Читать онлайн Тыа кэһиитэ бесплатно

Тыа кэһиитэ

Аартык аһыллыыта

Акуу төрөппүттэрэ Көстөкүүн Татаарынап, ийэтэ Татыйаана, убайа Тоо, аҕаһа Аача буоланнар Амма өрүс төрдүттэн ырааҕа суох Аллан өрүскэ Сайдыы диэн сиргэ көспүттэрэ сыл аҥаара буолла. Кинини, Акууну, эһэтин аахха Чычымахха хаалларбыттара. Уол сүүрэ-хаама сылдьар, бэйэтин сааһыгар додо курдук саҥарар. Оҕо эһэтигэр Ноттуо Торопууҥҥа умньанан, киниэхэ оҕо курдук буолла. Чугас ыалларыгар бэйэтин кытта сиэттиһэн илдьэ сылдьарыгар үөрэнэн, ханна эмэ тэйиччи үлэлии барарыгар сайыһан «айдаарсыы» буола сылдьыбыта. Акуу кэнники эһэтэ ыраах барарыгар барсыбатын билэн аймаммат.

Оҕо кэтэһэрэ уонна үөрэрэ адьас аттынааҕы күөллэригэр тууну уонна илими көрө киириилэрэ буолла. Акуу тыы тумсугар анал олох маска хам бааччы, эһэтин диэки сирэйдэнэн олорон, эһэтэ эрдии салбаҕынан тардан ууга оҥорбут долгуннарын, собону илимтэн араарарын болҕойон көрөр. Биирдэ дьиктиргээн ууга күн күлүгүн көрөн:

– Эһээ, ууга күн көстөр, көр, – диэн баран илиитинэн ыйбыта.

– Мээнэ сарбаҥнаабакка олор, тыы кытыы бүүрүк маһыттан уонна ити туорай мастан тутуспаккын, илииҥ ытыстарын холбуу тутан, тобугун икки ардыгар тут, – диэн эһэтэ соруйда.

– Эһээ, тоҕо мастан тутуспаппыный?

– Тыы бүүрүк маһа остуол сирэйэ буолбатах. Остуол түөрт атахтаах буолан хамсаабат. Тыыбыт атахтара суохтар. Ууга уйдара сылдьар. Бүүрүк мастан тутустаххына, тыы түөрэҥнээһинигэр күүскэ тайанан, тыыгын иҥнэри баттаан кэбиһиэҥ дии. Акуу, куттаныма, мин билигин тыыны кыратык иҥнэҥнэтиэм, эн буоллаҕына куттаммакка, олорбутуҥ курдук, көнөтүк туттан олор. Тыы бүүрүк маһыттан тутуспаккын. Чэ, эрэ, – диэт, тыыны оргууй хаҥас диэки иҥнэрдэ.

– Билигин көнөтүк олор, – диэт, аны уҥа диэки тыыны иҥнэри анньан, чочумча оннук тута түстэ.

Оҕо көнөтүк олорбутун курдук олордо. Онтон эр ылан оҕонньор тыыны уҥа, хаҥас иҥнэритэ сырытта. Оҕото көнөтүк олороруттан үөрэн, улахан киһиэхэ этэр курдук:

– Тоойуом, аны да, инникитин да тыы хамсыыр кэмигэр итинник көнөтүк туттан олорор буолаар. Тыынан устаргар, курданаргыттан үөһээ өттө, тыы иҥнэҥниириттэн тутулуга суох, сискин көнөтүк тутан олорон эрдинэҕин, илими үтэргэр, көрөргөр улаханнык сэрэнэн туттаҕын. Балыгы араараргар хамсааһын бөҕөтө буолар, ол аайы тыыны кытта иҥнэри түһэн олорсо сылдьар буоллаххына, тыыгын иҥнэри баттаан, ууга түстэҕиҥ ол дии.

Эһэтэ эппитин Акуу улгумнук толорон, хам бааччы олорор.

Сайын бүтүүтэ, атырдьах ыйыгар, аҕата кинини ыла ол ыраах дойдуттан тыынан устан кэллэ. Аҕата Көстөкүүн сарсыарда төттөрү айаннаары туран, таһырдьаттан тымтыгынан оҥоһуллубут улахан тымтайы киллэрэн:

– Уолу манна олордон айанныырым дуу? – диэн баран аҕатын диэки көрдө.

– Уол тыыга бэркэ хам бааччы олорор ээ. Миигин кытта илими көрсүһэ үгүстэ тыыга олорсубута. Тыы тумсугар олорор, утуйар сирин оҥорон биэр. Бэркэ айанныа. Устуоххут иннинэ сэрэтэн этээр ээ. Киһиҥ хата ону өйдүүр.

– Хайа дьаабы буолар. Мин тымтайга олордон устаары бэлэмнэммитим ээ.

