Читать онлайн Саха фольклора бесплатно
КИИРИИ ТЫЛ
Күндү ааҕааччы, эн саха омук тылынан уус-уран айымньытын хомуурунньугун арыйдыҥ. Кинигэҕэ норуоппут үйэлэргэ муспут барҕа баайа – фольклора тус-туспа жанрынан наарданан киллэриллибит. Хас биирдии жанр тус-туспа аналлаах, үөрэтэр-уһуйар суолталаах.
Таабырын оҕо аймах өйө-санаата сайдарыгар, тыла-өһө тобулларыгар, төрөөбүт тылынан саҥарарыгар олук уурар олус туһалаах жанр. Ордук кыра саастаах оҕо сөбүлээн истэр, таайа сатыыр. Маныаха төрөппүт эбэтэр иитээччи оруола улахан: кини таабырыны оҕо сааһыгар сөптөөх гына талан, кырачаан дьону төрөөбүт тылын эйгэтигэр киллэрэргэ дьулуһуохтаах.
Омук сүүһүнэн сылларга чочуйбут, сытыылаабыт ох тыла – өс хоһооно. Бу жанр киһи саҥатын байытар, мындыр өйдөөх, тобуллаҕас толкуйдаах буоларга үөрэтэр. Өс хоһооно киэҥ өйдөбүлү, олох араас түгэнин аҕыйах тылынан чаҕылхайдык этэн кэбиһэр.
Саха омук остуоруйатын уратыта диэн сороҕор ис хоһоонунан өс номоҕор чугаһыыр буолуон сөп, атын омук остуоруйатыттан киирии сабыдыал эмиэ баар. Остуоруйа курдук умсулҕаннаах, абылаҥнаах жанры оҕону, ыччаты иитиигэ, үөрэтиигэ, сайыннарыыга дьиэ кэргэҥҥэ, уһуйааҥҥа, оскуолаҕа киэҥник туһанаргытыгар сүбэлиибин.
Чабырҕах – биһиги омукпут биир ураты тылынан уус-уран айымньыта. Билиҥҥи саха киһитэ ылбычча өйдөөбөт тыла-өһө быдан былыргыттан ситимнээх уонна дириҥ силистээх. Манна саха мындыр өйө, ис санаата, былыргы тыл уустук уратыта элбэх бэлиэ быыһыгар саталлаахтык кистэммит, кэнэҕэһин ол кистэлэҥи кэнчээри ыччат арыйыаҕа, өбүгэтин ситимин тутуоҕа. Кэлиҥҥи кэмҥэ ыччат аныгы, ол эбэтэр өйдөнүмтүө тыллаах-өстөөх, хоһооннуҥу киэптээх чабырҕаҕы сэргиир уонна толорор буолан эрэрин бэлиэтиибин.
Саха киһитэ алгыһы үйэлээх үгэһин, сиэрин-туомун кытта ситимнээн өйдүүр. Кини алгыһы ыһыахха Үрдүк Айыыларга, иччилэргэ, аллараа дойду ааттаахтарыгар сүгүрүйэригэр, олох-дьаһах үгэстэригэр, ол иһигэр ойуун кыырыытыгар эмиэ, туттар. Жанр сүрүн анала дьон-сэргэ сырдыкка, кэрэҕэ, ырааска дьулуһарыгар туһулуура буолар. Маны таһынан саха омук үйэлэргэ муспут билиитин, үөрэҕин уонна үөрүйэҕин көлүөнэттэн көлүөнэҕэ тиэрдиигэ сүдү суолталаах.
Ханнык баҕарар омук олоҕун-дьаһаҕын, билбит-көрбүт кистэлэҥ билиитин уус-уран тылынан кэлэр көлүөнэҕэ тиэрдэргэ дьулуһара. Ол норуокка кэпсээн, сэһэн, үһүйээн, онтон номох буолан үйэттэн үйэҕэ салҕанан бара турара. Хомуурунньукка киирбит үһүйээн, номох холобурдарын ааҕыахха, үөрэтиэххэ, чинчийэр үлэҕэ туттуохха сөп.
Кинигэ ааҕааччы киэҥ араҥатыгар туһуламмыт, онон ким баҕарар ааҕарыгар судургу, өйдөнүмтүө буоллун диэн сорох эргэрбит тыллар, этии тутуллара эрэдээксийэлэнэн бэриллибиттэр. Түмүктээн эттэххэ, оҕо-ыччат дьоҥҥо, төрөппүккэ, иитээччигэ, учууталга, чинчийээччигэ, фольклору сэргээччигэ олус туһалаах хомуурунньук бэлэмнэммит.
Людмила Степановна Ефимова,филология билимин дуоктара,М.К. Аммосов аат. ХИФУ култуура үөрэҕинхаапыдыратын сэбиэдиссэйэ
Айылҕа
Аан дойду атыыра кистиир үhү, улуу дойду oҕyha мөҥүрүүр үhү. (Этиҥ)
Айаҕын аттаҕына уот күндээрэр, тииһин хабырыннаҕына – таас хайалар дэлбэритэ бараллар үһү. (Этиҥ, чаҕылҕан)
Айыы уола көмүс курунан далбаатыыр үhү. (Чаҕылҕан)
Ардах кэнниттэн алаарар баар үһү. (Кустук)
Атаҕа суох да сүүрэр. (Өрүс устара)
Байҕал балыга оонньообут үһү. (Дьүкээбил)
Байҕалга сэттэ манньыат тимирэн сытар үhү. (Үргэл)
Балаҕан үрдүгэр кэлтэгэй хамыйах сытар үhү. (Ый)
Балаҕан үрдэ барчанан сабыллыбыт. (Сулустаах халлаан)
Бары кинини таптыыллар, оттон кини диэки көрдөхтөрүнэ, сирэйдэрин мырдыччы тутталлар үһү. (Күн)
Кинитэ суох дьон өлүөх этэ. (Уу)
Көмүс чаһы утуйдаҕына, алтан чаһы барар үһү. (Күн уонна ый)
Күн анныгар күлүгэ да көстүбэккэ күүһүргүүр баар үhү. (Тыал)
Күн кыыһын күөх солко былаата көҕөрөр үhү. (Халлаан сырдыыра)
Кыната суох да көтөр. (Былыт)
Муора ортотугар көмүс кытах уста сылдьар. (Күн)
Сайын саҕынньах кэтэр, кыһын устан кэбиһэр баар үhү. (Тыа)
Сүгэтэ суох муосталаммыт баар үһү. (Муус)
Таҥаһын биир сылга түөртэ уларыттар баар үһү. (Сир)
Туохтан да тутааҕа суох ыйанан турар баар үһү. (Ый)
Тыа устун иһэн лабааны таарыйбат, муора устун иһэн долгуну хамсаппат. (Күн сардаҥата)
Тыаһа суох саба барыйан кэлэр баар үhү. (Түүн)
Хараҥаны сырдатар баар үһү. (Ый)
Улаҕата-уһуна биллибэт улуу муора баар үһү. (Халлаан)
Улуу куйаар кыыһа солко курдаах үһү. (Кустук)
Үөскээбитин өрүү өйдөөбөт, сыттым диэн сынньаммат, утуйдум диэн уута хаммат Сүҥ Хаантан төрүттээх түүн бараан Ийэ хотун баар үhү. (Сир)
Үтүө киһи сылга биирдэ киэргэнэр үһү. (Тыа)
Ыраахтааҕы кыыһа солко былааты быһыта тардан быраҕаттаабытын бар дьон барыта туһанар үһү. (От-мас)
Эргэл-дьэргэл эккирии турарын ким да булан-тутан ылбат үhү. (Дьэргэлгэн)
Киһи, эт-сиин
Аан дойдуга саамай күүстээх кимий? (Киһи)
Аттаммат даҕаны, оҕустаммат даҕаны, кыната да суох, aтaҕa да суох – ханна да тиийэр баар үhү. (Киһи санаата)
Атырдьах үрдүгэр тымтай, тымтай үрдүгэр мээчик, мээчик үрдүгэр ойуур. (Киһи атаҕа, баһа, көхсө, баттаҕа)
Икки маҥан атыыр өлөрсөн эрэллэрин кугас биэ кэлэн быыһыыр үhү. (Тиис икки, тыл икки)
Икки саарба атахтаһан сыталлар үһү. (Хаас)
Икки хайа икки ардыгар саһыл мөхсөр үһү. (Тыл)
Икки чыычаах көтөөрү өндөҥнөһөллөр да, хайалара да көппөт үһү. (Кулгаах)
Ини-бии бииргэ төрөөн баран бэйэ-бэйэлэрин көрсүбэттэр үһү. (Киһи харахтара, кулгаахтара)
Күн сиригэр туохтан да күндү туох баарый? (Ийэ)
Кыһыннары үүнэр мастаах тумул баар үһү. (Төбө)
Кэккэлэһэ иһэр да, суола суох. (Күлүк)
Луук мас иһэ тоҥмот үhү. (Киһи силиитэ)
Муус түннүгү сүкпүт оҕолор ханна баҕарар сырсаллар. (Тарбахтар, тыҥырахтар)
Отут киһи олорпот бадьыр көмүһэ баар үhү. (Кыра оҕо)
Сааһар биирдэ кэппитэ алдьаммат таҥас баар үһү. (Тирии)
Сарсыарда олорор, күнүс сүүрэр, киэһэ тайахтанар. (Оҕо, улахан киһи, оҕонньор)
Сиэмэтэ да суох үүнэр. (Баттах)
Сырсаллар, сырсаллар – хайалара да куоппат үһү. (Атахтар)
Туппат гынан баран тардыһар баар үhү. (Киһи кэлэҕэйэ)
Түргэнтэн түргэн баар үһү. (Санаа)
Түүлээх хааһах иһигэр хостоотор да бараммат мал баар үһү. (Өй)
Уокка кэбистэххэ – умайбат, ууга кэбистэххэ – тимирбэт, быһаҕынан кыһыйдахха – арахпат баар үhү. (Киһи аата)
Уон оҕо биир көлүйэни ураҕастыыр үһү. (Кыламан)
Xамсыыр харамай
Aҕыc атахтаах араллаан бухатыыр баар үһү. (Оoҕyй oҕyc)
Албын оҕонньор арбаҕаһа аатырбыт үһү. (Саһыл)
Алдьархай уола хааннаах бэргэһэлээх үһү. (Тоҥсоҕой)
Быыкайкаан сүөһүчээн сүүс көмүс манньыаты сүгэ сылдьар үһү. (Собо)
Икки ураа лаҥкыр муостаахпын да, орто дойду oҕyһa буолбатахпын, aҕыc адаар атахтаахпын да, аан дойду атыыра буолбатахпын, көхсүбэр өрбөхтөөхпүн да, улуус умнаһыта буолбатахпын. (Таракаан)
Ким бэйэтин саҕа сибиниэһи соһоруй? (Кымырдаҕас)
Ким иккитэ төрүүрүй? (Көтөр кынаттаах)
Ким кыһын ойуурга аччык кэрийэ сылдьарый? (Бөрө)
Көппөх тэллэхтээх баар үһү. (Баҕа)
Куорсуна суох да, муҥура суох суруйар баар үһү. (Мас үөнэ)
Куттанара эрэ куоска, мананара эрэ мааска, соһуйара эрэ сохсо, чачайара эрэ чааркаан. (Кутуйах)
Кытай кыргыттарын кыптыыйдарын тыаһа кыһырҕаан иһиллэр. (Аһыҥалар)
Кыыс оҕо сонун тэллэҕэр бэчээттээх үһү. (Кырынаас)
Кэллэрбин эрэ кэпсиэм, төннөрбөр төрүт саҥарыам суоҕа диир баар үһү. (Кэҕэ)
