Читать онлайн Сырдык курус бесплатно
Быыһык кэм сааскы дьыбардара
Умнуллубат онус кылаас, бастакы таптал дьикти сааһа, Сэргэлээх уоттара… Доҕотторбут барахсаттар… Олох диэн дьикти айан аргыстара… Ити темаларга хас көлүөнэ аайы бэйэтэ суруйааччылардаах, история Аал Луук Маһыгар быспыт кэрчик кэмнэрдээх. Бу кинигэ эмиэ Таптал, Эдэр саас, Үтүө санаа, Көҥүл, Кырдьык туһунан.
Саха олоҕу анааран көрүүтүнэн туох барыта икки өрүттээх: үчүгэй куһаҕана суох буолбат, куһаҕан үчүгэйэ суох буолбат. Үтүө уонна мөкү сиэттиһэ сылдьаллар. Иитии диэн киһи мөлтөх өрүттэрин кыана туттарын, үтүө өттүн үүннэрэргэ баҕалаах, дьулуурдаах буоларын ситиһии буолар. Онуоха удьуорунан бэриллибит утум хаан дьайыытын ким да кыһыйан кэбиһэр кыаҕа суох. Төһө да олох очурдара атыйахтаах уу курдук дьалкыйан, үөһэ-аллара бырахталлар, төрүт уус киһи санаата уһун, көхсө киэҥ буолан түөрэҕэ түҥнэстибэт, арҕаһыттан тэһиинин мүччү ыһыктыбат.
Саха төрүт итэҕэлэ үөрэтэринэн, «үтүө киһиэхэ дьылҕа хаан дьолу өлүүлээн хаалларар» диэн сүрүн санааны саҕар бу кинигэ автора Айталина Никифорова.
Кинигэ арыйар историческай кэмэ – биһигини тургутар быыһык бириэмэ сыллара. Кинигэ геройдара – үөлээннээхтэрбит, Саха сирин араас улуустарын олохтоохторо. Били кытайдар этэллэринии, быыһык кэмҥэ олорор диэн алдьархай, таҥара ону эрэ биэрбэтин. Оттон биһиэхэ биэрбит. «Быста-быста салҕанар, өлө-өлө тиллэр» олох стратегиялаах саха омук билиҥҥи көлүөнэтигэр. Онно, дьэ, ким уйана-хатана, бөҕө оҥоруулааҕа, утумнаабыт майгыта-сигилитэ, саҥаны сатабыллаахтык ылынара барыта – олох тургутуутун этинэн-хаанынан күөн көрсүү сытыы кылыс охсуулара, охсуһуулара – бу кинигэ умсугутуулаах кэпсээнэ.
1986 сыл. Балыырдаах айдаан ааспыта 25 сыла туолла. Сэргэлээх студеннарын баттаммыт-атаҕастаммыт абаларын-саталарын ой дуораана дьылҕа кылын кирсин тыҥатан эдэркээн тапталы үрэйбитэ. «Ким кыахтаах – ол байыҥ» диэн үүнэ-тэһиинэ суох барыы элбэх саха ыччатын суорума суоллаабыта, мөкү дьаллыктарга тэппитэ. Советскай тутул суостаах сууллуутун содула үгүс үлэһит дьону тэмтэриппитэ, «демография кириэһин» күлүгүнэн сабардаан, кырдьаҕастары түргэтэппитэ, ыччаты түптээх ыал ийэтин-аҕатын олоҕуттан огдолуппута.
Маннык үйэлэр кирбиилэригэр бүрүүкээбит быыһык кэм көстүүлэрин туһунан сахалыы сайаҕас тылынан иһирэхтик, баары баарынан көрдөрөр айымньылартан бу кинигэ, арааһа, биир бастакылара буолуо.
А.К. Никифорова – республикаҕа биллэр номоҕон тыллаах-өстөөх, хорутуулаах өйдөөх-санаалаах, көнө майгылаах суруналыыс. Киниэнэ барыта дьүөрэлээх, барытыгар нэмин булан, ааҕааччыга итэҕэйэн, этиллибэтэҕи да өйдөһөр кэпсэтиигэ ыҥырар. Аныгы суруйар дьахталлар айымньыларын ис хоһооно кинилэр ис туруктарын тургутуу курдук ылыныахха сөп. Айталина Никифорова идэтийбит дьоһуна, сиппит-хоппут айар дьоҕура дьүөгэлии истиҥ-иһирэх, ийэлии сүбэһит, оҕолуу аһаҕас. Ону ылынан киниэхэ дьүөрэлэһэ сатыыргын кинигэ ааҕа олорон билинэҕин.
Кинигэни уугар-хааргар киирэн, барытын бэйэҥ олоххун кытта сыһыары тутан, холобурдаан, ылынар-ылыммат мөккүөргэ ааҕа олордоххуна бүтэ охсо хаалбытын өйдөөбөккө да хаалаҕын. Оннук умсугутуулаах. Бэлиэр доҕордоспут, сэһэргэспит, өйдөспүт кыргыттарыҥ мөссүөннэрин кинигэ чараас хаҕа саба тардан кэбистэ. Сырдык курус кууһа хаалла, сүрэххэ сөҥнө.
Саҥа кинигэни күүтэ хаалабын… Саҥа сырдык куруһу…
Ульяна Винокурова,
социологическай наука доктора, Ил Түмэн 1993–2001 сс. народнай депутата
Сырдык курус
Күн сирин көрдөрбүт, күннээх оҕо сааһы бэлэхтээбит, очура суох эдэр сааһы биллэрбит,
олоххо бигэтик үктэннэрбит, ийэ муҥура суох тапталын толору ыймахтаппыт
тапталлаах ийэбэр Мария (Валентина) Андреевна Багдасаеваҕа аныыбын
Сааскы ылааҥы киэһэ. Күн, саҕахха саһыан баҕарбатахтыы, кытархай сардаҥаларынан тугу эрэ эрэннэрэрдии, инники барыта кэрэ, үүт тураан буолуоҕар итэҕэтэрдии, ыһыахтана оонньуур. Салгыҥҥа түптэ унаар буруотун минньигэс сыта дыргыйар. Үчүгэйиэн! Аайа ис-иһиттэн дуоһуйан, үөрүөх-көтүөх санаата киирэн кэллэ. Бүгүн ийэтиниин олох-дьаһах комбинатыгар cакаастаан тиктэрбит муус маҥан, мааны да мааны былаачыйатын ылан кэлбиттэрэ. Кыыс, хоһугар киирэн, кичэллээхтик ыйанан турар былаачыйатын ыскааптан таһаарда. Солко таҥас, сөрүүнүнэн илгийэн, кыыс чараас тириитин имэрийэргэ дылы. Аайа былаачыйатын эмиэ кэтэн көрүөн баҕарда. Халаатын устан элитэн баран, муостаҕа соһуллар үүт маҥан былаачыйатын сэрэнэн кэтэн, сиэркилэҕэ тиийдэ. Уһун хойуу баттаҕын санныгар намылыта ыста. Кини иннигэр хойуу хаастаах, чоҕулуччу көрбүт арылхай хара харахтаах, сып-сырдык сэбэрэлээх кэрэчээн бэйэлээх кыыс тургутардыы көрөн турар. Кыыс күлүгэр биллэр-биллибэттик мичээрдээн ылла. Онтон үҥкүүлээн эргичиҥнээн барда. Кыараҕас хоһо биирдэ кэҥээн, бүтүн дыбарыас саалатыгар кубулуйда. Кыыс, Наташа Ростова бастакы баалыгар үҥкүүлүүрүн хараҕар оҥорон көрөн, хоһун биир гына вальстаан эргичиҥнээтэ.
– Аайа, выпускнойгар да кэппэккэ сылдьан, былаачыйаҕын киртитэн кэбиһээйэҕин, – ийэтин сымнаҕас куолаһа иһилиннэ.
– Маама, бэйэбэр наһаа барар дии? – кыыс ийэтин иэдэһиттэн сыллаан ылла.
– Чэ, чыычаах, устан ыйаан кэбис, – ийэтэ кыыһын диэки сымнаҕастык көрөн кэбистэ. «Аҕабыт кыыһа таҥара табатын курдук кэрэ буола улааппытын көрөрө буоллар, төһө эрэ үөрэр этэ» диэн санаа охсуллан, эдэр дьахтар өрө тыынан ылла.
Эргэ мас оскуола бүгүн мэктиэтигэр сырдаабыкка, кэҥээбиккэ дылы. Үрүҥ лыах курдук таҥныбыт кыргыттар көтө-дайа кустуктаналлар, бу ураты күн долгуйан имнэрэ тэтэрэн, ситэн-хотон, эдэр саас эрчимэ хааннарыгар оонньоон, кэрэтийэн да көстөллөр! Уолаттар, үрүҥ сорочкаланан, хаалтыстанан, саҥа көстүүм кэтэн, эмискэ боччумура түспүттэр. Оҕо саастарыттан салла үөрэнэн хаалбыт дириэктэрдэрэ эмиэ биллэ долгуйбут көрүҥнээх, бэҕэһээҥҥэ диэри мөҕө-этэ сылдьыбыт бэйэтэ бүгүн оҕолорун кытта тэҥнээҕин курдук кэпсэтэр. Төрөппүттэр оскуола спорт-саалыгар тардыллыбыт уһун остуол тула ас тардан түбүгүрэллэр.
– Аайа, кэл эрэ, биһиги кылааспытыттан Маша суох дии. Туох буолбута буолла? – кыргыттар идэлэринэн кыра кылаастан салайтара үөрэнэн хаалбыт дьүөгэлэригэр сүүрэн кэллилэр.
– Машаҕа дьиэтигэр баран кэлиэх. Лера, Света миигин кытта барсыҥ, —кыыс дьаһайда.
Кыргыттар, сиргэ соһуллар үрүҥ былаачыйаларын өрө тардан баран, Советскай уулусса устун буору бурҕатан, Маша дьиэтигэр тэбиннилэр. Тохтоло суох сүүрүүнэн, аҕылаан-мэҥилээн кэлэн, ааны дохсуннук тоҥсуйдулар. Эппиэт суох. Аайа ааны тардыбыта, аһаҕас эбит.
– Маша, бааргын дуо? – сырдыктан эмискэ хараҥа көрүдүөргэ киирбит кыргыттар тугу да арааран көрбөттөр.
Арай, түгэх хоско кимнээх эрэ ботур-ботур кэпсэтэллэрэ иһиллэр. Кыргыттар, куттаммыттыы дук-дах туттан, хос диэки бардылар.
– Маша, биһиги кэллибит. Кылаастан эн эрэ суоххун. Туох буоллуҥ, ыарыйдыҥ дуо? – Аайа сэрэнэн хоһу өҥөйөн көрдө. Маша оронугар умса түһэн ытыы сытар эбит. Аттыгар ийэтэ кыыһын ааттыы сатыы олорор.
– Көр эрэ, старостаҥ кэллэ. Бу былаачыйа туох да куһаҕана суох. Олус үчүгэй оруосабай дьүһүннээх, эдьиийиҥ выпускнойугар биирдэ эрэ кэппитэ ээ, – Варвара Ивановна киһи хараҕа эрэ саатыах чаҕылхай оруосабай былаачыйаны тэлимнэтэр.
– Тоҕо мин олохпор биирдэ буолар оскуоланы бүтэрэр баалбар эмиэ эдьиийим эргэтин кэтиэхтээхпиний?! – Маша өссө тэптэн, улаханнык ытаан барда.
– Маша, оргууй буол эрэ! Киһи уйулҕатын хамсатан, туох эрэ алдьархай буолбутугар дылы! Бэйэтэ бастаан бу былаачыйаны кэтиэм диэн сөбүлэспитэ ээ… – кыыс ийэтэ кыргыттарга быһаарар.
– Мин санаабар, туох да куһаҕана суох былаачыйа. Арай, уолугар уонна тэллэҕэр куруһуба тигэн биэрэр киһи наһаа бэрт буолуо эбит, – диэн баран Света Варвара Ивановна диэки ыйытардыы көрдө.
– Уой, куруһуба арааһа баар ахан! – диэн баран, кыыс ийэтэ, чэпчэкитик ойон туран, хостон сүүрэн таҕыста.
Дьахтар өр гыммата, мөһөөччүк муҥунан уурулла сылдьыбыт таҥас сыыстарын, куруһуба арааһын туппутунан киирэн кэлэн, абыраатаҕына кини эрэ абырыа диэбиттии, оҕо курдук Светаҕа куду уунна.
