Читать онлайн Өлбөт үөстэниэҕиҥ бесплатно
* * *
1921 с. күһүнэ Алдан-Маайа улууһугар булт үчүгэйдик бултатан олохтоохтор санаалара көннө. Куонаан Киристэпиэрэбис Микииппэрэп диэн саха киһитэ манна сааһын тухары булдунан ииттинэн олорбута.
Кини аҕата Байаҕантай улууһун, ийэтэ I Амма улууһун Дьоҥку нэһилиэгин дьоно этилэр буолан баран дойдуларыттан тэйэн, манна олохсуйан, олорон ааспыттара.47 Куонаан үрдүк уҥуохтаах, онно сөп модьу-таҕа эттээх-сииннээх, хара бараан, уоттааҕынан сытыытык көрбүт 32-лээх эр бэрдэ. Кэргэннээҕэ уонна 4 кыра оҕолооҕо. Үчүгэй булчут, сүрэхтээх-бэлэстээх үлэһит буолан, куһаҕана суохтук олорбуттара. Дьон-сэргэ ортотугар да үчүгэй ыалынан биллэллэрэ, ытыктабылынан туһаналлара.
Куонаан алта оҕолоох кырдьаҕас абаҕалаах. Дьон-сэргэ ортотугар улахан аптарытыаттаах киһи этэ. Куонаан абаҕатыныын олус үчүгэй сыһыаннааҕа. Абаҕата киниэхэ, аҕата өлбүтүн кэнниттэн, аҕатын солбуйбута. Сэбиэскэй былаас олохтоммутугар абаҕатын насревком бэрэссэдээтэлэ оҥорбуттара. Абаҕата насревком буолан да баран дьоҥҥо сыһыанын уларыппатаҕа, нэһилиэгин дьонун ыкпатаҕа-түүрбэтэҕэ.
1921 с. күһүнүгэр Куонаан, бэрт уһун кэмҥэ ыраата баран, бултуу сылдьыбыта. Байанайа өлгөмнүк маанылаан, үөрэн-көтөн, сыарҕа хаара түспүтүн кэннэ, сыарҕалаах атынан дьиэлээн испитэ. Ол иһэн, абаҕатын аахха таарыйан ааһарга быһаарыммыта.
Арай абаҕата аах олорор олохторугар чугаһаан истэҕинэ, ый-хай айдаан бөҕө, ытаһыы-соҥоһуу иһилиннэ. Чараас тыаны туораатын кытта билэр түөлбэтэ – хас да ыал түһүүлэнэн олорор дойдута арылынна: ыаллар тастарыгар киһи бөҕө. Аттаах дьон төттөрү-таары ойуталлар, сатыылар аймалаһаллар. Тоҕо эрэ бары саа сүгэһэрдээхтэр.
«Тыый! Туох буоллаҕай? Иэдээн буолбут быһыылаах!» – Куонаан атын чугурус гына түһүөр диэри тарта. Ол да буоллар, абаҕалааҕа олорор балаҕаннарын туһулаан хаамтаран истэ.
Сэргэҕэ чугаһаан истэҕинэ, икки бэрдээн сүгэһэрдээх бөтөстөр атын тэһиинин икки өттүттэн харбаан ыллылар. Куонаан сыарҕатыттан түһэ биэрдэ, көрбүтэ: арай, билэр уолаттара дьэргэйэн аҕай сылдьаллар эбит.
– Бу туох буола сылдьаҕыт?! Киэр буолуҥ! Миигин билбэккит дуо?! – диэт уҥа-хаҥас ыһыталаан кэбистэ.
– Хамандыыр ыыппыта! Хамандыырга бара сырыт! – уолаттартан биирдэстэрэ, хаарга түспүт бэргэһэтин тэбии-тэбии, өс саҕа буолла.
Куонаан дьиэҕэ киирбитэ, саҥаһа ытыы олорор.
– Хайа, саҥаас! Туох буолла? Уоскуйа түс уонна кэпсээ, истэбин! – Куонаан үтүлүктээх бэргэһэтин сыҥаһа ороҥҥо уурда, бэйэтэ олордо.
– Куонаан, абаҕаҕын, ити саалаах дьон тутан, илиитин кэлгийэн илдьэ бардылар: «Өрөпкүөм эбиккин! Өрөпкүөмнэри өлөртүүр дьаһал баар!» – дииллэр. Туох буруйбут-аньыыбыт иһин алта оҕобут тулаайах хаалар аналламмыттара буолла! – саҥаһа хат ытаан барда. Оҕолор эмиэ ытастылар.
– Саҥаас, уоскуй, ытаама! Тугу эмэ тобулуохпут! Оҕолор эмиэ ытаһымаҥ! Мин абаҕабын өлөртөрүөм суоҕа! – Куонаан, дьиэ өһүөтүгэр төбөтүнэн анньыллар баараҕай улахан киһи, тура эккирээтэ.
Оҕолору биир-биир төбөлөрүттэн имэрийдэ. Ахсыларынан сыллаан ылла. Саҥаһын санныттан кууста уонна таһырдьа таҕыста.
Үрүҥ хамандыыра түһэн олорор дьиэтин ыйдаран, онно тиийдэ. Дьиэҕэ киирбитэ: саас ортолоох, кытаанах баҕайытык көрбүт-истибит, үөһээ уоһугар тор курдук бытыктаах киһи кини диэки хаһымардаахтык көрө-көрө чэйдии олорбутун кубулуппата.
Куонаан дорооболосто, аатын-суолун эттэ уонна көрдөһөн киирэн барда:
– Мин эһиги туппут өрөпкүөмҥүт быраатынабын. Абаҕам баҕатынан өрөпкүөм буолбатаҕа. Күүстэринэн талан кэбиспиттэрэ. Хайыыр да кыаҕа суоҕа. Кими да атаҕастаабатаҕа. Дьонтон ыйытыҥ – туоһулуохтара. Ким да хом санаата суоҕа буолуо. Алта кыра оҕолоох, сааһырбыт киһи. Мин түөрт оҕолоохпун. Онон, тойон, эйигиттэн хоолдьуктаах бэйэм хоҥкуйан, үҥэн-сүктэн көрдөһөбүн – абаҕабын өлөртөрүмэ! Босхолоо!
– Мин үрдүкү хамандыырдарбыт – нуучча тойотторун дьаһалларын толоробун! «Өрөпкүөм барыта өлөрүллүөхтээх» диэн дьаһайаллар! Ону хайыыр да кыаҕым суох! Биһиги өлөр-тиллэр икки ардынан сылдьар сэрии дьонобут! – хамандыыр тойон өһөхтөөҕүнэн көрүтэлээтэ.
Уҥа-хаҥас көрдөҕүнэ хараҕын үрүҥэ быһах биитин курдук килбэҥниир. Куонаан көрдөспүтүн кубулуппата. Элэ-была тылын барытын эттэ. Бэрт уһуннук ылахтастылар. Бүтэһигэр тойон сылайа быһыытыйда быһыылаах: Куонааны баһыттан атаҕар диэри сирийэн, болҕойон көрдө:
– Дьэ, олус да өһөс-ньоҕой киһи эбиккин, быһыыта! Эн мин этэрбин ылыннаххына, тойотторум дьаһалларын кэһэн туран, абаҕаҕын босхолуом! Мин этэрбин ылыныаҥ дуо? «Ылыныам» диэн тылгын аҕал! Ылымматаххына – абаҕаҕын күн бүгүн ытабыт! Бытырыыстаах да быыһыа суоҕа!
Куонаан абаҕатын тыыннаах хаалларар түгэни мүччү туппат инниттэн:
– Саатар эрэ! Абаҕам уонна кини оҕолорун туһугар тугу этэргин барытын толоруом! Эн этиигин ылынабын! – Куонаан үөрүүтүттэн тура эккирээтэ.
– Дьэ, оччоҕо иһит! Биһиги бассабыыктары, чыкаалары утары сэриилэһэбит! Онно элбэх сыра-сылба, күүс-күдэх, сытыы өй-санаа мунньуллара наада! Сыылба-мөлтөх дьоҥҥо наадыйбаппыт! Биһиэхэ бу эн курдук эр бэрдин бэрийэр бэртэрэ наадалар! Мин эйиэхэ этэрим маннык: Биһиэхэ холбос! Эн хорсун саллаат, сыыйа үчүгэй хамандыыр буолуоххун сөп киһи эбиккин!
Дьэ, билигин иккиттэн биирин талаҕын: эбэтэр биһиэхэ холбоһоҕун – абаҕаҕын быыһыыгын! Эбэтэр абаҕаҕын биир-биэс тыла суох бүгүн ытабыт!
Куонаан соһуччута бэрдиттэн сүүскэ бэрдэрбит курдук буолла. Орон сыҥаһатыгар «лах» гына олоро түстэ: «Итинник эргитэн таһаарбыт эбит дии! Аата, күтүр өстөөх, санаата куһаҕанын! Маҥнай киһини ытарчаҕа ылар, онтон биирдэ хараҥа санаатын этэр! Ооҕуй оҕустан туох атыннааҕый?! Арай, аккаастаныым?! Оччоҕо – биир тыла суох, көрдөрбүтүнэн, абаҕабын ыттарар! Суох, оннук сатаммат! Бэйи, туох диэх баҕайыный?..»
– Хайа, тоҕо тылгыттан маттыҥ?! Аккаастанаҕын дуо? Этэ оҕус!
– Бэйи, тохтоо, соһуччута бэрт! Мин тыаҕа өр сылдьан, бултаан иһэбин. Дьоммун кытта сүбэлэһиэм этэ. Мин эмиэ элбэх оҕолоох киһибин. Өйүүҥҥэ диэри көһүтүҥ – быһаарынан баран, кэлиэм. Онуоха диэри көһүтүҥ!
– Чэ, өйүүҥҥэ диэри толкуйдан. Өйүүн сарсыарда кэлбэтиҥ да абаҕаҕын ыттарабын!
Куонаан бэргэһэтин, үтүлүгүн ылан, бытааннык, оргууй аҕай, тахсан барда. Кэри-куру буолбут сирэйдээх-харахтаах киһи, саҥаһын аахха таарыйан, этэн ааста. Дьиэтигэр ыарахан санааҕа-онооҕо ылларан тиийдэ. Кэргэнэ, оҕолоро, аата, үөрбүттэриэн! Төһө кыайарынан, санааргыы сылдьарын биллэрбэккэ буола сатаата да, кэргэнэ хара маҥнайгыттан кини улаханнык санааргыы-харааста сылдьарын сүрэҕинэн-быарынан сэрэйдэ. Оннук чэйдээтилэр, аһаатылар.
Киэһэ буолла. Куонаан атын аһата ыытан киирдэ. Кыра уола сүүрэн кэлэн: «Аҕаа, миэхэ убайым саатын курдук саа оҥорон биэриэҥ дуо?» – диэтэ. Куонаан талаҕынан ох саа оҥорон биэрэ оҕуста. Оҕотугар оонньуур саа оҥорор эрэ кэмигэр санаатын-оноотун кылгастык умнан ылла. Уолчаана саҥа сааланан үөрэн-көтөн чаҕылыҥныырын көрөн, ис-иһиттэн сылаанньыйан ылла. Оҕолорун барыларын төбөлөрүттэн имэрийэн сыллаталаан ылла.
Оҕолорун утута сытыартаан баран биирдэ, Куонаан кэргэнигэр туохха түбэспитин сибигинэйэн кэпсээтэ. Дьахтар барахсан оргууй аҕай ытаан сыҥырҕаан барда. Эр киһи аны кэргэнин ааттаһан, уоскута сатаан барда. Дьахтар дириҥ-дириҥник уһуутаата, уоскуйбут курдук буолла. Ороннорун оҥостон сыттылар. Дьахтар, эриттэн кистээн, түүнү быһа ытаата. Сарсыарда эрдэ турдулар.
Куонаан сүрдээх түүллээх, ичээн курдук киһи буолан испитэ. Чэйдии олорон кэргэнигэр:
– Дьэ, доҕоччуок, түүл-бит куһаҕан буолла. Мин, баҕарбатарбын да, ити баҕайылары кытта барабын. Инньэ гымматахпына, саллар-сааһым тухары санаа кулута буолабын, абаҕабын өрүһүйэр, кыра да буоллар, кыах бэриллибитин туһамматахпынан. Кини тыыннааҕын тухары эһигини көрө-истэ сылдьыаҕа. Эрэйгэ-кыһалҕаҕа бэйэҕитин эрэ хаалларыа суоҕа. Мин этиэҕим. Онон, сарсыҥҥы күнтэн ыла, быралыйар бырастыы буоларыгар тиийэр. Итинтэн атын суол – суох! Онон, саатар, бүгүҥҥү күнү үчүгэйдик өйдүү-саныы сылдьар гына атаарыахха, доҕоччуок, – диэтэ. Кэргэнин кууһан, сыллаан ылла.48
Этэргэ дылы, күнү сүрдээх үчүгэйдик атаардылар. Киэһээҥҥи аһылыктарын аһаан баран утуйдулар. Сарсыарда эрдэ, халлаан сырдаан эрдэҕинэ турдулар. Куонаан атын тутан, айаҥҥа бэлэмнээтэ. Киирэн, кэргэнинээн саҥата-иҥэтэ суох, кэри-куру олорон, чэйдээтилэр. Онтон туран таҥынна. Утуйа сытар оҕолорун биир-биир сыллаталаан ылла. Кэргэнин кууһан туран:
– Чэ, доҕоччуок! Оҕолорум барахсаттар! Этэҥҥэ буолуҥ! Мин ханна да буолларбын эһигини саныам! Үрдүк Айыылартан эһиги этэҥҥэ сылдьаргыт, олороргут туһугар көрдөһө-ааттаһа сылдьыам! – диэтэ.
Дьиэтин ис бараанын эргиччи көрөн баран, эргиллэн, таһырдьа таҕыста. Дьахтар ытаан санна дьигиҥнии олордо.
Ахсым ат туйаҕын тыаһа тус арҕаа диэки барбытын истэн, таһырдьа тахсан, Куонаана тыа саҕатыгар тиийиэр диэри көрөн турда: «Кытаат! Кэннигин хайыһыма! Кэннигин хайыспатаххына – тыыннаах эргиллиэҥ!» – дии санаата.
