Читать онлайн Саллаат уонна таптал бесплатно
Сырдык сыдьаайдаах Сомоҕо
Былыр-былыргыттан тоһуттар тымныы будулуйан турдаҕына, балаҕан иһигэр көмүлүөк оһох барахсан бачыгырыы умайан сылааһынан угуттаан, сырдыгынан сыдьаайан күө бааччы астык, нуурал эйгэни үөскэтэн саханы абыраан кэллэҕэ. Син ол тэҥэ тулаларыгар үтүө сыһыаннарынан, эйэҕэс-сайаҕас, үөрүнньэҥ майгыларынан, кылгастык да алтыһан ааспыкка сырдык санааны саҕар, киһи киһитэ дэтэр дьоһун-мааны дьон олоҕу киэргэтэллэр. Өбүгэ айыы сиэрин-үгэһин иҥэриммит, көнө сүрүнүн утумнаабыт удьуор харалы биһиги кэммит биир биһирэмнээх бэрэстэбиитэлинэн суруйааччы Сомоҕону ааттаатахха, бука, үгүстэр сөбүлэһиэхтэрэ.
Кини учууталын Далан алгыһынан уус-уран айымньы умсулҕаннаах чээл күөх хонуутугар киирбит кэмнэрин өйдөөн кэллим. Лоп курдук сүүрбэ сыл анараа өттүгэр саха ааҕааччыларын үөрдүбүт кэрэхсэбиллээх тэрээһини кинигэ кыһата, суруйааччылар, «Чолбон» сурунаал уонна бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ кыттыһан оҥорбуппут. Оччолорго, 90-с сылларга айар тыл аҕалара буолбут норуот суруйааччылара утуу-субуу олохтон баран, айар дьоҥҥо үөһэттэн өйөбүл мөлтөөн, кинигэ бэчээттэниитэ аҕыйаан, литература сайдар хамсааһына аҕырымныы быһыытыйбыт кэмэ этэ. Дьэ ол буом соҕус бириэмэҕэ, хоһоонньут кыргыттары сэргэ түөрт эдэр уонна саастарын үгэнигэр сылдьар лиҥкир эр дьон биир сылга кэпсээн, сэһэн кинигэлэнэн айар эйгэҕэ киирбиттэрэ ааҕааччыга соһуччу соҕус сонун түгэнинэн буолбута. Павел Федоров-Сомоҕо «Ол ыҥырар тырымнас уоттар», Константин Эверстов «Туман буолбут таптал», Уйбаан Ойуур «Буурҕа» уонна Василий Бочкарев «Өрөөбүт уоспун өһүлэн» кинигэлэрин бииргэ биһирэмнээн киэҥ кэпсэтии дьоро киэһэтэ дьону-сэргэни сэргэхсиппитэ. «Саҥа суруйааччылар аҕыйахтар, аныгы сонун тиэмэлэргэ үлэлээччилэр кэмчилэр дииллэр. Оннук буолбатаҕын бу көрсүһүүбүт көрдөрөр, – диэтэ бастакынан тылы ылбыт «Бичик» кылаабынай редактора. – Биһиги бу билсиһиннэрэр ааптардарбыт балачча бэчээттэммит, литератураҕа ис сүрэхтэриттэн баҕаран, бэринэн туран үлэлииллэр. Онон, кинилэр бастакы кинигэлэрин билиһиннэрэр ордук үөрүүлээх уонна бу үлэлэрэ быйыл саха уус-уран литературата төрүттэммитэ 100 сылын туолар кэрэ-бэлиэ үбүлүөйүн көрсө дьоһуннаах бэлэхтэринэн буолар». Маннык иһитиннэриини хаһыакка биэрбит суруналыыс, суруйааччы С.Р. Данилов, салгыы П.Д. Аввакумов, Тумат, Харысхал, Г.В. Попов, В.А. Тарабукин, П.П. Флегонтов, о.д. а өрө көтөҕүллэн туран эҕэрдэлээбиттэрин, айымньылары ырыппыттарын сурукка тиспит эбит. Дьэ ити курдук хас да ааптары бииргэ сомоҕолоон биһирэм кэпсэтии таһаарарга көҕүлээччинэн Байбал Сомоҕо буолбута. Театр артыыстарын В.Апросимовы, К. Михайловы, ырыаһыт Д. Тихоновы, Чурапчы Дириҥиттэн бэйэтэ салайар айар түмсүүтүн кытыннаран тэрээһини киэргэппитэ. Бастакы кинигэтэ ордук ыччаты таарыйбыта бэчээккэ сэҥээриилэр ааттарыттан да өтө биллэр: эдэрдэр Матрена Борисова «Тырымнас уоттар» туохха ыҥыраллар?», Марфа Далбаева «Саҥа суолу арыйар айымньылар», Жанна Леонтьева «Сомоҕо сонун суолу тэлэр» диэн санаа үллэстибиттэрэ. Ону сэргэ Мария Сидорова, Иннокентий Окоемов, Данил Макеев, биллиилээх суруйааччылар Тумарча, Петр Аввакумов ааптар олох сытыы, мөккүөрдээх түгэннэригэр толкуйдуурга ыҥырар суолталаахтарын бэлиэтээбиттэрэ. Онтон ыла Павел Петрович хонноҕо аһыллан тахсыылаахтык үлэлиир. Айар дьарыгы көхтөөх уопсастыбаннай үлэни кытта сатаан дьүөрэлиир.
Кинини бодоруһан билсиэхпиттэн үгүстэртэн уратылаһар хаачыстыбатын ордук бэлиэтии-биһирии көрөбүн. Бар дьон, төрүт сир туһугар бэриниилээх, кыһаллыгас, эппит тылыгар туругас көнө майгытын. Байбал бэйэтин туһугар мөхсүбэккэ, наар атыттар тустарыгар кыһаллар-мүһэллэр түбүктээх. Дойдутун үлэһит, биллиилээх дьонун, суруйааччыларын ааттарын-суолларын үрдүктүк тутарга, үйэтитиигэ сыратын биэрэн сүүрэр-көтөр, туруорсар-кэпсэтиһэр идэлээх. Тус бэйэтинэн көҕүлээн, дьону түмэн үлэлээн үтүө түмүктэри ситиһэрин биир дойдулаахтара, чурапчылар, астынан кэпсээччилэр. Норуокка умнуллубат үтүөлээх саха саарыннарын, улуус киэн туттар туруу үлэһиттэрин, тэрилтэлэрин, билиҥҥи кэм бэлиэ дьонун бэчээккэ сырдатта, кэккэ кинигэлэри таһаартарда. Олортон аҕыйаҕы аҕыннахха, Даланы педагог быһыытынан киэҥ эйгэҕэ билиһиннэрэр «Умнуллубат «Дьикти саас» оҕолоро» (2008), «Учуутал дьоло – үөрэнээччилэрин ситиһиилэригэр» (2012), Аан Дархан М.Е.Николаевка «Барҕа махтал Чурапчы дьонуттан!» (2014), Ил Дархан Е.А. Борисовка анаммыт «Боотур Уустан Ил Дархан» (2014) кинигэлэри саха дьоно биһирэбилинэн көрсүбүтэ. Үйэтитиигэ дьаныһан дьарыктанан, кини – сэрии содулугар эстибит Мэлдьэхси нэһилиэгин Чоччууда алааһыгар уот сэриигэ барбыттарга, Чурапчы көһөрүллүүтүн сиэртибэлэригэр өйдөбүнньүк уонна саха бастакы норуодунай худуоһунньуга П.П. Романов төрөөбүтэ 100 сылыгар мэҥэ комплекс оҥоһуллуутун сүрүн тэрийээччи.
Тыа сиригэр Суруйааччы сойууһун үлэтин, литератураны сырдатыыга, айар дьарыгы тарҕатыыга күүскэ үлэлиир. «Дириҥ уоттара» литературнай түмсүүнү уонча сыл устата салайан үлэлэппитэ. Саха омук чиэһин, кырдьыгын көмүскээһиҥҥэ олоҕун тухары охсуспут талааннаах суруйааччы Иван Федосеев-Доосо аата кини төрөөбүт Хоптоҕотун орто оскуолатыгар, сэрии туһунан бастакы «Көмүскэ уута» романы саха литературатыгар кэриэс кэбиспит буойун-суруйааччы, учуутал Алексей Бродников аатын Төлөйгө «Аартык» норуот айымньытын дьиэтигэр кини быһаччы көҕүлээһининэн уонна улахан сыратынан, дьулурҕа дьулуурунан иҥэриллэллэрэ ситиһиллибитэ. Убай туттубут биир идэлээхтэрин Сэмэн Туматы, Тумарчаны, Роман (Сэмэн) Даниловы, Василий Петров-Айылы мэлдьи өрө тутан, үбүлүөйдэрин тэрийиигэ салалта, бар дьон өттүттэн харааннааһыҥҥа, өйөбүлгэ, сырдатыыга өр сылларга үлэлэһэн кэллэ. Өрөспүүбүлүкэ, олохтоохтор интэриэстэрин көмүскээн туруулаһыыга Саха уопсастыбаннай киин, Саха конгреһын көхтөөх кыттааччытын быһыытынан уонунан сылларга үлэтэ – бэйэтэ туһунан киэҥ кэпсээн. Ол иһин аҥаардас соҕотох түгэни ойо тутан ахтан аһарыым.
2012 сыллаахха Арассыыйа национальнай өрөспүүбүлүкэлэрин салайааччыларын бэрисидьиэн диэн ааттаныыларын тохтотуу саҕаламмыта. Онуоха саха судаарыстыбаннаһын суурайтарбат туһугар көннөрү «баһылык» диэн тиэрмин оннугар «Ил Дархан» диэн омук ааспыт устуоруйатыттан силистээх анал ааты дьыала-куолу тылыгар, СӨ Төрүт Сокуонугар киллэртэрэр инниттэн улахан хамсааһын тахсыбыта. Дьүүллэһии үрдүк таһымҥа тахсыытыгар Ил Түмэн парламентарийдара Зоя Корнилова, Елена Голомарева, Оксана Винокурова нэһилиэнньэттэн, улуустан өйөбүл наада диэн көрдөспүттэрэ. Онуоха бу суһал соругу толорорбутугар Сомоҕо көмөлөспүтэ. Чурапчы биллэр-көстөр дьонун кытары сүбэлэһэн-дьүүллэһэн парламент спикерэ В.Н. Басыгысов аатыгар дьоһуннаах суругу киллэрбиттэрэ. Ол курдук, Дьааҥыттан В.П.Стручков-Дуулаҕа Дьуһаал эмиэ өйүүр ис хоһоонноох суругу тэрийэн ыыппыта. Онон, билигин олоххо киирбит судаарыстыбаннас баарын бэлиэтиир дорҕоонноох анал аат бигэргэниитигэр Павел Петровичтаах көмөлөрүн барҕа махталынан ахтабын.
Сомоҕо бэлиэ сааһын илии тутуурдаах, өттүк харалаах көрүстэ. Бу саҥа кинигэтэ икки түһүмэхтэн турар. «Саллаат уонна Таптал» диэн сэһэнэ саха уус-уран айымньытыгар өссө арылла илик тиэмэҕэ анаммыт. Саха сирин олохтоохторо сэриигэ кыттыыларынан, аармыйаҕа сулууспаҕа бэргэн ытааччы, тулуурдаах, барыга бары сыстаҕас, толоругас, бэйэтин кыанар саллаат быһыытынан бэйэлэрин көрдөрбүттэрэ биллэр. Байыаннай чаас хамандыырдара, офицердара саха буолла да кыраҕы харахтаах ытааччы, уруһуйдьут, үчүгэй буочардаах писарь, спортсмен диэн олоҕурбут өйдөбүллээхтэр. Ол гынан баран, биһиэхэ саха сулууспалааһынын ойуулуур айымньы тоҕо эрэ суох этэ. Биир төрүөтүнэн аармыйа күлүк өрүттэрин хайдах даҕаны таарыйарга тиийиллэрэ эмиэ мэһэйдиир буолуон сөп. «Дедовщина» мөкү көстүүтэ аһаҕастык киэҥ билиигэ тахсыбыта ыраатта. 1989 сыллаахха режиссердар А.Малюков «Делай – раз!», А. Рогожкин «Караул» киинэлэрэ бүтүн Сойуус көрөөччүлэрин долгуппуттара. Сонун айымньыга 70-с сс. ортолоругар саха уолаттара Чукоткаҕа сулууспалара ойууланар. Ааптар тыҥааһыннаах түгэннэри хото киллэрэн интэриэһи көбүтэргэ дьулуспат. Оччотооҕу ыччат чөл мөссүөнэ, сэмэйэ, бэйэ-бэйэҕэ харыстабыллаах, хардарыта көмөлөсүһэр сыһыана, килбик таптала, олоххо дьулуура табан көрдөрүллэр. Эдэр киһи көрсөр олоххо бэйэ миэстэтин булунуу, идэни талыы, мунуу-тэнии, ардыгар быстах санааҕа алҕаһы оҥостон олоҕу уустугурдуу, табыллыбатах таптал курдук түгэннэрэ ааҕааччыны тардыахтара. Сулууспалыыр араас омук ыччатын, урут-хойут аармыйаҕа ыҥырыллан ытык иэһин толорор салааттар бэйэ-бэйэлэрин икки ардыларыгар араас сыһыана, эр дьон бигэ доҕордоһуута айымньыга көстөр. Муустаах муора кытылынааҕы хахсаат, тыйыс айылҕа, чукчалар олохторун, дьарыктарын уратыта, киити, үрүҥ эһэни бултааһын ойууланар түгэннэрэ кэрэхсэтэллэр.
Иккис түһүмэххэ ааптар айар, араас өрүттээх уопсастыбаннай үлэтин ырытар, кэрэһилиир суруйуулар киирбиттэр. Мэлдьи олох үөһүгэр «сырыттахха, кытыннахха сатанар» диэн бириинсиптээх, түмсүүгэ-сомоҕолоһууга угуйар дьулуурдаах дьонсэргэ биһириир бэлиэ киһитин уобараһын ситэрэн биэрэллэр. Ааспыт сылга бөлүһүөк, литератураны чинчийээччи Е.Г. Винокуров «П.П. Федоров-Сомоҕо олоҕо уонна айар үлэтэ» дьоһуннаах монографияны таһаартарда.
Сомоҕо диэн боһомо ааттаах суруйааччыттан билиҥҥи олохпут уратытын, олох тыын боппуруостарын арыйар өссө сонун айымньылары ааҕааччы кэтэһэр.
Валерий Луковцев-Дьурустаан,
Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ
Саллаат уонна таптал
Сааскы маай бырааһынньыктара чугаһаан уонна таһырдьа халлаан сылыйан, айылҕа тупсан турар кэмэ.
Оскуола иһигэр киһи суоҕун кэриэтэ. Эдэр уруһуй, черчение учуутала Эрчим Петрович Быгаанап уруоктара, хаһан да буоларын курдук, саамай кэнники тураллар. Субуота күҥҥэ кырдьаҕас учууталлар уруоктарын араспысаанньа быһыытынан эрдэ үөрэтэн бүппүттэр. Арай быйыл университеты саҥа бүтэрбит английскай тыл учуутала Светлана Васильевна эрэ баар эбит. Эрчим быйыл кыһын оройуон киинигэр үҥкүүлүү уонна ийэтин аахха сылдьаары кыыстан элбэхтик көрдөспүтэ. Черчение уруогар сорудах биэрэн, «Оҕолору көрөөр, үлэлэрин бүтэрдэхтэринэ, дьиэлэригэр ыытаар…» – диэн баран, уон алта биэрэстэлээх сиргэ кыһыҥҥы бытарҕан тымныыга «дискотекалыы» сатыы ыстанара.
Эдэр учуутал бүтэһик бэһис, алтыс уруоктарын бүтэрэн баран, Маай бырааһынньыктарын дьонун кытта көрсөөрү оройуон киинигэр барарга быһаарынна. Дьиэлэнэн олорор дьонугар тиийэн малын-салын хомунан спортивнай суумкаҕа симээт, айан суолугар тахсан, массыына тутан Майалаата.
Ийэтэ аах олорор икки этээстээх мас уопсай дьиэлэрин таһыгар тиийэн түстэ. Хата, дьоно дьиэлэригэр бааллар эбит. Бырааттаах кыра балта тэлэбиисэр көрө олороллор. Оттон ийэтэ барахсан ас астаан түбүгүрэ сылдьаахтыыр, сааһыран уҥуохтуун кыччаан хаалбыт курдук буолбут.
Киэһэ аһаары олорон ийэтэ:
– Бу военкоматтар аармыйаҕа барарга «повестка» аҕалан биэрбиттэрэ… – диэн күөх дьүһүннээх кыра кумааҕыны Эрчимҥэ туттаран кэбистэ.
Эдэр уол ону хап-сабар сулбу тардан ылан көрбүтэ: «Ыам ыйын 15 күнүгэр олохтоох военкомакка, сарсыарда 10-н чааска кэлэҕин» диэн булгуччулаах ыҥырыы сурук буолла. Эрчим кумааҕытын эргим-ургум тутан көрүтэлээтэ. «Хата, кырдьык аармыйаҕа барар эбиппин. Оскуолаҕа сатаан учууталлыа суохпун», – дии санаата.
– Ийээ, кырдьык да, мин аармыйаҕа барыыһыбын. Оскуола учуутала мин идэм буолбатах эбит… – диэтэ.
– Эс, оттон быйыл үөрэх дьылыгар үлэлээн бараҥҥын, аны күһүн үөрэххин салгыы Хабаровскайдыахтаах этиҥ дии?
– Оннук этэ да, идэбин сыыһа талбыппын. Билигин оскуолаҕа уруһуй, ырыа, физкультура уруогун олох улахаҥҥа уурбаттар. Туһата суох предмет курдук көрөллөр. Ол оннугар ахсаан, физика, нуучча тылын учууталлара өрө тутуллаллар.
– Ама оннук буоллаҕай, учуутал аата учуутал ини… – ийэтэ саарбахтаабыт курдук саҥарда.
– Суох, оннук буолбатах… Хас чиэппэр түмүгүн аайы, педсовекка эн үрдүгүнэн көтөллөр. Ол кинилэр, учуутал оҕолоро, хайаан даҕаны «отличник», «хорошист» буолуохтаахтар үһү.
– Оттон ол сөп буолбатах дуо?