– Маша, көр эрэ, бу бороҥ өҥнөөх куруһуба эн ырбаахыгар олус барсар. Билигин букатын саҥа буола түһүө! – Света эрэллээхтик эппитигэр, ытаан санна эппэҥнии сыппыт кыыс уоскуйа быһыытыйда.
– Чэ, Маша, тур, кэт! Оттон биһиги куруһубаны түргэнник тигэн биэриэхпит, – Аайа этии киллэрдэ.
Кыргыттар дьүөгэлэригэр былаачыйатын кэтэртилэр, Света куруһубаны тэҥнии-тэҥнии кырыйталаата, онтон бары кичэллээхтик тигэн бардылар. Сотору аныгы муодаҕа соччо эппиэттээбэт былаачыйа уларыйа түстэ. Света Маша синньигэс биилигэр куруһубанан бэртээхэй кур оҥорон баайан кэбиспитигэр, букатын даҕаны атын көстүү буола түстэ. Маша сирэйдиин-харахтыын сырдаата, сымсатык туттан-хаптан баттаҕын өрө анньынна, уоһун помаданан тэтэртэ.
– Сыллыый, наһаа да кэрэ буола түстэҕиҥ бу! Дьүөгэлэргэр махтан! – Варвара Ивановна кыыһын көрөн сүрдээҕин астынна.
Кыргыттар Машаларын сиэппитинэн сүүрүүнэн оскуолаларыгар кэлбиттэрэ, хайыы-үйэ уопсай линейка буола турар эбит.
– Хайа, бу ханна сүтэ сырыттыгыт? Директор туйгун үөрэхтээхтэргэ бастакынан аттестаты туттарда, эйигин ааттаан бөҕө буолла! – кылаастарын салайааччыта Маргарита Дмитриевна Аайаны мөҕө тоһуйда.
Кыргыттар саҥата суох миэстэ булан олорон истэхтэринэ:
– Андреева Аайа Николаевна! – микрофонунан дириэктэрдэрин саҥата ньиргийдэ. – Оскуолабыт баарсуох киэн туттар үөрэнээччитэ, солбуллубат кылаас старостата, хомсомуол кэмитиэтин солбуйааччы бэрэссэдээтэлэ. Кэл, сыанаҕа тахсан, ситиһиилээхтик үөрэммиккин туоһулуур аттестаккын тутан кэбис!
Соһуччу баҕайытык кини аатын ааттаабыттарыттан, үөрэнээччини мээнэ хайҕаабат, олус ирдэбиллээх дириэктэрдэрэ дарбааннаах тылыттан кыыс долгуйан сүрэҕэ күүскэ тэптэ, сүүрэн тахсан Дмитрий Егоровиһы кытта илии тутуһан, аттестатын ылла.
– Аайа, тохтуу түс! – Ваня Семенов «Смена» фотоаппаратынан хаартыскаҕа түһэрэн күлүмүрдэттэ.
Оҕолор биир-биир сыанаҕа тахсан аттестаттарын туппуттарын кэннэ таһырдьа хаартыскаҕа түһүү түбүгэ буолла: уолаттар икки ыскамыайканы аҕалан уурдулар, учууталлар, төрөппүттэр инники эрээккэ кэккэлэстилэр, оҕолор ыскамыайкаҕа икки эрээтинэн турдулар. Оскуола кылаабынай хаартыскаҕа түһэрээччитэ Ваня хамаанда кытаанаҕын түһэрдэ. «А», «Б» кылаастар уочаратынан түспүттэрин кэннэ, аны иккилии-үстүү буола-буола түһүөн баҕалаах элбээн, Ваня уол олох даҕаны солото суох буолла. Үс арахсыспат дьүөгэлиилэр – Аайа, Света, Лера – окумалларыттан тутуһан, үөрэн мичилиһэн хаартыскаҕа түстүлэр.
Оҕолор суугунаһан кэлэн, спорт саалаҕа П буукубанан тардыллыбыт мааны остуол тула олордулар. Учууталлара биир-биир туран үөрэппит оҕолоругар үтүөнү баҕарар тыллары эттилэр.
– Мин оҕолорбун төрдүс кылаастан ылбытым. Бытарыһан кыра да дьон этилэр. Ол бэйэлэрэ бу ситэн-хотон олороллор! Кинилэр миэхэ син биир оҕолорум кэриэтэ олус күндүлэр, бастакы выпустарым буоллахтара. Оҕолоор, эһиги хас биирдиигит ким-туох киһи буолан турарыгар мин тус эппиэттээх курдук сананабын, онон эһиги биһиктээбит оскуолаҕыт, учууталларгыт аатын түһэн биэрбэт курдук дьаһаныахтааххыт. Билэргит курдук, билигин оскуола кэнниттэн производствоҕа үлэлии барыы тохтоон турар. Хайа үөрэххэ бараргыт – көҥүлгүт. Ким даҕаны эһигини күүһүнэн фермаҕа хаалларбат. Бэрт буолбат дуо? Ол гынан баран төрөөбүт, улааппыт дойдугутун, оскуолаҕытын, учууталларгытын умнаайаҕыт… – онус «А»-лар кылаастарын салайааччыта Маргарита Дмитриевна ис сүрэҕиттэн долгуйан бөтө бэрдэрдэ.
«Ама, хайаан умнуохпунуй оскуолам барахсаны, төһө да эргэрэн эркинэ хараардын, муостата оллур-боллур буоллун, миэхэ син биир күндү. Манна биһиги ааҕарга-суоттуурга үөрэммиппит, үчүгэйи-куһаҕаны араарар буолбуппут, доҕордоһуу диэн тугун билбиппит. Дьиҥнээх учууталлар диэн биһиги оскуолабытыгар бааллар. Бу Маргарита Дмитриевна, Валентина Андреевна, Надежда Ивановна, Иван Петрович курдук дьоно суох олохпун сатаан санаабаппын». Аайаны ити санаатыттан дьүөгэтэ Лера аралдьытта:
– Доо, мин оскуолабын хаһан да умнуом суоҕа! Учуутал үөрэҕин бүтэрэн баран эргиллэн кэлэн үлэлиэҕим!
– Билэбин. Эн кыра эрдэххиттэн учуутал буолуоххун баҕараҕын дии. Мин эмиэ оскуолам туһунан саныы олоробун. Хаһан да умнубатым буолуо…
Сотору музыка ньиргийдэ. Биир бириэмэҕэ бобуулаах буола сылдьыбыт «Чингиз-хан» бөлөх эрчимнээх ырыата кыракый оскуоланы биир гына толорон кэбистэ. Кыргыттар, уолаттар, ону эрэ күүтэн олорбут дьон курдук, ойон туран үҥкүүлээбитинэн бардылар. Аайа аҕыйах сыллаахха диэри пионер-баһаатайдаабыт, билигин оскуолаҕа иитэр үлэҕэ завуч Варвара Аркадьевна кимнээҕэр эрэ итийэн-кутуйан туран үҥкүүлээн барбытын көрөн, ахсыс кылааска сылдьан, комсомольскай аттестацияны туттарбытын санаан кэллэ. Кини аттестацияны тутар кабинекка идэтинэн кылааһын оҕолоруттан бастакынан киирбитэ. Хос ортотугар уһун остуол тардыллыбыт, оройуон хомсомуолун тэрилтэтиттэн оскуола үлэтигэр инструктор баар, оскуола иитэр үлэҕэ завуһа, хомсомуол алын сүһүөҕүн тэрилтэтин бэрэссэдээтэлэ, онус кылаас комсордара, аттестацияны барар кылаастар салайааччылара уонна пионер-баһаатай кэчигирэспиттэр этэ.
– Ахсыс «А» кылаас старостата, оскуола хомсомуолун тэрилтэтин көхтөөх чилиэнэ Аайа Андреева, – оскуола хомсомуолун тэрилтэтин салайааччыта Фая кыыс хамыыһыйаҕа билиһиннэрбитэ.
– Аайа, оскуола кэнниттэн ханнык идэни талар санаалааххыный? – оскуола инструктора хомсомуол устаабыттан боппуруос биэриэ диэн кэтэһэн олорбут киһиэхэ соһуччу ыйытыы буолла.
– Бакаа быһаарына иликпин.
– Аайа тылга олус дьоҕурдаах. Нуучча тылын олимпиадатыгар кыттан, наар бастыҥнар ахсааннарыгар сылдьар. Мин саныахпар, кини тыл үөрэҕэр киирэн, кэлин науканан дьарыктаныаҕа, – кылааһын салайааччыта тоҕо эрэ куттаммыт курдук хап-сабар эппиэттии оҕуста.
– Оттон ыччат лиидэрин быһыытынан райкомолга үлэлиэххин баҕарбаккын дуо? Биһиэхэ эдэрдэр наадалар.
– Суох, мин суруйааччы буолуохпун баҕарабын, – диэбитин Аайа кулгааҕа эрэ истэн хаалла.
– Суруйааччы даа… – инструктор быһаарыыта суох унаарытта.
– Ханнык музыканы ордорон истэҕин? – пионер-баһаатай Варвара Аркадьевна туоһуласта. Арааһа, ыйытыахха эрэ диэн ыйытта быһыылаах.
– Ордук омук музыкатын сөбүлүүбүн. Итальянскай эстрада, Аманда Лир, «Абба», «Арабески», «Бони-М», «Чингиз-хан»…
– Кылаас старостата, туйгун үөрэхтээх комсомолка буолан баран, хайдах «Чингиз-хан» курдук буортулаах музыканы истэҕин? Сэбиэскэй сойууһу үөҕэн ыллыылларын билбэккин дуо?! – Варвара Аркадьевна кыыһыран өрө хабылла түстэ.
– Кырдьык, баһаатайгыт саамай сөпкө этэр. Сэбиэскэй тутулу ахсарбаттык ыллыыр омук ырыаһыттарын истии «политическая близорукость» диэн буолар. Онон, Варвара Аркадьевна, бу боппуруоска оскуола үөрэнээччилэрин кытта салгыы үчүгэйдик үлэлиэххитин наада, – хомсомуол инструктора этии киллэрдэ.
Оттон бүгүн ким даҕаны «политическая близорукость» аатырбыт музыканы тохтоппот.
Демис Руссос толоруутугар бытаан музыка тыаһаабытыгар, Аайа иннигэр Ваня биирдэ хорус гына түстэ.
– Үҥкүүлүүбүт? – уол ааттаһардыы кыыс хараҕын өҥөйөр.
– Чэ, – кыыс, идэтинэн аккаастанан силбиэтэнэн кэбиһиэн санаан баран, туттунна. Төһөтүн да иһин, бүгүн выпускной бааллара буоллаҕа дии.
«Ушел от нас последний день, как исчезает в полдень тень…». Оҕолор бары да сөбүлүүр ырыаларын алыптаах музыкатыгар уйдаран үҥкүүлээтилэр. Арай, сааланы биир гына сүрдээх эрчимнээхтик, имигэстик туттан-хаптан биир паара вальстыыр. Оруосабай дьүһүннээх былаачыйалаах кыыс биир кэм эргичиҥнээн олорор. Кылаас бастыҥ үҥкүүһүтэ Маша Петя Тарабукины кытта тапсан да вальстаан элээрдэ сылдьар! Петя бу курдук үчүгэйдик үҥкүүлүүрэ биллибэт этэ, бары да соһуйан хааллылар. Кыргыттар бүгүн Петяны атын харахтарынан көрдүлэр. Будьурхай баттаҕын өрө анньыммыт, кимиэхэ да суох от күөҕэ өҥнөөх вельвет бинсээктээх, оруосабай ырбаахылаах, кытархай атлас платогун бинсээгин түөһүгэр иилиммит – уол да уол! Кини бүтүн киэһэни быһа Машаттан арахпатаҕын кыыс аймах кыраҕы хараҕа эмиэ бэлиэтии көрдө.
– Оҕолоор, биэрэккэ баран дьаарбайабыт дуо? – Аайа биэчэр түмүктэниитигэр этии киллэрдэ.
Үрүҥ түүн дьэҥкир, сып-сылаас суорҕанынан орто дойду маанылаах оҕолорун араҥаччылаан бүрүйбүккэ дылы. Оҕолор, ырыа-тойук аргыстаах биэрэккэ тиийэн баран, чуумпутук уста сытар Бүлүү эбэ хотун саҕаҕар күн кытархай саһарҕаларын ыһан, умсан эрэр кэрэ көстүүттэн талбааран, чочумча саҥата суох бардылар. Оскуола боруогун атыллаан улахан дьон олоҕор үктэммит эдэр-кээн уолаттар, кыргыттар оҕо саастарын күнүн бүтэһиктээхтик көрөн хаалбыттарын сүрэхтэринэн курдаттыы сэрэйэн бу курдук турдулар…
* * *
– Аайа, эн куоракка үөрэнэ бардаххына, мин бу түөрт эркини көрбүтүнэн соҕотоҕун хаалабын. Эдьиийиҥ Ленинградка үөрэнэ сылдьар, идэтинэн манна тыа сиригэр үлэ булбата чуолкай. Онон эдьиийим аахха да чугаһыы таарыйа киин сиргэ көһөрүм дуу? – сарсыарда чэйдии олорон ийэтэ уһуннук иитиэхтээбит санаатын үллэһиннэ.
