ тас эргиэни олохтуур наадата тирээбитэ. Оттон атын дойдуларга утары ууналлара диэн туох да суох буолбута. Хааһына кураанахсыйбыта.
Онон бэрт түргэнник киэҥ Сибиир күндү түүлээҕин – «сымнаҕас валютаны» хомуйар сорук тирээбитэ. Ордук үрдүк сыанаҕа атыыланар киис тириитигэр наадыйыы күүһүрбүтэ. Иэнэ-куйаара биллибэт киэҥ тайҕаҕа, кураанах тымныы дойдуга сулууспалыы барыан баҕалаах дьону хомуйбутунан барбыттара. Хааһына төһө да кураанаҕын иһин, онно барааччыларга, хамнастарын харчынан уонна бурдугунан төлүүр бэрээдэги олохтоон, үчүгэйдик тэрийэн ыыталыырга быһаарыммыттара.
Өссө ааспыт XV үйэ кэнники сылларыттан саҕалаан, ыраах Сибииргэ атыыһыттар, булчуттар, бааһынайдар барыталаабыттара. Бааһынайдар помещик батталыттан күрэнэн, сирдэрин былдьатан эҥин, саҥа сиргэ тиийэн олохсуйаары көһөллөрө.
Маҥнайгы экспедицияны өссө 1600 сыллаахха тэрийэн ыыппыттара. Онтон сотору иккис улахан экспедиция барбыта. Дьон сытыылара, үс өргөстөөхтөрө, саҥаттан саҥа сири арыйан, симиэбийэ тутан, олохтоох омуктартан киис тириитин хомуйаллара. Ол сылдьан тоҥоллоро-хаталлара, аччыктаан-хоргуйан аара суолга өлөллөрө-сүтэллэрэ. Ону ол диэбэккэ, байар туһугар онно-манна тиийтэлээн, кэлин элбээн, уһуктаах төбөлөөх мас кириэппэстээх остуруогу туталлара.
Олохтоох омуктартан сыл аайы киис тириитинэн дьаһаах хомуйар воеводстволар тэриллибиттэрэ. Төлөөбөт, күрэнэр буоллахтарына, тойоннорун эбэтэр харыһыктаах киһилэрин тутан ылан аманаат диэн ааттаан хаайыыга олордоллоро. Утары ууналлара диэн оҕуруо, алтан хочулуок, хорҕолдьун тэриэлкэ буолара.
Воеводство тэриллибит сиригэр бааһынайдары аҕалан бурдугу ыстараллара. Промысловиктар диэн ааттанар булчут дьон ханна эмэ тиийэн симиэбийэ туттан кыстаан олорон кииһи, саһылы бултууллара. Булчуттар туох да хамнаһа суох буолан, бултаабыт түүлээхтэринэн көҥүл эргинэр бырааптаахтара. Арай бултаабыт түүлээхтэрин уон бырыһыанын хааһынаҕа босхо туттарыахтаахтар. Тоҕус уон бырыһыана воевода быспыт сыанатынан хааһынаҕа атыыланар. Булчуттар хаһан баҕарар дойдуларыгар төннөр бырааптаахтара. Оттон «служилые люди» диэн ааттанар дьон хамнастаах буолан бултуур бырааптара суоҕа. Толору сэрии сэптээх, куйахтаах, дьиҥнээх сэрии дьоно буолаллара. Кинилэр эбээһинэстэрэ – дьаһаах хомуйуута, наада буоллаҕына, сэриилэһии. Кинилэри аһынан-таҥаһынан государство хааччыйара. Көҥүлэ суох дьиэлэригэр төннөр бырааптара суоҕа. Бу дьон бары кэриэтэ ох саалаах хаһаактар этэ. Кинилэргэ көмө быһыытынан пищаль диэн тимир саалаах стрелецтэр сыһыарыллаллара.
1619 сыллаахха ыраахтааҕы ыыппыт саалаах-сэптээх дьоно Енисей өрүскэ кэлэллэр. Хайыы үйэ биир сыл иһигэр бу өрүс эҥээрин баһылыыллар. Енисей орто сүнньүгэр остуруок туталлар. Атын суолунан хотунан кэлбит дьон Мангазейга (Таз үрэххэ) эмиэ остуруок тутан туһунан буруо таһаараллар.
Промысловиктар, сулууспалаахтар ортолоругар эҥин араас дьон бааллара. Сэрииттэн дойдуларыгар эргиллэн, туга да суох хаалбыт дьон сулууспаҕа киирэллэрэ. Олор истэригэр эстэн хаалбыт дворяннар, боярдар оҕолоро, бэл билиэҥҥэ түбэспит поляктар бааллара. Ороспуонньуктар саайкаларыгар сылдьыбыт харса-хабыра суох урдустар, араас авантюристар, хаамаайылар эмиэ холбоһоллоро.
Тиийиммэт-түгэммэт ыарахан олохтон кыһарыллан кэлбиттэр да бааллара. Бары хоту дойдуга кэлэн, күндү түүлээҕи хомуйан байалларын санаатахтарына, утуйар уулара көтөр, харахтара чаҕылыйа түһэр дьон. Саҥаттан саҥа сири арыйар, элбэҕи билэр-көрөр эмиэ туох эрэ тартарыылаах буолааччы. Ол туһугар төлөннөөх сүрэхтээх хорсун эр бэртэрэ ханна тиийбэтэхтэрэ, тугу оҥорботохторо баарай…
* * *
Хаһаактар олохтоох омуктартан ханна туох сир баарын, онно хайдах тиийиэххэ сөптөөҕүн, төһө бултааҕын, туох дьоннооҕун эҥин куруук ыйыталаһаллара. Кими эмит күүстэринэн тутан ылан эбэтэр бэйэлэригэр тардан табаарыстаһан сирдьит оҥостоллоро.
Сирдьитэ суох тиийиэхтээх сирдэригэр тиийбэккэ, муна сылдьан баран төннөллөрө элбэх буолара. Хайаны эргийэ сылдьыбыт, суолга муна сылдьан быстарбыт түбэлтэ элбэҕиттэн кэһэлтэ буолбуттара ыраатта. Өрүс туора салаатын өксөйөн көрдөхтөрүнэ, үрэх бастара холбоһор куоһахтарыгар, дулҕа үрүйэлэргэ тиэрдэн кэбиһэр. Сирдьитэ суох түҥ тайҕаҕа хайдах да сатамматтар.
Мангазейтан сылдьар промысловиктар Нижнэй Тунгуска үрэх үөһээ өттүгэр тахсан, симиэбийэ туттан, бултуу сылдьаннар, тоҥустартан илин улахан өрүс баарын истибиттэр. «Сылгылаах, ынах сүөһүлээх, элбэх киистээх дойду баар үһү» диэн сурах Мангазейга иһиллибит. Сахалыы билэр тоҥус киһитэ «илин» диэбитин, нууччалар «Лин» диэн өйдөөбүттэр.
Лин диэн улахан өрүс баар сураҕа үгүс киһини долгуппут, ымсыыларын көбүппүт. Сотору кэминэн онно тиийэргэ тэриммитинэн, суолун-ииһин хайбытынан барбыттар. Ол эрээри саҥа истибит, билбэт да, көрбөтөх да дойдуларыгар баралларыттан саллыбыттар. Государство өйөбүлэ суох барар кыахтара да суох. «Илин Лин диэн улахан өрүс баар үһү» диэн Тобольскайга биллэрбиттэр.
Маҥнай Туруханскайга тэриллибит түөрт уон киһилээх Пенда диэн киһи этэрээтэ, Нижнэй Тунгусканы өксөйөн, үрэх үөһээ баһыгар тиийэн симиэбийэҕа кыстыыр. Ыраах айаҥҥа барыахтарын иннинэ үчүгэйдик бэлэмнэнэллэр. Алталыы-сэттэлии киһи олорор, хонууга соһор чэпчэки каюктары оҥостубуттар.
Саас муус устар ыйга сындалҕаннаах уһун айаҥҥа туруналлар. Нижнэй Тунгуска баһыттан Бүлүүгэ түһэр Чурки үрэх баһыгар диэри арҕас сири, каюктарын табанан состорон, таһаҕастарын ыҥыырдан, сүгэн эҥин, бэрт эрэйинэн айаннаабыттар.
Онтон Бүлүүгэ түһэн, уунан устан, төрдүгэр тиийэн, саха балаҕанын булан кыстыыллар. Лин диэбит өрүстэрин Лена диэн ааттыыллар. Тоҥустартан киис хомуйаллар. Эһиилги сайыныгар Лена өрүһү өксөйөллөр. Сахалар бөлөхтөөн олорор сирдэригэр кэлэн тохтоон, киис тириитэ хомуйаллар. Саҥа билсибит сахаларыгар оҕуруо, дьоҕус алтан хочуолу биэрэллэр. Күһүөрү эмиэ Ленаны өксөйөн, Олоохуна өрүс төрдүгэр кэлэн симиэбийэ туттан кыстыыллар. Тоҥустартан түүлээх хомуйаллар. Нөҥүө сайын Ангара өрүскэ тиийэллэр. Онтон Туруханскайга кэлэллэр.
Бу сырыыларыгар ханна даҕаны утарсыыны көрсүбэттэр. Арай Ангара бүрээттэрин кытта хабырыйсыы буолбут. Бүлүү, Лена өрүс эҥээригэр олорор табалаах, ынахтаах, сылгылаах омуктар сымнаҕас эбиттэр диэбиттэр. Икки сыллаах айан буолуо диэн былааннаабыттара түөрт сыллаах айаҥҥа кубулуйбут. Бурдуктара бүтэн, хоргуйан, ыксаан кэлбиттэр. Ол оннугар киис тириитэ бөҕөнү аҕалан хааһынаҕа туттараллар. Хара саһылы, уу буобуратын эмиэ хомуйбуттар.
Туруханскайга кэлэннэр, ханна сылдьыбыттарын чып кистэлэҥҥэ туталлар. Ол эрээри ыраах үтүмэн элбэх киистээх, элэккэй дьонноох улуу өрүс баар үһү диэн сурах сири-буору аннынан тарҕанар. Пенданы кытта сылдьыбыт дьон, тоҕо эрэ сулууспаларыттан уурайан, саҥата суох дойдулаан хаалбыттар. Онон бэйэлэригэр балачча элбэх түүлээҕи иҥэриммит буолуохтаахтар диэн сэрэйэллэр.
* * *
Иккис байыаннай экспедиция Тобольскайга тэриллэр. Баһылыгынан Новацкай диэн поляк киһитэ талыллар. 1628 сыллаахха атырдьах ыйыгар Енисейскэйгэ кэлэллэр. Олохтоохтор саҥа дьону хаҕыстык көрсөллөр. Көҥөнөллөр. Енисейскэй воеводата биир эрэ эргэ судноны биэрэр. Кинилэргэ аара Антон Добрынскай баһылыктаах нуучча дьоно холбоһон, Нижнэй Тунгускаҕа диэри барсаллар. Новацкай Нижнэй Тунгускаҕа кэлэн, Пенда кыстаабыт симиэбийэтигэр тохтоон кыстыыр. Ол эргин сылдьар тоҥустартан киис тириитин хомуйар. Бэйэлэрэ эмиэ бултууллар. Сүгүн төлөөбөт тоҥустартан, харыһыктаах киһилэрин тутан ыланнар, аманаат диэн ааттаан, хаайыыга олордон күһэйэллэр.
Эһиилги сааһыгар Антон Добрынскай уонна Мартын Васильев диэн хаһаактар баһылыктаах отучча киһилээх этэрээт тэриллэн, ыраах баар Лена өрүс диэки айанныыр. Дьон чулуутун, хорсунун, сырыыны сылдьыа диэбиттэрин талан ыыталлар. Сорохторо саллан барбаттар. Чугас эргин сылдьан бэйэлэрэ бултуулларын сөбүлүүллэр. Арҕаа Сибииргэ холоотоххо, киис элбэх. Айаҥҥа турбут дьон Бүлүүгэ тиийээри саас эрдэ хаардаахха айаннаан, эрэй бөҕөнү көрөллөр. Ол да буоллар, сындалҕаннаах айантан толлубакка, хаайтарбакка, Бүлүү төрдүгэр тиийэн, Ленаны өксөйөллөр. Сахалар түөлбэлээн олорор сирдэригэр кэлэн кыстыырдыы оҥостоллор. Киис тириитин хомуйаллар. Ол хомуйалларыгар ыаллары түүрэйдииллэр, кыһарыйаллар. Кымньыыны да тутталлар. Ат хомуйаллар. Сэрэххэ кыракый остуруок туталлар. Ол аата, симиэбийэлэрин эргиччи киһи кыайан киирбэт гына, уһуктаах сонос баҕаналары кэккэлэччи туруортууллар. Онно саха дьонун тутан аҕалан үлэлэтэллэр.
Бу дьон кыстаан олордохторуна, сахалар маҥнайгы саалаах-сэптээх утарсыылара буолар. Сэтинньи ыйга аттаах, куйахтаах дьон кэлэннэр, оҕунан ытыалыыллар. Маҥнай чугас кэлбиттэрин тимир (үрэр) саанан ытан соһутан, үрүө-тараа ыыппыттар. Онтон икки хонон баран, тыаҕа тахсан мас тиэйэ сырыттахтарына, сахалар ыраахтан оҕунан ытыалаабыттар. Ол эрээри куттанан чугаһаабаттар. Кыһын устата, хаста да кэлэн сэриилээн, үс киһилэрин өлөрбүттэр. Уонча киһи бааһырбыт. Саас, астара бүтэн, аччыктаабыттар. Өрүс эстэрин кытта тута тэскилииллэр. Эмиэ эрэй бөҕөнөн айаннаан, аҥаардара эрэ ордон, дьонноругар тиийбиттэр. Мартын Васильевы кытта алта киһини Москваҕа ыыппыттар. Москваттан «саҥа экспедицияны тэрийэн ыытыҥ» диэн сорудах кэлэр. Сэриигэ туттарга түөрт уон куйаҕы, олохтоохтору мэҥиэлииргэ элбэх оҕуруону, дьоҕус алтан хочуолу, хорҕолдьун тэриэлкэлэри ыыталлар. Мартын Васильевы уонна Антон Добрынскайы хааһынаҕа аҕыйах түүлээҕи туттардылар диэн экспедицияттан туораталлар. Мартын Васильевы солбуйуохтаах Воин Шахов диэн киһи Мангазеяҕа отут аҕыс киһилээх кэлэр. Кинилэр кэлин Бүлүү төрдүгэр кэлэн симиэбийэ тутталлар. Мангазеяҕа бэйэтигэр даҕаны элбэх киистээх сиргэ барыахтарын баҕалаах дьон, кыра бөлөхтөрү тэрийэн, илин ыраахха диэри бара сатыыллар. Ол баран сорохтор сураҕа суох сүтэллэр.
Оттон Енисейскэйгэ Лена өрүскэ үөһээнэн быһа барар суолу көрдүүллэр. Илим, Кут үрэхтэр сүнньүлэринэн барар суолу булаллар. 1630 сыллаахха атамаан Иван Галкин этэрээтэ барар. Идирмэ үрэх төрдүгэр баар симиэбийэҕэ кыстаан баран, кини этэрээтэ 1631 сыллаахха саас Кут үрэх төрдүгэр кэлэр. Аал оҥостон Ленаны таҥнары усталлар. Иван Галкин этэрээтэ өрүс орто сүнньүгэр кэлэн, хара ааныттан сахалар утарсыыларын көрсөр. Онтон Аллан өрүс төрдүгэр тиийэн, өрүһү өксөйөр. Аллаҥҥа эмиэ утарсыыны көрсөр. Тимир саалаах, куйахтаах буоланнар, боҕутуннараллар. Хаһаактар баарыстаах, эрдиилээх кочаларынан устан өрүһү өрө-таҥнары сылдьан, дьон бөлөхтөөн олорор, суоллаах-иистээх сирдэргэ тохтоон, сахалар саамай баай тойонноругар тиийэн, киис тириитин көрдөөн ылаллар. Эдэр саха дьонун тутан аҕалан, эрдииһитинэн илдьэ сылдьаллар.
Төннөллөрүгэр Хаҥалас сиригэр тахсан дьаһаах хомуйа сылдьан, утарсыбыттарыгар эмиэ тимир сааларын тыаһаталлар. Оҕунан ытыалаһаллар. Ол сэриигэ хаҥаластар хас да киһилэрэ өлөр, бааһырар. Күһүөрү нууччалар өрүс уҥа өттүгэр кыстыырдыы тэринэн, саха балаҕанын таһыгар симиэбийэ тутталлар.
Ити сайын Иван Галкины солбуйа диэн, сотник Петр Бекетов этэрээтэ Лена өрүскэ кэлэр. Бу дьон Лена орто сүнньүгэр кэлэн бараннар, Иван Галкины көрсүбэккэ, бука, аллара диэки устубута буолуо диэн төннөн, өрүһү өксөйөллөр. Саҥаттан саҥа сири арыйар, дөксө элбэх киистээх сири булар иҥсэлээх санаа биир сиргэ олордуо баара дуо, суллуруһуу бөҕө буолар.
Бекетовтаах бүрээттэр олорор сирдэригэр тиийэн, күүстээх утарсыыны көрсөн төннөллөр. Салаа үрэх төрдүгэр кэлэн, кыра остуруок туттан кыстыыллар. Тоҥустартан аманааттары тутан дьаһаах хомуйаллар.
Кыстаан бараннар, саас, өрүс эстэрин кытта, Ленаны таҥнары устан, Иван Галкин олорор симиэбийэтигэр кэлэллэр.
Петр Бекетов симиэбийэни табыгаһа суох сиргэ туппуккут диэн сэмэлиир. Тыата олус чугас. Кэлэн саба түстэхтэринэ кутталлаах буолсу диир.
Үөһэттэн, мыраан үрдүттэн, өрүс хочото үчүгэйдик көстөр. Дьонун кытта сүбэлэһэн баран, аллара, өрүс уутуттан чугас, киэҥ аһаҕас сиргэ остуруок тутарга быһаарар. Чугас олорор эйэлээх сахалары көмөлөһүннэрэн, үлэтин саҕалаабытынан бараллар.
Иван Галкин аҕыйах хаһаагы кытта хомуйбут кииһин илдьэ Енисейскэйгэ төннөр. Онно кэргэттэрэ олороллор. Түүлээҕи уһаппакка-кэҥэппэккэ Енисейскэйгэ аҕалан хааһынаҕа туттарыҥ диэн кытаанах сорудахтаах этилэр.
Галкиннаах Бекетов этэрээттэригэр үксэ ох саалаах хаһаактар сулууспалыыллар. Кинилэр төһө да нууччалыы дьүһүннээх уонна тыллаах буолбуттарын иһин, түҥ былыргыга атын омуктар этэ.
Былыр Волга, Дон, Кубань өрүстэр эҥээрдэригэр хазардар диэн Азия түгэҕиттэн кэлбит омуктар, модун холбоһугу тэринэн, күннээн-күөнэхтээн олорбуттара баара. Ол олордохторуна, маҥнай Месопотамияттан үүрүллүбүт еврейдэр кэлэннэр икки үйэ устатыгар Каспийскай муора эҥээринэн хазардарга чугас олорбуттар. Ол олорон, эр-ойох буолан, булкуспуттар, дьүһүннэрин уларыппыттар, тойон-хотун өттө кинилэр итэҕэллэрин ылынар.
Алтыс үйэҕэ эмиэ Азия түгэҕиттэн күөрэйэн кэлбит түүрдэр Волга өрүһү туораабыттарыгар, хазардар утарыласпатахтар. Уруулуу тыллаах түүрдэри кытта дөбөҥнүк өйдөспүттэр. Түүрдэр баһылыктарынан Ашина аймаҕа буолара. Хазардар баһылыктарынан эмиэ Ашина аймаҕа буолар буолбута.
Түүрдэр Иккис каганаттара эстибитин кэннэ, 965 сыллаахха, Киев кинээһэ Святослав хазардар сэриилэрин урусхаллаабыта. Ол кэннэ уһун сукка оҕустаран, итэҕэлтэн сылтаан иирсэн, хайдыһан, хазардар мөлтөөбүттэр.
Онтон нуучча государствотыгар холбоһон, христианскай итэҕэли ылыммыттара. Хас да үйэ устатыгар төрүт тылларын умнан, олоччу нуучча тылыгар көспүттэрэ. Эр-ойох ылсан, тас дьүһүннэрэ эмиэ уларыйбыта. Былыргыта Азия омуктара буолалларын төрүт да умнубуттара. Бэйэлэрин хаһаактарбыт диэн ааттанар буолбуттара. Түҥ былыргы өбүгэлэрин хааннара тардан, акка олус сыстаҕастар. Сэрииһиттэр. Бэрээдэги соччо билиммэт дьон. «Мы – вольные казаки» диэн тыллаахтар. Былыргы өбүгэлэрин абыычайдарын тутуһан, атамааны таллахтарына, кымньыынан таһыйбыта буолаллар.
Төһө да нуучча тылыгар көспүттэрин иһин, былыргы өбүгэлэрин тыллара, хайдах биир эмэ хаалбат буолуой. Казак, атамаан, аманаат, ясыр, ямщик, караул, кандалы, балаган, башмак, балык, камыш, туман, барыш, орда, улус эҥин диэн былыргы өбүгэлэрин тыллара билигин даҕаны кэпсэтэр тылларыгар баар. Кинилэри үтүктэн нууччалар эмиэ оннук саҥараллар. Былыр-былыргыттан омуктар бииргэ алтыһан олорон, эргинсэн эҥин, тылларын байытыһаллар, уларыталлар даҕаны. Былыргы түүрдэр аҕаны ата диэн ааттыыллара. Хаһаактар атамаан диэн тыллара ити тылтан тахсар.
* * *
Арҕааттан икки аттаах киһи аргыый хаамтаран кэлэн, үөһэ кытылга тохтоото. Эдэрэ атыттан чэпчэкитик сулбу ыстанан, кырдьаҕаһын өйөөн түһэрэр. Кэтит түөстээх маҥан ат, дьигиһийэн ылаат, күкээрбит намчы окко төҥкөйөн, сымнаҕас уоһун ибирдэтэн, кэбийэн барар.
– Нохоо, аттары баайыма. Мин өр буолуом суоҕа, – Дыгын аҕа баһылык икки илиитинэн баттыалаан, көһүйбүт сиһин көннөрөр.