Куонаан тыа саҕатыгар чугаһаан иһэн, кэннин хайыһан, кэргэнигэр илиитинэн далбаатаата.
* * *
1921 с. бүтүүтүн диэки Илин Эҥээр улуустарыгар барыларыгар Дьокуускайтан губчека боломуочунайдарын сырыылара-айаннара элбээбитэ. Нэһилиэнньэттэн аһы-үөлү, баайдартан көмүһү, көмүстэн оҥоһуктары хомуйууга чыкаалар хомсомуоллары, хомуньуустары таһынан волревкомнар уонна насревкомнар чилиэннэрин – барыларын атахтарыгар туруорбуттара. Манна кытыы-түгэх нэһилиэктэри эмиэ тумнубатахтара. 1921 с. сэтинньи 4 күнүнээҕи дьаһалынан, нэһилиэнньэҕэ баар сааны-сэби барытын хомуйуу саҕаламмыта. Илин Хаҥалас Чыамайыкы нэһилиэгэр бу дьаһал эмиэ кэлбитэ.
Насревком чилиэнэ Сэмэн Мэхээлэйэп, бэрэссэдээтэлэ Давид Федоровтыын бу дьаһалы толорорго күһэллибиттэрэ. Сэмэн, харыһыйдар да, булка сөбүлээн илдьэ сылдьар бэрдээнин туттарбыта: «Насревком чилиэнэ буолан баран туттарар буоллаҕым, хайа сирэйбинэн нэһилиэгим дьонун «Сааҕытын туттарыҥ диэхпиний?» – дии санаабыта. Бэрдээнин кытта доруобунньугунан ытар сааны туттарбыта.
Нэһилиэк дьоно сааларын харыһыйа-харыһыйа туттарбыттара. Сорох үчүгэй саа туттарыллыбатаҕын Сэмэн билэрэ да, ону булдунан эбинэр кимтэн да көрдөөбөтөҕө, сааны хомуйааччыларга кэпсээбэтэҕэ. Үчүгэй саа диэн, тыа киһитин саамай күндү мала буоллаҕа дии.
Биирдэ Караванов Федор Иванович диэн губчека боломуочунайа кэлэн, дьону хомуйтаран, мунньах оҥорбута. Суоһурҕанан карабинын бэйэтин үрдүнэн үөһэ ыйаабыта, остуолга бэстилиэтин ууруммута. Тылбаасчыт нөҥүө уһуннук тыл эппитэ. Мустубут дьон чуумпуран олорон истибиттэрэ.
– …Сюда с востока идут белые, а мы – красные… – диэбитин аргыһа сахалыы тылбаастаабытын биир элбэх саҥалаах киһи алҕас:
– Оччоҕо биһиги үрүҥнэр буоллахпыт… – диэн кэбиспитигэр мустубут дьон соһуйбуттарын көрөн, Караванов аргыһын ыҕарыйан туран тылбаастыырыгар соруйбута…
– Ах, вон оно как! Ну, я вам покажу, что значит… если, вы все белые! Оказывается, поэтому все наши распоряжения медленно и нехотя выполняете! Ну, бандиты! Скоро приду!.. Разговор с вами будет намного круче, чем сейчас!.. – инньэ диэт, түргэнник хомунан, аргыһынаан таһырдьа ойдулар.
Хас да хонон баран төттөрү иһэр сураҕа иһилиннэ. Караванов Ой Бэскэ хоно сытан чыамайыкыларга: «Губчекаттан көҥүл ылан иһэбин – бандьыыттары бандьыыттар курдук тутуом, сорохторун хаайыыга ыытыам, атыттарын ытан өлөрүүнэн накаастыам!» – диэн сааммыт.
Нэһилиэк дьоно ону истэн куттаныы бөҕө буоллулар! Икки эдэр уол, кимтэн да ыйыппакка-көҥүллэппэккэ, кэлэр суолугар чокуур бинтиэпкэлээх тоһуур оҥордулар. Сыарҕалаах аттаах кэлбит Каравановы суол кытыытыгар саһа сытан ыттылар. Биирдэрин саата эстибэтэ. Иккиһэ – сыыһан кэбистэ. Сыарҕалаах аттаахтар түргэнник эргиллэн, миэстэлэриттэн ойутууларыгар, барааҥкалаах киһи эһиллэн хаалла. Тура эккирээт, тыаҕа түстэ.
Уолаттар бэрт түргэнник дьиэлэригэр төннөн, дьоҥҥо тугу гыммыттарын уонна Караванов кэлбитин кэпсээтилэр. Дьон кырдьаҕас өттө, уолаттары улаханнык мөҥөр-этэр солото суох түргэнник мустан, ыалга сүбэ мунньах оҥордулар.
– Дьэ, доҕоттоор, иэдээн буолла! Харабаанап чыкаа ааспат-арахпат абааһы буолан буулаата! Хайдах буолабыт? Ону сүбэлэһээри барыгытын мустубут, – нэһилиэккэ улахан ытыктабылынан туһанар сааһырбыт киһи дьонун, эргим-ургум тутар курдук быһыынан, чинчилиирдии көрдө.
Бары саҥата суох сөҥөн олорбохтоотулар. Онтон хас да түс-бас көрүҥнээх саас ортолоох дьон санааларын истэн баран, биир санааҕа, иэдээни-алдьархайы оҥоруон иннинэ, «Каравановы суох гынарга» диэн ыарахан быһаарыныыны ылыннылар.
– Биһиэхэ маннык быһаарыныы кыһалҕаттан үөскээтэ: Күн сырдыга кимиэхэ барытыгар күндү! Харабаанап биһиэхэ үчүгэйи санаабакка кэллэ! Кини тыыннаах хааллаҕына, бары Күн диэки үстэ эрэ көрөбүт! Ким маны толоруох эр сүрэхтээх баарый? – диэн ыйытыыга бары саҥаларыттан матан олордохторуна, таһырдьа ыт үрдэ.
Аан таһынааҕы атах ороҥҥо олорбут биир дьадаҥы таҥастаах киһи туран таһырдьаны өҥөйөн көрдө:
– Сэмэнчик Мэхээлэйэп арҕааттан от тиэйэн кэллэ. Ылыннаҕына – кини ылыныаҕа. Этэн көрүҥ, – диэтэ.
Чочумча буолан баран, эрчимнээх баҕайытык ааны тэлэйэ баттаан, аан туманы бүрүммүтүнэн насревком чилиэнэ Сэмэн Мэхээлэйэп киирэн кэллэ.
– Хайа, бу туохха аттанан-атыырданан бары муһуннугут? Туох үлүгэрэ буолла? – Сэмэн уҥа ороҥҥо Караванов сыарҕаттан эһиллиитигэр суолга түһэн хаалбыт карабинын тутан олорор Хайдаала Уола Бүөтүргэ кэлэн кэккэлэһэ олордо. Бэргэһэтин устан, болҕомтолоохтук истэргэ бэлэмнэннэ.
Кырдьаҕастар туох буолбутун, туох быһаарыныыга кэлбиттэрин кэпсээн биэрдилэр. Сэмэн, саҥата суох олорбохтоон баран, Хайдаала Уолуттан карабины эһэ охсон ылла. Карабин сыалын болҕойон көрдө. Онтон, маҕаһыынын арыйан, хас ботуруон угулла сылдьарын сүөкээн, аахта.
– Түөрт ботуруоннаах, сыала хамсаабатах саа эбит. Эргэ соҕус буолан баран, көнө буолуон сөп. Чыкаа хайаан куһаҕан сааны илдьэ сылдьыай? Ким да үтүө баҕатынан сөбүлэммэт буоллаҕына, хайыахпыный, мин барабын! Бар дьонум, нэһилиэгим дьонун туһугар, көрөн баран олоруом дуо? Биир үчүгэй киһитэ аҕалыҥ! Мин сааларым ыраах бааллар, ол иһин бу сааны ылабын! Чэ, түргэнник! – диэн тиэтэттэ.49
Сэмэҥҥэ көмөҕө Хайдаала Уолун биэрдилэр. Киһилэрэ дьиэтигэр баран, бэрдээнин ылан кэллэ. Сыарҕалаах атынан тоһуур буолбут сиригэр илтилэр.
Уолаттар Караванов тыаҕа түспүт суолун батыһан истилэр. Арҕаа – кэлбит суолун батыһа барбыт. Өр буола-буола суолга киирэр уонна салгыы тыанан айанныыр эбит. Биир сиргэ саабылатын хаарга туруору анньан хаалларбыт. Хайдаала Уола ону ылаары гыммытын Сэмэн тохтотто:
– Тыытыма! Туох эрэ сыаллаах хаалларбыт! Төннөн иһэн сэрэнэн көрүөхпүт.
Салгыы баран истилэр. Биир сиргэ, олох саҥардыыта, суолтан туораан, бэйэтин суолугар тоһуур оҥороору гынан баран, хаххаланар миэстэтин сирэн буолуо, суолугар төннөн, салгыы, көнөтүк барбыт.
– Сааҕын бэлэм тутан ис! Чыкаабыт кутталланна! Сотору соҕус саһан сытан ытыалыаҕа! – Сэмэн санныттан карабины ылан, маҕаһыыныттан патроннигар ботуруону анньан киллэрэн, сомуогун туруоран, ытарга бэлэм истэ. Охтубут сыгынах мастардаах аһаҕас соҕус ойуурга кэллилэр. Эмискэ сыгынах кэнниттэн бэстилиэттээх киһи кэллэ! Сэмэннээх тииттэр кэннилэригэр сөрүөстэ түстүлэр. Бэстилиэт тыаһа иккитэ таһырҕаатын кытта Сэмэн сөрүөстэн турар тиитин хатырыгын буулдьалар тоҕута көтөн аастылар. Сэрэнэн, саһан турар тиитин атын өттүттэн кэтээн турда.
Сыгынах кэнниттэн бэстилиэттээх илии быкта. Тарбаҕар туох эрэ кылабачыйарын кыҥаан баран, Сэмэн ытан хабылыннарда. Ону кытта сыгынах кэнниттэн барааҥкалаах киһи илиитин туттубутунан хорос гына түстэ. Эмискэ Хайдаала Уолун бэрдээнин тыаһа ньиргийээтин кытта киһи, охсуллубут оттуу, сыгынах кэннигэр сууллан түстэ. Бу барыта чыпчылыйыах икки ардыгар буолла.50
Тиийэн көрбүттэрэ, хайыы үйэ өлөн сытар эбит. Сэмэн биһилэхтээх тарбахтаах илиитигэр ыппытыгар, табыллан хорос гына түһүүтүгэр, кэтээн турбут Хайдаала Уола баска түһэрбит. Төннөн иһэн, били, хаарга туруору анньыллыбыт сэби ылан ааһарга сананнылар. Хайдаала Уолун халбарыччы анньан баран, Сэмэн аргыый аҕай хаары ыһан көрбүтэ: Караванов саабыла кыынын тумсугар «лимонка» граната чекатын синньигэс быанан баайан «айа» оҥорбут эбит! Мааҕын, Хайдаала Уола сулбу тардан ылбыта буоллар, иккиэн өлүөх эбиттэр! Түөрт сыл кэриҥин анараа өттүгэр Саха национальнай гвардиятыгар сулууспалаабыт буолан, Сэмэн, барытын кэмигэр өйдөөн, тыыннаах хаалбыттарыгар махтал буолла!
Сотору Чыамайыкы нэһилиэгин кэккэлэһэ нэһилиэккэ илинтэн бастаанньыстар этэрээттэрэ кэлбитэ. Сэмэн Мэхээлэйэп уонна Хайдаала Уола онно баран холбоһоору хомуммуттарыгар Сэмэн абаҕата Ньукулай Мэхээлэйэп-Кээйэ Ньукууһа:
– Бэрдимсийэн чыкаа киһитин садаҕаластыҥ! Онно-манна кыттыспакка, барбакка-кэлбэккэ сүгүн олор! Салгыы былааһы утараары оҥоһуннуҥ дуо? – диэн быраатын мөхтө.
– Эн, абаҕам оҕонньор! Миигин кыра оҕо курдук үөрэтээри гынаҕын дуо?! Бэйэҥ уолаттаргын үөрэттэрбитиҥ, оттон миигин, собус-соруйан, үөрэхтэн-билииттэн матарбытыҥ! Ол курдук салгыы тутан олороору гынаҕын дуо?! Дьонум-сэргэм, саха омуга баар дуу, суох дуу буолалларын быһаарыахтаах күҥҥэ-дьылга, эн этиигинэн, манна быар куустан, лаглайан баран олоруохтаахпын дуо?! Саҥам диэн, наадата-туһата суоҕу, букатын саҥарыма! – Сэмэн абаҕата оҕонньору саба саҥаран кэбистэ.
Нөҥүө күнүгэр таҥастарын-саптарын оҥостон, сааларын-сэптэрин хомунан, үрүҥ этэрээтэ баар, кэлбит сиригэр Хайдаала Уолунуун барбыт сурахтара иһилиннэ.
* * *
Алексей Елисеевич Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй Дьокуускайга өр буоларын уруккуттан сөбүлээбэт. Быйыл да оннук буолла.
Уобалас үрдүнэн бүрүүкээбит саҥа былаас омсолоох дьаһаллара, чыкаалар үүнэ-тэһиинэ суох барыылара тэһииргэппит, кими да итэҕэйбэт-эрэммэт буолбут нэһилиэнньэ бары араҥалара онно эбии буоллулар.
Бэйэтэ да сааһын тухары кыараҕаска-кыбычыыҥҥа хаайтара үөрэммэтэх киһи – Өксөкүлээх Өлөксөй аҕыйах кэмҥэ маннык олоххо-дьаһахха өйө-санаата буорайа сыста. Кини саллар-сааһын тухары ыраас салгыннаах, сайаҕас санаалаах дьонноох, кэрэ айылҕалаах эйгэҕэ сылдьыбыт уонна онно дьулуспут киһи буоллаҕа.