– Маама, оттон онно баран ханна олороору гынаҕын?
– Бакаа эдьиийиҥ аахха, тетя Надялаахха, олоруом. Таайыҥ Семен Павловичтыын ол туһунан кэпсэппитим. Кини үйэтин тухары тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр үлэлиир дии, куоракка кэлэн идэҕинэн балыыһаҕа үлэлээтэххинэ, квартираны икки кулгааҕын курдук көрүөҥ суоҕа диир. Арай «Птицефабрика» үлэһиттэригэр дьиэ тутан эрэллэр үһү. Куоракка тиийдэхпинэ, ол тэрилтэҕэ үлэҕэ киллэриэм диир.
– Онно туох үлэһит буолаҕын?
– Билбэппин, көстөн иһиэ. Маама ханнык да үлэттэн чаҕыйбатын билэҕин буолбат дуо? – Татьяна Иннокентьевна кыыһын төбөтүттэн имэрийэн ылла.
Аайа ийэтиниин куоракка көһөрдүү хомуммуттара хас да хонно. Ханна да хамсаабакка биир сиргэ олорбут ыал мала-сала элбэх да буолар эбит. Татьяна Иннокентьевна гастрономтан уонча улахан хоруопканы аҕалбыта, онто да тиийбэтэ.
– Маама, эн сорох иһити, утуйар таҥаһы хааллар ээ. Бакаа утары туттарбытын эрэ ылыахха, онтон таһаҕас таһар бааржанан ыыттарыахпыт буоллаҕа дии.
– Суох, бу аата көннөрү барытын бэлэмнээн кэбиһэбин. Сөпкө этэҕин, чыычааҕыам. Дьиэтэ-уота да суох сылдьан, ама хайаан малбытын барытын соһон барыахпытый. Таҥнар таҥаспытын илдьэ бардахпытына да сөп.
Татьяна Иннокентьевна санаатыгар сүрдээҕин ыксыыр. Бэс ыйа эргэтигэр барда, оттон кинилэр дойдуларыттан хоҥно да иликтэр. Кыыһа куорат библиотекатыгар олорон экзаменнарыгар бэлэмнэниэ этэ буоллаҕа дии. Университекка киирэргэ куонкурус сүрдээх улахан. Аайа буоллаҕына ханныкка киириэн ситэ быһаарына да илик курдук. Тылга дьоҕурдаах кыыс суруналыыс дуу, тыл учуонайа дуу буолуом диэччи.
– Маама, ханнык идэни таларым буолла? СГУ-га киирдэхпинэ, учуутал буолабын. Онтон атын идэни хайдах эрэ толкуйдаабат да курдукпун. Суруналыыс буолар киһи наһаа да бэрт буолуо эбит. Ити Ваня Семенов суруналыыс буолуон баҕарар эбит. Ол идэҕэ биһиэхэ үөрэппэттэр ээ.
– Сүрэҕиҥ тугу этэринэн идэҕин таларыҥ сөп. Ол эрээри айар үлэһит буолар диэн эмиэ да олус бэрт дии. Көрөн олорон айылҕаны олус даҕаны табан, киһи санаатыгар сөп түбэһэр гына суруйаллар дии. Оннук дьоҕур киһиэхэ эрэ бэриллибэт. Холобура, көмүс күһүн туһунан хайдах курдук уустаан-ураннаан хоһуйан суруйалларый? Аҥаардас сэбирдэх туһунан элбэҕи да этэр суруйааччылардаахпыт. Ити кинилэр кэрэни таба көрөр ураты талааннарыттан тахсар. Хайдах курдук биһиги улуу суруйааччыларбыт төрөөбүт төрүт дойдуларын, алаастарын, айылҕаларын таптыылларыттан сөҕөбүн, хомуһуннаах тылынан дьүһүйбүттэрин ааҕа олорон, уйулҕаҥ хамсаан, эккинэн-сииҥҥинэн ураты сүүрээн кутуллар. Тыл күүһэ итиниэхэ сытар. Эн тылга сыһыаннаах идэни таллаххына, иннигэр кэскилиҥ сүрдээх киэҥ буолуо.
– Ой, маама, мин хантан биһиги суруйааччыларбыт курдук суруйуохпунуй?
– Редколлегия солбуллубат чилиэнэҕин, хаһыаккыт редактораҕын дии. Оскуола олоҕун туһунан ыстатыйа бөҕөтүн суруйан кэллиҥ. Бэл диэтэр, «Бэлэм буолга» бэчээттэнэҕин. Бэйэни сэнэммэт баҕайыта. Дьокуускайга сөптөөх үөрэх суох буоллаҕына, соҕуруу баран көр.
– Хайдах эдьиийбиниин иккиэн соҕуруу үөрэниэхпитий? Эн хайдах кыра хамнаскар үөрэттэрээри гынаҕын? Суох, эйиэхэ ыарахан буолуо, маама. Саха сиригэр да үөрэнэн үчүгэй специалист буолуом дии саныыбын.
– СГУ-га куонкурус олус улахан дииллэр. Кытаатан бэлэмнэннэххэ эрэ табыллар, чыычаах.
Бу кэпсэтии кэнниттэн Татьяна Иннокентьевна элбэҕи эргитэ санаан уута кэлбэтэҕэ. Кини ханнык идэни таларын дьылҕата бэйэтэ быһаарбыт курдуга. Татыйыыс тоҕус сааһыгар ийэтэ сэлликтээн өлбүтэ. Ыарыы обургу күнтэн күн ийэтин ытарчалыы хам ылан иһэрин кыракый кыысчаан көрөрө. Оччолорго сэрии кэнниттэн сэллик улаханнык тарҕаммыт кэмэ этэ. Бөһүөлэк биэлсэрэ биирдэ эмит кэлэн барара. Кэлэн даҕаны диэн, эмтээн эрэрэ көстүбэт этэ. Сүр ыараханнык өрө тыынаат, баһын быһа илгистэн баран тахсан барара. Кыысчаан ол киһиэхэ абара да саныыра! Эмчит ааттаах эрээри, иэрийэ-иэрийэ сөтөллөн муҥнана сытар ийэтигэр тугунан да көмөлөспөт. Оччоҕо тоҕо кэлэрий! Кини хантан билээхтиэй, аҕыйах кылаас үөрэхтээх киһи аатыгар эрэ луохтуурун, сэлликтэн эмтиир ханнык даҕаны эмэ-томо суоҕун.
Кыысчаан ийэтэ ыараханнык тыынарын иһиллээн түүн аанньа да утуйбат этэ. Биир киэһэ ийэтэ эмискэ салгыны былдьаһан сүр куһаҕаннык хардьыгынаабытыгар, Татыйыыс сарылаабытынан ийэтигэр сүүрэн тиийбитэ.
– Тукаам, куттаныма… Эн улахан киһигин… Таайыҥ Ылдьааны баран ыҥыр… Түргэнник… – ийэтэ эрэйдээх иһиттэн нэһиилэ ыган таһаарбыта, кыыһын диэки ааттаһардыы көрөн баран хараҕын быһа симпитэ.
Татыйыыс, сонун сыыһын анньынаат, таһырдьаны былдьаспыта. Таайа аах бөһүөлэк биир баһыгар олороллор. Күһүҥҥү ытыс таһынар хараҥаҕа бадарааны, чалбаҕы чомполоон, үлтү сытыйан хаалбыт этэрбэһин нэһиилэ соһон, таайын ааҕы тыын быһаҕаһынан аҕылаан, сап-салҕалас буолбут оҕо булбута. Дьиэҕэ баар дьон кыысчааны көрөн туох буолбутун тута өйдөөбүттэрэ, саҥата суох хомунан барбыттара.
– Оҕо эрэйдээх манна хааллын, сылайан аҥаара эрэ хаалбыт… – Ылдьаа дьаһайбыта.
– Суох-суох, мин ийэбэр барыам… Ыый-ый… – кыыс, аан тутааҕыттан кытаанахтык тутуһан туран, ытаан бөтүөхтээбитэ. Ылдьаа сэниэтэ эстэн нэһиилэ турар кыыһы көтөҕөн ылан быыс кэннигэр турар улахан ороҥҥо этэрбэһин, сонун устан сытыаран баран, куобах түүтэ суорҕанынан сабан кэбиспитэ. Татыйыыс бэрт өр ытаан сыҥсыйан баран, сылаата таайан, нухарыйан хаалбыта.
Ол түүн ийэтин сырдык тыына быстыбыта. Кыыс ийэтин тиһэх чааһыгар аттыгар буолбатаҕыттан туохтааҕар даҕаны кэмсинэр. Орто дойдуга баар-суох чугас, күндү киһитэ хараҥа дьиэҕэ суос-соҕотоҕун сытан аны хаһан даҕаны төннүбэт дойдутугар барбытын санаатаҕына, билигин даҕаны көмүскэтин уутун кыатаммат.
Тулаайах хаалбыт кыыс маҥнай утаа таайын аахха олорбута. Бэйэлэрэ да элбэх оҕолоох, инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан олорор ыал сотору кыыһы оройуон киинигэр интернакка туттарбыттара. Сэрии тулаайахтара биир дьиэ кэргэн буолан, эйэ-дэмнээхтик, баардарынан-суохтарынан тэбис-тэҥҥэ үллэстэн олорбуттара.
Татыйыыс ийэтэ өлөр ыарыыттан охтуоҕуттан эмчит буолар санааҕа кэлбитэ. Ийэтэ барахсан, холкуос биир бастыҥ ыанньыксыта, хара сарсыардаттан им сүтүүтүгэр диэри үлэлии сылдьыбыт эдэр дьахтар, сэллик буулаан, аҕыйах ыйынан ууллубута. Арай, кинилэр дэриэбинэлэригэр үөрэхтээх эмчит баара эбитэ буоллар, баалаппакка тута эмтээн, кыайбатаҕына киин сиргэ ыыттаран, ийэтин быыһыахтаах этэ. Кыыс ону бигэтик билэрэ. Ахсыс кылаас кэнниттэн кини Дьокуускайы булбута. Алта күннээх түүн устата борохуотунан устан киин куоракка кэлэн, фельдшерскэй-сестринскэй училищеҕа үөрэнэ киирбитэ. Үөрэҕин ситиһиилээхтик бүтэрбитэ, учууталлара салгыы үрдүк үөрэххэ үөрэн диэн элбэхтик сүбэлээн көрбүттэрэ даҕаны, кыыс үлэһит буола охсор санаалаах дойдутугар төннүбүтэ.
«Мин ситэ үөрэммэтэхпин кыргыттарым үрдүк үөрэхтэнэн ситиһиэхтэрэ» дьахтар санаатын түмүктээн өрө тыынан ылла.
– Үһүөн киин куоракка үөрэниэхпит дии санаабытым, хайа баарый? Света, оттон иистэнньэҥ үөрэҕэ куоракка да элбэх буолуо дии. Бииргэ өйөнсөн син сылдьыа этибит, – Аайа хомойбутун кистээбэт. Кыргыттар, болдьоһон баран, идэлэринэн биэрэк үрдүгэр турар ыскамыайкаларыгар кэллилэр.
Туох да омуна суох кыргыттар бу ыскамыайкаҕа улааттылар. Бу ыскамыайкаҕа олорон төһөлөөх кистэлэҥнэрин, үөрүүлэрин-хомолторун үллэстибиттэрэ буолуой? Кыра кылаастарга манна олорон кумааҕы куукуланан оонньууллара. Света куукулата саамай элбэх, араас дьэрэкээн таҥастаах буолааччы. Бэл, кыһыҥҥы сонноох, бэргэһэлээх, этэрбэстээх буолара. Кыыс дьүөгэлэрин куукулаларын эмиэ таҥыннарара. Кэлин кумааҕы кыргыттара кумааҕы уолаттардаммыттара. Кыргыттар ыскамыайкаларын көрөр-харайар идэлээхтэр, сайын аайы кырааскалыыллар, сыл аайы өҥүн уларыта сатыыллар. Дьиктитэ баар, кинилэр кырааскалаан барбыт ыскамыайкаларыгар, төһө даҕаны манаан турбаталлар, ким даҕаны лах гына олорон кырааскаҕа биһиллибитэ суох. Дьон бары кыргыттар киэннэрэ буоларыгар үөрэнэн хаалбыт.