Кырдьаҕас киһи бытааннык хааман баадаҥнаан, кытыл хааһыгар кэлэн, сиргэ тайанан, аргыый түөһүллэн олордо. Икки илиитин тобугар ууран, киэҥ эрилкэй хараҕынан өрүһү одуулаата.
Улуу Эбэ үллэр үөһүгэр сыҥаһа долгуннар уһуу сырдаабыт күрүлгэннэрин кэккэлэрэ сырсаллар. Аллара кытыыга үллэ-үллэ тимиҥниир долгун хараарбыт кумаҕы өрө сүүрэн, үрүҥ күүгэннэри кытыыга сыҕайан таһаараат, төттөрү эҕириллэн эрдэҕинэ, иккис долгун саба халыйар. Силлиэҕэ долгуйбут улуу Эбэ кытылга хаайтарбыт абатыгар аймаһыйа быыппастан кытылы охсуолаан ньиллиргэтэр буоллаҕа. Тыал намыраатаҕына даҕаны, модун бэйэлээх таһаата түргэнник уоскуйуо баара дуо.
Дыгын кырдьаҕас манна кэлэн, Эбэ киэҥ киэлитин анааран, ыйыллыбыт санаата өһүллэн, кыараабыт көхсө кэҥээн, арыый уоскуйбут курдук буолла. Тыал эмиэ намыраан, тохтуох курдук гынна. Аргыс киһи икки аты тэһииниттэн тутан туран, кырдьаҕаһа ыҥырарын кэтэһэр. Кини тойонун арыаллаабыта уонча сыл буолла. Аҕа баһылык өрүс кытылын хааһыгар олорон, тоҥхоҥнуу-тоҥхоҥнуу ботугуруур быһыылаах – уоһа хамсыыр. Аҕа баһылык кырдьыбыт, баттаҕа муус маҥан. Буолумуна, быйыл сэттэ уон бэһис хаара.
Аттар тыбыыра-тыбыыра мэччийэллэр. Өр буолбата, сотору оҕонньор ыҥырар саҥата иһилиннэ. Дыгын аты миинэригэр үтэри сөбүлээччитэ суох. Кэм да сэниэ баар диэбиттии, ыҥыыр хоҥсуоччутуттан тардыһан, ыараханнык да буоллар, мииннэ. Бастаата. Өрүс кытылын хадьы соҕус кытыынан бардылар. Аргыс киһи өтө сэрэйдэ – ичээн оҕонньорго барар буоллахтара. Сөргүллэ уола Нойохо сайылыга өрүстэн ырааҕа суох. Уонча сыллааҕыта дьиэтин сааскы халаан уута ылбыта да, атын сиргэ көһөрбөт. Өрүскэ балыктыырын сөбүлүүр киһи. «Сир түннүгэ» диэн аатырбыт ичээн кырдьаҕаһы Дыгынтан уон биэс сылынан аҕа дииллэр. Ол аата 90-на буоллаҕа. Истэр тухары кини курдук сааһырбыт киһи чугас эргин суох. Аҕа баһылыгы эрэ билинэр, ытыктыыр, тылын ылынар дииллэр.
Сотору кыра хоспохтоох, балык хатарар аргы мастаах туруорбах балаҕан таһыгар кэлэн тохтоон, аттарыттан түстүлэр. Дьиэҕэ киирбиттэрэ, маҥхайбыт суптугур бытыктаах аарыма кырдьаҕас киһи нүксүччү туттан, тайахха тирэнэн олорор эбит.
– Нөрүөн нөргүй, ытык кырдьаҕас! – Дыгын Тойон ааҥҥа туран сүгүрүйдэ.
– Нөрүөн нөргүй! Хайа бу эн, аҕа баһылык, бэйэҕинэн кэллиҥ дуу? Кэпсиэ, – оҕонньор билигин даҕаны хараҕа сытыы эбит. Биллэ.
– Улахан сонун суох. Хайа, хайдаххыный? – Баһылык уҥа ороҥҥо кэллэ. Аргыһа аан ороҥҥо олордо.
– Оттон тыыннаахпын. Эһиги хайдах олордугут?
Ытык кырдьаҕас сэргэхсийбит курдук буолан, ыалдьытын кытта кэпсэтэр. Тоҕус уоннаах оҕонньор диэтэххэ, сирэйэ-хараҕа сэргэх, өйө-санаата үчүгэй эбит. Дьиэлээх дьахтар оһоххо хардаҕас уурталыыр. Күөскэ уу кутан, сылытан уокка чугаһатар. Таһырдьаттан улахан хатыыһы хайыытыттан тутан намылытан киллэрэн, хаҥас диэки ас астыыр кыра сибиэ2 үрдүгэр уурда.
Аҕа баһылык оҥостон кэлбит сүрүн соругун уталыппакка толорордуу оҥоһунна. Оҕонньорго соҕурууттан (арҕааттан) туора омуктар кэлиэхтэриттэн ыла нус-хас олохторо огдолуйбутун, дьон айманарын туһунан кэпсиир. Оҕонньор буоллаҕына, онно оччо ымыттыбат киһи курдук, саҥата суох истэр.
– Арахсыбат абааһылар буулаатылар. Биһиги сирбитигэр-уоппутугар дьиэ-уот туттан, олох олохсуйардыы санаммыттар үһү, – оҕонньор дьэ саҥа таһаарда.
– Маҥнай улахан муруннаах омуктар кэлэннэр киис тириитин хомуйан барбыттара сэттэ дуу, аҕыс дуу сыл буолла.
– Ол үчүгэй дьон этилэр буолбат дуо?
– Сымнаҕастар этэ. Биһи да сонурҕаан үчүгэйдик көрсүбүппүт. Оттон бу кэлин кэлбиттэр адьас атар абааһы дьон. Аҕа уустарын кэрийэн, ыал аайы киирэн, киис тириитин көрдөөн дибдийэллэр. Утарыласпыт киһини кымньыынан таһыйаллар, тыыннарын да быһыах курдуктар. Киис тириитин сыл аайы биэриэхтээх үһүбүт.
– Эһигиттэн төһө кииһи хомуйдулар?
– Биһи аймахтан Уйбаан нуучча сүүсчэкэ киис тириитин ылбыта. Онно сөп буолбакка, дьахтар сабыс-саҥа киис саҕынньаҕын эмиэ былдьаан бардылар. Сүрдээх адьырҕа дьон. Онон эйиэхэ сүбэлэтээри кэллим. Хайдах буолабыт?
Оҕонньор саҥарбат, тугу эрэ эргитэ саныыр быһыылаах. Дьахтар уокка уурбут күөһэ оргуйаары үллүбүтүн кытыыга тардар.
– Дьон айманар. Сир-сир, уус-уус аайыттан баатырдары мунньан, үүртэлээн кэбистэххэ хайдах буолуой? Сүбэлээ.
– Кыайыаххыт дуо? Сураҕа, үрэр тимир сааларыттан баатырдар олус дьулайаллар үһү.
– Бары саба түстэхпитинэ, кыайыа этибит. Кырдьык, үрэр тимир сааларыттан дьон куттанар. Ол эрээри тимир саалара үчүгэй куйаҕы хоппот үһү. Оннук кэпсииллэр билбит дьон. Уонна тимир саалара аҕыйах быһыылаах дииллэр. Сорох сиргэ утарылаһан ытыаласпыттар үһү.
– Биирдэ нууччалар өрүһүнэн устан ааһан иһэн, биһиэхэ тахсан аһаан ааспыттара. Онно көрдөххө, көмүскэлэрэ дириҥэ бэрт, бука, өһүөн санаалаах дьон быһыылаах. Билигин үүрдэххитинэ даҕаны, кэлин элбэх буолан кэлэн имири эһиэхтэрэ. Быстах кыайыы кэлин улахан алдьархайга тиэрдиэҕэ.
– Оччоҕо хайыыбыт? Олорон биэрэбит дуо? Киис эрэ хомуйбаттар, аппытын ылаллар, сүөһүбүтүн үүрэн илдьэллэр.
– Бары саба түстэхпитинэ диэхтиигит. Урааҥхай саха үрэх бастарынан, кыйаар сирдэринэн, хоту таас дьааҥы нөҥүө тиийэ ыһыллан-тарҕанан хаалла. Өһү-сааһы тутааччы, хоргуппут-хомойбут да элбэх. Билигин кэлэн хос түмэр, сомоҕолуур бука кыаллыбата буолуо. Бар дьоҥҥун эрдэ түмпүтүҥ, сомоҕолообутуҥ буоллар ньии?!
– Сыыспыппын, кырдьаҕаас, буруйдаахпын. Эдэр сааска киһи эрэ хаҥыл, дохсун буолар… – Дыгын ситэ эппэккэ баһын санньытар. Кини кырдьыгын этитэн ытык кырдьаҕаска сүрүн баттатта.
– Эдэр эмньик сааскар мин эрэ бэрпин диэн атыыр оҕус буолан аҥаардастыы айаатаабытыҥ. Ол өһүөнүн, абатын атын баттаммыт уустар умнубуттара буолуо дии саныыгын дуо?
– Суох-суох, умнубаттар…
– Хата, Куллатыга хам бааччы олор. Кырдьан бараҥҥын кыаҕыҥ таһынан сорукка ылсыма, кыргыһы таһаарыма. Ыччатыҥ инники кэскилин санаа. Мин сүбэм оннук…
* * *
Улуу Туймаада килбэйэр киинигэр киэҥ Күөрээйигэ олорор Өйүк баай дьиэтэ ыраахтан көстөр. Сир тааһа3 түннүктээх, ортотугар тулааһын баҕаналаах улахан балаҕан, икки курдуулаах туос далла ураһа, хоспох, алта муннуктаах, ортотугар холумтаннаах мас ураһа, сарай, хамначчыттар дьиэлэрэ, күрүө-хаһаа баар.
Дьиэлээх тойон балаҕанын иһигэр кэтэҕэриин ороҥҥо чөмөхтүү хомуллубут утуйар таҥаһыгар өйөнөрдүү сытар. Оһоххо уоту быһымаары ууруллубут икки хардаҕас сэниэтэ суох умайар. Саҥа-иҥэ суох. Арай хаппахчы иһигэр кыргыттар күлсэр саҥалара иһиллэр.
Өйүк – сылгынан байбыт киһи. Уон атыыр үөрдээх. Ынах сүөһүнү элбэҕи туппат. Бу чугас эргиннээҕи ыаллар бары кини үлэһиттэрэ. Үлэлииллэрин иһин аһынан-таҥаһынан хааччыйар. Саас быстарыыга салгыыр. Сааһынан кырдьаҕаһа суох, түөрт уон аҕыһа. Икки ойохтоох. Иккис одьулуун ойоҕо сүөһүтүн көрөн туһунан олорор. Маҥнайгы ойоҕо Мылаҥныыр хотун киниттэн икки сылынан аҕа. Аҕата Ньыкка Өйүк уон алталааҕар уон аҕыстаах кыыһы кытта холбообута. Үөрэнэн хаалбычча, маҥнайгы ойоҕун кытта олорор. Иккис ойоҕор ыйга биирдэ баран, хас да хонон кэлээччи. Уонна манна уон сэттэ саастаах таптыыр мааны кыыһа Сэгэттэй олорор. Иккис ойоҕо эмиэ сааһырда. Түөрт уончалаах дьахтар. Киниттэн икки оҕолоох. Дьахтар түөрт уонуттан таҕыста да кэхтэн барар, онон үһүс эдэр ойохтонуон баҕарар. Киһи сааһырдаҕына, эдэргэ ордук тардыһар буолар эбит.
Хаҥалас үтүөлэрэ бары кини үйэ-хайа аймахтара. Эһэтэ Мунньан Дархан эмиэ хаҥаластары баһылаабыт ытык киһи этэ. Өйүк бэйэтэ эдэригэр даҕаны күүһүнэн өттөйбөтөҕө, кыргыска кыттыбатаҕа. Аҕатын баайын хаҥатан, билигин үчүгэйдик олорор. Дьон-сэргэ бары түс-бас, холку майгытын, дьаһаллааҕын иһин кинини ытыктыыллар, иннин быһа хаампаттар.
– Тойонуом, өрүс диэкиттэн нууччалар иһэллэр! – дии-дии, таһыттан кулут уол сүүрэн киирдэ.
Өйүк хайдах эрэ дьик гына түстэ:
– Иһэллэр даа?! Хас киһи иһэрий?
– Уончалар.
Өйүк туран хааман хааһалдьыйан тиийэн, хаппахчы аанын өҥөйөр.
– Хотуйдаар, тахсан дьалты буолуҥ! Мин ыҥыырдаах аппын мииниҥ. Нууччалар иһэллэр үһү. Чэ, түргэнник, – диэн, Өйүк кыргыттары тиэтэтэр.
Икки кыыс хаппахчыттан тахсан, таһырдьа куоталлар.
– Бу алдьархайы! – дьиэлээх дьахтар хаҥас ороҥҥо иистэнэ олорон, эмиэ куотуох курдук эрин диэки көрөр.
– Эн ханна да барыма. Тыыппаттар ини, ама хайа үлүгэрий, – Өйүк ыар ыалдьыттарын көрсөөрү тахсар.
Дьиэлээх киһи ыалдьыттары сүгүрүйэн көрсөр. Дьиэҕэ ыҥыран киллэрэр. Нууччалар сааларын-сэптэрин илиилэриттэн араарбакка тута сылдьаллар. Саха майгытын быһыытынан, ыраахтан кэлбит ыалдьыт, эйэ дэмнээх буоллаҕына, саатын-саадаҕын дьиэҕэ киллэриэ суохтаах. Сэрии, булт сэбин ыйыырга аналлаах үс көхөлөөх саадах сэргэ ат баайар сэргэттэн тэйиччи турар. Нууччалар, саха майгытын билбэт буоланнар, онно кыһамматтар. Баҕар, сэрэхэчийэллэрэ да буолуо. Өйүк ыалдьыттарын сирэйдэрэ-харахтара сымнаҕаһын көрөн уоскуйа санаата. Тоҕо кэлбиттэрэ буолла? Эйэ дэмнээх буоллаллар үчүгэй этэ. Киһи эрэммэт дьоно.
Петр Бекетов Өйүктэн, Петрушканан тылбаастатан, ханна кимнээх олороллорун, төһө элбэхтэрин, онно хайдах тиийиэххэ сөбүн эҥин ыйыталаһар. Сахалар биэрэстэ диэни билбэттэрин, сири көһүнэн кээмэйдииллэрин билэр.
Хамначчыт уолаттар ыалдьыттарга сиэтээри, эмис тыһаҕаһы өлөрдүлэр. Киэһэ ыалдьыттар далла ураһа иһигэр ыҥырыллан, аһаары сибиэҕэ олордулар. Өйүк ыалдьыттарын буспут эдэр сүөһү этинэн, өрүс бастыҥ балыгынан аһатта. Нууччалар кымыһы, кыыймыт үүтү иһэллэр эбит.
– Ыл, ыйыт эрэ, соҕуруу дойдуларыгар хаһан бараллар үһүнүй, – Өйүк аһыы олорон, маҥнай кэлбит нууччалар киис тириитин хомуйан баран төннүбүттэрин санаан, ыйытар.
– Мы будем жить у вас долго. Здесь земли много, а людей мало, – Бекетов быһаччы хоруйдуур. Ону Петрушка тылбаастыыр.
– Оттуур ходуһа тиийбэт. Кураан буоллаҕына, сүөһүбүт сутуур. Инньэ диэн эт.
– У нас в России если худое лето, скот тоже голодает. Вся якутская земля будет под великою государева руку.
– Туох диирий?
– Саха сирэ бүтүннүүтэ государь илиитигэр киириэ диир, – Петрушка, ыстаабытын ыйыстан баран, тылбаастыыр.
– Туох илиитигэр диэтиҥ?
– Государь диэн. Ол аата ыраах баар улахан тойонноро. Ону государь диэн ааттыыллар.
– Ол төһө ыраах сиргэ баар тойонуй?
– Ыраах да ыраах. Киһи биир сыл айаннаан тиийэр сирэ.
– Оо, кыраман ыраах дойду эбит.
– Скажи ему, Петрушка, пусть он соберет от всех своих родовичей ясак и принесет нам. А ежели не принесет, то мы его заберем в аманаты, – Бекетов сүрүн соругун чиҥэтэн быһа бааччы этэр.
– Тойон этэр: дьоҥҥуттан киис тириитин хомуйаҥҥын илдьэн биэриэҥ үһү. Аҕалбатаххына, эбэтэр киминэн эмэ ыыппатаххына, аманаакка тутуохтара, – Петрушка сахалыы саҥарар.
– Туохха тутуохтара даа?
– Аманаакка. Ол аата эйигин бэйэҕин эбэтэр оҕоҕун тутан илдьэн хаайыыга олордоллор. Хаһан киис тириитин аҕалыаххар диэри ыыппаттар.
– Оо, сор эбит! Ол төһө кииһи биэрэбин?
– Төһөнү кыайаргынан. Төһөнөн элбэҕи биэрэҕин да, соччонон үчүгэй. Эйигиттэн, бука, элбэҕи эрэйэллэрэ буолуо. Элбэх кииһи биэрбит киһиэхэ манньа биэрэллэр.
– Тугу биэрэллэр?
– Оҕуруо уонна алтан иһит биэрээччилэр.
– Киис тириитин эрэ ылаллар дуо?
– Киис эрэ тириитин.
– Еще скажи, Петрушка, если будут непослушны и начнуть побивать казаков и промышленных людей, то мы придем с огненным боем. Убьем и скот ваш угоним. А если привезут ясак, мы встретим их ласкою и приветом, – диэн Бекетов эбэн биэрэр.
Петрушка тойоно эппитин Өйүк өйүгэр түһэр гына быһааран биэрэр. Киһитэ бэркиһээн баһын хамсатар: «Сүрдээх да дьон, сүрдээх да дьон!» – диэмэхтиир.
Нууччалар дьаһааҕы төлүөн сөптөөх аҕа ууһун ыалларын аҕаларын аатын ыйыталаһан суруйдулар. Уон ыҥыырдаах аты босхону эрэ үрдүнэн атыыластылар. Өйүк харыһыйа санаата да хайыай, биэрбэтэҕинэ даҕаны, ылан тэйэр буолуохтаахтар…
Сарсыарда баралларыгар Өйүк дьаһааҕы кыһын түүлээх булда бултаммытын кэннэ ыытыах буолан тылын биэрдэ.
* * *
Бекетов дьоҕус этэрээти тэрийэн, Лена устун хоту ыыппыта. Хоту диэки тоҥустар уонна дулгаан сахалар олорор сурахтарын истибитэ. Барбыт дьон өрүс төрдүн ааһан, хоту төһө кыалларынан ыраах тиийэн билэн-көрөн кэлиэхтээхтэр.
Кыырт уйатын таһыгар баар куһу сойуолаабат. Ол кэриэтэ Иван Галкин чугас олорор саха ыалын кытта үчүгэй сыһыаны олохтообута. Отторун-мастарын тиэйтэрэллэригэр, аттарын көрдөрөргө, ынаҕы ыатарга, тутууга эҥиҥҥэ сахалары үлэлэттэҕинэ табыллар. Онон чугас олорор ыаллартан дьаһаах хомуйбаттар. Дөксө оҕуруо эҥин биэрэн албыннаһа сатыыллар.
Сахалар маһы таҥастаан үлэлииргэ дьоҕурдаах үчүгэй үлэһиттэр эбит. Остуруогу тутарга кинилэри көмөлөһүннэриэхтэрэ. Хайыы үйэ маһын тастаран эрэллэр. Сахалар аты сыарҕаҕа көлүйбэттэр эбит. Оҕустаах сыарҕанан таһаллар.
Нууччалар Өйүк баайга ыалдьыттаабыттарын курдук, чугастааҕы улууска тахсан, үчүгэй сыһыаны көрсүбэтилэр. Мэҥэ баайа Босхоҥ Боруохал баатырдара сулумах ох дьолуотунан сойуолаан көрүстүлэр. Кинилэри куйахтаах стрелецтэр тимир саанан ытыалаан үрүө-тараа ыыттылар.
Петр Бекетов өрүс чугастааҕы арыыларын «биһиги ылабыт» диэн тылбаасчытынан этиттэрэн, саха баайдарыттан көрдөөн ылбыта. Сахалар онно сөбүлэспит курдук буолбуттара. Кинилэр ханна баҕарар оттуохтара. Сирдэрэ киэҥ.
Ол арыыларга промысловиктары оттотоллор. Кинилэр сайынын туос иллэҥнэр. Күһүн онно-манна бултуу тарҕаһыахтара. Нууччалар саха дьонун хомуйан, кэпсэтэн эмиэ оттотоллор.
Хаһаактар ыраах улууска баралларыгар элбэх ат наада. Өссө ынах атыылаһан, ыатан, үүт иһиэхтэрэ. Остуруок таһыгар улахан хотонноох саха балаҕанын, күрүө-хаһаа туттаран, онно ыанар ынаҕы туруорар санаалаахтар. Ол сүөһүнү эмиэ саха дьоно көрүөхтэрэ.
* * *
Петр Бекетов киис тириитэ кэһиилээх саха тойоно кэлбитин истэн, киэргэлгэ кэтэр таҥаһын таҥнан көрсө тахсар. Икки дьабадьытынан намылыйбыт бытыктаах, төрөл саха киһитэ нуучча тойоно тахсыбытын көрөн сүгүрүйэр. Икки өттүгэр турар киис тириитин түрбэтин ураҕас төбөтүгэр хороччу туппут арыалдьыттара эмиэ сүгүрүйэллэр.
Бекетов, утары кэлэн тохтоон, ыйытан, кэпсэтиини саҕалыыр.
– Эн кимҥиний диэн ыйытар, – Петрушка диэн ааттаах тылбаасчыта сахалыы саҥаран, кэпсэтиини салгыы тылбаастыыр.
– Аҕа ууһун баһылыга Лөгөй диэммин, – саха тойоно аатын этэр.
– Откуда приехали? – Бекетов эмиэ ыйытар.
– Бороҕон сириттэн.
– Входи, будешь гостем, – Бекетов дьиэ аанын диэки илиитин садьыс гыннаран ыҥырар.