– Баҕар, сөп буолуо даҕаны… Черчение уруогар биир даҕаны чертеһы, дьиэтээҕи үлэтин, саараама, оҥорботох оҕоҕо «халлаантан» ылан түөрдү, биэһи туруоруохтаах үһүбүн.
– Оттон ону күһэйэн оҥорторуоххун?
– Элэ-была тылым бүтэн, сороҕор бэйэм көмөлөһөн оҥорорум үрдүнэн, ыал мааны кыргыттара аһаҕастык: «Сатаабатыбыт», – диэн баран олороллор. Онтон ол оҕолорго хантан ылан сыана туруорабын? Завуч: «Кыайан үөрэппэккин. Хайаан даҕаны бу оҕоҕо үчүгэй сыананы туруордаххына табыллар. Оскуола үөрэҕин бырыһыанын түһэрээри гынаҕын дуо?» – диэн бэрт кытаанахтык дьаһайан кэбиһэр. Онон бүтэр, хайыаххыный?
– Ээ, оччоҕуна эн эмиэ тоҕо сыананы харыстаатыҥ? Түөрдү, биэһи туруоран иһиэххин… – ийэтэ кини этэрин улахаҥҥа уурбат курдук, бэйэтин санаатын этэ олордо.
– Дьэ, ити баар, оччоҕо тоҕо мин үөрэтэбин? Оҕолор син биир «Ырыа, уруһуй, физкультура уруоктарын таах солуута суох үөрэхтэр» дии саныыр буоллахтарына. Ону сүрүн предмеккэ үөрэтэр учууталлара эмиэ итинник сыһыаннаһар буолбуттарын кэннэ, биллэн туран, бу уруоктары суолтаҕа уурбаттара сөп да курдук…
* * *
Сарсыныгар үлэ чааһын саҕаланыыта Эрчим оройуоннааҕы военкомакка тиийдэ. Сэкирэтээр кыыска туох наадаҕа кэлбитин этээт, военком хоһугар ааста. Ааны тоҥсуйан иһирдьэ киирбитэ, аҕам саастаах капитан званиелаах саха киһитэ остуол үрдүгэр сытар элбэх кумааҕыны өрө-таҥнары бэрийэ, сыымайдыы олорор эбит.
– Дорообо, товарищ капитан, призывник Быгаанап Эрчим Петрович диэммин. Повестка туттум, ол эрээри мин бэйэм тылланан туран аармыйаҕа барарга бэлэммин биллэрэбин.
Капитан соһуйбут киһи курдук, эдэр уолу үөһэттэн аллара көрөн ылла уонна ойон турда. Ол кэнниттэн чиҥ-чиҥник үктээн, Эрчимҥэ чугаһаан кэлэн:
– Дьэ, бу эр киһи тыла! Маладьыас! Ийэ дойдутун иннигэр аармыйаҕа сулууспалыыр – хас биирдии эдэр киһи ытык иэһэ. Эн бэйэҥ тылланан туран, Сэбиэскэй сэбилэниилээх күүстэргэ барарга санаа ылыммытыҥ олус үчүгэй! – диэн илиитин ыга тутта уонна Эрчимҥэ остуол аттыгар турар олоппоһу ыйда.
– Баһаалыста, итиннэ олор. Бэйэҥ туох үөрэхтээххин, ханна үлэлиигин?
– Бэйэм Хабаровскайга пединститут икки курсун бүтэрбитим. Билигин тыа сиригэр орто оскуолаҕа уруһуй, черчение учууталынан үлэлиибин.
– Эдэр киһиэхэ бэрт идэлээх эбиккин, аармыйаҕа бараҥҥын ситиһиилээхтик сулууспалаа. Төһө кыалларынан үчүгэй чааска түбэһэн сулууспалыырыҥ курдук олохтоох военкомат аатыттан ходатайство оҥоруохпут. Оскуолаҕар тиийээт, аармыйаҕа ыҥырыллан барабын диэн биллэр. Уонна ыам ыйын 15 күнүгэр сулууспалыы барардыы оҥостон кэлээр… – дии-дии, капитан өссө төгүл Эрчим илиитин ыгыта тутта.
Эрчим военкоматтан санаата улаханнык көтөҕүллэн тахсыбыта: «Сөпкө быһаарынным быһыылаах. Аармыйаҕа син биир сулууспалыахтаахпын, «арыый эдэр эрдэхпинэ» сулууспалаан кэлэрим ордук буолсу. Уонна оскуолаҕа үлэлиири олох испэр киллэрбэтим, эрдэсылла идэбин уларыттахпына табыллыыһы. Оҕо эрдэхпиттэн наар худуоһунньук буолар баҕалааҕым ээ. Пединститукка худграфка туттарсан киирэн бараммын, күнү быһа уруһуйдаталлар ини дии санаабытым ханна баарый? Техмат, сопромат, начертательнай геометрия, научнай коммунизм, история КПСС туохха наадалаах үөрэхтэрий? Кырдьыгынан эттэххэ, марксизм, ленинизм научнай үөрэхтэрин сүүрбэччэлээх бэдиктэр хантан ылан өйдүөхпүтүй?.. Бэлэм конспегы уларса сылдьан хардары-таары таах мээнэ уһулуу, ис хоһоонун өйдөөһүн, өйдүү да сатааһын төрүкү суоҕа кистэл буолбатах. Уруһуйга, ойуулуур дьүһүннүүр искусствоҕа анаан нэдиэлэҕэ биир, икки чаас үөрэтэллэрэ. Художник идэтин баһылаан, дьиҥнээх айар үлэһит буолуом диэн баҕа санаалааҕым ханна баарый?..».
Эрчим итинник иирбэ-таарба санаалаах орто оскуоланы бүтэрэн баран бииргэ үлэлээбит худуоһунньук уолаттарын мастарыскыайдарыгар тиийдэ. Оройуоннааҕы культура дьиэтин биир түгэх кэҥэс соҕус хоско тиийэн киирбитэ, Никандрдаах Виталий бэҕэһээҥҥи күүстээх аһылык кэнниттэн сирэй-харах мөлтөөн, арбы-сарбы буолан олороохтууллар эбит. Кинини көрөөт:
– Оок, бырааппыт Эрчим уолан барахсан, хата бэйэтинэн тиийэн кэллэ. Дьэ бу убайдарыҥ өлөттөрөн арыычча олоробут, төбө ыалдьан айар үлэ иэйиитэ кыайан киирбэт. Уон биир чааһы кэтэһэбит. Хайа, учуутал киһи, харчыҥ хачыгырас буолуо? Убайдаргын абыраа… – диэн өрө көтө түстүлэр.
Эрчим кинилэри кытары бииргэ үлэлээбит буолан, билигин хайдах арыгыга өлөттөрөн иэдэйэн сылдьалларын билэр бөҕөтө. Уон биир кэнниттэн «үчүгэй» маҕаһыын аһылыннаҕына, кыратык «тэп» гыннараат, убайдара чахчы айар куттара аһыллааччы. Хайа да бэйэлээх үлэни начаас икки ардыгар судурҕаччы тардан уруһуйдаан кэбиһэллэрин элбэхтэ көрбүтэ. Чахчы айылҕа биэрбит талаанын ситэ туһаммакка сырыттахтара, «абааһы» аһыгар ыллартаран.
– Убайда-ар, бырааккыт аармыйаҕа баран эрэр. Аны аҕыйах хонугунан уолгут Сэбиэскэй Аармыйа саллаата буолан, соҕуруу хайа эрэ киин куоракка строевойунан хааман чиккэҥнэтэ сылдьар буолуоҕа.
– Оо, дьэ хата бу үчүгэй сонун эбит! Эрчим, оттон күһүн үөрэххин салгыы барыахтаах этиҥ дии?
– Үөрэх ханна да куотуо суоҕа, аармыйа даҕаны кэнниттэн кэлэн салгыы үөрэниэххэ сөп. Ол эрээри бэйэм тоҕо эрэ учуутал үлэтин сөбүлээбэтим, баҕар, идэбин уларыттахпына да көҥүлүм.
– Бырааппыт булан сылдьыаҥ. Оттон соҕуруунан, хотунан сырыы бөҕөтүн сылдьыбыт ыччат буоллаҕыҥ дии. Нууччалары кытта уопсай тылы баҕас буларыҥ буолуо.
– Биһиги киһибит өлөн-охтон биэриэ суоҕа, оттон оҕо эрдэҕиттэн манна уулусса оскуолатын барбыт киһи иннин көрүнүөҕэ. Хата уолбут аармыйаҕа барар проводинаҕын убайдаргыттан саҕалаа… Биһиги кырдьаҕас саллааттар буоллахпыт дии… Молодой, черпак, дембель диэн кэрдииһи барытын боруобалаан ааспыт дьон! – Виталий эдэр уолу кыратык дэбдэтэн биэрдэ.
– Убайдарбар аҕалан бөҕөтө буоллаҕа, бэйэм испэппин бэркэ билэҕит. Сотору маҕаһыын аһылыннаҕына, кэһиилээх кэлэ сылдьыаҕым. Биир сыл бэркэ тапсан үлэлээбиппит, убайдарбыттан элбэххэ үөрэммитим. Ону умнубаппын… – диэн этээт, Эрчим тахсан барда.
* * *
Маай бырааһынньыктарын кэнниттэн Эрчим дириэктэрин көрүстэ.
– Эрчим Петрович, истэн-билэн олоробут, – Владимир Александрович, уол биэрбит повесткатын көрө-көрө, кэпсэтэ олордо. Ол кэнниттэн профком бэрэссэдээтэлин Назаровы ыҥыртарда.
Сотору буолаат, интэринээт сэбиэдиссэйэ, аҕам саастаах кырдьаҕас учуутал Василий Николаевич кэбиниэккэ киирбитигэр дириэктэр остуол аттыгар турар олоппос диэки ыйда.
– Чэ, Эрчим Петрович, биһиги профком бэрэссэдээтэлэ Василий Николаевичтыын сүбэлэһэн бараммыт, военкомакка көрдөһүү сурук түһэрэн, эйиэхэ отсрочка ылыахпытын баҕарабыт.
– Эдэр киһи Эрчим Петрович, биһиги оскуола үөрэнээччилэрэ урукку өттүгэр оройуоҥҥа да, зональнай черчение олимпиадатыгар маннык ситиһиилээхтик кытта илик этибит. Онон эйигиттэн «Быйылгы үөрэх дьылыгар оҕолору кытыннаран ситиһиилэммитиҥ иһин салгыы биһиэхэ үлэлиэҥ этэ дуо?» – диэн көрдөһүүлээхпит. Оччотугар оскуола уонна профсоюз аатыттан сурук суруйан, аармыйаҕа бараргыттан тохтотуо этибит, – диэн Василий Николаевич көрдөһөр, быһаарар икки ардынан баҕа санаатын эттэ.
– Владимир Александрович, Василий Николаевич, үтүө санааҕыт иһин махтал. Хас биирдии эдэр киһи ытык иэһин толорон, аармыйаҕа сулууспалыахтаах. Мин аҕыйах хонугунан хайыы-үйэҕэ сүүрбэ үс сааспын туолабын. Аны мантан ордук сааһыран баран бардахпына, сүрэ да бэрт буолсу.
– Оттон үлэҕэ киирэргэр, районо сэбиэдиссэйигэр биир сыл үлэлээн бараммын, характеристика ылан, үөрэхпин салгыы барабын диэбит этиҥ дии. Биһиги онно сөптөөх характеристиканы суруйан биэриэхпит. Эдэр киһи салгыы кэтэхтэн да үөрэниэххин сөп, – диэн дириэктэр ылыннарыылаахтык сүбэлии олордо.
– Уопсайынан, учуутал үлэтин сүрдээҕин ыарырҕаттым, идэбин уларыттахпына да сөп буолсу дии санаатым. Итэҕэлгит иһин улахан махтал! Ол эрээри аармыйаҕа барардыы биир бигэ санааны ылынан сылдьабын…
– Сөп, оччотугар эдэр киһи баҕа санаатын биһиги хааччахтыыр кыахпыт суох. Оҕолор сыллааҕы түмүктэрин бу күннэргэ таһаартаа уонна Сэбиэскэй Аармыйа кэккэтигэр бараҥҥын, ытык иэскин чиэстээхтик толор диэн биһиги алгыыбыт! Бары үчүгэйи кытта, бастаан суол тэлэн үлэлээбит оскуолаҕын хаһан даҕаны умнума! – диэн иккиэн эдэр уолу кытта илии тутуһан араҕыстылар.
Оскуола көрүдүөрүн устун хааман иһэн, байаан тыаһыырын истэн, Эрчим кылааһы өҥөс гыммыта, доҕоро Еремей Гоголев соҕотоҕун ырыа үөрэтэ олорор эбит.
– Быраат, убайыҥ аармыйаҕа баран эрэр. Эҕэрдэлээ!!! – дии-дии, Эрчим кылаас иһигэр көтөн түстэ.
– Оо, убайым Эрчим уол оҕото! Аны синиэл кэтэргэ быһаарынныҥ дуо? Хайа оттон проводинабыт эҥин? – диэн, Еремей утары кэлэн кууһан ылла.
– Ону этээри киирдим. Уон бэһискэ барабын, Кыайыы күнүгэр Майаҕа киирээр. Аармыйаҕа барарым чугаһыгар одноклассниктарбын уонна доҕотторбун ыҥыран, проводина оҥороору сылдьабын. Быраат онно баар буоллаххына табыллар… – хаадьылаһан тустан хадьыктастылар.
Уолаттар бэйэ-бэйэлэрин оскуола саҕаттан үчүгэйдик билсэллэр. Эрчим онус кылааска үөрэнэр эрдэҕинэ, Еремей ахсыска этэ. Дьикти кэрэ куоластаах оҕо, оччолортон индийскэй ырыаны ыллаан дьон кутун туппута. Аны ол кэнниттэн Хабаровскайга пединститукка үөрэнэ сырыттаҕына, Еремей Биробиджаҥҥа культура училищетыгар үөрэммитэ. Быйыл Тыыллыма орто оскуолатыгар бииргэ учууталлаатылар. Онон иккиэн иннэлээх сап курдук батысыһа сылдьар истиҥ доҕордуулар.
* * *
Эрчим бары наадатын барытын быһаартаран, оҕолор сыллааҕы түмүктэрин таһааран отчуоттаабыта. Аармыйалыан аҕыйах хонук иннинэ сынньанардыы оҥостон Майаҕа киирбитэ. Күн-дьыл барара түргэнэ сүрдээх, Зояттан сурук кэтэһэ сатаабыта да суоҕа. Переговорнайтан Ленинградка, кыыс үөрэнэ сылдьар сиригэр, эрийэн кэпсэтиэн баҕара-баҕара туттуммута. Зоя быйыл кинини үөрэҕин салгыы барыахтаах диэн бигэтик эрэнэ саныы сылдьара. Оттон кини буоллаҕына өйө-санаата олох тосту уларыйан сылдьар.
Бүгүн кылааһын уолаттарын көрсөн: «Аҕыйах хонугунан аармыйаҕа барабын, сарсын киэһэ рестораҥҥа көрсүөҕүҥ», – диэн бириэмэ болдьообута. Майа остолобуойа киэһэтин «ресторан» быһыытынан үлэлиирэ. Онно доҕотторун кытта көрсүбүттэрэ, бииргэ үлэлээбит худуоһунньук уолаттара Никандр, Виталий уонна Еремей эмиэ бааллара. Уонна Наахараттан киирэ сылдьар доҕордоро, биллиилээх ырыаһыт, музыкант Сергей Попов кэлбит этэ.
Уолаттар бары баян доҕоһуолунан ыллаан-туойан Эрчими аармыйаҕа икки сыл устата этэҥҥэ сулууспалыырыгар уонна доҕотторун хаһан да умнубатын туһугар үтүө санааларын, алгыстарын эппиттэрэ. Үөрэн-көтөн, аһаан бүтэн баран, үүнэр-сайдар кэскиллээх Майа киэҥ уулуссаларынан баян доҕуһуолугар уйдаран, ырыа аргыстаах күүлэйдээбиттэрэ.
- Сөрүүн тыал кэлэрэ
- Ол киэҥ алаастан,
- Самыырдаан ааһара
- Быстах былыттан.
- Майа сайына
- Кэрэ киэһэтэ,
- Бу миэхэ, эйиэхэ
- Күндү буолара.
- Умнубат буоларбыт
- Биһи Майаны,
- Умнубат этибит
- Арыы тыабытын,
- Хаһан даҕаны,
- Хантан даҕаны
- Ахтарбыт, саныырбыт
- Биһи Майаны…
Эрчим хайдах эрэ санаата көтөҕүллэн доҕотторугар махтана санаабыта.
Тарҕаһалларыгар кини:
– Сарсын сарсыарда уон чаастан куоракка, «Маякка» киирэбит. Онон, уолгутун өйдүү-саныы сылдьар гына атаара, военкомакка кэлээриҥ.
– Ээ, кэлэн бөҕө буоллаҕа дии… – доҕотторо бары үөрэн-көтөн, илии тутуһан сарсыарда военкомакка кэлиэх буолан эрэннэрбиттэрэ.
Эрчим истиҥ доҕорунаан Сенялыын хаалан, биир түөлбэҕэ олорор буолан аргыстаһан дьиэлээбиттэрэ.
– Хайа, Зоялыын кэпсэтэ сырыттыҥ дуо? Ленинградтан сурук суруйар ини, аармыйаҕа бараргын туох диирий?