Өксөкүлээх бу сылдьан саха урукку өрөбөлүүссүйэлэр иннилэригэр биллибит-көстүбүт интэлигиэннэрин, бэйэтин үөлээннээхтэрин, туһунан элбэхтик да санаата. Кини ордук Микииппэрэби суохтаабытын билиннэ: «Василий Васильевич үтүө да киһи эбитин билигин кэлэн эрэ, дьиҥнээҕинэн сыаналыырбытын чэгиэн өйүнэн өйдүүргэ ыарахан. Бу икки атахтаах диэн баар – дьикти айылгылаах харамай! Киһи үтүөтүн-өҥөтүн бэйэбит аттыбытыгар суох эрэ буоллаҕына саныыбыт! Оттон кини тыыннааҕар, эбэтэр, чугаспытыгар үлэлии-хамсыы, үөрэ-көтө сырыттаҕына – суох! Саха киһитин айылгытыгар, былыр-былыргыттан, маннык баара – биллибэт! Арааһа, ардыгар, манныгы алтыспыт уонна истибит-билбит омуктарбытыттан ылабыт дуу, хайдаҕый?
Василий Васильевич саха интэлигиэнсийэтин бүтүннүү биир сүрүнүнэн үлэлииргэ-айарга, биир санаанан кэскили тэринэргэ салайбыта, чуолаан, бу кэмҥэ – бу күннэргэ, барыбытыгар өйдөннө.
Өйдөөн кэбиһиэҕиҥ: үйэ саҕаланыытын сылларынааҕы түмсүүлэри, «Сахалар сойуустарын», 1912 сыллааҕы съеһи уо.д.а. тэрээһиннэри. Оччолорго даҕаны, туора-маары ыстаҥалыан, ойуоккалыан баҕарааччылар суох буолбатахтара, бааллара ээ! Олору барытын оруннаах, сүбэ-ама, сүгэ-балта тылларынан сөптөөх ыллыкка, суолга төннөрөрүн, билигин кэлэн, ким мэлдьэһиэй?!
Василий Васильевич ыксатыгар-чугаһыгар сылдьыбыт эбэтэр кини баарын уонна ыллыктаах тылын-өһүн ыраахтан да истэ-билэ сылдьыбыт диэн дьол эбит… Кини бэйэтин солбуйуох ыччаттары бэлэмнээн испитин билигин эрэ болҕойон көрөбүт. Ол дьон кини суолунан сатаан барыахтара уонна салгыы барыахтара дуо? Оннук буолара уонна туолара буоллар, дьол буолуох эбит…
Гавриил Ксенофонтов, Алексей Широких, Арамаан Оросин, Георгий Ефимов уонна да атыттар, олус үчүгэй уолаттар ээ. Биһиэхэ кэнники ыйдарга быһыы-майгы олус куһаҕан өттүгэр уларыйаары гынна быһыылаах. Ол кэмҥэ куорат иһигэр олоруоҕу баҕарыллыбат… Ханнык баҕарар киһини былыргы өбүгэлэрбит: «Төрдө-төбүрэҕэ өтөр», – дииллэрэ олус сөп!»
«Мин эмиэ быыс кэмҥэ бар дьонум түөлбэлээн олорор Илин Эҥээргэ таҕыстахпына табыллыыһы», – дии санаата да, үргүлдьү олоххо киллэрэргэ быһаарынна. Кумааҕыларын хомуйан бэрээдэктээтэ. Илдьэ барыахтаах кумааҕыларын, суруйар тээбиринин, харандаастарын хомунан-сааһылаан суумкаҕа угунна. Тохтуу түһэн баран санаата: «Былатыантан суруктаах бардахха табыллыыһы. Инньэ гымматахха чыкаалар тутан, мэһэйдэһэ сылдьыахтара. Былатыан, бэйэтэ улахан хоһоонньут, суруйааччы буолбут ыччат, миигин, убайын, өйүөҕэ. Кинилиин табыллан кэпсэтээччибит. Киниэхэ эрэлим улахан…»
Сарсыарда губревкомҥа тиийэн, Ойуунускайы аан хоско көһүтэн олордоҕуна, киһитэ бэйэтэ тахсан кэллэ:
– Оо! Убайым Өлөксөй Дэлиһиэйэбис кэлэн олорор эбиккин дуу?! Тоҕо олороҕун, быһа киириэххин! Эйиэхэ суол аһаҕаһын билбэт эбиккин! Чэ, киирдибит! – уонна бокуойа суох хоһугар илдьэ киирдэ.
– Дьэ, оҕом, быраатым! Миэхэ көмөлөстөххүнэ сатаныыһы. Манна тыыным-быарым ыгылынна. Дойдубар тахсан суруйуунан, норуот айымньытын хомуйуунан дьарыктаныыһыбын.
Бу быыс кэмҥэ норуот сээркээн сэһэнньиттэрэ, ырыаһыттара, олоҥхоһуттара өйдөрө-санаалара тыҥаан сырыттахтара дии! Олору истэн, хомуйан хааллардахха – кэнэҕэски ыччат дьон сыаналыахтара этэ.
Былатыан Өлөксүөйэбис, үлэҥ-хамнаһыҥ үмүрүйүөх курдук буоллаҕына, мин холобурбун батыһыах этиҥ… Онон, эйигиттэн Илин Эҥээр улуустарга тахсарга көҥүл ыла, көрдөһө кэллим, – Өксөкүлээх кыһалҕатын туруору эттэ.
– Убайым, олус сөпкө быһаарыммыккын! Мин ону хайдах өйүөм суоҕай?! Дьэ, кытаат! Этэҥҥэ, ситиһиилээхтик сылдьан кэлээр! Күүтүөхпүт! – Ойуунускай остуолун дьааһыгыттан буруопус былааҥкатын ойутан таһааран суруйа оҕуста. Остуолун ойоҕоһугар турар улахан ыскааптан бэчээтин таһааран уурда, илии баттаата. Уонна суруйбут кумааҕытын Өксөкүлээххэ уунна.
– Дьэ, бэрт! Махтал! – Өксөкүлээх кумааҕытын бүк тутан, түөһүн сиэбигэр угунна. – Былатыан, аныгы көрсүһүүгэ наҕылыччы кэпсэтиэхпит. Чэ, көрсүөххэ диэри!
– Көрсүөххэ диэри! – Ойуунускай Өксөкүлээххэ илиитин биэрдэ.
Ити күн Өксөкүлээх Илин Эҥээргэ туораата. Дойдутун Тааттаны туһаайан айаннаан иһэн, аара билэр сээркээн сэһэнньиттэригэр, олоҥхоһуттарыгар, ырыаһыттарыгар, үҥкүү тыла этээччилэргэ, оһуокайдьыттарга наҕылыччы сылдьыталаата.
Бар дьон ханна барытыгар кинини үөрэ-көтө көрүстүлэр. Хонук сирдэригэр дьоро киэһэлэри тэрийдилэр. Мэҥэ, Боотуруускай, Таатта улуустарыгар Өксөкүлээҕи билбэт киһи суох. Ол сылдьан губчека боломуочунайын Степан Максимович Аржаковы көрүстэ. Аржаков эмиэ үөрэ-көтө көрүстэ. Буруопуһун балачча уһун кэмҥэ сылдьар гына уһатан биэрдэ. Ситиһиилээх сырыыны баҕарда.
Боотуруускай уонна I Амма улуустарын быысаһар нэһилиэктэриттэн биирдэстэригэр хонук сиригэр олордоҕуна, таһыттан хас да бэрдээн саалаах дьон аан туманы бүрүммүтүнэн көтөн түстүлэр:
– Дьиэлээхтэр, дорооболоруҥ! – таба саҕынньахтаах, дорҕоонноох саҥалаах киһи балаҕан дьиэ иһин эргиччи көрдө. Оттуллан турар көмүлүөк оһох иннигэр аргынньахтаан олорор Өксөкүлээҕи көрө биэрээт:
– Оо! Убайбыт Өксөкүлээх Өлөксөй илэ бэйэҕинэн олорор эбиккин дуу?! Дорообо! Үтүө киэһэ буоллун! – илии тутуһан дорооболосто. – Дьэ, биһиги – үрүҥ бастаанньа этэрээтэ – илинтэн иһэбит! Бассабыыктар, чыкаалар былаастарын сылдьыбыт сирбит аайы суулларан, Арҕаа эҥээргэ тахсан, Дьокуускайы ылан, норуот былааһын олохтуур аналлаах кэллибит!
Мин бастаан иһэр этэрээт ыстаабын начаалынньыгабын! Дьоммун кытта манна хонон, күндү ыалдьыккытын кытта астына кэпсэтэн ааһыам. Сүрүн этэрээт салгыы барда. Чэ, бэрт!
Хоноһолордуун, дьиэлээхтэрдиин бу киэһэни дьоро киэһэ курдук көрсүбэтилэр. Ол оннугар тыҥааһыннаах түгэннэр тахсыталыах курдук буолбуттарын Өксөкүлээх Өлөксөй өтө көрөн олорон, сымнатан-мүлүрүтэн истэ. Итинник аһыы да олорон, утуйаары да сытан ис санааларын, ис дьиҥнэрин билистилэр. Бастаанньа этэрээтин ыстаабын начаалынньыга дьиэлээхтэри да, кинилэр күндү хоноһолорун да бэйэтигэр тардар, олуурдаах этиилэрин дьиэлээхтэр туруору аккаастыылларын, Өксөкүлээх кыайарынан атыҥҥа аралдьытан, бэл, күлүүгэ-оонньууга тиэрдэн абыраата.
– Алексей Елисеевич! Эйигин саха норуота, ол иһигэр биһиги – бастаанньыстар – улаханнык ытыктыыбыт. Эн курдук биллэр-көстөр, ытык киһи биһиэхэ быһаччы кыттыһан, норуоккар биһиги туспутунан, биһиги охсуһар охсуһуубут суолтатын сырдатан пропаганда-агитация ыытарыҥ буоллар улахан өҥөнү-көмөнү оҥоруоҥ этэ. Ону туох дии саныыгын?!
Кулаковскай бу эриирдээх ыйытыкка туруору хоруйу биэрэртэн туттунна. Киһитэ өһүргэнэн-кыыһыран турдаҕына, туох да үчүгэй тахсыа суоҕа өйдөнөр буоллаҕа:
– Дьэ, доҕоор, этиэххин эттэҕиҥ… Эйигин толору өйдүөххэ сөп. Бар дьонуҥ туһугар, бэйэҥ дьылҕаҕын толук уураргын да кэрэйбэт быһаарыныыны ылыммыт киһи көмөнү, өйөбүлү эрэйэриҥ сөптөөх суол. Мин эһиги хорсун-хоодуот быһыыгытын, бар дьоҥҥутун быыһыыр-босхолуур үтүө санааҕытын өйдүүбүн! Эһигини өйдүөххэ сөп, ол гынан баран: «Биһигини омуктар – Дьоппуон, Эмиэрикэ – өйүүллэр, көмөлөһүөх буолаллар», – диигин дии. Ол аата, Арассыыйаттан атырдьах салаатын курдук арахсарга тиийэбит. Дьиҥинэн, омуктарга биһиги күндү түүлээхпит, уонна, кыахпытын ыллахтарына, сирбит баайа эрэ наада. Уонна – суох. Ол биһиги тымныыбытыгар, эргиччи кыһалҕалаах олохпутугар наадыйыахтара дуо? Кинилэргэ барыс, кими эрэ хабалаҕа ылан үйэ тухары ыан ыла олорор ынах курдук оҥостуу эрэ наада. Хапытаал баһылаабыт дойдулара буоллаҕа.
Ханнык эрэ улуу омугу кытта үүт турааннык, этэҥҥэ олорорго ол омук өйүн-санаатын, ааспыт устуоруйатын, бүгүҥҥү олоҕун-дьаһаҕын, үөрүүтүн-кыһалҕатын, бэйэтин иһигэр баар араас араҥаларын бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннарын үчүгэйдик билиэххэ наада.
Биһиги, сахалар, үс сүүсчэкэ сыл устата аан дойду биир улахан, кыахтаах омугун – нууччаны – кытта куһаҕаммытын-үчүгэйбитин барытын бэркэ диэн билэн-билсэн кэллибит. Бу, дьиҥэр, улахан кылаат. Нууччалары биһиги, саха дьоно, бэркэ биллибит. Кинилэри кытта сыһыаҥҥа сыыстарыыны таһаарбат кыахтаахпыт. Оттон ити этэр эмиэрикэлэргин уонна дьоппуоннаргын төһө билэбитий? Олох – суох!
Дьоппуоннары үйэ аҥаарын анараа өттүгэр нууччалар эрэ буолбакка, бэл, Дьобуруопа уонна Эмиэрикэ омуктара билбэт этилэр. Дьоппуоннар, ол курдук, тас ааннарын «лип» курдук хатанан-саптынан олорбуттарын билэҕит. Дьоппуоннар сүрдээх хабыр, аһыныгаһа суох майгыннаахтарын бэйэлэригэр чугас уруулуу кэриэй уонна маньчжур омуктарга кыыллыы сыһыаннарынан көрдөрбүттэрэ. Ону үчүгэйдик билэҕин.
Ити омуктары кытта биһиги хаһан да алтыспатахпыт, майгыларын-сигилилэрин уонна атыттарга сыһыаннарын билбэппит. Дьоппуон, кытай, эмиэрикэ биһигини илиилэригэр ыллахтарына, улаханнык сээн диэбэттэрэ уонна мааны оҕо оҥостон тараҥнаппаттара буолуо оҥоробун. Уонна ол санаабын урут суруйан, бар дьонум билиитигэр таһааран турабын. Ону хайдах ылынаргыт, бэйэҕит киэнэ, мин туох да диэн олуйсубаппын. Баҕар, сыыһарым буолуо. Мин баҕарар баҕам диэн саха бастыҥ дьоно бу иэдээннээх кыһыл-үрүҥ сэриитигэр этэҥҥэ ордоро эбитэ буоллар диэн…
– Сэрии буолан баран, хайа да өттүттэн өлүү-сүтүү тахсыа буоллаҕа. Инньэ диэн быар куустан, туохха да кыһаммакка, террорга, баттыгаска-атаҕастабылга, барытыгар сөбүлэһэ-эйэлэһэ олоруохпут дуо? – ыстаап начаалынньыга сөбүлэспэтин биллэрдэ.