Улахан кылааска тахсан баран, ыскамыайкаларыгар олорон таптал туһунан кэпсэтэр буолбуттара. Ким кими сөбүлээбитин, таптаабытын туһунан кистэлэҥ манна этиллэрэ. Бүгүн кыргыттар эмиэ от күөҕэ өҥнөөх ыскамыайкаларыгар кэчигирэһэн олороллор. Көрсө түстүлэр даҕаны күлсүү-салсыы ыраатар буолара, оттон бүгүн тоҕо эрэ чуумпулар. Боччумурбут көрүҥнээхтэр.
– Суох, мин куоракка олорор кыаҕым суох, онно аймахтарбыт букатын суохтар. Мэҥэ Хаҥаласка иистэнньэҥ үөрэҕэ баар, онно дьонум аах олороллор, – Света бу сырыыга Аайа тылыгар киириммэтэ. Аҕыс оҕолоох ыал улахан кыыстара түргэнник идэ ылан, үлэлиэн наада. Ийэтэ балыыһаҕа ньээҥкэлиир, аҕалара бултуу сылдьан сааҕа дэҥнэнэн инбэлиит буолан үлэлээбэт. Тугу да гынара суох киһи арыгылаан тахсар. Света көрдөҕүнэ, аҕата кимнээҕэр эрэ доруобай курдук, итирэ-итирэ ийэтин тобулу охсон, ыарыһах оҥорон бүтэрдэ быһыылаах. Кыра уҥуохтаах, хачаайы ийэтэ туттара-хаптара бытаарбыт, наар сэниэтэ суох курдук сылдьар. Аҕалара күнүһүн остолобуойтан тахсыбат, киэһэ аайы холуочук кэлэн, бэйэтэ да нэһиилэ сылдьар кэргэнигэр киэптиирэ киирэр.
Света өссө ахсыс кылаас кэнниттэн үөрэххэ барыан баҕарбыта, оччолорго ийэтэ буолумматаҕа. «Мин эрдэ баҕайы ыал буолан, үөрэҕи ылбакка хаалан, хара үлэҕэ, аҕыйах харчы туһугар сылдьабын дии. Эн үөрэххэр үчүгэйгин, ити дьүөгэлэргин кытта бииргэ үрдүк үөрэххэ туттарсаар», – диэн быһа бааччы эппитэ. Кини билигин үрдүк үөрэххэ киирдэҕинэ, ийэтигэр ким көмөлөһүөй.
– Чэ, ол эрэн Мэҥэ Хаҥалас куораттан чугас, син биир билсэ туруохпут буоллаҕа дии.
– Аайа, хайа баҕарар баҕарбыт үөрэххэр киириэҥ турдаҕа. Суруйааччы дуу, суруналыыс дуу буолан турарыҥ буолуо. Хайа эмит тэрилтэҕэ хотун да буолуоххун сөп.
– Света, бүт эрэ, оннук сыал-сорук миэхэ олох даҕаны турбат. Талбыт идэбинэн үчүгэй, дьоҥҥо сирдэрбэт үлэһит буоллахпына, ол мин дьолум буолуо.
– Оттон мин халбаҥнаабаппын. Учуутал эрэ буолар баҕалаахпын. Кыра оҕолору наһаа сөбүлүүбүн!
– Лера, дьэ, сымнаҕас учуутал буоларыҥ буолуо. Мэник-тэник оҕолору хайдах тутаҕын? – Света дьүөгэтин дьээбэлиэх санаата киирдэ.
– Мин санаабар, Лераттан дьиҥнээх учуутал тахсыаҕа. Аҕыйах сылынан кыыспыт народнай учуутал буолара буолуо, – кыргыттар күлэн саһыгырастылар.
От ыйын ортотугар Аайа ийэтиниин долгуйар Дьокуускай куораты буллулар. Сырылас куйаас сатыылаан ахан турар! Дойдуларыгар ардах түһэн кэбиһэн, нэдиэлэни быһа хаайтардылар. «Сыл аайы бу курдук! Кыратык ардаата да, сөмөлүөт көппөт! Хайа муҥун, ити «летнай полоса» диэннэрин сиэмэнинэн бүрүйэн кэбиспэттэрий?! Суох, ол биһиэхэ кыаллыбат!» – хаайтаран олорор дьон, кыһыыларын таһааран, айдааран көрөллөр да, онтон туох туһа тахсыай, таах ньиэрбэлэрин барыыллар. Аайалаах көһөн барар дьон, аанньа буолуо дуо, таһаҕастара элбэҕэ сүр. Өссө кыһыҥҥы таҥастарын ылбатахтарын үрдүнэн суумка бөҕө мунньулунна. Пуорт аһылларын кэтэһэ сатаан баран, киэһэ аайы туох баар малларын соспутунан төннөн сөп буолан, кэлин малларын чугас билэр ыалларыгар уурдардылар. Пуорка «Камера хранения» диэн бөдөҥ баҕайы суруктаах хос баар да, наар тир хатааһыннаах турар буолар.
– Хаһан аһыллар баҕайытай? Оҕолор докумуоннарын туттаран, консультацияларга сылдьан ырааттахтара, – кыыс ийэтэ долгуйар.
Аайа да саллан бараары гынна. Күн аайы пуорду маныыр киһи хантан соло булан учебниктарын арыйан көрүөй. Республика араас муннугуттан дэгиттэр ыччаттар кэлиэхтэрэ дии. Бары аттестаттарын баала үрдүк буолуо. Экзаменнарбын хайдах туттарабын?
Дьиҥэр, кини дэгиттэр учууталларга үөрэммит дьоллоох киһи. Аҥаардас химияларын учууталын ылан көрүҥ. Кини курдук ураты учуутал өссө ханна эмэ баара дуу? «Петр Поликарпович курдук талааннаах учуутал үөрэппитэ биһиги дьолбут буолуо. Ураты суоллаах-иистээх учуутал, кини курдук айар талааннаах химик баарын билбэтим. Хоһоонноро ырыа буолан тарҕаналлар, поэмалара дириҥ философскай суолталарынан сөхтөрөллөр. Оҕолор бары да биир улаханнык биһириир учууталлара. Бу санаатахха кини оҕо майгытын үчүгэйдик билэр психолог эбит. Сэттис кылааска аан маҥнай биһиэхэ киирэн кэлбитин умунубаппын. Аан аһылла биэрбитэ да, хара өҥнөөх улахан бартыбыал остуолга биирдэ көтөн түспүтэ. Суугунаһа-сааҕынаһа олорбут оҕолор соһуйан биирдэ чуумпура түспүппүт. Бары кулгаах-харах буолан туох буолбутун өйдөөбөккө олордохпутуна, Петр Поликарпович бу саҥаран кутан-симэн, үөрэн-көтөн киирэн кэлбитэ. Киниттэн ураты күүстээх эрчим биллэрэ. Киирдэ да кылааһы биирдэ толорон кэбиһэрэ. Уруогун эмиэ олус интэриэһинэйдик биэрэр, биһиги ордук уопут оҥорорбутун туохтааҕар да ордорорбут. Химия курдук уустук предмеккэ үчүгэй-мөлтөх үөрэхтээх үөрэнээччи диэн арахсыы суоҕа. Ол курдук кини предметин ылыннарар ураты дьоҕурдаах. Кини өссө биир дьээбэлээх. Бартыбыалын элээрдээт, кылааска киирэн иһэн, биир эмит оҕону ойутан туруорар да, ыйытан чаҕылыҥнатар, ыых-аах диир табыллыбат, ол кыаллыбат даҕаны, түргэн баҕайытык: «Один, два, три… садись два!» – диир да – бүтүүтэ. Ол иһин бары тута эппиэт биэрэ охсорго бэлэм олорорбут».
Аэропортан тахсаат, «Квас» диэн суруктаах күлтэйбит араҕас буочука таһыгар дьон уочараттаан турарын көрөн, Аайа ийэтиниин олус диэн утаппыттарын өйдөөтүлэр. Кыыс, суумкаларын күн уотуттан субу ууллуох курдук сыралыйбыт асфалька уураат, буочука диэки сүүрдэ. Минньигэс даҕаны! Сөрүүн кыбааһынан утахтарын дуоһуйа ханнаран баран, суумкаларын соспутунан автобус тохтобулугар тиийдилэр. Сайын буолан, үөрэххэ туттарсааччы оҕо тоҕуоруспут ахан, бэйэлэрин курдук улахан суумкалаах дьон буһа-хата тураллар. Кэмниэ кэнэҕэс автобус кэлэн хорус гынна. Икки өттүттэн аан тэлэллээтин кытта дьон тиэтэйэ-саарайа автобуска симилиннэ.
– А ну спокойно! Заходим по одному! Что за дикари! Первый раз общественный транспорт видите что ли?! – хойуу кырааскалаах хараҕынан эрилис-туралыс көрбүт кондуктор дьахтар буолан-хаалан турбата дуо. Автобуһу өр көһүппүт дьон, кини хаһыытын кумаардаан көрбөккө, үтүрүһэн киирэн, син оннуларын буллулар.
– Каждое лето такая картина! И что им дома не сидится?! – кондуктор уоскуйбакка, биир саас ортолообут кугас баттахтаах дьахтарга туһаайан саҥарар. Тыаттан кэлбит дьон кини олоҕор туох эмэ кутталынан суоһуулларын курдук уоһун мырдыччы туттар.
– Ой, и не говорите! Поэтому мы всей семьей в это время обычно едем отдыхать. А в этом году у мужа нет проезда, придется все лето в городе жить и терпеть все это! – анарааҥҥыта төбөтүн быһа илгистэр.
– Так, готовим проезд! Обилечиваемся! – автобус хотуна бэйэлэрэ да нэһиилэ кыбыллан турар дьон быыһынан харса суох анньыалаһан киирэн барда.
– Что?! Денег нет! Тогда выметайся отсюда! Вася, останови автобус!! – диэн дьахталлара эмискэ сары-ору бөҕө буола түстэ. Аайа көрбүтэ, кыракый уҥуохтаах эмээхсин киниэхэ туох диэн туһаайан хаһыытыылларын өйдөөбөккө, бу куйаастан бэйэтэ да ээл-дээл буолан, хараҕын биир кэм симириктии олорор.
– Эбээ, айаныҥ иһин харчы көрдүүр ити. Үс харчылааххын дуо? – Аайа эмээхсиҥҥэ быһааран биэрдэ. Кырдьаҕас муҥнаах харчытын ыраах уурбут быһыылаах, дьон ыган ахан турдаҕына, суумкатын хостуу сатаан булумахтанна.
– Эмээхсиҥҥэ мин төлүөҕүм, уоскуйдун, – Татьяна Иннокентьевна кыыһыттан тэйиччи кыбыллан туран саҥарда.
– О чем это вы тут говорите?! Не надо здесь разговаривать по-своему! – дьахтар аны Аайаҕа туһаайан хаһыытаата.
– Не орите так! Здесь глухих нет! За бабушку мы заплатим! – Татьяна Иннокентьевна да иэскэ хаалбата.
Ийэлээх кыыс автобустан үлтү анньыһан, суумкаларын нэһиилэ соһон-сыһан, Орджоникидзе болуоссатыгар түстүлэр. Эдьиийдэрэ Надялаах төрдүс маҕаһыын үрдүгэр олороллор. Дьонун дьиэлэрэ тохтобул таһыгар буолан, абырал.
– Оо, дьэ, тиийэн кэлээхтээтигит дуу? Дьиэбит бу куйааска туох даҕаны оргуйан олорор. Эһигини күүтэн бүгүн куоракка хааллым. Бу итииттэн оҕонньорбунуун даачаҕа быыһанабыт. Куоракка кыыспыт Лена баар, – эдьиийдэрэ күө-дьаа буола көрүстэ.
Аайа саалаҕа киирбитэ, дьыбааҥҥа билбэт дьахтара тиэрэ түһэн хаһыат ааҕа олорор. Балконтан икки эмдэй-сэмдэй уолаттар сүүрэн киирдилэр.