Бекетов ыалдьыттарын дьиэҕэ киллэрэн, остуолга ас тартаран күндүлүүр-маанылыыр. Петрушка аттыларыгар олорон кэпсэтиилэрин тылбаастаан биэрэр.
Өрдөөҕүтэ Пенда кэлэн ааһарыгар үс саха уолун соҕуруу дойдуга илдьэ барбыта. Ол уолаттар Енисейскэйгэ аҕыйах сыл олорон, нууччалыы иҥнибэккэ кэпсэтэр буолбуттара. Иван Галкиҥҥа Ивашка диэн тылбаасчыт баар. Сүрэхтэнэн, христианскай итэҕэли ылынан, нууччалыы ааттаахтар.
– Ты, Логуй, скажи всем тойонам, кто придет к нам с ясаком, то будет дорогим гостем. А на тех, кто будет побивать наших казаков, мы пойдем войною и будем громить, – Бекетов оҕоҕо өйдөтөр курдук бытааннык саҥарар, сөмүйэтин чочоҥнотор.
– Тойон киис аҕалбыт дьону күндүлүөм-маанылыам диир. Оттон утарылаһар буоллахтарына, сэриилиибин диир. Тойотторго этиэҥ үһү, – диэн Петрушка тылбаастаан биэрэр.
Итинтэн салгыы Бекетов Лөгөйтөн ханна кимнээх олороллорун ыйыталаста. Ыалдьыт этэрин суруксут киһи кумааҕыга суруйар. Ону Лөгөй дьиибэргээн одуулаһар. Петр Бекетов төһө элбэх киһи олорорун, тойонноро төһө баайдааҕын, онно ханан барыахха сөптөөҕүн ыйыталаһар.
Баралларыгар Лөгөйгө алтан хочуолга оҕуруо кутан биэрдилэр. Илиитигэр суулана эриллибит кыра соҕус холуста таҥаһы туттардылар. Лөгөй онно үөрэн, уон ыҥыырдаах аты ыытыах буолла. Онон бэркэ тапсан, үчүгэй сыһыаны олохтоотулар.
* * *
Мымах баай Эҥсиэлиттэн киэҥ Туймаадаҕа киирэн, өр айаннаан, Өйүк баайга ыалдьыттыы кэллэ. Утары тахсан тэһиин тутан, бастыҥ сэргэҕэ түһэрдилэр. Атыттан түһэн, көһүйбүт сиһин көннөрөн тыыллаҥнаата.
Кини кыҥаттарыгар Хаҥаласка сылдьыбатаҕа өр буолла. Эдэригэр Хаҥалас баайын кыыһын сүгүннэрэн илдьибитэ. Онон хаҥаластар күтүөттэрэ. Сааһынан Өйүктэн биэс сылынан балыс.
Дьиэлээхтэр ыалдьыты кытта саха үгэһин быһыытынан хардарыта ыйыталаһан олох-дьаһах, сүөһү-ас, дьон-сэргэ, дьыл эҥин туһунан кэпсэттилэр. Сибиэҕэ ас тардыллан аһаары олордулар.
– Дьэ нууччалар кэлэннэр аҥаардастыы айбардаан эрэллэр дии. Миэхэ тахса сырыттылар. Киис хабалатыгар киирэн, дьоммуттан хомуйан биэриэх буоллум. Хайаан да ылан тэйэр урдустар кэлбиттэр быһыылаах, ылбатахтарына сүгүн олордуохтара суоҕа диэн, биэриэх буолан тылбын биэрдим. Хайыамый. Эн тылгын истээри кэллим, – Мымах санаата аймаммыта биллэр.
– Улахан тойонноро уонча киһилээх миэхэ кэлэн хонон барбыта. Хааннаах хайгыаны4 анньар санаалара суох дьон дии санаабытым. Сураҕа утарыласпат, көрдөөбүттэрин биэрэр дьоҥҥо сымнаҕастар үһү, – Өйүк аргыый саҥарар.
– Мин киис хомуйан баран дойдуларыгар төннүөхтэрэ дии санаабытым. Барыа суохтар. Мин утарыбар, өрүс уҥуор, кыстыыр дьиэлэрин оҥостоллор үһү. Аны өрүс арыыларын ылан оттотоллор. Онон сирбитигэр-дойдубутугар букатын олохсуйаары кэлбиттэр быһыылаах.
– Миигиттэн дьон аатын ыйыталаһан суруйан барбыттара. Эмиэ тугун баҕайыта буолла. Аҕаларын аатын эмиэ ыйыталлар.
– Биһиэхэ эмиэ суруйбуттара. Аны кинилэр хамначчыттара буоларбыт буолуо. Кэлэн иһэн Тулагыга Ханайга хоннум. Ханай оттуур ходуһабын былдьатан, отчуттарбын ыраах алааска таһаардым дии олорор. Улахан Арыыны аны Нуучча Арыыта диэн ааттыыр буолбуттар.
– Биһиги, чугас олорор дьон, утарыластахпытына, эстэбит. Ол кэриэтэ эйэ дэмнээхтик олорбуппут ордук буолуо.
– Кииспитин, саһылбытын кинилэргэ биэрэн баран бэйэбит тугу таҥнабыт? Кэлин элбээтэхтэринэ, сүөһүбүтүн даҕаны былдьыахтара. Оччоҕо эстэбит буолбат дуо…
– Сүгүннүө суох буоллахтарына, утарылаһыахпыт даҕаны.
– Аҕыйах эрдэхтэринэ билигин тутуу былдьаһыахха баара. Бары мустан сэриилээтэхпитинэ, тулутуохпут суоҕа. Тимир саалара үчүгэй куйаҕы хоппот дииллэр.
– Ону ким тэрийиэй? Аҕа ууһун аайыттан баатырдары ким мунньуой? Бары тус-туһунан бара сылдьабыт буолбат дуо. Урукку өспүт-сааспыт баарына, дьонуҥ холбоһуохтара дуо?
– Холбоһуо этилэр. Үчүгэйдик тэрийдэххэ. Дыгын кырдьаҕас тылын ыытара буоллар.
– Ол кырдьаҕас уруккута буолбатах. Ыалдьан, кырдьан буорайан олорор. Сураҕа дьиэтиттэн ханна да барбат үһү. Уонна киниэхэ өстүйбүт элбэх. Эдэригэр бардам, дохсун киһи этэ. Аҥаардастыы айбардаабыт аньыытын-харатын, бука, умнубаттара буолуо.
– Оттон уолаттара?
– Уолаттарыгар даҕаны дьону сомоҕолуур уһулуччу киһи баара көстүбэт. Аһаа, доҕор, бу бэҕэһээҥҥи хатыыс этэ баар, – Өйүк балыктаах кытыйаны ыалдьытыгар чугаһатар.
– Арыый көрсүөлэрэ Бөдьөкө Бөҕө дуу?
– Кини. Убайдара Өлкөрөй майгытынан хадаар. Чаллаайы харса суох даҕаны, тылынан-өһүнэн дьону кыайан түмпэт, сомоҕолообот киһи.
– Оттон кыра уолаттара хайдах дьон буолууһулар?
– Чабыыдалаах Эттээни уу ньуулдьаҕай оҕолор. Сүүрбэлэрин да туола иликтэрэ буолуо. Ыбаах да эдэрэ бэрт. Күүстэринэн биир да аҕаларыгар тиийэр киһи суох дииллэр. Бөдьөкө Бөҕө бэйэтин лаппа кыанар да, олус дьиппиэн, аҕыйах саҥалаах киһи.
– Онон нууччаларга бүк бэринэн олоробут дуу? – Мымах дьиэлээх киһини утары көрөр.
– Ньим бааччы олорбуппут ордук буолуо диибин мин.
– Дьон айманар. Олус ыган-түүрэн бардахтарына, бука, туох эрэ буолара буолуо. Оннооҕор кутуйах, үктээтэххэ, «чыып» диир…
Саҥата суох истэн олорбут дьиэлээх хотун Мылаҥныыр тыл кыбытар:
– Күтүрдэр дьүһүннэриттэн даҕаны киһи этэ тардар, куттанар. Муннулара улахана, аны бытык үөһэ бытык буолан. Харахтара муус курдук. Адьас абааһы уолун курдуктар.
– Кырдьык, сахаттан атын сирэйдээх-харахтаах дьон, – Мымах дьахтары көрөн ылар. – Билэллэрэ, сатыыллара да сүрдээх. Уу аалынан өрүскэ усталларыгар, таҥаһы тиирэ тардан тыалга оҕустараллар эбит. Ол ааллара икки өттүнэн үстүү эрдииһиттээх. Инньэ гынан, ууга түргэнник усталлар.
– Ол иһин онно-манна тиийэн эрдэхтэрэ, – Өйүк чороонноох кымыһын ылан иһэр.
* * *
Атырдьах ыйа. Бэс ыйыгар ардаан, быйыл от үүнүүтэ үчүгэй. Окко киирбит кэннэ, былыт кэлэ-кэлэ ардах түһэн, сүгүн оттотумаары гынна диэбиттэрэ, хата, кэнники бэркэ курааннаан абыраата. Быйыл от үүнүүтэ үчүгэй буолан, дьон абыраныыһылар. Ходуһа хойуу ото кыра да сиккиэргэ күөгэлдьийэ долгуйарын саха киһитэ үөрэ көрөр. Өҥ дьылга саха олоҕо тупсар. Сүөһү этэҥҥэ кыстыыр. Ардахтаах дьылга күөл уута туолан, балыга элбиир. Дьадаҥы ыал уһун кыһыны туоруур сүрүн аһылыктара диэн балык буолааччы. Сайыны быһа туулаан балык сииллэр, хаһааналлар.
Саттаар уол токур хотуурун сүгэн, ыаҕастаах ымдаанын тутан, инитин уончалаах уолу Өрөөбөнү батыһыннаран, оттуур сиригэр кэллэ. Өйүөлэрин ыаҕастаах ымдааны, хаппахтаах улахан тууйаска угуллубут үөлүллүбүт мундуну сынньанар сирдэригэр аҕалан, талах күлүгэр уурдулар. Ходуһаларын отун оттоон, бугуллаан бүтэрэн эрэллэр. Сүрэхтээх киһи оту оттуур. Ол-бу кытах, хоннох, күөл кытыыта эҥин элбэх. Үлэҕэ туруохтарын иннинэ олоро түстүлэр. Күн да уһун.
Саттаар хотуурун биитин сытыылаан, кыра аҕаанынан сотуолуур. Өрөөбө көтөн кэлэн от быыһыгар түспүт үгүрүөнү маһынан быраҕаары тула көрүөлээтэ. Туран, хаппыт синньигэс талаҕы тоһутаары бүк баттыыр, туллаҥнатар. Маһын тоһутан, быраҕаары, аргыый үөмэн хаамар. Тула көрүөлүүр. Сотору үгүрүө, «чаарт» диэн саҥараат, ойоҕоһуттан көтөн тахсар. Ону кэнниттэн быраҕан хаалар. Убайа туран, бэҕэһээ охсубут хадьымалын таһыгар кэлэн, охсубутунан барда. Токур хотуурун төбөтүн үрдүнэн эргитэн, хаптас гынаат, охсон «куус» гыннарар. Сытыы хотуурга быһа охсуллубут от тэлгэнэ түһэр. От охсуута – илистиилээх, сылаалаах үлэ. Сүүрбэччэ хаамыы сири охсон баран, сынньана таарыйа тохтоон, эмиэ сытыыланна. Чараас тимирдээх хотуур күн уотун тэйитэн килбэс гынна.
Саттаар улаатан, күүһүрэн, үлэни кыайа-хото тутан үлэлиир буолбут. Бэйэтин төһө да ситэ илик оҕо киһи курдук сананан, сыппаҕын, килбигин иһин, кыргыттары бэлиэтии, талымастыы көрөр сааһыгар сылдьар. Кини хайа да кыыстааҕар Нуҥнууру сөбүлүүр. Ол кыыс улаатан, эмиийэ тэрэччи тэбэн, төлөһүйэн, тупсан хаалбытын, маанытык таҥнар буолбутун кэрэхсии көрбүтэ. Ааспыт күһүн муҥхаҕа сылдьан, бэйэтигэр сөрү-сөп бэдэр саҕынньахтаах, тииҥ бэргэһэлээх, таба тыһа этэрбэстээх, тэп-тэтэркэй имнээх, үчүгэй дьүһүннээх мааны кыыһы көрөн, бэйэтин түүтэ саралаабыт эргэ таба саҕынньаҕыттан, убаһа тириитэ бэргэһэтиттэн, ынах этэрбэһиттэн кыбыстыбыта. Урут хаһан да оннук буолбат этэ. Кини эрэ куһаҕан таҥастаах буолбатах. Онтон кыһын ыччаттар мустан биһилэх кутуһа оонньуулларыгар, ол кыыстыын кэккэлэһэ буолан хаалбыттара. Кыыс кэмчиэрийбэккэ күлэн-салан, Саттаары кытта кэпсэппитэ. Хайдах эрэ сөбүлүүр курдук туттара.
Кыыс аҕата Аамылаан сүүрбэччэ сүөһүлээх, атыыр үөрдээх сэниэ киһи. Ол иһин Нуҥнуур куруук маанытык таҥнар. Дьүһүнүнэн даҕаны кыргыттартан эрэ ордуктара. Оттон Саттаар аҕата Тордуох – дьадаҥы киһи. Үс эрэ ынахтаахтар. Айахтарын нэһиилэ ииттинэн олорор ыал. Онон сайын мундуга туулаан, балык хаһааннахтарына эрэ, уһун кыһыны аччыктаабакка кыстыыр дьон. Биир аттаахтар, көлүнэр оҕустаахтар.
Отчуттар маҥнайгы омурҕаннарыгар таҕыстылар. Күн үөһэ ойон куйаарда. Атырдьах ыйыгар үөн-көйүүр намтыыр да, билигин даҕаны бырдах баар. Итии даҕаны. Сөрүүн ымдааннарын кэмчилииллэр. Аҕыйахта ыймахтаан бараннар, мундуларын сиэтилэр. Сойбут бөдөҥ мунду – үчүгэй аһылык. Сэниэ ыал отчуттара окко кымыһы аҕалан иһээччилэр. Кинилэргэ хантан кымыс кэлиэй. Саттаар бу олорон, эмиэ Нуҥнууру санаан кэллэ. Кинини төһө да сөбүлээбитин иһин, хаһан эрэ дьиэбэр сүгүннэрэн аҕалыам дии санаабат. Аҕата Аамылаан биэриэ суоҕа. Биир эмэ баай уола кэлэн кэргэн кэпсэтэр ини. Киниэхэ тэҥэ суох кыыс. Үнүр кыыс дьүөгэтиниин иһэллэрин ыраахтан көрөн билэн баран, кыбыстан, көстүмээри, суолтан туораан, суон тиит кэннигэр саспыта. Эргэ торбос сонуттан кыбыстыбыта. Кыргыттар кинини көрбөккө ааспыттара. Атын кыргыттартан кыбыстыбат ээ. Оттон Нуҥнууру көрдө да ханна да барыан билбэт.
– Убаай, нууччалар диэн абааһылар дуо? – Өрөөбө эмискэ ыйытан, Саттаар саныыр санаатын ситимин быста.
– Суох. Нуучча диэн туора омук киһитэ.
– Оттон сирэйдэрэ түүлээх үһү дии.
– Ким инньэ диирий?
– Маппай уол.
– Түү буолбатах, бытык. Хойуу бытыктаахтар.
– Оттон сорохторун хараҕа күөх үһү дии. Муннулара буоллаҕына наһаа улахан. Харахтара тоҕо күөҕүй?
– Ону мин билиэм дуо! Чэ, туруох. Бүгүн эрдэ бүтүөхпүт.
Өрөөбө эрдэ охсуллубут оту икки салаалаах атырдьаҕынан хаһыйан мунньар. Саттаар охсуллуохтаах отун охсон бүтэрэн, уол муспут субуутун бугуллаата. Бүгүн эрдэ бүтэн дьиэлээтилэр. Баран иһэннэр эргиллэн, чиҥии илик улахан күөх бугуллары көрөллөр. Үлэ түмүгүн эргиллэн көрөр үчүгэй буолааччы.
* * *
Тордуох туу өрөр идэлээх. Үөhэ үс мастаах кыраадаҕа тыырыллан бэлэмнэммит уhун синньигэс туу мастара ууруллан намылыспыттар. Арыттаах туу маhын өрөн баайарга сутука быаны мас силиhинэн оҥорор. Уhун көнө суон силиhи түөрэн ылан, сииктээх умуhахха ууран ыаннарар. Онтон хатырыгын суллаан, хайыталаан, тыырар. Быhах өнчөҕүнэн кыhыйан уутун ыгар. Ол аата эллиир. Эллээтэҕинэ, силис маhа сымныыр. Эллэммит силис төhө баҕарар өр сытыан сөп. Туттарыгар ууга сымнатан баран, үктүү-үктүү тардыалаан имитэр. Оччоҕо быа быанан буолар.
Дьиэлээх дьахтар Сэлгээнэй киэhээҥҥи аhылыктарын бэлэмниир. Күөрчэххэ унньуула5 суурадаhынын кута-кута ытыйар.
– Оккун охсон бүтэрдиҥ дуо? – Тордуох аhаары сибиэҕэ кэлэр.
– Бүтэрэн. Аны биир күн баран мустахпытына, мунньуубут да бүтэрэ буолуо, – Саттаар күөрчэхтэн баhан сиир.
– Мымах баай илдьиттээбит. Быйыл хайаан даҕаны киис булдугар тахсан бултуур үhүбүт. Аттаах, ыттаах ыаллары барыларын соруйбут. Нууччаларга биэрээри киис тириитин хомуйаллар үhү, – Тордуох уолугар сонунун кэпсиир.
– Ол мин кииhи тугунан өлөрөбүн? Ох саам суох дии, – Саттаар ох саа оҥорторуон баҕарар. Идэлээх оҕонньоттор ох сааны тамыйахтаах ынахха оҥорооччулар.
– Ыт кииhи, тииҥи тииккэ таhаардаҕына, чаачар саанан да өлөрөр баҕайыта. Мин айа көхсүнэн улахан чаачар саа оҥоруом. Бу уол оонньуур саата кыра буолуо.
– Мин эмиэ барсыам, – Өрөөбө ыйыппыттыы аҕатын диэки көрөр.
– Хайа таҥаскынан барсаары гынаҕын. Убайыҥ хаар түстэҕинэ, кыhыҥҥы тымныыга барыаҕа, – диэн Тордуох буойа саҥарар. – Ыппыт кииhи үрүө дуо?
– Моҕотойу, тииҥи тииккэ таhаардаҕына үрэр. Кииhи да үрүөҕэ, – Саттаар үөрэттэн ыймахтыыр.
– Маҥнай сонордуурга үөрэт. Киис саҥа суолун көрдөххүнэ, ону батыhыннар. Биирдэ көрөн тииккэ таhаардыҥ да, үөрэниэҕэ. Булчут ыт өйдөөх, сотору үөрэнэр.
– Хайа тыаҕа бултуубун? Кэҥкэмэ үрэх диэки барабын дуо?
– Кэҥкэмэ бэтэрээ тыатыгар эhэҥ үүтээнэ баар. Сотору тахсан, ат сиир отун оттуохпут. Мымах аны сыл аайы бултатара буолуо. Нууччалар бу дойдуга букатын олохсуйа кэлбиттэр быhыылаах дииллэр.
– Миэхэ хаhан ох саа оҥортороҕун?
– Байдахпытына. Быйыл куобах элбиэх курдук. Идэhэҕэ оҕус тиҥэhэни тутуннахпытына, дьылы туоруохпут. Тыhы тиҥэhэбит этэҥҥэ буоллаҕына, эhиил ынах буолуо. Оччоҕо кырдьаҕас ынаҕы биэрэн, эйиэхэ ох саа оҥорторуо этибит.
* * *
Петр Бекетов ат хомуйан, дьонун үксүн акка олордор буолла. Уон үчүгэй ыҥыырдаах аты Лөгөй тойон ыыппыта. Уон аты Өйүктэн атыыласпыттара. Уонна онтон-мантан биирдии-иккилии аты хомуйбуттара. Хаһаактар бэйэлэрэ даҕаны акка сыстаҕас дьон. Балаҕан ыйыгар тэринэн, оҥостон, сирдьиттээх, илиҥҥи улуустары кэрийэ бардылар. Илин эҥээргэ ыал элбэх дииллэр. Онон суоллаах-иистээх буолан үчүгэй эбит.
Төҥүлүгэ тиийбиттэригэр, олохтоохтор, бэрт сыппахтык да буоллар, утарыластылар. Олору эрэйэ суох бэриннэрдилэр. Дьаhаах төлүүргэ тылларын ыллылар. Эмиэ дьон аатын кумааҕыга суруйдулар. Бахсыга, Сылаҥҥа тиийбиттэригэр эмиэ утарыластылар. Сорохторо куттанан, тыаҕа түстүлэр. Утарыласпыт дьону бэриннэрэн, эмиэ дьон аатын суруйдулар. Дьаһаах төлүөн сөптөөх сэниэ ыал аҕа баhылыгын аатын суруйаллар. Икки ат оххо таптаран бааhырбытын атын атынан уларыттылар.
Хатылы ууhун улуу баайа Аан Үөчэй ыар ыалдьыттар дьиэтигэр чугаhаабыттарыгар, утары тахсан, кэрэмэс саhыл тириитин түөhүгэр туора тутан сүгүрүйэн көрүстэ. Маанылаан, аhатан хоннордо. Туох да эгилэ-бугула суох дьаhаах түhээнин төлүөх буолла.
Нууччалар, ханна да хоммуттарын иhин, харабыллаах хоноллор. Сааларын-сэптэрин чугас уураллар. Таҥара сэрэҕи таптыыр. Олохтоох туора биис тойонун астаах-үөллээх остуола, эйэҕэс мичээрэ албын буолуон сөп.
Этэҥҥэ утуйан турдулар. Дьон ааттарын ыйыта-ыйыта суруйбуттарыгар, Үөчэй баай «тоҕо суруйаҕыт» диэтэ. Дьиибэргиир, куттанар быhыылаах. Петр Бекетов үчүгэйдик көрсүбүккүт иhин диэн дьиэлээх хотуҥҥа алтан хочулуокка оҕуруо кутан биэрдэ.