– Мин сөбүлэһиҥ, атаҕастабылга эйэлэһиҥ диэбэппин. Муҥур уһуктан атаҕастабылы-батталы утары турбуккут өйдөнөр суол. Ол гынан баран, атаҕастааччылар сыыһаларын билиннэхтэринэ уонна өйдөһөргө-иллэһэргэ ыҥырдахтарына, киэр хайыһымаҥ диэм этэ. Бука, мин санаабар, сотору өйдөнүөхтэрэ. Кыһалҕа обургу кыһайдаҕына. Ол кэмҥэ өрө баран, өсөһөн биэрэн эрэйи элбэтимиэххэ дии саныыбын. Дьэ, ону сэриилэһэр дьон, бэйэҕит билиэххит буоллаҕа.
Мин эһиэхэ кыттыһыахпын боотур хаана төрдүттэн сыстыбатах киһибин. Атыннык эттэххэ, нууччалыы эттэххэ, либералбын уонна гуманиспын. Чэ, ону, бэйэҥ хайдах өйдүүргүнэн буоллун. Утуйуоҕуҥ, түүн ыраатаары гынна, – Кулаковскай улаҕа диэки эргийэн кэбистэ. Уу чуумпу буолла. Бары утуйан, саҥа-иҥэ тохтоото.
Сарсыарда эрдэ туран чэйдээтилэр. Бэҕэһээҥҥи курдук күө-дьаа кэпсэтии мэлийдэ. Аттарын көлүйэн, ыҥыырдаан баран ыстаап начаалынньыга Өксөкүлээҕи кытта илии тутуһан быраһаайдаста. Икки өттүттэн, кылгастык, үтүө тылынан этэҥҥэ сылдьыыны баҕарсан араҕыстылар. Үрүҥ этэрээтин ыстаабын начаалынньыга арҕаа, Өксөкүлээх – илин диэки туһаайыынан айаҥҥа туруннулар. Тымныы тыаллаах сарсыарда этэ.
Ыстаап начаалынньыга, кырдьыга, Өксөкүлээх бу ыалга хонуктуу кэлэрин истибитэ уонна анаан-минээн кэлбитэ. Кини маҥнай: «Өксөкүлээҕи, арааһа, куораттан кыһыллар анаан эрэспиэскэлэтэ ыыппыт буолуохтаахтар. Уонна тоҕо маннык кутталлаах кэмҥэ улуустары, нэһилиэктэри кэрийэ сылдьыаҕай?» – дии санаабыта. Ол иһин хара маҥнайгыттан Кулаковскай интэриэһэ көбөн элбэхтик ыйытарын наадатыгар ыһа-тоҕо үрүҥ хамсааһын сыалын-соругун кэпсээбитэ: «Чахчы кыһыллар үспүйүөннэрэ буоллаҕына, үгүһү токкоолоһон ыйытыаҕа», – диэн.
Ону баара, киһитэ кини кэпсээнин букатын сэҥээрбэтэ, ыйыппата даҕаны. «Үспүйүөн буолбатах эбит!» – дии санаабытын ыстаап начаалынньыга атын этэрээттэр тойотторугар түргэнник тиэрдитэлээтэ.
А.Е. Кулаковскай буоллаҕына, икки өттүттэн сүгүннүө суохтар диэн, үгүстүк ким да сылдьыбат бүк сирин булан, саһан олорорго күһэлиннэ.
* * *
Хоболоох суол ааһар Арҕаа Хаҥалас улууһун Хахсык нэһилиэгин олохтоохторо хаһаайыстыба тэриниитин өттүгэр олус үчүгэйдэрэ. Байан-тайан олоруу кинилэргэ элбэҕэ.51
Тохсунньу ортото ааһан, тымныы саамай өрөгөйө кэлэн турар кэмэ. Киһи-сүөһү тыына бургучуйар аан тумана сири-дойдуну бүрүйэн турдаҕа.
Дьон-сэргэ ортотугар: «Илин Эҥээр улуустарга саҥа былааһы утары илинтэн бастаанньыстар халыҥ этэрээттэрэ кэлэн быһыы-майгы уустугурбут үһү. Сотору манна да кэлэллэрэ буолуо», – диэн кистии саба сэһэн тарҕаммыта ыраатта.
Арҕаа Хаҥалас нэһилиэктэригэр ханна да барбыттара биллибэккэ сүтэн хаалбыт дьон ахсаана элбээтэ. Бу бары эдэр-сэнэх, күүстээх-күдэхтээх, сытыы-хотуу, сырыыны-айаны кыайар, бастыҥ ытааччы дьон. Губчека үлэһиттэрэ: «Бу дьон бары бастаанньаҕа кыттыыны ылаары күрээбиттэр», – диэн уорбалаабыттара.
Ити да буоллар, Хоболоох суолунан сырыы тохтообот. Чыкаалар кимтэн да куттаммакка, уруккуларын курдук, сылдьаллар. Кинилэр Арҕаа Хаҥаласка дэриэбинэлэр аайы Кыһыл дружиналары тэрийэ сатыыллар. Дружинаҕа киирээччи аҕыйах.
Былырыын орто дойду олоҕуттан барбыт Хахсык нэһилиэгин бэлиэ киһитэ үс уоллааҕыттан ортокуларын үөрэхтээх киһи оҥорор мөккүөрдээҕэ. Уол реальнайы бүтэрэригэр хомсомуолга, онтон губчекаҕа үлэҕэ киирбитэ. Аҕата тыыннааҕар ону кистии сылдьыбыта. Ол бэйэтэ быйылгыттан харса суох тылынан-өһүнэн, бардамынан-өһүөннээҕинэн «аатыран» эрэр.
Билигин төрөөбүт-үөскээбит дьиэтигэр иккиэ буолан кэлэн, быраатын уонна балтын ыга-түүрэ олорор. Бу ыал ийэлэрэ эмиэ аҕаларын хас да сыл иннинэ орто дойду олоҕуттан барбыта. Оҕолор – икки кыралар – хаһаайыстыбаларын бэйэлэрэ көрөн олороллор. Улахан убайдара – мас ууһа идэлээх киһи, кэргэн ылан туспа олорор да, ааспыт күһүн сэтинньититтэн ыла ханна да барбыта биллибэт.
– Эн хайаан да Кыһыл дружинаҕа киириэхтээххин! Киирбэт буоллаххына, үлэһит-бааһынай былааһын хаан өстөөҕүн курдук көрүөхпүт! Мин хомсомуол уонна чэкиис буолан сылдьабын дии! Эн Кыһыл дружинаҕа киирдэххинэ, сыыйа хомсомуолга киллэриэхпит! Ол курдук!..
– Мин эн курдук үөрэхтээх буолбатахпын! Уонна сүөһүбүтүн-аспытын ким көрүөй? Аспыт-үөлбүт да лаппа аччаата. Эн сотору-сотору кэлэн түһээн-нолуок быһыытынан ас-үөл бөҕөнү хомуйаҕын аҕай дии. Мин, чыкаа быраата буолан, эт-арыы бөҕөнү, бу күһүҥҥүттэн ыла, туттарарга күһэлинним…
– Туттарымынаҕын! Саҥа былаас атаҕар ситэ тура илик! Ыраах Волга өрүс кытылыгар олорор нэһилиэнньэ хоргуйуута, куораттар олохтоохторо аһа-үөлэ, таҥнар таҥаһа суох буолбутун хантан, тугунан хааччыйтараары гынаҕын?!
– Ол биһигиттэн хомуйар эккит-арыыгыт эн этэр дойдугар төһөтө-хаччата тиийэрэ буолла… – чэкиис быраата, сүүрбэччэлээх уол, көмүлүөк оһох иннигэр сүгэ уктуу олорон, саарбахтыырын этэн истэҕинэ, убайа кыыһырда:
– Ол-бу буолан хохучуоллаһа олорума! Хайаан да дружинник буолаҕын!.. Хотуой! Чэйдэ кут эрэ!.. – аны балтытыгар, уон алта-уон сэттэ саастаах кыыска, хаһыытаата.
Балта – наҕыл, намчы баҕайы кыыс, саҥата суох остуол тардан, чэй кутан барда. Чэкиис бииргэ сылдьар доҕорун кытта, сааларын түһэхтэригэр ууран, бастыҥ уонна уҥа ороннорго олорон, чэйдээбитинэн бардылар. Ол олорон быраатыгар күргүйдүү былаан:
– Хайа, Кыһыл дружинаҕа киирэҕин дуу, суох дуу?! Этэ оҕус!.. – диэн истэҕинэ, тас аан тэлэллэ түстэ да бэрдээн саалары туппут таба саҕынньахтаах уонча киһи, аан туманы бүрүммүтүнэн, дьиэ ортотугар биирдэ баар буола түстүлэр.
– Дьиэлээхтэр, дорооболоруҥ!.. – кэтит сарыннаах, ортону үрдүнэн уҥуохтаах киһи дорҕоонноох куолаһынан дорооболосто. – Хайа, бу сааларын тутан олорон чэйдиир ыалдьыттаргыт дуу, хоноһолоргут дуу?! Чыкаа суолас, манна тугу гына сылдьаҕын?! Бука, ас-таҥас тардыалаһа, ааранан, дьону халыы-талыы сылдьар инигин?! – инньэ диэт сирэйин тууна бааммыт киһи саал былаатын арыйа тардыбытыгар, оһох иннигэр олорбут уол:
– Оо, убайым кэллэ!.. – диэбитинэн тура эккирээтэ, түһэҕиттэн мас сыыһын тэбэннэ.
Бу – кинилэр улахан убайдара, ааспыт күһүн Илин Эҥээр улуустарынан олорор доҕотторугар үлэ-хамнас кэпсэтэ диэн барбыта уонна сүтэн хаалбыта. Ол бэйэтэ, дьэ, бу көһүннэ!
– Эн! Суоластаама хайаама! Арааһа, баттыгастаах баайдар былаастарын төнүннэрээри, саа туппуккун быһыылаах! Кыайбатыҥ буолуо биһигини – бүтүн Арассыыйа үлэһит-бааһынай аймаҕын! Атына буоллар, Кыһыл дружинаҕа суруттаран саҥа былааһы туругурдуһуоҥ этэ! Эн өһөскүн уонна акаарыгын! Кыһыл дружинаҕа саллаат буолан, үс бырааттыылар бииргэ сылдьыах этибит…
– Көр эрэ! Хара түөкүнү!.. Бырааккын кыһыл этэрээтигэр ылбыт дуу, ылаары кэлбит дуу эбиккин буолбат дуо?!.. Киһилии киһи эбитиҥ буоллар, бииргэ төрөөбүт бырааккын өлөр-өлүү айаҕар умса анньан биэриэ суох этиҥ!.. Ол ханна баарый?! Дьиҥнээх суолас – саатар сирэйэ суох эбиккин!..
Нохоо! Кыһыл этэрээтигэр хайыы үйэ киирэн олороҕун дуу, тугуй?! – улахан убай аны кыра быраатыгар хайыста.
– Ээ, суох… Көннөрү, Кыһыл дурусуунаҕа киирэҕин дуу, суох дуу диир эрэ…
– Бу ыты көр эрэ!.. Ити буоллаҕына, нохоо! Биһиги эмиэ үлэһит-бааһынай үрүҥ былааһын иһин сэриилэһэбит! Кыһылга бараҕын дуу, биһиэхэ – үрүҥ бастаанньыстарга – холбоһоҕун дуу? Тала оҕус!
Кыра быраат икки убайын хардары-таары аһыннарыах курдук көрдө. Уоһа мэрбэҥнээтэ. Икки убайдара – биирдэрэ доҕорун кытта олорон эрэн, атына уонча саалаах дьон иннигэр туран эрэн, бырааттарыттан хоруй эрэйэн, батары көрдүлэр.
Балачча өр турбахтаан баран, кэмниэ-кэнэҕэс кыра быраат ыган-ыган, улахан убайын диэки хайыһан:
– Убаай, эйигин кытта… барсабын… – диэтэ.
– Ол иһин даҕаны, быраатым барахсан! Мин тылбыттан тахсыаҥ дуо? Эйигин бу олорор тойооскуттан куруутун ордорор этим!.. Бастаанньаҕа да буоллар, сатыырбынан харыстыы, көрө-харайа сылдьыам, – улахан убай кыра быраатын эйэргээбиттии көрдө.
– Суоластар! Бандьыыттар! Итинтэн ордуоххут дуо? Бу күнтэн ыла эһиги иккиэн миэхэ убай да, быраат да буолбатаххыт! Эһиги Арассыыйа үлэһит-бааһынай аймаҕын хаан өстөөхтөрөҕүт!.. – чэкиис быраат кыыһыран өрөһөлөннө.
– Хара түөкүн! Эн дьолгор ийэлээх аҕабыт көмүс уораҕайдарыгар бырааттаах балтыбыт харахтарын ортотугар көрүстүбүт! Аҕаҥ тыыннааҕа буоллар, эйигиттэн төһө эрэ кэлэйиэ эбитэ буолла! Үс уолуттан, биир кыыһыттан эйигин эрэ ордорон үөрэхтээбитэ. Онтуттан, бука, кэмсиниэ эбитэ буолуо! Дьэ, киси бөҕөҕүн!
– Барыах мантан! Бандьыыттар ортолоругар олоруохпут дуо?! – чэкиис аны табаарыһыгар баргыйда.
Иккиэн тура эккирээтилэр, үтүлүктээх бэргэһэлэрин үрдүгэр түстүлэр.
– Чэ, киэр буолуҥ! Түргэнник! Бу түөкүттэри аһарыҥ! Бара оҕустуннар уонна аны манна үктэммэтиннэр! – улахан убай дьонугар дьаһайда. – Аны манна сыбыытаһымаҥ! Көрүстэхпитинэ, ханна баҕарар, атыннык кэпсэтиэхпит!
– Атыннык кэпсэтиэхпит! Бандьыыттары – эһигини кытта саа-саадах тылынан кэпсэтиэхпит! – чэкиис быраат табаарыһыныын таһырдьа ойон иһэн саанна.
– Оннук-оннук! Биһиги да баарбыт! Ыларгыт суох! Биһиги да сүтэрэрбит суох! Элбэхтэн элбэх, аҕыйахтан аҕыйах охтуоҕа!