– Таанньа, бу Бүөтүр балтын кыыһа Дуунньа оҕолорунуун Тааттаттан кэлэ сылдьаллар. Өссө Эдьигээнтэн хоноһолоохпут. Сорох ыалдьыттарбытын даачаҕа таһаарбыппыт, – эдьиийдэрэ элбэх киһиэхэ тэпсилгэн буолар курдук санаммат. Куоракка олохсуйуохтарыттан аймахтар кэлэ-бара тураллар. Татьяна Иннокентьевна даҕаны үөрэнэрин тухары эдьиийигэр кэлэ турара. Дьиҥэр, тетя Надя, Надежда Дмитриевна чугас аймахтара буолбатах. Бу курдук аламаҕай майгылаах киһиэхэ биир дойдулаахтара истиһэн даҕаны суолларын быспаттар. Кинини дьон үксэ ытыктаан Эдьиий Наадьа диэн ааттыыр. Кэргэнэ Бүөтүр даҕаны майгылаах үтүөтэ киһи. Төһө оҕо кинилэр ааттарын ааттаан, үөрэх-билии киинин булан үөрэхтэммитэ буолла. Икки хостоох квартираҕа кинилэр элбэх киһини хайдах батаралларын Татьяна Иннокентьевна сатаан санаабат.
– Таанньа, эһиги кыыскыныын бу утуйар хоско киириҥ. Ити Эдьигээн оҕотун мала турар. Эдэр киһини куукунаҕа да олохтоотоххо сөп.
Аайа ваннаҕа душтанан абыранна ахан. Сылайбыта тута ааһан хаалла. Сууна сылдьан, биир түгэни өйдөөн кэллэ. Тыа оҕолоро куорат дьиэтигэр кыраантан уу кыраайа суох сүүрэ турарыттан сөҕөллөрө. Аайа кыра сылдьан эдьиийин кытта ваннаҕа кыраан уутун толору аһан баран, тарбахтарынан бүөлүү оонньуулларын санаан кэллэ. Аайа санаатыгар уу кытаанах баҕайы курдуга, тохтоло суох сүүрэр ууну тарбаҕынан бүөлүү туттаҕына, уута туора-маары ыһыахтанар, онтон астынан эдьиийин «сэриилээн» үөрүүтэ муҥура суох буолара. Биирдэ ол оонньууларыттан айдаан тахсан турардаах. Уунан «сэриилэһэн» ыраатан эрдэхтэринэ, тетя Надя сүүрэн киирэн кырааны бүөлүү баттаабыта. Аллараа ыалларга уу тэстибит, дьоно улахан алдьархай буолбутун курдук ыһыылара-хаһыылара сүрдээх. Надя да бэриммэт, тэбис-тэҥҥэ утары хаһыытыыр. «Баҕайылар! Кыраттан да айдааны таһаарар дьон! Хааппыла да уу тэһиннэҕинэ, сүүрэн киирэр идэлээхтэр. Дьикти ыалы көрөбүн, ким да кинилэргэ сылдьыбат, бэл диэтэр, подъезпыт старостатын киллэрбэттэр. Икки тарбыйах саҕа ыттаах буоланнар, ааннарын хаһан даҕаны хатамматтар, ыттара эмиэ бэйэлэрин курдуктар, хараҥа подъезка тутан кэбистэхтэринэ көҥүллэрэ. Биирдэ эдьиийим Даарыйа муҥнаах аанын булкуйан ити ыалга киирэн сиэнэ сыспыттаах. «Бу кыыс көрүдүөрэ тугун хараҥатай, муостатын кырааската биир да суох буолбут, өрөмүөннээри гыннаҕа дуу… Наадьа, бааргыт дуо?» дии-дии киирэн истэҕинэ, хостон икки улахан ыт ырдьыгынаабытынан ойон тахсыбатахтар дуо? Даарыйа кутталыттан хайдах таһырдьаны булбутун өйдөөбөккө да хаалбыт».
Эдьиий Наадьа ити курдук бойобуой майгылаах, кимиэхэ да атаҕастаппат, бэйэтин дьонугар аламаҕай, үөрүнньэҥ, ол эрээри кырдьыгын өрө туппутунан сылдьар киһи, санаабытын аһаҕастык этэн баран тэйэр. Аайа тетя Надятын үтүө эрэ майгытын билэр буолан, биир түгэнтэн улаханнык соһуйа санаабыттаах. Биир сайын Тааттаттан Бүөтүр аймахтара кэлбиттэрэ.
– Хайа, аймахтаахпыт диэн син булан кэлбиккит дии?!
Кыра уолгут сыбаайбатыгар баар-суох таайгытын ыҥырбатаххыт! Бары биһиэхэ сылдьан, үөрэхтэнэн баран, түргэнник да умнубуккут! Барыҥ, киэр буолуҥ! Аны кэлимэҥ-барымаҥ! – Наадьа кэпсэтиитэ кылгас буолбута. Аайа онно эрэ тетя Надя улаханнык кыыһырбытын көрбүтэ.
Үөрэммитэ буоллар, хайа баҕарар тэрилтэҕэ хотун буолуох дьаһаллаах киһи дьаһайар эрчимэ ыраах-чугас аймахтарыгар барыларыгар тиийэр. Аайа ийэтин Татыйаананы кэргэнэ эрдэ өлөн тулаайах хаалла диэн аһынара даҕаны, онон Аайалаах куоракка түһэр сирэ суох эрэйдэммэтэх дьон. Тетя Надя төһө да элбэх хоноһолоох буоллун, син биир куоратынан, даачанан миэстэ булан, сыа-сым курдук тутан түһэрэр үгэстээх. Аайа куоракка кэллэҕинэ, Наадьатааҕар Бүөтүргэ ордук мааны оҕо буолар. Телевизор көрө олордоҕуна, күтүөтэ тыаһа-ууһа суох кэлэн, сурунаал остуолугар ваза муҥунан фруктаны сууйан уурбута эрэ баар буолар. Оттон асчыта диибин диэн! Аайаттан тугу сиэххин баҕараҕын диэн ыйыппытынан сылдьар. Аайа сороҕор дьиибэргии санааччы, дьиэ иһэ толору киһи да, Бүөтүр ала-чуо киниттэн эрэ ыйытар.
Тетя Наадьаны улахан сүрэхтээх киһи диир саамай сөп. Аайалаах сайын аайы куораттыыр буоланнар, кинилэр олохторугар буолар бары уларыйыыны билэллэр. Биир сайын Бүлүү тыатыттан ырааҕынан аймах дьахтардара уонуттан тахсыбыт ыарыһах кыыһыныын кэлбитэ. Хоноһолоро устар сайыны быһа балыыһаны манаабыттара, сотору кыыһы балыыһаҕа укпуттара.
– Сарсын төбөтүгэр салгын киллэрэллэр үһү…
– Бай, ол тоҕо?
– Оччоҕуна төбөтүн иһигэр туох баарын үчүгэйдик көрүөхпүт диир бырааспыт. Куттанарым диэн, ол кэнниттэн сорохтор олох даҕаны буккуллан хаалаллар үһү. Мэйиигэ салгын киирэр буоллаҕа дии… – дьахтар, хараҕын уутун кыатана сатаан баран, маккыраччы ытаан барда.
– Лиза, эн баар-суох кыыскар уопут оҥоттороору гынаҕын дуо? Туга ыалдьарын быһаарыахпыт этэ диэн хайа эмэ ньиэрбэтин таарыйан кэбистиннэр, кыыһыҥ инбэлиит буоллаҕа ол. Төбө диэн саамай уустук уорган буоллаҕа дии. Мин саныахпар, Туйаара улаатар сааһыгар тымырдара кыараан, төбөтө ыалдьар быһыылаах. Улааттаҕына итинтэ ааһыан сөп. Бу киэһэ баран кыыһы балыыһаттан ылыахха наада, – тетя Надя кытаанахтык быһааран кэбиспитэ.
Лиза ытаан сыҥсыйа олорон, кырдьык даҕаны диэбиттии, ойон туран хомунан барбыта. Такси сакаастаан, ол түүн кыыстарын балыыһаттан күрэтэн таһаарбыттара. Тетя Надя эппитэ туолбута. Туйаара улаатар сааһыгар ыарыыта уҕарыйан, атын оҕолортон итэҕэһэ суох үөрэнэ сылдьар. Кэлин кэлэн көрдөрбүттэригэр «көннөрү вегето-сосудистай дистониялаах, хас иккис киһи маннык диагнозтаах олорор» диэн наар көрөр быраастара туох да буолбатаҕын курдук холкутук быһаарбыт. Арай, ол түүн тетя Надя этиитинэн кыыһы күрэппэтэх буоллуннар, төбөтүгэр эпэрээссийэтэ хайдах дьайара биллибэт этэ.
Аайа эрдэ туран, докумуон туттараары университекка барда. Тохтобулга бэрт өр турбутун кэннэ күүтүүлээх «5» нүөмэрдээх автобуһа ыадаҥнаан кэлэн тохтоото. Сарсыарда эрдэ буолан быһыылаах, киһи аҕыйах. Кэнники аанынан киирэн, утары турар дьааһыкка үс харчыны уган, билиэтин эрийэн ылла уонна иннигэр миэстэ баарыгар олордо. Ленин болуоссатыттан автобуска үс уол өрө эккирээн киирдэ. Кэпсэтиилэриттэн иһиттэххэ, үөрэх туттарса кэлбиттэр.
– Как вам не стыдно? Вы же на одного деньги положили, а открутили на всех, – түннүк таһыгар олорор саас ортолоох дьахтар уолаттары буойар саҥата иһилиннэ. Уолаттар онно эрэ наадыйбатылар, күлэн саһыгырастылар.
Аайа, университет тохтобулугар түһээри бэлэмнэнэн, ааҥҥа чугаһаата.
– Көрүҥүтүүй, наһаа да кэрэ кыысчаан турар! – уолаттар кыыс аттыгар баар буола түстүлэр. – Кыысчаан, аатыҥ ким диэний? Абитуриенткаҕын дуо? Тоҕо саҥарбаккын, баҕар, бииргэ үөрэниэхпит дии! – уолаттар университет саҥа учебнай-лабораторнай корпуһугар тиийэ Аайаны батыһан кэллилэр. Ордук хойуу хара баттаҕын өрө анньыммыт, чоҕулуччу көрбүт хатыҥыр уол сыстаҥнаан сүрдээх. Аайа абатыйдар да, саҥарбат, туох эмэ диэтэҕинэ, олох даҕаны араҕыахтара суоҕа дии саныыр.
Университекка киирбитэ, киһи эрэ туймаарыах: дьон ап-аалыҥнас, суугунаһыы, барыы-кэлии, кирилиэһинэн үөһэ-аллара сырсыы… Кыыс ыйдаран тутар хамыыһыйа олорор улахан аудиториятыгар киирдэ. Эргиччи остуоллар ууруллубуттар, хас остуол аайы тус-туһунан факультеттар ыйыллыбыт табличкаларын анныгар докумуон тутар кыргыттар олороллор, таайдахха, үрдүкү куурус устудьуоннара. Аайа кинилэри улаханнык ытыктыы санаата уонна халбаҥнаабакка филологическай факультетын булан докумуонун туттаран кэбистэ. Онтон маҥнайгы этээскэ түһэн, экзаменнар расписаниеларын көрө сатыы турдаҕына, Лератын куолаһа бу чаҕаара түстэ.
– Аайа, наконец-то! Эйигин күүтэн кэтэҕим кэлтэйдэ. Туох ааттаах уһаатыгыт? Мин эйигин манна кэтэс да кэтэс. Хата, абитуриент уолаттары кытта билсэн ырааттым! Хайа, ханныкка туттарсар буоллуҥ?
– Лера, мин докумуоммун филфакка биэрдим. Ким эрэ сиэтэн илдьибитин курдук нуучча салаатыгар туттаран кэбистим.
– Оттон эн тыл үөрэхтээҕэ буоларыҥ кыра эрдэххиттэн биллэр этэ буолбат дуо?
Аайа экзаменнарын расписаниетын суруммутун кэннэ, ахтыспыт дьүөгэлиилэр «Мороженое» кафеҕа бардылар. Кыргыттар атахтаах тимир вазаҕа өрөһөлүү мороженай ылан баран, остуолга тиийэн олордулар.
– Ааспыт нэдиэлэҕэ Света кэлэ сылдьыбыта. Орто балтын илдьэ кэлбит. Ийэтин бииргэ төрөөбүт балта Төҥүлүгэ баар дии, киниэхэ олохсуйбут. СПТУ-га киириэхтээх. Билигин дьонун кытта оттуу сылдьар буолуохтаах.
– Эдьиийэ аах элбэх баҕайы оҕолоохтор дии. Хайдах бары батан олороллоро эбитэ буолла. Үөрэххэ киирдэҕинэ уопсайга олорор ини.