– Тымтайга олорон айанныыр эрэйэ бэрт буолаарай! Кэм кыратык эмэ хамсыы-имсии олордоҕуна уһун айаны тулуйуо. Айаҥҥыт да уһун. Тиийэр сиргит мин сабаҕалыырбынан уон көстөн ордук буолуо. Ыраах сир. Ардахха баттаппатаххытына, ырай айана буолуо этэ. Аара Аммаҕа, Аллаҥҥа ыаллар үгүстэр. Состороонньолоон балыктыаххыт, тыаҕа тахсан киһигин дьэгдьитэн отонно сиэриҥ. Айаҥҥа уолуҥ тыыга киирдэ да утуйан тахсыа. Хата билигин үөн-көйүүр хаптайан бэркэ айанныаххыт. Бээрэ, оҕо оонньууругар бэрбээкэй уҥуохтарын ылыҥ. Аралдьыйан оонньуу иһиэ этэ буоллаҕа, – диэт эһэтэ бэрбээкэй уҥуохтара угулла сылдьар эргэрэн хаалбыт кыра туос ыаҕайаны уолга туттаран кэбистэ.

Дьонун кытта быраһаайдаһан, Акуу аҕата тымтайга оҕо таҥаһын уган, өйүөтүн сүгэн, икки чараас хаптаһыны санныгар уурунан, уолун сиэтэн Аммаҕа киирдэ. Тыы таһыгар кэлэн, малларын санныттан түһэрдэ. Тыы тумсугар икки кылгас, чараас хаптаһыннары уурталаата, оҕо тэллэҕин тэлгэттэ, кэннигэр тымтайын уурда. Саатын олорор олоҕун хаҥас өттүгэр уурда уонна тыыны дьулуруччу ууга анньан киллэрэн, уолун ылан тыы тумсугар олорто. Бэйэтэ оргууй тыытыгар киирэн, олоҕун булан, эрдиитин илиитигэр ылла. Чочумча эрдиммэккэ бытаан сүүрүккэ оҕустаран уһуннулар. Уол аҕата уоһун иһигэр айанын алҕаан ботугураан саҥараат, сүүрүгү таҥнары эрчимнээхтик эрдибитинэн барда.

Акууга бу тыынан уһун устуу туһунан өйүгэр туох да хаалбатах. Чычымахтан Сайдыыга дылы тыынан устубуттарын дьонуттан эрэ истэн билэр.

Хара улар

Оҕолор ийэлэрэ хотоҥҥо тахсаары таҥнан бүтэн, кыра иһиккэ оҕолор астарын тобоҕун хомуйан, дьиэ аанын аһан тахсан иһэн, туохтан эрэ соһуйан хаһыытыы түстэ. Тутан испит иһитин мүччү тутан түһэрбитигэр, тоҥ хаптаһыҥҥа иһит тыаһа лаҥкыныырын кытта хапсаҕай киһи Тоо таһырдьа ойон тахсаат:

– Оо! Саарык улары аҕалан сытыарар, кэлиҥ маннаа-а! – диэн улахан баҕайытык саҥа аллайбытыгар, кыралар бары таһырдьаны былдьастылар. Оҕолор таһырдьа тахсан көрбүттэрэ, дьиэҕэ киирэр кирилиэс үктэлин иннигэр хара улар харааран сытар. Кини таһыгар Саарык оҕолор диэки көрбүтүнэн олорор. Тоо ыт таһыгар тиийэн, чохчойон олорон ытын төбөтүн имэрийэр, ытын хайгыыр саҥата иһиллэр. Акуу эдьиийинээн улары көрөн турдулар.

Улардара кып-кыһыл хаастаах, хара тумустаах улахан баҕайы төбөлөөх, сыҥааҕын анныгар бытыктаах, түүлээх атахтардаах, уһун кутуруктаах. Акуу сөмүйэтинэн түүтүн баттаан көрбүтэ, түүтэ сымнаҕас, онтон эр ылан сөмүйэтинэн улар түүтүн туора-маары суруйан көрдө.