Уол аҕатын, убай быраатын, быраат убайын кытта хаан өстөөхтүү арахсыылара бу кэмҥэ элбэхтик тахсыбыта.52
Бу саха омукка урут хаһан да суох иэдээннээх көстүү этэ.
* * *
Бастаанньа уота-күөһэ өрө күүдэпчилэнэн, маҥнай Илин Эҥээр улуустарынан кэлэн, тохтообокко Арҕаа эҥээргэ тахсан, Дьокуускай куораты туһулаан, кэллэр кэлэн испитэ.
«Бас баттах барбыт чыкаалар батталларыттан босхолуубут – биһигини атын омуктар эмиэ өйүүллэр, көмөлөһүөх буолаллар!» – диэн үрүҥ бастаанньаны баһылаабыт урукку кыһыл хамандыырдар, билигин офицердар аатырар дьон, тылларын-өстөрүн олохтоох нэһилиэнньэҕэ тарҕатыы күүһүрбүтэ.
Ол иһин, маҥнай утаа, бастаанньыстар нэһилиэнньэ үгүс араҥаларын санааларын тарпыттара баар суол этэ. Губбюро уонна губревком онно утары күттүөннээх агитацияны-өйдөтөр үлэни ыыппатаҕа – кинилэр нэһилиэнньэ үгүс араҥаларын итэҕэллэрин сүтэрбиттэрэ. Онон, кинилэр суоһурҕаныы эрэ курдук үлэ көрүҥнэрин ыыталлара туһаны аҕалбатаҕа.
Маҥнай, 1921 с. сэтинньи 4 күнүгэр, Илин Эҥээр улуустарыгар, байыаннай балаһыанньаны биллэрэн, саа бөҕөнү хомуйуу буолбута. Хомуйбут сааларын барыта кэриэтэ доруоп саалар этэ. Аҕыйах бэрдээн, чокуур бинтиэпкэ бааллара. Туһата суох, тимирдэрэ эрэ хаалбыт эргэ саалар кытта хомуллубуттара. Доруоп саа диэн сылгы-ынах сүөһү ииттэн олорор, булдунан эбинэр саха эр киһитин биир саамай күндү, сыаналаах мала – тус бэйэтин баайа этэ буоллаҕа.
Сааларын туттарбатах уонна саалаах сылдьан тутуллубут дьону суута суох, миэстэтигэр ытыах буолан суоһурҕаммыттара. Насревкомнар ыалы кэрийэ сылдьан хомуйбут сааларын сыарҕалаах оҕуһунан тиэйэн улуустар кииннэригэр, онтон Дьокуускайга аҕалан туттараллара. Аһы-үөлү хомуйуу өссө күүһүрбүтэ. Олохтоох нэһилиэнньэ маны өлөрдүү абааһы көрбүтэ да, утарар кыаҕа суоҕа. Кырдьыга даҕаны, кыыдаан кыһын кэлиитэ кырыымчык астаах-үөллээх ыаллар ону хайдах сөбүлүөхтэрэй?
Дьокуускайга олохтоох саҥа былаас тойотторо ону аахсыбатахтара. Куорат нэһилиэнньэтэ дьадайбыта, аһа-үөлэ аҕыйаабыта онно төһүү буолбута. Манна олохтоох байыаннай чаастары эбэн биэрдэххэ, аска-таҥаска наадыйааччы, хааччыллыыта суох кэмэ суох элбээбитэ. Онон, куорат нэһилиэнньэтин аһынан-таҥаһынан ханнык эмэтик хааччыйан, кыһыны туоратар кыһалҕата ытарчалыы ылбыта.
Нам улууһугар бастаанньа этэрээттэрэ чугаһаан иһэллэрин бастакы сибикилэрэ биллээтин кытта, кыһыл дружинаны тэрийэн барбыттара. Доброволецтары хомуйуу ситиһиилээхтик барбытын түмүгэр 60-ча киһи дружинаҕа суруппута. Нам кыһыл дружинатын хамандыырынан Эверстов Гавриил Ионович диэн анаммыта да уһаабатаҕа. Кинини ууратан баран, Марха дружинатыттан Пшенников Дмитрий Емельянович диэн империалистическай сэрии кыттыылааҕынан солбуйбуттара.53
Үрүҥнэр биллэн испиттэрэ. Нэһилиэктэргэ кинилэр ыытар дьонноро кистээн кэлэр-барар, билсэр-көрсөр буолбуттара. Ол аата, үрүҥнэр эрэспиэскэни, агентурнай үлэни күүскэ ыыталлара биллибитэ. Сэбиэскэй былаас үлэһиттэриттэн, чэкиистэртэн атаҕастаммыт дьон кинилэри өйүүллэрин өйдүөххэ сөп этэ.
Бэл, кыһыл дружинаттан икки байыас бастаанньыстарга күрээбиттэрэ. Дружина улууска хаалара кутталланан барбыта. Ол иһин, сотору Дьокуускайга көһөн киирэргэ быһаарыммыттара. Ону да, хойутуу сыспыттара. Дружина куораттыыр түүнүгэр кини суолун Иван Устинов диэн хамандыырдаах бастаанньа обургу этэрээтэ быһан, тоһуур оҥорбута.54 Кыһыл дружина арыый эрдэ, урутаан айаннаан эрэ тоһууртан мүччү туттарбыта.
Дьокуускайга Нам дружинатын ыһан, сорохторун Марха Кыһыл дружинатыгар (хамандыыр – Клочков), сорохторун Маҥан дэриэбинэтигэр турар Павел Крылов55 диэн хамандыырдаах дружинаҕа сыһыартаан кэбиспиттэрэ.
* * *
Урукку красноармеец Михаил Жарников хамандыырдаах үрүҥ этэрээтэ урукку үрүҥ саллаата Георгий Каратаев хамандыырдаах кыһыл этэрээтин Чурапчы-Төҥүлү аартыгынан Мэҥэ улууһун Дьаҥхаады нэһилиэгин сиригэр-уотугар үүрэн аҕалбыта. Манна кэлэн икки өстөөх этэрээттэр икки ардылара соччо ырааҕа суох сирдэргэ түһүүлэммиттэрэ. Чуҥнуу сылдьар эрэспиэскэһиттэрэ утары көрүстэхтэринэ ытыалаһан уонна сойуолаһан тахсаллара.
Попов Николай Афанасьевич-Быһый Көөкөй диэн атах оонньуутугар уонна сырсыыга чугаһынааҕы улуустарга тэҥнээҕэ суох киһи баара. Кинини үрүҥнэр тэҥсиккэ сылдьар, дьаһалы, араас илдьити тиэрдээччи оҥостубуттара. Көөкөй сорудахха сатыы уонна саата суох сылдьара. Биирдэ оннук баран иһэн, утары уонча байыастаах кыһыллар эрэспиэскэлэрин көрсө түспүтэ. Түргэн үлүгэрдик эргиллэ түспүтэ да, суол устун төттөрү куоппутунан барбыта.
Кыһыллар кэнниттэн: «Стой! Куда?! – Немедленно стой! – Стоять на месте!» – диэн хаһыытаспыттара, эккирэппитинэн барбыттара. Ситэн быһыта кэрдээри саабылаларын сулбурута тардан ылбыттара. Эккирэтэн уунаран иһэн, кыһыллартан Көөкөй аттар-атан испитэ да, анарааҥҥылара хаалыах быһыылара суоҕа.
Көөкөй кыыһыра саныыр: «Эчи, хааҥҥа хараҥарбыттара сүрүн! Ити буоллаҕына, ситэргитин көрүөхпүт!» Бу иһэн өйдүү биэрэр: «Билигин ортотугар булгунньахтаах алаас кэлэр. Онно тиийэн эккирэппиттэрин сирэйдэрин саатырдыахха баар эбит!»
Сотору суол булгунньахтаах алааска киирэр. Көөкөй, тоҥуу хаарынан тэтимин ыһыктыбакка туораан, булгунньахха өрө сүүрэн тахсан, ыстаанын курун сүөрэн, кэтэһэн турар.
Аттаах эрэспиэскэһиттэр алааска көтүтэн киирээт, эккирэтэр киһилэрэ булгунньах оройугар тахсан турарын көрө биэрэллэр. Харса суох өрө харбатан кэлэн истэхтэринэ, Көөкөй ыстаанын сулбурутан кинилэргэ эмэһэтин көрдөрөр уонна көп этин таптайар. Ол кэннэ ыстаанын тардыммытынан булгунньах нөҥүө өттүгэр таҥнары сүүрэн түһэн, ойуур быыһынан аҕыйахта элэҥнээн хаалар.
Кыһыллар тоҥуу хаарынан булгунньаҕы эргийэн, хайыы үйэ ырааппыт киһини кэнниттэн мээнэ ытыалыыллар да, хантан табыахтарай?! Дьэ, кыһыы!
Маатыры-куутуру хойдон истэҕинэ, икки саха байыастара күлүү бөҕөнү күлэллэр:
– Ребята! Бросьте ругаться! Мы знаем этого парня! Его невозможно догнать! Ни конному, ни пешему! Это знаменитый бегун и прыгун по якутским прыжкам! И совсем он безобидный человек. Мы зря за ним гнались. За это он здорово обиделся и показал нам то, что надо!
Ити кэнниттэн кыһыл эрэспиэскэһиттэр, бары күлсэ-күлсэ, төттөрү ойуталлар. Бу түбэлтэ үрүҥнэргэ да, кыһылларга да көрдөөх кэпсээҥҥэ кубулуйан тарҕаммыта.
* * *
Үрүҥ бастаанньа, дьаалатынан ыыттахха, тохтуур кыаҕа суох буолбутун бары өйдөөбүттэрэ. Губбюро уонна губчека, губревкомтан ыйыта барбакка, бастаанньаны тохтоторго бэйэлэрэ хайдах өйдүүллэринэн-саныылларынан дьаһанарга соруммуттара: «Куорат иһигэр уонна чугастааҕы улуустарга олохтоох нэһилиэнньэттэн бастаанньаҕа кыттыбыт уонна бастаанньыстары өйүүр санаалаахтара уорбаланар дьон урууларын-аймахтарын, чугас дьоннорун испииһэктээн, онтон хомуйан – солуок ылан, концентрационнай лааҕыр арыйан, онно тутарга! Бастаанньа оччоҕо тохтуоҕа!» – диэн сүбэлэспиттэрэ.
Губчекаҕа үлэлиир олохтоох кадрдарын мунньан олорон, түүннэри испииһэк оҥорбуттара. Сарсыҥҥытыгар ону губревкомҥа көрдөрбүттэрэ, сыалларын-соруктарын билиһиннэрбиттэрэ. Ойуунускай, бэркиһээн, утарсан-туруулаһан көрбүтэ эрээри, Лебедев, Агеев уонна Козлов, үһүөн, көмөлөөн мөрөйдөөн, илиилээхатахтаах гымматахтара. Атын олохтоох салайааччылар: нууччалар, сахалар – бары, саҥата суох хаалбыттара.
Губчека үлэһиттэрэ күннээбиттэрэ. Чэкиистэр бу мунньахха баһылыыр-көһүлүүр, инникитин даҕаны кинилэри ким да утары көрбөтүн ситиһэр кыаҕы ылбыттара. «Триумвират» санаата, сыала-соруга туолбута.
Концентрационнай лааҕыры Мархаҕа тутар буолбуттара.56 Үргүлдьү, маҥнай – куорат иһиттэн, онтон чугастааҕы улуустартан дьону хомуйан барбыттара. Тутуллубут дьон үксэ – дьахталлар, эдэр оҕолор уонна кырдьаҕас оҕонньоттор этилэр. Биллэр-көстөр дьонтон Слепцов Дмитрий Иванович-Бачыгыратар Уола бу кэмҥэ тугу да билбэккэ-истибэккэ олорон түбэспитэ: «Мин бастаанньаҕа туох да сыһыаным суох! Уопсастыба олоҕор аны актыыбынайдык орооһор санаа да, баҕа да суох!» – диэбитин истибэтэхтэрэ. Атын да кини бараата, өссө лаппа аҕа да саастаах оҕонньоттор элбэхтэрэ.
Мархатааҕы концентрационнай лааҕырга олус элбэх киһини хаайбыттара. Кинилэри губчека этэрээттэрин дьоно харабыллыыллара. Олор истэригэр Борун уонна Глыгало диэн ыраахтааҕы саҕана Саха сиригэр көскө кэлбит бэһиэччик-холуобунай буруйдаахтар уһулуччу чорбойоллоро. Иван Федорович Борун 45 саастаах, сааһын тухары араас централга, пересыльнай түрмэ бөҕөҕө хаайыллыбыт, тас көрүҥүттэн да ханнык баҕарар киһи «һык» гына түһэр көрүҥнээх киһи этэ. Боруннаах Глыгало 1917 с. Олунньутааҕы өрөбөлүүссүйэ саҕана Е.Ярославскай уонна Григорий Петровскай хаайыыттан босхолообут 200 холуобунай буруйдаахтартан хаалбыт дьон этэ. Баһылыктара – Янкель Герсиевич Бук ытыллыбытын кэнниттэн, Саха сиригэр хаалбыт бу дьон, хайдах эрэ быыс булан, иҥэн-саһан сылдьыбыттара.
1920 с. губчека кэр-дьэбэр, кирдээх үлэлэргэ туттар сыалтан түбэһиэх дьону «үлэҕэ» ылаттаабыта. Ол «саҥа үлэһиттэр» хара маҥнайгыттан биллэн-көстөн барбыттара: урукку Уобалас Сэбиэтин, онтон Колчак милииссийэтин начаалынньыга Клингоф чэкиис буолаат, «Оросин саагыбара» диэн аҥаардастыы уорбалааһыҥҥа эрэ олоҕурбут дьыаланы «арыйбыта».57
Степан Литвинов чэкиис буола сылдьан, уруккуттан өстөһөр киһитин – Елпидифор Егасовы – «Олунньутааҕы саагыбарга» сыһыаран ыттарбыта. Оттон Борун 1921 с. кыһын «Арыгы уонна пиибэ монополиятын» баһылыгын Бартели уонна урукку полицмейстер Илья Рубцову кыыллыы ытан өлөртөөбүтэ.