Наахара оҕонньор алтан харахтаах үһү. (Улар)
Ньаассын лааппылаах, тойоннуур торуоскалаах уордаах ыраахтааҕы баар үһү. (Тигээйи)
Ойуурга ойуулаах сонноох оҕолор бааллар үһү. (Моҕотой)
Орто дойдуга кэлэн баран, саҥата суох төннөр баар үһү. (Лыах)
Сир анныгар итии болгуо сытар үһү. (Эһэ)
Соҕуруу дойдуттан кырбас эт кыырайан кэлэр үһү. (Кус)
Сүгэ-балта бастаах килбэҥ-халбаҥ баар үһү. (Тэмэлдьигэн)
Сытыы тумустаах өрүөл кыыл күнү-ыйы бүөлүү көтөр үһү. (Кумаар)
Тииттэн тирэхтээх тиҥсирики сүүрүк баар үһү. (Тииҥ)
Тэнтик-мунтук хаамабын, тэлиэс-былаас дайбыыбын да, мин кэллэхпинэ, дьон бары үөрэ-көтө көрсөллөр, мин кэлбиппин кэпсэтэллэр. (Тураах)
Халлааҥҥа тиийэр тумустаах, икки күкүр таас кынаттаах барылыыр бар өксөкү кыыл, илин диэкиттэн кэлэн, тумулга иҥэн хаалар үhү. (Бырдах)
Ырыалаах-тойуктаах Ырыа Ыгдаанай баар үһү. (Сахсырҕа)
Элээрбэ эрэхсин эккэ иҥсэлээх үһү. (Мохсоҕол)
Туттар сэп-сэбиргэл
Аҕыс уон арыалдьыттаах, тоҕус уон доҕуһуолдьуттаах, сэттэ уон сирдьиттээх ытык ыадалыма эмээхсин баар үһү: урууга кэтэр оһуордаах сонноох, ыһыахха кэтэр ыллыктаах сонноох. (Муҥха)
Аҕыс тиистээх адаар мас баар үһү. (Кыраабыл)
Биир биэ сэттэ кулуннааҕыттан, кистээтэҕин аайы, биирдии кулуна баран иһэллэр үһү. (Ох саа, оноҕос)
Далай иһигэр даркы уоруйах баар үһү. (Туу)
Дуга курдук токуркайбын, сайын ходуһаҕа дьаарбайабын, кыһын көхөҕө ыйанабын диир баар үһү. (Хотуур)
Ийэтэ иҥэрсийэ хаалбыт, оҕото ойон хаалбыт. (Саа эстэрэ)
Икки сыгынньах оҕо ытаһа-ытаһа сырсар үһү. (Хайыһар)
Икки төгүрүктээх, биир тоһоҕолоох баар үһү. (Кыптыый)
Икки тутардаах, икки уһуктаах, ортотугар тоһоҕолоох баар үһү. (Саптаах иннэ)
Ким бэйэтин иһигэр таҥастааҕый? (Чүмэчи)
Көҕөччөр ат сүүрбүт да, суолун хаалларбатах. (Тыы)
Кулуна бара турбут, ийэтэ иҥэрсийэ хаалбыт үһү. (Буулдьа)
Мөҥүрүү-мөҥүрүү уокка киирэр oҕyc баар үһү. (Күөт)
Оҕонньор уотунан, салгынынан аһылыктанар үһү. (Саа)
Oттооҕop эрэ улахан буолан баран, oҕycтaaҕаp бөҕө баар үһү. (Өтүү)
Сири аннынан нэлэмэн уоруйах сылдьар үһү. (Илим)
Суолга киирбэт Суодьаах баар үһү. (Киһи тайаҕа)
Сытан эрэ күүстээх баар үһү. (Харчы)
Сэттэ харахтаах маҥан таба баар үhү. (Сиэркилэ)
Уон киһи бэргэһэтэ биир үһү. (Сүүтүк)
Халлаантан хара суор хаһыытаабытынан хап гына түспүтүгэр, ымыйалаах кымыс быччас гына түспүт. (Анньыы, ойбон)
Хара ынах хаптаһыны хайа салаабыт үһү. (Эрбии)
Дьиэ-уот, тиэргэн
Ат анала тугуй? (Сэргэ)
Биир байтаһын биэ иһигэр алтан дьааһык баар үhү, ол дьааһык иһигэр Аллан чакыыра баар үhү, ол чакыыр иһигэр ooҕyй oҕyc ситимэ баар үhү. (Оhox, ohox иһэ, чох, күл)
Ийэлэрин толору аһаттахха – кыргыттара балаҕан үрдүгэр тахсаллар, уолаттара халлааҥҥа көтөллөр. (Ийэ – оһох, кыргыттара— кыым, уолаттара – буруо)
Иннинэн-кэннинэн тэбиэлэнэр эмньик кулун баар үһү. (Аан)
Кэтит-кэтит Кэтириинэ, суон-суон Суоппуйа, уһун-уһун Огдооччуйа баар үhү. (Аан, ohox, ohox буруота)
Моҕол дьахтар үс курдаах үhү. (Уpaha)
Супту аһыыр да, хаһан даҕаны тот буолбат. (Оһох)
Таһырдьа маныыһыт, аара ырыаһыт, иһирдьэ күндүһүт баар үhү. (Сэргэ, xaлҕан, остуол)
Түөрт оҕо биир бэргэһэлээх үһү. (Остуол)
Улуу кыыл бүөрүнэн хайаҕастаах (баастаах) үһү. (Түннүк)
Хотун дьахтар тус илин диэки көрөн, нэлэйэн олорон, аһын тараана олорор үhү. (Оhox)
Ытык атыыр ааҥнаабыт суола сүппэт үһү. (Дьиэ онно, өтөх)
Эмээхсин сарсыарда аайы дьиэҕэ эккириир. (Миинньик)
Ас-үөл
Apaҕac биэттэн тураҕас кулун төрүүр. (Уҥуохтан хоргун тахсара)
Биир көһүйэҕэ быһаҕаһа уулларыллыбыт арыы, быһаҕаһа сиикэй арыы баар, былаатахха да холбоспоттор. (Сымыыт, сымыыт уohaҕa)
Биир оҕону элбэх киһи илиилэригэр кэриччи ылаллар, баһыттан уурууллар. (Кымыстаах чороон)
Буут тууска да бустар, тууһа биллибэт муунта эт баар үhү. (Сымыыт)
Күндү уулаах, күндүөбэй балыктаах алаас баар үhү. (Хобордоохтоох алаадьы)
Кытаанах да таас буолбатах, маҥан да хаар буолбатах баар үһү. (Саахар)
Уу да буолбатар убаҕас, хаар да буолбатар маҥан, уокка уурдахха суорҕаннанар, сөрүүҥҥэ уурдахха бүрүөлэнэр. (Үүт)
Ууга төрөөбүт, ууттан куттанар баар үhү. (Туус)
Таҥас-сап, киэргэл
Арҕаа халлаан муннугар аҕыс туспалаах нам кыыл баар үһү. (Сыалдьа)
Биир тураах оҕотун хоно-хоно баттыыр үһү. (Бэргэһэ)
Буур тайах муҥур уйаҕа кыстаабыт үһү. (Этэрбэс, атах)
Илин хайа икки арҕаа хайа икки ыпсыбыт үһү. (Киһи сонун тимэхтэнэрэ)
Кэлтэгэй балаҕаҥҥа Кэркэс күтүөт күтүөттээн олорор үһү. (Ытарҕа)
Модун киһи мутук курдаах үһү. (Биһилэх)
Муҥнаах киһи мутук курдаах, таҥнаах киһи талах курдаах үһү. (Биһилэх, кур)
Сааһын тухары дьааҥы төбөтүгэр олохтоох Нахтаахаан оҕонньор баар үһү. (Бэргэһэ)
Сэттэ тулаайах оҕо күнүһүн бииргэ хоноллор, түүнүн арахсан хаалаллар үһү. (Тимэх)
Тараҕай оҕонньоттор дьиэҕэ киирбиттэр да, тараҕайдара таһырдьа хаалбыт. (Биэтилэ, тимэх)
Түөрт оҕо биир хоспохтоохтор, оттон биир оҕо биир хоспохтоох үһү. (Үтүлүк)
Хайа үрдүгэр хаҥыл бөҕө мөхсөр үһү. (Муостаах бэргэһэ)
Хара тыһаҕас баҕананы төгүрүйэ сүүрэр үһү. (Моойторук)
Үтүө эр киһи үс сирэйдээх үһү. (Намыаска)
Элкэнэ эмээхсин эйэҥэлик кийииттээх үһү. (Ытарҕа)
Күн-дьыл, бириэмэ
Биир тиит отут мутуктаах үһү. (Ый хонуга)
Ким да кинини күһэйбэт, бэйэтэ кэлэр-барар үһү. (Күн-дьыл)
Киһи сылайбакка түүннэри, күнүстэри барар үһү. (Чаһы)
Куулаҕа отут хабдьы, халдьаайыга сэттэ бочугурас баар үһү. (Ый, нэдиэлэ)
Саҥата суох дьыл хонугун ааҕар баар үһү. (Халандаар)
Сэттэ сымыыттан биирдэрэ кыһыл көмүс үһү. (Баскыһыанньа)
Туут балык сэттэ кэрчиктээх үһү. (Нэдиэлэ күннэрэ)
Уон икки салаалаах, биэс уон икки мутуктаах, үс сүүс алта уон биэс туораахтаах биир тоҥ харыйа баар үһү. (Төгүрүк сыл)
Үөрэх, үөрэнэр тэрил, сурук-бичик
Аан дойдуга туохтааҕар да күүстээх туох баарый? (Үөрэх)
Атаҕа суох – хаамар, кыната суох – көтөр, тыла суох кэпсиир баар үһү. (Сурук)
Илиитэ, атаҕа суох да буоллар, барыга үөрэтэр. (Кинигэ)
Отой тыла суох окур-бокур оҕолор кэккэлэһэн эрэ турдаллар кэпсээбитинэн бараллар. (Буукубалар)
Саҥарбатар даҕаны аан дойду араас сонунун кэпсии олорор баар үһү. (Хаһыат)
Сирэйэ үрүҥ да, санаата эриэн баар үһү. (Сурук)
Сүүсчэкэ бырааттыылар бииргэ тиһиллэ сылдьаллар үһү. (Кинигэ)
Хара Уйбаан мас ырбаахылаах, ханна муннун таарыйар да бэлиэни оҥорор баар үһү. (Харандаас)
Хараҕа суоҕу харахтыам диир баар үһү. (Үөрэх)
Эдэр киһи ыраас хонууга ыстаҥалаабыт суола сүппэт үһү. (Суруйуу)
Майгы, дьаллык
Аска аҕыс, үлэҕэ үс баар үһү. (Сүрэҕэ суох буолуу)
Кус сүрэх, куобах быар баар үһү. (Куттас киһи)
Тибиликитэ тибилийбит, дьиэликитэ дьиэлийэн кэбиспит үһү. (Уоруйах)
Уулуссаҕа алдьаммыт мэһэмээн дьалларыҥныы сытар үһү. (Этиһиик)
Ый-күн икки ардыгар типпэй-иппэй баар үһү. (Хобуоччу)
[12], [13, 164–167 с.]
Дьиэ кэргэн, оҕо-уруу, аймах
Алтан уҥуоххун араҥастыа, көмүс уҥуоххун көтөҕүө.
Бодорустахха бодоҥ биллэр, кэргэннэстэххэ кэмэлдьи биллэр.
Бу оҕо мутуктуурун саҕана, биһиги хордоҕойдоотохпутуна сөп.
Дьахтар уруута амарах, эр киһи уруута таһарах.
Иирсээннээх ыал уота тымныы, иллээх ыал уота сылаас.
Ийэ-аҕа санаата – оҕоҕо, оҕо санаата – тааска.
Kиhи бэрдинэн эр-ойох буолбат.
Киһи, сиргэ төрөөн, икки эрэ киһини «ийэ», «аҕа» диир.
Киэҥ аймахтаах, кэтит уруулаах.
Көмүскэллээх санаалаах Күбэй Хотун Ийэ.
Куоскалаах ыт курдук олороллор.
Кыыс оҕо – омук анала.