– «Манна кэлэн сынньанным ахан» диир. Аҕата арыгылыырыттан да сөп буоллаҕа дии.
– Өйдүүгүн, Света «үлэһит буоллахпына, ийэбин атын дойдуга көһөрөн барыам» диирин?
– Биир сылынан үлэһит буоллахпына даҕаны, дойдубар төннүбэппин, сыыйа ийэбин, балыстарбын киин диэки аҕалыам диэн былаанныыр.
– Сөп ээ. Лера, оттон эн бэлэмнэнэн ырааттыҥ ини? Уолаттарга иирэ сылдьаҕын дуу?
– Доо, рабфакка үөрэнэр Володя диэн уол эккирэтэр. Быйыл медфакка туттарсар. Тыаскай баҕайы көрүҥнээх, кырдьаҕас аҕатын кытта мантан чугас бөһүөлэккэ олорор үһү. Аайа, хайыыбыный?
– Хайыаххыный? Саҥа үөрэнэ кэлэн баран, уолу толкуйдуоҥ дуо? «Тыаскай баҕайы» буола-буола.
– Оттон олох арахпат ээ. Иккитэ киинэҕэ сылдьыбыппыт. Бу киэһэ эмиэ уопсайга кэлэрэ буолуо. Аайа, эн уопсайга олорор инигин? Ыраах оройуонтан сылдьар абитуриеннарга уопсайга хос биэрэллэр. Бэһиэлэй олох диэн онно баар. Билсиһии биэчэрэ буолбута. Профком уолун Володя үчүгэйдик билэр, кэпсэтиэхпин сөп.
– Суох, бакаа дьоммор олоруом. Экзаменнарбар бэлэмнэниэм. Биир миэстэҕэ биэстии оҕо дии.
– Филфакка эн ыллыы-ыллыы киириэҕиҥ, долгуйума! Биһиэхэ ФИЯ-ҕа эмиэ куонкурустаах. Арай, французскай салааҕа олох аҕыйах оҕо докумуонун туттарбыт. Сыл аайы конкурса суох үһү. Ыксаатахха, онно да киириллиэ.
– Французскайы үөрэппэккэ сылдьан, хайдах киирээри гынаҕын?
– Үрдүкү куурус устудьуоннара недобор буоллаҕына кыра бааллаахтаары ылааччылар диэбиттэрэ. Биэс сылы быһа французскайы үөрэтиэм буоллаҕа дии! – Лера куолутунан тугу да дириҥэтэ сатаабат. – Көрсүбүччэ, хата, киинэҕэ барабыт дуо?
– Маҥнай ийэбиттэн көҥүллэтиэхпин наада. Биһиги дьоммут мантан чугас олороллор, баран кэлиэх.
– Маамаҕын кытта кэлбитиҥ мэһэйдээх баҕайы буолсу дии, онтон атын куоракка көҥүл көччүйэ сылдьыа этибит, – Лера тэрбэччи кырааскаламмыт киэҥ харахтарынан дьүөгэтин диэки элбэҕи этэрдии көрөн кэбистэ.
Аайа хоско киирбитэ, ийэтэ иистэнэ олорор эбит. Бэйэтин сонуттан Аайаҕа кыһыҥҥы сону тигэ сылдьар. Татьяна Иннокентьевна кыыһа докумуонун филфакка биэрбитин истэн улаханнык соһуйбата.
– Сүрэҕиҥ сытар үөрэҕэ эрэ буоллун. Үөрэх эрэ диэн киирэн баран кэлин эрэйдэнэ сылдьыахтааҕар, эрдэ быһаарыммытыҥ ордук. Чыычаах, киһи олоҕун үлэҕэ аныыр. Биирдэ бэриллэр олоххо сөбүлээбэт үлэҕэ аат эрэ харата, хамнас эрэ аахсыахха диэн сылдьартан ордук куһаҕан туох баар буолуой.
– Маама, эн наһаа да өйдөөххүн, барыны-бары билэҕин. Миигин олус да өйдүүгүн! – диэн баран кыыс ийэтин кууһан ылла. – Биһиги билигин Лералыын киинэҕэ бараары гынабыт. Көҥүллүүгүн?
– Барыҥ, ол гынан баран сөпкө кэлээр, – кыыһа, ситэ истибэккэ, ааны сабан тилир гыннарда.
Татьяна Иннокентьевна, дьиҥэр, сонуннаах этэ, кыыһын кытта сүбэлэһиэх буолбута. Бүгүн сарсыарда төлөпүөнүнэн Семен Павловиһы кытта кэпсэппитэ. Таайдара куоракка дьиэни ылар хайдах курдук ыараханын, буолаары буолан олох даҕаны кыаллыбатын эппитэ. Арай, кэргэниҥ Николай хомсомуолга бииргэ үлэлээбит доҕоро партия обкомун тутаах үлэһитэ буолан олорор, киниэхэ киирэ сырыт диэн сүбэлээбитэ. Саас эппит «Птицефабрикатын» дьыалата табыллыбатах. Ол тутулла турар дьиэлэрин хас биирдии квадратнай миэтэрэтин туһугар киирсии кытаанаҕа үһү, саҥа үлэҕэ киирбит киһини чугаһаппаттара биллэр.
– Арай аныгы пятилеткаҕа өссө биир дьиэ тутуллуохтаах. Ол гынан баран онно даҕаны кирдээх, сыттаахсымардаах оробуочай үлэһит эрэ буоллаххына тиксэриҥ буолуо. Эн ол үлэҕэ таах доруобуйаҕын сүтэриэҥ. Чэ, онон уһаппакка-кэҥэппэккэ Коляҥ табаарыһыгар приемҥа киирэ сырыт, – куоракка салайар үлэҕэ сылдьар киһи сүбэтэ ити курдук буолбута.
Татьяна Иннокентьевна кэргэнин санаан ыараханнык үөһэ тыынна. Баар-суох доҕоро кылгас да кэмҥэ кэлэн барда. Үтүө киһини таҥара орто дойдуга уһаппат дииллэрэ оруннаах курдук. Киһи киэнэ кэрэмэһэ маннык буолуохтаах диэн холобурга ананан кэлэн бардаҕа дуу. Ол гынан баран Татьяна дьылҕатыгар Коля курдук үтүө киһини кытта көрүһүннэрбитигэр махтанар. Доҕорун кытта билсибит күнүн күн бэҕэһээҥҥи курдук өйдүүр.
Кинилэр биир кэмҥэ устудьуоннаабыттара. Коля, педагогическай институкка үөрэнэ сылдьан, табаарыһыгар хотуттан посылка ыыппыттарын ыларыгар аргыс буолан медиктэр олорор уопсай дьиэлэригэр кэлсибитэ. Табаарыһа Миша биир дойдулаах кыыһын көрсөн, сэһэннэрэ-сэппэннэрэ ыраатан, уолаттар устунан киэһээҥҥи аһылыкка хаалар буолбуттара. Күө-дьаа буолан чэйдээри олордохторуна, маҥан түү былааттаах, харанан чоҕулуччу көрбүт, хойуу хара хаастаах, сырдык сэбэрэлээх кыыс киирэн кэлбитэ.
– Танюша, хайа, тоҥнуҥ ахан дуу? Кэл, аһылыгым бэлэм. Бу мин биир дойдулааҕым Миша уонна кини табаарыһа Коля. Миша посылкатын ыла кэлбит, – Орто Халыматтан сылдьар Люба, ыллаан эрэр курдук саҥаран, айаҕа хам буолбат.
Таня, таҥаһын уларыттан баран, остуол иннигэр кэлэн олорбута. Кыыс тоҥмута сүрдээх, итии чэйдээх чааскытыгар илиитин сылытаары бигии олордо. Эдэр дьон тоҕо эрэ тылларыттан маттылар. Хата, Люба дойдутун сонунун ыһа-тоҕо кэпсээн аралдьытар. Коля буоллаҕына эмискэ эппэт кэлэҕэй буолан хаалбыт.
– Коля, тоҕо саҥарбат буолан хааллыҥ, кырасыабай кыыстан итиччэ долгуйдуҥ дуу? – Миша уол мүчүҥнээн хараҕын үүтэ көстүбэт.
Коля, табаарыһыгар төһө да билиммэтэҕин иһин, Таняны көрөөт сөбүлээбитэ. Уол ити күнтэн ыла санаата наар кыыска буолбута. Уол эрэйдэнэрин көрөн, бииргэ үөрэнэр табаарыстара кыыска бара сырыт диэн сүбэлии сатыыллар даҕаны, кини кыбыстан туох иһин буолуммат. Аралдьыйаары тустуу куруһуогар суруйтарда, хомсомуол кэмитиэтин чилиэнинэн ылбыттарыгар үөрүүнэн сөбүлэстэ. Общественнай ноҕорууската элбээн, биир кэм соло биэрбэккэ дууһатын тарбыыр ыарыыта мүлүрүйбүккэ дылы буолбута.
Ол курдук 1967 сыл үүммүтэ. Коляны, тэрийэр дьоҕурдааҕын бэлиэтии көрөн, саас институт хомсомуолун кэмитиэтин сэкирэтээринэн таллылар. Онон уол бу күннэргэ дьахталлар Аан дойдутааҕы күннэрин бэлэмнээн, сүүрэ-көтө сылдьар. Уолаттар ааттарыттан трибунаҕа тахсан мустубут ыалдьыттары, кэрэ аҥаардары эҕэрдэлиэхтээх. Бырааһынньык күн саҕаланна. Коля хомсомуол сэкирэтээрин быһыытынан бастакы улахан тэрээһинэ. Саалаҕа киһи толору мустубут. Ыытааччы тахсан эҕэрдэлээн баран тылы Николай Андреевка биэрдэ. Уол трибунаҕа тахсан бэлэмнэммит киһи быһыытынан бэрт эрэллээхтик Аан дойдутааҕы дьахталлар күннэрэ хаһан тэриллибитин, Сэбиэскэй Сойууска дьахтар обществоҕа оруолун туһунан кэпсээн барда. Ол этэ-тыына туран, элбэх киһиттэн саамай күндү, кэрэ сэбэрэтин бэлиэтии көрөөт, кэлэҕэйдээн барда. Долгуйан иһиттэн саҥата нэһиилэ тахсан, этиитин түргэнник түмүктээтэ. Ол күн Коля табаарыһа Миша, Любалыын сүбэлэһэн баран, кыргыттары бырааһынньыкка ыҥырбыт. Таня уолу эмиэ сөбүлүү көрбүт, ол гынан баран биллибэтэҕин иһин, иэйиитин кимниин да үллэстибэккэ сылдьыбыт. Дьүөгэтэ Люба уол таптаан утуйар уута уу, аһыыр аһа ас буолбатаҕын туһунан уустаан-ураннаан кэпсээбитигэр ис-иһиттэн долгуйан, кистии-саба үөрэн бу кэлэн олорор. Онтон ыла икки таптаһар сүрэх булсан, сотору ыал буолбуттара. Үөрэхтэрин кэнниттэн иккиэн кыыс дойдутугар үлэлии барбыттара. Күтүөт оройуоҥҥа тарбахха баттанар биир чаҕылхай салайааччы буола үүммүтэ. Райком салайааччытынан ананан сүрдээх таһаарыылаахтык үлэлии сылдьан, ол сыл күһүнүгэр олохтон туораабыта. Кыдьымах тахсыбыт кэмэ этэ. Татьяна, сэрэйбит курдук, кэргэнин ол кэмҥэ бултуу ыыппат буола сатаабыта, ону куораттан үрдүк сололоох ыалдьыттар кэлбиттэр, кинилэри арыаллыахпын наада диэн тылыгар киллэрбитэ. Дьиэтин аанын аһан тахсан иһэн эргиллэн кэргэнин муҥура суох таптыыр хараҕынан имэрийэ көрбүтэ. Онуоха дьахтар чараас сүрэҕэ ыарыылаахтык мөҕүл гыммыта. Оо, арай, онно кини кытаанахтык модьуйан ыыппатах буоллун! Ааны бүөлүү турунан кэбиспит буоллун! Доҕорун сүтэрбит дьахтар кыһыытыттан-абатыттан төһөтө бу курдук бэйэтин буруйдана санаабыта буолуой? Ол эрээри буолар буолтун кэннэ тугу да көннөрбөккүн… Коля бултуу сылдьан улаханнык сэбиргэхтэтэн, өрүттүбэтэҕэ. Татьяна Иннокентьевна оҕолорун кууспутунан чороҥ соҕотоҕун туран хаалбыта.