– Ээ, оттон сурук суруйар, сибээстэһээччибит… Бу барыам иннинэ, баҕар, суруга кэлиэ дуу дии санаабытым да, кэлбэтэ. Кини, биллэн турар, аармыйаҕа барарбын соччо сөбүлээбэтэ буолуо. Эрдэттэн даҕаны наар үөрэн, үөрэммэтэххинэ аармыйаҕа ылыахтара диэн тыллааҕа. Быйыл миигин үөрэҕин салгыы барыахтаах диэн өйдөбүллээх сылдьар. Инньэ гынан, ити эрдэ биллэрбэтим, оттон сулууспалыыр сирбэр тиийэн бараммын сурук суруйар инибин…
– Суруккун тутан соһуйара буолуо. Эрчим, санаан кэбис, оскуоланы бүтэрбиппит хайыы-үйэ түөрт сыл буола охсубут дии… Банкеппытыгар эн Зояны аан бастаан көрбүтүҥ уонна «Ити кыыһы көрөөт сөбүлээтим» диэҥҥин миэхэ эппитиҥ дии…
– Кырдьык, бириэмэ барара тоҕо түргэнэй? Оччолорго, туох да кыһалҕата суох, үтүө даҕаны кэмнэр эбит… Эдэр саас инникигэ эрэллээх, сырдык-ыраас дьоллоох сыллара. Сема, эн, баҕар, итэҕэйиэҥ суоҕа. Ол эрээри мин баччааҥҥа диэри Зояҕа «эйиигин сөбүлүүбүн» диэн кыайан эппэккэ сылдьабын… Киһи олус ис дууһатыттан сөбүлүүр киһитигэр «мин эйиигин таптыыбын» диэн тыллары этэрэ уустук соҕус быһыылаах…
– Дьэ, ону билбит суох. Мин биир бэйэм оннук ис дууһабыттан «иэйэн-куойан» сөбүлүүр кыыспын көрсө иликпин… – Сеня, күлэ-күлэ, доҕорун хаадьылаан саннынан үтүрүйдэ.
* * *
Эрчим дьиэтигэр тиийэн, хоһугар сытан эрэ, аан бастаан Зояны көрсүбүт күнүн саныы сытта.
Эдэр саас хаһан даҕаны умнуллубат дьоллоох кэмнэрэ. Кинилэр онус кылааһы бүтэрээри үөрэ-көтө сылдьаллара.
Тула туох баар барыта тупсан, саас кэлэн от-мас көҕөрөн, халлаан сылыйан, кырдалларга, хонууга ньургуһун сибэкки тэтэрэ үүнэн, тулалыыр айылҕа тупсан аҕай турар кэмэ этэ. Куула тыаҕа кэҕэ этэн чоргуйара. Уһун тымныы кыһын кэнниттэн, дьон-сэргэ күөх дуолга, айылҕаҕа тахсан, бары санаалыын көнньүөрэн, сирэйдиин-харахтыын сырдаан, үөрбүт-көппүт көрүҥнээхтэрэ.
Эрчим бүгүн доҕорунаан Сенялыын орто оскуоланы бүтэрэр үөрүүлээх биэчэргэ бараары оҥосто сылдьаллар. Хара көстүүм, сырдык сорочка кэтэн, бачыыҥкаларын кылабачыйыар диэри ыраастаан, киэһэ банкекка анаан бырааһынньыктыы киэргэтиллибит оскуола спорт саалатыгар тиийбиттэрэ. Долгуйан сүргэлэрэ көтөҕүллүбүт, ыга киэргэммит оҕолор, учууталлар, төрөппүттэр толору мустубут этилэр. Тула барыта үөрүү-көтүү, көр-нар, күлсүү-салсыы – бу оскуоланы бүтэрэр тиһэх биэчэр. Оҕолор уйулҕаларын өрө көтөҕөн, көнньүөрбүт санааларын сөбүлүүр ырыалара өссө күүркэтэргэ дылыта…
- Эти глаза напротив – калейдоскоп огней,
- Эти глаза напротив – ярче и все теплей,
- Эти глаза напротив чайного цвета,
- Эти глаза напротив – что это, что это?
- Пусть я впадаю, пусть
- В сентиментальность и грусть,
- Воли моей супротив, эти глаза напротив.
- Вот и свела судьба, вот и свела судьба,
- Вот и свела судьба нас,
- Только не подведи, только не подведи —
- Только не отведи глаз…
Биллиилээх эстрада ырыаһыта Валерий Ободзинскай ырыата саҥа олоххо үктэнэн эрэр эдэр дьоҥҥо элбэҕи эрэннэрэр эдэр саас туох эрэ биллибэт кэрэ умсулҕаныгар өрө күүрдэр, угуйар курдуга. Дьикти музыка буолан иһиллэрэ уонна умнуллубат сырдык түгэн көрсүһүүтүн эрэннэрэргэ дылы этэ.
Бииргэ үөрэнэр кыргыттара муус маҥан былаачыйаланан, онно дьүөрэлии сырдык дьүһүннээх үрүҥ түүпүлэни кэтэн киэргэммиттэрэ киһи билбэт гына уларыйан, хайдах эрэ ордук улааппыкка, тупсубукка дылы буолан көстүбүттэрэ.
Сааланы кэрийэ субуруччу тардыллыбыт уһун остуоллар бырааһынньык аһынан толору этилэр. Онно ханыылыы сампаан бытыылкаларын, вазаларга ньургуһун сибэкки дьөрбөтүн уонна күөх мутукча лабааларын тупсаҕайдык уурбуттара киһи санаатын өрө көтөҕөрө. Учууталлар, төрөппүттэр уонна оскуоланы бүтэрэр оҕолор остуолга сааһыланан олорбуттара. Кыһыл таҥаһынан бүрүллүбүт президиум остуолугар олорор дьонтон оскуола дириэктэрэ туран, оскуоланы бүтэрбит оҕолору эҕэрдэлээбитэ уонна биир-биир ыҥыран, ситиихотуу аттестатын туттартаабыта. Кини кэнниттэн бэрт сытыы-хотуу, элбэх саҥалаах-иҥэлээх эдэр райкомол сэкирэтээрэ уол аҕыйах оҕоҕо үрдүк үөрэххэ баралларыгар анаан путевка туттартаабыта. Олор истэригэр Эрчим эмиэ үрдүк үөрэххэ путевканы туппута. Аттыгар олорор оҕолор эҕэрдэлээн илии тутуспуттара.
Үөрүүлээх миитин бүтүүтэ, биэчэри ыытар эдэр учуутал кыыс киирэн:
– Билигин орто оскуоланы бүтэрэр оҕолорго анаан, музыкальнай эҕэрдэтин тиэрдэр Биробиджаннааҕы культурнай сырдатар училищены бүтэрбит, бэйэбит оскуолабыт выпускницата Зоя Романова, – диэн доргуччу биллэрбитэ.
Эрчим соһуйуон иһин, баянын иннигэр тутан, эдэркээн баҕайы кыыс киирэн микрофоҥҥа чугаһаан, ыллаан барбыта. Баян бастакы дорҕоонуттан музыка дьикти абылаҥар ылларан, уол бу кэрэ-номоҕон дьүһүннээх, нарын кыыстан хараҕын араарбатаҕа:
- Күндү көмүс күөрэгэйим,
- Күүтэн күнүм уһаата.
- Хара, хара харахтааҕым,
- Хайа, хаһан кэлэҕин?
- Тэйэн, уһаан хааллаххына,
- Тэһийбэппин билэҕин.
- Миигин үөрдэн хоспор хаһан
- Мичилийэн киирэҕин?..
Бу ырыа тыллара хайдах эрэ, ыллыы турар кэрэ кыыс тас көрүҥэр олус дьүөрэлэһэр курдуктара… Эрчим ырыа күүстээх абылаҥар ылларан, сирэйдиин-харахтыын сырдаан, тулалыыр эйгэни олох атын хараҕынан көрбүтэ. Туох баар барыта тупсан, инники олоххо үтүөнү-кэрэни эрэ түстүүргэ дылыта… Онтон ырыа бүтэн, музыка тыаһа тохтообутугар уонна бу кини билбэт дьикти кэрэ кыыһа тахсан барбытыгар, хайдах эрэ курус санаа хам кууһан, хомойо санаабыта.
Учууталлар уонна төрөппүттэр ис сүрэхтэриттэн үтүө алгыс тыллары эппиттэрэ уонна эҕэрдэлээбиттэрэ. Оҕолор остуолга уһуннук олорботохторо, ойон туран проигрыватель дорҕоонноох музыкатыгар доҕуһуоллатан, төгүрүччү туран, үҥкүүлээн, ыллаан-туойан барбыттара.
Сынньалаҥҥа Эрчимнээх таһырдьа тахсыбыттара, сөрүүн салгын кинилэри кууһан ылбыта. Тула барыта олус үчүгэйэ, киһи эрэ үөрүөх-көтүөх курдуга. Майаҕа ол күнтэн саҕалаан, өрөспүүбүлүкэтээҕи «Манчаары оонньуулара» ыытылла тураллара. Онон, бөһүөлэккэ дьон-сэргэ тоҕуоруһа мустан, сэргэхсийэн аҕай турар кэмэ этэ. Оскуолаттан чугас турар Оройуоннааҕы культура дьиэтиттэн үҥкүү музыката бу баардыы ньиргийэн иһиллэрэ.
Сорох оҕолор ол музыканы истэн, оскуола спортивнай былаһааккатыгар баар баскетбол мас помоһугар сүүрэн киирэн үҥкүүлээн барбыттара. Кыргыттар Сенялаах Эрчими ыҥыран ылан, ол үҥкүүлүү сылдьар ыччаттарга киирэн, аныгы музыка тэтимигэр сөп түбэһиннэрэн, араастаан хамсанан, күлбүт-үөрбүт оҕолору кытта тэҥҥэ үҥкүүлэспиттэрэ. Эрчим санаатыттан били баян доҕуһуолунан ыллаабыт кыыс кэрэ мөссүөнэ арахсан биэрбэтэҕэ.
– Сема, РДК-ҕа барыахха… Мин ити музыкант кыыһы көрүөхпүн баҕарабын… – диэн, доҕоругар сибис гыммыта.
– Кырдьык даҕаны, бардыбыт… Манна хайдах эрэ скучнай баҕайы… – диэн, кини тылыттан тахсыбат доҕоро сөбүлэһэ охсубута.
Үҥкүүлүү сылдьар ыччат быыһыттан тахсан, иккиэн кэпсэтэ-кэпсэтэ, үрэҕи кыйа барбыттара. Үрэх нөҥүө турар Культура дьиэтигэр, мас муостанан туораан, тиийбиттэрэ. Үтүмэн элбэх киһи мустан, сорохторо таһырдьа кулууп таһыгар, атыттара иһирдьэ үҥкүүлүү сылдьаллара. Араас оройуонтан кэлбит спортсменнар бэйэлэрин анал сборнай хамаандаларын форматын кэтэ сылдьаллара көрүөххэ олус үчүгэй этэ. Кинилэр спорт үрдүкү бырааһынньыгар кытталларынан киэн тутталлара сирэйдэриттэн-харахтарыттан, тутта-хапта сылдьалларыттан тута көстөрө.
Уолаттар ол ыччаттары кытта тэҥҥэ, үҥкүү күүрээннээх тэтимигэр сөп түбэһиннэрэн, бииргэ үҥкүүлээбиттэрэ. Сенялаах Эрчим орто оскуоланы бүтэрбит аттестаттарын ылан, хайдах эрэ улахан дьону кытта тэҥ кэрдиискэ тахсыбыт курдук санаммыттара. Сотору буолаат Эрчим үҥкүүлүү сылдьар дьон быыһыгар, били кинилэри кэлэн эҕэрдэлээбит музыкант кыыһы көрө түспүтэ. Эдэр кыыс музыка күүстээх абылаҥар ылларан, туох баар ис иэйиитин барытын биэрэн имигэстик хамсанан үҥкүүлүүрэ. Тулалыыр дьону кытта үөрэн-көтөн мичилийэн, хас биирдии хамсаныыта барыта Эрчимҥэ ураты кэрэ буолан көстүбүтэ. Кыыс ким эрэ тонолуппакка одуулуурун көрөн, Эрчим диэки хайыһан баран эйэҕэс баҕайытык мичээрдээбитэ. Эдэр уол ону көрөн, сүрэҕэ толугуруу мөхсүбүтэ, түөһүн иһэ сырдык иэйиинэн туолбута. Бүгүҥҥү олоҕун биир саамай умнуллубат күнүгэр киниттэн ордук дьоллоох киһи суох курдуга. Аан бастаан кэрэ кыыһы таптыы көрбүтэ:
- Сиртэн үүммүт сибэккилии
- Ситэн, тупсан кэрэҕин.
- Таба көрөн, талан ылан
- Таптаабыта сүрэҕим.
- Долгун нуоҕай суһуохтааҕым
- Долгуйабын, күүтэбин…
- Хайгыыр хара харахтааҕым
- Хайа, хаһан кэлэҕин?..
Эрчим тула эдэр саас үөрэрэ-көтөрө… Олоххо барыта дьол-соргу аргыстаах сырдык ыраны түстүүр кэрэ киэһэ кинилэри арыаллыырга дылыта. Ханна эрэ ыраах баян доҕуһуоллаах кэрэ кыыс нарын ырыата иһиллэр курдуга…
Уол ол сырдык иэйиигэ куустаран, сарсын аармыйаҕа барыахтааҕын саныы-саныы, утуйан хаалбыта…
Сарсыарда туран баран аһаат, малын-салын хомунна. Долбууртан Зоя бэлэхтээбит хаартыскатын ылан чочумча одуулаан тураат, сиэбигэр укта сылдьар байыаннай билиэтин иһигэр кыбыта аста. Ийэтэ остолобуойга иһит сууйааччынан үлэлиирэ, ол иһин сарсыарда олох эрдэ туран, хайыы-үйэҕэ үлэтигэр барбыт этэ.
Болдьоммут кэмҥэ военкомакка тиийбитэ, олбуор иһигэр толору дьон бөҕөтө баара. Аармыйаҕа барааччы диэн, атаара кэлбит дьон диэн тус-туһунан бөлөх-бөлөх буолан аалыҥнаһа сылдьаллар. Кинини кэтэһэн доҕотторо күүтэн тураллар эбит. Сирэйдэриттэн-харахтарыттан көрдөххө, атаарыы дьалхаана түүнү быһа салҕаммыт быһыылааҕа. Эрчим кинилэр билиҥҥи туруктарын өтө сэрэйэн, спортивнай суумкатыгар эрдэ хаһааммыт водкатын ылан уолаттарга туттаран кэбистэ. Кини өссө военкомакка чугаһаан иһэн, син балачча тэйиччиттэн баян тыаһын уонна уолаттар армейскай ырыаларын истибитэ. Сергей баянын тардан кэбиспитэ, Еремей ону иилэ хабан ылбыта. Атын уолаттар эмиэ хаалсыбатахтара, байыаннай ырыалар бииртэн биир доргуччу ылламмыттара. Ону дэриэбинэттэн сылдьар уолаттар бэркэ сэҥээрэ истибиттэрэ, ол эрээри хайдах эрэ дьааххана соҕус туттан тэйиччи сылдьаллара.
- …Не много прошагал, пока не генерал,
- Но, может быть, я стану старшиной.
- Прости, что не сумел сказать, что буду смел
- И то, что будешь ты моей женой.
- Не плачь, девчонка, пройдут дожди,
- Солдат вернется, ты только жди…
Сотору буолаат военкомат үлэһиттэрэ тахсан, уолаттары кэккэлэччи туруортаатылар уонна испииһэгинэн биир-биир ааттаталаан, ким баарын-суоҕун бэрэбиэркэлээтилэр:
– Бу сааскы суол алдьаммытынан, билигин өрүс суола сабыылааҕынан сибээстээн, куоракка самолетунан көтөҕүт. Маҕан аэропордугар көтөн тиийдэххитинэ, эһигини куорат военкоматын үлэһиттэрэ көрсүөхтэрэ. Уонна «Маяк» лааҕырга сборнай пуун баар сиригэр автобуһунан арыаллаан киллэриэхтэрэ. Ким да, ханна даҕаны ыйытыыта суох мээнэ барбат, кэлбэт… Бэрээдэги кэһии, арыгыны иһии кытаанахтык бобуллар… Эһиги бүгүҥҥэттэн саҕалаан байыаннай бэрээдэги тутуһаҕыт. Билигин биэс мүнүүтэ атаарааччылары кытта быраһаайдаһыҥ. Ол кэнниттэн быстах кэмҥэ самолет түһэр сиригэр, сыыр үрдүнээҕи бааһынаҕа, бары стройунан тахсабыт. Самолет көтөн кэллэҕинэ, испииһэгинэн биир-биир ыҥырдахпытына, ааттаммыт дьон киирэн олороҕут. Атыттар аныгы кэлэр самолету кэтэһэҕит. Бүгүн барыта уонча рейс оҥоһуллуохтаах, – диэн оройуон военкомун начаалынньыга, аҕам саастаах капитан мас-таас курдук хамаандалаан сэрэттэ.
Атаарааччылары кытта быраһаайдаһыы буолбутугар атаһа Еремей, Эрчим санныгар бүк түһэн, ытамньыйан ылла…
Эрчим: «Аата, дьиҥнээх сэриигэ баран эрэр киһиэхэ дылы… Музыка, ырыа-тойук доҕуһуоллаах, кыра харах уулаах… Аармыйаҕа сулууспалыы баран эрдэҕим», – диэн сонньуйа санаата.
Барыларын стройунан үөһэ, сыыр үрдүгэр таһаардылар. Киэҥ нэлэмэн хонууну быстах самолет түһэр гына бэлэмнээбиттэр.
– Сотору самолет кэлиэҕэ, бэлэм сылдьыҥ…Тарҕаһан хаалымаҥ, – диэн арыаллаан таһаарбыт прапорщик уол сэрэттэ.
Уолаттар, үөрэ-көтө, саҥардыы көҕөрбүт хонууга олордулар. Дойдуларыттан арахсан эрэр дьон быһыытынан, сааскы уһуктубут айылҕаны, күөрэгэй чыычаах дьырылас тойугун сэҥээрэ иһиттилэр. Арай Эрчим соһуйуон иһин, ийэтэ барахсан остолобуойга бииргэ үлэлиир кыыһыныын, аара сыһыыттан ньургуһун сибэкки дьөрбөтүн хомуйбуттарын туппутунан, тиийэн кэллилэр. Уол итини көрөн наһаа уйадыйда: ийэтэ барахсан оҕотун аармыйаҕа атаараары, кини хаһан да көрбөтөх кыыһын аргыс оҥостон кэлээхтээбит.
– Маарын сарсыарда үлэбэр эрдэ тахсаммын, оҕобун кытта үчүгэйдик быраһаайдаспакка хааллым диэммин, хата бу аргыс булан, бакаалаһа кэллим. Икки сыл диэн уһун кэм, онон, оҕобун үчүгэйдик сыллаан, санаабын этэн хаалаарыбын… Урут убайбын, эн таайгын, уоттаах сэриигэ барарыгар мин, эдэр кыыс, киирэммин атааран турабын. Ол иһин убайым этэҥҥэ сэрииттэн эргиллэн кэлбитэ… – ийэтэ, ньургуһунун дьөрбөтүн уолугар ууна-ууна, баҕа санаатын этэ турда.