Суол ыйдаран, Иэгэдэй аҕатын ууhугар бардылар. Кыра аймахтарга сылдьыбаттар. Тиэтэйэллэр. Сахалар олус киэҥ сиринэн ыhыллан олороллор эбит.
Иэгэдэй аҕа ууhун баhылыга Модьукаан нууччалары эмиэ үчүгэйдик көрүстэ. Кини Модьукааны сааhырбыт киhи диэтэххэ, бөдөҥүн-садаҥын, бухатыыр көрүҥнээҕин сөҕө-ытыктыы көрдө. Сахаҕа да бөдөҥ, улахан киhи баар эбит.
Аны Таатта үрэх сүнньүгэр олорор Баатылы ууhугар барыахтаахтар. Элбэх киhилээх улахан аҕа ууhа дииллэр. Иэгэдэй аҕатын ууhуттан чугас, быысаhа олороллор эбит.
Модьукаантан ол дьон туhунан ыйыталастылар. Ону аҕа баhылыктара Дьинтиис баай кырдьан олорор, Ноҕой Боотур баhылыыр буолуохтаах диир. Мин аҕай дэммит, үрдүнэн үрүҥ чыычааҕы көтүппэт киhи үhү.
Нууччалар баатылылар ордууларыгар чугаhаан эрдэхтэринэ, туох да сэбэ-сэбиргэлэ суох үс аттаах киhи көрүстэ. Тылбаастатан истибиттэрэ, «мантан олох барыҥ» дииллэр эбит.
Биллэн турар, Бекетов онно сөбүлэспэтэ. Өскөтүн төнүннэхтэринэ, ону истэннэр, ким даҕаны дьаhаах төлүө суоҕа. Оччоҕо олох сатамматтар.
Петр Бекетов суос бэринэ таарыйа «тойоҥҥутугар тиийэн этиҥ, сэриигэ бэлэмнэнниннэр» диэн илдьиттээтэ. Кини сахалар охторуттан тоһуур куйаҕынан хаххаланыахпыт, бэйэлэрин үрэр тимир саанан ытан дьулатыахпыт диэн бүк эрэнэр. Хаһаактар адьас эдэр саастарыттан сэриилэhэ үөрэммит дьон. Онон син биир тулутуохпут суоҕа диэн санаалара бөҕөх.
Ол эрээри Баатылы ууhун дьоно олус дьаныардаахтык утарыластылар. Күнү быhа быыстала суох барбыт кыргыһыыга уонтан тахса киhилэрин охторбуттарын кэннэ, дьэ бэринэн, тобуктуу түhэн, илиилэрин өрө ууннулар. Сорохторо тыаҕа куоттулар. Ноҕой Боотур төгүрүйбүттэрин кэннэ, икки баатыры кытта мүччү түhэн тыаҕа куотта.
Нууччалартан икки киhи өллө. Уонча киhи бааhырда. Иилэҕэс тимир куйахтаах, охтон хаххаланар щиттээх буоланнар, элбэх сүтүк тахсыбата. Хаһаактары бэриннэрэн баран, сэриигэ кыттыбыт дьону барыларын умса сытыартаан, үс хос тирии кымньыыларынан таhыйдылар. Дьинтиис оҕонньору бэйэтин эмиэ таhыйан сордоотулар. Кэhэлтэ буоллун.
Петр Бекетов санаата түстэ. Сир аайы маннык буоллаҕына куhаҕан буолсу. Туох да бэрээдэккэ, дьаhаах төлүүргэ үөрэммэтэх дьиикэй сахалары хайдах көннөртүүр? Утарыласпыт дьоҥҥо сымнаан биэрэр эбэтэр чаҕыйбыты, куттаммыты биллэрэр олох табыллыбат. Оччоҕо ким даҕаны дьаhааҕы төлүө суоҕа. Бачча ыраах сиргэ бэрт эрэйинэн кэлэн баран, дьиикэй омуктары государь кытаанах илиитигэр киллэрдэххэ табыллар. Киллэриэм диэн күүстээх санааны ылынан кэллэҕэ дии. Мантан төннүүhүлэр. Икки аҥыы хайдыhан, атын улуустарынан барыахтаах этилэр. Киhитэ аҕыйах. Соҕурууттан дьон эбии кэлэллэрэ буоллар…
Бэриммит сахаларга иин хастаран, өлбүт табаарыстарын көмтүлэр. Үрдүлэригэр кириэс туруордулар. Төннөллөрүгэр, олохтоохтору «утарыластыгыт, икки киhибитин өлөрдүгүт» диэн буруйдаан, хонууга мэччийэ сылдьар сүөhүлэрин көрбүттэрин барытын хомуйан, үүрэн илтилэр. Биир атыыр үөрүн эмиэ холбоотулар. Бааhырбыт аттарын саҥанан уларыттылар.
* * *
Амма өрүс киэҥ хочотугар Болугур ууhун аҕа баhылыга Боло Күүлэкээн оҕонньор улахан уолун Хомуоhу кытта олорор. Орто уолун Омоллоон боотур дьиэтэ-уота кинилэртэн чугас баар. Улахан хаhыы иhиллэр сирэ.
Оҕонньор дьиэтигэр олордоҕуна, таhыттан кулут уол киирэн, илинтэн аттаах киhи кэллэ диэн биллэрдэ. Ону «ортоку сэргэҕэ түhэриҥ» диэн дьаhайда.
Аан аhыллан түөhүгэр, санныгар куйахтаах баатыр киhи киирэн сүгүрүйэр.
– Нөрүөн нөргүй!
– Нөрүөн нөргүй! Бу хайа дьуортугунуй? Хантан кэллиҥ? – диэн Күүлэкээн ыйытар.
– Баатылы ууhа Дьинтиис баай уола Ноҕой боотур ыытта. Киэҥ киэлитигэр киллэрдин, тиэтэйэн иhэбин диир, – киирбит киhи ааҥҥа туран этэр.
– Дьинтиис баай уолугар ааным аhаҕас, – диэт, Күүлэкээн дьиэлээх дьахталларга ас бэлэмнииргэ соруйар.
Сотору сүүрбэттэн тахса аттаах, кураахтаах саалаах, куйахтаах дьон кэлэннэр, тиэргэн иhэ туола түhэр. Ноҕой боотур дьиэҕэ киирэр. Хардарыта эҕэрдэлэhэллэр.
– Олорон түспэтийэр кыах суох. Нууччалар кэлэннэр сүөhүбүтүн үүрдүлэр. Ону эккирэтэн иhэбин. Эн үтүө ааккар үҥэ-сүктэ кэллим. Көмөлөс, – Ноҕой кэлбит соругун быhаччы этэр.
– Үүрдүлэр даа? Оттон эн бэйэлээх көрөн тураҥҥын хайдах былдьаттыҥ?
– Иhэр сурахтарын истэммин иҥэhэм быатын кылгатан6 көрсүбүтүм. Үрэр тимир сааларынан тоҕута ытыалаан кыайдылар. Бастыҥ баатырдарбын өлөрдүлэр. Кэлэн иhэммин Таатта үрэх сүнньүгэр олорор Нарыкааҥҥа уонна Кумаhаҕа сылдьаммын бастыҥ баатырдарын ыллым. Эйиэхэ эрэнэн кэллим. Көмөлөhүө диэн. Сүөhү үүрэр дьон айаннара бытаан буолуо.
– Оо, сүрүн! Төhө сүөhүнү үүрдүлэр?
– Элбэҕи. Атыыр үөрүн эмиэ холбоотулар.
– Бу атаҕастаатахтарын көрүҥ эрэ. Нохойдоор, Омоллоону ыҥырыҥ. Баатырдары мунньуҥ. Чэ, түргэнник, – диэт, саҥата суох истэн олорбут Хомуос туран кэлэр.
Кэлбит дьон, аhаан бараннар, ыраах айаҥҥа барыахтарын иннинэ утуйан ыллылар. Омоллоон баатырдарын ыҥыртаан, сарсыарда халлаан сырдыыта айаҥҥа турдулар. Барыта түөрт уонча киhи суолга киирэн субуhан, айаннатан дьигиhиттилэр. Уонча солбук аты сэтиилэнэн бардылар.
Омоллоон боотур дорҕоонноох аата, дьоhун сураҕа аатырбыта өр буолла. Ат бөҕө, кус быhый, бөдөҥ-садаҥ киhи. Уон сааhыттан кыргыс үөрэҕэр үөрэммитэ. Оҕоттон эрэ улахан уҥуохтаах, быhый, бэргэн буолан хайҕалга сылдьыбыта. Бухатыырдар тустарынан элбэх кэпсээни истэн улааппыта. Кини эмиэ бухатыыр буолан аар-саарга аатырыан баҕарара. Ким да утары көрбөт буолан, эдэригэр кыра тэппини истибэт, өhүргэс, хадаар майгылааҕа. Ону дьоно улаатан, өйдөннөҕүнэ, көнүө диэн мөхпөт, мээнэ сэмэлээбэт этилэр. Улаатан силгэтэ ситтэҕинэ, аҕа ууhун көмүскүө, араҥаччылыа диэн эрэнэ саныыр ыччаттара диэн кини этэ.
Биирдэ Төҥүлү баайа Быйаҥ ойуун кэлэн ыалдьыттаабыта. Боло Күүлэкээн ытык ыалдьыт кэлбитигэр, байтаhын биэни өлөртөрбүтэ. Онно Быйаҥ ойуун, уол аhамньытын сөҕөн, «бу уол моҕуhа бэрт эбит, Боруку Омоллоон диэн ааттыахха сөп эбит» диэбитэ. Уол ону өhүргэнэ истибитэ. Ити итинэн ааспыта.
Онтон үс сыл буолан баран, Быйаҥ ойуун дьиэтигэр олорон, уохтаах кымыстан сүһүөҕэр оҕустаран, дьиэ таhыгар тахсан сөрүүкүү олордоҕуна, эмискэ быыра ох кэлэн быарыгар батары түспүтэ. Быйаҥ иҥиир ситиитин таттаран, өрө титирэстии түhээт, өй ылан: «Бу хайа өстөөҕүм кэлэн өлөрдүҥ?» – диэн хаhыытаабыта. Онуоха тыа диэкиттэн: «Боруку Омоллоон кэллим!» – диэн хаhыы иhиллибит. Быйаҥ уолаттарыгар: «Болугур ууhугар сылдьан, орой мэник уолу оонньоон Боруку Омоллоон диэн ааттаабытым, бука, кини кэлэн өлөрдөҕө буолуо, ситиhиҥ», – диэн баран тыына быстыбыт.
Омоллоон ыар буруйу оҥорон баран Бүлүүгэ күрээбитэ. Быйаҥ аймахтара, түөрт уонча киhини тардан, Болугурга кэлбиттэрэ. Омоллоону көрдөөн баран булбакка, өс ситиhэн, Боло Күүлэкээн кыра уолун Чааппара диэн тоҕустаах оҕону өлөрөн, сэптэрин хааннаан баран төннүбүттэрэ. Оттон Омоллоон Бүлүүгэ тиийэн саһан үс сыл олорон баран эргиллибитэ.
Оттон Хомуос эмиэ кыргыс үөрэхтээх да, майгытынан көрсүө. Күүhүнэн бэйэтин уйуттар диэбит киhилэрэ. Ол эрээри бэрдимсийэ сатаабат, көннөрү урууга, ыhыахха эрэ тустар. Ханна да барбат-кэлбэт. Сүөhүтүн-аhын үчүгэйдик көрөр, үлэhит киhи. Күүлэкээн эдэр ойоҕуттан төрөппүт үhүс уола Чоху уончалаах эрэ оҕо.
Хаһаактар, сүөhү хаамыытынан айанныыр буоланнар, бытааннар. Эккирэтээччилэр ыаллартан сураhан, ханна тиийбиттэрин билэ истилэр.
Хаһаактар Чаачыгый диэн сиргэ кэлэн хоммуттар. Аара олорор оҕонньор бу сарсыарда туран барбыттара, ырааппатахтара буолуо диэтэ. Ону истэн, Төҥүлү диэн киэҥ алааска тиийэн хоно сыттахтарына, түүн саба түhэргэ быhаардылар.
Аны тиэтэйбэккэ, тохтоон утуйа-утуйа, бытааннык айаннаатылар. Төҥүлү киэҥ алааhын илин саҕатыгар кэлиилэригэр, уһун сиппэрэҥ ардах түhэн барда. Ох саа кирсэ ардахха сытыйдаҕына, сымнаан, уунан, ырааҕы кыайан тэппэт буолар. Онон куhаҕан буолсу. Хаһаактар чокуурунан эстэр тимир саалара ардахха эмиэ моhуогурууһу.
Хараҥарбытын кэннэ, күүтэ түhэн баран, аттаах дьон хайдыhан, киэҥ алаас икки өттүнэн субуhан бардылар. Алаас иhигэр элбэх сүөhү ыhылла тарҕанан мэччийэ сылдьар. Сүөhүлэри анараа өттүлэринэн эргийэн, саҥата суох хомуйан, илин диэки үүрдүлэр, ол кэмҥэ хаһаактар харабыллара айдааны тарта.
Ардах күүhүрэн, таҥаhы сытытта. Сарыы сонноро тымныынан хаарыйар. Хабыс-хараҥа. Күhүҥҥү ардах силбигэ куhаҕан. Киhини тоҥорор.
Сүөhүнү үүрэн киэҥ алаас илин өттүгэр чугаhаан эрдэхтэринэ, хаһаактар аттаах сэриилэрэ боруора харааран ситэн кэллилэр.
Омоллоон, иҥэhэтигэр туран, ынан кэлбит нуучча атын батыйатынан баска сырбатар. Ат, чугурус гынаат, төбөтүн хойуоллаҥнатта. Иккис хаһаак атын эмиэ төбөҕө биэрэн буксутта. Баатырдар охсуhан, кылыс тыаhа бачырҕас буолла. Сахалар, охсуhа-охсуhа, сүөhүнү кытта чугуйаллар. Нууччалар, охсуhан иhэннэр, бэйэлэрин тылларынан хаhыытаhан тохтоотулар. Бекетов сахалар, баҕар, соруйан чугуйбуттара буолуо, тыа саҕатыгар илдьэн, элбэх буолан эргийэн саба түhүөхтэрэ диэн сэрэхэдийдэ. Хараҥаҕа төhө да сэрииhит киhи хорсун санаата мөлтүүр.
Баатырдар, хаһаактар чугуйбуттарын билэн, үргэн ыhыллыбыт сүөhүлэри хомуйан суолга киллэрдилэр.
* * *
Петр Бекетов үүрэн иhэр сүөhүтүн былдьатан кэлэн баран, Мэҥэ баайын Босхоҥ Боруохалы баран боҕутуннарар санаалаах. Ааспыкка онно тахсан тэриллиилээх утарсыыны көрсөн, улахан ордууларыгар тиийбэккэ төннүбүттэрэ. Ол куhаҕан. Таатта үрэҕэр олорор сахалар, баҕар, ону истэннэр улахан утарсыыны оҥорбуттара буолуо. Саатар, хоннохторун анныгар баар чугас улууhу самнардахтарына сатанар. Бу дойдуга таах таалалыы кэлбэтэхтэрэ.
Үс хонукка сынньанан баран, эмиэ оҥостон-тэринэн бохуокка бардылар. Урут сылдьыбыт сирдэрэ буолан, суолун-ииhин билэллэр. Түүн утуйа сыттахтарына тиийэн саба түhэр былааннаахтар.
Босхоҥ Боруохал баатырдарын мунньан баран, туох да харабыла-тойо суох утуйа сыттахтарына, эмискэ ыт үрэрин кытта, дьиэлэрин сарт7 түннүгэ эhиллээт, сүрдээх улахан тыас дэлби барбытыгар соhуйан уhугуннулар. Сонно тута аан тэлэйэ бараат, хаһаактар улахан тэрэгэр сүгэлэрин туппутунан көтөн түспүттэригэр, уолуйан хаалбыт баатырдар утарсыыны оҥорботулар даҕаны.
Оhоххо от, туос быраҕыллан умайан сырдаабыт дьиэҕэ, хаһаактар баатырдар сааларын-сэптэрин суйдаан, үлтү көбүөлээн таhырдьа таhааран сиргэ умса сытыардылар. Оттон иккис кыра дьиэҕэ утуйбут баатырдар сүгүн бэриммэккэ охсуhуу буолла. Ол эрээри кинилэр да уhаабатылар. Тимир сааны тыаhатан, уолутан, сотору бэриннэрдилэр. Биир киhи орон анныгар киирэн саспытын атаҕыттан соhон таhаардылар. Хаhыы-ыhыы, күргүйдээhин, тыас-уус, оҕо ытааhына, дьахталлар сарылаhыылара, олоппос түҥнэри тэбиллиитэ эҥин, күөдэл-таhаа бөҕө буолла. Бэриммит эр дьону барыларын таhырдьа таhаартаан кэккэлэччи сиргэ сытыартаан баран кымньыынан таhыйдылар. «Аны утарыластаххытына өлөртүөхпүт» диэн Петрушканан этиттэрдилэр. Босхоҥ Боруохалы бэйэтин эмиэ таhыйдылар. Эбиитигэр «дьаhааҕы төлүөхпүт» диэн тылларын ыллылар.
Утарыласпыт дьоҥҥо кымньыы хайаан да наада. Сымнаан биэрдэхтэринэ, ким даҕаны дьаhаах төлүө суоҕа. Дөксө бастарын быhыахтара. Ханна баҕарар, хаhан баҕарар күүстээх уонна баламат буоллаххына ытыктыыллар, куттаналлар. Күүс өттүнэн күhэйии хайаан даҕаны баар буоллаҕына табыллыах курдук буолан иhэр.
* * *
Петр Бекетов Иван Колмогоров диэн десятник баhылыктаах биэс хаһаагы кытта промысловиктары өрүс үөhээ өттүгэр ыытта. Онно тиийэн бэлэм симиэбийэҕэ кыстаан олорон, тоҥустартан дьаhаах хомуйуохтара, бултуохтара.
Дьыл ыраатта. Бекетов мантан күhүн ханна да аралдьыйбакка, остуруок тутуутугар үлэлиир санаалаах. Дьонун барытын үлэҕэ туруорда. Тымныы түhэ илигинэ саҥа дьиэҕэ көстөхтөрүнэ табыллар. Остуруок тутуллара хайаан да наада. Сахалар, баҕар, түмсэн кэлэн саба түhүөхтэрэ.
Бу дойду элбэх балыктаах, бултаах дойду эбит. Аҕыйах киhи өрүскэ киирэн муҥхалаан, сибиэhэй балыгы сииллэр. Үксэ күстэх, алыhар, сордоҥ кэлэр.
Билигин күн аайы тутууга үлэлииллэр. Сахалар эмиэ кэлэн көмөлөhөллөр. Нууччаларга кэлэн үлэлиир дьон эт сиэн абыраннылар. Оттон дьиэлэригэр буоллаҕына, эти идэhэ өлөрдөхтөрүнэ эрэ сиэччилэр.
Нууччалар сытыары эркиннээх олорор дьиэ, ампаар туталлар. Сорохтор уhуктаах төбөлөөх, үрдүк, сонос баҕаналары сири хаhан хороччу туруораллар. Оннук уhуктаах баҕаналары дьиэ тула кэккэлэччи туруоран, киhи кыайан киирбэт хахханы оҥороллор. Ол иhин остуруок диэн ааттанар.
Сахалар икки туруорбах балаҕаны тута сылдьаллар. Сорохтор остуруок таhыгар улахан хотонноох балаҕаны, кыбыы, дал туталлар. Хаһаактар кыhын уон ынаҕы ыатар санаалаахтар. Онно олохтоохтору аҕалан үлэлэтиэхтэрэ. Билигин ол ынахтарын ыалга туруораллар.
Үлэ элбэх. Сүгэ тыаhа бачырҕас. Икки саха, тутуллан эрэр дьиэ үрдүгэр тахсан, үрүт мастары кэккэлэччи уурталаан ыпсарар. Икки нуучча дүлүҥ үрдүгэр сынньана олорор. Биирдэрэ үрдүк уҥуохтаах, кугас бытыктаах. Иккиhэ намыhах, кыра хара бытыктаах.
– Смотри, как мастерит, – диэн улахан уҥуохтааҕа саҥарар.
– Он же человек, – кырата көхсүн этитэн баран сиргэ силлиир.
– Он, конечно, человек. Но странный.
– Они тоже думают, наверно, что мы странные.
– Ихнюю душу Христос даже не ведает. Прости, господи. Ведь они не христиане.
– А вот Петрушка крещеный. Он тоже якут.
– Петрушка наш. А этот якут рубанет тебя топором по башке и не подумает, что согрешил.
Кыра муруннаах, кэтит мэлтэгэр эттээх сирэйдээх саха доҕоруттан ыйытар:
– Ити нууччалар тугу кэпсэтэллэрэ буолуой?
– Киммилэр, доҕоор. Бука, тойоттор көрбөттөрүгэр сынньана түhүөххэ дииллэрэ буолуо. Ити улахан уҥуохтааҕа сүрэҕэ суох киhи быhыылаах, сотору-сотору сынньанар. Кыратык сыҕарыт эрэ, – иккиhэ үлэлиирин тохтоппокко эрэ саҥарар.
* * *
Күhүн буолан сөрүүдүйэн, үлэлииргэ үчүгэй буолла. Сахаларга тутуу маhын тыаттан оҕустаах сыарҕанан сыылларан таhаллар. Сорох маhы мыраан үрдүттэн түhэрэллэр. Элбэх киhи күргүөмүнэн үлэлээн, балаҕан ыйын бүтүүтэ хас да дьиэни тутан бүтэрдилэр. Саҥа дьиэлэри уhуктаах мас кириэппэhинэн эргиттилэр. Аллара көhөн, үрдүттэн олорон үлэлииллэр.
Петр Бекетов маннык улахан событиены суруйтаран, государга биллэрэргэ сананна. Суруксут кэлэн, суруйаары кумааҕытын иннигэр ууран, хаас куорсунун төбөтүн чэрэниилэҕэ уган бэлэмнэммитин кэннэ, атамаан, төттөрү-таары хаамыталыы сылдьан, тугу суруйуохтааҕын этэр. Маҥнай, үгэс быhыытынан, государь чыынын-хаанын, аатын, сылы, күнү суруйтарда.