Ити кэмҥэ ийэлэрэ Аачалыын тохтубут ас тобоҕун хомуйан баран: «Уларгытын дьиэҕэ киллэриҥ», – диэт хотонугар барда. Улахан киһи Тоо улары төбөтүттэн ылан өрө тарпыта, улар төбөтө уол санныгар дылы буолла. Онтон улары сытыаран баран, ортотуттан бобо харбаан өрө мадьыктаһан таһаарбытыгар, улар төбөтө, кутуруга сиргэ хааллылар. Акуу улар баһын харбаан ылла, Аача кутуругуттан тутан үөһэ кирилиэскэ таһаардылар. Дьиэ аана аһыллара ыарахан, ааны Тоо эрэ күүскэ тардыалаан аһар кыахтаах. Улары кирилиэс муостатыгар уурдулар. Аан тутааҕыттан тутан, хос-хос тардыалаан Тоо ааны аста. Улардарын эмиэ үһүө буолан көтөҕөн дьиэҕэ киллэрдилэр. Саарык, бултаах киһи буолан, оҕолор кэннилэриттэн дьиэҕэ кииристэ. Дьиэ аана балай эмэ аһаҕас туран баран, бэйэтэ син сабылынна. Муостаҕа сытар улары чинчийэн көрүүгэ Гай кыттыһан барда. Тоо улар тумсун атытан айаҕын иһин көрдөрдө, улар сытыы тыла көһүннэ. Улар айаҕын иһигэр Акуу сөмүйэтин уган улар тылын таарыйан көрдө, тыла хамсыыр эбит диэн быһаардылар. Киһи болҕомтотун тардар улар хараҕын хааһа буолла. Тарбахтарынан таарыйан көрбүттэрэ, кыһыл дьүһүннээх хааһа түүтэ суох, быдьыгынас тирии эбит. Хаас кэтитэ оҕо эрбэҕин саҕа. Аны сыҥааҕын аннынааҕы уһун түүтэ хойуу бытык курдук.

– Тоо, тоҕо улар хааһа кыһылый уонна бытыктааҕый?

– Элбэхтэ ытаабыт эбит.

– Тоҕо ытыыра буолуой?

– Топпоко ас көрдөөн.

– Тоҕо топпото буолуой?

– Сиир отоно хаар анныгар сытарыттан буолуо.

– Бытыктаах, уларбыт оҕонньор эбит.

Улар уһун кутуругун Тоо тэнитэн биэрбитигэр көрбүттэрэ, сарайан кэтит кутурук эбит. Кутурук аллараа өттө уһун түүлэрин төбөлөрүгэр үрүҥ төгүрүктэрдээхтэр. Атахтара – сырдык ньалаха түүлээхтэр. Тарбахтарын суона сүрдээх, өссө тыҥырахтаах эбиттэр.

– Тоо, Саарык улары хайдах аҕалбыта буолуой?

– Тииһинэн ытыран, соһон.

– Хантан аҕаларый?

– Тыаттан. Аҕабыт кэпсээбитэ дии. Улардар курупааскылар курдук хаар анныгар киирэн утуйаллар диэн. Бу улар хаар анныгар утуйа сытарын Саарык эрдэ билэн, үөмэн тиийэн, үрдүгэр саба түһэн, тутан аҕаллаҕа дии.

– Тоҕо аҕалбыта буолуой?

– Оҕолорум сиэтиннэр диэн.

– Биһиэхэ дуо?

– Биһиэхэ, – Тоо Саарыкка тиийэн этэр. – Саарык өйдөөх, ааспыт сырыыга куобаҕы аҕалбыта. Бу сырыыга улардаах.

Оҕолор бары Саарыктарын имэрийбитинэн бардылар. Ыттара төбөтүн имэриттэрэн харахтарын симириктии-симириктии сытынан кэбистэ. Ол сылдьан Акуу ыт хара омурдун арыйан тиистэрин көрдүлэр. Ыт аһыыта, балта тиистэрэ килэһэн көстөллөрүн тарбахтарын уган, таарыйан көрдө. Айаҕын атытан тылын, ону ааһан улахан дьону үтүктэн, ыт таҥалайын өҥөйөн көрдүлэр. Ыт маннык сыппахтаан баран, бу дьон олус муумалаары гыннылар диэтэ быһыылаах, оргууй туран сытарыгар уруккуттан табыгастаах сиригэр остуол анныгар киирэн сытынан кэбистэ.

Кырынаас

Оҕолор бары ыалдьан сыталлар. Онньуохтарын баҕараллар да, уһаан оонньообокко оронноругар баран хат сыталлар. Аанньа аһаабаттар. Аҕалара Көстөкүүн эһэ хаппыт үөһүн быһаҕынан кыһан, уулаах дьэҥкир кырыылаах ыстакааҥҥа кутарыгар үөс тоорохойдоро ууга хара сурааһын буолан түһэн иһэн, суураллан сүтэн хаалалларын оҕолор сөҕө көрөллөр. Ыстакаан уута сыыйа болоорон, харааран барар. Онтон аҕалара ньуосканы ылан өр соҕус булкуйан баран:

– Эмпит бэлэм буолла. Билигин биирдии ньуоска эми иһэҕит. Бастаан улахан киһи Тоо эми иһэр. Бары ороҥҥутугар олоруҥ, – диир.

Биир ньуоска эми ыстакаантан баһан ылан Тооҕо тиийэн:

– Айаххын ат, – диэт, эмтээх ньуосканы Тоо айаҕар куппутун, Тоо иһэн кэбистэ. Акуу иһэр уочарата кэллэ, аҕата уунан биэбит эмин иһээт, эми аһыырҕатан баһын илгиһиннэрдэ. Аачалаах Гай эмиэ эмтэрин истилэр.