– Ийээ, билигин сэрии буолбатах. Эйэлээх кэм, онон, санааҕын түһэримэ… Хата саҥа сири-дойдуну көрөн, эр киһи оскуолатын ааһаммын этэҥҥэ кэлиэҕим… – дии-дии, Эрчим ийэтин чараас санныттан кууста уонна сүүһүттэн сыллаан ылла.
Кинилэр тэйиччи баран, истиҥник-иһирэхтик кэпсэттилэр. Онтон ийэтэ кууһан ылан, оҕотун сүүһүттэн сыллаан ыла-ыла:
– Чэ, кытаат үчүгэйдик сырыт, сурукта суруйаар… Биһиги оттон, манна дойдулаах дьон, этэҥҥэ олоруохпут. Улахан балтыгар Алма-Атаҕа эмиэ сурукта суруйаар, сибээстэһэ сырыт… – диэн баҕа санаатын, алгыһы кытта этэн баран, аргыс кыыһыныын аллара бөһүөлэк диэки аргыый хаамса турдулар.
Эрчим ньургуһунун түөһүгэр хам тутан туран эрэ: «Ийэм барахсан кэм да оҕотун туһугар, кыһалла-мүһэллэ, долгуйа сылдьаахтыыр. Оо, бу Орто дойдуга ийэттэн ордук күндү ама ким баар буолуой? Бастакы оҕо буоламмын, чахчы да ийэм барахсан күнэ-ыйа миигиттэн тахсара. Кыра сылдьан ыалдьан ыҥаалаатахпына, түүннэри утуйбакка биэбэйдиирэ. Улаатан онно-манна бардахпына, үөрэнэ сырыттахпына, кэтэһэн да биэрээхтиирэ. Аны аармыйаҕа барарбын истэн, олох даҕаны аймаммыта. Ыытар санаата суоҕа: «Тоҕо үөрэххин салгыы барбатыҥ? Эрдэ үрдүк үөрэҕи бүтэрэн, балтыларгын бырааккын атахтарыгар туралларыгар миэхэ күүс-көмө буолуохтаах этиҥ буоллаҕа дии…» – диэхтээбитэ.
Сотору самолет көтөн кэллэ. Эрчимнээх бастакы рейскэ түбэһэн куораттаатылар. «Маяк» лааҕырга тиийбиттэрэ, сүүһүнэн ыччаты аармыйаҕа ыытаары муспуттар этэ.
Оҕолорго аналлаах сайыҥҥы лааҕыр буолан сороҕо бэрэбинэнэн, сороҕо хаптаһынынан оҥоһуллубут дьиэлэрдээх. Мэҥэлэри син обургу мас дьиэҕэ олохтоотулар. Сотору-сотору араас сиртэн мустубут ыччаттар киирсээри айдаан буоллар эрэ, олорор дьиэлэриттэн сууласпытынан таһырдьа ыстанан тахсаллар. Бэйэ-бэйэлэрин кытта дайбаһа сылдьар уолаттар быыстарыгар, биир алюминевай хайыһар торуоскатын тута сылдьар прапорщик, онтукатынан саабыла курдук далбаатанан уолаттары тохтото сатыыр. Ол курдук мучумааннанан биир түүн хоннулар. Сарсыныгар Эрчимнээх байыаннай хамыыһыйаны аастылар. Алта уолу «Забайкальскай байыаннай уокурукка, Читаҕа танковай чааска сержант оскуолатыгар бараҕыт», – диэн талан ыллылар. Олор истэригэр Эрчим эмиэ түбэстэ, кинилэри: «Өйүүн көтөҕүт, бэлэм сылдьыҥ», – диэн сэрэттилэр. Уолаттар бэлиэр сержант буолбут курдук сананан чиккэҥнэһэ сырыттылар, атыттар кинилэри ордугурҕуу санаатылар.
Сарсыныгар эбиэт саҕана кинилэр олорор дьиэлэригэр капитан формалаах саастаах киһи киирэн кэллэ. Кини кими эрэ сураһар быһыылаах. Сотору буолаат, уолаттар: «Эрчим, эйиигин ыҥыраллар», – диэн эппиттэригэр, уол, саарбахтыы-саарбахтыы, капитаҥҥа тиийдэ.
– Быганов, кем работал на гражданке? – диэн, оруобуна «Бег» диэн киинэҕэ генерал Хлудовы оонньообут артыыс Владислав Дворжецкай курдук эриличчи көрбүт капитан киниттэн ыйытта.
– Учителем черчения и рисования…
– А где учился?
– В Хабаровском педагогическом институте, на художественно-графическом факультете. Окончил два курса и дальше работал учителем Тыллыминской средней школы Мегино-Кангаласского района.
– Хочешь со мной поехать?
– А куда это? Так-то я завтра должен улететь в Читу, учиться в школе сержантов. В танковые войска, уже все решено, я жду только отправления.
– Это не имеет значения, я уже договорился. Если ты согласен, то поедешь со мной, – капитан хоҥоруутугар холооботтуу, холкутук хардарда.
– А, куда это, товарищ капитан?
– В Дальневосточный военный округ.
Эрчим хайдах эрэ чэпчии түспүтэ: «Хабаровскай биитэр Приморье буоллаҕа дии. Хата, увольнениеҕа үөрэммит сирбэр, Хабаровскайга бара сылдьыам», – диэн астына санаата.
– Согласен, товарищ капитан! – үөрүүнэн эппиэттээтэ.
– Хорошо, собирай вещи и пойдем со мной. Ваши документы у меня, – тута сылдьар папкатын ыйан көрдөрдө.
Эрчим түргэн соҕустук малын ылаат, уолаттары кытта быраһаайдаста.
– Хайа, Эрчим ханна барар буоллуҥ?
– Дальневосточный военный округ, Хабаровскай эргин биитэр Приморье улыбается… – диэн үөрэ-көтө хоруйдаат, капитаны батыһан таҕыста.
* * *
Капитан кинини хаптаһынынан оҥоһуллубут дьиэлэргэ илдьэн киллэрдэ:
– Сержант Гаркуша, принимай новобранца… Он поедет с нами, художником полка… – диэн биир уһун доруобай нуучча уолугар кинини туттаран кэбистэ.
Эрчим саҥа тиийбит киһи быһыытынан тулатын сонургуу көрдө-иһиттэ. Уолаттары кытта кэпсэтэн билсибитэ, бары кэриэтэ биир оройуонтан сылдьар ыччаттар: «Горнайдарбыт», – дэһистилэр. Үксүлэрэ оҕо эрдэхтэриттэн бэйэ-бэйэлэрин кытта билсэр, оскуолаҕа бииргэ үөрэммит дьон буолан биэрдилэр. Өссө Андреевтар диэн ини-бии уолаттар Маҕарастан бааллар. Кэргэннэһэн бардахха, сүрдээх элэккэй, сэргэх кэпсээннээх ыччаттар эбит.
– Биһиэхэ, Бэрдьигэстээххэ, военкомаппыт суох, ол иһин бу Дьокуускай куорат военкоматыгар учуокка турабыт. Ити икки Гаркуша уонна Свинолупов диэн байыаннай чаастан кэлбит сержаннар кэпсээннэриттэн иһиттэххэ, эйиигин аҕалбыт капитан үлэтин судургутуппут. Бу куорат военкоматыттан биһигини барыбытын, биир оройуон уолаттарын, аҕыс уонча киһини, биир байыаннай чааска сулууспалата илдьэ баран иһэр, – диэн кэпсээннээх буоллулар.
– Оттон атын оройуоннартан ким да суох дуо? – Эрчим соһуйбучча ыйытта.
– Ээ, атын оройуонтан аҕыйахтыы уол баар быһыылаах. Эн хантан сылдьаҕын?
– Майаттан.
– Манна биир майабын дэнэр, үрдүк үөрэхтээх, саастаах уол баар этэ. Бүлүүттэн аармыйаҕа бараары кэллим диир быһыылааҕа, – уолаттар истибит сонуннарын кэпсээбиттэригэр, Эрчим ол уолу көрдүү барбыта.
Уолаттар сотору буолаат, биир хара-бараан дьүһүннээх, модьу-таҕа, үрдүк уҥуохтаах уолу билиһиннэрбиттэрэ.
– Эн, майаҕын дуо? – Эрчим ол уолтан туоһуласта.
– Майабын, эн эмиэ мэҥэҕин дуо? – анарааҥҥыта утары ыйыталаста.
– Эн ким диэҥҥиний? Мин Эрчим Быгаанап диэммин, – илиитин биэрэ-биэрэ, саҥа аргыһын кытта билистэ. – Бэйэм чурапчыбын, ол эрээри Майаҕа олорбутум хас даҕаны сыл буолла. Онно оскуоланы бүтэрбитим. Биһиги манна «Маякка» кэлэрбитигэр, майалар ортолоругар суох этиҥ дии.
– Ээ, суох, мин үрдүк үөрэҕи бүтэрэн бараммын, идэбинэн Кыһыл Сыырга үлэлии сырыттахпына, военкоматтар ыҥырбыттара.
– Онно тугу үлэлээбиккиний?
– Бэйэм горнай инженер, геофизик идэлээхпин. Коми АССР-га, Ухта куоракка индустриальнай институкка үөрэммитим. Быһаччы эттэххэ, геологпын, Кыһыл Сыырга ньиэп, гаас разведкатыгар каротажнай үлэлэргэ сылдьыбытым. Майаҕа, Хараҕа олорбутум. Онно билигин ийэлээх быраатым бааллар. Бэйэм эмиэ оскуоланы Майаҕа бүтэрбитим. Ананий Павлов диэммин. Аармыйаҕа олох даҕаны барар санаата суох сылдьарым. Ону военкоматтар ыҥыран ылан: «Сүүрбэ алтаҕын туолбуккун, онон быйыл хайаан даҕаны булгуччу аармыйаҕа бараҕын», – диэн мас-таас курдук этэн, бу сулууспалыы баран иһэбин. Биирдэ санаатахха, сүүрбэ сэттэҕин туоллуҥ да, баҕар-баҕарыма, ылбаттар эбит.
– Мин эмиэ сааспын баттаһыннара, бэйэм тылланан аармыйаҕа баран иһэбин. Аҕыйах хонугунан сүүрбэ үс сааспын туолабын, онтон сааһыран бараммын уон аҕыстаах оҕолору кытта сулууспалыах диэтэххэ ыарахан буолуо ээ. Эн, үрдүк үөрэхтээх киһи, биир сыл сулууспалыырыҥ диэн олох да биллибэккэ ааһар буоллаҕа дии саныыбын, – Эрчим хайдах эрэ ордугурҕаабыттыы саҥарда.
– Ким билэр… Ханнык чааска түбэһэргиттэн буолуо? Сорох чаастарга, «дедовщина» баар сиригэр, уустук соҕус буолара буолуо ээ…
– Дьэ, кырдьык хайдах чааска түбэһэн, ханна тиийэбит, түгэнэбит? Ити миигин илдьэ баран иһэр капитан: «Дальневосточный военный округ», – диир дии. Оччотугар Хабаровскай, Приморье эргин буолуон сөп. Мин аармыйаҕа эрдэ барбатах биричиинэм – орто оскуола кэнниттэн биир сыл үлэлээн бараммын, Хабаровскай куоракка пединститукка, худграфка туттарсан киирбитим, иккис курсу бүтэрээри сылдьаммын, биир түгэҥҥэ сыыһа-халты туттан сэмэлэммитим. «Дойдугар бараҥҥын учууталлаа уонна биир сылынан үчүгэй характеристикалаах кэллэххинэ, салгыы үөрэниэҕиҥ», – диэбиттэрин иһин, ааспыт сылга дэриэбинэҕэ тахсан учууталлаабытым. Ол гынан баран, идэбин сөбүлээбэккэ, бу аармыйалаан эрэбин.
– Эс, ол тоҕо? Учуутал үлэтэ үчүгэй буолбатах дуо? Уруоккун биэрдиҥ да, холкутук сылдьар буоллаҕыҥ дии…
– Чэ, билбэтим. Баҕар, кырдьык сыыстарбытым буолуо, билигин даҕаны эдэрбин. Эбэтэр аармыйа кэнниттэн кэлэн бараммын үөрэхпин салҕыаҕым, баҕар, олох даҕаны атын үөрэххэ туттарсан идэбин уларытыахпын сөп дии саныыбын, – Эрчим соччо улаханнык баардыылаабакка, холкутук эппиэттээтэ.
Кинилэр итинтэн ыла биир дойдулаах дьон быһыытынан наар бииргэ сырыттылар.
Киэһээ аһылык кэнниттэн кинилэри арыаллаан илдьэ баран иһэр сержаннар Гаркуша уонна Свинолупов барыларын таһааран плацка стройдаттылар. Ол кэнниттэн капитан Прозоров строй иннигэр тахсан туран:
– Бүгүн эһиги сулууспалыыр чааскытыгар көтөҕүт, айан кэмигэр бэрээдэги кытаанахтык тутуһаҕыт. Үрдүкү дуоһунастаах байыаннайдар – сержаннар, прапорщиктар, эписиэрдэр хамаандаларын халбаҥнаабакка толороҕут! – диэн, кытаанахтык сэрэттэ. – Билигин сержаннар испииһэгинэн көрөн ыҥырдахтарына, ыҥырыллыбыт дьон ити тэйиччи турар автобустарга киирэн олороҕут, – диэтэ уонна уонча автобус турар сирин диэки ыйан көрдөрдө.
Дьэ ити кэнниттэн сержаннар биир-биир ааттаталыы-ааттаталыы, уолаттары аэропорка киллэриэхтээх автобустарга олордон истилэр. Айаннаары стройдаан турар уолаттары кытта чугастааҕы дьиэлэргэ олорор, атын сиргэ барыахтаах уолаттар өйдөөбөккө кэлэн, булкуһан хаалан, улахан бутууру таһаара сырыттылар.
Саатахха, Ивановтар, Петровтар, Сидоровтар элбэхтэрэ да сүрдээх. Ол былаһын тухары ким даҕаны Эрчим араспаанньатын ааттаабата. Уол саҥата суох капитан диэки көрөр, ону биирдэстэрэ илиитинэн «саҥарыма» диэн көрдөрөн истэ. Эрчим ыҥырыынан баран иһэр киһи быһыытынан астынан, саҥата суох турда. Син барыларын испииһэгинэн, балачча булкуллан да баран буоллар, саамылаан автобуска олортулар. Онтон капитан Прозоров уолга чугаһаан кэлэн: «Быганов, быстро в автобус…» – диэн хамаандалыырын кытта, Эрчим спортивнай суумкатын сүгээт, хап-сабар автобус иһигэр дьылыс гынан хаалла. «Испииһэккэ мин тоҕо суохпунуй? Арай Читаҕа барар уолаттар истэригэр мин суохпун көрөн, айдааны тартыннар?» – диэн санаа кинини үүйэ-хаайа тутта. Ол быыһыгар капитан кини дьыалата баар паапкатын тута сылдьарын санаан, арыый уоскуйда.
Аэропорт иһигэр киллэрэн, барыларын стройдатан баран, испииһэгинэн хаттаан бэрэбиэркэлээтилэр. Бу сырыыга Эрчим аатын эмиэ ааттаатылар. Уол дьэ арыый даҕаны уоскуйан, холкутук сананна, өссө ити иннинэ Ананийга: «Мин испииһэккэ суохпун ээ… Тоҕо эрэ миигин ааттабаттар…» – диэбитигэр, «Ол аата, капитан бэйэтэ худуоһунньукка наадыйан, эйиигин илдьэ баран истэҕэ», – диэн табаарыһын уоскутта.
Сотору барыларын самолекка киллэрэн олордуталаатылар. Призывниктар иннилэригэр туох күүтэрин уонна ханна баран иһэллэрин билбэт буолан, холкулар. Икки чаастан ордук салгыҥҥа көтөн баран, самолет сыыйа намтаан аллара түһэн истэ. Онтон көтөр балаһаҕа көлүөһэлэринэн таарыйан, өрө-таҥнары тилигирээн баран, сотору буолаат тохтоото. Чочумча тохтуу түһээт, уолаттары тахсар ааҥҥа ыҥырдылар. Эдэр дьон трапка үктэнээт, сонурҕаан тулаларын көрүннүлэр: арай ыраах хайалар көҕөрүмтүйэн көстөллөр. Тэйиччи «Магадан» диэн суруктаах аэропорт дьиэтэ дьэндэйэн көстөр.
Иһирдьэ киирбиттэрин кэннэ, сержант уолаттар, күлсэ-күлсэ:
– «Соски», вы летите на бухту Провидения… Идите, смотрите на карте… – диэтилэр.
Эрчим иһигэр: «Туох ааттаах үчүгэй, дьикти ааттаах сирэй?» – диэн дьиибэргиир санаа өйүгэр элэс курдук охсуллан ааста.
Уолаттар аэропорт аллараа этээһигэр баар картаны көрөн: «Чукотка…Чукотка эбит… Оо, туундараҕа… Заполярьеҕа сулууспалыыр буолбуппут…» – сорох хомойбут, атыттар сөхпүт саҥалара иһилиннэ. Эрчим били «Хабаровскай эбэтэр Приморье» диэбит ыра санаата күдэҥҥэ көттө. Бэйэтэ муустаах уунан саба ыстарбыт курдук буолла…
Ити күн Анаадыр аэропорда сабыылаах диэн, самолет салгыы көппөт буолла.
* * *
Киэһэлик аармыйаҕа баран иһээччилэргэ холуочук туруктаахтар кыралаан көстүтэлээн бардылар. Аэропорт комендатуратыттан ыҥырбыттар быһыылаах, биир мичман икки моряк арыалдьыттардаах патруль тиийэн кэллэ. Дьокуускайтан айаннаан иһэр призывник уолаттары барыларын аэропорт иһигэр стройдаттылар. Эрчимнээх Ананий арыгылааһын биричиинэтин билбэтэллэр да, саҥата суох барыларын кытта бииргэ стройга турдулар. Кинилэри арыаллаан иһэр капитан Прозоров уонна сержаннар, стройу кэрийэ сылдьан ким холуочугун быһаардылар. Уонна тэйиччи илдьэн туспа бөлөхтөөн туруордулар.