– Того же году сентября в двадцать пятый день по государеву цареву, – диэн баран Бекетов суруксут суруйан бүтэрэрин кэтэhэ түhэр. Онтон салгыы этэр: – Цареву и великого князя Михаила Федоровича всея Руси, указу поставил я, Петрушка, с казаками… Нет, не пиши с казаками. Пиши с служивыми людьми. Написал? Дальше так. С служивыми людьми на Лене реке острог. Острог для государева величества в дальней окраине и для государева ясачного сбору. Написал?
– Да, – суруксут суруйан бүтэрэн баран этэр.
– Так пиши. Ясачного сбору и для приезду якутских людей. А преж того на Лене реке и в якольской земле государева острогу не бывало нигде. Написал?
– Да.
– А поставил государева новый острожок я, Петрушка, против якуцкого князца Мымакова улуса и меж иными, – диэн баран суруксут суруйан бүтэрэрин кэтэhэн тохтуу түhэр. – Многими улусами среди всей якуцкой земли.
Суруксут суруйан бүтэрбитин кэннэ аахтаран истэр.
– Хорошо. Еще пиши – и отныне, вся Якуцкая земля считаю государевай землей Российской. И все. Дай подпишу, – Бекетов суруксут суруйбут суругар илии баттаан баран, кииhи кытаахтаабыт хотой ойуулаах бэчээтин ууран бигэргэттэ.
* * *
Саҥа остуруок тутуллубут малааhыныгар хоhо суох киэҥ истээх, ортотугар тулааhын баҕаналаах саамай улахан дьиэлэригэр мустан аhаатылар. Быраага көөнньөрөн истилэр.
Сахалар малааhыҥҥа атын кыра балаҕаҥҥа муhуннулар. Нуучча арыгытын истилэр, килиэбин сиэтилэр. Нууччалар хас да саха кыыһын, дьахтарын тутан аҕаланнар, ясырь диэн ааттаан олордоллор. Ол дьахталлар астарын астыыллар уонна түүҥҥү ойох буолаллар.
– Бу бурдук астара үчүгэй ас эбит, – хара бытыктаах улахан саха киhитэ тутан олорор килиэбин көрбөхтүүр.
– Биhиэхэ дьэ киhи астынар гына амсаттылар. Бэйэлэрэ күн аайы сииллэр үhү, – Хачарба диэн ааттаах кыра уҥуохтаах киhи килиэби айаҕар уган ыстыыр.
– Нууччалар бодорустахха судургу эбиттэр. Дьон дьон курдуктар, – үhүс киhи саҥата иhиллэр.
– Хата, кимнээҕэр үчүгэйдик аhаталлар. Мин Сымыhах баайга дьиэ туппутум. Онно үлэhиттэрин кур сыhык этинэн, хара иhинэн аhатара. Ону даҕаны тото-хана сиэппэт, – Хара Бытык миинтэн баhан сыпсырыйар.
– Нууччалар талаан аҕалбыт сылгыларын этинэн аhаталлар, – кытыыга олорор киhи саҥата иhиллэр.
– Туох да диэбит иhин, нууччалар – үчүгэй дьон, – үhүс киhи көмүскэhэр. – Ити акаары дьон нууччалары утарсаллар. Ох саалаах эрэ эрээри, тимир саалаах дьону кытта охсуhан өлөллөр. Хаhан кинилэри кыайаары. Нууччалар киис тириитин көрдүүллэр. Ону биэрэ-биэрэ олордуннар ээ, хам бааччы. Оччоҕо тыытыа суох этилэр.
– Доҕоттоор, бу олорон, мин биири санаан кэллим. Ону кэпсиибин дуо? – Хара Бытык дьонун эргиччи көрөр.
– Кэпсээ.
– Үнүр тыаҕа икки нууччаны кытта мас кэрдэ таҕыстым. Онно, арай, тииккэ моҕотой чыбыгыраан таҕыста. Биhиги түhэрээри, тула туран маhынан быраҕаттаатыбыт. Онно мин хамсаабакка туран, соруйан, сиргэ түhэн сүүрбүт моҕотойу куоттаран кэбистим.
– Тоҕо?
– Эмискэ санаатым – бу атын омуктар кэлэн, маспытын кэрдэн, кыылбытын-сүөлбүтүн өлөрөн эрдэхтэрэ диэн. Көр, моҕотойу кытары харыhыйдым ээ. Киhи оннук буолар эбит…
Бары саҥата суох санааҕа түстүлэр.
* * *
Промысловиктар ыраах тиийэн бултаары, биир кочанан аллара диэки устубуттара. Алдан өрүс төрдүгэр тиийэн, кыра үүтээн дьиэ туттан, кыстаан олорон бултуур санаалаахтар. Аҕыйах киhи чугас эргин сылдьан бултуур. Оттон хаһаактар тутууга үлэлииллэр. Остуруок тутуута билигин даҕаны ситэрэ ыраах. Сорох дьиэлэргэ орон да, оhох да оҥоhулла илик.
Хаар түспүтүн кэннэ, сахалар от-мас тиэйиитигэр үлэлээтилэр. Сорохтор дьиэбит үлэтэ хаалла диэн көҥүллэтэн бардылар. Остуруок иhигэр тутуллубут саха балаҕаныгар ясырь дьахталлар олороллор. Иккис саха балаҕана аманаакка ананан тутуллубута. Онно киис тириитин аҕалартан аккаастаммыт аҕа ууhун баhылыгын эбэтэр харыhыктаах киhилэрин аҕалан хаайан сытыарыахтаахтар. Дөксө «съезжая изба» диэн ааттанар, саха тойотторун көрсөр эҥин улахан балаҕан тутуллуохтаах.
Алтынньы – албын ый. Төhө да хаар түспүтүн иhин, ичигэс буолар. Күн кэм да уhун. Хаар чараас буолан, булка хаамарга үчүгэй. Бу кэмҥэ булт элбиир. Улааппыт, сиппит кыыл оҕото мэнээктээн, чараас хаарга суола-ииhэ дэлэйэр. Ону көрө-көрө кэлии киһи күндү түүлээх элбэх дойдута эбит дии саныыр. Баайы-дуолу сомсон ыларга ымсыы, оҕуруктаах санаата күүhүрэр. Саха баайдара элбэх түүлээхтээх эрээрилэр соруйан кистииллэр дэhэллэр.
Сэтинньи ый үүннэ. Хаар халыҥаан, күн кылгаан, халлаан тымныйан барда. Киис тириитэ эрдэ ситэр. Тоҕо эрэ биир да киис тириитин аҕала иликтэр. Ол эрээри билигин эрдэ. Булчуттар тыаттан киирэ иликтэрэ буолуо. Ахсынньы ый үүннэҕинэ аҕалыахтара.
Ый ортотун диэки Өйүк баай ыыппыт киhитэ биэс уон кииhи аҕалан туттарда. Онтон сотору Мымах баай кэлэн, түөрт уон киис тириитин биэрдэ. Бекетов кинини үчүгэйдик көрүстэ. Ол эрээри «элбэх дьонноох эрээригин кыраны аҕалбыккын» диэтэ.
Ахсынньы саҥатыгар Лөгөй тойон түөрт уон кииhи аҕалла. Билигин кииhи күргүөмүнэн аҕалыахтаах этилэр да, мэлигир. Олох мэлитээри гыннылар дуу диэбиттэрин кэннэ, били дьаhаах төлүөх буолан андаҕайбыт Мэҥэттэн Босхоҥ Боруохал отут кииhи аҕалла. Улахан аҕа ууhун аатыттан диэтэххэ аҕыйах.
Ахсынньы бүтүүтэ онтон-мантан кэлитэлээтилэр да, сүүрбэччэлии, бэл, уоннуу эрэ киис тириитин аҕалан туттардылар. Холобур, Нөөрүктээйи тойоно Чыппа Кэрэмэй уон икки эрэ киис тириитин ыыппыт. Ноҕой боотуртан сүүрбэ киис тириитэ кэллэ. Арай Хатылы баайа Аан Үөчэй алта уон киис тириитин ыыппыт.
Тохсунньу ый ортотугар диэри кэтэстилэр да, икки эрэ киhи кэлэн барда. Халыҥ хаҥаластар мэлиттилэр. Кинилэртэн Өйүк эрэ ыыппыта. Дыгын уолаттара биллибэтилэр.
Петр Бекетов десятниктары, пятидесятниктары, сааhырбыт хаһаактары кытары сүбэлэhэргэ быhаарынна. Маннык быhыы салҕанан бардаҕына, хайдах да табыллыа суох. Саха балаҕаныгар киирэн, остуол тула олордулар.
– Казаки, вы видели, иноземцы дурны и не послушны, – диэн Бекетов этиитин саҕалаата. – Слишком мало ясака привезли. От иных совсем нет. Что будем делать? Как привести их под великую государева руку?
Хаһаактар бэйэ-бэйэлэрин көрсөн саҥата суох олордулар. Ким саҕалыырын кэтэhэллэр быhыылаах. Онтон Тимофей диэн сааhырбыт хаһаак:
– Аны сайын соҕурууттан дьон эбии кэлэллэрин кэтэhиэххэ, – диэн эттэ.
Бекетов сөбүлэспэтэх курдук баhын хамсатан баран, этэр:
– Не горазд ты, Тимофей Петрович, говорит. У меня сумненья есть, что придет много людей. Якутскую орду можно малыми силами покорить.
– Истинно так, – Василий диэн хаһаак өндөх гынар. – Их только жестокими приступами можно смирять. Детей и жен полон взять, дома их жечь. Чтобы иноземцы слышали государеву грозу и боялись, и государев ясак привозили. Только так. Других слов они не понимают.
– Надо идти со всеми своими людьми в улус и громить, – эдэр Осип Галкин сутуругунан остуолу охсор. Кини – Иван Галкин быраата.
– Да, смирять можно только войною. Но небольшим разореньем, чтобы ясачной казне ущерба не было, – диэн Бекетов кэпсэтиини түмүктүүр.
Биир улууhу баран урусхаллаатахпытына, атыттар истэннэр утарылаhыахтара суоҕа, дөксө дьаhаах аҕалыахтара диэн түмүккэ кэллилэр. Онтон хайа улууска барары быhаардылар. Оччо ырааҕа эбэтэр олус чугаhа суох сир буолуохтаах диэтилэр. Биир хаһаак Дүпсүҥҥэ барарга этии киллэрдэ. Иван Галкиҥҥа дүпсүннэр улахан утарсыыны оҥорбуттара. Быйыл буоллаҕына дьаhааҕы аҕалбатылар. Сэрэппэккэ эрэ урусхаллыыр сатамньыта суох буолуо, маҥнай алта-сэттэ хаһаагы ыытан кэпсэтиннэрэн көрөргө диэн этии киирбитигэр сөбүлэстилэр.
* * *
Олунньу ыйга били ааспыт сайын өрүс үөhээ өттүгэр кыстыы барбыт дьон табыллыбакка эргиллэн кэллилэр. Тоҥустартан дьаhаах хомуйан, бултаан кыстыахпыт дии санаан барбыттара. Кыстаан олордохторуна, тоҥустар кэлэн саба түспүттэр. Онно нэhиилэ көмүскэнэн, аманаакка тутуллубут икки киhини босхолоон ыыппыттар. Ол эрэ кэнниттэн сэриилээбит тоҥустар барбыттар. Ытыалаhыыга баhылыктара Иван Колмогоров оххо табыллан өлбүт. Үксүлэрэ бааhырбыт. Онон төннүүhүбүт диэбиттэр. Эйэлээх тоҥустар баар буоланнар, сахалар олорор сирдэригэр диэри табанан түhэрбиттэр.
Сахаларга кэлэн биэс аты атыыласпыттар. Манна биир аты сэттэ киис тириитигэр ылаллара. Онно буоллаҕына уоннуу киискэ атыыласпыттар. Нэhиилэ тыыннаах эргиллэн кэлбиттэригэр үөрүү.
Кулун тутар ыйга улахан тымныы уларыйан, күнүс күн уоттанан, салгын арыый сылыйар. Күн уhаата, онон бохуокка барарга сөп буолла. Сырыыга-айаҥҥа, араллааҥҥа үөрэммит, дьиэлэригэр сытан тэhийбэтэх хаһаактар Дүпсүҥҥэ барар буолбуттарыгар үөрүүнэн хомуннулар. Маҥнай сэттэ киhилээх бөлөх айаҥҥа турда. Биир тылбаасчыты илдьэ бардылар. Сарсыҥҥытыгар Бекетов сүрүн күүhэ хоҥунна.
Маҥнайгы бөлөх дүпсүннэр ордууларыгар чугаhаабытын кэннэ, айан суолун кытыытыгар олорор ыал таhыттан киhи тахсан, ыҥыырдаах ат үрдүгэр түhэн, тиэтэлинэн сүүрдүбүтүн көрдүлэр. Ол аата утарылаhар сибикилэрэ билиннэ. Көннөрү иhэллэр диэн этэ барда дуу?
Маҥнайгы бөлөх тиийбитигэр ордууга олох чугаhаппакка, кэпсэппэккэ даҕаны, оҕунан ытыалаан төттөрү кыйдаатылар. Онон табыллыбакка, ыалга төннөн, сүрүн күүстэрэ кэлэрин кэтэстилэр.
Бекетов этэрээтэ кэлэн, ыалга хонон, сынньанан баран, ордууга тиийэргэ быhаардылар. Дьиэҕэ баппакка сорохтор алаас уҥуор көстөр ыалга тиийэн хоннулар.
Дьиэлээхтэр этэллэринэн, ордууга элбэх киhи мустубут үhү. Атын сиртэн баатырдары эмиэ аҕалбыттар. Тула балбааҕынан эҥин бөҕөргөтүү оҥостуммуттар. Онон утарылаhарга санаммыт дьону сарсын тиийэн сэриилииргэ диэн быhаардылар.
Сарсыныгар туран, аhаан-сиэн баран, туох эрэ булка барар курдук оҥостон, ордууга бардылар. Тиийэн, тыа саҕатыгар тохтоон, аттарын тииккэ баайталаатылар.
Дүпсүннэр ордуулара диэн балаҕан, ол таhыгар эмиэ улахан хотонноох балаҕан, хоспох, сарай баар. Онон бүтэр. Ордууну тула балбааҕынан, мууhунан, чигди хаарынан, мас ураhаны көтүрэн эҥин буом-хахха оҥорбуттар.
Айан суолунан элбэх аттаах дьон кэлэн тохтообуттарын көрөн, олохтоохтор, көмүскэнэргэ бэлэмнэнэн, дьиэттэн сүүрэн тахсаллара көстөр. Саба түһээччилэр тэрэгэр сүгэлэрэ килбэҥниирин, тимир саалара хороҥнуурун көрөр буолуохтаахтар. Хаһаактар бойобуой сүгэлэрэ биилээх тэрэгэрин уhуна биир хаамыы. Тимирэ чараас буолан чэпчэки. Уhун мас уктаах. Кылгас батастаах дьону сууhарарга олус табыгастаах.
Нууччалар куйаҕынан хаххаланан, оҕунан ытыалыылларыгар кыhаммакка чугаhаан, тарҕана тэнийэн, буомҥа ыкса кэлэннэр, уhун уктаах сүгэлэрин, кылыстарын кылбаҥнаппытынан бардылар. Баатырдар батыйаларынан охсуhан көрдүлэр да, баhыйтараллара билиннэ. Онно-манна охтуталаатылар. Хаһаактар хары хапсыhыытыгар кыайа-хото туттулар. Хаhыылара да салытыннарда. Улахан сэриигэ охсуhа үөрэммэтэх баатырдар, хас да киhилэрэ охтубутун көрөн, дьиэҕэ куоттулар. Киирээт, ааннарын иhиттэн олуйан кэбистилэр.
Нууччалартан биир да киhи охтубата. Аҕыйах киhи бааhырбыт. Кинилэри ырбаахы курдук кэтиллэр иилэҕэс тимир куйахтара, щиттэрэ абырыыр. Буом иhигэр киирэн, икки дьиэни төгүрүйдүлэр.
Маҥнайгы дьиэ аанын тоҥсуйан көрдүлэр. Аспаттар. Онтон аан халҕанын сүгэнэн охсуолаан лүҥсүйэллэрин кытта, дьиэ иhигэр оҕо ытыыра, дьахтар сарылыыра иhилиннэ. Тирии бүрүөhүннээх хаптаhын халҕаны өр гымматылар, сотору тоҕута-хайыта охсуолаан аҥаттылар.
Аhаҕас аанынан тимир саа уоhа быгаат, сүрдээх улахан тыас дэлби барбытыгар, сахалар бары уолуйан хааллылар. Сонно тута куйахтаах хаһаактар буорах буруотун быыhынан, дьиэҕэ көтөн түhэн, батыйа туппут баатырдары сүгэ хаптаҕайынан самнарыта биэртэлээн охтордулар.
Биир эмээхсин өмүрэн, ытыhын таhыйа-таhыйа бабыгыраабытын, тиэрэ анньан кэбистилэр. Сорох эдэр баатырдар сүрдээх улахан тыас дэлби баран, дьиэ иhигэр буруо бурҕас гыммытыгар, илиилэрэ-атахтара кыайан хамсаабат буолуор диэри уолуйдулар. Эр дьону барыларын дьиэ ортотугар умса сытыартаатылар. Туох да үлүгэрдээх ый-хай буолла.
Аны иккис хотонноох балаҕаны ылаллара хаалла. Дьиэ, хотон ааннарын эмиэ иhиттэн олунан кэбиспиттэр. Хаһаактар эргийэн, тула турдулар.
Ааны тоҥсуйдулар. Петр Бекетов маҥнайгы дьиэни, сааны тыаhатан, дөбөҥнүк ылбыттарын кэннэ, иккис дьиэ дьоно түргэнник бэриниэхтэрэ дии санаабыта. Эмиэ сүгүн бэриммэт, утарылаhар дьон буоллулар.
– Ломайте! – Бекетов абара санаата.
Халҕаны тоҕута-хайыта сыспыттарыгар, иhирдьэ эмиэ аймалҕан буолла. Сотору киирэр аан аҥас гынна. Кытыы хаптаhын хайдан, тостон баран ситэ арахсыбакка иҥнэн турарын ылан туора быраҕаары илиитин ууммут хаһаак, хардьыгынаабытынан охтон түhэн иhэн, тиэрэ эргилиннэ. Уолугун үүтүнэн ох батары сааллан курдаттыы тахсыбыт. Хоройо сылдьар.
– Тащите сена! – диэн Бекетов дьаhал биэрэр.
Кыбыыттан оту көтөҕөн аҕала-аҕала аанынан иhирдьэ симтилэр. Иhирдьэттэн оту төттөрү быраҕа сатыыллар. Көмүскэнээччилэр дьиэ иhиттэн муус түннүктэри тиэрэ анньан аҥас гыннаран, оту аhаҕаhынан таhырдьа быраҕаттаатылар. Ону хаһаактар төттөрү симэллэр. Иhирдьэ оҕо ытыыра, дьон айманар саҥата сүрдэннэ. Сорох хаһаактар кыбыыттан от эбии көтөҕөн аҕалаллар. Ону биир хаһаак атырдьаҕынан анньан ылан, аhаҕас аанынан иhирдьэ быраҕаттыыр, симэр.
– Огня! Через дверь пусть убегают. Не трогайте, – Бекетов ким куотар куоттун дии саныыр.
Иккис дьиэттэн чабычаҕы хайыта тыытан, уматан баран аҕалан иhирдьэ быраҕаллар. Сонно тута дьиэ иhигэр уот умайан сандаарыс гынар. Иhирдьэ тилигирэhии, сары-ору бөҕө буолла. Ким эрэ түннүгүнэн тахсаары төбөтө быган иhэн, сууллан иhирдьэ тимис гынна. Дьон уоттан тэскилээн, дьиэттэн хотоҥҥо киирэр кыараҕас ааҥҥа бөлүөхсэн симилиннилэр, тэпсистилэр да быhыылаах. Дьиэ аhаҕас аанынан таҥаhа умайбыт киhи ойон тахсан хаарга үҥкүрүйдэ. Биир хаһаак бэргэhэтин устан уот төлөнүн умуруораары сабыта охсуолаата.
Иhирдьэ дьон кыланара, буруоҕа тумнастан тыын былдьаһан хардьыгыныыллара иhиллэр. Ити икки ардыгар уот төлөнө аанынан, түннүктэринэн кытары кыыhан таҕыста. Хотоҥҥо уот, буруо киирэн сүөhүлэр оруластылар. Онтон дьон саҥата ньим барда. Хотон аанынан аҕыйах киhи куотан, тоҕо эрэ бары тыа диэки сүүрдүлэр. Биир киhи буруону эҕирийэн, хотон аанынан тахсан иhэн оҕунна. Ону таhырдьа соhон таhаардылар.
Уот сэтэрэн, өрө күүдэпчилэнэн, хара буруону кытта, үрүҥ паар үөhэ хоройон таҕыста. Барыта бүттэ…
Бары хомунан, аттарын диэки хааман суол устун субурустулар. Өлбүт хаһаагы сахалар ыҥыырдаах аттарыгар туора ууран, баайан илтилэр. Остуруок таhыгар илдьэн христианскай абыычайынан көмүөхтэрэ.
Сахалары уодьуганнаан, сыалларын ситиспит курдуктар да, кыайыы-хотуу, өрөгөй үөрүүтэ суох. Кулгаахтарыгар оҕолор ытаhыылара, дьахталлар сарылааhыннара, өлөн эрээчччилэр хоhооно суох улуйар саҥалара иhиллэргэ дылы. Киhи кэлэйиэн курдук дьаабыта буолла. Маҥнайгы дьиэҕэ баар бэриммит сахалары тыыннаах хаалларбыттара кэлин кэмсиммит санааларын уҕарыппат. Аттарыгар тиийэн, сирэй-сирэйдэрин көрсүбэккэ, миинэн, салайан суолга киллэрдилэр.
Суол устун субуhа айаннаан, биир ыалга тиийэн хоноору тохтоотулар. Сорохтор ааhа бардылар. Ыал дьиэтэ кыараҕас. Элбэх аты аhатан хоннорор отторо да кэмчи.
Киэhэ аhыы олорон сааhырбыт хаһаак Тимофей Бекетовы сэмэлиирдии саҥарар:
– Душу свою осквернили, Петр. Дом сожгли с людьми. Там же были женщины и дети…
– А что поделаешь. Так получилось. Якуты сами виноваты. Ерофея убили, – Бекетов аргыый саҥарар.