Аҕалара булка илдьэ сылдьар сүгэһэрин ылан таһырдьа таҕыста. Акуу түннүккэ кэлэн аҕата кыра маллаах мас сүгэһэри, хайыһары кыбынан дьиэ кэннин диэки ааспытын көрдө. Саарык иччитин батыһа сүүрдэ. Көҕүллээх далыгар оту итигэстээн сии сылдьар. Биир сырыыга муннун илин атаҕар анньан ньуххайдаата уонна күүскэ баҕайытык дьигиһийэн ылла. Биир сиргэ өр турбакка оргууй хаама сылдьан аһыыр эбит. Сороҕор илин атаҕынан чигдини табыйан ылар. Тэйиччи хаарынан бүрүллүбүт тыа көстөр. Бэттэх аттары туруорар көнньүүһүнэ баара кыбыы ото мэһэйдээн үчүгэйдик көстүбэт.

Дьиэ анныгар, өрүс мууһугар, таһаҕасчыттар аттара сиир отторо ойбон чугаһыгар баарын Акуу билэр. Биирдэ сылаас күн ол оттору тула эккирэтиһэ оонньообуттара. Ол оттор анараа өттүлэринэн массыыналар сылдьар суоллара баар. Ол суол наһаа муода сыттаах. Суолтан тэйдэххэ ол сыт сүтэр.

Халлаан хараҥаран эрэрэ түннүгүнэн көстөр. Оҕолор оронноругар сыталлар. Дьөгүөрүскэ тыаттан кэлэн, быстах чэйдии олорор. Онтон аҕалара кэллэ. Сотору буолаат, хоско тирии мөһөөччүгүн туппутунан оҕолор хосторугар киирэн кэллэ. Үөрбүт сирэйдээх.

– Оҕолоор, туруҥ. Манна мөһөөччүк иһигэр тыыннаах кырынаас баар. Билигин муостаҕа босхо ыытыахпыт.

Оҕолор итини истээт, оронноругар олоро түстүлэр.

– Кырдьык дуо?

– Ытырыа дуо?

– Илиигинэн туттаххына, арааһа ытырара буолуо, – аҕалара мөһөөччүгү сүөрэ олорон быһаарда.

– Кырынаас саҥарар дуо?

– Оо, саҥаран бөҕө.

– Биһиги курдук дуо?

– Бу киһини, доҕоор. Кырынаас киһи үһү дуо?

– Хайдах саҥарарый?

– Ыкка маарынныырдыы үрэр.

– Биһиги Саарыкпыт курдук?

– Суох, наһаа ыт курдук буолбатах, кырынаас куолаһа синньигэс буолар.

Аҕалара мөһөөччүк быатын сүөрдэ уонна мөһөөччүгү таҥнары сүөкээбитигэр, туох эрэ үрүҥ мөһөөччүк иһиттэн муостаҕа түһээт, Акуу оронун анныгар элэс гынан хаалла. Акуу оронуттан таҥнары өҥөйөн көрбүтэ, орон анныгар кырынаас кылбайан олорор. Оҕолор бары муостаҕа түһэн, орон анныгар олорор кырынааһы чохчойон одуулаһа олордулар. Кырынаас, көхсө бөгдьөйөн олорбохтоот, муннукка тиийэн орон атаҕын, муостаны сытырҕалыыр быһыылаах, моонньун уһата-уһата эргим-ургум көрүтэлиир. Эмискэ оҕолор диэки хайыһан «чарт-чарт» диэн ыкка маарынныырдыы үрэр курдук саҥаран ылла.

– Оо! Саҥарда!

– Тугу этэрэ буолуой?

– Тоҕо миигин көрөҕүт диир быһыылаах, – улахан киһи Тоо быһаарда.

Ийэлэрин кытта таһырдьаттан Саарык батыһан киирэн оҕолор хосторугар кэллэ уонна оҕолор быыстарынан кыбыллан киирэн, кырынааһы көрөөт, арҕаһын түүтэ адаарыс гына түстэ. Тииһин килэтэн ырдьыгынаан эрдэҕинэ: «Саарык, тохтоо, сыт», – диэн оҕолор аҕалара ыты арҕаһыттан туора тарта. Ыт дьарыллыбыкка холунан, муостаҕа сытынан кэбистэ уонна кырынааһы оҕолор атахтарын быыһынан көрө сытта.

Кырынаас орону аннынан истиэнэни кыйа сүүрэн нөҥүө муннукка тиийдэ. Манна кэлэн муннугу чинчийэн куотуох хайаҕаһын булбата. Икки кэлин атахтарыгар туран истиэнэҕэ ытта сырытта. Оҕолор кырынаас баар муннугар кэлбиттэригэр, кырынаастара анараа муннукка төттөрү сүүрэн салгыы орону аннынан оһох диэки тиийэн, оһохтон итии салгын тахсар аһаҕаһыгар сылыпыс гынан хаалла. Саарык ыстанан туран кырынаас киирбит аһаҕаһыгар муннун батары биэрдэ.