Арай ол кэмҥэ строй иннинэн үрүксээгин санныгар иилинэ сылдьар, биир уһун хара бэкир уол, хаҥас илиитинэн чиэс биэрэн баран, строевой хаамыынан кытаанахтык тиҥилэҕинэн либиргэччи үктээн, туалет баар сирин диэки ааһа турда. Моряктар уонна мичман соһуйан, көрөн эрэ хааллылар. Сотору буолаат били уол төттөрү тиийэн кэллэ уонна саҥардыы хаҥас илиитинэн чиэс биэрэн, эмиэ строевойунан хааман эрдэҕинэ, бу сырыыга патрулга сылдьар моряк уолаттар, мичман хамаандатынан кинини тараччы тутан ыллылар. Ол кэнниттэн атын арыгы испит уолаттар бөлөхтөрүгэр илдьэн холбуу уган кэбистилэр. Капитан Прозоров улаханнык кыыһыран:
– Я заранее предупредил! Кто не соблюдает дисциплину, того будем наказывать… – диэн суоһурҕанна.
Салгыы уһуннук-киэҥник өйдөтөр бэсиэдэ ыытта.
Ол кэнниттэн строй иннинэн хааман чиккэҥэлээбит уолу патруллар гаупвахтаҕа илдьэ бардылар. Атын бэрээдэги кэспит уолаттартан мичман «Мантан салгыы арыгылаабатыннар» диэн, харчыларын туура тутан ылла.
Патруль барбытын кэннэ, уолаттар ортолоругар араас кэпсэтии буолла:
– Ити строй иннинэн ааспыт уол хайа оройуонтан сылдьар үһүнүй?
– Томпоттон сылдьар дииллэр, Былааһап диэн үһү… Муҥ саатар, туалекка сылдьан баран, патруллар барбыттарын кэннэ кэлиэҕин… Дьэ, артыыс дии…
– Ээ, оттон аһаан чэпчээбит киһиэхэ, этэргэ дылы, «море по колено» буоллаҕа ээ…
– Ити кини хантан кэлэн хаалла? Биһи хамаандабытыгар суохха дылы этэ…
– Оннук, биһиэхэ суоҕа… Хайдах эрэ атын сиртэн, ойоҕостон кэлбит буолан строй иннинэн ааста ини. Биһиэнэ эбитэ буоллар, хайдах патруллары көрөн туран стройтан тахсыаҕай?
– Дьиҥэр, оннук бөҕө буоллаҕа дии… Тоҕо эрэ киһи билбэт киһитэ элбэх. Арааһа, биһиги кэннибититтэн көтөн кэлбит самолеттан сахалар түспүттэрэ быһыылаах…
– Сарсын Анаадырбытыгар көтөбүт дуу, суох дуу? Онно көрүөхпүт.
Ити кэнниттэн туох да араллаан буолбакка, ким ханна миэстэ баарынан утуйуу буолла. Хата Ананийдаах Эрчим айан дьоно олорбот ыскамыайкаларын муннукка булан, иккиэн төбөлөһө бэрт үчүгэйдик утуйан турдулар. Сарсыарда таһырдьа тахсыбыттара, сииктээх баҕайы салгын саба биэрдэ, чугас муора тыына баара биллэр курдук эбит. Тула барыта сопкалар. Аэропортан чугас баар эниэҕэ кыра баҕайы иинэҕэс тииттэр үүнэн тураллар. Тэйиччи сопка тэллэҕэр таас тутууларынан дьэндэйэн, Магадан куорат килэйэн-халайан көстөр. Муора туманынан бүрүллэн турар. Туманы үрдүнэн таһаҕас сүөкүүр кырааннар баараҕай кыыллар курдук, дьөндөһөн көстөллөр. Манна улахан муора пуорда баарын туоһулуур курдуктар. Ыраах борохуот хаһыыта иһиллэр.
Эбиэт саҕана барыларын стройдатан баран:
– Сотору Анаадырга самолет көтөр, онно-манна мээнэ ыһыллан хаалбакка бэлэм сылдьыҥ, – диэн сэрэттилэр.
Эрчим Ананийдыын буфекка аһаатылар: «Мантан салгыы ханна тиийэн аһыырбыт, хонорбут биллибэт», – диэн уолаттар сэрэхэчийэ санаатылар.
Балачча кэтэспиттэрин кэннэ, сорохторун сабыссаҥа ЯК-40 самолекка киллэрэн олортулар. Самолет көтөр балаһа устун түргэн үлүгэрдик сүүрэн куугунатаат, өндөл халлааҥҥа көтөн куһууран тахсан, тус хоту диэки айанын тутта. Үрдүгү ылара түргэнэ сүрдээх эбит. Кэлин истибиттэрэ, бу саҥа реактивнай самолету Хоту сиргэ бастакы боруобалааһын көтүүтүн ыыта сылдьаллар эбит этэ.
Иллюминаторынан аллара көрдөххө, хаар маҥан былыттар хас эмэ хаттыгас буолан өрөһөлөнөн көстөллөр. Төһөнөн хоту диэки тэйэн истэхтэрин аайы, муус кыаһаан тоҥ хаарынан бүрүллүбүт таас хайалар төбөлөрө өрө чочумаастанан килбэһэн тураллара киһини сөхтөрөр. Эргиччи хараҕыҥ дала ыларын тухары, муус-хаар дойдута ыраахха диэри нэлэһийэн көстөр. Ханан даҕаны күөх үүнээйи, мас-от суох. Күлүмүрдэс уунан кылбайа сытар күөллэр, үрэхтэр көстүбэттэр. Син балачча икки чаас курдук көппүттэрин кэннэ, эмискэ самолет умса хоруйан, аллара диэки намтаан барда. Иннилэригэр аэропорт таас балаһата көһүннэ, самолет дугус гынаат, көтөр балаһаҕа түһэн сүүрэн дьигиһийдэ. Реактивнай мотуор тыаһа тохтообутугар, барыларын самолет кэннигэр баар тахсар ааҥҥа ыҥырдылар. Призывниктар таһырдьа тахсан тыраап устун түһэн иһэн, тулаларын эргиччи көрө-көрө, улаханнык соһуйдулар. Самаан сайын кэлэн эрэр сылаас Сахаларын сирдэриттэн аҕыйах хонуктааҕыта арахсыбыт дьон халыҥ хаарынан бүрүллүбүт, тымныы сытыы тыалынан сирилэччи үрэ турар дойдуга эмискэччи баар буолан хааллылар! Чараас сайыҥҥылыы таҥастаах уолаттар, эмискэ тымныы сиргэ кэлэн сөҕүү бөҕөнү сөхтүлэр. Тымныы тыалтан кумуччу туттан, тэйиччи «Аэропорт Анадырь» диэн суруктаах кыра мас дьиэ диэки харбыаластылар.
Уҥуор лиман нөҥүө аҕыйах таас дьиэлэрдээх, үксэ мас тутуулардаах Анаадыр куорат тумарык быыһынан намтаан көстөр. Тула сопкалар хаарынан бүрүллэн боруһан тураллар. Киһи кутун-сүрүн баттыыр намыһах хара былыттар усталлар, үөһэттэн инчэҕэй хаар тохтоон ыла-ыла түһэр. Аэропорка киирбиттэрэ, аҕыйах айан киһитэ баар эбит. Онно аармыйаҕа баран иһээччилэр тоҕо сууллан киирэн, кыра мас дьиэ соҕотохто туола түстэ. Көтөөрү сылдьар дьон кинилэри муодарҕаабыттыы көрдүлэр-иһиттилэр. Саха уолаттара чараас таҥаһынан, үгүстэрэ бинсээгинэн, сайыҥҥы куурканан сылдьаллар. Сорох уолаттар «Маякка» баттахтарын киччэччи, тараҕай гына кырыйтаран, онтукаларын көрдөрүмээри хаһыатынан оҥостубут кумааҕы бэргэһэлээхтэр.
– Вы, ребята, из Средней Азии?.. Казахи или киргизы? – иһирдьэ баар дьон, тас көрүҥнэрин көрөн, мунааран ыйыталаспыттара.
– Нет, из Якутии… – диэн хардарбыттарыгар, соһуйбут дьон:
– Что, у вас там в Якутии разве не холодно, как у нас?..
– Нет, у нас там уже лето… Все вокруг цветет, плюс 25–28 градусов тепла… – диэн уолаттар эппиэттээбиттэригэр, хайдах эрэ итэҕэйбэтэхтии тутуннулар.
Аҕыйах бириэмэнэн өссө Ил-18 самолет Магадантан кэлэн түстэ. Ол самолетунан хаалбыт уолаттар көтөн кэлбиттэр. Бу кэлбит уолаттары кытта били патруллар гаупвахтаҕа илдьибит, Томпо уола Былааһап эмиэ баар эбит.
Аармыйаҕа баран иһээччилэри барыларын аэропорт иннигэр таһааран стройдаппыттара.
– Мантан салгыы Провидение буухтаҕа Ил-14 самолетунан көтүөххүт. Бүгүн төһө кыалларынан хас даҕаны рейси оҥоруохпут, хаалбыт уолаттар сержант Гаркушаны уонна Свинолуповы кытта манна аэропорка хонуоххут. Ол аэропорт дьиэтин утары, уулусса нөҥүө өттүгэр остолобуой баар. Онно уочаратынан бараҥҥыт, бэрээдэктээхтик аһаан кэлиҥ уонна сержаннар этиилэрин халбаҥнаабакка истэҕит. Ким бэрээдэги кэспит киһини, миэстэтигэр тиийдэххитинэ, кытаанахтык кэпсэтиэхпит, – диэн капитан Прозоров стройга турар уолаттары күүскэ сэрэттэ.
Бары тарҕаспыттарын кэннэ, сержант Гаркуша сорох уолаттары батыһыннаран остолобуойга илдьэ барда. Ананийдаах Эрчим иккиэн, тулалыыр айылҕаны сэҥээрэн көрө-көрө, аргыый аҕай хаамса сырыттылар. Тымныы баҕайы тыал сирилэччи үрэр, хаар кыыдамныыр – хайдах эрэ хобдох бороҥ хартыына. Эрчим дойдутун санаан, хайдах эрэ курус санааҕа ылларда. «Онно Сахабыт сиригэр, самаан сайын кэлээри билигин күп-күөҕүнэн чэлгийэн турдаҕа. Сыһыыга-хонууга араас дьэрэкээн тэтэркэй сибэккилэринэн киэргэнэн, күөрэгэй чыычаах дьырылас тойугунан туолан. Куула тыаҕа кэҕэ этэн чоргуйарын истэр үчүгэй даҕаны этэ. Алааска, сыһыыга, хонууга атыыр оҕустар айаатыыллар, түптэ күөх буруота унаарар. Сахабыт сирэ барахсан…»
– Дьэ, кырдьык курус көстүү. От-мас суох дойдута эбит, хаһан бу сайыннара кэлэн сылыйар буоллаҕай? – Ананий эмиэ бу хобдох көстүүнү көрөн, санаарҕаабыттыы саҥарда.
Син балачча буолан баран Ил-14 самолет кэлэн түстэ. Бастакы бөлөх уолаттары капитан Прозоров бэйэтэ салайан, Провидение буухтатыгар илдьэ барда. Кыһыл кутурук Ил-14 уһун баҕайы балаһа устун тирилээн-тарылаан сүүрэн өҥдөрүҥнээт, көтөн тахсан сопкалар быыстарынан көтө турда.
Эрчимнээх Ананий остолобуойга аһыы бардылар. Арай утары эргэ саллаат бэргэһэлээх, чараас ырбаахылаах сэргэх сирэйдээх-харахтаах уол сүүрэн тэлэкэчийэн иһэр эбит.
– Хайа доҕоор, бу тоҥмоккун дуо? – диэн Эрчимнээх соһуйан ыйыппыттарыгар, уоллара олох да үөрэн-көтөн туран:
– Кожанай кууркабын биир гражданскай нуучча киһитигэр сүүрбэ солкуобайга атыылаатым. Киһим: «Байыаннай чааска тиийдэххинэ, «дедтар» син биир былдьаан ылыахтара, хата миэхэ сүүрбэ солкуобайга атыылаа», – диэтэ. Мин уһуну-киэҥи толкуйдуу барбакка, сүүрбэ солкуобай диэн улахан харчы дии санаан үөрүүнэн атыылаан кэбистим. Саатахха, бэҕэһээ Магадаҥҥа, уолаттары кытта буфекка ыстакаанынан кыһыл арыгы атыылыылларын ылан иһэммит, патруллар харчыбытын туура тутан ылбыттара. Ол иһин аччыктааммын ыксаан, ити кууркабын атыылаатым. Итиэннэ остолобуойга баран аһаан абыранным…
– Оттон бэйэҥ ким диэҥҥиний? Хантан сылдьаҕын?
– Горнай Солоҕонуттан сылдьабын, Олег диэммин… Семенов…
– Оттон, бу саллаат бэргэһэтин хантан ыллыҥ? – Эрчимнээх сытыы-хотуу биир дойдулаахтарын сөҕөн, күлсэ-күлсэ, ыйыттылар.
– Ээ, биир чукча уолун кытта хаһыатынан оҥорбут кумааҕы бэргэһэбэр атастастым… – уоллара эмиэ күлэ-күлэ, тымныы тыалтан көмүскэнэн ыгдаччы туттан баран, аэропорт диэки сүүрэ турда.
Кэнники рейстэн хаалбыт уолаттар, аны Провидение буухтаҕа самолет көппөккө, арыаллаан иһэр сержаннары кытта хоно хаалар буоллулар. Эрчимнээх иккиэн утуйар сири булан, утуйардыы оҥоһуннулар. Олорон эрэ айан дьонун көрө-истэ олордулар. Эрчим бэркэ сэҥээрэн уонна дьиибэргээн, олохтоох омуктар таҥастарын көрдө-иһиттэ. Чукчалар саастаах, кырдьаҕас өттүлэрэ таба тириититтэн тигиллибит кухлянкаларын түүтэ бурҕаҥнаабатын диэн, тас өттүгэр араас дьэрэкээн ойуулаах сиидэс таҥаһынан, хах тигэн бүрүйэллэр эбит. Хата онтукалара бэрт сиэдэрэйдик көстөр. Ордук кинини эмээхситтэр, сааһырбыт дьахталлар сирэйдэригэр татуировкалаахтара сөхтөрдө. Ол курдук, муннуларын төбөтүттэн саҕалаан, икки күп-күөх сурааһын ойуу сүүстэринэн үөһэ тахсан, баттахтарын саҕатыгар тиийэн холбоһон хаалаллар. Уонна уостарын аллараа өттүттэн уонча көнө сурааһын сэҥийэлэрин аллараа өттүгэр тиийэн түмүктэнэллэр. Иэдэстэрин ойуута араастаан эриллэн, чэчэгэйдэриттэн үс сурааһын буолан сыҥаахтарын ортотугар тиийэн бүтэр. Уол худуоһунньук буолан ити ойуулары улаханнык сонургуу көрдө. «Индеецтэр курдук тигиилээх сирэйдээхтэр эбиттэр дуу?» – дии санаата. Ол иһин олохтоохтортон ээр-сэмээр ыйыталаһан көрдө да, күттүөннээх эппиэти ылбата. Дьон араастаан быһаарар. Сорохтор: «Ити ойуу кинилэр баай төрүттээхтэрин көрдөрөр…» эбэтэр судургутук: «Кыраһыабай буолан көстөөрү, киэргэнэн сирэйдэригэр национальнай оһуор курдук татуировка оҥортороллор…» – диэн быһааран биэрдилэр. Ону таһынан Эрчим Чукоткаҕа эскимостар олороллорун истэн наһаа соһуйда. Кини эскимостар Аляскаҕа эрэ олохтоох омуктар диэн толкуйдааҕа. Онтуката баара, манна аҥаардас эскимостар олохсуйан олорор бөһүөлэктэрэ хас даҕаны сиргэ баарын саҥа биллэ.
Сарсыныгар дьэ аналлаах сирдэригэр – Провидение буухтатыгар – көтөн тиийдилэр. Кинилэри массыыналар күүтэн тураллара.
Аэропортан айаннаан иһэн уолаттар тула өттүлэрин сэҥээрэ көрө истилэр. Күннээх сааскылыы чаҕылхай күн турар. Буухта тула өттө барыта халлааҥҥа харбаспыт таас хайалар. Уҥуоргу кытылга куораттыы тутуулаах бөһүөлэк таас дьиэлэрэ дьэндэһэн көстөллөр. Хомоҕо улахан баҕайы хараабыллар тураллар, кытыыга таһаҕас сүөкүүр кырааннар элбэхтэрэ сөхтөрдө. Бу Уһук Хоту диэки биир улахан муоратааҕы порт буолара харахха быраҕыллар. Бэтэрээ эҥээргэ барыта бачымах курдук мас дьиэлэр самналлан тураллара, арыый тэйиччи түөртүү-биэстии этээстээх таас дьиэлэр көстөллөр. Ону сержант уолаттар: «Ити пограничниктар олорор городоктара», – диэн ыйан көрдөрдүлэр. Муора кытыытыгар баһаам элбэх тимир буочука бөҕөтө, эргэ хараабыл уонна быраҕыллыбыт самолет кырамталара ыһыллан сыталлар.
Массыыналар Саха сирин кыра дэриэбинэтигэр баар мас спортивнай саалатын санатар дьиэ аттыгар тиийэн тохтоотулар. Тула сопка тэллэҕэр уһун субурҕа мас бараахтар курдук оҥоһуулаах хаһаармалар тураллар. Эргиччи барыта мас дьиэлэрдээх, кинилэр сулууспалыахтаах байыаннай чаастара эбит.
Кэлин билбиттэрэ, Аҕа дойду Улуу сэриитэ бүппүтүн кэннэ Сэбиэскэй Сойуус уонна Эмиэрикэ икки ардыларыгар «тымныы сыһыан» олохтоммутун түмүгэр, «Аляска өттүттэн Эмиэрикэ сэриинэн саба түһүөҕэ» диэн өйдөбүлтэн, дьоппуоннары утары сэрии бүтээтин кытта, Рокоссовскай десантнай чааһын Провидение буухтатыгар көһөрөн аҕалан, байыаннай базаны тэрийэргэ быһаарыммыттар. Ол түмүгэр, билигин бу байыаннай чаас турар Урелики бөһүөлэгэр 1946 – 1947сс. баһаам элбэх байыаннай сэбилэниилээх күүстэр түмүллүбүттэр эбит.