Кэнчээриҥ кэскилин кэҕиннэримэ.
Оҕо – киһи дьоло, эрэлэ.
Оҕо – киһи инники кэскилэ.
Оҕолоох ыалтан оннооҕор уот иччитэ үөрэр.
Оҕото суох олох – олох буолбатах.
Одуулуура эрэ ойоҕо.
Ойоҕо суох – ооҕуй муҥа, эрэ суох – эрэй муҥа.
Ойуун ойоҕо дьохтоох, уус ойоҕо дархан.
Тарбаххынан талан, сүрэххинэн сөбүлээн, хараххынан хайҕаан ыл.
Төлкөҕүн төрүөх ыччаккыттан ыйыт, кэскилгин кэнчээри оҕоҕуттан көрүн.
Тураах мин оҕом саары чаккылаах диэбитигэр дылы.
Улаҕаҕа уктар, ойоҕоско олордор ойох-доҕор.
Уол оҕо төрүөтэҕинэ – суор үөрэр, кыыс оҕо төрүөтэҕинэ – ыт үөрэр.
Уруу ырааҕа, уу чугаһа үчүгэй.
Хаан биир, хармаан атын.
Хаан урууну өрүс да уутунан сууйуллубат.
Хаан хаалбат, көлүөнэ көппөт.
Хаан хаанын түһэн биэрбэт.
Үөрэх, билии, өй
Атын киһи алҕаһыгар үөрэн.
Балыгы умсарга үөрэппиккэ дылы.
Былыргы киһи ынаҕынан, аныгы киһи үөрэҕинэн.
Бытыгын быһа үктүөр диэри өйдөммөтөх диэбиккэ дылы.
Илдьэ барар идэм, бииргэ кэлбит мэнигим.
Көтөр өҥүнэн, киhи өйүнэн.
Кумах мэйии, хоҥко бас.
Күн аайы эбиллибэт билии көҕүрүүр.
Күн сири сырдатар, үөрэх – киһини.
Өйдөөх өйүнэн өлөртөн куотар.
Өйө суох киһи хараҕа-кулгааҕа суох.
Өлөн баран өйдөммүт диэбиккэ дылы.
Саҥаттан саҕалаа, үрүҥтэн үйэлээ.
Сүөһү күрүөлээҕэ, киһи төбөлөөҕө үчүгэй.
Сүүс үөрэҕэ суохха биир үөрэхтээҕи биэрбэттэр.
Сэттэ үүккүнэн ситэри иһит, тоҕус үүккүнэн толору болҕой.
Тугу да билбэттээҕэр итэҕэс билии мөлтөх.
Үөрэҕиҥ үөрэнииҥ тэҥэ.
Үөрэҕэ суох киһи – хараҕа суох.
Үөрэнии – сүүрүгү утары эрдэр тэҥэ.
Үөрэнэр хаһан да хойут буолбат.
Үөрэх баар бараммат баай.
Эдэр кырдьаҕастан үөрэнэр.
Үлэ-хамнас
Ааллахха оннооҕор тимиртэн арыы тахсар.
Алаадьы арыылааҕа үчүгэй, үлэ көхтөөҕө ордук.
Алдьатыы дөбөҥ, оҥоруу уустук.
Аска аҕыйах үчүгэй, үлэҕэ үгүс үчүгэй.
Биирдэ барытын саба туппаккын.
Бүгүн бүтэри сарсыҥҥыга хаһааныма.
Дьалах үлэтэ холорук ытыйбытын курдук.
Дьол үлэҕэ баар.
Дьыаланы саҕалаан баран тиһэҕэр тиэрт.
Илии хамнаатаҕына, айах хамныыр.
Ким сүрэҕэлдьиир, ол иһэ аччыктыыр.
Киһи тугу баҕарар кыайар, санаатын yуруo эрэ кэрэх.
Көрдөөбүт көһүйэ көмүһү булар.
Кыптыыйдаах кылаана, сүүтүктээх сүүмэйэ, иннэлээх эҥинэ.
Кыыма суох кыайыы ситиһиллибэт.
Кэпсиирдээҕэр оҥорор ордук.
Орулуур уох, күрүлүүр күүс.
Отонноотоххо оннооҕор оҥоойук туолар, үлэлээтэххэ үлэ бүтэр.
Өлүөххэ да соло суох.
Сатабыллаах саһыл саҕалаах.
Сир быйаҥнаах, киһи сатабыллаах.
Сүрэхтээх киһи туохтан да маппат.
Сүрэхтээх сүгүн өлбөт.
Сылдьыбыт сыа аһылыктаах, утуйбут уу аһылыктаах.
Туттуоҥ иннинэ толкуйдаа, кэрдиэҥ иннинэ кээмэйдээ.
Түөһүн күүһүнэн, илиитин эрчиминэн.
Тылыгар толорор, дьыалатыгар олорор.
Үлэ ата – от хаата, үлэ киһитэ – ас хаата.
Үлэ барыта бочуоттаах.
Үлэ – харахха үүт ыгар буолбатах.
Үлэлээ да киһи буолуоҥ, үлэлээмэ да кии буолуоҥ.
Үлэни хаһааныма, аһы хаһаан.
Үчүгэй ат охтон түһүөр диэри барар.
Ыарахантан толлума, кытаанахтан чаҕыйыма.
Ылыстыҥ да, тиһэҕэр тиэрт.
Хайаны намыһаҕынан дабайыллар, үлэни чэпчэкититтэн саҕалыыллар.
Халлаантан ас түһүө диэн айаххын атыма.
Хоһуун киһи хоргуйбат.
Эрдэ саҕалыаҥ, эрдэ бүтэриэҥ.
Эрдэ турбут чыычаах тумсун соттор, хойутаан турбут чыычаах хараҕын хастар.
Дьол, таптал, үөрүү
Атаҕа сири билбэт буолбут.
Дьиҥнээх таптал тыына быстыбат.
Дьол баар сиригэр олох баар.
Дьол былыт быыһынан тыган ааһар.
Дьол икки хараҕа суох.
Дьол – олох төрдө – таптал.
Дьол сор икки киһини кытта тэҥҥэ сылдьаллар.
Дьоллоох икки сототунан оонньуур.
Дьолуҥ – бэйэҥ илиигэр.
Көтөр кынаттаах – көтөргө, киһи дьолго ананан айыллыбыт.
Күнүм буолла – күөнэҕим таҕыста, күөрэгэйим ыллаата.
Күөх от күн уотугар хайыһар, киһи күн үтүөтүн батыһар.
Кыыс оҕо ырыата, уол оҕо тойуга буолбут.
Кэлтэгэй да буоллар кэрэ, доҕолоҥ да буоллар күндү.
Маҥнайгы таптал умнуллубат.
Нохтолоох сүрэҕэ долгуйда, хайҕахтаах быара хамсаата.
Сөбүлээтим да – сүгэһэрдээххэ, таптаатым да – тайахтаахха.
Таптал баай хоту, аат-сурах да хоту буолбат.
Таптал диэн дьол, оттон баай диэн күн кырааската.
Таптала суох – олох суох.
Тапталы киһи булбат, таптал бэйэтэ булар.
Таптаһар дьон таҥаралара биир.
Таптыыр сүрэх таайыгас.
Таптыыр сүрэх туохтан да иҥнибэт.
Таптыыртан харах арахпат, абааһы көрөртөн тыл арахпат, ыалдьартан илии арахпат.
Тыыннаах киһи тапталтан ханна да куоппат.
Уллуҥаҕа сири билбэт, хараҕа халлааны билбэт буолбут.
Уол оҕо дьоллоох, соноҕос ат соргулаах.
Уол оҕо дьоло – сир түөрт өттүгэр.
Уот сиирин курдук таптаһаллар.
Үөрүүтүттэн эдэригэр түспүт.
Харах уулаах таптал үйэтэ суох.
Ыйга көтүөн кыната эрэ суох.
Эр – сүрэҕинэн, дьахтар – тапталынан.
Доҕордоһуу
Айан киһитэ аргыстаах, суол киһитэ доҕордоох.
Атас туһугар атах тостор; кэргэн туһугар кэтэх туллар.
Биир силистээх, биир тыыннаах дьон.
Доҕор доҕорун алдьархайга хаалларбат.
Доҕор доҕорун иэдээҥҥэ бырахпат.
Дьиҥнээх доҕор көмүстээҕэр күндү.
Ким доҕордоох – ол дьоллоох.
Кулуннаах биэ курдук куодарыһаллар.
Миннэрин билсибит дьон.
Мөлтөх доҕор өстөөхтөөҕөр кутталлаах.
Caҥa доҕордооҕор эргэ доҕор ордук.
Суон ойуур курдук дурда, халыҥ ойуур курдук xaxхa.
Умса түстэҕинэ сүүһүттэн өйүүр, иттэнэ түстэҕинэ кэтэҕиттэн өйүүр доҕорум.
Уостубат үрэҕи курааҥҥа, үчүгэй доҕору алдьархайга киһи билэр.
Уу тохтубат доҕордуулар.
Үтүө киһи үтүөтүн үс үйэ тухары умнуллубат.
Үчүгэй доҕор эмискэ көстүбэт.
Хотоҥҥо киирбит саахха биһиллэр, куһаҕанныын доҕордоспут мөкүгэ тиксэр.
Ыккардыларыгар ыаҕастаах уу дьалкыйбат.
Ынах маҥыраһан билсэр, сылгы кистэһэн билсэр, киһи кэпсэтэн билсэр.
Эйэҕэс киһи үгүс доҕордоох.
Майгы-сигили
«Аҕал» диэтэххэ антах хайыһар, «ыл» диэтэххэ ымас гынар, «кулу» диэтэххэ курус гынар, «мэ» диэтэххэ мичис гынар.
Акаары ахсым, киһиргэс киэбиримтиэ.
Албын аал баһын хоҥнорор.
Албыҥҥа акаары бараммат.
Антах-бэттэх сирэй буолар.
Арбаҕас иһигэр абааһы баар.
Арҕаһыгар баастаах ат ыҥыырын уурдарбат.
Аһаан бүтэн баран атаһын ахтыбыкка дылы.
Аһыырга аллаах, үлэҕэ көлөөк.
Атаҕастыыбын диэн атаххыттан ыллараайаххын.
Аччыгы аһат, тоҥмуту ириэр.
Баай дьадаҥыны аһыммат, дьадаҥы баайы аһыммат.
Баай мэник иккигэ халлаан хабарҕатынан, муора тобугунан.
Баай оҕото бардам, тот оҕото дохсун.
Баҕа бэйэтин бадараанын хайгыыр.
Биэрэр илии билэр, ылар илии билбэт.
Булбута муннугар, туппута тумсугар.
Бүлүү түгэҕинээҕи киһини кынчарыйбыкка дылы.
Былыттаах халлаан курдук киһи.
Быста-быста салҕанар, тимирэ-тимирэ күөрэйэр, өлө-өлө тиллэр.
Бэҕэһээҥҥэ диэри ыт буутун ытыра сылдьарыҥ, бүгүн саһыл кутуругун тута сылдьаҕын.
Бэрдэ бэргэһэ саҕа, үтүөтэ үтүлүк саҕа.
Бэрт киһи бэтиэхэлээх, үтүө киһи үгэлээх.
Бэс ыйыгар Бээчээн муннун үлүппүтүгэр дылы.
Дьахтар оронуттан оhоҕор тиийиэр диэри санаата сэттэтэ уларыйар.
Дьүһүнүн көрөн киһини сэнээмэ.
Икки адьырҕа эһэ биир арҕахха кыстаабаттар.
Иҥсэтигэр иэдэйбит, акаарытыгар алдьаммыт.
Ис миинэ киһи.
Кинээс ойоҕо кэтэхтээх, уус ойоҕо улаатымсык, ойуун ойоҕо улаҕалаах.
Киһи киһиэхэ тэҥнэспэт, сүөһү сүөһүгэ тэҥнэспэт.