1921 с. сайын Борун уонна Глыгало Илин Эҥээр улуустарынан сылдьан, элбэх бас-баттах, быдьар быһыылары оҥортообуттара. Дьону халыыллара, дьахталлары күүһүлүүллэрэ. Кинилэр ити нэгэй, чиччик быһыыларынан элбэх киһини – Сэбиэскэй былаас үлэһиттэрин – тэйиппиттэрэ. Ол курдук, «Холбос» боломуочунайа Матвей Матвеевич Сивцев-Маппыайдаан Маппый абатыттан үрүҥ бастаанньаҕа холбоспута.
Холуобунай буруйдаахтартан үлэһиттэрдээх чэкиистэр Иркутскайдааҕы салалталарын сорудаҕын толорон – Коробейниковы, Толстоуховы, Земфировы уо.д.а. кэтээһини сатаабакка, куоттаран кэбиспиттэрэ. Дьэ, маннык «чэкиистэри» губчека бэрэссэдээтэлэ Агеев тутан олорбута. Уонна Мархаҕа тэриллибит концентрационнай лааҕырыгар харабыл оҥостубута. Губчека концентрационнай лааҕыры аспытыттан үрүҥ бастаанньа тохтооботоҕо, өссө күүһүрэн, босхо барбыт тыа баһаарын курдук, иннигэр түбэспити имири солоон, Дьокуускайга чугаһаан испитэ.
* * *
Дьокуускай куорат иһигэр уонна кытыы сэлиэнньэлэргэ байыаннай балаһыанньа уонна комендантскай чаас олохтоммута олохтоохторго бэрт элбэх уустугу, эрэйи-кыһалҕаны аҕалыыһы: киэһэ алта чаастан сарсыарда алтаҕа диэри ким да уулуссаҕа быгыа, онно-манна кэлиэ-барыа суохтааҕа. Анал пароллаах, эбэтэр буруопустаах эрэ буоллаххына наадыйар сиргэр, дьоҥҥор барыаххын сөбө. Ол иһин киэһэ алтаҕа диэри туох баар үлэҕин-хамнаскын, араас наадаҕын бүтэрэ-түмүктүү сатыыр түбүккэ киирэҕин.
Түүн аайы олбуордарын иһигэр суһал наадаларыгар сылдьааччы дьон уулуссаҕа: «Стой! Куда идешь»! «Пароль!», «Показывай пропуск!», «Стоять на месте!», «Немедленно стой!» – уо.д.а. хаһыылары истэллэрэ.
Бэл, саа тыаһа түүҥҥү чуумпуну уйгуурдара. Сарсыарда иһиллибитинэн, милииссийэ хонтуоратыгар элбэх дьону тутан аҕалбыттара иһиллэрэ: киһи ыалдьан суһал көмөҕө эмчити ыҥыра сылдьан түбэһээччи, кистээн көссүүлэһэр пааралар, бэл, суһал наадатыгар нууһунньук, эбэтэр олбуор муннугун-ханныгын көрдүү сылдьааччы түбэспит буолаллара. Биирдэ, бэл, түүҥҥү патруль «Стой! Куда идешь!» хаһыытын «истиэн баҕарбатах», төрүөҕүттэн таас дьүлэй киһини ытан кэбиспиттэрэ иһиллибитэ.58 Ол гынан баран, олохтоохтор, ханныгын да иһин, сыыйа, комендантскай чаас иннинэ дьыалаларын-куолуларын бүтэрэргэ-оһорорго үөрэнэн барбыттара.
Куорат иһигэр мас-муус тиэйэн аһыыр-таҥнар элбэх дьон баар буолан, тэрилтэлэр уонна чааһынай да ыаллар «бур-бур» буруо таһааран олороллоро.
Быйыл күһүн, куорат иһигэр көһөн киирэн, үлэлээн аһаан-таҥнан олорор икки атастыылар – эдэр дьон, куорат байыаннай хамаандатын хаһаарыматыгар саһаан мас тиэйэн истилэр. Олбуор ааныгар кэлиилэригэр «Интернационалы» ыллаабытынан сулустаах хороох бэргэһэлээх, синьиэллээх, обумуоткалаах бачыыҥкалаах красноармеецтар этэрээттэрэ кэккэнэн тахсан кэллилэр:
- «…Вставай, проклятьем заклейменный
- Весь мир голодных и рабов!..
- Кипит наш разум возмущенный
- И в смертный бой вести готов!..»
Атастыылар сыарҕалаах аттарын кытта туоруу охсон биэрдилэр уонна соттор, хатыҥ миинньик тутуурдаах красноармеецтары көрөн турдулар:
– Арааһа, баанньыкка сууна бардылар!
– Ээ, дьэ, энэлийэн түһэн, ырыа да бөҕө, доҕоор! Атын ырыа суох муҥа дуу?!..
– Саҥарба! Тылгын кыана тутун! Аны, тылгыттан хаптара сылдьаайаҕын! Ити бассабыыктар саамай таптыыр ырыалара! Оройдоттуҥ дуо!?59
Ити ыккардыгар этэрээт уулусса эргииригэр киирдэ. Сотору атын ырыаны ыллыыллара иһилиннэ:
- «… Смело мы в бой пойдем?
- За власть Советов!
- И как один умрем!
- В борьбе за это!..»
– Дьэ, бу олох атын ырыа! Сэрии дьоно ыллыахтарыгар, чахчы сөптөөх ырыа!
– Сэриигэ киирэн, харса суох кыргыһан охтуохтаах дьон ырыалара!
– Чахчыта, оннук быһыылаах!
– Ити саллааттар – эдэр нуучча уолаттара, араас да сирдэртэн биһиги тымныы дойдубутугар сулууспалыы, сэриилэһэ да кэллэхтэрэ. Көрөҕүн дии – бу хаарга бачыыҥканан, обумуотканан сылдьаллар! Бука, бары да, ымсыыран-баҕаран туран кэлбэтэхтэрэ чахчы!..
Куорат олохтоохторо бу күннэргэ кыһыл саллааттар стройунан иһэн ыллыыр ырыаларын элбэхтик истэллэрэ. Кыһыл саллааттар ыллыыр ырыалара бары өрөбөлүүссүйэ ырыалара: «Варшавянка», «Смело, товарищи, в ногу!», «Интернационал», «Смело в бой пойдем!..» уо.д.а. Саха эдэр ыччата бу ырыалары нойосуус билэргэ кыһанара, тэҥҥэ ыллаһара. Эдэр ыччат бу сылларга урукку куорат олохтоохторун таптаан ыллыыр ырыаларын ыллаабат буолбута: «мещанскай ырыалар» диэн. Куорат иһигэр урукку ыраахтааҕы былааһын саҕанааҕы култуурунай-сырдатар тэрилтэлэри барыларын сабан кэбиспиттэрэ.
* * *
Үрүҥ бастаанньа суоһун-суодалын кыһыллар салалталара, хара маҥнайгыттан ситэ сыаналаабатаҕын салгыы ыыта олорбута. Кыра-кыра этэрээттэри ыыталыылларын бастаанньыстар кырган иһэллэрэ. Ол этэрээттэр саалара-саадахтара бастаанньыстар илиилэригэр киирэрэ.
1922 с. саҕаланыытыгар командующай П.Ф. Савлук ыалдьан, кинини быстах кэмҥэ ревтрибунал бэрэссэдээтэлэ А.Г. Козлов солбуйан олорбута. Дьэ, ол олорон А.Г. Козлов тохсунньу 2 күнүгэр Илин Эҥээр улуустарыгар турар кыһыл этэрээттэригэр маннык бирикээһи ыыппыта:
«… отбросить всякие сентиментальности как с бандитами, так и с мирными гражданами. Бандитов, захваченных где бы то ни было, расстреливать без пощады; граждан, населяющих наш тыл, содействующих бандитам, в чем бы это содействие ни выражалось, указанием ли бандитам нашего расположения или численности, представлением ли им подвод для передвижения фуража и продуктов, или просто в том, что-то или иное селение, при посещении его бандитами, представляло им квартиру и об этом не сообщила нашему командованию, просто оставались пассивными – расстреливать каждого пятого в селении, без всякой пощады…..всякое попустительство, виной которому хотя бы была просто пассивность и запуганность, как они пытаются объяснить впредь, должна караться беспощадным образом…»60
Козлов бу бирикээһигэр маннык оруо маһы ортотунан этиилэрэ «кыһыл террорга» – «кыһыл бандьыыттааһыҥҥа» олук буолбуттара. Бу бирикээс, хомойуох иһин, үс ыйтан ордук кэмҥэ, күүһүн сүтэрбэккэ туттулла сылдьыбыта.
Кыһыллар үрдүкү командованиелара куттала суох сиргэ – ыраах тыылга олорон маннык бирикээстэри таһаарара. Кыһыллар, итинник кыырыгырыыларын аайы, саҥаттан саҥа бастаанньа этэрээттэрэ тэриллэн испиттэрэ.
Лебедев – Агеев – Козлов «триумвираттара» тыылга олорон хойгур дьаһалларыттан үрүҥ бастаанньыстар хабыр илиилэригэр түбэспит чэкиистэри, ревкомовецтары, хомуньуустары, хомсомуоллары, кыһыл армеецтары өлөртөөн барбыттара. Атыннык эттэххэ, «триумвират» бэйэтин эппиэтэ суох дьаһалымсыйыытынан элбэх көннөрү сэбиэскэй дьону өлөр өлүүгэ умса анньан биэрбитэ.
1922 с. тохсунньу ортотугар кыһыл командование Феодосий Митрофанович Сыроватскай диэн хамандыырдаах, 21 байыастаах, биир илии пулеметтаах дьоҕус этэрээти Амма туһаайыытынан ыыппыта.61 Бу этэрээт Амматтан утары кэлиэхтээх этэрээти кытта холбоһон, Майа-Амма аартыгын «ыраастыыр уонна эрэспиэскэлиир» сорудахтааҕа. Маннык сыал-сорук хайдах да туолар кыаҕа суоҕа. Этэрээт дьоно да ону өйдүүллэрэ.
Этэрээт Майаҕа кэлэн хас да хоммута. Хамандыыр уонна байыастар бары бииргэ суулаһан сылдьаллара. Олохтоохтор кинилэргэ аһаҕастык тугу да кэпсээбэтэхтэрэ. Ол түмүгэр этэрээт дьоно үрүҥнэри ыраах баалларын курдук өйдөөбүттэрэ. Дьиҥэр, үрүҥнэр олох чугас сылдьан, кинилэр хас хардыыларын ааҕа, кэтии сылдьыбыттара.
Кыһыл этэрээтэ сарсыарда туран, бииргэ сууласпытынан, илин диэки аттаммыттара. Майаҕа ким да хаалбатаҕа. Инники 5 байыаһы чуҥнуур курдук ыыппыттара. Бары ыҥыыр аттаах этилэр. Сүрүн этэрээт лаппа хаалан испитэ.
Инники испит 5 байыас Хатыҥ Үрэх диэн сиргэ тоһуурга түбэспиттэрэ. Үс киһилэрэ үрүҥнэр күргүөмүнэн ытыыларыттан аттыын, бэйэлиин өлөн түспүттэрэ. Соҕотох Михаил Грузных эрэ дьонугар тыыннаах төннөн кэлэн тоһууру эппитэ.
Биир байыас тоһууру ааһаат, ата буулдьаҕа табыллан, охтон түспүтэ. Сатыы хаалбыт киһи суолунан арҕаа төннөр кыаҕын былдьатан, иннин хоту – илин диэки сүүрэ турбута. Кэнниттэн үс бастаанньыс эккирэппиттэрэ. Эккирэтээччилэр кинини кэнниттэн ытыалаатахтарын аайы хардары ыта-ыта сүүрэн испитэ. Сотору ботуруона бүппүтэ. Эккирэтээччилэр Бэрдьигэс Күрүө диэн сиргэ кэлиитэ ситэн ылбыттара. Чугаһаан баран ытаары кэккэлээн истэхтэринэ, кыһыл байыас ыксаан: «Маама!» – диэн саҥа аллайбыта. Өйүгэр кылгас олоҕун урут уонна соторутааҕыта ааспыт бэлиэ түгэннэрэ түмүллэн, хараҕар бу баардыы элэҥнэспиттэрэ. Кини хомсомуол этэ. Үс хонуктааҕыта Дьокуускайтан манна кэлэллэригэр бары сүрдээх бэһиэлэй, омуннаах да этилэр. Арай, таптыыр кыыһа Муся эрэ, сүрэҕэ тугу эрэ таайбыт курдук, хараҕа ууланан, сайыһа хаалаахтаабыта.
Бу иһэр үс үрүҥнэр кинини аһыныах сирэйдээх-харахтаах дьон буолбатахтара тутталларыттан-хапталларыттан да көстөр. Өйүгэр, аны былырыын кыһын олунньуга чэкиистэр «арыйбыт» «Олунньутааҕы саагыбардарын» дьонун ытыалаан өлөрүүгэ кытыннарбыттара көстөн кэллэ. Оо, оччолорго кинилэр тугу да өйдүүырыҥалыы сатаабат, улахаҥҥа уурбат да эбиттэр!
Ытар дьоннорун, онно, ытыалыахтарын иннинэ, трибунал комендана уонна бэйэлэрин хамандыырдара: «Бу контрреволюционердар, саагыбарсыктар сир үрдүттэн сиппийиллиэх тустаахтар! Кинилэри аһынар наадата суох! Бирикээһи халбаҥнааһына суох толоруохтааххыт!» – диэн ыҕарыйа былаан эппиттэрэ. Ытыллааччылар сирэйдэрэ-харахтара күлүгүрбүтүөн! Сүрдэрэ-куттара тостубутуон! Арай Николай Желобцов диэн үрдүк үөрэхтээх саха олус кытаанах киһи быһыылааҕа, ытыллаары туран: «Да здравствует Белая Армия!» – диэн хаһыытаабыта.
Кинилэр, эдэр оҕо дьон, ити дьону ыталларын улахаҥҥа уурбатахтара: «Өрөбөлүүссүйэ, сэбиэскэй былаас уонна бассабыык партиятын туһугар тугу баҕарар оҥорор сөп!» – дии саныыллара.