Эрчимнээх «приемник» буолан турар спортсаалаҕа киирдилэр. Бэҕэһээ кинилэр иннилэринэ көтөн кэлбит уолаттар, хайыы-үйэҕэ байыаннай таҥаһы кэтэн хааман-сиимэн чиккэҥнэһэ сылдьаллар.
– Оо, молодойдар кэллилэр… – диэн уолаттар, кинилэри күлсэ-салса, дьээбэлэһэ көрүстүлэр.
Саала икки өттүнэн этээстээх тимир ороннор кэккэлээбиттэр. Хаҥас өттүгэр Саха сириттэн кэлбит призывниктар, уҥа өттүгэр Иркутскай уобаластан ыҥырыллан кэлбит нуучча уолаттарын сытар гына дьаһайбыттар.
Сотору Эрчимнээҕи барыларын стройдатан баанньыкка илдьэ бардылар. Таһырдьа төһө да ылааҥы сааскы күн турдар, тула барыта хаар. Сорох сиринэн дьиэлэр үрүттэригэр тиийэ хаарынан бүрүллэн тураллар.
Эргэ мас баанньык дьиэҕэ тиийэн иһирдьэ симиллэн киирдилэр. Иккис сылын сулууспалыы сылдьар саллааттар саҥа аармыйаҕа ыҥырыллан кэлээччилэри кэтэһэ сылдьаллар эбит. Таҥастарын устан сыгынньахтаналларын кытта, арыый сэнэх соҕус гражданскай таҥастары үллэстии саҕаланна. Эдэр уолаттар сөрүүн соҕус суунар сиргэ киирэн, тымныы диэбэккэ син балачча мүлүркэй соҕус уунан суунан булумахтаннылар. Ол кэнниттэн бүтэн тахсыбыттарыгар, кырдьаҕас прапорщик, хас биирдиилэриттэн кээмэйдэрин ыйыта-ыйыта, сабыс-саҥа байыаннай таҥастары үллэрэн биэртэлээтэ. Уолаттар түргэн үлүгэрдик, бэйэлэригэр сөптөөх таҥаһы булан ылан, бастарыттан атахтарыгар диэри таҥна оҕустулар. Байыаннай таҥаһы таҥнан тас көрүҥнүүн, быһыылыын-таһаалыын уларыйа түстүлэр.
– Билигин «войсковой приемникка» тиийэн бараҥҥыт, хас биирдиигит хлорканан байыаннай чааскыт нүөмэрин, ааккытын-суолгутун бэргэһэҕитигэр, синиэлгитигэр, гимнастеркаҕыт ис өттүгэр суруйан бэлиэтиигит. Биир ый устата карантиҥҥа олороҕут, «эдэр байыас курсун» барыаххыт. Эһиги сулууспалыыр чааскыт радиотехническэй чаастарга киирсэллэр. Онон, радиотелеграфист, РЛС оператора, планшетист идэлэрин сулууспалыыр кэмҥитигэр баһылыахтааххыт. Полка штаба бу Урелики бөһүөлэгэр баар, байыаннай бирисээгини ылбыккыт кэннэ, байыаннай чаастарга сыһыаннаах туочукаларга эһигини тарҕатыахтара. Сорохторгут манна полкаҕа сулууспалыы хаалыаххыт… – прапорщик барыларыгар өйдөнөр гына быһааран биэрдэ.
Ол кэнниттэн сержаннар хамаандаларынан, стройдаан чиҥ-чиҥник хааман, спортсаалаҕа төнүннүлэр.
Дьэ, бу күнтэн ыла дьиҥнээх байыаннай олох саҕаланна. Киэһэ аайы сержаннар «Отбой» хамаанда биллэрдилэр эрэ, 45 сөкүүндэ иһигэр тас таҥаскын уһула охсоот, гимнастеркаҕын уонна бүрүүкэҕин бэрээдэктээн олоппоско уура охсон, суорҕан анныгар сылбырҕатык киирэҥҥин сытар буолуохтааххын. Биир эмэ киһи ити этиллибит бириэмэҕэ кыайан сыта охсубатаҕына, сержаннар хаттаан: «Подъем!» диэн хамаанда биэрэллэр. Хайыаххыный, хаттаан ойон туран таҥнан хачыгырыйаҕын уонна стройга бэйэҥ миэстэҕин буларга тиэтэйэҕин. Биир эмэ мөдөөт, бытаан киһи баар буоллаҕына, хастыыта эмэ оҥортороллор. Искэр ол кыаммат уолаттарга кыһыйан киҥиҥ-наарыҥ холлор даҕаны, хайыыр да кыах суох. Сороҕор иккис сылын сулууспалыыр сержаннар, соруйан кэһэтэ түһээри кыраны да сыыстахтарына, хос-хос оҥортороллор. Сарсыарда эрдэ «Подъем!» хамаанданан ойутан туруораат, үс биэрэстэлээх сиргэ баар аэропорка диэри сүүрдэллэрэ. Онтон төттөрү эмиэ үс биэрэстэни сүүрэн кэлиэххэ наада этэ. Үгүстэргэ, дьиэлэригэр көҥүл босхо сылдьыбыт дьоҥҥо, ыарахан киирсэ саппыкынан ити этиллибит сири сүүрэн кэлиэх диэтэххэ, наһаа чэпчэкитэ суоҕа өйдөнөрө. Күнүһүн плацка таһааран строевойунан хаамтараллар, чиэс биэрэргэ, уҥа-хаҥас хамсанарга үөрэтэллэр.
Арай биир күн полкаҕа баар саллааттары барыларын плацка таһааран стройдаттылар. Биир холуоннанан стройдаан турар саллааттар иннилэригэр, полка хамандыыра полковник Большелапов хас даҕаны эписиэр арыалдьыттаах тиийэн кэллилэр. Строй иннигэр кэлэн тохтуулларын кытта, икки СКС карабиннарын санныларыгар сүгэ сылдьар саллааттар биир азиат сирэйдээх киппэ кыра уҥуохтаах саллааты уонна уһун эдэр нуучча уолун арыаллаан илдьэ кэллилэр. Тутуллан кэлбит уолаттар иккиэн кура суохтар, илиилэрин кэннилэригэр тутта сылдьаллар. Таҥастара-саптара буорайбыт, сирэйдэрэ-харахтара холлон умса көрө сылдьаллар. Олору саҥа ыҥырыллан кэлбит, стройга турар призывниктар олус соһуйа уонна дьулайа көрдүлэр-иһиттилэр.
– Полк, равняйсь!!! Смирно!!! Равнение на середину!!! Вольно… Бары көрөн кэбиһиҥ! Бу эһиги инникигитигэр икки беспредельщиктар тураллар… Сэбиэскэй Аармыйа саллаатын чиэһин түһэн биэрбиттэр… Кинилэр иккиэн «Усть Белая» туочукаҕа сулууспалыы сылдьан, байыаннай устаабы кэһэн, саҥа ыҥырыллан сулууспалыы кэлбит саллааттары атаҕастаабыттар. Устааптан тахсар дьайыылары оҥорон кырбаталаабыттар, эт-хаан өттүнэн эчэппиттэр… Бу эһиги иннигитигэр турар рядовой Титигиров, улахан тустуукпун уонна боксербын дии-дии, эдэр саллааттары охсубут, тэппит… Бачча кыра киһи хантан тустуук, боксер буолуоҕай? – полковник Большелапов инньэ диэн баран, азиат сирэйдээх уолу инники таһаарда.
Ол кэнниттэн полка саамай уһун, икки миэтирэлээх Бурляев диэн уолун ыҥыран таһааран, Титигиирэби кытта кэккэлэһиннэрэ туруорда. Онуоха быдан уһун Бурляевы кытта тэҥнээтэххэ, анараа уол кинини быһар быһаҕаһынан сылдьара, санныгар даҕаны тиийбэт.
– Көрөн кэбиһиҥ, ордук эдэр саҥа сулууспалыы кэлбит призывниктар. Бу бачча кыра киһини рядовой Бурляев оройго биэрдэҕинэ сөп оҥорор. Киһитэ дөйөн баран, ол кэнниттэн аны хаһан даҕаны «молодойдары» тыыппат гына өйдөнүөхтээх. Онон, эһиги эдэр саллааттар, саҥа сулууспалаан эрэр призывниктар, маннык «самозванецтартан» толлумаҥ, кинилэргэ сөптөөх харданы биэрдэххитинэ, тута өйдөнүөхтэрэ уонна кими даҕаны тыыппат буолуохтара… – полковник ити кытаанах этиитин истэ-истэ, стройга турар саллааттар күлсүү-салсыы бөҕөтө буоллулар.
Ол аайы Бурляев аттыгар турар Титигиирэби сэнээбиттии үөһэттэн аллара көрөн ылла.
– Кинилэри Байыаннай трибунал сууттуохтаах этэ. Ону биһиги, эдэрдэрин уонна икки сылларын толору сулууспалаабыттарын учуоттааммыт, дисбатка түбэһэн барыахтаахтарын тохтоттубут уонна дембеллэнэн дьиэлэригэр баралларыгар кыах биэрдибит. Биир ый гауптвахтаҕа сыппыттарын ааҕан туран бүгүн босхолуубут. Ону таһынан дьиэлэригэр барыахтарыгар диэри биир нэдиэлэ устата куукунаҕа нэрээккэ сылдьалларыгар быһаардыбыт. Иккиэннэрин обслуживание ротатыгар олохтуурга уонна аһылыкка довольствиеҕа туралларыгар бирикээс таҕыста… – полковник Большелапов, стройга турар саллааттар бары истэллэрин курдук, доргуччу бирикээһин иһитиннэрдэ.
Ити кэнниттэн, арыаллыы сылдьар эписиэрдэрин кытта штаб дьиэтин диэки хаамса турдулар.
Икки харабыл саллааттар, буруйдаах уолаттар босхоломмуттарын истээт, эмиэ эргиллэн дьуһуурустубалыыр сирдэригэр бардылар. Титигиирэптээҕи полка хамандыырын быһаарыытынан, обслуживание ротатын старшината прапорщик Мальцев салайан куукунаҕа илтэ.
Полка саллааттара бары тарҕаспыттарын кэннэ, сержаннар призывниктары хаалларан плацка строевой хаамыыга дьарыктаатылар. Ону таһынан плац тула сүүрдэн, спортивнай снарядтарга илдьэн, турникка тардынарга эҥин үөрэттилэр.
Киэһэ уолаттар остолобуойга аһаан баран, иллэҥ бириэмэ көстүбүччэ, бүгүҥҥү күннээҕи сонуннарын ыһа-тоҕо кэпсэттилэр:
– Ити Титигиирэп диэн саха уола үһү… Хоту ханнык эрэ оройуонтан сылдьар диэтилэр, сахалыы билбэт. Наар нууччалыы эрэ кэпсэтэр эбит…
– Дьиҥнээхтик Хабаровскайга спортротаҕа сулууспалаабыт, ол сылдьан эмиэ баппакка, манна түҥкэтэх сиргэ Чукоткаҕа, соруйан кэһэйдин диэн «сыылкаҕа» ыыппыттар. Бэйэтэ Саха сиригэр биллэр-көстөр боксер эбит, тустуунан эмиэ дьарыктаммыт. Киэһээ аһылык кэнниттэн таһырдьа тахсан табахтыы турдахпытына, биир Усть Белайга сулууспалаабыт нуучча уола кэлэн биһигини кытта кэпсэттэ: «Эһиги сахаларгыт дуо? Сэрэнэн сылдьыҥ, «Усть Белай» туочукаҕа тиийдэххитинэ, земляккыт ити быһыытын иһин анараатах баар атаҕастаммыт уолаттар иэстэһэллэрэ буолуо…»
– Чахчы, ити Кемеровоттан сылдьар табаарыһыныын наһаалаабыттар. Биһиги уолбут Самохвалов диэн адъютаннаах үһү, «молодой». Кини таҥаһын-сабын устар, көрөр-харайар киһи. Бэйэтин «Султан» курдук бырастыынаҕа көтөҕө сылдьаллар үһү, аһын оронугар аҕалан биэрэллэр дииллэр.
Сорох уолаттар ити истибиттэрин соччо итэҕэйбэтилэр, сымыйанан омуннаан кэпсииллэрэ буолуо дии санаатылар.
– Эс, наһаа үлүннэрэн кэпсииллэрэ буолуо? Ама аармыйаҕа, кини да буоллар, хайдах инньэ гыныаҕай?
– Кырдьык дииллэр, оннооҕор манна гауптвахтаҕа сытан, «молодой харабыл уолаттары гоняйдаан» сөптөрүн көрдөрбүт курдук кэпсииллэр.
Итинэн мөккүөрдээх кэпсээн намыраан бүттэ. Ол эрээри сарсыныгар өссө күүркэтиилээх кэпсээн байыаннай чааһы тилийэ көттө: «Титигиирэптээх куукунаҕа нэрээккэ сылдьан, иһиттэрин сууйан, хомуйан бүтэн, киэһэ хойут хонор сирдэригэр хаһаарымаҕа тиийбиттэр. Ити кэмҥэ Бурляевтаах, «дедтар» кыратык «аһаан» баран, утуйбакка кинилэри кэтэһэ сылдьыбыттар. Уолаттар хаһаармаҕа киирэн утуйар хос диэки баран истэхтэринэ, бытовой хос ааныгар турар хас да уол быыһыттан: «Эй, чурки, подойдите сюда…» – Бурляев сэнээбиттии ыҥыран ордоотообут. Титигиирэптээх иккиэн эргиллэ түһээт, бытовой хоско уонча буолан мустан олорор «дедтарга» киирэн кэлбиттэр: «Кто здесь против дембелей пасть открывает?! Ты, что ли, хлыст?!» – Титигиирэп Бурляевка ыкса ынан тиийэн, хантайан туран эрэ ыйыппыт. Бурляев онуоха уолаттарыгар тэбиэһирэн, маатырылыы түһээт, Титигиирэби охсон кууһуннарбыт. Онуоха биирдэрэ эмискэ хаптас гынан аһаран биэрээт, аллараттан үөһэ киһитин сыҥаахха «апперкоттаан» саайбытыгар, уһун баҕайы уол түөрт лабаата адаарыйан, дөйөн сууллан түспүт. Титигиирэп бириэмэни сүтэрбэккэ, өмүтүннэрэн саамай доруобай уолларын быарга саайан баран, хаҥас илиитинэн сыҥааҕар охсон «боковойдаан» кэбиспит. Ону эрэ кэтэспэккэ турбут уол, охсуллубут от курдук миэстэтигэр «накыс» гынан охтон түспүт.
– Ну, кто следующий?! – дии-дии, Титигиирэп охсуһаары тула тэлэкэчийэ сылдьыбыт.
Ол кэмҥэ аргыһа икки уолу быһыта тэбиэлээн түһэртээбит. Атыттар, ыксал бөҕөнөн үрүө-тараа ыстанан, куотар аакка барбыттар.
Ону истэн, призывниктар бары: «Дьэ, кырдьык, кытаанах уолаттар эбит…» – диэн, сөхпүттэрин биллэрдилэр.
Аҕыйах хонон баран, арай биир күн уолаттар «приемникка» киирэн:
– Титигиирэптээх кэлэн, форма көрдөһө сылдьаллар… – диэн өрүкүнэһэн кэпсээтилэр.
Иһирдьэ баар уолаттар ону истэн, таһырдьа таҕыстылар, Эрчимнээх Ананийдыын кинилэри батыстылар. Титигиирэптээх иккиэн табаарыһыныын тураллар эбит. Куукунаҕа сылдьар буолан, параднай формалара арыы-сыа бөҕөтө буолбут. Саха уола кыра буолан баран киппэ, толору эттээх-сииннээх. Киһи мыына көрбөт бөҕө көрүҥнээх уол эбит. Кэтит санна байыаннай форматын тиирэ тэбэн киэптии сылдьар. Аргыс нуучча уола сирэй-харах сытыы-хотуу, тутта-хапта даҕаны сылдьара мээнэ баттаппат, атаҕастаппат көрүҥнээх.
– Братцы, кто даст мне, дембелю, свою форму?! Есть такие? Я думаю, вы слышали, в какую передрягу мы попали? Выручайте своего земляка, завтра мы уезжаем домой, а в каком виде мы появимся там, сами посудите, – Титигиирэп тулалаан турар саллааттары кэриччи көрүтэлээтэ.
Кини эдэр уолаттар хайдах эрэ дьик-дьах тутталларыттан сабыс-саҥа формаларын уста охсон биэрэллэрин ыарырҕатталларын тута сэрэйдэ:
– Ясно, правильно делаете. Ничего, мы у «дедов» попросим, они нас поймут. Дембелей не обидят, иначе по-другому поговорим… Ребятки, никому не давайте спуску! Мы же родом из гордого народа «урааҥхай!» Помните об этом! – Титигиирэп, этэрбин эттим диэбиттии, киһитин санныга «лап» гына охсоот, аргыый аҕай эргиллэн, бара турда…
* * *
Уолаттар «приемникка» олорбуттара хайыы-үйэҕэ ый кэриҥэ буола оҕуста. Кинилэр «Эдэр байыас» кууруһун ааһан, бирисээгэ ылбыттарын кэннэ, бары сулууспалыыр сирдэригэр бараары оҥосто сылдьаллар. Радиотехническэй чаастар Чукотка былаһын тухары киэҥ сиринэн тарҕанан олохсуйбуттар этэ. Сүрүн сыаллара – Берингов силбэһик нөҥүө өттүгэр баар Эмиэрикэ кыраныыссатын халлаанынан кэтээһин. Кырдьаҕас саллааттар этэллэринэн, «Воздушные пограничники» диэн үрдүк ааты сүгэллэрэ. Ол курдук, кинилэр «Урелики», «Марс», «Останец», «Нунлингран», «Уэлькаль», «Пупок», «Угольные копи», «Шахтерская», «Берингово», «Красная Яранга», Хотугу Муустаах муора өттүгэр «Лаврентия», «Уэлен» туочукаларга тарҕаһан, сулууспалыахтаахтар. Бирисээгэ ылыахтарын иннинэ, Дьокуускайтан кинилэри аҕалтаабыт полковой кулууп начаалынньыга капитан Прозоров кэлэ сырытта.