– Туораа, мин көрүүм, – Тоо, Саарыгы туора анньаат, кырынаас киирбит аһаҕаһын өҥөйөн көрдө да, аһаҕас иһэ хараҥа, туох да көстүбэт. Оһоҕу эргийэ сылдьан, оһох аннынааҕы бары аһаҕастары өҥөйөн көрдүлэр да, аһаҕастар бары хараҥалара сүрдээх, ити сылдьан оһох иннигэр турар Аача хаһыытыы түстэ:

– Манна баар! – диэн саҥараатын кытта, кырынааһа аһаҕас иһигэр төттөрү киирэн хаалла. Тоо сүүрэн кэлэн аһаҕаһы өҥөйөн көрдө да, кырынааһа мэлигир.

– Манан быган баран төттөрү киирэн хаалла.

– Билигин үүрэн таһаарыахпыт, – диэт, Тоо оһох иннигэр ыйанан турар күлүүкэни харбаан ылаат, күлүүкэ туорайыттан тутаат, угун оһох аһаҕаһыгар укпутунан барда уонна:

– Акуу, оһох кэннигэр тиий, – хаһыытаата.

Күлүүкэ уга аһаҕас устун аара туохха эрэ иҥнэ-иҥнэ киирдэ. Оһох кэннигэр Акуу:

– Кэллэ, – хаһыыта иһилиннэ. Тоо, күлүүкэтин аһаҕаска хааллараат, оһох кэннигэр сүүрэн тиийбитэ, туох да суох.

– Итиннэ тыаһаата, – Акуу чохчойон олорон аһаҕаһы ыйда.

– Итиннэ күлүүкэ баар, билигин көрүөхпүт, – диэт, Тоо илиитин аһаҕас иһигэр батары биэрдэ, илиитинэн булкуйан көрдө уонна мас сыыһын, хатырыгы ороон таһаарда.

– Күлүүкэ уга чугас баар эбит. Тутан көрдүм.

– Билигин атын сиринэн угуом, – диэт, Тоо оһох иннин диэки сүүрдэ.

Күлүүкэтин ороон таһааран оһох ойоҕоһунааҕы аһаҕаһынан укта, оһох нөІүө өттүгэр Акуу сүүрэн тиийээт:

– Күлүүкэ кэллэ, кырынаас суох.

– Билигин, – диэт, Тоо күлүүкэтин ороон ылан, иккис аһаҕаһынан угаат, иһирдьэ киллэрбитинэн барда. – Күлүүкэ тиийдэ дуо?

– Кэллэ. Кырынаас суох.

– Кырынаас ханна бардаҕай? – Тоо мунаарда.

– Кырынаас оһох иһигэр баар. Атын аһаҕастарын булкуйан ис, аттыттар кэтээІ, – Дьөгүөрүскэ күлэ-күлэ сүбэлээччи буолла. Саарык оһох диэки хайыһан сытар, кини эмиэ кырынааһы кэтэһэр.

Оһох аллараа өттүнээҕи аһаҕастар барыта күлүүкэнэн булкулуннулар, кырынаас тахсыбата.

– Һуу! Тириттиим, – Тоо ытыһынан сүүһүгэр тахсыбыт көлөһүнүн туора-маары сотунна.

– Үлэлээбит сирэй-харах баар буолбут, – күлэ туран Дьөгүөрүскэ эттэ.

– Оо! Бу оҕону, доҕоор. Тоо, сирэйгин суунаар эрэ.

– Тоо, дьиҥнээх хачыгаар курдуккун, – Дьөгүөрүскэ үөрэн ытыһын таһынна.

Оҕолор сырсан кэлэн убайдарын сирэйин көрөн күлүстүлэр. Ити кэмҥэ аҕалара Саарыгы ыҥыран ыт муннун оһох аһаҕаһыгар үҥүлүттэ. Ыт, сытырҕалаан көрөөт, кырынаас чугас баарын биллэ быһыылаах, ыйылаан ылла, илин атаҕынан оһох аһаҕаһын тарбаата.

– Кырынааспыт баарын ыт биллэ, – оҕолор кэрийэ сылдьан оһох аһаҕастарын көрө сатаатылар да, кырынааһы ким да көрбөтө. Аһаҕастар истэрэ хараҥа.

– Бары хосторго киирэн саҥата суох олорон кэтэһиэҕиІ. Ханан эмэ тахсаары быгыалыа, – аҕалара сүбэлээччи буолла уонна Гайдаах Аачаны сиэтэн хаҥас хоско киирдэ. Тоо күлүүкэтин туппутунан уҥа хоско киирэн, оһохтон тэйиччи муостаҕа олордо.