Киһи эриэнэ иһигэр, сүөһү эриэнэ таһыгар.
Киһиргээн кэтэҕэ тулларын кэрэйбэт.
Киэҥҥэ киирбэт, баайга баппат киһи.
Көбүөхтүүрүн аанньа күөх киһиргэс.
Көҕөнү тутаары, чөркөйтөн маппыт.
Көҕөнүн ытабын диэн чуркуйуттан маппыт.
Көрдөрөн туран балыырдаах, туттаран туран мэлдьэхтээх.
Көс ыта көҥөс.
Көхсүгэр оноҕостоох, муннугар сыттаах.
Кулгааҕа-хараҕа кэҥээбит киһи.
Кулгаах ырааҕы истэр, харах чугаһы көрөр.
Kумах мэйии, хоҥхо бас.
Куттас үйэтигэр сүүстэ өлөр.
Куһаҕан киһи кулгааҕа кутуругун төрдүгэр.
Куттамсахха турбут барыта тойон.
Куттас бэйэтин күлүгүттэн куттанар.
Кутуругун быһа кыбына сылдьар.
Күн киһитэ көмүскэс, Айыы киһитэ аһыныгас.
Күөх көппө, күөх сүрэх.
Күөх оту тосту үктээбэт киһи.
Күөххэ көппүт, бэлэмҥэ бэрт.
Кырдьан баран кылыыһыт буолбукка дылы.
Кэччэгэйтэн кэлтэгэй хамыйахтаах баһар.
Салаҥ киһиэхэ хара тыа маһа ытыыр.
Санаалаах татыма, өйдөөх мөлтөҕө.
Саһыл курдук ньылаҥнас, ыт курдук ырдырҕас.
Сатаабат сата баһын тардар, өйдөөбөт үөдэни хаһар.
Саха сахатынан кэрэ.
Сиик хоту сигилилээх, салгын хоту санаалаах.
Сиикэйи аһаабат, силгэни сиэбэт.
Сир быта киһи.
Сириксэн силлибиккэ түбэһэр.
Содур киһи сонумсах.
Сокуона сутуругар, ыйааҕа ытыһыгар.
Сонуну солбуйбут, саҥаны сахсыйбыт.
Сууллубут таҥас курдук киһи.
Сүрэҕэ суох сүүс сүбэлээх.
Сүүһүгэр түптүрдээх, хараҕар хаппардаах.
Сыа хаары быспат, уу долгуратын хамнаппат, күөх оту тосту үктээбэт киһи.
Сымыйанан эппэтэҕинэ, иһэ ыалдьар.
Сымыйаччы кэрэһиттээх, түөкүн хонуктаах.
Сытар ынаҕы туруорбат киһи.
Сыылла сылдьан сыарҕа быатын быhар.
Сэнээбиккиттэн сэттэҕин ылыаҥ.
Таас сүрэх.
Таас ытыс, хаппыт тарбах.
Талыы собо курдук дьон.
Тииһимэ тиҥэһэ, тыыныма тыһаҕас, болҕой борооску.
Тимир илии, кытаҕас ытыс.
Тимир тириитин кэппит.
Топпутун тобуга уйбат.
Туппутун ыһыктыбат, көрбүтүн чыпчылыйбат.
Түөкүн киһи үс күлүктээх.
Тыал хоту сылдьар киһи.
Тэбэр сүрэхтээх, тардар тымырдаах, оонньуур хааннаах киһи.
Уот курдук киһи.
Уохтаах буору сиэмэ сөбүлүүр, үтүө киһини дьон сөбүлүүр.
Устан барар уу киһитэ, ааһан барар айан киһитэ буолбатах.
«Уу» диэбитэ – хаар, «хаар» диэбитэ – уу.
Үрүҥү хара диир киһи.
Үс күлүктээх киһи.
Үс өргөстөөх, аҕыс кырыылаах киһи.
Үтүө ат биир кымньыылаах, үтүө киһи биир тыллаах.
Үтүө киһи үөлэһэ кыымнаах, өтөҕө төҥүргэстээх.
Үтүө киһи хараҕа үс.
Үчүгэй киһи суола сырдык, куһаҕан киһи суола хаpaҥa.
Үчүгэй майгыҥ – көтөр кынатыҥ.
Хаахыныыр мас охтон биэрбэт.
Хагдаҥ оттоох сиргэ олоруо суох күтүр.
Харыйаны таҥнары соспут курдук.
Хаһынара хараҕа, оҥосторо уоһа.
Ыал киллэрбэт, ыт үрбэт буолбут.
Эмэһэтигэр чох кыбыллыбыт.
Эриэн ыт элэгэ, күөт ыт күлүүтэ буолбут.
Тыл-өс
Ааттаспыт аалы көтөҕөр.
Ааттаһар да ахсааннаах, көрдөһөр да күттүөннээх.
Аҕыйах тыл минньигэс, элбэх тыл сымсах.
Аҕыйахта саҥарыаҥ – аҕыйахта сыыһыаҥ.
Алгыс баһа сыалаах, кырыыс баһа хааннаах.
Алгыска оннооҕор абааһы ахсыыр.
Аһаҕас айах, бэлэм бэлэс.
Атыттар алгыстарынан, чугастар тойуктарынан буолла.
Биир тыл минньигэс, биэс тыл сымсах.
Дьадаҥы киһи остуоруйаһыт буолар.
Иэгэйэр икки атахтаах бары тыллаах.
Кини айаҕыттан көмүс тохтуо суоҕа.
Киһи айаҕын саба туппаккын.
Киһи кэпсэтэн, сылгы кистэһэн, ынах маҥыраһан билсэр.
Киһи тыла дуҕаҕа баайыллыбыт чуораан буолбатах.
Киһи тыла иччилээх.
Киһи тыла – ох.
Киһи тыла сэттээх, киһи тыла сүлүһүннээх.
Киһи тыла уоттааҕар абытай.
Куһаҕан буолан баран, сымыйа буолбат.
Кырыыс баһа хааннаах, алгыс баһа арыылаах.
Кыһыл тыл – байҕалы оломнуур.
Кэриэс кэс тыл.
Кэскиллээх кэс тыл.
Лоп гынна да догобуор, эттиҥ да этириэс.
Мөлтөх киһи мөккүөнньүт буоларыгар дылы.
Олоҥхо төрдө – олоххо.
Омук тойуга, өһүк номоҕо буолбут.
Оруо маһы ортотунан тыллаах.
Ох-батыйа тыл.
Өс хоһооно – өбүгэ номоҕо.
Саҥа дорҕоонноох, өс хоһооно киэргэллээх.
Саҥарара саахардаах, кэпсииригэ кэмпиэттээх, үөрэтиигэ үрүмэлээх.
Саҥарыаҥ иннинэ санаан көр.
Саҥарыахтан салаҥ, кэпсиэхтэн кэрэгэй.
Саҥарыма – бит гын.
Сарсыарда – сахсаан, киэһэ кэпсээн буолбут.
Соҕотох тыл – сокуон, аҥаардас тыл – ачастаат, биир тыл – бирисээгэ.
Солуута суох саҥарааччы сонуна уу-хаар буолааччы.
Сыҥааҕыҥ сыаланнын, айаҕыҥ арыыланнын.
Тоҥтон толлубакка тосторунан туойар, ириэнэхтэн иҥнибэккэ илдьиритэ этэр.
Тыл дьыалаттан арахсыбат.
Тыл сүһүөҕэ суох.
Тыл тыалга быраҕыллыбат.
Тыл уҥуоҕа суох.
Тыл хаалыан кэриэтин тыһыынча бардын.
Тыллаах эппитин, кырыыстаах кыраабытын курдук.
Тылтан тыл тахсар, саҥаттан саҥа тахсар.
Тыҥатын күүгэнэ баранна.
Тыһы кылы тыыра этэр уус тыллаах киһи.
Устар ууну сомоҕолуур уус тыллаах.
Уу тэстибэтинэн саҥарар киһи.
Үтүө ат кымньыыта биир, үтүө киһи тыла биир.
Үтүө оҕус биир дьүккүөрдээх, үтүө киһи биир тыллаах.
Үтүө тыл дьол буолар.
Үтүө тылтан ким да тахсыбат.
Үүннээх-ыҥыырдаах үтүө тыл.
Халлааны улаҕатынан дойҕохтоох, сири сиксигинэн сэһэннээх Сээркээн Сэһэн.
Хоммут уоһа хоҥунна, өрөөбүт уоһа өһүлүннэ.
Хоруо курдук этэр.
Хотон иччитигэр дылы хоһоонноох.
Ырыа курдук ыпсар, тойук курдук тупсар.
Элбэх сырыылаах атаҕа кирдээх, элбэх саҥалаах айаҕа кирдээх.
Эппит тыллааҕар эппэтэх тыл ордук.
Эр киһи тыла биир.
Этиллибит тыл иһиллибэт буолбат.
Этэр тыл эҕэлээх, саҥарар тыл салалталаах.
Олох-дьаһах, кэм-кэрдии
Аан дойду аппатын-томторун дэхсилиэҥ суоҕа.
Ааспыт төннүбэт.
Балык ыамнаах, киһи күннээх.
Барыам диэн маскын бараама.
Былыргыны былыт саппыт, ааспыты ардах сууйбут.
Дьадайан баран баайгын кэпсээмэ, кырдьан баран күүскүн кэпсээмэ.
Иннин тымтыктанан көрбүт суох.
Киһи аан дойдуга биирдэ төрүүр.
Киһи буолабын дуу, кии буолабын дуу?
Киһи үйэтэ аттаах киһи түннүгүнэн элэс гынан ааһарын курдук.
Кур бэйэм кубулуйумуна олоробун, эргэ бэйэм элэйиминэ олоробун.
Куһаҕаннаах үчүгэй куустуспутунан сылдьаллар.
Күн-дьыл атастаһар, олох уларыйар.
Күн-дьыл көмүстээҕэр күндү.
Күн-дьыл устар, олох кэминэн тупсар.
Күн-дьыл эҥин-эҥин.
Күҥҥэр күл, ыйгар ытаа.
Күөскүн эрдэттэн өрүнүмэ.
Күүттэххэ күн-дьыл уһунун.
Кырдьаҕастан алгыһын ыл.
Кырдьаҕастан ыйытыма, сылдьыбыттан ыйыт.
Кырдьаҕаһы матаҕаҕа хаалаан сылдьан сүбэлэт.
Кырдьар кырыыс муҥа, сорсуйар сор муҥа.
Мутугунан быраҕар муҥур үйэ.
Ойуоккалыы оонньуур оҕо сааспыт аастаҕа.
Oлоҕо олох буолбата.
Олох олоруу ыраас хонууну туорааһын буолбатах.
Олох – оҕо оонньуута буолбатах.
Онуоха диэри үрүҥ тураах хара, хара тураах үрүҥ буолуо.
Оһох кэннигэр сыппыт уот таһыгар кэлиэҕэ.
Өлүү өллөйдөөх, алдьархай абырахтаах, сут сулуулаах.
Өрүс долгуннаах, олох очурдаах.
Өтөх иинэ оспот.
Саллар сааһым, үллэр үйэм.
Силиһэ суох мас үүммэт.
Сүөһү биир түүтүнэн сылдьыбат, киһи биир олоҕунан олорбот.
Сүөһү – төрөөтөҕүнэ ас, өллөҕүнэ ас, киһи – төрөөтөҕүнэ ночоот, өллөҕүнэ ночоот.
Сыл диэн хонук.
Сыл-хонук барытын эмтиир.
Сыта-тура толкуйдаа.
Тиэтэйбит сыарҕа сыыр анныгар хаалар, тиэтэйбэтэх сыарҕа сыыр үрдүгэр тахсар.
Тиэтэйиэҥ да бытаарыаҥ.
Төрүү илик оҕоҕо биһик оҥостубукка дылы.
Туох барыта кэмнээх.
Туох да барыта туомнаах.
Туох даҕаны ортотунан тоҕоостоох.
Түөһэйэн, чөҥөчөгү үрбүт.