– Рядовой Эрчим Быганов, после «Военной присяги» сразу подойдете ко мне в клуб. Вас назначили художником полка и служить будете под моим чутким руководством, – капитан Эрчими эрдэттэн билэр киһи быһыытынан, күлэ-күлэ, эттэ.
Ол кэнниттэн управление ротатыгар олоруохтааҕын, онно командирдары кытта кэпсэппитин иһитиннэрдэ.
Инньэ гынан, Эрчим Петров Колялыын аҕыйах хоноот, биир бастакынан чугас турар управление хаһаарыматыгар таҕыстылар. Өрдөөҥҥү баҕайы, киһи кутун-сүрүн баттыыр уһун субурҕа бараах курдук тутуулаах, намыһах мас хаһаарыма эбит. Иһирдьэ киирбиттэригэр, дневальнай нуучча уола: «Молодойдар кэллилэр!» – диэн үөрэ-көтө көрүстэ.
Хаһаарымаҕа сорох уолаттар, түүҥҥү дьуһуурустуба кэнниттэн, утуйа сыталлар. Атыттар ким сибиитэрэлээх, ким тельняшкалаах хаамса сылдьаллар. Эрчимнээҕи рота старшинатыгар прапорщик Барсуковка киллэрдилэр. Прапорщик бэйэтин кыараҕас хоһугар, остуол нөҥүө олорон, улахан «амбарнай кинигэҕэ» кинилэр ааттарын-суолларын, хантан сылдьалларын бэлиэтэннэ, күннээҕи бэрээдэги тутуһарга кытаанах «инструктаж» биэрдэ уонна батыһыннаран илдьэн, бастаан «каптеркаҕа» сорох малларын уурдарда, ол кэнниттэн ороннорун көрдөрдө. Киэһэ «отбой» кэнниттэн «фазаннар» кинилэр иннинээҕи сыл аҥаардаахтары уонна Эрчимнээҕи балачча уһуннук «отбивайдаатылар». Ону таһынан сарсыарда муоста сууйуутугар уонна киэһэ «отбой» кэнниттэн остолобуойга баран, хортуоппуй хастааһыныгар дьуһуурустубаҕа туруордулар.
Уолаттар сарсыарда «Подъем» кэмигэр турбуттара, арай олоппоско уурбут сабыс-саҥа формаларын оннугар эргэ кирдээх саллаат таҥастара сыталлар. Ону көрөн Коля, күлэ-күлэ, эргэ таҥаһы кэтэ олорон:
– Хата кырдьаҕас саллааттар курдук көстүөхпүт, – диэбитин Эрчим хайдах эрэ сонньуйа иһиттэ.
Аармыйа түбүктээх олоҕо саҕаланна, хас сарсыарда аайы – муоста сууйуута. Киэһэ «отбой» кэнниттэн – остолобуойга хортуоппуй хастааһына. Коля «планшетист» идэтигэр үөрэниэхтээҕэ, ол эрээри кинини команднай пууҥҥа тиийдэҕинэ, «молодой» саллаат буолан, тулууп кэтэрдэн, таһырдьа аан таһыгар харабылга туруораллар.
Эрчим кэнникинэн уола, түүн аайы аанньа утуйбакка, «аах-маах» барыах курдук буолбутун көрөн ыксаата. Киһитэ ханна эмэ өйөннөр биитэр олоро түстэр эрэ, утуйа сылдьар буолан хаалла. Арай биир күн Колята кэлэн: «Войсковой приемникка» баар уолаттарга ыҥырдылар», – диэтэ. Онтон киэһэ кэлэн, соһуччу үөрүүлээх сонуну иһитиннэрдэ:
– Эрчим, биһиги төрдүө буолан Владивостокка повар үөрэҕэр үөрэнэ, сыл аҥаара учебкаҕа барар буоллубут. Миигин кытта Маҕарастан Контоев Борис, Солоҕонтон Васильев Коля уонна Амматтан Устинов Ганя бараллар. Бирикээспит тахсыбыт, онон билигин «Войсковой приемникка» тахсабын. Сарсын айанныыгыт диэтилэр.
Эрчим ону истэн, «Ок-сиэ, уолаттар абыраммыттар. Сыл аҥаара бэртээхэй сиргэ баран, учебкаланар буолбуттар», – диэн хайдах эрэ уолаттары ордугургуу санаата. Коля үөрбүт-көппүт көрүҥүн, сирэйэ-хараҕа сырдаабытын көрөн эмиэ да астынна. Иккиэн куустуһан араҕыстылар:
– Чэ, Коля, кытаат! Уолаттарга эҕэрдэ, сыл аҥаара буолан кэллэххитинэ, повар уолаттар убайгытын үчүгэйдик хадаҕалыыр инигит… – диэн баҕа санаатын этэ хаалла.
Эрчим аан бастаан тиийэн баран, кулуубу наһаа сөҕө санаата. Саха сирин уһук дэриэбинэтин кыра кулуубун санатар мас дьиэ сопка тэллэҕэр, сыыр курдук сиргэ, уһун кирилиэһинэн таҕыстаххына турар эбит. Иһирдьэ капитан Прозоров кэбиниэтин ыйдаран, ааны тоҥсуйан киирдэ уонна сулууспалыы кэлбитин туһунан доргуччу байыаннайдыы «араапардаата». Леонид Яковлевич утары кэлэн илии тутуһан туран:
– Садись, сейчас познакомлю с вашими сослуживцами.
Ол кэнниттэн биир уолу ыҥыран ылан, бары мусталларыгар дьаһайда.
Сотору бары мустубуттарын кэннэ, биир-биир туруоран билиһиннэрбитинэн барда:
– Васильев Валентин – Волгоградтан сылдьар, үрдүк үөрэхтээх, биир сыл сулууспалыыр – уус-уран салайааччы уонна почтальон.
– Таран Виктор – Хабаровскай куораттан сылдьар – ефрейтор, киинэмэхээнньик, иккис сылын сулууспалыыр.
– Дяткин Иван – Иркутскай уобалас Тайшетскай оройуонун Патриха дэриэбинэтиттэн сылдьар – рядовой, киинэмэхээнньик, сыл аҥаара сулууспалаата.
– Весин Иван – рядовой, Москва куораттан сылдьар – КЭТ4 ротаҕа сулууспалыыр, хачыгаар.
Капитан Прозоров ити курдук Эрчимҥэ бииргэ сулууспалыахтаах уолаттарын билиһиннэрдэ. Ол кэнниттэн, уталыппакка:
– Пойдем, покажу твою художественную мастерскую, – диэт, батыһыннаран бэйэтин кэбиниэтин кытта кэккэлэһэ турар ааны арыйан, мастарыскыай гына оҥоһуллубут, балачча киэҥ хоско киллэрдэ.
Уһун баҕайы уруһуйдуурга аналлаах остуол, ону кытта кэккэлэһэ утары истиэнэҕэ элбэх баҕайы араас оҥоһуулаах ыскааптар, дермантин бүрүөһүннээх обургу соҕус эргэ дьыбаан бааллар эбит. Мас араамалары холбуурга туттуллар килиэйи оргутарга аналлаах электроплитка турар кыра остуола турар. Ыскааптары арыйталаан, онно эҥин араас гуашь, акварель, маслянай кырааскалар араастара тюбиктаах, бааҥкалаах кэккэлээн туралларын көрдөрдө. Ватман кумааҕылары, рулон хордуоннары, киипэнэн эриллэ сылдьар кыһыл таҥастары көрөн, Эрчим ымсыыра санаата: «Оо, дойдубар маннык дэлэй матырыйаал баар буолбат ээ!»
– Вот, все твое богатство. В основном, будете оформлять Ленинские комнаты и комнаты Боевой славы. По праздникам и красным датам в обязательном порядке требуется от вас оформление нашего Дома культуры лозунгами, плакатами и красными флажками.
Ол кэнниттэн капитан манна Сюляев диэн Красноярскайтан сылдьар, онно дойдутугар художественнай училищены бүтэрбит уол сулууспалаабытын, быйыл саас дембеллэнэн дойдулаабытын аҕынна. Уонна биир сүрүн үлэнэн моржа аһыытын выжигателинэн уруһуйдаан, сувенир оҥоруута буоларын сырдатта.
– Сюляев не справился с такой задачей. Но надеюсь, ты, северянин, привычен к такому ремеслу?
– Товарищ капитан, к сожалению, я не косторез. И у нас, в Якутии, моржи не водятся. Но наши мастера изкостей изготавливают разные сувениры. Мне бы посмотреть, как нанести рисунки на клыки… Объяснили бы, тогда можно будет пробовать. Почему бы нет?
Капитан салгыы ити туһунан кэпсэтии барбытын, манна управлениеҕа Леонтьев диэн моржа аһыытын оҥорор уоллаахтара сотору дембеллэнэн дойдулуохтааҕын, ол иннинэ Эрчими моржа аһыытын выжигателинэн сиэтэн уруһуйдуурга үөрэтиэхтээҕин кэпсээтэ. Моржа аһыытын оҥоруу уол сүрүн үлэтэ буоларын тоһоҕолоото. Ол курдук, байыаннай чааска алта ый буола-буола кыбаарталга биирдэ хайаан даҕаны учебнай үөрэхтээһин барар эбит. Онно Уһук Илиннээҕи байыаннай уокуруктан тиийэ бэрэбиэркэлии, үрдүк дуоһунастаах хамыыһыйа чилиэннэрэ кэлэн, чаас үлэтин-хамнаһын көрөн-истэн, сыаналаан баралларын, ол дьоҥҥо сувенир быһыытынан, моржа аһыыларын ойуулаан-дьарҕаалаан бэлэхтииллэрин иһитиннэрдэ. «Төһөнөн сиэдэрэй сувениры биэрэбит даҕаны, үлэбит-хамнаспыт сыанабыла эмиэ онно тэҥнэһэр. Кытаатан, ону үчүгэйдик өйдөө! Сулууспа барыта – ити мин эппит үлэлэрбин төһө үрдүк таһымнаах гына оҥороҕун да – онтон тутулуктаах. Үлэҥ барыта үчүгэйинэн сыаналаннаҕына, биир сылынан дьиэҕэр уоппускаҕа баран кэлиэххин сөп», – капитан Прозоров эдэр саллаакка, ыраахха диэри өйдөнөр гына «наставление» биэрдэ.
– Понял, товарищ капитан, рад стараться! – Эрчим чиэс биэрэн баран, инникитин тугу үлэлиэхтээҕин билбит киһи быһыытынан, Леонид Яковлевич диэки сэргэхтик көрөн турда.
Кини бэйэтин санаатыгар, уруһуй чааһын хайдах баҕарар оҥорор кыахтааҕа.
– Молодец, рядовой Быганов, думаю, общий язык мы найдем, – капитан астыммыт киһилии, Эрчим ытыһын ыга тутта.
Уонна уол сулууспата өссө биир уратытын бэлиэтээтэ: Эрчим байыаннай чаастар ханна олохсуйан турар туочукаларыгар, Чукотканы биир гына үксүн командировкаҕа сылдьыахтаах эбит. Онно баран, хас байыаннай чаас аайы политруктор быһаччы дьаһалыгар киирэр. Капитан эппитин курдук, Ленинскэй хостору, Бойобуой Албан аат хосторун саҥардыахтаах. Сорох туочукаларга хаттаан саҥалыы оҥорору ирдэниллэрин кистээбэтэ. Оттон манна полкаҕа быһаччы политотделга бас бэринэрин, кинилэр ханна ыыталлар да, онно барарын капитан эдэр саллаакка үлэтин хайысхатын өссө төгүл чопчулаан быһааран биэрдэ.
Эрчим ити этиини астына иһиттэ, «хата сири-дойдуну көрөн хаалыыһыбын» диэн судургутук санаата. Кини хантан билиэҕэй, икки сыл устата төһөлөөх уһун айаннары араас самолеттарга олорон айанныахтааҕын. Тоҥон-хатан, уһун буурҕаларга аэропортарга хаайтарыахтааҕын. Биитэр командировкаҕа тиийбит байыаннай чаастарыгар ыйы-ыйдаан тыал-куус, буурҕа ааһарын кэтэһиэхтээҕин…
Эрчим Коля барыаҕыттан ыла соҕотохсуйан, бириэмэ буллар эрэ, «приемникка» тиийэр. Чаастарыгар өссө да ананан бара илик саллааттары кытта сэлэһэн, көрсөн кэлээччи. Бүгүн эмиэ уолаттарга тиийэ сырытта, манна барыта ким ханна барыахтааҕын, хайдах сиргэ-уокка тиийэллэрин туһунан кэпсэтии буолар. Сорохтор Эрчимҥэ ымсыыра саныыллар: «Эн полкаҕа сулууспалыы хааллаҕыҥ. Абыраммыт киһигин, талааннаах буолаҥҥын худуоһунньуктуур буоллаҕыҥ дии… Оттон биһиги хайдах сиргэ-уокка тиийэбит? Манна сорох уолаттар «алдьархайдаах крутой туочукалар бааллар үһү», – диэн куттууллар».
Эрчим Анаадырга сылдьан билсибит били саллаат бэргэһэлээх сытыы-хотуу уолу көрсө түстэ:
– Олег… Семенов Олег диэн этиҥ дии? Хайа, ханнык туочукаҕа барар буоллугут? – байыаннай таҥаһы кэтэн, сирэйэ-хараҕа өссө сытыырхайбыт көрүҥнээх уолтан ыйытта.
– Ээ, эн Эрчимҥин дуо? Манна полкаҕа худуоһунньугунан хаалбыккын истибитим. Биһиги алтыа буоламмыт олох уһук, Муустаах муора кытыытыгар саамай түгэх сиргэ баар Уэлен диэн бөһүөлэккэ баар туочукаҕа тиийэр үһүбүт. Биир дойдулааҕым Егоров Коля, Күөрэлээх уола, уонна Алексеев Петя диэн эмиэ саха уола, Кулаков Володя, Шулянскай Коля – нуучча уолаттара уонна Элли Вася диэн ниэмэс уола бааллар. Элбэхпит, онон наһаа баттаппакка, көрүнэ сылдьар инибит, – дии-дии, Олег күллэ, үөрдэ-көттө.
– Оннук, бэйэҕит призывкытыттан элбэх эбиккит. Онон, кыра туочукаҕа наһаа атаҕастаппат инигит. Дьэ, кытаатыҥ, баҕар, командировкаҕа тиийэ сылдьыаҕым, – Эрчим уолу кытта ыга куустуһан, эйэргэһэн араҕыстылар.
Онтон «Маяктан» бииргэ аргыстаспыт доҕорун Ананийы көрсө түһэн туоһуласта, киһитэ:
– Пока ханна барарым биллибэт, манна биир спортинструктор капитан Сафаров анаан-минээн көрсөн: «Баҕар, полкаҕа илдьэ хаалыахпыт этэ», – диэбитэ. Волейболист уолаттары сүүмэрдии сатыыр эбит. Хаста даҕаны маннааҕы, полкаҕа сулууспалыы сылдьар, уолаттардыын волейболлуурбун көрбүтэ. Сэҥээрбит быһыылааҕа. Оттон бэйэм Майаҕа оскуолаҕа үөрэнэ сылдьыахпыттан мээчиктиибин. Ухта куоракка устудьуоннуу сылдьаммын волейболунан, баскетболунан дьарыктаммытым.
– Оо, манна хааларыҥ буоллар, наһаа да үчүгэй буолуо этэ, бииргэ сулууспалыа этибит. Били ротаҕа миигинниин барсыбыт Петров Коля поварга үөрэнэ барбыта. Онон, соҕотох «молодой» хааллым, уустук соҕус буолсу. Кулуупка сулууспалыыр буоламмын үчүгэй. Кытаат, хаала сатаа.
– Оо, ол миигиттэн тутулуга суох буоллаҕа дии… Дьиҥэр, хаалар киһи үчүгэй буолуо этэ, биир дойдулаахтар иккиэн бииргэ сылдьыа этибит… – Ананий дьиҥ санаатын эттэ.
Эрчим иһигэр эрэл санаалаах, доҕорун кытта быраһаайдаһан баран, хаһаарыматыгар таҕыста.
* * *
Бүгүн эмиэ Эрчим киэһээ аһылык кэнниттэн, хаһаарымаҕа сылдьаат, үгэһинэн, «приемникка» тиийдэ. Күн аайы уолаттар үстүү-түөртүү, сороҕор биэстии буолан анаммыт туочукаларыгар тарҕаһан иһэллэр. Аҕыйах хонуктааҕыта биир дойдулааҕа Чурапчы уола Егоров Петя, Кулаартан Неустроев Олег, Горнайтан Павлов Николай, Варламов Степан, Григорьев Петя буолан «Берингово» туочукаҕа сулууспалыы көппүттэрэ. Киһи биллэ аҕыйаабыт. Хата, Ананийы көрүстэ:
– Хайа, туох сонун? Ханнык туочукаҕа сулууспалыы барар буоллугут?
– Бу Колялыын иккиэн «Нунлингран» диэҥҥэ барар үһүбүт, – биир хатыҥыр уолу ыйан көрдөрдө.
– Оленов Коля диэммин, Горнайбын. Бэрдьигэстээхтэн сылдьабын, эн дойдугар Чурапчыга СПТУ-га үөрэнэн тырахтарыыс идэтин баһылаабытым.
– Хайа, доҕоор, Одьулууҥҥа СПТУ-га үөрэммитиҥ дуо? – Эрчим сэргэхсийэ түстэ.
– Оннук. Одьулуун СПТУ-тун бүтэрэн бараммын, Бэрдьигэстээххэ, промбыткомбинакка тырахтарыыстыы сылдьан аармыйаҕа ыҥырыллыбытым.
– Олох да биир дойдулаах эбиппит дии… – Эрчим уолу кытта илии тутуста.
– Оччоҕо хаһан барыах курдуккутуй? Ананий, эн биһикки баҕа санаабыт туолбатах, бииргэ сулууспалыахпыт диэбиппит табыллыбатах дии… – Эрчим хомойбуттуу, тыл ыһыгынна.