– Биһиги Саарыктыын үһүөбүт. Акуу, бэттэх кэл. Айдаарбакка олоруох, – остуол кэтэҕэр олорон Дьөгүөрүскэ сүбэлээтэ.

Акуу Саарык таһыгар кэлэн олордо. Дьиэ иһигэр уу чуумпу буолла, арай хос иһиттэн мурун сыҥсыйар тыаһа иһиллэр. Балай эмэ чуумпутук олордулар.

– Акуу, көр, көр, – Дьөгүөрүскэ сибигинэйэрин Акуу истэ оҕуста.

Хаҥас аһаҕаһы көрбүтэ, кырынаас аһаҕас иһиттэн кинини одуулуур эбит. Саарык кырынааһы көрөн, кутуругун хамсатан ылла. Кырынаас куттал баарын биллэ быһыылаах, төттөрү түһэн хаалла.

– Баар, баар! – хаһыытаабатынан ойон туран, Акуу аһаҕас иһин өҥөйөн көрдө.

Ити кэмҥэ хоско күлүүкэ муостаҕа охсуллар тыаһа иһилиннэ.

– Төттөрү түстэ, сыыһа охсон кэбистим, – Тоо саҥата иһилиннэ.

Хаҥас хоско кэтээн олорооччулар кырынаас аһаҕастан быган олорорун көрө оҕустулар. Оҕолор аҕаларынаан түгэх орон таһыгар муостаҕа олороллор. Кырынаас уҥа-хаҥас көрүөлээтэ уонна кэккэлэһэ орон анныгар ыстанна.

– Сүүрдэ, орон анныгар баар! – Аача хаһыытыы түстэ. Анараа хоско күлүүкэ тыаһа иһилиннэ. Уолаттар бэтэрээ хоско сырсан киирдилэр.

– Итиннэ киирдэ.

– Уу! Итиннэ куоска муоста анныгар киирэр аһаҕаһа баар дии.

Тоо хапсаҕай баҕайытык орон анныгар киирэн, куоска аллараа муоста анныгар киирэр аһаҕаһын көрөөччү буолла.

– Манан аллараа киирбит.

– Кырынаас аллараа тугу оҥороро буолуой?

– Оҕолортон, Саарыктан куоттум ээ диэн лаадыскалаан эрэрэ буолуо, – Дьөгүөрүскэ күлэ-күлэ эттэ.

– Итинтэн кырынаас тахсыа дуо?

– Ас көрдөөн тахсыа.

– Куобах этин сиир дуо?

Итинник күө бааччы кэпсэтэ-кэпсэтэ бары остуол таһыгар кэллилэр. Оҕолор сэргэхсийбит көрүҥнээхтэр. Ийэлэрэ хотонтон киирэн киэһээІІи аһылыгы бэлэмнии сырытта. Мантан киэһэ аһылыкка диэри кэпсээн кырынаас, араас кыыллар, көтөрдөр тустарынан буолла: кинилэр хайдах бултаан аһыыллара, сайын дьүһүннэрэ уларыйара, хайдах саІараллара, хаһан төрүүллэрэ, эһэ кыһыны быһа утуйара ахтылыннылар.

Көҕүллээх

Оҕолор ийэлэрин кытта таһырдьа тахсан, хотон диэки баран иһэннэр, Тооҕо аккытын таһааран уулатыҥ диэбитигэр, хотоҥҥо киирбэккэ, дал таһыгар хааллылар. Аҕалара суох. Дьөгүөрүскэ уонна эһэлэрэ буолан Ычаанда күөлүгэр андаатаралыы барбыттар. Көҕүллээх далын иһигэр күҥҥэ ойоҕоһунан буолан сыламныы турар эбит. Тоо улахан киһи буолан далга киирдэ уонна акка утары тиийэн сиэлиттэн харбаан ылан дал аанын диэки соспутугар, ата улгум баҕайытык кинини батыста. Дал ааныгар Тоо атын сиэлиттэн сиэппитинэн тиийэн кэллэ. Бары көмөлөөн дал аанын сыралаһан астылар. Убайдара аты сиэтэн таһааран сыарҕа таһыгар тохтотто. Сыарҕаттан көнтөстөөх ат баһын быатын ылан сыралаһан кэтэртэ, оҕуруо быатын баайбата. Аты күрүөҕэ адьас ыкса туруордулар. Ат иннигэр туран Тоо:

– Күрүөнэн ыттан тахсан, акка олоруҥ, – диэтэ.

Акуу хап-сабар күрүөҕэ ытта охсон ат көхсүгэр биллэҕэ түһээт, хаҥас атаҕын ат сиһин нөҥүө өттүгэр быраҕаат, олорунан кэбистэ. Эдьиийэ күрүө үрдүгэр ытынна уонна Акуу кэннинэн эмиэ ат сиһигэр туора биллэҕэ түһэн баран, хара сорунан убайын көмөтүнэн олордо. Тоо дьаһайда:

– Эһиги кэннин диэки сыҕарыйыҥ.