Өлөр өлүү бэйэҕэ тирээн кэлэрэ куһаҕан да буолар эбит! Эдэр сааһа, ийэтэ-аҕата, таптыыр кыыһа, доҕотторо-табаарыстара бары кини кэннигэр хааллахтара! Аата, абатын, дьылҕата иккиһин олох олорору көҥүллүүрэ буоллар, маннык кини бэйэ-бэйэни симэлитэр өлөрсүү суолун талыа суоҕа этэ! Аата, абатын!..
Эккирэтээччилэр олох чугас кэллилэр. Муннуларынан-айахтарынан тыыналлара бургучуйара, өһүөннээхтик көрбүт харахтара субу көһүннэ. Үһүөн тутан иһэр бэрдээннэрин ытардыы ыллылар.
– Не стреляйте! Сдаюсь! – трехлинейкатын хаарга бырахта. Үс саа тыаһа утуу-субуу, атарах-сатарах ньиргийдилэр. Разведчик, аргыый, хаарга сууллан түстэ. Иһийэн турбут кыһыҥҥы тыа иҥиэттэн ылбыт курдук буолла…
* * *
Бу кэмҥэ куораттан араас туһаайыыларынан чэкиис хамандыырдардаах аҕыйахтыы байыастардаах кыра этэрээттэр үрүҥнэри чуҥнуур, олохтоох нэһилиэнньэни хонтуруоллуур сыаллаах-соруктаах эрэспиэскэҕэ диэн ааттаан барыталыыллара уонна күнүнэн төннөллөрө.
Мэҥэ улууһун Дьабыыл нэһилиэгиттэн төрүттээх Николай Васильевич Петров62 уонча киһилээх кыра этэрээтинэн Нам туһаайыытынан хаста да сылдьан кэллэ. Ол тухары тугу да дуоннааҕы билбэккэ төнүннүлэр. Үрүҥнэри туоһуластахха, нэһилиэнньэ «билбэттэн» атыннык хоруйдаабата, дьэ, дьикти!
Бүгүн сарсыарда, халлаан сырдыан иннинэ, Петровтаах тохсуо буолан, Нам туһаайыытынан бардылар. Бу сырыыга ыраатар санаалаахтар. Ыҥыыр аттаах буолан, айаннара да түргэн. Марханы, Тулагыны, Киллэми ааһыыларыгар халлаан олох сырдаата. Киллэм дэриэбинэтин ааһан, быраан тэллэҕэр чугаһаан истэхтэринэ, уҥа өттүлэриттэн ойоҕолуу, бөлкөй талахтар кэннилэриттэн, сүүрбэччэ аттаах дьон сааларын илиилэригэр туппутунан тахсан кэллилэр! «Үрүҥнэр!» – дии санаата Петров. Кини дьоно эмиэ сааларын илиилэригэр ыла оҕустулар.
Үрүҥнэргэ диэри баара-суоҕа икки сүүсчэкэ хаамыы эрэ быһыылаах. Үрүҥнэр сааларын туппутунан Петровтааҕы суолларын бүөлүү кэннилэринэн ойуттулар. Кыһыллар, чугуйар суолларын былдьатан, иннилэрин хоту суол устун ыстаннардылар. Түргэнник быраан хоонньугар киирэ охсоору, эниэни өрө сүүрдэн тахсыбыттара: оол курдук, иннилэригэр сүүрбэччэ киһилээх этэрээт турара көһүннэ. Иннилэригэр турар этэрээт дьоно, кинилэри көрөөт, сааларын илиилэригэр ыллылар уонна утары хаамтарбытынан бардылар.
– Нам конец! Что будем делать? – Петров уҥа өттүгэр испит эдэр нуучча уола солбуйааччыта, ыксаабыт куолаһынан ыйытта.
– Товарищи! Умирать будем с музыкой! Приготовьте оружие к бою! – үөһээ уоһугар туора тэбэ сылдьар мууһурбут кугас бытыктаах сааһырбыт киһи, отделение хамандыыра, бинтиэпкэтин сомуогун тардыалаан лаһырҕатта.
– Ребята! Спокойно! Без моего приказа не открывать огонь!.. Беспорядочной стрельбой спровоцируем их на перестрелку! Их слишком много! Нахрапом не возьмем! Попробуем, что выйдет, на переговоры с ними! Держите себя на руках, иначе, неминуемая гибель нам грозит!» – Петров дьонун уоскута сатаата.
Ону дьоно, истибэккэ, кыҥаан бардылар. Кинилэртэн харахтарын араарбакка испит үрүҥнэр, хап-сабар утары кыҥыы биэрдилэр. Сүүрбэччэ бэрдээннэр чөҥөрүспүт айахтара, өлүү уотунан уһуураары, кинилэри туһулаатылар. Петров түргэн үлүгэрдик кэннин хайыһан көрбүтэ – суол өҕүллүүтүгэр кэннилэрин быспыт үрүҥнэр, кинилэри кыҥаан тураллар эбит!
«Кириэстии күргүөмүнэн ытыыһылар! Кыра эрдэхтэриттэн сааһыт сахалар сыыһыахтара суоҕа! Ыт өлүүтүн өлөр дьон буоллубут!» – диэн санаат хамаанда биэрдэ:
– Ребята! Немедленно опускайте оружие!
Петров хамаандалаабытын дьоно истибэтилэр да быһыылаах – отделение хамандыырыттан уратылар бары сааларын уоһа салҕалас! «Итинник ытан кими табыахтарай, аны алҕас хайалара эрэ чыыбыһын төлө тардан кэбиһиэҕэ!» – диэн санаа түргэн баҕайытык «кылам» гына оҕуста:
– Я же сказал опустить оружие! – иначе всем нам грозит неминуемая гибель! – кыыһыран куолаһын үрдэппитигэр биирдэ, дьоно сааларын түһэрдилэр.
– Сааҕытын түһэриҥ! – үрүҥнэр диэкиттэн сөҥ, дорҕоонноох куоластаах киһи хамаандалыыр саҥата иһилиннэ.
Кыһыллары иннилэрин бүөлүү иһэр үрүҥ бастаанньыстар этэрээттэрин саллааттара сааларын аллара туттулар эрээри, хаһан баҕарар түргэнник ыта охсорго бэлэм истилэр. Петров кэннин хайыһан көрбүтэ – кэннилэринээҕи этэрээт саллааттара сааларын түһэрэн, бары суолу бүөлүү кэккэлээн тураллар эбит. Иннилэригэр утары иһэр этэрээккэ чугаһаан истэхтэринэ, үрүҥнэр кэккэлэриттэн нэлим сиэллээх кыһыл улаан аты мииммит баараҕай улахан киһи инники таҕыста.
Кини уҥа илиитин үөһэ көтөхпүтүгэр, дьоно тохтоон аара турдулар.
– Ребята, стойте здесь и ждите меня, – дьонугар эппитигэр, тохтоон, көһүтэн турдулар.
Икки өстөөх этэрээттэр хамандыырдара утары көрсөрдүү, суол устун аа-дьуо хаамтаран истилэр. Петровка үрүҥ этэрээтин хамандыыра аттыын-бэйэлиин олоҥхо бухатыырын дуу, былыргы кыргыс үйэтин боотурун дуу курдук көһүннэ. Тымныы буолан халыҥнык таҥныбыта дуу, бэйэтэ оннук баараҕай таһаалааҕа дуу – бухатыыр курдук моһуоннаах, туттунуулаах киһи! Туттара-хаптара нүһэр баҕайы киһи, Петров иннигэр кэлэн атын тохтотон, тэһиинин тардан туран сөҥүдүйдэ:
– Чыкаа чулуута Бөтүрүөп! Бу аата тугу гына сылдьар быһыыгыный?! – Петров бэркэ билэр сөҥ куолаһын дорҕоонноруттан соһуйан ходьох гына түстэ.
Анарааҥҥыта кинини дьөлө үүттүүрдүү батары көрбүт харахтарын бэркэ билэр курдук:
– Миигин билэр хайаларынаҕыный? – утары ыйытта.
Онуоха киһитэ арбайбыт түүлээх бэргэһэтин сэгэччи аспытыгар биирдэ өйдөөбүтэ – кини иннигэр биир дойдулааҕа, урут Төҥүлү оскуолатыгар биир кэмҥэ үөрэммит киһитэ – Баишев Гавриил Васильевич кэлэн турар эбит!63
– Хабырыыскын эбит буолбат дуо?! Хата, бу эн тугу гына сылдьаҕын? Ханналаатыҥ? Кэпсээниҥ?
Кинилэр Хабырыыстыын биир нэһилиэктэр, кыра эрдэхтэриттэн миннэрин билсибит аҕай дьон. Николай Васильевич киһитин майгытын-сигилитин бэркэ билэр: көнө, үчүгэй киһи буолан баран, үксүгэр олус туруору, көнө саастаах маһы хайытар курдук майгылаах ыччат. Ол иһин кыыһырдыбакка, ньуолбардык кэпсэтэргэ быһаарынна.
– Бөтүрүөп! «Олус улахан тойоҥҥо тиийэ үүнэн-үрдээн киһини билбэт буолбут дуу?» дии саныы сыстым ээ! Көрөрүҥ курдук, син обургу бастаанньа этэрээтин баһа буолан сылдьабын. «Саҥа» дэнэр былааскыт оллур-боллур дьаһалларын, уһуну-киэҥи санаабакка, ырыҥалаабакка, эһиги – чыкаалар, нэктэл кулуттуу толороргутун тулуйбакка, бар дьоҥҥут уордайыытын ситэ билэ иликкит! Билэн иһиэххит! Биһигини сэнээн маннык түүннэри-күнүстэри суксуруһаҕыт! Билигин – манна биһиги тойотторбут! Эн урукку сырыыларгын истэн: «Манан өссө да ааһыаҕа», – диэн бу тоһуур оҥордум. Маҥнай, тоһуйан барыгытын тоһурҕаттаран кэбиһээри гынан баран, бэркиһээн, туоххун-ханныккын билээри: «Кэпсэтэн көрүөххэ» диэн бу айах атан сэлэһэ турабыт. Ханныгын да иһин биир Мэҥэ улууһун Дьабыыл нэһилиэгин ыччаттара этибит буоллаҕа. Оннук дуо!? Оннук буолбатах дуу!? – киһитэ тымтан барыах курдук буолбутуттан Петров хап-сабар:
– Оннук, оннук! Хабырыыс, сөрү-сөпкө этэҕин! – дии оҕуста. – Хара маҥнайгыттан кыыһыран барыма, доҕоор! Биһиги, эмиэ, норуот туһугар, бар дьон туһугар кыһаллабыт ээ…
– Ол кыһалларгытыгар аҥаар кырыытыттан, үүнэ-тэһиинэ суох халаан-талаан, арыый сэниэ-баай уонна көрөн-харайан олорор дьону изоляциялаан, хаайан, ытан бараҕыт дуо!? Кыһалларгытыгар урут ускул-тэскил сылдьан хаһаайыстыба, сүөһү-ас тэринии диэни билбэтэхтэр иҥсэлэрин-ымсыыларын көбүтэн, нэһилиэнньэ олоҕун-уйгутун сатарытаҕыт дуо!?
– Халаан-талаан диэн, бука, продразверстканы, Поволжье хоргуйбут нэһилиэнньэтигэр көмөлөһүүнү этэн эрдэҕиҥ… Соҕуруу уһун сылларга сэрии буолбутун түмүгэр манна атыыга-тутууга туох да кэлбэт. Билигин куораттар нэһилиэнньэлэрэ аһа-таҥаһа суох. Атастаһарыгар эмиэ туга да суох. Ону миигиннээҕэр ордук билэҕин. Хайдаҕын да иһин дьону аһатыахха наада. Оттон Поволжье иэдээнин эмиэ миигиттэн итэҕэһэ суох билэҕин. Бары биир Арассыыйаҕа олоробут…
– Ол Поволжьеҕа диэн хомуйар кырбаһынан эккит, тууйаһынан арыыгыт, бука, тиийбэккэ, Дьокуускай иһигэр хааларын ким өйдөөбөтүй!? Тоҕо сымыйалыыгыт – барытын мэлдьэһэҕит!? Биһигини тугу да билбэт-өйдөөбөт кыра оҕолор курдук саныыгыт дуо!? – Баишев хат оргуйан истэҕинэ, Петров эмиэ намыратардыы саҥарда:
– Хабырыыс, уоскуй! Биллэн турар, биһиги өттүбүтүттэн биирдиилээн наһаа түһүү, дьаһалы токурутуу, ымсыы-нэгэй быһыы, дьону атаҕастааһын тахсыбытын мэлдьэспэппин. Ол да буоллар, биһигини барыбытын биир тарааҕынан тараама… Төһө да биир салалталаах буолларбыт биһиги ортобутугар араас барыта баар буоллаҕа… Ону көннөрөргө уонна ыраастыырга бириэмэ уонна кыах наада. Ханна да барыахпыт суоҕа – барытын көннөрүөхпүт! Мин итини өйдөөбүтүм ыраатта да, билиҥҥи туругунан, кыаҕым суох – тиийбэт!..
– Оннугун оннук да, эһиги наһаалаатыгыт… Эһиги – чыкаалар! Былыргы Уордаах Уйбаан ыраахтааҕы опричниктарыттан туох атыннааххытый?!.. Эн биһикки ааҕыстахпытына бүгүн бүтүөхпүт суоҕа! Ол иһин бу курдук гыныахха: Эһиги Мархаҕа элбэх дьону солуок тутан, концентрационнай лааҕырга хаайан олороҕут. Бастаанньаҕа холбоспут уонна бастаанньыстары үчүгэйдик саныыр дьон ойохторун, оҕолорун уонна аймахтарын – туох да буруйа суох дьахталлары, оҕолору уонна кырдьаҕастары! Кинилэри урукку сыылынай бэһиэччиктэри чыкаа охсор-тэбэр илиитэ-атаҕа оҥостон харабыллатаҕыт уонна атаҕастатаҕыт! Биһиги элбэҕи истэбит – эһиги хас хаамыыгытын, тугу гынаргытын кыраҕытык кэтиибит! Сураҕа, быһайын Илин Эҥээр улуустарынан сылдьан, дьону-сэргэни сордообут, сүгүннээбэтэх Борун уонна Глыгало диэн ыраахтааҕы саҕанааҕы көскө кэлбит бэһиэччиктэринэн солуок ылан олорор дьоҥҥутун атаҕастатар үһүгүт! Бу ханнык да сиэргэ-майгыга баппат сидьиҥ, чиччик быһыы!