Дьахтар доҕорун аҕыннаҕына ылан көрөр халыҥ, халлаан күөҕэ дермантин тастаах альбомун арыйталаата. Олоҕун дьоллоох сааһын туоһулара бу бааллар. Кылгастык бииргэ олоруохтарын билбит курдук кинилэр бииргэ түспүт хаартыскалара элбэх. Бу күүтүүлээх маҥнайгы кыыстарын Варяны көтөҕөн олороллор. Оттон бу ыһыах күн түспүт хаартыскалара, Коля аймахтара дойдуларыттан кэлэ сылдьар кэмнэрэ, бары сырдык таҥастаахтар. Коля, сэлээппэтин аннынан бу үрүҥ тиистэрэ кэчигирэһэн, мичилийбитинэн кыра кыыһын Аайатын көтөҕөн олорор. Бу сир астыы сылдьан тыыга олорон түспүттэр. Туох баар хаартыскаҕа Колята олохтон толору астыммыт киһилии үөрэн түспүт… Татьяна Иннокентьевна хараҕын уута иэдэһинэн тохтоло суох субуллар… Кэм-кэрдии эмтиир дииллэр даҕаны, кини ыар сүтүгүн ыарыыта сүрэхтэн-быартан ааһан-араҕан биэрбэт, сыл-хонук устан истэҕин аайы өссө дириҥээн иһэргэ дылы.
Коля билигин республиканы салайан олорор Василий Павловичтыын араас тэрээһиҥҥэ сылдьан элбэхтик бииргэ хаартыскаҕа түспүттэр. Улахан тойон буолбут киһи хайдах көрсөрө буолла, ама, үтүө доҕорун умнубата ини. Бэйи, наһаа уһаппакка бара сылдьыахха наада.
Аайа бастакы экзамена – өйтөн суруйуу. Ханнык тема кэлэрэ биллибэт, ол иһин оскуолаҕа барбыт суруйааччыларын айымньыларын хат ааҕыахха наада. Кыыс Пушкинкаҕа үлэтин курдук сарсыарда аҕыска тиийэр, киэһэ библиотека үлэһиттэрин кытта тахсан барар. Аайа библиотека чуумпу эйгэтин сүрдээҕин астынар. Манна үлэлиир эдэр дьахталлары ураты хараҕынан көрөр. Ааҕар саалаҕа үс библиотекарь тэҥҥэ үлэлиир: наадыйар кинигэҕин тута булан аҕалаллара, ааҕааччыларын кытта кэпсэтэллэрэ, таҥна-сапта, тутта-хапта сылдьаллара барыта киһи сүрэҕин ортотунан киирэр. Аайа сынньанаары гыннаҕына, бастакы этээскэ баар периодика саалатыгар баран, хаһыаттары, сурунааллары көрөр. Соҕотоҕун сылдьара чуҥкук соҕус, Лераны хаайан библиотекаҕа бииргэ сылдьан испиттэрэ даҕаны, кыыс кэлин араас биричиинэнэн сылтаҕыран кэлбэт буолла. Уопсайга олороро үөрэҕэр мэһэйдээх буолсу, табаарыһа, дьүөгэтэ элбэҕэ бэрт буолан, Лера сырыыта киэҥ. «Атын оройуонтан сылдьар кыргыттар английскайдыы сатаан да саҥарбаттар, кинилэр, хата, миигин сильнэй баҕайы дииллэр. Кинилэри наар суруйарга, тылбаастыырга эрэ үөрэппиттэр. Биһиги Мария Ивановнабыт үчүгэй билиини биэрбит эбит», – Лера оскуолаҕа ылбыт билиитигэр бу курдук бүк эрэнэр. Кыһаллара буоллар, Лера үөрэҕэр туйгун буолуохтаах этэ. Кини барытын ааһан иһэн түргэнник ылынар буолан, бэлэмнэнэ сатаабакка да наар үчүгэйдик үөрэнэрэ. Ол гынан баран үрдүк үөрэх ирдэбилэ атын, оскуолаҕа холоомо диэн дьүөгэтэ Аайа өйдөтө сатыыр даҕаны, кыыс истибэт.
Аайа бүгүн маҥнайгы экзамена. Кыыс долгуйан аанньа утуйбата, университекка ким-хайа иннинэ кэллэ. Сотору оҕолор мустан бардылар. Бүгүн өйтөн суруйаллар. Бу кэнниттэн үөрэххэ туттарсааччылар охсор аҥаардара эрэ хаалар үһү. Улахан аудиторияҕа элбэх баҕайы остуол турар, хойутуу кэлбиттэргэ миэстэ тиксибэккэ, остуолга үстүү буолан олорорго күһэлиннилэр. Экзамен тутааччы преподаватель, орто уҥуохтаах, ачыкылаах эдэр дьахтар, дуоскаҕа темалары суруйда. Икки тема оскуолаҕа барбыт классиктар айымньылара уонна үһүс көҥүл тема «Аныгы кэмҥэ ыччат миэстэтэ» диэн. Оҕолор суугунаһа түстүлэр, арааһа, үгүстэр көҥүл теманы таллылар быһыылаах. Сотору бэчээттээх лиистэри түҥэттилэр. Аайа үс тематтан хайатын таларын толкуйдаан көрөн баран, Лермонтов «Герой нашего времени» айымньытын талла. Печорин бэйэтин кэмигэр тоҕо сөп түбэспэтэҕин арыйыахтаах. Аайа үчүгэйдик билэр айымньытын төбөтүгэр сааһылаан, былааннаан баран, аа-дьуо суруйан барда. Өйтөн суруйууга үс чаас бэриллэр. Онон ыксаабакка суруйуохха сөп. Аайа алта лииһи суруйан баран, сыыһаларын көннөрөөрү, хат-хат ааҕан көрдө. Уһун дьылыгыр уҥуохтаах, кулгааҕын сабар уһун баттахтаах нуучча уола cуруйуутун ким-хайа иннинэ туттарда. «Өйдөөх баҕайы уол быһыылаах, үлэтин биэскэ суруйбута буолуо» Аайа аудиторияттан эрэллээхтик хааман тахсан барбыт уолу батыһыннара көрөн хаалла. Аайа суруйбут үлэтин хос-хос аахтаҕын аайы астыммат санаа киирэр, элбэҕи уларытыан, эбиэн-сабыан баҕаран көрөн баран, бириэмэтэ тахсан эрэрин иһин хайдах баарынан илдьэн биэрдэ. Кинини кытта бииргэ хас даҕаны оҕо түмүктээтэ.
Печориннар ханнык баҕарар кэм геройдара буолуохтарын сөбүн, судаарыстыба, уопсастыба бары тутула хайдах да киһиэхэ барытыгар сөп түбэспэтин, онон «лишнэй» киһи проблемата өрүү баарын дакаастыы сатаата. Кинини өйдүүллэрэ дуу, суоҕа дуу. «Таах даҕаны аһара бардым быһыылаах, ордук-хос куолута суох көннөрү айымньы ис хоһоонун биэриэххэ баара…».
– Ты сейчас в какую сторону идешь? Может, вместе пойдем? – эмискэ күп-күөҕүнэн тэрбэччи көрбүт нуучча кыыһа ситэн ылан санаатыттан аралдьытта. – Меня зовут Трофимова Лена. А тебя?
– Аайа.
– Ты на какую тему написала?
– «Герой нашего времени».
– А я выбрала свободную тему. Не знаю, что получилось. Вообще-то я могла бы «Войну и мир» выбрать, про философию дуба можно же было написать.
– Вот я тоже думаю, что тему чересчур усложнила.
– Ладно, что будет, то будет, ничего уже не поменяем. Так ведь?
Кыргыттар тохтобулга диэри аргыстастылар. Аайа автобус күүтэ хаалла, оттон Лена, үрүҥ-хара горуох ойуулаах былаачыйата тыалга тэлимнээн, чэпчэкитик үктэнэн сатыы бара турда.
Учебнай-лабораторнай корпус иккис этээһигэр истиэнэҕэ тэллэх саҕа испииһэккэ сочинение суруйбут оҕолор сыаналара тахсыбыт. Аайа араспаанньата бастакынан турарын булан ылла, сүрэҕэ кыл түгэнигэр тохтоон ылла – 5/4! «Һуу!» – кыыс чэпчэкитик өрө тыынна. Эппиттэрин курдук, өйтөн суруйуу кэнниттэн үгүс оҕо туораабыта. Аны история уонна омук тылын экзаменнара хааллылар. История, обществознание – Аайа сөбүлүүр предметтэрэ. Кыра кылааска сылдьан «Древняя история» учебнигын интэриэһиргээн эрдэттэн ааҕан кэбиһэрэ. Хайа баҕарар предмети үөрэнээччи ылынара-ылыммата учууталтан быһаччы тутулуктаах. Экзамеҥҥа бэлэмнэнэ сылдьан Аайа учууталларын элбэхтик санаата. История учебнигын ааҕа олорон Иван Петрович куолаһын бу баардыы истэн кэлэргэ дылы. История учуутала Иван Петрович кумааҕыта тойо суох эрчимнээхтик киирэн кэлэрэ, чочумча саҥата суох кылааһы эргиччи көрөн тура түһэн баран:
– Записываем тему, – сөҥ куолаһынан быһыта биэрэн эрэр курдук саҥарара. Уһун дьылыгыр уҥуохтаах буолан, дуоскаҕа төҥкөйөн туран суруйара. Онтон оҕо эрэ кутун тардан кэпсээн барара… Учууталлара бэртээхэй да кэпсээнньит! Аайалаах кылаастарын кыргыттара бары «Анкета» диэн тэтэрээттээх буолааччылар, онно «Ханнык предмети ордук сөбүлүүгүн?» диэн ыйытыыга уоллуун-кыыстыын бары историяны бастакынан суруйаллара. Иван Петрович уруогун билбэт оҕолору күлүү-элэк оҥостор идэлээх буолааччы.
– Көрүҥ эрэ, барбатах миин курдугунан көрөн турарын! Суох, суох, туох эрэ күлүм гынна ээ! Хайа?.. Ээ, доҕоттор, хараҕа улам өһөн барда, өһөн барда… – көннөрү сэмэлиирдээҕэр, кини ити ньымата оҕолорго ордук дьайара. Оҕолор, кылаас ортотугар күлүүгэ барымаары, бары историяҕа бэлэмнэнэн тиийэллэрэ.
Аайа киэһэ хойут библиотекаттан тахсан, ыксаабакка дьиэтин диэки баран иһэр. Күнү быһа күн уотун сыралҕаныттан сылайбыт дьон сөрүүн түспүтүгэр таһырдьаны былдьаспыт курдуктар. Ленин проспегар толору киһи. Пааралар аа-дьуо дьаарбайа сылдьаллар. Үтүө да киэһэ! Кыыс историятын билиэттэрин барытын ааҕан бүтэрэн, сүргэтэ көтөҕүллэн ахан иһэр. Дойдубут историята дьо-һун даҕаны, Аҕа дойду сэриитигэр Ийэ дойдуну муҥура суох таптыыр норуот ити айылаах бэлэмнээх, сэбилэниилээх өстөөҕү кыайдаҕа, партия үлэтэ-хамнаһа дьэҥкэтэ, ситиһиитэ элбэҕэ, былаана киэҥэ. Кыыс Сэбиэскэй Сойуус кини дойдута буоларыттан улаханнык киэн тутта саныыр. Америкаҕа үлэтэ суохтар элбэхтэр даҕаны, хайдах бэйэлэрин дьонун үлэнэн-хамнаһынан хааччыйбаттарый, уонна өссө куруук Сэбиэскэй Сойууһу утары араас үлэни ыыталлар. Кини дойдутугар дьон бары тэҥ, киһи барыта үлэлээх-хамнастаах, аччыктааһын диэн суох, астаҥас дэлэй. Бары инникигэ эрэллээхпит, сотору Коммунистическай тутулга тиийиэхпит. Ол киһи аймах муҥутуур сайдыыта буолуоҕа. Кини Сэбиэскэй Сойууска төрөөбүтэ – дьоло!
Бу курдук эргитэ саныы иһэн, Аайа Лераны көрсө түстэ. Омос көрөөт, баар-суох дьүөгэтин билбэтэ даҕаны. Кып-кылгас, быакаҕар джинсы дьууппалаах, кустук бары өҥүнэн оонньуур «разлетайка» куопталаах, ап-араҕас улахан пластмасс ытарҕалаах, араҕас улахан оҕуруолаах, эмиэ оннук дьүһүннээх платформа босоножкалаах, хараҕын харса суох халлаан күөх кыраасканан бистибит, халыҥ толлоҕор уоһун кып-кыһылынан помадаламмыт – букатын муода сурунаалыттан түспүт кыыс турар.