– Хайдах?

– Илиигитинэн ат көхсүттэн маннык, – илиилэрин холбуу тутан баран ат сиһиттэн хайдах анньынары көрдөрдө. Үөһэ олорооччулар бэрт сорунан син кэннилэрин диэки сыҕарыйбыттарын көрөн, Тоо күрүө үрдүттэн аты миинэ түстэ.

– Миигиттэн тутуһуҥ! Бардыбыт, – диэт үөрүйэх баҕайытык этэрбэһин тилэҕинэн ат ойоҕоһун охсуолаабытыгар, аттара оргууй иннин диэки баран иһэн, туораан оспуос диэки салалынна.

Акуу убайын хонноҕун анныттан тутуһан иһэр. Аача Акууну кууста. Ат өрүс сыырын түһүүгэ лоппордоон кэлэн, аллара түспүтүнэнэн барда. Тоо ат моонньугар тахсымаары күүскэ ат арҕаһыттан анньынан тиэрэ мэтэйэн олорор. Аллара мууска тиийиигэ Тоо улаханнык ыксаата, дьоно кэнниттэн үтүрүйэн, кинини ат арҕаһыгар тиэртилэр. Ат көнө сиргэ үктэммитигэр:

– Кэннигит диэки сыҕарыйыҥ! – Тоо ыксаабыт куолаһынан хаһыытаата. Дьоно нэһиилэ кэннилэрин диэки сыҕарыйан, убайдарыгар олорор сирин буллардылар. Ити икки ардыгар ат ойбон таһыгар кэлэн тохтоото.

– Оо! Ойбоммут мууһурбут. Билигин кэннигит диэки сыҕарыйыҥ, – диэтэ.

Дьоно эмиэ илиилэринэн анньынан кэннилэрин диэки сыҕарыйбытынан бардылар. Онтон Тоо атыттан түһээри атаҕынан Акуу сирэйин таарыйан ааста. Кини аттан түһэн, ойбон мууһа быраҕыллан чөмөхтөммүт мууһугар тиийэн, муус баһар сүүр анньыллан турарын ылан, сарсыарда алларыллыбыт ойбон мууһун тоҕута сыста, мууһун ыраастаата. Ойбон мууһа ыраастаммытын көрөн, ат аҕыйахта хардыылаан ойбоҥҥо кэлэн уулаары төбөтүн аллара түһэрбитигэр, ойбон уута бу хараарыс гына көстөн кэллэ. Акуу куттанан ат арҕаһыттан күүскэ анньынан кэннин диэки чинэрийдэ. Ойбонтон уулуу турар акка олорор кутталлааҕын Акуу дьэ биллэ. Иннэ аһаҕас, киһи тутуһара диэн ат арҕаһын сиэлэ эрэ. Ат, уулаан бүтэн кэннин диэки хардыылаат, турунан кэбистэ. Тоо атын көнтөһүттэн сиэтэн, өрүскэ кытылы кырыйа чөмөҕөлүү анньыллыбыт кыдьымах муустарын диэки барда. Муус кыдьымахтар быыстарынан суол оҥорон мууһа соломмут сиргэ Тоо атын сиэтэн аҕалан, кыдьымах мууһугар ыкса тохтотто уонна мууска ыттан тахсан атын мииннэ.

Төттөрү ойбон таһынан ааһан иһэн, ыраас хаарга суоллары көрөн Акуу:

– Тоо, ити эн атынан сылдьыбыт суолуІ дуо?

– Аты уулатан баран ити муустарга аты илдьэн, муустарга тахсан аппын миинээччибин, – диэтэ.

Көнө сиргэ ат хаамара үчүгэйэ сүрдээх, киһи эрэ олоро сылдьыан курдук.

– Үтүлүккүтүн устан хоонньугутугар уктуҥ. Оччоҕо сыыры тахсарга тутуһаргытыгар үчүгэй буолуо.

Оҕолор түргэн үлүгэрдик үтүлүктэрин устан нэһиилэ соннорун уолугун иһигэр угуннулар.

Ат көнө сири ааһан, өрүс сыырын дабайбытынан барда.