– Они тоже люди. Когда им плохо – плачут, когда весело – смеются. В священной книге сказано, все люди – братья.
– До бога высоко, до царя далеко, – диэн биир хаһаак эппитигэр, ким даҕаны көх-нэм буолбата.
– Мне также их жаль, – Бекетов ким-хайа иннинэ кини эппиэттиэхтээҕин билэр. – Я убил сто иноземцев, чтобы сохранить жизнь тысячам. Чтобы служивых людей не побивали и ясак платили. Только жестокими приступами их можно смирять.
– Так оно конечно так, – Тимофей эмиэ да сөбүлэhэр. – Но как-то другими методами. Не так жестоко.
– А как? Научи.
– Не знаю. Но я привык воевать с воином, а не с бабами и детьми.
– Они прятались у своих баб и убили казака.
– Убили, потому что мы начали ломать дверь.
– Ладно. Не будем об этом говорить. Царский наказ велит непослушных смирять войною. Покорение иноземцев никогда не бывает без жертвы.
– Как бы их от государева руку прочь не отгонять.
– Они никуда не уйдут. Говорят, кругом тайга, горы. Вот увидишь, вскоре с ясаком придут в острог.
Хаһаактар дүпсүннэри урусхаллаабыттарын, кыс хаар ортото дьиэлэрин уоттаабыттарын, онно оҕолор, дьахталлар умайан өлбүттэрин туhунан ынырык сурах сир-сир аайы долгун курдук тарҕанна.
Сотору урут дьаһаах төлөөбөтөх аҕа уустарын баhылыктара остуруокка кэлитэлээтилэр. Бэл, урусхалламмыт аймахтан Дүпсүнтэн тойонноро Өспөх кэлэн дьаhаах төлөөн, бас бэринэрин биллэрдэ. Дыгын уолаттара Өлкөрөй, Чаллаайы киис кэhиилээх кэллилэр. Бахсыттан Түhүлгэ, Нөөрүктээйиттэн Чыппа Кэрэмэй, ыраах Иэгэдэй ууhуттан Модьукаан уола Тиhикээн кэлэн бардылар.
Онон Бекетов эппитин курдук буолла, оҕуруотааҕар кымньыы ордук эбит дэһэллэр хаһаактар.
* * *
Муус устар – ичигэс ый. Аламай күн үөhэ тэгилийэн тахсан, күөх урсунтан чаҕылыйа тыгар. Күнтэн күн үүннэҕин аайы салгын сылыйан, хаар суоллан, чарааhаан, ый бүтүүтэ сир хараарар. Онно-манна сыккыс уута сүүрэн дьирибиниир, холдьугуруур. Саҥа кэлбит тылбыйар кынаттаах элбиир.
Саас барахсан кэлэрин ордук дьадаҥы ыал кэтэhэр. Ас быстан, тиит субатын кыhыйан үссэммит дьоҥҥо ынах төрүүрэ – үлүскэн үөрүү. Тордуохтаах иккис ынахтара төрөөн үөртэ. Үhүс ынахтара Маҥаачай синньии илик. Күөххэ үктэнэн баран төрүүрэ буолуо. Онон мантан инньэ үрүҥ ас баар.
Саттаар куртуйахха туhахтаан хаhы да ылла. Өрөөбө былдьырыыкка, бараахха, куска тиргэлиир. Тордуох туутун угаары ырбыы тахсарын кэтэhэр.
Ханна эрэ сэрии, өлөрсүү, сор-муҥ буоларын алааска бүгэн олорор киhи билбэт, үhү-таамах курдук сураҕын эрэ истэр. Саттаар күhүн аҕатыныын Мымах баайга бүтэй туппуттара. Ол төлөбүрүгэр диэн, сап-саhархай буолуор диэри ыыhаммыт чараас сарыыны биэрбитэ. Онон мааныга кэтэр сайыҥҥы сону тиктэрбитэ. Урукку сонугар холоотоххо, сымнаҕаhа, чарааhа, үчүгэйэ сүрдээх. Үчүгэйдик ыыhаммыт сарыы сытыйан баран тартаччы хаппат. Ардахха сытыйдаҕына, кыратык сараҕытан баран, имитэн кэбистиҥ да бэйэтэ бэйэтинэн буола түhэр.
Күhүн хаар түспүтүн кэннэ, Саттаар, үүтээҥҥэ олорон бултаан, үс кииhи, уонча тииҥи өлөрбүтэ. Икки киис тириитин Мымах баай ылбыта. Онтуката туох да төлөбүрэ суох нууччаларга түhээн быhыытынан барар түүлээх үhү. Ол оннугар Мымах саас быстарыыга тыhаҕас төбөтүн биэрбитэ.
Саттаар бүгүн эмиэ куртуйахха ииппит туhаҕар барда. Сорох туhаҕын атын сиргэ көhөрөн иитэр санаалаах. Урут чугас алаас тумулугар ииппитэ да, онтон көhөрүүhү. Ити тумулга куртуйах түспэт эбит. Куруук мэлитэр.
Туора-маары ааннаан ииппит тоҥууларыгар кэлэн, туhах баайыллыбыт синньигэс туорай мастары ылаттаан, холбуу тутан сүгэн, алаас арҕаа өттүнээҕи иҥнэри ырааhыйаҕа аҕалла. Бэҕэhээ куртуйахтар бу ырааhыйаттан көппүттэрэ.
Синньигэс үөл титириктэри бысталаан, төбөлөрүн уhуктаан бэлэмнээтэ. Кыратык бааhырдан баран бүк баттаан, арахсыбат гына тоhутан, уhуктарын сиргэ батарыта анньан, ааннаан, тоҥуу оҥордо. Аанын үрдүнэн туhахтаах туорай маhы уурда. Халбыйа сылдьар кыл туhаҕын, бүк тутуллубут икки отунан туттаран, төгүрүтэ тэниттэ. Тутар оттору аан туорай мастарыгар кыбытан иҥиннэрэр. Тоҥуу быыстарын талаҕынан эҥин бүөлээтэ. Туора-маары ааннаах биэс тоҥууну оҥордо. Сүүрбэччэ туhахтаах да, барытын биир сиргэ ииппэт. Элбэх сиргэ тэнитэн ииппит ордук. Кэм эрэмньилээх буолар.
Онно-манна иитэлээбит туhахтарын кэрийэн, бүгүн биир хара куртуйаҕы ылла. Байанай биэрбитин мыыммат баҕайыта. Сарсын, баҕар, өлгөмнүк бултуйуо. Туhах иитиллибит сиригэр куртуйах сүүлэ түбэстэҕинэ, аахтара кэриэтэ ылааччы.
Тиhэх туhахтарын көрөн баран, суолга киирэн дьиэтин диэки хаамар. Бөлөх-бөлөх чөмөхтөhө үүммүт уhун уктаах ньургуhуннар биллэр-биллибэт сиккиэргэ эйэҥнэhэ хамсыыллар. Сааскы ньургуhун хойуутук үүммүт буоллаҕына, өҥ сайын кэлэр диэччилэр.
Тыа саҕатынан баран иhэн, утары Нуҥнуур кыыс иhэрин көрөн сүрэҕэ мөҕүл гынна. Сирэйэ итийбитин биллэ. Кыыс соҕотох. Чугаhаан кэллэ. Ыыhаммыт араҕас сарыы сутуруолаах, хара саары этэрбэстээх, уhун таҥалайдаах8.
– Хайа, куртуйах өлөрбүккүн дуу? Хара куртуйах, – оҕолуу чэбдик сирэйдээх кыыс ордук тупсубут, төлөhүйбүт. Бэйэтин кэрэ сэбэрэтинэн уолаттары симитиннэрэрин билэр кыыс чобуотук туттар.
– Мэ, эйиэхэ биэрэбин, – туох диэҕин билбэккэ симиттибит уол өйүгэр күөрэйбит санаатын этэр.
– Кырдьык, миэхэ биэрэҕин дуо? – кыыс ылыах курдук илиитин уунар.
– Кырдьык.
– Суох, ылбаппын. Дьиэҕэр кураанах тиийиэҥ дуо. Дьонуҥ кэтэhэн олороллоро буолуо. Хата, миэхэ ньургуhунна бэлэхтээ, – кыыс мичийэ ымайар.
– Кырдьык, дуо? – Саттаар дьээбэрэн этэр дуу дии санаата.
– Кырдьык этэбин.
– Мин эйиэхэ үчүгэйин талан биэриэм.
– Суох, талыма. Ньургуhун барыта үчүгэй.
Уол суол кытыытыгар үүммүт бөлөх ньургуhуну туура тардан ылан кыыска туттарар.
– Оҕолор мустан оонньоотохторуна кэлээр. Кэтэhиэм.
Кыыс ньургуhуну сытырҕалаан көрөр.
– Хаhан мустаҕыт?
– Сотору тэрийиэхпит. Мин Мындай уолга этиэм. Иhиттэххинэ кэлээр. Сөп дуо?
– Сөп. Кэлиэм.
Саттаар саҥа тиктэрбит сарыы сонун санаан аhарда. Дьиэтин диэки хааман иhэн эргиллэн көрбүтэ – кыыс, тыа тумсун эргийэн иhэн, эмиэ кини диэки хайыста. Уол туох эрэ үөрүү долгунугар көтөҕүллэн, чэпчээбит курдук буолбут. Күн чаҕылыгар сырдаабыт күөх халлаан, киэҥ алаас, намылыйбыт хатыҥнар, эйэҥнэhэр ньургуhуннар эмиэ үөрсүбүт курдуктар. «Үчүгэй даҕаны!» диэн саҥа аллайыан баҕарда.
* * *
Улуу өрүс көмүөл мууhун үлтү күөрэлээн, хоту диэки тохтоло суох уhуннаран, аhаран, халаан уута намыhах сири ылан кэҥээн нэлэhийбит. Билигин даҕаны ыраах үөскэ быстах муустар усталлара көстөр. Сибиэhэй балыгы сиэбэтэхтэрэ өр буолбут дьон уу түhэрин кэтэhэллэр.
Петр Бекетов оронугар тиэрэ түhэн сыттаҕына, Лөгөй тойон кэллэ диэн эттилэр. Тоҕо кэллэҕэй? Саха тойотторуттан кини эрэ нууччаларга доҕор-атас буолбута. Атыттар чугаhаабаттар. Атыҥырыыллара биллэр. Атамаан тылбаасчытын Петрушканы ыҥыртарда. Эстэрээппэ дьахтарга «аста бэлэмнээ» диэн соруйда.
Сотору Лөгөй киирэн сүгүрүйэр. Соҕотох. Туох да кэhиитэ суох кэлбитин Бекетов дьиибэргии санаата. Туох эрэ буолбут буоллаҕа дуу?
Маҥнай көннөрү олох-дьаhах, хайдах олороллорун эҥин туhунан кэпсэттилэр. Сахалар сүрүн соруктарын тута этээччилэрэ суох.
Лөгөй аhыы олорон санаатын этиэн иннинэ, тус бэйэҕэр этэбин диэн, асчыт саха дьахтарын таhаартарда. Тылбаасчыттыын үhүө буолан хааллылар.
– Тойон, бу дойдуттан барыаххын наада, түргэнник, – диэн Лөгөй этиэх буолбутун дьэ эттэ.
– Тоҕо диир тойон, – Петрушка Бекетов тылын сахалыы тылбаастыыр.
– Эйигин өлөрөөрү соруналлар. Ол туhунан сир-буор аннынан чып кистэлэҥинэн кэпсэтии баар диэн сураҕы иhиттим. Ону этээри кэллим, – Лөгөй, ким эрэ истиэ диэбиттии, иҥнэх гынан аргыый саҥарар.
– Ким тэрийэрий? Өспөх дуо? – Петрушка эмиэ тойонун тылын тылбаастыыр.
– Ким тэрийэрэ биллибэт. Хааннаах дапсыыр9 буолуо диэн куттанабын. Биһиги, сахалар, хаан тоҕуннаҕына, ону иэстэһэр үгэстээхпит. Былыр-былыргыттан оннук этэ. Онон эрдэ-сылла дойдулаа, бар. Ол ордук буолуо.
Бекетов, тылбаастатан баран, тугу эрэ нууччалыы саҥарталаата.
– Туох диирий? – диэн Лөгөй Петрушкаттан ыйытар.
– Тойон мин кинилэртэн куттаммаппын диир. Государь илиитэ уһун, биир хаһаагы өлөрдөхтөрүнэ, сүүс туора урдуһу өлөрүөхпүт диир. Инньэ диэн дьоҥҥор этиэҥ үһү. Биhиги куттаҕас дьон буолбатахпыт диир, – Петрушка тылбаастыы үөрэнэн иҥнибэккэ саҥарар.
– Этэрин этиэм да, киһи тылын истибэт дьон. Туох да айдаана суох баран хаалбыта ордук буолуо этэ. Бэйэтин оннугар атын киһини хааллардын. Сүбэлээн этэбин.
– Ханна да барбаппын диир, – Петрушка Бекетов этэрин истэн баран сахалыы тылбаастыыр. – Кинилэрдээҕэр ынырык өстөөҕү көрбүт киһибин диир.
– Мин сэрэттим. Эн иһиттиҥ. Куһаҕан түүлү түhээбитим. Туох эрэ буолара буолуо.
Лөгөй эппитин тылбаастатан истэн баран, Бекетов этэр:
– Твой дурной сон мне не помеха. Нам поможет бог. Все равно победим…
Лөгөй барбытын кэннэ, Бекетов түүҥҥү харабылы күүһүрдэргэ дьаһайда. Күнүс остуруок таһыгар көрсөн кэпсэтэллэр. Бекетов дьонугар Лөгөй сэрэппитин туһунан быһыта-орута эттэ.
* * *
Өрүс мууhа ыраастаммытын кэннэ, Бекетов хаһаактар уонна промысловиктар бөлөхтөрүн хоту ыытта. Кинилэр ол диэки олорор сахалартан, тоҥустартан дьаһаах хомуйуохтаахтар.
Сүүрүгү таҥнары устар буоланнар түргэнник айаннаатылар. Тыал кэннилэриттэн буоллаҕына, мачта туора маһыгар эриллибит баарыстарын түһэрэн тиирэ тардаллар. Түүннэри-күнүстэри тохтоло суох устар буоланнар, сотору Алдан төрдүн аастылар.
Бүлүү өрүс төрдүгэр тиийэн, балыктыы сылдьар нууччалары көрөн соһуйдулар. Анарааҥҥылар да соһуйдулар быһыылаах. Кытылга сыстан кэпсэтии буолла.
Ааспыт сайын Степан Корытов атамааннаах Мангазея хаһаактарын этэрээтэ Бүлүү төрдүгэр кэлэн кыстаабыта. Кинилэр Енисей хаһаактарын сөбүлээбэтэх харахтарынан көрдүлэр. Хара ааныттан хаҕыс кэпсэтии буолла. Мангазея хаһаактара: «Эһиги манна тоҕо кэллигит, барыҥ. Бу биһиги дьаһаах хомуйар сирбит», – дэһэллэр.
Бекетов дьоно онно сөбүлэммэттэр: «Лена сүнньэ барыта биһиэнэ, эһиги Бүлүү сүнньүн ылыҥ», – дииллэр. Анарааҥҥылар буоллаҕына аһара баран, Алдан эмиэ биһиги сирбит диэн турдулар. Кинилэр урут арыйбыттар үһү. Степан Корытов иирсээни күөдьүппэт санааттан: «Биһиэхэ холбоһуҥ, кыттыһан дьаһаах хомуйуоҕуҥ», – диэбитин Бекетов дьоно сөбүлэспэтилэр.
Мөккүһэн баран көбүөлэһии, анньыалаһыы буолбутугар, Мангазея хаһаактара элбэх буолан тулуппатылар. Саба түһэн охтортоон, кэлгийэн кэбистилэр. Судноларын былдьаан, сааларын-сэптэрин ылаттаан баран, төнүннэрэн, Алдан төрдүгэр аҕаллылар. «Олох утарылаһымаҥ, кураанах арыыга хаалларан, хоргутан өлөрүөхпүт!» – диэн суоһурҕаналлар дииллэр. Сүрүн куоһурдара – Ленаны биһи арыйбыппыт, эһиги кэлин кэлбиккит диэн.
Енисей хаһаактара хайыахтарай, Алдан төрдүттэн остуруокка төннөр буоллулар. Мангазея хаһаактара: «Алдан өрүс уонна Лена аллараа өттө – олоччу биһи сирбит, онно кэлэ да сорунумаҥ», – диэн сэрэттилэр.
Ити быһылааны истэн баран, Бекетов бэрт түргэнник соҕуруу барарга быһаарынна. Енисейск воеводата хайдах эмэ гынан Мангазея хаһаактара үүнэ-тэhиинэ суох барбыттарын тохтоттоҕуна табыллара буолбут. Уонна Лөгөй тойон сэрэппитэ өйүттэн-санаатыттан арахпат. Төhө да эдэр сааhыттан быhылааннаах сырыыга сылдьыбыт хорсун киhитин иhин, бу дойдуттан дьаадьыйдаҕына эрэ нус-хас утуйууhу. Кини сахаларга улахан аньыыны-хараны оҥорбутун билэр. Хаһаак сэптээх-сэбиргэллээх өстөөҕү кыргыhыы хонуутугар самнарара – чиэс-хайҕал. Оттон оҕону, дьахтары өлөрөр – саат-суут. Төhө даҕаны улахан сорук, сыал иннигэр буолтун иhин, саныырга ыарахан…
Енисейскэйгэ баран сыл устата хомуйуллубут дьаhааҕы туттарыаҕа, быhыыны-майгыны кэпсиэҕэ. Быйыл атыыhыттар аҕыйах бурдугу аҕалбыттар. Эбии бурдук ыыталларыгар кэпсэтэн көрүөҕэ.
Бекетов бэйэтин оннугар Парфен Ходырев диэн киhини хаалларан баран, төннөр кочаҕа олорсон өрүhү өксөйдө. Парфен – бояр төрүттээх бас-көс киhи. Онон кини атамаан буолара сөп.
Сахалар кэлбэт-барбат буолан, ньим барбыттара хайдах эрэ сэрэхтээх. Мангазея хаһаактара буоллаҕына, бэйэ дьоно эрээри, ардай аhыыларын көрдөрдүлэр. Хаалларбыт дьоно хайдах олороохтууллара буолла?
* * *
Атырдьах ыйын бүтүүтүгэр Саттаар Өрөөбөлүүн отторун кэбиhэн бүтэрдилэр. Быйыл от үүнүүтэ үчүгэй. Саха ыалын олоҕо дьыл хайдаҕыттан улахан тутулуктаах. Өҥ сайыҥҥа дьон үөрэ-көтө үлүмнэhэн үлэлиир. Эhиил хайдах дьыл буолара биллибэт. Саттаар эмиэ отун үлэтигэр күүскэ үлэлээн, аҕыйах хонукка аҕатын көмөлөhүннэрэн, от бөҕөнү оттоото. Быйыл кур оттоох буолсулар. Онон эhиил кураан да буоллаҕына, улаханнык оҕустарыахтара суоҕа.
Кини быйыл санаата көнө сылдьар. Нуҥнууру кытта улам чугасаhан, от үлэтэ бүттэҕинэ көрсүhүөх буолбуттара. Кыыс бэйэтэ этэн соhуппута. От үлэтэ бүппүтүн кэннэ Өрөөбөнү ыытаар диэбитэ.
Дьиэтигэр икки күн сынньанан баран, инитин кыыска ыытта. Саас көрсүбүт сирдэригэр сарсын киэhэлик кэллин диэн илдьиттээтэ. Өрөөбөҕө ким да суоҕар кыыска кистээн этээр диэн өйдөттө.
Хонон турда. Киэhэ хойукка диэри утуйбатаҕа. Оо дьэ, бүгүн барар күнэ. Кыыhы кытта көрсө барарыттан хайдах эрэ саллар. Урут оонньууга кыбыстыбакка эрэ хорсуннук барара. Оттон билигин анаан-минээн көрсө барар. Ол атын. Туох диэн кэпсэтэрэ буолла?
Саҥа сонун кэтэн дьиэттэн таҕыста. Далаhаҕа киирэн күлүгүн көрүннэ. Таарыйа сирэйин суунна. Суолга киирэн тыаны туораан, үрүйэни ааhан, били саас кыыhы көрсүбүт алааhыгар киирдэ. Көрсүөх буолбут сиригэр соруйан эрдэ кэллэ. Сэрэйбит курдук, кыыс кэлэ илик. Күн билигин даҕаны киэhэрэ илик. Тыа саҕатыгар олордо.
Арай кыыhа кэлбэтин. Эбэтэр мааны, үчүгэй күтүөт ыйытан, тылын биэрэн кэбистин. Дьахтар санаата уларыйымтыа дииллэр. «Миигин бэйэтигэр тэҥниэ суоҕа» диир санаата эмиэ күөрэйдэ. Ынах этэрбэhэ, убаhа тириитэ сутуруота ону санатар. Курус санаа күөрэйиэх чуумпута. Кураанах хонуу…
Тыа тумсунан тииттэр быыстарынан кыыс элэҥнээн иhэрин көрөн сүрэҕэ тэбиэлээтэ. Эмиэ үөрүү долгунугар куустарда.
– Хайа, кэлбитиҥ өр буолла дуо? – кыыс кэлэн аргыый ыйытар.
– Өр буола илик. Билигин кэлбитим, – уол туран кэлэр.
Дьоҥҥо көстүмээри, тыаҕа киирдилэр. Сүөhү ыллыга баар эбит. Ону батыhан кыра ырааhыйаҕа кэллилэр. Ким эрэ кэрдэн баран бырахпыт дүлүҥэ сытар. Ол үрдүгэр кэккэлэhэ олордулар.
– Туох сонуннааххын? – кыыс, арбы-сарбы соҕус туттан олоро түhэн баран, ыйытар.
– Оппун оттоон бүтэрдим.
Уол кыыhы кууhан ылыан санаан аhарда. Кыбыстар. Илиитэ барбат.
– Быйыл эрдэ бүппүккүн дии.
– Эрдэ, – уол ити ыйытыытын хайдах эрэ хомойо иhиттэ. Олох күүппэтэх буоллаҕа дуу? Эйигин көрсөөрү күүскэ үлэлээтим диэҕин тардынна.