– Хайа, Аайа, киһини көрбөккө ааһа сыстыҥ дии! Биһиги Ванялыын киинэттэн иһэбит. Тоска баҕайы киинэ дии? – Лера, атаах оҕо курдук уоһун толлоччу туттан, куустуһан турар уолуттан ыйытар.
– Мин киинэни эрэ өйдөөн көрбөтүм, – дыраҕар сарыннаах, сахаҕа көстүүлээх уол күлэн ымах гынар.
– Бүт эрэ! Коммунистка дьүөгэм өйдүө суоҕа, – Лера солуута суох күлэн ылла. – Аайа, бачча киэһэ тоҕо соҕотоҕун дьаарбайа сылдьаҕын? Куорат күлүгээттэригэр түбэһээйэҕин. Ванюш, баар-суох подругабын дьиэтигэр атаарыах эрэ.
– Лера, хайа, туох сонуннааххыный? Экзамеҥҥын хайдах туттардыҥ? Олох сүтэрсэн кэбистибит дии…
– Английскайбын түөркэ туттардым. Аны история уонна нуучча тыла хаалла.
– Бэрт дии. Мин эмиэ өйүүн историяны туттараары сылдьабын. Билиэттэрбин барытын үөрэтэн бүтэрдим ээ. Оттон эн?
– Историяны аахпакка даҕаны туттарар инибин. Оскуолаҕа Иван Петрович кэпсээбитэ барыта хаалан хаалбыт курдук. Чэ, уулаан-хаардаан туттарар инибин. Ваня сельфакка туттарса сылдьар. Билсэн кэбиһиҥ: бу мин доҕорум Ваня, оттон бу – дьүөгэм Аайа.
– Лера эн тускунан элбэҕи кэпсээбитэ. Эйигин санаабакка ааспыт күнэ да диэн суох буолуо.
– Конечно, бииргэ үөскээбит дьүөгэбин хайдах саныам суоҕай. Чэ, Аайа, пока, – Лера, Орджоникидзе болуоссатыгар кэлээт, ханна эрэ тиэтэйэр киһилии быраһаайдаһа оҕуста.
Аайа дьүөгэтэ оттомо суох быһыыланарыттан хомойо санаата. Куоракка кэлиэҕиттэн ити хаһыс-хаһыс уолай? Урут күн аайы кэлэ турар бэйэтэ кэлин олох да сүтэн хаалар буолла. Бүгүн алҕас көрсө түстүлэр. Лера манна кэлэн итинник тосту уларыйбытыттан Аайа сөҕө саныыр.
Дьиэтигэр кэлбитигэр, ийэтэ ааҥҥа сүүрэн кэллэ.
– Хайа, бу туох баһаам сырыытай? Уон чаас буолан эрэр дии. Киһини куттааҥҥын!
– Лераны көрүстүм.
– Илиигин суунан баран кэлэн аһаа. Соркуойбун бу үһүс төгүлүн сылытан эрэбин.
Аайа куукунаҕа киирэн, ийэтэ бэлэмнээбит минньигэс аһылыгын сытын ылан, аччыктаабытын өйдөөтө.
– Бүгүн аҕаҥ табаарыһыгар приемҥа киирэ сырыттым. Хата, наһаа үчүгэйдик көрүстэ. Коля оҕолоро улаатан, үөрэхтэнэн эрэллэр эбит диэн үөрэр. Эдэр сааспытын элбэхтик аҕынныбыт. Коля туһунан сырдык, үтүө эрэ өйдөбүллээхпин диир. Приемнайыгар уочараппын кэтэһэн олорон көрдөхпүнэ, киниттэн киһи барыта толлор курдук туттарын-хаптарын иһин, уларыйдаҕа буолуо диэн куттаммытым, хата, Баһылай уруккутунан. Таһымнаах киһини былаас буорту гыммат эбит дии санаатым.
– Дьиэни туох диирий?
– Тоойуом, ити боппуруос өтөрүнэн кыаллыа суох. Эн үөрэххэ киирдэххинэ, мин дойдубар төннүөм. Манна үлэтэ да, дьиэтэ да суох хайдах олоруохпунуй? Василий Павлович быыс-хайаҕас булан, чугас доҕорум дьиэ кэргэнин дьиэлии сатыам диэн тылын биэрдэ. Улахан киһи тылынан мээнэ оонньообот буолуохтаах. Киниэхэ быһа тахсар төлөпүөн нүөмэрин биэрдэ. Онон кэтэһэрбэр эрэ тиийэбин.
Аайа историятын, английскайын биэскэ туттаран, үөрэххэ холкутук киирдэ. Үөрэххэ киирбит оҕолор испииһэктэрин үрдүк бааллаах оҕолортон саҕалаабыттар, онно Аайа аата үһүс киһинэн киирбит. Кини иннинэ оскуоланы кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрбит икки кыыс экзаменнарын барытын биэскэ туттаран, испииһэги эрэллээхтик баһылаабыттар. История экзаменын Аайа өтөрүнэн умнубата буолуо. Билиэккэ баар үс боппуруоска барытыгар эппиэттээбитэ.
– Үчүгэй. Билигин эбии боппуруос биэриэм, онно үчүгэйдик эппиэттээтэххинэ, биэһи туруоруом, – ачыкытын үрдүнэн көрбүт орто саастаах киһи кыыһы тургутардыы көрөр. – Коллективизация туһунан тугу билэргин кэпсээ эрэ.
Аайа, коллективизация туһунан учебникка туох сурулллубутунан кэпсээн баран, ол политика мөкү өрүтүн эмиэ ырытта. Тыа ыала хайаан даҕаны чааһынай бас билэр хаһаайыстыбалаах буолуохтааҕын, күүс өттүнэн холбооһун тыа сирин уопсай балаһыанньатыгар, саха киһитин өйүгэр-санаатыгар хайдах охсуулааҕын туһунан санаатын эттэ. Преподавателэ, соһуйбуттуу истэн олорон баран, аны НЭП туһунан ыйытта. Аайа революция кэнниттэн дойдуга политическай эрэ өттүнэн буолбакка, экономикаҕа эмиэ саҥа сыһыан олохтонуохтааҕын туһунан ымпыктаан-чымпыктаан кэпсээтэ.
– Биһиэхэ, историческай факультекка, киирээччилэр даҕаны маннык эппиэттээбэттэр. Андреева, историческай салааҕа киириэхтээх киһи сылдьаҕын быһыылаах. Онно киириэххин санаатаххына, миигин булаар. Бу улахан да улахан биэһи туруордум.
Тетя Надя бүгүн Аайа үөрэххэ киирбитин бэлиэтээри түбүгүрэ сылдьар. Татьяна Иннокентьевна утаран көрбүтэ да, санаабытын оҥорон баран тэйэр майгылаах Надя ону ылымматаҕа чуолкай. Куоракка баар аймахтарын, билэр дьонун, бэйэлэрин оҕолорун, сиэннэрин түмпүттэрэ сүүрбэттэн тахса буоллулар. Даачаҕа таһырдьа остуол тардан кэбистилэр. Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн. Тетя Надя оҕуруотун аһа өлгөм, дьонун харса суох хамаандалаан, ким салаат кырбыыр, ким алаадьылыыр, Бүөтүргэ саамай эппиэтинэстээх үлэ тигистэ: аһаҕас уокка улахан чугуун иһиккэ узбектардыы плов астыыр.
– Кылаабынайа, луугу харса суох кутуохха наада. Кинилэр ириистэрэ тоҕо бороҥ өҥнөөх буоларый? Тоҕо диэтэххэ, лууктарын хараҥа бороҥ буолуор диэри мас арыытыгар ыһаарылыыллар.
– Пахай да! Ол хоруоруор диэри ыһаарыламмыт луук туох аанньа буолуой? Эн ол омуктары үтүктэн аскын хоруорда сылдьаайаҕын, киһи иһэ-үөһэ аһыйыах! – Надя куолутунан оҕонньорун мөҕөр-этэр.
– Надя, маннык мааны крахмаллаах ыскаатары даачаҕа тэлгээмэ ээ. Бу курдук лен ыскаатары Саҥа дьыл эрэ бырааһынньыгар туттуоха сөп, – Татьяна Иннокентьевна, хаһаайка дьиэттэн муус маҥан крахмалланан ха-чыгырыы сылдьар ыскаатары таһааран остуолга тэлгээн эрэрин көрөн, этэн көрдө да, биллэн турар, Надята ону ылыммата. Бырааһынньык остуола ханна да буоллун мааны буолуохтаах диир кини. Тетя Надя төһө да үөрэҕэ суох буоллар, ис-иһиттэн үчүгэйгэ, кэрэҕэ тардыһыылаах. Кини ити ыскаатара эрэ буолбакка, туох баар утуйар таҥаһа, сотторо барыта крахмаллаах буолар. Кини чэнчиһинэн, түргэн-тарҕан туттунуулааҕынан аймахтарыгар киэҥник биллэр. Хас да киһи кэлэн хонон-өрөн аастын, тетя Надя хайаан да муус маҥан хачыгырас утуйар таҥаһы тэлгээн биэрэриттэн Татьяна сөҕөр. Надялаахха кэллэххинэ боростуой иһиттэн аһаабаккын: биилкэтэ-ньуоската үрүҥ көмүс, эбиэккэ миинин көмүс дуйдаах үрүҥ фарфор иһиккэ кутан остуол ортотугар уурар идэлээх, чэйин тус-туһунан чааскыга куппат, хайаан даҕаны үчүгэй сэрбиис иһитин туттар. Надежда Дмитриевна көстөр дьүһүнүгэр даҕаны ураты геннааҕа биллэр. Кинини, омос көрөөт, туох эрэ улахан үлэһит дии санааччылар. Маҕаһыын атыыһыттара ас-таҥас үчүгэйин көрдөрөллөр, автобуска киирдэҕинэ миэстэлэрин тута туран биэрэллэр. Ол курдук кини ис-иһиттэн дьону баһыйар ураты күүстээх. «Сөп буоллаҕа. Кинээс сыдьааннарын ханнык да революция, социализм суурайар кыаҕа суох», – диир үгэстээх тетя Надя.
Ыалдьыттар бары мустубуттарын кэннэ даача хаһаайката Надежда Дмитриевна мааны остуолугар ыҥырда. Даачатын да иһитэ киниэнэ дьэрэкээн: салаат, фрукта арааһа фарфор сэрбиискэ ууруллан күҥҥэ күлүмүрдүү оонньууллар. Бүөтүр хотуна пловун хайҕаабытыттан сүргэтэ көтөҕүллэ сылдьар. Киһиэхэ барытыгар кичэйэн астаабыт аһын амсатыан баҕарар.
– Бэйи эрэ, эн, ыксаама! Ыалдьыттар остуолга да олоро иликтэриттэн хайдах итии аһылыгы сыҥалыыгын? – Надя кэргэнин сэмэлээтэ.
Кэлбит дьон суугунаһан миэстэлэрин булбуттарын кэннэ Надежда Дмитриевна туран тыл эттэ:
– Мин манна аймах-билэ дьоммутун биир үөрүүлээх түгэҥҥэ ыҥырдым. Биһиги ытыктыыр балтыбыт Татьяна кыра кыыһа Аайа үрдүк үөрэххэ экзаменын барытын туйгуннук туттаран киирдэ. Балтым барахсан олох охсуутун эрдээхтик тулуйан, оҕолорун үчүгэйдик иитэн, үөрэхтээх дьон оҥортоон эрэриттэн олус үөрэбин. Аҕата, бас-көс киһитэ суох оҕолору иитэр уустугун бары билэбит. Күтүөппүт Коля күөгэйэр күнүгэр үлэ үөһүгэр сылдьан, эмискэ биһиги кэккэбититтэн туораабыта барыбытыгар да улахан сүтүгүнэн буолбута. Биһиги аймаҕы өрө тардыахтаах, үрдүкү былааска тахсар кыахтаах киһибит ити курдук дьылҕаламмыта ыарахан. Аайа аҕатыгар майгынныыр кыыс, үөрэҕэр наар туйгун, кытаанах майгылаах, оттомноох оҕо инникитин аҕатын туйаҕын хатарыаҕа. Биһиги дьиэ кэргэн аатыттан эҕэрдэлээн туран бэлэхпитин туттарабыт, – диэн баран баархат тастаах хоруопкаттан кыһыл көмүс биһилэҕи таһааран кыыска туттарда уонна иэдэһиттэн кытаанах соҕустук сыллаан ылла.