Онон иккиттэн биири талаҕын: эбэтэр тыыннаах төттөрү төннүбэккин – үйэ-саас тухары манна хаалаҕын; эбэтэр солуок тутан олорор биһиги дьоммутун атаҕастаабаттарын толору хааччыйаҕын! Тойотторгор тылгын-өскүн тиэрдэҕин – ылыннараҕын! Ону хайдах толороруҥ – бэйэҥ сатабылыҥ, бэйэҥ кыһалҕаҥ! Ити мин этэрбин ылынаҕын дуу, суох дуу?! Этэ оҕус! Түргэнник!
– Сөп! Сөп! Ылынан бөҕө буоллаҕа дии! Ылынабын! Кыаҕым тиийэринэн кыһанан көрүөм! – Петров хайыай, сөбүлэһэрин биллэрэ оҕуста.
– Дьэ, ити аата, тылгын биэрдиҥ! Тугунан да, хайдах да аны куотунар кыаҕыҥ суох! Өйдөө: өскөтүн биир эмэ дьахтар, эбэтэр кыыс эһиги чиччиктэргитинэн күүһүлэммит-атаҕастаммыт буолуо да, бастатан туран, эйигиттэн иэстэһиэхпит! Ханна да куотуоҥ уонна саһыаҥ суоҕа! Биһиги эһигини кыайар да, кыайтарар да түбэлтэбитигэр эйигин уонна эһиги чиччиктэргитин, хайаан да булуохпут уонна иэһи иэс курдук иэстэһиэхпит! Ону ол курдук, таллан таас оройгунан өйдөө!64
Мээнэ тылынан эрэ оонньуур оҕолор буолбатахпыт! Уонна мантан бара охсуҥ! Манна эһиэнэ туох да суох! Манна – биһиги тойотторбут! Өскөтүн иккиһин түбэстэххинэ, олох атыннык кэпсэтиэхпит! Ону өйдөөн кэбис! Биһиги эһигини сырыы аайы көҥүл ыытыахпыт суоҕа! – Баишев Петровтаах кэннилэригэр суолу бүөлээн турар бэйэтин саллааттарыгар хайыһан, хаһыытаан бытарытта:
– Нохолоор! Бу дьону төттөрү аһарыҥ! Суолларын бүөлээн турумаҥ!
Хамандыырдарын бирикээһин истэн, кэннилэрин бүөлээн турбут саллааттар, түргэнник суол икки өттүгэр тахсан, уоннуу буолан сэлэлии турунан кэбистилэр. Сааларын тутан сылдьалларын кубулуппатылар. Петров түргэнник дьонугар кэлэн:
– Быстро возвращаемся назад! Уговорил их командира – они нас пропускают! Не оглядываться назад и по сторонам! Оружие на спину! Быстро!.. – диэтэ.
Кыһыл эрэспиэскэһиттэр сааларын сүгэн, төттөрү эргилиннилэр. Кэннилэрин хайыспакка, суол устун сэлэлээн турар үрүҥ саллааттарын икки ардыларынан хаамтаран бардылар. Суол ортотугар үрүҥ этэрээтин хамандыыра Баишев батыһа көрөн турда.
Эрэспиэскэһиттэр ааһан иһэн, суол икки өттүгэр уоннуу буолан сэлэлээн турар үрүҥ саллааттарын харахтарын кырыытынан кылап гына көрөн аһарбыттара – бары эдэр баҕайы саха уолаттара уонна кинилэри өргөстөөҕүнэн супту көрөн тураллар эбит! Дьэ, кытаанах сирэй-харах! Хамандыырдарын бирикээһэ эрэ кинилэри тохтоппут бадахтаах.
Сүрдэрэ-куттара тостубут байыастар, өр баҕайы айаннаан, маҥнай Киллэми, онтон Тулагыны аастылар. Тулагыны ааһан эрэ баран, бэйэ-бэйэлэрин ыккардыгар тыл быраҕыстылар:
– Слава богу! Живыми остались!
– А я думал, что нам конец!
– Николай Васильевич, что сказал их командир и кто он? – Петров солбуйааччыта, эдэр уол, чугаһаан кэлэн ыйытта:
– Это мой земляк… Вместе в школе учились…
– Видно, суровый мужик!..
– Да, пришлось притворяться мирным агнцем! Иначе, нельзя!
– Что будем сказать своему начальству?
Петров айаннатан иһэн тэһиинин күүскэ тардан, атын чочумча тохтотто. Киһитин сирэйин-хараҕын кэтээн көрө-көрө:
– Скажем, что почти все дороги в сторону Намского улуса перекрыты белоповстанцами… В действительности, это так. Поэтому, дальше вести разведку в этом направлении – бессмысленно! Зря будем терять людей!.. Над местным населением, больше, не глумляться… Вообще, прекратить жестокое отношение над инакомыслящими!..
– Хорошо. Действительно, так и надо было…
Мархаҕа чугаһаан иһэн, икки эдэр красноармеецтар дьонноруттан арыый хаалан иһэн, кистээн бэйэ-бэйэлэрин ыккардыгар тыл быраҕыстылар:
– Я больше не буду стремиться идти добровольцем в разведку, – диэн сибигинэйэ былаан эттэ доҕоругар сүүрбэччэлээх уол.
– Я тоже так думаю. Жизнь человеку дается один раз… У меня на родине – Орловщине – остались престарелые родители и любимая девушка. Живым бы вернуться к ним…
– Ты, должно быть, видел – какие лица, глаза у солдат-повстанцев?! Они – якуты, но такие же молодые парни, как мы с тобой! Скажи мне – чего мы с ними не поделили?!
– Действительно, пускай они живут по-своему, а мы с тобою, тоже, по-своему!..
– Живым бы остаться и вернуться к своим родным…
– Да, я тоже так, думаю. Это мое самое сокровенное желание!
– Пусть будет так!.. Все, поехали!..
Уолаттар аттарын туос бөтөрөҥүнэн түһэрэн, дьоннорун ситэ баттаатылар.
Марханы саҥата-иҥэтэ суох аастылар. Куоракка кэлэн, начальстволара баар сиригэр быһа кэлэн, ханна, хайдах сылдьыбыттарын, кими кытта кэпсэппиттэрин, тугу көрбүттэрин-истибиттэрин барытын, сүбэлэспиттэрин курдук дакылааттаатылар. Ити гынан баран, Николай Васильевич Мархаҕа тэриллэн олорор солуок ылыллыбыт бастаанньыстар чугас дьоннорун хаайбыт концентрационнай лааҕыр туһунан Баишев этиитин уонна сааныытын умнан биэрбэтэ: «Хайдах гыныахха? Агеевка этэн туһата суох! Лебедевкэ – эгэ эрэ! Маҥнай бэйэ дьонугар Ойуунускайдаахха этэн, сүбэлэһэн көрүөххэ! Оннуга ордук буолууһу! Ойуунускай – губревком бэрэссэдээтэлэ, бырабыыталыстыба баһылыгын курдук дуоһунаска олордоҕо. Ылыннахтарына кини этиитин ылыныахтара. Ойуунускай ылсыстаҕына эрэ туох эрэ тахсыаҕа!» – дии саныы-саныы губревкомҥа барда.
Тиийбитэ Ойуунускай хоһугар улахан мунньах буола турар эбит. Петров тыаһа-ууһа суох киирэн, кэнники ыскамыайкаҕа наркомпросс үлэһиттэрэ Михаил Константинович Артемьевы уонна Николай Егорович Афанасьевы кытта кэккэлэһэ олорунан кэбистэ.65 Мунньах бүтэн эрэр буолан, Петров Ойуунускай хаһан босхолонорун кэтэһэн олордо.
Сотору мунньах бүттэ. Дьон тарҕаһан барда. Инники ыскамыайкаттан Исидор Барахов туран, Ойуунускайдыын тугу эрэ кэпсэтэн бардылар. Сотору кабинекка Ойуунускай, Барахов уонна Петров үһүө эрэ хааллылар. Николай Васильевич: «Бу дьон өтөрүнэн бүтүө суохтар!» – дии санаата уонна көхсүн этиттэ. Дьоно кини диэки көрө түспүттэригэр:
– Суһал кэпсэтии наада буолла. Күнү-дьылы күүппэт быһыы-майгы тирээтэ. Үһүөн олорон кэпсэтиэҕиҥ, – диэтэ.
– Суһал кэпсэтии буоллаҕына, суһаллык бүтэрэр гына оҥостуоҕуҥ. Суһал быһаарыыны эрэйэр дьыала элбээтэ, – Ойуунускай сөбүлэстэ.
Үһүөн олордулар. Ойуунускайдаах Барахов, Петров тугу этэрин кэтэһэн, кинини көрөн олороллор.
– Мин бүгүн Нам туһаайыытынан эрэспиэскэҕэ баран кэллим. Бастаанньыстар суол аайы бааллар. Тоһуурга түбэһэн, чуут өлө сыстыбыт. Кыл мүччү тыыннаах ортубут… Быраан аннын диэки… Урут Төҥүлү оскуолатыгар бииргэ үөрэммит киһим хамандыырдаах түөрт уонча киһилээх этэрээт биһигини, урукку сырыыларбытынан истэн, анаан тоһуйбут. Хамандыырдара – Баишев Гавриил Васильевич диэн, суруйар идэҕэ сыстан испит, уруккута сибээс үлэһитэ киһи…
– Билэн, билэн! Оннук киһи баара! Сүрдээх туспа толкуйдаах – сахалыыны өрө туппут киһи! Киһи сирбэт өйдөөх-санаалаах ыччата эбит дии санаабытым… Ол киһи бастаанньаҕа холбоспут, өссө хамандыыр буолбут эбит дии?! – Ойуунускай соһуйда.66
– Ол этэрээт суолга иннибитин-кэннибитин бүөлээн кэбистэ. Хамандыырдара утары кэлэн кэпсэттэ: «Барыгытын тоһуйан тоһурҕаттаран кэбиһиэхпин санаан баран, бэркиһээн тохтоотум – кэпсэтэн көрөөрү», – диир. Баишевтыын биир нэһилиэк ыччаттарабыт. Мин дьонум ытыһан охтоору гыммыттарын, нэһиилэ тохтоттум. Биһигини түөрт төгүл баһыйар ахсааннаах дьон ас гыныахтара дуо?!
– Дьэ, ол Баишев туох диир эбитий? – Барахов интэриэһиргээтэ, олоппоһун иннин диэки сыҕарыс гыннарда.
– Бастаанньыстарбыт Дьокуускай куорат иһигэр туох буоларын, биһиги тугу гынарбытын барытын ааҕа-билэ сылдьаллар эбит! Дьэ, сүрдээх. Саамай кинилэри майгыларын алдьаппыт суолунан биһиги Мархаҕа концентрационнай лааҕыры тэрийэн, дьону солуок тутуубут буолар эбит. Онно харабыл буолан олорор дьону – ыраахтааҕы холуобунай сыылынайдарын Боруну уонна Глыгалоны кытта истэр-билэр эбиттэр. Баишев биһигини босхолоон ыытарыгар миэхэ кытаанахтык саанна, сэрэтии оҥордо: «Концлааҕыргытыгар биир эмэ кыыс эбэтэр дьахтар күүһүлэммит-атаҕастаммыт буолуо да, кытаанахтык иэстэһиэхпит! Эһигини кыайар да, кыайтарар да түгэммитигэр буруйдаахтары ирдээн да туран булуохпут – ханна да куотуоххут суоҕа! Бастатан туран, эйигиттэн иэстэһиэхпит! Ону ол курдук, өйдөө!» – диэтэ. Кини да, саллааттара да сирэйдэрэ-харахтара ынырык! Эппит тылларын толорортон аккаастаммат сирэйдэр-харахтар! Дьэ, ону туох диигит?
– Саамай кутталлааҕа – биһиги дьоммут улуустарга хаалбыт урууларыгар-аймахтарыгар алдьархай суоһууһу! Ханна эрэ, биһигини үтүктэн, концентрационнай лааҕыр оҥордохторуна, оннук өй киирдэҕинэ да көҥүлэ буолбут! – Барахов Петровка толору сөбүлэстэ.
– Мин бастаан эһигини кытта сүбэлэһэн баран, Мархатааҕы лааҕыры суох гыныахпытын эбэтэр онно олохтоммут хабыр режими сымнатыахпытын баҕарбытым. Дьэ, туох диигит? Бастатан туран, Платон Алексеевич, эн, губревком бэрэссэдээтэлэ киһи, тугу эрэ толкуйдуоххун наада, – Петров кэлбит сыалын-соругун быһа-бааччы эттэ.
Үһүөн чочумча саҥата суох олордулар. Ойуунускай иннигэр сытар кумааҕылар үрдүлэригэр сөбүлээн туттар кыһыл харандааһын ылан уурда уонна:
– Да-а, концентрационнай лааҕыры тэрийии төрдүттэн сыыһа дьаһал этэ. Мин утарсан көрбүппүн, Лебедев да, Агеев да саҥардыбатахтара – кинилэр чыкааны, байыаннай күүһү дьаһайалларынан олус бардамсыйаллар! Итинник буолуохтаах этэ!.. Тугу гыныахха?.. – чочумча тохтуу түстэ, уонна:
– Мин итинэн сибээстээн Мархаҕа баран кэлииһибин: токурутуулары уонна ол Боруну, Глыгалоны уонна да атыттары тохтотор гына кэпсэтиилэри ыытыам. Николай Васильевич, эн итини, ханныгын да иһин, Агеевка уонна кини көмөлөһөөччүтүгэр этэн көр! Исидор Никифорович, эн Лебедевкэ итини кэпсээ уонна өйдөтөргө кыһалын! Киһилии этиини өйдүүр-ылынар тойооску эбитэ дуу, суоҕа дуу?! Кыырыгырыы уонна сэнэбиллээх сыһыан хаһан да үчүгэйгэ тиэрпиттэрэ суох!
Үһүөн балачча уһуннук кэпсэттилэр. Түмүгэр уталытыллыбат дьаһалы ыларга диэн буолла.67