– Миигиттэн кытаанахтык тутуһуҥ! – диэн хаһыы иһиллибитигэр, Тоо кэннигэр олорооччулар иккиэн убайдарыттан тутуһуохтарынан тутустулар. Ат сыыры дабайарыгар кирдиэлэтэн хаамар эбит. Ат хас хардыытын аайы акка олорооччулар кэннилэрин диэки сыҕарыйан истилэр. Аача ат самыытыгар тиийдэ, онтон салгыы Акуу нөҥүө Тооттон тутуһар кыаҕа суох буолан, илиитэ мүччү барда да, Акууттан тутуспакка хаалла. Икки илиилэрин ууммутунан ат кутуругун үрдүнэн, сылгы түүлүү сылдьар самыытын түүтүн тарбахтарынан сууралаабытынан сиргэ атаҕынан түстэ эрээри, атаҕа уйбакка, сиргэ олоро түһээт, аллара диэки хойуһунна. Акуу дьыалата эмиэ мөлтөөтө. Убайа ат сиэлин илиитигэр эрийэн, ат арҕаһыгар төбөтө сыстан сытан хаалла. Акуу ат самыытыгар убайыттан тутуспутунан сытар. Биир сырыыга ат хаҥас ойоҕоһунан аллара сууллан, олус ыарыыта суох чигдигэ түстэ. Кини тиэрэ түһэн нарайан сыттаҕына, ат кэлин туйаҕа кини таһынан ааһар салгына, сирэйин «ил» гынан ааспытын биллэ. Акуу суолга олорон көрдөҕүнэ, эдьиийэ аллара саҥа туран эрэр. Сыыры үөһэ диэки көрбүтэ, убайа акка сытыаҕынан сытан сыыр чабырҕайыгар тиийэн эрэр эбит. Акуу ат буолан туран кэллэ. Эдьиийэ кини таһыгар кэллэ. Акуу санаатыгар аты ситээри сыыры өрө сүүрэн көрдө да, киһи сүүрэн сири өнүтүө суоҕун билэн тохтоото. Өрө көрө түспүтэ, ат тохтоон турар эбит, убайдара эргиллэн кинилэри көрөр. Аллараттан тахсан иһээччилэр хаамыыларын эбэн син үөһэ таҕыстылар. Манна туохха эмэ ыттан ат үрдүгэр тахсыахха айылаах салҕанар сир суох. Ат тэһийбэтэ быһыылаах, олорсубут дьонум кэллилэр диэтэ дуу, оргууй далын диэки хаампытынан барда. Акуу ат кэнниттэн хааман иһэн, акка ыкса кэлэн ат кутуругун харбаан ылла уонна оннук сиэтиспитинэн далга кииристэ. Көҕүллээх далга киирэн турунан кэбистэ. Тоо атыттан түстэ.

– Туоххун эмэ өлөрдүҥ дуо?

– Суох. Ат атаҕа маннык ааста, – диэн ытыһынан сирэйин туора суруйан кэбистэ.

– Аныгыскы сырыыга эһэнэн аты ыҥыырдатыахпыт. Тутуһарга үчүгэй буолуо. Билигин уулаппыт аппытыгар отто биэриэххэ.

Кыбыы сиэрдийэлэрин быыһынан иккиэн киирэн, чөмөхтөнө сытар оттон илиилэрин быластаан оту ылан, сиэрдийэ быыһынан отторун астылар. Маны көрөн Көҕүллээх үөрдэ быһыылаах, кыратык иҥэрсийэн ылла уонна окко кэлэн аһаабытынан барда. Оҕолор кыбыыттан тахсан, ат иннигэр олорон, ат оту сиирин чохчойон одуулаһан олордулар.

– Көр, кини уоһа илии курдук. Оту харбаан ылар.

– От кини килиэбэ, уу чэйэ буолар.

– От ат иһигэр киирэн хайыыра буолуой?

– Буһар үһү.

– Оһох курдукка дуо?

– Ээ, билбэтим. Дьөгүөрүскэ итинник диэбитэ.

Тоо ойон туран ат ойоҕоһугар сыстан:

– Сиэбит ото маннык айаннаан, саах буолан тахсар, – диэт үтүлүгүнэн ат ойоҕоһугар туора-маары суруйан баран, ат кэннин диэки ыйан кэбистэ.

– Оту ким анньыалаан онон таһааран кэбиһэрэ буолуой?

Ити кэмҥэ оҕолору далга көрөн, Саарык сүүрэн кэлэн оҕолор икки ардыларынан киирэн турунан кэбистэ. Чохчойон олорор Акуу ыттан үтүрүттэрэн өттүктүү түстэ. Ат сии турар отун ыт сытырҕалаабытыгар, Көҕүллээх икки кулгаахтарын кэннин диэки сыһыаран, араҥас тиистэрин көрдөрөн, ыт диэки төбөтүн ньолбоччу тутан хайыста. Саарык сүр түргэнник кэннин диэки чугуруйда.

– Ити Көҕүллээх отуттан көҥөнөр.

– Тоҕо?

– Ыт оппун сиэри гынна диир быһыылаах.

– Ыт оту сиэччи дуо?

– Сиэбэт. Эти, уҥуоҕу сиир.

– Биһиэхэ аҕалбыт куобаҕын, уларын тыаҕа бэйэтэ тоҕо сиэбэтэҕэ буолуой?

Читать далее