Тыыннаах дьон тэбэр сүрэхтээх, саныыр санаалаах буолаллар.
Улуу дойду оспуостаах, аан дойду аартыктаах, күөх далай оломноох, хара тыа ыллыктаах.
Үйэ уһун да, олох кылгас.
Үөһэттэн хаар бөҕө баттаан, анныбыттан ханным сааҕа аста: кырдьар кырыыс, сорсуйар сор.
Үрүҥ күн сырдыга баҕалаах.
Үс туман түһүөр диэри.
Үтүөттэн үтүгэн буора төрүүр.
Хойутаан баран хобо тиктибит диэбиккэ дылы.
Чыпчылыйыах бэтэрээ өттүгэр.
Ый-күн алтыһыытын курдук, биирдэ эрэ көрсүһэн араҕыстахпыт.
Эдэр саас, күөгэйэр күн.
Эдэрбин диэн эрэнимэ, кырдьаҕаспын диэн түүнүмэ.
Эн өллөххүнэ, сир сиринэн, дойду дойдунан хаалыа.
Эргэ эстибит, саҥа сандаарбыт.
[11], [13, 123–127 с.]
Тыллаах буолар чабырҕах
- Иирбэ-таарба эриллэҕэс,
- Истээн-тастаан бүгүллэҕэс,
- Тоҕус төгүл тоһуттаҕас,
- Токур-бокур олуллаҕас
- Тыллаах буолар чабырҕах.
- Чабырҕахсыт тыла сымса,
- Чабырҕахсыт тыла сытыы,
- Чабырҕахсыт тыла ыраас,
- Чабырҕахсыт тыына уһун
- Буолуох тустаах, атастаар.
Мэник уол туһунан чабырҕах
- Oҕo киһи
- Онно-манна
- Олой-чолой
- Оонньоохолуур
- Килбиэн сандаар
- Күнэ киирэн,
- Киэһэ буолан,
- Кини киһи
- Күлүк сиргэ
- Күлэр-салар,
- Көҥүл баран
- Көтөр, ойор,
- Көтүөккэлиир,
- Көрүлээхтиир,
- Сырбан татай
- Сылдьар сирин
- Сыттаах курдук
- Сыымайдаахтыыр.
- «Сыыһар» диэни
- Сытаан билбэт
- «Сытыы» уолбут
- Сыһыгырыы
- Сыспарыйар.
- Ханна кини
- Хаадьах гынар —
- Хатан-чаҕаан
- Хаһыы буолар.
- Оотой-тоотой
- Оҕолору
- Охсуталаан
- Орулатар,
- Ийэ этэр —
- Иннин ылбат,
- Аҕа буойар —
- Абыраабат.
- Дьүдьэх таҥас,
- Дьүһүн-бодо,
- Дьэбэ сирэй,
- Дьэллик киһи
- Дьиэгэнийэр.
Кыыс чабырҕаҕа
- Ааман-ньааман,
- Архан гиэнэ,
- Хоптон гиэнэ,
- Хочору-бичэри,
- Көнтөс көҕөнө,
- Көдьүнү мaҕaнa,
- Эмэчэн-чэҥэчэн.
- Эптэл-тэптэл
- Бытырыыстаах быалаах,
- Хаҥырастаах хамнатардаах,
- Олороро оһуордаах,
- Симэнэр симэхтээх,
- Таҥнар таҥастаах,
- Чaҕapдaax,
- Талбардаах талах олох мастаах,
- Xaҥырҕастаах хаппахчылаах,
- Сэттэ быт тириитэ бүрүөһүннээх,
- Ньыха ньыхаарыскай кыыс,
- Былыты быһа сүүрбүт
- Бырдьа эриэн oҕycтaax,
- Халлааны хайа сүүрбүт
- Хара caaдьаҕай ынахтаах,
- Сыҥ-сыҥ боросуун
- Oҕонньор aҕaлaax,
- Күрбэй татай
- Күтүөттээх
- Күн хара кыыс буолабын!
- С.И. Боло суруйуутуттан
Киһиргэс киһи
- Тахсар сардаҥаны
- Доруобунан кыҥаабыт
- Дьорҕоот төрүттээх,
- Олох долгунугар
- Олорсон ыраатарга
- Оройдообут бэйэлээх;
- Аан дойдуну
- Apҕapa анаараары
- Ачыкы харахтаммыт,
- Кый дойдуну
- Кымаардары билээри
- Кырдьык-хордьук хамсаммыт;
- Биллэрик оронтон
- Быкпатах эрээри,
- Билиилээххэ холунар,
- Дьону үтүктэн ойоҕостон
- Дьоһуннана-дьоһуннана
- Дуона суохха чоргуйар;
- Кириитикпин дэнэн
- Кирсэ быстыбыт,
- Ырыаһыппын диэн
- Ыыс ыспараанньалаах,
- Хайҕал, аат-суол түүллээх,
- Ханнык эмэ кэмнээх;
- Тиритэн-тиритэн
- Tиpэҕэ элэйэр,
- Тиэргэнин иһигэр
- Tэллэҕэ тэлээрэр
- Киһиргэс, көтөр-түү
- Киһи баара үһү.
Билбит-көрбүт
(Дьүлэй Бүөкээн чабырҕаҕыттан быһа тардыы)
- Кынаттаах кырасыабайын
- Кыталыктан ордук
- Кырасыабай куоластаах
- Кыылы көрбөтөҕүм.
- Хотоҕойдоох боһомотуттан
- Кубаттан ордук
- Куорсуннаах толуутун
- Чопчу көрбөтөҕүм.
- Тыҥырахтаах кырдьаҕаһа
- Бар дьаҕылтан ордук
- Баһаам улахан
- Тыҥырахтаах көтөрү
- Быыһаан көрбөтөҕүм.
- Хабан ылар хаадыат
- Хапсаҕай айахтаах,
- Туораабыты тоҕо тардар
- Торҕон бөрөттөн ордук
- Дохсун ороскуоттаах кыылы
- Дуол билбэппин.
- Ардай аһыылаахтан,
- Куһаҕан киҥнээхтэн
- Хагдаҥ эһэттэн ордук
- Хардааччы кыылы харахтаабатаҕым.
- Кынаттаах кытыгыраһа
- Кырбыйтан ордук
- Кытыгырас кыылы
- Кыайан билбэтэҕим.
- Сиппитин сиир сигилилээх,
- Туппутун тоҥсуйар удьуордаах,
- Морускуойунан
- Мохсоҕолтон ордук
- Модун кыылы
- Булан көрбөтөҕүм.
- Боһомо бултан
- Улуу буур тайахтан ордук
- Ботуччу булду
- Булан көрбөтөҕүм.
- Кынаттаах кыратыттан
- Өлөҥ хабдьытыттан ордук
- Кыра көтөрү
- Кыайан көрбөтөҕүм.
- Сынтарыйбат тумустаахтан
- Киргилтэн ордук
- Сыппаабат тумустааҕы
- Сытаан билбэппин.
- Сытыы тиистээхтэн
- Куобахтан ордук
- Сыппаабат тиистээх
- Сылайбат сыҥааҕы
- Сыаналыы саныыбын.
Дьиэ сүөһүтүн туһунан
- Туйахайа,
- Тобукуйа,
- Бэрбээкэйэ,
- Сүһүөхэйэ,
- Сотокойо,
- Уллуката,
- Самыыкайа,
- Саарыкайа,
- Тоноҕоһо,
- Сиэликэйэ,
- Көҕүлүкэйэ,
- Кулгаахайа,
- Харахайа,
- Муннукайа,
- Тииһикэйэ,
- Тылыкайа,
- Куолайыга,
- Сүрэхэйэ,
- Сүлүүкэйэ,
- Ханныкайа,
- Быарыкайа,
- Бүөрүкэйэ,
- Кутуруга!
- Г.У. Эргис суруйуутуттан
Сирдэр-дойдулар тустарынан
- Былыргыга да,
- Билигин да
- Модун оҥоһуутунан
- Москуобаттан ордук
- Муҥутуур куорат баарын
- Өйдүөн-дьүүллээн
- Истибэтэҕим.
- Дьулааннаах
- Уһун хонуута
- Тупсубут,
- Кэҥкэмэлээх
- Киэҥ хонуута
- Сиппит
- Алта үөстээх
- Өлүөнэ өрүстэн
- Ордук
- Хотугу дойдуга
- Улуу үрэҕи
- Өйдүөн-дьүүллээн
- Көрбөтөҕүм.
- Кырылас кыдьымахтаах,
- Кыһыл кумах кытыылаах,
- Кылырыйар чысхааннаах,
- Кыыппах таас кыһарҕаннаах,
- Күөх тиит көмүөллээх,
- Сиик туман сипсиэрдээх,
- Өҥнөөх сарыы үктэллээх,
- Аарыгар халҕаһалаах,
- Аан туман аргыардаах
- Хоту сир yhyгap
- Аллантан ордук
- Улуу үрэҕи
- Өйдүөн-дьүүллээн
- Көрбөтөҕүм.
- Эскэх тый
- Эҕии кутуруга
- Эҕэрдэстээх,
- Ороһу кулун
- Уйуллаах
- Кутуруга
- Уруйдаах,
- Чахчырҕалаах
- Кулун
- Саппайдаах
- Кутуруга
- Дьаралыктаах,
- Баараҕай
- Атыыр оҕус
- Лиҥкинэччи
- Мөҥүрүөбүт,
- Баараҕай атыыр
- Барылаччы
- Кистээбит
- Тамалҕаннаах
- Талахтаах
- Таатта алаастан
- Ордук алааһы
- Өйдүөн-дьүүллээн
- Көрбөтөҕүм.
- Бороҕон улууһугар
- Бүлтэччи көстүүтүнэн
- Өксөкү кыыл курдук
- Утарыта дьохсооттоһо
- Олорор
- Икки таҥара дьиэлээх
- Мүрү эбэттэн ордук
- Үтүө сири
- Өйдүөн-дьүүллээн
- Көрбөтөҕүм.
- Мэҥэ улууһугар
- Төгүрүччү көстүүтүнэн
- Төҥүлүттэн ордук күөлү
- Өйдүөн-дьүүллээн
- Көрбөтөҕүм.
- Чараҥнаах сиртэн эрэ
- Үс көс усталаах
- Мэндэҥэ чараҥын
- Курдук чараҥы
- Өйдүөн-дьүүллээн
- Көрбөтөҕүм.
- Сыһыыттан эрэ
- Амма умнаһыгар баар
- Саһыл Сыһыыттан
- Ордук алааһы
- Өйдүөн-дьүүллээн
- Көрбөтөҕүм.
- Үрдүктэн эрэ
- Аҕыс биэрэстэ үрдүктээх
- Дьааҥы хайатын курдук
- Таас хайа баарын
- Өйдүөн-дьүүллээн
- Көрбөтөҕүм.
Чабырҕах
- Этиһиик Элиэнэ,
- Этиһэр идэҕин
- Эмтэнэн кэбис,
- Эрэмньилээхтик үлэлээ,
- Эйэлээхтик олор.
- Хобуоччу Хобороос,
- Хобулуур идэҕин,
- Куһаҕан быһыыгын
- Холдьоҕон кэбис,
- Көхтөөхтүк үлэлээ,
- Көрсүөтүк сырыт.
Былыргы чабырҕахтар
I
- Этэҕэ-тэтэҕэ,
- Иэрэҥ-дьиэрэҥ,
- Холкуй-илкий,
- Кубулуҥ-дьибилиҥ,
- Бадыа-бүдүө,
- Балаҕан дархан,
- Оонньуур баҕана,
- Орулуур дохсун,
- Дарҕана кээдэн,
- Тардар сыарҕа,
- Чуо-чуо чолбон,
- Эрэгэйэ дьэргэн,
- Уодаҕана дорҕоон,
- Хоочугур-уучугур,
- Куобаҕым куттаҕа,
- Моҕотойум буута,
- Тииҥим тиҥилэҕэ,
- Көҕүллээҕим көхсө,
- Чымырын-маарын,
- Оллоон буку
- Лас-лас-лас.