Чочумча саҥата суох олордулар. Уол кыыhы кытта туох диэн кэпсэтиэҕин билбэт. Нуҥнуур маҥан сарыы этэрбэhи кэппит. Кылгас сарыы сонноох.
– Эйиэхэ туох сонун баарый? – Саттаар хардары ыйытар.
– Биһиэхэ биир киhи кэлэ сырытта, – кыыс уолу кылап гына көрөн ылар.
Уол тута саҥарбата. Хайыы үйэ кэлэн ыйытан эрэллэр эбит. Ол иhин уларыйдаҕа. Сотору, бука, букатыннаахтык арахсаллара буолуо. Онтон тоҕо эрэ ойоҕоhуттан өскүөрүтүн ыйыппыт курдук туттан ыйытта:
– Ону эн?
– Ону мин… Буолумматым.
– Оттон дьонуҥ туох дииллэрий? – Саттаар сэгэс гына түстэ.
– Барбыттарын кэннэ аҕам «саакка уктуҥ, кыбыhыннардыҥ» диир.
– Баай, мааны киhи дуу?
– Мааны уол.
– Тоҕо буолумматыҥ? – Саттаар ыйытан баран акаарытык тылластым дии санаата.
Кыыс саҥарбата. Төбөтүн санньыппыт. Онтон эмискэ хонос гынаат, абарбыт курдук саҥарда:
– Эйигин күүтэбин. Эн бэйэлээҕи!
– Кырдьык дуо? – уол илиитин кыыс илиитин үрдүгэр уурда.
Ити быhыыта хайдах эрэ олус солуута суох курдук буолла. Итинник тахсан хаалла. Сороҕор киhи саҥарбыт саҥата, туттубут быhыыта эмискэ, төтөлө суох буолааччы.
Кыыс саҥарбат. Уол салгын сиэн хараардыбыт, чэрдээх ытыстаах илиитигэр холоотоххо, кыыс маҥан илиитэ кыра, нарын, сымнаҕас. Илиитин таарыйбыта, туох эрэ моhойу үрэйбитин курдук буолла. Кыбыстар, килбигийэр санаата ханна эрэ симэлийэн, кыыhы кууhан ылан, иэдэhиттэн сыллаата. Онтон тэтэркэй уоhуттан ууруур. Иккиэн уураhа-уураhа саҥата суох олордулар. Тоҕо саҥарыахтарай, барыта өйдөнөр буолбутун кэннэ. Таптал күүстээх кынатыгар уйдаран, үөhэнэн дайа көтүөх курдук буолбут уол бэйэтин ынах этэрбэhин көрөн эмиэ «сиргэ үктэннэ».
– Арай мин күтүөт буолан кэлэммин эйигин ыйытыым… Оччоҕо эн дьонуҥ сөбүлээн кыыстарын биэриэх этилэр дуо?
– Ийэм мин тылбыттан тахсыбат. Аҕам… – диэн баран тохтуу түhэр. – Аҕам атаҕар үҥэн көрдөстөхпүнэ, кини да сөбүлэhиэ. Кини миигин таптыыр, атаахтатар.
– Арай эн биhикки ыал буолуох? Оччоҕо кэлин ханна эрэ дьиэ туттан, бэйэбит туhунан ыал буолуо этибит. Мин мас мастыам, оттуом, бултуом. Оттон эн дьиэҕин көрөҕүн, ынаххын ыыгын.
– Ол кэлин буоллаҕа дии. Хойут. Мин аҕалаах ийэм холбоhон баран дьоннорун кытта бииргэ олорбуттар үhү.
– Мин эн аҕаҕыттан куттанабын.
– Тоҕо куттанаҕын?
– Толлобун.
– Кыыс оҕо эргэ бардаҕына, уол дьиэтигэр барар буолбат дуо?
– Биhиги дьиэбит куhаҕан, дьадаҥы дьиэ.
– Куhаҕан дьиэ диэн суох. Куhаҕан киhи диэн баар. Мин аҕам – сымнаҕас киhи. Эн киниэхэ күтүөт оҕо буолуоҥ буоллаҕа дии.
– Мааны ыалга күтүөт буолабын дуу?
– Туох мааныта кэлиэй. Ыал тэҥэ ыал буоллахпыт дии.
– Биhиэхэ холоотоххо…
– Кэбис, инньэ диэмэ… Атыны кэпсэтиэх, – кыыс уолу ситэ этиппэккэ быhа түhэр. – Хата, туhаххын көрө барыах эрэ.
– Чэ.
Уоллаах кыыс туран, сиэттиhэн баран, туhах көрө бардылар. Туhаҕы көрөллөрүгэр, кыыс хайдах эрэ сэргэхсийбит курдук буолла. Күлэ-күлэ саҥарар. Кини ураты нарын саҥатын истэр да үчүгэй…
* * *
Мымах – киэҥ Эҥсиэли эбэҕэ биллэр-көстөр баай. Икки ойохтоох, улууһугар бас-көс буолбут ытык мааны киhи. Улахан уола Ньыкка быйыл саҥа ыал буолбута. Атын оҕолоро кыралар. Арай мааны кыыhа Туттаҥныыр быйыл уон сэттэтин туолар.
Хаһаактар тустарынан эҥин-эҥин хобдох кэпсээн дэлэй. Эдэр үчүгэй дьахтары, кыыhы көрдөхтөрүнэ, тутан ылан илдьэ баран, ойох гыналлар үhү диэн кэпсээн толору. Мымах эдэр ойоҕун уонна кыыhын ыраах кэдэрги алааска таhааран олордорго сананна. Ити кэпсээннэрэ, баҕар, кырдьык буолуо. Тыала суохха мас хамсаабат.
Тордуохтаах дьиэлэрэ. Киэhэ аhылыктарыгар олордохторуна, дьиэлээх дьахтар Сэлгээнэй сонунун кэпсиир:
– Хадаар уол ойох ылбыт үhү.
– Ноо, кими ылбытый? – Тордуох сэргиир.
Бүтэй алааска олорор ыалга эдэр дьон холбоhон ыал буолуута улахан сонун.
– Айгыратар кыыhын ылбыт үhү.
– Ээ. Сөп буоллаҕа. Кимтэн иhиттиҥ?
– Хабытай ойоҕо сылдьан ааспыта.
– Кыыс, хата, чугас олорор уолга барбыт. Дьонугар кэлэ-бара сылдьыыhы.
– Эн уолгар хаhан ойох ылан биэрэҕин? Сүүрбэ биирин туолла. Ойох ылар сааhа буолла.
– Бэлиэр ойох ылыа буоллаҕа. Дьыл – хонук дииллэрэ кырдьык ээ.
Итинтэн салгыы Саттаар дьоно ханна сөптөөх кыыс баарын кэпсэттилэр. Кыыс хайдаҕын-тугун туhунан кэпсэппэттэр. Наар дьоно хайдахтарын, төhө сүөhүлээхтэрин эҥин ырыталлар. Хайа эрэ дьахтар тыллаах, кэччэгэй, ким эрэ ыарыhах, ким эрэ иэс ылан баран биэрбэт үhү. Наар бэйэлэригэр сөптөөх дьадаҥы дьон кыргыттарын сыымайдыыллар. Чугас эргин сөптөөх кыыс суоҕун курдук буолла. Нуҥнууру ахтыбатылар даҕаны. Дьоно сэниэ буоланнар, таарыллыбатылар быhыылаах.
– Оттон сэниэ ыал кыыhыгар дураhыйдахха? Биhиги уолбут тас көрүҥүнэн кыыска сирдэриэ суоҕа этэ, – Тордуох дьахтарын диэки көрөр.
– Бэрт киhи баай кыыhын кэпсэтэн сүгүннэрэн аҕалан, энньэ-сэтии субурутарыҥ буолуо. Атыытын-сулуутун туоххунан төлүүгүн? Бэйэтигэр сөптөөх кыыhы ылыа буоллаҕа дии… – диэн Сэлгээнэй куолулаан эрдэҕинэ, таhырдьа ыт үрдэ.
Халҕан аhыллан, чомпой бэргэhэтин кыҥнары кэппит киhи намыhах ааҥҥа төҥкөччү туттан киирдэ. Уҥа ороҥҥо кэлэн олорбутун «аhаа» диэн сибиэҕэ ыҥырдылар. Сэлгээнэй кытыйаҕа кыыймыт үүт кутан ыалдьыт диэки сыҕарыта анньар. Ыалдьыт сойбут үүттэн сыпсырыйан иhэр. Улахан кытыйаттан үөлүллүбүт мундуну ылан сиир.
– Бука, туох эрэ сорукка кэллэҕиҥ буолуо, – Тордуох ыалдьыты кытта дьиэ эргиннээҕи сонуну кэпсэтэн иhэн ыйытар.
– Ээ, Мымах уолгун ыҥыртарар, – диир Төтөллөй, Мымах баай кулута.
– Тоҕо ыҥыртардаҕай?
– Билбэтим. Бука, тугу эрэ үлэлэтээри ыҥырбыта буолуо.
– Ыҥырбыт буоллаҕына бардаҕыҥ дии, – Тордуох уолун диэки көрөр.
Сарсыҥҥытыгар Саттаар эрдэ туран Мымах тойоҥҥо барда. Эдэр киhи сотору дэгэйэн тиийдэ.
Сир тааhа түннүктээх улахан балаҕаҥҥа киирбитэ тойон чөмөхтөммүт утуйар таҥаhыгар өйөнөн сытар эбит. Уол ааҥҥа туран сүгүрүйэр.
– Хайа, кэллиҥ дуу. Сибиэҕэ чугаhаан олор, аhатыахтара, – Мымах сытан эрэ кэпсэтэр.
Уол сибиэҕэ олорбутун кэннэ, кэргэн дьахтар кымыс, сыалаах буспут эти аҕалан уурталыыр.
– Мин эйигин үлэhиттэри кытары алааска ыытаары ыҥыртардым, – диэн Мымах сорудаҕын иhитиннэрэр. – Онно тиийэн, дьиэ, хотон туталларыгар көмөлөhүөҥ.
– Хайа алааска?
– Бардыалаах диэн. Онно сылдьыбытыҥ дуо?
– Билэбин. Мин бултуур үүтээним онтон соччо ырааҕа суох. Кэҥкэмэ бэтэрээ сиhигэр баар.
– Чэ, бэрт эбит. Күhүн хаар түстэҕинэ, эмиэ тахсан бултуоҥ буоллаҕа дии. Аҕаҥ тахсан атыҥ сиир отун оттоотун.
– Атым сииригэр кур оттоохпун. Онно кыратык эптэххэ сөп буолуо.
– Дьиэ тутуутугар үлэлээтэххинэ, эрэйгин төлүөм. Өйүүн хомуллан бараҕыт. Кэлээр. Аhыыр аскытын хааччыйыам. Ити курдук… Арба маннык баар. Бардыалаахха дьиэ туттарар диэн кимиэхэ да кэпсээмэ! Чып кистэлэҥ. Өйдөөтүҥ дуо?
– Өйдөөн.
Бардыалаах – киэҥ, үчүгэй алаас. Ортотугар улахан күөллээх. Хоту сыырын үрдүгэр дьиэ тутарга сөптөөх киэҥ кырдаллаах. Бу дойдуга киhи-сүөhү олохсуйбатах буолан, от бөҕө үүнэ-үүнэ таах лаҥхарар эбит.
Наар балыгынан, булдунан иитиллэн олорор биир ынахтаах оҕонньордоох эмээхсин олороллор эбит да, төhөнү оттуохтарай. Арай быйыл сайын Мымах баай дьону ыытан оттоппут. Илин тыаны аастахха, Туойдаах диэн үтүө алааска биир ыал баар. Ол дьон наар туой хостоон атыылыыллар. Икки ынахтаахтар. Биир ыал дьиэтэ мантан чугас, хоту Булуус диэн алааска баар. Кинилэр биэс ынахтаахтар, атыыр оҕустаахтар, аттаахтар. Ол кэннэ ыал суох. Түҥкэтэх сир диэн ким да тахсан олохсуйбат эбит. Арай күhүн хаар түспүтүн кэннэ, булчуттар тахсаннар, онно-манна баар үүтээннэригэр олороннор түүлээх булдун сонордууллар. Атын да булт элбэх дойдута.
Үлэhиттэр алаас соҕуруулуу арҕаа хонноҕор олорор оҕонньордоох эмээхсиҥҥэ дьиэлэнэн үлэлииллэр. Күөлгэ туулаан, минньигэс эттээх собону сиэн абыраннылар. Мымах баай аhылыкка диэн кырдьаҕас кур эмирэх биэни биэрбитэ. Онон сыалаах эти хото сииллэр. Арай үүт суох. Ууну оргутан иhэллэр. Хайах таhаарбыттара. Хата, оҕонньордоох муус умуhахтаахтар эбит.
Үлэлии үөрэммит, күүстэрин-уохтарын үгэнигэр сылдьар толуу эр дьон тутуу үлэтин тулуппаттар. Баҕаналарын туруора охсон, өhүөлэрин таhааран, үрүт мастары уурталыыллар. Биэс киhи буолан үлэлииргэ көхтөөх.
* * *
Сайын Парфен Ходырев биир кочанан өрүс үөhээ өттүгэр баран тоҥустартан киис тириитин хомуйан кэллэ. Тоҥустар сайын өрүс хочолоругар кэлэн сайылааччылар. Киис суох диэн үөтэлээх кииhи биэрбэтилэр. Оттон сахалар сайын остуруокка кэлбэттэр.
Күhүн, балаҕан ыйын сүүрбэтин диэки, соҕурууттан Иван Галкин кэллэ. Уон икки хаһаактаах. Кинини кытта уонча промысловик кэлистэ. Бурдук, туус, саа сэбэ, арыгы, оҕуруо эҥин аҕалбыттар.
Иван Галкин кэлбитинэн сибээстээн, хаһаактар «сход» диэн ааттаах сүбэҕэ муhуннулар. Саамай аҕа саастаах хаһаак Тимофей дьон иннигэр тахсан этэр:
– Казаки, я чаю, якольские люди опять непослушны. Недавно у баксинцев пропали два промысловика. Еще не взяты под высокую государева руку многие немирные землицы. Бунтуют. Чтобы с теми государевами изменниками бились, не щадя голов своих, нам надо избрать смелого, храброго атамана. Кого вы скажете?
– Ивана Галкина, – диэн саҥа иhилиннэ.
– Итак, Ивана Галкина. Любо?
– Любо, – диэн хаһаактар сөбүлэhэллэрин биллэрдилэр.
Иван Галкин үрдүк дуоhунаска итэҕэйбиттэрин иhин махтанан бокулуоннаата. Ол кэнниттэн былыргы абыычай быhыытынан саҥа атамааны кымньыынан көхсүгэ охсубута буолаллар.
Иван Галкин соhуйуон иhин, остуруокка кэлэн Степан Корытов баhылыктаах Мангазея хаһаактара тутуллан хаайыыга сыталларыгар түбэстэ. Сэттэ хаһаак уонна биэс промысловик. Нуучча дьоно эрээри тоҕо хаайыллыбыттарын ыйыталаспытыгар быһааран кэпсээтилэр.
Сайын Семен Чюфарист диэн десятник баhылыктаах хаһаактар этэрээттэрэ, сүүрбэ тоҕус киhи дьаhаах хомуйаары, Алдан өрүс төрдүгэр тиийбиттэр. Онно Алданы саҥа өксөйөн иhэннэр, өрүhү таҥнары устан иhэр Мангазея хаһаактарын судноларын көрбүттэр. Чюфарист хаһаактара тыылаах дьоннорун ылан, кочаны эргитэн эккирэппиттэр. Мангазея хаһаактарын оҥочолоро биир арыыга тохтоон турдаҕына, эккирэтээччилэр ситэн кэлэн, кочаларын сыhыаран эрдэхтэринэ, эмиэ ураҕастарынан анньыалаан тэйитэ сатаабыттар. Енисей хаһаактара тордуохтаах быалары быраҕаттаан тардан, ураҕастарын тоhута охсуолаан, оҥочолорун сыhыаран эрдэхтэринэ, Мангазея хаһаактара, дьаакырдарын көтөҕөн, эмиэ куоппуттар. Судноҕа ыстанан киирбит хаһаагы мүччү туттаран илдьэ барбыттар. Өссө тэйэн иhэннэр, саанан ыппыттар. Онно Чюфарист биир хаһаага өлбүт. Чюфаристаах өлбүт киhилэрин арыыга көмөн баран эмиэ эккирэппиттэр. Ол эккирэтэн, Бүлүү төрдүгэр тиийэн ситэллэр. Сэрии, ытыалаhыы буолар. Мангазея хаһаактара икки эрэ тимир саалаах уонна аҕыйах буоланнар кыайтаран бэринэллэр. Ол сэриигэ Чюфарист дьонуттан биир промысловик өлөр. Мангазея хаһаактара икки киhилэрин сүтэрбиттэр. Бэриннэрэн, туппут дьонун кэлгийэн, Ленскэй остуруокка аҕалан хаайыыга олордоллор.
Иван Галкин Степан Корытовы кытта кэпсэтэн баран, барыларын хаайыыттан босхолоото. Хомуйбут түүлээхтэрин илдьэ Енисейскэйгэ барар дьону кытта барсалларын көҥүллүүр. Арай сааларын-сэптэрин биэрбэт. Инники дьылҕаларын Енисейск воеводата быhаардын. Туох буолбутун, тоҕо тутуллубуттарын сиhилии суруйан ыытта.
* * *
Иван Галкин сахалартан эмиэ күhүҥҥү тыал курдук тымныы сыhыан аргыарын биллэ. Күhүөрү сайын Бахсыга дьаhаах хомуйа тахсыбыт хаһаактары сэриилээн, икки киhилэрин өлөрбүттэр. Тоҕо кэhэйбэт дьонноруй? Дүпсүннэри уоттаабыттара кыра буоллаҕа дуу? Эбии өстөммүттэрэ эбитэ дуу? Мэҥэттэн дьаhаах хомуйан баран төннөн иhэр хаһаактары халаабыттар. Онон Бахсы диэки бохуот оҥорон, кымньыы тыаhын иhитиннэрдэххэ сатанар буолла. Таах олоруохтара дуо.
Киhитэ аҕыйах. Билигин остуруокка промысловиктардыын икки сүүсчэкэ эрэ киhи баар. Эбии ат, ыҥыыр атыыласта. Сахалар, сэриилэhэ үөрэммэтэх дьон буоланнар, дух-дах тутталлар. Саа тыаhыттан аттара сиргэнэр. Бэйэлэрэ да хаһаактартан саллаллар. Охсуhар да батыйалара нуучча уhун уктаах тэрэгэр сүгэлэриттэн көмүскэнэргэ сөбө суох. Онон хаһаактар санаалара бөҕөх. Иван Галкин урут сылдьыбыт буолан, бу дойду сирин, дьонун син билэр курдук сананар.
Оҥостон-тэринэн баран, биэс уонча хаһаактаах, уонча стрелецтээх Бахсыга айаннаата. Галкин бачча элбэх аттаах, куйахтаах дьон кэлбиттэригэр саллан бэриниэхтэрэ дии санаабыта. Ол эрээри сахалар уруккуларын курдук куотан тыаҕа түспэтилэр. Ох саанан ытыалаан, сэриилээн көрүстүлэр. Наар куота көтөн, тыаҕа хаххаланан эҥин сүгүн бэриммэтилэр. Күн аҥаара барбыт кыргыһыыга уонча киhилэрэ охтубутун кэннэ, дьэ бэринэн, сааларын-сэптэрин ууран, сөhүргэстээтилэр.
Нууччаларга өлбүт суох. Биэс-алта киhи бааhырда. Иилэҕэс тимир куйахтара, төбөҕө кэтэр шлемнэрэ, охтон хаххаланар щиттэрэ абырыыр. Арай аттар бааhырдылар, оҕуннулар.
Бахсы тойоно Түhүлгэ даамын биэрэн, аны нууччалары утары көрүө суох, дьаhааҕы төлүөх буолан андаҕайда. Бэриммит дьону умса сытыаран кымньыынан таhыйдылар. Батыйаларын хомуйан ыллылар. Ох сааларын бэйэлэригэр хааллардылар. Ол кэннэ кыайбыт дьон өлбүт, бааhырбыт аттарын оннугар ат, аҕыйах киис тириитин ылан баран төнүннүлэр. Икки эдэр, үчүгэй дьүhүннээх дьахтары тутан илтилэр.
Ааспыт сайын Петр Бекетов Илья Перфильев баhылыктаах хаһаактар промысловиктар бөлөхтөрүн Лена өрүс аллараа өттүн чинчийтэрэ, онно олорор тоҥустартан, долганнартан дьаhаах хомуйтара ыыппыта. Ол дьон Иван Ребров баhылыктаах Мангазея хаһаактарын кытта холбоhон, Эдьигээҥҥэ тиийэн кыстаабыттара. Онно олорон, олохтоохтортон өрүс хоту муустаах байҕалга түhэрин, илин, арҕаа эмиэ улахан өрүстэр баар сурахтарын истибиттэрэ.
Саас муус барарын кытта, икки кочанан өрүhү таҥнары устубуттара. Күндү түүлээх суhумнуур кылаана иҥсэлэрин көбүтэрин тэҥэ, саҥа сири арыйар, көрөр баҕа санаа бу хорсун дьону ыраах биллибэт дойдуга айанныырга көҕүлүүр.
Бу дьон хоту Байҕалга тиийэн икки аҥыы барбыттара. Иван Ребров биэрэги кыйа арҕаа диэки устан, Өлөөн өрүс төрдүгэр тиийбитэ. Онтон өрүhү өксөйөн, олохтоох тоҥустартан дьаhаах хомуйбута. Тоҥустар ыалдьытымсах майгылара баhыйан, кэлии сонун дьону үчүгэйдик көрсүбүттэрэ. Оҕуруону, алтан хочулуогу үөрүүнэн ылбыттара.
Оттон Лена остуруогуттан кэлбит Илья Перфильев хаһаактара илин диэки устаннар, Дьааҥы өрүс төрдүн булбуттара. Өрүhү өксөйөн, дьүкээбиллэр, тоҥустар олорор сирдэригэр тиийэн, киис, саhыл тириитэ бөҕөнү хомуйбуттара. Хоту дойду өлгөм, минньигэс эттээх балыгын сөбүлээбиттэрэ.