– Биллибэт ээ, погода үчүгэй буоллаҕына аҕыйах хонугунан көтөр инибит. Дьэ, кырдьык, баҕа санаабыт туолбата. Хайдах гыныахпытый… Туох диэн бирикээстииллэр да, ону толорор буоллахпыт, – Ананий атын сиргэ барарыттан санаата түспүт киһилии, бэйэтэ да хаһан барарын кэтэһэ сылдьар буолан, судургутук эппиэттээтэ.
– Чэ, кытаатыҥ, үчүгэйдик сулууспалааҥ… Көрсүөххэ диэри, – Эрчим уолаттары кытта быраһаайдаһан илии тутуста…
Провидение буухтаҕа хас да хонугу быһа намыһах былыттаах ардахтаах күннэр турдулар. Уреликига баар аэропортан биир даҕаны самолет да, вертолет даҕаны көппөтө. Арай бүгүн халлаан арыый дьайҕаран, былыттар бысталанан, кыралаан күн тыкта. Провидение буухтаны тула үмүөрүһэн турар үрдүк хайалар чыпчааллара, сопкалар оройдоро халыҥ хаарынан бүрүллэн турар төбөлөрө сырдаан көстөр буолбуттара. Уолаттар «приемникка» сарсыарда эрдэ туран, стройынан полка остолобуойугар аһаан кэллилэр. Сотору буолан баран биир эдэр сылбырҕатык туттубут-хаптыбыт старшай лейтенант спортсаалаҕа киирэн:
– «Нунлингран» туочукаҕа сулууспалыы барар рядовойдар Ананий Павлов уонна Николай Оленов, миигин батыһыҥ. Бүгүн вертолетунан Нунлинграҥҥа көтөбүт, – диэн хамаандалаата.
Уолаттар сып-сап хомуннулар. «Приемникка» баар саллааттардыын бэрт ыксалынан быраһаайдаһа охсоот, старшай лейтенаны батыһан, таһырдьа кэтэһэн турар Газ-66 массыынаҕа олорсон, аэропорка айаннаатылар. Иһирдьэ киирбиттэрэ, бүгүн күн-дьыл туран биэрэн, киһи тобус-толору. Саллааттар диэн, кэргэннэрин, оҕолорун уоппускаларыгар «материкка» илдьэ баран иһэр эписиэрдэр диэн. Кыра мас аэропорт иһэ үп-үллэҥнэс. Аалыҥнааһыы, үтүөлэһии бөҕөтө. Ананийдаах кэлбиттэрин көрөн, полкаҕа спортинструкторынан үлэлиир капитан Сафаров утары кэлэн эҕэрдэлэстэ:
– Ну, как дела, Ананий? Видишь, как вышло-то… Не суждено нашим с тобой мечтам исполниться. И в какую точку тебя? Как я ни старался убедить начальство, что нам нужны сильные спортсмены-волейболисты, чтобы защитить честь полка на соревнованиях Дальневосточного округа, – все бесполезно. Не поддержали…
Кини Ананий спортсаалаҕа волейболга эрчиллэ сылдьар эписиэрдэри, иккис сылын сулууспалыыр «кырдьаҕас» саллааттары, ордук сержант Гаркушалааҕы кытта тэҥҥэ оонньуурун, өссө сороҕор олох да баһыйа тутан оонньуурун көрөн сөҕөрө. Сафаров бэйэтэ эмиэ волейбол диэн баран «муннукка ытаабыт» киһи этэ. Онон, Ананийы манна полкаҕа хаалларан, волейболга үрдүттэн быһаччы эрчийэн, ити этэрин курдук, сылын аайы ыытыллар байыаннай уокуруктар күрэхтэһиилэригэр, киин сиргэ оонньотор баҕа санаалааҕа.
– Да, что там говорить, товарищ капитан… Я же солдат, куда прикажут, туда и я… – Ананий судургутук быһааран кэбистэ.
Спорт эйгэлээх капитан уолу ыбылы кууһан ылан быраһаайдаста. Ол кэнниттэн тугу да өйдүөхтэрин баҕарбат полка хамандыырдарыгар кыһыйан сапсыйан кэбиһээт, бэрт ыксалынан чымадаанын хаба тардан, регистратура диэки хаама турда.
Уолаттар син балачча кэтэспиттэрин кэннэ, старшай лейтенант суһаллык ыҥырда:
– Ребята, быстрее… Вертушка сейчас полетит в Нунлингран! Выходим! – диэт, ыксал бөҕөнөн ааны былдьаста.
Уолаттар бэрт ыксалынан малларын хаба тардаат, киһилэрин батыстылар. Көтөр хонууга билигин аҕай кэтит салбахтарынан буору-сыыһы өрө ытыйа турар вертолекка тиийдилэр. Иһирдьэ дьааһыктаах, кууллаах ас-үөл толору чөмөхтөммүт. Нунлинграҥҥа барааччылар кинилэр үһүөйэхтэр эрэ эбит. Вертолеттара иҥнэр-таҥнар түһэн, халлааҥҥа харбаспыт хайалар быыстарынан көтөн күпсүйэн, үөһэ тахсан истэ. Уолаттар тулалыыр сири-дойдуну, айылҕаны көрөөрү иллюминаторга хам сыһыннылар.
Саха сиригэр билигин самаан сайын сатыылаатаҕа. Ото-маһа силигилии ситэн, көҕөрөн, сиэдэрэй сибэкки сыһыыны-толоону толору сириэдийэ үүнэн, көтөрө-сүүрэрэ дэлэйэн, куһа-хааһа кэлэн төһө эрэ тупсан турар?!! Аны аҕыйах хонугунан уйгу-быйаҥ, улуу тунах ыһыахтар саҕаланыахтара турдаҕа.
Оттон манна бэс ыйа ааттаах да, тулалыыр хайалар үрдүк таас оройдоро, сырыынньа эниэлэрэ хаарынан бүрүллэн тураллар. Оннооҕор хотоол сирдэргэ күлүк өттүгэр эриэн-быраан хаар ууллубакка сытарын көрөн, биһиги дьоммут наһаа сөхтүлэр, чахчы даҕаны, тыйыс айылҕалаах дойдуга кэлбиттэрин итэҕэйдилэр.
Вертолет муора кытыытынан, хачыр курдук таас кытылы кырыйа көтөн күпсүтэн истэ. Биэрэги кэрийэ кытыыга билигин даҕаны муус кыдьымаҕа өрөһөлөнөн сытара өтөрүнэн-наарынан ууллуох быһыыта биллибэт курдук. Ыраах саҕахха икки улахан муора хараабыллара ыраас ууга устан иһэллэрэ көстөр.
Уу суола аһыллан «путина» саҕаланнаҕа, кылгас сайыннаах тыйыс айылҕалаах дойдуга бириэмэ былдьаһык. Сылааһы хааччыйар инниттэн, оттукка баһаам элбэх таас чоҕу, ас-үөл арааһын, уматыгы – бэнсиини, сэлээркэни, араас тутуу матырыйаалларын, тиэхиньикэни урааннаах уһун кыһыны туоруур гына ыраах Хотугу муустаах муора кытыытыгар тиийэ барытын таһан бүтэриэхтэрин наада буоллаҕа…
Вертолет син балачча уһуннук көтөн талыгыратан, кытылга чугаһаабытыгар, муора хомотун батыһыннара косаҕа, аҕыйах дьиэлэрдээх дэриэбинэ көһүннэ. Син балачча тэйиччи сопка тэллэҕэр радиолокационнай станциялар уонна мас хаһаармалар кэккэлээн тураллара манна байыаннай чаас баарын туоһулуур. Бу хобдох соҕус көстүүнү икки этээстээх үс-хас олорор дьиэлэр уонна обургу оскуола, кулууп дьиэлэрэ баара арыый сэргэхситэр. Вертолет үөһэнэн сопка кытыытынан эргийэн, байыаннай чаастан чугас хомоҕо түстэ. Сүр үлүгэрдик күүгүнээн, кэтит салбаҕынан тула буору-сыыһы ытыйан өрүкүнэтэн баран, дьэ тохтоото. Уолаттар сонурҕаан, вертолеттан түһэн тулаларын эргиччи көрө-көрө эписиэрдэрин батыһан хаһаарымаҕа тиийдилэр. Иһирдьэ киирбиттэригэр,
– Ребята, «соски» приехали!.. – дневальнай нуучча уола үөрбүт хаһыыта иһилиннэ.
Сотору буолаат Ананийдаах Коляны «солбудаһык кэллэ» диэн астыммыт саллааттар эргийэн кэбистилэр. Олор быыстарыттан намыһах буолан баран, бөҕө-таҕа, күүстээх көрүҥнээх, гимнастеркатын уолугун төлөрүтүммүт, саллаат курун босхо иһин түгэҕэр ыыппыт саха курдук дьүһүннээх уол, чопчу кинилэри көрбүтүнэн, чугаһаан кэллэ:
– Сахаларгыт дуо? – диэн, уу сахалыы олус астынан ыйытта.
– Сахаларбыт! – Ананийдаах биир дойдулаахтарын көрсөн, үөрэ-көтө хардардылар.
– Болуодьа Бөтүүнүскэй диэммин, Сааскылаахтан сылдьабын. Эһиги хантан сылдьаҕыт?
– Мин мэҥэбин, Ананий диэммин. Оттон бу Коля, Горнай уола… – дэһэ-дэһэ, илии тутустулар.
– Дьэ, бэрт эбит… Манна мин саха соҕотохпун. Билигин элбээтэхпит… Чэ кытаатыҥ, Саха сирин сонунун тоҕо тардан, кэпсээн кэбиһиҥ… – уоллара кинилэри санныларыттан хам кууһан ылла уонна хаһаарыма түгэҕин диэки илдьэ барда.
* * *
Уолаттар Бөтүүнүскэйдэрин төһөнөн ыкса билсэн истэхтэрин аайы кинини сөбүлүүллэрэ элбээн истэ. Хоту дойду уола холкута, үтүө-мааны майгыта киһини астыннарар. Бэйэтэ айылҕа оҕото буолан, дьоҕус даҕаны уҥуохтаах буоллар, эт-сиин өттүнэн кыахтаах. Күүстээх уол турникка «солнцены», «выход силой» уонна да атын көрүҥнэри холкутук оҥорор. Нууччалыы олус ыраастык саҥарар, нуучча уолаттарын сытыы тылынан-өһүнэн баһыйара да диэххэ сөбө. Элбэх көрдөөх көрүдьүөс анекдоттары кэпсиир, инньэ гынан, саллааттар куттарын тутар уонна сүргэлэрин көтөҕөр. Маҥнай утаа иккис сылын сулууспалыыр уолаттар кыра диэн сэнээн киирэн биэрэллэрэ үһү. Биирдэ Карпенко диэн бөдөҥ-садаҥ, уһун уолу наһаалаабытыгар биирдэ эрэ охсон кэбиспиттээх. Онтон ыла оннооҕор «дедтар» киниэхэ чугаһаабат буолбуттара.
Сороҕор дьиибэлэнэн, эмиэ да кырдьык-хордьук курдук:
– Мин бэйэм долгааммын, оттон түгэх өбүгэлэрим поляктар. Дьиҥнээх араспаанньам «Бетинскэй» диэн ээ… – дии-дии, күлэн-үөрэн бэйэтэ да кыараҕас хараҕа олох да көстүбэт буолара.
Дэриэбинэҕэ олохтоох чукчалары кытта олус тапсара. Анараалар даҕаны кинини бэйэлэрин киһилэрин курдук ылыналлара. Дэлэҕэ дьиэлэригэр биир да бырааһынньыгы көтүппэккэ ыҥырыахтара дуо? Бэйэтэ эмиэ сулууспалыыр станцията дэриэбинэттэн көстөн турара, ол да иһин самоволкаҕа сотору-сотору барара. Олохтоохтору кытта булт-алт туһунан уопсай тылы булан сэһэргэһэрэ.
Рота старшината прапорщик Павленко кини бэргэн булчутун үчүгэйдик билэр буолан, саас, күһүн икки уостаах саатын уларсан, кустата ыытара. Оттон Бөтүүнүскэй бэйэтэ кыһынын байыаннай чаас турар сириттэн чугас эргин сылдьан, олохтоох дьонтон уларсыбыт капкаанынан кырсаны бултаһара. Бултаабыт кырсатын тириитин бэйэтэ таҥастаан эписиэрдэри кытта мэнэйдэһэрэ.
Биир үтүө күн Володя Ананийдааҕы бөһүөлэктэн чугас муора кытыытыгар ыҥыран киллэрдэ. Уолаттар уу кытыытыгар кытылы кэрийэ, улахан баҕайы киит балык ойоҕосторун уҥуоҕа сиргэ батары саайыллыбыттарын уонна бөдөҥ таастарынан бөҕө-таҕа гына тула тэлгэммиттэрин сэргии көрдүлэр. Итилэр аттыларыгар чукчалар муораҕа бултуу тахсалларыгар туһанар вельботтара ойоҕосторунан сыабынан баайыллан сыталлар. Салгыы ол ойоҕос уҥуохтарыгар быанан моржа, нерпа тириилэрин тиирэ тардан баайан куурда уонна араас бэйэлээх сыанан ньалҕарыйа сылдьар балыктарын хатара ыйаабыттарын саҥа көрөр дьон сүрдээҕин дьиктиргии, сөҕө көрдүлэр. Ол аайы Володя биир кэм айаҕа хам буолбакка кэпсии истэ:
– Биһиги, хотулар, эмиэ балыкпытын маннык хатарабыт, дьуухала оҥоробут. Бу дойдуга эмиэ тыала-кууһа бэрт буолан, салгыҥҥа балык түргэнник хатар. Аны Саха сирин киин оройуоннарыгар курдук сахсырҕа эҥин суох…
Тэйиччи муора хомотун кытыытыгар косаҕа, дэриэбинэ дьоно астаммыт кииттэр дьардьамаларын бульдозерынан таһааран бырахпыттара муора долгунугар суураллан, тыалга охсуллан хатан, кууран хаалбыт уҥуохтара дьикти скульптура буолан өрөһөлөнөн көстөн турар. Онно тиийбиттэрин кэннэ, Володя Бөтүүнүскэй аарыма улахан киит сыҥааҕын уҥуоҕун анныгар илиитин үөһэ уунан көрдөрөн туран эрэ:
– Көрөн кэбиһиҥ, урут былыр чукчалар, бу киит маннык улахан сыҥааҕын уҥуоҕунан ярангаларын каркаһын оҥороллоругар туһаналлара эбитэ үһү. Онтукалара бу курдук коническай быһыылаах буолан, хайа да бэйэлээх күүстээх буурҕаҕа бэриммэккэ, сүрдээҕин тулуктаһан турар эбит. Онтон туох баар этэ, халыҥ сыата, тириитэ, иһэ-үөһэ барыта бастыҥ ас буолан туһаҕа тахсара үһү. Ол иһин бачча муус-хаар буурҕа дойдутугар, унньуктаах уһун кыһыны киит курдук улахан балык этинэн, аһаан-сиэн этэҥҥэ туорууллара үһү. Маһа-ото суох сиргэ олорор дьон быһыытынан, киит халыҥ сыатын уулларан, оттук оҥостон астарын буһарыналлара. Анал оҥоһуулаах тааһы дьөлө хаһан оҥорбут иһиттэригэр уулларбыт сыаларын иһигэр, туундара инчэҕэй муоҕун синньэтэн уган ыһыырынньык гынан сырдатыналлар эбит. Киит бытыга саамай сыаналаах былдьаһыкка сылдьар табаар быһыытынан биллэрэ. Ол курдук, наарталарын ылаҕар кэтит өттүн ылан иҥиннэрэн халтарыйарыгар, сыыдам буоларыгар туһаналлара, оттон синньигэс бытыгын быһан күөгүгэ леска оҥорон балыктыыллара. Маннык киит бытыгыттан оҥоһуллубут леска кырыарбат да, мууһурбат даҕаны буолан былдьаһыкка сылдьара диэн үһүйээннэргэ кэпсэнэр.
Ананийдаах Коля хоту дойду уолун кэпсээнин олох энчирэппэккэ иһиллээн турдулар, улаханнык сэҥээрдилэр. Киинэҕэ эрэ көрөр киит курдук балык сөҕүмэр туһалааҕын, Арктикаҕа олорор омуктар олохторугар ураты суолталааҕын саҥа биллилэр.
– Мин саамай күүстээх баҕа санаам – киит балыгы бултааһын. Анаан-минээн олохтоох дьон хайдах маннык улахан балыгы бултаан-алтаан өлөрөллөрүн көрүү… Дьэ, онно сылдьан бултаһарым буоллар, чахчы Чукоткаҕа сылдьыбытым, киити бэйэм бултаспытым диир кыахтаныам этэ. Ол баҕа санаабын рота старшинатыгар прапорщик Павленкоҕа уонна олохтоох бөһүөлэк булчуттарыгар этэн турабын… – дии-дии, Бөтүүнүскэй Колялаах Ананий диэки астыммыттыы көрбүтэ-истибитэ.
* * *
Уолаттар аҕыйах кэм иһигэр хайыы-үйэҕэ «туочукаҕа» билсэн-көрсөн бэйэ дьоно буоллулар. Ананий үрдүк үөрэхтээҕэ уонна балачча саастааҕа сүрүн оруолу ылла. Нууччалыы үчүгэйдик быһаарсара, үгүһү-элбэҕи аахпыта, билэрэ-көрөрө судургу майгытыгар эбии туһалаата. Коля, тыа сирин ыччата буолан, ханнык да үлэттэн иҥнэн-толлон, чаҕыйбакка үлэлиир. Барыны-барытын сатыыра, хара үлэттэн туора турбата бииргэ сулууспалыыр дьонугар сөбүлэппитэ. Аны үс ый устата Уреликига локаторщик оператор үөрэҕин бүтэрэн кэлбитэ оруолу ыллаҕа. Ананий туочукаҕа олорон үрдүттэн үөрэнэн, оператор буолан иккиэн РЛС-станцияҕа дьуһуурустубаҕа турар буоллулар.
Биллэн турар, саҥа сулууспалыыр дьон ротаҕа уопсай тылы булалларыгар биир дойдулаахтара Володя Бөтүүнүскэй аптарытыата элбэҕи быһаарбыта чуолкай.
– Мин земляктарым иккиэн чаҕылхай уолаттар, онон, кинилэри ким эмэ атаҕастыыр түгэнигэр миигин кытта быһаччы быһаарсыаххыт… – диэн, мас-таас курдук этэн кэбиспитэ.