II
- Иэрэҥ-дьиэрэҥ,
- Элэкээт-тэлэкээт,
- Хаадьын-харгыа,
- Доҕуруй дохсун,
- Дорбоо удаҕан,
- Аххан наарай,
- Буурай-сиэрэй,
- Куллур-халлыр,
- Миэрэй-маарай,
- Микитэ-махата,
- Устунан-кэстинэн
- Уранай-тэрэнэй,
- Сордоҥ ойуу,
- Сотото бэйбэс,
- Хатыы-ситии,
- Хараҕа эрилис,
- Хаххан сахсас,
- Эрэмээт-тэрэмээт,
- Элэгэй-нэлэс,
- Этэн-тыынан
- Тыҥ-тыҥ-тыҥ.
III
- Кыптый буута,
- Кыталык түөһэ,
- Кыдама төрдө,
- Кылыйа сүүрүк,
- Кылар харах,
- Ыaҕac ымдаан,
- Чабычах алаадьы,
- Кытах хоргун,
- Кырбас этим,
- Тымтай балыгым,
- Кыпчыгыр Өлөксөй
- Кык-кыр түөрэх.
Чабырҕах
(Биир тыынынан сылгыны хоһуйуу)
- Тиис хамнатар
- Дьэллик элэмэс,
- Уос хамнатар
- Уһун улаан,
- Мурун хамнатар
- Мускулла буулуур,
- Иэдэс хамнатар
- Эргиэлимэ элэмэс,
- Харах хамнатар
- Халыан хара,
- Kөҕүл хамнатар
- Көндөрү көгөччөр,
- Кэтэх хамнатар
- Кэптэли кэрэ,
- Сиэл хамнатар
- Сиксиллимэ сиэр,
- Apҕac хамнатар
- Адырыын apaҕac,
- Хаппар хамнатар
- Хаамыылаах хара,
- Сүһүөх хамнатар
- Сүрдээхэй сүүрүк,
- Туйах хамнатар
- Туллук тypaҕac,
- Бас хамнатар
- Маанылаах маҥан,
- Таныы хамнатар
- Талыы дьаҕыл,
- Уҥуох хамнатар
- Улуу дьоруо!
Урууга уот оттор алгыс
- Алгыстаах аал уотум
- Аналлаах иччитэ,
- Алаас сыһыы
- Аҥаар быһаҕаһын курдук
- Араҥас маҥан дьаарбаҥнаах,
- Суоһана турар
- Суорба хайа быһаҕаһын
- курдук
- Суостуганнаах суостаах
- Суо хаан оһох дукдалаах,
- Алталаах атыыр сылгы
- Алын чөмчөкөтүн курдук
- Ала хааҥсаар хататтаах,
- Ханчааһын тый быарын
- курдук
- Хатан тэбиэр эстэриилээх,
- Хаардаах бугул саҕа
- Хардаҥ от саҕалаах,
- Түүтэх от курдук
- Түү иһигэй кыалаах,
- Буруо уоллаах,
- Кыым кыыстаах
- Кыырык төбө,
- Бырдьа бытык,
- Хатан суоһуйа,
- Хаан чаҕаан,
- Көмүс ураанньык,
- Күөнэ көҕөччөр,
- Алтан баһырҕас
- Аан Уххан Тойон эһэм,
- Тулуу бараан тойоно
- Туора чанчык
- Туораххай бахсы,
- Иэримэ дьиэ иччитэ
- Эрбэгэй баттах
- Иэрэгэй бахсы,
- Хотон уорук иччитэ
- Холбуу баттах
- Хотой бахсы,
- Тиэргэн иччитэ
- Тэриир баттах
- Тиэрэгэй бахсы,
- Туспа үрэх
- Туҥуй ыччата
- Тус бэйэбитигэр
- Туһааннаах кэргэн
- Буола кэллэ,
- Атын алаас
- Ала ыччат оҕото
- Анал бэйэбитигэр
- Аналлаах оҕо
- Буола кэллэ,
- Тас өттүбүтүттэн
- Таас уллуҥах киирдэ диэҥҥит
- Таһарахсыта
- Саныыр буолаайаҕыт,
- Туора өттүбүтүттэн
- Туос уллуҥах киирдэ диэҥҥит
- Туоххаһыйа саныыр буолаайаҕыт.
- Саха киһи
- Салаллар саргытынан,
- Урааҥхай саха
- Утумнаһар оҥоруутунан
- Алтан сэргэни анньа,
- Аал уоту айгыһыннара,
- Алаһа дьиэни ахталыта,
- Үрүҥ дьиэни үрэччилии,
- Хара дьиэни хараччылыы,
- Иэримэ дьиэни иччилии,
- Улаан түптэни олохсута,
- Сатыы бүкээҕи саайа,
- Тоҕой сэлэни тиирэ,
- Таалай тиэргэни тарҕата,
- Төлкөлөөх түһүлгэни төрүттүү,
- Алгыстаах араҕас чэчири анньа
- Аттанан кэлбит
- Алгыстаах күнэ буолла.
- Күн Эбэлэрим,
- Күүккэйэ көрүмэҥ дээ!
- Айыы Эдьиийдэрим,
- Атыҥырыы санаамаҥ дээ!
- Дьонноһо кэлбит оҕоҕутун
- Дьоллоох хонноххутугар
- Хорҕотуҥ,
- Кэргэннэһэ кэлбит киһигитин
- Кэскиллээх киэлигитигэр
- Киллэриҥ.
- Абааһы аймаҕа айар
- Албастаах суолун аҕалымаҥ,
- Көстүбэт улууһа көбүтэр
- Көргүн суолун көрдөрүмэҥ,
- Аан дойду
- Албастаах санаалааҕынан
- Атаҕастатымаҥ,
- Күн сирин
- Көлдьүн сүрэхтээҕинэн
- Күөмчүлэтимэҥ,
- Аймах чаҕал буола кэлбит
- Ача ыччат оҕоҕутун
- Аһаныылаах оҕо гынан
- Олохтотон иитиҥ,
- Дьонноһо кэлбит
- Дьуондьаҕай ыччаккытын
- Дьоһуннаах оҕо гынан
- Дьоллоохтук оҕолооҥ,
- Атаархаспат ааккытыгар
- Алгыстаах аһатыы,
- Күнүүлэспэт күндү.
- Уруй-айхал!
- Уруй-айхал!
- Уруй-айхал!
Кыыс сүктэн барарыгар аҕатын алгыһа
- Бүгүҥҥү үс өргөстөөх үрүҥ күнүм
- Үүнэн, үөскээн тахсан турдаҕына,
- Дьоллоох олоххутун томторго туойар
- Үтүө күнүм буолла!
- Соргулаах олоххутун
- Айхаллыыр кэмим буолла!
- Аал уоту оттор, алтан сэргэни анньар
- Алаһа дьиэни айгыһыннарар кэмҥитигэр
- Уҥа диэки хонноххут анныгар
- Тоҕус ордоо дугуй
- Уолаттарда уктунаарыҥ!
- Хаҥас диэки хонноххут анныгар
- Сэттэ кындыа кылыс
- Кыргыттарда кыбынаарыҥ!
- Түөрт саханы төлкөлөөбүт,
- Үс саханы үөскэппит
- Үрүҥ Айыы Тойон оҕонньор
- Үөр хабдьы курдук үрүҥ туҥуй тыынынан
- Күрүөлүү түһэрэн олортун!
- Аттаах үтэтэ, сатыы тайаҕа буолаарыҥ!
- Ааспыты аһатаарыҥ,
- Тоҥмуту ириэрээриҥ!
- Тутайбыты салҕаарыҥ,
- Доҕолоҥ сүһүөҕүн уута буолаарыҥ!
Дьиэ тусаһатын алгыһа
- Аал уотум тэрилэ,
- Киирэр дьиэм тэрилэ,
- Абыраллаах Айыы Тойон
- аҕам анаабыта,
- Ньирэйгин ньиккирэт,
- балчыргын барҕат,
- Үрүөлээххин үөрдээ,
- көҕөннөөххүн көччүт,
- Хаһалааххын харыһый,
- Холоҥсолоох хотонум тэрилэ,
- Дьаардаах тиэргэним тэрилэ,
- Абыраллаах Айыы Тойон аҕам
- Анаабытынан оҥоһуннум.
- Айбыт Айыыһытым,
- Ииппит Иэйэхситим,
- Абыраа! Былаҕайга былдьатыма,
- Дэлэгэйгэ диэлитимэ,
- Суон сүлдьүгэскин төлөрүтүмэ,
- Халыҥ халҕаҥҥын халбарытыма.
- Ииппит Иэйэхситтэрим,
- Айбыт Айыыһыттарым,
- Ойуулаах от-мас иччитэ,
- Үүт таас бэйэлээх,
- Үүт күөл олохтоох
- Үрүҥ Айыы Тойон аҕам
- ылгын уола,
- Тоҕус сылы мэлдьи
- сидьиҥ-босхоҥ
- Буолан сыппыт
- Күөрэ Дабаан Дархан,
- Кыыра Бырдьа,
- Маҥкы Батас,
- Кындыс Кымньыы,
- Хахай Саҥыйах,
- Бэдэр Бэргэһэ,
- Байба Дьилбэх,
- Аал уот эһэм!
- Орто дайдыга тоҕус тордуулаах
- Сырайдаах курдук үөрдэр
- иччилэриттэн
- Көмүскүү, аһына тур.
- Адьарайтан аһын,
- Былаҕайга былдьатыма,
- дэлэгэйгэ диэлитимэ.
- Үйэлээх сааһым тухары
- баай байаммын,
- Тот тотоммун, сүөһү ииттэммин,
- Оҕо төрөтөммүн, киһи
- олоҕун олороммун,
- Олордорбун диэммин оҥоһуннум.
- Айыы Тойон аҕам, сырдык
- тыыҥҥын түһэр —
- Мин дьиэм тусаһатыгар!
Сэргэ алгыһа
- Тоҕус уостаах
- Аар баҕах сэргэм иччитэ,
- Үс булас, булас быһаҕаһа
- Хатыҥ мас торуоскалаах
- Сэргэ иччитэ
- Мотой Тойон эһэм оҕонньор,
- Эйигиттэн көрдөһөрүм да күннээх,
- Ааттаһарым да ахсааннаах!
- Быстан-быстан была буолбут,
- Тохтон-тохтон тобох буолбут,
- Баранан-баранан барахсан
- буолбут,
- Кэҥсиги кэтэспит,
- Муҥсукка моҥолдьуйбут,
- Туох сахтан туорхаһыйан сылдьар
- Токур уҥуохтаах туун тулаайах
- бэйэм
- Түөрт сүһүөхпүнэн сүгүрэйдэнэн
- Көрдөһөр кэм-кэрдиим,
- Бото-болдьоҕум буолла.
- Үөһээ дайдыга үс хаттыгастаах
- Үөлэт маҥан халлаан
- Үрүт кырыытыгар
- Үөскээн-төрүөн олорор
- Үүс тыһа үргүлдьүлээх,
- Үкэр куйаас тыыннаах,
- Үрүҥ туорум былыт олбохтоох,
- ……………………………...........
- Быттыккар быркылатан,
- Хойоҥноох хонноххор
- хорҕотон,
- Көмнөхтөөх баай харыйа саҕа
- Көй чаҕылҕан тыыммытын
- Бэйэҕэр эрчийэн,
- Орто мыраан дайдыга
- Оһол өлүү улааттаҕына,
- Харкырыыр хабдьы саҕа
- Айыы сириэһининэн урсуннаан,
- Кэлбиттэри кэбэлитэҥҥин,
- Күтүрдэри күрэтэҥҥин,
- Дьоллоох тиэргэммитигэр
- тохтотума,
- Киэргэллээх тиэргэммитигэр
- киллэримэ!