* * *
Мымах баай киэhээҥҥи аhылыгын кэнниттэн оронугар сыттаҕына, таhыттан кулут киирэр.
– Тойонуом, үс аттаах киhи кэллэ. Ортоку сэргэҕэ түhэрдибит, – диэн Төтөллөй сонуну иhитиннэрэр.
– Кэллилэр даа? Маанылар дуо? – Мымах эргиллэн сыҥаhаттан тайанан олорор.
– Мааны соҕустар.
Сотору аан аhыллан, үс киhи субуhан киирэн, ааҥҥа туран сүгүрүйдүлэр. Туох даҕаны куйах эҥин баара көстүбэт. Толуу көрүҥнээх дьон.
– Нөрүөн нөргүй!
– Олоруҥ бастыҥ олбоххо. Хантан кэллигит? – диэн Мымах ыйытар.
– Илинтэн сылдьабыт, – ортоку турар аҕамсыйбыт киhи хоруйдуур.
Ыалдьыттар уҥа ороҥҥо кэлэн олороллор.
– Илин хантан кэллигит?
– Ыраахтан, – ыалдьыт хантан кэлбитин тоҕо эрэ чопчу эппэт. Кини икки чанчыга кыырыктыйан эрэр, сабыччы көрбүт харахтаах, көрсүө, номоҕон сирэйдээх.
Үгэс быhыытынан маҥнай хантан кэлбиттэрин, ким удьуора буолалларын этиэхтээх этилэр. Мымах туох эрэ кистэлэҥнээх буоллахтара диэн таайа санаата. Кэргэн дьахталларга сибиэҕэ ас тардалларыгар соруйда. Олох-дьаhах, булт-ас, дьыл эҥин туhунан кэпсэттилэр.
Мымах сибиэҕэ олорон аhаста. Кэпсэтээччи аҕамсыйа барбыт, тойон-хаан көрүҥнээх киhи. Иккис киhи бөдөҥ-садаҥ, бухатыыр көрүҥнээх, үhүстэрэ эдэр. Бииргэ сылдьыhар, аттарын көрөр, аhатар хамначчыттара быhыылаах.
– Бука, туох эрэ соруктаах буолан кэллэххит. Ону иhитиннэриҥ, – Мымах кэтэhэн көрөн баран ыйытар.
– Биhиги эйиэхэ бэйэҕэр эрэ этиэх этибит, – аҕамсыйбыт киhи аргыый саҥарар.
– Эhиги таhараа ыалга тахсыҥ, – Мымах дьиэлээхтэри таhырдьа тахсалларыгар соруйда.
Ыалдьыттар тугу этэллэрин истээри кэтэhэр. Чочумча саҥа суох буолла. Арай оhоххо өhөн эрэр уот тыhыргыыр.
– Дьэ, үйэ уларыйар кэмэ кэллэ. Атын урдустар кэлэн олохпутун огдолутаары гыннылар. Бэйэҥ даҕаны билэн-көрөн олорор инигин, – аҕам киhи суптугур сэҥийэтигэр үүммүт бытыгын туппахтыыр.
Мымах саҥарбат. Эбии туох диирин кэтэhэр. Ааттарын-суолларын, хантан сылдьалларын эппэтэхтэрэ, онон сэрэхэдийэр.
– Бу кэлин, адьас соторутааҕыта, Бахсыга тахсан дьону өлөртөөбүттэр. Икки дьахтары тутан илдьибиттэр. Кыhын дүпсүннэр уоттарын умуруорбуттара. Онон олорон биэрэрбит хайдах да сатаммат буолла, – наар аҕа саастаах ыалдьыт саҥара олордо.
– Талбыт сирдэригэр кэлэн көҥүл айбардаан бараллар, – үрдүк уҥуохтаах, хара бытыктаах, бухатыыр көрүҥнээх эдэр киhи эбэн биэрэр.
– Онон түмсэн, күүспүтүн холбуохха диэн сүбэлэстибит.
– Кимнээх? – Мымах дьэ саҥа таһаарда.
– Илин эҥээр улахан аҕа уустарын үтүөлэрэ.
– Бары дуо?
– Лөгөй тойон хара ааныттан нууччаларга кутурук маhа буолбута. Онон Бороҕон диэкилэри тумуннубут.
– Онно бары сөбүлэстилэр дуо?
– Аҕыйах аҕа ууhа тардыннылар. Хатылы баайа Аан Үөчэй кэтэҕин тарбанар. Кэлэн иhэн Дыгын уолаттарыгар, Өйүк баайга сырыттыбыт. Кинилэр сөбүлэстилэр. Онтон кыра аймахтары таарыйбакка, эйиэхэ быhа кэллибит. Аны эн сөбүлэhэриҥ хаалла.
– Оттон Малдьаҕарга, Дьөппөҥҥө уонна Бөтүҥ, Үөдэй курдук элбэх киhилээх улахан аҕа уустарыгар сылдьыбатыгыт дуо?
– Малдьаҕар, Дьөппөн диэки Дыгын уолаттара сылдьыах буолбуттара. Бөтүҥҥэ атыттар барбыттара. Эн сөбүлэстэххинэ, бу эргиннээҕилэр холбоhуохтара.
– Хайдах кыайар санаалааххытый?
– Бары холбоhон, элбэх буолан ордууларыгар саба түhэбит.
– Оттон арай хотторботуннар? Тимир саалаахтар, бары куйахтаахтар буолбат дуо? Уонна биhиги курдук буолбатахтар, сэриигэ үөрэммит дьон.
– Оччоҕо ордууларын төгүрүйэн, маска да, окко да таhаарбаппыт. Хаайтаран олорон тоҥон, хоргуйан өлүөхтэрэ.
– Оннук өлүөхтэригэр диэри бэйэбит хачанан быстарар инибит.
– Үчүгэйдик тэринэн, хааччынан барыахпыт. Биhиги сүбэлэhэн, эн сиргэр мустарга быhаарынныбыт. Ол чып кистэлэҥ буолуохтаах. Остуруокка эмискэ тиийэн, өмүтүннэрэн саба түстэхпитинэ, кыайыылаах буолуо.
– Ол тоҕо миэхэ муhуннугут? – Мымах сөбүлээбэтэ.
– Эн кинилэртэн чугас олороҕун. Өрүс эрэ туорааhына. Кыhын улахан тымныыга сылдьыhыы суох. Билиэхтэрэ суоҕа.
– Хаhан мустаҕыт?
– Тохсунньу ый үүнүүтэ.
– Кыайдаххытына, остуруокка баар дьону хайыыгыт? Өлөртүүгүт дуо?
– Маннык сүбэлэстибит. Бэриммэтэх дьон сэриигэ охтуохтара. Бэриммит дьону акка олордон баран, дойдуларын диэки утаарабыт. Сааларын-сэптэрин суйдаан баран. Аны бу дойдуга кэлимэҥ диэн сэрэтэбит.
– Оттон ол дьон ото, өйүөтэ суох баран иhэн быстаран өлүөхтэрэ суоҕа дуо? Эбэтэр ыалы халыахтара.
– Ыалы халатыахпыт суоҕа. Аҕыйах хонукка арыаллыахпыт. Аттарын хастаран аhатыахтара. Аччыктыахтара суоҕа. Сиир өйүөлээх буолуохтара. Аттарын да сиэхтэрэ.
Биhигиттэн баатырдар эрэ кэлиэхтэрэ. Оттон эн чугас олорор киhи аттаах эдэр дьону барыларын хомуй. Кинилэр ыраахтан көрөн, элбэх киhи кэлэн төгүрүйбүтүн курдук саныахтара. Уонна элбэх ат сиир ото баар буолуохтаах. Кур оттооххун дуо?
– Кур отум аҕыйах да, хайыамый, сөбүлэhэр буоллаҕым дии. Арыыга нууччалар оттообут отторо баар. Ону тиэйтэриэхпит. Этэргит курдук, кинилэри үүрбүт киhи үчүгэй буолуо этэ, – Мымах сөбүлэҥин биллэрэр.
– Эн чугас олорор аймахтары кытта кэпсэт. Кэлэн холбостуннар. Биhиги мантан төннөбүт. Өйдөө, бу кэпсэтиини кистэлэҥҥэ тутаҕын. Элбэх киhи билиэ суохтаах. Кистэлэҥинэн оноҕосто, тимир охто оҥортор. Хас баатырдааххыный?
– Баатырдарым сааhырдылар. Кыргыс үөрэхтээх эдэр баатырым аҕыйах. Биэс-алта эрэ. Уоннааҕы эдэр дьон, көннөрү отчут-масчыт. Булчут эрэ идэлээхтэр.
– Кырдьык, баатырыҥ алыс аҕыйах эбит. Чугастааҕы аймахтар баатырдарын барыларын хомуй. Бу диэки тылын ылларар ытык киhи диэн эн буоллаҕыҥ дии.
– Оттон киис түhээнин төлүүбүт дуо?
– Төлөөҥ. Остуруокка тугу да билбэккэ олоруохтаахтар.
* * *
Бу кэмҥэ Иван Галкин Мэҥэ сиригэр Босхоҥ Боруохал уолаттарын кытта сэриилэhэ сылдьара. Кини, саатар, чугас олорор улууhу самнарар санаалаах. Хайаан даҕаны бэйэ күүhүн-уоҕун, кыаҕын көрдөрдөҕүнэ сатанар. Кини сүрдээх хорсун, туруоруммут сыалын-соругун ситиhэр инниттэн ханнык да ыарахантан чугуйан-чаҕыйан турбат киhи. Ол эрээри Бекетов курдук оҕону, дьахтары кытта охсуспакка, суобаhын киртиппэккэ, утарыласпыт саалаах-сэптээх өстөөҕү эрэ боҕутуннарар. Кырдьаҕаhы, ыарыhаҕы, үлэ киhитин, оҕону-дьахтары тыыппат.
Сахалар дьаhаах хомуйбут хаһаактары бу эргин халаабыт этилэр. Утуйа сыттахтарына кэлэн саба түспүттэр. Кэлгийбиттэр. Кими да өлөрбөтөхтөр. Хомуйбут киистэрин, сааларын-сэптэрин суйдаан баран ыытан кэбиспиттэр.
Ким кэлэн халаабыта биллибэт. Урут бэриммит, аны утарылаhыа суох буолан андаҕайбыт дьон тыыппаттар ини диэн, биэс эрэ хаһаак буолан сылдьыбыттар. Бу сырыыга андаҕарын кэспитин иhин, Босхоҥ Боруохалы бэйэтин тутан киллэрэн, аманаакка олордор сыаллаах-соруктаах тахсыбыттара.
Ол эрээри сахалар нэмин билэн сэриилэhэр буолбуттар. Чугаhаабакка, бииргэм куота көтө, саhа сылдьан, ыраахтан оҕунан ытыалыыллар. Ордууларыгар оҕо-дьахтар, кырдьаҕастар эрэ бааллар. Босхоҥ Боруохал бэйэтэ суох. Саhан хаалбыт быhыылаах. Онон икки өттүттэн өлөрсүү тахсыбата.
Иван Галкин хаһаактара күнү быhа хас эмэ алааhынан эккирэтэн көрдүлэр да, кыайан сиппэтилэр. Сороҕор ааhан истэхтэринэ, тыа быыhыттан оҕунан ытыалыыллар. Онон хаһаактар сыалларын ситиспэккэ төнүннүлэр. Галкин санаата түстэ. Маннык буоллаҕына, сахалар сүгүн бэриниэ суохтар. Кинилэри кытта сайын сэриилэhэр куhаҕан эбит. Бүтүннүү тыа дойду. Ыаллара киэҥ сиринэн арҕам-тарҕам олороллор. Онон сирдэрин-уоттарын бэркэ билэр буолан, олох таба туттарыа суохтар.
Балаҕан ыйын эргэтигэр промысловиктар бултаары онно-манна тарҕастылар. Остуруокка хаһаактар, стрелецтэр, аҕыйах үлэhит эрэ хааллылар.
Алтынньы ый үүннэ. Күөл мууhа тоҥон, кыстык хаар түстэ. Хаһаактар тыаҕа тахсан, оттук мас кэрдиитигэр үлэлээтилэр. Бэлэмнэммит маhы сахалар оҕустаах сыарҕанан тастылар.
* * *
Саттаар үүтээнигэр тахсан бултаабыта уонча хонно. Икки кииhи, уон үс тииҥи өлөрбүтэ. Онон бултуйбут курдук сананар.
Үүтээнэ кыракый алаас хоту тумулугар баар. Муннугар кыра оhохтоох. Киэhэ бултаан кэлэн баран, оhоҕун отуннуҥ да, кыараҕас үүтээн иhэ сылыйан бырылыы түhэр. Аны олус сылыйан аанын сэгэтэр.
Хаар син халыҥаабыт. Күн аайы атын миинэн, ытын батыhыннаран, күндү түүлээҕи сонордуур. Киис саҥа суолун көрдөҕүнэ, ытын киксэрэн батыhыннарар. Ыта кииhи сонордуурга үөрэнэн эрэр. Киис ырааппат. Көс аҥаарынан ыта ситэн тииккэ таhаарар. Оччоҕо улахан чаачар саанан ытан түhэрэр.
Быйыл күhүн Бардыалаахха дьиэ, хотон, хоспох, кыбыы, дал тутуспута. Үлэлээбитин иhин Мымах баай тыhы борооскуну биэрбитэ. Онно дьоно үөрбүттэрэ. Таах олордоххо, ол хантан кэлиэй. Таhыттан киирбит таммах да хаалбат.
Сарсыарда туран оhоҕун оттон олгуйдаах ууну сылытан аhаата. Аhыы олорон бүгүн ханан барарын толкуйдаата. Мантан арҕаа Кэҥкэмэ үрэххэ диэри халыҥ сис. Илин онон-манан кыра чоҥолох алаастар бааллар. Оттон соҕуруу уонна хоту өттүгэр кэдээл быыстардаах сис тыа. Онон-манан булчуттар үүтээннэрэ баар. Сир төhө да киэҥин иhин, атын булчут кэлэн ааспыт суолугар түбэhэ түhээччи.
Ыта Баhырҕас аттыгар сытан тугу эмэ быраҕан биэрээрэй диэн кэтэhэр. Кыҥнах гына-гына көрөр. Өҥүргэс уҥуохтаах эт тобоҕун быраҕан биэрбитигэр, айаҕар хап гына түhэрэн, ыстаамахтаан иhэн ыйыстан баран салбанан эрэ кэбистэ.
Аhаан баран атын ыҥыырдаан, уулатаары, чүөмпэҕэ сиэтэн киллэрдэ. Тоҥмут ойбону сүллүгэс маhынан көҥүтэ анньыалаата.
Бүгүн арҕаа сискэ киирэн хаамтаран баран, сыыйа эргийэн соҕуруу диэки хайыhар санаалаах. Тыаҕа хаама үөрэммит ат сэдэх мастаах тэҥкэнэн иҥнибэккэ сылдьар. Сороҕор тиит лабаатын аннынан ыытан, көмнөҕү саккыратар.
Саттаар ыҥыыр үрдүгэр олорон бултуурун сөбүлүүр. Ыраас чэбдик салгын, сырдык тунал хаар, эдэр эрчим уонна сонор суолун кэтэhиилээх эрэлэ санааны көтөҕөр. Ытын төргүүгэ быалаан сиэтэ сылдьар. Мээнэ ыытан кэбистэххэ сороҕор сүтэн хаалан эрэйдээччи. Ыта сааhа үhэ эрэ. Эдэр ыт буолан мээнэ сүүрэкэлиир. Сороҕор куобаҕы эккирэтэн тыаhы-ууhу таhаарар, үлүhүйэн ыраатан хаалар. Үчүгэй киисчит ыт киистэн атыҥҥа кыhаммат буолар диэччилэр.
Тыаҕа булт суола-ииhэ элбэх. Үксэ эргэ суоллар. Ыта туох эрэ сытын ылан, сытырҕалаан тиҥсирийэн, быатыттан тардыhар. Эдэр ыт, булчут хаана тардан, кутуйах да сытын ыллаҕына, тиит көҥдөйүн, абырҕал аннын эҥин сытырҕалааччы.
Тииҥ куhугураан тахсыбытын иhиттэ. Уҥа диэки чугас турар намыhах соҕус тииккэ ыттыбыт эбит. Онно тиийэ охсон, Саттаар атыттан түhэн ытын баайда. Улахан чаачар саатын ылан, иитэн, оноҕоhун укта. Тииҥ тиит ортоку салаатын төрдүгэр олорор. Олус анныгар тиийбэккэ кыҥаан, ытан «дар» гыннарда. Тииҥэ табыллан түөрэхтэнэн түстэ. Сороҕор сыыhа ытан кэбиhэн, тииҥи үөhэ таhааран кэбиhээччи. Оччоҕо хаста эмэ ытан, оноҕоhун көрдөөн, күнүн ыытар. Сорох тииҥ атын маска ыстанан эбэтэр харса суох аллара түhэн куотара эмиэ баар буолар.
Кииhи да, тииҥи да ытарыгар ытын баайар. Баайбатаҕына, ыта үөhэттэн сууллубут булду айаҕар түhэрэн эбэтэр үрдүгэр түhэн тириитин алдьатыаҕа.
Эмиэ атын миинэн барбахтаан иhэн, киис суолун көрдө. Атыттан түhэн, чинчийэн көрөн баран эмиэ миинэн, аhара барда. Иллэрээ күн кэлэн ааспыт. Суола кырыаланан эрэр. Күн үөhэ ойон, тииттэр быыстарынан сандаарыччы тыгар. Кыhыҥҥы тыа иhэ ыраас, сырдык. Тугу барытын тунал хаар сабан, салгынныын ырааhырбыт. Күн тыкпыт сиригэр хаар кыырпахтара чаҕылыҥнаhаллар. Дьылҕан тииттэр уhаабыт күлүктэрэ көбүс-көнө курдуктар. Бултуу сылдьар киhи соҕотохсуйбат. Ата уонна ыта бааллар. Кэтэhэр кэтэhиилээх буолан, көрө-истэ, сэргэхтик туттан иhэр.
Ытын ыытан кэбиhэргэ сананна. Сарсыардааҥҥы уоҕа арыый ааста быhыылаах. Оччо ырааппат ини. Баҕар, саҥа суолу сонордоон, кииhи тииккэ таhаарыа. Эбэтэр эрийэ-буруйа сылдьан тубэhэ түhүө. Киискэ үөрэтээри, икки кииhи тииккэ таhааран үрбүтүгэр, сиикэй эт тооромоhун сиэбигэр укта сылдьарын ылан биэрбитэ.
Баhырҕас, босхолоноот, иннин диэки сүүрэн дыгыйда. Сотору тугу эрэ эккирэтэн, кэлин атахтарынан хаары хаhыйа тэбиэлээн ыhыахтаабыта көhүннэ. Намыhах симилэххэ киллэрэн, эккирэтэн маhы, талаҕы тыаhатта.
Булчут атын симилэххэ киллэрбэккэ, иҥнэри сиринэн эргийэ барда. Ыта ханна эрэ тиэрдэн тииккэ таhаарда быhыылаах – үрэр саҥата иhилиннэ. Саттаар сэдэх мастаах тэҥкэ тыаны батыhан, нөҥүө өттүгэр кэлэн көрбүтэ – ыта тииҥи эккирэппит эбит. Үрдүк баҕайы тииккэ таhаарбыт. Сонно тута киис суолун көрдө. Ат үрдүттэн көрдөххө – саҥа суол. Онон тииҥҥэ кыhаммакка, ытын ыҥыра-ыҥыра атыттан түстэ. Киис суолун үчүгэйдик сирийэн көрдө. Бөлүүн ааспыт. Ыта кэлбитигэр, киис саҥа суолун сытырҕалатта. Ыта сыт ылан батыста. Суолу батыhан үрдүк сиргэ тахсан барбахтаан иhэн эмиэ таҥнары түhүүгэ кэллилэр. Киис суола онон-манан эрийэ-буруйа сылдьыбыт. Ол үчүгэй. Айан кииhэ буолбатах эбит. Ырааппатаҕа буолуо.
Ытын эмиэ төргүүлэнэн илиитигэр тутан иhэр. Киис чугас баарын биллэҕинэ ыытыа. Киис суола ыарҕа быыстаах силээҥҥэ киллэрдэ. Ыарҕа быыhыгар киирэн туора-маары сылдьан тиҥсирийбит. Онтон эмиэ үөhэ тахсыбыт. Суолу батыhан, онон-манан сылдьан, тоҥ күөс быстыҥа10 сонордоотулар. Илин диэки иэҕиллэн барбахтаан иhэн, хатыҥ чараҥҥа киирдилэр. Суолу сытырҕалыыр ыта кутуругун куйбаҥнаппытын көрөн, булчут ытын быатын сүөрэн ыытан кэбиhэр. Ол аата ыта киис сыта суолуттан соччо сүтэ илигин биллэҕэ. Ырааппатаҕа буолуо. Ыт суолу батыhан, инники сүүрэн элэс гынан хаалла. Сотору үрэр саҥата иhилиннэ. Тииккэ таhаардаҕа. Хата, кииhи сонордуурга түргэнник үөрэннэ. Ымыылаах ыт эбит. Атын тиэтэтэн ытыгар тиийбитэ – кииhи хатыҥҥа таhаарбыт. Кыhыҥҥы хатыҥ иинэҕэс лабаатыгар олорор киис улахан баҕайы курдук көстөр. Ымсыырбыт санааҕа эбитэ дуу?
Булчут маҥнай ытын тутан, биирдэ сүөрэ тардан босхолуур гына баайда. Чаачар саатын иитэн, тиэтэйбэккэ кыҥаан, кииhи түҥнэри ытан түhэрдэ. Ситэ өлбөккө тэбиэлэнэ сытар кииhи көхсүттэн тутан ылан, агдатын хам тутта. Ытыгар сиэбиттэн тоҥ эт тооромоhун ылан биэрдэ. Бултуйбут киhи быhыытынан, охтубут тиит үрдүгэр олорон, киис түүтүн кылаанын үрэн көрдө. Түүлээхтэн эрэ үчүгэй булт. Ол иhин нууччалар умсугуйан эрдэхтэрэ. Арай кииhи сүлэргэ сыта куhаҕан буолааччы.