Тиэргэн алгыһа
- (Тиэргэн ортотугар уот оттуллар,
- кытыйаҕа суорат кутуллар уонна тула ыһыллар.)
- Үрүҥ тунах, үрүҥ тунах, үрүҥ тунах,
- Ас үрдэ, ас үрдэ, ас үрдэ!
- Үрүҥ тунах, үрүҥ тунах, үрүҥ тунах!
- Илгэ-быйаҥ эҥээрдээх
- Эдьэн Иэйэхсит эбэбит,
- Эн ааккын ааттаан
- Иһэгэй тиэргэн эрэмэҕин иннигэр
- Көрдөһөр күммүт буолла!
- Ыыраахтааҕы ыырыма,
- Тумустааҕы туурума,
- Суон сүлдьүгэскин төлөрүтүмэ,
- Халыҥ халҕаҥҥын халбарытыма,
- Көмүс уйаҕын көлбөҕүрдүмэ,
- Томторуктааххын туоратыма,
- Мүһэлээххин мүччүрүтүмэ,
- Суҥнаах ытыстан,
- Соргулаах иэдэстэн,
- Төлкөлөөх түөрэхтэн,
- Төлөккөй төрүөхтэн!
- Уруй, үрүҥ илгэ!
- Уруй, үрүҥ илгэ!
- Уруй, үрүҥ илгэ!
Аан дойду иччитин алгыһа
- Аҕыс иилээх-саҕалаах,
- Атааннаах-мөҥүөннээх
- Айгыр-силик
- Аан Ийэ дойдум,
- Тоҕус иилээх-саҕалаах
- Торҕо томоон дойдум,
- Локуора от үктэллээх,
- Алтан от дьайыҥнаах,
- Аҕыс салаалаах
- Ача күөх от таманнаах
- Иринньэхпин ииппит эбэм,
- Истэн туолаһыйа тур
- Мин этэр тылбын.
- Балчыр бэйэм барҕарбытым
- Алтан-таман хонуугар,
- Араҕас арыыгар
- Таалалаан үөскээбитим,
- Үрдүк үтүө хонуугар
- Үүт үрүмэ үрдүгэр
- Үҥкүрүйэн үөскээбитим.
- Сыалыһар быара буолан
- Сыламньыйан кулу,
- Үс киис тириитэ буолан
- Мөлбөйөн кулу.
- Иэримэ дьиэни
- Тэринээри саныыбын.
- Аан дойдубар:
- Дойдум иччитэ,
- Үстэ иэнигий!
- Тойон сэргэни
- Тутаары оҥостобун,
- Алтан сэргэни
- Анньаары оҥостобун.
- Аан дойдум иччитэ,
- Алҕастыы санаама,
- Аныгытын даҕаны
- Атааргыыр буолаайаҕын.
- Көрдөһөр күлтүөннээх,
- Ааттаһар ахсааннаах,
- Хоолдьуктаах бэйэм
- Хоҥкуйан туран,
- Сөһүргэстээх бэйэм
- Сүгүрүйэн туран,
- Өттүктээх бэйэм
- Үҥэ-сүктэ турабын.
- Сыта-тура сыаналаа,
- Олоро-тура толкуйдаа.
- Кэлин өттүбэр кэбирэ суох,
- Илин өттүбэр ибирэ суох.
- Аан дойдум иччитэ
- Бэдэр саҥыйах
- Нэлэмэн хотун эдьиийим,
- Көмүстээх нуолур от
- Үктэллээх,
- Күөх от олбохтоох,
- Сэбирдэхтээх от дэйбиирдээх
- Нэлэмэн хотун эдьиийим,
- Албаннаах бэйэм
- Ааттаһа турабын,
- Көнтөрүк бэйэм
- Көрдөһө турабын.
- Сиэл баайабын,
- Дэлбиргэ ыйыыбын,
- Ахтаах арыынан
- Айах тутан эрэбин,
- Үрүҥ толоҕунан
- Күөмэй көтөҕөн эрэбин.
- Көрдөһөр күлтүөннээх,
- Ааттаһар ахсааннаах.
- Эбэлэрим иччилэрэ,
- Бука барыгыт,
- Бүрү-бүттүүн
- Дэри-дэхси
- Бэттэх буолуҥ!
- Улаан убаһам уйгутунан,
- Кытыт сылгым кымыһынан
- Айах тутан
- Ааттаһар күнүм буолла,
- Чороон айаҕы
- Тосхойор күнүм буолла.
- Биир тылбын биһирээҥ,
- Икки тылбын иһиллээҥ,
- Үс тылбын өйдөөҥ.
- Бука барыгытыгар
- Үҥэ-сүктэ
- Сүгүрүйэр күнүм буолла.
- Арҕааттан кэлэр
- Алдьархайдаах санаалаах
- Абааһы улууһугар
- Алтан сүрдьүгэскитин
- Араарар буолаайаҕыт,
- Үөһэттэн түһэр
- Үлүгэрдээх улууһугар
- Үс үрүҥ көмүс сүрдьүгэскитин
- Төлөрүтэр буолаайаҕыт.
- Ымсыыран-ымсыыран,
- Баҕаран-баҕаран
- Көрдөһө турабын.
- Бука барыгыт —
- Ойуулаах отум иччитэ,
- Дьарҕаалаах маһым иччитэ,
- Атаххытыгар аҕыс
- Бокулуону уураммын
- Ааттаһа турабын.
- Тобуккутугар тоҕус
- Бокулуону уураммын
- Үҥэ-сүктэ турабын
- Ааттаан тураммын.
- Ааттаһар ахсааннаах,
- Көрдөһөр күлтүөннээх.
- Иитэр сүөһүбүн
- Күрүөлээрэй диэммин,
- Төрөтөр оҕобун
- Уйалаарай диэммин
- Эбэлэрим иччилэриттэн
- Көрдөһө-ааттаһа турабын.
- Эриэн ыт
- Элэгэ гынымаҥ,
- Күөт ыт
- Күлүүтэ гынымаҥ,
- Тэҥнээхпэр сэтэлэтимэҥ,
- Сүбэ-соргу айахтааҥ,
- Дьолло-соргута тосхойуҥ,
- Аал уотунан айахтаныҥ,
- Күн уотунан күөмэйдэниҥ,
- Бука барыгыт мунньаҕынан
- Бары аһаабыт-сиэбит
- буоллаххытына,
- Түөрэх быраҕан көрүөм…
- Алтаннаах сүрэхпин
- Арҕаспар ууруҥ,
- Төптөөх сүрэхпин
- Түөспэр олордуҥ.
- Уруй-уруй,
- Бүрү-бүттүүн
- Дэри-дэхси
- Аһаан-сиэн тарҕаһыҥ!
Булт алгыһа
- Аал уот иччитэ, аһаа-сиэ!
- Тыа иччитэ Байанай, аһаа!
- Байанай иччитэ
- Баттах сарын,
- Барыылаах баатыр,
- Байам-сайам тутуу,
- Кыа хаан үктэллээх,
- Көп сөгөлөөн түүлээх олохтоох
- Курадай Бэргэн Кураҕаччы Сүүрүк,
- Тыа иччитэ сэттэ ини-бии дьон,
- Эһигиттэн дьол-саргы
- Көрдөһөн эрэбин.
- Элиэҕэ эргитэн, тоҥууга торутан,
- Хаҥылгын сымнатан,
- Тартыккын чычааһырдан,
- Хара тыам иччитэ, харайаҥҥын,
- Күөх тыа иччитэ, күөйэҥҥин,
- Хорой кыыл хонуктааҥҥын,
- Үөҥэс кыыл үтэлээҥҥин,
- Өргөстөөх үтүө буургунан
- үөрдэҥҥин,
- Тоҕус ойдох туоллан буурунан
- тосхойоҥҥун,
- Ардай аһыылааҕыҥ
- Хардааччытынан айаҥҥын,
- Күөх тииҥҥинэн күөтүлээҥҥин,
- Кыһыл саһылынан
- кымньыылааҥҥын,
- Буурай кэрэмэһинэн
- моонньохтооҥҥун,
- Хара саһылынан хардыылааҥҥын
- Сырытыннаран аҕал!
Балыксыт алгыһа
- Унаар-тунаар хочолоох
- Киэҥ мичээр эбэккэм,
- Балыксыт оҕонньор
- Сарт тымтайын сыыһын
- Сахсаччы сүгэн туран
- Көрдөһөбүн эйигиттэн.
- Күндү күлүм уулаах
- Күөх далайым иччитэ
- Дьэбэрэ тэллэх,
- Бырыы сыттык,
- Көппөх суорҕан,
- Туона баай
- Тойон оҕонньор,
- Тоҕус уон чороох туубар
- Лоһуор собо барахсаны
- Толору уган кулу даа!
- Сэттэ уон тэрээх илиммэр
- Тэрэкэнэ быччыыккын
- Тиһэ баттаан кулу ини!
- Киэҥ мичээр эбэккэм,
- Ииттэххинэ эн иитиэҥ!
- Күөх далай иччитэ,
- Аһаттаххына эн аһатыаҥ!
- Көрдөһөбүн!
- Уот алгыһа
- Аар холумтан иччитэ,
- Күл тэллэх,
- Көмөр суорҕан,
- Бырдьа бытык,
- Кыырыл төбө,
- Көмүс ураанньык
- Нохсол Тойон эһэм,
- Дьыыйалаах быттыккар,
- Дьоллоох хонноххор хорҕот!
- Тымныы тыыннааҕы
- Хатан хараҕыҥ уотунан
- Таһырдьа дьалкыт!
- Итии тыыннааххын
- Иһирдьэ охсун!
Окко киирэр алгыс
- Эбэ хотун иччитэ
- Илки-талкы эмээхсин,
- Улуу хотуур иччитэ
- Улуу Уһаанньал оҕонньор,
- Аан дойду иччититтэн
- Көрдөһө киирэн,
- Аҕыс сүһүөхтээх
- Чокуур күөх оккуттан,
- Уолан тиийбэт уйгугуттан,
- Кэһэн тиийбэт кэскилгиттэн
- Тииһэн аһыы түһээрибин,
- Хоройор муостаахпын,
- Уһун сиэллээх
- Сыһыы муҥунан сылгыбын
- Иитэр-харайар наадатыгар
- Киирэн турабын,
- Охсон киирэн бараары
- Көрдөһө турабын.
- Аан дайды айылҕатыттан
- Тииһинэн аһыы түһээрибин.
- Аан дойдум иччилэрэ,
- Аһааҥ, таҥныҥ!
- Ахтаах арыынан
- Аһатан-сиэтэн,
- Уунан тиийбэт уйгугуттан,
- Бука диэҥҥин,
- Биэрээр диэммин көрдөһөбүн.
Ыһыахха дойду иччитин алҕааһын
- Сэттэ сиксиктээх
- Сир ийэ иччитэ,
- Ситимэхтээх сэһэннээх,
- Сирэдэһиннээх тыллаах
- Айбыт Айыыһыппыт,
- Иэйбит Иэйэхсиппит,
- Сир ийэ иччитэ!
- Аспыт үрдүгэр,
- Айылгыбыт бастыҥар
- Ахтан-санаан
- Аһатан эрэбит,
- Аал уотунан
- Айахтаан аһатабыт.
- Көмүрүө чоҕунан остуоллаан,
- Күөх уотунан күөмэйдээн
- Күндүлүүбүт.
- Уруй, уруй, уруй!
- Айхал!
- Кэччэрийбэт кэскилбитин
- Тэрийэргэр,
- Уларыйбат уйгубутун
- Олохтуургар
- Уруй, уруй, уруй!
- Ыраах да буолларгын чугаһаа,
- Суох да буолларгын баар буол!
Куоҕас суор икки
Бэрт былыр куоҕас суор курдук хап-хара эбитэ үһү. Куоҕастаах суор, атын көтөрдөр эриэннэригэр ымсыыран, бэйэ-бэйэлэрин өҥнөрүн кырааскалаан, ойуулаан биэрээри оҥостубуттар. Суор куоҕаһы араас дьэрэкээн ойуулаан, оһуордаан биэрбит. Куоҕас өрүскэ киирэн дьүһүнүн көрүнэн баран, суору ойуулуон баҕарбакка, ууга умсан хаалбыт. Суор албыннаппытын өйдөөн, куоҕас самыытын ыыра охсон кэбиспит. Онон суор уруккутун курдук харата харатынан хаалбыта, оттон куоҕас, эриэн түүлээх буолан баран, самыыта хаптаччы оһон, атаҕа тиэрэ буолбута үһү.
[13, 131 c.]
Кэҕэ уйа туттубат буолбута
Таҥара ыйааҕын быһыытынан, бу дойдуга көтөр кынаттаах Былаҕачыанньыйап иннинэ уйа туттуо, сымыыт баттыа суохтаах эбит.
Былыр кэҕэ уйа туттан, уон икки сымыыты сымыыттыыра уонна сайыны быһа ыллаан тахсара эбитэ үһү. Оччотооҕуга кини таҥара ыйааҕын кэһэ илик эбит.
Биир сыл кэҕэ наһаа эрдэ кэлбит. Харалдьык саҥардыы тахсан эрдэҕинэ уйа оҥостон, сымыыт баттаан сыттаҕына, Былаҕачыанньыйап таҥара кэлбит. Кэҕэ сымыыттаабытын көрөн, тахсан халлааҥҥа улахан таҥараҕа тыллаабыт. Таҥаралар мунньахтаан уураах таһаарбыттар: «Бу Былаҕачыанньыйап диэн чыычаах уйа туттубат таҥарата буолуохтаах этэ. Бу таҥара кэлэр күнүгэр кэҕэ уйа туттан, сымыыт баттаан сыппыт. Ол буруйун иннигэр кини аны уйа диэни билбэтин, иккиэйэх эрэ сымыыты атын чыычаах уйатыгар сымыыттаан биэрэр буоллун, сааскы Ньукуолунтан Бөтүрүөпкэ эрэ диэри саҥарар буоллун, онтон атын кэмҥэ тыла кэтэҕинэн чороччу тартын».
Ол курдук ыксыыбын диэн кэҕэ уйатыттан, элбэх оҕотуттан маппыта үһү. Сылгы, ынах чыычааҕар сымыыттаан биэрэр буолбут. Бөтүрүөптэн ыла кэҕэ этэрэ уурайбыт.
[9, 71 c.]
Саһылы кытта сыаҥаан
Саһыл сыаҥаанныын ыаллаһа олорбуттар, биирдэрэ – тыаҕа, биирдэрэ – ууга.
Сыаҥаан:
– Мин саһылы кытта сырсыам,– диир.
Саһыл:
– Мин да сырсыам,– диир.
Кыыллар сууттара туран:
– Сырсыҥ ээ, – диир.
Дьэ сырсаллар, биирдэрэ – уунан, биирдэрэ – тыанан. Сүүрэн-сүүрэн, күөлү эргийэн иһэн, саһыл дьэ үөгүлүүр:
– Сыаҥаан, ханна бааргыный?
Иннигэр тумуһахха сыаҥаан:
– Ооп,– диир.
Саһыл эмиэ сүүрэр. Сүүрбэлээн иһэн эмиэ үөгүлүүр:
– Сыаҥаан, ханнаҕыный?
Иннигэр тумуһахха:
– Ооп, – диир.
Саһыл сылайан, тутайар ирээтэ буолар. Өлүмээри арыычча иһэн, олорон хорос гына түһэр.
– Сыаҥаан! – диир.
Эмиэ иннигэр тумуһахха:
– Ооп, – диир.
Онтон дьэ саһыл: «Сыаҥаан түөкүннүрэр», – диэн суукка үҥсэ барар. Бу үҥсүбүтүгэр, суут бил балыкка: «Дьоҥҥун мус!» – диир.
Бил ыҥырыытынан, тумулга сордоҥ хаар, сыаҥаан хаар, алыһардар эҥин мустубуттар. Сууттарыгар: «Дьэ мунньуһуннубут»,– дииллэр.
Саһылы көрбүттэрэ, эт да, сиин да суох, тутайан уҥуоҕу кытта тириитэ илбэспит (оччо буолуор диэри бэйэтэ да тоҕо сырсыбыта эбитэ буолла?).
Сууттара туран:
– Саһыл кырдьык этэрэ буолуо ээ? – диир, онтон: – Баччалаах балыктан биир эмэ билэрэ буолаарай? – диир.
Сордоҥ туран:
– Мин саҥарыахпын көҥүллээҥ,– диир.
– Чэ, саҥар, – диэн буолар.
– Сыаҥаан сырсыан иннинэ сыаҥааттары тумуһахха олордубута, ол гынан баран, бэйэтэ сыппыта.
– Оччоҕо сууттуохха, – дииллэр.
Бары сыаҥааны сууттуурга куоластыыллар. Дьэ таһыйан имитэллэр. Таһыйан имиппиттэригэр сыаҥаан кутуруга хаптаччы барар, баһын эрэ диэки этэ хаалар. Сыаҥаан:
– Кэнэҕэски үйэҕэ киһи-сүөһү үөскээтэҕинэ, миигиттэн сиир эти хантан да булуохтара суоҕа. Тугу аһыахтарай дьон, тугу туһаныахтарай?
Сууттара саҥарар-уураахтыыр:
– Сыаҥаан сөпкө этэр. Бил, эн эттээххин, эн быарыҥ эмиэ үчүгэй, сыа-арыы буолан тахсар, – диир суут.– Онон эн быаргын сыаҥааҥҥа биэриэх тустааххын, ол гынан баран, сыаҥаан быарын ылыахтааххын.
Суут эппитин кэннэ, олоруохтара дуо, атастаспыттар.
Дьэ онтон бэттэх сыаҥаан саллаҕар бастаммыт, улахан быардаммыт.
[9, 39–40 c.]
Саһыл бөрө дьукаахтаспыттара
Хаһан эрэ саһыллаах бөрө кыттыһан аһыыллар эбит. Кыһын аһыылларын сайын мунньаллар. Биир саас ыаҕас хайаҕы таптайан хаһааммыттар. Ол хаһааммыттарын «олох өлөөрү гыннахха сиэхпит» диэн ончу сиэбэттэр.
Саһыл туран биирдэ бөрөҕө:
– Бөрөкөөс, ээ бөрөкөөс! Хайахпытыттан киллэрэн сиэбэппит ээт, – диир.
Бөрө улаханнык:
– Оок, – диир. – Билиҥҥиттэн хайах сии олороору гынныҥ дуо? Бөҕү-саҕы сиэн олорон эрдэхпит дии.
Итинтэн саһыл турар-олорор, киирэр-тахсар. Эмиэ этэр:
– Оҕонньоор, мин ыалга бараары гынным эбээт.
– Ол хайа ыалга бараҕын? – диир бөрө.
– Ээ, ханна ыраатыамый? Хара Хааннаахха тахсаа инибин.
– Кэһиигин аҕалаар эрэ, – диир бөрө.
Саһыл сырбас гынан хаалар. Дьэ тахсар да оҥкучаҕар киирэр. Хаппаҕын саралаан хайаҕын дэлби сиир, минньигэһиргэтэн сии олорон, үрүт сигэтигэр тиийэ сиэн кэбиһэр.
– Тыый, бу баҕайы өлөрүөҕэ, ордук кыайдым дуу, – диир.
Муннугар-уоһугар, илиитигэр-атаҕар сыстыбыт хайаҕы ньиккэйэн-ньиккэйэн, куурусса сымыытын саҕа биир тооромос хайаҕы кэһиилэнэр. Оргууй аҕайдык ньылбыҥнаан киирэн кэлэр.
– ¤ы-һыы, номнуо кэллиҥ дуу? – диир бөрө.
– Ээ, кэлиминэ. Хайа үөдэҥҥэ барыахпыный?
– Хайа, ыалыҥ тугу гынан эрэллэр?
– Ээ, ыалбар үөрүү-көтүү бөҕө.
– Ол ким үөрбүт, туохтан?
– Улахан кийииттэрэ оҕоломмут, ол ородьуунатыгар сырыттым.
– Тугу аһаатыгыт онно?
– Хаҥас диэки хайах сиэтибит, уот кытыытыгар оһоҕос сиэтибит, суол ааныгар суорат сиэтибит, биллэриккэ миин испиттэр, уҥа диэки баар дьон улааны сиэбиттэр, сатанах төрдүгэр олорон саламаат сиэтилэр.
– Оо, тугун элбэҕэй? Хайа, оттон кэһиигин аҕаллыҥ дуу?
– Ээ, ол аахтахха элбэҕин иһин, бэрт дуона суох тиксэр. Бу быыкаайык хайах сыыһа аҕаллым, маны хабан көрөөхтөө! – кэһиитин дуомун ылан талыр гыннарар. Бөрө хап гыннаран кэбиһэр.
Үс-түөрт хонукка аччыктаан иэгэлдьиһэ-иэгэлдьиһэ олороллор. Аһаабыт-сиэбит киһи саһыл кэм сэниэлээх, туран уот оттор хайыыр. Биирдэстэрэ түүрүллэн, муннун кутуругун төрдүгэр анньыбытынан сытар. Саһыл эмиэ бөрөтүгэр этэр:
– Оҕонньоор, Хара Хааннаахха бара сылдьыбаккын ээ?
– Ээ, барбаппын. Хара Хаан ыта сиэн кэбиһээ ини миигин.
– Чэ, оччоҕо мин барарым дуу?
– Ээх, чэ бар. Кэһиигин аҕалаар, кэһиитэ суох кэлээйэҕин.
– Ээх сөп! – диир саһыл. Тахсар да сырбас гынан хаалар.
Баран эмиэ оҥкучаҕар киирэр, саар ыаҕаһын иһигэр дьылыс гына түһэр. Дьэ хайаҕын сиэн барар. Алын сигэтигэр диэри сиэн-сиэн кэбиһэр. Туолан, тотон баран, муннуттан-уоһуттан, илиититтэн-атаҕыттан кыһыйан-кыһыйан, биэстээх оҕо сутуругун саҕа хайаҕы мөкүнүтэн кэһиилэнэн кэлэр.
– Хайа, тукаам, тоҕо өр буоллуҥ? – диир бөрө.
– Малааһыҥҥа сырыттым.
– Ол туох малааһынай?
– Орто кийиит оҕоломмут.
– Кими төрөппүтүй?
– Уол үһү.
Сити курдук, кэпсэтэ-кэпсэтэ, эмиэ уон-сүүрбэ хонук устатыгар сылдьаллар.
Саһыл этэр:
– Бөрөкөллөй, туох эрэйин көрөбүт? Хайахпытын сиэххэ эрэ, —диир.
– Бэлиэр хайах сиэри гынныҥ дуо? Тохтуу түс.
Саһыл эмиэ киирдэ-таҕыста, ньылаҕалдьыйда, тэһийбэтэ:
– Оҕонньоор, – диир, – ыалбытыгар Хара Хааннаахха бара сылдьыбаккын дуу, тоҕо биирдэ даҕаны бара сылдьыбаккын?
– Ээй, хайа, мин бардахпына, «үрүҥ-хара түүлээхпитин үргүтэ кэллэ» диэн ыттарын барытын үрдэрээ ини.
– Чэ, оччоҕо эмиэ мин барыым, сөп дуу? – диир.
Саһыл тахсар да оҥкучаҕар көтөн түһэр. Хайаҕын барытын сиэн-сиэн кэбиһэр. Саар ыаҕас сиксигин эҥинин кыһыйан, буорга-сыыска бытарыйбытын хомуйан, торбос үтүлүк эрбэҕин саҕа тооромос хайаҕы хонноҕун анныгар кыбытан киллэрэр. Ити кэлбитигэр бөрөтө:
– Оо, өр да буоллуҥ, – диир.
– Бэстилиэннэй баалга түбэстим ээ дьэ, – диир.